Биһиги Аан Дархаммыт

Биһиги Аан Дархаммыт
Автор книги: id книги: 2591023     Оценка: 0.0     Голосов: 0     Отзывы, комментарии: 0 360 руб.     (3,34$) Читать книгу Купить и скачать книгу Купить бумажную книгу Электронная книга Жанр: Правообладатель и/или издательство: Бичик Дата публикации, год издания: 2007 Дата добавления в каталог КнигаЛит: ISBN: 978-5-7696-3554-0 Скачать фрагмент в формате   fb2   fb2.zip Возрастное ограничение: 16+ Оглавление Отрывок из книги

Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.

Описание книги

Айымньы Саха Республикатын бастакы президенин оҕо уонна оскуолатааҕы сааһын, студенныыр кэмин, республиканы салайбыт сылларын уонна билиҥҥи кэмнээҕи үлэтин-хамнаһын докумуоннарга, кини бэйэтин этиилэригэр, кинигэлэригэр, дьон кэпсээннэригэр, ахтыыларыгар олоҕуран ырытан көрүү быһыытынан сурулунна. Ону таһынан Михаил Николаев президеннээбит ааспыт үйэ тиһэх уон сылларыгар барбыт күүрээннээх реформаларга даҕатан бүгүҥҥү олохпутугар тахса турар тыҥааһыннаах уларыйыылар тула барар мөккүөр, уустук быһыы-майгы көрдөрүллэр. Саха Республиката тэриллибитэ 90 сылын уонна М.Е. Николаев 75 сааһын көрсө тахсар.

Оглавление

Группа авторов. Биһиги Аан Дархаммыт

Билиҥҥи кэм бэлиэ айымньыта

Биһиги аан дархаммыт

Пролог

Бастакы түһүмэх. Хотуттан хотоҕой анньынан

Эдьигээн. Оҕо саас өйдөбүллэрэ

Эдэр учуутал

Оскуола

Ойуунускайы тоҕо билбэппитий?

Эргитэ санаатахха

Ыалдьыттар

Үөлээннээхтэр

Истиҥ Таптал. Ыал буолуу

Дора Никитична

Иккис түһүмэх. Өрө көрүү

Хорсун хардыылар

Үрдүк трибунаттан

ССРС тиҺэх салалтата

ГКЧП

Өрө көтөҕүллүү кэмэ

Быйыттаахха

Саҥа ирдэбил

Үһүс түһүмэх. Олох кырдьыга

Быыбар

Бологуурап ахтыыта

Тыҥааһыннаах кэм мүччүрүйбэт ирдэбилэ

Дьылҕабытын бэйэбит сарбынныбыт

Мөккүөр

Бултуу сылдьан…

Тыҥааһын

Дьиксиниилээх быҺыы-майгы

Сомоҕолоһуу – норуот эрэлэ

Айылҕаны туруулаһыы

Төрдүс түһүмэх. Үрдүк таһымҥа, Аан дойду эйгэтигэр

Кэлэр кэскили түстээҺин

«Өлүөнэ кыраайа» – инновация киинэ

саахымат бастакы конгреһа

Саҥаны тобулуу

Хотугу эргимтэ тула кэпсэтии

Илиҥҥи эргимтэ

Дьылҕа ыйааҕа

РФ Федеральнай мунньаҕын Федерациятын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы М.Е.Николаев үлэтин-хамнаһын туһунан санаалар

Норуотум кырдьыгар, кыаҕар уонна былааска эрэнэбин

Сайдыы саҤа суолун тобулуу. норуоппут кыаҔын иҺинэн

Өйбүт-санаабыт чэбдигириитэ – кэскилбит төрдө

Суруйааччы, уопсастыба олоҕо уонна тыа сирэ[1]

Омук дьылҕата

Торум санаа тосхоллоро

СР Бастакы президенэ М. Е. Николаевы кытта бииргэ Үлэлээбит, араас кэмҤэ алтыспыт дьонтон ааптар хомуйбут ахтыылара

