Читать книгу Тыалынан киирбит холоругунан тахсар - - Страница 1
Сэһэн. Төлкөбүт төннүбэтин, түөрэхпит түҥнэстибэтин
ОглавлениеБүгүн Баанньысканы ийэтэ хаста да тардыалаан уһугуннара сатаабытын үрдүнэн, кыайан уһуктубакка, сыҥааҕырда сытта. Туга да ыалдьыбат курдук эрээри, сүрэҕэ өлөхсүйэр, сэниэтэ суох. Нукаай курдук, утуйуон эрэ баҕарар. Кэлин ийэ тэ уһугуннара сатаан баран, кыыһыран, суорҕанын саралыы тардыбытыгар нэһиилэ туран, суунар сиргэ салбыҥнаата. Ийэ тэ остуолга бэлэмнээбит аһын тыыта да соруммата. Аһаабыта аатыраары ириис хааһытын луосканан булкуйбута буола олордо.
– Тоҕо аһаабаккын? Күн ахсын дьүдьэйэн иһэҕин? – уол ийэтин саҥатыттан соһуйан, ходьох гынна.
– Аһыыбын дии… – Баанньыска мух-мах барда, луосканы толору хааһыны баһан ылан, сөбүлээбэтэр да, сиэн мотуйбута буолла. Онтон эмискэ сүрэҕэ эриллэн өҕүйүөх курдук буолбутуттан, айаҕын саба туттан, урукумуонньукка сүүрдэ. Аһаабатах буолан, кураанаҕынан өҕүйэн, сэниэтэ эстэн, остуолга умса түһэн олордо. Ийэтэ сүүһүн тутан көрдө. Кыраадыс аҕалан биэрбитин, «үчүгэйбин» диэн укта да соруммата.
Анна Петровна тулуйбата, олохтоох биэлсэр Антонина Лазаревнаҕа эрийэргэ сананан, төлөпүөн сыыппараларын күүс кэ баттыалаата. Ити кэмҥэ Баанньыска ийэтиттэн болҕомто ылан, ыалдьыбыкка холонон, хоһугар киирэн, суорҕанын эри – нэн сытынан кэбистэ. Ийэтэ киирэр-тахсар тыаһын истэ сытан бэҕэһээ табаарыс уолаттара дэриэбинэ арҕаа өттүгэр бы раҕыллыбыт эргэ дьиэҕэ «бардыбыт» диэбиттэригэр туох да кэтэх санаата суох барсыбыта. Дьиэ олбуоругар киирээт, табахтаан бурҕаҥнаппыттара.
– Баанньыска, маама оҕото, табах тардан боруобалыы илик кин дуо? – Сэмэнчик элэктиирдии туттар. – Оттон би һиги барытын боруобалаан, хайыы үйэ «кырдьаҕастар» диэн аатырбыппыт ыраатта.
– Ол аата хайдах? – Баанньыска тоһоҕолоон ыйытар.
– Мэ, боруобалаан көр, – Сэмэнчик кыҥначчы туттан олорон, сиэбиттэн «Прима» бөппүрүөскэни ылан уматан баран, уолга уунар. Баанньыска, саҥата суох, буруолуу сылдьар бөп пүрүөс кэни айаҕар уган, харса суох соппойон киирэн барабын диэн, чачайан сөтөллөн күпсүйдэ. Уолаттар күлсэн алларастастылар.
– Чэ, туох буолуой? Быраат, сыыйа үөрэнэн иһиэҥ. Москуба куорат биирдэ тутуллубатаҕа, – Миитээ, бииргэ үөрэнэр кылааһынньыга, көхсүн таптайбахтыыр.
– Сөп буолуо. Табаарыспытын табахтыырга сыыйа уһуйан иһиэхпит. Уол оҕо ат кулун буоллаҕыҥ. Хаһааҥҥыга диэри кыра оҕо курдук ньырамсыйа сылдьыаххыный! Табыллыбатар да бастакы хардыыны оҥордуҥ. Аны иккис хардыыҥ: били бытыылкабытын аҕалыҥ эрэ, – тойонноро Сэмэнчик, үчүгэй баҕайыны эппит киһи курдук, уолаттарын сирэйдэрин хардары-таары кэриччи көрөр. Ол аайы «табаарыстара» күлсэн өгдөрөҥнөһөллөр. Сэмэнчик оскуолаҕа сүгүн үөрэммэккэ, быйыл сайын тохсус кылааһынан бүппүтэ. Кылааһын салайааччыта оскуолатын бүтэртэрээри, сарсыарда оронуттан ороон туруорара, куһаҕан дьаллыкка буккуллубатар ханнык диэн, кэтээн-манаан аҕай биэрэрэ. Төрөппүттэрэ даҕаны үөрэ ҕи ылыа суох киһи, бүттүн, син-биир Биир кэлим эксээмэни кыайбат, Суоттутааҕы лиссиэйгэ киллэриэхпит диэн уолларын настройкалаан кэбиспиттэр этэ. «Тугу да хоҥоруутугар хоҥнорбот, «атааҕа» буортулаабыт оҕо» диэн улахан дьон кэп сэтэллэрин, оннооҕор Баанньыска элбэхтик истэрэ.
Миитээ, сорук-боллур уоллара, хараҥа дьүһүннээх водка бытыылкатын аҕалбытын уол дьулайа көрдө. «Арыгы» диэн санаа өйүгэр күлүм гынар.
– Амсай… – Сэмэнчик бытыылканы ууммутугар Баанньыска кэннинэн чинэриҥнээтэ. Туох буолар диэбиттии бары интэриэһиргээн, сирэйдэрэ-харахтара өрө туран, уолу төгү рүччү турунан кэбистилэр.
– Куттаныма. Арыгы буолбатах. Арыгыга тиийэ иликпит. Арыгы диэн дьаат буоллаҕа. Арыгыттан абыраммыт киһи суох. Биһиги оннукка тиийэр санаабыт суох. Бу баара-суоҕа… сыттыыгын эрэ. Чэ эрэ, ким урут бастаан боруобалыырый? – «буостара» уолаттарын соруйардыы көрүтэлиир. – Уйбаанчык, эн саҕалыыгын дуо? Эр киһи, уол оҕо бэрдэ буоллаҕыҥ. Атыттар бары куттанан, кутуйах уйатын кэҥэтэ олороллор. Һэ… һэ… Кус сүрэх дьон…
Уолаттар ортолоруттан, хара бараан уол хорсун баҕайытык туттан тахсан, бытыылканы эһэ тардан ылан, хаста да төхтүрүйэн, дуоһуйбуттуу муннунан сытырҕалаан баран, бытыылкатын аттыгар турар уолга куду аста. Бэйэтэ бэрт ку һаҕан сирэйдээх-харахтаах киһи төҥүргэс маска лаҕыччы олорунан кэбистэ.
– Оо, Уйбаанчык итирдэ. Төбөтүгэр таҕыста, – уолаттар күө-дьаа буоллулар.
– Чэ, аны Баанньыска уочарата. Сыттаа… Оскуола үлэһитин, учуутал оҕото, буолан аккаастанаҕын дуу? Оччоҕо куһа ҕан буолуо… – Сэмэнчик билигин да ыгарын-түүрэрин тохтоппот. Хайыы үйэ хараҕа дьэргэйбит Уйбаанчыгы көрө-көрө уолаттар араастаан ымаҥнаһа олордулар.
