Читать книгу Олох оҕо оонньуута буолбатах - - Страница 1
Сэһэннэр
Олох оҕо оонньуута буолбатах
ОглавлениеI
Сарсыарда халлаан саҥа суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, үдүк-бадык хараҥаҕа, Нарыйа төһө да эрдэтин биллэр, суорҕанын хаһыйа анньан ойон турда. Дьиэтэ сөрүүкээбит аҕай. Бэҕэһээ киэһэ утуйарыгар киллэрбит хардаҕастарын саллыбыттыы көрөн ылла. Инчэҕэй маһы уматар саҕа ыарахан суох быһыылаах. Төһө да салыннар, оһоҕун отторугар тиийэр. Ити төбөтүн эринэн баран улаҕа хайыһан сытар киһитэ бүгүн туран оһоҕу отторо биллибэт. Күн ортото туран, абыраатаҕына, оһоххо эбии мас быраҕан биэриэ уонна халлаан хараҥарыар диэри төрөппүттэринэн, табаарыстарынан сылдьан кэрэдэхтиэ, эбиитин иһэ уйарынан пиибэлиэ. Түүнүн хоно эрэ кэлиэ. Сокуоннайынан холбоһуон баҕарбат. «Билигин киһи барыта гражданскайынан олорор» диэн тыллаах. Нарыйа маннык олоххо олоруом диэн хаһан санаабыта баарай? Тыа улууһун сис ыалын оҕото этэ буоллаҕа. Ийэлээх аҕата иккиэн орто оскуола учууталлара, билигин да оскуолаларыгар үлэлииллэр. Куруутун чиэскэ-бочуокка сылдьаллар, иккиэн Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуннара. Оттон соҕотох мааны кыыстара атын улууска кэлэн бу билбэт дьонун-сэргэтин ортотугар ньыдьыраан олордоҕо. Былырыын пединституту бүтэрэн, алын сүһүөх кылаас учууталын идэтин ылбыта. Төрөппүттэрэ куоракка хааллара сатаабыттара да, атын сири, дьону-сэргэни көрүөх баҕата баһыйан, бу улууска анатан кэлбитэ. Дьиҥинэн, куораттан чугас илин эҥээр улуус эрээри, саамай түгэх нэһилиэккэ түбэһэн, куоракка киириэх диэтэххэ, ыраах дойду. Бастаан күнү быһа айаннаан улуус киинигэр киириэххэ, онтон иккис күн куораттыахха наада. Куоракка хонон баран, үһүс күн бэйэҥ улуускар айаннаан дьиэҕэр дьэ тиийэҕин, ону да, хата, улуус киинигэр олорор буолан. Кыһыҥҥы каникулга бара сылдьан, дьонуттан, ордук убайдарыттан өһүргэнэн, аны кэлимиэх буолан кэлбитэ эрээри, ханна барыай, барарыгар тиийэр. Саатар биир нэдиэлэ оһох оттортон сынньанан, ийэтин аһын-үөлүн аһаан кэлиэ этэ. Ити итириксити кэтээн олоруо дуо? Убайдара: «Киһилээх үһүгүн, тоҕо аҕалбатыҥ? Эйиэхэ иитиллэн олорор үөрэҕэ-үлэтэ суох киһи дииллэрэ кырдьык дуо?» – диэн сирэй-харах аспыттарыгар өһүргэнэн уҥуоҕун үлтү түһэ сыспыта, кыыһыран түтүө-татаа бөҕө буолбута.
Ийэтэ соһуйбуттуу, эмиэ да хомойбуттуу көрөн турара бу баарга дылы. Төрөппүттэрэ каникул бүтүөр диэри киниттэн тугу эмэ быһаарыа диэн быһа-хоту саҥарбакка, кэтэһэн көрөөхтөөбүттэрэ быһыылааҕа да, кыыстара дьонугар эппиэт биэрбэккэ кэлбитэ. Билигин истэригэр тутан төһө эрэ санаарҕаан эрэллэрэ буолуой? Онтон убайдара обургулар сири-сибиири барытын сиксийэн, хайыы-үйэ барытын истэн-билэн эрдэхтэрэ буолуо. «Бу күннэргэ төһө кыалларынан ити киһилиин быһаарыстахха табыллар. Эр оҥостон олордум да, сокуоннайынан холбоһон, иитэн-үөрэтэн киһи оҥорорбор тиийэбин. Хайдах эмэ гынан, тылга киллэрэн, дойдубар илдьибит киһи, убайдарым киһи-хара оҥорон көрүө этилэр. Саатар үлэҕэ ылыахтара. Билигин да сааскы каникул ыраах, киһитин тылыгар киллэрэн көрүө. Онтон барсыбатаҕына, дьыалата хаахтыйар. Дьон туох диэй? Кылааска үөрэнээччилэригэр хайа сирэйинэн киирэн иитэр-үөрэтэр үлэни ыытар. Кырдьаҕас төрөппүттэрэ төһө эрэ хомойоллор. Оттон убайдара ити киһини ир суолун ирдээн, хайаан да булан, аахсан тэйиэхтэрэ. Ол баар – саамай куттала. Дьон тылын-өһүн истибэтэх аньыыбар кэр-дьэбэр киһилиин олорон, олохпун бэйэм алдьатан эрэбин дуо? Айыыналыын сүбэлэспит киһи. Айыына ити тиэмэҕэ кэпсэтиэн олох баҕарбат. «Бэйэҥ илэ өйгүнэн оҥорбут дьыалаҥ, ким да күһэйбэтэҕэ. Киһи этэрин истибэтэҕиҥ» диэн тыллаах».
Нарыйа уһуну-киэҥи эргитэ саныырын быыһыгар сып-сап хомунан, дьиэттэн тахсан барда. Хара нуорка соно тэлээрэн, үрдүк хобулуктаах сапожкатыгар дугунан хааман чочоһуйда. Алын сүһүөх кылаас оҕолоро икки өттүттэн «дорообо», «дыраастый» түһэрэ-түһэрэ сырсан туораахтаһан ситэн ааһаллар. Бу оскуолаҕа быйыл күһүн үлэлии кэлбитэ. Дьиҥинэн, үлэлиир оскуолатыгар сүрдээҕин табыллыбыта эрээри, кэлээт сыыстарбыта. Сап-саһархайынан унаарыччы көрбүт уһун курбуу көнө уҥуохтаах кыыһы дэриэбинэ уолаттара сөбүлүү көрбүттэрэ, хас хардыытын кэтээбиттэрэ-манаабыттара. Кэтиир-маныыр уолаттартан ити киһиэхэ хараҕа хатаммыта, уһун, көбүс-көнөтүк туттубут дараҕар сарыннаах ис киирбэх уол сүрэҕин иһинэн киирбитэ. «Студенныы сылдьан кэргэн тахсыбатым, онон түргэтиэххэ, саас да ыраатан эрэр» диэн санааттан эбитэ дуу, уһуну-киэҥи саныы барбакка, уол оҕууругар киирбитэ. Кыргыттара сөбүлээбэттэрин биллэрбиттэрин үрдүнэн, уоллуун мээнэ «табаарыстаспыт» эрэ аатырбыта. «Үөрэҕэ суох, төрөппүттэрэ иһэр-аһыыр дьон» дииллэрин истибэтэҕэ. «Таптаатым – тайахтаахха тахсыам, сөбүлээтим – сүгэһэрдээххэ сүктүөм» диэн тылламмыта. Сүрдээх ыраастык-чэбэрдик туттубут, маанытык таҥныбыт, аҕыйах саҥалаах Григорий кини сүрэҕин иһинэн киирбитэ. Ким да тылын истиэн баҕарбатаҕа.
Айыына, уопсайга бииргэ олорор кыыһа, алтынньы ыйга улуус киинигэр нуучча тылын уонна литературатын учууталларыгар аналлаах икки күннээх семинарга барбытын туһанан уол олох арахсыбатаҕа. Түүнү быһа буолары-буолбаты кэпсэтэ сатыы олорбуттара. Кэлин тиһэҕэр уол хоно хаалбыта. Айыыната саҥата суох истэн эрэ кэбиспитэ. Уол хас күн ахсын арахсыбакка кэлэриттэн мэһэйдэтэн, биир күн таҥаһын-сабын, кинигэлэрин хомунан, үс буолан бэйэлэрэ да кыараҕастык олорор эдэр специалист кыргыттарга көспүтэ.
Онон Григорийдыын ыал аатын ылан олорбуттара син түөрт ыйа буолла да, киһитэ дьонугар илдьэн билиһиннэрэ илик. «Ол мин дьоммунуун билсэр туох наадалааҕый, төһө уһуннук чэчирээн олох олороору», – диэн аанньа ахтыбатахтыы этэр. «Оччоҕо тоҕо бииргэ олоробутуй?» – диэтэҕинэ, ыгдах гынан кэбиһэр. Киэһэтин куруутун арыгы, пиибэ сыттаах кэлэр. Саамай кыһыйара-абарара: эргэ баҕайы тирии куурканы, нэк буолбут нуорка бэргэһэни ханньаччы кэтэ сылдьар. «Миигинниин билсэргэр мааны баҕайы этиҥ дии, ол таҥастарыҥ ханна бардылар?» – диэн ыйыппытыгар: «Таҥастаах дьон ыллахтара дии…» – диэн баран күлэн эрэ кэбиспитэ. Кыыс күлүү-элэк курдук сыһыантан олус кыһыйбытын, бэйэтин акаарытыттан кэлэммитин иһин, бүтэр бүппүтүн кэннэ, сиргэ тимириэҕин сир кытаанах, халлааҥҥа көтүөҕүн халлаан ыраах. Дьылҕа хаан бэлэмнээбит дуу, бэйэтэ дубук үктээбит дуу олоҕор үрүҥэ-харата көстүөр диэри тулуктаһарыгар тиийэр. Бастаан киһитин таптыыр курдуга, оттон билигин барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ эрэ буолан олорор курдук.
