Читать книгу Кырыыстаах таас - - Страница 1
Аан тыл
ОглавлениеСахабыт сирин киэҥ нэлэмэн киэлитигэр биһигиттэн, аҕыйах ахсааннаах олохтоох омуктартан, ураты төһөлөөх элбэх араас омук дьоно кэлэн үлэлээн-хамсаан, олох олорон, сири-дойдуну чинчийэн-үөрэтэн, баайын-дуолун туһаҕа таһааран, урукку Сэбиэскэй Союһу, Арассыыйа Эбэ Хотуну барҕаппыттара, байыппыттара буолуой? Бу өттүнэн ыллахха, күүстээх хамсааһын Алдан кыһыл көмүһэ аһыллыаҕыттан – ааспыт үйэ сүүрбэһис сылларыттан ыла саҕаламмыта. Оччотооҕу «Алданзолото» трест кылаабынай геологынан үлэлээбит эдэр геолог Юрий Александрович Билибин эрчимнээх туруорсуутунан, 1928 сыллаахха маҥнайгы Халыматааҕы экспедиция тэриллибитэ. Бу экспедиция балтараа сыллаах үлэтин түмүгүнэн, аҕыйах сылынан «Дальстрой» трест олохтоммута. Мантан ыла Саха сиригэр көмүс промышленноһа күүскэ сайдыбыта.
Дойдубут бу кэминээҕи историята, оччотооҕу далааһыннаах үлэ-хамнас, ГУЛАГ тэриллиитэ, түҥ тайҕа кистэлэҥин курдук, баччааҥҥа диэри тыытыллыбакка, арыллыбакка сытар. Бу үрүҥ да, хара да өрүттээх үс көлүөнэ дьон олоҕун устата салҕанан барбыт кэм – бүтүн эпоха – биһиги республикабыт ааспыт үйэтээҕи историятыгар биир саамай улахан миэстэни ылар. Онон бу салаа хайа эрэ өттүнэн сырдатыллыбакка хаалара дойдубут ааспыт кэминээҕи олоҕун үөрэтии итэҕэһин быһыытынан билиниллиэхтээх.
1982 сыллаахха тахсыбыт «Кырыыстаах таас» сэһэн история бу кистэлэҥин сэгэтэн көрүү эрэ быһыытынан суруллубута. Сэһэн тахсыбыта үйэ чиэппэрэ ааспытын кэннэ, бу темаҕа иккистээн эргиллэн, кыах тиийэринэн, доруобуйа төһө көҥүллүүрүнэн салгыы үлэлэһэн көрүөх санаа күөрэйдэ. Олохтоохтору өрө көтөхпөтөх көмүс промышленноһын сайыннарыынан сибээстээн, бүтүн Илин Сибиир киэҥ иэнин тухары төһөлөөх элбэх киһи дьылҕата түстэммитин, төһөлөөх дьон уҥуоҕа урусхалламмытын ситэри ыатарар кыах кимиэхэ да бэриллибэт. Ону арыйарга хас да уонунан кинигэ – эпопея суруллуон наада. Ол биир киһи кылгас үйэтигэр кыаллыбат. Онон урукку сэһэммин ромаҥҥа кубулутан, Халыма көмүһүн былааннаахтык чинчийэн арыйбыт уһулуччулаах учуонай Ю.А.Билибин уонна кини соратнига, Магадан куораты төрүттээбит В.А.Цареградскай маҥнайгы экспедицияларын туһунан саҕалааһыны ааҕааччылар болҕомтолоругар таһаарарга холоннум.
Революция иннинэ да, сэбиэскэй да кэмҥэ, күн бүгүн даҕаны кыһыл көмүс ыар тыынын сабыдыала биһиэхэ, олохтоох омуктарга, үтүөнү оҥорбутунааҕар араас содулу аҕалбыта улахан. Онон «Кырыыстаах таас» диэн аат хайа да кэмҥэ суолтата сүппэт.
Ааптар
1.
Сиридикээн үрэҕэ икки иэдэс хайатын таас чанчыктарыттан хардарыта тэбинэн, Халыма эбэ хотуҥҥа халдьыгыраччы сүүрдэр. Кыараҕас ыллык суол үрэх тоҕойдорун таас харгыларынан быһыта охсор.
Лөкөй Лөгөнтөй көхсүн иһигэр киҥинэйэн ыллыы иһэн, устунан нухарыйыах курдук буолан барда. Төбөтүн төҥкөччү түһэрэн, икки өттүнэн биллэрдик иҥнэҥнээн ылла.
Эмискэ ата тохтуу биэрдэ. Киһи төбөтүн оройунан баран иһэн, арыычча өрүһүннэ. Соһуйбута бэрдиттэн суолун-ииһин өйдөөн көрүммэтэ. Кыбдьыгырыы түһээт, атын холурдук быһа тиҥилэхтээбитигэр, ата кэннинэн чинэриҥнээтэ. Онтон эмискэ иннин диэки дьүккүйбүтүгэр туох эрэ быһа ыстанар тыаһа иһилиннэ. Лөкөй туох эрэ бөрүкүтэ суох быһыы тахсыбытын сэрэйэн, эргиллэн көрдө. Таҥхаҕар муостаах хара маҥаас ынах сөбүлээбэтэхтии үөстээҕинэн таҥнары көрөн кэбиһээт, баһын быһа илгиһиннэ уонна сырааннаах муннун «пуус» гына тыаһатта.
– Балай Маҥаас, бэрт сүөһү, бу түүн сиргэ хоннороруҥ буолуо. Бүгүн күннээххэ бэркэ миигин эрэйдээтиҥ, – Лөкөй өс саҕа буолан, атыттан адаарыйан түһэн, ынаҕын быстыбыт быатыттан сиэтэн аҕалан, атын кутуругар холбоммут быата быстыбытын сүөрэн, икки төбөтүн ыйылыннары тардан, салҕаан кэбистэ. Онтон ынах сүүһүгэр кириэстии тардыллыбыт томторук быатын чиҥэтэн аччарыһа турдаҕына, ата уулаары олом ортотугар киирдэ. Иччитэ атын буойан көрдө да – туһалаабата. Төһө да кыйаханнар тэҥнэһиэ дуо, ууну кэһэригэр тиийдэ. Чөм-чөм үктэнитэлээн киирэн, атын тэһиинин ылаары төҥкөйдө. Ып-ыраас уу түгэҕэ курдаттыы дьэрэлийэн сытар. Араас өҥнөөх таас бытархайдарын быыһыгар ытыс саҕа дьикти таас күн чаҕылыгар уоттуҥу кыһыл өҥүнэн толбоннуран көһүннэ. Лөкөй ону улахаҥҥа уурбата. Уһун үйэтигэр бу дойду таас үрэхтэригэр, хайаларын сирэйдэригэр итиннээҕэр буолуох араас дьэрэкээн ойуулаах, ыраас сырдык өҥнөрдөөх, оннооҕор муус курдук дьэҥкир таастары көрдө ини, көрбөтө ини. Ол да буоллар, тэһиинин атын атаҕыттан араара таарыйа били тааһы харбаан ылбыта, тааһа ыбыс-ыарахан эбит.
– Ар-дьаалы, эчи, сибиниэскэ дылы буолан, тоҕо ыараханай? – Лөкөй сөхпүччэ саҥа аллайда. Кыракый таас маннык ыарахан буоларын урут билэ илигэ. Онуоха эбии толбоннуран көстөр кыһыллыҥы өҥнөөҕө ордук муодарҕатта. Ылыан дуу, ылымыан дуу саарыы турдаҕына, этэрбэһин сиигинэн атаҕар тымныы уу билиннэ. Онуоха эрэ үрэх ортотугар турарын дьэ өйдөөтө. Атын сиэппитинэн бокуойа суох уҥуоргу кытыыны былдьаста. Туруору соҕус эмпэрэ сыыры өрө дабайан, хагдарыйбыт кырыстаах кураанах сиргэ тохтоото. Илиитэ иллэҥэ суоҕун ити икки ардыгар умунна. Наҕылыйан чэпчэтиниэн санаан иһэн, тутуурдааҕын өйдөөн сиргэ силлээтэ. Ханна ууруон саараабыттыы ол-бу диэки көрүтэлээтэ. Эмискэ хараҕа ыҥыырыгар хапсыччы быраҕыллыбыт бэрэмэдэйигэр хатанна. Соччолоох быһааран өйдөөбөккө, тааһын бэрэмэдэй аһаҕас муннугунан иһирдьэ түһэрэн кэбистэ.
Лөкөй сурулларынан, Омуоһап Лөгөнтөй, Буйуҥда өрүскэ олохсуйбута уонтан тахса сыл буолла. Бу иҥнэҥнээн хаамар үрдүк уҥуохтаах, кытархай хааннаах, кимистигэс сүүһүн аннынан сабыччы көрбүт, кэтит нүксүгүр көҕүстээх, бэйэтин лаппа кыанар күүстээх-уохтаах аҕамсыйа баран эрэр киһи. Сайын аайы икки чороччу улаатан эрэр уолаттарын батыһыннара сылдьан, оту хото оттуур буолан, биэс-алта сүөһүнү сыл таһаарынар. Быһаас Сэйимчээҥҥэ олохтоох Сиидэр кинээс Дьокуускай улахан атыыһыта Кушнарев бирикээсчитиниин Уолаҕа айаннаан иһэн, Буйуҥданан кэлэн ааспыттаах. Онно Лөкөйгө биир улахан сүөһүнү уостатыах буолан, күһүн ону эрдэ кэлэн ыларыгар мас-таас курдук этэн барбыта. Ол ынаҕы бу холбонон истэҕэ.
* * *
Буйуҥда өрүс көнө хонуулаах киэҥ хочотун биир хонноҕор хойуу мастаах сиргэ буор сыбахтаах кыра балаҕан турар. Тэлгэһэҕэ оонньуу сылдьар икки уол аҕалара ынах холбонуулаах иһэрин көрөн, утары сырсан бөтөрөҥнөһөн кэллилэр.
– Туох ааттаахха өрө мэҥиһэн кэллигит, сэрэниҥ ынаҕы үргүттүгүт! – Лөкөй оҕолорун таптаабыт хараҕынан үөрэ көрдөр даҕаны, суоһурҕаммыта буолла.
– Аҕаа, бу ынаҕы биһиэхэ биэрдилэр дуо? Па-хыый, муоһа тоҕо токурай? – диэн кыра уол, сирбит санаатын биллэрэн, чаҕаарыйа түстэ.
– Ээ, акаары, хайа билигин үүтүн истэххинэ сириэҥ суоҕа. Хата, бар, ийэҕин ыҥыр, кэлэн бу сүөһүнү далга киллэрэн баайдын, күрээн хаалыаҕа. Онтон эн, улахан бэдик, аты сыгынньахтаа, – аҕалара далын ааныгар атын тохтотон, тэһиинин уолугар биэрдэ. Бэйэтэ бэрэмэдэйин санныгар иилинэ быраҕан, көһүйэн хаалбыт атаҕын нэһиилэ сыҕарытан, дьиэтин диэки хааман алтахтаата.
Сотору кэргэнэ Алааппыйа киирэн кэллэ. Киһитэ сылайан сынньана сытарын аһыммыт хараҕынан имэрийэ көрүтэлээтэ.
– Хайа, Лөгөнтөөй, кытарах ынаҕы биэрбиттэр дуу, син сириннээх эбит ээ, ыаппахтыыһы.
– Тиҥэһэ оҕуһу биэрээри тииспитин көрдөһөн, ити ынаҕы ыллым. Ол оҕус айаҕар оппут да тиийэрэ биллибэт. Хайа уонна ити ыччаттар үссэнэллэригэр эбии буолуох этэ буоллаҕа дии.
– Сөпкө санаммыккын. Бэйэбит икки ынахпыт уолан эрэллэр. Ити сүөһүтүн уоһугар тугу биэриэх курдугуй?
– Биэс арсыын даба сыыһын уонна кыра чэй, табах биэрдэ. Ону бэрэмэдэйгэ укпутум.
Алааппыйа хап-сабар бэрэмэдэйи хаһыспытынан барда. Оҕонньорун кэһиитин биир-биир оротолоон сыллаан, имэрийэн көрө-көрө, сэрэнэн остуолга уурталаата. Онтон тааһы булан соһуйан саҥа аллайда.
– Пахай, бу эмиэ туохпут тааһын ыҥырдан кэллиҥ? Баҕайы, эчи, ыараханын!
– Ээ, ити аара үрэхтэн булбутум. Оҕолор оонньуохтара.
– Аата оҕолоор, оттон итиннээҕэр буолуох арааһынай таастары чабычах муҥунан илдьэ сылдьаллар дии. Ол үрэх, хайа тааһа баранан, эн даҕаны харамнаһан түһэҥҥин.
– Дьэ, тылгын ыстаама, – Лөкөй атын тугу да диирэ суох буолан, суоһурҕанан кэбистэ. Таһырдьаттан уолаттар өрүкүнэһэн киирэн остуолга ууруллубут табаардары омуннаахтык үөрэ көрдүлэр. Онтон били тааһы хаба тардан ыллылар. Былдьаһа-былдьаһа, сөҕүү бөҕө буолла.
– Айыккабын, тоҕо ыараханай?!
– Ноо, кылабачыйар дии!
– Ээ… э, мин төгүрүк таастарым ордуктар!
– Хата, бэрбээкэй быраҕар оҥостуохпут… – оҕолор көрөн-истэн, сирэ-тала оҕустулар.
– Күүгүнэһимэҥ. Барыҥ, таһырдьа тахсан оонньооҥ, – диэн ийэлэрэ остуолун хомуйа туран, уолаттарын үүртэлээтэ. Оҕолор таастарын туппутунан таһырдьа элэс гынан хааллылар…
2
Аан тэлэччи аһыллаат, сабылларын кытта, туман быыһыттан кырыарбыт быыһык саҕынньахтаах, куобах бэргэһэлээх эдэр киһи чэпчэкитик дэгэйбэхтээн, дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстэ. Остуолга утарыта хабылыктаан мөккүһэ турбут уолаттар утары сырсан кэллилэр.
– Оо… Миитэрэй! Миитэрэй кэллэ! Иэхэйбиин! Кэпсээн истиэхпит.
– Тохтооҥ эрэ, киһини сыгынньахтатыҥ, – Лөкөй сыарҕа ылаҕа буолуо диэн сонос тоҥ талаҕы суора олорон, киирбит ыалдьыты уолаттарыттан итэҕэһэ суох сэҥээрэ көрдө. Туран, маһын ардьаах үрдүгэр туора уурда. Оһоҕор мас эбии уган күөдьүтэн биэрдэ.
– Хайа, Миитэрэй, тугу биллиҥ?
– Суох, эһиги кэпсээҥҥит.
– Суох.
– Төһө бэркэ олордугут?
– Кэммитинэн олоробут…
Миитэрэй, орто курбуу уҥуохтаах, сырдык хааннаах, сүүрбэтиттэн эрэ тахсыбыт эдэр киһи, Сиидэр кинээскэ сылгыһыт уолунан сылдьар. Ыалдьыт сыгынньахтана охсон, тоҥмут быһыынан оһоххо сыралынна.
– Ыччыы, ычча! Халлааммыт бытарытан түһэн тоҕо тымныытай? Аара эһиги курдук ыаллар суоххут буоллар, тоҥон өлүө эбиппин.
– Бачча халлаан тымтан турдаҕына, ыҥыыр акка тымныы бөҕө буолаахтаатаҕа дии. Бу хантан иһэҕин?
– Эһиги эргин сылдьыбыт Улахан Элэмэс үөрүн көрдүм. Аллараа Быйыттаах төрдүн диэки салаллыбыт. Бөрөлөр тыыттахтара буолуо диэбитим, хата, этэҥҥэлэр эбит.
– Бу күһүн Хоболоох төрдүгэр турара. Өйдөөх сылгы. Хаара халыҥыыр кэмигэр Киэҥ Хочо диэки тиийээччи. Кэм тиэргэнин чугаһа буоллаҕа дии, – Лөкөй иистэнэ олорор Алааппыйаҕа эргилиннэ.
– Ыл эрэ, бу дьахтар, чэйгин кут. Тоҥон кэлбит киһи итиитэ киллэрдин.
– Мааҕыын сарсыарда нууччаларга сылдьан аһаатым. Дьэ, минньигэс астаах дьону көрдүм. Барбах курупчаакы лэппиэскэтинэн эмсэхтэнэллэр эбит. Бу атаспар Уйбааскыга кэһиибин аҕаллым, – Миитэрэй остуолга олорон сиэбиттэн үрүҥ бурдук лэппиэскэтин куһуогун кыра уолга уунна.
– Иэхэйбиин! – диэт, Уйбааскы кэһиини эһэ охсон ылла. Миитэрэй диэки үөрбүт харахтарынан махтаммыттыы көрүтэлээтэ. Убайыгар көөчүктээн кыһытта.
– Сыччыай, ыл убайгар кыратык бэрис, амсайдын, – Алааппыйа дьэс алтан чаанньыктан чэй кутуталаан биэрэ олордо.
– Ол хайа бэйэлээх нууччалара хантан кэлбиттэрэй?
– Дьокуускайтан кэлбиттэр, иккиэлэр.
– Но, ол туох идэлээх, тугу көрдүү кэлбит дьонуй? – Лөкөй сэҥээрэн хонос гына түстэ.
– Бу күһүн Дьокуускай улахан атыыһыта Кусунарыап бирикээсчигин кытта ындыы көтөҕөн кэлбиттэр. Сэйимчээн утары эбэ бэтэрээ эҥэригэр атыыһыт түүлээх тутар дьиэтэ баара дии…
– Ээ, оттон баар, сүүнэ дьиэ.
– Онно кыстаан олороллор. Тойонноро Ыспаак Алын Халымаҕа түүлээх хомуйа барбыт, онон билигин иккиэлэр эрэ. Аны саас түүлээх туттара Уолаҕа киирэллэр үһү.
– Дьэ, төһө табаары аҕалан эргиннилэр буолла? Хата, аҕыйах тииҥнээхпин эйигинэн ыытан чэйгэ, табахха эргитииһибит, – Лөкөй ыйытардыы дьахтарын диэки көрдө.
Алааппыйа сөбүлэһэн кэҕис гынна, Миитэрэйтэн элэктээбит куолаһынан ыйытта:
– Ол нууччалары кытта, хата, эн хайдах сатаан кэпсэтэҕин? Сорох өлөрөбүт да диэтэхтэринэ өйдөөбөт ини.
– Ээ, доҕоор, ол дьонуҥ олох уу сахалар эбит. Ол иһин ыалдьыттыыр, айгыстар буоллаҕым дии. Ханна эрэ соҕуруу дойдулаахтар үһү. Бодойбоҕо көмүс үлэтигэр сылдьыбыттар. Манна эмиэ кыһыл көмүс көрдүүр санаалаахтар эбит. Миигиттэн ыйыталаһаллар.
– Бээрэ, ол биһиги дойдубутугар көмүс көстүбүт үһү дуо?
– Суох буоллаҕа дии. Бара сатаан санааларын этээхтииллэр быһыылаах.
– Ээ, оннук буолаахтаамына. Бу үлүгэр тыйыс дойдуга туох көмүһэ үөскүө буоллаҕай? – Лөкөй санаатыгар кыһыл көмүс сылаас, баай айылҕалаах соҕуруу омук дойдуларыгар эрэ баар буолуон сөп курдуга.
– Миитэрээй, кыһыл көмүс хайдах буоларый? – улахан дьон кэпсэтиилэрин сэҥээрэн истэ олорбут Уйбааскы тулуйумуна чап гыннарда.
– Билбэтим, доҕоччуок, көрбүт суох. Сэрэйдэххэ, күн курдук чаҕылыҥнас, сиэдэрэй ини, – Миитэрэй мунаарбыттыы наҕыллык хардарда.
– Оттон ити аҕам аҕалбыт тааһа кылбачыгас уонна сүрдээх ыарахан этэ ээ.
– Ханнык таас? – Миитэрэй сэргэҕэлиэх курдук буолбутун, Алааппыйа саба саҥаран кэбистэ.
– Бу уол даҕаны чаҥкынаан түһэн. Эмиэ били бэйэлээхтэрин ыатаран эрэр дии. Үс кыһыны быһа мэһэй-таһай буолан сордообута оттон…
– Арба даҕаны онтукабыт ханна баарый? Тоҕо эрэ көрбөтөҕүм өр буолла ээ, – Лөкөй дьонун уорбалаабыттыы кэриччи көрүтэлээтэ. Уһун дьиппиэр көрүүнү улахан уол тулуйбата.
– Ийэм билэр, – диэтэ.
– Көр эрэ, бу сараһын миигин уган биэрдэ дии. Дьэ, бэйикэй, кэпсэтиэхпит, – Алааппыйа уолугар кыыһырбыта буолла, онтон салгыбыттыы эригэр хатылла түстэ.
– Эн даҕаны оҕоҕо дылы солуута суох ол-бу бөҕү мунньаахтааҥҥын, ол малыҥ мэлийбитэ. Туой киһи сылдьар сиригэр тэскэйэн сытар буоллаҕа. Хаста даҕаны хараҥаҕа атахпын быһа тэбэн, ыксаан күрдьүккэ таһааран бырахпытым. Аһыйдаргын тахсан көрдөө ээ.
Лөкөй тугу да саҥарбата. Мүчүҥнээн эрэ кэбистэ.
3
Саас. Хаар ууллан, сир-дойду уунан килэйдэ. Кус-хаас үгэннээн кэлэн турар кэмэ. Лөкөй Лөгөнтөй туукка саатын сүгэн, хас даҕаны бөдөҥ кустаах дьиэтигэр кэллэ. Тэлгэһэҕэ кураанах сири булан балачча сытыйбыт ынах этэрбэһин быһаҕынан кыһыйа турда. Хаҥас ойоҕоһунан, чалбах саҕатыгар, бадарааҥҥа туох эрэ араҕастыҥы сырдык хараҕар көстөн ааһарга дылы буолла. «Чалбах хараҕа чаҕылыйар ини» дии санаата. Төҥкөҥнүүрүгэр санныттан саата сулбуруйан түстэ. Ону өрө садьыйабын диэн, биир куһун сиргэ мүччү тутта. Уоһун иһигэр үөхсэн ботугуруу-ботугуруу, булдун ылаары көрбүтэ, били, бу күһүн Сиридикээнтэн булан аҕалбыт тааһа өссө ордук ырааһырбыкка дылы буолан чаҕылыйа сытар эбит. Лөкөй ону тоҕо эрэ үөрбүт курдук көрдө. Ылан арбаҕаһын эҥээригэр сууралаан ыраастаата уонна дьиэтигэр илдьэ киирдэ. Кустарын остуолга кэккэлэччи уурталаан кэбистэ. Таҥаһын устан ыйаат, көмүлүөгэр икки-үс умуллан эрэр хардаҕас хаалбытын эргитэ тутуталаата. Уот иннигэр модороон оҥоһуулаах талах олоппос турарыгар куолутунан аргынньахтанан кэбистэ. Мутук хамсатыгар табах уурунан тардан унаарыта олорон, хайдах эрэ этэ-хаана ирэн көнньүөрбүччэ, айылҕаҕа араас да дьикти таастар бааллар ээ диэн сөҕө саныы олордо. Бу сайын от охсо сылдьан дэлби итииргээн, өрүс эмпэрэтигэр истиэнэ курдук туруору, дьураа-дьураа тус-туһунан таастарынан дьапталлыбыт хайа сирэйин анныгар чэй өрүнэн сөрүүкүү олорон, оҕо сутуругун курдук мотоҕор, араас ойуу бөҕөлөөх, адьас сибилигин хамсаан барыахтыы тыыннаах кэриэтэ тааһырбыт үөнү булан эмиэ оҕолоругар аҕалан биэрбитэ. Дьиибэтэ диэн, ол «үөнэ» киһиттэн үрдүк сиргэ хайа дьапталҕа тааһын быыһыгар кыбыллыбытын нэһиилэ арааран ылбытыгар, сыппыт сирэ ойуута ойуутунан оҥойон хаалбыта. Бу хантан кэлбит үөн дуу, туох дуу хаһааҥҥыта итиччэ үрдүккэ ыттан баран тааһыран хаалбытын Лөкөй бэйэтин хараҥа өйүнэн толкуйдуу сатаабыта да, кыайан тобулбатаҕа.
Кини күннээҕи үлэ-хамнас түбүгүттэн ортоҕуна хаһан эмэ быыстатан син ону-маны үөтэн, ырыҥалаан саныыр түбэлтэлэрдээх буолааччы. Бүгүн эмиэ көхсө ирэн, санаата манньыйан, нухарыйыах курдук буолан эрдэҕинэ, Алааппыйа уолаттарынаан хотонноруттан киирдилэр.
– Кинээһиҥ ынаҕын хаһан илдьэн биэрэҕин? Үрэх уута хаайа илигинэ илдьэн кэбиһиэх хааллаҕа.
Эмиэ сыппах быһаҕынан сулуйаары гынна диэн, Лөкөй эрдэттэн суос бэриннэ:
– Мээрилээмэ. Буруйугар эн туруоҥ суоҕа.
