Читать книгу Сүрэххэ сөҥмүт сулустар - Анна Андросова - Страница 1
Сэһэн
Иннокентий Попов
Сүрэххэ сөҥмүт сулустар
ОглавлениеСэбиэскэй кэмҥэ солуута суохха түбэһэн олохторо огдолуйбут, суорума суолламмыт дьоҥҥо ананар.
Иннокентий Петрович Попов 1959 сыл кулун тутар 28 күнүгэр Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Дьонугар-сэргэтигэр айылҕаттан талааннаах артыыс, хомоҕой тыллаах тамада быһыытынан биллэр. Республикатааҕы «Дьээбэрэҥ» көр-күлүү куонкуруһун хас да төгүллээх кыайыылааҕа, «Бастыҥ ааптар», «Кэпсэтии жанрын маастара» номинациялар хаһаайыннара.
Билигин прозаҕа бастакы холонууларын оҥорор. 2009 с. «Бичик» кинигэ кыһата тэрийэн ыыппыт «Сонун сүүрээн» литературнай куонкуруска биһирэбил миэстэни ылбыта.
Кэргэннээх, үс оҕолоох, Суоттуга олорор
Кини сыыры дабайа сатыыр. Сэниэтэ эстэн, түөрт атах буолан үнүөхтүү сатыыр да, сир өппөт. Үөһэ чап-чаҕылхай күн, ып-ыраас халлаан, кип-киэҥ хонуу баарын курдук саныыр. Туох баар бүтэһик күүһүн түмэн, иһинэн сынан, ыра санаа оҥостубут дьикти сирин көрөн «һуу» гынна уонна быардыы түһэн, дьэ, тахсыах курдук буолан истэҕинэ, эмискэ үөһэттэн сүллэр этиҥ саалынна. «Бу үлүгэр ыраас халлааҥҥа хантан этиҥ эттэ» диэн санаан иһэн, уһуктан кэллэ… Хаамыра ыарахан аана аһыллыбытыттан түүлэ быстыбытын өйдөөтө. Бастаан утаа хайдах манна кэлэн хааллым диэх айылаах тулатын көрбүтэ уонна табах, чифир өрөр буруоларын быыһыгар араас омук тоҕуоруспут хаайыы хаамыратыгар баарын итэҕэйдэ.
Бу – хаайыыга киирэргэ-тахсарга быһа ааспат «привратка» диэн дойдуҥ. Манна араас дьон алтыһан ааһар сирдэрэ. Ким хантан кэлбитэ, ханна, хайа зонаҕа барбыта барыта мантан иһиллэн тарҕанар. Өссө саамай кутталлааҕа – өстөөххүн көрүстэххинэ, өс-саас ситиһиллэр амырыын дойду бу буоларын Бүөккэ өссө КПЗ-га сытан урут «олорбут» дьонтон истибитэ.
Тыа чэбдик салгыныгар көҥүллүк үөскээбит эдэр киһиэхэ бу барыта тосту-туора атын. Аны түөрт сыл бу олоххо олоруом диэтэҕинэ, хайдах эрэ итэҕэйимиэх курдук. Ол да буоллар, баҕарбатар да көҥүлэ быһыллан, хаайыылаах аатын ылан бу кэлэн, наара орон иккис дьаарыһыгар үөһэттэн көрө-истэ, үөрэтэ олордоҕо.
Бүөккэ бэркиһиэн иһин, биир да санаарҕаабыт киһи баара көстүбэт. Бары хайдах эрэ ыһыахха түмсүбүт дьоннордуу, тус-туһунан бөлөхтөргө төбүрүөннээн олорон кэпсэтии-ипсэтии, кимнээх эрэ чифир иһэн элэҥнэтэллэр, ким табахтыыр, ким сытар. Кинилэргэ мантан атын олох суоҕун курдук өйдөбүл баар быһыылаах.
Маайката хайдан, хаан-билик буолбут саас ортолоох, тараҕай нуучча киһитэ килиэккэҕэ хаайтарбыт хахай кыыллыы төттөрү-таары хаамар-сиимэр. Сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, туга эрэ табыллыбатах. Этэ барыта татуировка ойуу, уҥуох сула, кубарыччы хаппыт хайа омуга биллибэт киһи, атаҕын оллоонноон ууран олорон, араастаан туттан-хаптан, тугу эрэ бэрт көрдөөҕү кэпсээн ыһыллаҥнатар. Ону айаҕар эрэ киирбэккэ истэллэр. Өҥнөөх быһыылаах.
«Табаҕа зонатын балыыһатыттан Мохсоҕолооххо баран иһэбит», – дэһэр түөрт хап-хара таҥастаах киһини киллэрбит тыастарыттан уһуктубут эбит Бүөккэ. Иккитэ саха, көрөн-истэн олох атын дьон. Били кэпсии-ипсии олорбут өҥнөөх таалан хаалла, кэлиэх-барыах сирин булбата. Боруоста сарылыы түһээт, аан диэки ыстанна. Ааны тоҥсуйтарар бокуой биэрбэккэ, нууччалаах саха соһон тирилэтэн аҕалан тэбиэлээн күрдүргэппитинэн бардылар.
– Мужики, не убейте!.. – киһилэрин хаһыыта сүрдэннэ. Эмискэ хаамыра аана халыр гына аһылла түстэ да, үс дубак (хаайыы үлэһиттэрэ) ыстанан киирдилэр, үөс-батааска биэрбэккэ дубинкаларынан сабаан, кырбааччылары хаамыраттан таһаардылар. Аан аһыллыбытынан туһанан били сордоох, түөрт атах буола-буола, эмиэ көрүдүөргэ ыстанна.
– Меня переведите в другую камеру, хоть в стаканчик1, – өйө көтө куттаммыт киһи хаһыыта сүрдээх. Аан сабыллан халыр гынна.
Буолбут быһылаан эмискэччитэ бэрдиттэн Бүөккэ кырбаммыт киһиттэн итэҕэһэ суох этэ саласта, куйахата күүрдэ. «Көҥүлгэ таҕыстарбын» диир ыра санаата күдэҥҥэ көттө. Туох алдьархайай!
Хаалбыт нууччалаах сахаҕа миэстэ булар сүпсүлгэнэ үөскээтэ. Кинилэри били куоппут киһи миэстэтигэр олохтоотулар. Дьэ, дьиҥнээх өҥнөөхтөр кэллилэр. Биир эдэр уолунан чифир өрдөрбүтүнэн бардылар. Хаамыраҕа балаһыанньа кинилэр илиилэригэр киирбитэ тута билиннэ. Илин-кэлин түһүү бөҕө буолла. Былаас түргэнник да уларыйар эбит дии санаата Бүөккэ.
Чифирдэрин иһэн, табахтаан, бэйэ-бэйэлэрин билсиһэн баран, сахата түргэн үлүгэрдик, ол эрээри болҕомтолоохтук хаамыра иһин эргиччи көрөн иһэн, харахтара Бүөккэҕэ хатаннылар. Ким-туох киһи олорорун тута биллэ быһыылаах, тарбаҕынан ыҥыран ылла. Тэҥнэһиэ дуо, аттыгар тиийбитигэр уҥа илиитин тас өттүнэн «олор» диэн бэлиэ биэрдэ.
– Ыччат, хантан сылдьаҕын, туохха түбэстиҥ?
Бүөккэ киһитин хараҕа сытыытыттан, өс-саас уота сириэдийэ сырдырҕыырыттан этэ саласта, мух-мах барда. Хайдах эрэ кыылга саба түһээри олорор адьырҕаны санатар көрүҥнээх.
– Уус Алдаммын, күлүгээннээн түөрт сылы ылан олоробун.
– Режимиҥ?
– Күүһүрдүллүбүт.
– Мин Баабыр диэммин. Төрдүм – Ньурба. Үһүс сууттаныым, бу уон сылбын бүтэрэн эрэбин. Эдэр сааһым барыта хаайыыга ааста. Табаҕаттан Мохсоҕоллоохпор төннөн иһэбин. Уус Алдантан үчүгэй ыччаттары билэттиибин. Убайдыы-бырааттыы Бөтүрүөптэри, Эһэ Миисэни, Бөрө Баасканы эҥин.
– Эһэ Миисэ уонна Бөтүрүөптэр мин нэһилиэгим дьоно, онон кинилэри үчүгэйдик билэбин, – диэтэ Бүөккэ хап-сабар.
– Оччоҕуна мин үөрэтэ таарыйа эттэхпинэ, ханна да тиийдэргин кинилэр биир дойдулаахтарынабын диэ. Оччоҕуна үчүгэйдик сылдьыаҥ, үчүгэй балаһыанньалаах дьон. Эн иһит, түбэстиҥ – бүттэ, дьылҕаҕар бас бэринэргэр тиийэҕин. Аатыҥ ким диэний?
– Бүөккэ.
– Бүөккэ, эн хайдах эрэ мин өлбүт бырааппар майгынныыгын, – киһитэ санньыйа быһыытыйда.
– Ол хайдах өлбүтэй? – Бүөккэ, ыйытыллыа суохтааҕы ыйыппытын билэн, умса көрдө.
– Тумустар кырбаан өлөрбүттэрэ! – Баабыр сиикэй бааһын таарыйтарда быһыылаах, хаамыра иһин хааннааҕынан көрдө, мэктиэтигэр хабырынан ылла. – Хаартылааччыгын дуо?
– Суох, – киһитэ эйэ дэмнээхтик ыйыппытыгар уоскуйа быһыытыйда.
– Олох оонньоомо. Хаарты маатыска барахсан элбэх киһини тэмтэриттэҕэ. Ити куоппут киһийдэх бастаан хаартыга түспүтэ, онтукатын сатаан төлөөбөккө сүөһүлээбитэ. Онон ити тыынын куоттаран зонаттан зонаҕа көһө сылдьар. Ол аайы аньыыта-харата элбээн иһэр. Сотору өлөрүөхтэрэ, – Баабыр кини өлөрүгэр олох да баардыылаабат быһыылаах.
– Ээ, оннук эбит дии. Мин өссө өҥнөөх дии санаабытым, – Бүөккэ кырдьыгынан этэр.
– Хантан өҥнөөх буолуой! Ордук тумустар итинник буолааччылар. Мин этэрбин иһит. Билигин хаайыыга таҕыстаххына, билбэт киһигэр илин-кэлин олох түһүмэ. Сорохтор, биир-икки сыл олороот, билбэт дьонноругар хаамыраҕа өҥнөөх курдук туттааччылар. Дьэ, ол гынан баран зонаҕа тиийэн уостан хаалаллар. Манна туһунан олох, атын эйгэ. Онно сөп түбэһэн сылдьыахха наада. Биирдэ алҕаһы оҥоруоҥ – тэбиллэн хаалыаххын сөп. Ыччат, ону өйдөө. Хаамыра суруллубатах сокуонун олох кэһимэ. Ас биэрэр кэмнэригэр урут ыстанан тиийимэ, дьон аһыы олордоҕуна парашаҕа чугаһаама, силлээмэ-хаахтаама. Утуйа сытар киһини туох да сылтаҕа суох уһугуннарыма. Хаайыылаах икки эрэ түбэлтэҕэ уһугуннарыахтаах. Бастакынан, суһал дьыалаҕа, иккиһинэн, өлөрөөрү гыннаххына.
– Онтон атын түгэҥҥэ тоҕо уһугуннарбаппыный? – кырдьык даҕаны, Бүөккэ төһө да баҕарбатар, бу олох туспа сокуонун ис кистэлэҥин биллэҕинэ эрэ табылларын өйдөөтө.
– Бу аньыылаах-харалаах орто бараан дойдуга киһиэхэ саамай күндү көҥүл баар. Баҕар, эн уһугуннарар киһиҥ түһээн көҥүлгэ сылдьара буолуо. Дьэ, итиннэ сытар кистэлэҥэ. Сарсын биһигини хаайыыга таһаарыахтара. Онуоха диэри миигин кытта сырыт, ким да тыытыа суоҕа. Мин, холобур, «киһи ханна баҕарар киһи буолуохтаах» диэн өйдөбүлүнэн олоробун.
Бу кэмҥэ ас биэрэр чуолҕаннара аһылынна. Бочуокка оргуйбут итии ууну куттулар. Биирдии быһыы хара килиэби кытта эбиэс хааһытын биэрдилэр. Ыксыспакка үчүгэй баҕайытык астарын ыллылар. Баабыр миэстэтиттэн өндөйбөтө даҕаны, аһын аҕалан биэрдилэр. Бүөккэ аччыктаабыт да эбит. Киһитин аттыгар олорон аһаан кимиритэн кэбистэ. Сотору аһаан бүттүлэр, хаамыра иһин эмиэ табах буруота тунуйда. Баабыр, топпут киһи быһыытынан, кэтэх тардыста сытан табахтаан унаарытар. Туох эрэ дириҥ санааҕа ылларбыт көрүҥнээх.
Бүөккэ бу аттыгар сытар, олоҕо табыллыбатах, уустук дьылҕалаах киһини бэркиһии көрдө. Кини санаатыгар өҥнөөх буолла да, быһаҕы туппутунан, туох да сууту-сокуону билиммэт, бас баттах сылдьар дьон курдук саныыра… Оттон бу Баабырга туох эрэ киһилии майгы, бэйэтигэр тардар биллибэт күүс баара сөхтөрдө. Эмискэ кини санаатын өтө көрбүт курдук Баабыр ыйытта:
– Бүөккэ, тугу саныыгын?
– Ээ, бэйэм мээнэ, буолары-буолбаты…
– Тугу саныырыҥ – бэйэҥ үтүө көҥүлүҥ. Өскө киһи санаатын хаайаллара буоллар, киһи биир да хонук барыа суоҕа этэ.
– Ол тоҕо? – Бүөккэ өйдөөбөккө ыйытта.
– Киһи санаатынан олох олорор. Бу ыарахан кэмҥэр санаа буоллаҕа – саамай аралдьыйарыҥ. Хата, хайдах түбэспиккин кэпсээ эрэ.
