Читать книгу Таптал баар буолан - - Страница 1

Оглавление

Уон биирис кылаас. Сүүрбэ үөрэнээччи. Сүүрбэ араас дьүһүннээх, араас майгылаах-сигилилээх, 16 – 17-рин туолбут эдэркээн кыргыттар-уолаттар.

Математика уруога. Үһүс чиэппэр төһө да уһун, сылаалаах буоллар, бүтэрэ чугаһаан эрэр, икки нэдиэлэнэн каникул саҕаланар. Сааскы каникул. Халлаан итийэн, күн уһаан, оҕо аймах таһырдьаттан киирбэт. Оттон саҥа тыллыбыт сибэкки курдук эдэркээн кыргыттар, борбуйдарын көтөҕөн, уҥуохтара кытаатан эрэр уолаттар онно-манна кэлиэхтэрин-барыахтарын, дьон-сэргэ ортотугар элбэхтик сылдьыахтарын, киэҥ сирдэринэн тэлэһийиэхтэрин баҕараллара кэмнээх буолуо дуо?

Мариналаах Нарыйа бэһис кылаастан ыла паартаҕа бииргэ олороллор. Сүрдээх эйэлээхтэр, үөрэхтэригэр иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр хардары-таары көмөлөсүһэллэр. Марина математикаҕа, физикаҕа ыарырҕатар буоллаҕына, Нарыйа нуучча тылын суруйуутугар “үстэн” өнүйбэт. Олохторо да майгыннаһар. Иккиэн аҕалара суох, соҕотох ийэ оҕолоро. Марина ийэтэ кэргэннэммэккэ эрэ икки оҕолоох. Дьон этэринэн, “булумньу оҕолор”. Быраата Митя алтыс кылааска үөрэнэр. Иккиэн дьүһүннэринэн да, майгыларынан да олох тус-туспалар. Кыыс уһун дьылыгыр, көнө уҥуохтаах, лоп-бааччы, дуоспуруннаах буоллаҕына, быраата намыһах уҥуохтаах, сүрдээх кэтит, киппэ, өрүтэ тэйиэккэлээбит, сытыы-хотуу уол. Тустуон сөптөөх диэн тренердэр эрчийиэхтэрин баҕаран кэпсэтэ сылдьыбыттарын ийэлээх эбэтэ эчэйиэ диэн көҥүллээбэтэхтэрэ.

“Тустууктар бары кулгаахтара тостубут буолар” диэн бэйэтэ да баҕарбат, ханна көрбүтэ эбитэ буолла? Онтон ыла Марина тустар дьон кулгаахтарын өйдөөн көрөрүттэн күлэ санааччы, онтукалара сороҕор, кырдьык, мүлтүччү оһон хаалбыт буолааччы. Быраата наһаа элбэх саҥалаах буолан, оскуолаҕа даҕаны, дьиэтигэр даҕаны элбэхтэ мөҕүллэр. Кылааһыгар “бэрээдэгэ суох” оҕонон ааттыылларын Марина сөбүлээбэт, саҥата элбэҕэ, мэнигэ эрэ, буруйу оҥорбута суох, учууталларга куруубайдыыра эмиэ иһиллибэт. Эбээтэ куруутун кыыһырдаҕына быраатын: “Аҕатын курдук оттомо суох”, – диэн ааттыыр. Онон сэрэйдэҕинэ, Митя аҕатын эбээтэ үчүгэйдик билэр быһыылаах. Тоҕо эрэ Маринаны туох да диэбэт. Оттон ийэтэ саҥарбат. Ыйыталаспат даҕаны, төһө да ийэтэ буоллар, киһи дууһатын таарыйар ыарыылаах боппуруоһу көбүтэн, ийэтин хомотуон баҕарбат.

Оттон Нарыйа аҕата үс улаатан эрэр оҕолорун хаалларан, манна үс сыллааҕыта биэлсэринэн үлэлии кэлбит эдэр кыыска иирэн, ол дьахтарын кэргэн ылан олорор. Сүүрэн сэрбэкэччийэ сылдьар, киһи таптыы көрөр балтараалаах кыыстаахтар. Нарыйалаах ол кыысчааны балтыларынан аахпаттар, аҕаларын уонна саҥа кэргэнин, биллэн турар, олох сөбүлээбэттэр. Убайа Ваня былырыын хаста даҕаны аҕатынаан тардыаласпыт этэ, хата, быйыл куоракка үөрэххэ киирэн, ийэтин сынньатта. Ийэлэрэ хас субуота, бырааһынньык ахсын наар уолун иһэн баран айдаарыа, аҕатынаан иирсиэхтэрэ диэн куттанан биэрээхтиирэ. Нарыйатын мөҕөрө: “Убайым охсуһан оскуолаттан үүрүллүө диэн олох санаабаккын, аҕаҕын кэһэттэрэр эрэ баҕалааххын” диэн.

Эмискэ чуораан тыаһаабытыгар, Марина санаатын ситимэ быстан хаалла. Дьүөгэтэ Нарыйа кини диэки куду анньан биэрбит тэтэрээтиттэн көрө-көрө бэрт элбэх сыыппараны харса суох туруортаат, тэтэрээттэри иккиэннэрин холбуу тутан учууталыгар уунна.

– Марина, төһө да математикаҕа ыарырҕаппытыҥ иһин, олус кыһаммаккын. Нарыйаҕа сэлээннэнэн кэбиспиккин. Биир кэлим экзамеҥҥын хайдах туттараҕын? – Елена Семеновна сөбүлээбэтэх курдук хатыылаах баҕайытык батары көрдө.

– Хайдах эмэ гынан туттарар инибин, – Марина төһө кыалларынан эйэҕэстик эппиэттии сатаата.

Учууталлара тэтэрээти хомуйа тутан кылаастан тахсарын кытта, кыргыттар уһун перемена буолан, үгэстэринэн түннүк аттыгар чөмөхтөһө түстүлэр. Оскуолаттан саҕалаан, бөһүөлэк сонунун тилийэ кэпсэтэн бардылар.

– Кыргытта-ар, Борис били иккис кылаас учууталынсатын таптаан иэдэйбит. Үөрэхпин бүтэрдим да, кэргэн ылабын диэн тылламмыт дииллэр.

Ити кэпсэтэр Бористара кинилэри кытта бииргэ үөрэнэр. Биир сыл хойутаан киирэн кинилэртэн аҕа, ол иһин улахан киһи курдук туттар-хаптар. Күһүҥҥүттэн ыла Дьокуускайдааҕы педучилищены саҥа бүтэрэн учууталлыы кэлбит кыыска иҥээҥнээн, кыргыттар көрсө эрэ түстэллэр кэпсэтиилэрэ кини эрэ буолан сылдьар. Ираида Ивановна төрөөбүт күнүгэр Бориһы ыҥыраннар учуутал кыргыттар оскуола салалтатыттан мөҕүллүбүт сурахтаахтара. Учууталынса даҕаны Бориһы сөбүлүүр быһыылаах, бииргэ олорор кыыһынаан дөрүн-дөрүн дьиэлэригэр сырытыннараллар. Оттон кылаас кыргыттара Милаларын аһыналлар. Уол кыыстыын үс сылы быһа доҕордоспуттара. Быйыл күһүҥҥүттэн Борис кыыс диэки көрбөт даҕаны. Оттон Мила сөбүлүүрэ өссө күүһүрбүт курдук. “Кининэн уол бүппэт, страдайдаан бүт”, – диэн кыргыттар Милаларын аралдьыта сатыыллар. Дьиҥинэн, Мила ол учууталтан тас көрүҥүнэн туох да итэҕэһэ суох, оҕо буолан дьарамай эрэ, оттон Ираида Ивановна саамай күөгэйэр күнүгэр сылдьар кыыс кинилэрдээҕэр кэрэтэ, көстүүтэ үчүгэйэ чуолкай. Төгүрүк кыһаан сирэйигэр киэҥ арылхай харахтарынан сандаарыччы көрөн, саамай бүтэһик муоданан бэйэтигэр сөрү-сөптүк таҥнан хаамыталаатаҕына хайа да бэйэлээх эр киһи кутун тутар кыыс.

– Милка, эн бүт эрэ. Үс сыл доҕордоһон, иннигэр-кэннигэр сүүрэн баран, таҥнарбыт уолтан ытаан-соҥоон аптарытыаккын түһэримэ, – кэлэн-баран элэгэлдьийбит, кылаас саамай сытыы-хотуу кыыһа, Аида ааһан иһэн түргэн-түргэнник тылыбыратта.

Ити кэмҥэ төрдүс уруок саҕаланан, чуораан тыаһа лыҥкыныы түспүтүгэр кыргыттар бэрт холкутук паарталарыгар тарҕастылар. Чуораан тыаһын тэҥҥэ даҕаспытынан кылааска уолаттар бөтөрөҥнөһөн киирдилэр. Аҕыйах сыллаахха диэри уолаттар кыргыттарынааҕар уҥуохтарынан намыһах этилэр, онтон тохсус кылаастан ыла улаатан хороһон таҕыстылар. Ордук Борис уһаабыт, эр киһилии көрүҥнэммит, ол да иһин бэйэтиттэн аҕа кыргыттары көрөн эрдэҕэ. Уолаттар кэпсииллэринэн, оскуоланы бүтэрдэҕинэ Ираида Ивановналыын холбоһон баран, аармыйаҕа барымаары, үөрэх министерствотын кытта дуогабардаһан, хоту дойдуга үлэлии бараллар үһү. Эчи, дьоннор былааннара сүрдээх. Барытын быһаарыммыттар. Үөрэхтэрин бүтэрэн, икки оҕолонон дьоллоох Дьокуускай куоракка кэлэн, квартира атыылаһан, куоракка олохсуйуохтаахтар. Олус да барытын судургутук саныыллар. Ол эрээри, баҕар, инникини эрдэттэн былааннаан, сыал-сорук туруорунан истэххэ киһи баҕата туолара буолуо. Оттон Марина оннооҕор быйыл 11-һи бүтэрээри сылдьар эрээри ханнык үөрэххэ барарын ситэ быһаарына илик. Кини оҕо эрдэҕиттэн кыра кылаастары үөрэтэр начальнай кылаас учуутала буолар уонна хайаан да соҕуруу куоракка үөрэнэр баҕа санаалаах этэ. Онно математиканы туттаран киирэҕин диэн куттууллар эрээри, дьиҥинэн, суоттуу соруннаҕына, туох үлүгэрэй, оскуола программатын син кыайар ини. “Учуутал эрэ буолума, саамай ыарахан, куһаҕан идэ. Аныгы үөрэнээччилэр бары даҕаны ийэ-аҕа тараҥнатан, атаахтатан ииппит ыал соҕотох оҕолоро, кыра да саҥаны сүгүн истибэттэр, оскуола паартатыттан саҕалаан арыгы, табаах аргыстаналлар” диэн тыллаах эбээтэ. Кыыс сороҕор эбээтин кытта сөбүлэспэт. Холобур, кинилэр кылаастарыгар оннук оҕо суох. Кырдьык, уолаттар табаах тардаллар. Дэҥнэтэн арыгы иһэн кэбиһиэхтэрин сөп эрээри, син добуочча сыаллаах-соруктаах дьон. Марина бииртэн биир элэҥнэһэн ааһар санаатын сыымайдыырын быыһыгар саха тылын уонна литературатын учуутала Нина Иннокентьевна поэт Тимофей Сметанин фроннааҕы хоһооннорун кэпсиирин сэргээн истэ олордо. “Саллаат сүрэҕэ” диэн хоһоонугар олус да үчүгэй строкалар бааллар.

