Читать книгу Дьолу бэлэхтээ, Сэргэлээх - - Страница 1
Бастакы баһа
Абитуриент
ОглавлениеАбитуриент диэн кимий? Сөпкө өйдөөтүҥ, ааҕааччыам. Үөрэххэ киирээри эксээмэн туттарар эдэр киһи. Ким эрэ бастакытын даҕаны туттарбакка, «муннуга бэрдэрбит моҕотой» буолуо. Тута дойдулаабакка, куоракка күнүн-дьылын ыыппахтаан баран, хайаахтыай, дьиэтигэр төннүө. Ким эрэ балачча хатыыппалаһан иһэн, бүтэһик эксээмэннэргэ «тиэрэ бэрдэрэн» атын, арыый чэпчэки үөрэххэ анньыһыа. Ол эрээри, барытын сиирэ-халты, быыһыгар биир-икки «түөртээх» туттаран кэбиһэн баран, киирэри дуу, мэлийэри дуу кэтэһэртэн ордук долгутуулаах туох кэлиэй? Ким эрэ кыл мүччү ылыллыбакка абарыа, ким эрэ баҕалаах үөрэҕэр киирэн, үөрүү өрөгөйүн билиэ.
Үөрэххэ ылылларга баал тиийэр-тиийбэт мөхсүүтүгэр араас албас, киирии-тахсыы үлэлээн барар. Онно сырыы сыл ахсын биир-икки баалынан түһэр-тахсар аатырар «проходной балл» диэн баар. Холобур, түөрт эксээмэн сыанатын эптэххэ, уон алта баллаах туттарааччы мөккүөрэ суох ылыллар түбэлтэтигэр, бу уон алта «проходной балл» аатырар. Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар оҕолоруттан, төгүрүк тулаайахтартан эксээмэннэрин ааспыттар ылыллыбыттарын кэннэ, атын абитуриеннар проходной балларынан киирэллэр. Ол кэннэ, хантан эрэ, хайдах эрэ ордон хаалбыт аҕыйах миэстэҕэ ол ахсааныттааҕар быдан элбэх оҕо анньыһар. Онно биир-икки баллара тиийбэтэх саллааттан кэлбит уолаттар, тыа сиригэр холкуоска-сопхуоска үлэлээбиттэр, тиһэҕэр, элбэх оҕолоох ыал оҕолоро ылыллаллар. Аны, хара харах көрбөтүнэн, хаптаҕай кулгаах истибэтинэн, улахан салайааччы аймахтаах, университекка үлэлиир убайдаах-эдьиийдээх, «кэпсэтиинэн» киирэр оҕолор бааллар дииллэр. Ити уол оннук «блаттаах» үһү диэн буолар. Туох билиэ баарай, «билсиинэн» да киирэн эрдэхтэрэ.
Сима Унаарап «кэпсэтиинэн киирии» ымпыгын-чымпыгын билбэт, кырдьыга, билэ да сатаабат. Кини аармыйаттан кэлбэтэх (бара илик киһи хайаан кэлиэй), холкуоска үлэлээбэтэх (сайынын окко үлэлээбит ахсааҥҥа киирбэт), дьолго, тулаайах буолбатах, эгэ диэн билсии кэлиэ дуо? Биир ый анараа өттүгэр оскуоланы саҥа бүтэрбит табаарыс буоллаҕа дии. Онон, тумус туттара диэн – билиитэ, эрэнэрэ эрэ – «төбөтүн олоруута». Ити куттанар-дьулайар «проходной балларын» иккинэн-үһүнэн аһара дайбаттаҕына, ылыллар буоллаҕа. Сима физмат факультекка дьыалатын биэрдэ. Онно киирэр кэрдиис улахана суох эбит. Ааспыт сыл 14–15 баллаахтар эккирэтиһиитэ суох киирбиттэр үһү. Ол иннинэ, иллэрээ сыл, «недобор» буолан, сорох бырабааллаахтартан иккистээн туппуттар. Абитура тылынан эттэххэ, «пересдачалаппыттар». Итини истэ сылдьан, Сима эрэх-турах сылдьар, «киирэр инибин» диэн бигэ санаалаах. Аттестатын ылаат, ахтылҕаннаах дойдутугар «буута быстарынан» айаннаан тиийбитэ. Окко үлэлии сырыттаҕына, дьоно ыксатан, куоракка бэҕэһээ кэллэ. Уол ыраах холку. Кырдьык даҕаны, биир ый анараа өттүгэр эксээмэн туттарбыт киһи хайдах умна охсуоҕай?
Бастакы тургутук – ахсааҥҥа суругунан эксээмэн. Сима физмат факультет үөрэнэр куорпуһугар, тэтэркэй оппуохалаах икки этээстээх эргэ таас дьиэҕэ киирбитэ, көрүдүөргэ балачча оҕо мустубут. Туттарааччылар кэллэр-кэлэн, көрүдүөр икки өттүгэр турунан иһэллэр. Икки сүүстэн тахса киһи диэн Сима, быһа холуйан, билгэлии турар. Эҥин бэйэлээх билиилээх, сайдыылаах оҕолор бу кэлэн турдахтара, кини бииргэ үөрэниэхтээх, саҥа доҕотторо буолуохтаах оҕолор. Симаны утары кыргыттар бөлөхтөрүгэр курбуу курдук көнө уҥуохтаах, сырдык сэбэрэлээх, чачархай баттахтаах кыыс турар. Саҕатыгар биир дьураалаах, отон кыһыл сибиитэрэтэ, оҕолуу икки чанчыгынан тойточчу өрүллүбүт баттаҕа кинини ордук истиҥ көрүҥнүүргэ дылылар. Эмиэ Сима курдук, оскуоланы саҥа бүтэрбит киһи турар…
– Һук! – ойоҕоско имнэммиттэригэр, санаатыгар аралдьыйа туран, ходьох гынар.
– Привет, ноко! – оскуоланы бииргэ үөрэнэн бүтэрбит табаарыһа Коля мичээрдии турар.
Ким ханна туттарса баран эрэрин кэпсэтии буолар. Киин сиргэ үрдүк үөрэххэ направлениенан барааччылартан биир уоллара ылыллыбыт, икки кыыс этэҥҥэ туттаран, түмүктэрин кэтэһэ сылдьаллар эбит. Коля бэйэтэ инженернэй факультекка, геолог үөрэҕэр киириэхтээх.
– Ээ, бу кыыс физмакка туттарсан эрэр эбит дии, – Коля оргууй саҥарар.
– Кими этэҕин?
– Утары тарар косичкалаах кыыһы. Лида диэн. Биһиэхэ урут кэлэн үөрэнэ сылдьыбыта. Үөрэҕэр абытай үчүгэй кыыс…
Ити кэмҥэ бары хамсыы түһэллэр, аудиторияларынан тарҕатан, олордуу саҕаланна. Хас биирдиилэригэр үстүү лииһи ааҕан туттардылар. Үлэ бэрээдэгин кылгастык быһааран, эксээмэни саҕалыыллар.
Сима бастакыттан саҕалаан, икки садаачатын, үс холобурун суоттаан лаһырҕаталаан кэбиһэр. Ол эрээри ыксаамыахха, баҕар, алҕас, итэҕэс тахсан хаалта буолуо. Сирийэн бэрэбиэркэлэнэн, биир көннөрүүнү оҥорор. Аны чуолкай буочарынан үрүҥэр устуохха. Үрүҥэр устан бүтэрэн эрдэҕинэ, иннигэр олорбут кыһыл баттахтаах кыыс биир лииһин «сып» гыннаран ылар. Уол, маннык баламат, сирэйэ-хараҕа суох быһыыттан мах бэрдэрэн, олорон хаалар. Лииһин былдьаһан, айдааны тардыан сатамньыта суохха дылы. Ээ, чэ, биир холобуру, ити лииһэ да суох суруйар буоллаҕа дии. Бэйэтэ суоттаабытын баран. Үрүҥэр таһааран, сэрэххэ иккистээн көрөр. Барыта сөп курдук.
Үлэни икки киһи манаан, толорторо олорбуттара. Кыыһыра сылдьар курдук сирэйдээх, намыһах саха кыыһа уонна эдэр, тырымнаабыт нуучча дьахтара. Нууччата тахсыбыт эбит, сахата олорор. Сима үлэтин кыыска илдьэн биэрэр.
– Эйиэхэ үс лиис бэриллибитэ, биир лииһиҥ тоҕо суоҕуй? – кыыс кытаанахтык көрбөхтүүр.
Сима мух-мах баран ылар. Иннигэр кытаран олорор нуучча кыыһын «бу кини ылбыта» диэтэҕинэ, «бэйэҥ биэрбитиҥ» диирэ эрэбил. Оччотугар туох буолан тахсыа биллибэт. Үүрүллэн хаалыан сөп. Уол, бара сатаан, остуол дьааһыгын, остуол аннын көрүөлээбитэ буолар. Ол кэмҥэ нууччата киирэн кэлэр.
– Кини биир лииһэ суох, – саха кыыһа үҥсэргии тоһуйар.
Анарааҥҥыта уол үлэтин ылан, көрбөхтөөн баран, үлэни тутан, тахсарыгар көҥүллүүр.
Сима, аудиторияттан тахсан, тымныы көлөһүн тахсыбытын, тоҥолохторо кыратык титирээбиттэрин билэр. Туох да буруйа суоҕар, көр, таах үүрүллэн хаала сыста дии. Лииһи былдьыырын кытта, тута биллэрэ охсуохха баар эбит. Ол эрээри оччотугар айдаан тугунан диэлийэн тахсыа биллибэт. Ити саха кыыһа буолан-хаалан турбутун көрүөҥ этэ! Сатана, нарачаахтана сытыйан. Биһиги, сахалар, бэйэ-бэйэбитин өйдөһө, көмөлөсүһэ сылдьыбаппыт ити баар! Нууччата дьиҥнээх эксээмэни тутааччы, сахата көмөлөһөөччү эрэ быһыылаахтар. Ол абыраатаҕа…
Сима ити сабаҕалааһына сөп эбитин кэлин билиэҕэ. Нууччата, Черенкова диэн бэртээхэй преподаватель, семинардары ыытыаҕа, кинилэр группаларыгар куратордыаҕа. Оттон сахатын кыыһын үөрэнэрин устатыгар көрсүө суоҕа.