– Ээ, арыгылаан баран охсуһан. Охсуһан да диэн буолуо дуо, дьиҥинэн, кырбанааччылар бэйэбит этибит.
– Дьэ, эмиэ кэпсээннээх ыччат буоллуҥ дии.
Кырбаныаҥ ини, түбэһиэҥ ини, – улахан баҕайытык күлэн алларастаата. Дьон бары хайыһа түстүлэр. – Бүөккэ, өйдөө, манна кыайбыттар кэлэр сирдэрэ. Кыайтарбыт – халдьаайыга, эбэтэр балыыһаҕа.
Бүөккэ бу өйдөөн көрдөҕүнэ, кини кэпсээнин истээри хаптаҕай сирэйдээх бөҕө тоҕуоруспут эбит. Төһө да кэмчиэрийдэр, ол ааспыт быһылаан хараҕар бу көстөн кэллэ.
– Чэ, сөп. Бэһиэ буолан арыгылаабыппыт. Топпокко маҕаһыын таһыгар тиийбиппит. Эбинээри, кэлбити-барбыты хайыта сылдьыбыппыт. Арай өйдөөн көрбүтүм, табаарыспыт биир нуучча киһитин кытта охсуһа сылдьар эбит. Мин көмүскэһээри сүүрэн тиийбиппэр, түҥнэри охсон түһэрдэ уонна андаатар бэргэһэбин былдьаан ылла, – истээччилэрэ Бүөккэ охсуһарын өйдөрүгэр оҥорон көрдүлэр быһыылаах, күлсэн тоҕо бардылар. —
Үөс-батааска биэрбэккэ, иккиэммитин саҕабытыттан тутан, эчи, бөдөҥө да бэрт этэ, участковайга илдьэн туттартаан кэбистэ. Бүттэҕэ. Кэнники билбиппит, нууччабыт хомуньуус эбит. Бастаан уон биэс суукканан бүтэрээри гыммыттарын, участковайбыт ол-бу дьыаланы хомуйан, эбэн-сабан суруйан холуобунай оҥорбута. Сатахха, сууппут нууччалыы барбыта, онон кырдьыкпытын сатаан таһаарымматахпыт.
– Оттон аармыйаҕа сылдьыбытыҥ дуо? – ким эрэ ыйытар.
– Суох, сылдьыбатаҕым. Суукка диэри баппыысканан сылдьыбыппыт. Ол кэмҥэ аармыйаҕа барарга бэбиэскэ кэлбитэ. Ону албакаатым судьуйаҕа биэрбитэ да, туһалаабатаҕа. Дьиҥинэн, судьуйа «аармыйаҕа бардын, бэбиэскэлээх эбит» диэбитин, сэбиэт уонна биригэдьиир «бу киһи сүгүн сылдьыбат, арыгылыыр, иккитэ месткомҥа көрүлүннэ да өйдөммөтө, онон хаайыыга бардын» диэн үлтү бырачыастаан кэбиспиттэрэ. Оттон мин месткомҥа көрүллүөхтээҕэр, местком диэн тугун да билбэппин.
– Оттон табаарыскар төһөнү биэрдилэр? – сүүһүгэр быһа охсуу чэрдээх, эт лахса киһи ыйытар.
– Ээ, биир сыл, условно, – Бүөккэ кырдьыгынан этэр.
– Сөбө бороҕон. Бээрэ, ыччат тугу эрэ сиикэйдиигин быһыылаах, – Баабыр итэҕэйбэт.
– Уонна итирэн баран мунньахха айдаарбыттаах этим.
– Хомуньуустар мунньахтарыгар диэ, – ким эрэ тыл кыбытар.
– Ээ, кырдьык, бу санаатахпына хомуньуустар мунньахтара эбит, – Бүөккэ бэйэтэ да сөҕөр.
– Дьэ, ити хомуньуус буолла да, уу да ылбат, уот да сиэбэт киһитэ буола түһэр, – сүүһүгэр чэрдээх кэпсиир. – Дойдуну баартыйа салайан олорор. Биһиги аҕайбыт дэһэллэр да, кинилэр саҕа элбэх киһини сиэбит дьон суохтара буолуо.
– Ол хайдах? – Бүөккэ истибэтэҕин истэн дэлби соһуйар. Кини саныаҕар хомуньуус киһи чулуута буолуохтаах этэ.
– Хайдах диэн, биһиги хаайыылаахтар эрэ билэбит – хомуньуус хайдаҕын. Ыччат, олорон бардаххына билэн иһиэҥ. Арай кинилэри эһэн кэбистэххэ, олохпут тупсара дуу? – сүүһүгэр чэрдээх куолулуур.
– Аны баҕас баартыйаны туох да кыайбат, кыаҕырбыттара бэрт, – ыарыһах көрүҥнээх киһи тылга тииһэр.
– Дьэ, ол гынан баран, сэт-сэлээн туолара диэн баар, – чэрдээх иннин биэрбэт.
– Ыччат, бэйэҥ туох дьоннооххунуй? – ыарыһах ыйыталаһар.
– Кырдьаҕас ийэлээхпин. Аҕам өлбүтэ. Бииргэ төрөөбүт үһүө этибит да, иккибит оһолго өлбүттэрэ.
– Оо, – Бүөккэ кыһалҕатын хайдах эрэ тэҥҥэ үллэстэр курдук буоллулар.
– Оттон кыыстааххын дуу? – эмиэ кини курдук саҥа түбэһээччи быһыылаах, токкоолоһор.
– Баар, – Бүөккэ, кыыһын санаан, сирэйэ сырдыыр.
– Күүтүө диигин дуо? – аны Баабыр кыттыста.
– Дьэ, билбэтим. Кини атын сиргэ үлэлии сылдьар буолан, сирэй көрсөн кэпсэппэтэҕим.
– Түөрт сыл уһуна бэрт, күүтүө суоҕа, муҥар хаайыылааҕы, – сүүһүгэр чэрдээх, кэпсэтии манан бүтэр диэбиттии, ньилбэгин охсунан кэбиһэр.
Хаамыра аана лиһигирээн аһылынна, биир надзиратель киирэн барыларын ынахтыы аахта. «Утуйуҥ!» – диэн суоһурҕана этээт, тахсан барда. Бары утуйардыы оҥоһуннулар. Уу чуумпу сатыылаата, арай Баабыр тыыллаҥнаата, өрө уһуутаата уонна: «Уон аҕыс сыл олордум да, хаамыра аанын тыаһыгар үөрэммэтим», – диэтэ. Ким да тугу да саҥарбата. Арай Бүөккэ дьиибэ баҕайытык иһиттэ.
Дьэ, Бүөккэ уол унньуктаах уһун түөрт сылын бастакы күнэ итинник саҕаланна. Иннигэр туох күүтэрий?
* * *
Катялаах, быйыл онус кылааһы бүтэрээт, кылааһынан тутуспутунан бу Сааскылаах диэн учаастакка производствоҕа икки сыл хомсомуол путёвкатынан үлэлии тахсыбыттара. Биллэр-көстөр төрөппүтэ суох буоллаххына, төһө да үөрэххэр үчүгэй буолларгын, бу сопхуоска үлэ – мүччүрүйбэт иэһиҥ. Тыа оҕото төһө да үлэҕэ мискиллэн улааттар, хотон үлэтэ бастаан утаа муннуларын сынтарыппыта. Биир өрөбүл күнэ суох, сииктээх никсик сыттаах хотоҥҥо күнү быһа үлэлиэх диэтэххэ, чымаан суол этэ. Бастаан утаа, кыстыкка киирии саҕана, аһаҕас массыынанан ырыа-тойук аргыстаах тугу барытын саба тутуох айылаах кэлбиттэрэ. Сопхуос кииниттэн хоҥноллоругар дириэксийэ: «Олорор дьиэҕит бэлэм, тиийээт үлэлээбитинэн барыаххыт. Коммунизмы тутууга бэйэҕит сэмэй кылааккытын киллэрэн, үрүҥ илгэ гвардеецтара буолуоххут диэн эрэнэбит», – диэн уруйдаан-айхаллаан атаарбыттара. Бортобуой массыына куусабын ойоҕосторугар кыһыл таҥаска «Биэс сыллаах былааны – түөрт сылынан!», «Биир фуражнай ынахтан сылга 4000 кг үүтү!» лозуннары уонна кыһыл былаахтары анньыталаабыттара кытаран-наҕаран, кырдьык даҕаны, киһи эрэ санаата көтөҕүллүөх курдуга. Учаастакка тиийэн биригэдьиирдэрин хотонтон булбуттара. Сэмэнэп биригэдьиир оҕолору кыһыл муннукка киллэрэн, үлэ бэрээдэгин, социалистическай куоталаһыы графигын билиһиннэрэн баран, массыынаҕа анньыллыбыт былаахтары, лозуннары кыһыл муннукка саайтарбыта уонна барыларын массыынанан олорор дьиэлэригэр таһаартарбыта.
Икки квартиралаах уопсай дьиэни киһи олоруон сөп курдук оҥорбуттар этэ. Арай сууйуута-сотуута кыайтарбатах. Биригэдьиир Николай Петрович биир өттүгэр кыргыттары, аҥаарыгар уолаттары олохтоото.
– Аһыыр иһити-хомуоһу төһө кыалларынан була сатыахпыт, һм. Билигин уолаттар таһырдьа уот оттон, биэдэрэлэргэ чэйдэ өрүҥ уонна бэйэҕит илдьэ кэлбит өйүөҕүтүнэн аһааҥ. Итиэннэ үлэлиэхтээх хотоҥҥутун сууйуоххут-сотуоххут, – диэтэ Николай Петрович.
– Бээрэ, ол хотону хайдах сууйабыт? Оттон бу олорор дьиэбитин хаһан өрө тардынабыт? – кэм да сытыы Вася тыл кыбытар.
– Оҕолоор, сарсын райкомтан кыстык боппуруоһун бэрэбиэркэлии бэрэстэбиитэл кэлэр, онно хотон чып-чап курдук бэлэм буолуохтаах, һм. Наһаа да дьиэ курдук сууйбатаргыт, саатар, ооҕуй оҕус ситимнэрин суох оҥортуохха наада. Олорор дьиэҕитин онтон сыыйа-баайа үлэ быыһыгар оҥостуоххут, һм, – Николай Петрович дьаһайа үөрэммитинэн биир тыынынан кутан кэбистэ.
Сэмэнэп Николай Петрович хоту дойдуттан төрүттээх. Сааһа түөрт уон биэһэ. Орто уҥуохтаах, кэлбит-барбыт, саҥаран баран кэлээр диэбит киһилэрэ. Бу учаастакка кини хайдах эрэ ананан төрөөбүт биригэдьиир курдук. Кэнники сылларга биллэрдик моҕохтоно уойда. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун ветеринарнай отделениетын бүтэрбитэ. Ол үөрэнэ сылдьан бу дойду кыыһын билсэн кэргэн ылбыта. Анаабыт курдук икки кыыс, икки уол оҕолоохтор. Кэргэнэ маннааҕы медпууҥҥа биэлсэрдиир. Талан ылбыт идэтинэн манна кэлэн биир эрэ сыл үлэлээбитэ. Урукку биригэдьиир биэнсийэҕэ тахсыбытынан, оччотооҕу холкуос бэрэссэдээтэлэ кинини биригэдьииринэн анаабыта. Онтон ыла биир сири харыс хамсаабакка, манна бэйэтин муҥур ыраахтааҕынан сананар. Онтуката эмиэ да оруннаах. Кини үлэни-хамнаһы эрэ дьаһайбат. Дьон олоҕо-дьаһаҕа барыта кини үрдүнэн барар.
Сэмэнэп төһө да хоту дойдуттан төрүттээх буоллар, булка көһүүн киһи. Ол эрэн булт туһунан кэпсэтии буолла да, «биһиэхэ хоту» диэбитинэн барар идэлээх. Хоту дойду бултааҕын бары да истэн билэр буоланнар, мөккүһэ барбаттар. Сааскылаах бүөм сиргэ турар буолан, куһу-куобаҕы айахтарыгар сииллэр. Кистии-саба тайах этинэн да эмсэхтэнэллэр. Үчүгэйэ баар, кыра учаастак буолан эбитэ дуу, хайдах эрэ былыргылыы туттан-хаптан олроллор. Байанай бэрсибититтэн кими да матарбаттар. Оттон күһүҥҥү муҥхаҕа собону кыайа бултууллар. Дьэ, онно баҕас Сэмэнэп үөһэ тэстэр. Балыгы киниттэн атын ким да үллэрбэт. Хастыы эмит тоннаны маҥхааһайга хаһаанар. «Отделение, сопхуос наадатыгар», – дии-дии, таптаабытынан уҥа-хаҥас мачаачайдыыр. Ону ким да ирдэспэт, буолар буолуохтааҕын курдук саныыллар.
Аҕатыттан хаалбыт, кистии сылдьар буулдьанан эстэр саалаах. Онтукайын күһүн аайы маннааҕы булчуттарга уларсан кыыл этин кимнээҕэр элбэҕи сиир. Ньымаакка да сатаан туттар. Биэс сыллааҕыта баартыйаҕа киирбитэ. Оройуон, үчүгэй үлэтин чиэстээн, «Москвич» массыына фондатын биэрбитэ. Онон «Сэмэнэп дуо?» дэтэн олордоҕо.
Дьэ, ол да буоллар, кини куһаҕан өрүттэрдээх. Арыгыта суох сатаммат, ол эрэн үлэһиттэрин «арыгыны мин курдук сатаан иһиэххэ наада» диэн мөҕөттүүр идэлээх. Аны туран уһун оноолоохторго кутун туттарбыт барахсан. Дуоһунаһынан да киэптээн дьахтары сатаан бэйэтигэр сыһыарар. Бу сопхуос тэриллэн, кэнники «производствоҕа» диэн оскуоланы бүтэрбит оҕолор кэлэр буоланнар, бэркэ күннүү сылдьар. Оройуоҥҥа, куоракка эмиэ көссүүлэрдээх. Дьон айаҕын хайаан саба тутуоххунуй, барыта иһиллэ-биллэ турдаҕа. Онон төһө да сис ыал курдук туттан-хаптан олордоллор, дьиэ иһин өҥөйөн көрдөххө, үүт тураан олох суох.