“Син биир этиэҕим

Сирдээҕи дьолу билэбин диэн”.


Чахчы үчүгэй хоһоон. Арааһа, атын хоһоонноруттан барыларыттан ордуктара быһыылаах. Бу эрэ хоһоону суруйбута да буоллар, Тимофей Сметанин аата саха литературатыгар син биир ааттаныа эбит. Кини 28 сааһын ситэ туолбакка өлбүт. Төһөлөөх айымньы айыллыбакка хаалбыта буолуой? Марина ону-маны өйүгэр ырыта да олордор учуутала чуор, эрчимнээх куолаһынан уруогун түмүктүүрүн болҕойон иһиттэ:

– История биир саамай хапсыһыылаах кэмигэр саха литературатыгар Тимофей Сметанин чаҕылхай талаана, төһө да кылгастык олорон аастар, халлааны хайа суруйар сулус уотун кэриэтэ күүскэ күлүм гыммыта.

Сылтан сыллар солбуллан, ааҕааччылар саҥаттан саҥа көлүөнэлэрэ Тимофей Сметанин кинигэлэрин ааҕыахтара. Итинник умсулҕаннаах үрдүк аналга тиксибит киһи кырдьык этиэн сөп этэ: “… Сирдээҕи дьолу билэбин!” диэн.

Оҕолор тоҕо эрэ тута суугунаһан тахсыбатахтара, чуумпурбут кылаастан Нина Иннокентьевна төбөтүн көнөтүк туттан тахсан барбыта. Оҕолор дууһаларыгар Тимофей Сметанин айар талаанын сөхпүт санаа дириҥник иҥэн хаалар түгэнэ бу буоллаҕа. Баара-суоҕа 27 сааһыгар олус да элбэҕи ситиспит. Көмүс буукубанан суруллар айымньылары суруйан хааллартаабыт. Ылан көрүҥ “Егор Чээрин” сэһэнин, “Ньургуһун уонна Лоокуут” драматын. Оттон биһиги… Уон сылынан төһөнү ситиһиэхпитий? … Итинтэн да атын элбэх санаалар оҕолор төбөлөрүгэр бииртэн биир илим хотоҕоһунуу субуллубуттара…

II

Кулун тутар ый бүтэһик күннэрэ. Түүнүн тоҥорон, сарсыардатын киһи атаҕа таба тирэммэт халтараана буолар. Күнүһүн ириэрэн күн ортотуттан дьиэ кырыыһатыттан таҥнары ыйаммыт муус чопчулартан таммахтар чоллургууллара сандал саас кэлбитин кэрэһилиир. Сааскы салгын киһи этин сааһынан сайа киирэн эчи сибиэһэйин!

Марина Нарыйалыын тоҕонохторуттан ылсан аа-дьуо хаамсаллар. Кылаас салайааччыта Нина Иннокентьевна бүгүн кылаас чааһыгар мөҕөн да биэрдэ:

– Олус да оттомо суоххут. Өйгүт-санааҕыт кыыс-уол эрэ. Экзамеҥҥыт муннугут анныгар ыган кэлбитин ситэ өйдөөбөккүт. Биир кэлим экзамен суолтатын өйдүүр кэмҥит кэллэ. Эһиги экзамены туттаран аттестат эрэ ылар буолбатаххыт, экзамеҥҥыт түмүгүнэн үөрэххэ киирэҕит эбээт, – онтон да атын бэрт элбэҕи саҥарбыта-иҥэрбитэ. Оҕолор саҥата суох истэллэр эрэ. Биир кэлим экзамен суолтатын билбэт буолуохтара дуо? Билэллэр, сүрдээх үчүгэйдик билэллэр. Устар кыһыны быһа учууталлара даҕаны, телевизорга, радиоҕа даҕаны кэпсээн биэрдилэр, хаһыакка да суруйа сатаатылар.

Кыргыттар биир кэлим экзамеҥҥа ханнык предмети туттаралларын кэпсэтэ истилэр.

– Мин математикалаах, физикалаах үөрэххэ барытыгар докумуон биэрэр санаалаахпын. Баҕар, бииригэр эмэ киирэн хаалыам. Убайым Ваня “кылаабынайа бүтэһигэр диэри кэтэһиэххин наада, испииһэккэ кэнники да буоллаххына киирэн хаалыаххын сөп” диир. Былырыын кини сразу биэс үөрэххэ докумуонун туттарбыта, – Нарыйа кэпсээн айаҕа хам буолбат.

– Ханныктарга? – Марина интэриэһиргиир.

– Ээ, умнан кэбистим, саамай аҕыйах конкурстаахтарга быһыылааҕа. Хата, тиһэҕэр киһибит икки үрдүк үөрэххэ киирбит этэ. Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар ветеринарнай отделениеҕа уонна геолого-разведочнай факультекка. Хантан геологтуу барыай? Ве-те-ри-на-ры таллаҕа дии… – Нарыйа тоҕо эрэ кэлин тылын чиҥэтэн, сүһүөхтээн этэр.

– Ветеринар туох куһаҕаннааҕый? Тыа сиригэр сүөһү баарын тухары эстибэт, саамай наадалаах идэ дииллэр дии. Ваня сөпкө гыммыт.

– Ээ чэ, киниэхэ сөп. Хайа да кылааска үөрэҕи аанньа ахтан үөрэммэтэҕэ. Биир бэйэм ве-те-ри-нар буолбаппын, – Нарыйа ис-иһиттэн үөрэ иһэн эмискэ дуоспуруннана түһэр, – били киһи иһэр, нөҥүө туоруохха.

Кыргыттар түргэн хаамыынан уулусса нөҥүө турар Мариналаах дьиэлэригэр туораатылар. Эргэ, ол эрээри билигин да үчүгэй туруктаах, дьиэ уһаайбаҕа соҕотоҕун чоройон турар. Атын улахан тутуу суох, ыалга эр киһи суоҕа тута харахха быраҕыллар. Тэйиччи соҕус эмиэ өрдөөҕүтэ тутуллубут хотон самнайан көстөр. Кыргыттарга утары испит киһи кэлэн иһээччилэрэ холуон туттууларын бэлиэтии көрөн, хаамыытын эбии түргэтэтэн, суһал соҕустук хааман иннин диэки суксугулдьуйа турда.

Кэлииккэ аанын аһыахча аспакка туран, Марина дьүөгэтин сэмэлиирдии көрдө:

– Тоҕо итинник гынаҕын? Төһөтүн да иһин аҕаҥ буолбат дуо?

– Буоллун. Ийэбин атаҕастаан, биһигини быраҕан, атын дьахтарга барбытын олох бырастыы гыныам суоҕа.

– Хата, эн аҕаҕын билэр эбиккин дии. Сорох аҕам буолар киһини харахтаан да көрө илик.

– Ээ чэ, киһини, саатар, эн үөрэтимэ. Хата, үс чааска ааһан иһэн сылдьыаҕым, куота баран хаалаайыккыный? – Нарыйа түргэн-түргэнник саҥарарын быыһыгар суумкатынан далбаатана-далбаатана сүүрэн элэстэнэ турда.

Марина ааны аһан дьиэтигэр киирэрин кытта итии салгын ил гынна. Эбээтэ остуолун тардан баран, кып-кыра, хап-хатыҥыр бэйэтэ оһоҕор өйөнөн чөкөллөн олорор. Соҕотоҕун олох аһаабат, алта-сэттэ да уруок буоллун, сиэннэрин күүтэн тэйэр. Митяны аҕыйах уруок кэнниттэн эрдэ кэлэн төһө да ыксаатын, соҕотохтуу аһаппат. Үһүөн күө-дьаа аһыылларын сөбүлүүр. Ийэлэрэ Елена детсадка воспитатель көмөлөһөөччүтүнэн уонна поварынан үлэлиир буолан, күнүс эбиэккэ кэлбэт, оҕолорун төрөппүттэригэр туттартаан баран, киэһэ сэттэ чаас саҕана биирдэ кэлэр.

– Эбээ, аһыы охсуохха, наһаа аччыктаатым, – Марина үгэһинэн эбээтин иэдэһиттэн чоп гынан сыллаан ылла. Биирдэ эмэ сыллаабатаҕына, эбээтэ кырдьык-хордьук кыыһырбыта буолан түтүө-татаа буолааччы.

– Хайа, оскуолаҕытыгар туох сонуннааххытый? – эбээтэ сэргэхсийэ түстэ. – Митя күүһүнэн аһаабыта, оскуолаҕа барардаахпын диэбитэ.

– Эбии үөрэххэ ыҥырылынна ини? – кыыс аахайбатах куолаһынан эппиэттиирин быыһыгар сахалыы лапсалаах миини тэриэлкэлэргэ толору баһан кутуталаата. – Эбээ, бүгүн ким да суоҕуна истиҥник кэпсэтиэх эрэ.

– Бу оҕо даҕаны, эн истиҥник кэпсэтэриҥ бүппэт, – Настаа сөбүлээбэтэх куолаһынан хардарар. Кини бэркэ билэр: сиэнэ туох туһунан истиҥник кэпсэтээри гынарын, эмиэ “биһиги аҕабыт кимий” диэн силиэстийэлээри соруннаҕа. Елена бэйэтэ кэпсээбэт буолтун кэннэ кини даҕаны тоҕо кэпсиэҕэй. – «ыллы, миигиттэн ыйытыма, ийэҕиттэн ыйыт.

– Ээ суох, кини син биир кэпсээбэт, ыйытан да диэн, туһата суох.

– Тукаам, ону хайыыр да кыаҕым суох, – эмээхсин сөбүлэһэр.

Сиэнэ оскуолатыгар барбытын кэннэ, Настаа эмээхсин иһитин сып-сап хомуйаат, оронугар токуллан сытан, бэрт элбэҕи эргитэ саныы сытта. Кыыһа Елена ыал буолбатаҕар, баҕар, кини эмиэ буруйдааҕа буолуо. Иитээччи идэтин ылаары педучилищеҕа үөрэнэ киирээт, бастакы курсун бүтэрбэккэ сылдьан уолу батыһыннаран кэлбитэ. Настаа уолу көрөөт соһуйбута, ханна эрэ көрбүт курдуга. Киэһэ көрсүһүү остуолугар олорон сүрдээхтик билэр киһитин оҕото буоларын билбитэ.

… Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар кини уончалаах кыыс этэ. Кинилэри ыаллыы Уйбаныаптар диэн нэһилиэк сис ыала олорбуттара. Ол ыал сэрии саҕана ас-үөл, таҥас-сап өттүнэн улаханнык тутахсыйбатахтара. Аҕалара колхоз суоччута, ийэлэрэ, быһыыта, хонтуора дьиэтин хомуйара. Ийэлэрин улууска биллэр баай киһи кыыһа дииллэрэ, дьон хараҕар олус килэйэн-халайан байан олорботоллор да, хайа да кэмҥэ куруутун кыахтаахтык олорбуттара. Сэрии кэнниттэн тута куоракка көһөн хаалбыттара. Кинилэр соҕотох уоллара Тимофей киһини таһынан оттомо суох уол этэ. Настааны ийэтэ ол ыалга “аска” диэн ааттаан көмөлөһүннэрэрэ: ынах ыаһара, уу баһара, дьиэлэрин, иһиттэрин-хомуостарын сууйара. Киэһэ килиэп эбэтэр лэппиэскэ сыыһа бэрсэллэрин сыа-сым курдук тутан дьонугар аҕалара. Ол, арааһа, кинилэр дьиэ кэргэнинэн тыыннаах хаалалларыгар эбиилик буолбут да буолуон сөп. Биэстээх-сэттэлээх бырааттара дьиэ иһинээҕи атах-бытах үлэҕэ сороҕор эмиэ көмөлөһөллөрө. Онно дьиэлээх уол, уончалаах бөтөс, бырааттарын көр-нар оҥостон сордуура. Биирдэ сайын биэстээх быраатын “үс чаас ийэттэн төрүү сыгынньах турдаххына, бухааҥка килиэп аҥаара биэриэм” диэн бырдах аһылыгар туруорбута. Уолларын суохтаан икки уһаайбанан эргийэ сүүрэ сылдьан, тыа саҕатыгар кус сыгынньах ытыы турарын булбуттара. Бырдах сиэн, күлүмэн ытыран, этэ бүтүннүү логлоруттан түһэн, эбиитин тарбанан хаан-билик бөҕө буолан, ытаан икки хараҕын үүтэ көстүбэт буолан көрөргө ынырыга. Ийэлэрэ эрэйдээх ытыы-ытыы ынах үүтүнэн сууйбута.

Ол Тимофей уола, үүт-үкчү аҕатын көрдө-көрбүтүнэн төрөөбүт Григорий, күтүөттүү кэлбититтэн бэркэ соһуйбута да, хомойбута даҕаны. Кыыһыгар этэн көрбүтүн истибэтэҕэ, уолу эккирэтэн барбыта, өр буолбатаҕа, аҕыйах ыйынан кута-сүрэ тостон, соҕотоҕун Маринатыгар ыарахан тиийэн кэлбитэ. Настаа онно үөрбүт курдук буолбута. Григорий ол онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри бу дьиэҕэ көстө илик, саатар, оҕолорун да туһунан сураспат. Оттон Елена кыыһын кэнниттэн биэс сыл буолан баран Митятын оҕоломмута. Настаа эмиэ Григорийы уорбалыыр. “Дойдубун көрө кэллим” диэн тойон-хаан көрүҥнээх киһи кэлэн аҕыйах хонон ааспыт үһү. Ханнык эрэ тэрилтэҕэ балачча улахан дуоһунаска олорор курдук этэллэр. Баччааҥҥа диэри оҕолорун иитиитигэр көмөлөспөтө. Саатар, үөрэххэ киирдэхтэринэ көмөлөһөрө буоллар. Сураҕа, уолаттардаах үһү. Онон туох да диэтиннэр, сиэнэ үөрэнэ барарыгар “Уйбаныап диэн араспаанньалаах уолаттары саа ытыытыгар да чугаһатымаар” диэн этээри сылдьар. Аны убайдарын дуу, бырааттарын дуу сырыһыннаран кэлэн кинилэр аймахтара кэхтэргэ барыахтара. Хаан уруурҕаһыыта эстэргэ тириэрдэр. Ону таһынан, Митятыттан куттанар, үүт-үкчү ол эһэтин Тимофейы көрбүтүнэн төрөөбүт, туттардыын-хаптардыын, саҥалыын-иҥэлиин, киһи майгынныыр да буолар эбит. “Сир кыараҕас дииллэрэ кырдьык ээ. Уйбаныаптары эрэ кытта уруурҕаһыам диэбэккэ сылдьан, уруурҕаһарын ааһан, эт-хаан аймаҕа буолла. Киһиэхэ онтон ордук атаҕастабыл ама туох баар үһүө? Сиэннэрэ төһө да эт-хаан өттүнэн анараа аймахтар буолбуттарын иһин, иитиллиилэринэн, дууһаларынан биһиги хааннар – Николаевтар. Эһээлэрэ бокуонньук үйэтэ уһаабыта буоллар аҕаларын буолуохсуту солбуйуо этэ. Митялара биэстээҕэр өлбүтэ, сиэнин батыһыннара сылдьар санаалааҕа. Билигин үс дьахтар көрүүтүгэр сылдьар киһи майгыбыт-сигилибит хайдах буолаахтыыр? Сороҕор олус оттомо суох буолан ылар. Дьиҥинэн, сүрдээх улгум, истигэн, көнө сүрүннээх. Марината буоллаҕына, улаатан ийэтин табыллыбатах тапталын таабырынын таайыан, билиэн-көрүөн баҕарара сүрдээх быһыылаах. Елена кыыһын кытта хаһан да кэпсэппэт, оҕолорун күннээҕи кыһалҕаларын эрэ быһаарар эбээһинэстээх курдук сананаахтыыр. Барытын миэхэ иннэ кылгаабыт, кэннэ уһаабыт киһиэхэ сэлээнниир. Чэ бээ, дьонум кэлэллэрэ чугаһаан эрэр, киэһээҥҥи күөһү буһарыахха”, – Настаа бэйэтэ бэйэтигэр ботугуруу-ботугуруу аргыый бокоолоон туран оһоҕун диэки барар.

III

Учительскай. Үһүс уруок буола турар. Нина Иннокентьевна уон биирис кылаас үөрэнээччилэрин тэтэрээттэрин бэрэбиэркэлии олорон, сотору-сотору уруучукатын сибилигин тосту тутуох курдук күүскэ баттаталаан ылар. Саха тылыгар өйтөн суруйууну олох сатаан суруйбаттар. Бэҕэһээ икки уруогу быһа “В. С. Яковлев-Далан “Дьикти саас” сэһэнэ ыччаты иитэр суолтата” диэн өйтөн суруйууга ким да тиэмэтин кыайан арыйбатах, бары үтүктүспүт курдук айымньы ис хоһоонун эрэ суруйбуттар. Маннык суруйдахтарына, экзамеҥҥа кылаас улахан аҥаара “үскэ” суруйууһу. Арай Марина эрэ сэһэн билиҥҥи эдэр ыччаты иитиигэ оруолун балачча арыйа сатаабыт, бэйэтин санаатын этэн, сөпкө түмүк оҥорбут: “Бу айымньы билиҥҥи биһиги күн аайы алтыһар олохпутун кытта сибээһэ элбэх.

Бастакытынан, билиҥҥи олоххо үгүстүк көрсүллэр олох биир күлүк өттө – оскуола оҕото арыгыны иһиитэ. Саха ыччата арыгы иһэр буоллаҕына – бу норуот быһыытынан кэхтии буолар. Билигин арыгы, табаах, наркомания биһиги олохпутугар киирэн эрэр алдьархайыттан суруйааччы бу айымньытынан саха ыччатын сэрэппитин чуолкай өйдөөтүм.

Иккиһинэн, улаатан эрэр оҕо характера уларыйар кэмигэр төрөппүтүн кытта өйдөспөт түгэннэрэ элбэхтэр. Билигин бу проблема ханна баҕарар баар, төрөппүтүн кытта өйдөспөккө оҕо дьиэтиттэн барар түбэлтэтэ элбээтэ. Бу проблема үксүн төрөппүт арыгы иһиититтэн үөскүүр, ол иһин оҕото характера уларыйарыгар төрөппүт бэйэтин эмиэ хонтуруолланан, араас куһаҕан дьаллыктан туора туттуохтаах.

Үсүһүнэн, билиҥҥи оҕолор таптал туһунан өйдөбүллэрэ уруккуттан олох атын. Олоххо, тапталга чэпчэкитик сыһыаннаһаллар. Онон Айталаах Кеша сырдык иэйиилээх маҥнайгы тапталлара уоллаах кыыс сыһыаннарыгар холобур буолуон, элбэҕи толкуйдатыан сөп.

Төрдүһүнэн, урут да, билигин да сорох учууталлар үөрэнээччини кытта тапсыбаттар, оҕону личность быһыытынан көрбөттөр, барыларын биир халыып курдук көрөллөр. Үөрэнээччи, учуутал бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар убаастабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахтар. Учуутал оҕо дууһатын инженерэ буолуохтаах диэн, биир тылы, өйү-санааны буларга ханнык эрэ механизмы толкуйдуохтаах диэн суруйааччы кырдьаҕас учуутал быһыытынан өйдөтөр.

Бэсиһинэн, сорох оскуолаҕа туох эмэ буруйу оҥоруу, бэрээдэги кэһии таҕыстаҕына, оскуола, нэһилиэк аптарытыата түһүө, дьон саҥарыа диэн дьаарханаллар. Бу төрдүттэн сыыһа. Кыраны улаатыннарбакка, сирэйгэ-харахха анньан, хам баттаан истэххэ, оччоҕуна эрэ оскуолаҕа бэрээдэк баар буолуо. Аҕа саастаах көлүөнэлэр “биһиги оннук этибит” диэн наар мөҕөн ньаҥсыйбакка эдэр ыччакка эмиэ убаастабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахтар…”

Итинтэн да атын “Дьикти саас” сэһэн билиҥҥи ыччаты иитиигэ суолтатын элбэҕи ааттаабыт. Маладьыас! Айылҕаттан суруйар дьоҕурдаах кыыс эрээри, ол талаанын сайыннарбат буолла. Саха тылын уонна литературатын салаатыгар киирэн туйахпын хатарар эмиэ биир киһилэнним диэн күлүгэр имнэммитэ ханна баарый, алын кылаас учууталын үөрэҕэр туттарса Благовещенскайдааҕы педагогическай университекка барабын диэн соһуттаҕа үһү.

Ити кэмҥэ чуораан тыаһын кытта тэҥҥэ Елена Семеновна ааны тэлэйэ баттаан чиҥник үктэнэн киирэн кэллэ. Сурунаалын ыраахтан остуолга тыастаахтык бырахта. Үллэ кыыһыран, харахтара кырыыланан тыбыс-тымныынан көрөргө дылылар, куруутун өрө тараанар кылгас баттаҕа ыһыллан сүүһүгэр саба түспүт.

