Кырыыстаах кылаат
Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.
Оглавление
Группа авторов. Кырыыстаах кылаат
КЫРЫЫСТААХ КЫЛААТ (сэһэн)
Ини-биилэр
Көмүс ухханыгар ылларыы
Тукулаан үрэҕин өрө батан
Санааттан санаа салҕанар
Үрэх элгээнин үрдүгэр
Олдьо үрэххэ
Ийэ эһэлиин хапсыһыы
Соһумар сурах
КЭПСЭЭННЭР
ҮС МҮНҮҮТЭ
ДОҔОРУМ КЭПСЭЭНЭ
АЙА
ӨЛБҮТ ТАРАКААН
ҮЙЭ ЧИЭППЭРЭ КЭМ
ЫТ ОҔОТО
ООННЬУУР ЭМИЭ СЭТТЭЭХ (дьиҥнээх олохтон кэпсээн)
ТЫЫРААХЫЛАР
ХАРАҔА СУОХ КУОСКА
КУТА ЫСТАММЫТ
КЭРИТИИ
ИДЭҺЭ ЧООСКУ
«ИТИРИКСИТ» ЭҺЭ
КИЙИИТ АҔАТА
АЛГЫСТААХ ОЛОХ ААРТЫГЫНАН
КҮҺҮҤҤҮ КҮННЭР
ЧӨЧҮӨККЭ БӨҔҮ ХААЛААТАҔЫНА…
Отрывок из книги
Ыстапаан бөлүүн дэлби ыалдьан, сүгүн утуйбата. Сарсыарданан нуктуу эрэ түһэн ылбыта. Арааһа, бу Орто дойдуттан арахсар кэмэ ыган кэлэн иһэр быһыылаах. Кытта кырдьыбыта Маайа даҕаны былырыыҥҥыттан ыла улаханнык аалларан ыалдьар буолла. Билигин дьиэ иһигэр эрэ сылдьаахтыыр, үксүн сытан тахсар. Хайыай, саастара да ыраатан эрдэҕэ. Ыстапаан быйыл аҕыс уон иккис хаара, эмээхсинэ киниттэн түөрт сыл балыс. Бииргэ олорбуттара биэс уон ахсыс сылыгар барда. Түөрт оҕону улаатыннаран киһи-хара оҥорбуттара. Кыыстара Ульяна куоракка дьиэлэнэн-уоттанан олорор. Орто уоллара Сааска ыаллыы улууска күтүөт буолбута отучча сыл буолла. Билигин бэйэтэ ыал эһэтэ. Улахан уоллара Баанньа оһолго түбэһэн суох буолбута. Кыра уол Киэсэ үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, уонтан тахса сыл хас да улууһу кэрийэн үлэлээн көрөн баран, быйыл дойдутугар эргиллэн кэлэн кинилэри кытары кыстаан эрэр. Аччыгый оҕо буолан бэркэ мааныланан улааппыта. Үрдүк үөрэхтэнэн, кийиит сүгүннэрэн аҕалан ийэлээх-аҕатын бэркэ үөрдүбүтэ эрээри, биир да сиргэ түптээн-таптаан үлэлээбэтэ. Арыгы диэн аһы олус биһириир буолан үлэттэн үлэҕэ, сиртэн сиргэ көһө сылдьан олоҕо огдолуйа сыһан баран быйылгыттан, дьэ, көнөн, өйдөммүт курдук. Сахалар отох киһи отутугар өйдөнөр дииллэр ээ. Оттон кини түөрт уончата буолан эрдэҕэ дии. Онуоха эбии үс эмдэй-сэмдэй улаатан эрэр уолаттардаах киһи иннин-кэннин саныыр да кэмэ кэлэн эрдэҕэ. Кийиит манна кэлэн, хата, оҕо саадыгар үлэлээн эрэр. Эр киһи үлэтэ суох. Хотонун көрөн, муус-мас тиэйэн, дьон массыынатын оҥорсон күнүн барыыр. Уолаттар маннааҕы оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаллар.
Ыстапаан бэйэтэ оҕо эрдэҕиттэн холкуоска оҕус сиэтэн, кэлин биригэдьиирдээн, сопхуоска кыладыапсыктаан пенсияҕа тахсыбыта. Эмээхсинэ маҥнай өр кэмҥэ ыанньыксытынан үлэлээбитэ, кэлин оҕо саадыгар ньээньэлээбитэ. Кинилэр саастыыта дьонтон билигин бөһүөлэккэ тарбахха баттанар киһи хаалла. Сэрии кэминээҕи сут-кураан, холкуос, сопхуос ыар үлэтэ үйэлэрин кылгаттаҕа буолуо ээ. Ыстапаан даҕаны сэрии саҕана бэрт элбэхтэ аччыктыыр иэдээнин билбитэ, үгүс эрэйи-муҥу көрбүтэ.
.....
– Чэ, оччоҕо остуолгун тарда тур. Суонньа билигин киирэр ини, – дии-дии, Ыстапаан сиһин имэринэ олордоҕуна, күүлэҕэ атах тыаһаата. – Дьэ, ити кэллэ.
Аһылыкка ийэлэрэ остуолга кэллэ. Ыстапаан эрдэттэн былааннаабыт санаатын этэн, Маайа сарсын балыыһаҕа киирэн сыта түһэн тахсар буолла.
.....