Читать книгу Өтөх иинэ оспот - - Страница 1

Ийэ сүрэҕэ
(Сэһэн)

Оглавление

Оо-дьэ, бөөлүүн иччилээх түүлү түһээтим. Сир ийэ кыһыл төлөн уотунан умайан, кытыастан, дьигиһийэн олорор. Халлааммыт кып-кыһыл. Куттанан аҕай уһугуннум. Туох буолаары гыннаҕай? – аарыматыйа кырдьыбыт оҕонньор оһоҕун иннигэр аргынньахтаан олорон сөҥ куолаһынан сөҥүдүйдэ.

– Аньыы даҕаны. Бу оҕонньор ону-маны түүйэн, – кийиитэ Маарыйа, 45 сааһын саҥа туолбут, уһун хара суһуоҕун кэннигэр чөмчөччү эрийэ тутан, кырыбыайканан туттарбыт ис киирбэх дьүһүннээх, улахан, толуу көрүҥнээх дьахтар саҥа аллайар.

– Ээ, ити моорук буола кырдьыбыт оҕонньору истимэ. Кини дойҕоҕун иһиттэххинэ, сотору сир-халлаан сиҥнэстэр ини, – уола Ыстапаан эттээх миин иһэрин быыһыгар аҕатын мөҕөрдүү туттар.

– Чэ, долоҕойгутугар тутумаҥ даҕаны. Көрөн иһиэххит. Сэрии буолар буолла быһыылаах. Сэрии тыынын түһээн көрдүм. 20‐с сылларга гражданскай сэрии күөдьүйэн, «кыһыллар», «үрүҥнэр» диэн арахсан, норуот ортотугар хаан тохтуута, өлүү-сүтүү бөҕө буолбута. Амырыын дьыала этэ. Онтон билигин дойду бүтүннүүтэ уотунан умайар, эстэр улахан сэриитэ иһэр курдук көрөбүн, – оҕонньор иннин биэрбэт. Хамсатын оһох чанчыгар турар бааҥкаҕа тэбиир.

– Бүт, оҕонньор, оҕону-урууну куттаама, мантан инньэ аан дойдуну эн дьаһайарыҥ буолуо. Хата, бэрт оҕонньор сэбиэтинэн Сталиҥҥа илдьиттэ тириэрт, – уола аҕатын күлэр. – Чэ, Маарыйа, өйүөбүн бэлэмнээтиҥ дуо? Киэһэ төһөҕө кэлэрим биллибэт. Оҕуһум аккаастаабатаҕына, иккитэ кырыммыт киһи.

– Көрөн турдахпына, хаарыан бэйэлээх күөх айылҕабыт умайан күүдэпчилэннэ. Халлааны хаба ортотунан өһөх буруонан субуллан, дьон-сэргэ ытаан-соҥоон, айманан ааста, – оҕонньор түүлүн кэпсиирин тохтоппот.

– Бу оҕонньор түөһэйбит быһыылаах. Бар, сыт эрэ, куһаҕаны ыатара олорума. Уол сиэннэрдээх киһи быһыытынан сэрэнэн да саҥарыа эбиккин, – уола аҕатын сэмэлиирин быыһыгар ыраах барардыы оҥостон, халыҥнык таҥнан, тахсан барар.

– Мин эппэтэҕим да иһин буолара буолуо. Түөһээҥки оҕонньортон ыйыппаттара чуолкай, – оҕонньор өссө да элбэҕи кэпсиэ эбит да уола тахсыбытын көрөн, сонун, бэргэһэтин үрдүгэр түһэн, таһырдьаны былдьаста.

Маарыйа күннээҕи иирбэ-таарба санааларын быыһыгар чугас дьонун уйаҕастык санаан ылла. Биир тэлгэһэҕэ үөскээбит уолугар Ыстапааҥҥа 20 сааһыгар кэргэн тахсыбыта. Киппэ көрүҥнээх, дараҕар сарыннаах, хара куудара баттаҕын өрө анньынар Ыстапаан уолу оччолорго элбэх кыыс сөбүлүүрэ. Олортон талан Маарыйаны ордорбута. Дьөгүөрэптэр дьиэлэригэр биир сиэккэ таҥас тутуурдаах киирбитин күн бүгүн курдук өйдүүр. Оҕонньордоох үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Ийэлэрэ Балбаара эрэйдээх чахчы айыы санаалаах киһи кэрэмэһэ этэ. Олох төрөппүт кыыһын курдук сыһыаннаһара. Икки-үс сыл арыттаах үс оҕолонон, мааны кийиит буолбута. Соҕотох уоллара үс уолламмытыттан оҕонньор киэн туттара. Дьахталларга: «Мин кийиитим курдук элбэх уолланыҥ, оччоҕо саха норуотун элбэтиэххит, төрүккүтүн ууһатыаххыт», – диэн киэн тутта этэрин элбэхтэ истибитэ. Балбаарата иллэрээ сыллааҕыта суох буолуоҕуттан соҕотохсуйан, оҕотугар түһэн хаалла. Уола уһаатаҕына, олох тэһийбэт. Киһи аһыныах, таһырдьа тахсан, уола кэлэр суолун көрө турар буолааччы. Кэлин түҥ-таҥ, солуута суох, саҥарара элбээтэ. Быйыл икки сиэнэ куоракка үөрэнэ киириэхтэриттэн саҥата-иҥэтэ эбии мэлийдэ. Хонон турдаҕын ахсын эбии оҕотугар түһэн иһэр. Улахан уоллара Миитээ учуутал кыыһы кэргэн ылан туспа олорор, бэйэтэ холкуоска сылгыһытынан үлэлиир. Кийиит оҕо күүтэр. Онон сотору «эбээ, эһээ» буолаары сылдьаллар. Саныахха үчүгэй. «Оҕонньору аһатыахха баар этэ» диэн, ыҥыра тахсыах курдук туттан иһэн, аан аһыллар тыаһын истэн, тохтоон хаалла.