– Елена Семеновна, хайа, туох буоллуҥ? Уон бииристэртэн кэллиҥ дуо? – Нина Иннокентьевна тулуйбакка ыйытта.

– Хантан буолуой, эн бэйэлээхтэргиттэн… – Елена Семеновна мэктиэтигэр куолаһа тип-титирэс.

– Туох буоллулар ол? – буруйдаммыт киһи курдук түргэн үлүгэрдик ойон туран завуч остуолугар турар кыраппыынтан ыстакааҥҥа уу кута охсон биэрдэ. Дьахтар уу иһэн арыый уоскуйда.

– Кылааскын кытта кэпсэттэххинэ табыллар. Биир кэлим экзамены хайдах туттаралларын билбэтим, кыһаммат дьоҥҥо биир бэйэм олох көмөлөһүөм суоҕа. Мин үөрэххэ киирэрим буоллаҕай, тохтуохтара ээ.

– Ол айылаах туох буоллулар? – Нина Иннокентьевна коллегата сымныы быһыытыйбытын көрөн, өс-саҕа буолла. Кини кылааһын бэйэтэ төһө баҕарар мөҕүөн сөп, оттон атын учууталлар саҥаралларын иһигэр киллэрбэт. Кылааһын оҕолорун көмүскэһэн иннин-кэннин билбэт буолуор диэри кыыһыран баран, уоскуйан, бэйэтиттэн бэйэтэ бэркиһээччи.

– Бэҕэһээ суругунан үлэ оҥорбуппар кылаас аҥаара куһаҕан сыананы ылла уонна олох кыһамматтар, бары ээл-дээл олороллор. Эбии үөрэххэ Борискыт сылдьыбат. “Тоҕо сылдьыбаккын, быһаар” диэбиппэр саҥарбат. Онтон ылла да көҥүлэ суох кылаастан тахсан барда, кэргэн ылар эрэ толкуйдаах быһыылаах.

– Ээ, чэ, Борис Ираида Ивановналыын доҕордоһорун бары билэр эрээригит бэйэҕит да наһаа онтон иҥнэн биэрэҕит? Иккиэн сокуоннай саастарын сиппит дьон. Кинилэр сыһыаннарыгар киһи омнуолуура суох. Бэйэлэрин олохторун бэйэлэрэ быһаарынар бырааптаахтар. Буруйдара диэн биирэ үөрэнээччи, иккиһэ учуутал, – Нина Иннокентьевна төһө кыалларынан холкутук саҥара сатаата.

Тыл тылтан төрөөн кыыһырсыах дьон, учууталлар киирбиттэриттэн тыл бырахсалларын тохтоттулар.

– Нина Иннокентьевна, Тимофей Сметанин үбүлүөйүгэр анаан ыытыллар кэтэхтэн республиканскай олимпиадаҕа тугунан кыттаҕын? – Роза Алексеевна ыйытар.

– Өйтөн суруйууга, айар дьоҕурга уонна тылбааска кыттабыт. Сарсын бэлэмнээн ыытыам, – Нина Иннокентьевна тоҥуйдук эппиэттээт, тахсан барбытын учууталлар соһуйбуттуу батыһа көрөн хааллылар.

Нина Иннокентьевна кылааска киирбитигэр оҕолор тугу эрэ быһаарсан күйгүөрэ туран чуумпуран хааллылар. Сэрэйбит сэрэх, ол иһин математика учуутала олус кыыһыран тахсыбыта. Онон “этиҥнээх ардах түһүөхтээҕин” сэрэйбиттэрэ. Кылаастарын салайааччыта сылайбыт көрүҥнээх, саҥата суох олоппоһун тыастаахтык көннөрө анньан баран олорунан кэбистэ.

– Оскуоланы бүтэрэргит бу кэллэ. Оруобуна биир ыйынан бүтэһик чуорааҥҥыт буолар, онтон тута экзамеҥҥыт саҕаланар. Эһиги буоллаҕына, күн бүгүнүгэр диэри үөрэҕи аанньа ахтыбаккыт, суругунан үлэҕэ күргүөмүнэн куһаҕан сыананы ылаҕыт, Борискыт олох да кылаастан тахсан барбыт. Эһиги табаарыскытын, буойуоххутун билиминэ, өйөөбүккүт. Уопсайынан, Борис үөрэҕин түмүктээбэтигэр тиийдэ.

– Тоҕо түмүктүө суоҕай?! Учууталлар бары, ордук Елена Семеновна, наар Бористан иҥнэн тахсаллар. Кэргэн эрэ ыларгын саныы олороҕун диэн иһэллэр, – оҕолор бэрээдэгэ суох саҥаран аймана түстүлэр. – Бэйэтэ эрдэттэн кыыһыран киирбит этэ. Уруогу быһа бииртэн бииргэ иҥнэн испитэ. Куруутун биир кэлим экзаменынан куттуур, көрүөхпүт диэн иһэр.

– Үөрэххитигэр кыһаммаккыт иһин кыһыйан саҥарар. Бориһы мөҕөрө сөп, икки ыйы тулуйа түстүн ээ, бастаан илиитигэр аттестат ылан, үөрэххэ киирдин. Үөрэҕин кыайбат эрээри эбии үөрэххэ сылдьыбат, улахан киһи курдук тутта-хапта сылдьара төһө сөптөөҕүй? Ону мин да сөбүлээбэппин, – Нина Иннокентьевна педагог этикатын тутуһан, оҕолор учууталларын буруйдуур тылларын тохтоторго быһаарынар.

Арай Мила эрэ кэпсэтиигэ кыттыспакка, умса туттан, физика учебнигын көрбүтэ буола олордо. Кини Борис туһунан кэпсэтиини олох сөбүлээбэт, бэрт түргэнник оскуоланы бүтэрэн мантан бара эрэ охсуон баҕарар. Бастакы туҥуй тапталым маннык эрэ түмүктэниэ диэн күүппэтэх буолан, олус дууһата туоххаһыйда, сүрэҕэ ытаата. Баҕар, кини анала, дьылҕата, этэллэрин курдук, ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуйуллар Сэргэлээххэ буолуо. Бу соторутааҕыта “Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх!” диэн кинигэни аахпыта. Урут да Сэргэлээх туһунан истэрэ. Оттон билигин үөрэх уонна таптал уйата диир Сэргэлээхтэригэр тиийиэн, студенческай олоҕу билиэн-көрүөн, оскуолатааҕы тапталын Бориһы түргэнник умна охсуон баҕарар.

– Оо, эмиэ курус санааҕар куустаран олороҕун дуу? – диэн саҥаттан өрө көрө түстэ. Нарыйа кэккэлэһэ олорон дьүөгэтин санныттан кууста. – Киэһэ дискотекаҕа кэлэр инигин? Биһиги Мариналыын сылдьыах буолбуппут. Эн тоҕо уолга сирдэрбит курдук көстө сатыыгыный? Төттөрүтүн, Бориһы эн бырахпыт курдук туттуохтааххын. Биһиги да уулуссабытыгар күн тыгыа, санаарҕаама, – кыыс дьүөгэтин санаатын көтөҕөн саҥарарын быыһыгар бэйэтэ эмиэ сүрдээх дириҥник өрө тыынан ылбытыгар аны Мила дьиибэргээн соһуйбуттуу көрдө:

– Туох буоллуҥ?

– Мин ийэм эмиэ күн ахсын саҥатыттан матан, кууран-хатан, кырдьан иһэр. Аһынабын да, тугунан даҕаны көмөлөһөр кыаҕым суох. “Таптаабат киһиэхэ кэргэн тахсан син биир дьолломмот эбиккин, эр киһи дьахтары чахчы таптыыр эрэ буоллаҕына, ыал буолан, олох оҥостор сөп быһыылаах”, – диэн тыллаах ийэм. Оо дьэ, эр киһи күүстээх тапталын билбит киһи баар ини… Хайдах эбитэ буолла? Чэ, киэһэ дискотекаҕа салгыы кэпсэтиэхпит, – Нарыйа тиэхэлээх баҕайытык хараҕынан имнэнэн кэбистэ. Уруок саҕаланан, түргэн үлүгэрдик ойон туран бэйэтин миэстэтигэр барда. Мила дьүөгэтин махтаммыттыы, эмиэ да аһыммыттыы кэнниттэн батыһа көрөн хаалла.

IV

Николай аанын тыастаахтык аһан дьиэтигэр киирэн кэллэ. Сахаянушката аҕатын даллараҥныы көрсүбүтүгэр, тимир-тамыр курдук туттан, уруккутун курдук ымманыйбакка хоһугар ааста. Нина остуолугар күнүскү аһылыгын тарда туран кэргэнин ис туругун сэрэйдэ, тутатына утары саҥаран, күөртээн биэрбэтэҕинэ, сотору уоскуйан, күлэн-үөрэн барыаҕын билэр буолан, кыһаммата. “Уокка арыыны кутан күөдьүтүмэ” диэн кырдьаҕастар сөпкө этэллэр. Кини бэйэтин ыал олоҕун аймаабыт киһи быһыытынан буруйдааҕынан ааҕынарыттан арай оҕото аралдьытар ини. Кыысчаана орто дойдуга кэлэр быатыгар ыал аҕатын ииртэҕэ эбэтэр таптаатаҕа диэн буолара дуу. Дьиҥинэн, кини Коляны дьонуттан арахсарын модьуйбатаҕа, ыарахан буолбутун билээт, дойдутугар барар санаалааҕа. Ону Коля ыыппатаҕа. Дьиҥинэн баран хаалбыта буоллар, чахчы таптыыр буоллаҕына батыһан тиийиэхтээҕэ, оччоҕуна олохторо баҕар атыннык салаллыа этэ. Билигин манна Коля күн ахсын оҕолорун, урукку кэргэнин көрө сылдьар. Хайа да бэйэлээх ньиэрбэлээх киһи тулуйбат үлүгэрэ. Дьон-сэргэ саҥарбатар да, син биир сэргээбэттэрэ биллэн турар. Биирдэ бырааһа Мария Константиновна ыҥыран ылан эппитэ: “Түөрт киһини тулаайах хаалларан, ытатан-соҥотон дьолломмут дьолуҥ төһө уһуурун билбэтим. Эдэр киһи үйэҥ тухары эрэйдээхтик олох олороргун оҥоһуннуҥ быһыылаах. Арай Николай төрөппүт аҕа быһыытынан оҕолоро үөрэнэллэригэр көмөлөһөн буруйгут чэпчиир ини. Мантан барыҥ диир быраабым суох, тылым да тахсыбат”, – диэбитэ ачыкытын үрдүнэн көрө-көрө. “Оччоҕо хайдах буолабын?” – диэбитигэр, “ыал олоҕун аймаабытыҥ бэйэҥ суобаскар хаалар. Аны хайыаххыный, алдьаммыт иһити самсаан саҥатыгар түһэрбэттэр”, – диэн хардарбыта. Истэргэ ыарахан этэ.