Нарыйа кирилиэһи өрө дабайан, оскуола ыарахан аанын аһарын кытта итии салгын ил гынна. Көрүдүөрүнэн учительскайга ааһан иһэн, үөмэхтэһэн турар үрдүкү кылаас кыргыттара сэтэрээбиттии көрөллөрүн биллэ. Хайыай, төһө кыалларынан кыһаллыбатахтыы туттан, эбиитин соруйан хаамыытын бытаардан биэрдэ. Учительскайга киирээт, нуучча тылын уонна литературатын учуутала Наталья Григорьевна дьээбэлээх баҕайытык көрөн олорорун көрдөр да, кыһамматахтыы туттан, дьүөгэтигэр Маринаҕа чугаһаата.
– Дорообо, Марина, – диэн дорооболоһорун быыһыгар кыыһа ууламмыт хараҕын соһуйбуттуу көрөн ылла.
– Дорообо, – диэт, дьүөгэтэ кыыһы бэйэтиттэн сэрэнэ соҕус тутан халбарыччы анньаат, остуолтан кылаас сурунаалын ылан тахсан барда.
– Һы, дьэ, көр буолар буолла быһыылаах, – Наталья Григорьевна сыыбырҕаата.
Маныаха кини хос моонньоҕо Алла Борисовна өрө чаҥкынаан, ытаһа буола түстэ:
– Биһиги да баарбыт. Көрөн иһиэхпит буоллаҕа.
– Звонок буолбутун истибэккит дуо?
Завучтара Анна Акимовна кытаанах саҥатын истэн, учууталлар уруок буолбутун дьэ өйдөөбүттүү, сурунаалларын ыла-ыла, утуу-субуу тахсан бардылар.
Нарыйа учительскайга буолбут бүгүҥҥү быһыыны-майгыны төһө да өйдөөбөтөр, бу барыта кинини утары оҥоһуу буоларын сүрэҕинэн сэрэйдэ. Күн бэҕэһээҥҥэ диэри үөрэ-көтө көрсөр дьүөгэтэ ити икки ардыгар туох буола охсубутун бүгүҥҥү күнү ааспакка быһаарсарга сананан, учительскайтан тахсан барда.
Үөрэтэр бэһис кылааһыгар ааспыт уруокка биэрбит хоһоонун нойосуус ыйыта олорон, санаата дьүөгэтигэр Маринаҕа иэҕиллэн кэлэ олордо. Ити туох буоллаҕай? Марина аны сайын Сергей Николаевичтыын, маннааҕы физкультура учууталыныын, дойдутугар баран сыбаайбалыахтаах. Марина Сергейин олус сөбүлүүр, кэпсээнэ барыта кини эрэ туһунан буолар. Николаевич учуутал быһыытынан үөрэнээччилэригэр сөбүлэтэр, сүрдээх үлэһит, спортзалтан тахсыбатын кэриэтэ, бириэмэтин аахсыбакка үлэлиир. Кини үлэлиэҕиттэн оскуола улууска комплекснай күрэхтэһиигэ бириистээх маҥнайгы миэстэттэн икки сыл тухары түһэ илик. Онон оскуола дириэктэрэ Иван Семенович ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьар.
Ол курдук оскуола микроавтобуһа, ханна да айаннаабакка, бастакынан спортивнай күрэхтэһиигэ барарын учууталлар бэркэ диэн билэллэр. Учууталлар сөбүлээбэттэрин биллэрэн, дириэктэр истибэтигэр муннукка-ханныкка ботугураһаллар эрэ, педсовекка, планеркаҕа тоҕо эрэ саҥарбаттар. Сергей Николаевич мээнэ сылдьыбатын, хайаан да кыайыы-хотуу аргыстанан кэлэрин билэллэр. Оттон Марина оскуолаҕа эмиэ тарбахха баттанар омук тылын учуутала, улууска ыытыллар предметнэй олимпиадаларга үс иһиттэн түспэт.
Ама, эмиэ күнүү буолуо дуо? Ааспыт саас улаханнык күнүүлээн турар. Улууска оскуолалар икки ардыларынааҕы профсоюзнай тэрилтэлэр күрэхтэһиилэригэр баскетболга кыргыттар хамаандаларын эрчийэ сылдьан: «Нарыйа, арыый биир сыл эрдэ кэлбитиҥ буоллар, эйигин таптыа эбиппин», – диэн тыл быктаран кэбиһэн нэһилиэккэ кэпсээҥҥэ киирбиттэрэ. Марина күһүнү быһа күнүүлээн, ытаан-соҥоон баран, хата, кини Григорийдыын булсан, тохтообута. Дьиҥинэн, Сергейдиин кинилэр ханнык да сыһыаннара суох. Онно даҕаны Сергей Николаевич оонньуу былаастаан эппитин Марина олус күүркэтэн турар.
– Нарыйа Васильевна, уруһуйдаан бүттүбүт, – кылаас старостата Лира чаҕаарбытыгар соһуйбуттуу өрө көрө түстэ. Бэһис кылаас – кини саамай сөбүлүүр кылааһа. 10–11 саастаах кыргыттар, уолаттар оҕо-оҕо курдук билэ-көрө сатыыллара сүрдээх элбэх. Бэйэлэрэ да бэрээдэктээх, үөрэхтэригэр дьаныардаах, бары нэһилиэк кыахтаах ыалларын оҕолоро.
– Лира, тэтэрээттэри хомуй, – диэн электрическэй чуораан тыаһын кытта тэҥҥэ учуутал уруок бүппүтүн биллэрдэ.
II
Нарыйа уруоктара бүтэн, оскуола кирилиэһиттэн тоһугураан түһэн истэҕинэ, кэнниттэн Айыына Алексеевна ситэн ылан тоҕоноҕуттан ылла.
– Нарыйа, биһиэхэ киирэн чэйдээн ааспаккын дуо?
Кэпсэтэ түһүө этибит, – Айыына төгүрүк маҥан иэдэстэрэ тэтэрэ кыыспыттар, күлэн мичилийбитигэр үрүҥ тиистэрэ кэчигирэстилэр.
Айыына сүрдээх холку, сымнаҕас, болҕомтолоох, дьүөгэлэригэр барыларыгар ийэлии амарах сыһыаннаах, куруутун күлэн мытырыйа сылдьар, ордук үөрэнээччилэр сөбүлүүллэр. Сыллата ыытыллар Учуутал күнүгэр «Мин сөбүлүүр учууталым» диэн анкета толоруллуутун түмүгүнэн иккис сылын «Үөрэнээччилэр сөбүлүүр учууталлара» ааты ыла сылдьар. «Эһиил испииһэккэ киирбэппин, үөрэнээччилэрим олус атаахтатан кэбиһэннэр, кыайтардахпына, хомойон өлөр буоллаҕым», – диэн күлэр.
– Оо, Айыына, кэпсэтэн бэйэм да сэргэхсийиэхпин баҕарарым сүрдээх эрээри, Марина туохтан эрэ миэхэ кыыһыран кырыыламмыт аҕай курдук көрдүм ээ, тоҕо буолуой? – Нарыйа хаамарын бытаардан, дьүөгэтин күлбүт сирэйин саҥа көрбүттүү болҕомтолоохтук одууласта.
– Бэйэҥ да сэрэйэр инигин. Киириэххэ, кэпсэтиэхпит. Марина бүгүн түөрт уруоктаах. Уруогун кэнниттэн Сергей Николаевич дьонугар бара сылдьыах буолбуттара. Онон киэһэ хойутуу кэлэрэ буолуо. Чэ-чэ, барыах, – Айыына кыыһын учууталлар олорор уопсайдарын диэки салайда.
Кыргыттар квартиралара сып-сырдыгынан, сылааһынан сыдьаайа көрүстэ. Барыта уурбут-туппут курдук орун-оннугар турар. Айыына сырдыгы, үрүҥү сөбүлүүр. Устудьуоннуур саҕаттан кини олорор хоһо сып-сырдык буолааччы. Ороннор хайаан да маҥан сабыынан, түннүктэрэ маҥан түүлүнэн бүрүллээччилэр. «Учуутал буолбакка, ситэри медик буолуоҥ этэ», – диэтэхтэринэ «Үрүҥү сөбүлүүрүм иһин медик буолуохтаах үһүбүн дуо, дьиҥинэн, удьуордаан да эмчит буолуом этэ да, хаантан наһаа куттанабын. Төрөппүттэрим иккиэн эмчиттэр ээ, онтон бэриһиннэрбитим диэн, маҥаны сөбүлүүбүн, оҕо сааһым үрүҥ оппуохалаах балыыһа дьиэлэригэр ааспыта», – диэн күлэн кэбиһээччи.
– Чэ, чэйдиэххэ, – бытархай сибэкки ойуулаах маҥан ыскаатардаах остуолугар иһитин тардыбытынан барда. – Бэрэскитэ сиэ, бэҕэһээ астаабыппыт.
– Эчи үчүгэйин, дьиэ бэрэскитин сиэбэтэх ыраатта. Чэ, кэпсээ, туох сонуннааххын? – Нарыйа дьоһумсуйа туттан, уһуннук кэпсэтэрдии оҥостон, атаҕын атаҕар хатыйа уурар.
– Нарыйа, кыыһырбакка иһит. Эн ити Григорийы дьиҥнээхтик таптаан эбэтэр сыыһа туттан хоонньоспут буруйгар кинилиин олороҕун дуу?