– Ийээ, эһэбит тоҕо таһырдьа соҕотоҕун сылдьарый? Халлааҥҥа хантайан туран, илиитин өрө уунан, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу көрдөһө турар. Дьиэҕэ киллэрэ сатаатым да туох иһин буолуммат, – Миитээ ийэтин утары турар олоппоско олорор. – Бар, киллэр, эйиэхэ киириэҕэ.

– Аһаан барар инигин. Эһэҕинээн аһаан бар. Үөрүөҕэ. Эһигини, сиэннэрин, суохтаан ордук иэдэйдэ.

– Эһэм ити тугу этэрий? Сир-дойду хаанынан уһунна… Сэрии… Оҕолорбун быыһаа… Алдьархайга тиэрдимэ диэмэхтиир. Туох буоллаҕай?

– Ээ-чэ, тугу саҥарарын билбэт. Төбөтүгэр туох түспүтүнэн мээнэ баллыгырыы сылдьар. Билигин киллэрэн, аһатан баран сытыарыам, – Маарыйа түргэн соҕустук таҥнан, таһырдьа тахсар.

Сотору буолаат, ааны балачча аргытан, оҕонньору илиититтэн сиэтэн киллэрэр. Тымныы туман дьиэҕэ кутуллар. Миитээ дьонугар утары баран, эһэтин сонун, бэргэһэтин уһуларыгар көмөлөһөр. Этэрбэһин устан, куобах тириитинэн тигиллибит чараас дьиэҕэ кэтэр куллукатын кэтэрдэр.

– Уу, оҕом, Миитээ кэлбит эбит дии. Дьэ, оҕом, тугу кэпсиигин? – сиэнин көрөн, саҥа аллайар.

– Эһээ, үчүгэйбин. Үлэлии сылдьабын. Аһыахха, ийэм эттээх миин буһарбыт.

– Былыр биһиги икки тарбах халыҥнаах сыалаах эти сиирбит. Эбэҕит сандалыга хоторон кэбиһэрэ. Күнү быһа соһо сылдьан сиир этибит. Дьэ, көр буолара, – эһэлэрэ кэпсииргэ сананан, олоппоһугар тиэрэ түһэн быар куустар.

– Ол кэлин этэ. Бырааһынньыктарга биирдэ эмэ кырбаһынан буһарарбыт. Эһиги эбэлиин быстар дьадаҥытык олорбуккут. Барытын бутуйан кэбиһээхтээбиккин, – Маарыйа оҕонньор көхсүн сымнаҕастык имэрийэн ылар.

– Ээ, мээнэни саҥарыма. Мин барытын өйдүүбүн. Биһиги, Дьөгүөрэптэр, бэркэ олорбуппут. Ити мин Ыстапааным ханна барбытай? Ийэтинээн тыаҕа мас мастыы бардаҕа. Бэҕэһээ киэһээ оттоон кэлэн истэхпинэ, кинилэр мас абырҕалын сүгэн иһэллэрэ… – өссө да элбэҕи кэпсиэх кырдьаҕаһы икки өттүттэн өйөөн, хоһугар киллэрэллэр.

– Хата, сөбүлэһэн сытта дии. Баран иһэн биэлсэр Никиитэни ыҥыраар эрэ, оҕонньору көрүө этэ. Күн ахсын мөлтөөн иһэр, – Маарыйа уйадыйбыт куолаһынан саҥарар.

– Эһэм кырдьык мөлтөөбүт. Ити тугу саҥарар? Сытан баран эмиэ «сэрии… сэрии» диэн баллыгырыыр. Аҕам аҕатын аҕыйах хонукка көрөн, тохтуу түһүө эбит. Күнү быһа уолун күүтэн муҥнанаахтыыр. Киһи аһыныах. Чэ, ийээ, мин бардым.

– Эһэҥ сылдьа түһэр ини. Сибилигин наһаа баран хаалбатар бэрт буолуо этэ. Уолунан олорор, кыра оҕо курдук саныыр. Биэлсэр Никиитэни ыҥыраргын умнума. Үйэтигэр эмтэммэтэх киһи туһаныаҕа. Бырааттарыҥ тугу да биллэрбэттэр.

