Эр киһи уонна дьахтар
Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.
Оглавление
Группа авторов. Эр киһи уонна дьахтар
ЭР КИҺИ УОННА ДЬАХТАР
1
2
3
4
5
6
7
8
9
10
11
12
13
14
15
16
17
18
ӨЛҮӨНЭ ОЧУОСТАРЫГАР
СУОЛГА
ТӨНҮН
«КЫРДЬЫГЫҤ ДУО?»
ЫАЛДЬЫТТЫЫ СЫЛДЬАН
СААСКЫГА ДИЭРИ ЫРААХ
МААЙ БЫРААҺЫННЬЫГЫН ИННИГЭР
РОССИЯ УЛУУ СНАЙПЕРА. Киинэ сценарийа
КЫАЙЫЫ ХОРСУННАРЫ БАТЫҺАР
УЛУУ СУРУЙААЧЧЫ УБАЙДАРЫМ. Ахтыы
ЭЛЛЭЙ
АММА АЧЧЫГЫЙА
СУОРУН ОМОЛЛООН
Отрывок из книги
Дьокуускайга саас кэлэн, кыһыны быһа туман анныгар сүтэ сылдьыбыт дьиэлэр күн уотун өстүөкүлэ таастарыгар түһэрэн чаҕылытан, күлүмүрдэс уоту ыспахтыы, истэриттэн ураты сырдыгы сыдьаайарга дылылар. Олус чэбдик чаҕылхай сааскы күн хааман иһэн, аан дойдуга олох хаһан да быстыа суоҕа, субу үөрэ-көтө сылдьар дьоннор бука бары өлөр диэни билбэккэ, үйэлэр тухары олоруохтара диэх курдуккун. Оҕолор аймалҕан бөҕөтүн түһэрэн, сыыр үрдүттэн хатыыскалаан сырылаталлар. Киинэ тыйаатырыттан тахсыбыт быйыл үрдүк үөрэх төрдүс куурсун бүтэрээри сылдьар Бэргэн Уйбаныап эмискэ дьээбэлэниэх санаата көтөн түстэ да, кинилэри үтүктэн, кэннилэриттэн сүүрэн быыппастан кэлэн, муус устун сиирэ-халты үктээн халтарыҥнаан, сирэйинэн бара сыһа-сыһа, аллараа Аппаҕа сурулаата уонна сүһүөҕүн былдьаһан, бэдьэйбитин кубулуппакка, уҥуор туораан, сыыры дабайда.
Кини «Лена» киинэ тыйаатырын каассатыттан «Покаяние» диэн саҥа көстөн эрэр киинэҕэ икки билиэт атыылаһан, уопсай дьиэтигэр баран истэҕинэ санаатыгар ахсаан учууталын идэтигэр үөрэнэр Лиидэ мичийэр мөссүөнэ сандаара көстөн кэллэ, кинини киинэҕэ ыҥыран көрөр баҕалаах. Кэлтэй сөбүлүү сылдьар да, кыыс иэмин-дьаамын биэрэ илик, биирдэ эмит кэпсэттэхтэринэ, эмиэ да олох тэйитэрэ биллибэккэ дылы. Асфальт кытыытынан хаар быһыта сиэспит, дьиэлэр сарайдарыттан дьэҥкир муус чопчулар ыйанан, күн уотугар көөчүктэнэ оонньууллар, тохтоло суох субуллар массыыналар уматыктарын дьаарын баһыйа сиик чэбдик сыта сабыта биэрэр.
.....
– Тыый, кырдьык, сэдэх аат эбит, уу сахалыы.
– Дьэ, Ксенья, тыаҕа нууччалыы аакка үөрэнэн оннооҕор оҕонньоттор сахалыыны аат диэбэттэр. Биирдэ кыра кылааска үөрэнэ сырыттахпына, аҕабынаан сэргэ оройуоммут дэриэбинэтигэр ыалдьыттыы тиийдибит. Маҕаһыын аттыгар оҕонньоттор олороллорун кытта аҕам дорооболоһон кэпсэттэ. Биир оҕонньор ыйытар: «Бу оҕоҥ ким диэн ааттааҕый?» – «Бэргэн диэн», – диир аҕам. Оҕонньор улаханнык дьиибэргээтэ: «Аата муода да ааттаах эбит, оттон эн сахалыы ааттыаххын – Уйбаан, Баһылай диэн…»
.....