Сарсыныгар, ректорат дэнэр дьиибэ тутуулаах таас дьиэҕэ, биллэрии дуоскатыгар туттарсыы түмүктэрэ ыйаналлар. Дуоска иннигэр элбэх киһи үөмэхтэһэр. Үтүрүһэ-үтүрүһэ киирэн, сыаналарын көрдүүллэр. Кимнээх эрэ, көрөн тахсан, күө-дьаа кэпсэтэллэр. Биир кыыс кып-кыһыл сирэйдэнэн, түннүк аттыгар туран, хараҕын уутун болотуогунан соттон эрэр. Сима түмүгү көрө охсорго тиэтэйбэт. Ити кини хаһааҥҥыттан эрэ, оҕо эрдэҕиттэн илдьэ сылдьар майгыта. Олус күүтүүлээҕи, долгутуулааҕы сүүрэн тиийэн, билэ-көрө охсубакка, кыратык аралдьытан, «ыанньыта» түһэн көрөр үгэстээҕэ. Оҕо сылдьан, туһахтарын көрөрүгэр, эрэнэ саныыр баттаамылаах туһахтарыгар туора хайыһан, аты сири харахтыы иһэн, эмискэ көрө биэрээччи. Оо, онно куобах иҥнэн бурҕалла сытара үөрүүлээх да буолара! Ардыгар, куобах оннугар суор сэмнэҕэ ыһылла сытара абаккатын эбитин. Оттон били хомойбут кыыс уоскуйан биэрбэт. Туттардым ини диэн кэлбитэ – бырабаал суруллан турара төһө эрэ хомолтолоох. Оттон Сима, «түөрдү» ыллаҕына, хайдах эрэ, хомойуох курдук. Этэҥҥэ «биэс» кэлэр ини, барыта сөп этэ… Оттон ити хомойбут кыыска тугу этэн, туох диэн уоскутуохха сөбө эбитэй? Уоскутары, эрэл кыымын саҕары тугу этиэххэ сөбүй? Суох, ити кыыһы уоскутары булан этиэ суох. Бэйэтэ санаатын кытта туран, санаа күүһүнэн уоскутунара ордук. Биир кыыстыын Лида иһэр. Киһи аҕыйаан, биллэрии дуоската аһаҕас. Лидалаах, дуосканы бэрт суһаллык көрбөхтөөт, тахсан бараллар. Ол курдук, үөрбүттэрин-хомойбуттарын биллэрбэт майгылаах бара тураллар. Кинилэр кэннилэриттэн били ытаабыт кыыс баран эрэр.
Сима илиинэн суруллубут бэрт уһун боротокуолга бэйэтин аатын көрдүүр. Унаарап…Унаарап, ээ, бу. «Биэһи» туруорбуттар эбит. Һуу, хата. Ыттыы үүрүллэн хаалыы уонна биэс икки ардылара чугас да эбит! Бу олоххо киһи мэлдьи бэйэтин билиитинэн, бэйэтин бэрдинэн эрэ сылдьыбат эбит. Сатаан сылдьыы, табыллыы мэлдьи даа сэргэстэһэ сылдьар ээ, бадаҕа. Бэҕэһээ ити лиис кумааҕыттан сылтаан, үүрүллэн хаалбыта буоллар, быйылгы абитура бүтэр дии!
Сима, тоҕо эрэ, аны «Л» буукубаттан тахсыах ааттаах кыргыттар сыаналарын көрөн барар. Бачча элбэх киһиттэн Л-тан ааттаах алта кыыс баар эбит. Кинилэргэ икки түөрт, үс үс уонна биир бырабаал…
– Хайа, ааккын булумаары гынныҥ дуу? – аттыгар саастаах киһи кэлэн турбут эбит.
– Ээ, таах, бэйэм, – уол тахсан барар.
Эксээмэннэр күннэтэ ыытыллыбаттар. Икки ардылара хас да күн арыттаах буолар. Ол күннэргэ күүскэ бэлэмнэммэхтээн хаалыахтааххын. Бу кэмҥэ аны консультациялар бааллар. Онно, тоҕо эрэ, элбэх киһи сылдьыбат. Кимиэхэ хайата табыгастааҕынан бэлэмнэнэн эрдэхтэрэ.
Ахсааны тылынан туттарыыга Сима, хайдах эрэ арыллан, чуолкайдык кэпсиир. Эксээмэни икки эдэр дьахтар, кинилэри кыргыттар да диэххэ сөп, туталлар. Кинилэр биирдии эбии ыйытыыны биэрэллэр. Онно Сима кылгас, чуолкай эппиэттэри биэртэлиир. Бу эксээмэҥҥэ кини «биэһи» ылар. Синицина уонна биирдэрэ Арендарчук диэн дьиибэ араспаанньалаах преподавателлэр илии баттаабыттар. Тахсар ааҥҥа ыы муннунан Лидаҕа кэтиллэ сыһар. Кыыс киирэн хаалар. Сима, Лида туттаран тахсарын кэтэһиэх киһилии, көрүдүөргэ хаамыталыыр. Ол сырыттаҕына, манна, абитура кэмигэр саҥа билсибит уолаттара көтүөккэлэһэн киирэллэр. Киниттэн хайдах туттарбытын, тутааччылар кимнээхтэрин сураһаллар.
– Унаарап, абааһы киһигин быһыылаах. Уол «биэһинэн» саайан иһэҕин, – уолаттар эр-биир илиилэрин биэрэн, эҕэрдэлииллэр.
Ол кэннэ, истиэнэҕэ өйөнөн, кинигэлэрин арыйбахтаан бараллар. Билигин хас чаас-мүнүүтэ күндүркэйбит кэмэ.
Тоҕотун бэйэтэ да билбэккэ, көрүдүөр устун хаамыталыыр Сима уол, Лида бүтэн тахсар кэмэ чугаһаабытыгар улам дьулайан, сээбэҥнээн барар. Бу төрүкү билбэт кыыһыгар тоҕо кэтэһэн турабын диэҕэй? Сатамньыта суохха дылы. Ээ, чэ, киирдэхтэринэ, биэс сылы быһа билсиэхтэрэ турдаҕа. Уол оптуобус тохтобулугар тахсар.
Абитура кэмигэр ийэтинэн аймаҕа Матрена Алексеевналаахха түспүтэ. Күтүөт Сэргэй ханна эрэ, куорат тэрилтэтигэр буҕаалтыр, эдьиийэ оскуолаҕа омук тылын үөрэтэр. Кинилэр үс оҕолоохтор: улахан уол быйыл иккиһи бүтэрдэ, кыыс бу күһүн оскуолаҕа киириэхтээх, кыра уол – дьиэ киһитэ. Бэйэлэрэ-бэйэлэригэр букунаһа сылдьар дьоһун дьон. Киэһэтин, «убаай, остуоруйалаа» диэн хаайдахтарына, кыра уолу түһэҕэр, икки улаханы икки өттүгэр олордон, Сима билэр остуоруйаларын кэпсиир. Кини Арыылаах оскуолатыгар үөрэнэр кэмигэр, кыра оҕолорго остуоруйалыыр буолара, элбэх остуоруйаны билэр. Куорат интэринээтигэр олорон, тохсус – онус кылаастарга үөрэнэр кэмнэригэр, тыа оҕолоро, кыыстыын уоллуун биир хоско мустан, уоту умулларан олорон, ньээҥкэлэртэн кистээн, сэһэргэһэр этилэр. Үксүн түбэлтэлэри, абааһыны кэпсэтэллэрэ. Анекдоттары кэпсиир уолаттар бааллара, оттон Сима абааһыны кэпсиирэ.
– Утуйдубу-оот! – эдьиийэ оҕолору ыҥырар, – утуйуҥ, чыычаахтар, убайгыт эксээмэнигэр бэлэмнэнэр.
Сотору оҕолор ылы-чып бараллар. Сима, кырдьык-хордьук, куукунаҕа остуолугар кумааҕыларын тэлгэтэн, бэлэмнэммитинэн барар. Чаас олороро дуу, суоҕа дуу? Дьааһыйан, утуктаан, саалаҕа киирэн, дьыбааны булар.
Физиканы туттара тиийбитэ, туох эрэ уларыйыы тахсыбыта биллэр. Оҕолор, тоҕо эрэ, бөлөх-бөлөх туран, ботур-итир кэпсэтэллэр. Сирэйдэрэ турбута, тыйыһырбыта көстөр. Сураһан билбитэ: бэҕэһээ киэһэ пааркаҕа нуучча – саха диэн улахан охсуһуу буолбут. Маа бэйэлээх сырдыкка – үөрэххэ дьулуһуу, эксээмэн туттараары долгуйуу сибикитэ көстүбэт буолбут. Ханнык да бөлөххө тиий, барытыгар бөлүүҥҥү охсуһууну ырытыы иһиллэр.
Бу күн, физика эксээмэнигэр оҕо аҥаара барабааллаабыта. Туттарбыттар даҕаны аҥаардара «үскэ» эрэ эппиэттээбитэ. Туттарбыт оҕолору аахпыттара, ахсааҥҥа киирээччилэр 87 эрэ киһи ордон хаалбыт. Аны нуучча тылыгар суругунан туттараллара эрэ хаалла, онно уон иккиттэн элбэх оҕо «неудтаннаҕына» – недобор.
Сима нууччатын тылын туттараары тиийэр. Бастакы эксээмэҥҥэ кэлэн, бу көрүдүөргэ долгуйа турбуттарын санаан кэлэр. Бүгүн киһи биллэрдик аҕыйаабыт. Лида көстүбэт, оҕолору ааҕа көрөттүүр – суох, кэлбэтэх. Физикатын барабааллаатаҕа. Бу кыыһы уол бэрт аҕыйахтык көрдө, биирдэ даҕаны бэл кэпсэтэн көрбөтүлэр. Ол эрээри кини кэлбэтэҕэ тоҕо куһаҕанай? Кини, Сима, сыппаҕыттан билсибэккэ хааллахтара, тоҕо куруһай…
Нууччатын тылын «түөркэ» суруйбут. Ханна эрэ тылы сыыһа суруйдаҕа, сурук бэлиэтин көтүттэҕэ. Оскуола саҕаттан кыайтарбатах таба суруйуу. Унаарап, эн бэйэҥ даҕаны көтүмэх табаарыскын. Баччааҥҥа диэри буукубаны сатаан туттарга үөрэнэ иликкин. Кумааҕыны да сөпкө «марайдаабат» мөлтөх киһигин. Барытын «биэскэ» саайбыта буоллар, саныахха астык уонна кэпсии да сылдьарга үчүгэй буолуох эбит. Билигин, түөрт эксээмэҥҥэ 19 баллаах, үөрэҕэр киирэрин киирэр. Ол эрээри…
Биэс хонугунан үөрэххэ ылыллыы түмүгэ биллиэхтээх. Онуоха диэри манна тугу «баһын кырбана» сытыаҕай, дойдутугар таҕыстар икки-үс күн сааланыа этэ. Билигин кус көҥүллэнэн турар.
* * *
Сима Саха государственнай университетыгар, физика-математика факультетыгар, ахсаан салаатыгар үөрэххэ ылыллыбыта. Саҥа киирбит оҕолор балаҕан ыйыгар бары практикаҕа бараллар. Уопсай дьиэҕэ наадыйааччылар сайабылыанньа биэрдилэр.
Икки оптуобуһунан тиэллэн, Амма оройуонугар айаннаатылар. Сорохтор көрө илик сирбитин, аатырар Амманы көрүөхпүт диэн, үөрэллэр. Түөрдү ааһыыта оройуон киинигэр, Солобуодаҕа тиийдилэр. Остолобуойга тохтоон, бэйэлэрин харчыларыгар аһаатылар. Биир оптуобус киһи Строд аатынан холкуоска күһүҥҥү оттооһуҥҥа, иккис оптуобуһу «Амгинскай» сопхуоска, бурдук үлэтигэр утаардылар. Сима бурдук үлэтигэр түбэстэ.
Айаннаан иһэн бииртэн биир киэҥ нэлэмэн бааһыналары ааһаллар. Итилэри тыаны солоон, икки ардыларыгар ойуур быыстары ордортоон оҥорбуттар. Тыалтан хаххалаатын диэн ити балаһа ойуурдары ордортоотохторо. Ып-ыраастык хомуллубут бааһыналар, кыһыл көмүс өҥнөммүт хатыҥ ойуурдар көрүөхтэн кэрэ көстүүлээхтэр. Ол истэхтэринэ, аны Амма өрүс көстөн, бары хаҥас эргийэ түһэллэр. Сопхуос киинигэр Покровкаҕа тиийбиттэрин билбэккэ хааллылар.
