Күн-дьыл билгэтэ
Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.
Оглавление
Группа авторов. Күн-дьыл билгэтэ
КИИРИИ ТЫЛ
КҮНҮ-ДЬЫЛЫ БИЛГЭЛИИ ҮӨРЭН
ҮҮНЭЭЙИНЭН БИЛГЭЛЭЭҺИН
КӨТӨРҮНЭН-СҮҮРЭРИНЭН БИЛГЭЛЭЭҺИН
ДЬИЭ СҮӨҺҮТҮНЭН БИЛГЭЛЭЭҺИН
ҮӨНҮНЭН-КӨЙҮҮРҮНЭН БИЛГЭЛЭЭҺИН
КҮН, ЫЙ, СУЛУСТАР БИЛГЭЛЭРЭ
КИҺИ БЭЙЭТИН ТУРУГУНАН билгэлээҺин
БИЛГЭЛЭР
САЙЫҤҤЫ КҮН-ДЬЫЛ
КҮҺҮҤҤҮ КҮН-ДЬЫЛ
КЫҺЫҤҤЫ КҮН-ДЬЫЛ
СААСКЫ КҮН-ДЬЫЛ
АРДАХ ТҮҺЭРИН БИЛГЭЛЭРЭ
ХААРЫНАН БИЛГЭЛЭР
ТЫАЛЫНАН БИЛГЭЛЭР
КУРААН, ЭБЭТЭР ӨҤ ДЬЫЛ БИЛГЭЛЭРЭ
ИЧИГЭС КЭЛИИТИН БИЛГЭЛЭРЭ
ХАҺЫҤ ТҮҺЭРИН БИЛГЭЛЭРЭ
ОТ, БУРДУК, СИР АҺЫН ҮҮНҮҮТЭ
ҮЛЭНИ-ХАМНАҺЫ, БУЛДУ КЫТТА СИБЭЭСТЭЭХ БИЛГЭЛЭР
СЫЛГЫ ХАҺЫЫТЫН ТУРУГА
ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА
Отрывок из книги
Саха былыргы көлүөнэ дьоно үлэ үөһүгэр сылдьан күн-дьыл туругун мэлдьи кэтээн көрөллөрө уонна инникитин хайдах күн-дьыл күүтэрин сылыктыыллара. Бу үгэс билигин даҕаны салҕанан бара турар. Ол тыа сирин киһитэ үлэтин-хамнаһын тэрийэригэр көмөлөөх. Холобур, кураан кэмнэр уһуннук тура түһүөх буоллахтарына, ходуһаҕа отторун киэҥ далааһыннаахтык охсоллор, сөптөөхтүк куурдан баран мунньаллар. Ардах кэлээри гыннаҕына, охсууларын тохтото түһэн баран, отторун бугуллууллар уонна кэбиһэллэр. Ардах түһэ турдаҕына, уу отун охсоллор уонна ууттан ороон таһааран кураанах сиргэ тэлгэтэ ыһаллар, анаан лаабыс оҥорон, ол үрдүгэр уураллар. Өскөтүн ардах тохтуу-тохтуу түһэрин биллэхтэринэ, отторун охсуутун тохтотоллор. От, куура-куура сытыйдаҕына, хаачыстыбата улаханнык мөлтүүр. Ол кэриэтэ ардах түһэ турдаҕына охсуллубут от, ардах астыбытын кэннэ курааннаан баран иккиһин кэлбэтэҕинэ, күөҕүн, сүмэтин ыһыктыбат дииллэр. Күтэр ордуутун үрдүк сиргэ оҥосторун кэриэтэ, отторун уу ылбат үрдүк сиригэр кэбиһэллэр.
Урукку кэмҥэ нэһилиэккэ биир-икки дьылдьыт оҕонньор баар буолара. Холобур, биһиги Моорукпут нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр норуот тылынан уус-уран айымньытын хомуйааччы, фольклорист Афанасий Семенович Порядин оҕонньор сураҕырара. Кини туһунан: «Охонооһой Бэрээдьин оҕонньор «аны сайын кураанныыр буолла, ый наһаа үөһэнэн сылдьар» диэбит үһү», – диэн кэпсэтэллэрэ. Оттон Чалҕаа нэһилиэгэр Лев Романович Скрябин оҕонньор, Моорукка Егор Васильевич Зыков ыраахха диэри иһиллэр билгэлээх дьон этилэр. Оттон хас түөлбэ, аймах аайы биирдии-иккилии күнү-дьылы билгэлиир уонна күннээҕи үлэни-хамнаһы тэрийэр кырдьаҕас дьон баар буолара. Холобур, мин аҕам Михаил Владимирович Сосин миэхэ сарсын хайдах күн буоларын эрдэттэн сэрэтэрэ. Биирдэ биһиги Мээтэгэй диэн сиргэ отоннуу бараары олордохпутуна: «Отоннуу барбаппыт, көрүҥ эрэ ньээм оту. Бэҕэһээ наһаа элбэх сибэкки баара. Оттон бүгүн ханан даҕаны биир да сибэкки көстүбэт, бары ханна эрэ саһан хаалбыттар. Ити ардахха буолар баҕайыта», – диэн аҕам тохтотон кэбиспитэ. Кырдьык, ол күн от-мас сытыйар улахан ардаҕа түспүтэ.
.....
Мин үксүгэр кини биэрэр ыйытыыларын кыайан быһаарбат этим. Онуоха кини миэхэ өйдөтөн биэрэрэ. Ол кэннэ түмүгэр: "Тукаам, эн кэлэр сууккаҕа хайдах күн-дьыл буолуоҕун туһунан билэ сатыырыҥ үчүгэй. Ол эрэн тус бэйэҥ билгэлии үөрэн. Кырдьаҕастар сарсын хайдах күн-дьыл буолуохтааҕын билгэлээн этэллэрин көннөрү кулгааххынан истэн эрэ кэбиһимэ. Ол истибитиҥ тоҕо оннук буолуохтааҕын, туохха олоҕуран этиллэрин туһунан токкоолоһон ыйыт, ол кэннэ бэйэҥ бэлиэтии көр уонна өйгөр-санааҕар бигэтик хатаан кэбис», – диэн бэрт кичимэлээн эппитэ.
Бу 1942 сыллааҕы ардаҕа суох уот кураан, элбэх аһыҥалаах, от, бурдук үүммэтэх сайыныгар этэ. Мин субаннарбын манаан, кинилэри наар батыһа, сороҕор алаастан алааска үүрэн мэччитэрим. Онон бүтүн күнү быһа аһаҕас халлаан анныгар, айылҕа үөһүгэр сүөһүлэрбин кытары соҕотоҕун сылдьарым. Күн-дьыл уларыйыытын туһунан Мэхээстээх Өлөксөй кэпсээннэриттэн өйдөөн хаалбыппынан, бэйэм тулалыыр эйгэбин чинчийэ көрөр идэлэммитим. Ол миигин элбэххэ үөрэппитэ.
.....