Сэмэнэп бүгүн кэлбит оҕолортон биир кыыска бэйэтэ да билбэтинэн хараҕын хатыы оҕуста. Арылыччы көрөн үчүгэй да кыыс. Саамай туттар албаһынан чэпчэки үлэҕэ анаан, бэйэтигэр сыһыарарга сананна.
– Табаарыс биригэдьиир, – модороон баҕайы дьүһүннээх кыыс ыҥырбытыгар, Сэмэнэп санаатын ситимэ быстан хаалла. – Арай, биһиги икки оҕону хаалларан дьиэбитин хомуйтара турдахпытына?
– Бастатан туран, ааппын эппэккэ сылдьыбыт эбиппин дии, миигин Николай Петрович диэн ыҥырыаххыт. Иккиһинэн, мин эппитим хаһан да мүччүрүйбэт. Мин этиим баартыйа этиитэ буолар! Эһиги хомсомуолларгыт, оттон хомсомуол – баартыйа быстыбат ситимэ, – ыйыппыт кыыһы үөс курдугунан дьөлүтэ көрөн кэбистэ. Кыыс эрэйдээх кыбыстан муннун өрө сыҥта уонна:
– Мин өскүөрүтүн этэбин ээ, – диэтэ.
– Аны эһиги мин дьаһалбар киирэҕит. Онон туох бааргытын барытын мин быһаарабын.
– Аһыырбытын эмиэ дуо? – уһун уҥуохтаах хатыҥыр Алёша, сөпкө да ыйыттым диэбиттии, сатамньыта суох баҕайытык туттан, эппиэт эрэйэн турда.
– Эмиэ буолбакка. Эти-арыыны миигиттэн ылыаххыт буоллаҕа, хамнаскыт суотугар.
– Онтон туалекка сылдьарбытын эмиэ ыйытабыт дуо? – кэм да Вася үөннээҕиттэн түсүһэр.
– Чэ, мээнэ тылга тииһимэҥ, – уонна иһигэр «эрэйдээхтэр оҕус бурҕалдьытын кэттэххитинэ, сотору муоскут тостор ини» дии санаата.
Дьэ, итинник саҕаламмыта икки сыллаах производство үлэтэ. Барыларын үлэҕэ аттарбыттара.
Биригэдьиир Катяны тоҕо эрэ үүт тутааччынан анаабыта. Бастаан утаа ону ким да омнуолуу санаабатаҕа. Онтон үлэ-хамнас кыайтарбат буолан барбытыгар, кинини ордук санааччылар көстүбүттэрэ. Хотон ааныгар сааллан турар «Үлэ, чиэс, албан аат!» диэн лозунг оҕолор сүрэхтэрин өрүкүппэт буолбута.
* * *
Сарсыҥҥытыгар Бүөккэлээҕи баанньыкка сырытыннардылар, таҥастарын-саптарын эмтээтилэр уонна ыбылы паардаан кэбистилэр. Ырааһырдыы үлэтин кыайа туталлар эбит.
Онтон барыларыгар утуйар таҥас, курууска, тутааҕа суох ньуоска биэртэлээтилэр уонна түрмэҕэ таһаардылар. Дьэ доҕоор, «түрмэ» диэннэрэ олох атын дойду эбит. Сыта-сымара, тимир ааннар «лиһир-лаһыр» тыастара, сүүһүнэн киһи кэпсэтэр саҥата тигээйи уйатын тоҕо тарпыт курдук суугун-сааҕын, барыта хайдах эрэ киһи кутун-сүрүн баттыыр. Бастакы этээстэн саҕалаан биир-биир хаамыраларга угаттаатылар. Бүөккэ үһүс этээскэ аҕыс уон биирис хаамыраҕа түбэстэ. Хаамыраларыгар уон ахсыалар. Сахалар алтыалар, бары сууттаммыттар, күүһүрдүллүбүт режимнээхтэр.
Арай түөрт киһи бастакы холуонньаттан өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр баран иһэллэр, онон хаамыраны кинилэр тутан олороллор.
Сарсыарда, киэһэ бэрэбиэркэ. Күҥҥэ үстэ аһаталлар, төһө да иһиҥ топпут курдук буоллар, тугуҥ эрэ син биир тиийбэт. Арааһа, саха киһитэ харатын суохтаан эрдэҕэ. Үчүгэйэ диэн саҥа хаһыаты күн ахсын биэрэ тураллар, уоннуу хоно-хоно бибилэтиэкэр кинигэ уларсар. Аны араадьыйа күнүс тохтообокко үлэлиир. Онон сэргэх.
Бүөккэ, саҥа олоххо үөрэнэн биэрбэккэ, эрэйдэннэ. Албакаата ааһыммыт, онон түрмэҕэ өр буолар чинчилээх.
Пишет сыну мать:
«Отчего ты сын,
Третий год свиданку не берёшь?..»
Хас киэһэ аайы утуйуох иннинэ холуонньаттан иһэр Володя диэн нуучча уола нарын баҕайы куолаһынан ыллаатаҕына, Бүөккэ ийэтин санаан уйулҕата хамсыыр.
Ийэтэ туох да көрүүтэ-харайыыта суох-соҕотоҕун хаалла. Сааһын тухары үрүҥ күнү өрө көрбөккө отучча сыл холкуоска, онтон сопхуоска ыанньыксыттаабыта. Төһө да биэнсийэҕэ таҕыстар, оҕолорун атахтарыгар туруорар кыһалҕаттан илиитин үлэттэн араарбатаҕа. Кэлин саас баттаан уонна ыарахан үлэттэн эрдэ бокооро кырдьан, сүһүөх ыарыһах буолбута. Быйыл биэс уон аҕыһын туолуохтаах. Ол бэйэтэ куура хатан тоҕус уоннаах эмээхсин курдук нэһиилэ тайахха тэптэрэн сырдырҕаан сылдьаахтыыр. Иитиэх-аһатыах, көрүөх-истиэх соҕотох хаалбыт уола бу кэбилэнэн сыттаҕа. «Тоҕо да эмиэ арыгылаан тиэриллэҥнээбитим буолла» диэн төһө да кэмсиннэр, ааспыт төннүбэт, буолбут көммөт.
Көҥүлгэ сырыттаҕына, арыгыта суох сатаныа суох курдук сананара. Онтон билигин арыгы туһунан өйүгэр да оҕустарбат. Буспут-хаппыт хаайыылаахтар манна да си-дьүгээр олорботтор. Билсэн-көрсөн, кэпсэтэн-ипсэтэн надзирателларынан ыарахан сыанаҕа арыгы киллэттэрэн иһэллэр. Эчи куттамматтарын. Бүөккэҕэ уонна атын да эдэрдэргэ «муос-туйах үүнэ илик» диэн чугаһаппаттар. Дьөрү бэйэтэ да кыһаммат.
Баабыр эппитигэр дылы көҥүл саҕа күндү суох эбит. Ону олорон истэҕин аайы Бүөккэ бэркэ биллэ. Көҥүлгэ билигин бэс ыйа буолан, айылҕа барахсан муҥутуу көҕөрөн, чэчирээн ахан турдаҕа. Тыа мүөттээх, минньигэс сыта төһө эрэ үчүгэйэ буолла!? Киһи маннык кэрэ кэмҥэ хаайтаран олороро өссө хараастыылаах эбит. Бэл чыычаах буолан көтүөххүн, оннооҕор былыкка ымсыыран көҥүлгэ дохсуннук устуоххун баҕараҕын…
Билигин Катялаах сайылыкка көстөхтөрө. Бары кылааһынан тутуспутунан туох да кыһалҕата суох үөрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сырыттахтара. Бүөккэ оҕо сааһа сайылыгы кытта ыкса ситимнээх, онон хараҕын симтэ да, кэҕэ этэрэ, оҕус айаатыыра, түптэ буруота бу көстөн кэлэр. Катялаах билигин күнүскү ыамнарыгар сырыттахтара, оттон кини түөрт эркини өрө мыҥаан баран сыттаҕа. Бу кэнники кэмҥэ Бүөккэ төбөтө «дыҥ» курдук буолан хаалла. Ону бииргэ олорор дьонугар эппитигэр: «Наһаа санаарҕыыгын, төбөҕүн сынньаппаккын. Аралдьый. Саахыматтаа, дуобаттаа, доминолаа. Ким боборуй, барыта көҥүл. Арай хаамыраттан эрэ тахсан барыма», – диэн хаадьылыыллар. Этэр эттэҕинэ эмиэ да сөп курдук. Кырдьык даҕаны, дьоно хайдах эрэ бэһиэлэй баҕайытык олороллор. Кэпсэтиилэрэ да наар арыгы, дьахтар, көр-нар туһунан. Сымыйалаабат буоллахтарына, көҥүлгэ даҕаны дьон бэркэ көрүлүүр эбит. Онно холоотоххо Бүөккэ оҕо эрдэҕиттэн бэрт муҥкуктук улааппыт эбит. Аҕата тырахтарыыс этэ. Үлэни да кыайа-хото тутара, ол бэйэтэ кэнники арыгыһыт буолан хаалбыта. Бастаан утаа үлэтиттэн киэһэ арыгы сыттаах кэлитэлиир буолбута.
Ону ийэлэрэ сөбүлээбэтэҕин биллэрдэҕинэ, «дьоҥҥо үтүөнү оҥорбуппар махтанан күндүлээбиттэрин туох диэн киэр үтэйиэхпиний?» диэн суоһурҕанан кэбиһэрэ. Дьэ, онтон арыгы ыллар ылан, кэнники олох даҕаны «кыраны кыһыл, улаханы үрүҥ быһаарар» диэн тыллаах буолбута. Биир үтүө күн ыалга муус тиэйэ сылдьан тыраахтарын кытта бэйэтэ тоҥон өлбүтэ. Оччолорго Бүөккэ төрдүскэ үөрэнэрэ. Управляющай кэлэн туох да буолбатаҕыныы: «Аҕаҕыт өлбөтөҕө буоллар, тыраахтары төлөтөрүм хаалла», – диэн хомолтотун биллэрбитэ.
Ийэлэрэ сүрдээҕин аймаммыта. Аҕалара тыыннааҕар, төһө да арыгылаатар, кэм суон дурдалара, халыҥ хаххалара буоллаҕа. Тиийиммэт-түгэммэт, кыһарҕаннаах олох саҕаламмыта. Убайа, ахсыһы нэһиилэ сыһыллан-соһуллан бүтэрээт, арыгыга төбөтүн оройунан түспүтэ. «Муҥ маһы кэрийбэт» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Бүөккэни аны бииргэ үөрэнэр оҕолоро туоратар буолан барбыттара. Таҥаһа-саба боростуойа, онно эбии ийэтигэр көмөлөһөр буолан хотон сыттааҕа тыл ыаһаҕа буолара. Үөрэҕэр олох ыһыктыммыта, учууталлар даҕаны киниэхэ болҕомтолорун уурбат буолбуттара. Биирдэ эмит былыт быыһынан күн тыгарыныы ыйыттахтарына даҕаны, төһө да биллэр, өсөһөн эппиэттээбэт этэ. Сорох учууталлар: «Шаманов, ийэҥ курдук хотонтон ырааппат киһигин. Чэ, кытаат, хотонтон Москуба чугас», – диэн аһаҕастык үгэргээн этэллэрэ. Ол аайы кини өсөһөн төттөрү түһэн иһэрэ.
Бүөккэ кыра эрдэҕиттэн айылҕаттан бэриллибит дьикти үчүгэйдик уруһуйдуур дьоҕурдааҕа. Уруһуй учуутала Иван Иванович ону билэр буолан киниэхэ наһаа истиҥник сыһыаннаһара. Хайдахтаах да уустук уруһуйу түһэрэн ылбыттыы оҥороро. Уруһуй уруога бэһис, алтыс уруогунан буолара. Кэнники уруоктартан күрүүр бэйэтэ Бүөккэ, Иван Ивановиһы хомотумаары уонна уруһуйдуур баҕата күүһэ бэрт буолан, бүтэһик уруокка хаалара. Уруһуйга наар «биэс» сыананы ылара, онон Иван Ивановичтан элбэх хайҕал тылларын истэрэ. Ол эрээри, тоҕо эбитэ буолла, чиэппэрдэргэ түөрдүнэн барара. Оччолорго кини кыра буолан ону куойатыгар-маҥкытыгар оҕустарбат этэ…
Бүөккэ хаамыраҕа балтараа ый олордо. Ыт иллэҥэ буолуу диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Күнтэн күн туох да уратыта суох биир кэм быт хаамыытынан сыылар.
Түрмэ төһө да түҥ хааһах курдук боруоран турдар, сонун-нуомас иһиллэ-биллэ турар дьикти уратылаах. Ол курдук атын этээстэри кытта «атынан» сибээс, ыһыытаан кэпсэтии тиһигин быспат. Бүөккэлээх хаамыралара хаһан да киһинэн итэҕэстийбэт. Биир киһи бардаҕына, атын киирэн биэрэр. Саҥа кэлбит киһи сонуна элбэх буолар. Төһө да нуучча-саха диэн атааннаһыы суоҕун иһин, омук омугунан тус-туһунан олорор.
