Киһи соҕотох сүрэхтээх…
Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.
Оглавление
Группа авторов. Киһи соҕотох сүрэхтээх…
Аан тыл
Биһирэм тыл
Киһи сүрэҕэ – үлэһит уорган
Сүрэх туһунан өй-санаа түҥ былыргыттан билиҥҥи үйэҕэ тиийэ сайдыыта
Сүрэх туһунан XIX үйэ саҕаланыар диэри толкуй
Сүрэх былыргы итэҕэлгэ уонна сиэргэ-туомҥа
Cүрэх ыарыыларын эмтээһин эволюцията
Сүрэх тымырдарын ыарыытын12 эмтээһин
Сүрэх боруоктара20
Сүрэх кыаммат буолуута21
Хаан баттааһынын үрдээһинэ22
Сүрэх-тымыр атын ыарыылара
Хирургическай практика саҕаланыыта уонна билиҥҥи ньымалар
Сүрэх-тымыр хирургиятын сайдыыта
Сүрэх биһиги күннээҕи олохпутугар
Сүрэх билиҥҥи медицина хараҕынан
Сүрэҕи чинчийэн көрүү билиҥҥи туруга
Киһи төрүөҕүттэн үөскээбит60сүрэх боруоктара
Сүрэх икки куртахтарын быыһын дьиэгэ (сүрэх кытатын быыһын дьиэгэ)63
Сүрэх кытахтарын икки ардынааҕы быыс дьиэгэ (кытах арда кытатын дьиэгэ)65
Аһаҕас артериальнай умнас (аһаҕас ооһуу күбээйи сүүтүктээх хоруга)67
Аорта синньээһинэ (сүрэх-сис-үөс сүүтүктээҕин синньээһинэ)69
Сүрэххэ киирэр камералары уонна сүрэх куртахтарын холбуур аһаҕас ханаал (сүрэх кытахтарын уонна кытыйа сүргэлэрин холбуур аһаҕас ханаал)72
Тыҥаттан тахсар тымырдар (сүрэххэ атын сиринэн киириилэрэ)75
Фалло түөрт өрүттээх боруога76
Хорук тымырдар сыыһа тутулланыылара (сүрэх-сис-үөс сүүтүктээҕэ уонна субай хаан хоругун сыыһа тутулланыылара)80
Сүрэх куртахтарын быыһыгар дьиэктээх хорук тымырдар сыыһа тутулланыылара82
Сүрэх куртахтарын быыһыгар дьиэктээх уонна тыҥа артерията синньээһиннээх хорук тымырдар сыыһа туттуллуулара83
Үс сарбынньахтаах кылаапан суох буолуута (атрезията) (уҥа сүргэ кытыйа ытарҕалааҕа суох буолуута). Фонтен операциятын тутула84
Хорук тымырдар сүрэх уҥа куртаҕыттан тахсыылара88
Эбштейн моһуоҕуруута90
Аорта уонна тыҥа артериятын бииргэ холбоспут умнаһа92 (сис-үөс уонна субай хаан хоруга биир умна¤ынан тахсыылара)
Төрүөхтэн кыараҕас аорта кылаапана (төрүөхтэн кыараҕас сүүтүктээх хорук ытарҕа сүллүүлэрэ)93
Кыараҕас аорта (кыараҕас сүрэх-сис-үөс сүүтүктээҕэ)94
Биир куртахтаах сүрэх (биир кытыйа сүргэлээх сүрэх)96
Хаҥас өттө сайдыбатах сүрэх99
Тыҥа артериятын кылаапанын кыарааһына (субай хаан сүүтүгүн үс эминньэхтээх ытарҕатын кыарааһына)100
Тыҥа артериятын суох буолуута (субай хаан сүүтүгүн хардьа куолаҕайа суох буолуута)101
Сүрэх бэйэтин тымырдарын моһуоҕуруулара (сүрэх нохтолооҕун хорук тымырдарын моһуоҕуруулара)102
Митральнай кылаапан төрүөхтэн ыла үөскээбит боруоктара (икки эминньэхтээх хаҥас кытах ытарҕатын төрүөхтэн ыла үөскээбит боруоктара)103
Сүрэх быччыҥнарын моһоллоро уонна сүрэх искэннэрэ105
Кэлин үөскээбит сҐрэх боруоктара107
сүрэх ырбаахытын (перикард), сүрэх быччыҥын (миокард) уонна сүрэх кылаапаннарын ыарыылара (сүрэх үргүнньэҕин, дьайаа мөхсүөтүн уонна аартыктарын үүттэрин ытарҕаларын ыарыылара)
Сүрэх быччыҥын ыарыылара уонна арамачыыс сүрэх боруогун үөскэтиитэ
Эндокардит (сүрэх сүргүөр табын ыарыыта)
Митральнай кылаапан (икки эминньэхтээх хаҥас кытах ытарҕатын) боруоктара
Аорта кылаапанын (сүүтүктээх хорук ытарҕа сүллүүлэрин) боруоктара
Хас да кылаапан боруоктара119
Сүрэх тымырдарын ыарыыта (сүрэх нохтолооҕун хорук тымырдарын ыарыыта)120
Сүрэх тымырдарын ыарыытын хирургическай ньыманан эмтээ¤ин
Сүрэх үлэтин тэтимин кэһиллиитэ (Сүрэх тэбэр тиһигин кэһиллиитэ)127
Сүрэх үлэтин тэтимэ тоҕо кэһиллэрий?