– Үөрэнниннэр. Мин да үөрэммэтэҕим сөп, – Миитээ хараастан ылар.

– Эн да үөрэниэҥ. Вера үөрэттэриэҕэ. Онтон билигин үчүгэйкээн сиэни бэлэхтээн, аҕаҥ биһигини эдэр эбэ, эһэ оҥортоотоххуна, дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо?

– Чэ, ийээ, киэһээ охсуллан ааһыам, – Миитээ ааны күүскэ сабан, тахсар тыаһа иһиллэр.

Маарыйа улахан уолун Миитээтин, дьиэ кэргэн саамай үөрэхтээхтэрин, учуутал үөрэҕэр үөрэнэр Ыстапаанын, тырахтарыыс идэтин ылаары үөрэнэ сылдьар мурун бүөтүн, Баһылайын – сүрэҕин ытарҕаларын, оҕолорун, эмиэ да үөрэ, эмиэ да уйадыйа санаан, иһийэн турда.

II

Саас кэлэн иһэрэ биллэр. Күн уһаан, ылааҥытыйан, оҕо‐уруу таһырдьаттан киирбэт. Хаар быһа сиэн, онон-манан сир хараарбыта ириэрии буолбутун кэрэһилиир. Маарыйа түннүгүнэн Ыстапаана үлэтиттэн кэлбитин көрөн, утары таҕыста. Дэлби тиритэн куобах бэргэһэтин кэтэҕэр сэгэччи аспыт, түнэ саҕынньаҕын нэлэкэйдэммит, ынах тыһа этэрбэһин талах сиппииринэн тэбэнэ турарын көрөн, дьахтар мичээрдии тоһуйда.

– Хайа, аҕам хайдаҕый? – Ыстапаан бастакы ыйытыыта аҕатын туһунан буолла.

– Тэп курдук. Баһылааһыгар барда. Бүгүн куобахха туһах иитэринэн ыалдьан турбут.

– Оо, оччоҕо сарсын тыаҕа тахсарын айдаана буолара буолуо. Ол аайы быйыл уола Баһылай суох. Тырахтарыыс буолаары үөрэнэн муҥнана сырыттаҕа. Чэ, дьиэҕэ киириэххэ. Итии курдук эрээри дэлби дьагдьайдым.

Дьиэлэригэр киирэллэр. Маарыйа түргэн соҕустук туттан, кэргэнигэр итии чэй кутар. Остуолга эрдэ бэлэмнээбит күөрчэҕин, лэппиэскэни тоһута тутан уурталыыр.

– Дэлби аччыктаатым. Маарыын сарсыарда сүөһүлэр отторо бүттэҕэ диэн ыксаан, сылбырхай чэй иһээт барбытым. Сүөһүлэриҥ хайдахтарый? – итии чэйин сыпсырыйарын быыһыгар кэргэнин эйэҕэстик көрөн ылар.

– Ээ, үчүгэйдэр. Быйыл 40 борооскуну биэрэннэр ыарырҕаттым. Урут 30–35 буолар этэ. Саатар, тас үлэһитим да боростуойа бэрт. Отун түннүгүнэн ыһан-тоҕон баран элэс гынар. Кэннэ кэтинчэ да буоллун – кыһаммат. Былырыын бэйэм Баһылайым буолан үчүгэй этэ.

– От тиэйиитэ бүттэҕинэ, мин оккун бэйэм да угуом. Уолбут тырахтарыыс буолан кэллэҕинэ, аны кыһын от тиэйиитэ чэпчиэ. Наар оҕуһунан сыккырдатар сылаалаах. Тойоммут Бүөтүр Бөтүрүөбүс киһи киһитэ буолан абыраата. Дьаһаллаах, ыччат бөҕөнү үөрэххэ ыытта. Оскуола тутарга ылсан, мас бэлэмнээн, дьон санаата кэллэ. Инникини, кэскиллээҕи толкуйдуур чахчы үчүгэй сэбиэт бэрэссэдээтэллэннибит. Ол иннинэ олорбут Сэмэн Сэмэнэбис бырдааттанан ыарахан, бардам баҕайы киһи этэ. Чэ, мин мас мастыы таҕыстым. Таарыйа хоспохтон куобах туһахтарын таһааран көрүөм. Ол аҕам санаммыт буоллаҕына, кинини туох да тохтоппот. Сарсын халлаан суһуктуйуута барбыта эрэ баар буолуо. Миитээни сэрэтиэххэ наада. Эһэтин кэтии сылдьыа этэ. Билигин Баһылаастан алдьаммыт туһах ылан, үөрэн-көтөн кэлиэ.

– Чахчыта оннук. Баһылай сир хараарыыта кэлэрэ буолуо. Бааһына тиэриитигэр төбөтүн оройунан түһэр ини, – ийэ кыра уолун санаан, сирэйдиин-харахтыын сырдыыр. – Онтон үөрэхтээхпит Ыстапаан аны сайын биирдэ кэлэр.