Дьэ, итинник биир кэм олохторугар эмискэ этиҥ эттэ. Биир киэһэ балаһыанньалаахтар арыгылаатылар. Бастаан этэн көрө-көрө күлсүү-салсыы бөҕө буолла, онтон итирэн-кутуран бардылар. Били бииргэ чифирдииллэрэ ханна да суох буолла. Тыл-тылтан күрүчүөктэстилэр, зона олоҕо ахтылынна. Улахан иирсээн тахсар кутталланна, эдэр өттө куттанан кутуйах иинин кэҥэттэ. Маатыра-куутура хойунна. Байбаас нуучча Валераны муннун тоҕо охсон кэбистэ. Хаан өрө ыһылла түстэ, ол эрэн уол сүһүөҕүн сүтэрбэтэ. Хаамыра иһэ адаарыҥнас киһи буолла. Валера доҕоро Клык матарааһын анныттан бэйэ оҥоһуу биилээҕин сулбу таһыйан ылла:
– Зарежу! – били анекдот кэпсии-кэпсии күлэрэ-үөрэрэ ханна да суох буолбут. Сирэйэ-хараҕа турбута сүр.
– Давай б…! – Байбаас маайкатын хайа тардан кэбистэ, кыыс ойуулаах түөһүн тоһуйа тутаат, утары ыстанна.
Иэдээн! Өлөрсүү буолла! Хата, дьолго диэххэ дуу, хаамыра аана аһылла түстэ. Надзирателлэр ыстанан киирэн үлтү кулаан көрүдүөргэ таһаартаатылар. Ити кэмҥэ Бүөккэ аан таһыгар хайдах кэлэн хаалта эбитэ буолла, эмиэ холбуу тахсыһан хаалла. Ким буруйдааҕын, буруйа суоҕун быһаарса барбакка, карцерга хаайталаан кэбистилэр. Бүөккэ Клыктыын түбэстэ. Быһаҕын илдьэ тахсыбыт буоллаҕына, иэдээн. Хайдах алы гыныахха сөбүй? Өскө кыһыл илиитинэн түстэҕинэ, уҥа-хаҥас дайбаһыахха сөп… Бүөккэ бэйэтигэр эрэнэр. Бэркэ биэртэлэһээччи. Дьэ, боруобалаан түстүн, тыын-тыыҥҥа харбас!
Клык, бэйэтин кытта үөхсэ-үөхсэ, төттөрү-таары хаамыталаата, өрүтэ уһуутаата. Онтон ааны тэбиэлээн лиһиргэттэ. Ким да чугаһаабата. Дэлби маатыралаан субурутта. Онтон уоскуйа быһыытыйан чохчойон олордо. Өйдөнөн хаалбыт. Бүөккэ эмиэ блатнойдары үтүктэн киһитин утары чохчойон олорунан кэбистэ. Атыттарын ханна илдьибиттэрэ биллибэт. Клык Бүөккэни иччитэ суох мээнэнэн көрөн кэбистэ уонна:
– Эн миигиттэн куттаныма, буруйуҥ суох. Онтон Байбаастааҕы кытта бэйэм аахсыам, – диэтэ.
Бүөккэ маннык дьон тылларыгар туралларын билэр буолан уоскуйда.
Карцер диэн хаайыы иһигэр хаайыы. Икки наара оронноох, онтукаларын күнүс истиэнэҕэ ыга хатаан кэбиһэллэр. Туох да утуйар таҥас көрүллүбэт. Күн өрөтө-өрөтө аһаталлар, киһини тыыннаахтыы моруу гынар сирдэрэ.
Киэһэ кэлэн Клыгы ханна эрэ илдьэ бардылар. Ханна илтэхтэрэй? Уу чуумпу сатыылаата.
Чаас аҥаарын курдугунан киһитин соһон тирилэтэн аҕаллылар. Улаханнык кырбаммыт, ол эрэн: «Эн тугу да билбэккин», – диэн кулгааҕар сибигинэйэ оҕуста. Аны Бүөккэ уочарата кэллэ. Уҥуоҕа халыр-босхо барда, онтукатын биллэрбэккэ буола сатаата. Табах буруотунан тунуйбут хоско киллэрэн иһэн, умса хатыйан түһэрдилэр да, илиилэрин кэдэрги атаҕар наручниктаан кэбистилэр. Тыына-быара хаайтарда, сиһэ тосторугар тиийдэ, наручник илиитигэр быһа киирдэ. Бүөккэ бу «ласточка» диэн хаайыы үлэһиттэрэ сөбүлээн туттар албастарын аан бастаан боруобалааһына. Ынчык-бөтүөх сүрдэннэ, үрүҥ күн салгына баҕалаах буолла. Арыгы испитин-испэтэҕин бэрэбиэркэлээн туруупкаҕа үрдэрдилэр. Испэтэх. Үчүгэй. Ол эрэн босхолооботулар, доппуруос саҕаланна. Урут били сэриилээх эрэ киинэлэргэ көрөр сордооһуннара манна баар эбит. Ыйыталлара биир:
«Арыгыны хантан ыллылар, ким аҕалла?». Бүөккэ күнэ-ыйа хараарда, наар көбдөххө тэбэллэр эбит.
«Билбэппин!» – диэн ыһыытаан көрдө. Туһалаабата. Онтон ыксаан, өлөрүүһүктэрин билэн, ханна эрэ истибитин өйдөөн, уҥан хаалбыта буолла. Дьоно тохтоон сирэйин өҥөйөн көрдүлэр уонна: «Готов!» – диэтилэр.
«Дьэ, сүрдээх суол буолар эбит, киһи киһини аһыммата. Туох буруйбар ити айылаах сирэйэ-хараҕа суох атаҕастанным? Кырбанардааҕар ыт курдук үөҕүллэр өссө ыарыылаах эбит. Дьиҥинэн, арыгы таһар надзиратель эмиэ баара. Сирэйин араастаан ханньаччы тута-тутта дьоннорун кыраһыыннааччы кини этэ. Этэн биэрбэккэ!..»
Бүөккэ хантан билиэй, стукач буоллуҥ да тэбиллэн хааларгын. Ол эрээри бу түгэн кини олоҕор улахан суолталаах буолбута.
Карцерга төттөрү аҕаллылар, өкчөччү туттан нэһиилэ хаамар. Көбдөҕө тыыннарбат үлүгэр. Клык улаханнаппыт быһыылаах, сиэмэн муостаҕа токуллан сытар. Тэбэн көрбүттэригэр турбата, онтон биэдэрэлээх тымныы уунан саба ыстылар. Бүөккэ бу айылаах бэйэтэ буорайан турдар да, хайдах эрэ киһитин аһына санаата. Икки надзиратель күлсэ-күлсэ тахсан бардылар, кэннилэриттэн аан сабыллан лиһигир гынна. Кырдьык да, «бөхтөр» эбит!
Көҥүлгэ киһи ууттан тахсыбат куйааһа, онтон манна сөрүүн, түүн тымныйыыһы. Клык нэһиилэ үнүөхтээн туран, ынчык-бөтүөх бөҕөнөн сыгынньахтана сатаата. Бүөккэ туран киһитигэр көмөлөстө. Инчэҕэй таҥаһын ыктылар. Онтон маайкатын кэтээри гыммытыгар «бу киһи олох өлүүһү» дии санаан, Бүөккэ бэйэтин футболкатын биэрдэ. Киһитэ махтаммытын Бүөккэ сүрдээх үчүгэйдик иһиттэ. Ханныгын да иһин, иккиэн биир өлүүгэ сырыттахтара.
Сотору ас биэрэр чуолҕаннара аһылынна. Били арыгы таһар бөх уулуу турар оҕус хараҕын курдук күлтэччи көрбүтүнэн сирэйэ бу мэлэс гынна уонна Клыкка: «Саха маладьыас, түһэн биэрбэтэ», – диэтэ. Иккиэннэригэр табах уматан биэрдэ. Киһи бэрдэ Клык хаамыратыттан халыҥ таҥас, табах, испиискэ аҕалтарда. Бөх аһыннаҕа дуу? Наараларын түһэрэн биэрдэ, онон үөһэ тахсан сыттылар. Саҥа-иҥэ суох, хобдох киэһэ буолла.
«Олохпор олох табыллыбат киһи эбиппин. Маннык буоллаҕына, зонаҕа да тириэрдибэккэ сүүспэр сүүрбэлээх тоһоҕону саайыыһыктар» дии санаата Бүөккэ. Хаайыылаах өллөҕүнэ, баҕар, тыыннаах буолуо дииллэрэ дуу, сүүһүн тоһоҕолоон кэбиһэллэр үһү диэн баар. Тугун ынырыгай!
Сарсыҥҥытыгар иккиэннэригэр уоннуу суукканы биэрбит уураахтарыгар илии баттаттылар. Шмон оҥороннор, табахтарын, испиискэлэрин былдьаан ыллылар. Таҥастарын ньылбы сыгынньахтаан кэбистилэр уонна карцер таҥаһын биэрдилэр. Киһи этигэр сыстыбат, халҕайбыт таҥаһы таҥнаат, тары сиэбит ыттыы титирэһэ түстүлэр. Кыһын киһи тоҥон өлөр дойдута эбит. Хата, бүгүн карцерга аһатар күннэрэ буолан, аһаан арыый сэниэ киллэрдилэр, итии уу иһэн ирэ быһыытыйдылар. Клык олорбут-олорбут курдук, ону-маны чүүччэйэн, арахсыбакка көрдөөн, табах, испиискэ атаҕа булан, наара тимиригэр умата охсон буруолаатылар. Манна эмиэ булчут үүтээнигэр курдук, чэй, испиискэ, табах хааллараллар эбит, атына диэн харах көрбөт, илии тиийбэт сиригэр.
Тугу мээнэ ынчыктаһа сытыахтарай. Ону-маны буолары-буолбаты ботугураһан кэпсэтэллэр. Үксүн Клык кэпсиир. Бүөккэ бэркэ өйдүүр даҕаны, кэпсэтэ үөрэммэтэх буолан, тыла өҕүллүбэт. Ол да буоллар таах истэн олорбот, балкыһар.
Хаайыы надзирателлэрэ нууччалар, хаайыылаах үксэ нуучча, онон ити тылы билбэт киһиэхэ ыарахан буолсу. Бүөккэ ону өйдөөтө, элбэхтэ кэпсэтэ сатыыр уонна нууччалыы кинигэлэри ааҕарга сыал-сорук туруорунна.
Бүгүн куһаҕан киһи түбэһэн сордорун сордоото. Аантан арахсыбакка чуҥнуур, дьөрү олорпот да, сытыарбат да. Бэҕэһээ кырбаммыттарыттан улаханнык эчэйбиттэр. Бүөккэ көбдөҕө күүскэ тыыннарбат, арааһа, быарын сиэтилэр быһыылаах. Өр тулуйан атаҕар сылдьыбат, хайаан даҕаны олордоҕуна эбэтэр сыттаҕына табыллар. Ону баара кэтэбилгэ сылдьааччы ааны тэбиэлээн, дэлби үөҕүтэлээн туруортуу турар. Хайа муҥун, кини да сылайда быһыылаах, сиэмэн муостаҕа уу куттаран кэбистэ. Бүөккэлээх, дьэ, муҥур уһукка кэллилэр. Клык ыксаан бырааһы ыҥыртарбытын, бөх «сынньатан» кэбистэ. Киһитэ тымырын быстаары тииһэн турда. Хата, биилээх көстүбэтэ. Дэлби үөҕүстэ. Тылыттан-өһүттэн иһиттэххэ, сэбиэскэй былаас кыр өстөөҕө эбит. Чыычый киһи.
Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат. Клык хайа баҕарар балаһыанньаҕа сибээһи олохтуур. Ол курдук түннүгүнэн кэпсэтэн, атынан, ол аата быанан кэккэлэһэ турар хаамыраттан, чэйи, табаҕы ыла олорор.
Бу дойдуга биллэр-көстөр киһи эбит. Уон биэс сылыттан уон биирин олорбут, Иркутскай уобаластан төрүттээх, төрүт да детдомҥа иитиллибит буолан, сытыы-хотуу, туохтан да иҥнэн-толлон турбат. Олох эдэригэр түбэспит буолан, көҥүл туһунан өйдөбүл суох. Кэпсээнэ наар хаайыы туһунан. Бүөккэ киһититтэн бүтэйдии куттанар, ол да буоллар элбэҕи биллэ-көрдө. Тоҕо эбитэ буолла, Бүөккэни кэнники кэмҥэ «Шаман» диэн ыҥырар буолла. Арааһа, араспаанньатыттан таһаарда быһыылаах. Түннүгүнэн кэпсэтэригэр «Шаман» диэн сахалыын сытабын» диэн дьону соһуталаата. Ньиргийэн түһэн аат да аат.
Били арыгы таһар бөхтөрө, күлтэччи көрө-көрө, бэрт буола сатааһын бөҕө. Аһаабат да күннэригэр уоран ас бэрдэрэр, оннооҕор чифир оргутан аҕалар, табах туһунан этэ да барыллыбат. Сатаан икки сирэй буолар киһийдэх диэтэҕиҥ. Эрэлэ суох киһи. Ол да буоллар, Бүөккэ киниэхэ өстүйбэт буолан хаалла.
Киһиэхэ үчүгэй сыстара баҕалаах, аны Бүөккэ карцерга сытан чифир иһэргэ үөрэннэ. Төһө да иккилии омурдунан кыра-кыратык истэр, бастаан утаа сүрэҕэ өлөхсүйэн, дэлби хотуолаан, куртаҕа тиэриллэн тахса сыста. Чифир арыгы курдук төбөҕөр тахсыбат, сүрэххин күүскэ үлэлэтэн күүс-күдэх, сэниэ эбэр эбит.
Дьэ, Бүөккэлээх уон сууккаларын толору олорон бүгүн хаамыраларыгар төнүннүлэр. Көрсүһүү үөрүүтэ-көтүүтэ сүрдэннэ. Чифир өрө охсон, төгүрүччү чохчойон олорон иккилии омурдунан, табахтыы-табахтыы иһэн сыймаардан кэбистилэр.
Байбаастааҕы атын хаамыраҕа көһөрбүттэр. Быһаарсыы буолуо диэтэхтэрэ. Ас бастыҥын аһаттылар. Бүөккэни аллараа ороҥҥо көһөрдүлэр.
