Дьикти түбэлтэ
Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.
Оглавление
Группа авторов. Дьикти түбэлтэ
Киирии тыл оннугар
Күөс этэ
Сааскы ырбыы
Урут суруллубут кэпсээн соһуччу салгыыта
Өйүөлэнии
Отрывок из книги
Коля иккис кылааска үөрэнэр. Кини кыһыҥҥы уһун өрөбүлүн Хомустаахха атаарда. Сиэннэрэ кэлбитигэр Маппыйдаах Маарыйа үөрүүлэрэ сүр. Буолумуна, кыратыгар эрэ көрбүт мурун бүөтэ оҕолоро, билигин лаппа боччумурбут, туһа киһитэ буолан эрэр, кылгас кэмҥэ да буоллар, эбэлээх эһэтигэр кэлбитэ аҕам саастаах дьоҥҥо олус долгутуулаах бөҕө буоллаҕа.
Коля тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын, куораттааҕар быдан чуумпутун сүрдээҕин сэҥээрдэ. Хас күн аайы ааны тэлэччи астыҥ да, тута таһырдьа баар буола түһэҕин! Оттон куоракка салгын сиир эбэтэр күүлэйдиир баҕаттан күҥҥэ хастыыта да үрдүк мэндиэмэни дабайарга, төттөрү түһэргэ күһэллэҕин. Сэргэх олох диэн манна баар эбит. Далга убаһалар хоочугураһаллара, хотоҥҥо ынахтар ыҥыраналлара, хара сарсыардаттан бөтүүк хатаннык хаһыытыыра, кууруссалар курдурҕаһаллара, саҥардыыта эрэ күн сирин көрбүт торбостор иҥсэлээхтик ийэлэрин эмиийдэрин эмэн соппойон курдурҕаталлара барыта киниэхэ сонун, дьикти. Эһэтин Маппыйы кытта сүөһүлэрин ойбоҥҥо уулаталлара, туһугар, эмиэ сүҥкэн суолталаах үлэ. Оҕонньор сиэнэ улааттаҕына сатабыллаах, мындыр толкуйдаах буолуон баҕарара туох да сүрдээх. Кырдьык даҕаны, ким утумнааччыта оннук буоларын ырыҥалаабат буолуой?
.....
Мин эдэр-сэнэх эрдэхпинэ, тоойуом, сырыыны-айаны сылдьымахтаабыт аҕай киһибин. Күөс этэ сахаҕа суолтата улахан. «Күөс эттээххин дуо?», «Киэһээҥҥи күөскэ анаан куобахтыы таҕыстым», «Күөс этэ кэһиилээн ыытабын» диэн, ол барыта саха киһитэ үйэ-саас тухары туттубут тыла-өһө буолар.
Күөс этэ… Булдунан аатырар хоту улуустар сирдэригэр-уоттарыгар олорооччуларга этинэн татымсыйан ылар кэм баар буолааччы, ордук сааскы ыйдарга. Хотугу Байҕал кытылыгар кыыл таба муус устар ый ортотун диэки биллээччи, мастаах сиртэн улам-улам ити кэмҥэ хоту диэки сыҕарыйар.
.....