Саха саарына Тэрис

Саха саарына Тэрис
Автор книги: id книги: 2878617     Оценка: 0.0     Голосов: 0     Отзывы, комментарии: 0 300 руб.     (2,74$) Читать книгу Купить и скачать книгу Купить бумажную книгу Электронная книга Жанр: Правообладатель и/или издательство: Айар Дата добавления в каталог КнигаЛит: ISBN: 978-5-7696-5750-4 Скачать фрагмент в формате   fb2   fb2.zip Возрастное ограничение: 0+ Оглавление Отрывок из книги

Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.

Описание книги

Кинигэҕэ Айыы үөрэҕин түсчүтэ, 90-с сылларга общественнай-демократическай хамсааһын биир лидерэ Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис туһунан биир санаалаахтарын, бииргэ үлэлээбит дьонун, доҕотторун, дьиэ кэргэнин истиҥ-иһирэх ахтыылара, ону сэргэ Тэрис күүрээннээх үлэтин кэрэһилиир матырыйааллар хомуллан киирдилэр.

Оглавление

Группа авторов. Саха саарына Тэрис

Айыы диэнинэн ааттаныа (аан тыл оннугар)

Тэрис диэн кимий?1

I түһүмэх. Айыы Үөрэҕин түсчүтэ

Айыы суола

Этиттэрии

Айыы үөрэҕэ үйэттэн үйэҕэ үрдүү туруоҕа

Тэрис – саха бахсыта

Айыы Үөрэҕин туһунан

Тэрис «Кут-сүр» түмсүүтэ уонна Айыы үөрэҕэ

Саха итэҕэлин сөргүппүтэ

Айыы Суолугар сирдьиппит

Тэрис. Олоҥхолорго киһи анала

Сахалыы санааһыҥҥа олоҕуруу

Итэҕэлбитинэн омук быһыытынан сайдыахтаахпыт

Ытык сирдэр – история тыыннаах кэрэһиттэрэ (Экспедицияттан суоллааҕы бэлиэтээһиннэр)

II түһүмэх. Норуотун туһугар туруулаҺыы

Тэрис инники күөҥҥэ

Тэрис – сахаҕа бэлиэ киһи

Тэрис туһунан санаалар

Итэҕэл туһунан Тэристиин сэһэргэһии

Өрүү инники күөҥҥэ

Көҕүс санаанан кынаттанан

Тэрис кэмэ

Лааһар туһунан кылгастык

Саха тылын мындыр чинчийээччитэ

Л.А. Афанасьев-Тэрис тиэрмиҥҥэ үлэтин туһунан

Ааспыттан ахтыы

III түһүмэх. Ахтан-санаан ааһыахха

Убайбыт туһунан истиҥник…

Оҕо сааспыт бииргэ ааспыта

Эдэр сааһым доҕоро

Тэрис биир дойдулааҕым буоларынан киэн туттабын

Лааһар

Тэрис үөрэҕэ суолдьут сулус буолуо

Оҕо сааһым доҕоро

Сайдар саҕаҕы түстэһээччи

Кэргэним – күндү киҺим

Аҕам элбэххэ үөрэппитэ

Аҕам барахсан

Күндү күтүөт

Убаастыыр киһим

Норуотун туһугар айымньылаахтык үлэлээбитэ

Сахаҕа сэдэх киһи этэ

Уопсайга бииргэ олорбуппут

Тэрис туһунан ахтан-санаан аастахха

Тэристиин алтыҺан ааспытым

Арчы дьиэтин тутуспутум

Аата ааттана туруо

Олус күндүтүк саныыбын

Уолбут Олег олус убаастыыра

Миигин наукаҕа сирдээбитэ

Бииргэ алтыспыт дьонугар, дьиэ кэргэнигэр эрэнэбин

Помню с благодарностью

IV түһүмэх. Быдан дьылларга быраһаай

Тэрис кэриэһигэр…

Тэриһи кытта бииргэ алтыһан, тиһэх суолугар диэри тэрийсэн кэлбит доҕотторо

Сыһыарыы

Тэрис кэрдиис кэмнэрэ

«Саха кэскилин» түөрт сыллаах үлэтэ

«Саха кэскилэ» НДХ үлэтин-хамнаһын уонна 1996 сыллаах киэҥ ыҥырыылаах, СР президенэ М.Е. Николаев кыттыылаах Сугулаан үлэтин сырдатар матырыйааллар

Айыы Аймаҕа Өрүттүөҕүҥ!

Айыы Санаа, УҺУН САНАА БАҺЫЙЫАХТЫН!

YC ТЫЫН (КЫҺАЛҔА)

Туох үлэ барбытай?

Л.А. Афанасьев-Тэрис сүрүн үлэлэрэ

Отрывок из книги

Быйыл биир бэлиэ түгэн – «Айыы үөрэҕэ» кинигэ бэчээттэммитэ уонна «Кут-сүр» религиознай тэрилтэ юридическай регистрацияны ааспыта 25 сыла. Быһатын эттэххэ, үйэ чиэппэрэ ааста. Бу былаһын тухары Айыы үөрэҕэ, итэҕэлэ билигин даҕаны үгүс мөккүөрү уонна утар-сыыны үөскэтэр. Онуоха мөккүһээччи да, утарсааччы да Тэрис ханнык да кинигэҕэ суоҕу «тарбаҕыттан эмэн» таһаарбыта диэн тыллаһар үгэстээх. Маны биһиги дириҥ социальнай-психологическай проблема курдук көрөбүт. Бу проблемаҕа абсолютнай авторитекка (религияҕа, наукаҕа, политическай сүүрээннэргэ) тирэнэр маассабай өй-санаа уонна соҕотох киһи олоххо сыһыана-көрүүтэ ыйааһын хараҕар ууруллан турар.