Түннүгүнэн Клыктаах кэллилэр диэн хаһыытаан биллэрдилэр. Онтон Бүөккэни түннүккэ ыҥыралларын эттилэр. Бүөккэ, эрэһиэҥкэттэн тутуһаат, хаһыытаата:
– Саҥар!
– Шаман, эн дуо?! – тэйиччиттэн бэрт нүһэр куолас иһилиннэ.
– Шаман истэр! – Бүөккэ хайдах эрэ, бэйэтиттэн астыныах курдук буолла, түрмэҕэ биллэн-көстөн иһэриттэн.
– Бу Буурҕа саҥарар. Мин тоҕо билбэппин эйигин? Кимҥиний?! – көрбөккө да куолаһыттан иһиттэххэ, ыарахан тыыннаах киһи саҥата.
– Шаманов Бүөккэ диэммин.
– Урут ханна олоро сылдьыбыккыный?!
– Суох, бастакы түбэһиим.
– Сөп, өйдөнөр! Бүттүбүт! – киһи кэпсэтэн туһаммат киһитэ диэтэ быһыылаах.
* * *
От ыйыгар Бүөккэ ааһыныыта кэллэ, оннунан хаалларбыттар. Баанньыкка баттаҕын кырыйан кэбистилэр. Дьэ, дьиҥнээх хаайыылаах буолла. Аны зонаҕа барарын кэтэһэр.
Бөтүрүөп куйааһын үгэнэ. Тыа дьоно, күнү-дьылы былдьаһа, оттоон үллэҥнэтэн эрдэхтэрэ. Бүөккэ бэһис кылаастан оҕуһу сиэппитинэн барбыта. Бу куйааһа, абытай да абытай. Сүрэҕэлдьээн да биэрээхтиирэ, оттон билигин хайдах эрэ ис-иһиттэн үлэлиэн баҕарар.
Катялыын эмиэ окко билсибиттэрэ. Киэһэ ахсын оҕолор кутаа тула арааһынайы кэпсэтэллэрэ, ыллыыллара. Наһаа айдаарсан оҕонньоттортон да дьарыллаллара. Оннук олорон оҕолор сыыйа-баайа утуйа барыталаан хаалбыт буолааччылар. Туох да сүбэлэһиитэ суох кинилэр хаалан хаалааччылар. Онтуктарыттан бэйэлэрэ да соһуйаллара. «Маһы бүтэримэҥ!» – диэн оҕонньоттор хаһыытыы сытааччылар. Онтон үргэн, өрүскэ киирэн олорор буолбуттара.
Ама да ааспытын иһин, кэрэ да кэмнэр этэ. Туох да кэскиллээх, истиҥ кэпсэтии суох буолара. Күһүөрү халлаан хараҥарар буолуоҕуттан хантайан олорон наар халлаан сулуһун ааҕар идэлэммиттэрэ. Инньэ гынан, бэйэлэрэ эрэ билэр кистэлэҥ сулустаммыттара. Онтуктара бары тус-туһунан ааттаахтар. Билигин үрүҥ түүннэр турар буоланнар, сулустар көстүбэттэр. Онон Катяны кытта туох да ситимнээбэт. Атырдьах ыйын сүүрбэ биэс күнүгэр, кыыс онус кылааска үөрэнэ барар буолан, арахсар күннэрэ кэлбитэ. Онно тапталлаах сулустарын көрө тураннар: «Аны биһиги сулустарбытынан кэпсэтэр буолуохпут», – диэн сүбэлэспиттэрэ. Сулустар, хаһан тырымныы тыгаҕыт?..
* * *
Сааскылаахха сандал саас салаллан, хаар быһыта сиэнэн, киһи таһырдьаттан киирбэт күннэрэ тураллар. Түүнүн тоҥорон, күнүһүн ириэрэн кырыыһаттан муус чопчулар таҥнары ыйаннылар.
Сааскылаах, кырдьык даҕаны, сааһын сүрдээҕин тупсар эбит. Киһи таһырдьаттан киирбэт күннэрэ тураллар. Соруйан оҥорбутун курдук, күн тумустуу үтэн киирбит хатыҥ булкаастаах тыа кэтэҕэр киэһээҥҥи сарыалынан кыыһа олороро көрүөхтэн кэрэ. Киэҥ сирдэргэ холоотоххо, айылҕата наһаа айгыраабатах.
Сопхуос сүөһүлэрэ күнүһүн таһырдьа чэччийэр буоллулар. Кинилэргэ даҕаны, аҕыс ыйы быһа биир кэм бааллан туруу сыанан аҕаабатах. Ииккэ-саахха буккуллар, киһи көрүөхтэн сүөргү дьүһүннэммит сүөһүлэрэ күн уотугар сыламнаан кэбинэллэр. Икки атыыр оҕус баара, аамсыгырбытттыы аа-дьуо алтахтаһан, били бэйэлээхтэрин кэннилэрин сыллыы-сыллыы эргийэ хаамаллар. Кинилэргэ даҕаны урааннаах уһун кыһын бэйэтин суолун-ииһин хаалларбыт дьүһүннээх. Дьөрү онно эрэ кыһаммакка, айылҕа сокуонунан ууһатыы үлэтинэн күүскэ дьарыктаналлар.
Катялаах, сүөһүлэрэ төрөөннөр, үлэлэрэ икки бүк элбээтэ. Кыһайбыт курдук ынах ыыр аппарааттарын мотуора умайан хаалан, илиилэринэн ыыллар. Хаһан оҥоһуллара биллибэт. Үүт ыама түстэ, ол аайы Сэмэнэп биригэдьиир айаҕа кытаран олорор.
Катяҕа уон биир ынах төрөөтө, аны үс төрүөхтээх. Икки хойукку, биир синньээн эрэр. Түөрт ынаҕа кытарах, онон таҥараҕа махтал.
Бастакы кварталга үүт графигыттан хааллылар. Арай сайылыкка таҕыстахтарына ситиһэллэр ини… Наар күүстээх үлэ оҕолору салытыннарда. Туох эрэ албаһы булан быйылгынан бүппүт киһи дэһэллэр да… Наставниктара Дуня хайдах сүүрбэ сыл үлэлээбитин сөҕөллөр.
Оҕолор күһүн кэлээт да, төбөлөрүн оройунан үлэҕэ түспүттэрэ. Ынах ыыр кыргыттар илиилэрэ ыалдьан, тарбахтара такыччы тардан, ынахтар уолар аакка барбыттара. Саамай мөлтөхтөрө, хатыҥырдара Маша ытыы-ытыы ыы сатыыра. Катя, сынньалаҥ үлэлээх буолан, кэлэ-бара көмөлөһөн абырыыра. Хата уолаттар саах күрдьүһэн үлэлэрин чэпчэтэллэрэ.
Катя Маайа эмээхсинниин үүт ыйаан туталлара уонна сэппэрээтэрдииллэрэ. Ол оннугар хойут бүтэллэрэ.
Хаар түһэн бастакы тымныылар бачыгыратан барбыттара. Олорор дьиэлэригэр тыал күүлэйдиирэ. Сэмэнэп сүбэтинэн мууһунан сыбаан баран, тэллэҕэр хаар куппуттара. Дьэ, арыый сылыйан дьиэ дьиэнэн буолбута. Аны оһохторун угаардаахтык сабан, ол иэдээнэ буолбута. Хата, барыта этэҥҥэ ааспыта.
Киэһэтин олохтоох уолаттар кэлэллэрэ. Аны арыгы иһэ-иһэ наһаа элбэх буолан кэлэннэр, дьиэлэрин өрө сүгэн кэбиһэллэрэ. Бэйэлэрин уолаттара сиппит-хоппут дьонтон куттаналлара. Сынньанар да бокуой суох. Ону Сэмэнэпкэ эттэхтэринэ, «чэ, бээ, кэпсэтиэм» диирэ да, син биир кэлбиттэрин курдук кэлэ тураллара.
Бүөккэттэн хам-хаадьаа сурук кэлэрэ. Сопхуоска оробуочайдыыбын, үчүгэйдик сылдьабын диирэ да, арыгыны чаастатык иһэрин туһунан сурах иһиллэрэ. Сордоох уола, саатар, ийэтин да аһыммат. «Киэһэ ахсын сулустарбытын көрөбүн уонна эйигин саныыбын. Оччоҕуна хайдах эрэ көрсөн кэпсэппит курдук буолабын» диир да, ол арыгылыы сылдьан, дьэ, ким билэр…
Биирдэ кыһын оройун эргин «биир киһиэхэ боруоктаһабыт диэммит, бэйэбит кырбанан хааллыбыт, эбиитин андаатар бэргэһэбин былдьаттым, онон кыра дьыалаҕа эриллэ сылдьабын» диэн хоҥуруутугар хоннорбот курдук суруйбуттаах. Ол иһин Катя, кырдьык, кыра дьыала буолуо диэн иҥэн-тоҥон ыйыталаспатаҕа.
Бүөккэлиин сыһыаннарын киһи «таптал» диэ дуо? Кинилэр хаһан даҕаны уҥа-таала сылласпатахтара-уураспатахтара, дьөрү сиэттиспэтэхтэрэ даҕаны. Арай биирдэ өрүс биэрэгин тахсарыгар илиититтэн тарпытыгар уу туҥуй сүрэҕэ тиҥиргэччи тэппитэ. «Өссө да тутан турбат ээ» дии санаабыта да, ол түгэн хатыламматаҕа. Кыргыттар: «Хайдах эн Бүөккэни кытта сылдьаҕын, куһаҕан, бөппүрүөк баҕайы уол буолбатах дуо?» – диэтэхтэринэ, саҥатыттан матара. Ис-иһигэр киирдэххэ, Бүөккэ оннук буолбатах. Киниэхэ наһаа истиҥник сыһыаннаһар уонна аһаҕас баҕайы дууһалаах буолан, кэпсэтэргэ чэпчэки.
Бүөккэ наһаа үчүгэйдик уруһуйдуур. Иллэҥ буолла эрэ, күлүккэ олорон уруһуйдаан тахсар идэлээх. Уруһуйдьут буолан эбитэ дуу, айылҕа кэрэ көстүүлэрин наһаа абылатан, киһиттэн уратытык көрөрө. Боростуой да көстүүнү ыпсаран-хопсорон кэпсээтэҕинэ, «кырдьык даҕаны» диэбиккин бэйэҥ да билбэккин.
Онтон бу бүгүн Сэмэнэп сопхуос киинигэр киирэ сылдьан соһумар сонуну аҕалла. Оҕолору кыһыл муннукка муста уонна ыйдааҕы хамнастарын түҥэттэ. Идэтинэн сопхуос сонунун ыһа-тоҕо кэпсээтэ. Үүт былаана тохтубутунан сирэй-харах аста. Урукку оҕолор быдан таһаарыылаахтык үлэлииллэрин эмиэ ахтан аһарда. Оҕолор: «Мотуору оҥоттор», – диэбиттэрин: «Өрүс суола сабылынна, онон аны сайын уу эрэ суолунан кэлэр», – диэн хомотолоото. Ыксыы сылдьар буолан оҕолор дьиэлэригэр сылдьыбатах, соруктарын толорботох. Түмүгэр: «Арба да Шаманов Бүөккэ нууччаны кырбаан түөрт сылга хаайыыга барбыт», – диэт, туох да буолбатаҕыныы, дьиэгэниччи көрүтэлээн кэбистэ. Кыргыттар бары саҥата суох Катя диэки хайыһа түстүлэр. Сэмэнэп ону бэлиэтии көрдө, көхсүн этиттэ уонна: «Чэ, барыҥ үлэлээҥ, олорон хааллыбыт», – диэтэ.
Катя турар сирэ иҥнэл-таҥнал барда, сүһүөҕүн сүтэрэн истиэнэттэн тайанна уонна оргууй хааман хотонугар таҕыста. Туох эрэ биллибэт күүс үөһэттэн баттаата, тулата кытара кыыста, бэйэтэ ээл-дээл буолан хаалла.
Бүөккэ наһаа ынырык, кинини албыннаабыт. Нууччаны кырбаабытын көр-күлүү курдук суруйбута ээ. Онтуката баара улахан дьыала эбит, ол да иһин 4 сыл хаайыыга уурулуннаҕа. Сэмэнэп хайдах да сымыйалаабат. Сор да буолар эбит. Саатар, ийэтин аһымматах. Сүөкүлэ сордоох соҕотоҕун хааллаҕа. «Быйыл аармыйаҕа барбатахпына, худуоһунньук үөрэҕэр хайаан да туттарсыам», – диэбитэ. Онуоха Катя: «Оттон ийэҥ хайдах соҕотохтуу хаалар?» – диэн ыйыппытыгар: «Сэбиэскэй былаас аҕыйах сыл көрүө, оччолоох буолуоҕу үлэлээбитэ», – диэбитэ уонна күлэн кэбиспитэ. Барыта хааллаҕа.
Дьүөгэтэ Шура кэлэн алы гынабын диэн өссө аймаата. Кини төрүт даҕаны Бүөккэттэн араара сатааччы. Киһи кыһыйыах: «Мин эйиэхэ хаста эппиппиний, олох суруйсума, абааһы уолун бырах диэн. Аны хаайыыга түбэстэ, онтон киһи буолан тахсыбат. Хаайыыттан көнөн тахсыбыт диэн суох. Көрөҕүн дии ити, тахса-тахса син биир түбэһэ тураллар. Эбэтэр арыгыһыт буоланнар ЛТП-га бараллар», – диэтэҕэ үһү.
Дьиэтигэр тахсан, оронугар сытан санаан көрдөҕүнэ, Шура этэрэ оруннаах. «Ол аата Бүөккэ олоҕо алдьаннаҕа. Аны киһи буолан тахсыбат. Тугу гыныахха, тугу быһаарынабын? Олох хараара мунан хааллым дии. Бээрэ, кырдьык даҕаны, туох буолан бачча үлүгэр айманным. Бу үйэҕэ Бүөккэ туһунан холку баҕайытык саныыр этим ээ. Кырдьык таптыырым буолуо дуо? Ити Сэмэнэп туох да буолбатаҕын курдук сылдьар даҕаны, бу кыһын миигин таҥас уларыттар хоско чуут күүһүлүү сыспыта дии. Арай онно үҥсүбүт буолуум, хаайыыга барыа этэ». Кыбыстан дьүөгэтигэр Шураҕа даҕаны кэпсээбэтэҕэ. Онтон «бу киһи сүгүн сырытыннарыа суох» диэн Машалыын үлэлэрин атастаспыттара.