Аҕалара хоһуттан тыаһа-ууһа суох тахсан остуолга олорбутугар тэриэлкэни толору борщтаах миини кутан иннигэр уурда.

– Туох сонуннанныҥ? – Нина саҥата суох олоруохтааҕар ыйыппыта буолла.

– Суох. Арай үлэбиттэн кэлэн иһэн кыргыттарбын көрдүм. Нарыйа утары иһэрбин көрөөт, суол нөҥүө туораата, оттон Машам соторутааҥҥыга диэри “паапа, харчылааххын дуо? Ону ылабын-маны ылабын, итиннэ биэрэрдээхпин” диир бэйэтэ кыргыттарын кытта кэпсэппитэ буолан, олох мин диэки хайыһан көрбөккө ааста. Чэ, баҕар, Нарыйа буоллун даҕаны, уруккуттан итинник, Машенькаттан соһуйдум, – Николай хап-хара хойуу хааһын сөбүлээбэтэҕинэ буоларыныы түрдэһиннэрэн, миинин иһэрин быыһыгар кэпсээтэ.

– Машаҥ улааттаҕа дии, хайыы-үйэҕэ төрдүс кылааһы бүтэрэн эрэр. Эдьиийэ Нарыйа утары туруоран эрдэҕэ, – Нина саҥаран баран иһигэр кэмсинэ санаата, дьиҥинэн, кини баҕас кыттыһыа суохтааҕа, саҥарбакка истэн кэбистэҕинэ да тугуй?

– Ол эн кыһалҕаҥ буолбатах, – Николай сэрэйбитин курдук сөбүлээбэтэҕин биллэрэн тэриэлкэтин антах аста уонна туран төрөппүттэрин көрө-көрө үөрэн-көтөн даллараҥныыр кыыһын көтөҕөн саалаҕа ааста. Телевизоры холбуур тыаһа иһилиннэ. Дьэ ити баар, төһө эмэ ыал буолалларыгар “бэйэм буруйдаахпын, дьоммунан, оҕолорбунан хаһан да сирэй-харах анньыам суоҕа” диэн элэ-была тылын этэн баран, кэлин наар кини буруйдаах курдук буолла. Маннык киҥ-татыа олохтоннохторуна, төһө уһуннук ыал буолан чэчирииллэр. Кэлин Сахаянушкалара эрэ холботолуур курдук. Эбиитин өссө арыгыны амтаһыйар буолла. Билиҥҥитэ дьонтон кистээн иһэр, сороҕор түүнү быһа сыппайар. Нэдиэлэҕэ хайаан да биирдэ-иккитэ холуочуйуор диэри иһэр, кэлин өссө ылларан иһиэ турдаҕа. Ону кини Коля аҕатыттан, атын дьонтон кистиир. Мааны ыал соҕотох уолларын олоҕун алдьаппыт кини аатырыа. Уолларын таптыыллара бэрдиттэн, бэл оҕолорун хаалларан, иккиһин дьиэ кэргэн тэриммитигэр саҥарбатахтара. Онтон барыта биллибитин кэннэ Анна Алексеевна киниэхэ кэлэ сылдьан эппитэ: “Киһигин хара маҥнайгыттан кытаанахтык тут. Үс оҕолоох сааһырбыт киһи диэтэххэ өйө-санаата ситэ илик эдэр киһи курдук уолҕамчы, атааҕа бэрт. Төрөппүттэригэр соҕотох маанылаах оҕо буолан, күннээххэ дьиэтиттэн быкпатах, тыаллаахха таһырдьа тахсыбатах киһи. Миэхэ улахан оҕом курдук сылдьыбыта. Эйигин таптаатым диэн барда, онон баҕар уларыйыаҕа. Эр киһини дьахтар эрэ тапталынан дьиэҕэр туппат эбиккин. Миэхэ олорбутун курдук бэлэм олоҕу эйигиттэн эрэйбэтэҕинэ үчүгэйдик олоруоххут. Оттон урукку олоҕун суохтаатаҕына, бырастыы гын, киһи аатыттан ааһыаҕа, – диэбитэ. Итинэн тугу эппитэ буолла? Ити Анна Алексеевналыын бастакы уонна бүтэһик кэпсэтиилэрэ этэ. Онтон ыла дорооболоспоттор даҕаны.

Нина иһитин хомуйа охсон үлэтигэр бараары хомуна турдаҕына, Николай саалаттан сыбдыйан таҕыста.

– Ханна да барбат инигин? Бүгүн хойутуурум буолуо, биир саастарыгар диэри оҕолордоох ыалларбар сылдьардаахпын, – Нина кыысчаан утуйбут быһыылаах диэн сибигинэйэн ыйытта.

– Сахаянушка утуйда. Бүгүн барарым суох. Аҕабар сылдьаар эрэ, сыта мээрик буолбут, ыарытыйар быһыылаах.

– Сөп, – Нина чаһыыта хайыы-үйэ икки чааһы ааһан эрэрин көрөн, ыксыы быһыытыйда, түргэн хаамыынан ааны былдьаста. Тахсан истэҕинэ, Николай хаһыытаан хаалла:

– Ылаар эрэ, биири…

Нина истибэтэх курдук туттан, аанын “лип” гына ыга сабан тахсан барда.

Коля үлэ уруогун учуутала этэ, икки сыллааҕыта үлэтиттэн тохтообута, оҕолорун кытта алтыһарын ыарырҕаппыта. ЖКХ-ҕа электригинэн көспүтэ. Дьоҕурдаах буолан, ханнык баҕарар үлэҕэ үлэлиир кыахтаах. Билиҥҥи үлэтэ сүрдээх иллэҥ үлэ, киэһэтин эбэтэр күнүс Нина дьиэтигэр баар кэмигэр объектарын баран көрөн кэлэр. Онон бүтэр. Бүгүн эмиэ иһэргэ санаммыт, күн ахсын иһэрэ эбиллэн иһэр. Урут арыгыны ийэтинэн ылларара, билигин ийэтэ суох, аны киниэхэ тастарарга санаммыт. Тохтуоҥ ээ. Кырдьык, түөрт оҕо аҕата диэтэххэ, эппиэтинэс эҥин диэн олох суох киһитэ. Кэргэннэниэр диэри бастаан ийэ-аҕа бэлэмэ, онтон таптыыр кэргэн көрүүтэ-истиитэ. Аны билигин ол олоҕун суохтаан миэхэ бэл кыра оҕо курдук куттуур буолан эрэр. Маннык төһө уһуннук олороохтуубут? Ыксаатахпына, айдаана-куйдаана суох кыыспын кыбынан, дойдубар баран хаалыам. Коля дьонугар төннүө буоллаҕа. Баҕар, кэмсинэн арыгынан саатаан эрдэҕэ. Оҕолоро, бука, сөбүлээбэттэрэ буолуо да, хайыахтарай, төрөппүт аҕалара буоллаҕа дии. Бырастыы гыныахтара. Оттон Анна Алексеевна төттөрү үөрүүнэн ылыаҕа. Кини эппитин кэлин толкуйдаатахпына “табыллыбатаххытына төнүннэрээр” диэбит буолуон сөп. Мин ордукпун диэн былдьаһан-тарыһан арааран баран тулуйарга тиийиллэр. Таптаатым дии санаабытым. Ол эрэн билигин саарбахтыах курдукпун. Дьиҥинэн, дьахтарга баҕас сымнаҕас киһи. Миигинниин үс дьахтар тараҥнаппыт эр киһитэ… Ийэтэ эмискэ сүрэҕинэн ыалдьан суох буолуоҕуттан ордук тулаайахсыйда. Ийэтэ тыыннааҕар төрөппүттэрин дьиэтиттэн арахпат этэ. Талбытынан аһаан-сиэн кэлэрэ. Аҕата эрэйдээх билигин дьиэтигэр соҕотоҕун олорор. Эмээхсин өллөҕүн утаа ыҥыра сылдьыбыттарын оҕонньор сөбүлээбэтэҕэ. “Кыанарым тухары бэйэм олоруом. Уһаайбабын өтөхсүтүөхпүн баҕарбаппын”, – диэбитэ да, дьиҥинэн ис санаата атын, дьиэбин кинилэр ылыахтара диэн көҥөнөн сордонор.

Оттон Коля бэйэтэ эмиэ аҕатынаан бииргэ олоруон баҕарбат аатырар. “Наһаа бириинчик. Сүгүн олордуо суоҕа. Ийэм тулуйбутун иһин атын киһи мээнэ тулуйбат оҕонньоро” диэн тыллаах. Коля бэйэтэ эмиэ үүт-үкчү аҕатын курдук характердаах. Ийэлэрэ оҕонньордоох уолун олус бүөбэйдээн, кинилэр баҕаларын эрэ толорор туһугар олох олороохтообут. Оҕонньор кэриэс сурук суруйан нотариуска биэрбит сурахтааҕа. Дьиэтин-уотун, туох баар баайын-дуолун кийиитигэр Анна Алексеевнаҕа анаабыт. Ону истэн баран Коля бэркэ сэргии истибитэ. “Ол хас дьиэлэнэллэр?” диэн Нина тыл быктарбытыгар: “Сахаянушкаҕа биир дьиэни тутар инибин”, – диэбитэ. Уопсайынан, дьонун, оҕолорун туһунан кэпсэтэри олох сөбүлээбэт. Бэйэтэ биирдэ эмит кэпсээтэҕинэ, онно кыттыстаххына, кэлин тиһэҕэр буруйдаах эн буолаҕын.

Нина Аркадьевна санаатыгар аралдьыйан балыыһатыгар кэлбитин билбэккэ хаалла. Халаатын саҥа кэтэн тимэхтэнэ турдаҕына, Мария Константиновна киирэн кэллэ.

– Нина Аркадьевна, билигин аҕай эрийдилэр. Аҕаҕыт улаханнык ыалдьыбыт. Таһырдьа охтон хаалбыт үһү. Бара сырыт. Оҕолорго Анастасия сылдьыаҕа, – Мария Константиновна “һуу-һаа” буолбакка, бэрт холкутук саҥарар. – Арааһа, Уйбаан Вератын кэнниттэн уһаамаары гынна, 43 сыл бииргэ олох олорбут киһитин суохтаатаҕа.

Нина Аркадьевна наадалаах буолуо диэбит система туруорар, укуол эмтэрин суумкатыгар уктан сып-сап туттан түргэн хаамыынан тахсан барда. Үрдүк кирилиэстээх терраса күөх кыраасканан кыһамньылаахтык сотуллубут аанын тэлэччи аһан дьиэҕэ киирдилэр. Оҕонньор саалаҕа дьыбааҥҥа сытар, тыын былдьаһан эп-эппэҥнэс. Сүрэҕэ сип-сибилигин уһулу тэбэн тахсыах курдук тип-тиҥиргэс. Нина сиэстэрэтинээн түргэн соҕустук система туруорбутунан бараллар.