– Оннук, чэ, мин таҕыстым, – Ыстапаан оһох кэнниттэн сүгэтин ылан, тахсан барар.

Чуумпурбут дьиэтигэр Маарыйа соҕотохсуйа түһэр. Киэһээҥҥи аһылыгын бэлэмнээри ириэрэ киллэрбит этин ылан, кырбаан барар.

Бөһүөлэккэ нууччалыы тутуулаах дьиэ аҕыйах. Бу дьиэлэрин икки сыллааҕыта туттан киирбиттэрэ. Ыстапаан тутууга дьоҕурдаах буолан, уолаттарынаан түргэнник көҥдөйүн таһаарбыттара. Дьиэ ис үлэтин от үлэтин быыһыгар бүтэрэн-оһорон испиттэрэ. Ыстапаан бииргэ үөскээбит үөлээннээхтэрэ илии-атах буолан абыраабыттара. Хардары-таары көмөлөсүһэн, сорохторо саха балаҕана да буоллар, бары дьиэлэннилэр.

Бэл, эһэлэрэ улаханнык көмөлөспүтэ. Бөҕүн-саҕын тута хомуйан иһэринэн баҕас абыраабыта. Баһылаас оҕонньор уола Бүөтүр оһохчут буолан, билиитэлээх оһох тутан, ол күһүн дьиэлэригэр киирбиттэрэ. Саҥа дьиэлэнэн үөрбүттэрэ даҕаны. Эһэлэрэ, холуочуйбучча, ол киэһэ үҥкүүлээн тэйиэккэлиирэ бу баарга дылы. «Балык ыамнаах, киһи күннээх», – диэмэхтиирэ. Билигин ыал үксэ нууччалыы билиитэлээх оһоххо көһөн абыраннылар. Маһы да көмүлүөк оһох курдук сиэбэт. Урут кини дьоно эрэйдээхтэр күнү-түүнү быһа оттон эрэй бөҕөнү көрөллөрө. Атын холкуос дьоно кинилэр байылыат олохтоох холкуостарыгар, бэрэссэдээтэллэригэр, оһохчуттарыгар ымсыыран аҕай биэрээхтииллэр. Маарыйа араас кэккэ санааларын быыһыгар холкуоһун онтон үргүлдьү бэйэтин хотонугар тахсарга сананан, үлэҕэ кэтэр таҥаһын таҥнан хачыгырайда. Ыстапаан оһоҕун отуннаҕына, бэлэм аһы баҕас буһарыаҕа. Дьахтар таһырдьа тахсаат, аҕалаах уол улахан баҕайытык кэпсэтэн көбдьүөрүһэн кыбыыларыгар сылдьалларын көрөн, мүчүк гынна. Оҕонньор барахсан соҕотох маанылаах уолун көрөн, сүрэҕэ төһө эрэ сылаанньыйан сылдьаахтыыр. Урут-уруккуттан уолугар кыра оҕо курдук сыһыаннаһар. Биирдэ эмэ кэргэнэ ааттаах киһи кыыһыран кытаанах соҕустук саҥардаҕына, уолун көмүскэһэн иннин-кэннин билбэт буолуор дылы кыыһыран сордонооччу. Бэл, ийэтигэр мөхтөрөөччүтэ суох. «Дьиэ иһигэр икки дьахтар баара – оҕобун көмөлөөн сиир буоллулар», – диэн дьону, бэл, сиэннэрин күллэрээччи. «Таптал уотугар угуттанан иитиллибит дьоллоох уолгун», – диэн табаарыстара күлээччилэр. Төрөппүт таптала оҕотугар хайдах курдук күүстээҕин аҕа кынныгар көрөр. Киргиэлэй оҕонньор сааһыран баран кэргэннэнэн, оруобуна орулуур отут сааһыгар диэбиккэ дылы, 35 сааһыгар уол оҕолонон күнэ тахсыбыта. «Ороһу» уолун былыттаахха быктарбакка, күннээххэ таһаарбакка, сытыы тыллаахха чугаһаппакка ииппит. Улахан баҕайы уончалаах уолу санныгар сүгэ сылдьарын, бэл, Маарыйа өйдүүр.