– Суох, мин сыттаабаппын… – уол кэннинэн чинэрийдэ.
– Сыттаа… Сыттаа диибин. Туох да буолуоҥ суоҕа. Ким да билбэт. Боруобалаан көр. Сөбүлээбэтэххинэ, тохтуоҥ буол лаҕа, – Сэмэнчик акылдьыйан туран кэлэн, уолга бытыылканы туттаран кэбистэ. Баанньыска бытыылканы ылан муннугар илдьэн иһэн төттөрү аста. Бэнсиин… Учуутала кылаас чааһыгар кэпсээбитэ. Токсикомания… Киһи мэйиитин урусхаллыыр, киһи психикатыгар дьайар диэбитэ. Маны сыттаатахпына… токсикоман буолабын. Ийэтин ытаабыт, кылааһын салайааччытын кыыһырбыт мөссүөннэрэ хараҕар элэҥнээтилэр… Уол титирэс илиитинэн бытыылканы боччоччу тутан туран муннугар илдьэн иһэн мүччү тутта. Бытыылка үлтү барар тыаһыттан уолаттар соһуйан ходьох гыннылар. Баанньыска улахан уолаттартан титирэстиэр диэри куттанна. «Билигин кырбыахтара, куотуохха» диэн санаан ылла. Кыыһыран, хараҕын үрүҥүнэн көрбүт Сэмэнчик ынан иһэрин көрөн, иннин хоту ыстанна. Аҕыйах атылы оҥороот, мутуктан иҥнэн охтон түстэ. Кыра уолаттар, соһуччу буолбут түгэнтэн үргэн, үрүө-тараа аттынан тилигирэһэн аастылар.
– Сыттаа, – диэт, Сэмэнчик үөс-батааска биэрбэккэ бэнсиин сыттаах былатыагы сытар уолга үҥүлүттэ. Уол утарсан, кытаанах илиини бэйэтиттэн тэйитэн, анньа сатаан өрө мөҕүстэ.
– Бүт эрэ… Туох ааттаах Баанньыскаттан иҥнэн хааллыҥ? – тас ыалларын Николаевтар уоллара Кириил Сэмэнчик илиититтэн былатыагы былдьаан ылан баран, күүскэ садьыйбытыгар киһитин ата ҕа адаарыс эрэ гынан хаалла. Кириил Баанньысканы туруору тарта.
– Дьиэҕэр тэбин, – диэн сөҥ соҕус куолаһынан саҥарбыта уол сүрэҕин иһинэн киирбитэ.
– Оттон эн… – Сэмэнчик орҕостон туран эрэрин көрөн, куттаммыттыы көрдө.
– Бар… Бар… Биһиги нэммитин билсибит аҕай дьоммут.
Баанньыска буута быстарынан бөһүөлэк диэки тэбиммитэ.
Дьэ, уонна бу сытар. Сэниэтэ суох, төбөтө ыалдьар, сүрэҕэ эриллэр. Хайдах буолар? Ити Сэмэнчик араҕыа суоҕа. Булбуттуу булла быһыылаах. Абаҕатын аахха тыаҕа тахсыаҕын ос куо ла саҥа аһылынна. Ийэтигэр эттэҕинэ, оскуоланы бүтүннүү «туруорар» буоллаҕа. Хоһун аана аһыллар тыаһын истэн, түргэн үлүгэрдик хараҕын быһа симэн утуйбута буолла.
– Баанньыска, уһугун эрэ, биэлсэр Антонина Лазаревна кэллэ. Тугуҥ ыалдьарын кырдьыгынан эт, – ийэтэ оҕотун тө бө түттэн өрө-таҥнары имэрийбэхтээтэ.
– Чэ, эрэ, турдубут. Тугуҥ ыалдьар? – биэлсэр илиититтэн тардан турарыгар көмөлөстө. Иһиллээн, айаҕын атытан күө мэйин сыныйан көрдө. – Улаханнык туга да ыалдьара биллибэт. Тугу бэҕэһээ аһаабыккыный?
– Бэҕэһээ олох аһаабатаҕа. Мин үлэбиттэн кэлэрбэр сытар этэ. Аһылыкка турбатаҕа. Мэйиим эргийэр диэбитэ, – ийэтэ хап-сабар хардарар.
– Бэҕэһээ ханна кимнээҕи кытта сылдьыбыккыный? – Антонина Лазаревна токкоолоһор. – Сэмэнчиктээҕи кытта сылдьыбытыҥ дуо?..
– Ыһы…
– Сөп чэ, өйдөнөр. Бүгүн сыт. Ханна да барыма. Сарсын оскуолаҕар үөрэнэ барыаҥ. Оттон Анна Петровна, биһиги куукунаҕа тахсан инникитин хайдах дьаһанаргытын кэпсэтэбит дуо?
– Кэпсэтэн, кэпсэтэн, – дьиэлээх дьахтар биэлсэр атын ба ҕайытык туттубутун дьиктиргээн, хараҕын соһуйбуттуу тэр бэччи көрөн кэбиһэр.
Куукунаҕа киирээт, ыалдьытыгар итии чэй кутан биэрэр. Остуолга турар бэйэ оҥоһуута үлүннэриилээх буулканы, халбаһылаах сыыры чугаһата анньар.
– Анна Петровна, соһуйума. Бу аҕыйах хонуктааҕыта иһиттим. Оскуола уолаттара бэнсиини, кыраасканы сыттыыллар үһү. Үрдүкү кылааска үөрэнэр уолаттар кыралары кучуйаллар дииллэр. Баанньыска кимнээҕи кытта сылдьарый?
– Бэйэтин кылааһын оҕолорун кытта сылдьар. Бэҕэһээ киэһэ кэлээт, аһаабакка охтубута. Күнү быһа футболлаатыбыт диэбитэ, – Анна Петровна соһуччу истибит сонунуттан соһуйан, сирэйэ кубарыйан барар. – Оскуолалар билбиттэр дуо?
– Саҥа билэн айдаан бөҕө. Испииһэккэ Баанньыска суох этэ. Уолаттары бэҕэһээ киэһэ балыыһаҕа аҕалан көрдөрбүттэрэ. Бары төбөбүт ыалдьар, мэйиибит эргийэр, сүрэхпит өлөх сүйэр диэбиттэрэ. Ордук Кириэннээх уоллара Уйбаанчык буорайбыт этэ. Бэл, бэнсиин сытынан аҥкылыйара. Баанньыс ка эмиэ оруобуна итинник этэр дии. Боруобалаппыттара буолуо, – биэлсэр куһаҕан сонунтан санньыйан олорор дьахтары көхсүттэн имэрийэн ылар.
– Антонина Лазаревна, Баанньысканы этимэ. Мин санаабар, кини сыттаабатах буолуохтаах. Табах таппыта буолуо… Таппат этэ. Мин уолбунуун кэпсэтиэм, – ийэ ааттаспыттыы көрөр.
