Чиҥ туруктаах оҕону иитии

Чиҥ туруктаах оҕону иитии
Автор книги: id книги: 2878601     Оценка: 0.0     Голосов: 0     Отзывы, комментарии: 0 300 руб.     (2,74$) Читать книгу Купить и скачать книгу Купить бумажную книгу Электронная книга Жанр: Правообладатель и/или издательство: Айар Дата добавления в каталог КнигаЛит: ISBN: 978-5-7696-6943-9 Скачать фрагмент в формате   fb2   fb2.zip Возрастное ограничение: 0+ Оглавление Отрывок из книги

Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.

Описание книги

Кинигэҕэ үрүҥ ойуун, алгысчыт, бөлүһүөк Кулан хаан оҕону иитиигэ мындыр көрүүлэрин үллэстэр. Кини дириҥ ис хоһоонноох сүбэлэрэ күүстээх санаалаах, чөл куттаах- сүрдээх оҕону иитэн-улаатыннаран таһаарарга төһүү күүс буолуохтара. В книгу вошли советы белого шамана, алгысчыта, философа Кулан хаан о том, как вырастить успешного ребенка с крепким внутренним стержнем. Книга станет подспорьем в воспитании здоровых как физически, так и духовно детей.

Оглавление

Группа авторов. Чиҥ туруктаах оҕону иитии

Аан тыл

Олох саҕыллыыта. Оҕо кыайан үөскээбэтин төрүөтэ

Төрөппүт майгыта-сигилитэ оҕо олоҕор дьайыыта

Эр киһи кэнчээри ыччатын иннигэр эппиэтинэһэ

Ийэ, аҕа «охсуулаах» таптала

Олох тургутууларын ааһарга ийэ оруола

Көҥүл туруктаах оҕону иитии

Көҥөс майгы оҕо олоҕор сабыдыала

Таптал угуттуур улуу күүһэ

Оҕоҕо үтүө хаачыстыбаны иҥэрии

Оҕо баайыллыыта

Арыллыы

Ийэҕэ уонна аҕаҕа сыһыан

Аҥаардас ийэ уонна уол

Эр киһи айылҕатын күүһэ, дьахтар айылгыта

Дьахтар дьиксиниитэ (О женском беспокойствии)

Аҕа көмүскүүр-харыстыыр күүһэ

Түмүктээн эттэххэ

Отрывок из книги

Былыр, киһи аймах айылҕатыттан күүскэ тэйэ илигинэ, оҕо үөскээһинигэр улахан суолта уураллара. Кыыс оҕону кырыы харахтаахха таба көрдөрбөккө кистээн-харыстаан, бүөбэйдээн улаатыннаралларын өбүгэбит олоҕуттан билэбит. Былыр кыыс оҕону улахан сулуу төлөөн кэргэн кэпсэтэллэрэ, ол иһин атыыласпыт киһиттэн сирэй-харах анньыллымаары харыстыыллар этэ диэн сорох дьон этиэхтэрин эмиэ сөп. Хайата да баара.

Оннооҕор күн бүгүҥҥэ диэри сорох илиҥҥи омуктар кыыс уоллуун холбоһон баран хоонньоспут бастакы түүнүн кэнниттэн утуйбут таҥастара хааннаах дуу, суох дуу, ол эбэтэр кыыс төһө ыраас эбитий диэн билэ сатыыллар. Бу былыр сүрдээх киэҥник тэнийбит үгэс.

.....

Буруйдааһын туох да үтүөҕэ тиэрдибэт эрээри, атын киһи хаҕыстык хаарыйдаҕына холку туруктаах хаалар олус уустук. Ол да буоллар айылҕа тутулун быһыытынан, биһиги хас биирдиибит бөҕө туруктаах, бэйэни сатаан салайа тутан, ис турукпут төһө кыалларынан атын киһиттэн тутулуктаммакка, ону тэҥэ хаарыйбыт эбэтэр олоҕу көрүүбүтүгэр сөп түбэспэт дьону бырастыы гынан, аһаҕас сүрэхтээх сылдьар ытык аналлаахпыт. Тоҕо диэтэххэ, көҥүл уонна аһаҕас сүрэхтээх эрэ дьонтон дьоллоох оҕо төрүүр. Ол – айылҕа оҥоһуута.

Киэҥ сирдэринэн айанныы сылдьан билиҥҥи эдэр дьон оҕо төрүүрүгэр олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһалларын сөҕө да, астына да көрөөччүбүн. Эти-сиини эрдэттэн эрчийии, хамсаныы, сүүрүү-көтүү, аһыыр аһы көрүнүү, айылҕаҕа сылдьыы – кэлэр кэнчээри ыччаттарыгар улахан таптал, үтүө сыһыан баарын бэлиэтэ буолар.

.....

Добавление нового отзыва

Комментарий Поле, отмеченное звёздочкой  — обязательно к заполнению

Отзывы и комментарии читателей

Нет рецензий. Будьте первым, кто напишет рецензию на книгу Чиҥ туруктаах оҕону иитии
Подняться наверх