Манна биэс уол хаалар үһү. Биригэдьииринэн аҕа саастаах, аармыйаттан кэлбит Бөтүрүөп Славаны аныыллар. Слава хаалыан баҕалаах түөрт уолу биригээдэтигэр ылар, атыттар салгыы Ааллаах диэн сиргэ айанныы тураллар. Хаалааччылары сааһыра барбыт саха киһитэ, батыһыннаран илдьэн, остолобуойга аһатта. Ол кэннэ кыра самналлыбыт дьиэҕэ батыһыннаран аҕалла. Үс тимир орон баара хаһаайыннаахтар эбит, уолаттар тилэри наараҕа тэлгэммит соломоҕо утуйуохтара үһү.
– Пахай, бу манна утуйабыт дуо? – Ньурбаттан сылдьар Гена саҥа аллайар.
– Уонна. Эн, интэринээт курдук, маҥан барастыыҥкаҕа суорҕанынан саптан утуйа кэлбитиҥ дуо?
– Что, все время так будем жить? – нуучча уола Телятников үүтүн тохпут оҕо сирэйдэнэн турар.
– Ничего-о, Москва не сразу строилась, – Славалара ыраах холку. Сиэбиттэн хаалаах «Приматын» хостоон, табахтаан бурҕатан барар.
Никандрдаах Сима сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Тыа сиригэр улааппыт, от-мас үлэтигэр эриллибит саха уолаттара чылыгырыайка диэн абыраллаах таҥаһы, түүрэ баайан, илдьэ кэлбиттэрэ. Киирэ-тахса сылдьымахтыыллар. Бириэмэ тоҕуһу эрэ ааһан эрэр да, таһырдьа хараҥарбыт, тугу да гыналлара суох. Чылыгырыайкаларын сыттанан, кэтэн кэлбит халтаҥ соннорунан саптан, утуйардыы сыталлар. Куорат уола Телятников чылыгырыайката суох, «молния» сомуоктаах мааны кууркалаах.
– А я как? – диир кини бэрт уйаҕастык.
– А ты модный, проживешь, – Гена Симаҕа имнэнэн кэбиһэр.
– Бэйи, эрэйдээххэ сыттыкта таһаарыахха, – Слава чылыгарыайкатын туоратынан эрийэн, уһун сыттанары оҥорор.
– Спасибо, армия, – хардатын муҥкук саҥа иһиллэр.
Айантан сылайбыт уолаттар, кэпсэтэ сытан, утуйан хаалаллар.
Ток диэн ааттанар сүүнэ сарайга бурдук ыраастыыр ыстаныак үлэлээн күпсүтэр. Бункертан курулаччы кутуллар бурдукка икки кыыс солбуһа куул тоһуйаллар, икки кыыс туолбут кууллары туора соһон, кэккэлии эрээттэргэ туруортаан иһэллэр. Сималаах бу кууллары массыына куусабыгар куруустууллар. Массыына көстөн турар, массыына курдаттыы киирэн ааһар бурдук ыскылаатыгар киирэр. Манна, ыйан биэрбит хосторугар бурдуктарын тэниччи кутан иһэллэр. Бу хосторун «закрома» диэн ааттыыллар. Биир тиэйиигэ лоп курдук 60 куул бурдугу илдьэллэр. Туораах бурдук ыарахана суох, куула 40 эрэ киилэ үһү. Саҕаларыгар буор-сыыс киирбэтигэр аналлаах капюшон таҥаһы кэтэрдибиттэрэ. Бу таҥас кууллаах бурдугу сүгэргэ-түһэрэргэ эмиэ көмөлөөх эбит. Онон, киһи кыайар үлэтэ буолуох курдук. Ол эрээри үһүс сырыыларыгар Телятниковтара отой байааттан хаалар. Кинини Слава куулу сүктэрэн биэрээччинэн настилга таһаарар. Киһилэрэ аны Никандр курдук дэгдэччи ылан, табыгастаахтык сүктэрэн испэккэ эрэйдиир. Уол ыарырҕаппытын көрөн, били куулу туора соһооччу кыргыттартан биирдэстэрэ кэлэн, көмөлөспүтүнэн барар.
– Девушка, как звать?
– Ну, Маруся.
– Мы вам даем нашего Телятникова, а Вы, Маруся, с нами пойдете работать? – Гена харахтарыгар тэбэнэт уоттара кылахачыһаллар.
– Ну, прямо…
Үлэлээтэххэ бириэмэ биллибэккэ ааһар: алта чаастара номнуо буолбут.
– Уолаттар, остолобуойга уочараттыы туруҥ, билигин тиийиэм, – Слава ханна эрэ элэс гынар.
Кини тоҕо эрэ тардыллар, аһаан бүтэн, наараларыгар сэлэһэ сыттахтарына, Василий Васильевичтыын, били бэҕэһээттэн кинилэри дьаһайсар киһилиин, киирэн кэлэллэр. Түүрэ сууламмыт улахы-ын хара матарааһы аҕалбыттар. Онтулара, кыһын тыраахтар мотуорун сабарга аналлаах, баата истээх «кошма» диэн ааттанар таҥас эбит. Тэлгээбиттэрэ, бэһиэннэригэр тиийииһик.
– Бу, кыра уолгут хайдаҕый? – Василий Васильевич Телятников диэки көрөн ылар.
– Ээ, оттон, эрэй үөрэтэр ини.
– Дьэ, эрэттэрим, кытаатыҥ, – биригэдьиир тахсан барар.
– Ити, биһигиттэн биир төбө үрдүк киһини көрөн туран, тоҕо «кыра уолгут» диир?
– Үлэҕэ эриллибэтэх көрүҥнээҕин көрөн, үлэһит быһыытынан кыра диэн эттэ ини.
Слава биригэдьиирдиин сопхуос завхоһун булан, ыскылааты астаран, биир кошманы Василий Васильевич тус эппиэтинэһигэр бэрдэрбиттэр.
– Славабыт сытыы-хотуу буолан, бэртээхэй тэллэхтэннэхпит, – Сима кошмаҕа күөлэһийэ сытан, көхсүн тыылыннарар. Күннүктээн куул сүгэн, көхсө сааллыбыт.
– Бывалай киһилээх диэн үчүгэйин, аны дьэ тэллэххэ күөлэһийэбит, – Никандр олорон эрэ, лаҕыйан, тэйиэккэлээн ылбахтыыр.
– Бывалай диэбиккэ дылы, Трус, Балбес уонна Бывалай тустарынан анекдоту кэпсиибин дуо?
– Кэпсээ-кэпсээ, Гена.
– Арай биирдэ Трус, Балбес уонна Бывалай, кабинеттаах тойоҥҥо киирээри, кэтэһэ олорбуттар. Көрүдүөргэ биир мас кириэһилэ уонна мас дьыбаан баар үһү. Бывалай дьыбааҥҥа сытынан кэбиспит, Балбес кириэһилэҕэ олоруммут. Трус эрэйдээх таах хаамыталыы сылдьыбыт.
«Мин эмээхсиним до-оп-доруобай, – диэбит кини. – Пахай, ити кириэһилэҕэ баппат». «Һы! – Балбес чөрөс гына түһэр. – Бу кириэһилэ диэхтээн! Мин эмээхсиним ити дьыбааҥҥа батара саарбах!» – «Бу дьыбаан диэхтээн! – дьонугар эргиллэн, Бывалай көөҕүнүүр. – Арыычча дьахтар хайдах дьыбааҥҥа батан олоруой? Мин, эмээхсиним туруусугун прачечнайга илдьибиппэр, ылбатахтара. Тааҥка чехолун сууйбаппыт диэбиттэрэ».
– Тааҥка чехолун?
– Суу-сууйбаттар, һа-һа-аа!
– һуу-уу-уу…
– Ребята, вы дадите спать, нет? – ороннор диэкиттэн кыйахаммыт саҥа дуорайар.
– Чэ, утуйдубут.
– Тааҥка чехолун… – ким эрэ билигин даҕаны күлэн кыччыгыныыра иһиллэр.
* * *
Тыаны солоон, маһын ыраастаан, сирин оҥорон, бурдук үүннэрэн, ас оҥорон аһыахха диэри киһи барахсан үтүмэн даа үлэни көрсөөхтүүр эбит! Бэл манна комбайнтан кэлбит, билбэт киһи көрүүтүгэр бэлэм курдук туораах бурдук, миэлиҥсэҕэ барыар диэри уонча суол бэлэмниир үлэни эрэйэрин уолаттар саҥа көрдүлэр. Көрдүлэр эрэ, бурдугу бэрийии ис кистэлэҥин – технологиятын билигин да билэ иликтэр. Манна куруусчуттары таһынан бурдук кууллуур, туора күрдьэҕинэн бурдук сыҕарытар ток иһинээҕи үлэлэргэ уонтан тахса медучилище устудьуонкалара бааллар. Курбуу курдук үрдүк уҥуохтаах, сырдык сэбэрэлээх нуучча, бааһынай кыргыттара. Кинилэр ханна эрэ, дэриэбинэ кытыытыгар «Коннай двор» (аата сүрүн, көньүүһүнэҕэ дуо?) диэҥҥэ олороллор үһү.
Биир киэһэ Телятниковтара сүтэн хаалар. Ханна дьөлө түстэҕэй? Бэҕэһээ киинэҕэ кэлин эрээккэ медучилищелары кытта олорбута, онон кыргыттарга бардаҕа диэн сабаҕалыыллар.
– Ити Витя үлэтин кыайбакка эстэр-быстар аҕай дии, уонна баран, хайаан түүннэри кыргыттарга сүүрэрэ буолла? – Гена бэркиһиир.
– Күнүскү үлэни кыайбатаҕын иһин, түүҥҥү сырыытыгар үчүгэй ини.
– Буолуо…
Ити кэпсэтииттэн уолаттар күлсэн ылаллар.
– Хайыыбыт, көрдүү барарбыт дуу?
– Эс, кэлиэ буоллаҕа. Маннык түбэлтэҕэ көрдөөбөттөр, – Слава сонньуйар.
Киһилэрин кэтэһэн, сээбэҥнээн, уур-нуур утуйбакка сытан, сылаалара таайан, утуйан хаалбыттар. Дьулаан хаһыыттан утуктан кэлэллэр.
– Ребятаа, из-избили-и!
Уоту холбуу охсубуттара, Витялара хаан-сиин буолан, мунна-уоһа дьуккуруйан, дьаабылаттаран кэлэн турар.
– Тыый, кимнээҕий?
– Ити буоллаҕына! – уолаттар ыксалынан таҥнан хачымахтаһаллар.
Сирэйдэрэ-харахтара турбута сүр. Сима, хайдах эрэ, ол күлүгээттэр манна кэлэн, таһырдьа сырсан күлүгүлдьүһэ сылдьалларын курдук саныыр.
– Бу атаҕастаан эрдэхтэрин! – Гена, киһи бэрдэ, оһоххо иилиллэн турар күлүүкэни сулбу таһытан ылар.
Сима, тугу эрэ, бэйэни көмүскэнэргэ сөптөөҕү көрдөөн, көрүөлээн элэгэлдьитэр.
– Бэйи тохтооҥ, омуннурумаҥ эрэ, уолаттар. Бастаан киһибитин истиэҕиҥ, – Слава дьонун уоскуталыыр. – Ну, расскажи толком, Виктор, что случилось-то?