– Кэбис, инньэ диэмэ. Боруобалаабыт да, боруобалаабатах да буоллун, саба баттаан уодьуганнаан иһиэххэ наада. Сар – сын улуустан сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор хамыы һыйалара кэлиэхтээх. Оҕо киһи мэйиитигэр дьайар бэнсиини, кыраасканы сыттаан баран, итирбит курдук турукка киирэр. Ол кэнниттэн тохтооботоҕуна, өлүөн сөп. Киһи ол итирбит курдук туруга аастаҕына даҕаны, сэниэтэ суох буолар, төбөтө ыалдьар, сүрэҕэ эриллэр. Ити турук бэрт өр ааһан биэрбэт. Токсикомания ордук киһи психикатыгар дьайар. Ол кэнниттэн оҕо сыттыырын тохтоттоҕуна да, доруобуйатыгар син биир улахан охсууну ылар. Онон биирэ да, уона да син биир.
– Уолум сыттаабатаҕар эрэнэбин, – ийэ иннин биэрбэт.
– Анна Петровна, наһаа айманыма. Барыта этэҥҥэ буо – луо. Наһаа мөҥүмэ. Билигин айдааран куттаан кэбиһимэ. Бэ йэтэ да сыыһаны оҥорбутун өйдөөн, куттанан, сүрэҕэр астара сылдьар буолуохтаах. Чэ, мин бардым, – Антонина Лазаревна ааны күүскэ сабан тахсар тыаһа иһиллэр.
II
Оскуола. Анна Петровна уолун Баанньысканы батыһыннаран оскуола уһун көрүдүөрүнэн, сэрэммиттии туттан, дириэк тэр хоһун иннигэр тохтуур. Ааны тоҥсуйан тобугуратаат, сэрэнэн аһан киирэр. Полиция формалаах дьон суоҕун көрөн өрө тыынар. Оскуола дириэктэрэ, кылааһы таһынан иитэр үлэ завуһа уонна кылааһын салайааччыта Альбина Егоровна бэрт кытаанахтык туттан олороллор.
– Дорооболоруҥ, – Анна саҥата иһиттэн нэһиилэ тахсар.
– Анна Петровна, олор. Оттон эн, Ваня, кэл, манна тур, – дириэктэр Николай Егорович саҥата кытаанах. – Барытын кырдьыгынан кэпсээ. Бэнсиини хаһааҥҥыттан хаста сытыр ҕалаабыккыный? Кимнээх баалларай? Табах тардаҕын дуо?
– Суох… – уол кутталыттан саҥата да тахсыбат, муннун анныгар киҥинийэр.
– Кырдьыгынан эт, – Андриана Алексеевна, иитэр үлэ завуһа, дьиппиэн куолаһа иһиллэр.
– Кырдьык, – уол кутталыттан сыҥсыйан ытаан барар.
– Сөп чэ. Барыта өйдөнөр. Билигин уолаттар барытын кэп сээн бардылар. Эн, кырдьык, табах таппатаххын, бэн сиин сытырҕалаабатаххын. Уолаттарыҥ эйигин ууттан кураанах таһаардылар, ол эрээри син биир кинилэри кытта бииргэ сылдьыбыккын. Онон кэтэбилгэ киирэҕин. Оттон Сэмэнчик, Кириил, Уйбаанчык улуустааҕы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор хамыыһыйаларын учуотугар турдулар. Биир сытыган хортуоска сүүһү сытытарын курдук, алын кылаас уолаттарын бэйэлэригэр тарда сатаабыттара, бириэмэтигэр биллэн, улахан куһаҕан тахсыбата. Билигин төрөппүт, оскуола, уопсас тыбаннас барыта күүскэ турунуохтаах. Ону Анна Петровна өйдүөххүн наада, – дириэктэр быһыта баттаан саҥарар.
– Дьиҥинэн, ити үс уолу токсикоманнар испииһэктэригэр киллэрэр эрдэ. Оннук сатарыйбыт оҕолор буолбатахтар. Буруйдара диэн, иһэр-аһыыр дьонноохтор, төрөппүттэрин өттүттэн хонтуруоллара суох. 15–16 саастарыттан ыар иитии лээх оҕолор аатыран, көмпүүтэргэ киирдэхтэринэ, кэлин ханна үөрэнэллэрий, үлэлииллэрий? Билигиттэн дьылҕалара сарбыллар, – Андриана Алексеевна анарааҥҥы уолаттарга тахсыбыт быһаарыыны сөбүлээбэтин биллэрэр.
– Андриана Алексеевна, сөпкө этэҕин эрээри, улуустааҕы хамыыһыйаҕа кэтэбилгэ турбуттара сөп. Онтон көрөн иһиэх тэрэ. Үһүөннэрин кытта эһиги өртүгүтүттэн күүстээх үлэ барыан наада. Сыл устата буруйу оҥорботохторуна, учуоттан тахсыахтара, – Николай Егорович, этиитин түмүктүүрдүү, чиҥ куолаһынан саҥарар.
Анна Петровна дириэктэргэ киириэҕиттэн үрүҥ хараҕын өрө көрбөккө, сири кымыстыы олордо. Сирэйэ дыгдайа кытаран баран, сыыйа суһуктуйа сырдаан барда. Оо, оннук эрэ буол лун. Оҕом сыыһа, хата, боруобалаабатах эбит. Бэҕэһээҥ ҥиттэн ыла, санаата түһэн, оҕотун мөҥөн-этэн киирэн барыан билбэккэ, мунан сылдьыбыта. Ытаабатаҕа-соҥооботоҕо сөп эбит. Уолун куттаан, уйулҕатын көтүтүө этэ.
– Куһаҕан дьаллыкка үксүн иһэр-аһыыр дьон оҕолоро ыллараллар этэ да, бу сырыыга төрөппүттэр өттүлэриттэн көрүү лээх-истиилээх ыаллар оҕолоро түбэспиттэрэ дьикти. Ол иһигэр Артемьев Ваня баар. Ийэтэ Анна Петровна саҕа хонтуруол – луур төрөппүт өссө суоҕа буолуо. Итини тэҥэ, бириэмэлэрин сатаан туһалаахтык аттаран туһаммат оҕолор тугу да гыналлара суох буолан, көлдьүргээн ыллараллара баар суол. Оннук оҕолор ахсааннарыгар, хомойуох иһин, Ваня эмиэ киирсэр. Тугунан эмэ дьарыктаныан наада. Былырыын төрдүс кылаас ка биир да куруһуокка киһилии дьарыктамматаҕа. Дуобаттыах курдук туттан иһэн, биирдэ кыайтараат тохтообута. Онтон саахыматынан дьарыгыран иһэн, ыараханыттан саллыбыта. Уопсайынан, Ваня көтүмэх, дьулуура суох, ылсыбыт дьыалаҕа баҕа наада. Оттон тустууга сылдьыан – ийэтэ кө- ҥүллээбэт. Быйыл хайдах буолар? – Альбина Егоровна, кы лаа һын салайааччыта, ыйытардыы көрөр.
– Кэпсэтиэхпит, – уол ийэтэ ылбат-биэрбэт икки ардынан эппиэттиир. Уолун тустууга сырытыннарыан баҕарбат. Илии тин-атаҕын өлөрүө диэн куоһур туттар эрээри, сүрүн биричиинэтэ атынын бөһүөлэк дьоно үксүлэрэ да сэрэйэллэр. Ити барыта тустуу филиалын тириэньэриттэн тутулуктаах.