– Уоскуйа сатаа, үчүгэй буолуоҕуҥ. Арыый буоллаххына, улуус киинигэр киллэриэхпит. Билигин “Суһал көмөнү” ыҥырыам, – Нина төһө кыалларынан оҕонньору уоскута сатаата. – Инфаркт, инсульт суох, давлениеҥ олус тахсыбыт, 190 буолбут. Билигин сыыйа түһүөҕэ.

Уйбаан суорҕан-тэллэх киһитэ буолан, дьон абааһы көрөр, хаһан өлөрбүн кэтиир киһилэрэ буолуом диэн куттанара. Ол иһин эмээхсинин курдук хаама сылдьан тута охтон түһээт сүрэҕинэн өлөр баҕалааҕа. Ким ыҥырбыта эбитэ буолла, Анна Алексеевна хайыы-үйэҕэ кэлэн, дьиэлээх киһилии барытын дьаһайан, оҕонньор таҥаһын-сабын уларытан, балыыһаҕа тугу илдьиэхтээҕин булан бэлэмнээбит. Ол тухары Ниналыын кэпсэппэт, отур-ботур оҕонньордуун эрэ кэпсэтэр. Улуус балыыһатыгар сиэстэрэ кыыстыын Анна Алексеевна барсар буолла. “Суһал көмө” кэлиитигэр оҕонньор быдан сэргэхсийэн, өйөтөн массыынаҕа бэйэтэ киирдэ.

V

Субуота. Бүгүн оскуолаҕа дискотека. “Төрөөбүт литератураҕын төһө билэҕин?” диэн бастаан 10—11 кылаастар икки ардыларыгар викторина ыытылынна. 11-тэр хамаандаларыгар Нарыйалаах Марина иккиэн киирдилэр. Эрилик Эристиин, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Софрон, Семен Даниловтар айымньыларынан оҥоһуллубут таайбараҥы таайан балачча тириттилэр-хоруттулар. Урут үҥкүүгэ бириэмэ аҕыйах хаалар буолла диэн мероприятиены ыытааччыларга кыыһырар буоллахтарына, бүгүн бириэмэни билбэккэ хааллылар. Викторина бүтэһигэр 11-тэр сыра-сылба бөҕөнөн очко аҥаарынан 10-тары кыайан үөрүү-көтүү бөҕө буоллулар. Кылаастарын салайааччыта Нина Иннокентьевна оҕолорунааҕар ордук үөрдэ.

– Маладьыастар, син тугу эмит билэргитин көрдөрдүгүт, – диирин быыһыгар хамаандаҕа киирбит оҕолорго бука барыларыгар саха литературатыгар “биэһи” туруортуох буолан үөртэ.

Арай кылааһын үөрүүтүгэр Мила эрэ кыттыспат. Санаарҕаабыт баҕайы көрүҥнээх санньыччы туттан муннукка олорор. Сотору-сотору кыргыттара тиийэн санныттан кууһан кулгааҕар тугу эрэ сипсийбэхтииллэр.

үҥкүү саҕаланна. “Фабрика звезд” ырыаһыттара Пьер Нарцисс уонна Ираклий Пирцхалава ырыалара үҥкүүлүүр сааланы биир гына ылан кэбистэ. Оҕолор ис-истэриттэн ырыа алыбыгар ылларан, ким хайдах сөбүлүүрүнэн үҥкүүлээн бардылар. Миланы күүстэринэн үҥкүүгэ соһон киллэрдилэр. Нарыйа үҥкүүлээн тэйиэккэлии сылдьан, алҕас начальнай кылаас учууталыгар Ираида Ивановнаҕа кэтиллэ түстэ.

– Уой, бырастыы гыныҥ, – диирин истибэккэ, бэйэтин билбэт буола кыыһырбыт Борис Нарыйаны санныттан ылан тиэрэ садьыйбытыгар кыыс тэмтэрийэн тиийэн истиэнэҕэ саалынна.

11-с кылаас кыргыттара уолаттарынаан уордайан Борис үрдүгэр түстүлэр.

– Сааппаккын даҕаны, кыыһы анньыалыыгын?

– Оччо улааппыт буоллаххына, кулуупка баран үҥкүүлүөххүн.

– Учуутал ааттаах эрээри, үөрэнээччини кытта сылдьар.

– Бырастыы гыннарбытын үрдүнэн тоҕо илиигин көҥүл ыытаҕын? – онтон да атын кырыктаах тыллары кыргыттар харыстаабакка куттулар. Ираида Ивановна эргиллэ түһээт, учительскай диэки барда. Ордук Кеша, Нарыйа таайын уола, өрөһөлөннө. Биир бииргэ охсуһарга ыҥырда. Борис да хаалсыбат. “Тахсыах, кус сүрэх”, – дэһии бөҕө буоллулар. Учительскайтан дьуһуурунай учуутал иһэрин көрөн тохтоон үҥкүүлээбитэ буоллулар. Борис кыыһырбытыттан будьурхай хара баттаҕа өрө туран, кууркатын сиирэ-халты кэтэ-кэтэ үҥкүүлүү сылдьааччылары силэйэн, таһырдьаны былдьаста. Мила эрэйдээх бэл кубарыйан хаалла. Нарыйа айдааны таһааран үҥкүүлүүр баҕата ааһан, Мариналаах Миланы кучуйан, дьиэлэригэр барардыы таһырдьа таҕыстылар.

Кирилиэскэ ыга кыыһырбыт Борис табаахтыы туран, аан тыаһаабытыгар түргэн үлүгэрдик бөппүрүөскэтин кистии оҕуста, кыргыттары көрөн түҥнэри хайыһан кэбистэ.

– Таптал киһини тупсарар дииллэрэ сымыйа эбит. Иннин-кэннин билбэт буолуор диэри таптал илимигэр сөрөммүт киһибит көрдөххө эбии таҥнары түһэн иһэр, – тыллаах муҥутаан Нарыйа хотон хаалла.

– Тапталы икки хараҕа суох дииллэр. Харахтара бүөлэннэҕэ, – Марина да дьүөгэтиттэн хаалсыбакка суустаһан хаалла.

Кыргыттар кыһыйыахтарын иһин Борис эргиллэн да көрбөтө.

– Борис олус уларыйбыт. Кинини итинник эрэ буолуо дии санаабатаҕым, – Мила тэйэн баран дьэ саҥа таһаарда.

– Тапталыттан, кырдьык, икки хараҕа бүөлэммит. Оттон учууталбыт ааттаах оскуола оҕотун кытта олус да аһаҕастык сылдьыбатар… икки ыйы тулуйуо эбит, – Нарыйа күнүһүн ириэрэн баран, киэһээтин бөҕүөрэн эрэр хаары атаҕынан тэбиэлии турда. – Бүгүн мин табыллыбат күнүм эбит.

– Ол тугуҥ өссө табыллыбата? – Марина соһуйбуттуу көрөр.

– Эһээм улаханнык ыалдьыбыт. Улуус балыыһатыгар илтилэр. Ийэм барсыбыта. Ол иһин бүгүн оһохпун отуннум, хотоммун көрдүм.

– Оттон биэссэр киһи быһыытынан Нина Аркадьевна барсыан сөп буолбатах дуо? – Марина олох ымпыктаан-чымпыктаан, төрдүн түөрсэн, ыйытан тэйэр.

– Эһээм кинини кийиитинэн аахпат. Нэһилиэстибэ суругу ийэбэр суруйбут үһү. Эбээм тыыннааҕар инньэ диирэ. Ийэм аҕабын наһаа таптыыр буолан, эһээлээх эбээбэр төрөппүт кыыстарын курдук сыһыаннаһара. Аҕам төттөрү кэллэҕинэ киллэриэх да курдук. Биир бэйэм таҥнарбыт киһини саа тэбиитигэр да чугаһатыам суоҕа этэ, – диэт, дьүөгэтин тиэхэлээхтик көрөн кэбиспитигэр Мила саҥата суох мичээрдээн кэбистэ. – Биһиги аҕабыт таах ийэм бэлэмигэр олорбута. Билигин хайдах олороро эбитэ буолла? Нина Аркадьевна ийэм курдук барытын бэлэмнээн биэрэрин саарбахтыыбын. Ону билиэхпин наһаа баҕарабын. Марина биһиги ийэлэрбит олус маарыннаһар дьылҕалаахтар. Иккиэн тапталларыгар табыллыбатахтар уонна ол табыллыбатах тапталларыгар наһаа бэриниилээхтэр, – Нарыйа наҕыл баҕайытык кэпсиир.

– Чэ, дьиэбитигэр тарҕаһыаҕыҥ. Син биир таансылаан бүттүбүт, – Марина дьиэтигэр барардыы тэринэр.

– Ээ суох, биһиэхэ барыаҕыҥ, үүттээх хойуу кофе иһэ-иһэ ону-маны кэпсэтиэхпит. Ийэм син биир бүгүн кэлбэт. Эһээм тугун-ханныгын билэн баран биирдэ кэлиэҕэ, икки-үс хоноро буолуо. Машенькам эрэ баар, ол киһи компьютердыы олордоҕо, – Нарыйа ыҥырбытыгар кыргыттар үөрүүнэн барыстылар.

Нарыйалаах дьиэлэрэ атын дьиэлэртэн үрдүк, кыраһыабай көстүүлээх. Эһээлэрэ Уйбаан совхозка уһуннук тутуу прорабынан үлэлээбитэ. Үлэлиир кэмигэр уолугар аныгылыы тииптээх, дэриэбинэҕэ суох үчүгэй көстүүлээх дьиэни тутан дьэндэтэн биэрбитэ. Уһаайбаны төгүрүччү үрдүк хаптаһынынан олбуордаппыта. Ийэлэрэ уонтан тахса араас сэбирдэхтээх мастары олордубута, ол курдук, черешня, рябина, акация, боярышник, яблоня мастары олордон, сайынын кинилэр олбуордарыттан дьахталлар арахпаттар. Олордуу мастар ийэлэрин саамай киэн туттуута. Сайын ортото сибэккинэн силигилээн турдахтарына, көрөргө сүрдээх үчүгэй буолар. Чахчы, киһи хараҕын манньытар көстүү.

Машенька балачча тоҥсуйтаран баран ааны аста.

VI

Ираида Ивановна телевизор көрө-көрө тэтэрээт бэрэбиэркэлии олордо. Бүгүн саха тылыгар хонтуруолунай үлэ оҥорбуттара. Диктаннара ыарахан баҕайы эрээри, син суруйа сатаабыттар. “Икки” суох. Арай биир да “биэс” суоҕа хомотто. Дьиҥинэн, Маша “биэскэ” суруйуон сөп этэ. Сорудахтары толорууга саҥа чаастарын ситэ бара иликтэрэ билэр эбит. Тэтэрээт бэрэбиэркэлиирин быыһыгар телевизор диэки хараҕын быраҕан ылар. “үрдүк лига” диэн ааттаах наһаа үчүгэй концерт буола турар.

