Читать книгу Эр хоһуун буол - Группа авторов - Страница 1
ХАРЫСХАЛ ХОҺООННОР
(Айымньылартан быһа тардыылар)
ОглавлениеӨксөкүлээх Өлөксөй
Оттоку олук алгыһа
………………………….
Абааһы санаалаахха,
Түҥнэри өйдөөххө,
Үөдэн сүрэхтээххэ
Хатан харахтан,
Хабараан майгылан,
Сытыы-кылыс тыллан!
Бардамы бахтат,
Дохсуну тохтот,
Көлдьүнү күөй!
Арыы үрдүгэр
Аараҕы дагдатыма,
Үчүгэй үрдүгэр
Мөкүнү көбүтүмэ,
Кырдьык үрдүгэр
Сымыйаны ытыарыма! (…)
Иван Арбита
Моһуоктан, эрэйтэн
Мунааран, чаҕыйан,
Кыайтарар күүскүттэн
Куттанан чугуйан —
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!
Хабараан суоллартан
Хааннаргын хамсатан,
Өстөөҕүҥ атаҕар
Таҥнары хаптайан —
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!..
Сергей Васильев-Борогонскай
Кылбаҥнаа эрэ, кылыһым
Өрө ууннахпына, —
Үрдүк маҥан халлаан
Өҥүн курдук
Өлбөөдүйэн көстөр
Өргөһүм оҕотоо!
Сытыары туттахпына, —
Сырал маҥан халлаан
Сырдыгын курдук
Сыдьаайан көстөр
Сытыы кылыһым!
Иһит эрэ
Иччиҥ барахсан,
Иһиттэн долгуйан,
Этэр эгэлгэтин!
…………………..
Чэй эрэ, сэгэрим,
Чэй эрэ, кылыһым!
Уол оҕо буоламмын
Олох-дьаһах туһугар
Уруй-туску былдьаһан —
Халыҥ тириини
Хайытыһар,
Хатан уҥуоҕу
Тоһутуһар,
Күрсүүлээх күчүмэҕэй күнүм
Күөйэн-тиийэн кэллэ,
Күндү көмүс доҕоччугуом,
Күөх биилээх кылыһыам!
Чэй эрэ,
Үтүө үйэбит көмүскэлигэр,
Үөскүүр ыччаппыт туһугар
Кыырай маҥан халлаан
Кырыытын аннынан
Кылбааран таҕыс эрэ!
……………………………….
Тойон сүрэҕим саҕа
Чопчу таас бурууспунан
Чочулуу-чочулуу,
Хара быарым саҕа
Хатан тимирбинэн
Хататтыы-хататтыы,
Аныардаах-дьаныардаах
Арҕаа халлаан диэки
Өргөскүнэн утары
Өрө уунан тураммын,
Ийэбэр-аҕабар эппэтэх
Элэ-была тылбынан
Аймах дьонум аатыттан
Алҕаатаҕым буоллун.
……………………….
Өрөөбүт сиргиттэн
Үс мас үүт бүтэйи
Үрдүнэн охсуллар
Үкэр от үүнүөхтүн!
Ааспыт суолгунан
Ат сылгыны
Арҕаһынан охсуллар
Ача от анньылыннын!
Ыраастаан барбыт
Ыллыгыҥ устун
Ыра-төлкө сэлэлээтин,
Ырыа-тойук батыстын!..
Ол курдук,
Оҕолоотор оҕом,
Орой-буурай оонньуулаах,
Уһуктаах кылыһыам!
Саастааххын сайылаан,
Сандаҕалаах санныгар
Саргыгын көтөҕөн,
Сайылыгыҥ хочотугар
Салаллан кэлээр!
Кырдьаҕастыын,
Эдэрдиин,
Кыргыттардыын,
Уолаттардыын
Өргөһүҥ үрдүттэн
Өһөххүн сотуохпут,
Кылааннаах биигиттэн
Кыа хааҥҥын сууйуохпут.
Айхаллыы-айхаллыы,
Алдаммыт көмүһүнэн
Албан ааккын суруйуохпут,
Сэлэлии-сэлэлии,
Сир ийэ уорҕатын
Сиэдэрэй сибэккитинэн
Симэх баайыахпыт!
Чэй эрэ,
Эйигинэн дапсыырданан,
Ийэ дугуй буор дойдуну
Сиксигинэн эргичийэн,
Сир ийэ сирэйиттэн
Сидьиҥнэри сиппийиэхпин,
Кыырай маҥан халлаан
Кырсынан күөрэҥнээн,
Кылбаҥнаа эрэ, кылыһыам,
Кылааннаах доҕоччугуом!
Далан
Илбис иҥэрии
(«Тыгын Дархан» романтан)
Буор булаҕай санаа сананылынна!
Дьаҥхалаах түһүлгэ тардылынна!
Алдьархайдаах аартык аһылынна!
Киҥкиниир киэҥ халлаан
Кэтит иэнинэн
Кэй табык охсулунна!
Иирээн төрдө —
Иирэр илбис кыыһа,
Тиил тилинньэх,
Лабаа тохтулҕан,
Торҕо түүрэй,
Куо-кустуктай обургу,