– Наһаа итинник быһа бааччы ыйыппат буоллаҕыҥ дии? – кыыс соһуччу ыйытыыттан мах бэрдэрэн, умса туттан балачча соҥуоран олорон баран бэйэтэ-бэйэтигэр кэпсиир курдук аргыый тииһин быыһынан сыыйан саҥаран барар. – Бастаан кырдьык Григорийы таптыыбын дии саныырым. Оттон билигин… бэйэм да билбэппин. Үөрэх дьыла түмүктэннэҕинэ, дойдубар барар санаалаахпын. Аҕыйах кэмҥэ тус-туспа бардахпытына, бириэмэ көрдөрөн иһиэ. Уопсайынан, үчүгэйдик үөрэтэн көрбөккө, олорорго ыксаабыппын. Дьүөгэлэрим, оскуолаҕа, университекка бииргэ үөрэммит кыргыттарым кэргэн тахсан барбыттарыттан хойутаан эрэбин диэн, уһуну-киэҥи толкуйдаабатахпыттан сороҕор кэмсиниэх санаам кэлэр. Сыыһабын билинэбин.
– Оттон ыарахан буолуом диэн куттаммаккын дуо? – Айыына дьүөгэтин үтэн-анньан көрөрүн тохтоппот.
– Суох. Харыстанабын. Онно баҕас төбөбүн үлэлэтэбин, – Нарыйа хараастыбыт куолаһынан хардарар.
– Оннук эрэ буоллун. Нарыйа, оттон Сергей Николаевичка сыһыаныҥ хайдаҕый? – дьиэлээх кыыс итии чэй кутан ыалдьытын иннигэр уурар.
– Сергей Николаевичтыын ханнык да сыһыаным суох. Марина күнүүлээбитэ буола сылдьыан кэриэтэ, сайыны күүппэккэ, түргэнник холбоһуоҕун. Мин көрдөхпүнэ, Сергей Николаевич дьахтар аймахха бэйэтэ сытыы-хотуу, дьэллэм киһи быһыылаах. Хомууттана илигинэ кимниин баҕарар оонньоһуон сөп курдук көрөбүн. Онтон биир бэйэм үлэһит быһыытынан убаастыырын убаастыыбын эрээри, киниэхэ ханнык да истиҥ чуубустубам суох. Марина тоҕо оҥорон көрө-көрө миэхэ күнүүлүүрүй? – кыыс аны мин ыйытар уочаратым диэбиттии дьүөгэтин көрөр.
– Сергей Николаевич кэлин Маринатыгар наһаа тоҥуй. Биһиэхэ кэлин олох сылдьыбат буолла, кыыс бэйэтэ күнүс-түүн диэн аахсыбакка кэтээн-манаан, элбэхтик эккирэтиһэн дьон хараҕар бииргэ сылдьар курдуктар. Сергей ийэтэ да тугу эрэ уорбалаан, Маринаны бэйэтэ ыҥыран, дьиэтигэр сырытыннарар буолан эрэр. «Көһөн кэл» диэн бэҕэһээ ыҥырбыт этэ.
– Оттон оччоҕо барыаҕын, тугуттан тутуллар, – Нарыйа сэргэхсийэн, сирэйэ сырдаан кэлэр. – Мин да сымыйанан күтүрэнэн бүтүөм этэ.
– Ама да буолтун иһин, ийэтэ ыҥырда диэн, уол бэйэтэ көһөрө кэлиэн иннинэ хайаан барыаҕай. Кини эмиэ бэйэтин убаастанар буоллаҕа. Киһи да уларыйар эбит. Былырыын Сергей Николаевич Маринаттан күнэ тахсара, тапталга билинэн да биэрэрэ. Бу буолар быатыгар Марина уол тапталын уйанын-хатанын олус уһуннук эллээн, Сергейин мүччү тутар кэрдиискэ кэллэ. Билигин барыта эйигиттэн тутулуктанан турар. Нарыйа, эн табыллыбатым диэҥҥин дойдугар барыаҥ этэ. Мин ис санаам, чэ, итинник, төһө да сөбүлүү истибэтэргин, ситэри иһит. Туох да диэ, Григорийдыын билигин кыһалҕаттан олороҕун, онон дьыала дириҥии илигинэ баран хаалыаҥ этэ. Тэҥэ суоххут. «Аҥаара – таҥара маһа, аҥаара – күрдьэх маһа» диэн өс хоһоонугар дылы буолан түһэҥҥит. Бөппүрүөк бүөтэ, хадаар хаата киһи. Ону билбэккэ дылы, өссө бэйэтин көрдөрөн иһиэҕэ. Оттон Сергей Николаевич, мин көрдөхпүнэ, эйигин кырдьык сөбүлээн эрэр быһыылаах, – Айыына түргэн-түргэнник тылыбыратарын быыһыгар кыыһын сирэйин-хараҕын сэрэхэдийбиттии көрөр.
– Итини этээри ыҥырбыт эбиккин дии. Мариналыын сүбэлэһэҥҥит, кэпсэтэрбитигэр усулуобуйа тэрийэн, баччааҥҥа диэри оскуолаттан кэлбэт. Чэ, буоллун. Ол эрээри, үөрэх сылын түмүктүүр санаалаахпын. Туох эрэ улахан буруйу оҥорбут курдук куотар санаам суох. Григорийы да сиргэ-буорга тэпсэн, быраҕар туһунан толкуйдаабаппын. Киһилии холбоһон, ыал буолар санаалаах тиийдэҕинэ, үүрэн кэбиһиэм суоҕа. Онно суоҕунан мээнэ баайсыбакка, атын дьахтары көрбөт курдук Сергей Николаевичкытын тутуоххутун, – Нарыйа түргэн үлүгэрдик ойон туран сонун кэттэ, кыыһыран титирэс буолбут куолаһынан быһыта баттаан саҥарда. – Мин эйигиттэн итинниги күүппэтэҕим. Маринаҕа төһө да дууһаҕынан ыалдьыбытыҥ иһин, миигинэн тииһиҥ сааҕын сууйума. Атаҕастыыр киһигитин миигин булбуккут дии…
– Нарыйа, хайдах буоллуҥ? Сымыйаны этэргэ дылы олус кыыһырыма эрэ, дьон этэрин этэбин. Тыала суохха мас хамсаабат, – Айыына дьүөгэтэ аатын билбэт буола кыыһырбытын көрдөр да, иннин биэрэр санаата суох.
– Маринаҕа эт, кыыһырбыта, күнүүлээбитэ буолан, учууталларга киһини утары туруоран, оскуолаҕа мээнэ ытаабатын-соҥооботун эрэ. Ынах кэйбит ынаҕын кэйэр. Киһини дьон айаҕар олус уган эрэҕит, – диэт, эргичис гынан тахсан иһэн Маринаҕа муннунан кэтиллэ түстэ.
Кыргыттар иккиэн утарыта көрсөн туран, чугуруҥнаһа түһээт, тыал курдук силир гынан хардары-таары ааһыстылар. Марина киирээт, сонун да уһулбакка, хоһугар тилир гынна.
– Хайа, туох буоллуҥ? – Айыына хоско батыһан киирбитэ, кыыһа оронугар умса түһэн ытаан санна дьигиҥнии сытар. – Марина, этиий, туох буоллугут, Сергей ханнаный? – Айыына эппиэт күүтэн балачча турбахтаан баран, хоруй ылбакка, хостон тахсан, плиткаҕа уу сылыта уурда.
Уута сылыйарын күүтэ таарыйа, түннүгүнэн уулуссанан ааһар дьону көрө туран арааһы эргитэ санаата. «Ити дьон табыллымаары гыннылар. Марина, уһаппакка-кэҥэппэккэ, былырыын кэргэн тахсан хаалбыта буоллар, хата, оҕо сыта биллибит буолуо этэ. Дьиҥинэн, Сергей кыыһы иннин-кэннин биллэрбэт буолуор дылы эккирэтиһэн, тапталга билинэн аҕай биэрбитэ. «Холбоһуоххун, мүччү тутан кэбиһээйэххиний. Кыыс кыыкынайдааҕар элбэх», – диэтэҕинэ, «Ханна барыай», – диэн күлэн кэбиһээччи. Онтуката ити буолла. Хайдах гынан чугасаһыннарабын. Арай бу субуотаҕа Сергейи илдьэ күүлэйдии кэлиҥ диэн Симанан ыҥыртаран көрөрүм дуу? Онтон атын ханнык да сылтаҕым суох. Сима аны бэйэбэр иҥээҥнээн киирэн барар дуу? Чэ, мин киниэхэ табаарыстыы сыһыаннаахпын билэр, онон өйдүүр ини. Нарыйа хомойон бараахтаата. Тас көрүҥүнэн, киһи быһыытынан, үлэһитинэн дэгиттэр үчүгэй кыыһы Сергей таба көрдөҕө. «Салалтаҕа тахсыан сөптөөх специалист, олох тутуохха баар этэ», – диэн оскуола дириэктэрэ профком мунньаҕар хайҕаан эрэрэ. «Кэм кини кулгааҕа бүөлэнэн биэрэр», – дьахталлар кистии-саба күлсэн эрэллэрэ… Иккиэн үчүгэйдэр, хайаларын да киһи мыыммат кыргыттара».
Кыыһа оронуттан турар тыаһын истэн саҥата суох кэтэһэн олордо. Марина ытаан сирэйэ-хараҕа салбаҕырбыт, ыһыллыбыт кылгас баттаҕын көннөрөн өрүтэ аспахтыыр, остуол аттыгар турар олоппоско ыараханнык олордо. Айыына дьүөгэтин диэки ыйытардыы көрөн олордо.