Пётр Николаевичтыын оскуолаҕа сылдьан доҕордоспуттара. «Наһаа бэйэлэригэр барсар, кыраһыабай пааралар» диэн биир дойдулаахтара киэн тутта көрөллөрө. Хомойуох иһин, аҕыйах сыл буолаат, арахсан хаалбыттара. Дьон билэринэн, онтон ыла айах атан кэпсэппэт буолбуттар эрээри, Баанньысканы киһи барыта Пётр Николаевичка олус майгыннатар. Бэл, уол ийэтэ: «Дьэ, дьикти, Ваня Артемьев мин уолбун Бүөтүрү олох көрбүтүнэн төрөөбүт оҕо», – диэн соһуйар үһү. Иккиэн ити тиэмэҕэ кэпсэтэллэрин сөбүлээбэттэр. Анна уола тустуу сиэксийэтигэр дьарыктаныан олох баҕарбат, чугаһаппат даҕаны. Оттон Пётр уолаттары эккирэтиһэн сырытыннарар буоллаҕына, Баанньыскаҕа соччо чугаһаабат. Дьахталлар итиннэ туох эрэ баар диэн хобугунаһаллар да, иннин-кэннин кыайан быһаарбаттар. Тааллыбат таабырын буола сылдьар. Пётр аармыйаттан кэлэригэр атын улуус кыыһын кэргэн ылан, Баанньыскаттан аҕыйах сыл аҕа икки кыыстаах. Ханан да киһи күтүрүөх дьиэги киллэрбэттии, кэргэнинээн сүрдээх эйэлээхтик олороллор.
– Чэ, бүттүбүт. Уолаттары кытта хонтуруолгутун өссө төгүл күүһүрдүҥ, – диэн оскуола дириэктэрэ мунньаҕын түргэн соҕустук түмүктээн, ханна эрэ барардыы оҥостубутун көрөн, бары дириэктэр хоһуттан тахсан бардылар.
Анна уолун наһаа мөхпөккө-эппэккэ, тугунан эмэ дьарык тыырга быһаарынна. Сымыыт ыһаарылыы охсон, уолун ос туолга ыҥырда. Баанньыска буруйдаммыттыы туттан, ийэтин көрбөккө, аһаабыта буолан, омлетын тырыыппайдыы олордо.
– Һыллы, олох кырдьыгынан эт эрэ. Бэнсиини сытырҕалаа бытыҥ дуо? – ийэтэ ньуолбардык ыйытар.
– Суох… Бытыылканы сыттата биэрбиттэрин, алҕас мүччү туппутум.
– Алҕас… Бэрт буоллаҕа дии. Аһыйаҕын дуо? Алдьаппыккар кыыһырбатахтара дуо?
– Сэмэнчик кыыһырбыта. Ону Кириил көмүскэспитэ.
– Ыаллыы олорор буолан, син суобаһырҕаан көмүскэстэҕэ дии. Киһилии быһыыланнаҕа. Сэмэнчиктээх Кириилгэ олох чугаһаама диэн эйиэхэ хаста эттим этэй?
– Кириил үчүгэй ээ. Миигин наар көмүскэһээччи. Биһиги футболлуу сылдьыбыппыт. Ону тугу эрэ көрдөрөбүт диэбиттэригэр барсыбыппыт.
– Дириэктэриҥ уонна кылааһыҥ салайааччыта туох диэбиттэрин истибитиҥ буолбат дуо? Тугунан дьарыктанар са наа лааххыный? – ийэ уолун тургутардыы көрөр.
– Дуобакка, саахымакка сылдьыахпын баҕарбаппын, – Баанньыска алҕас улахан баҕайытык «чап» гыннаран баран, сыыстым быһыылаах диэн, чэйин сыпсырыйбыта буолан, чаас кытыгар умса түһэр.
– Ити икки сиэксийэҕэ сылдьарыҥ ордук. Үөрэх хэр да ту һалыа. Тустуу туох да үчүгэйи аҕалыа суоҕа. Илиигин-атаххын оһоллуоҥ. Быһыыҥ-таһааҥ уларыйыа. Тустууктары көрбөккүн дуо? Бары кып-кыралар, маадьаҥнаһан, тут таллара-хаптал лара да киһиттэн таһынан. Киһиргэстэрэ да бэрт.
– Пётр Николаевич оннук буолбатах. Кини миигин быйыл тустууга сылдьаҕын дуо диэбитэ.
Дьахтар сото турбут миискэтин мүччү тутан, тыас-уус бөҕө буолбутугар уола соһуйбуттуу, эмиэ да куттаммыттыы ийэтин чоҕулуччу көрдө. Анна түргэн үлүгэрдик миискэни сулбу тардан ылан, кухоннай алын ыскаабыгар анньан кэбистэ.
– Бэлисипиэт тэбиэххин баҕараҕын дуо? – ийэ уолун улахан баҕатын алҕас мүччү тутан этэн кэбиһэр.
– Маама, кырдьык дуо? Эһэм «Урал» бэлисипиэтин ылан тэбиэхпин син дуо? – Баанньыска олус истиҥник ийэтин көрөн олорон ыйытар.
– Урал… Саҥа тэбэр киһиэхэ эһэҥ да бэлисипиэтэ сөп буо – луо этэ, – уолун аһыммыттыы эмиэ да кыыһырбыттыы кө рөр. – Оттон «Стелс» бэлисипиэт хайдаҕый?
– «Стелс?..» – уол саарбахтаабыттыы туттар. – Куоракка эрэ баар, уон тыһыынча солкуобайтан тахса дииллэр.
– Ылбытым… Төрөөбүт күҥҥүнэн. Оттон эн миигин хомото сылдьаҕын… – ийэ уйадыйан куолаһа титирэстээн ылар.
– Суох, суох. Аны хаһан да хомотуом суоҕа, – ойон туран ийэтин кууһан ылар. – Ийээ, мин аны буруйу оҥоруом суоҕа. Уонна… тустууга сылдьыбаппын. Сөбүлээбэппин ээ.
– Кыладыапкаҕа баар.
Анна ыксал бөҕөнөн сүүрэн тахсыбыт уолун кэнниттэн эмиэ, тиэтэйэ-саарайа, таһырдьа тахсар.
III
Лаампалара умайан соҕотох кыракый лаампа үдүк-бадык сырдатар буолан дьиэ хараҥа. Эбиитин табах тарданнар ыыс быдаан. Күөх буруонан тунаарар. Дьиэ ортотугар турар уһун кирпииччэ оһох хаһан эрэ маҥан испиэскэнэн сотуллубута өлбөөрөн, онтон иннэ хоруонан бүрүллүбүт. Аҕыйах миэбэл баара быылынан бүрүллэн тунааран көстөр.
Сэмэнчиктээх Кириил, төгүрүк остуолга утарыта көрсөн олорон, сылбырхай чэй иһэ олороллор. Таас атахтаах ваза иһиккэ килиэп тооромосторо көстөллөр. Кураанахтаммыт арыы иһитэ умса ууруллубут.
– Сэмэнчик, лиссиэйгэ үөрэнэ хаһан бараҕын? – Кириил хаппыт килиэби кучур-хачыр ыстыырын быыһыгар ыйытар.
– Билигин да барыах киһи дьонум харчылара суох. Ийэм күн ахсын отоннуу барыахпыт диир да, хантан барыай? Дьахталлара кэлэ тураллар. Харчы суох аатырар да, арыгыга көстөр.