…Витя коннайга, кыргыттарга тиийбит, онно үс олохтоох уолаттар бааллара үһү. Кини тиийээтин, кыргыттар преподавателлэрэ, сааһыра барбыт дьахтар тахсан, утуйдубут диэн, тахсыбыт оҕолору иһирдьэ ыҥыртаан киллэрбит. Уолаттары тарҕаһалларыгар эппит. Анараа уолаттар, сылдьымахтаан баран, ханна эрэ элэс гыммыттар. Витя барбакка, коннай таһыгар сылдьыбыт. Сотору Маруся сыбдыйан тахсыбыт. Иккиэн балачча турбуттар. Куустуһуу, уураһыы да баара. Онтон преподаватель тахсан, Ширяева Марияны ыҥыра сатаабыт. Виктордаах, эркиҥҥэ сыстан, биллибэккэ турбуттар. Кыргыттар бары тахсан, көрдөөн, кинилэри булан ылбыттар.
– Ты, чё? Обалдела? Завтра она позвонит и тебя отчислят!
– Пока не поздно, все в дом, марш! – били кинилэри туппут хотумсук кыыс дьаһайбытынан барар.
Кыргыттар, Марусяларын иннилэригэр уктан, киирэн хаалаллар.
Ыаллар утуйбуттар, онон-манан биирдиилээн түннүк уота кылайар. Витя ол уоттарынан сирдэтэн, төннөн иһэн, сөптөөх хайысхатын сүтэрэн кэбиһэр. Биир олбуортан обургу ыт тахсан, сыыһа-халты хабыалаабытыгар, хантан кэлбит түргэнэ буолла, олбуорунан ыттан, кыра хоспох үрдүгэр ойон тахсар. Ыт олустаабытыгар, дьиэттэн дьахтар тахсан, үөхсэ-үөхсэ, хата, ытын баайар.
– Шныряют тут, всю ночь, ироды!
Оннук муна-тэнэ, дэриэбинэ ытын барытын уһугуннаран, дуолан моргуору таһаара сырыттаҕына, хантан кэлбиттэрэ биллибэт, икки уол барыс гына түһэллэр. Кинини бастаан охсон-тэбэн көрөллөр, ол кэннэ, Витя кыайан сөптөөх харданы биэрбэтэҕэр, үөс батааска бэрдэрбэккэ, быһыта сынньан кэбиһэллэр…
Итини барытын, хайдах баарынан Витя кэпсээбэт. Кыргыттарга сылдьыбытын, төннөн истэҕинэ саба түһэн кырбаабыттарын, «хаһыалара биллибэтин» эрэ кэпсиир.
Өйдөрүн-төйдөрүн булунан, сүбэлэһэн көрбүттэрэ, бу түүн ол күлүгээттэри булуо суохтар. Таах дэриэбинэни аймаан, туһата суохха сата баһын тардыахтара. Ол эрээри төрдө-ууһа суох кырбанан хаалар эмиэ сатаммат.
– Сарсыарда сэбиэттэригэр тоҕо сууллан тиийэн, ол кырбаабыт дьону булуҥ диир баҕайыбыт дуу? – диир Слава, толкуйга түһэн.
– Хата, оннук дьаһанар эбиппит. Буруйдаахтары булан, эппиэккэ тарда иликкитинэ, үлэҕэ тахсыбаппыт диибит, – Гена харахтара лаампа уотугар суостаахтык килбэлдьиһэллэр.
– Чэ билигин, киһибитин балыыһаҕа көрдөрөн, ыспараапка ылыаҕыҥ. Баҕар, олохтоохтор бэйэбитигэр баайсан туруохтара, «соҕотох нууччалаахтарын кырбаан баран, биһиэхэ балыйдылар» диэхтэрэ…
– Оннук-оннук, – уолаттар Слава ыллыктаах тылларыттан санаалара көнөн барар.
Аны балыыһалара ханна баарын хайалара да билбэт. Дьукаахтартан бас-көс киһилэрэ, Костя дэнээччи, балыыһаны билэр эбит. Бу киһилиин балачча дьээриктэһэн, Слава аһыллыбатах биир хаа «Приманы» биэрэн, сирдьитинэн илдьэ бараллар.
Хатыылаах ааны дибдийэн астаран, дьуһуурунай сиэстэрэни ойутан туруоран, уолларын эмтэтэллэр. Биэлсэри ыҥыртаран, ыспыраапка суруйтаран ылаллар.
Сарсыарда Слава үөгүлээн, тардыалаан, уолаттары бэрт эрэйинэн туруортуур. Арбы-сарбы көрүҥнээх, сууммута, хомуммута буолан эрдэхтэринэ, Василий Васильевичтара кыырыктыйан эрэр баттахтаах, бады-сады көрүҥнээх нуучча киһитин батыһыннаран киирэр. Бөлүүҥҥү айдааны истибиттэр. Сааһырбыт нуучча сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ эбит. Кэпсэтии түмүгэр уолаттар үлэлии тахсалларын, Телятников сельсовекка барсан, көрдөрүү биэрэрин быһаараллар. Участковай Амматтан иһэр үһү.
Кырдьык, ити күн буруйдаахтары булаллар. Тохсус кылааска үөрэнэр, саастарын ситэ илик уолаттар кырбаабыттар. Кинилэртэн биирдэһэ милииссийэ учуотугар турар, иккиһэ бу буруйунан учуокка ылыллыа үһү. Телятников прокурорга дьыала түһэрэр түбэлтэтигэр, киниэхэ кастет суола баарынан, кастеты туттубуттара дакаастаннаҕына, буруйдаахтар оҕо холуонньатыгар түбэһиэхтэрин сөп. Биирдэһэ, сааһынан балыһа, үс оҕолоох аҥаардас ийэ улахан оҕото. Аҕалара икки сыллааҕыта, итирэн сиргэ охтон, тоҥон өлбүт. Иккис уол, милииссийэ учуотугар турааччы – иһээччи ыал аччыгыйдара.
Үлэ кэнниттэн Славаны туох эрэ мунньаҕар ыҥырдылар. Уолаттар дьиэлэригэр тахсыбыттара, били кыра кырбааччы ийэтэ кэлэн, күүтэ сылдьар. Витяттан «үҥсүмэ, абыраа, баар эрэ уолбун, «сыночекпын» иннин быһыма» диэн, ытыы-ытыы, көрдөһөр. Оттон Витялара «эй – ээх» диэбэт, иэмин-даамын биэрбэт.
– Если бы вашего сыночка так избили, Вы бы простили? – диир Сима, тулуйа сатаан баран.
– Да! Да, я бы простила, – дьахтар бөкүнүк харытынан хараҕын уутун соттор.
– Видите, он в шоке. Ему тяжело. Дайте человеку прийти в себя, собраться с мыслями, – хантан ылан итинник «уу тэстибэтинэн» этэ турарын, Сима бэйэтэ сөҕөр.
– Да, сынок, верно говоришь. Но вы, ребята, простите моего дурака. Простите, – дьахтар тахсан барар.
– Хайа, наа, Сима отой абытай эбиккин дии! – Гена сөҕөн саҥа аллайар.
– Бу киһиҥ, куорат уола ээ, оскуоланы куоракка бүтэрбитэ, – Никандр мүчүк гынар.
– Эт-то кого и-избили? Какую сволочь проучили? – аны биллэ холуочук киһи тэлэкэчийэн киирэр.
Бу киһи олох атыннык туруорсар: дьахтартан атын, куттуур ньыманан киирэр. Дьыаланы суукка биэрдэхтэринэ – бэйэлэрэ кэһэйиэхтэрэ үһү. Мантан бүтүн бараллара да бэрт саарбах (очень сомнительно!). Бу дэриэбинэҕэ киэһэ аайы ким эрэ кими эрэ кырбыыр. Ол аайы үҥсүһэн, сууттаһан испиттэрэ буоллар, бу дэриэбинэ олоччу суох буолуо этэ. Бу дэриэбинэ бүтүн оройуону, сүрэҕэ суох сахалары барыларын даҕаны аһатан олорор. Ону кинилэр, сыыҥтайдар, өйдөөбөттөрө кыһыылаах. Бу бөөхүллэни (Витяны сөмүйэтинэн ыйар) түүннэри бабаларга сүүрбэт гына, өссө тутан биэриэххэ баара. Кини көрдөҕүнэ, ситэ «дьыалайдамматах» боторооску турар. Чэ, ол эрээри, абааһы тыыттын, Парамоныч үтүө киһи. Эр дьоннуу, баран самогон иһиэххэ уонна онон бүтүөххэ.
– Да, да, пропустим по паре чарок и разбежимся. Как настоящие мужики…
Ити «дакылааттыы» турдаҕына, Слава көтөн түһэр:
– Давай, разбежались в самом деле! А то вашего сыночка за решетку запрятаем, а вас отправим на пятнашку!
– Да ну на…, какая пятнашка, – ыалдьыт, үөхсэ-үөхсэ, атахха биллэрэр.
* * *
Оппуохаламмыт буор сыбахтаах самнарыспыт дьиэлэрдээх Покровка дэриэбинэтэ Амма эбэни үрдүк сыыртан өҥөйөн, бэрт кэрэ айылҕалаах сиргэ турар. Өрүһү батыһан олохсуйар үгэстээх нуучча дьоно, ханнык да улахан халаан ылбат, үрдүк хаастаах, олус табыгастаах сири булан олохсуйбуттар. Амма өрүс сүнньүгэр маннык үрдүк сиргэ олохсуйбут биир эмэ дэриэбинэ баара дуу, суоҕа дуу? Олохтоохтор күүскэ иһэллэр диэбиттэрэ даҕаны, мээнэ итирик далбаатана сылдьар дьон көстүбэттэр. Маҕаһыын таһыгар даҕаны итирэн орулаһа сытааччылар көстүбэттэр. Манна бурдук өлгөмүн үүннэрбит, рекорд бөҕөнү олохтообут бурдук үүннэрээччилэр, аатырбыт механизатордар, комбайнердар олороллор, үлэлииллэр. Холобур, Сималаах үлэлиир токтарын биригэдьиирэ, Василий Васильевич Соловьев, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах, Саха Сирин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр киһи. «Амма» сопхуос киинин хонтуоратыгар Бочуот дуоскатыгар бэрт элбэх уордьаннаах, мэтээллээх дьон мэтириэттэрэ ыйанан турар.
Ол быыһыгар, үлэ күөстүү оргуйар Маайыскай нэһилиэгэр хантан кэлбиттэрэ биллибэт, ханна да үлэлээбэт дьиибэ дьон эмиэ көстүтэлииллэр. Холобур, мэлдьи остолобуой эргин иилэҥкэйдэһэр сыгааннар бааллар. Күн иллэҥ дьон диэн дьэ кинилэр. Бэлисэпиэт икки көлөһөтүн холбоон, бэрт саталлаахтык оҥоһуллубут тэлиэскэлээхтэр. Ардыгар биир киһи ат курдук көлүллэн, биир киһи тойон курдук олорон, төбөлөрүнэн аһыыппарбыт дьон курдук кылана-кылана сүүрдэн, уулусса буорун-кумаҕын өрүкүтэллэр. Бу дьон хайдах буолбуттарын олохтоохтортон ыйыттахха, «Ээ, абааһылары, хаартылаан сүүйтэрбит киһилэрэ ат буолан эрэр ини», – дэһэллэр.