Киэһэлик кустарын буһаран аһаары олордохторуна, аллараттан түөрт ыҥыыр аттаах нуучча дьоно кэлэн, кыракый балаҕан иһэ туолан хаалла. Мааны таҥастаах, кугас сулардыы бытыктаах эдэр киһи, тойонноро быһыылаах, сымнаҕас куолаһынан дьиэлээхтэри кытта дорооболосто. Биир аргыһыгар, хара бытыктаах, кэтит сарыннаах улахан киһиэхэ, туһаайан тугу эрэ эппитигэр, анарааҥҥыта Лөкөй диэки көрөөт, мичээрдээн баран, уу сахалыы саҥарбытыгар дьиэлээхтэр сэргэҕэлээн чөрбөҥнөһө түстүлэр.
– Бу Охотскай атыыһытын үлэһитэ. Кини Халыма устун ындыынан сылдьыһар суолу-ииһи үөрэтэр. Биһиги сарсын бу үрэҕи өксөйүөхпүт. Бу түүн манна хонуо этибит.
– Ээ, оннук ини, оттон хонон барыҥ. Хата, эн сахалыы билэр киһи баар эбиккин дии, сонунна кэпсээ.
– Кэпсээтэххэ сонун баар бөҕө буоллаҕа дии. Дьэ, киэһэ наҕылыччы сэһэргэһиэхпит.
Итинник аҕыйах тылы бырахса түһээт, үс киһи аттарын сыгынньахтыы таҕыстылар. Тойонноро тутан киирбит тирии бүрүөһүннээх обургу хаптаҕай дьааһыгы уҥа ороҥҥо илдьэн уурда. Сонун, сэлээппэтин устан ыйаары ол-бу диэки көрүтэлээн көрдө да, иилэри булбата. Аан баҕанаҕа икки мас тоһоҕо баарыгар дьиэлээхтэр таҥастара ыйанан тураллар. Хоноһо тугу да гыныан билиминэ, дьиэлээх киһи диэки көрөөт, мичээрдээн ылла. Онтон өй ылбычча, дьааһыгын аһа баттаан, холбуу баалла сылдьар ат боккуоптуур тоһоҕону сулбу ойутан таһаарда. Үс-түөрт тоһоҕону биирдэ сыыйа тардан ылла. Дьиэлээх киһиэхэ эргиллэн туох эрэ диэтэ, тоһоҕо саайар курдук сутуругунан охсуолаан көрдөрдө. Лөкөй өйдөөтө гынан баран, өтүйэтин бэдиктэрэ ханна тиэрпиттэрин булбата. Хата, били тааһын өйдүү биэрэн, сэбэргэнэ кэтэҕиттэн ылан уунна. Ыалдьыт нуучча тааһы мүччү тута сыста. Соһуйан саҥа аллайда. Оһох чанчыгар кэлэн кыҥнайа-кыҥнайа кыҥастаста. Ытыран, ыараҥнатан да көрдө. Лөкөйгө тугу эрэ баллыгырыыр. Онтон балаҕан аанын тэлэйэн туран: «Борис-ка, Бориска!..» – диэн хаһыытаата. Үс киһи сырсан тэлэкэчиһэн киирдилэр. Тойонноро тугу эрэ омуннаахтык саҥара-саҥара, тааһы дьонугар көрдөрдө, Лөкөй диэки ыйбахтаата. Аны дьонноро соһуйан-өмүрэн турдулар. Эмискэ буолбут бу сүпсүлгэнтэн дьиэлээхтэр дьиксинэн бардылар. Оҕолор остуол уһугунааҕы кэтэҕэриин муннугу буллулар. Алааппыйа хаҥас диэки дьалты хааман биэрдэ. Аҕалара эрэ соччо уолуһуйбатахтыы модьу олоппоһугар аргынньахтаан олорбутун кубулуппата.
– Хантан буллуҥ, хаһан?.. – Бориска диэн ыҥырыллыбыт били сахалыы билэр киһи, сирэйэ-хараҕа өрүкүйбүт, килбэчигэс киэҥ харахтарын дьиэличчи көрөн, Лөкөйгө омуннаахтык ынан кэллэ.
– Бу күһүн Сиридикээнтэн.
– Ноо… ханан?
– Иккис оломтон.
– Эн билэҕин дуо, бу туох тааһын?
– Суох.
– Оксиэ, дьэ буоллаҕа. Оттон тоҕо ылбыккыный? – Бориска бэркиһээн ыйытта.
– Бээрэ, ону эһиги тоҕо туоһуластыгыт? Оттон кылабачыйарын иһин муодарҕаан ылбытым, – Лөкөй урут хаста даҕаны сэмэлэммит дьыалатыгар аны бу дьон орооһоору гыммыттарыттан кыйаханан барда.
Алааппыйа киһитин ити тааһынан сылтаан туох эрэ буруйга түбэһиннэрээри гыннылар дии санаан ыксаан, көмүскэһэн көрөргө быһаарынна.
– Ээ, ити киһийдэх акаарытыгар тэптэрэн, оҕолорун саататаары өрүс тааһа баранан, хас да көстөөх сиртэн атыгар ыҥырдан аҕалбыт мала диэн ити эрэ. Атын тугу даҕаны алдьаппатах-кээһэппэтэх сордоох этэ, – диэтэ.
«Дьахтарым эрэйдээх син сөпкө этээхтээтэ ээ», – дии санаан, Лөкөй ымах гынна. Бориска бэркиһээбитэ бэрдиттэн күлүөн дуу, сөҕүөн дуу билиминэ саҥата суох сонньуйан кэбистэ. Анарааҥҥылара киһилэрэ тугу кэпсиирин кэтэспэхтээтилэр, онтон тулуйбакка ыйыталаспытынан бардылар. Бориска кэпсээбитигэр эмиэ биир туспа сөҕүү-махтайыы буолла. Тойонноро тугу эрэ эппитигэр икки киһи таһырдьа тахсан эр-биир биирдии куулу тутан киирдилэр. Остуолга обургу ыга эриллибит хара сукунаны, икки «Дорообо» чэйи, хас да баайыы сэбирдэх табаҕы, мээрэйи умса уурбут курдук гынан баран, уһуктаах үс улахан куһуок саахары уурталаатылар. Тойонноро уолаттар кип-киэҥ харахтарынан дьиибэргээн чаҕылыһа олороллорун көрөн, күллэ уонна иккиэннэригэр биирдии ньаалбааннаах кэмпиэти туттартаан кэбистэ. Дьиэлээххэ туһаайан саҥарбытын Бориска тылбаастаан биэрдэ.
– Эһиги бу табаары барытын ылар үһүгүт, оттон кини ити эһиги тааскытын көрдүүр, – дьиэлээхтэр тугу даҕаны өйдөөмүнэ көрсөн кэбистилэр.
– Бээрэ, ол туох айылаах тааһай, ити? – эр киһи бэркэ мунааран ыйытта.
– Кыһыл көмүс.
– Эс, суох, ама, бу дойдута кыһыл көмүс үөскүө үһү дуо? – Лөкөй истибитин итэҕэйиминэ, эмискэ хамсаабытыгар, олоппоһо ыһыллан хаалыахтыы, улаханнык тыаһаан хаадьах гынна.
– Дьэ, хаһаайын, туох диигин? – тойон ыйытар.
– Ээ, оттон ыллын. Биһиги туохпут көмүһэй… – дьиэлээх киһи соҕотохто байбытыттан долгуйан куолаһа титирэстээн ылла. Остуолун, онтон дьонун диэки итэҕэйбэтэхтии көрүтэлээтэ. Тойон киһи үөрэн Лөкөйү санныга таптайбахтаата. Хаптаҕай дьааһыгыттан биир иһит арыгыны кылбаһытан таһааран остуолга туруоран кэбистэ. Дьиэлээхтэр, дьэ күө-дьаа буолан, остуолларын тардан дьоннорун ыҥырдылар. Эмис кус этин сиэн, кыратык холуочуйан иҥнигэһэ суох кэпсэтэн-ипсэтэн бардылар. Ааттарын-суолларын билсиһэн, олохторун-дьаһахтарын, кыһалҕаларын кэпсэтистилэр. Аһаан бүтүүлэригэр Бориска кэпсэтиини атыҥҥа уларытта, бэйэтин наадатын Лөкөйтөн туруору ыйытта.
– Лөгөнтөөй, эн көмүс булбут сиргин биһиэхэ көрдөрүөҥ этэ дуо? Биһиги манна эмиэ дьол көрдөһөн көрөөрү гынабыт ээ, – дьиэлээх киһи саараабыттыы дьахтарын диэки хайыста. Алааппыйа кэргэнин саҥа көрбүттүү, сөхпүт, хайҕаабыт быһыынан тонолуппакка одуулаһа олорорун көрөн аһарда. Бу эриттэн уонча сыл балыс, орто уҥуохтаах, сытыы-хотуу дьахтар билигин даҕаны нарын мөрсүөнүн сүтэрэ илик. Лөкөй кэргэнэ өтөрүнэн күндүлээбэтэх сымнаҕас көрүүтүттэн сүрэҕэ хайдах эрэ минньигэстик нүөлүйэн ылла.
– Көрдөрүө, көрдөрүө… Лөгөнтөөй, оттон ынаххын илдьэн биэрэ таарыйа сирдээ ээ, – Алааппыйа түргэн муҥутаан дьаһалымсыйа оҕуста. Онон кэпсэтиини быһаарыллыбытынан өйдөөн, дьон истиҥник күлсэн кэбистилэр.
4
– Мантан булбутум. Оччоҕо уута олох кыра, киһини бэрбээкэйинэн эрэ этэ. Билигин, арааһа, сатыы туоратыа суох, – Лөкөй үрэх кытыытыгар туран дьиримнэс түргэн сүүрүгү чарапчыланан көрдө.
– Ортотугар сытара дуу, кытыылыы соҕус этэ дуу? – Бориска үрдүк эрэһиинэ саппыкытын туруорунан, сэрэнэн тирэҕин булуна-булуна, үрэх ортотун диэки киирдэ.
– Ортотугар… арыый өрө соҕус. Өссө кыратык бар. Ситинэн, ситинэн. Ууну курдаттыы кылбачыйан көстөр этэ.
– Ок-сиэ, будулуйан түһэн, билигин киһи тугу да көрүө суох ээ, – Бориска төттөрү тахсан саппыкытын түһэриннэ. Аттыгар турар орто уҥуохтаах, чачархай баттахтаах, кэтит киппэ киһиэхэ туһаайан салгыы саҥарда.
– Сафи, бу эргин тохтоон саҕалаан көрөрбүт дуу?
Бу Бориска аҕыйах саҥалаах аргыһын Лөкөй быһаас көрбүтэ. Үчүгэйдик ирэ-хоро кэпсэтэ илик да, көрдөххө сымнаҕас, үлэһит киэптээх киһи эбит. Сафейка «эй» да, «ээх» да диэбэтэ, лаппаакыларын сүгэн, икки хойгуону илиитигэр ылан, доҕорун кэтэһэн турда. Лөкөй атын сиэтэн, хамсатын уоппутунан дьонун батыһа сырытта.
Бастаан тоҕоостоох сир көрдөөн өрө-таҥнары хаамсымахтаатылар. Оломтон биэс уонча саһаан өрө, үрэх тоҕойунааҕы кэҥэс алыыга тохтоотулар. Лаппаакыларын батарыта астылар. Хойгуоларын тутан туран балайда уһуннук тугу эрэ ботугурастылар. Онтон биэтэҥнэтэн баран иннилэрин диэки өрө бырахтылар. Лөкөй дьиибэргээн, хамсатын соппойорун тохтотон, саҥата суох көрөн турда. Дьоно кинини умнан кэбиспит курдук аахайбакка төттөрү-таары быраҕаттана сырыттылар. Сотору Сафейка хойгуота угар диэри инчэҕэй муохха батары түспүтүгэр эрэ тохтоон, уоскуйбуттуу табаарыһын диэки эргилиннэ. Киһитэ хаста даҕаны уһаты-туора быраҕаттааммахтаан баран, киниттэн уонча хаамыы тэйиччи сиргэ уу чугаһыгар тохтоото. Халыҥ бириһиэн плащтарын устан маска ыйаатылар. Батарыта түһэн сытар хойгуоларын угун батыһа устата аҕыс, туората биэс чиэппэрдээх сири кээмэйдээн ыллылар. Лаппаакыларынан муоҕу быһыта үктээн үлэлээбитинэн бардылар. Тимир лаппаакы хайыр тааһы хадьырыйара, хойгуо чиҥ буорга тобулута түһэр бүтэй тыаһа күүстээх сүүрүк биир күдьүс куугунугар ураты дорҕоон буолан холбоһон иһилиннэ. «Кыһыл көмүстэрин итинник көрдүүр эбит буоллахтара» дии санаат, Лөкөй айаннаары атын холунун чиҥэтэ турда. Ону көрөн Бориска тохтотто.
– Лөгөнтөөй, тиэтэйимэ. Билигин биһиги уурайыахпыт. Маҥнайгы күн сири бааһырдыллыахтаах эрэ. Хата, уотта отун, чэйдэ өр. Бу эһиги дойдугут буорун дьуккуруппуппутун бэлиэтиэх кэриҥнээхпит.
5
– Иллэрээ саас Бодойботтон күрээбиппит. Ол муус устардааҕы ынырыктаах күнү хаһан дэ умнуо суохпун быһыылаах. Хаста даҕаны баттатан түүлбэр көрөн эрэйдэммитим. Биһиги дьон уһун субурҕатын кэннигэр испиппит. Саалар дэлбэритэ барар тыастарын, дьоннор өлөр хаһыыларын бастаан өйдөөмүнэ дөйүөрэн турбутум, Онтон дьон төттөрү суулан Сафи биһигини ол алдьархайдаах сиртэн үтүрүйэн таһаарбыттара. Кэлин өй ылан бараахпытыгар куоппуппут. Ол күн биэс сүүстэн тахса киһини кэйгэллээбит этилэр. Норуот олус аймаммыта. Ытааһын-соҥооһун… киһи тулуйбат үлүгэрэ буолбута. Үгүстэр кэргэттэрин илдьэ бириискэлэртэн барыталаабыттара. Сафи биһиги сүбэлэһэн, Дьокуускайдыырга быһаарыммыппыт, – Бориска санньыардык өрө тыынна. Киэҥ харахтара тыйыс, тымныы өҥүнэн килбэчистилэр.
– Дьэ эрэ, өйдөөн кэлбиччэ өлбүттэри кэриэстиэҕиҥ. Туох да буруйа суох дьон, ол иһигэр оҕо, дьахтар сэймэктэммиттэрэ. Өйдөөн кэллэрбин эрэ сүрэҕим ытырбахтыыр, санаам оонньуур.
Киһи ах барда. Өттүгэстээн сыппытын кубулуппакка тугу эрэ санаан уоһун ньимийэн, өрө-таҥнары көрүтэлээн эрилиҥнэттэ. Ол аайы салгын сиэбит үрдүк сүүһүн мырчыстаҕастара, сытыы быһаҕынан быһыта баттаабыттыы, синньигэс дириҥ сурааһын буолан кэккэлэһэ сүүрэлэстилэр. Лөкөй Борисканы саллыбыттыы көрүтэлээтэ. Кини маннык дьулаан кэпсээни истэ илигэ. «Бодойбоҕо дьону ытыалаабыттар үһү» диэн көннөрү үһүйээн курдук сураҕы Сэйимчээҥҥэ сылдьан былырыын истэн турардаах да, ону ымпыгын-чымпыгын ким да билбэт этэ.
– Тыый, доҕоор, ол туох буруйдаах дьону кимнээх кыргаллар?
– Буруйдара диэн муҥнарын-сордорун туона, тойотторго тылларын иһитиннэрээри тиийбиттэрин, анарааҥҥылар ыраахтааҕы саллааттарынан ытыалаттарбыттар. Билигин киһи олоҕо биир алтан харчыга турбат буолла. Оттон биһигини ууруммут табаҕы үстэ-түөртэ эҕирийбэт кэм иһигэр ныһыйбыттара. Аны билигин сэрии буолбут дииллэр. Онно төһөлөөх киһи сэймэктэнэрэ биллибэт. Туох кырыыстаах үйэтэ саҕаланна буолла? Ыраахтааҕыбыт бэйэбитин кыргар. Ол өҥөтүгэр биһиги кинини көмүскээн сэриигэ өлүөхтээх үһүбүт. Биһигини эмиэ саллаакка ыҥыраллара буолуо. Дьэ, ыҥыран көрдүннэр. Бэйэлэрэ сэриилэһэ сылдьыахтара ээ. Туох иһин онно баран өлүөхтээхпиний? Бу кырыыстаах олоҕу көмүскээн дуо? Суох! Ол кэриэтин бу хайалар быыстарыгар көҥүл сылдьан хоргуйан дуу, тоҥон дуу өлбүтүм ордук.
Бориска быыппастан олоро түстэ. Икки тоҥоноҕун тобуктарыгар өйөөн, хатырыктыйбыт модороон тарбахтарынан будьурхайдыҥы хара баттаҕын өрө-таҥнары имэриммэхтээтэ. Умса түһэн олорбохтоото. Уоскуйа быһыытыйда. Лөкөй хаһан да истибэтэҕин истэн, улаханнык долгуйда. Бу эрэйи-кыһалҕаны эҥэрдэринэн тэлэн, төрөөбүт-үөскээбит сирдэриттэн бачча ыраах кырыы дойдута тэбиллибит эдэр дьону аһына санаата.
– Дьулаан дьыаланы кэпсээтиҥ, доҕор. Хата, тыыннаах орпуккут. Туох сибикини, сылтаҕы булан биһиги дойдубутугар кэлээхтээбиккит буолла?
– Кырдьык, ол кырыктаах күн тыыннаах ордубуппутунан бэйэбитин дьоллооҕунан ааҕынабыт. Бастаан барыах-кэлиэх сирбитин бэйэбит даҕаны билбэт этибит. Дьону кытта куотан Витимҥэ кэлбиппит. Онно үлэһит дьон олорор бараахтарыгар хоно сытан, биир оҕонньору кытта кэпсэппиппит. Кини «Саха сиригэр барыҥ. Онно Өймөкөөн диэн сиртэн чугас көмүстээх үрэх баар. Мин табаарыһым суруйбута», – диэн сүбэлээбитэ. Биһиги, атын ханна да барар сирэ суох дьон, ол оҕонньор сүбэтин ылынан, саас маҥнайгы пароходунан Дьокуускайы булбуппут. Онно кэлэн муна-тэнэ сырыттахпытына, Дьокуускай биир улахан атыыһытын бирикээсчигэ Шпак диэн киһи бириистэҥҥэ киирэн, өймөкөөҥҥө диэри ындыыһыттар наадалар диэн ыйыталаһа сылдьарыгар түбэһэн, үөрүүнэн сөбүлэммиппит. Өймөкөөнү бэрт өр айаннаан булбуппут. Онно көмүстээх үрэх туһунан ыйыталаспыппытын ким да билбэт этэ. Ааспыт кыһын кыстаан баран, саас түүлээх ыҥырдан Уолаҕа киирбиппит. Уолаттан Шпакпыт түүлээҕин пароходка тиэнэн, соҕуруу барбыта. Биһиэхэ хамнаспыт оннугар айаҥҥа сылдьыбыт аттарын хаалларбыта. Онтон, хата, Ян Юльевич Розенфельд диэн, били, эн көмүскүн атыыласпыт киһини көрсүбүппүт. Кини Халымаҕа диэри сирдьит дьоҥҥо уонна көлөҕө наадыйар буолан биэрбитэ. Онон төннөр буолбуппут. Таарыччы көмүс көрдүөхпүт диэн сэп-сэбиргэл, таҥас-сап ылыммыппыт. Хата, аспытынан татым соҕуспут. Кыстык аһылык булуннарбыт, үлэлиэх этибит.
– Дьол-соргу көрдөһөн диэхтиигин да, бу үлүгэрдээх дөйө тоҥмут тымныы дойдуга хайдах үлэлиэххитин өйүм хоппот ээ, – Лөкөй умуллан хаалбыт хамсатын кураанаҕынан соппойо олордо.
– Биһиги сааспыт тухары көмүс үлэтигэр мискиллибит дьоммут. Эрэйбит тиллэрин биллэхпитинэ, сырабытын харыстыахпыт суоҕа. Оннук буолбат дуо, Сафи?
Баччааҥҥа диэри саҥата суох, доҕорун кэпсээнин сөптөөх миэстэлэригэр төбөтүн кэҕиҥнэтэн бигэргэтэ олорбут Сафейка соһуччу ыйытыыга тута булан хардарбата. Ыстаабытын ыйыстан дьүккүйбэхтээтэ. Онтон кэһиэҕирбит куолаһынан:
– Оннук… Биллэр дьыала, – диэтэ.
– Ол эрэйгит тиллэрэ саарбах ээ.
– Бастаан саарыыр этим. Онтон эн көмүскүн көрөн баран эрэлбит улаатта. Бу үрэх салааларын барыларын да сүргэйэн туран көмүһү булуохпут дии саныыбын. Оччоҕо эн өҥөҕүн саныахпыт.
– Мин өҥөм диэхтээн туох кэлиэй, алҕаска көстүбүт түбэлтэ буоллаҕа дии.
– Ити түбэлтэ баар буолан биһиги манна кэлэн сыттахпыт эбээт. Онтон атын биһиги Балыгычааҥҥа барар санаалаах этибит.
– Арба, били, быһааскы тойоҥҥут ханна барбытай? Барахсан бэрт сымнаҕас киһи быһыылааҕа.
– Сэрии буолбут сураҕын истэн, соҕуруу барбыта. Онтон атын манна, биһигини кытта баар буолуо этэ. Атыыһыт аймахтан кини эрэ киһи быһыылаах, сирэйэ-хараҕа суох албыннаабат. Оттон Шпак диэн дьиҥнээх адьырҕа диэтэҕиҥ. Былырыын биһиги ыҥырдан аҕалбыт табаарбыт улахан аҥаара наар испиир этэ. Дьону итирдэн баран, түүлээхтэрин босхо кэриэтэ хомуйталыыра.
– Ол былыргыттан идэлэрэ. Биһиги дьоммут эрэйдээхтэр бу аска умса түһэллэр, – Лөкөй эппитин бигэргэтэрдии куруускатын түгэҕэр оппут арыгыны сыппайан кэбистэ.
– Кырдьык, бу хотугу дьон арыгыга олус хоттороллор эбит ээ. Туох дьиибэтэ буолла? – Сафейка ыйытардыы дьонун диэки көрүтэлээтэ. Бытыылкаҕа баар тобоҕу тэҥҥэ үллэрэн кутуталаата.
– Арыгы диэн ордук кыра омуктарга олус кутталлаах ас быһыылаах. Киин сирдэргэ көрдөххө, боростуой норуот өттө төһө да испитин иһин олус балык буолбаттар ээ. Эттэрэ-хааннара арыгы дьаатыгар утарсар өрүттээх буолуон сөп. Оттон маннааҕы норуоттарыҥ диэн айылҕа оҕолоро буоллахтара дии. Урут аһаабатах астарын ыыра-дьаара кинилэргэ содуллаах, кэбирэхтик иҥимтиэ буолара чахчы.
Лөкөй тиһэх өлүүтүн дьонун иннинэ түһэрэн кэбистэ. Бориска кэнники тылларын өйдөөбөтө. Кураанахтаммыт бытыылка диэки хомойбуттуу көрөн ылла. Онтон санаа булан куруускатыгар уокка турар чаанньыктан итии чэйи кутунна. Өрүһүспүттүү бокуойа суох сыпсырыйбахтаата. Төбөтүгэр ситимэ суох сылаас, наҕыл санаалар, туман курдук устан киирдилэр. Кини хатырыктыйбыт халыҥ уостарын ыттатан, төрүөтэ суох үрүтүн-үөһэ ымаҥныы олордо. Ону көрөн Сафейка хараҕынан Борискаҕа имнэнэн кэбистэ.
– Да, буоллаҕа… Бопсуохха наада. Бу ас дэлэйдэҕинэ алдьархайы эрэ аҕалыаҕа, бүтүн норуоту эһэр кыахтаах, – Бориска бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэрдии уоһун иһигэр ботугураата.
– Хайдах тохтотуоххунуй, атыыһыттар ымсыылара улаатан иһэр буолтун кэннэ? – доҕоругар Сафейка сибигинэйэн эрэрдии хардарда.
– Сөпкө этэҕин, арыгыны хаһан да суох оҥоруоҥ суоҕа. Олохтоохтор бэйэлэрэ өйдүүллэрэ наада, бу алдьатыылаах ас содула кинилэргэ тус бэйэлэригэр эрэ буолбакка, үүнэр көлүөнэлэрин дьылҕатыгар кытта кутталлааҕын.