– Сергей секциялаахпын диэн спортзалтан тахса да соруммата. «Барыахха» диэн этэн баран учительскайга кэтээн олордум. Оҕолор сэрэйдилэр быһыылаах. Хаһааҥҥа диэри олоруохпунуй, үс чаастан учууталлар да кэлитэлээн бардылар, – Марина титирэстээбит куолаһынан кэпсиир. – Бары мин сирэйбин-харахпын көрөллөр. Кинилэргэ сип гыммыты ситиигэ тиһэр, сап гыммыты сапка тиһэр дэриэбинэ сонуна буоллаҕа. Көрөр харах, истэр кулгаах, этэр тыл оҥостон эрдэхтэрэ.
– Бииргэ үлэлиир дьоҥҥун тоҕо итинник куһаҕаннык саныыгыный? Сергейдиин биир тылы булбатаххытыгар ким да буруйа суох. Нарыйаны даҕаны сыыһа буруйдуугун, – Айыына, иһигэр төһө да дьүөгэтин аһыннар, кытаанахтык саҥарарга быһаарынна. Бу түбэлтэҕэ аһыммыта буола оонньоотоҕуна, кыргыттарын эриирдээх-бутуурдаах боппуруостарын эбии күүркэтэн, дириҥэтиэн эрэ сөбүн чуолкай өйдөөтө. Күннээҕи кыһалҕа эрэ курдук сыһыаннастаҕына табыллыыһы.
– Нарыйа атаҕастаммыт-баттаммыт буолан барда дуу? Хоойго сытар холоонноох доҕордоох эрээри, тоҕо сокуоннайынан холбоспотуй? Сөбүлээн хоонньосто ини, – Марина хараҕын уутун сотторун быыһыгар бииргэ үлэлиир үөлээннээҕин быһа-хото саҥарарын тохтоппото.
– Чэ, бэйэҕит быһаарсыҥ. Мин дьон тус олоҕор орооһуо суохпун дии санаатым. Нарыйа билигин кыыһыран, хомолтотун этэн барда. Этэр эттэҕинэ эмиэ да сөп курдук. Оскуолаҕа үһүөн сылынан быысаһан кэлбиппит. Дьиҥинэн, үлэҕэ, үөрэххэ, олоххо, кэлин тиһэҕэр тапталга, бэйэ-бэйэбитигэр тирэх буолуохтаах этибит. Онтон биһиги көмөлөсүһүөхтээҕэр утарыта турдубут. Бөһүөлэккэ наар биһиги кэпсээммит буолла. Дьон киэһээҥҥи аһылыктарыгар кэһэ сылдьар кэпсээннэрэ, соһо сылдьар сонуннара буоллубут. Бары «хайдах буолаллар» диэбиттии, сирэйбитин-харахпытын кэтииллэр, – Айыына кыыһыран-абаран саҥарарын быыһыгар дьүөгэтин эмиэ да аһыммыттыы көрөр.
– Онон туох диэри гынаҕын? Бары миэхэ хараххытын аалбыт буоллаххытына, мин барыам, күн сарсын дириэктэргэ сайабылыанньа суруйуом. Сергейи итинник көтүмэх буолуо дии санаабатаҕым буруйум үһү дуо?
Эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ оҥордо, – дии-дии, кыыс тохтоло суох сүүрэр хараҕын уутун соттор.
– Ытаама, хайаҕыт да буруйа суох. Тапталтан киһи харалҕан буолар дииллэрэ кырдьык быһыылаах. Дьылҕа хаан бэйэтэ билэн эрдэҕэ. «Холбоһуоххун» диэн былырыын этэ сатаан кэбиспиппин истибэтэҕин. Киинэҕэ көстөр, кинигэҕэ суруллар тапталтан дьиҥнээх олох таптала олох атын, уустуктардаах буоллаҕа, – саҥарарын быыһыгар Айыына дьүөгэтин санныттан кууспутугар Марина ыга сыстан, саҥа таһаарбакка ытаан киирэн барда.
III
Саас. Кырыыһаттан таммахтар түһэн, оскуола кирилиэһэ уунан халыйбыт. Киэһэ дьыбар түстэр эрэ, сүрдээх халтараан буолар. Оскуолаттан киирэр-тахсар үлэһиттэр үөрэнээччилэрдиин бары кирилиэс өйөнөрүттэн тутуһан, сэрэнэн үктэнэллэр. Арай уол аймах, тирэхтээх дьон быһыытынан, эрэллээхтик дабайаллар.
Спортзалтан итииргээн баттахтара буруолуу сылдьар уолаттар футболканан эрэ ойуоккалаһан тахсан, кирилиэс өйөнөрүгэр кэккэлэһэ олордулар.
– Уолаттар, сарсын улуустааҕы баскетбол күрэхтэһиитигэр төһө элбэх хамаанда кэлиэй? – барыларыттан уҥуоҕунан кыра, киэҥ хара харахтаах уол сүрдээх синньигэс куолаһынан ыйытар.
– Ээ, Гоша, ситэри Сыырдаахтар кэлиэхтэрэ дуо диэн ыйытыаххын. Сибээс тахсар дии, эрийиэххин, – уолаттартан уҥуоҕунан улаханнара, саһарчы көрбүт сырдык хааннаах Ивашка хаадьылаан күлэрин быыһыгар уол саннын таптайан ылар.
– Ээ чэ, киһини эрэ күлүү гын, бэйэҥ да Бороҕоҥҥо киирээри иннигин-кэннигин билбэт буола долгуйа сылдьар инигин, – кырата да хаалсыбат.
Уолаттар күлсэн ньиргиһэллэр.
– Уолаттаар, тохтооҥ эрэ, мин арыый эрдэ төрөөбүтүм буоллар диэн кэмсинэ саныыбын. Ити эдэр учуутал кыргыттары төһө эрэ эккирэтиһэр этим, ордук Марина Николаевнаны, – хараҕын өрө көрбүт, тура сылдьар кытаанах баттахтаах, чиргэл, тустуук көрүҥнээх уол, төһө эрэ үчүгэйи эттим диэбиттии, уолаттарын хардары-таары көрөр.
– Оттон мин Нарыйаны эрийэ тутуом этэ, ити пиибэһит Григорийтан баҕас ордук инибин, – Афанасий түөһүн мөтөтөн баран быччыҥын таһааран уолаттарын иннигэр хаамыталыыр.
– Хайаларыттан да Айыыналара ордук. Боччумнаах. Онтон Мариналаах Нарыйа кэлээт да эр дьон кэннилэриттэн ырбаахыларын тэллэҕэ тэлээрэн олороро дии. Мин итинник чэпчэки характердаах кыргыттары олох сөбүлээбэппин, – Ивашка лоп бааччытык саҥаран кэпсэтиини түмүктүүр. – Киириэҕиҥ. Аны Сергей Николаевич истэн моһуорабытын көннөрүөҕэ. Саҥарбыттааҕар саҥарбатах оҥоруоҕа.
Ыраас, киэҥ-куоҥ спортзалга уолаттар ыстаҥалаһан киирээт, оонньуу сылдьар оҕолорго холбоһон, мээчик былдьаһан, сааланы уһаты-туора сүүрбүтүнэн бардылар.
– Оҕолоор, бүттүбүт, уон чаас буолла.
Учууталларын кытаанах саҥатын истээт, кыыстыын-уоллуун ким раздевалкаҕа, ким кылааска бөлөҕүнэн бардылар. Аҕыйах мүнүүтэнэн оскуола кураанахтанан, чуумпуран хаалла.
Оскуола харабыла Мэхээлэ иккис этээһи кэрийэн кэлэрин күүтэ таарыйа Сергей Николаевич батареяҕа көхсүнэн сыстан күүтэн турда. Мэхээлэ тыаһа суохтук чэпчэкитик дэгэйэ үктэнэн үөһээ этээстэн аллара түһэрэ иһилиннэ.
– Хайа, Сергей, күүтэн тураҕын дуо, чэ, уоту умуруоран аргыстаһан барыахха. Чэйдээн баран уон икки чааска кэлиэҕим, – Мэхээлэ рубильнигы саба баттаата.
– Оҕонньор, таһыттан көрөн баран бука барарыҥ буолуо ээ, – Сергей Николаевич күлэр.
– Суох-суох… 12 чаастан 1 чааска диэри баҕас достойно кэрийэн көрөбүн. Онтон халлаан сырдыар диэри иккитэ хаста таһынан сылдьааччыбын. Ол эрээри биирдэ эмэ. Аны дириэктэргэ киһини этээйэххиний, – Мэхээлэ күлэн лиһигирэтэр. – Сэргэй, эйигиттэн биири ыйытыахпын баҕарбытым ыраатта. Маринаҕын ылаҕын дуу, суох дуу? Үчүгэйкээн баҕайы кыыс. Итинник кэрэ кыыс миигин таптыыра буоллар, төһө эрэ дьоллонор этим. Оттон эн икки кырасаабысса куолары тала оонньуугун, абыраммыт киһигин.
– Бүт эрэ, хата, чэйдээт, оскуолаҕар кэлэн хоноргун толкуйдаа, – Сергей табаарыһын көхсүн «лап» гына охсор.