Бииргэ олорор кыыһа, биология учуутала, улуус киинигэр семинарга барбыта. Сотору кэлиэхтээх. Кинини күүтэн аһаабакка олорор. Анастасия Ивановна Мэҥэ-Хаҥаластан сылдьар. Былырыын уопсайга соҕотоҕун олорбут, тэһийбэккэбин эрэйдэммитим диир. Бөһүөлэккэ Уйбаанабыналар, Уйбаан кыргыттара диэн ааттыыллар. Өссө табыллан үчүгэйдик олоруохтарын, оскуола оҕотун иирдэн, нэһилиэккэ тыл-өс бөҕөтө тарҕанна. Ыал аайы киэһээҥҥи аһылык кинилэртэн саҕаланан эрдэҕэ. Кини быйыл 22-тин туолла, оттон Борис 18-һа эрэ. Дьиҥинэн, ити улахан арыттаах саас буолбатах. Дьахталлар кэргэннэриттэн уонча сыл аҕалара олоххо баар буолааччы, кимнээҕэр үчүгэйдик оҕолонон-урууланан ыал буолан олороллор. Сураҕа, Борис ийэтэ сөбүлүүр үһү. “Уолум үчүгэй, боччумнаах кыыска түбэспит, аҕата туох буолуой, холбоһоллоро буоллар уолбун тутуо этэ”, – диэн дьоҥҥо кэпсиирин Анастасия истибит. Борис киһи эрэ буоллар, ааспыт субуотаттан ыла кэлэ илик. Бүгүн сэрэдэ, кэлбэтэҕэ түөрт хоммут. Күн ахсын быыс булан кэлэн барара тохтоото. Кэлбэтин даҕаны. Бэйэтэ даҕаны сороҕор наһаалыыр. Кылааһын кыргыттарын кытта тоҕо иирсэ сатыырый? Оҕолоруттан биир сылынан аҕатынан өттөйөр. Киһи киһиргиирэ онно туох да суохха дылы. “Аны кэлимэ, киһи кыбыстыах, олус да итинник өрөһөлөммөтөх киһи… Нарыйа алҕас кэтиллибитин төһө эмэ көрөн бараҥҥын… Олус быыппастыгас эбиккин, төттөрүтүн киһини кыбыстыыга киллэрдиҥ”, – диэбитигэр кыыһыран баран хаалбыта. Оҕо оҕо курдук, куттаан муҥнанар. Бастакынан эйэлэһиэм суоҕа. Ол кэриэтин арахсарга тиийиллэр. Кырдьыгынан эттэххэ, кини Бориһы сөбүлүүрүнэн сөбүлүүр. Ол да иһин бу саныы олордоҕо. Түөрт күн көрбөтөҕөр суохтаата. Начальнай кылаастар туспа корпуска үөрэнэллэр, онон анаан көрсүспэтэхтэринэ төһө баҕарар көрсүһүмүөхтэрин сөп. Аны икки ыйынан ситии-хотуу аттестатын ылар. Онтон хайдах дьаһаналлар? Бастаан иккиэн үрдүк үөрэххэ киирэн баран, үөрэх министерствотын кытта дуогабардаһан хоту үлэлии барар санаалаахтара. Дьиҥинэн, кини оскуола үөрэнээччитин кытта таптаспатаҕа буоллар, бу оскуолатыгар өссө да үлэлиэх эбит. Сүрдээх үчүгэй оскуола уонна наһаа үчүгэй кылааска түбэстэ.

Ити курдук ону-маны эргитэ саныы олордоҕуна, дьиэлэрин таһыгар микроавтобус тыаһа тохтоото, ону кытта ааны тэлэччи аһан мичээрдээбитинэн Анастасия киирэн кэллэ.

– Хайа, соҕотоххун дуу? Борис кэлэ сылдьыбата дуо? – дьүөгэтэ күлэн үрүҥ тиистэрэ кэчигирээтилэр.

– Суох, кэлбэтин даҕаны. Хата, эн сонуҥҥун тоҕо тэбээн кэбис. Төһө үчүгэй оскуолаҕа сырыттыҥ? – Ираида остуолтан тэтэрээттэрин, учебниктарын хомуйа охсон, остуолун тарпытынан барар. Кыргыттар утарыта олорон наллаан кэпсэтэ-кэпсэтэ аһаабытынан бардылар.

– Чахчы айымньылаахтык үлэлиир оскуолаҕа сырыттыбыт. Ордук оскуола материальнай базатын бөҕөргөтүүгэ элбэх үлэ барбытын сөхтүм. 2000 сылтан сылаас душевой, медицинскэй пуун, иистэнэр, уһанар сыахтар, спортзал, библиотека тутуллубут, биир тылынан эттэххэ, оҕо үөрэнэригэр бары усулуобуйа тэриллибит, – Анастасия сылдьыбыт оскуолатын чахчы астыммыт киһи быһыытынан кэпсиир.

– Саҥа таас оскуола дуо? – Ираида токкоолоһон ыйытар.

– Саҥатынан саҥа. Учууталларын сүрдээхтик үүннэрэр оскуола эбит дии санаатым, ол курдук, 54 учууталтан: Россия үөрэҕириитин үтүөлээх учуутала – 1, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала – 2, РФ үөрэҕириитин туйгуна – 6, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна – 8, Учууталлар учууталлара – 2, “Саха-Азия оҕолоро” фонда стипендиаттара – 3, Саха Республикатын Президенин гранын хаһаайына – 1, 23 үрдүк категориялаах учууталлар үлэлииллэр. Үчүгэй буолбат дуо?

– Үчүгэй эбит. Биһиги да оскуолабытыгар ааттаах-суоллаах учууталлар элбэхтэр, – Ираида иннин биэриэн олох баҕарбат.

– Эн куоталаһа олорума ээ, мин билбиппин-көрбүппүн кэпсиибин дии. Библиотекалара баайын сөхтүм. Оскуола библиотекатын фондата – 6200 кинигэлээх, ол иһигэр 4400 учебник. Ааспыт үөрэх дьылыгар “Барҕарыы” национальнай фондатыттан 38 устуука “Аванта+” диэн оҕо энциклопедиятын бэлэх туппуттар.

– Үөрэҕирии саҥа ирдэбилинэн үлэлиир элбэх хайысхалаах оскуола тирэҕэ элбэх буоллаҕа.

– Бу кыыс туох буолбутай? Киһини сүгүн да кэпсэтиннэрбэт. Бористыын кыыһырсыбыккытыгар оскуола уонна мин хааппыла да саҕа буруйбут суох, – Анастасия мүчүҥнүү-мүчүҥнүү дьүөгэтин үөннээх баҕайытык көрүтэлээн ылар.

Террасаларыгар киһи киирэр тыаһын истэн кыргыттар чуумпура түһэллэр. Ааны тоҥсуйа түһээт, буруйдаммыт оҕо курдук туттан, Борис киирэн кэллэ. Кыргыттар уруккуларын курдук, күө-дьаа буолан, көрсүбэтилэр. Ираида хайыһан да көрбөтө, Анастасия иккиэннэрин кэпсэтиигэ тардаары, буолары-буолбаты кэпсээн көрдө да, дьоно тылларыттан матан олордулар. Онтон Ираида олох да остуолтан туран, тыастаах соҕустук хааман хоһугар киирэн хаалла. Борис саҥата суох тахсан барда.

– Эдэр киһини олус эрэйдиигин. Хата уолуҥ баран хаалаарай, – Анастасия сэрэнэ соҕус дьүөгэтин сэмэлиир.

– Эрдэ барбыта ордук. Сиртэн сэрбэйэ илигиттэн улаханнык санамматын, кыратык үөрэтэ түһэн биэрдэххэ туһалаах буолуо, —Ираида хостон тахсан иһит хомуйсубутунан барар.

– Ити туох буолан хоско киирэн хааллыҥ? Арааһа, бэйэҥ киниттэн итэҕэһэ суох таптал уотугар умайа сылдьаҕын быһыылаах. Өйдөө, чахчы таптыыр буоллаххына, тапталынан оонньоомо. Таптал – дьылҕа бэлэҕэ, дьоллоох эрэ киһиэхэ тиксэр дииллэр, – дьүөгэтэ санаатын этэ олорор.

– Оок-сиэ, “кырдьаҕаһы хааһахха уга сылдьан сүбэлэт” диэн маны этэн эрдэхтэрэ, – Ираида дьүөгэтин элэктиир.

– Оччоҕо санааҕар куустаран олор. Ол эрэн “санаа сүрэҕи, дьэбин тимири кэбийэр” диэни умнумаар, – Анастасията хаалсыбат.

VII

Марина бүгүн эбиэттэн киэһэ оскуолаҕа барбат буолан, стенкатын иһин быыллаан, сууйа-сото сылдьар. Бу сылдьан арааһы эргитэ саныырын таптыыр. Кэлин ордук аҕата буолуохсут туһунан элбэҕи толкуйдуур. Кини кимин-тугун билиэн баҕарара күүһүрэн иһэр. Бадаҕа, Иванов диэн араспаанньалаах үһү. Куоракка олорор дииллэр. Эбээтэ куттанар куттаныыта “аны алҕас бырааттаргар кэргэн тахсыаҥ” диэн буолбут. Ол аата, кинилэр киниттэн балыс буоллахтара. Ааспыт сырыыга “ийэҥ биирдэ эмэ хам-хаадьаа хантан эрэ сурук тутар” диэбитэ. Бүгүн сорук оҥостон ол суруктары булан ааҕар санаалаах.

Эбээтэ утуйа сытарынан туһанан хоско киирэн, суруктары көрдүүргэ быһаарынна. Шифоньеры барытын тоҕо сүргэйэн хомуйан киирэн барда. Саамай үөһээ бэргэһэ уурар полкаттан целлофан бакыакка кичэллээхтик угуллубут суруктары олус түргэнник булан бэйэтэ да соһуйда. Алта кэмбиэр. Бастакы сурук быһыылаах диэн саамай саһарбыт кэмбиэртэн саҕалаата. … Бүтэһик суругу ааҕан баран, кыыс туох эрэ кирдээххэ умньаммыт курдук сананна. Бу кирдээх суруктары ийэтэ кэлиэн иннинэ суох гынарга быһаарынна. Таһырдьа тахсан мас көтөҕөн киллэрэн, оһоҕун оттоору оҥоһунна. Эбээтэ айаккалаан-дьойокколоон туран олоппос аҕалан оһоххо көхсүнэн иттэ олордо.