Лөкөй дьоно тугу кэпсэтэллэрин аахайбата. Кинилэри кэлтэччи хайгыы эрэ саныы олордо. Бэрт сайаҕас, көнө барахсаттар быһыылаах. Көмүс көрдүөхпүт этэ диэн бачча ыраах, билбэт дойдуларыгар кэлэн испиттэрэ баар ээ. Эр сүрэхтээх, хоодуот дьон буолан сананнахтара. Кыһыл көмүстэрин сири хаһан көрдүүллэр эбит дуу? Оттон мин үрэх сүнньүттэн уу анныгар көстө сытарын булбутум дии. Лөкөй устунан былырыын күһүн булбут кылбачыгас тааһа хайдах кыһыл көмүс буолан хаалбытын аттара саныы олордо.
6
Сиридикээн орто сүүрүгүн хаҥас салаатын төрдүгэр хатырыктаах маһынан саҥа охсуллубут кыракый үүтээн турар. Дьиэ уҥа өттүнэн ыраас уулаах үрүйэ чырылыы сүүрүгүрэр. Тулалаан турар саһарбыт мастар көтөҕөлөрүн тыал ыһан үргэҥнэтэр. Таһырдьа уот оттуллубут. Сымалалаах хаппыт болбукта умнаһа, буораҕы бырахпыттыы, сирилэччи умайар. Хойуу, өһөх хара буруо үрэҕи өрө унаарар. Уоттан чугас кураанахтаммыт табаар дьааһыгын үрдүгэр тимир курууска, миискэ уонна алтан чаанньык тураллар. Онно-манна лабааларга уонна титириктэр төбөлөрүгэр ыйаммыт куллукалар, соттордор тыалга тэлибирэһэллэр. Уот таһыгар Бориска чууркаҕа охсуллубут килиин сүгэ үрдүгэр кытарбыт хойгуо уһугун чохороон ончоҕунан балталаан чыҥыйар. Сойорун өрүсүһэн эргитэ сылдьан балайда өр сырбаппахтаан баран, аттыгар турар уулаах солуурчахха укта. Уу сырдьыгыныы түһээтин, сииктээх сылаас туман сирэйигэр илгийдэ. Хойгуотун балайда өр тутан сойутта. Онтон таһааран ньилбэгэр соппохтоото уонна игии ылан аалан кикирийэ олордо.
Аттыгар Сафейка мас мастаан бачырҕатар. Охсуутун аайы тыастаахтык көхсүн этитэн тиҥиргэтэр. Халыҥ сүгэ олуга кыырайан кэлэн, Бориска хаҥас иэдэһин ыарыылаахтык дьукку түстэ.
– Тууй-сиэ, мааҕын хойгуом анныттан таас бытархайа ыстанан чуут харахпын дэҥнии сыспыта. Аны бу мас иэдэспин дьуккурутта дии. Куһаҕаны биттэммиккэ дылы тоҕо түбэлтэтэй?
Сафейка хонос гына түстэ. Сүүһүн көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбытын сиэҕинэн ньухханан кэбистэ.
– Да, Бари (кини Борисканы куруук дьиҥнээх аатынан ыҥырара) дьыалабыт баһа саллайаары гыммытын биттэнэн эрдэхпит буолуо. Ый устата кураанахха сордоннубут дии.
– Алыс мунчаарыма, Сафи, ыстараатал үлэтэ эгэлгэтин бэйэҥ билэҕин. Сылы сылынан мэлийэн баран, баарт биэрдэҕинэ, биир күн байыахпыт. Эрэлбитин эрдэ сүтэрдэхпитинэ, кырдьык, дьыалабыт сатарыйарыгар тиийэр.
– Оннугун оннук да, аспыт кырыымчык ээ. Тугу аһаан кыһыны туоруубут?
– Балтараа куул кэриҥэ бурдуктаахпыт дии. Чэйбит, табахпыт даҕаны син баар соҕус. Сэйимчээҥҥэ баран сорҕотун эккэ-аска эргитиэххэ сөп этэ. Эн биһиги дьолбутун, бу үрэх тоҥ буорун харса суох хаһыстахпытына эрэ, булар кыахтаахпыт. Атын ханна да барар сирбит суох. Эн дойдугар талаһаргын өйдүүбүн. Төрөөбүт сирбин мин эмиэ ахтабын. Ол эрээри онно тиийэн син биир үчүгэй олоҕу көрүөҥ суоҕа. Баай хабалатыгар киириэхпит. Ханна да бар – барыта оннук.
Сафейка саҥарбата. Абарбыттыы маһын харса суох үлтү барчалаан мастыы тарда. Бари этэрэ олохтоох. Ханна да баран түптээх олоҕу олорор биллибэт. Кини Бориска тылыттан хаһан да тахсыбат этэ. Кэнники биэс-алта сылга бииргэ сылдьыахтарыттан ыла киниэхэ бас бэринэ үөрэнэн хаалбыт. Төрөл көрүҥнээх, толлугаһа суох сытыы тыллаах-өстөөх Борис Шафигуллины бириискэ үлэһиттэрэ бары сөбүлүүллэрэ. Кинини судургутутан Бориска диэн ыҥыраллара.
Кылгастык тохтоон ылбыт сиккиэр тыал эмиэ күүһүрэн кэллэ. Бориска эргиллэн көрдө. Киэһэрбит күн чараас үрүмэ былыт быыһынан өлбөөрөн көстөр. «Маһын көтөҕөтүн түһэрдэ, сотору хаарын аҕалара буолуо» диэн Бориска сылыктыы олордо. Бу киһи, омос көрдөххө, харса суох тыллаах-өстөөх да буоллар, ис санаата киэҥ, олохтоох этэ. Бачча ыраах сир уһуга дойдуга тэбиллэн баран, олохтоох дьону-сэргэни кытта бодоруспакка эрэ тыыннаах хаалар күчүмэҕэйин өйдүүрэ. Хаар түһүөн иннинэ Сэйимчээҥҥэ бара сырыттахтарына сатаныыһы. Онно билэр киһилэрэ диэн Миитэрэй эрэ баар. Кини нөҥүө олохтоохтору кытта чэйдэрин, табахтарын дуомун аска эргитэн көрүө этилэр. Атын билэр киһилэрэ Лөкөй Лөгөнтөй баар да, соҕотоҕун ойуччу олорор. Ойууннаахтар, кинээстээхтэр дииллэр. Олор хайдах сыһыаннаһаллара биллибэт. Кэлии, туора омук дьонун, бука, туораталлара буолуо. Хайа кыалларынан үчүгэй сыһыаны олохтуохха наада.
Сафейка маһын дьиэҕэ таста. Аҕыйах саҥалаах, үлэҕэ-хамнаска кыайыгас, судургу доҕорун Бориска сөбүлүүр. Сафей Гайфулинныын кинилэр эт саастыылар. Отут биэстэригэр сылдьаллар. Дьиҥэр, Сафейка курдук үлэһит, киниэхэ бэриниилээх доҕоро суоҕа буоллар, Бориска бачча ыраах дойдуга соҕотоҕун кэлбэтэҕэ чахчы. Билигин төһө да быстан-ойдон сырытталлар, кэм иккиэ буоллахтара дии, хардарыта өйөнсүһэн сылдьыахтара. Лөкөй оломун таһыгар биэс-алта сиринэн дьөлүтэ хаһан сууйдулар да, мэлийдилэр. Бэрт аҕыйах, киһи хараҕар көстөр-көстүбэт көмүс «суолун» эрэ буллулар. Хомойбуттарын иһин, хайыахтарай, ол оннугар Сиридикээн бэйэтин хочотугар көмүс суоҕа билиннэҕэ дии. Билигин ханна эрэ салаа үрэххэ түһүөххэ наада.
7
Лөкөй хаста даҕаны кырынан Тураҥнаах үрүйэтин төрдүттэн өлөрбүт икки чубукутун этин таста. Күһүн аайы хаар эрэ түһүөн иннинэ үөр чубуку эбэтэр кыыл таба туустаах буору салыыр сирдэригэр кэтэһэн, үстүү-түөртүү кыылы охторооччу. Быйыл хайа да дьыллааҕар эрдэ бултаата. Ол эмиэ туспа төрүөттээх этэ. Үнүр нууччаларга сылдьан кэлиэҕиттэн ылата Лөкөй хайдах эрэ уларыйбыт көрүҥнээҕэ. Санаатыгар санаа, түбүгэр түбүк эбиллэн солото суох курдук сылдьар. Бэйэтэ даҕаны сөҕөр, олох биир сиргэ тэһийэн турбат да, олорбот да буолан хаалла. Ону Алааппыйа бэлиэтии көрө охсон этэн турардаах:
– Хайа, Лөгөнтөөс, туохтан бу туоххаһыйдыҥ? өрүү аанньа аһаабат, олоро, сынньана да түспэт буоллуҥ? – диэн.
Лөкөй ону куолутунан истэн эрэ кэбиспитэ. Бориска кэпсээнэ кини санаатын улаханнык аймаата. Били, сибэтиэй таҥара кэриэтэ санаабыт күн ыраахтааҕыта айыыны-хараны кэриэстээбэт баҕайы эбит дии. Хайдах оннук дьон хаанын халытарга хара дьайдаах ыйаахтары биэрэрэ эбитэй? Киһи итэҕэйиэн айыыргыыр суола. Ол эрээри сиргэ-дойдуга барытыгар тарҕаммыт сураҕы суох оҥорбоккун. Ити Барыыска диэн уйан сүрэхтээх барахсан эбит. Кэпсииригэр хаана-сиинэ бэркэ алдьаммыта. Эгэ, илэ хараҕынан көрбүтүгэр дэлэлээх аймаммыта, хараастыбыта буолуо дуо? Сөпкө этээхтиир, оннук харыстаабакка кыргар буолтарын кэннэ туох иһин баран сэриилэһиэй? Туох иһин… бээ-бээ, арба ыраахтааҕы суола диэн харчынан түһээн түһэрбит сурахтаахтара. Кини өссө төлүү илик ээ. Хайыах баҕайытай? Дьиҥэ, этинэн, арыынан төлүүр кыахтаах. Ону биэриэн билигин сүрэҕэ баҕарбат буолла. Оттон биэримиэн куттанар. Бээ, дьэ, бэйэлэрэ кэллэхтэринэ көрүллүө дии саныыр. Кини Сэйимчээҥҥэ барыа суоҕа. Ол оннугар Лөкөй билигин Сиридикээҥҥэ бараары тэринэр. Ампаарыгар киирэн ыйанан турар этин астыммыттыы көрүтэлээтэ. Илии тастаах икки улахан бууту арааран ылан, эр-биир ыараҥнатан көрдө. Арааһа, балтараалыы эрэ бууту аннынан тардыыһыктар. Тахсан бэрэмэдэйин кичэйэн тэбээн киирдэ. Этин угуталаан тиһиликтэрин бэркэ дьаныһан тистэ. Сүргэтэ улаханнык көтөҕүллэн, биир кэм мичээрдиир. Бэрэмэдэйин бэлэмнээн баран дьиэҕэ киирдэ. Ол киирбитэ Алааппыйа күнүскү чэйин тарда сылдьар эбит.
– Хайа, бу туохтан көнньүөрэн уоһуҥ ыпсыбат буолла? Кэл, чэйдээ. Ханна бараары тэринниҥ?
– Били, нууччаларга кыра эт илдьэн биэриэм этэ. Быстардахтара буолуо.
– Ээ, эрэйдээхтэри. Арба үнүр кэпсээтиҥ этэ дии? Илдьэн биэрдэргин абырыаҥ этэ буоллаҕа дии. Хата, били, көмүстэрин хайдах көрдүүллэрин көрөөр эрэ.
Күн дьааһыгырыыта Лөкөй Сиридикээҥҥэ, урут көмүс булбут оломугар, кэллэ. Хайдах эрэ бу сирэ кини хараҕар кэрэтийэн көһүннэ. Урут атын мииммитинэн кэстэрэн туоруур бэйэтэ бу сырыыга атыттан түстэ. Тоҕо сатыылаабытын бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө хаалла. Уу улаханнык түспүт. Аатын эрэ сыккырыыр. Баҕар, эмиэ туох эмэ көстөөрөй диэбиттии Лөкөй туораан иһэн, уу түгэҕин кыҥастаста. Ол аайы бу сырыыга туох да кылабачыйары таба көрбөтө. Атын сиэппитинэн көмүсчүттэр хойгуонан быраҕаттаммыт алыыларыгар тиийдэ. Ол тиийбитэ чугас-чугас хаһыллыбыт оҥкучахтар чөҥөрүһэн көһүннүлэр. Лөкөй хас да оҥкучаҕы кэрийэ хаама сылдьан өҥөйөн көрүтэлээтэ. Ол кэрийэ сылдьан иһигэр үлэ да бөҕөнү көрсүбүттэр диэтэ. Уот оттон ириэрэ-ириэрэ хаспыттар дии. Чоҕун, ситэ умайбатах мастарын биир сиргэ чөмөхтөөбүттэр. Бу тоҕо бачча элбэҕи хаспыттара буолуой уонна тоҕо дириҥнэрэй. Арааһа, балтараалыы, иккилии саһаан баар быһыылаахтар. Көмүс булбут буоллахтара дуу? Хайа оттон таһаарбыт буордара ханнаный? Лөкөй муодарҕаан тула көрдө. Суох. Оҥкучахтар тастарыгар барбах маҥнай сыппыт суолларын омооно эрэ баар. Лөкөй ити мунаарбыт ыйытыытыгар кыайан харда булан ылбакка тэпсэҥнээмэхтээн баран, элбэхтэ киһи сылдьан тэпсиллибит ыллыгын батыста. Барбахтыырын кытта Муҥур үрүйэ төрдүгэр саҥа үүтээн дьиэ көһүннэ. Турбаттан буруо бургучуйар. Дьиэ таһа им-дьим. Лөкөй атын аан аттынааҕы тииккэ баайда. Бэрэмэдэйин сүкпүтүнэн дьиэҕэ көтөн түстэ.
– Дьэ, Лөгөнтөй, оруобуна бараары олордохпутуна кэллиҥ. Ботуоҥкабытын хааланан адьас аттанаары бэлэмнэнэн олоробут. Сарсыарда эрдэ туран Сэйимчээҥҥэ айанныахтаах этибит. Хата, эн бэркэ баттаһа кэллиҥ. Биһиги кыһалҕабытын хантан биллиҥ? – Бориска үөрүүтүттэн хойуу хара бытыгын быыһыттан айаҕа оҥойон көстүбүтүн, Лөкөй тоҕо эрэ били чөҥөрүспүт ииннэр айахтарыгар маарынната көрдө.
– Ээ, оттон үнүр кэпсээбиккитин истэн, быстаран эрдэхтэрэ диэн сэрэйбитим.
– Дьэ, улахан махтал. Оччоҕо Сэйимчээҥҥэ барарбытын тохтотобут. Хата, улаханнык тымныйа илигинэ, бу күннэргэ хостообут кумахпытын сууйан кэбиһиэхпит.
– Ити сүрдээх да дириҥ оҥкучахтары хаспыккыт. Тугу эмэ буллугут дуо? – Лөкөй хойуу чэйи итиилии алтан куруускаттан сыпсырыйа олорон ыйытта.
– Мэлийдибит. Сиридикээҥҥэ бэйэтигэр, арааһа, киһи эрэйэ тиллэр көмүһэ суох быһыылаах. Ол иһин бу салаа үрүйэҕэ сир уларыйдыбыт.
Лөкөй саҥарбата. Куруускалаах чэйин ситэ испэккэ остуолга уурда. Бу дьон мэлийбиттэригэр хайдах эрэ бэйэтин буруйдаах курдук сананна. Сатана тааһа оттон хантан ойо ыстанан кэлэн кини хараҕар көстүбүтэй? Туох барыта аргыстаах, үөрдээх-сүүрүктээх буоларга дылы этэ дии. Хайдах кини ала-чуо соҕотоҕун сыппытай? Аны атын сири көрдөрбүт диэн дьонум уорбалыыллара дуу? Лөкөй кыбыһынна. Мэктиэтигэр сүүһүн көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбытын ытыһын тилэҕинэн туора соттон кэбистэ. Мух-мах баран, дьонун хараҕын таба көрбөккө олордо.
Бу оҕолуу ыраас, көнө сүрэхтээх, бөҕө-таҕа көрүҥнээх киһини Бориска маҥнай билсиэҕиттэн сөбүлээбитэ. Кини сэмэй, холку көрүҥэ, олохтоох сымнаҕас тыла-өһө кинини уолуһуйбат, бэйэтигэр эрэмньилээх көрүҥнүүрэ. Ол бэйэтэ бу биһиги кыһалҕабытын үллэстэн, өссө бэйэтин сэмэлэнэ олордоҕо. Бориска ыалдьытын ис санаатын өтө көрөн аһына санаата.
– Лөгөнтөөй, кыһыл көмүс үгүс сырата, өй-санаа алдьаныыта суох көстүбэт. Ону биһиги өйдүүбүт. Ити улахан үрэҕэр суоҕун иһин, кини салаа үрүйэлэригэр хайаан да баар буолуохтаах. Ону биирдэ таба тайанан булар кытаанах буолааччы. Билигин бу үүтээммит турар үрүйэтигэр үлэлиибит. Манна булбатахпытына уҥуоргу утары салааҕа тахсыахпыт. Онон тулуур, элбэх сыра эрэйиллэр.
– Дьэ, буоллаҕа. Эһиги идэлээх дьон билэн эрдэххит. Туох үлүгэр суолталаах таас буолан, дьон-сэргэ көлөһүнэ итиччэ тохтон эрдэҕэ буолла?
– Суолтата диэн баай, киэргэл эмэгэтэ ини. Атыттар көдьүүстэрэ кэм биллэр ээ. Тимиртэн холобур сүгэ, быһах, сэп-сэбиргэл оҥостоҕун. Алтаныҥ иһит-хомуос, боробулуоха буолар. Оттон көмүһүҥ диэн аҥаардас ымсыы, сор-муҥ, өлөрүү-алдьатыы эрэ эҥэрдээх баҕайы. Биһиги эмиэ киниттэн сылтаан тэлэһийэн сырыттахпыт эбээт, – Бориска күлэ-үөрэ олорбут бэйэтэ, өстөөҕүн санаабыттыы хаана-сиинэ ыараан, тыйыһыран барда. Ону көрөн Лөкөй ыйыппытын кэмсиннэ. Көрдөххө, кырдьык, күн сардаҥатыныы килбэчиҥнээн, сиэдэрэй таас киэргэлгэ туттуллумуна. Ол эрээри кини бу дьоҥҥо тоҕо сүрэх бааһа, олох эрэйэ буолан эҥэрдэспитин сатаан өйдөөбөтө.
– Кырыыстаах таас сиэдэрэй өҥүнэн сиртэн хостонор баай хайа да көрүҥүнээҕэр урут дьон хараҕын абылаабыта, – Бориска Лөкөй санаатын таайбыттыы салгыы саҥарда. – Быдан былыргыта киһи аймах туттар сэбэ-сэбиргэлэ өссө таас эрдэҕинэ, кинини үрэхтэр кытыыларыттан, таас харгылартан үгүстүк булаллара үһү. Оччолорго сир үрдүгэр ыһылла сытар көмүс дэлэй буолуохтаах. Кинини бастаан сүөһү иитэр көс омуктар булбуттар. Ол өйдөнөр. Мэччирэҥнээх сирдэри батыһан, хочоттон хочоҕо, өрүстэн өрүскэ көһө сылдьан, кинилэр килбэчигэс кэрэ өҥүнэн оонньуур тааһы ылан киэргэлгэ тутталлара. Кэнники харчы оҥостор буолбуттар. Онон былыр үйэҕэ сир үрдүнээҕи кыһыл көмүс хомуллан бүппүт. Кэнники сир анныттан хостуур идэлэммиттэр. Нуучча сиригэр кинини хойут булбуттар. Маҥнайгы балысхан көмүһү биһиги төрөөбүт дойдубутуттан, Уралтан, хостообуттара. Билигин даҕаны хостууллар.
Бориска тохтоон, сойбут куруускалаах чэйин биир тыынынан түһэрэн кэбистэ. Тыастаахтык өрүтэ тыыммахтаата. Ырбаахытын сиэҕинэн уоһун сотунна. Лөкөй Бориска номохтуҥу кэпсээнин биһирээн иһиттэ. Хамсатыгар табах уурунан мас сыыһын ылан тимир оһохтон уматынна уонна холкутуйдаҕына буоларыныы, оһох иннинээҕи дүлүҥ олоппоско оллоонноон олорунан кэбистэ. Лөкөй истэрдии оҥостуммутун көрөн, Бориска кэпсээнин салҕаан барда.
– Кыһыл көмүс көстүбүт сиригэр олохтоох дьон көлүөнэттэн көлүөнэ аайы муҥҥа-сорго түбэһэллэр. Кинилэр саастарын тухары хаатырга үлэтиттэн итэҕэһэ суох хабалаҕа сылдьаллар. Ону мин бэйэм эппинэн-хааммынан билбитим. Эһэм, аҕам саастарын тухары абааһы тыына иҥмит араҕас тааһын хостуу сүүһүнэн саһаан дириҥнээх, сиҥнэ турар үрүттээх, киһини тобугунан уулаах, хараҥа ииҥҥэ киирэн хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри сыыла сылдьан үлэлииллэрэ. Ол ыарахан үлэттэн сыыстаран сөтөл ыарыы буолан эдэр саастарыгар өлбүттэрэ. Мин аҕыстаахпыттан үлэлээбитим. Оҕолору таһырдьа үлэлэтэллэрэ. Аһаҕас халлаан анныгар силлиэни-ардаҕы аахсыбакка, таачыканан инчэҕэй буору таһарбыт. Таҥаһа суох буолан ордук кыһын иэдэйэрбит. Куруук туос аччык сылдьарбыт. Күннээҕи сорудаххын толорботоххуна таһылларбыт. Хамнаһы адьас дуона суоҕу аахсарбыт. Ыйга улахан дьон балтараа, дьахталлар биирдии солкуобайы, оттон кыра оҕолор биэс уоннуу харчыны ыларбыт. Үлэһит илии тиийбэт буолан, түүннэри-күннэри солбуһа сылдьан үлэлиирбит. Самнархай бараахтарга уончалыы ыал бииргэ симсэн олорорбут. Сыыҥкалаан, ымынах буолан, ис ыарыытынан ыалдьан дьон сылбах курдук охтоллоро. Оччолорго эмп-томп диэн суоҕа. Эгэ, балыыһа диэн кэлиэ дуо?! Ыарыһахтар тымныы бараахха дьахтардыын, эр дьоннуун бииргэ сииктээх муостаҕа сыталлара. Бириискэ үрдүнэн биир эмэ лиэкэр үлэлиирэ. Сорохторго олох да суох буолара. Улаатан баран, ону тулуйумуна төрөөбүт дойдубуттан атахпынан куоппутум. Атын сиргэ ордук олоҕу көрүөм дии саныырым. Онтукам баара, баай ымсыыта икки, дьадаҥы киһи кыһалҕата икки ханна баҕарар биир эбит, – Бориска санаатыттан кыйаханан тура эккирээтэ. Төттөрү-таары хаамыталыы сылдьан, баттаҕын өрүтэ анньымахтаата. Лөкөй киһитэ аймаммытын аралдьытаары тыл көтөхтө.
– Эһиги билэн эрдэххит дии, сир үрдүгэр төһө улахан сомоҕо көмүстэр көстөллөрүн?
Бориска хонос гына түстэ. Хайдах эрэ сэргэхсийбит көрүҥнэннэ.
– Сөпкө эттиҥ. Биһиги идэбит буоларын быһыытынан, кыһыл көмүс остуоруйатын сүрүн өттүлэрин син билбэхтэһэбин дии саныыбын. Былыргы даҕаны, билиҥҥи даҕаны кэмҥэ сомоҕо кыһыл көмүһү булуу, соһуччу тосхойбут дьолунан, баайынан ааҕыллара. Ол эрээри олоххо куруук оннук буолбат эбит. Хастыы да килограмм, сороҕор уонунан килограмм ыйааһыннаах сомоҕолор көстүбүт түбэлтэлэрэ аҕыйаҕа суохтар. Мин аҕам кэпсииринэн, оҕо эрдэҕинэ Урал диэн хайалаах биһиги төрөөбүт дойдубутугар, биир маастар икки буут уон муунталаах сомоҕо көмүһү булбут. Ити нуучча сиригэр көстүбүттэртэн саамай улаханнара эбит. Онтукатыгар сокуон быһыытынан солуотунньугун аайы 15-тии харчыны биэрэн, 1266 солкуобайы төлүөхтээх эбиттэр. Хайа баай ону толору төлүөй? Онон-манан баайсан барбах дуомун эрэ биэрбиттэр. Ол сордоох онтон хомойон-хоргутан буор иһээччи буолан хаалбыт. Үлэтигэр тахсыбакка сылдьыбытын иһин, илиитин-атаҕын кэлгийэн аҕалан, тойоттор дьаһалларынан бириискэ үлэһиттэрин хараҕын ортотугар оруосканан таһыйбыттар. Кэлин быста дьадайан ыалдьан өлбүт, – Бориска эмиэ хараастан тыла-өһө чиҥээн барда.