Мэхээлэ – оскуоланы бииргэ үөрэнэн бүтэрбит уола. Атаҕа көнтөс буолан, оҕо эрдэҕиттэн дьаадьаҥнаан хаамар. Кыра сылдьан остуолтан сууллубут үһү, онно атаҕын тоһуппутун олохтоох балыыһа биэлсэрэ сатаан туппакка оннук оспут. Онтон кэлин саҥалыы хаста да туттаран көрбүттэрэ табыллыбатах, кыайан токуруйбат, көнтөс гына оһон хаалбыт. Онон Мэхээлэ оҕо эрдэҕиттэн саастыылаахтарыттан итэҕэстээх курдук сананан оскуола кэнниттэн үөрэххэ барбатах, эгэ, аармыйаҕа сулууспалыа дуо? Кэргэн ылар туһунан хаһан да санаабат. Соҕотоҕун хааларга эйэлэспитэ ыраатта. Оскуоланы бүтэриэҕиттэн харабылынан үлэлиир. «Хоноргор куттанаҕын дуо?» – диэтэхтэринэ, «Туохтан куттаныахпыный, дьиэм чугас буолан үксүн киирэ-тахса сылдьабын», – диэн тыллаах эрээри, кэлэригэр-барарыгар төрөппүттэриттэн хайаларын эмэ эбэтэр табаарыс уолаттарын батыһыннарарын киһи барыта билэр. Ол иһин оскуоланы сабарын Сергей кэтэһээччи. Дьарыгын кэнниттэн барыларын кэтэһэн, оскуоланы хатаһан барааччы. Онон харабыллар киниэхэ бэртэр.
Сергей сырдык от күөҕэ өҥнөөх профлииһинэн саайыллыбыт, хараҥа кыһыл металлочерепица кырыыһалаах улахан дьиэ олбуорун аанын аһан үрдүк кирилиэһи өрө сүүрэн дэгэйэн дьиэтигэр киирдэ. Киирээт саалаҕа тас таҥаһын уһулан дьыбааҥҥа быраҕаттаат, куукунаҕа ааста. Оһоххо турар миискэни аһан көрөн, астынан, чыпчырынан ылла.
– Хайа, спортзалгар хоммокко, син кэллиҥ дуо? – дии-дии, ийэтэ Мария Павловна аргыый кэлэн остуолга иһитин тардыбытынан барда. – Киһи эрэ буолларгын аччыктаатыҥ дуо?
– Аччыктаан, ийээ. Мин ийэм кэтилиэтэ улаханын, минньигэһин.
– Кэргэннээҕиҥ буоллар миигиннээҕэр минньигэстик астаан аһатыа, көрүө-истиэ этэ. Маринаҕын дьиэҕэр аҕалыаххын, бэс ыйын саҥатыгар сыбаайбалаан ньиргитиэ этибит. Аҕаҥ биһикки кырыйдыбыт, биһиги саастыылаахтар сиэннэрэ ыраатта, – ийэтэ бэйэтин баҕа санаатын кэпсиирин быыһыгар уолун аһынан хатаҕалыы олордо.
– Ийээ, бүт. Кырдьыгынан эттэххэ, Маринаны былырыын сөбүлүүр курдугум, таптыыбын да дии саныырым. Оттон быйыл хайдах эрэ тэйбит курдукпун. Бэйэм да билбэппин, – Сергей хортуоппуйдаах кэтилиэти хабыалыырын быыһыгар ийэтин диэки көрөн ылар.
– Сибэккиттэн сибэккигэ үрүмэччи курдук тэлээрэҕин да, кэлин тиһэҕэр кураанаҕы кууһан хаалаайаххыный? Ол Афанасьевтар уоллара Григорий ойоҕор бэһирдиҥ дуо? Дьон саҥатыгар киирэр буоллуҥ быһыылаах, – ийэ уолун сонньуйа одуулуур.
– Ийээ, эйиэхэ хаста эттим. Маринаны сөбүлээбэт эрээри хайдах кэргэн ылыахпыный? Онтон кырдьыгынан эттэххэ, Нарыйаны эрдэ көрсүбэтэхпиттэн хомойобун. Оччоҕо, баҕар, сыбаайбалаан ньиргитиэ этибит, – уол ийэтин санныттан сымнаҕастык кууһан иэдэһиттэн сыллаан ылар. – Чэ, мин утуйа бардым. Сарсын сэттэ чааска туран уолаттарбыныын сүүрэ барыахтаахпын.
– Хаһааҥҥа диэри кыра оҕо курдук олоххо оттомо суох сыһыаннаһаҕыный? Олох оҕо оонньуута буолбатах. Эн да сааһыҥ ыраатта, сүүрбэ алтаҕар бардыҥ. Кырдьан баран кылыыһыт буолан эдэр кыргыттартан сириллэ сылдьаайаххыный? Оччоҕуна өйдүөҥ дьон олоҕунан онньообуккун, – Мария Павловна тимир-тамыр курдук туттан, иһитин сайылыыр.
– Бу, ийэбит, бүт эрэ. Мин орулуур отут сааспар кэргэн ылбытым да, улаханнык итэҕэстийбэккэ турабын, – аҕалара Николай Сергеевич хоһуттан ааҕа сылдьар хаһыатын туппутунан тахсан кэлэр.
– Ээ, бу оҕонньор ороһу уолун көмүскэһэ таҕыста. Хата, бэрт киһи билигин да сиһин этэ ситэ, буутун этэ буһа илик кыра оҕо диэ… – ийэлэрэ тэҥҥэ кырдьыбытын эйэргии көрүстэ.
Сергей Николаевич, төрөппүттэрэ хаадьылаһа кэпсэтэллэрин истэн турбахтаат, хоһугар киирэн, аанын ыга сабынна. Хайыы-үйэ утуйардыы оҥоһуллубут оронун сонньуйа көрдө. Күн ахсын итинник. «Бэйэм да ороммун хомуйбат үһүбүн дуо?» – диирин үрдүнэн аҕата барахсан күн сирин көрдөрбүт соҕотох отуччалаах оҕотун оронун сарсыардатын хомуйан, киэһэтин утуйарга бэлэмнээн кэбиһэр. Солото суоҕар тэптэрэн таҥаһын-сабын онно-манна быраҕаттаатаҕына, ким-хайа иннинэ миэстэтин булларбыт буолар.
IV
Нарыйа бүгүн, оскуолатыттан кэлээт, тоҕус сорунан, ийэ-хара көлөһүнэ түһэн туран инчэҕэй маһы хайытта, оһоҕун отунна. Оһоҕо эбиитин умайбакка сордоото. Саҥа умайан сыыгыныах курдук буолан иһэн, умуллан хаалан кыһытар буоллаҕа үһү. Билиитэҕэ уурбут чаанньыга оргуйан бидилийэрин кытта, итии чэй куттан иһэргэ сананан остуолга саҥа олорон эрдэҕинэ, аана тэлэччи аһылынна, дьиэҕэ тымныы салгын кутулунна. Нарыйа ким кэлэн турарын сүрэҕинэн сэрэйэн, олоппоһугар тоһоҕоломмут курдук олордо. Ааны хатаабатаҕын кэмсинэ санаата. Сэрэйбитин курдук, хара тирии кууркатын нэлэркэйдэнэн, маҥан хаймыылаах хара спортивнай бэргэһэтин төбөтүн оройугар уурунан, хара эрэһиинэ саппыкытынан бадарааны үлтү тэпсибитин уһулбакка Григорий дьиэ ортотугар биирдэ баар буолла.
– Хайа, тапталлааҕым, соҕотоҕун сорсуйан олороҕун дуу? Сураҕа, Сергей Николаевичтыын тыанан-толоонунан таптаһан ырааппыт үһүгүт дуу? Ол үөрэҕэ, үлэтэ суох, арыгыһыт боростуой ыал уолларыгар ойох буола сылдьыбыт дьахтарга ымсыырар эбиттэр дуу? Сокуоннай ойох буолбатах буолаҥҥын эр киһиттэн эр киһиэхэ үрүмэччи курдук көтө сырыттаҕыҥ. Дьэ, көрүөхпүт, төһө өр тэлээрэргин. Итинник дьахтары «сэлээрчэх» диэн ааттыыллар. Сэлээрчэх… – Григорий Нарыйаҕа ынан кэлэн, итии чэйдээх ыстакааны харбаан ылаат, сибилигин сирэйигэр ыһыах курдук туттан байааттаҥныы турда.
Кыыс кутталыттан сүрэҕэ тиҥиргэччи тэптэ, сирэйэ итий гынна.
– Тохтоо эрэ, ханнык быраапкынан миигин үөҕэҕиний? Эн киһилии испэккэ-аһаабакка сылдьыбытыҥ буоллар, мин эйигин кытта холбоһон, ыал буолаары олоробун буолбатах дуо? Эн бэйэҥ хара маҥнайгыттан сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо курдук олорбутуҥ. Мин төһөлөөх этэ сатаабыппыный? – Нарыйа төһө да куттаннар, утарсарга сананан, хотоойутук тутунна.
– Мин оннук акаары буолбатахпын, эн бэйэҕэр тэҥнээбэккин дууһабынан тута билбитим. Төрөппүттэрим туһунан истэн баран сирэйиҥ мырдыс гыммытын көрбөтөх үһүбүн дуо? – Григорий ыстакаанын туппутунан ыган истэ. – Сибилигин маа бэйэлээх маҥан сирэйгэр итии ууну ыһан, ким да көрбөт оҥоруом.