Ыстапаана бэйэтэ даҕаны аҕатыгар наһаа өйөммүт, 50‐чэлээх киһи дьиэ иһинээҕилэр оҕонньор ханна сылдьарын билбэт буоллахтарына сөбүлээбэт, уолаттарынан бөһүөлэги биир гына кэрийтэрэн, булан тэйэр идэлээх. Иллэҥ эрэ буоллаллар иннэлээх сап курдук суксуруһаллар. Ийэлэрэ Балбаара «мин дьонум» диэн сүрдээх истиҥник-иһирэхтик ааттыыра. Маарыйа таптал уйаламмыт дьиэтигэр кийиит буолан киириэҕиттэн Дьөгүөрэптэр үтүө үгэстэрин тутуһан, холобур оҥостон, оҕолорун бэйэтин иһирэх тапталынан угуттаан иитэр уонна үлэҕэ, олоххо сиэрдээхтик сыһыаннаһарга такайар. Билиҥҥитэ санаа хоту барыта этэҥҥэ курдук эрээри, «олох олоруу ыраас хонууну туорааһын буолбатах» диэн өс хоһоон ис тутулун үчүгэйдик өйдүүр буолан, сиэри-туому төһө кыалларынан кэспэт өйдөбүлүн олох ханнык баҕарар түгэнигэр тутуһар бигэ санаатын ыһыктыбат.

III

Маарыйа бүгүн хара сарсыардаттан сүрэҕэ күүскэ тэбэн, хайдах эрэ ис-иһиттэн уйулҕата хамсаан уһугунна. Бөөлүүн түүн куһаҕан да түүлү түһээтэ. Убайа Баһылай Андросов тоҥуу хаарга бүтүннүү кыа хаанынан уста сытан тураары үнүөхтүүр. Тулата төгүрүччү үнтү тэпсиллэн, чигдийбит хаар кытаран көстөр. Убайын үрдүнэн хара суордар халаахтаан эргийэ көтөллөрүттэн куттанан-соһуйан, оронугар олоро түспүтэ. Ыстапаана уһугуннаран, төҥкөйөн турарын көрөн, тиргэҕэ иҥнибит кус курдук сүрэҕэ биллигириирин биллэримээри: «Эрдэ эбит», – диэт, суорҕанын бүрүнэ тарпыта. Түүлүн кэпсии барбатаҕа. Дьон араастаан сыыһа тойонноон кэбистэҕинэ, түүл куһаҕан өттүгэр көһүөн сөп диэн истэрэ. Сарсыарда таһырдьа тахсан, анаан оҥостон туран, оллур-боллур намыһах сири булан, «түүлүм туолбатын» диэн ботугуруурун быыһыгар хаҥас өттүнэн саннын нөҥүө үстэ төхтөрүйэн силлээбитэ буолан, санаатыгар, түүлүгэр туочука туруорбута. Убайа Баһылай Андросов Дьокуускай куоракка учуутал семинариятын бүтэрбит, Саха сирин бастакы үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ, Саха сиригэр Сэбиэскэй былаас олохтоноругар нэһилиэгэр ревком бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 20‐с сылларга гражданскай сэрии күөдьүйэн, дьон сэргэ улаханнык аймаммыта, аҕыйах ахсааннаах сахалар икки ардыларыгар өһүөннээһин тахсан, хаан элбэхтик тохтубута. Маарыйа оччолорго 22‐лээх эдэр дьахтар бастакы уола Миитээтэ үстээх, иккиһэ Ыстапаана биирдээх этилэр. Көтөххө сылдьаллара. Миитээтэ үстээх да буоллар сүрдээх иринньэх этэ. «Киһи дуу, кии дуу буолара таҥараттан тутулуктаах», – диирэ эбэлэрэ Балбаара. Эһэлэрэ Киргиэлэй мындыр өйдөөх кырдьаҕас буолан сэрии саҕаланан, кинилэр улуустарыгар куттал суоһаабытыгар дьиэ кэргэнин бултуур кыһыҥҥы үүтээнигэр илдьэн кыстаппыта. Онтон убайа Баһылай Андросов дьонун кыайан көһөрбөккө, олорон биэрээхтээбитэ, ол түмүгэр бэйэтин уонна аҕыйах ыйдаах кыыһын былдьатаахтаабыта. Кэргэнэ Марыына эрэйдээх аһыытын тулуйбакка, улаханнык ыалдьан, суорҕан-тэллэх киһитэ буолан, сыл аҥаара эрэ сыппыта… Ол ыар кэми Маарыйа умнубат. Убайын тутан илдьэ баралларын төһө да илэ хараҕынан көрбөтөр, быраата Лука, таайын Ньукулай Орлов кэпсээннэриттэн барытын билэр. Ийэтэ Мотуруона эрэйдээх хара өлүөр дылы ол алдьархайдаах кэмнэри ахтан хараҕын уутунан суунаахтыыра.

Гражданскай сэрии харах уулаах ыар тыына киһи өйүттэн-сүрэҕиттэн сүппэт гына дьахтар дууһатыгар ойууланан хаалбыта хараҕар субу баардыы көстөр…..Ааны тоҥсуйар тыас улам күүһүрэн истэ. Хостон саар тэгил уҥуохтаах баттыктаах тайахтаах эдэр киһи тахсан, ааны аһан биэрдэ. Аан аһылларын кытта сааларын өрө туппутунан, уонча киһи субуруһан дьиэҕэ көтөн түстүлэр. Кинилэр кэпсэтэ да барбаккалар, хоһу барытын түөрэ сүпсүйдүлэр, дьиэлээхтэри биир муннукка хаайдылар. Тойонноро быһыылаах, кылгас сонун нэлэккэйдэнэн, истиэнэҕэ өйөнөн туран саҥата суох табахтыыр. Кини кыараҕас, сүүрэлэс харахтарынан эдэр киһини быһыччы көрөр.