– Хата, мин дьонум испэттэр эрээри, наар харчы суоҕун айдаана. Үүт харчыта суох. Быйыл ханна үөрэнэрим буолла? Былырыын Чурапчыга спортивнай оскуолаҕа таах сибиэ баран… Киһи сэниэтэ эстиэр диэри эрчийэллэр. Мин син биир спортсмен буолбат киһи онно үөрэнэрим наадата суох. Аны бу оскуолабар бэнсиини сытырҕалаабыт киһини ылаллар үһү дуо? – Кириил санаарҕаабыттыы сургуччу көрөр.
– Ылбаттара чуолкай. Иккиэн Суоттуга лиссиэйгэ барыах.
– Ээ суох. Дьонум ыыппаттар. Ийэм аны ханна да барбаккын, хотон көрүөҥ диэбитэ.
– Чурапчыга спортивнай оскуолаҕа оччо киирэн бараҥ ҥын сылдьа сатыаҥ этэ буоллаҕа. Син тустар этиҥ дии. Биир дэ тустууга миигин үҥкүрүппүккүн умуннуҥ дуо? – Сэмэнчик тиэхэлээхтик көрөр. – Киһилии эрчиллэн сылдьыбытыҥ буол лар, баҕар, норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» VI-с спортивнай оонньууга кыттарыҥ хааллаҕа.
– Күлүмэ. Хата, манна Пётр Николаевич тустуу сиэксийэтигэр сырытыннарар буоллаҕына, сылдьыахпыт эрэ.
– Ээ, суох. Кини миигин чугаһаппат. Алын кылааска син сылдьыбытым. Улуус оскуолаларын икки ардыгар күрэхтэ һиилэргэ миэстэлэһэр этим. Онтон сүгүн эрчиллибэккэбин тохтоон хаалбытым. Дьиҥинэн, мин бойобуой охсуһууга эр чиллиэхпин баҕарабын. Нууччалыы «смешанные боевые еди – ноборства» диэн ааттанар. Куоракка анал спортивнай кулууптар бааллар: «Белый медведь», «Мохсоҕол», «Урааҥхай», – Сэмэнчик итийэн-кутуйан кэпсиир.
– Эс, алдьархай билэр эбиккин буолбат дуо? – Кириил табаарыһын сөхпүттүү көрөр. – Ол бойобуой охсуһуу диэн тугуй? Мин, хата, саҥа истэбин.
– Хаалбыт киһи эбиккин. Хаһыаты ааҕыахха, тэлэбиисэри көрүөххэ наада. Мин ийэбин боруостуой дьахтар курдук көрөллөрө буолуо да, билиитинэн-көрүүтүнэн баҕас кими да кытта тэҥнэспэт буолуохтаах. Ханнык баҕарар тиэмэҕэ кимниин баҕарар кэпсэтиэн сөп, – уол ийэтин кэпсииригэр киэн туттара сирэйигэр-хараҕар көстөр. – Бойобуой охсуһуу диэн бу – универсальнай көрүҥ. Манна тустуу, буокса, кикбоксинг, тхэквандо, самбо, о.д.а. барыта холбоһон, биир көрүҥ буолар.
– Онтон онно хайдах ылалларый? Уонна эйигин ким эрчийиэй?
– Баҕалаах буоллаххына, тоҕо ылыахтара суоҕай! Куоракка үөрэнэ киирэрим уонна билигин тустууга эрчиллэрим буоллар, баҕар, ылыа этилэр.
– Оччо баҕалаах буоллаххына, үчүгэйдик үөрэн уонна эрчилин ээ, – Кириил сэҥээрэрин быыһыгар ойон туран «тус туох» диэт, тустардыы туттан өттүк баттанан иннигэр туру – нан кэбиһэр. Тустан хачымахтаһаллар. Балайда тиритэн-хорутан Сэмэнчик уолун дьыбааҥҥа охторор.
– Хата, мин оҕунан ытыыга дьарыктаныахпын баҕарабын да, ким да манна дьарыктыыр киһи суох буоллаҕа… – Ки риил дьыбааҥҥа олорон аҕылыырын быыһыгар этэр. – Ээ чэ, солуута суоҕу кэпсэтэн бүтүөх. Хаһан да туолбат суолу ыра- лаан, таах сибиэ…
– Дьиҥинэн, биһиги да дьоммут ээ, – Сэмэнчик тыл быктарар.
– Оннук, – уолаттар иккиэн утарыта туран, илиилэрин охсуһуннаран тас гыннараллар.
Аан тэлэччи аһылла түһэр да, Уйбаанчык дьиэ ортотугар биирдэ баар буолар. Чараас таҥас куурката биир да тимэҕэ суох, нэлэркэй, аҕылаабыт аҕай.
– Хайа, бу ханна нэлэркэйдэнэн бардыҥ? – уолаттар кыра табаарыстара тэлэкэччийэн кэлбититтэн үөрэ түһэллэр.
– Ээ, ийэм эбэбинээн санаан кэлэ-кэлэ кэрбииллэр, онтон куотан кэллим. Онно эбии кылааспыт салайааччыта Альбина Егоровна биир кэм киирэ турар. Ол ахсын үһүөн көмөлүүллэр, – Уйбаанчык үчүгэй баҕайыны эппит киһи курдук, «улахан» убайдарын сирэйдэрин-харахтарын кэтэһэр.
– Үөрэтэн-такайан этэллэрин баҕас сатыыр дьон. Чэ, сотору умнубуттара эрэ баар буолуо. Хата, харчылааххын дуо? Табахпыт бүттэ. Табах таппатаҕым аҕыс хонно, сыттааҕы сытырҕалаабатаҕым томтойор тоҕус күнэ буолла, – Сэмэнчик кү лэн мүчүҥнүүр. Табаарыстара, оччолооҕу истибит дьон, күл сэн быара суох бараллар.
– Убайдарбар кыра кэһиилээхпин, – Уйбаанчык сиэбиттэн бөппүрүөскэ хаатын хостуур. – Аҕыйах устуука баар ини. Эбэбиттэн уордум, биллэҕинэ, кэһэтэрэ буолуо.
– Ээ чэ, түөһэйбит эмээхсин билиэ суоҕа, – Кириил кү лүү-элэк курдук саҥарбытын уол сөбүлүү истибэт: «Түөһэйбэтэр да» – диэт, табаҕын хаатын сулбу таһыйан ылан сиэбигэр уктан кэбистэ.
– Киһи оонньоотоҕун аайы өһүргэммитэ буолума. Ылыаҥ суоҕа этэ буоллаҕа. Хата, кэлин туох кэпсээн баар? – Кириил уолу сэрэнэн кэтэххэ тыгар.
– Ээ, биир сонуннаах эбиппин. Баанньа уол, хата, күннээбит. Ийэтэ «Стелс» бэлисипиэт ылан биэрбит.
– Оһо, уол күннээбит дии. Сэмэнчиктээҕи кытта сылдьыма диэн атыыластаҕа дии. Биһиги да бэлисипиэт тэбиэхпитин баҕарабыт. Дьэ, бултаһар буоллахпыт.