Устудьуоннар дьукаахтара бу кэмҥэ тугу үлэлииллэрин дуу, таах сыталларын дуу киһи өйдөөбөт. Остолобуойга аһаабаттар, хата диэххэ дуу, арыгылаабаттар. Уолаттар үлэлии баралларыгар дьиэҕэ хаалаллар, үлэттэн кэлэллэригэр соннук дьиэҕэ бааллар. Үһүөн табахсыттар, аны табахтара быстан хаалар. Слава кинилэргэ күҥҥэ биирдии эрэ сотону бэрсэр. Дьукаахтар киһи көрөрүгэр биир уларыйбат дьарыктаахтар – оргуйа турар үстээх чаанньыкка лоп курдук билиитэ түөртэн биирин бардаран, хоп-хойуу чэйи буруолаппытынан иһэллэр. Бу дьону барыларыттан намыһах уҥуохтаах, сып-сытыынан көрбүт уҥуох сирэйдээх Костя диэн киһи баһылаан сылдьар. Дьонун төрүт саҥардыбат муҥур тойон. Иккис киһилэрэ Васька диэн, бэрт сымнаҕас сэбэрэлээх. Бу киһи элбэх чэйи истэҕинэ, киһи билбэт тылынан кыҥынайан ыллыы сылдьар үгэстэнэр. Үһүс киһилэрэ ортону үрдүнэн уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх, күүстээх да буолуон сөптөөх көрүҥнээх төрөл киһи. Эмиэ Васька диэн эрээри, тойонноро Костя «Дура-лошадь» диэнтэн атыннык ааттаабат. Бу барахсаныҥ – айылҕа атаҕастаабыт киһитэ, алталаах-сэттэлээх оҕо өйө өйдөөх. Ити сылдьан Васькаҥ мээлэ киһи сатаан үтүктүбэт «нүөмэрдээх». Крылов үгэлэригэр пародияны дьиҥнээх артыыс курдук ааҕар. Пародия обургу цензура көҥүллээбэт «кытаанах» тыллардаах, ол тылларын олус тоҕоостоох этиилэргэ кыбытыы тыл курдук туттар. Уонча күпүлүөттээх дойҕохтору нойосуус билэрэ туһунан таабырын: бу киһибит аахпат, суруйбат эбээт. Уолаттар итирик куобах уонна хахай туһунан хоһоону ааҕарыгар көрдөһөллөр. Васька буолунан бэрт: бэйэтин сыанатын бэркэ билэн сылдьар киһи.
– Басню Крылова читает артист художественной речи Василий из Покровки! – дорҕоонноохтук биллэрэн, киһиргэтэн көрөллөр – Васька хата хамсаан да көрбөт.
Биирдэ эмэтэ Слава бэйэтэ көрдөстөҕүнэ, Васька үгэлэрин аахпытынан барар. Ким баһылаан сылдьарын, ким бас бэринээччитин хата киһиҥ эндэппэт. Иккиһинэн, Слава сото табах бэрсэр, ону, «эн миэхэ – мин эйиэхэ» бириинсиби тута сытар эрдьигэн.
Дьукаахтар килиэптээх буолаллар, хантан эрэ курупа, мохоруон буллахтарына, ону буһараллар. Чифири, оргутааччы, курупаны буһарааччы мариец Бааска, мас киллэрэн оһох оттооччулара – хоһоон ааҕар Бааска. Костялара тыла эрэ хамсыыр. Дьиибэ дьукаахтар уолаттарга орооһо, киирэ-тахса сатаабаттар. Сатаспат быһыы таҕыстаҕына үлэ дьоно, уолаттар, дьиэҕэ хаалалларын, кинилэр таһырдьа быраҕыллыахтаахтарын өйдөөн сылдьар дьон. Быһата, дьон ортотугар сылдьан, олох бытархайдарын өйдүүргэ, бэйэни сөпкө туттунарга олох үөрэппит дьоно.
Биир күн эбиэккэ диэри үлэлээтилэр, сарсын атын бааһына бурдуга кэллэҕинэ, үлэ тахсыа үһү. Уонтан тахса күн быыстала суох үлэлээбит уолаттар айылҕаҕа тахсарга быһаарыннылар. Слава токка үлэлиир суоппар уолтан биир уостаах уон алталаах сааны уларсан кэллэ. Түөрт уол уута түһэн дьаратыйбыт, ол оннугар сүүрүгэ күүһүрбүт Амма Эбэни оҥочонон туораан, уҥуоргу мырааҥҥа таҕыстылар. Витялара «киһилии утуйаары» ыыспаларыгар хаалла.
Соҕотох саалаах куобахчыттар бастаан, саалаах киһилэрин ортоку туруоран, саата суохтар икки өттүнэн тараахтыы хааман көрөллөр. Кытыы иһээччилэр куобаҕы көрдөхтөрүнэ, саалаах киһилэригэр сэрэтэ иһиэхтээхтэр, сатанар буоллаҕына күөйэн, күрэтэн биэриэхтээхтэр. Талаҕа хойуута бэрт, куобахтар биирдэ-иккитэ көстөн, элэҥнээн хаалаллар. Балачча уһуннук хааман, сааны тыаһаппакка иһэллэр. Маннык бултаан мэлийииһилэр. Тохтоон сүбэлэһэн, күрэтэн көрөргө быһаарыналлар. Тарбахтаһан, Ньурба Генаҕа тоһуйар дьол тосхойор. Кини, сааны ылаат, аллара тэбинэр. Киһилэрэ тиийэн, оннун булунарын кэтэһэн, талах ойуур ортотугар олорон, сынньаналлар. Талах ойуур ураты сыттаах буолар, онуоха эбии күһүҥҥү чэбдик салгын эбиллибитэ, тыыныахха чэпчэкитэ олус. Балачча кэтэһээт, тараахтаан хаампытынан бараллар, тыанан иһэр киһи бытаан, хонуунан сүүрэр киһи түргэн. Гена сөптөөх сиргэ тиийэн, тахсан тоһуйар ини. «Һу-һу» дэһэ-дэһэ, аргыый хааман истэхтэринэ саа тыаһа доргуйар. Чочумча буолаат, киһилэрэ иккистээн тыаһыыр. «Кэллигиэ-эт» – диэн саҥа дуорайар. Мырааҥҥа тахсар дьиэллигэс суолу булан, Гена тоһуйбут эбит. Бастаан сулбу тэптэрэн, сыыһан ыыппыт, иккис куобах хата олорон биэрбит. Халлаан борук-сорук буолбут, тохтуулларыгар тиийдилэр. Бултуйбут аҕай дьон, үөрэн, күө-дьаа кэпсэтэн, кытылга киирдилэр. Ырааппыттар эбит, өрүһү өрө батан, уһуннук хааман оҥочолоругар тиийдилэр. Халлааннара хараҥарар. Дьиэлэригэр тиийэн чаһыларын көрбүттэрэ: хойутаабыттар, остолобуой сабыллыбыт. Ким мас киллэрэн, ким оһох оттон, икки киһи куобах сүлэн, бултарын буһараллар. Остолобуой аһыгар хал буоллахха, куобах-куобах барахсан этэ, миинниин дыргыйан, бу минньигэһин, үчүгэйин!
– Биһиги дьукаахтарбыт уонна били сыгааннар даҕаны тоҕо бурдукка үлэлээбэттэрэ буолуой? – диир Сима, буут уҥуоҕун силиитин оборо-оборо.
– Тоҕотун сотору билиэҥ, ыксаама, – Слава таайтарыылаахтык хоруйдуур.
Лоп курдук 25 күн үлэлээн, бүтэһик күн эрдэлээн бүтэн, хамнастарын аахса сопхуос хонтуоратыгар тиийдилэр. Хамнастарын 115-тии солкуобайы ааҕан биэрдилэр. Остолобуойга бэйэлэрин харчыларыгар аһаабыттара. Сарсыарда сопхуос таһаҕас массыынатынан Солобуодаҕа киллэрэр, онно миэстэ сакаастаммыт, бырайыастарын устудьуоннар бэйэлэрэ төлөөн айанныахтара үһү.
– Хайа, Сима өйдөөтүҥ дуо, дьукаахтарыҥ тоҕо үлэлээбэттэрин? Устудьуон туохха туһалааҕын уонна практика диэн тоҕо баарын дьолоҕойдоотуҥ дуо?
– Өйдөөтүм быһыылаах.
– Ол эрээри, ити дьон, таах сытыахтааҕар бачча да хамнаска үлэлиэхтэрин, – диир Гена.
– Ити дьонуҥ таптаабыттарынан сылдьа, ботуччу эрэ хамнаска хамсана үөрэммит урдустар буоллахтара, – Ника үгэһинэн бөлүһүөктүүр.
– Хамсаан эрэллэрин көрбөтүм, таах хамнаһа суох сытыах кэриэтэ, кыра да буоллар, кэм хамнас иһин үлэлээбит ордук ини?
* * *
Университет саҥа үөрэнэр куорпуһа, түөрт этээстээх таас дьиэ быйыл күһүн үлэҕэ киирдэ. Куорат үрдүнэн саамай улахан, аныгылыы тутуулаах сүүнэ уораҕай. Физмат факультет бу өй-билии үтүөкэн дыбарыаһын үһүс этээһигэр дойдуланан үлэлиэ үһү. Сима үһүс этээскэ чэпчэкитик элээрэн тахсан, баатыман кумааҕыга харандааһынан суруллубут араспысаанньаларын көрүөлүүр. Бастакы лиэксийэ «высшая алгебра» диэн предмеккэ, 402-с аудиторияҕа буолуохтаах, Семенов диэн преподаватель ааҕыахтаах. Устудьуон быһыытынан бастакы уруога, ээ, лиэксийэтэ, ону Семенов диэн дьоһуннаах араспаанньалаах преподаватель ааҕар! Сима үөрэн, долгуйан, тиритэн кэлэр. Уол аудиториятын көрдүү, төрдүс этээскэ тэбинэр. Көрүдүөргэ үөрүүнэн-дьолунан мичилиҥнээбит, сорохторо бэрт боччумнаахтык туттубут уолаттар-кыргыттар хаамсаллар.
Дьэ, университет үөрэҕэ, устудьуон олоҕо саҕаланнаҕа…
Киччэччи кырыллыбыт баттахтаах, бэйэтигэр сөрү-сөп толору эттээх, бэрт номоҕон сэбэрэлээх киһи киирэн, лоп бааччы саҥаран, кэпсээн барар. Хата киһи ситэн сурунан иһииһик уонна өйдөнөр эбит. Бу лиэксийэҕэ матрица, минор, матрица рангата диэн букатын саҥа өйдөбүллэри билэр.
Аны иккис паараҕа, матлогика диэн предмеккэ үөрэнээри, оҕолору батыһан иһэр.
Үөрэниэххэ, үүнүөххэ
Үчүгэй да дойду,
Үчүгэй да дойду —
Өлүөнэ эбэккэм…
Тыый, ыллыы иһэр дуу? Ээ, суох, иһигэр ыллыыр… суох-суох, дууһата ыллыы иһэр эбит.
Быйыл, кини үөрэххэ киирэр сылыгар, бу бэйэкээннээх үтүөкэн куорпус, Дьокуускай куоракка тутулла илик аныгылыы дьиэ, куорат эрэ дуо, Саха Сирин үрдүнэн бастыҥ тутуу үлэҕэ киирдэ.