Катя хара күһүн кэлиэхтэриттэн Сэмэнэп киниэхэ чугаһыы сатыырын кыыс оҕо сүрэҕинэн эндэппэккэ билбитэ. Сороҕор дьыала толорбута буолан кыһыл муннукка олорон хаалара уонна Катялаах Маайа үлэлээн бүтэллэрин кыраҕытык кэтэһэрэ, аргыстаһан тахсара, дьиэтигэр атаарара. Онтон быраһайдаһаат, дьиэтин диэки кыычыр-хаачыр үктэнэн бара турара. Арай кини атаҕын тыаһыттан ыттар үрэллэрэ.
Катя, соҕотох хаалаат, сулустары ааҕа көрөрө уонна ааспыт кэрэ кэмнэрин санаан өрө тыынара.
Сэмэнэп иҥээҥниирин тохтоппотоҕо. Маайа эмээхсин, кини майгытын билэр буолан, Катяны сэрэтэрэ. Катя төһө да толуннар, аҕа саастаах киһини уонна тойоно да буоларынан киэр үтэйэр кыаҕа суоҕа.
Кыһыҥҥы бытархан тымныылар сири-дойдуну аан туманынан бүрүйбүттэрэ. Оҕо-дьахтар кыра наадаҕа таһырдьа тахсыбат үлүгэрэ буолбута. Ол эрээри эрчимнээх эдэр саас тугу кыайбатаҕай? Туохтан толлон турбатаҕай?
Оҕолор, төһө да ыарахан үлэҕэ сырытталлар, общественнай олоххо көхтөөхтүк кыттан барбыттара. Хайа да бырааһынньык, үҥкүү-биэчэр кинилэрэ суох барбат буолбута. Ырыа-тойук, көр-күлүү, төһө да быстах кэмҥэ кэлэн аастар, оҕолору сүрдээҕин чэбдигирдэрэ.
Биир оннук үөрүүлээх киэһэҕэ сөп түбэһиннэрэн, Сэмэнэп Катяны дьиэтигэр атаарбыта. Кэлииккэҕэ кэлээт, холуон баҕайытык эргитэ тарпыта уонна тыбыс-тымныы инчэҕэй уоһунан салаҥ баҕайытык уураан ылбыта. Олбуор иһигэр үтэйэ анньаат, кэннин да хайыспакка, дьиэтин диэки бара турбута.
Катя эмискэччитэ бэрдиттэн тугу да өйдөөбөккө хаалан тура түспүтэ, уоһун туттан көрбүтэ. Кыыс айылгыта тардан манньыйыах курдук буолан иһэн, аньыыга киирбитин бүтэйдии сэрэйэн, сүрэҕэ тиҥиргэччи тэппитэ. Сулустарын көрбүтэ, туманынан бүрүллэн аат эрэ харата кыламныыллара. Чэпчээбиттии өрө тыыммыта уонна дьиэтигэр сүүрэн хаалбыта.
Ол түбэлтэ кэнниттэн Сэмэнэп Катяҕа олох да кыһаммат буолан хаалта. Хата Катя суохтуох курдук буолта. Эр киһи истиҥ сыһыана, куруук батыһа көрөр харахтар умнулла быһыытыйан эрдэхтэринэ…
Ама, умнар үһүө. Ол киэһэ Маайа, уола куоракка барбыт буолан, «оһохпун сабардаахпын» диэн дьиэтигэр эрдэ барбыта.
Катя сэппэрээтэрин сууйан-сотон кылбатан кэбиспитэ. Муостатын сотоору сырыттаҕына, эмискэ Сэмэнэп киирэн кэлбитэ. Кыра холуочук этэ. Катя бу сырыыга Сэмэнэби илэ абааһы киирэн турарын курдук көрбүтэ. Иэнэ кэдэҥнээбитэ. Саҥа-иҥэ мэлийбитэ. Уу чуумпу айа кирсинии тыҥаабыта. Катя муостатын сотон бүтэрбитэ. Эр киһи баарыттан кыбыстан таҥаһын уларыттыбакка, ону-маны көннөрбүтэ, дьаарыстаабыта буола сылдьыбыта. Мантан уһаатаҕына, кэтэһэр курдук буолан тахсыыһы, онон:
– Николай Петрович, эн дьиэҕэр барбаккын дуо? Мин таҥаспын уларыттыам этэ, – диэбитэ.
– Улахан эбит, уларытыннаҕыҥ дии. Мин манна күүтүөм, – диэт, дьэ, хайдах таһаарар эбиккин диэбиттии, олоппос хачыгырыар диэри иҥиэттэн кэбиспитэ уонна тахсыбатын биллэрэн табах уматтыбыта.
Тэҥнэһиэ дуо, хоско киирэн таҥаһын уларытта турдаҕына, эмискэ киһи кэлэн кэнниттэн кууһа түспүтэ. Түөһүн ыга туппута. Катя тыына-быара хаайтаран бобуллаҥнаата. Киһи, эргилиннэри тардаат, туох түбэһиэх сыллыы-ууруу сатаата. Муннугар табах, арыгы дьаардаах сыта билиннэ. Аҕынньыта холунна, киһини киэр үтэйэ сатаата. Үскэл, күүстээх баҕайы киһи кыыһы муостаҕа тиэрэ сөрөөн түһэрдэ. Тардыы күүһүттэн эрэһииҥкэлэр быһыта ыстаннылар. Иэдээн!
– Маама, быыһаа! – ытыы-ытыы, уйа-хайа суох сарылаата.
Кыыс сэниэтэ эстэн, муҥур уһукка тиийэн эрдэҕинэ:
– Хайаа, бу тугуй?! – диэн Маайа саҥатын үчүгэйдик да иһиттэ этэ.
Киһи тура эккирээбитэ, ыстаанын тимэхтэммитэ. Эп-эппэҥнэс, харахтара сүп-сүүрэлэстэр, куттаммыта өтө көстөр, мээнэ:
– Маайа, эн… Тоҕо… – диэмэхтээбитэ.
– «Эн тоҕо» диэбит буола-буола! Төрөппүт оҕоҥ курдук кыыһы. Баҕайы сааппат даҕаны! Бу быһыыгын сэбиэккэ үҥсүөххэ наада! – Маайа бэйэтиттэн бэйэтэ тэбиэһирэн олох илгистэн турбута. – Бу эн, Сэмэнэп биригэдьиир, ама да тойон буолтуҥ иһин, наһаа да бас баттах баран эрэҕин! Эйигиттэн ордук киһи суоҕун курдук туттаҕын-хаптаҕын да, суут-сокуон диэн эмиэ баар! Хаһан эрэ үтэһэҥ туолуо, биир муостаҕа туран кэпсэтэрбит буолуо! Бу көҥүл атаҕастаан-баттаан эрдэҕин! Былырыын, иллэрээ сыл кыргыттары эмиэ сүгүн үлэлэппэтэҕиҥ! Киниэнэ барыта таах хаалан иһэр! Маҥай аллаах!
Сэмэнэп, куттаммыта ааһан, тойон хаанын киллэрэ охсубута.
– Маайа, дьэ, сэрэн! Тыл-өс тарҕатыаҥ, миигин бэйэҥ билэҕин! Дьыаланы хат көбүтүөм!..
– Ол мин дьыалабын көбүтэҕин дуо?! Туох дьыалалаахпыный мин эйиэхэ?! – Маайа олох уоскуйбат.
– Умнарыҥ түргэнэ бэрт эбит! Онтон уолгун?! – Сэмэнэп куоһурун туттубута.
Маайа кыра уола суоппардыыр. Арыгыны дэҥ иһэр. Аны улаханнык истэҕинэ содуомнаах. Бу соторутааҕыта итирэн баран ыал түннүгүн алдьаппыта. Кыс ортото ыал түннүгэ алдьанара иэдээн. Дьиэлээхтэр үҥсээри гыммыттарын, Сэмэнэпкэ тиийэн элэ-была тылын этэн, ааттаһан хааллаттарбыта. Сэмэнэп түннүгү Баасканан оҥотторорго уонна арыгытын эмтэтэргэ уураах таһаарбыта. Ону этэр ити.
Маайа, сүрэҕин бааһын таарыйтаран, олоппоско лах гына олоро түспүтэ. Санаарҕаан төбөтүн санньыппыта, тугу да утары этэрэ суох буолан, харахтарын уута иэдэстэринэн сүүрэн, ытаан сыҥырҕаан барбыта.
Билигин аҕай тугу барытын тоҕо көтүөх курдук илгистэн турбут бэйэтэ өссө кырдьан, маҥан баттаҕа бураллан, кырдьаҕас киһи ытыы олороро көрүөхтэн сүөргү этэ.
Катя, ытыы-ытыы, «ийээ» диэбитинэн сүүрэн тиийэн кууһа түспүтэ. Сыыйа тобуктаан, төбөтүн Маайа эмээхсин атаҕар уурбута.
Сэмэнэп бэргэһэтин кэппитэ. Идэтинэн көхсүн этиппитэ. Туох да этэрэ суох буолан, турбахтыы түһээт, тахсан барбыта. Арай аанынан тымныы туман киирэн симэлийэ сүппүтэ.
Маайа, кыыс төбөтүн имэрийэ-имэрийэ:
– Дьэ, буоллаҕа… – диэбитэ.
Иккиэн туох да бобуута-хаайыыта суох ытаспыттара. Онтон Маайа:
– Муҥнаахтар кыттыһан муоралаабыттар диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Хаһан да хайыахпытый, дьиэлээн көрдөхпүт, – диэхтээбитэ.
– Маайа, эн кэлбэтэҕиҥ буоллар… – Катя эмиэ эмээхсиҥҥэ саба түспүтэ.
– Чэ, уоскуй, тоойуом. Хата, этэҥҥэ ааспытыгар махтал. Ити баҕайыны суолга көрсүбүтүм. Аанньанан арахсыа суоҕа диэммин төннөн кэлбитим.
Маайа таҥаһын-сабын көннөрүммүтэ уонна уоттарын умулларан тахсан барбыттара.
Арай, халлааҥҥа, «биһиги тугу да көрбөтүбүт» диэбиттии, Катялаах сулустара туман быыһынан кыламныыллара.
* * *
Сэмэнэп быйыл олох табыллыбата. Сатахха, ардахтаах баҕайы сайын буолан, от хаачыстыбата быстар мөлтөх. Сүөһүлэр истэрэ ыалдьан быһа түстүлэр. Икки субана өрүттүбэккэ өллүлэр. Аны түүҥҥү харабыл куһаҕаныттан үс ньирэй таах өлөн хаалла. Ол аайы дирекция төбөтүттэн имэрийбэт. Дьиҥинэн, атын да отделениеларга сүөһү туруга мөлтөх даҕаны, быа синньигэһинэн быстарыныы, мөҕүллүү-этиллии кини эрэ үрдүнэн барарын курдук саныыр.
Сүбэлэспит курдук көссүүлэрэ эмиэ киэр хайыстылар. Куораттааҕы дьахтара кэргэн тахсыбыт аатырда. «Дьэ, көрүөхпүт төһө өр олорорун. Хор, саатар, дьиэтигэр киллэрбэтэ ээ. Боруогар атын баҕайытык өттүк баттанан туран: «Аны эйиэхэ манна суол суох. Бырастыы гын, барыта үчүгэй этэ, ол эрээри мин тус олохпун оҥостуохпун эмиэ наада. Билигин да төрүүр кыахтаах дьахтарбын», – диэбитэ. Үөн баара. Итиннигин билбитим буоллар, түгэҕэ суох иһиккэ аһы, харчыны кутан бэрт! Хотуҥҥа кыһыллар балыгыттан, кыыл этигэр тиийэ киллэрэрэ. Иһэ хапсыйдаҕына, Сэмэнэп начаас наада буолуо. Сынньанар буолуохтаах. Кыыс оҕо кыыкынайдааҕар элбэх, һм.
Бу кыһын арылхай харахтаах Катя кыыһы кыһыылаахтык мүччү тутта. Үчүгэй баҕайытык бэйэтигэр сыһыаран испитэ ээ… Арыгылаан кэбиһэн бэйэтин кыайан туттуммакка иэдэйдэ. Сатахха, Маайа эмээхсин, арбалла сытыйан, түбэһэ кэлэн сиэтэ. Дьиэтигэр барбыт курдук этэ ээ, арааһа, кыыһы хаадьылыа диэн төннөн кэллэҕэ, һм. Маайа баттаҕа арбаллан, өрө илгистэн, олох кыыран эрэр удаҕан курдук көстүбүтэ. Хата, куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, бэркэ өй киирэн уолун санаттаҕым. Баччаҕа кэлэр быабар, иэйэхситим имнэннэҕэ, һм.
Аны сааһырдым, хаһан дьахтар иннин ылаары, тохтуохха да баар этэ. Ол эрээри арыгы истим эрэ, үөнүм-күрдьэҕэм хамсаан кэлэр буоллаҕа. Ханныгын да иһин кыһыылаах, һм».
Үүт былаана графиктан олох хаалла. Сайылыкка таҕыстахха ситиһиэм диир даҕаны, ол кыайтарбат суол. Ону баҕас, дьэ, чуолкай билэр. Ити, дьиҥинэн, салалтаҕа алы гынан туттар тыла. Сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар.
Оҕолор кыахтара баарынан үлэлии сатыыллар. Төһө да аһыннар, хайыай, мөхтөҕүнэ эрэ табыллар курдук. Сатахха, кыһайбыт курдук, мотуор умайан тэптэ, һм.