– Хата, «Мерида», «Маунтинбайк» бэлисипиэти атыыласпа тах дии, – уолаттар күлсэллэр. – Уйбаанчык, хайдах эмэ гы нан сарсын баччаҕа Баанньысканы пааркаҕа ыҥыраар эрэ. Көрүө этибит буоллаҕа. Хайа, Уйбаанчык, онтон эн табах таппаккын дуо?
– Суох. Эбэм оччоҕо сэрэйэр буоллаҕа. Баанньыска мии гин итэҕэйбэт. Ийэтэ уонна ханна да ыыппат. Кэпсэтэрин кэпсэтиэм… – уол дьоһумсуйа туттар.
– Уолаттар, хаартылаабаппыт дуо? – Сэмэнчик тыл кө төхпүтүгэр өрө көтө түһэллэр. Сиэбиттэн тырытта сатаан баран илдьирийбит хаартыны үөрүйэх баҕайытык «тыыр-таар» тыаһатан киирэн барар.
Ити кэмҥэ ааннара аһыллыахча аһыллыбакка сэгэйдэр сэгэйэн, ааҥҥа кыбылла сыыһан, кыра уҥуохтаах чороччу хаппыт дьахтар кырыытынан устан киирэн кэллэ.
– Сэмэнчик, бааргын дуо? Отоннообокко, күнү быһа тугу да гыммакка, бириэмэ ыыта олороҕун? Дьон отонноон, маҕа һыыҥҥа туттаран, харчы бөҕөнү хоторбуттар. Онтон эн биһигиттэн харчы көрдүү-көрдүү олороҕун. Бэлэмҥэ эрэ бэркин, – Даайака уолугар чопчу хааман кэлэн, тарбаҕын чочоҥнотто.
– Эмиэ арыгы иһэн дэлбэрийэн кэлбиккин? Арыгылаабакка эн да отонноо ээ. Тугу гына сылдьаҕын? Отонноон да диэн… Син биир туттардахха, эһиги иэскитин тутан ылыахтара. Бардыбыт, уолаттар, – Сэмэнчик ойон туран ааҥҥа барар. Уолаттар түргэн соҕустук кэнниттэн тахсан бараллар.
Дьиэ иһэ уу чуумпу буолар. Буруо эрэ көҕөрө тунааран хаалар. Даайака оһох билиитэтигэр турар хара лаҥхарбыт чаанньыктан ыстакааҥҥа чэй куттан аҕыйах омурду ыймахтаат, оронугар түүрүллэн сытар. Хас да күн арыгылаан, кытара үллүбүт сирэйэ сыппытыгар арыый уоскуйбукка, сымнаабыкка дылы буолар. «Арыгыһыт дьахтар», «арыгыһыт ыаллар» диэн дьаралык ааттанан сырыттаҕа. Оннооҕор соҕотох төрөппүт уола, бэҕэһээҥҥи бэтэнээски, арыгыһытынан атыннык ааттаабат. Бэйэтин өйдүүр буолуоҕуттан дьон сэнэбилигэр сылдьарын эрэ өйдүүр. Ийэтэ кини үстээҕэр сулумах сылдьан оҕолонон баран, хоту кэргэн тахсан барбытынан оҕотугар эргиллибэтэх. Иһэр-аһыыр киһиэхэ тахсан, олус ыараханнык олорор сураҕа иһиллэрэ. Онон кини ийэтин эдьиийигэр иитиллибитэ. Эдьиийэ бэйэтэ түөрт кыыстаах буолан, киниэхэ оннук бэһирбэккэ, тулаайах оҕо кэриэтэ сылдьыбыта. Оҕо эрдэҕиттэн дьиэ күннээҕи кыһалҕатыттан ордубатаҕа. Сайынын оҕо аймах барыта сөтүөлээн айманар кэмигэр кини уу баһара. Ыйдаҥалаах киэһэ ыйга ураҕастаах ыаҕаһы сүкпүт кыыһы хараҕа ыларынан көрө сатыыра. Ыйга баар кыыһы бэйэтигэр майгыннатара. Бэл, билигин үөрүйэҕинэн, ыйдаҥалаах киэһэ ыйы одуулаһарын билбэккэ хаалар.
Оскуола кэнниттэн үөрэммэтэҕэ. Буолуохтааҕын курдук, иһэр-аһыыр, бэрт боростуойдук олорор ыал уолларыгар кэргэн тахсыбыта. Олоҕо сарбылыннаҕа ол. Кэргэн тахсыаҕыттан, үрүҥ хараҕын өрө көрбөккө, иһэр киһилиин олоҕун моҥоото. Хата, кэргэнэ сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас киһи буолан абыраата. Икки улахан кыыһын, истэр даҕаны, тэҥнээхтэриттэн итэҕэс таҥыннарбатаҕа. Оскуоланы бүтэрэл лэрин кытта төлөбүрдээх үөрэххэ киллэртээбитэ. Билигин кыргыттарыгар төбөтө ыалдьыбат. Иккиэн үрдүк үөрэхтэнэн, үчүгэй ыал уолаттарыгар кэргэн тахсыбыттара. Арыгыһыт төрөппүттэр дээхтэринэн си рэйгэ-харахха анньыахтара диэн, кыргыттарын олохторугар орооспот. Оттон соҕотох уолун сатаан ииппэтэ. Наһаа атаахтатан, төбөтүгэр ытыаран кэбиһэн, оскуолаҕа сүгүн үөрэммэтэ. Эдьиийдэрин курдук үчүгэйгэ тардыспат. Урут син уонтан тахса сүөһүлээхтэр этэ. Биир ордук кырбас эт сиэбэккэ, барытын кыргыттарын үөрэхтэригэр куппута. Оччолорго дьыссаакка повардыырын таһынан оскуолаҕа муос та сууйара. Оннук күн солото суох сылдьан, уолун илиитин таһы нан ыытта. Олоҕун, доруобуйатын биэрбит төрөппүт кыргыттара бэйэлэрин эрэ көрүнэр бэйэмсэх буолбуттарыгар ким буруйдааҕый? Эмиэ кини. Ол сиэртибэтэ уола Сэмэнчик буо лаахтаата. Бырааккытын куоракка киллэрэн үөрэттэриҥ диэ битигэр Суоттутааҕы лиссиэйгэ үөрэттэр, ол кэнниттэн аармыйаҕа бардын, киһи оҥоруохтара диэн сүрдээх чэпчэкитик быһаарбыттара. Чэ, буоллун. Хайдах эмэ оттон-мастан тардыһан бэйэбит да олорор инибит. Оҕобун Сэмэнчиги хайдах эмэ гынан киһи оҥордорбун төрөппүт быһыытынан иэс пин төлүөм этэ. Кыргыттар дьүһүннэринэн аҕаларыгар майгын ныыр буоллахтарына, уола кылгас ньалака баттахтыын, сап- саһархайынан сургуччу көрөрдүүн үүт-үкчү бэйэтин курдук.
– Ким баарый? – диэн саҥаттан нуктуох курдук буолан иһэн уһуктан кэллэ. Түргэн үлүгэрдик ойон туран арбайбыт баттаҕын көннөрө-көннөрө хоһуттан таҕыста. Аан таһыгар Андриана Алексеевнаны кытта Сэмэнчик кылааһын салайаач чыта Нина Иннокентьевна турарын соһуйа көрдө.
– Хайа, эмиэ тугу оҥордо? – оскуола учууталларын көрөн кыйахана түстэ.