Нэһилиэнньэ социальнай стереотиба, күрүө оҥостубут араас идеологическай схемата, үҥэр-сүктэр эгэлгэ эмэгэтэ тус бэйэтигэр аһара күндү. Дьэ итинниги этэбит, общественнай психология диэн. Бу да иһин атеист, коммунист уонна официальнай, коллективнай сиэри-сигилини батыһар халыҥ араҥа оччолорго Тэрис үөрэҕин ересь курдук санаабыта.

.....

2002 сыл бэс ыйын саҕаланыытыгар Дьаҥхаадыга кулууп дириэктэринэн үлэлии сырыттахпына, И.И. Шамаев «дьөһүөлдьүттэр семинардарын ыытыс» диэн эрийбитэ. Л.А. Афанасьев-Тэрис уонна А.Н. Павлов-Дабыл биир нэдиэлэлээх «Кут-сүр» кыһа үөрэҕин ыыппыттара. Улуустартан 17 киһи кэлэн кыттыбыта уонна сааһыламмыт өбүгэ үөрэҕиттэн элбэҕи билэн бардыбыт диэбиттэрэ. Тэрис сарсыарда «Сарыал хамсаныытын» көрдөрбүтэ. Орто уҥуохтаах киһи сиртэн олус чэпчэкитик тэйэ-тэйэ, ис-иһиттэн көтөн эрэр курдук хамсаныылары оҥорон көрдөрбүтэ билиҥҥээҥҥэ диэри харахпар бу көстөр курдук. Бэйэтин олус кыанар, сахалыы дириҥ сэһэннээх киһи баар эбит диэн сөҕө-махтайа санаабытым. Ити кэмнэргэ биһиги кулууппут үлэтин хайысхатын көрдөнө сылдьар этибит. Сахалыы куттаах-сүрдээх дьоммут Лазарь Андреевич уонна Анатолий Павлович ис сүрэхтэриттэн тахсар сэһэннэриттэн, өбүгэлэрбит силистээх олохторуттан-дьаһахтарыттан, сиэрдэриттэн-туомнарыттан ситимнээх «Айыы үөрэҕэ» тиһигин оҥорбуттарын өйдөөбүппүт. Дьаҥхаады нэһилиэгин общественноһа Айыы үөрэҕин үөрэттэхпитинэ эрэ үүнэр, сайдар суолу тобулуохпут диэн санааҕа кэлбитэ. Онон сынньалаҥ киин үлэтин бырагыраамата үгэс сыллааҕы эргииринэн – ыйдар суолталарыгар, үгэстэригэр тирэҕирэн оҥоһуллубута. Үгүс сахалыы куттаах-сүрдээх, айдарыылаах, дьоҕурдаах, дьаныһан дьарыктанар дьону уонна учуонайдары кытта алтыспыппыт. Үгэс сыллааҕы эргиирэ – кырдьык, бу үөрэх саха олоҕун бары эйгэтин хабар. Араас сиэр-туом, ас-таҥас, оҥоһуктар, хамсаныы, олох эйгэтэ – ити барыта Айыы суолун тутуһарга аналлаахтар. Итилэр бары холбоһон сахабыт сиэрин-майгытын, дьоҕурун үөскэтэллэр. Дойдум Төхтүр күн бүгүҥҥэ диэри сахалыы эйгэтин тутан олорор: уус кыстыга тыаһыыр, сылгы, ынах көрөллөр, төрүт иискэ, төрүт тыаска, дорҕооҥҥо идэтийдилэр, ытык сирдэрин үөрэтэллэр, иччилииллэр…

2013 сыллаахха Дьокуускайга Арчы дьиэтигэр үлэлии кэлбиппэр, В.Н. Луковцев «Кут-сүр» кыһа иккис мөһүлгэтэ буолар, онно тугу эрэ толкуйдааҥҥын ыытаар диэн эппитэ. Ити сыл кулун тутар ыйыгар киин куораппыт сахалыы тыыннаах дьоно Айыы үөрэҕин 24 сыллааҕы үлэтин түмэн, киэҥ араҥаҕа таһаарар дьоро тэрээһин оҥорбуттара. Манна Л.А. Афанасьев-Тэрис, А.Н. Павлов-Дабыл, Б.Ф. Неустроев-Мандар, А.С. Федоров, В.Ф. Яковлев, И.И. Николаев-Уххан, Г.С. Попова-Санаайа, С.И. Петрова уо.д.а. өбүгэ үөрэҕин ситимнэрин кэпсээбиттэрэ, билиһиннэрбиттэрэ.

.....

Добавление нового отзыва

Комментарий Поле, отмеченное звёздочкой  — обязательно к заполнению

Отзывы и комментарии читателей

Нет рецензий. Будьте первым, кто напишет рецензию на книгу Саха саарына Тэрис
Подняться наверх