Читать книгу Дьикти түбэлтэ - - Страница 1

Киирии тыл оннугар

Оглавление

Оҕо сааспын санаатарбын эрэ, хопто кынатыгар дайдаран, Хотугу Байҕал кытылыгар тиийбитим эрэ баар буолан хаалар. Ол кумахтаах, тыаллаах-куустаах, көтөрдөөх-сүүрэрдээх төрөөбүт-үөскээбит Саҕастыырым дьоно-сэргэтэ, ыт көлө моргуора субу баардыы харахпар көстөн кэлэрэ баар ээ – мин дьолум, ахтылҕаным.

Ол оҕо сааһым кэрэ-бэлиэ уонна чахчы бааччы буолбут түгэннэрэ – билигин миигинниин аргыстаһаллар, доҕор, ахтылҕан буолаллар. Онон диэн эттэхпинэ, оҕолоор, эһиги эмиэ оҕо сааскыт үтүө өйдөбүллэрин өйгүтүгэр-сүрэххитигэр сөҥөрөн илдьэ сырыттаххытына, кинилэр Олох хайа баҕарар түгэнигэр дьикти бэйэлээхтик тиллэн, биллэн кэлэр өрүттээхтэрин итэҕэйиэххит.

Күндү оҕолоор! Дьэ, билигин кэпсээннэрбитигэр киириэҕиҥ, кинилэри эһиги сэргии ылыныаххыт диэн эрэнэбин.

Сэмэн Тумат,

саха норуодунай суруйааччыта

Дьикти түбэлтэ

Подняться наверх