– Дорообо, Даайа. Бэйэбит кэпсэтэ кэллибит, – учууталлар дьиэлээх дьахтар дьыбааҥҥа олороллоругар ыҥырбытыгар баран олордулар.
– Даайа, тугу кэпсээтиҥ? Бастакытынан, оскуоланы кытта сибээстэспэккин, ол иһин учууталлары көрдүҥ да, уолгун буруй оҥордоҕо дии саныыгын. Иккиһинэн, Сэмэнчик салгыы ханна үөрэнэ барарын кэпсэтэ кэллибит, – Андриана Алек сеевна кэпсэтиини саҕалыыр.
– Ханна барыай? Лиссиэйгэ буоллаҕа дии. Саас бэйэҕит үүрбүт этигит буолбат дуо? – дьахтар куруубайдык хардарар.
– Үүрэрин үүрбэтэхпит. Үөрэх ыараата, биир кэлим эксээ мэни кыайан туттарыа суоҕа диэн бэйэҕит сөбүлэспиккит. Үчүгэйдик үөрэнэр оҕолор, эксээмэнтэн салланнар, орто анал үөрэххэ туттарса барбыттарын эмиэ билэҕин.
– Чэ, тупсарыма. Испииһэккэ киллэрэҥҥит бардахпыт дии. БКЭ-ни туттарбатаҕын да иһин, икки сыл үөрэнэн, саа һын ситэн, аармыйаҕа барыан сөп буолбатах дуо?
– Сөпкө этэҕин эрээри, икки сылын сүтэрэр, специальность ыллаҕына, инники олоҕор туһаныа этэ.
– Чэ, буоллун. Аны төннөр суол суох. Ол иһээччилэр онтон ордук буолуохпут дуо? Баҕалаах лиссиэйигэр барыа этэ да, харчыбыт суох. Материальнай көмө оҥорбоккут дуо? – Даа йака хадаардаһа олордо.
– Даайа, тоҕо итинник саҥараҕын? Кыргыттаргын Дусялаах Маринаны наһаа үчүгэйдик үөрэттэрбитиҥ. Билигин иккиэн үрдүк үөрэхтээхтэр, кыахтаах ыал кийииттэрэ. Куоракка үчүгэй үлэлээхтэр. Онтон ордук төрөппүт бэйэтин оҕотугар тугу баҕарыан сөбүй? – Нина Иннокентьевна, Сэмэнчик кылааһын салайааччыта, аргыый наллаан сыыйарын быыһыгар үрүҥ көмүс кылдьыылаах ачыкытын өрүтэ аспахтыыр.
– Ол кыргыттарга мин дьоло суох оҕо сааһым курдук кы һалҕалаах олоҕу билбэтиннэр диэн, күүспүн-кыахпын онно эһэммин, онтон өрүттэр кыаҕым суох. Сэмэнчикпэр сэниэм тиийбэтэ, – дьиэлээх дьахтар ойон туран, ньиэрбинэйдиирин кыана сатаан, ыстакааныгар сылбархай чэй кутта сатыыр. Илиитэ титирэстээн, чэйэ дьалкыйан, остуолга тохтубутун хатырбыт илиитинэн туора сотон кэбистэ.
– Даайа, оччолорго да амсайарыҥ эрээри, бэйэҕин кыана туттарыҥ. Билигин тоҕо туттуммаккыный? Үлэ бөҕөнү үрүлү йэ үлэлээбит киһигин. Тугу эмэ булан үлэлиэҥ этэ. Үлэлии соруннахха, үлэ да көстүө этэ.
– Үлэ суох. Тугу үлэлиэхпиний? Биэнсийэлээх эмээхсини уборщица үлэтигэр да чугаһаппаттар. Оттон учууталлар 70 саастарыгар диэри үлэлииллэр. Миэстэлэрин биэрбэттэр. Ол түмүгэр үөрэхтээх, учуутал идэлээх эдэр ыччат үлэтэ суох аатыран, атыыһыттаан аһыыллар.
– Чэ, Даайа, наһаа онно-манна халыйыма. Ол атыыһыт оҕолорго оскуолаҕа да миэстэ көстүө этэ. Бэйэлэрэ баҕарбаттар. Онтон Сэмэнчиккэ өссө төгүл биирдэ шанста биэриэххэ. Сарсыҥҥыттан онус кылааска үөрэнэ бардын. Олох баҕарбат буоллаҕына, иккис да чиэппэртэн лиссиэйгэ барыа. Нина Иннокентьевна, ону туох дии саныыгын?
– Сөп буоллаҕа. Ол эрээри, сирэй-сирэйгэ утарыта көрсөн олорон кэпсэтэн баран ылыахпыт. Даайа иһэргин эмиэ тохтотуоххун наада, – Нина Иннокентьевна төһө кыалларынан дьиппиэн соҕустук тутуннар да, таһыгар таһаарбакка, эргитэ санаан ылар: «Сэмэнчик, дьиҥэр, чычаас. Наһаа 15–16‐лаах оҕо уулуссаҕа быраҕыллан хаалара сүрэ бэрт. Онтон иһээччи буолуо. Билиҥҥиттэн бэнсиини сыттаан токсикоман аатырдаҕына, наркоман да онтон чугас. Аҕас балыстыылар. Харах ортотугар үөрэнээччитэ оннук таһымҥа тиийдэҕинэ, кэлин быыһыы, охсуһа сатаабатаҕым диэн санаатаҕына, суобаһыгар ыарахан буолара буолуо. Онон Сэмэнчик дьылҕатын бэ йэтин илиитигэр туттарыахха. «Дьылҕаҥ бэйэҥ илиигэр» диэн этэр буоллахпыт».
Дьиэ иһигэр чуумпу сатыылыыр. Даайака сибилигин хадаардаһа олороро тохтоон, сымныы быһыытыйан, остуолга турар кирдээх ыстакааннары сууйардыы оҥостон, сааһылыы уурталыыр.
IV
Күһүн. Сир-дойду хагдарыйан да турдар, көмүс дуйунан оонньоон, араас өҥнөрүнэн кустуктанара көрүөхтэн кэрэ. Лаг ласпыт хатыҥнар, кэрии тииттэр араҕас солко таҥастарын кэтэн наҥнаһан тураллар. Паарка. Сахалыы моһуоннаахтык оҥоһуллубут пааркаҕа дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар. Хас киэ һэ ахсын волейболлаан тиҥиргэтэллэр. Кыыс, уол бөҕө мустан эдэр саас эрчимнээх күйгүөрэ буолан, киэһээҥҥи салгыҥҥа, ыраахха диэри дуораһыйар.
Паарка иһигэр бэлисипиэттээх уолу уонча уол төгүрүйэн тураллар. Саҥа бэлисипиэт кинилэр харахтарыгар күлүмүрдээн олорор. Бэл, сибилигин собуоттан тахсыбыт сыттыын-сымардыын аҥылыйан, оҥой-чоҥой көрбүт уолаттар сүрэхтэрин иһинэн дьырылаан киирбитэ үчүгэйэ сүрдээх. Уолаттар эрги тэ сылдьан бэлисипиэти имэрийии-томоруйуу бөҕө буоллулар.