– Ыс, онтон… Эр киһи элээмэтэ буоллаххына, мөлтөххө илиигин көтөҕөн бэйэҥ саатыаҥ, – Нарыйа чаҕыйа да санаатар, Григорийы үтүрүйэн, куотардыы оҥостон аан диэки баран истэҕинэ, уол ыстакааннаах чэйин истиэнэҕэ үлтү быраҕаат, кыыһы баттаҕыттан харбаан ылан, муостаҕа умса садьыйда…
Сергей Николаевич эрчийэр уолаттарыныын уулуссанан сүүрэр-хаамар икки ардынан бэдьэйэн иһэн, учууталлар уопсайдарыгар дьахтар хаһыытын истэн чугурус гыннылар. Сергей Николаевич өйүгэр «Нарыйа хаһыытыыр!» диэн санаа чаҕылҕанныы элэс гынна. Учууталлар уопсайдарын олбуоругар биирдэ баар буолла. Дьиэ аанын тэлэйэ тарпытыгар ынырык хартыына көһүннэ. Григорий туох да көмүскэлэ суох муостаҕа сытар дьахтары тэбиэлии турарын көрөөт, хайдах да буолуон билбэтэ, кыбдьырына түһээт, эр киһини эргилиннэри тардан, маҕыйа түһэн баран түҥнэри охсубутугар киһитэ муостаҕа тиэрэ таһылынна. Саҥа үнүөхтээн туран эрэр Нарыйаны Сергей илиититтэн харбаан туруору тарта. Аан таһыгар көрөн турар үөрэнээччилэриттэн кыбыстыбакка, нэһиилэ байааттаҥныы турар кыыһы көхсүттэн өйүү тутан таһырдьа тахсарыгар көмөлөстө.
– Массыынабын түргэнник манна аҕал! – диэн биир уолу соруйда.
– Сөп, – диэн уһун хатыҥыр уол сүүрэн акыҥнаабытыгар кэнниттэн икки табаарыс уолаттара тэҥҥэ сырыстылар.
– Сергей Николевич, ыыт, мин бэйэм барыам.
Эр киһи кыыстан тэйэ хаамта. Нарыйа кэлииккэҕэ өйөнөн сукуллан турда. «Бу сааты-сууту, акаары, кэһэй. Тугу кэлээт, дьону-сэргэни кытта билсибэккэ, эргэ тахсарга тиэтэйбиккиний? Билигин хайа сирэйбинэн оскуолаҕа барабын. Оскуолаҕа үөрэнээччилэрим, учууталлар туох диэн саныахтарай? Бэрт түргэнник мантан барыахха… Бу үлүгэр саакка киирэн баран, үөрэх дьылын түмүктүөм этэ диэн, биир ый туһуттан олоруом дуо?» Нарыйа төбөтүгэр онтон да атын иирчэх-баарчах санаалар элэҥнээн истилэр.
«Тойота-Виста» массыына учууталлар уопсай дьиэлэрин иннигэр хорус гынна. Сергей Николаевич үгүс кэпсэтиитэ суох, массыына кэлин аанын аһан, Нарыйаны олорто.
– Суох, мин ханнык да балыыһаҕа барбаппын, – Нарыйа утарса сатаата.
– Оччоҕуна ханна бараҕын? Кыргыттарга илдьэбин дуо?
Сергей Николаевич кэннин хайыһан, аһыммыттыы көрөн олорон ыйыппытыттан кыыс кыйахана санаата.
– Суох, ханна да барбаппын. Барытыгар бэйэм буруйдаахпын. Аанньа ахтыбакка, олоҕунан онньообуппар Григорий буруйа суох, итинтэн атыннык бэйэтин кыһыытын этэр кыаҕа суох буоллаҕа… Билигин ити киһи бардаҕына, таһаҕаспын хомунан, улуус киинигэр киириэм. Дириэктэргэ сайабылыанньабын хаалларыам, – Нарыйа уолга атаахтаабыт куолаһынан саҥарбытыттан бэйэтэ да соһуйа санаата. – Оскуола оҕолоро бары көрдүлэр. Билигин хас ыал ахсын киэһээҥҥи аһылык сокууската буоллаҕым.
– Күрүөйэх курдук хайдах мээнэ баран хаалыаххыный? Григорий охторон сытыаран тэбиэлээбитигэр эн кыырпах да саҕа буруйуҥ суох. Биһиги түбэспэтэхпит буоллар, туох буолара биллибэт. Кырбанан баран, хата, Григорий кырдьыгын таһаара олороҕун дуу?
– Көмүскэспэппин. Боруоста кинилиин өссө төгүл сибээстэһиэхпин баҕарбаппын. Хаһан эрэ быһаарсыахтаахпын сэрэйэр этим эрээри, илиитинэн киириэ диэн санаабатаҕым. Кырбаабатаҕа буоллар, биир ыйы тулуйуом этэ. Аны… тулуйар кыах суох. Бу дойдуга иккиһин эргиллэр санаам суох… – Нарыйа кистии-саба хараҕын уутун сотунна.
Кэлииккэ аанын тоҕо тэбэн, Григорий байааттаҥнаан тахсыбытыгар уолаттар үрүө-тараа сырсан хааллылар. Эр киһи массыынаны балачча көрөн турбахтаат, үөхсэ-үөхсэ иннин диэки суксугулдьуйа турда.
– Барар да буоллаххына үөрэххин түмүктээн баран киһилии бар. Билигин күрээн бардаххына, ааккын-суолгун түһэрэр күүркэтиилээх сурах үөрэх управлениетыгар тиийэ тарҕаныа. Мин эйигин улуус киинигэр массыынанан киллэрэн атаарбытым туһунан эбэ-эбэ өссө тугу кэпсииллэрэ биллибэт. Онон дьиэҕин хатаа эрэ, кыргыттаргар бүгүн хонон уоскуйа түс. Чэ, бардыбыт, сөп дуо?
Нарыйа, балачча саҥата суох олорбохтоон баран, сорунуулаахтык массыына аанын тутааҕын аллараа баттаата.
– Кыргыттарга барбаппын, дьиэбэр хаалабын.
– Соҕотоҕун хааларгыттан куттаммаккын дуо? – Сергей Николаевич кыыс сирэйин-хараҕын одууласта.
– Ааммын хатаныам буоллаҕа. Сергей Николаевич, эйигиттэн көрдөһөбүн, миигин көрсө сатаама. Уонна… аны кэлэн… күнү-дьылы төттөрү эргитэр кыах суох. Бу дойдуттан букатыннаахтык барыам, – кыыс туттуна сатаабытын үрдүнэн хараҕын уута иэдэһин устун тохтоло суох сүүрэр.
Уол кыыһы уоскутаары илиититтэн ылбытыгар, Нарыйа, Сергей илиитин күүскэ баҕайы садьыйаат, массыынаттан түргэн үлүгэрдик тахсан барда.
Дьиэтигэр киирээт, долгуйара бэрт буолан, аанын балачча уһуннук бодьуустаһан туран хатаата. Григорий атаҕастаан барбытынааҕар, Сергей Николаевич киниэхэ болҕомтотун уурбутуттан ордук долгуйбутун сүрэҕинэн сэрэйдэ. Үөрэҕин бүтэрээт сааһа ырааппытын курдук санаммыта. Кини уоппускаттан тоҕо хойутаан киирбитэй? Сергейи аан бастаан көрөөт «һык» гыммыта. «Марина дьоллоох да кыыс, үчүгэй да уоллаах» дии санаан ылбытын олох умнубат.
Ааны тоҥсуйан тобугуратар тыастан дьик гынна.
Балачча кумуйан олорбохтоон баран, ааҥҥа сэрэнэн чугаһаата.
– Нарыйа, ааҥҥын ас эрэ. Соҕотохпун, – Айыына саҥата иһилиннэ.
Кыыс аан күрүчүөгүн төлө тарпытыгар Айыына киирэн кэллэ. Долгуйбут көрүҥнээх, түөһэ эп-эппэҥнэс, иэдэһэ тэтэрбит, сонун да ситэри тимэхтэммэтэх.
– Нарыйа, Сергей Николаевичтан барытын иһиттим. Бүгүн эйиэхэ доҕор буолан манна хонуом. Уопсайынан да, сөбүлэһэр буоллаххына, үөрэх дьыла бүтүөр диэри бииргэ олоруох.
– Ким эйигиттэн көрдөспүтүн манна кэллиҥ? Аҕыйах хонуктааҕыта дэриэбинэттэн үүрэр этиҥ дии, – кыыс дьүөгэтин өтөрү-батары көрдө.
– Бырастыы гын. Олох акаарыбын ээ. Дьон олоҕор тоҕо орооспуппун бэйэм да билбэппин. Марина олус аймаммытыттан, ытаабытыттан-соҥообутуттан, ыал буолаары сылдьар дьон олоҕун аймаата диэн толкуйдаабыппыттан итинник акаарытык быһыыланным ини. Бэйэм да кэмсинэ саныыбын, – Айыына кулук-халык туттар, чэй сылытаары электрическэй билииккэни холбуур.
– Сергей Николаевич ыйыытынан миигин араҥаччылыы кэлбит буоллаххына, тахса тур. Дьон олоҕун алдьаппыт мин буолуом. Буруй эрэ Моттойоҕо диэбиккэ дылы.
– Чэ, наар дьону буруйдаан саҥарыма. Тапталы киһи булбат, таптал бэйэтэ булар дииллэр, онон сүрэххит быһаарыа буоллаҕа. Эһиги Мариналыын олох олорорго олус ыксааҥҥыт бэйэҕитин, дьону даҕаны олус эрэйдээтигит. Хата, тур, чэйдиэххэ. Кэпсэттэххэ, кырдьык көстөөччү, тугу эмэ ыйдаҥардыахпыт, – Айыына түннүк таһыгар олоппос ылан олорор.
Нарыйа дьүөгэтигэр хардарбакка, улаҕа диэки хайыһан, оронугар түүрүллүөҕүнэн түүрүллэн, утуйардыы оҥоһунна. Төһө да сөбүлээбэтэх курдук тутуннар, дьиэтигэр Айыына баарыттан бөҕөхтүк сананан, халтаһата ыараан, хараҕа сабыллан барда.
V
Бөһүөлэк тула кэккэлии үүммүт лагласпыт хатыҥнар, кэрии тииттэр араҕас солко таҥастарын кэтэн наҥнаспыттар. Күһүҥҥү сөрүүн тыал кинилэри оргууй бигиирдии хамсатар. Төһө да ардахтаах силбик күннэр турдаллар, көмүс дуйунан оонньоон, айылҕа саамай үтүө кэмэ үүммүт.