– Итиннээҕэр улахан ыйааһыннаах көмүс көстүбүтэ буолуо дуо? – Лөкөй өрүһүспүттүү лаппыйан ыйытта.
– Атын дойдуларга көстүтэлээбит сомоҕолор өссө баараҕайдар, ону ымпыгын-чымпыгын билбэтим, – диэн Бориска кырдьыгын эттэ. Былыр-былыргыттан уос номоҕор сылдьар, сорҕотун киһи итэҕэйиэн да саарыыр эгэлгэ кэпсээннэр элбэхтэр. Олортон иккилии аҥаар тонна ыйааһыннаах икки олус аарыма кыһыл көмүс сомоҕото булуллубута биллэр. Биирдэрэ Бируни диэн илиҥҥи дойду былыргы үөрэхтээҕэ суруйарынан, билиҥҥи Афганистан соҕуруу өттүгэр, оччотооҕуга ааттанарынан Зарубаҥҥа көстүбүт. Кини кээмэйэ эргиччи өттүнэн тоҥолох устатын саҕа эбит. Иккис аарыма көмүс сомоҕотун 1145 сыллаахха Богомея диэн сиртэн булбуттар. Сөҕүмэр улахан сомоҕолор үгүстэрэ Австралия уонна Америка сирдэриттэн көстүтэлээбиттэр. Ордук Австралияттан «Холтерман плитата» диэн аатырар. Кини үрдүгэ, кэтитэ турар киһи саҕа, ыйааһына 280 килограмм, халыҥа 20 см эбит. Ол гынан баран, кварц тааһы кытта бииргэ сылдьар буолан, чыыстай көмүһэ 100 килограмм кэриҥэ эбит. Урут Чехословакия, Перу, Куба сирдэригэр 60–70 килограмнаах көмүстэр булуллубуттарын туһунан ахтыылар эмиэ бааллар. Билиҥҥи кэмҥэ үөрэхтээхтэр ааҕалларынан, 10 килограмтан ордук ыарахан ыйааһыннаах сомоҕолор ахсааннара 8–10 тыһыынча кэриҥэ. Кинилэртэн аарыма улаханнарын ахсаана уонунан эрэ ааҕыллар үһү. Маннык сомоҕолору үксүгэр көмүс үлэһиттэрэ анаан-минээн көрдүү сылдьан булуталаабыттар. Ол эрээри алҕас түбэһэ түһэн булуллубут түбэлтэлэр эмиэ бааллар. Холобур, «Оливер Марти» диэн Америкаттан көстүбүт 36,3 килограмм ыйааһыннаах көмүһү биир старатель өлбүт доҕорун көмөөрү иин хаһа сылдьан булбут. Бу олус саталлаах киһи эбит. Кини көмүһүн тиэйэ сылдьан, Америка куораттарыгар харчыга көрдөрөн 10.000 доллары хомуйбут. Онтон кэлин 22.700 долларга атыылаан кэбиспит.
Бориска итинтэн төһөнү билэрин сэһэргээбитин, Лөкөй бэркэ болҕойон олорон иһиттэ.
9
Икки ыҥыыр аттаах киһи Сиридикээни таҥнары айаннаан иһэллэр. Инникитэ чоккуруос харахтаах, хара элэмэс акка нүксүччү олорбут кыра хатыҥыр оҕонньор икки өттүн өлбөөдүччү көрүтэлиир. Иэдэһин этэ уостан, икки омурда хапсыйбыт. Энньэйбит уһун сыҥааҕын аннынан күрэҥсийбит сэпсигир бытыктаах. Эҥэрин түүтэ бүтэн, лаҕыыр курдук хара сарыы буолбут арбаҕаһын, иһин түгэҕинэн тирбэҕэ быанан бобо тардыммыт. Сотору-сотору куобах чомпойун өрө анньынан, бакыр уҥуох тарбахтарынан төбөтүн тарбаммахтыыр. Иккиһэ, Сиидэр кинээс сылгыһыта Миитэрэй, маҥнайгы ат кэнниттэн олук үктэһэн иһэр маҥан аты мииммит. Хайа тэллэҕинээҕи тумус тыа эргииригэр саҥа охсуллубут үүтээн турарын соһуйа көрдүлэр. Суолтан туораан, дьиэни эргийэ хаамтардылар. Дьиэ таһыгар киһи хараҕар быраҕыллыахха айылаах туох да көстүбэт. Аан баттатыылаах. Ол кэннигэр истиэнэҕэ тимир күрдьэх өйөнөн турар. Кыс маска аҕыйах кураанах дүлүҥ кыстана сытарыттан, биирдэстэригэр тэрээк сүгэ батары охсуллубут.
Салаа үрүйэни өрө икки уллуҥах кэтитэ киэҥ чигдитийбит орох суол оҥойор. Суолу батыстылар. Толору биэс уон саһаан сири бара иликтэринэ, үрүйэ кытыытыгар хаарынан бүрүллүбүт икки чөмөх буор өрөһөлөнө сытарын көрдүлэр. Аттыгар кэлэн икки дириҥ иин айахтара оҥоһон сыталларын көрөн, оҕонньор өмүрэн бабыгыраата. Туох суолталаах ииннэр буолалларын таайа сатаан, кыайан быһаарбатылар. Суолларын салгыы батыстылар. Эмиэ хаарынан бүрүллүбүт чөмөхтөр, чөҥөрүһэ оҥоспут ииннэр көһүннүлэр. Тэйиччи өссө икки чөмөх харааран сытар. Буордара саҥа таһаарыллыбыт. Мэктиэтигэр буруолуурга дылылар. Ханна эрэ сир анныгар тугу эрэ охсуолуур бүтэҥи тыас иһилиннэ. Оҕонньор соһуйан ньолох гынна. Атын тохтотон бэргэһэтин хаҥас кулгааҕын сэгэтэн, тыас хоту иҥнэйэн олорон сэрэхэдийбиттии иһиллээтэ. Иччитэ суох харахтара мээнэнэн килэҥнэстилэр. Ону көрөн Миитэрэй иһигэр күлэ санаата да, таһыгар биллэрбэтэ. Кини бу ииннэри төһө да маҥнай көрдөр, кимнээх үлэлииллэрин сэрэйэр. Былырыын күһүҥҥүттэн ыла татардары көрсө илик. Бу ойууну кытта аараттан ыла аргыстаһан иһэр. Сиридикээн баһыгар Хоболоох төрдүттэн көһөн тахсыбыт эбээннэргэ Миитэрэй бастыҥ тордохторугар көтөн түспүтэ, оҕонньор саҥардыы аҕай кыыран бүппүт этэ. Ыалдьыбыт дьахтар тыынын араҥаччылаан, маанылатан, аһыы-сии олороро. Миитэрэй киирбитин көрөн үөрэ түспүтэ. «Аргыстаһыахпыт» диэн быһаччы сөҥөдүйэн кэбиспитэ. Ойуун иһиллээн көрө-көрө, атын аргыый тыас хоту хаамтарда. Чугаһаатылар. Үөлэс айаҕын курдук, кытыылара кырыарбыт икки кэккэлэһэ иинтэн итии салгын бургучуйар. Оҕонньор ыйытардыы Миитэрэй диэки эргилиннэ. Анарааҥҥыта тугу да билбэтэхтии саннын ыгдаҥнатта. Оҕонньор чугаһыан саараата. Бэргэһэтин кулгааҕын иккиэннэрин аһан, айаҕын атан, иһиллээн олордо. Ол икки ардыгар бүтэҥи көҕүс тыаһа тиҥиргээтэ уонна тугу эрэ хадьырыйар тыас иһилиннэ. Ойуун хараҕын өҥүргэһинэн өрө көрөн кэбистэ. Ата сиргэнэн туора ойуутугар, куһаҕаннык саҥа таһааран көөҕүнээбитинэн тас уорҕатынан тоҥуу хаарга тиэрэ таһылла түстэ. Хата, охторугар атаҕын тэһиинигэр кэтэ биэрэн, ата биирдэ-иккитэ ойоот, тохтоото. Миитэрэй бастаан соһуйан хаалан тугунан да көмөлөһүөн билиминэ олорбохтоото. Онтон өй ылан, ойутан кэлэн атыттан ыстанан түстэ. Бүтүннүү хаар буолбут, көлөттөн мөхсө сытар оҕонньору икки окумалыттан туруору тарта. Ойуун кутталыттан саҥата иһиттэн тахсыбат буола бөтүөхтээбит. Ити икки ардыгар чугастааҕы иин иһиттэн сирэйдиин-харахтыын, таҥастыын-саптыын бүтүннүү буор буолбут хара бэкир киһи орҕостон оронон таҕыста.
– Бабат! Багдайа сытыйбыт баҕайы эбит дуу? Күтүр тоҕо улаханай?!.. – оҕонньор сирэйин хаарын ньиккэринэ туран, туох эрэ атыҥҥа күтүрүү санаабыта киһи буолбутуттан кэҥээбит курдук буолла. Иинтэн тахсыбыт киһи таҥаһын-сабын тэбэнэ, хойуу бытыгыттан сыстыбыт буору-сыыһы ыраастана турда. Ол эрэ кэнниттэн кэһиэҕирбит куолаһынан дорооболоһон сөҥүдүйдэ. Миитэрэйи билэн, сирэйэ сырдыы түстэ. Утары кэллэ.
– Кэпсээҥҥит?
– Бай, сахалыы саҥарар эбит дуу? – оҕонньор соһуйан саҥа аллайда. Сэргэҕэлээбит курдук буолла.
– Туох да суох. Эн тугу сэһэргиигин? – иккис иинтэн тахсыбыт Сафейка диэки чарапчыланан көрдө.
– Суох. Хайа, Миитэрэй, хантан иһэҕин?
– Сылгыларбын көрө сылдьабын. Бу кырдьаҕас эбээннэртэн иһэр.
– Но, ол эбээннэр ханна баалларый?
– Сиридикээн баһыгар бааллар, – Борискалаах Сафейка үөрбүт курдук утарыта көрсөн кэбистилэр. Ойуун Миитэрэйдээх Борисканы уорбалаабыттыы көрүтэлээтэ. Бу дьон урут билсиспиттэрин күүппэтэх быһыылаах.
– Туох ииннэрин хастыгыт?
– Бу аата, кырдьаҕаас, биһиги кыһыл көмүс көрдүүбүт.
– Кыһыл көмүс да?!. – ойуун истибитин итэҕэйбэккэ иккиһин ыйытта. – Ол сээбэс манна үөскээбитин эһиги хантан билэн бачча элбэх иини хастыгыт?
– Кыһыл көмүс сир үрдүгэр сыппат ээ. Сир анныгар баар. Төһө элбэх иини хаһаҕын да, соччонон элбэх көмүһү булаҕын, – Сафейка бу оҕонньор тойомсуйардыы туттан-хаптан саҥарбытын сөбүлээминэ, хадьар соҕустук хардарда.
– Таах сири-уоту алдьаппыккыт. Бу дойду кыһыл көмүс үөскүүр-төрүүр сирэ буолбатах.
– Манна кыһыл көмүһү урут булан тураллар. Ол иһин үлэлиибит, – Бориска көмүскэнэрдии аргыый саҥарда.
Лөкөй Лөгөнтөй быһаас кыһыл көмүс булан, ханнык эрэ атыыһыкка атыылаабытын оҕонньор истибитэ. Онно сылдьыспыт илэчиискэлэр кэлбит буоллахтара диэн сэрэйдэ.
– Көмүс буллаххытына, атыттар эмиэ суудайыахтара. Эһиги хантан кэлбиккитий да, эрдэтинэ ол диэки кэбэлийбиккит ордук буолуо.
Оҕонньор сэмэлэтэлээн, кэнникинэн холдьохсон барбытыгар, дьон симиттэ быһыытыйдылар. Биирдэ санаан көрдөххө, кини этэрэ эмиэ да сөп курдук. Сирдээх-уоттаах дьон көрүүлэригэр төһө да киэҥин, иччитэҕин иһин, дойдуларын буорун туора сиртэн кэлэн талбыттарынан куорҕаллыыллара сүөргү бөҕө буоллаҕа дии. Оттон дьиҥин ыллахха, бу кураанах тоҥ хайалар быыстарыгар үйэлэр тухары туһата суох сытар хаспах сирдэри харыһыйар, эмиэ да оруна суох курдук.
– Алыс айманыма, кырдьаҕаас, биһиги туох да куһаҕаны оҥоруохпут суоҕа. Уорары, алдьатары бэйэбит сөбүлээбэппит. Бу үрүйэттэн атын сиргэ уларыйарбыт биллибэт. Мэлийдэхпитинэ букатын даҕаны барыахпыт.
Оҕонньор сөбүлээбэтэхтии чолбоодуччу көрүтэлээтэ. Сиэбиттэн сиэдэрэй оҕуруо ойуулаах сарыы саппыйаны таһааран, хамсатыгар табах уурунна. Уматынаары саппыйатын сиэбиттэн кыа, чокуур таас куһуогун ылла. Онтон хататын көрдөөн, сиэбин ааҕа хастан мэлийдэ. Туй-сиэ, охторугар хаарга эһиллибит буоллаҕа. Көрдөөн да диэн булара биллибэт. Сатаатахха, ата мөхсөн тула холоруктуу сылдьан, суолларын дэлби тоҕута кэһэн кэбистэ. Оҕонньор моһуогурбутун көрөн, Сафейка сиэбиттэн испиискэ ылан биэрдэ. Ону анарааҥҥыта хап-сабар хаба тардан ылла. Хамсатын уматтыбакка испиискэлэри саппыйатыгар симээт, сиэбигэр угунна. Атын төттөрү эргилиннэрдэ. Сиэппитинэн суол устун хааман хоочугуруу турда. Дьон сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. Миитэрэй кыбыстыбыт көрүҥнэннэ. Дьоҥҥо чугаһаан сибис гынна.
– Ити оҕонньор улахан хомуһуннаах ойуун ээ. Киниэхэ олус утарыласпаккыт ордук буолара дуу?
– Ол иһин да алыс үүрбүт-түрүйбүт эбит дии. Кырдьык, киниттэн тэйиччи соҕус сырыттахха сатаныыһы, – Бориска бастаан кыһыйа санаабыта арыый уҕарыйарга дылы буолла. Миитэрэй оҕонньору эккирэтэн, атын миинэн, ойоҕоско тиҥилэхтээтэ.
10
Сэйимчээн нэһилиэгин кинээһэ Сиидэр Мандыырап кэтэҕэриин ороҥҥо тиэрэ түһэн, быйылгы кытаанах дьыл эндирдэрин эргитэ саныы сытар. Быйыл кыһын куорат атыыһыттарыттан бу дойдуну ким да өҥөйбөтө. Былырыын баччаларга Кушнарев атыыһыт бирикээсчигэ Ыспаагы кытта болдьоһон турардаах. Кэлэр дьыл сааскытыгар диэри нэһилиэгин түүлээҕин хомуйан бэлэм олоруох буолбута. Сиидэр ону толорбот бэйэлээх буолуо дуо? Быһаас Ыспаак кыайан батарбатах табаарын тобоҕунан, Халыма икки эҥэрин түүлээҕин үксүн Ороһуоспа иннинэ хомуйан киллэрэн, ампаарыгар ыгыччы симэн туруорар. Оттон Ыспаак мэлийдэ. Сотору суол алдьаныа. Түүлээҕин ханна батарыай? Уолаҕа киллэрэн эмэрикээннэргэ былдьатыан кэрэйэр. Урут ону эт хараҕынан көрөн турардаах. Биирдэ саас Уолаҕа киирэ сылдьан, эмэрикээннэр пароходтара кэлбитин көрбүтэ. Пароходтан уонча киһилээх улахан оҥочо биэрэккэ тиксибитэ. Биэс-алта солоҥдо курдук сундулуспут дьон дэриэбинэҕэ тахсан, күөс быстыҥа тилийэ сүүрбүттэрэ. Көстүбүт түүлээҕи барытын имири хомуйан ылбыттара. Түүлээх туттарбыт дьоҥҥо чек диэн суруктаах кумааҕы лоскуйдарын биэрбиттэрэ. Сарсын чеккит быһыытынан барыгытыгар табаар түҥэтиэхпит, билигин хараҥаран хаалла диэн буолбута. Ол түүн пароход туох да тыаһа-ууһа суох тумаҥҥа куустаран хоммута. Сарсыарда турбуттара пароходтара ханна да суох этэ. Сиидэр ону санаатаҕына этэ тардар. Тугу гыныахха?! Сайыҥҥа тиэртэҕинэ түүлээҕэ сытыйар.
Балаҕан кырыарбыт аана хаахынаан аһылынна. Тымныы салгын өрүһүспүттүү дьиэ иһигэр кутулунна. Будулҕан туманы бүрүнэн Тысхаан ойуун мааһалдьыйан киирдэ. Салгыннаабыт хараҕынан ол-бу диэки килээриччи көрүтэлээтэ. Мас кыстыыр сиргэ силлээн «палк» гыннарда. Үтүлүгүн, бэргэһэтин устан бытыгын кырыатын тоноомохтоото. Уҥа ороҥҥо кэлэн олорунаат, дьиэ иһин эмиэ сирийэн көрдө. Хараҕа сыыйа үөрэнэн барда. Дьиэлээх киһи сытарын барыгылдьытта. Сөҥ куолаһынан көбдьүөрдэ.
– Хайа, бу кэпсээниҥ?
– Суох! Эн кэпсээниҥ, кырдьаҕаас?
– Киһи үөрэ-көтө кэпсиирэ суох. Арай бүгэн, бүөмнээн олорбуппут мантан инньэ бүтүүһүк быһыылаах, – оҕонньор сарыы саппыйатын таһааран табах уурунна. Били Сафейка испиискэтинэн уматынна.
– Тыый, ол туох иирээни дуу, иэдээни дуу билгэлээтиҥ?
– Бэҕэһээ эн сылгыһыт уолгунаан, Миитэрэйдиин, Сиридикээҥҥэ икки нууччаны көрүстүбүт.
– Бай, ол тугу гына сылдьар дьонуй?
– Үүтээн туттан кыстаабыттар. Муҥур үрүйэҕэ иин бөҕөнү хаһан тиэрэ сүргэйэн кэбиспиттэр. Кыһыл көмүс көрдүүллэр үһү.
– Ноо, хантан кэлбиттэрий?
– Эн сылгыһытыҥ билэттиир эбит. Былырыыҥҥы Ыспаак атыыһыт ындыыһыттара үһү. Сахалыы билэллэр эбит.
– Ээ, били, татардар буоллахтара. Быһайын манна биир атыыһыты кытта Уолаттан тахса сылдьыбыттара. Оттон былырыын Ыспаагы кытта Дьокуускайтан ити уҥуор ыскылаакка кыстаабыттара дии.
– Дьэ, ону билбэтим. Мин кинилэри саҥа харахтаатым.
– Ол дьону манна ыҥыран кэпсэтиэххэ баар эбит, ээ.
– Ким билэр, кэлиэхтэрэ диэтэҕиг дуу! Сири хаһартан атыны билбэт эрэстииннэр быһыылаах. Холдьохсон көрбүппүн, хата, күлүөх курдуктар.
Кинээс оронуттан туран хаҥас диэки соҕуруокка кэтэҕэр иистэнэ олорор дьахтарыгар ордоотоото.
– Ыл эрэ, бу дьахтар, остуолу тарт. Чэйдии охсон кэлиллиэ-барыллыа этэ.
Кинээскэ эрэл санаа үөскээтэ. Ол татардары кытта сибээстэстэххэ сатаныыһы. Кинилэр Уолаҕа Солобуйуоп диэн киһини билэр буолуохтаахтар. Кини Кушнарев атыыһыт табаарын тутар сурахтааҕа. Былырыын Ыспаак ол татардарынан түүлээҕин Уолаҕа икки төгүл бырахтарбыта уонна таһаҕас таһаарбыта. Арааһа, саас, суол куурдаҕына, ол дьону кэпсэтэн Уолаҕа ындыы түһэттэрииһи. Сиидэр кинээс санаата көтөҕүлүннэ. Сүөгэй үүттээх хойуу чэйи өрүһүспүттүү сыпсырыйа олорор ойуун диэки ньымааттаабыттыы көрдө.
– Кырдьаҕаас, ол нууччалар бу дойдуттан көмүс булаллара биллибэт. Эрэйдэрэ тиллибэтэҕинэ бэйэлэрэ даҕаны тэскилиэхтэрэ. Олус санааҕар тутума, күн-дьыл көрдөрөн иһиэ.
– Итинник мэлийдэллэр, онто суох, баҕар, тохтуо этилэр. Дьэ, бэйи, кэтэһэн да көрүөххэ син.
Аһаан бүтэн, дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы сонуну суолтатыгар эрэ ыаспайдаһан баран, оҕонньор сотору дьиэлээтэ.
11
Бытархан тымныылар намырайан, сааскы ылааҥы кэм буолла. Сафейка тохтоон, тыын ылла. Хайыһарын быатын чиҥэтэ тардан биэрдэ. Сүгэһэрин көннөрүннэ уонна суолу кытыытынан тоҥ хаарга уйдаран икки илиитинэн хардарыта эрчимнээхтик анньынан, тэбэн халыһыта турда. Элбэх үөр таба тоҕута үктээн ааспыт суолун ойоҕолуу, муус курдук чиҥээбит хаарга устурууһунан аспыттыы, наарта суола килэбэчийэр. Бу сарсыарда ааспыттар. Суолтан тэйиччи шурфаларын иһигэр үлэлии сылдьар буоланнар, билбэккэ хаалбыттар. Күнүс дьиэлэригэр чэйдии тахсан иһэн, суолларын көрөн соһуйдулар. Бастаан кыыл таба үөрэ ааспыт буоллаҕа дии санаабыттара. Онтон сирийэн көрбүттэрэ, кэннилэриттэн икки-үс наарта суола барбыт этэ. Үөрэн утарыта көрсөн кэбиспиттэрэ. Бу түгэҥҥэ кинилэр иккиэн биири санаабыттара. Астара баранан быстарар кутталга киирбит кэмнэрэ этэ. Сүбэлэһэн бу күннэргэ Сэйимчээнниэх буола сылдьыбыттара. Бу күһүн Лөкөй Лөгөнтөй бэрсибит этигэр бултаан хаһааммыт-сүүсчэкэ кустарын эбэн баччаҕа тиийдилэр. Үлэлэрин быыһыгар чугастааҕы тыалары кэрийэн сороҕор тииҥ, сороҕор хабдьы киллэрэн эбинэллэр. Бурдуктарын наар хааһылаан сиэн бүтэрдилэр. Кыс ортотун саҕана Миитэрэй ойууннуун кэлэ сылдьыыларыгар, Сиридикээн баһыгар эбээннэр баар сурахтарын бэркэ сонургуу истибиттэрэ да, чуолкай хайа сиргэ баалларыи билбэт этилэр, онон барбатахтара. Соло да суох этэ. Кыһыны быһа тоҥ буору, тааһы кытта тиниктэһэн тахсыбыттара. Муҥур үрүйэҕэ уонча иини хаспыттара уонна соторутааҕыта Утары салааҕа көһөн үлэлии сылдьаллар.
Сафейка сирин ортолоото бадахтаах. Аны көс кэриҥэ хаалбыт буолуохтаах. Кинилэр сабаҕалааһыннарынан, эбээннэр бу түүн Сиридикээн баһыгар тиийэн хайаан да хонуохтаахтар. Күн киэһэрэн, уота өһөн, сөрүүкээн барда. Хаар чаҕылыттан хараҕа саатара арыый буолла. Хаста даҕаны үөр хабдьылар көтөн тирилэһэн тахсан, иннигэр баран түһэллэр. Табалар ааспыт сирдэригэр хаар аннытан от сыата, тоҥ отон тахсыбытын сииллэр быһыылаах.