Искренне горжусь

Михаил Николаев ыра санаата

Возродить веру и духовность народов всей России

истинный ЛИДЕР

Эрэнэр этэ

ИҺирэх тылбын аныыбын

ТОҤ БУОРУ ТОБУЛАР КЫАХТААХ ПОЛИТИК

БАСТАКЫ ХАРАҤАЧЧЫ КЭРИЭТЭ

КӨҤҮЛ ТЫЫНА

Отрывок из книги

Айгыр-силик айылҕа эгэлгэлээх эйгэтин тыынар тыыннааҕын биһигэ атааннаах-мөҥүөннээх Орто Аан Ийэ Дойду айылгылаах далбара Күн Сирэ аатыран айыллыбыта, наукаҕа биллэринэн, биэс миллиард кэриҥэ сылга тэҥнэһэр. Бу үлүгэрдээх санаан көрөн санаа тиийбэт быралҕан мындаа кэм усталаах-туоратыгар Сир Ийэ тас көрүҥэ, быһыыта-таһаата хайдах уларыйан, дьүһүн кубулуйан бүгү күннээххэ тиийэн кэлбитин, күннээҕи олох кыһалҕатын үтүргэннээх түбүктэригэр үтүрүйтэрэн, өйгө-санааҕа иҥэр гына ырыҥалыы сатаабыт түгэммит үксүбүтүгэр тиксибэтэҕэ чахчы.

Кэмниэ-кэнэҕэс, хомнуо-хойут, Сир Ийэ сириэдийэ ситэн эмэнсийэ барыыта, баара-суоҕа биэс сүүс мөлүйүөн сыл (Сир сааһынан) бэтэрээ өттүттэн эрэ, булкааннар дьайыыларынан чычаас муоралар сылаас олбохторугар тыллыбыт тыыннаах килиэккэлэр судургу көрүҥнэриттэн сиик-симэһин тардан хамныыр харамай, тыынар тыыннаах салахай сыдьааннара үөскээн барбыттара биллэр. Сыраан-салыҥ курдук салахайдыҥы тыыннаах килиэккэлэр муҥутуур судургу көрүҥнэрэ сыыйа сайдан, уустугуран бастаан уу олохтоохторо – балык бииһин эгэлгэ көрүҥэ баар буолар. Онтон салгыы сайдыы үгүс сүүс мөлүйүөнүнэн сылларын кэнниттэн, көтөр кынаттаах, араас кыыл-сүөл, үөн-көйүүр бииһэ дэлэччи үөскээбитин эрэ кэннэ, иэгэйэр икки атахтаах, идьээн эттээх бороҥ урааҥхай Сир үрдүгэр баар буолбут бэлиэтэ муҥутаан икки-үс эрэ мөлүйүөн сылынан быһаарыллар. Кыыллыы бодолоох икки атах бииһэ баар буолбут кэмин үс сүүс гыммыт биириттэн ураты кэмигэр бүүс-бүтүннүү кэриэтэ дьиикэй аҥаардаах таас үйэ киһитин өйүн-санаатын тутан сылдьыбыта, билиҥҥи сыанабылынан, олохпут историятын биир сөҕүмэр чахчыта буолар. Сыччах кэлиҥҥи уон тыһыынча сылтан эрэ бэттэх аныгы киһи киэбинэн үүнэр-сайдар суола саҕаламмыта.

.....

– Этимэ даҕаныы, сүрдээҕин кэҥээбит. Урут бу иккилии этээстээх уопсайдар суохтараа, билигин сыалай кваарталлар баар буолбуттар, сайдан истэҕэ дии. Күн-дьыл даҕаны ааһара түргээн.

– Дьоно-сэргэтэ даҕаны уларыйдаҕа. Доҕоор, бу санаан көрдөххө, былыр да, кэнники даҕаны улахан дьон төрөөбүт-үөскээбит дойдулара эбит ээ бу Эдьигээн, – Бологуурап, кэтэх тардыста сытан, туох эрэ ырааҕы саныырдыы, дьиэ үрдүн одуулаһар. – Шемяков Николай Васильевич – ССРС Верховнай Сэбиэтин икки төгүллээх депутата, Кычкин Иннокентий Гаврильевич – аатырбыт учуутал, президент Николаев, Роман, Гаврил Дмитриевтэр, Хомус Уйбаан…

.....

Добавление нового отзыва

Комментарий Поле, отмеченное звёздочкой  — обязательно к заполнению

Отзывы и комментарии читателей

Нет рецензий. Будьте первым, кто напишет рецензию на книгу Биһиги Аан Дархаммыт
Подняться наверх