Илэ барбыттар

Илэ барбыттар
Автор книги: id книги: 2878632     Оценка: 0.0     Голосов: 0     Отзывы, комментарии: 0 200 руб.     (1,83$) Читать книгу Купить и скачать книгу Купить бумажную книгу Электронная книга Жанр: Правообладатель и/или издательство: Айар Дата добавления в каталог КнигаЛит: ISBN: 978-5-7696-6652-0 Скачать фрагмент в формате   fb2   fb2.zip Возрастное ограничение: 0+ Оглавление Отрывок из книги

Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.

Описание книги

Хараҥа хостон ыҥырар сибиэн сипсиэрэ, амырыын сыттаах күлүк киһи, өлүү аргыстаах хара бэкир… Кинигэҕэ киирбит түбэлтэлэр – илэ барбыттары көрбүт дьон кэпсээннэрэ – киһи куйахатын күүрдэллэр, этин сааһын арыйаллар. Эта книга заставит почувствовать пробирающий до костей страх, который испытали герои рассказов при встрече с неизведанными существами. Призраки со склизкой холодной плотью, голос из ниоткуда, тени со смердящим запахом… В сборник включены истории из реальной жизни. Погрузись в параллельный мир, загляни по ту сторону смерти.

Оглавление

Группа авторов. Илэ барбыттар

ХАРА БЭКИР

ТҮҮҤҤҮ ЭР

ААННЬАЛ

АЛААС АБААҺЫТА

БИЛЛИБЭТ КҮҮС

Отрывок из книги

Соҕотох олорор дьахталларга – түүҥҥү эр, соҕотох эр дьоҥҥо дьахтар кэлэрэ былыр-былыргыттан кэпсэнэр. Билигин наука бу феномены үөрэтиинэн дьарыгырар, научнай терминэ – «инкуб».

Биир сайын, сайылыкка олорор кэммэр, түүн үөһэ уһуктан кэллим. Арай хаһан да көрбөтөх билбэт уолум дьиэм иһигэр киирдэ уонна миигин кытары кэпсэтэн барда. Мин кимин ыйытыахпын баҕарабын эрээри, аны өһүргэтиэм диэн ыйыппаппын, хайдах дьиэ иһигэр киирбитин хас да төгүллээн туоһулаһа сатыыбын да, «куттаныаҥ» диэн эппэт. Оннук ыйыт да ыйыт буолбуппун иһин быһыылаах: «Эн да, Нарыйа да арыйбата», – диэтэ. Аны кинини таарыйбыт миэстэм ибис-инчэҕэй буолан хаалар. Халлаан сырдыыта тахсан барда, кэнниттэн ааммын хатаары турбутум – хатааһыннаах, дьиксинним эрээри, улахаҥҥа уурбакка, киирэн утуйан хааллым.

.....

Биирдэ дойдубар кустуу сылдьан, киэһэ хараҥаҕа дьиэлээн иһэн, ардахха баттаттым. Өтөх балаҕаҥҥа киирэн, ардах хаһан астарын кэтэһэн олордум. Ол олорон утуктаан бардым…

Арай балаҕан эркинэ суох өттүнэн ийэм бокуонньук киирэн кэллэ. Халлаан халлан, ийэм сирэйэ ырылхайдык көһүннэ. Ытаабыт. Иһирдьэ киирэн миигин көрөн турда. «Өлөн баран эмиэ тоҕо кэллиҥ? Бар мантан», – диэтим. Онтон туох эрэ тыастан уһуктан кэллим. Халлаан сырдыа баара дуо, өссө эбии ыаһырбыт, ардах өссө күүһүрбүт. Мин «туох дьикти түүлүн көрдүм» диэн ырытан, олорбохтуу түһэн баран, ийэм туохтан эрэ сэрэттэ быһыылаах диэммин, саабын, сүгэһэрбин ылан балаҕантан тахсан, аҕыйахта хардыылааппын кытта, кэннибэр сүрдээх улахан хачыгыр-кучугур тыас тыаһаата, туох эрэ сүр күүскэ сууллан түстэ. Мин «абааһылара бу буоллаҕа» дии санаат, инним диэки түһүнэн кэбистим. Кэлин көрбүтүм, мин олорбут сирим үрдүнэн балаҕан өһүөтэ тостон, сууллан түспүт этэ. Былыргы балаҕан даҥа, омуннаатахха, миэтэрэ аҥаара баар буолуохтаах. Ол баттаабыта буоллар миигин өлөрөр этэ. Ону сэрэтэн ийэм эрэйдээх көстөөхтөөбүт эбит.

.....

Добавление нового отзыва

Комментарий Поле, отмеченное звёздочкой  — обязательно к заполнению

Отзывы и комментарии читателей

Нет рецензий. Будьте первым, кто напишет рецензию на книгу Илэ барбыттар
Подняться наверх