Суол наар хочо уҥа өттүнэн хайа эҥэрин батыһа барар. Туора үрүйэлэр сүнньүлэрин тутуһан киирэр тумус тыалар суол икки өттүгэр силэллэн биэрэрдии арахсаллар. Баччааҥҥа диэри хочо хаҥас эҥэрин хайытан түспүт үрэх көҥүһэ эмискэ уҥа диэки хайысхаланна. Суолу быһа охсон, хайа туруору эмпэрэтин аннынан ааһар. Сафейка көҥүс хааһын үрдүгэр хорус гына түстэ. Көрбүтэ, үрэх мууһа тааҥнаабыт. Үрдүнээҕи хаара чэйинэн мэһиллибит убаҕас хааһылыы саһарымтыйан көстөр. Сорох сиринэн сүүрүгүрдэ сытар. Табалар суоллара тааҥы үрдүнэн туора бырдааттаһан ааспыттар. Тумнар сири көрдөөн Сафейка үрэҕи өрө-таҥнары хаамыталаан көрдө да, ханан даҕаны быстаҕаһы булбата. Хайдах даҕаны уҥуор туораатаҕына сатанар. Тугу гыныан мунааран турбахтаата. Туруору эмпэрэ сыыры сэрэнэн түстэ. Уу кытыытыгар киирдэ. Хайыһарын устара сатаныа суох. Уулаах хаарга батыллан хаалыыһы уонна муус хайдыбытыгар да түһүөн сөп. Синигэр түһэн, хайыһардыын киирдэ. Араҕас сиҥэни бокуойа суох кэһэн киллиргэттэ. Дириҥэ бэрбээкэйин ааһан сорох сиринэн сототун ортотунан буолла. Хаатыҥкалара ууну оборон атахтара соҕотохто ыарыы түстүлэр. Атаҕар ууну киллэримээри өрүсүһэн күүһүн муҥунан түһүөлээтэ. Охтубатах эрэ киһи диэн баҕалаах. Хаста даҕаны уу хайа охсубут куоһаахтарыгар түһэ сыста. Кутталыттан санаата тууйуллан, тыына кылгаан, сыыһа-халты туттунара элбээтэ. Халты-мүлчү тэбинэн, охтон иһэн өрүһүнэн ылаттаата. Сатаан бардахха, хайыһарын тумса хаар сиҥэни аннынан баран, кыайан салаллыбакка эрэйдээтэ. Айаҕалыы сатаан атаҕын өрүтэ көтөҕөлөөн, хайыһарын төбөтүн тааҥы үрдүнэн чолоҥнотон хааман баһыахтаата. Онтуката эбии ыараан олус сыралаах буолла. Санаатыгар наһаа уһуннук айаннаата. Хаатыҥкатын курдат уу өтөн тымныынан хаарыйталаата. Уҥуоргу биэрэк чугаһаата. Күүһүн мунньунан эбии нэмийэн хамсанна. Төһө да ыксаатар тиһэх хардыыларын бэркэ сэрэнэн оҥортоото. Дьолго, охтубакка кытыыны булла. Тахсан хайыһарын уһулла. Хаарга үктэнэрин кытта хаатыҥкалара соҕох курдук мууһуран хааллылар. Омуна суох биирдии бэйэлэрэ боппууда ыйааһыннаннылар быһыылаах. Сафейка куругар иилинэ сылдьар быһаҕын таһааран бэрт тиэтэлинэн хаатыҥкаларын мууһун кыһыйда. Хайыһарын ыраастанна. Атаҕын устубута, куллуката, хата, улаханнык сытыйбатах быһыылаах, көннөрү сиик эрэ билиннэ. Хайыһарын үрдүгэр туран хааман көрбүтэ халтарыйбат. Иккистээн уһулан алын өттө бүтүннүү муус быдьына буолтун быһаҕынан кыһыйан, хаарынан сууралаан кылаадьылыы сатаата. Бу сырыыга арыый ордук халтарыйарга дылы буолла. Ити икки ардыгар күн хайа кэтэҕэр киирэн, хараҥа күлүк сабардаата. Халлаан эмискэ тымныйбыт курдук буолла. Сафейка тиэтэйдэ. Хараҥарыан иннинэ аналлаах сиригэр тиийдэҕинэ сатанар. Хаатыҥката кыһайбыттыы улам хам ылан истэ. Кини ирээри эрчимнээхтик тирэнэн хаамар. Айаннаары туран, төрүт даҕаны кырыымчык астарыттан, тиэтэйэн аанньа аһаабатаҕа, куртаҕа кураанахтанна. Сылайбытын сыыйа билинэн истэ.
Сотору икки салаа арахсыытынааҕы тумус хайа тэллэҕэр кэллэ. Табалар суоллара хаҥас салааны тутуспут. Санаа хоту буоллар, эбээннэргэ диэри үс-түөрт эрэ биэрэстэ хаалбыт буолуон сөп. Сафейка кыратык тохтуу түһэн, тыын ылла, сүгэһэрин көннөрүннэ. Төһө кыалларынан харса суох хамсанан кэнникинэн ирэн, өссө тиритиэх курдук буолла. Сүүһүн көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбытын сиэҕинэн дьукку сотунна. Бэргэһэтин сэгэччи өрө анньынна. Айанын салҕаан хаампытынан барда. Маһа суох сырыынньа хотоол сири өрө дабайда. Хобочооҥҥо түһэр дабаан саҕаланна. Быһаас Уолаҕа киирэн иһэн, эмиэ бу аартыгынан ааспыттара. Манна элбэх таба аһылыктаах сир буолан, саас аайы эбээннэр кэлэн тохтоон, табаларын уотан ааһар сурахтаахтара.
Ыраах туман будулуйан көһүннэ. Сотору ыттар үрэн моргустулар. Сафейка чэпчээбиттии иһин түгэҕиттэн дириҥник өрө тыынна.
12
Бориска түөрт ортолуу хаһыллыбыт шурфаларга толору уот отунна. Бэлэмнэммит чөмөх мастарыттан кыра тобох орпутун мыыммыттыы көрдө. Эбии мас булуннаҕына сатаныыһы. Чөҥөчөк үрдүгэр олоро түһэн, улахан санааҕа ыллардаҕына буоларыныы, киһи төбөтө ойуулаах таас хамсаҕа табах уурунна. Санаата наар Сафейка туһунан. Этэҥҥэ сылдьан, тугу эмэ булан кэллэҕинэ дьон буолаллар. Быйыл кыһын сүүрбэччэ иини хастылар. Сайын сууйуута уһуура буолуо. Онон хайдах эмэ гынан аһылыктарын хааччыннахтарына сатанар. Сааларын сэбэ аҕыйаата. Көтөрү дэлэйдик бултууллара аҕыйыыр.
Табахтаан бүтэн, хамсатын күлүн дүлүҥ маска тэбээмэхтээт, саппыйатыгар суулаан сиэбигэр уктан кэбистэ. Күһүн Лөкөйтөн бэлэхтэппит хататын ылан сүгэтин биитин көннөрдө. Туран үрэх төрдүгэр үүммүт куруҥах мастар диэки хаамта. Хас даҕаны сонос маһы охторон бысталаан, иинин таһынааҕы чөмөххө таста. Ииннэрин көрүтэлээбитэ, мастара умайбыттар. Чох бөҕө тахсыбыт. Уһун сиэрдийэни ылан чохторун чөмөхтүү тардыалаата. Ииннэрин айаҕын эрдэттэн бэлэмнэммит болбукта лабааларынан хос-хос сабыта уурталаата. Итинник буоллаҕына сылааһын тутумтуо, тоҥо иримтиэ, оччоҕо хаһарга табыгастаах. Үлэтин бүтэрэн, астыммыттыы көрөн турбахтаата. Өссө тугу гыныан толкуйдуурдуу ол-бу диэки көрүөлээтэ. Иҥнэри түһэ сытар улахан солуурчаҕы, лаппаакытын уонна хойгуотун маҥнайгы иин таһыгар аҕалан биир сиргэ уурталаата. Телогрейкатын таһынан тула эринэ сылдьыбыт түөрт-биэс былас усталаах бирээдьинэ быаны сүөрэн, аҥаар төбөтүн солуурчаҕын кылдьыытыттан баайда. Иинин сабыытын арыйан болбукталарын лабааларын биир сиргэ чөмөхтүү уурда. Иин таһыгар сытар хас даҕаны сиринэн үктэнэргэ аналлаах хабарҕалыы кэрдиистээх сонос маһы шурф муннугунан иһирдьэ түһэрдэ. Хойгуотун, лаппаакытын туппутунан иинин иһигэр киирбитэ, буруо сыттаах сылаас салгын аҥылыйда. Иинэ дириҥээбит эбит. Лаппаакынан кыайан эһиэ суох. Тахсан солуурчаҕын киллэрдэ. Хаста да кырынан чоҕун таһаарда. Сирин ириэнэҕин лаппаакынан хаһан хас да солуурчахтаах буору эмиэ үөһэ таста. Солуурчаҕар кута-кута, үөһэ тахсан быаттан тардан ылар. Бу соҕотох киһиэхэ олус бытаан, сылаалаах үлэ. Иккиэ буоллахтарына, солбуһа сылдьан биирдэһэ кутан биэрбитин иккиһэ өрө тардан ылан иһээччи, онон үлэлэрэ кэм кудуххай, көхтөөх буолара. Санаатыттан Сафейка олох арахпат. Бэҕэһээ эбээннэргэ тиийбит буоллаҕына, бүгүн төннөр кэмэ кэлэн эрэр. Сиридикээн баһыгар тохтообут буоллаллар, ситиэ этэ. Оттон тохтообокко аһара барбыт буоллахтарына, иэдээн. Оччоҕо доҕоро таах ыт өлүүтүн өлөр. Төттөрү төннөрүгэр сэниэтэ эстэр. Санаатыгар ииниттэн киирэ-тахса сылдьан, тыас-уус иһиллии сырытта. Аралдьыйаары харса суох үлэлиир. Ииннэрин кэрийэ сылдьан ириэнэх үрдүкү араҥалары ылаттаата. Сылайда. Аһыан алыс баҕарда да, соҕотохсуйан, санаата айманан иһигэр ас да аанньа киириэ суох курдук. Күн киэһэрдэ. Халлаан былытыран түргэнник хараҥаран барда. Хотугулуу арҕааттан сытыы тыал түстэ. Бориска тыалтан саһа таарыйа иинигэр киирэн, харыс кэриҥэ ылыллыбыт ириэнэх араҥа аннынааҕы тоҥу хойгуотунан көйбөхтөөтө. Көөрөммүт кумаҕын үөһэ таста. Иинин иһэ сып-сылаас. Сынньана таарыйа хоонньуттан буспут тииҥ этин таһааран көмүллээтэ.
13
Үс түүннээх күн хаар силлиэ ытыйда. Сафейка мэлийдэ. Барбыта биэс хонно. Кини кэнниттэн икки хонон баран, Бориска көрдүү бараары тэриммит күнүгэр буурҕа саҕаламмыта. Онон хаайтаран хаалла. Бу кэм устатыгар түүннэри-күнүстэри арааһы барытын эргитэ санаата. Аанньа утуйбакка, аһаабакка өйүкү-төйүкү сырытта. Тугу да гынар кыаҕа суох, бэйэтин кытта бэйэтэ үөхсэн баллыгырыыр буолуталыыр. Абатыттан оту-маһы эрэ кытта охсуспата. Иккиэн барбатахтарыттан бэйэтин сэмэлэннэ.
Сиридикээн баһыгар эбээннэри сиппэтэҕинэ, Сафейка хайаан да төннүөхтээх этэ. Оннук кэпсэтиспиттэрэ. Мантан Хобочооҥҥо түһэр дабааҥҥа диэри икки аҥаар көс буолуохтаах. Онно күнүнэн тиийиэхтээх этэ. Иккитэ аһыыр өйүөлээх, чаанньыктаах барбыта, онон төннөрүгэр сэниэтэ олус эстиэн сөбө суохха дылыта. Түүн хараҥаҕа муммут бэйэтэ дуу, баҕар, адьырҕа үөрүгэр түбэспитэ дуу? Саата суох барбыта, биэрэн көрбүтүн, таһаҕас буолуо диэн ылбатаҕа. Этэҥҥэ буоллаҕына, буурҕа иннинэ холкутук кэлэр кыахтааҕа. Сафейка барбытын алтыс күнүгэр Бориска хойутаан уһугунна. Түүн хойукка диэри кыайан утуйбакка, төбөтө дьалкыҥнас буолбут. Муус түннүгүнэн бороҥуй сырдык киирэр. Бориска ойоҕоско астарбыттыы олоро түстэ. Сыгынньах атахтарын хаатыҥкаларыгар батары биэрдэ, аанын нэһиилэ аһан таһырдьаны өҥөйдө. Силлиэ уурайбыт. Ааҥҥа кыбылла-кыбылла Бориска таһырдьа таҕыста. Дьиэтин хаҥас эркинин үрдүгэр тиийэ хаарынан типпит. Хайыы-үйэҕэ үөһэ ойбут күн быһытталаммыт былыты быыһынан чэмэличчи тыкпыт. Бориска бэрт тиэтэлинэн сиирэ-халты аһаабыта буолла. Өссө үнүр бараары бэлэмнэммит ботуоҥкатын, саатын сүгээт, хайыһарын үрдүгэр түстэ. Туох да суола-ииһэ биллибэт тыал мэндээриччи охсубут чиҥ килэм хаарга уйдаран харса суох анньынан истэ. Санаатыгар тулатын эргиччи көрүммэхтиир. Өр гыммата, Сафейка кэһэн туораабыт уулаах үрэҕэр тиийэн кэллэ. Били үнүргү тааҥнаабыт үрэх киһи билбэт гына уларыйбыт. Мууһурбут чэҥи хаар халыҥнык саба тибэн кэбиспитин үрдүнэн Бориска тугу даҕаны уорбалаабакка туораата. Лиҥкинэс мастаах хара тыа киэҥ хочону икки эҥэринэн ыга анньан үүммүт. Кыһын устата халыҥ хаар суорҕанынан үллүктэнэн хамсаабакка нуктуу турбут аарыма тииттэри бу ааспыт буурҕа сымнаҕас сабыыларын саралыы тардан, сылаас ууларын уйгуурдан кэбиһэн, билигин суоһурҕаммыттыы суодаһан хамсыыры эрэ барытын харбаан ылыахтыы сарбаҥнаһа, барыҥнаһа турарга дылылар. Тула тугу эрэ чуҥнаабыт курдук, кулгаах чуҥкунуур уу чуумпу. Бориска санаатыгар кини аҕылыыра, хайыһарын тыаһа тулалыыр эйгэни бүтүннүү аймыыр курдуктар. Тоҕо эбитэ буолла, кини сэрэммит быһыынан тыаһаабакка эрэ айанныырга кыһаллар. Наҕыллык тыына сатыыр. Киһи кэнникинэн эбии ыгылыйда. Сирин аҥаарын холобурдааҕы барда да, туох да сибики биллибэтэ. Тула өттүн сирийэн көрө иһэр. Ханна кыра томтор, хаар чөмөхтөммүт сирин аайы тохтоон, тайах маһынан анньыалаан, бигээн көрөр. Онтукалара хаарынан тибиллибит чөҥөчөктөр, дулҕа төбөлөрө, охтубут мастар буолуталаан истилэр. Ол аайы чэпчии түһэргэ дылы гынар. Доҕоро өлүөр, тыыннаах буоларыгар эрэмньитэ күүһүрэн истэ. Итинник айаннаан күн киэһэриитэ эбээннэр олохторугар тиийдэ. Кураанах тэлгэһэни көрөн курус гына түстэ. Ураһа атах мастара чөмөх-чөмөх тииттэргэ өйөннөрүллүбүттэр. Сорохторун силлиэ түһэрбит. Көспүттэрэ ырааппыт быһыылаах. Сафейка баттаспатах эбит буоллаҕа. Оччоҕо тоҕо төннүбэтэ. Аһара эккирэтэн барбыта буолуо дуо? Ханна баалларын билэн мээнэ барыай? Бориска тугу гыныан билиминэ, тайаҕар өйөнөн, бытыгын кырыатын соттумахтыы турда. Өйдөөн көрбүтэ, тэлгэһэ илин кырыытын диэки тыа саҕатыгар туох эрэ томтойон көстөр баар. Онно барда. Ол иһэн эмискэ бачымах курдук хойуу суолу көрө биэрдэ. Сүрэҕэ биирдэ «парк» гына түстэ. Бөрөлөр… Бөлүүн… Өссө ол иннинэ сылдьыбыттар. Сорох суолларын хаар типпит. Били томтору хаспыттар. Туох эрэ уҥуохтарын хостоон көмүллээбиттэр. Онно-манна хаан симэһиннээх уҥуох бытархайдара көстөллөр. Эбээннэр күрдьүктэрин сүргэйбиттэр диэх курдук санаан иһэн, хардаҕас саҕа икки туох эрэ хаарынан бүрүллэн сыталларын көрдө. Тайах маһынан бигээн көрбүтэ, кытаанахтар. Дьиибэргээтэ. Хам тоҥмуттарын хоҥнорон эргитэ быраҕаттаабыта, арай хаатыҥка буоллулар. Сафейка мууһурбут хаатыҥкалара! Бориска сүрэххэ астарбыттыы ынчыктаан ылла. Түөһүн туттубутунан күрдьүк үрдүгэр олоро түстэ.
14
Бөлүүн, уһун түүнү быһа хараҕын симмэккэ кутаа оттунан бөрөлөрү кытта чуҥнаһан таҕыста. Эрдэттэн сэрэхэдийэн түүннэри айанныы сорумматаҕа. Аллараа мастаах сиргэ киирэн, улахан сыгынаҕы булан, ол хоонньугар уот оттунан хонорго быһаарыммыта. Сырдыкка түүн уматар маһын дэлэччи тиийэр гына бэлэмнэммитэ. Хаары уулаан чэй оргутунан, буспут хабдьы уонна тииҥ этин үссэнэн итии киллэриммитэ. Саатын ботуруоннарын бэлэмнэммитэ. Ботуруона уонча эрэ, онон ыксал тирээтэҕинэ туттар санаалаах. Бөрөлөр хайаан даҕаны кэлиэхтээхтэрин сэрэйэрэ. Ол иһин көмүскэнэргэ бэлэм олорбута. Сафейканы сиэбиккит курдук, ол аайы эһиги айаххытыгар киирэн биэриэм суоҕа. Кини даҕаны саалааҕа буоллар, тыынын көмүскэниэ этэ диэн иһигэр абара-сатара олорбута.
Күүппүтүн курдук, хараҥарыыта утуу-субуу тула өттүгэр бөрөлөр улуйсубуттара. Сотору мустан ырааҕынан кутааны тула сундулуспуттара. Киһи, куттаммыт санаатыгар, халлаан сулуһунуу элбэх уоттаах харахтар тыа иһиттэн кинини суптурута одуулуурга дылылара. Күөх толбонунан килбэчиҥнэһэр суостаах тымныы харахтар уоттарыттан этэ салаһан саатын кууспутунан сыгынаҕын улаҕатыгар эргичиҥнии олорбута. Сотору-сотору уотугар мас быраҕан күөдьүтэн биэрэрэ. Ол курдук түүн үөһүгэр диэри өрө мөхсө сылдьыбыта. Сороҕор суоһурҕанан уоттаах маһынан далбаатанара. Чугаһаатахтарына быраҕаттаан ыытара. Кэнникинэн кыыллара дьулахачыйа быһыытыйан, төттөрү-таары сүүрэллэрин тохтотон, тэйиччи баран төгүрүччү сытынан кэбиспиттэрэ. Бориска эмиэ сылайан сынньана түһүөн санаан, саатыгар өйөнөн көхсүн сыгынахха анньан олорбохтообута. Кыылларын эргиллэн көрө-көрө, уотугар мас быраҕан биэрэрэ. Төһө өр оннук олорбутун билбэт. Биирдэ көрө түспүтэ, хатат уотун саҕардыы, ойоҕоһунан уоттар чаҕылыспыттара. Кыыллара сыылан чугаһаабыттар эбит. Киһи тура эккирээт, чугастааҕы кыылы харахтарын икки ардынан туһаайа тутаат, ытан хабылыннарбытыгар, хатан суоһар сарылааһын иһиллибитэ. Ону кытта тэҥҥэ, оһох кыыма ыһыллыбытыныы, уот харахтар үрүө-тараа төттөрү бырдаҥаласпыттара. Табыллыбыт кыыл ханна эрэ тыаҕа баран оҕунна быһыылааҕа. Ол диэки киһи этэ салаһар кылгас хапсыһыы кэнниттэн, тугу эрэ мамыктыыр, тырыта-хайыта тыытар тыас, ардырҕас саҥа түүҥҥү хараҥаны аймаабыта. Адьырҕа үөрэ биир хааннаахтарын эттэри-тириилэри аһыыларын төбөтүгэр үллэстэн уҥуох туппуттарын сэрэйбитэ. Онтон сарсыардааҥҥа диэри кыылларын кэтээн таҕыста. Хаста да чугаһаан киирэ сылдьыбыттарын, ботуруонун харыстаан ыппакка, уотунан тамнааттаан үүртэлээбитэ. Бөрөлөр халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ күрэммиттэрэ. Киһи, төһө да сылайдар, утуйуон куттанан, хайыһарын кэтэн төттөрү айаннаабыта.
Күнү быһа сукуҥнаан сэниэтэ эстэн, киэһэ дьиэтигэр сыккырыыр тыына эрэ кэллэ. Дьиэтэ оттуллубакка тымныйбыт. Хаамтаҕын аайы атаҕын тыаһа уорааннанан, дуораһыйан иһиллэр буолбут. Бориска кэлээт, сыгынньахтаммакка да эрэ, барааҥка сонун төбөтүгэр саба быраҕынаат, умса түһэн утуйан хаалла. Түһээтэҕинэ арай эмиэ бөрөлөр төгүрүктээһиннэригэр түбэһэн, улахан кутааны оттубут. Уотун суоһа сүрдээх. Бориска итииргээн барааҥкатын уолугун арынна. Хантан эрэ муннугар буспут эт минньигэс сыта саба биэрдэ. Бу өйдөөтөҕүнэ, олус диэн аччыктаабыт эбит. Аһыан наһаа баҕарар да, күөс ханна баара көстүбэт. Ханна эрэ кутаа уҥуор дьон кэпсэтэллэр. Ол икки ардыгар бөрөлөр харахтарын уота кинини тымныынан дьөлүтэ үүттээтилэр. Бориска эмиэ адьырҕалары чуҥнаан, сыгынаҕын улаҕатыгар мөхсө сытта. Эмиэ ханна эрэ дьон кэпсэтэллэр.
– Буорайбыт. Аанньа аһаабакка аччыктаан да иэдэйдэҕэ.
– Санаарҕаан быһар быһаҕаһа эрэ хаалбыт. Чанчыктара маҥхайбыттар, баттаҕа күрэҥсийбит. Урут биир даҕаны маҥан баттах суох этэ.
Бээрэ ити ханна кэпсэтэллэр? Хайдах эрэ билэр куоластара. Бориска кутаа улаҕатын көрө сатыыр.
– Күөспүт буста. Хоторон аһыахха дуу? Киһибитин хайыыбыт?
– Турдаҕына аһыаҕа. Сынньаннын.
Сынньанан буола-буола. Мин сынньана сытар үһүбүн дуо? Бөрөлөртөн тыыммын көмүскэнэн мөхсөбүн дии. Ас сыта муннун кычыгылатта. Эмиэ уот уҥуортан бэркэ билэр саҥата дуораһыйда.
– Дьаабал баара, урут баччаларга бэйэм даҕаны улахан кыылы бултаһар этим. Ону баара быйыл бөрөлөр аймаан кэбистилэр.
Тууй-сиэ, Лөкөй Лөгөнтөй саҥарар буолбат дуо? Хайдах мааҕыҥҥыттан билбэтэҕэй?
– Аат адьырҕалар торҕоннообуттара тоҕо сүрэ буолла? Оннооҕор хаатыҥкабын тырыта тыыппыттар.
Оо, оо! Аны Сафейка эрэйдээх үөрүн ытатан эрээхтиир дии. Кырдьык даҕаны, санаата тууйуллан, хаатыҥкалары өйдөөн илдьэ киирбэтэх эбит. Саатар, кэтэн туһаныллыа эбитэ дуу? Ол эрээри ону сүгэн кэлэр сэниэтэ да суоҕа. Аттыгар эмиэ уоттар чаҕылыстылар. Киһи саатын көрдөөн мөҕүстэ. Булбата. Хабыс-хараҥа. Хараҕа сабыылаах. Күүһүн түмэн хараҕын атытта…
Уһуктан кэлбитэ, дэлби тириппит. Оронугар сытар. Тоҕо итиитэй? Барааҥкатын киэр элиттэ. Эргиллэн көрбүтэ… оттуллубут оһох иннигэр дүлүҥ олоппоско Лөкөй Лөгөнтөй куолутунан оллоонноон кэбиспит. Табахтаан бусхата олорор. Оһох таһыгар көхсүнэн буолан Сафейка күөс хоторо турар. Бориска олоро түстэ. Саҥата суох ытаан, икки санна титирэстээн барда.
15
– Соҕотох тордох турарыгар көтөн түспүтүм, биир эдэр уол солуурчаҕын толору эт буһаран аһыы олорор эбит. Быһыта-орута ону-маны кэпсэтиһээт, мин бэлэм күөскэ олорон аһаспытынан барабын. Үөрбүтүм баара, дьыала атыннык эргийэн таҕыста. Аҕата Байбаакаан оҕонньор эмээхсининээн, ойох ылбыт улахан уолаттарынаан үс тордох ыал үөр табаларын үүрэн Тааҥычаан үрэҕэр аһара түспүттэр. Ол хас да көстөөх, ыраах сир үһү. Оттон кини бултарын сэбин эһитэлээн кэлэн олорор эбит. Сарсын дьонун эккирэтэр үһү. Икки олох сыарҕаҕа көлүнэр түөрт эрэ табалаах хаалбыт. Онон миэхэ кураанах төннөр кыһалҕа тирээтэ, – Сафейка сойбут миискэлээх миниттэн ыймахтаан ылла уонна салгыы кэпсээн барда.
