Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым

Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым
Автор книги: id книги: 2878630     Оценка: 0.0     Голосов: 0     Отзывы, комментарии: 0 300 руб.     (2,74$) Читать книгу Купить и скачать книгу Купить бумажную книгу Электронная книга Жанр: Правообладатель и/или издательство: Айар Дата добавления в каталог КнигаЛит: ISBN: 978-5-7696-6871-5 Скачать фрагмент в формате   fb2   fb2.zip Возрастное ограничение: 0+ Оглавление Отрывок из книги

Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.

Описание книги

Кинигэҕэ биллиилээх бэйиэт, «Эркээйи» бырагыраамаҕа үлэлэспит, төрүт оскуолалары саҥардан сайыннарыы Кэнсиэпсийэтин олоххо биир бастакынан киллэрсибит улахан учуутал мөккүөрдээх олоҕун, тургутуулаах айар үлэтин туһунан кэпсэнэр. Киэҥ көрүүлээх, бары өттүнэн дэгиттэр суруйааччы, педагог санаатын аһаҕастык эппит түгэннэрэ ааҕааччыны кэрэхсэтиэ, умсугутуо. Василий Босяк прозаик быһыытынан биллибэтэҕэ, ол эрээри кинигэҕэ киирбит айымньылара кини бу хайысхаҕа дьоҕурдааҕын көрдөрөллөр. В книге рассказывается о нелегком творческом пути известного поэта, одного из основателей программы «Эркээйи» и видных педагогов, внедривших в жизнь Концепцию обновления и развития национальной школы. Острые статьи и высказывания человека широких взглядов, истинного патриота, радеющего за родной язык и культуру, вызывают восхищение и глубокое уважение. Василий Босяк при жизни не был известен как прозаик, но включенные в издании произведения не вызывают сомнений, что и на этом поприще он мог работать очень продуктивно и талантливо.

Оглавление

Группа авторов. Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым

ААН ТЫЛ

I түһүмэх. УДЬУОР УТУМ. Ульяна Заболоцкая

Төрүччү

II түһүмэх. ИСТИҤ-ИҺИРЭХ ТЫЛЫНАН (Ахтыылар)

Евгения Исаевна Михайлова, президент СВФУ им. М.К. Аммосова. Мастер родного слова – учитель и поэт!

Василий Васильевич Илларионов, билэлиэгийэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр. Аата ааттана туруо

Оҕо эрдэҕиттэн хоһоонньут эбит

Эдэр саас биһигэр Сэргэлээххэ

Учуутал буоларга уһаарыллыы

Учуутал аатын үрдүктүк тутан

Ыарахан ыарыылыын туруулаһыы

Евдокия Михайловна Поликарпова, бэрэпиэссэр, педагогика билимин дуоктара. Дьикти ааттаах устудьуон, биллэр поэт, үтүөкэннээх учуутал – Василий Босиков

Хабырыыл Билиикэп, билэлиэгийэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, «Сүгүрүйэбин икки күүскэ: тылга уонна тапталга»

Уйбаан Уйбаанабыс Самаайап, физика уонна математика билимин дуоктора, Ил Түмэн V ыҥырыытын дьокутаата. Баһылай Босяк

Василиса Романовна Шишигина, РФ уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына, «Саха-Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы пуонда стипендиата. Ийэ тылыгар бэриниилээх поэт уонна учуутал

Александр Адамович Тарасов, учуутал, поэт, суруналыыс. Улахан удьуор утума

Саргылана Семеновна Лебедева, СӨ үөрэҕириитин туйгуна. Күүстээх сүрүннээх учуутал, поэт

Анатолий Николаевич Павлов-Дабыл, суруналыыс. Бигэ киһи этэ

Мария Петровна Неймохова. Олох инники күөнүгэр сылдьыа этэ

Мария Семеновна Илларионова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ. Босяктыын алтыспыт түгэннэрим

Артур Иосифович Босиков, Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Саха тылыгар анаммыт олох

Любовь Иннокентьевна Босикова, РФ үрдүкү профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна. Тапталлаах быраатым

Иннокентий Лукачевскай-Силис, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Алгыстаах тыл хараҥаччыта – саха тылын уһуйааччыта

Георгий Матвеев, В.И. Босиков үөрэнээччитэ. Кылааспыт салайааччытын сырдык мөссүөнэ

Ксения Дмитриева (Малышева), В.И. Босиков үөрэнээччитэ. Учууталбар махталым муҥура суох

Ольга Лебедева (Мартынова), В.И. Босиков үөрэнээччитэ. Мин Босяк оҕотобун

III түһүмэх. БЭЧЭЭТ ЫЛЛЫГЫНАН (В.И. Босиков-В. Босяк туһунан ыстатыйалар)

Прокопий Чуукаар. Yөpүү уoннa… хoмoлтo (Рецензия оннугар)

Николай Тобуруокап, билэлиэгийэ билимин дуоктора, бэрэпиэссэр. Тыл уонна таптал үҥэр таҥара буоланнар

Егор Петрович Неймохов. Гонг тыаһаата

Гаврил Филиппов. Ый сырдыгын, күн уотун туһанан (Рецензия)

Гаврил Филиппов. Поэт айыллыыта

Николай Герасимов-Айталын. Үс үтүө мастан биирдэстэрэ

В. Сивцев. Поэзия любви и оптимизма (К 50-летию Василия Босяка)