– Эн дуо, Андросов?

– Мин.

– Эрэпкиэҥҥин дуо?

– Кыра-хара дьон баттыгастан тахсалларын туһугар төһө күүһүм кыайарынан көмөлөһөбүн уонна көмөлөһүөм даҕаны.

Бандьыыт, ымах гынаат, Баһылайы сирэйгэ биэрдэ. Тойоннорун аттыгар турар кыыллыйбыт бандьыыттар кэрээнэ суох күлэн алларастастылар. Кинилэр Баһылайы, быраатын Луканы, таайдарын Ньукулай Орлову түҥ-таҥ түһэрэн, уорааннаах тохсунньу ый тымныытыгар түҥнэритэ анньыталаан илдьэ барбыттара. Сотору буолаат, олбуор иһэ им-дьим буолла. Дьиэ иһигэр инчэҕэй эттээх тулуйбат ытабыла-соҥобула. Туох да көмүскэлэ суох ийэлэрэ Мотуруона эмээхсин, Баһылай кэргэнэ Марыына уонна аҕыйах ыйдаах кыракый кыыс аймана хааллылар.

…Киэһээҥҥи кылгас күн киирэн, түргэнник хараҥаран барбыта. Бэрт элбэх систэри, үрүйэлэри ааспыттарын кэннэ ырыых-ыраах уоттар кылахачыһан көһүннүлэр. Утаакы буолбата, аттаахтар дэриэбинэ иһигэр киирдилэр. Хаайыылаахтары түҥ-таҥ анньан, аанньа оттуллубатах тоҥ хаһаа ампаар дьиэҕэ киллэрэн, хаайталаан кэбистилэр.

Сарсыныгар Баһылайы саалаах дьон иннилэригэр уктан ыстааптарыгар киллэрбиттэрэ. Остуолга хара бытыктаах, толуу көрүҥнээх, байыаннай таҥастаах киһи олорор. Кини Баһылайы батары көрөн олорон:

– Эн Андросовтара диэн буоллаҕыҥ дии, – диэт, ыскааптан баран тугу эрэ ылла.

– Ким да буолуум. Ол эн дьыалаҥ буолбатах.

– Аргыый, өйдүү-өйдүү саҥар. Эн олоҕуҥ биһиги илиибит иһигэр. Эйигиттэн биһиги элбэҕи тугу да эрэйбэппит. Эн биһиэхэ биири эрэ этиэхтээххин – ревкомҥа кимнээх киирбиттэрэй? – диэн тойон бэрт албын куолаһынан ыйытар.

– Мин табаарыстарбынан эргиммэппин. Миигиттэн тугу да истиэҥ суоҕа.

– Саҥарба, чиччик! Син-биир саҥардан тэйиэхпит, – диэт, тойон бэстилиэтин сулбу таһыйан ылла. – Саҥарбатаххына, сүүскэр – буулдьа, сүрэххэр – быһах. Хайа, тоҕо саҥарбаккын? Дьэ, эн билигин Чурапчытааҕы конференцияҕа курдук биһигини тоҕо ыкпаккын-түүрбэккин? Киһи эрэ буолларгын, биһиги илиибитигэр түбэстиҥ ээ. Оҕобун кытта кэпсэтэр-аахсар күн тирээтэҕэ үһү. Чэ, этэҕин дуу, суох дуу?

– Олус киэбиримэ. Эн туохха тирэнэн бачча киэбирэҕин? Ити хамса табах, кутуу чэй туһугар сылдьар дьоҥҥунан дуо?

Бандьыыт тойоно, кыбдьыгырыы түһээт, Баһылайы сирэйэ-хараҕа диэбэккэ, үнтү сынньан киирэн барда. Онтон икки саалаах бандьыыт Баһылайы түҥнэри охсон түһэрдилэр. Кинилэр сыгынньах кэриэтэ киһини соһон таһаардылар. Тымныы сүрдэммит. Бандьыыттар Баһылайы таҥара дьиэтин иннинэн чочуобуна кэтэх өттүгэр, умса-төннө анньыталаан аҕаллылар. Төһө да күүһэ-сэниэтэ эһиннэр, ревком бэрэссэдээтэлэ тоҥуу хаарга баҕаналыы тэбинэн турда. Бандьыыт тойоно киниэхэ ынан кэллэ уонна тииһин быыһынан сыыйан ыйытта:

– Хайа, өйдөннүҥ дуо?

– Өйдөөн турабын.

– Чэ, эт!