«Чаас ыраатта быһыылаах, утуйбут киһи. Мааҕын Дуня биир ынаҕым бу түүн төрүүрэ буолуо диэбитэ. Кини сыыһааччыта суох. Били харабылым бүгүн арыгылаабата ини… Күнүс өйдөөххө дылы этэ. Арааһынай үлэһиттэр…»
– Туох ааттаах кулуннуу өрө мөхсөн хааллыҥ.
Эмиэ хайаларын санаан уйулҕаҥ көттө, – хараҥаттан кэргэнин хатыылаах саҥата иһилиннэ.
Кэргэнэ Натааһа бииргэ сытыарбат, сиргэнэр. Бэйэтэ да илэ-сала көтө сатаабат. Уопсайынан Натааһа тымныы хоойдоох. Син таптаһан холбоспуттара даҕаны… Кэнники кэмҥэ этистилэр да, «арахсабын» диир тылланна. «Оҕолор да улааттылар, аны, кырдьык, арахсан отуойкаҕа олордоро буолуо, һм. Дьахтар диэн олох таабырына эбит. Биирдэ эмит бырааһынньыктарга, ыҥырыкка бардахтарына сонун уһултаран, ыйатан наар хонноҕун анныттан тута сылдьааччы. Онон дьоҥҥо кинилэр саҕа эйэлээх ыал суох курдук көстөллөр. Онтон хайдах дьиэтигэр кэлээт, бэйэтин тимир тириитин кэтэн, илиэһэй кыыһыгар кубулуйар.
Ол эрээри Натааһам асчыта, иистэнньэҥэ, туттара-хаптара ырааһа, түргэнэ, ылбычча дьахтар тэҥнэспэт киһитэ. Хата, Натааһабар баран кэлэрим дуу. Чэ, ол эрээри. Түүн ыраатта, утуйбут киһи, сарсын нэрээт сабардаахпын».
Түүҥҥү ытыс таһынар хараҥаҕа арай истиэнэ чаһытын тыаһа иһиллэр.
* * *
Атырдьах ыйа саҕаланан, сайын үтүөтэ бүттэ, түүнүн халлаан хараҥарар буолла. Арай хааллан олорооччуларга кыһына-сайына биир. Син биир түөрт истиэнэни өрө мыҥаан сыталлар.
Киэһээҥҥи хараҥаҕа бачымах элбэх сулустар дьиримнии оонньуур буолуохтарыттан Бүөккэ түннүктэн арахсыбат буолла. Тапталлаах сулустарын ааҕа көрүтэлиир. Ол ааспыт сайыннааҕы кэрэ кэмнэрин хас ымпыгар-чымпыгар тиийэ ырыта саныыр. «Катя эмиэ мин курдук бу кэмҥэ, бу түгэҥҥэ сулустары көрөрө буолуо дуо?» дии санаатаҕына, сүрэҕэ айманар.
Иллэҥ киһи наһаа элбэҕи саныыр, толкуйдуур буолар эбит. Бэйэтин кэмигэр Катялыын сыһыана боростуой, судургу баҕайы курдук этэ ээ. Онтон билигин наһаа сытыытык саныыр, киниэхэ курдаттыы тартарар.
Олохтоох сирин буллаҕына, хайаан да суруйар санаалаах сылдьар. Арай эппиэттээбэтин? Дьиҥинэн, кинилэр икки ардыларыгар оннук истиҥ сыһыан суоҕа. Катя кини курдук санаабата биллэр, хата умунна ини, хас хаайыылааҕы баран.
Биирдэ киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн ааннара лиһигирээн арылла түстэ. Испииһэктээх надзиратель киирэн: «Клыша Георгий Иванович, Шаманов Петр Семёнович с вещами на выход!» – диэтэ.
Хаайыылаах төһө элбэх хомунардаах буолаахтыай? Утуйар таҥастарын суулуу тутан хомуммутунан бардылар. Хаалааччылар: «Значит на этап. Куда начальник?» – ыйыталаһан көрдүлэр. Эйиэхэ этэн да бэрт.
Ханна илдьэллэрэ буолуой? Эмиэ Клыктыын түбэстэ дии. Дьиҥинэн, Бүөккэ Клыгы кытта эҥээрдэһэ сылдьыан баҕарбат. Ханна да сүгүн батан сылдьыбат, ол аайы кини холуоһатыгар олорсон иһиэххэ наада.
Каптёркаҕа тиийэн утуйар таҥастарын, иһиттэрин-хомуостарын туттардылар. Көрүдүөргэ уонча киһи баралларын кэтэһэн тураллара. Эбии сэттэ киһини ыллылар. Уон алта киһини привраткаҕа таһаардылар. Бу сырыыга сахалар үһүө эбиттэр.
Привратка, хаһан баҕарар буоларыныы, киһитэ үп-үллэҥнэс. Дьэ, саҥардыы оннуларын тойдорун булан, кэпсэтэн-ипсэтэн эрдэхтэринэ, Алдан куораттан уонча киһини өссө эбии быраҕан кэбистилэр. Дьон хардаҕас курдук симиллэн хаалла. Элбэх киһи суоһуттан, онно эбии табахтаан, туалеттаан, салгын тиийбэт үлүгэрэ буолла. Ыксаан, ааны дэлби лигийэн ас биэрэр чуолҕаны астардылар. Улаханнык туһалаабата. Ньылбы сыгынньахтаныы буолла. Ким өҥнөөҕө, ким сүөһүтэ быһаарыллыбат үлүгэрэ. Үөхсүү кытаанаҕа. Биир кырдьаҕас нуучча оҕонньоро өйүн сүтэрбитин, көрүдүөргэ соһон кэбистилэр. Иэдээн. Маннык буоллаҕына, сарсыардааҥҥа диэри хас киһи соһуллара биллибэт. Утуйар диэн суох, ыксаан табахтыыры кытта боптулар.
Түүн үөһүн саҕана Бүөккэлээх этаптарын, уон алта киһини, «с вещами» диэн көрүдүөргэ таһаардылар. Сөрүүн салгыны түөстэрин муҥунан эҕирийэн, дьэ, «һуу» гыннылар.
Түүҥҥү этап Саха сирин тас өттүгэр барара чуолкай. Ону билэн Бүөккэ сүрэҕэ кыланна. Өйүгэр түргэн үлүгэрдик оҕо сааһын умнуллубат түгэннэрэ, Катя кэрэ мөссүөнэ, ийэтин санаарҕаабыт дьүһүнэ көстөн аастылар. «Дьоммуттан-сэргэбиттэн, төрөөбүт дойдубуттан букатыннаахтык арахсан, кый ыраах хараҥаны сирэйдэнэн ханна тиийэрбин билбэккэ баран эрдэҕим».
Ыттаах, аптамааттаах саллааттар кэлбиттэр. Биир прапорщиктаахтар, ол киһи хаайыылаахтар дьыалаларын ылан араспаанньаларын, ааттарын-суолларын, хаһан-ханна сууттаммыттарын, болдьохторун өссө тоһоҕолоон бэрэбиэркэлээтэ. Онтон күргүй-көбүө ортотунан ааҥҥа ыга астарыллыбыт боронуокка биир-биир симэн кэбистилэр. Түннүгэ-үөлэһэ суох, хаайыылаахтары таһар анал тимир килиэ массыынаҕа испиискэ атаҕыныы симиллэн, ким хайдах туттубутай да оннук хамсаабакка, биллибэт хайысханан бара турдулар. Ынчык-бөтүөх үксээтэ, маатыра-куутура хойунна. Сынньалаҥ олохтоох киһи туораттан көрөрүгэр күлүүлээх курдук буолуо да, манна күн сырдыга баҕалаах.
Бу сырыыга сөрүүн буолан баран, массыына гааһын сыта тыыннарбат үлүгэрэ буолла. Бүөккэ, маннык эрэйдэнэн айаннаан иһэн, аҥаардас эрэй эрэ эҥээрдээх, сор эрэ суоллаах буолар хаайыыга киһи көҥүлэ эрэ буолбакка, киһи бырааба кытта быһылларын ордук сытыытык өйдөөтө. Сотору массыына тохтоото. Билэр өттүлэрэ «аэропорка кэллибит» дэстилэр.
Ханна эрэ муусука тыаһыыр, репродуктор рейстэри биллэрэр. Көҥүл-босхо сылдьар киһиэхэ төһө эрэ үчүгэй. Чаас аҥаарын курдугунан массыына хоҥунна. Сотору тохтоон кэннинэн астарара билиннэ. Дьэ, хайа муҥун, ааны аһан сиргэ түһэртээтилэр. Һуу, сибиэһэй салгын барахсан. Утаппыттыы күүскэ тыыннылар.
Бу өйдөөн көрбүттэрэ, ТУ-154 сөмөлүөт тыраабын анныгар кэлбиттэр эбит. Барыларын тобуктаттылар уонна иккилии киһиэхэ биирдии наручнигы кэтэрдэн кэбистилэр. Бүөккэ эмиэ Клыгыныын түбэстэ. Наһаа абааһы көрдө. Киһитэ үөрбүтэ сүр, «баҕар, дойдубар тиийиэм» диэн.
Бүөккэ түүҥҥү хараҥанан туһанан сулустарын көрдүү сатаата. Үс муннук сулуһун, дьэ, таба көрдө.
– Пошёл! – суостаах хамаанда иһилиннэ.
«Онтон сорох сулустарым» дии санаан истэҕинэ, кини саастыыта эдэркээн саллаат Бүөккэни сирэйинэн умса баран түһүөр диэри аптамаат уоһунан көхсүн хараҕар дьөлө аста. Ыарыытыттан кэдэс гынна, тыына хаайтарда.
– Ну, чо разлёгся, азиат! Вставай, а ну пошёл, б…! – саппыкынан көбдөххө тэптэ. Ньирэй саҕа боруода ыт сыыһа хабан кэбистэ.
«Сытымыахха, тура сатыахха». Бүөккэ олох ыксаата. Клык наручниктаах илиитинэн турарыгар көмөлөстө. Бүөккэ, ыарыытын кыатана сатыы-сатыы, Клыгынан көмөлөһүннэрэн тыраабынан тахса турда.
Сөмөлүөт, хараҥаны тыыран, көтөн күпсүйэр. Бүөккэ, түрмэҕэ сытан, былыт буолан көҥүлгэ дохсуннук устуон баҕарара. Оттон билигин кый үөһэнэн көтөн иһэр да, үөрүү кыыма кыламнаабат. Аптамааттаах саллааттарынан арыалланан, наручник кэтэн дириҥ санааҕа ылларан олорор.
Стюардесса бодунуоска лимонад, кэмпиэт аҕалбытын хаайыылаахтар сотон ыллылар. Өссө иккиһин кэлбитин эмиэ мэлиттилэр. Өссө аҕалыа эбит да, прапорщик бобон кэбистэ.
Хаайыылаахтар көрдөһөн туалекка сырыттылар. Клык обургу туалеттан соттору, мыыланы сойботто. Ону Бүөккэ хайдах эрэ сүөлүргүү көрдө.
Хаайыллан олорор киһиэхэ кыргыттар барахсаттар наһаа да тупсан, кэрэтийэн көстөллөр. «Кыыс – олох сибэккитэ» диэн сөпкө да эппиттэр. Бу тырымнаһа, күлэ-үөрэ олороллоро үчүгэйин. Салон иһигэр, бэл, сыттара кэлэргэ дылы.
«Катя билигин утуйа сыттаҕа. Саатар, түүлүгэр көстөн ааһарым буолуо дуо? Түбэспиппин истибит буолуохтаах. Төһө эрэ кэлэйдэ. Күүтүө дуо? Мин кинини ахтарым курдук ахтара, саныыра буолуо дуо? Арай күүттүн. «Үйэ-саас тухары сүрэхпитин холбоон ыал буолуох» диэх этэ. Ол эрээри олоххо барыта төттөрү буолар эбит…»
Кырдьаҕас хаайыылаахтар: «Дьэ, быраат манна аан өрүү аһаҕас, тахсар ыарахан», – дииллэр. Өссө эбэн: «Биирдэ түбэстиҥ – манна «пропискаланным» дии санаан кэбис», – дииллэр. Ама, хайаан оннук буолуой? Киһиэхэ биирдэ бэриллэр олоҕу хаайыыга атаарыах кэриэтэ, олорботох ордук.
Сөмөлүөт, көлөһөлөрө сиргэ охсуллан, өрө дьигиһийбэхтээн ылла. Ханна кэллилэр?
Дьэ, бу буоллаҕа номоххо киирбит Иркутскай куорат «Александровскай централ» түрмэтэ. Бүөккэлээҕи быстах түһэн ааһар «транзит хатаҕа» уктулар.
– Здорово, братва! – Клык дорооболоспутунан хаамыра аанын боруогун атыллаата. Кини наар инники сылдьааччы.
– Уу, – Бүөккэ көрө сөхтө. Үс дьаарыстаах наара оронноох, кип-киэҥ хаамыра тобус-толору киһи.
Олохтоохтор бары хайыһа түстүлэр. Саҥа кэлбиттэр аан таһыгар бөлүөхсэн турдулар. Арай Клык баран балаһыанньаны кытта билистэ. Ыйыталаһан, кэпсэтэн Амеля диэн өҥнөөхтөрүгэр Саха сирин этабын аатыттан уопсайга туттарга харчы биэрдэ. Дьэ, ол эрэ кэнниттэн ханна миэстэ баарынан оннуларын буллулар. Үс саха уола эрэйдээхтэр аҕыс уонча атын омук дьонун быыһыгар симэлийэн хааллылар. Үһүөн бииргэ тутуспутунан сылдьаллар, бэйэлэрин тылларынан ботугураһан кэпсэтэллэр.
Манна, быстах тохтоон ааһар сир буолан, утуйар таҥас-сап көрүллүбэт. Бэйэҥ кэтэ сылдьар соҥҥун эргитэ сылдьан тэллэх, суорҕан, сыттык, олоппос оҥостоҕун. Хаайыы режимигэр хааччах суох, аан бастаан түбэспититтэн олохторун хаайыыга моҥообуттарыгар тиийэ бииргэ булкуһан олороллор.