– Тоҕо оһоххун эрдэ отуннуҥ? Биэс буолла дуо? – эмээхсин сөтөллөн хахсыйарын быыһыгар ыйытар.

– Бэйэм. Күөс күөстэнэр кэмэ чугаһаата буолбатах дуо? “Клон” оруобуна сэттэҕэ буолар. Ол саҕана аһыа этибит. Оттон эн тоҕо турдуҥ? Сыта түһүөххүн, – Марина эбээтигэр мэһэйдэтэн, оһоҕо умайан күүдэпчилэнэрин кытта туран, хоһугар киирэн хаалла. Суруктары халаатын сиэбиттэн ылан сыттыгын анныгар аста. Аҕалара буолуохсут ийэлэрин сырдык тапталын 18 сыл устата албынныы-түөкэйдии сылдьар эбит, ийэтэ тапталыттан икки хараҕын үүтэ бүөлэнэн эр киһи албын тапталын баччааҥҥа диэри сырдык ыра санаа оҥостон илдьэ сырыттаҕа. Ол киһибит иккитэ кэргэннэнэ сылдьыбыт, кинилэртэн уолаттардааҕын, олоҕор табыллыбатаҕын суланан суруйар. Бастакы кэргэниттэн сокуонунан арахсыбакка сылдьан, иккиһин кэргэннэммит. Аны кэлин ийэбин “кэл” диэн ыҥырар идэлэммит. Өссө икки оҕолоохпут буолбат дуо диэн соҥноммут. Тохтуо ээ, иитиэхтээҕэр хараҕар да көрбөккө сылдьан аҕа эҥин буолан күндүмсүйбэтин. Ийэтэ барахсан барытын сүрэҕинэн-быарынан ылынан, күн ахсын саҥатыттан-иҥэтиттэн матан, иинэн-хатан иһээхтиир. “Таптал хараҕа суох” дииллэрэ кырдьык буолан тахсар. Бааһынай хаһаайыстыба баһылыга, агроном үөрэхтээх, Андрей Владимирович ийэлэрин оскуолаҕа бииргэ үөрэммит сылларыттан күн бүгүнүгэр диэри сөбүлүүр дииллэр. Олус сымнаҕас, үлэһит, киһи киэнэ кэрэмэһэ. “Андрейга кэргэн таҕыс. Сотору оҕолоруҥ улаатан барыахтара-кэлиэхтэрэ. Мин бу сиргэ букатын кэлбэтэҕим. Утарыта көрсөн олорон чэйдиир да киһиҥ суох буолуо, соҕотохсуйуоҥ. Холбосторгут, баҕар, оҕолонуоххут даҕаны”, – диэн эбээлэрэ бу кыһыны быһа ньаҥсыйда. Марина ону өһүргэнэ истэрэ, билигин суруктары ааҕан баран, ийэтэ дьахтар быһыытынан дьоло суоҕун оҕолуу дууһатынан өйдөөтө. Ийэтэ эрэйдээх кинини таптыыр киһилиин өйөһөн-убаһан хойутаан да буоллар дьоллоохтук олороро тоҕо табыллыбатый? Дьиҥинэн, кини олох эдэр ээ. 19-гар оҕолонор, Марина 17-тэ. Оччоҕо ийэтэ 36-та эрэ буолан тахсар. Дьахтар үйэтэ кылгас дииллэр. Билигин кэргэн тахсыбатаҕына, кырдьык хойутуур. Санаатыгар буолан хоһун аана аһыллыбытын истибэккэ хаалла, эбээтэ атаҕын тыаһа сырдырҕаан кэлбитигэр соһуйан хаалла.

– Бу тугу гынаҕын? Туох суруктарын ааҕаҕын? – эбээтэ доппуруостаан киирэн барда.

– Ээ суох… Уруокпун ааҕабын, – диэт, Марина түргэн баҕайытык суруктарын кум-хам тутан сыттыгын анныгар анньыталыы сатаата. Биир суругу муостаҕа мүччү туппутун эбээтэ ыла охсон түннүк аттыгар тиийэн ааҕан кыҥастаста.

– Хайыы… Ийэҕэр кэлбит сурук эбит буолбат дуо? Тоҕо атын дьоҥҥо аадырыстаммыт суругу ааҕаҕын? Сааппаккын даҕаны, киһи эрэммэт киһитэ эбиккин дии. Били күөс өрүөх курдук буолбутуҥ дии, ол гынан баран манна киирэн атын дьон суругун ааҕа сытар эбиккин дуу? – эбээтэ бэрт кытаанах куолаһынан сэмэлээн барда.

– Эбээ, туохтан саатыахтаахпыный? Ийэм бачча сааһыгар диэри таптал кулута буола сылдьара үчүгэй үһү дуо? – кыыс эбээтигэр хардарсарга сананна.

– “Таптал кулута” диэн тугу-тугу туойаҕыный?

– Оттон ол киһи 18-таах кыыс таптаабытынан туһанан кэргэн ылбат эрээри оҕолоон кэбиспитэ сөп үһү дуо? Бу суруктарга “таптыыбын, холбоһуохпут” диэн суруйар, оттон ыал буолаары гыннаҕына, тоҕо эрэ атын дьахтары кэргэн ылар. Тыла барыта сымыйа!

– Ону эн быһаарыаҥ суоҕа, ылбыт миэстэҕэр төттөрү уур. Билигин ийэҥ кэлиэ, кыыһыран сордонуо, бэйэтэ да ол киһини күүтэн сүүрбэччэ сыл түүл-бит курдук олорор. Кини ыҥырыа эрэ кэрэх, ханна баҕарар барсыах курдук, – эбээтэ кыыһын мөҕүттэр. – Мин баар буоламмын ыал буолан олоробут. Эрдэ өлөн хаалан сиэннэрбин тулаайахсытыам диэн куттана саныырым, оттон аны билигин санаам бөҕөх, оҕом эн улааттыҥ, бырааккын Митяны атаҕар туруорарга көмөлөһүөҥ буоллаҕа дии. Күн сиригэр биирдэ бэриллэр олоххо наар биир киһини санаа баҕата оҥостон олох олорор диэни олус бэркиһии көрөбүн. Кырдьык, эн этэриҥ курдук “таптал кулута” диэн итини этэн эрдэхтэрэ дуу. Биһиги эһээҕинээн икки өттүттэн сөбүлэһэн ыал буолбуппут да, олус таптал уотунан умайбыппытын өйдөөбөппүн. Итинник диэн…

– Чэ эбээ, бүтүөххэ. Эйиигин собуоттуохха эрэ кэрэх, аны туох да тохтоппот, – кыыс эбээтин быһа түһэр. – Бу суруктары ийэм кэлиэн иннинэ уоттуохпун баҕарбытым, аны хайыыбын?

– Кэбиис, уоттаама… Киһи дууһатын уоттаабыт курдук буолуоҥ. Ол иһин дьаһалымсыйан оһох оттубут эбиккин дии… – эмээхсин аны кырдьык уоттуо диэн куттанан, суруктары сиэниттэн ыла охсоору орон диэки харбыалаһан истэҕинэ, кыыс өрүсүһэн сыттыгын анныттан ылан кум-хам тутан халаатын сиэбигэр анньыталаата. Эмээхсин кураанах салгыны эрэ харбыалаһан хаалла.

– Көр, эбээ, 20-чэ сыл устата баара-суоҕа алта сурук, олус да бу суруктарынан олорботор. Оттон биһиги, алҕас күн сиригэр баар буолбут оҕолор, дьылҕабытыгар ким кыһанарый? Аҕабыт буолуохсут биһиги баарбытыгар-суохпутугар олох наадыйбат, бу суруктарга ахтан да ааспатах. Оттон ийэбит бу киһийдэх хаһан ыҥырарын кэлтэй кэтээн олоҕун бараан эрэр. Бирээмэ кинилэр тапталларын туһунан поэма суруйуохха сөп, – кыыс кыһыйан-абаран кытаанахтык саҥарталаан баран, хоһун аанын тэлэччи аһан саалаҕа биирдэ баар буолаат, соһуйан, бэл кэннинэн чугуруҥнаата. Ийэтэ тас таҥаһын устубакка, сирэйэ кубарыйыаҕынан кубарыйан баран саала ортотугар турар, дьонун саҥатын истибит быһыылаах. Кэнниттэн эбээтэ эмиэ мөҕүттэ-мөҕүттэ тахсан иһэн кыыһын көрөн тэпсэҥнээмэхтээн ылла. Марина киһи эрэ буоллар, ийэтиттэн салла санаата, халаатын сиэбиттэн суруктары ылан остуолга уурталаата.

– Быһаарыммытыҥ курдук оҥор, умат, – бэйэтэ да аҕыйах саҥалаах ийэтэ быһыта баттаан саҥараат, хоһугар киирэн аанын лип гына сабан кэбистэ.

– Хайыыбыт? – Марина көмө эрэйэрдии эбээтин диэки хайыста.

– Умат, уматаары бэркэ өрөһөлөммүтүҥ дии уонна ол өйө-төйө суох киһи суруйбут суруктара биһиэхэ сүүрбэччэ сылы быһа кэриэс буола сырыттаҕай, – эмээхсин кыыһыгар иһитиннэрээри соруйан улаханнык саҥара-саҥара күөс бэлэмнээри иһити-хомуоһу тыаһаппытынан барда.

Ити кэмҥэ Елена сыттыгын түөһүгэр ыга кууһан дьиэтин өһүөтүн одуулаһа сытта. Кини дьоно кэпсэтэллэрин барытын истибитэ. Кырдьык, кыыһа эппитинии кини сүүрбэччэ сыл “таптал кулута” буолла. Григорийы кытта куоракка педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан билсибитэ. Уол университекка тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар зоотехник идэтигэр үөрэнэрэ. Таптыыр курдуга. “Кэргэн таҕыс” диэн хаайара. Елена оҕо эрдэҕиттэн кытаанах иитиилээҕэ. “Кэргэнэ суох оҕолонуу – саат-суут, бэйэҥ да ааккын-суолгун, аймах да аатын-суолун үйэлэргэ киртитии буолар. Биһиги аймахха кыыһынан оҕоломмут суох”, – диэн ийэтин мээритэ кыыс өйүгэр-санаатыгар кытаанахтык иҥэн хаалбыта уоллаах кыыс сыһыаннарыгар улахан мэһэйдэри үөскэппитэ. Елена уолу олох чугаһаппатаҕа. Оттон Григорий сымала курдук сыстан баран арахпатаҕа. “Төрөппүттэрим сөбүлээтэхтэринэ эрэ холбоһуохпут” диэбитигэр, “хайаан да сөбүлэҥнэрин ылан тэйиэм” диэн ааттаан саас биир субуотаҕа батыһан тахсыбыта. Дьоно соһуйбуттара ахан. Ыйыталаһан уол төрдүн-ууһун истэн баран, олох сөбүлээбэтэхтэрэ…

Таптал баар буолан

Подняться наверх