Сүрэххэ сөҥмүт сулустар

Сүрэххэ сөҥмүт сулустар
Автор книги: id книги: 2878607     Оценка: 0.0     Голосов: 0     Отзывы, комментарии: 0 200 руб.     (1,93$) Читать книгу Купить и скачать книгу Купить бумажную книгу Электронная книга Жанр: Правообладатель и/или издательство: Айар Дата добавления в каталог КнигаЛит: ISBN: 978-5-7696-3610-3 Скачать фрагмент в формате   fb2   fb2.zip Возрастное ограничение: 0+ Оглавление Отрывок из книги

Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.

Описание книги

Хомуурунньукка «Бичик» национальнай кинигэ кыһата 2010 с. ыыппыт «Сонун сүүрээн» литературнай куонкуруска биһирэммит үлэлэр түмүллэн киирдилэр. Киһи бу олоххо туох аналлаах кэлэрий? Тапталы билэ, дьиэ-уот тэринэ, оҕо төрөтө диэхтэрэ сорохтор. Ол эрэн бу сирдээҕи дьол сороххо чэпчэкитик кэлбэтин, быстах санааттан, сыыһа туттунууттан барыта түөрэ эргийиэн сөбүн сэһэн да, кэпсээннэр да геройдарын олохторо итэҕэтиилээхтик көрдөрөр.

Оглавление

Анна Андросова. Сүрэххэ сөҥмүт сулустар

Сэһэн

Иннокентий Попов. Сүрэххэ сөҥмүт сулустар

Кэпсээннэр

Мария Неустроева-Күбэйэ. Икки дьылҕа

Лена Яковлева. Олох сарсыҥҥылаах

Айта Петрова. СоҺуччу кийиит

Ньургуйаана Макарова. Ыраах чугас

Тимур Софронов-Бэрдьигэс. Ини-биилэр

Роман Попов. Аара суолга

Отрывок из книги

Иннокентий Петрович Попов 1959 сыл кулун тутар 28 күнүгэр Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Дьонугар-сэргэтигэр айылҕаттан талааннаах артыыс, хомоҕой тыллаах тамада быһыытынан биллэр. Республикатааҕы «Дьээбэрэҥ» көр-күлүү куонкуруһун хас да төгүллээх кыайыылааҕа, «Бастыҥ ааптар», «Кэпсэтии жанрын маастара» номинациялар хаһаайыннара.

Билигин прозаҕа бастакы холонууларын оҥорор. 2009 с. «Бичик» кинигэ кыһата тэрийэн ыыппыт «Сонун сүүрээн» литературнай куонкуруска биһирэбил миэстэни ылбыта.

.....

Ама да ааспытын иһин, кэрэ да кэмнэр этэ. Туох да кэскиллээх, истиҥ кэпсэтии суох буолара. Күһүөрү халлаан хараҥарар буолуоҕуттан хантайан олорон наар халлаан сулуһун ааҕар идэлэммиттэрэ. Инньэ гынан, бэйэлэрэ эрэ билэр кистэлэҥ сулустаммыттара. Онтуктара бары тус-туһунан ааттаахтар. Билигин үрүҥ түүннэр турар буоланнар, сулустар көстүбэттэр. Онон Катяны кытта туох да ситимнээбэт. Атырдьах ыйын сүүрбэ биэс күнүгэр, кыыс онус кылааска үөрэнэ барар буолан, арахсар күннэрэ кэлбитэ. Онно тапталлаах сулустарын көрө тураннар: «Аны биһиги сулустарбытынан кэпсэтэр буолуохпут», – диэн сүбэлэспиттэрэ. Сулустар, хаһан тырымныы тыгаҕыт?..

Сааскылаахха сандал саас салаллан, хаар быһыта сиэнэн, киһи таһырдьаттан киирбэт күннэрэ тураллар. Түүнүн тоҥорон, күнүһүн ириэрэн кырыыһаттан муус чопчулар таҥнары ыйаннылар.

.....

Добавление нового отзыва

Комментарий Поле, отмеченное звёздочкой  — обязательно к заполнению

Отзывы и комментарии читателей

Нет рецензий. Будьте первым, кто напишет рецензию на книгу Сүрэххэ сөҥмүт сулустар
Подняться наверх