– Ыксаатым: «Биһиги хоргуйан өлөр дьон буоллубут. Туох көмөлөһөрдөөххүнүй? Кытаат, өрүһүй. Өҥөҕүн чэйинэн, табаҕынан төлөһүөм», – диэтим. Киһим тугу даҕаны тобулан сүбэлээбэтэ. Оччоҕо мин эйигин кытта барсабын диэн буол. «Мин атын сиринэн эргийэн барардаахпын, – диэтэ уолум. – Омуоһап Лөгөнтөйгө аҕам илдьитин тириэрдиэхтээхпин».
– Оччоҕо мин Лөгөнтөйгө диэри барсабын диэт, мин ойон турдум. Киһим мин муус кыаһаан буолбут хаатыҥкабын дьиктиргээбиттии көрдө. Аһынна быһыылаах. Олорбохтуу түһээт, тэллэҕин анныттан эргэ тыс этэрбэс ылан биэрдэ.
– Маны кэт. Хаатыҥкаҕын хааллар. Атахтарыҥ быстыахтара, – диэн илдьэргэ сөбүлэҥин биллэрдэ. Мин үөрүүбүттэн киһибэр испиискэ, кыра чэй, табах биэрдим. Сарсыарда халлаан сырдыыта турдубут. Мин эргэ соҕус эрээри, бүтүн, бэртээхэй этэрбэстэри кэтэн кэбистим. Хаатыҥкаларбын таһааран күрдьүк аттынааҕы тиит төргүү мутугун төрдүгэр үөһэ тииккэ сыһыары уурталаатым. Салгын охсон сараҕыйдыннар, кэлэн иһэн ылыам дии санаатым. Онтукаларбын силлиэ түһэрбитин аҥаарын бөрөлөр быһыта хадьырыйталаабыттар. Күнүс эрдэ Лөгөнтөйгө мэҥитэн тиийдибит. Киһим аҕатын илдьитин кэпсээтэ. Быйыл Сиридикээн баһынан, Буйуҥданан бөрө үөрэ олус хойдон табаны улаханнык аймаабыт. Ол иһин оҕонньор Тааҥычааҥҥа күрэммит. Онно төһө да мэччирэҥэ мөлтөҕүн иһин, табаларбын быыһыам диэбит. Лөгөнтөй ол бөрөлөргө айанан бултаһарыгар көрдөспүт. Эһиил өссө элбээтэхтэринэ табаларбыттан эстэбин диэн илдьиттээбит. Эрэйин кэнники саныа үһү. Мин эмиэ Лөгөнтөйгө кыһалҕабын барытын кэпсээн биэрдим. Лөгөнтөй олорбохтоон баран: «Этэ суох өлүүһүгүт. Оҕонньор сыҥааҕа ыарахан буолуохтаах. Арай мин барсыыһыбын», – диэтэ. Чэйдээт да, айаннаатыбыт. Ол күн түүннэри айаннаан Байбаакааҥҥа тиийдибит. Лөгөнтөй оҕонньору үчүгэйдик билэр эбит. Онон эрэйэ суох тылбытын ылынан түөрт табаны биэриэх буолла. Лөгөнтөйдүүн бөрөлөрү хайа сатанарынан чуҥнаһар табыгастааҕын кэпсэтистилэр. Булка сылдьарыгар биир олох сыарҕалаах табаны анаата. Онон сарсыарда түөрт эттээх табаны холбонон төннөр буоллубут. Ону баара, ол түүнүгэр буурҕа саҕаланан үс күн хаайтаран сыттыбыт. Тааҥычаан үрэҕэр кыһыннары өрө тыга турар итии уу тахсар сүүрээнэ баар эбит. Кини муус үрдүнэн халыйар сиригэр оҕонньор балаакка оннун саҕа сиргэ аппа хастаран уунан толорторбут. Үрдүнэн балаакка тардан баран онно киирэн угуттанар, сөтүөлүүр эбит. Илиим, атаҕым дьарҕатын сыл аайы манна эмтиибин диир. Лөгөнтөй биһиги эмиэ эмтэннибит. Били мантан барарбар ууну кэһэммин атаҕым бэрбээкэйдэрэ сүһүөхтэринэн дьаралыйан ыалдьаары гыммыттара угуттанан абыранным, тута оһон хаалла. Буурҕа уурайан, бүгүн сарсыарда эрдэттэн айаҥҥа туруммуппут. Аара кэлэн иһэн эн суолгун, хоммут сиргин көрбүппүт. Кэннигиттэн эккирэтэн көрөн баран, сиппэтэхпит, – Сафейка буруйдаммыттыы доҕорун бу кылгас кэм иһигэр кыырыктыйбыт баттаҕын көрүтэлээтэ.
16
Саас. Хаар ууллан, үрэхтэр уулара киирэн, сир-дойду уһуктан, араас көтөр үөрэ хотоол ууларыгар, үрэх хомолоругар үөмэхтэс буолбут. Кырдал кырыс сирдэр, сууйуллубут күөх сукунаны тиирэ тарпыт курдук, сырдык сибиэһэй өҥүнэн күн сардаҥатыгар көҕөрүмтүйэ толбоннуран көстөллөр. Мас-от тиллэн, симэһинэ ситэн, силигилии симэнэр кэрэ кэмэ кэлэн эрэрин кэтэһэн турардыы, үнүгэһэ үүнэн, хатырыга хаҥаан, сымала сытынан аҥылыйан, сыһыыны, хонууну бүтүннүү тунуйбут. Миитэрэй сөрүүн салгыны түөһүн муҥунан ыйырбахтаан ылла. Наҕыл хаамтарыынан Сиридикээн төрдүнээҕи киэҥ хомо сыырын таҥнары киирдэ. Хомо чычаас налыы уутугар араас кус үөрэ мустан аһыы, көччүйэ сылдьара. Күн уотугар көмүс куорсуннар кустук араас өҥүнэн күлүмүрдэһэ оонньууллар. Элбэх кус уҥуоргу кытыы бадарааныгар тахсан, төбөлөрүн кынаттарын анныгар кистээн утуйа сыталлар. Сорохтор кытыл устун хаамсан түөрэҥэлэһэллэр.
Миитэрэй хомону кытыытынан кэрийэ хаамтаран үрэҕи өрө барда. Чугастааҕы кустар саҥарса-саҥарса, утары устан бардылар. Миитэрэй кэтириинискэй доруобун ииттэн сүгэн иһэр. Аара халыҥ үөрдээх хаастарга түбэстэҕинэ ытар санаалаах. Саатар, иккини-үһү өлөрөн, кэһии кэриэтэ Барыыскалааҕы күндүлүө этэ. Ол дьоҥҥо тойонун илдьитин илдьэ иһэр. Кэлэ оҕустуннар диэн тиэтэтэр. Сөбүлэстэхтэринэ төрдүөн Уолаҕа түүлээх ыҥырдан киириэхтээхтэр.
Миитэрэйи үрдүнэн бэрт намыһаҕынан сүүрбэччэ үөрдээх хоҥор хаастар халыкынаһан аастылар. Иһэллэрин ыраахтан көрбүтэ. Арааһа, иккини хаһы түһэриэххэ сөп эбит да, соҕотох иитиитин ытан кэбиһиэн кэрэйдэ. Кини наҕылыччы киирэн, хостоон-хостоон баран, олоххо ытарын сөбүлээччи. Хаастара тиийэн хомону үрдүнэн иккитэ-үстэ эргийэн баран, ньалака уулаах чээл күөх атахха түһүнэн кэбистилэр. «Тууй-сиэ, арыый аһара түһэн хааллым ээ. Сатаналар тэһиилэрэ бэрт дуу. Өссө эргийбэхтээн баран түстүлэр дии». Миитэрэй биэрэстэ аҥаара сири төттөрү барыан кэрэйдэ. Төттөрү-таары тэлбиҥнээн тардыллан хаалсы. Миитэрэй тиэтэйэр быһыынан сулбу соҕус хаамтаран истэ. Алыы ууларын аайы араас кус үөрэ эймэҥнэс. Саҥалара-иҥэлэрэ киһи санаатын уйгуурдуох курдук. Быйыл уута дэлэйдик тахсан, көтөр син кэлбэхтээбит. Аара эмпэрэ аннынааҕы биир кытахха биэс эриэн түөс олорорун аттынан ааста. Мыынна. Күөс быстыҥа холобурдаах айаннаан сирин ортолоото. Кус аймаҕыттан ураты атын киһи хараҕар быраҕыллыахха айылааҕы көрбөтө.
Миитэрэй бу кыһын ойууннуун ыалдьыттыахтарыттан ыла Барыыскалаахха сылдьа илик. Саас быстаран өлө сыспыттарын Лөкөй быыһаабыт этэ. Бу дьон туох инниттэн бачча чиэски сиргэ кэлэн өлө оонньуулларын Миитэрэй өйдөөбөт. Ханна эмэ кэм дьонноох-сэргэлээх сиргэ, Сэйимчээҥҥэ дуу, Уолаҕа дуу, дьиэ-уот тэринэн, сүөһү ииттэн олоруохтарын тоҕо сатамматый? Бу үлүгэрдээх тымныыга тоҥ буору, тааһы кытта кыһыны быһа хадьырыһар олус да ыарахан, илистиилээх үлэ буолуо эбээт. Аны онтукалара көмүһэ суох буоллаҕына, биир харчыга остуойута суох кураанах эрэй буолар ээ. Бу хомолтотун, кыһыытын хайдах тулуйаллар. Чахчы дьон диэн кииллэрэ, тулуурдаахтара буолан сырыттахтара эбээт. Ити кыһыл көмүстэрэ диэн олус да сыралаах, күчүмэҕэйдэрдээх үлэнэн көстөр тэрил эбит. Күндүтэ, сыаната оччо улахан буоллаҕа. Барыыската кэпсээн-ипсээн, сайаҕас киһи. Доҕоро даҕаны төһө да саҥата-иҥэтэ аҕыйаҕын иһин, үлэһит, бэрт сытыары-сымнаҕас киһи быһыылаах.
Соҕотохто аттыгар аймалҕан буолла. Миитэрэй санаатыгар аралдьыйан тугу да билиминэ иһэн, көрө түспүтэ, үрэх тумус кумаҕар үөр хаас түһэн олорор эбит. Чугас баҕайылар. Сүүрбэччэ саһаан иһинэн быһыылаахтар. Миитэрэй аһара хаамтаран тумус күлүгэр киирдэ. Атыттан түһэн саатын илиитигэр ылла. Атын ойоҕоһугар сөрүөстэн кытыылыы соҕус эргийэ хаамтарда. Тохтоон көрдө. Сылаас кумахха сыламнаан, отучча хоҥор кураанах ыҥыырдаах акка кыһаллыбакка сорохторо утуйа, сорохторо түүлэрин-өҥнөрүн ыраастана олороллор. Дөрүн-дөрүн кэпсэтэн эрэрдии холкутук халыкынаһан ылаллар. Миитэрэй ханан киирэн ытарын сылыктыы олордо. Хойуу өттө кытылы батыһа олороллор эбит. Ону өйдөөмүнэ аһара хаамтаран кэбиспит. Билигин төттөрү эргиллэр кыаҕа суох. Көрүүһүктэр. Арай атын кэннинэн чугуттаҕына эрэ сатаныыһы. Биэс-алта хаамыыны чугуйдар сөптөөх туһаайыыны ылыа эбит. Балачча эрэйинэн туһааннаах сиригэр тиийдэ. Эмиэ тохтоото. Арыый тэйиччи буолла быһыылаах. Өссө кыратык киирэ түспүт киһи. Сэрэнэн иһирдьэ диэки хаамтарда. Дьэ, сөп буолара дуу. Үчүгэйдик олороллор. Аҕыс-сэттэ хаас хоһулаһан көстөр. Миитэрэй саатын өйөбүл атахтарыгар туруоран ыксаабакка холкутук маҥнайгы хааһы моонньун төрдүнэн кыҥаан элбэрээгин сыыйа төлө тарта. Сүллэр этиҥ сааллыбытыныы, саа күтүр үлүгэрдик төлө сөтөлүннэ. Ат хаһыҥырыы түһээт, туора ойдо да, тэһииниттэн иҥнэн тохтоото. Миитэрэй туран бүгү күннээххэ аны туһата бүппүт доруобун төргүүтүгэр баанна. Көппүт хаастар аймалаһан ырааттылар. Миитэрэй кытыл диэки көрбүтэ, хас да хаас хаптайбыт. Тиийбитэ биэстэр эбит. Бары тыла суох барбыттар. Хайдах баҕайыный, хоһо элбэххэ дылы этэ дии. Миитэрэй мыыммыт курдук бултарын ылан ыараҥнаппахтаан көрдө. Хата, эмис баҕайылар эбит. Хаастарын төргүүлэнэн түөртүүр ынах саҕана Муҥур үрүйэҕэ кэллэ. Дьиэ аана баттатыылаах. Дьонун үлэлии сырыттахтара диэн сэрэйдэ. Түһэн хаастарын сүөрэн дьиэҕэ киллэрдэ. Атын сыгынньахтаан баайан кэбистэ. Ыллыгы батыһан үрүйэни өрө өксөйдө. Арай ол иһэн өйдөөн көрбүтэ, үрүйэтэ буордаах уунан будулуйа уста сытар эбит. Хайа бу хайдаҕый? Миитэрэй олус дьиктиргээн, саҥа аллайда. Таайа сатыырдыы ол-бу диэки көрбөхтөөтө. Хантан бу буордаах уу кэлэрий? Халаан уута ааспыта быданнаата. Ардах эмиэ түһэ илик. Оннооҕор улахан үрэхтэр уулара билигин ыраас, уу түгэҕэ курдаттыы дьэрэлийэн көстөр буолбут кэмэ. Миитэрэй мунааран турбахтыы түһээт, суолун салгыы батыста. Сотору, били, бу кыһын ойууннуун көрбүт ииннэригэр кэллэ. Сорохторо, намыһах сиргэ хаһыллыбыт өттүлэрэ, уунан туолбуттар. Атыттара син кураанах эрээри айахтара сиҥнэн түһүтэлээн эрэллэр. Миитэрэй биири атыҥырыы көрдө. Били, бугул-бугул саҕа хаарынан сабыллан сытар чөмөх буордара суох буолбуттар. Ханна гыммыттара буолуой? Соһуччу таабырынныы, саарбахтыыр санаан кини өйүгэр кылам гынна. Арба, былырыын кэпсээтилэр этэ дуу, көмүс сууйуутугар үлэлээбиппит, манна көмүс сууйсан көрүөхпүтүн баҕарабыт диэн. Ол аата били ииннэртэн хостоммут буордары сууйар эбит буоллахтара. Тууй-сиэ, хайдах мааҕыҥҥыттан таайбатаҕай? Бу кинилэр сууйбут буордарыттан үрүйэ уута будулуйбут эбит дии. Оксиэ, уу бачча киртийиэр диэри буору суурайар диэн, дэлэлээх элбэх үлэттэн тахсара буолуо дуо? Бээ, бээ, хата, баран көмүстэрэ диэни хайдах сууйалларын көрүөххэ. Аны хойутаан хаалыам диэбиттии, Миитэрэй тиэтэйэ быһыытыйда. Аарааҥҥа диэри уонча хаһыллыбыт иини аахта. Буордара сууйуллубут. Үрүйэ тоҕойун уҥуортан буруо унаарыйан көһүннэ. Миитэрэй өр гыммата. Тоҕойу эргийэ көттө. Үрүйэ кытыытыгар ыраастаммыт көнө сиргэ таас, кумах булкаастаах инчэҕэй буор чөмөхтөммүт. Ол таһыгар Борискалаах Сафейка кэккэлэһэ чохчоһон олороллор. Миитэрэй кэннилэриттэн чугаһаан кэлбитин көрбөтүлэр. Саҥата суох үлэлии олордулар. Миитэрэй көрдөҕүнэ, мас хорууданы ортотунан куоһаахтыы хаһыллыбыт дьоҕус иһиккэ толору кутуллубут буору ууга тимирчи олордон баран, кыра күрдьэхтии суоруллубут мастарынан, үтүктүспүт курдук иһиттээх буордарын түгэҕиттэн түөрэ эргитэн харса суох булкуйа олороллор эбит. Балайда булкуйан буорун, бадараанын суурайан баран, үрдүнээҕи бөдөҥ таастары хаһыйталаан кэбистилэр. Итинник хаста да хатылаатылар. Ол аайы анныларыттан болоорхой уу будулуйа сүүрдэр. Иһиттэрин ортотунан кумах былаастаах бытархай кырылас таас хаалбытын, дьон боччумуран олорон, хоруудаларын икки кырыытыттан тутан хардарыта иҥнэҥнэтэн, төттөрү-таары ууну сомсон эйэҥэлэтэн сууйан бардылар. Сотору-сотору мастарынан булкуйан түгэҕин көбүтэн биэрэллэр. Тоҥолохторугар диэри ньыппарыммыт илиилэрэ кытара тоҥмуттар. Онно кыһамматахтыы имигэстик бэгэччэктэрин эрэ хамсатан үлэлии олордулар. Тохтоло суох кыра-кыратык сомоон ылар ууларынан хачайдаамахтаат, долгун араҥатынан кумахтарын үрдүнээҕи таастары иһит таһыгар ыыталлар. Тиһэҕэр аҥаардас кумах сөҥөн хаалбытын сиксийэн иһиттэрин түгэҕин кичэһэн одууластылар. Онтон уларытыһа сылдьан көрбөхтөөтүлэр. Тугу эрэ ботур-ботур кэпсэттилэр. Кумахтарын барытын иһиттэриттэн сайҕаан кыракый ылтаһын хамыйахха сүөкээн ыллылар, уоттарыгар куурда уурдулар. Туран тыыллаҥнастылар, Миитэрэйи көрдүлэр.
17
Сиридикээн баһа атырдьах салбаҕыныы туора арахсар кылгас салаатын сырыынньа хочотун устун, суол сыыйа сис хайаҕа дабайар. Айанньыттар субуруһан дабааны бытааннык өрө тахсан иһэллэр. Ындыылаах аттар көхсүлэрин тыаһа тиҥиргэс буолбут. Тыыннарын былдьаһан, төбөлөрүн умса быраҕан бокуойа суох дьүккүһэллэр. Сотору-сотору бүдүрүйэн умса хоруйбахтыыллар. Ыраахтан көстүбүт, ыҥыыр олоҕун курдук, ортотунан кэдэгэрдээх сис хайа арҕаһа чугаһаата. Суоллара инчэҕэй муох үктэллэнэн барда. Аттар бадарааннаталаан ылаллар. Хочолорун баһыгар кэллилэр. Манна хара маһа баранан, онно-манна хаптаһан сытар бэс болбукталарынан солбулунна. Дьон тыын быһаҕаһынан тыынан, атахтарын тиҥилэҕин ат туйаҕыттан куоттаран, суолу ойоҕолуу хаамсан, көнтөстөрүн кылгастык тутан, умса-төннө түһэллэр. Эппэҥнэс гына аҕыластылар. Көлөһүннэрэ сарт түспүт. Төһө да сылайдаллар, тохтоон сынньаналлара сатаммат. Дабаан кэмигэр ыарахан ындыылаах ат тохтоотоҕуна көхсө сааллар.
Үөһэттэн хаһан да уҕараабат хайа сөрүүн тыала аргыйда. Дьон умсугуйбуттуу уолуктарын арынан, бэргэһэлэрин устан итииргээбит эттэрин салгыҥҥа оҕустардылар. Сотору кэтэһиннэриилээх кэдээллэригэр таҕыстылар. Манна тохтоон сынньана түһэргэ быһаарыннылар. Ындыыларын түһэртээтилэр. Аттар сөрүүкүөхтэригэр диэри, туруохтааҕар Бориска кэдээли батыһа чугас турар хайа оройун диэки хаамта. Арҕаһы батыһа чубукулар ыллыктара болбукта быыһынан эрийэ-буруйа тыргыллар. Ыллык устун хаамарга сирэ дэхси, тирэхтээх. Килбэчигэс хара өҥнөөх тырыыҥкаламмыт чараас таас бытархайдарын дэхси дьапталҕатын быыһынан, түүнүк курдук, күрэҥ муох үүммүт. Сылгы дьогдьоҕор саалыгар майгынныыр сыыйа үрдүүр арҕас оройугар таҕыста. Уйаара-кэйээрэ көстүбэт мэҥэһик-мэҥэһик салҕанан бара турар кэрискэ хайалары, ахсаана биллибэт үрэхтэр, үрүйэлэр хайыта солоон түспүт хаспах хочолорун эргийэ сылдьан сөхпүт хараҕынан дуоһуйа көрдө. Туохха да уолуһуйбат холку, улуу көстүү. Оол, арҕаа өттүнэн киһи хараҕа ыларын тухары Халыма салааларын эҥэр хайалара, кирээдэ курдук, туора кэккэлээн ыраах күөх тумарыкка тиийэн сыыйа симэлийэн хаалаллар. Улуу өрүс киэҥ хочото, сүдү улахан моҕой кыыл хамсаабакка бүгүллэн сытарыныы, онон-манан өҕүллэҕэстэнэн хоту диэки нэлэһийэн түһэ турар. Илин диэки эргиллибитэ хаарынан сабыллыбыт адаардаах сис хайалар кылааннаах өргөстөрө мөһүүрэ өҥүнэн күлүмнэһэллэр. Ок-сиэ, киэҥ, кэрэ да дойду!.. Ама маннык бэйэлээх баараҕай сир күөрэлэммит кураанах сымара таастарынан эрэ муҥурданыа дуо? Бу үлүгэрдээх сүдү кыраай ахсаана биллибэт үгүс үрүйэлэригэр, дириҥ хаспахтарыгар айылҕа күндү баайын араас көрүҥнэриттэн биирдэстэрэ эмэ хайаан да кистэнэ сытар буолуохтаах. Хайаан да баар, ону Лөкөй Лөгөнтөй булбут сомоҕо көмүһэ туоһулуур. Биһиги быйыл саас Муҥур үрүйэттэн мэлийдибит эрээри, атын үрэхтэри, үрүйэлэри билбэппит эбээт. Ханан эрэ элбэх, бөдөҥ көмүстээх сир баар буолуохтаах. Ону көрдүөххэ, булуохха эрэ наада. Туора салаа үрэххэ кыһын хаспыт уонча ииммитин быыс булан сууйбакка хааллыбыт. Кинээс тиэтэппитин кэннэ өрөлөһө сылдьар кэлиэ дуо?! Ол кэриэтин үлэ тохтууругар тиийэр. Бостуой холдьохсо, хайыы сылдьыа. Кэнники төннөн кэлэн да сууйуллуо. Бориска арҕас оройун эргийэ барда. Уһуктаах, кырыылаах үрүт өттүлэрэ түүнүгүрбүт таастар бэрээдэгэ суох күөрэ-лаҥкы дьапталана сыталлар. Түҥнэри сирэйгэ ситэ ууллубакка хаалбыт хаар лоскуйун алын өттүгэр эмиэ да маҥан, эмиэ да саһархайдыҥы бороҥ өҥнөөх көһөҥө таастары ылан көрбөхтөөтө. Бөдөҥ куһуоктары бэйэ-бэйэлэригэр үлтүрүтэ быраҕан, дьэбин сиэбитин курдук бороҥ өҥнөөх таас бытархайдарын сирийэн кыҥастаста. Кыһыл көмүс үрүҥ таастарга баар буоларын туһунан кини истэр этэ да, урут түбэһэн көрө илигэ. Бодойбоҕо даҕаны маннык таас баарын өйдөөбөт. Арай иллэрээ саас Дьокуускай бириистэнигэр көрсүбүт инженерин этиитин санаан кэллэ. Кини өлүөхүмэ бириискэлэригэр баран иһэрэ. Борискалаах өймөкөөнү хайдах баран булуохтарын билбэккэ муна-тэнэ сырыттахтарына, көрсүһэ түспүтэ. Кинилэр көмүс көрдүүр баҕалаахтарын олус сэргии истибитэ. Уонна сүбэлиир кэриэтэ этэн турардаах: «өйдөөҥ, кыһыл көмүс уот сиэбитин курдук бороҥ өҥнөөх кварц тааска баар буолааччы. Оттон бытархай көмүһү намыһах хайалардаах нэлэгэр хочолоох үрэхтэргэ көрдүөххэ наада», – диэн. Бориска кыра куһуок тааһы илиитигэр ылан, эргитэ-урбата тутан көрө-көрө, дьонун диэки барда. Бу иһэн үөһэттэн көрдөҕүнэ, Сиридикээн хочото, кырдьык даҕаны, өргөһө кылаана суох, мүлүркэй төбөлөөх хара тыанан саба үүммүт, сөбүгэр сырыынньа үрдүүр хайаларынан кэрэһилэммит, киэҥ нэлэккэй көрүҥнээх эбит.