Нарыйа бадарааны тумнан, балачча уһуннук хааман, дьиэтигэр кэллэ. Дермантин бүрүөһүннээх аанын аста, төрөппүттэрэ төгүрүк остуолларыгар утарыта олорон чэйдии олороллор эбит.
– Хайа, тоойуом, бүгүн хайаан эрдэлээн кэллиҥ? Командировкаҕа ыыппатылар дуо? – ийэтэ кыыһа эрдэ кэлбититтэн үөрэн, мичээрдии көрүстэ.
– Суох, массыынабыт алдьанан кыайан барбатыбыт. Оҥоһулуннаҕына эбиэттэн киэһэ барарбыт буолуо, – Нарыйа кэпсиирин быыһыгар остуолга олордо. Оҕо эрдэҕиттэн сөбүлүүр сайыны санатар дьэдьэн ойуулаах кыракый тэриэлкэтигэр өрөһөлүү кутуллубут соркуойдаммыт эти ийэтэ уунан биэрбитин иннигэр уурунна.
– Ханна туох наадаҕа бардыгыт? – итии аһы аһаан толору сирэйэ эбии кытарбыт аҕата Василий Семенович ыйытар.
– Түүлээххэ тиийэ хаһыаппытын сырдата, сурутууну тэрийэ барыахтаахпыт эрээри, оччо ыраах тиийбэппит быһыылаах. Саатар Танданан, Тиит-Арыынан сылдьыбыт киһи.
– Хойутаабыккыт, – аҕата түөһүллэн туран кухоннай үрдүгэр сытар улуустааҕы «Мүрү саһарҕата» хаһыаты ылан хоһугар ааста.
– Ийээ, Айыына эрийэ сылдьыбата дуо? – кыыс ийэтин диэки ыйытардыы көрдө.
– Суох, ким да эрийбэтэ. Григорийыҥ кэлбэтэ дии, – Дария Иннокентьевна кыыһын сирэйин-хараҕын мыҥыыр.
– Кэлбэтин даҕаны. Ким да кинини кэтэспэт, – Нарыйа сирэйэ тыйыһыра түһэр.
– Антах биир сыл олорбуккун буолбат дуо? Уонна хайдах итинник саҥараҕын? Кэллэҕинэ да кэлэр буоллаҕа. Кэлбит киһини бука эн да буоллар үүрбэтиҥ буолуо, – ийэтэ сэмэлиирдии көрөр.
– Чэ, ийээ, бүттүбүт. Кэргэн тахсар санаа суох.
– Нарыйа, массыынаҥ кэллэ быһыылаах. Массыына тохтуур тыаһа иһилиннэ, – аҕатын сөҥ саҥата саалаттан иһиллибитигэр кыыс, остуолуттан ойон туран кириэһилэҕэ бырахпыт тирии сонун, суумкатын харбаат, таһырдьа ыстанна.
– Дьэ, итинник. Киһини кытта сүгүн кэпсэппэт. Сөбүлээбэт эрээри тугу гынаары бииргэ олорбутай? Төлөпүөнүнэн кэпсэппэт. Биир сыл олорбут да, саатар ыарахан буолбатах. Сааһа ыраатта, – Дария ботугуруурун быыһыгар иһитин хомуйа сырытта.
Нарыйа, УАЗ кэнники олбоҕор олороот, аргыстарын кытта күө-дьаа кэпсэппэккэ, массыына иҥнэл-таҥнал түһэригэр бигэнэн, утуйардыы оҥостон быар куустан тиэрэ түһэн олордо. Ийэтэ быйыл сайыны быһа Григорийынан иирдэ. От үлэтин саҕана, ийэлэрэ эрэ баарыгар кэлэн барбыт этэ. «Сүрдээх үчүгэй, номоҕон баҕайы уол. Саһарчы көрөн сахаҕа кырасыабай киһи. Үөрэҕэ суоҕа туох буолуой? Кылаабынайа, киһи быһыытынан үчүгэй буоллаҕына сөп. Бииргэ кыстаан баран, тоҕо сураҕа-садьыга суох сүтэҕин? Күһүн билсэ кэлиэх буолбута», – диэн кэпсээннээх тоһуйбута. Аҕата: «Хата, күһүн сыа сииһикпит», – диэбитэ. Күүтэллэр быһыылаах. Туох да буолбатаҕын курдук, киһи кыһыйыах, эрийэр буоллаҕа үһү. Түбэстэҕинэ, ийэтэ кэпсэтэр быһыылаах. Ийэтэ эрэйдээх билбэт, дьиҥ сирэйин билэрэ буоллар, атыннык саҥарыа этэ. Ону өҥнөммүт киһи курдук, барытын хайдах кэпсии сылдьыаҕай? Төрөппүттэрэ билбэттэр. Убайдара «табыллыбатаҕын» сэрэйэллэр быһыылаах. «Боруобалаан кэлэн көрдүн эрэ», – дэһэн эрэллэрэ. Мин дьоммор кэпсээбэтэхпин билэн наһаалаан эрэр. Ол эрээри кэлиэ суоҕа, кини да буоллар иһигэр дьаарханан эрдэҕэ. Нарыйа барытын ыраас илиистэн саҕалаан, күһүҥҥүттэн учууталлыырын тохтотон, улуус хаһыатыгар корреспонденынан киирбитин кэмсиммэт. Үлэлииргэ интэриэһинэй. Учууталлыырын сирбэт этэ да, хайдах эрэ оскуолаҕа киириэн баҕарбатаҕа, эбиитин улуус киинигэр миэстэ суоҕа. Тыаҕа барыан эмиэ тардыммыта.
Айыыналаах Сергей Николаевич уруккуларын курдук оскуолаларыгар үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Онтон Марина быйыл бэйэтин нэһилиэгин оскуолатыгар үлэлии хаалбыт. Айыына этэринэн, оскуолатааҕы табаарыһынаан бэртиилэр эрээри, Сергей Николаевич ыҥырара эбитэ буоллар үөрүүнэн төннүөм этэ диир үһү. «Таптаабат киһини хайыахпыный, күүспүнэн таптаппат буоллаҕым. Мин да тапталым туһугар охсуһа сатаатым да, кыайбатым», – диэбит. Кырдьыга да, оннук быһыылаах. «Тапталы киһи булбат, таптал бэйэтэ булар» диэн өс хоһоонугар этэллэрэ оруннаах быһыылаах. Кини оскуолаҕа, университекка биир да уоллуун доҕордоспотоҕо. Үөрэҕин бүтэрэр сылыгар «кэргэн тахсыбатым, доҕордоһор уолум да суох, кырдьа барбыт кыыс дьылҕатын хатылыыр буоллум» диэн санааҕа кэлбитэ. Кыргыттара: «Дэриэбинэҕэ тиийээт да, нэһилиэк олоҕор актыыбынайдык кыттан, сытыыгын-хотуугун киллэрэн сырыт. Билиҥҥиҥ курдук уолаттары сирэ-тала сылдьыма. Бастакы сылбытыгар хайаан да бары кэргэн тахсыахтаахпыт», – диэн сорук туруоран өрүкүнэспиттэрэ. Ол түмүгэ – киһи сирэйин-хараҕын таба көрбөт кыбыстыытыгар киирдэ. «Киһи моонньугар иилистэ сылдьан баран төттөрү эргийдэҕинэ, сиргидэҕи сир сирэйдиэм, аатын-суолун ыытыам. Миэхэ сылы быһа эриллэҥнээн сылдьыбытын киһи барыта билиэҕэ. Онон ханна да куоттарыам суоҕа», – диэн Григорий улууска тыл бөҕөнү тарҕаппыт. Олус да куһаҕан киһини кытта сибээстэспит эбит. «Хайаан да тиийэн эн дьаабыламмыккын дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдиэҕим. Убайдаргынан куттаама. Бастаан эринэн иирбит боростотуукка балтыларын көрдүннэр», – диэн тыллаах. Билии-сайдыы сыстыбатах киһитэ буолара тылыттан-өһүттэн да көстөр. Соторутааҕыта эрийэн: «Сергей Николаевиһыҥ икки эдэр учуутал кыргыттары кытта эрийсэ сылдьар. Мариналаах эһиги умнуллубуккут ыраатта. Онон күтүөттүү тиийдэхпинэ араас буолбаккын», – диэн сааммыта. Дьиҥинэн, Сергей Николаевич кинини да, Маринаны да кытта сибээһи тутуспат. Үлэтинэн эрэ үлүһүйэ сырыттаҕа. Биирдэ эмэ кинини саныыра буолуо дуо? Саныыра буоллар, саатар биирдэ эмэ Айыынаттан ыйыталаһыа эбэтэр төлөпүөннүө этэ. Григорий саҕа эрийиэ суоҕа этэ дуо?
Эмискэ массыыналара нэксиэлээх суолга иҥнэл-таҥнал барбытыгар пассажирдар үөһэ-аллара түһэн ыллылар. Нарыйа санаатын ситимэ быстан хаалла. Тыыллаҥнаамахтаан, бэл, дьааһыйан ылла.
– Хайа, Нарыйа, туох санаатыгар-оноотугар киирэн тылгыттан маттыҥ? Биһигини кытта кэпсэтимээри утуйбута буолан ыллыҥ дуу? – кыыстан икки хас сыл аҕа солбуйар редактордара иннигэр олорон хараҕын араастаан чыпчылыҥната-чыпчылыҥната ыйытта.
– Бүт эрэ. Николай эмиэ үөҥҥэ тилиннэ, – Нарыйа эрэдээктэрин көхсүгэ охсон «тап» гыннарда.