– Эһиги бандьыыттар диэн дьиҥнээх ыттаргыт. Эһиги… – диэн истэҕинэ, бандьыыт тойоно эмиэ түҥнэри охсон түһэрдэ. Баһылай туох баар күүһүн түмүнэн, тоҥуу хаартан туран кэллэ. Бандьыыттар сааларын сомуогун туруоран халыгыраттылар. Бассабыык Баһылай саа уоһугар туран бассабыыктыы эрчимнээх тыллары эппитэ:

– Саллааттар! Эһиги кыһалҕаҕа кыпчыттаран, баайдар албыннарыгар оҕустаран сылдьаҕыт. Ким иннигэр эһиги тосту тоҥон, толоон аайы охтоҕут? Кимнээҕи өлөрөөрү тураҕытый? Биһиги аҥаардас эһиги иннигит иһин бу буолан турар дьоммут. Хамначчыт кыра-дьадаҥы дьон көмүскэллэрин иһин, баайдар суостаах батталларын кытта мөккүспүт «буруйбутугар» охтон эрэбит. Ону бэйэҕит өйдөөҥ, санааҥ! Бассабыык баартыйа барҕардын! Кыһыл аармыйа кыайдын! Туругурдун Сэбиэскэй былаас! Чэ, бэлэммин!

Сотору буолаат, хас да бинтиэпкэ тыаһа тоҕо ыстанан, ыраахха диэри дуораһыйда.

Ити курдук, бандьыыттар Сэбиэскэй былааһы олохтоспут, ревком бэрэссэдээтэлин, бассабыык, Андросовтар баар-суох убайдарын Баһылай Андросовы 1922 сыллаахха тохсунньу 11 күнүгэр ытан өлөрбүттэрэ. Ити күн кини лоп курдук 33 сааһын туолбута.

Убайын өлөрүөхтэриттэн 19 сыл ааста. Ол аһыыта-абата ааспат. Биир дьиэ кэргэн уота умуллубута… Итинтэн тэптэрэн, Андросовтар аймахтар эстибиттэрэ. Быраата Лука тоҥ хаһаа ампаар дьиэҕэ сытан, сэбиргэхтэтэн күүскэ ыалдьыбыта. Элбэхтик эмтэммитэ эрээри сэллик ыарыыга хаптаран, дьиэ-кэргэн тэриммэккэ кылгас үйэлэммитэ. Соҕотох Маарыйа эрэ хаалбыта. Ол иһин Ыстапаанынаан сүбэлэһэн баран, кыра уолларын Баһылай Андросов диэн сурукка-бичиккэ киллэрбиттэрэ. Оҕонньордоох эмээхсин да утарсыбатахтара. Өтөх иинэ оспот. Оҕото Баһылайа ситтэҕинэ-хоттоҕуна, үлэһит бэрдэ буолан, оҕо‐уруу төрөтөн, Андросовтар ааттарын ааттатыа, хаан аймаҕы тэнитиэ.

Маарыйа бүгүҥҥү күннээх курус санаатыттан босхолонон, чэпчии быһыытыйда.

IV

Бэс ыйын 19 күнэ. Сир-дойду ситэн-хотон, күөҕүнэн силигилээн, самаан сайын саамай күөҕүнэн чэлгийэр, минньигэс сытынан сүрэҕи нүөлүтэр кэрэ кэмэ. Сырдык, ыраас үрүҥ түүннэр үүнэннэр, чыычаахтар чыбыгыраһар саҥалара сири-дойдуну ылан кэбистэ. Куула тыаҕа чоргуйар кэҕэ куолаһа олох уйгулаах тойуга буолан иһиллэр.

Бүгүн ыһыах. Оҕо‐дьахтар ыһыахха анаан тиктибит саҥа халадаай былаачыйаларын, ырбаахыларын кэтэн, бары ыһыах буолар түһүлгэтин диэки субустулар. Эр дьон бэрт дьоһуннаахтык туттан, бэйэлэрин икки ардыларыгар дорҕоонноохтук кэпсэтэллэрин быыһыгар ыһыах ыһыллар сиригэр наллаан хаамтылар.

Маарыйа дьонун ыһыахха атаартаан баран, түһүлгэҕэ олорон аһыыр астарын бэлэмнээтэ. Бэҕэһээ Ыстапаан илимнээн сарсыардаттан собо ыһаарылаабытын, оҕолор кэллэхтэринэ ыһыахха сиэхпит диэн хаһааммыт ынаҕын этин кырбаһынан буһарбытын, сибилигин астаабыт алаадьытын туос ыаҕайаҕа сааһылыы уурталаата. Онтон былырыын сайын ыһыахха кэтиэм диэн анаан тиктэрбит халадаай былаачыйатын, үрүҥ сарыы этэрбэһин кэтэн, хара суһуоҕун кэннин диэки эрийэ тутаат, кичэйэн туран, сиидэс маҥан былаатынан бобуонньуктуу баанан, дьиэтин аанын талах сиппииринэн баттатан дьон субуһар сирин диэки сылбырҕа соҕустук туттан хаамта.