Бүөккэлээх бастаан «омукпут атынынан туораталлара буолуо» диэн куттаммыттара. Ону баара манна «мааһынан» арахсан олороллор эбит. Ол аата зонаҕа повязка баанан сүөһүлээбиттэр, биригэдьиирдэр, нэрээччиттэр, тыһылар, бөхтөр, о.д.а. хаайыы сокуонугар сөп түбэспэккэ олорбуттар маннык уопсай хатаҕа киирбэттэр. Алҕас киирэн биэрбит – баһа байҕалга.
Бу дойдуга уруһуйдьут ытыс үрдүгэр сылдьар.
Онон Бүөккэ күннээтэ. Остуолга олорон күнү-күннүктээн уруһуйдуур. Уопсай балаһыанньалаахтардыын булкуһан хаалла. Чэйдээччилэри кытта чэйдээн, табахтааччылары кытта табахтаан хаамыратыгар биллэр-көстөр киһи буолла. Уруһуйдаппыт дьоннор чэйинэн, табаҕынан төлүүллэр, сорохтор чэй оргутан аҕалаллар.
Саха сириттэн кэлбит этап бары биир сүбэнэн сылдьаллар. Бүөккэ булбут табаҕын хаһаанан иһэллэр, ханна тиийэллэрэ-түгэнэллэрэ биллибэт. Клык, төһө да дойдутугар кэллэр, кинилэри земляктартан атыннык ыҥырбат.
Бүөккэ, остуолга олорон, маҥан таҥаска кыыһы уруһуйдуур. Төһө да нуучча кыргыттарын уруһуйдаатар, өйө-санаата Катяҕа. Ол аайы билбэт кыыһын мөссүөнэ өссө кэрэтик тахсар. Кини утары үөһэ өттө сыгынньах, түөһүгэр үс куполлаах таҥара дьиэтэ ойуулаах, ол аата бу киһи үһүс түбэһиитэ, остуолу таһыйа-таһыйа, бэрт эҥсилгэннээхтик ыллыыр:
Голуби летят над нашей зоной,
Голубям нигде преграды нет,
Как же мне хотелось с голубями
На родную землю улететь.
Но забор высокий не пускает,
И колючек несколько рядов,
Часовые с вышек наблюдают
И собаки рвутся с поводков.
Даже в дальних камерах девчата
Проклинали молодость свою,
Где-то и когда-то говорили,
Говорили ласково «люблю»…
Манна ким кэлэрэ-барара сонун буолбатах. Хааһы курдук. Биир күн Красноярскайтан этап кэллэ. Бүөккэ идэтинэн уруһуйдуу олорбута. Бу дьон ортотугар биир сахалыы хаптаҕай дьүһүннээх, бэрт сытыы-хотуу сирэйдээх-харахтаах, чолбоодуччу көрбүт саас ортолоох киһи кэлистэ. Киирээт, уруурҕуу көрдөҕө буолуо, хараҕа Бүөккэҕэ хатанна. Чугаһаан хайа омук буоларын ыйыталаста. Тувинец эбит, дойдутуттан уонча сыллааҕыта хаайыы эҥээрдэнэн барбыт. Болдьоҕун бүтэрэн иһэн, биир сүөһүнү быһахтаан, эбии биэс сылы ылан, кытаанах режимнээх зонаҕа баран иһэрин блатнойдар идэлэринэн төттөрү-таары хаама сылдьан кэпсээн дьон болҕомтотун тарта. Ол эрээри… Ол эрээри кинилэри кытта кэлсибит, тартаран саҥарар киһи тувинец сабыс-саҥа механическай бириитибэлээҕин каптёркаҕа туттарбытын Амеляҕа сибис гыммытын Бүөккэ уруһуйдуу олорон иһиттэ. Уопсай балаһыанньаҕа олорооччулар төбөлөрүн холбоон бэрт өр сүбэлэстилэр. Онтон тувинеһы ыҥыран, бэрт ыраахтан саҕалаан кэпсэтиини бириитибэҕэ эргитэн аҕаллылар. Бириитибэ манна наадатын, онон ыларга модьуйдулар. Тувинец «биэрбэппин» диэн турда. «Бэйэбэр наада, хаайыы суруллубатах сокуонунан эһиги ыччаттан күүскүтүнэн күһэйэн ылар быраапкыт суох», – диэн бэйэлэригэр понятие толкайдаата.
Дьон ымсыы санаата көптөҕүнэ, сүрдээх суол буолар эбит. Арахсар аат диэн суох. Бары түүрэйдээн түһэриэх да курдук буоллулар. Тувинец ыксаата, соҕотоҕо да бэрт. Көмө эрэйэрдии, Бүөккэ диэки көрүтэлээтэ. Бүөккэ, хайыыр да кыаҕа суох буолан, хараҕын кистээтэ. Тувинец муҥур уһукка тиийэн сөбүлэстэ. Санаата түспүт.
Обургулар сайабылыанньа суруйтара охсон ылан надзирательга биэрдилэр. Дьыала үчүгэйдик түмүктэммитин чифиринэн бэлиэтээтилэр.
Эбиэккэ диэри туох да биллибэтэ. Амеляҕа илин-кэлин түһээччилэр ааны тоҥсуйан лигийдилэр. Надзиратель кэлэн ас биэрэр чуолҕаны арыйда.
– Бритву давай, начальник!
– Не положено! – чуолҕаны сабан кэбистэ.
Дьэ, доҕоор, маны эрэ күүппүт курдук, буолан аҕай турдулар ээ. Аан алдьанарыгар тиийдэ. Эппиэттээх дьуһуурунай кэллэ. Киһи өйдүүр гына быһааран биэрбитин, истэр кэлиэ дуо… Түрмэ тойонун модьуйдулар.
– Тойон суох, – эппиэт судургу.
Бүөккэ, дьэ, уоскуйаллар ини дии санаабыта… Ыҥырыа уйата тоҕо тардылынна. «Голодовка» биллэрэбит диэн турдулар.
– Пожалуйста, ваше право, – баҕар, эн өл даҕаны, онно эрэ кыһамматтыы, надзиратель бэрт холкутук эппиэттиир. Хата, кумааҕы биэрэн, аччыктааһыны биллэрбиттэрин туһунан сайабылыанньа ылан барда.
Үөхсүү кытаанаҕа. Хаамыра бириитибэнэн итэҕэстийэн олорбутун курдук буолла.
Эбиэти, киэһээҥҥи аһылыгы ылбатылар. Куртах сыыйа курулуйан барда, бары сууланан эрдэ сытынан кэбистилэр.
Тувинец санаата көнньүөрбүт. Хаан тардыһан сахаларга кэлэн тумустары дэлби үөҕэр. Сотору-сотору «дойдубар эбитим буоллар» диэмэхтиир.
Биир хонук ааста. Прогулкаҕа тахсыбатылар. Этап кэлэрэ-барара бобулунна. Эбиэккэ кэлэн, суолтатыгар «аһыыгыт дуо?» диэн ыйытан көрдүлэр. Түрмэ тойоно биллибэтэ. Туран хаамсыы аччаата. Бары лип сыталлар. Куртах курулуйар, өй-санаа наар аска оҕунна. Ол да буоллар бары тулуйаллар, ким мөлтөҕүн көрдөрүөй.
Бүөккэ биир дойдулаахтарыныын – аҥаар харахтаах Кэбээйи Адамыныын, Амматтан сылдьар Киргиэлэйдиин төһө да аччыктааталлар, сэһэн-сэппэн бөҕө. Адам – булчут. Күһүн тайах тутуһар кэмигэр көҥүлэ суох үс бууру биир сиргэ охторбут, онтукайа биллэн хаалан, үс сылга түбэспит. Хас тайаҕын ахсын биирдии сыл. Адам биир сылын олорбут, онон зона олоҕун амсайбыт. Адамтан «эн тоҕо оччо элбэх тайаҕы өлөрө сатаатыҥ» диэтэххэ, киһиҥ эппиэтэ бэлэм – «инньэ диэн баай барыылаах Байанайы хомотуом дуо?» диэн тыллаах. Киргиэлэй Адамтан ыйытар:
– Өскө биири өлөрбүтүҥ буоллар, түбэһиэҥ этэ дуо?
– Эс, түбэстэхпиний. Сааһым тухары бултаабыт кыылларым буоллаҕа. Ааспыт сыл булт соноругар сэбиэт киис тириитэ үлэспитэ. Урут да үлэһэр буолар этэ. Кыһайбыт курдук ол сыл тииҥ маска олорботоҕо. Киис бу биһиги курдук тоҕо аччык сылдьыай, бардаҕа эбээт. Онон сыллааҕы былааммын толорбокко сылдьан киниэхэ өлүүлүөм дуо? Сатахха, холуочук сылдьан, сэбиэппэр дэлби сүүлэ киирэн үрүҥ күүгэн буолбут эти биэрэн кэбиһэн, тэбилинним.
Адам кэпсээнэ наар булт туһунан. Киһи иҥсэтин көбүтэр. Оттон Киргиэлэй үөрэҕэ суох, сопхуос оробуочайа, биэс уонуттан тахсыбыт. Көрдөөх кэпсээннээх бэһиэлэй кырдьаҕас. Күнүүһүт эбит. Бэйэтэ этэринэн, туран эрэ ииктиир дьоҥҥо барыларыгар күнүүлүүр эбит. Сааһын тухары кэргэнин маныырыттан ордубатах, наһаа эрэйдээхтик олорбуттар. Дьахтар арахсыа эбит да, сэттэ оҕотуттан тардыстан, кырбана-кырбана олороохтообут. Күнүүһүтүн билэн дьоннор хаадьылыыллар эбит. Сылбырҕа, кытыгырас соҕус киһини үлэтигэр баран истэҕинэ утары ыыталлар. Ол киһи Киргиэлэйдиин дорооболоһор уонна: «Мааппаҥ дьиэтигэр баар дуо?» – диэт, ааһа турар. Дьэ доҕоор, Киргиэлэй тымыра эрэ быстыбат, кэннин хаана сирэйигэр ыгыллан тахсар, ыһыы-хаһыы доҕуһуоллаах киһитин эккирэтэр. Күнүүһүт кэмэлдьитин Адам Киргиэлэй биир дойдулааҕыттан истибит. Ол иһин дьахталлар кыыбаҕаларын араастаан оҥорон кэпсээн Киргиэлэй уутун аймыыр.
Онтон бу түбэлтэҕэ аһара туттан, кэргэнин икки ойоҕоһун тоһуппут. Инньэ гынан икки сыл көҥүлүн быстарбыт. Арай биирдэ Киргиэлэй өһүөнү одуулуу сытан ыйытта:
– Былыр Манчаары манна сыттаҕа?
– Александровскай централга дииллэр, ол аата манна буоллаҕа, – Адам истиэнэни имэрийэн көрөр.
– Оһуобай тутуу, ама да Манчаарытын иһин, хайдах мантан күрүөй. Түннүгэр илиим нэһиилэ батар, – Киргиэлэй сөҕөр.
– Омун. Сахаҥ омуннаах. Өссө былыргы хаайыылаахтарын хандалылаах буолаллар.
* * *
Үһүс күннэригэр уонча эписиэр арыаллаах полковник званиелаах, наһаа уойбутуттан нэһиилэ сыыгынаан тыынар түрмэ тойоно бэйэтинэн ыадастан кэллэ. Бүөккэ кинини хапыталыыстар карикатураларыгар майгынната көрдө.
Хаайыылаахтар бары атахтарыгар турдулар.
– Ким бириитибэ көрдөөн сайабылыанньа суруйда! – бэйэтин көрүҥэр сөп түбэспэт ньааҕынас куоластаах эбит.
– Мин, – тувинец инники тахсар.
Тойон киһи сэнээбиттии, сиргэммиттии үөһэттэн аллара көрдө уонна:
– Эн, эбисийээнэ, туоххун хорунаары бириитибэлэнниҥ? Эбисийээнэлэр хорумматтар! Биэс суукка карцер! Өссө кимиэхэ туох нааданый? – диэн хаһыытаата.
Ким да тугу да саҥарбата. Тойон киһи барыларын кэриччи көрдө. Бэйэтин уурааҕыттан бэйэтэ астыммыттыы көхсүн этиттэ уонна түөһүллэн тахсан барда. Атыттар тувинеһы илдьэ кэнниттэн батыстылар. Аан сабылынна.
Аччыктааһын туһата суох түмүктэннэ. Нууччалар маатыралара сүрдэннэ. Арай сахалар тувинец бириитибэтэ бэйэтигэр хаалбытыгар үөрэн эгди буоллулар.
Үс күннээх нуорма килиэптэрин барытын биирдэ олордон кэбистилэр. Бары килиэпкэ саба түстүлэр. Нуучча өр аччыктааһыны тулуйбат эбит. Билигин былдьаан ылыахтара диэбиттии, тырыта-хайыта тыытыы, дьүккүччү көрө-көрө, ыстаабакка да ыйыстыы. Сахалар төһө да аччыктааталлар, кинилэр курдук түһүммэтилэр. Ыксаабакка тууһаан сииллэр. Аны миин, торуой кэллэ. Харса суох ыга симиннилэр. Маҥкырдааһын буолла.
Хаамыра иһэ сыыйа тиллэн кэллэ.
* * *
Катялаах сайылыкка тахсыбыттара нэдиэлэ буолла. Бу Эһэлээх сайылык Сааскылаахтан хоту диэки биэс биэрэстэлээх сиргэ баар эбит. Түҥ былыр манна эһэлэр бааллара эбитэ буолуо, ол да буоллар аҥаардас аатыттан киһи этэ бүтэйдии тардар. Эһэлээх киэҥ нэлэмэн мэччирэҥ алаас, ортотугар хомустаах күөллээх. Балыга суох, ол эрээри тыыраахылар арахсыбакка дайаҥнаһаллар.
1
Биир киһи олорор хаамырата.