Дьоно ындыыларын көтөҕөн хомуна сылдьаллара. Үстүү аты кутуруктарыттан холботолоон миҥэ аттарыгар сэтиилэммиттэр. Тойон Сиидэр кинээс эрэ атын сулумахтыы сиэтэн аллара диэки хаамта. Бу сис хайаттан соҕуруу диэки таҥнаран, Буйунда өрүс хаҥас салаатын тутуһан Хобочоон диэн үрэх хочотугар киирдилэр. Бу үрэх төрдүттэн биир көс аллара Буйунда соҕотох ыала Лөкөй Лөгөнтөй олоҕо баар. Сиидэр кинээс Лөгөнтөйгө сылдьар наадалаах буолан, хотугулуу-илин иэҕилиннилэр. Онон кэлэ-бара икки көс сири сүтэрэр буоллулар. Лөгөнтөйдөөххө хонуохтаахтар. Кинилэргэ хайата да биир. Хата, бу түүн Лөгөнтөйү кытта кэпсэтиэхтэрэ. Ону-маны ыйыталаһар да санаа баар. Ыаллара киэһэ аһылыктарын аһаан утуйаары олордохторуна тиийдилэр. Хоноһолор кэлбиттэригэр, ордук тойоннорун көрөн уот оттор, күөс буһарар түбүгэр түстүлэр. Кинээс дьиэҕэ киирдэ. Дьоно ындыыларын түһэрэ, аттарын сыбыдахтыы хааллылар.
– Хайа, бу кэпсээҥҥит? – тойон киирэн уҥа ороҥҥо олорон сөҥүдүйдэ.
– Суох. Эн кэпсээниҥ? – Лөкөй улахан талах олоппоһугар олорон симиттибиттии хоруйдаста.
– Кэпсээн кэмчи. Хайдах олороҕут, туоххут кэллэ-барда?
– Кэммитинэн олоробут, кэлии-барыы суох.
– Быйыл от хайдах буолсунуй? Бачча бэдиктэрдээх киһи оту баҕас курулаамахтаатаҕыҥ буолуо, – кинээс чороччу улаатан эрэр уолаттары ордук санаабыттыы өтөрүтэ-батарыта көрдө. – Арба кыһыл көмүһүнэн эргинэр киһи оттооһун, сүөһү иитэр барыһа суох диэн эрдэҕиҥ буолуо. Ол да буоллар быйыл биир эмэ ынаҕы уостатар инигин, – кинээс тыла-өһө чиҥээн, кыйаханан барыах курдук буолла.
Лөкөй тугу даҕаны саҥарбата. Тойон киһи хайыай, үгэргээн эрдэҕэ. Дьиҥин баран эттэххэ, ол босхоҕо кэлбит табаар кини ынаҕын уоһугар биэрбит малынааҕар холооно суох элбэх этэ. Табаҕы бу билиҥҥэ диэри тарда олордоҕо. Хайа уонна оттон бэйэтигэр, уолаттарыгар тиктэрбит суккун сонноро саҥаларынан сырыттахтара дии.
Таһыттан Борискалаах Сафейка, Миитэрэй киирдилэр. Бориска Лөкөйү мичээрдээбитинэн кэлэн илии тутуһан дорооболосто.
– Лөгөнтөй, туох кэпсээн?
– Суох. Эһиэхэ туох баарый? – Лөгөнтөй сэргэхсийэ быһыытыйда.
– Суох. Бу Уолаҕа баран иһэбит.
– Ээ… Бүтэн баран эрдэххит дии.
– Дьэ, биллибэт. Баҕар, төннүөхпүт, баҕар, сир уларыйыахпыт, – Бориска икки саары икки ардынан хоруйдаата.
– Тугу эмэни буллугут дуо? – Лөкөй тойонуттан толуннар даҕаны, билиэх баҕата батарбакка, көмүс туһунан ыйытта. Туран күөһүн булкуйбута буолла.
– Мэлийдибит. «Суолун» сибикитэ баар эрээри, киһи туһанара суох.
– Ок-сиэ, таах эрэйдэнээхтээбиккит. Суох бэйэкэтэ эбит буоллаҕа.
– Дьэ, туох да билбэт. Өссө эбии атын үрүйэҕэ көрдөөбүт киһи хайыа эбитэ буолла? – Бориска атын үрүйэҕэ хайыы-үйэҕэ уонча иин хаһыллан баран сууйуллубакка сытарын туһунан кинээстэн мэһэйдэтэн Лөгөнтөйгө эппэтэ.
Алааппыйа эмис тайах этин кырбастарын улахан мас кытыйаҕа хоторон остуолга уурда. Дьон олоро түһэн, аһаабытынан бардылар.
– Бу хаһан бултаабыт кыылгыный, бэрт эмис тайах эбит ээ? – кинээс сыалаах эти ытыра-ытыра сытыы быһаҕынан элийбэхтээтэ.
– Быйыл быстар саас тоҥокко охторбутум. Байтаһын тыһы бэйэтэ этэ.
Лөкөй быһаас Борискалаахтан төннөөт, бөрөлөрү эккирэтиспитэ. Киэҥ сиринэн сылдьар ыырдарын хайан, эргиччи айа тардыталаабыта. Кини сытыы ырбаларыттан түөрт адьырҕа сыһыйбыта, иккини хааннаан ыыппыта. Онно таарыччы бу кыылы бултаабыта.
Хоноһолор тото-хана аһаан, аттарын ыыталыы таҕыстылар. Лөкөй чэпчэтинэ таарыйа кэннилэриттэн батыста. Кинээс аһылыгын ситэрэ Алааппыйаны утары остуолга олорон хаалла. Сайыҥҥы күн ырдьаччы киирбит. Уу-чуумпу нуурал түүн аргыый саба халыйан, сылаас суорҕанынан сир ийэни итииргээбэтин диэбиттии сэрэнэн сэгэччи сабан эрэрэ. Көлө көрөөччүлэр аттарын атах тардыталаан ыыталаатылар. Бориска Лөкөй таһыгар кэллэ.
– Биһиги Туора салааҕа уонча иини хаһан баран сууйбакка хааллардыбыт, онон төннөрбүт буолуо. Тугу үлэһэҕин? Аҕалыахпыт.
– Ээ, төннөр эбиккит дии, – Лөкөй хайдах эрэ үөрэ иһиттэ. – Тугу үлэһиэм буоллаҕай? Арай хотуур көстөрө буоллар бэрт этэ.
– Сөп, була сатыахпыт.
Сарсыарда эрдэ туран айанньыттар хоҥнубутунан бардылар. Лөкөй кыра уола Уйбааскы эмиэ соруктаах курдук эрдэ турда. Эргэ чабычаҕы толору хааламмыт элбэх араас таастары хасыһан биир хара өҥнөөх куһуогу булла. Онтун быыһыгар, кыбыталаан кэбиспит курдук, түөрт муннуктаах хараҥатыҥы саһархай өҥнөөх элбэх кыырпахтар килэбэчиһэллэр. Уйбааскы ат холунун тарда турар Борискаҕа сүүрэн кэллэ.
– Көр эрэ, бу маны, туох буолуой, ээ? – диэн синньигэс ыраас куолаһынан чаҕаарыйда. Оҕолуу симиттигэс мичээринэн кэтэһэрдии көрөн турда. Бориска чобуо уолчааны дьиибэргээбиттии көрдө. Тааһын ылан эргим-ургум туппахтаата. Дьиктиргээтэ. Били кинилэр Сиридикээҥҥэ сууйбут кумахтарыгар маннык килэбэчигэс эттиктэр олус элбэх этилэр. Ол аата кинилэр маннык хара тааска үөскээбит эбит буоллахтара.
– Тукаам, маны хантан ылбыккыный?
– Бу үрэх кытыытыттан булбутум.
– Но, дьэ, дьиибэ эбит, – Бориска тугу эрэ толкуйдуурдуу саҕах диэки мэндээриччи көрөн турда. Бу кыракый эттиктэр кыһыл көмүс аргыһа буолалларын Бориска уруккуттан билэр этэ. Кинилэр пирит диэн ааттаналлар. Өскөтүн Сиридикээҥҥэ көмүс көһүннэҕинэ, манна эмиэ баар буолуон сөп эбит дии. Уолчааны төбөтүттэн имэрийдэ, мичээрдээбитигэр хойуу бытыктарын иһиттэн бөдөҥ маҥан тиистэрэ биир тэҥ лэчигирээн көһүннүлэр.
– Дьэ, маладьыас киһигин, доҕоор. Бу тааскын миэхэ бэлэхтээ дуу?
– Ыл ээ, – уолчаан киһи күүппэтэх түргэнинэн чап гыннараат, сүүрэн тиийэн, Миитэрэйи кытта кэпсэтэ турар аҕатыгар сөрүөһүннэ.
– Лөгөнтөй, үчүгэй уолчааннаах эбиккин. Хойут киниттэн үчүгэй көмүс сонордьута тахсыыһы, – Бориска атын сиэтэн иһэн, быраһаайдаһан, илиитинэн далбаатаата. Айанньыттар Буйунданы өрө наҕыл хаамтарыынан ыллык тоҕойун, токурун ааҕа араастаан өҕүллэн субулла турдулар. Лөкөй оҕотунаан тиһэх ат бөлөх үөт кэннигэр сүтүөр диэри батыһа көрөн турдулар.
18
Уолаҕа Солобуйуоп атыыһыт олбуоругар тохтоотулар. Орто уҥуохтаах, халыҥ, киппэ эрээри түргэн хамсаныылаах киһи Борискалаах Сафейканы, былырыыҥҥы Шпак ындыыһыттарын, эндэппэккэ биллэ. Өртөн күүппүт курдук эҕэрдэлии тоһуйда. Бориска Солобуйуопка кинээһи билиһиннэрдэ. Туох соруктаах кэлбиттэрии аҕыйах тылынан кэпсээтэ. Түүлээх сураҕын истэн хаһаайын үөрбүтэ өтө билиннэ. Кэтит баппаҕайдарынан Сиидэр кинээс илиитин бобо тутан туран ибигирэппэхтээтэ. Тугу эрэ түргэн баҕайытык саҥаран куллугураабытын Бориска тылбаастаан биэрдэ.
– Кинээс тойон, эйигин кытта билсиһэрбиттэн олус үөрэбин. Хомойуох иһин, быйыл Кушнарев атыыһыт базатын пароходунан Халыма төрдүгэр көһөрбүтэ. Шпак соторутааҕыта табаарын онно илдьибитэ. Миэхэ кыра табаар баар, онон кэпсэтэн көрүөхпүтүн син. – Дьиэлээх атыыһыт көрүҥэр холооно суох түргэн туттунуулаах киһи буолла. Ындыылары тэҥҥэ көтөхсөн ампаарытар тастаран кэбистэ. Аттары сарай күлүгэр баайтарда. Суһаллык тардыллыбыт остуолга чэйгэ ыҥырда.
Киэһэ икки тойоҥҥо тылбаасчытынан Сафейка хаалла. Бориска Миитэрэй билэр ыалыгар барыста. Биэрэги батыһа дэриэбинэ хотугу уһугун диэки хаамыстылар. Муора кырылас таастаах сытыары биэрэккэ, ыаҕастаах уулуу, аатын эрэ дьалкылдьыйар. Сииктээх сиккиэр тыал сирэйгэ ибиирбэхтиир. Бысталаммыт сарадах былыттар быыстарынан киэһээҥҥи күн саһарҕата арҕааҥҥы кэрискэ хайалар кэтэхтэриттэн сандаара саһарар. Киэҥ хомону иилии эргийэр хайа соҕуруу уһуга тумустуу токуруйан киирэн, намтаан-синньээн муора мэндээрхэй урсунугар уйдаран турардыы тунаархай саҕахха сыыйыллаҕас күлүк буолан дьирбиилэнэн көстөр. Бориска кэннин хайыһан, чуумпурбут муора модун күөнүгэр килбэчийэ оонньуур сарыал чаҕылын, ыраас саҕахха кылдьыы курдук кырыыланан көстөр бүүрүк хайаны одуулаһан турбахтаата. Онтон киэҥ-киэҥник атыллаталаан, сис туттан холкутук хааман иһэр Миитэрэйи ситэн ылла. Уһук дьиэлэртэн иһирдьэ соҕус турар үүт бүтэй олбуордаах туруорбах балаҕаҥҥа киирдилэр. Ааны аһалларын кытта муннуларыгар буспут балык сыта билиннэ. Көмүлүөк оһох иннигэр улахан үскэл көрүҥнээх, кыырыктыйбыт баттахтаах оҕонньор олоппос өйөнөрүгэр сыҥаах баттанан аргынньахтаан олорор. Оһох чанчыгар, сирэйигэр көрүөхтэн ынырык, чэрдийбит баастаах хатыҥыр киһи сыпсынан чох ытыттаран ылан хамсатын уматта турар. Кэтэҕэриин ороҥҥо сэргэх сэбэрэлээх эдэрчи киһи кэтэх тардыстан тиэрэ түһэн сытан, дьон киирбиттэригэр соһуйбут курдук тура эккирээтэ. Миитэрэйи билэн мичээрдээбитинэн утары кэллэ. Оҕонньор эмиэ олоппоһугар хонос гына түстэ. Хаҥас диэки, соҕуруокка кэннигэр, оҕолор тугу эрэ былдьаһан айдаарсаллар. Ону ханна баара көстүбэт дьахтар саҥата буойталыыр. Холумтаҥҥа улахан төгүрүк лэппиэскэ тимиргэ ыраахтан хатарылла турар.
Дьиэлээхтэр киирбит дьону кытта сахалыы сиэринэн иҥнигэһэ суох хардарыта тыл бырахсан кэпсэтэн-ипсэтэн, сонуннарын үллэстибитинэн бардылар. Ыалдьыттар сыгынньахтанан бу ыалга хонордуу оҥоһуннулар. Бориска кэпсээнин дьиэлээхтэр сонургуу иһиттилэр. Бодойбо курдук ыраах сиртэн кыһыл көмүс көрдүү кэлбиттэрин олус сөхтүлэр, сэҥээрдилэр. Бухатыырдыы көрүҥнээх дабдыгыраабыт оҕонньору саҥа ыалдьыт ордук астына көрдө.
– Мин эдэрбэр киэҥ сиринэн тэлэһийэн сылдьыбыт киһибин. Бэйэбин кыанар, сырыыны-айаны тулуйар эрдэхпинэ Кылааннаах Ньукулайынан аатырарым. Билигин оҕонньор буолан бүдүгүрэн олордоҕум. Сүөһү үүрэн, таһаҕас түһэрсэ хаста даҕаны Маачаҕа тиийэн төннүбүтүм. Бүлүү куоратыгар тиийэ сылдьыбытым. Кэнники бу Макаардыын куорат атыыһыттарыгар ындыыһытынан Охуоскайынан, өймөкөөнүнэн, Кулуманан сылдьыталаабыппыт. Уруккута Дьокуускай олохтоохторо этибит. Кэлин тиһэҕэр бу дойдуга тэбиллэн, манна олохсуйбуппут уонтан тахса сыл буолла, – оҕонньор нүксүччү туттан туран, атах ороҥҥо утуйар таҥаһын анныгар тугу эрэ хаһыста.
Холтуунун булан аҕалан олоппоһугар төттөрү олордо. Холумтан таһыгар иттэ турар Борискаттан төбө быһаҕаһынан үрдүк, быдан халыҥ, модороон көрүҥнээх эбит. Ыалдьыт оҕонньору салла көрдө. «Сахаларга даҕаны күүстээх, бөдөҥ дьоннор аҕыйаҕа суохтар быһыылаах» дии санаата.
Кылааннаах билигин даҕаны киэбин-таһаатын сүтэрэ илик көрүҥнээх. Сааһа аҕыс уон иккитэ үһү. Иккиһэ даҕаны киһи астына көрөр көрүҥнээх, сайаҕас, дьэллэм тыллаах-өстөөх, көрсүө көрүҥнээх киһи үксүн наар сэҥээрэр, дьонун тэптэрэн кэпсэтиннэрэ олордо. Бу биэс уончалаах, эмиэ сырыыны-айаны элбэҕи көрсүбүт Мүөттээх Макаар диэн киһи эбит. Уонча сыл устата Кылааннаахтыын бииргэ Халыма, Өймөкөөн аартыктарын тэлбиттэрэ.
Улахан остуолу тула олорон буспут кэтэ балыгы сиэтилэр. Бориска миискэни толору тууһаммыт искэхтэн сөбүлээн сиэмэхтэстэ. Остуол баһыгар олорор, сирэйин бүүрэ тардан килэриччи оспут баастаах киһи аһыырытар айаҕын аанньа атыппат быһыылаах. Балыгы илдьи тыытан кыралаан миинигэр булкуйан хамыйаҕынан сиир. Хоноһолор харахтара киниэхэ хатанарын көрөн, Макаар тыл кыбытта.
– Бу биһиги ыалбыт, уруккута улуу булчут Ли Сюн. Урут баабыр кыыл тардан сэбэрэтин кэбилээбит. Ли, хата, олоруохтааҕар хоноһолорго мүччүргэннээх түбэлтэлэргиттэн кэпсээ эрэ.
Дьон кэпсээн истээри ах бардылар. Ли күлбүтүгэр сирэйин тириитэ бүрүтэ тыытан, бааһа өссө ордук ынырыктыйан көһүннэ. Кэмниэ-кэнэҕэс уһун умнастаах таас хамсатыгар табах уурунан ыһыырынньык уотугар уматынна. Сөтөллүмэхтээн баран, кэһиэхтээх синньигэс куолаһынан саҥаран барда.
– Мин өр сыл устатыгар кулааһай табалары бултаһар идэлэммитим. Эдэр кулааһай кытаата илик эттээх муоһа улахан сыанаҕа турара. Ол сылдьан араас быһылааннарга түбэспитим элбэх. Хаста даҕаны эһэни, баабыр кыылы көрсүтэлээн турабын. Өлө сыспыт түбэлтэм үгүс этэ. Олортон бу кэнники көрсүбүт кыылым маннык кэбилээтэ, – Ли көрүҥ диэбиттии тохтоон дьонун диэки мылах гынна, хамсатын оборбохтоото. Уонна кэпсээнин салҕаан барда. – Ол сыл кулааһай элбэх этэ. Мин күһүн маҥнайгы хаар кэнниттэн икки кыылга түбэһэн биирдэрин охторон баран, иккиһин бааһырдан ыыттым. Маҥнайгы кыылбын түргэнник астаан лаабыстаан кэбистим. Аһыы түһээт, кыра үтэ эт ылынан иккис кулааһайбын суоллаатым. Ыраах сири бардым. Кыылым улаханнык хаанырбыт эрээри, тохтообокко сиэлэ былаастаан хааман бара турбут. Киэһэрэн барда. Тохтоон, хонорго сөп этэ буолан баран, тоҕо эрэ миэхэ күрэхтээх санаа киирэн, өссө даҕаны хатыһан туран батыһан истим. Сотору кыылым суола үрдүк мырааны таҥнары түһэн улахан өрүс хочотугар киирдэ. Мин өрүскэ диэри батыһарга сананным. Мырааны таҥнары түһэн, сэдэх мастаах маардары туораталаатым. Ол иһэн маар быыһынааҕы ойуурга киирбитим, кыылбын баабыр суола батыспыт. Мин саабын бэлэмнэнним. Төһө да дьулайдарбын, урут хаста да баабыры бултаһан турардаахпын. Киэһээҥҥи барыамах түстэ. Ол да буоллар хонук сирбэр, өрүс үрдүгэр тиийэргэ сананным. Үрдүк сөкү оттоох бөлөх-бөлөх талах ойуурдаах күөл баһыгар кэлиибэр, баабырым суола хаҥас диэки туораабыт. Кулааһай сөкүнү силэйэн уҥуоргу тыаҕа тахсыбыт. Баабыр киһи иһэрин биллэҕинэ, туораан чуҥнааччы. Саам сомуогун туруоран ытарга бэлэмнэнним. Мас-от аанньа көстүбэт буола хараҥаран барда. Аҕыйахта хардыылаат, баабыр суолун эмиэ көрдүм. Бу сырыыга кэлэн уҥа диэки быһа охсон туораабыт. Ол курдук сөкү ортотугар киириэхпэр диэри хаста даҕаны төттөрү-таары ааһыталаабыт. Мин ыксаатым. Муҥ саатар сөкү ортотугар киирэн биэрдим. Хайа өттүбүттэн түһэрэ биллибэт. Оттон миэхэ хаххаланарбар туох да мас-от суох. Сатаан бардахха, аһаҕас сир буолан, тыал суугуна тыас ылары мэһэйдиир. Бу түгэҥҥэ саба түһүөхтээҕин мин эппинэн-хааммынан сэрэйдим. Ону адьырҕам уодаһыннаах санаатыттан биллим. Миигин муннаран уонна уолутаары суолун хаста даҕаны төттөрү үктээн ааһыталаабыт. Тыҥааһын улаатта. Тымныы ууну испит курдук, уҥуоҕум салҕалас буолла. Оттон бэйэм тириттим. Быһахпын ылан тииспэр ытырдым. Бэркэ сэрэнэн иннибин-кэннибин кэтэнэн сөкүттэн тахса охсор баҕалаах баран истим. Туораатарбын эрэ тыа саҕатыгар тахсан уот оттунар санаалаахпын. Уот туһунан санаат, сөкүнү уматаары хатаппын ылан эрдэхпинэ, кэннибэр от кэһиллэр суугунас тыаһа иһилиннэ. Мин эмискэ эргиллэрбэр, атахпын окко эрийэ үктээн, тэмтэрийэн тиэрэ баран иһэн көрбүтүм, кэннибиттэн ойоҕолуу соҕус хара күлүк сөкү быыһынан көстөр халлаан лоскуйун сабардаан үрдүбэр түһэн эрэр эбит. Сатаатахха төттөрү өттүбүнэн эргиллэн, кыылым күлүгэ хаҥас өҥүс баһым туһаайыытынан буолла. Мин охтон иһэн иэҕиллэн, куһу күөрэтэр курдук иннинэн соҕус туһаайан чыыбыспын тардан кэбистим. Алыс иннинэн көрөн кэбиспиппин, сыыстым быһыылаах. Дьэ, өллөҕүм диэн санаа төбөбөр охсуллан ааста. Ол икки ардыгар сирэйим, куйахам биирдэ атый гынан, уҥуох алдьанар тыаһа «харк» гына түстэ, ханна да барбыппын билиминэ хааллым. Биирдэ өйдөнөн кэлбитим, хабыс-хараҥа. Сирэйим, куйахам уотунан аһыйар. Хаҥас илиим хамсаппат буолбут. Бастаан ханна баарбын, туох буолбуппун билбэтим. Онтон сыыйа барытын өйдөөн кэллим. Өндөйөн көрбүтүм, аттыбар хара күлүк тыыллан сытар. Сыыспатах эбиппин ээ диэн үөрэ санаатым. Онтон сэрэнэн олордум. Өлүөр илиибинэн төбөбүн туттубутум, балай да хаан бөлүөхсэн хаалбыт. Сирэйим уонна куйахам уотунан салаһар. Баабыр төбөбүн хадьырыйан эрэрин чуолкай өйдүүбүн. Туох эрэ алдьанар тыаһын истибитим ээ. Аҥаар харахпын хааным бүөлээбитин ыраастанным. Ырбаахым эҥэрин хайа тардан ылан сэрэнэн сирэйим, кэтэҕим хаанын соттубута буоллум. Хата, хараҕым дэҥнэммэтэҕиттэн үөрдүм. Сыылан тиийэн, кыылбын бигээн көрбүтүм, хамсаабат буола көһүйэн хаалбыт. Сирийэн көрүөхпүн хараҥата бэрт. Илиим иминэн харбыалаһан саабын буллум. Нэһиилэ атахпар туран тыа саҕатыгар таҕыстым. Күүспүн мунньунан мас, мутук хомуйан уот оттон итинним. Ол түүнү быһа хараҥаҕа харбыалаһан мас көрдөөн, уот оттор кыһалҕатыгар түстүм. Ол үрдүнэн олус тоҥнум. Күн тахсыбытыгар эрэ кыратык нуктуу түһэн ыллым. Уһуктубутум, баастарым көһүүкээн адьас хамсаппаттар. Сирэйим бүрүтэ тыытара сүрдээх. Туран кыылбын баран сырдыкка көрбүтүм, айаҕын аллаччы атан кэбиспит. Арай сыҥааҕын икки ардыгар тэптиргэ мас угуллубут. Дьиибэргээн харахпын соттумахтаатым. Ол-бу диэки көрүөлээтим. Ким угуон сөбүй? Онтон тутан көрбүтүм быһаҕым эбит. Тимирэ көстүбэт гына хаан буолбут. Уһугунан таҥалайыгар батары киирбит. Нэһиилэ арааран ыллым. Сирийэн көрбүтүм, буулдьам адьырҕа сыҥааҕын уҥуоҕун үлтү тэбэн, кэтэҕинэн тахсыбыт. Онно өйдөөтүм. Били мин төбөбүн хадьырыйарыгар, ытыра сылдьыбыт быһаҕым тэптиргэ буолбут, алдьаммыт сыҥааҕа ыллан хаалбыт. Ол тыаһын истэн аһарбыт эбиппин. Икки иэдэспин, кэтэҕим аһын аһыыларынан сиирэ тардыбыт этэ. Онтукаларым бу бүүрэ тарда оһоннор, аһыырбар эрэйдэнэбин. Мөхсөрүгэр бүлгүммүн илдьи охсубут быһыылааҕа. Уҥуоҕум бүтүн буолан, үчүгэйдик оспута, – Ли истээччилэрин итэҕэйдилэр дуу, суох дуу диэбиттии эргиччи көрүтэлээтэ. Ыһыырынньык симик уотугар сирэйин баастара туоһу буолардыы килэрийэн көһүннүлэр. Истээччилэр дуоһуйбуттуу өрүтэ тыыммахтаатылар. Хатыҥыр кыра киһини сөҕө көрдүлэр.