– Нарыйа, эйигиттэн биири ыйытыахпын баҕарбытым ыраатта эрээри, тоҕоостоох түгэн түбэспэккэ ыйыппакка сылдьыбытым, – биир идэлээҕэ, корреспондент Сэмэн күлэн мүчүҥнүү-мүчүҥнүү ыйытар.
– Сэмэн, тугу ыйытаары гынаргын сэрэйэбин.
– Атын улуус уолугар кэргэн тахсан эрэр, өссө уол кэлэ сылдьыбыт үһү диэбиттэрэ.
– Баҕар, тахсыллыа даҕаны, онно туох баарый? Ол аайы 16–17-лээх кыыс буолбатахпын. Эһиги ыйытаргытын кэтэһэ сырыттахпына, сотору кырдьан сорсуйар инибин.
– Оо, кэм биһиги буоллахпыт, сыарҕабыт бытаарбыт, – уолаттар хаадьылаһан күлсэн ылаллар.
Бөһүөлэккэ киирэн, суол икки өттүн саҥа өҥөҥнөһөн эрдэхтэринэ, массыыналара эмискэ хорус гына тохтообутугар иннилэрин диэки күүскэ баҕайы дьүккүс гынан, эдэр дьон эбии күлсэн күйгүөрэн ыллылар.
– Оҕолоор, түһүҥ. Хонтуораҕа кэллибит. Хаһыаккытын үчүгэйдик аҕытаассыйалааҥ. Элбэх киһи суруйтардаҕына, хаһыаппыт тирааһа үрдүө этэ, – суоппардара Кирилэ мөтөллөн олорон күлэн күһүгүрэттэ.
VI
Быйыл ардахтаах күһүн буолла. Сир-дойду барыта уунан туолан турар. Улахан техникалар хаһан кэбиһэннэр, суол олох суох. Сарсын улуус киинигэр оскуола хамаандата күһүҥҥү спартакиадаҕа күрэхтэһэ барыахтаах этэ да, оптуобустарын суоппара кыккыраччы аккаастанан кэбистэ. «Дэриэбинэттэн да кыайан тахсыахпыт суоҕа», – диир. Эбиитин оскуолаларын тыраахтардара алдьанан турар. Саппаас чаас суох. Сергей Николаевич оҕолорун сатыы илдьэр санаалаах этэ да, көдьүүстээх күрэхтэһии тахсыа суоҕа диэн куттанар, саатар бэҕэһээ, биир күн эрдэлээн барбыттара буоллар, сынньалаҥ күннээх буолуо этилэр. Онтон билигин айаннаатахтарына, сарсын буолар чааһыгар тиийэр кыахтаахтар. Хайыах баҕайыный? Сергей Николаевич тырахтарыыс уолаттарга барыларыгар тиийэ сырытта, үксүлэрэ алдьаммыттар, сорохторо окко сылдьаллар. Дириэктэрэ Иван Семенович: «Оскуола тыраахтара барбат буоллаҕына, эрэйдэнимэҥ, тохтуургутугар тиийэҕит», – диэн илиитин эрэ нэлэҥнэтэн кэбистэ. Онтон уолаттара барыахтарын баҕарбыттара сүрдээх, бэлисипиэтинэн барарга быһаарынан бары тимир көлөлөрүн тэбэ сылдьаллар.
Сергей Николаевич кэлин тиһэҕэр биирдиилээн көрүҥнэргэ күрэхтэһэргэ уонча оҕону илдьэ барар санаалаах оскуола диэки баран иһэн, иннигэр сэттис кылааска үөрэнэр Миитээ сүүрэн тилигирэйэн иһэрин көрөн тохтоото.
– Сергей Николаевич, сибилигин Афанасьев Кириисэ «Беларуһунан» улуус киинигэр соҕотоҕун барар үһү.
Аҕам эттэ. Таһаҕастаргытын барытын биэриҥ диир. Ситэри бырысыаптанан оҕолору илдьэ бар диирин сөбүлэспэтэх. Ыксыыр аҕай үһү, били учуутал кыыһы кэргэн ыла барар, онон убайа тыраахтарын улуус киинигэр диэри эрэнэн биэрбит. Онтон Горнайдыыр дииллэр, – Миитээ омуннаахтык кэпсиирин быыһыгар сирэйигэр көлөһүн бычыгыраабытын ботуой илиитинэн туора-маары соттуммахтыыр.
Сергей Николаевич Григорий Горнай улууһугар барарын истэн сүрэҕэ күүскэ тэбэн, эт-этэ тыҥаан күүрэн кэлбитин уолга биллэримээри илиитин сутуруктуу тутан соһуччу истибит сонунун аһарынна, сыыйа уоскуйан курус санааҕа куустарда. «Ол аата Нарыйа сөбүлэһэр буолан барар буоллаҕа… Эрдэттэн да сөбүлэһэннэр булустахтара. Чэ, ол миэхэ туох буолуой, холбостуннар да хайаатыннар» диэн санаатар да, сирэйэ-хараҕа биллэр гына уларыйда быһыылаах, тоҕо эрэ уола саҥатыттан матан, соһуйбуттуу оҥоччу көрөн турарын бэлиэтии көрдө. Санаатын киэр кыйдаан үөрэ-дьүөрэ үктээн, спортзал диэки бардылар.
– Григорий таһаҕаспытыттан олох ылыа суоҕа, онон бара туруоҕуҥ. Суолга ситтэҕинэ ылыаҕа. Улахан уолаттарга эт, сибилигин суолга тахсыбытынан барыҥ. Мин оскуолаҕа киирэ сылдьыам, эһигини ситиэҕим, – учуутала уолу ыксатардыы, иннин диэки үтүрүйдэ.
– Сөп, биһиги бары бэлэммит ээ. Сергей Николаевич, оттон эн бэлисипиэтиҥ? – Миитээ ыйытардыы көрөн турда.
– Баар-баар. Миитээ, аҕаҕар илдьиттэ тириэрт эрэ. Кириисэни хайдах эмэ гынан кыра бырысыаптаан ыыта сатаатыннар, таһаҕаспытын кытта кыра кыргыттары олордуохпут.
– Мин аҕабын улаханнык истибэт киһи буолуо гынан баран этэн көрүөм, – уол, улахан киһи курдук муннун анныгар киҥинэйээт, ууну-хаары тумнубакка, чалбаҕы ортотунан сүүрэ турда.
Истибит сонуна төһө да ыараханын иһин, санааргыы олоруо дуо, сүүрэн-көтөн, күннээҕи олох кыһарҕаныгар санаатын дьайҕардан кэллэҕинэ-бардаҕына, Нарыйа сыыйа умнуллуо буоллаҕа. Күн-дьыл барытын эмтиир дииллэр. Дьиҥинэн, күн бэҕэһээҥҥэ диэри хайдах эрэ Нарыйа киниэхэ чугас курдук киччим санаалааҕа. Онтуката баара кыыс эмиэ куоппут. Кириисэ ииппит оҕууруттан дойдутугар да баран төлөрүйбэтэх. Ити барыта Сергей быһаарынымтыата суоҕуттан таҕыста. Эмиэ кураанаҕы кууста, эбиитин кинини ис сүрэҕиттэн чахчы бэриниилээхтик таптыыр Маринаны тэйиппитэ. Ийэтэ үнүр: «Атын киһи ойоҕо буола сылдьыбыт дьахтарга иирэн үчүгэйтэн куһаҕаны да араарбат буолбуккун, харааччы булкуллубуккун, ол дьахтар тарбаҕын хамсатыа эрэ кэрэх, онно сүүрээри бэлэм олороҕун», – диэбитэ. «Сыыспат киһи суох, эдэр оҕо ол биирдэ сыыһа туттубутунан үйэ тухары кириэтиир табыллыбат. Аныгы олох сиэринэн аҕыйах ый сокуоннайа суох олорбуттара улахан алдьархай буолбатах, кылаабынайа, сүрэх – быраап», – диэн аҕата, уолун өйөөн, ийэлэригэр утары саҥарбыта. Бэл, табаарыс уолаттара аанньа ахтыбатахтыы тыллаһаллар: «Кириисэлиин олоро сылдьыбыт кыыс буолан… Умун, бу кыыс элбэҕэр, достоинствоҕын түһэрэҥҥин. Хата, Маринаҕын баран ылбытыҥ ордук буолуо, киниэхэ да ымсыырааччылар элбэхтэр дииллэр».
Уолаттар этэллэринэн, кини билиҥҥи түбэспит балаһыанньатыгар саамай сөптөөх быһаарыныы – Маринаны кэргэн ылан сыбаайба ньиргитии. Оттон Нарыйалыын ыал буоллахтарына, дьон сиилээһинигэр түбэһэллэр. Нарыйа ону өйдүүр буолан, билигин олох чугаһаппат. Ама да, Григорийы көрөөт сөбүлээбитин иһин, киһи хайдах итинник түргэнник олох билбэт уолунуун бииргэ олорорго ыксыан сөбүй? Ийэтэ этэринии, чэпчэки, сэбирдэх кыыс буолан тута киһилэннэҕэ. Уол ону барытын өйдүүр эрээри, сүрэҕэ билиниэн баҕарбат, дууһата кураанахсыйан, бэйэтэ тулаайахсыйан сылдьар.
Оҕолоро алаас ортотугар саҥа тиийбиттэрин көрбүтүнэн Сергей Николаевич сыыры таҥнары элээрдэн түстэ. Суол кытыытынан, ходуһанан айаннаатахтарына, син барыыһыктар эрээри, бытааннар эбит. Санааларыгар тыраахтары уонна учууталларын кэтэһэн эрдэхтэрэ.