Түөрт паара кэнниттэн, бастакы куурустар үһүс этээскэ батысыһан киирэллэр. Уопсай дьиэҕэ ылыллыбыттар испииһэктэрэ тахсыбыт. Сима, бу киэһэ уопсайга көһөн киирэрдии сананан, бэйэтин аатын көрүөлээн, булбата. Бүтэһик хаалан, сирийэн көрдүү сатыыр да, кини аата суох. Суруллубатах. Бу туох эрэ алҕас. Хайдах уопсайа суох?
Быһаартара охсуох киһилии, секретариакка сүүрэн тиийдэ. Онно сааһыра барбыт ачыкылаах нуучча дьахтара олорор.
– Испииһэпкэ аатыҥ суруллубатах буоллаҕына, уопсайга ылбатах эбиттэр, – дьахтар ачыкытын үрдүнэн көрөн кэбиһэр.
– Оччоҕо? Хайдах буолабын?
– Билбэтим. Студпрофком быһаарар. Кинилэртэн ыйыттаҕыҥ дии.
Сима студпрофкому ыйдаран тиийдэ. Онто хатааһыннаах. Хас да күн кэтэһэн-манаһан студпрофкомугар дьэ киирэр. Хара бараан быллаллыбыт сирэйдээх, ачыкылаах кыра киһи дьоһумсуйан олорор.
– Эн кыанар төрөппүттэрдээх устудьуон эбиккин. Уонна баран, хайдах бастакы куурустан тута уопсай дьиэнэн хааччыйтарыаҥый? – остуол тойоно тииһэ ыалдьыбыт киһи курдук, иэдэһин мырдыҥнатар.
– Бастакы кууруска даҕаны ханна эрэ олороммун үөрэннэхпинэ, үөһээ кууруска тахсыам этэ дии. Миэхэ уопсай дьиэ биэрдэххитинэ сатанар!
– Вот-вот, ханна эрэ олорон үөрэн, уопсайа суох тулуйан бастакы куурустаргын бүтэр уонна кэлээр. Эбиитин, өрүс уҥуор чугас улуустан сылдьаҕын, суох-суох! Уопсайга быйыл сананыма даҕаны.
– Чугас оройуонтан, Арыылаахтан сылдьан үөрэнэбин дуо, оччоҕо?!
– Унаарап! Этиһэ кэлбитиҥ дуо, манна?! Тахса тур! – киһитэ аһыҥа курдук кып-кыһыл буолар.
– Киһи кыһалҕатын өйдөөбөт, студпрофкомҥа сөбө суох салайааччы эбиккин.
– Туох диигин? Мин эйигин оннугун булларыам! – остуоллаах тойон турар.
* * *
Биир күн Унаарабы декаҥҥа ыҥыраллар. Маҥхайбыт баттахтаах, нүксүччү туттубут, наҕыллык саҥарбыт декан Афанасьев уолу чинчилиирдии көрбөхтүүр. Профкомҥа киирэн тоҕо «куруубайдаабытын» ыйыталаһар. Бука бары биир сорукка, үөрэх-сайдыы туһугар мөхсө сылдьан, бэйэ-бэйэҕэ хадьардаспакка, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар ордугун этэн, кыратык сэмэлиир. Уопсай дьиэлэргэ кырдьык, миэстэ букатын тиийбэтин, киниэхэ да хаһан эмэ миэстэ биэриэхтээхтэрин быһаарар. Ол инниттэн билигин ханна эрэ кыбыллан үөрэнэригэр, тулуйарыгар сүбэлиир. Тиһэҕэр, билигин ханна дьиэлэнэн олорорун ыйытар.
– Ити ийэҥ бииргэ төрөөбүт балтыгар, үс улахан киһи, үс кыра оҕо үс хостоох дьиэҕэ. Кытаат, Унаарап, устудьуоннар үөрэх туһугар, итиннээҕэр ыарахаттары тулуйаллар. Бачча күүстээхтик, 19 баллынан киирэн бараҥҥын, бастакы моһоллоргун тулуйар буоллаҕыҥ. Миэстэ таҕыстаҕына, ыла сатыахпыт. Ыйытыы баар дуо?
Иэдэстэрэ итий-итий гыналларын билэ, Унаарап декан хоһуттан тахсар. Кини, уолҕамчы эбээт! Куруубайдаһа, этиһэ сылдьар, саат!
Уолаттар «деканакка мөҕүллүбүт» уолу, ыйыталаһа көрсөллөр. Студпрофкомҥа хадаардаһан, кыратык сэмэлэммитин истэн турбут үһүс куурус уола, төттөрүтүн, студпрофкомнары мөҕүттэр:
– Ээ, ол, студпрофком бэрэссэдээтэлэ Абырыырап диэн дьаабы киһи. Этиһэ түспүт киһитин тута деканакка үҥсэр, миэстэ баар да буоллаҕына, суһаллык ол миэстэҕэ киллэрэ охсубат адьынаттаах, студент бөҕөтүн эрэйдээбит аҕай киһи. Физматы икки сыллааҕыта бүтэрбитэ да, физматтары төрүт аймаҕыргаабат, хатыйа сатыыр дииллэр. Ол иһин физматтар кинини «абыраабат Абырыырап» диэн ааттыыллар…
Арай бөлүөхсэн турар устудьуоннар туохтан эрэ үөрэн, саҥа аллайаллара иһиллэр. Билбиттэрэ: бүгүн истипиэндьийэ биэрэллэр үһү, ыстаарыһа түөрт чааска ректораттан ылыахтаах. Саамай үөрүүлээҕэ, истипиэндьийэ 49 буолбут! Ааспыт сылга 35 эбитэ үһү, онон итиччэ харчыга суоттана сылдьыбыттара быдан улааппыт. Мөһөөх аҥаарын биир солкуобайынан кыайбат, баһаам харчы! Кини кыра кылаастарга үөрэнэригэр оскуола остуораһын хамнаһа 30 эрэ солкуобай дииллэрэ, оттон холкуостаах хамнаһа, дохуоттан тутулуктаах буолан, букатын кыра үһү. Оттон кинилэр истипиэндьийэлэрэ хамнас саҕа! Дьэ, үчүгэй да буолсу.
* * *
Сима эдьиийин аахха олорон эрэригэр тиийдэ, ол туһунан дьонугар эттэ. Оттон эдьиийэ тута сөбүлэстэ.
– Эн тута уопсайга ылыллыам диэбитиҥ дуо? Уопсай биэриэхтэригэр диэри манна төһө баҕарар олор, дьыбаан иллэҥ, – диэн кэбистэ.
Истипиэндьийэлээх уол аһыырыгар ыйга отут солкуобайы биэрэр, чэппиэр киэһэ бодобуос кэллэҕинэ уу таһан, буочуканы толорор. Биир толору буочука нэдиэлэ устатыгар арыычча тиийэр. Лермонтов аатынан уулусса икки этээстээх мас дьиэлэрэ маһынан оттуллар оһохторунан тураллар. Маһы дьиэлээх Сэргэйдиин ким иллэҥнээҕинэн хайытан кыстыыллар. Сарсыарда чаас аҥаарын курдук хааман, үөрэҕэр тиийэр, киэһэтин оптуобустанар. Сима, оҕолорго олус бэрт буолан, дьиэлээхтэргэ билиҥҥитэ сөбүлэтэн олорор. Онон, төһө даҕаны уопсай дьиэҕэ ылыллыбатар, санаатын түһэрбэккэ, үөрэнэ сырытта. Үөрэнэрин таһынан нэдиэлэҕэ үстэ бокс сиэксийэтигэр сылдьар. Кини баар бөлөҕүгэр үгүстэрэ бастакы куурустар дьарыктаналлар. Биир сыл сылдьаат, быраҕааччы элбэх буолар үһү. Билигин даҕаны аҕыйаан эрэллэр, күһүн, бастаан букатын биэс уончалар этэ. Үөрэхтэрин бүтэриэхтэригэр диэри бэрт аҕыйахтара, кыахтаахтара эрэ хаалан, өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэһэр боксердар тахсаллар эбит.
Күн солото суох сырыттахха кэм кэрдии аллаах ат сэлиитинэн айанныыр диэн, сөпкө да эппиттэр. Биирдэ өйдөөбүттэрэ Саҥа Дьыллара бу тиийэн кэлбит. Сима, кэтэ сылдьыбыт халтаҥ соно, бэйэтэ да кыччаан, тайтайан эрэр таҥас, тымныыны туппат буолбута. Хата били Покровкаҕа үлэлээбит хамнаһынан истээх сон, сылаас бачыыҥка ылыммыта. Онон, тымныыны «кэл» диир киһи сылдьар. Биирдэ үөрэҕиттэн кэлбитэ, обургу мөһөөччүк күүтэн сытар. Дьоно куораччытынан ыыппыттар. Мөһөөччүгүн аспыта: сабыс саҥа таба тыһа унтуу, унтуу иһигэр ийэтэ тикпит истээх үтүлүгэ уонна сурук бааллар. Унтууну кэтэн көрбүтэ, икки наскынан сөрү-сөп. Хараҥа халлаан күөҕэ тастаах үтүлүктэрэ илиигэ лып курдуктар, сон сиэбэр уган биэрэргэ табыгастаах таҥас буолууһук. Бу үтүлүктэртэн дьиэтин сыта, ийэтин сылаас тыына кэлэргэ дылы. Аны дьэ суругу ааҕар. Арыылаах дьоно этэҥҥэ олороллор, биир сыбаайба буолбут. Ийэтэ дьиэ иһигэр тура сылдьар, аһын астыыр эбит. «Син хаккыҥнаан сылдьабын» – диэхтээбит. Салгыы, эдьиийин аахха дьиэ үлэтигэр көмөлөһүөхтээҕин, ыалдьыт-хоноһо курдук сылдьыа суохтааҕын суруйбут. Итиэннэ, киэһэ хараҥаҕа күлүгээттэртэн сэрэнэн сылдьарыгар, саарбах хампаанньаларга холбоспотугар баҕарарын эппит. Ийэтэ барахсан… Сөпкө даҕаны суруйаахтаабыт.