– Кэлин бултуурбун быраҕан балыктыыр пароходтарга поварынан сылдьыбытым. Кырдьан баран, бу дойдуга уолбар кэлбитим биэс-алта сыл буолла, – диэн, санаарҕаабыттыы өрө тыынан кэбистэ.
19
Сарсыарда хоноһолорго анаан эһэ этин ыргыччы буһардылар. Сэлиэһинэй лэппиэскэтин ылтаһын тэриэлкэҕэ кырбаан кэбистилэр. Остуол аҥаар уһугар улахан алтан сылабаары ыадаччы туруордулар.
– Бу тыатааҕыны быйыл бултаатыгыт дуо? – Миитэрэй сыа быыстарайдаах сымнаҕас эт куһуогун ылан, лэппиэскэ үрдүгэр чараас чараастык сытыы быһаҕынан элийэ олордо.
– Аҕыйах хонуктааҕыта кытылтан икки кыылы бултаатыбыт. Саас муораҕа балыктаан сии киирээччилэр. Сыл аайы баччаларга биһиги өрүүтүн бултаһааччыбыт. Ити бэҕэһээ киэһэ Ли эһэ үөһэ ылаары киирэ сылдьыбыта, – Макаар холку намыын куолаһынан сэмээр кэпсии олордо.
– Биһиги сааспытыгар кыһыл көмүс үлэтигэр сыстыбатах дьоммут. Тугу билээхтиэхпитий? Кулумаҕа көмүс баарын-суоҕун туһунан. Ол эрээри эһиги идэтийбит дьон мэлийбит эбиккит. Оттон Лөкөй хантан булбутай? Ама, ол соҕотох куһуогунан бүппүтэ буолуо дуо? Дьэ, дьиибэ эбит, – Кылааннаах кимиэхэ да туһаайан эппэккэ, дабдыгырыы олордо.
– Сөпкө этэҕин, итиччэ киэҥ дойду биир куһуок кыһыл көмүһүнэн муҥурдамматаҕа чахчы. Кини хайаан да баара саарбаҕа суох. «Суолун», олус бытархай да буоллар, аҕыйаҕы көрдүбүт. Өлгөмнүк үөскээн сытар сирин таба тайанар кыаллыа суох быһыылаах, – Бориска аргыый аҕайдык үҥсэргээбиттии хоруйдаата. Сыалаах эти сиэн ньалҕарыйбыт уоһун, бытыгын соттумахтаата.
– Кэлэр кыһын үлэлиир санаалааххыт дуу? – Макаар сэҥээрэн ыйытта.
– Эмиэ сордоһон көрөрбүт буолуо. Бэйэм баҕам оннук. Киһим туох диир.
– Буолаахтаамына. Оо, дьэ биһиги дойдубут киэҥ сир. Лаппаакынан оймоон, хойгуонан ойутан көрдүөх диэтэххэ, сыарҕалаах окко иннэни көрдүүр кэриэтэ буолуо ээ. Манна Охуоскай бириискэлэригэр үлэлээбиттэрэ ыраатта да, соччо өнүйбэтилэр быһыылаах, – хас да сиринэн үүдэһиннээх улахан чааскытыгар Кылааннаах бэһис төгүлүн чэй куттарбытын Бориска сөҕө көрдө.
– Эһиги дойдугут былаана, хайаларын быһыыта киһини кэрэхсэтэрэ элбэх. Тоҕо эрэ мин санаам тохтуур. Эрэйдэнэрбин даҕаны кэрэйиэ суох курдукпун.
– Хоһуун, сылайбат сүрэхтээх эр бэртэрэ эбиккит. Кытаатыҥ, санааҕытын ситиһиҥ. Дьол-соргу тосхойдун. Кыһыылаах, эдэрим эбитэ буоллар, бэйэм кытта барсан үлэлэһиэм этэ.
– Үтүө санаалаах кырдьаҕаас, алгыс тылгар, ыраас санааҕар махтанабын. Дьиҥин эттэххэ, биһиги байан-тайан барар элбэх көмүһү буларбыт биллибэт. Саатар эрэйбитин төлөтөр кыраны эмэни булларбыт, онтуҥ кэнэҕэс атын дьон утумнаан үлэлииллэригэр төрүөт буолуо этэ.
Хоноһолор чэйдээт, дьиэлээхтэри кытта быраһаайдаһан, дьонноругар бардылар. Бөлүүн кыратык ардаабыт. Халлаан иэдьэгэйдиҥи саһархай халыҥ былыттарынан бүрүллэн, күлүгүрэн турар. Өссө даҕаны эрдэ. Ыаллар саҥардыы туруталаан эрэллэр. Ханна эрэ сөҥ куоластаах ыт үрэн моргуйар. Муораттан сииктээх сөрүүн салгын аҥылыйар.
Атыыһыттар уопсай тылларын булсубуттар быһыылаах. Ампаардар ааннара аһаҕас. Табаардарын мэнэйдэһэн киирэ-тахса сылдьаллар. Сиидэр кинээс сүргэтэ көтөҕүллүбүт. Үгэргиирдии үрүт-үөһэ ыйыталаста.
– Ок, мин эрэттэрим номнуо кэллилэр. Хайа төһө бэрт ыалга хоннугут? Туту күндүлэттигит-маанылаттыгыт? – кэрэхсээбэт эрээри таах ыйытан кэбиспитин кэмсиммиттии, эппиэт күүппэккэ тутатына дьаһайсыбытынан барда.
– Миитэрээй, кэл эрэ, эн биһиги ындыыларбытын бэлэмниэх. Оттон эһиги эрэттэр, аттаргытын тутуталааҥ. Бүгүн төннүө этибит.
– Оттон эһиги төһө бэрт ыалга хоннугут? Төһө күндүлэттигит? – Бориска сэргэ хаамсан иһэн, кинээһи үтүктэн Сафейкаттан ыйытта.
– Күндүлээһин-маанылааһын чааһа баһаам. Хаһаайын өлгөм күндү түүлээҕи көрөн уҥуоҕа хамсыар диэри үөрбүт. Киэһэ ас, арыгы бөҕөнү тэрийдэ. Түүн үөһүгэр диэри быһа кэпсэтэн, торгуйдаһан таҕыстылар. Кинээс даҕаны төбөлөөх, киитэрэй киһи эбит. Арыгыны итирэр гына испэтэ. Кэпсэтиитигэр даҕаны баһыйтарбата. Өссө инники өттүгэр бииргэ эргиниэх буолан илии тутустулар.
– Сафи, биһиги хайдах былааннанабыт. Хамнаспыт суотугар эбии тэрил, ас-таҥас булунан Сиридикээммитигэр төннөн көрөрбүт дуу? Эн саныаххар хайдаҕый?
Сафейка, дьиҥинэн, Сиридикээҥҥэ төннүөн саллар этэ. Былырыын уһун кыһыны быһа биир даҕаны киһини көрсүбэккэ иккиэйэҕин чуҥкуйан олорбуттарын санаатаҕына, сүрэҕэ ытырбахтыыр. Ол тухары биирдэ амтаннаах аһы аһаабакка, аанньа сууммакка-тарааммакка, куруук күүстээх, ыарахан үлэҕэ мискиллэн туох даҕаны түмүгү ситиспэтилэр.
Охотскайга хаалан, кэм дьон-сэргэ ортотугар сылдьан үлэлэһэн көрүөххэ баара. Тоҕо ала-чуо биһиги дьонтон туораан кураанах сири хасыһыахтаахпытый? Кыһын ортото быстаран эбэтэр ыалдьан-сүтэн хаалыахха эмиэ сөп. Быһаас оттон өлө сыспыттара дии. Дьолго Лөкөй Лөгөнтөй баар буолан быыһаммыттара.
Сафейка толуннар даҕаны, дьиксинэр санаатын доҕоругар иһитиннэрдэҕинэ сатаныыһы. Саараабыттыы ол-бу диэки көрүтэлээтэ. Тирии хортууһун өрө сэгэтэн, тириппит сүүһүн тарбаамахтаата. Күөмэйин оҥостордуу көхсүн этиппэхтээтэ. Кэһиэҕирбит, симик куолаһынан саҥара истэ.
– Бари, Сиридикээҥҥэ биһиги сөбүн биир сыл эрэйбитин буорга көмнүбүт дии. Ити иччитэх дойдуга тиийэн быстаран өлүөхпүт. Быһааскы түбэлтэ хатыланыан сөп. Ол аайы куруук Лөкөй Лөгөнтөй көмөтүгэр эрэнэр сатаммат. Ол кэриэтин дьонноох-сэргэлээх сиргэ, маннааҕы бириискэлэргэ хаалан кыра да буоллар кэм хамнас аахсан үлэлээн көрбөппүт дуо?
Бориска доҕорун ис санаатын бэйэтэ даҕаны бүтэйдии сэрэйэр этэ. Онон ити этиини соһуйа истибэтэ.
– Сафи, эн этэргин олус өйдүүбүн. Сөпкө этэҕин, кырдьык, маҥнайгы сыллаах эрэйбит тиллибэтэ. Ол эрээри мин эрэлбин сүтэрэ иликпин. Былырыын биһиги кураанах сиргэ хаспыппыт. Быйыл атын сиргэ көрдүөхпүт. Хайа уонна оттон Туора салааҕа уонча ииммит кумаҕын сууйуохпут этэ дии. Хайа дьолбутун онтон булаайабытый?
Балачча саҥата суох истилэр. Бориска доҕорун диэки чинчилээбит хараҕынан көрөн ылла. Долгуйбуттуу хара, хойуу бытыгын мускуммахтаата. Уулаах аппаны батыһа үүммүт бөлкөй талахтар кэннилэригэр күөх алыыга аттара аһыы сылдьаллара көһүннэ. Сафейка кэрискэ хайалар үрдүлэринэн саҕахха тунаарар боруҥуй былыттар диэки санаарҕаабыттыы көрөн кэбистэ.
– Эн курдук күүскэ эрэнэрим буоллар, мин даҕаны төннөргө саарыам суоҕа этэ. Туора салаабыт эмиэ былырыыҥҥыбыт курдук аҕыйах кыырпаҕынан муҥурданаарай? Уонна мин киһитэ-сүөһүтэ суох сиргэ уһуннук тулуйан сылдьыа суохпун.
– Санааҕын аһаҕастык эппитиҥ үчүгэй. Миигин даҕаны чуҥкуйбат диэтэҕиҥ дуу? Сафи, эн биһикки сааспыт тухары көмүс үлэһиттэрэбит. Көмүсчүттэр хайаан даҕаны эрэл сулустаах буолуохтаахтар. Биһиги сулуспут – Халыма. Манна хааллахпытына саллаакка ылыахтарын сөп. Сэриигэ баран өлүөхпүт кэриэтин, бэйэбит үүтээммитигэр бүгэн олорбуппут ордук буолаарай? Наадыйдахтарына биһигини киэҥ тайҕаттан көрдөөн ыллынар ээ.
Сафейка саҥата суох умса көрөн истэ. Кырдьык даҕаны, кини сэрии туһунан букатын умнан кэбиспит эбит. Мантан саллаакка кэбэҕэстик ылыахтарын сөп. Кини эмиэ Бориска курдук сэриигэ баран сэймэктэниэн баҕарбат. Сафейка сыыйа төбөтүн өрө көтөҕөн, доҕорун диэки сэмэйдик мичилийэн ылбытыгар, сирэйэ сырдыы түһэргэ дылы гынна.
Бориска махтаммыттыы кинини санныттан кууһан ылла.
20
Халыма кылгас сайынын оройо. От үлэтин үгэнэ. Борискалаах Сафи Миитэрэйи кытта Балыгычаан төрдүгэр биир отууга хоно сылдьан оттууллар. Быйыл сааскы өттө ардахтаах буолан, от үүнүүтэ өлгөм. Уонча хонук иһигэр үс сүүсчэкэ бугулу туруордулар. Бориска ыстаанын таһынан түһэрбит кыһыл ырбаахытын уолугун нэлэккэйдэнэн, көнөтүк хоноччу тутта сылдьан, кырыытынан кыараҕас-кыараҕастык хааман «битийэн» охсор. Сафейка Миитэрэйи үтүктэн, умса түһэн имиллэҥнээн бытааннык барар. Үһүөн дьүккүөрдээхтик илиилэрин араарбакка үлэлииллэр.
Уолаттар тойонноро санаа хоту табыгастаахтык эргинэн кэлэн, бэркэ көнньүөрэн сылдьар. Аҕыс акка ыҥырдан таһаарбыт табаарынан эргинэн, күн аайы дьиэтин таһыгар дьон бөҕө тоҕуоруйар. Кыһыны быһа чэйэ, табаҕа суох муунтуйбут дьон хабалаҕа киирэллэрин кэрэйбэттэр, иэс ылан бараллар.
Борискалаах хамнастарын аахсан, биир куул бурдугу, балайда чэй, табах, саахар, сэп-сэбиргэл, быа-туһах, таҥас ылынан, биир акка ыҥырдан, сорҕотун миинэр аттарыгар төргүүлээн таһаарбыттара. Сэйимчээнтэн тута төннөөрү санаммыттарын, кинээс хаайан туран көрдөспүтэ.
– Дьэ, ол Сиридикээн буора ханна да куотуо суоҕа. Күһүн сир ириитэ хаспыккыт ордук буолуоҕа. Билигин миэхэ окко үлэлэһэн барыҥ. Үчүгэйдик үлэлээтэххитинэ борооскулаах ынаҕы биэриэм. Оччоҕо баҕар Сэйимчээҥҥэ хаалан ойохто ылан ыал буолуҥ. Кыргыттары да булан биэриэм, – диэн барыны бары биэриэх буолан арахсыбакка хаайбыта.
Дьон били кыһын хостообут кумахтарын сууйан, түмүгүн билэ охсор баҕалаахтар этэ да, тойон тылын ылымматахха, ол кэлин иэстэбиллээх буолара чахчы. Хайыахтарай, буор аата буор, тойон этэринии күһүҥҥэ диэри күүтэригэр тиийэр, онон хааларга сөбүлэспиттэрэ.
Күнүскү омурҕан буолан отчуттар үрэх үрдүгэр ойуччу турар отууларын диэки хаамыстылар. Чаҕылхай күн уотунан сырайар. Кыра да салгына суох бүтэй куйаас бүрүүкээтэ. Бориска этэ көймөстөн суунаары быһа үрэххэ киирдэ. Үрэх төрдүгэр тумустаан турар эмпэрэ тааһы эргийэ хаамта. Бокуойа суох сототун ортотугар диэри ууга киирэн ыраас, тымныы уунан дуоһуйуор диэри, тыбыыра-тыбыыра суунан булумахтанна. Кытыыга тахсан ырбаахытын эҥэринэн сирэйин сотто туран, хараҕын кырыытынан эмпэрэ тэллэҕэр кыстана сытар хараҥа өҥнөөх туох эрэ ойуулаах чараас билиигэ таастары дьиибэргии көрдө. Биир обургу чараас куһуогу сулбу тардан ылла. Таас үрдүгэр элбэх баҕайы кулахыттан эрэ обургу туох эрэ үөннэрэ лаглаҕай курдук, үрүт үрдүлэригэр кэлимсэ тааһыран хаалбыттар. Дьиҥнээх муораҕа үөскүүр, хаалаах үөннэр курдук дьураалаахтар, тумустаахтар. Барыта чуолкай баҕайы ырылыччы көстө сылдьаллар. Тоҕо дьиибэтэй? Атын таастары ылан көрбүтэ, эмиэ биир үкчү элбэх үөннээхтэр. Бориска урут манныгы көрө илигэ да, сорох таастарга үөннэр баар буолалларын бириискэҕэ сылдьан истэрэ. Ол былыргы муора олохтоохторун уу түгэҕэр сөҥөн хаалбыт тобохторо муора көспүтүн кэннэ хас эмэ уонунан, сүүһүнэн мөлүйүөн сыллар усталарыгар сир анныгар улахан дириҥҥэ көмүллэн тааһыран хаалаллар үһү. Ону кэлин өрүс уута хайа охсон суурайан, сир үрдүгэр тахсар дииллэрэ. Оннук үөннэр хайа кэмҥэ үөскүү сылдьыбыттарынан сылыктаан, сири үөрэтэр аналлаах үөрэхтээх дьон ол таастар саастарын быһаараллар үһү. Сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта Черскэй диэн үөрэхтээх киһи Халыма устун кэлэн ааспытын туһунан Сэйимчээн олохтоохторо кэпсээбиттэрин санаан кэллэ. Ол киһи бука маннык таастары эмиэ булбута эбитэ буолуо. Бориска хас даҕаны куһуок тааһы ылан дьонугар көрдөрө илдьэ барда. Миитэрэй чаанньык оргута охсубут. Сафейка отуу күлүгэр аһын бэлэмнии сылдьар.
– Көрүҥ эрэ, мин тугу булбуппун, – Бориска сэрэнэн таастарын дьонун иннигэр кэккэлэтэ уурда.
– Бу туохтарый, үөннэр дуу? Хайдах маннык тааһыран хаалбыттара буолуой? – Сафейка таастарын ылан, олбу-солбу чинчийэ олордо. Миитэрэй куттаммыт киэҥ харахтарынан Борисканы уорбалаабыттыы көрүтэлээтэ.
– Тыый, бу таастары хантан ыллыҥ?
– Үрэх төрдүнээҕи эмпэрэ анныттан. Туохха миигин уорбалаатыҥ, Миитэрээй?
– Оттон бу кыһын Тысхаан ойуун тааһырдыбыт үөннэрэ үкчү манныктар этэ дии.
– Тугу, тугу саҥараҕын, Миитэрээй? Киһи өйдүүр гына кэпсиэххин, – Бориска соһуйан өрүкүйэ түстэ.
– Ээ… бу кыһын Сэйимчээҥҥэ биир киһи таарымталанан ыалдьыбыта. Ону ойуун эмтээбитэ.
– Но, хайдах эмтээбитэй? – Сафейка сэргэҕэлээн ыйытта.
Миитэрэй аны ким эмэ истиэ диэбиттии эргим-ургум көрүннэ. Сибигинэйэ былаастаан аргыый кэпсээн барда. Кини хараҕар кыһыҥҥы хараҥа киэһэ кыракый балаҕан иһигэр, лыык курдук мустубут дьон ортотугар Тысхаан ойуун кыыран дьуһүлэнэ турара бу баардыы көһүннэ. Кэтэҕэриин ороҥҥо ыарыһах киһи уһуутаан кэбиһэ-кэбиһэ, мөхсөн өрө эргичиҥнии сытар. Кыыран бүтэригэр ойуун үрдүгэр саба барыйан туран абааһыларын ыҥыран алҕаан, көрдөһөн баран чыпчырына-чыпчырына былаайаҕынан дүҥүрүн тоҥсуйбутугар, иһиттэн таас түһэн кэлбитэ. Ол тааһы үөрэн-көтөн ыарыһахха үҥүлүтэн көрдөрө-көрдөрө, кэһиэхтээх сөҥ куолаһынан кутуран ордоотуу, биир сиргэ бэдьэҥнии, битийэ турбута.
Дьэ, нохойдоон,
Тостубат тоноҕостоох,
Тэстибэт үөстээх,
Өлбөт оҥоһуулаах,
Уһун үйэлээх
Уол оҕо
Одьунааһа эбиккин.
Көр бу!
Хайҕахтаах хара быаргар
Хам хатанан
Хара хааҥҥын
Харса суох уулаабыт
Хара куйукта үөннэри
Биири да ордорбокко
Суптурута оборон,
Ылҕаан ыламмын,
Хаһан даҕаны тиллибэт
Хара бэлиэ буоллунар диэммин
Сымара тааска
Хам симэн
Тааһырдан кэбистим.
Онтон дьон диэки эргиллэн иччитэ суох дьэҥкир харахтарынан өһүөннээбиттии диэличчи көрүтэлээт, салгыы саҥаран барбыта.
Бу тааһы
Хаардаах уулаах
Хаҥыл үрэх
Халыан элбэх
Хара тааһын
Халыҥ дьапталҕатыгар
Хаһан эмэ
Көрөр буоллаххытына
Халты хаамаарыҥ,
Харбаан ыллаххытына
Хаттаан эргийиэ.
Ону оройдооҥ, одууласпат буолуҥ,
Толкуйдааҥ, туппат буолуҥ, –
диэн эҥсилгэннээхтик энэлийэн, суостаахтык суоһурҕанан олорор дьону өтөрүтэ көрүтэлээт, үөннээх тааһы көрдөрө-көрдөрө, эргиччи хаамыталаабыта.
– Ол тааһа үөннүүн-күрдьэҕэлиин үкчү бу балар курдук этэ. Эн бостуой бу таастары ылбыккын, – Миитэрэй кыайан көннөрүллүбэт ыар алҕас тахсыбытыттан хараастан нэһиилэ саҥарда. – Өссө ким бу тааһы илиитигэр ылбыт, тарбахтара такыччы тардыа, үөннэрэ тиллэн бэйэтигэр көһүө, – диэн эппитэ.
Борискалаах Сафейка бэркиһээбиттэрэ бэрдиттэн туох да диэн этиэхтэрин булбакка, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр. Саҥата суох аһыы олордулар. Миитэрэй айаҕар туох да куһуогун ылбакка кытыйалаах чэйин бүлүүһэ курдук үс тарбаҕын үрдүгэр күөрэччи тутан, биир сири тобулу көрөн олорон, тугу эрэ саныырдыы, чараас уостарынан чаастатык сыпсырыйбахтыыр.
– Тууй-сиэ, сүрдээх да киитэрэй оҕонньор эбит. Бу албыннаатаҕа сүрүн! Булугас өйүн иһин мин кинини өссө ытыктыах курдукпун, – Сафейка сөҕөн икки ньилбэгин тыастаахтык охсунна. Көхсүн этитэн, саҥа аллайда. Бориска сөбүлэһэн саҥата суох мүчүҥнээн ылла, төбөтүн кэҕиҥнэттэ. Онтон сонньуйбуттуу эбэн эттэ.
– Ойуун өйүнээҕэр дьон хараҥата, кэнэнэ киһини сөхтөрөр. Ону таба туһанан талбытынан албыннаан, дьаһайан эрдэҕэ дии.
– Бээрэ, эһиги тугу-тугу саҥараҕыт? Ким тугу албыннаабытын этэҕит? Хайа мээнэ тыллаһаргыт сэттээх-сэлээннээх буолаарай? Эчи, куттаммаккыт даҕаны бэрдэ, – дьоно ити үлүгэрдээх улахан аньыыны оҥорон баран, өссө элэктээх кэпсэтиилэриттэн Миитэрэй кыйаханыах курдук буолан барда. Сафейка тугу эрэ этээри өрө хонойон эрдэҕинэ, Бориска саба сапсыйан кэбистэ. Бэркэ дуоспуруннанан Миитэрэйи утары көрөн олорон, хас тылын барытын ыараҥнатан, саҥаран барда.
– Миитэрээй, бу айылҕа бэйэтэ айбыт таастара. Былыр хаһан эрэ олус өрдөөҕүтэ бу биһиги олорор сирбитигэр муора үөскүү сылдьыбыт буолуохтаах. Кэлин кини көспүтүн кэннэ түгэҕэр сөҥөн хаалбыт үөннэр үгүс мөлүйүөнүнэн сыллар усталарыгар тааһыран хаалбыттар. Маннык үөннээх таастар атын сирдэргэ эмиэ бааллар, онон бу үөннэргэ эһиги ойууҥҥут туох да сыһыана суох. Кини ол тааһы сиртэн булан баран, ону эһиги билбэккитинэн туһанан, бэйэтин дьыалатыгар туттубут.
– Ама, хайдах оннук буолуой, сүрэ бэрт дии?
– Чахчыта оннук, Миитэрээй. Ойуун эппитинэн буоллаҕына, мин бу таастары булан, илиибинэн тутан аҕалбыт киһи, тарбахтарым такырыйыа этилэр. Эбэтэр бу үөннэр тиллэн миэхэ көһүөхтээхтэр этэ. Ханна баарый, бу тааһырбыттара тааһырбытынан сылдьаллар дии, – Бориска кыайан туттумуна күлүм аллайда.
– Бээрэ, ол эмтээбит киһитэ үтүөрбүтэ дуо?
– Үтүөрэн. Билигин олох, харахтан сыыһы ылбыт курдук, чэгиэн бэйэлээхтик сыддьар. Ойууҥҥа махтанара сүрдээх.