Тойон Туома. Баһылай Уйбаанабыска сурук

Василий Бочкарев, скульптор. Доҕорум – хандьыдаат

Владимир Степанов. Сүрэхпэр ыттарбыт тумулук санааларым

Оҕону түһэртэриини бобуохха

Ырыынак олоҕун хаҕыс тыынын туһунан

Түмүк оннугар

IV түһүмэх. ВАСИЛИЙ БОСЯК ТУМУЛУК САНААЛАРА (Ыстатыйалара)

Төрөөбүт тылы үөрэтии туһунан өссө биирдэ

Тылбытын сэниир дьаллыкка ыллардыбыт

Саха сүппэтин-симэлийбэтин туһугар

Үрүҥ тыын өллөйө

Күннээх тэһииммитин мүччү тутумуоҕуҥ

Арай биирдэ, устудьуоннуу сылдьан…

Саха итэҕэлин, айыылары аахайбат буолуу – аньыы!

Тапталгыт тунал сырдыгынан

Дүпсүҥҥэ Дьөһөгөй ыһыаҕа

V түһүмэх. ЛИТЕРАТУРА АТЫН КӨРҮҤЭР ХОЛОНУУ

Олох улуу имииһит (Кэпсээн)

Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр… (Кэпсээн)

Мин быһый этим (Оруна суох омуннаах кэпсээн)

Куурусса чоппуускатыттан үөрэнэр (Биир көстүүлээх пьeca)

VI түһүмэх «БОСИКОВСКАЙ ААҔЫЫЛАР» ТҮГЭННЭРИТТЭН

Ульяна Заболоцкая «Босиковскай ааҕыылар» устуоруйатыттан

М.Н. Борисова, Дьокуускай куорат 26-с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала. Саха тылыгар 5-с кылааска тылы байытар эрчиллиилэргэ В.И. Босиков хоһооннорунан үлэни тэрийии сорох түгэннэриттэн

Василий Босиков «Этиҥнээх ардах» хоһоонунан үлэ

Саргы Федорова, Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ. Тулалыыр эйгэттэн, бар дьонтон эн кэрэни эрэ көрдөө

Дмитрий Заболоцкай, Дьокуускай куорат 14-с нүөмэрдээх орто оскуолатын 8 «а» кылааhын үөрэнээччитэ. Турабын халлааны одуулуу…

Уобарастаан этии маастара

Мария Босикова, ХИФУ ФЛФ устудьуона, В.И. Босиков сиэнэ. Поэт уонна учуутал – Баһылай Босяк

Отрывок из книги

Киһи олоҕун оҕото салгыыр. Орто дойду олоҕо түүннээх күн солбуйсарыныы, киһиттэн оҕотугар, оҕотуттан сиэнигэр көһөн, олох быстыбат ситимэ түҥ былыргы үйэттэн бу күҥҥэ диэри тиийэн кэлэн, киһи аймах сир үрдүгэр олордоҕо.

Былыр Саха сиригэр Дүпсүн улууһа, Тэбиик нэһилиэгэ тэриллиэҕиттэн Буоһукап аймах уутуйан олохсуйбутун архыып матырыйааллара кэпсииллэр.

.....

Оскуола үрдүкү кылааһыгар Уля кыыһы таптыыр. Уля оскуолатын бүтэрээт, Бүлүү учуулуссатыгар үөрэнэ барар, Василий кинини батыһан Бүлүүлүүр. Холбоһон ыал буолаллар. Василий учуулуссаҕа лабараанныыр.

1968 с. Вася Босиков – СГУ-га саха салаатын устудьуона. Бу кэмтэн мин кинини кытта биэс сыл бииргэ үөрэммиппит. Бастакы кууруска Саха сирин үгүс оройуонуттан араас бэлэмнээх, араас өйдөөх-санаалаах, иитиллиилээх эрээри биир – учуутал буолар баҕалаах ыччаттар түмүллүбүппүт. Маҥнай утаа айаас, ыһыллаҕас соҕус этибит. Ордук Вася Босяк уонна Петя Захаров, саамай түгэххэ олорбут уолаттар, үгүһү-элбэҕи саҥараллара, лиэксийэҕэ хойутууллара, арыт пиибэлииллэрэ. Ордук Петя – хайа эрэ киин оройуон сопхуоһугар хомсомуол сэкирэтээринэн үлэлээбит буолан, истээччинэн быһа ылыллыбытынан күөн туттан, киэптиир быһыылааҕа. Кууруска табаарыһа суоҕа. Вася кинини өйөөн батыһар курдуга. Мин – ыстаарыстабын, Гоша Неймохов – хомсуор. Сүбэлэһэн баран, куурус хаһыатыгар элэктээн кириитикэлээтибит. Онтубутун бакылтыат хомсомуолун кэмитиэтигэр «состулар». Аны төттөрү бэйэбит «көмүскээччи» буоллубут. Сэкирэтээр уолу кытта этистибит: «Кириитикэни тууйаҕыт, ити иһин биир да кириитикэ хаһыакка суох эбит», – диэтибит. Вася көннөрүммүтэ, Петя бастакы сэмиэстиртэн кэтэхтэн үөрэххэ көһөн баран кэлин уһуллубута.

.....

Добавление нового отзыва

Комментарий Поле, отмеченное звёздочкой  — обязательно к заполнению

Отзывы и комментарии читателей

Нет рецензий. Будьте первым, кто напишет рецензию на книгу Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым
Подняться наверх