* * *
Бүгүн факультет Саҥа дьыла. Сима болдьоммут кэмҥэ тиийбитэ, аҕыйах киһи кэлэн хаамса сылдьаллар. Аллара фойеҕа бэрт дьадаҥы киэргэллээх, убаҕас лабаалаах харыйа турар. Уон саҕана, киһи элбээбитигэр музыка холбоотулар. Сорохтор үҥкүүгэ киирэн, шейкэлээн күөгэлдьиһэллэр, үгүстэр таах хаамсаллар, аалыҥнаһаллар. Тымныы оҕонньор Хаарчааналыын киирэн, бэрт кылгастык эҕэрдэ тылларын ордоотоот, үҥкүүһүттэргэ киирэн сылдьа түһэллэр уонна баран хаалаллар. Маскарааттаахтар, кимнээхтэрэ буолла, уонча киһи киирэн үҥкүүһүттэри эргийбэхтээн, дьээбэлэнэ түһээт, эмиэ элэс гыналлар. Биэс сүүстэн тахса устудьуоннаах факультет Саҥа дьыла диэтэххэ, астыга суох. Оо, Арыылаах аҕыс кылаастаах оскуолатыгар дьиктилээхэй даҕаны Саҥа дьыллар буолаллар этэ! Маскараат оҥостуу, быыстапкаҕа уруһуйдааһын, уһаныы, оонньууларга бэлэмнэнии, хас да күннээх оскуоланы киэргэтии түбүктэрэ сүрэхтэн сүппэт үтүө даҕаны өйдөбүллэри хаалларбыттар эбит! Арыылаахха Дьөгүөрэ диэн аһара көхтөөх холкуостаах ыччат баар. Ол кини Саҥа дьыл аайы киһи үөйбэтэх маскарааттарын оҥостон, оҕолору үөрдэр, улахан дьону сөхтөрөр үгэстээҕэ. «Бөтүүк иһэ-эр!» – диэн хаһыытыыллар. Арай, бөтүүк диэҕи ааһа улахан, киһи диэҕи бөтүүк, сүүрэн сохсороҥноон аҕай тахсар. Аны, хаһыытаан ыыра барар, адьас бөтүүк хаһыыта! Кыракыйдар, «тыыйбыан» дэһэн, улахаттарга сөрүөстэллэр. Дьэ, күлүү-үөрүү, сөҕүү-махтайыы бөҕөтө буолар. Шлангаҕа оҕо үрэр оонньуурун холбоон, бэрт уустук, бөтүүк хаһыытын үкчү түһэрэр тэрили оҥостубут эбит. Ол Дьөгүөрэ быйыл туох маскарааты оҥосто сылдьарын ким да билбэт. «Айка, быйыл тохтуубун. Соло да суох», – дии сылдьар сураҕа иһиллэр. Ол сылдьан, хара харах көрбөтүнэн, хаптаҕай кулгаах истибэтинэн дьикти маскараат оҥостон кэлэн, үөрүүнү, сөҕүүнү бэлэхтиирэ. Сима Тымныы оҕонньортон үс бэлэҕи тутара. Уопсай кэһиинэн ааттанар биир суу кэмпиэт, бирээнньик, уруһуйун иһин быыстапка жюритыттан бириис, үчүгэй үөрэҕин уонна холобурга турар майгытын иһин бириэмийэ тутан үөрэрэ-көтөрө. Саргылаах Саҥа дьыл салаллаахтаан кэлэрэ кэтэһиилээх да буолара… Саҥа дьыл диэн оҕо саас оонньуута, умнуллубат үөрүүтэ эбит. Ол кэм ааһан, улахан киһи буолан, бу боп-боростуойдук Саҥа дьыллыы турдаҕа. Кырдьык, устудьуоннар диэн улахан дьон буоллахтара. Итиэннэ, биэс сүүс киһини бу зачет, эксээмэҥҥэ киирэр туһугар мөхсүү саҕана ким көҕүлүөй, тэрийиэй? Ол эрээри, Сима үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, учууталлаатаҕына, оҕолорго умнуллубат, кэрэ Саҥа дьыллары тэрийсиэҕэ. Хайаатар даҕаны!
Сима, сылдьа сатаан баран, таҥаһын ылан, бүтэһик оптуобуска сүүрэр.
Дьиэтигэр кэлбитэ, дьоно утуйа иликтэр. Баччаҕа утуйар этилэрэ… Һок, «биллэр сыт» кэлэр. Хостон дьиэлээх хаһаайын Сэргэй лэппэрдэтэлээн тахсар.
– Хайа, устудьуон уол, төһө бэрт дьуолкаҕа сылдьан к-кэллиҥ? – Кини муннун биир кэм өрө сыҥар, кыра саһархай харахтара сүүрэлиир курдуктар.
– Наһаа буолбатах, хайдах эрэ, сууххай баҕайы курдук.
– Ээ-э, сууххай диэн ол тугу этэҕин, доҕоор? Университет дьуолката буолан баран, хайдах оннугуй, сууххай диигиний? – Күтүөт, холуочуйдаҕына үгүһү-элбэҕи лэбэйэн барар үгэстээҕин Сима быйыл биллэ.
Итирик киһини кытта тыл аахсан туһата суох. Мөккүһэн кэбистэҕинэ бу түүн утуйбаттар.
– Хайа, тоҕо к-кэпсэппэккин, туохтан өһүргэнниҥ? Хата, доҕоор, биир эмэ кыыһы атаарбатыҥ дуо?
– Ээ, суох, атаарбатым.
– Пахай! Мөлтөх киһи эбиккин. Э-эн сааскар б-биһиги, э-эн сааскар…
– Оо, ол билиҥҥэттэн атаарсыа дуо? Биэс сыл уһун, аналлааҕын көрсүөҕэ. Хата, утуйуоҕуҥ эрэ, биһиги. Оҕолору уһугуннараары гынныгыт, – куукунаттан эдьиийэ тахсан кэлэр.
– Ээ? Ээ, чэ, утуйан-утуйан. Хата, били аспыт бүтэн хаалла дии. Туох эмэ баар дуо, сыччыы?
– Оо, дьэ, баарын баар да, сарсыарда төбөҥ ыалдьаарай?
– Эс, ыалдьыбат. Т-тоҕо ыалдьыаҕай? Кут.
– Зверовка ээ, онтуҥ. Тымныйдахха туттуллуо диэн ууран сытыарбытым. Булкуйдаххына сарсыарда төбөҥ ыалдьаарай диэн этэбин.
– Ии, чыычааҕыам! Кэм миигин харыстыы с-сылдьаахтыыгыан? Ч-ч-чэ, биир к-кырыылаах ыстакаанна к-кут. Ону иһэн у-утуйуом.
Хата Сэргэй бүгүн үтүө санаата киирбит киэһэтэ эбит. Ол ыстакаанын кытта төһө уһуннук лэбэйэ олорбута биллибэт, утуйбут этэ.
Тохсунньу ортото бастакы куурустар сыра-хара бөҕөнөн эксээмэҥҥэ киирэллэр. Түөрт эксээмэни этэҥҥэ туттардахтарына, бастакы семестри сабан, олунньу ортотун диэки каникулга барыахтаахтар. Долгутуулаах бастакы эксээмэннэр бу тирээн кэлэллэр.
Саҥа Дьыл өрөбүллэригэр «собуоттанан» хаалбыт Сэргэй иһэн кэлэрэ, буоккалаах кэлэн, дьиэтигэр иһэрэ үксээн барда. Сарсыарда арбы-сарбы туран, балык миинин биитэр оҕурсу кэнсиэрбэ уутун иһээт, үлэтигэр барар. Күн устата чөлүгэр түһэн, киэһэ ама киһи кэлэр эрээри, арыгы ылан кэлэр. Киэһэ аайы «Чэ, бу киэһэнэн бүтүөм, бүтэһигим эрэ», – диэн эрэннэрэр. Сарсыҥҥытыгар эмиэ арыгылаах кэлии, киэһэни супту иһии, түүнүн утуйан биэрбэккэ лэбэйии. Эдьиийэ хайдах тулуйаахтыыра буолла? Сима Сэргэй маннык иһэрин билбэт эбит. Саалаҕа утуйа сытан уһуктан кэллэҕинэ, куукуна уоттаах, Сэргэй тугу эрэ лэбэйэ, кими эрэ саҥара олороро иһиллэр. Ардыгар эдьиийиниин этиһэр, саҥарсар дорҕоонноруттан уһуктар, эдьиийин аһынара сүрдээх. Айаҕалыы сатаан, «бу мин олорорбун сөбүлээбэт буоллаҕа дуу» диэн санаталыыр. Кэлин киниттэн иҥнэрэ, утуйа сатыыр уолга киирэн, лэбэйэрэ элбээтэ.
Биир күн, дьиэтигэр олорон, кэниспиэгин арыйан, бэлэмнэнэ сатыыр да, уутун төрүт хамматах, өйүгэр туох да хатаныа суох. Аан туман үгэннээбит. Уонча хаамыы таһыгар киһини да көрөр уустугурбут. Массыыналар араҕас уоттарын холбоон, аатын эрэ сыылаллар, туормастыыр тыастара киһи куйахатын тыытан, кыычыгырыыр. Сима хаамтар хааман, мантан оптуобус үһүс тохтобулугар баар икки сыл олорбут интэринээтигэр тиийэр. Устудьуоннуоҕуттан манна сылдьа илик эбит. Бүгүн даҕаны манна кэлэр санаата суоҕа, атахтара аҕаллылар. Кэлбиччэ, киирэ сылдьыахха.
Интэринээккэ уларыйыы баара көстүбэт, барыта уруккутунан. Уол көрүдүөргэ хаамыталыыр. Бу дии, кинилэр тапталлаах көмүс ньээкэ уйалара. Арай билигин манна олор диэтиннэр? Үчүгэй да буолуо эбит. Кырдьык, сэбиэдиссэйгэ киирэн, ыйыталаһан көрүмнэ? Евгения Федоровна көмөлөһүө, быстах ханна эрэ кыбытыа дуо? Сима, бэл тиритэн кэлэр, ол эрээри, хорсунун киллэрэн, тоҥсуйан, сэбиэдиссэйгэ киирэр, Евгения Федоровна уурайбыт, кини оннугар нууччалыы эрэ саҥарар сааһыра барбыт саха дьахтара кэлбит. Интэринээт иитээччитэ, устудьуон кэлбитин истэн, утары олоппоско олороругар, хайдах үөрэнэ сылдьарын кэпсииригэр көрдөстө.
Уол хайдах уопсай дьиэҕэ ылыллыбакка эрэйдэммитин, ыалга, аймахтарыгар кыбыллан олорорун, ыала олус кыараҕастарын (күтүөтэ арыгылыырын кэпсээбэтэ), ыал кинини ылан кэбиһэн, бэйэлэрэ да эрэйдэммиттэрин кэпсиир. Түмүгэр, манна, интэринээккэ, кинини быстах кэмҥэ олордор сатаныа дуо диэн ыйытта.
Ити кэмҥэ иитээччи Альбина Михайловна киирдэ.
– Ой, Сима! Какими судьбами? – кини көрсүһүүттэн үөрэн, саҥа аллайар.
– Иитиллээччиҥ, уопсай дьиэҕэ ылыллыбакка, проблемаланан кэлэн олорор. Манна олордуҥ диэн көрдөһөр. Ол хайдах сатаныай, интэринээт – сабыылаах тэрилтэ.
– Даа, манна оҕолору кытта сатаммат. Ол эрээри хайдах эрэ көмөлөһөр суолу көрдүөххэ. Бу Симаҥ үөрэҕэр олус дьоҕурдаах, олус үтүө санаалаах киһи. Хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй?
– Университекка көрдөһүү суруйан түһэрэбит дуо, оччоҕо?
– Оннук көрдөһүүнү бары биэрэн эрдэхтэрэ. Миэстэ барыта туолан турдаҕа, баччааҥҥа диэри. Арай биһиги били Евгения Федоровна олорбут каморкатын биэрдэхпитинэ? Күлүүһэ ньээҥкэҕэ баар буолуохтаах.
– Арай бэрэбиэркэ кэлэн, тутан ыллын?
– Бэрэбиэркэ сылдьыбыта дии, сылга иккитэ кэлээччилэрэ суох этэ. Кэллэхтэринэ даҕаны, ити каморканы астаран көрөөччүлэрэ суох. Хаһаайыстыбаннай, хлам хоһо буоллаҕа.
– Чэ, арай оччотугар олордоо инибит. Но эн уопсай дьиэҕэ анньыһа сырыт, быстах кэмҥэ эрэ олордобут.
– Баһыыбаларыҥ! Уопсайга миэстэ көрдүү сылдьабын, олус кэлэ-кэлэ ыйыталаһаммын, ардыгар мөҕүллэбин даҕаны.
– Чэ, ладно, олорон эр. Туолка, Унаарап, бииринэн, арыгы испэккин, иккиһинэн, атын устудьуоннары аҕалбаккын, үсүһүнэн, электроплитка, чаанньык холбоммоккун. Өйдөөтүҥ?