– Баанньыска, онтон эһэҥ бэлисипиэтин «Уралы» ким тэбиэй? Мин тэбэбин диир этиҥ дии, – Миитээ муннун өрө сыҥарын быыһыгар табаарыһын сирэйин өрө мыҥыыр.
– Ийэм бэйэтэ тэбэр, – Баанньыска киэн туттубуттуу, этэрин быыһыгар бэлисипиэтигэр олорон төттөрү-таары хачайданар.
– Уолаттар, паарканы эргийэбит дуо? Онтон мин дьиэбэр барыам. Түөрт чааска дьиэбэр тиийиэхтээхпин, – уол дьо һумсуйа туттар.
– Ээ сөп. Биһигини эмиэ эрдэ кэлээриҥ диэбиттэрэ, – оторой-моторой уолаттар күө-дьаа буола түһэллэр.
«Стелс» бэлисипиэт күн уотугар араас өҥүнэн килбэчиҥнээн иннин диэки барбытыгар кыра уолаттар кэнниттэн эккирэтэн туораахтастылар. Пааркаттан тахсаары ааркаҕа чугаһаан иһэн бөһүөлэктэн үс уол хороҥноһон иһэллэрин көрөн тохтоон хорус гыннылар.
– Сэмэнчиктээх иһэллэр, – Диимискэ, бииргэ үөрэнэр уола, бүгүн күнү быһа бэлисипиэти кытта тэҥҥэ сырсан тиритэн-хорутан, сылайа быһыытыйбыт уол, куттаммыттыы, табаарыһын сирэйин өрө мыҥаата.
– Бэлисипиэппин былдьыыллара буолуо, – Баанньыска, куттаммыттыы, табаарыстарын кэриччи көрөр. Бэһис кы лаас уолаттара бэлисипиэттэрин тула чөмөхтөстүлэр. Кыра уолаттар куттаммыттарын көрөн, Сэмэнчиктээх Кириил түөс тэрин мөтөтөн, киэптээбиттии туттан, ынан кэллилэр. Кэннилэриттэн ылгын уоллара, быһый атахтара Уйбаанчык саппай уопсан истэ.
– Бырааттар, дорооболоруҥ! Туохтан куттанан, үргүбүт тугут оҕолорун курдук өргөччү көрдүгүт? – Сэмэнчик уһун ты лынан кыырбытынан барда.
– Суох… Оонньуу сылдьабыт, – уолаттар симиктик, уота- күөһэ суохтук эппиэттииллэр.
– Бырааппыт Баанньыска, абыраммыт киһигин. Табаҕы тардыбаппын диэн, хата, бэлисипиэттэнэн хааллыҥ дии, – Сэмэнчик күлэн сыһыгырыыр. – Аны эппитим курдук, бэнсиин сытырҕалаатаххына, «Минскэй» спортивнай матасыыкылланыаҥ.
– Һэ-һэ, кырдьык, оннук. Быраатым Баанньыска, бэлисипиэккин убайгар уларсар инигин? Паарканы биирдэ эргийэн кэлиим эрэ, – Кириил, бэрт ньуолбар куолаһынан албыннаспыттыы саҥарар.
– Чэ, мэ. Биирдэ эрэ эргий. Ийэм биллэҕинэ, мөҥүө, – кыра уол бэлисипиэтин төһө да харыһыйдар, тас ыалын диэки туһаайа тутар.
Кириил бэлисипиэт уруулун эрийэ-буруйа тутан, араастаан иннинэн-кэннинэн хаамтарбахтаан баран, олус түргэнник тэбэн иннин диэки түһүнэн кэбистэ. Сотору буолбата, хайыы үйэ паарканы эргийэн араастаан куйбарыҥнатан иһэрин көрөн, Сэмэнчик утары сүүрэн тиийэн, аны кини илиитигэр ылан, паарканы эргийэ элээртэ. Уолаттар онон тохтооботулар. Уйбаанчыгы иннигэр олордон, бэйэлэрэ хардары-таары кэннигэр олорсон, паарканы хаста да эргийдилэр. Баанньыска туттуна сатаан баран, ытаан бөтүөхтээбитигэр, хайыы үйэ инники көлүөһэтин сыаба тахсан салыбыраан түһэ сылдьар, онтон кэннин көлүөһэтин тыына тахсан ньаппайан хаалбыт бэлисипиэти бүтэйгэ өйөннөрө бырахпыттарыгар, өйөммөккө, сууллан таҥкынаата. Бэлисипиэт хаһаайына, оччолооҕу истэн баран, төбөҕө тугунан эрэ охсубуттарын курдук, ньахчас гынна. Кыра уолаттар тыына тахсан ньахчайан хаалбыт тимир көлөлөрүн өйөөн-убаан туруоран, Баанньыска дьиэтэ турар уулуссатыгар салайа туттулар.
– Баанньыска, ытаама. Мин аҕабар барыахха. Начаас оҥоруоҕа. Аҕам массыына, тыраахтар алдьаннаҕына, өрөмүөннээччи. Табаарыстара бары киниэхэ кэлэллэр, – Диимискэ чачархай баттаҕын имэринэрин быыһыгар табаарыһа ытаан сыҥыргыырын аралдьытан иннигэр-кэннигэр түстэ.
Туох да саарабыла суох Диимискэ дьиэтигэр туораатылар. Аҕата суоҕун истэн, күүтэргэ быһаарынан, тэрээсэҕэ уку-сакы туттан олордулар.
– Кими күүтэҕит? Ноо, паапаҥ бүгүн кэлбэт. Улууска хонордуу барбыта, – Диимискэ эбэтэ, кыра куурбут-хаппыт эмээхсин, чаҥкынаабытыгар уолаттар, хомойбуттуу, сирэй- сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр.
– Онтон ити, эбээ, Сэмэнчиктээх Баанньыска саҥа бэлисипиэтин сыабын, тыынын таһааран кэбистилэр. Биһиги оҥоро сатаатыбыт да, сатаан оҥорботубут, – уол абыраатаҕына кини абырыа диэбиттии, эбэтин сирэйин-хараҕын кыҥас таста.
– Ээ, ол мин тугу билиэмий? Ол Даайака – акаары дьахтар. Уолугар олох кыһаммат. Кыргыттарыгар атын этэ. Атахтарыгар туруоран баран, өрө тахсыан кэриэтэ ыһыктынан кэбистэ. Итиннэ туох эрэ баар. Кыргыттара ийэлэрин хомотон кэбистилэр дуу, хайдах дуу? Сатаан санаабаппын. Оттон аҕалара Миитээски буолуохсут арыгыны дэлбэрийэртэн атыны өйдөөбөт киһи, – Ааныка эмээхсин, бэйэтэ-бэйэтигэр ботугуруурун быыһыгар, дьиэни-уоту тыаһа суох хомуйан сырдыргыы сырытта. Уолаттар эмээхсинтэн туох да күттүөннээх туһа тахсыа суоҕун сэрэйэн, бэйэлэрэ оҥосторго быһаарынан, күлүүс көрдүүрдүү гарааска таҕыстылар.
– Ээ, онтон Пётр Николаевичка тахсыҥ ээ. Массыыналаах киһи бэлисипиэти баҕас таах оҥороро буолуо. Эбиэтигэр кэллэҕэ дии. Ону ыйытан көрүҥ, – Ааныка намылыйан саҥарбыта Баанньыска сүрэҕин иһинэн киирдэ.