Сүрэх үлэтин тэтимэ кэһиллиитин хирургическай ньыманан эмтээһин
Сүрэх кыаммат буолуута129
Сүрэх кыаммат буолуутун эмтээһин
Кынаттаах тыллар уонна Аан дойдуга сүрэххэ сүгүрүйүү бэлиэлэрэ
Кынаттаах тыллар
Аан дойдуга сүрэххэ сүгүрүйүү бэлиэлэрэ
Түмүк тыл
Туһаныллыбыт литература
Отрывок из книги
Бу кинигэ элбэх сыллар усталарыгар сыралаах үлэ түмүгэр сурулунна. Кинигэ ааптара медицинскэй наука доктора Петр Иванович Захаров Саха сиригэр сүрэх-тымыр эпэрээссийэлэрин олохтообут киһинэн билиниллэр. Бу үлэни кини сүрэх эпэрээссийэлэригэр анаммыт докторскай диссертациятыгар уонна бэйэтин киэҥ билиитигэр-көрүүтүгэр, уопутугар олоҕуран дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийимтиэ гына суруйбута олус кэрэхсэбиллээх. Манна даҕатан эттэххэ, бу этиллибит докторскай диссертация, Үрдүкү Аттестационнай комиссия бэлиэтээһининэн, сүрэх эпэрээссийэлэригэр анаммыт Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуруктан тахсыбыт бастакы докторскай үлэнэн буолар, ол да иһин бу үлэ Национальнай медицина киинин уонна Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет биир киэн туттуутунан буолар. Ордук чорботон кинигэ сахалыы суруллубутун бэлиэтиэххэ наада. Сүрэх эпэрээссийэлэрин туһунан ааҕааччы киэҥ араҥатыгар анаммыт кинигэ нууччалыы да тылынан бэрт аҕыйах.
Ааптар кинигэҕэ сүрэх туһунан өй-санаа түҥ былыргыттан, киһи аймах саҥа үөдүйүүтүн саҕаттан, хайдах сайдан кэлбитин уонна билиҥҥи кэмҥэ туругун ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тиийимтиэ гына суруйбута кинигэ сыаннаһын өссө үрдэтэр.
.....
Кинигэ суруллуутугар уонна бэчээккэ тахсыытыгар көмө, тирэх буолбут бииргэ үлэлиир кэлэктиибим үлэһиттэригэр уонна «Бичик» кинигэ кыһатын салалтатыгар, үлэһиттэригэр дириҥ махталбын тиэрдэбин!
Грек филособа Платон (428–347 биһиги э.и.) кэпсэтии ньыматынан суруллубут «Федон» айымньытыгар киһи кута мэйиитигэр баар, атын эттиктэриттэн моонньунан араарыллар диэн эппитэ. Платон өйдөбүлүнэн, киһи кута уонна эттигэ уратылардаах, анараа дойдуга аттаннаҕына, хайдах быһыылаахтык уонна туруктаахтык Орто Дойдуга сылдьыбытыттан дьылҕата тутулуктанар.
.....