– Өйдөөн-өйдөөн…
– Альбина Михайловна, бу уолу тус эппиэккитигэр ылаҕыт, бэрээдэгин көрөҕүт.
– Эппиэппэр ылабын, Симаны эрэнэбин. Чаанньыгы көҥүллээбэппит дуо? Ханна аһыаҕай?
– Суох-суох! Чэ, бүттүбүт. Ханнык даҕаны электроприбору холбообот, категорически. Ити розеткалар хаһан тардыллыбыттарын, хаһан өрөмүөннэммиттэрин Айбыт Таҥара билэр…
– Үчүгэй. Иһиттиҥ, Сима? Чэ, бардыбыт.
Каморка таһырдьанан ааннаах. Быйыл кыһын киһи киирэ сылдьыбатах, хаара мөлбөй сытар. Ньээҥкэтигэр, тетя Шураҕа киирэн, кэпсэтэ-кэпсэтэ, чэйдээн баран, кочегаркаҕа сүүрэн тиийдэ. Дьээдьэ Афоняттан чох баһар тимир күрдьэҕин уларсан аҕалан, аан иннин хаарын ыраастаата.
Каморканан ааттанар бу кыракый хос сэбиэдиссэй кэбиниэтин кытта быысаһар. Курдат сылдьар ааннаах, онто каморка өттүттэн күрүчүөгүнэн эрэ хатанар эбит. Биир орон, биир кыра остуол, икки олоппос эрэ арыычча батан тураллар. Кыра билиитэ оһохтоох. Ок-сиэ, бу ыт уйатын саҕа хоско Евгения Федоровна барахсан икки сыл олордоҕо! Сааһын тухары үөрэх эйгэтигэр үлэлээбит, оҕо аймах кутун туппут киһи. Оччотугар, проспекка дьэндэһэр ванналаах, туалеттаах таас дьиэлэргэ кимнээх олороллор? Бу куоракка олорор дьиэ тиийбэтэ, бадаҕа, сүрүн кыһалҕа эбит. Оттон кини, табаарыс Унаарап, физмакка киирэн, дьиэтэ-уота суох учуутал буолаары мөхсө сырыттаҕа. Тутуу инженерин үөрэҕэр киирбэккэ, сыыстарбыт дуу? Бу өйдөөтөҕүнэ, тоҕо учуутал үөрэҕин талбытын үчүгэйдик быһаарар кыаҕа суох эбит. Оттон, аҕата учуутал буолан, билэрдии киирдэ ини. Тоҕо эрэ физмакка киирэргэ турунан кэбиспит…
«Бог весь знает, когда они установлены» аатырбыт розетка, выключатель, хос соҕотох лаампатын патрона сабыс-саҥалар, электропроводка эмиэ отой саһарбатах, соторутааҕыта тардыллыбыт. Евгения Федоровна олорбут хоһо маннык кыратын кинилэр билбэт этилэрэ, биирдэ эмэтэ киэһэ төлөпүөҥҥэ киирдэххэ, бу хос диэкиттэн ыһаарыламмыт луук, хортуоска сыта кэлээччи. Уол сэбиэдиссэйин кытта аан бастаан хайдах билсибиттэрин санаан, сонньуйар.
Күһүн, интэринээккэ киирэллэригэр ылаттаабыт сэбиэдиссэй барбыт, саҥа сэбиэдиссэй кэлбит үһү диэн иһиллэр. Ол уруккулара быстах биир ый солбуйбут эбит. Кыырыктыйан эрэр будьурҕай баттахтаах, киэҥ арылхай харахтаах саҥа сэбиэдиссэй Евгения Федоровна бастаан олус кытаанах педагог курдук көстүбүтэ.
Биир киэһэ оскуолаттан олус аччыктаан кэлэн, (иккис сменаҕа үөрэнэллэр) туһунан дьиэлээх остолобуойдарыгар тэбинэллэр. Ас биэрэр ааннара сабыылаах. Аһыллыахтаах кэмэ балачча ааспыт, тоҕо эрэ аспаттар.
– Аһыҥ-аһыҥ, хойутаатыгыт!
– Умираем с голоду! – уолаттар ааны тоҥсуйан лабыгыраталлар.
Иһирдьэттэн харда мэлигир.
– Аһыҥ диибит дии! – Сима ааны тэбэн «лүҥ» гыннарбытын өйдөөбөккө да хаалар.
Дьэ, иһирдьэ айдааран турбаттар дуо! «Тэптигит» – хайаҕаһынан көрөн турбуттар эбит. Биир дьуһуурунай кыыс, аспакка, аан бүтэй этиһэ турар. Ол кэмҥэ балачча кыыһырбыт сэбиэдиссэй киирэн кэлэр. Иккис кыыс анараа, таһыттан киирэр аанынан сүүрэн тахсан, сэбиэдиссэйгэ үҥсүбүт эбит. Куорат интэринээтэ икки этээстээх икки мас дьиэлээх: кыргыттар уонна уолаттар куорпустара. Манна нуучча, саха итиэннэ араас омук оҕолоро олороллор. Иккис нүөмэрдээх оскуолаҕа аһыллыбыт физика-ахсаан кылаас оҕолоро, оройуонтан кэлбиттэр бу интэринээккэ ылыллыбыттар. Сима көрдөҕүнэ, нууччалар олус айдааннаахтар, этиһииктэр, аны бу хобуоччу эбиттэр…
Сэбиэдиссэй, үрдүкү кылаас оҕолоро бэрээдэккэ, култуураҕа холобур буолуохтаахтарын, кыралары көрө истэ-сылдьыахтаахтарын оннугар, подача аанын атахтарынан тэбиэлии сылдьаллара сиэргэ баппатын этэн туран, ким тэппитин ыйытар.
Мөҕүллэ турар түөрт уол сирэй-сирэйдэрин көрсөллөр.
– Мин… – Сима күөмэйэ хатан хаалбыкка дылы.
– Эн, эн кимҥиний?
– Унаарап Симабын.
– Подача аанын атаххынан тэптиҥ? Биһиги эйигин интэринээттэн таһааран кэбиһиэхпит.
– Тэптэ дуу, оҕуста дуу?
– Биһиги бары тоҥсуйбуппут, – дии охсор табаарыһа Ваня.
– Суох, ону ыйыппаппын. Унаарап охсубута дуу, тэппитэ дуу?
– Ну, стукнул, кулаком… – Ваня иэдэстэрэ кытарар.
– Унаарап, тэптиҥ дуу, оҕустуҥ дуу?
– Тэппитим… – Сима олох буорайан турар.
Дьэ, хаарыаннаах интэринээтиттэн көттө быһыылаах. Саат.
– Унаров, эйиигин кытта туһунан кэпсэтиллиэ. Аһылык кэнниттэн миэхэ киириэҥ, онно кэпсэтиэхпит! – сэбиэдиссэй тимирдийэн хаалбыт саҥата иһиллэр.
Ас биэрэр аанын дьэ аспыттара. Сэбиэдиссэй куукунаҕа киирэн, остолобуой тоҕо чаас аҥаарыттан ордук хойутаан аһыллыбытын ыйыталаһан эрэрэ иһиллэр.
Сима, аһара аччыктаан, астара охсоору ааны атаҕынан тэппит киһи, айаҕар ас киирбэт. Куһаҕаннык да быһыыланна. Чэ, үүрүллэр буолла. Манна ханна олорон үөрэниэй? Дойдутугар саккыраан тахсарыгар тиийэр. «Унаараптар уоллара, куоракка баппакка үүрүллэн тахсыбыт үһү. Тотон өлөн араас буолан эрдэҕэ», – диэхтэрэ. Саатыан…
– Доо, Сима, наһаа санаарҕаама, доо. Устуохтара суоҕа. Оннооҕор буолуохха сороҕор устааччылара суох, – Ванята уоскута сытыыр.
Кини бу дойду олохтооҕо, интэринээккэ бэһис кылаастан олорор.
Остолобуой тоҕо хойутаан аһылынна? Бүгүҥҥү дьуһуурунайдар, Лезнев уонна Скобенко диэн оройколор, дьуһуурустубаларын умнан кэбиһэн, «футбол тэбэ» ойон хаалбыттар. Повар тётя Феня отто кэлбитэ – мас ньымаа. Иллэҥ уолаттары булларан, мас хайыттаран, киллэртэрэн оттуор диэри бириэмэ баран, астара хойутаан буспут.
Буруйдаах уол сэбиэдиссэй иннигэр самнан турар. Ол эппиэтинэһэ суох Лезневтар, Скобенколар уһуллуохтара суоҕа, кинилэр буруйдара диэхтээн, умнан, дьалбааран хаалан, дьуһуурунайдаабатахтар. Алҕас. Оттон кини подача аанын тэппитэ алҕас хайдах алҕаһаан буолуой? Кини бэйэтэ буруйдаах. Быраһаай, интэринээт…
– Аскытыгар тотоҕут дуо? – Сэбиэдиссэй сымнаан хаалбыт куолаһынан ыйытар.
– Һым, сороҕор, тренировка күнүгэр тотооччубут суох. Ээ, дьиҥинэн, тотобут, үчүгэй.
– Чэ, тахсыаххын син, – Евгения Федоровна тоҕо эрэ үөһэ тыыммыта иһиллэр.
Сима, этэргэ дылы, «харалаан хантайан тахсыбыта». Элбэх киһи ортотугар сылдьарга, куорат олоҕор түргэнник үөрэммитэ. Иккис сылыгар, онуска үөрэнэригэр кинини «Евгения Федоровна мааны оҕото» дииллэрин истэрэ. Кырдьыга, сэбиэдиссэй кими даҕаны ойуччу тутан маанылаабата. Арай сорох киэһэ ити аан нөҥүө кэбиниэккэ истиҥник кэпсэтэр буолаллара. Евгения Федоровна ханна эрэ ыраах, Красноярскай кыраай хоту уһугар, Дьэһиэй диэн сиргэ төрөөбүт. Онно сахалар олороллор, паспордарыгар дьонуҥ «саха» диэн суруйтараллар, Саха сирин сахаларын «эһиги саха буолбаккыт, дьокуут киһилэргит» дииллэр үһү. Үөрэххэ олус баҕалаах кыысчаан, эмиэ маннык интэринээттэринэн олорон, орто оскуоланы бүтэрбит. Бастаан, кыра сылдьан, дьонун ахтан ытыыра үһү, үөрэххэ баҕа баһыйбыт. Дойдутугар ааҕар балаҕаҥҥа улахан дьону үөрэтэ сылдьан, күрээн кэриэтэ, Томскайга тиийэн, учуутал институтугар үөрэнэр. Ол сырыттаҕына, сэрии саҕаланан, үөрэхтэрэ төлөбүрдэнэр. Хайыаҕай, үөрэҕиттэн тохтоон, хас да сыл учууталлыыр. Сэрии кэнниттэн үөрэҕин салҕаан, үрдүк үөрэхтэнэр. Аны, хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарыгар көрүллэр чэпчэтиилэринэн туһамматах. «Саха диэн кимий? Ээ, якуткаҕын дуо, якуттар чэпчэтиинэн туһанааччы категориятыгар киирбэттэр», – дииллэр эбит. Хайдах үөрэммитин, улуу куораттар Москва, Ленинград тустарынан кэпсиирэ. Бэйэтин тус олоҕун төрүт кэпсээбэтэ. Оҕолордоох дуу, кинилэр ханна олороллор? Ким да билбэт.