Тиийбитэ, хайыы-үйэ холкуос бэрэссэдээтэлэ Алексей Васильевич үлэни-хамнаһы ырытан, дакылааттаан ырааппыт. Остуолга сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Бүөтүр Бөтүрүөбүс уонна биригэдьиир Махсыым томтоһон олороллор. Сотору дакылаат бүтэн, бириэмийэлэри туттартааһын саҕаланна. Ыстапаан бириэмийэҕэ эмиэ тигистэ. Хас киһи ааттаннаҕын ахсын кулууп үлэһитэ Ньукулай Торговкин хаһан да иэйбэтэҕин иэйэн, хормуоскатын ыыра тардыах курдук күүскэ тардыалыы олорор. Маарыйа дьон быыһыгар уолаттарын хараҕынан көрдөөтө да таба тутан көрбөтө. Киргиэлэй оҕонньор остуол иннигэр олох маска, араатардьыттар тылларын сыыска-буорга түһэрбэттии, кулгааҕын даҕайа тутан олорор. Кырдьаҕас киһиэхэ көнө уҥуохтаах оҕонньор. Өссө аҕыйах сыллааҕыга дылы чыначчы туттан баран, доҕулдьуйан хаамара.

Биригэдьиир Махсыым тыл этэн чоргуйбутугар сэргэхсийии буолла. Маарыйа кулгааҕын уһугунан иһиттэҕинэ, Миитээ үчүгэй, тахсыылаах эдэр ыччат үүнэн эрэрин туһунан үтүө тылынан ахтыллан ааспытын ийэ үөрэ иһиттэ. Быйыл эдэр тырахтарыыс Андросов Баһылай күнү-түүнү аахсыбакка таһаарыылаахтык үлэлээн, бурдук, сиэмэ ыһыыта хаһааҥҥытааҕар да эрдэ түмүктэммитэ бэлиэтэнэн, эһэлэрэ оҕонньор иннин-кэннин билбэт буола үөрдэ, аттыгар олорор кырдьаҕас үөлээннээхтэригэр айаҕа хам буолбакка кэпсиириттэн сэрэйдэххэ, сирэйигэр-хараҕар киэн туттуу бэлиэтэ көстөр.

Сотору буолбата, кэнсиэр саҕаланан, ырыаны-тойугу тардан кэбистилэр. Дьахталлар холкуостаах эр дьону ырытан, ыллаан эйээрбиттэригэр эр дьон мүлүк-халык тутуннулар, кэтэхтэрин да тарбанааччылар баар буоллулар. Көрөөччүлэр күлсэн иэрийэ сыыстылар. Нэһилиэк байаньыыһа Ньукулай Торговкин кэргэнинээн Аанчалыын ыллаан доллоһуппуттарыгар сүүһүнэн киһи чуумпуран хааллылар, бэл, мэник-тэник кыра уолаттар тохтоон ыллылар. Дьэ, куоластаах дьон. Хас бырааһынньыгы кинилэр киэргэтэллэр. Биирдэ эмэ кэнсиэргэ кыттыбатахтарына, дьон астыммат. Куһаҕан кэнсиэр аатырар.

Түһүлгэнэн олорон аһааһыҥҥа сылгы кымыһын, үтэһэлээх эти дьиэ кэргэн ахсаанынан биирдиилээн түҥэттилэр. Кэлэр ыйдааҕы абаансаҕа аахсыахпыт диэтилэр. Дьон үөрүү-көтүү, сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ аҕай. Ыстапааннаах Маарыйа аһаан-сиэн кимиритэр уолаттарын астына көрө олордулар. Кийииттэрэ Вера иһэ төгүрүйэн, Миитээтэ сүгэн аҕалбыт мас олоппоһугар нэһиилэ олорор. От ыйын ортотугар оҕолонуохтаах, ый эрэ хаалбыт, этэҥҥэ буоллаҕына аны ыйынан «эһэ», «эбэ» буолуохтара. Эһэлэрэ Киргиэлэй оҕонньор сиэннэрэ тиит маһы туруору аспыт курдук лиһигирэспит уолаттар олороллоруттан дуоһуйан, киниэхэ эрэ анаан саламаат буһаран аҕалбытын сиэбэккэ, амтаһыйбыта буола олордо.

– Дьэ, оҕолорум, билигин сахалыы оонньууга Дьөгүөрэптэр ааттарын түһэн биэрбэтэххитинэ табыллар. Мин урут эдэр эрдэхпинэ, чиргэл тиит маһы тосту тутар кыахтаах киһи этим. Аҕаҕыт эмиэ эдэр сылдьан кус быһый, ат бөҕө эр бэрдэ этэ. Ыһыаҕы ылан кэбиһэрбит, – кырдьаҕас кэпсиирдии оҥостубутун көрөн, уола мүчүк гынан баран, тохтотордуу аҕатыгар нөрүс гынан, кулгааҕар сибис гынар.

– Аҕаа, киэһэ дьиэбитигэр тиийдэхпитинэ, нус-хас кэпсэтиэхпит. Билигин оҕолор күрэхтэһэ бараары ыксыы олороллор. Саламааккын сиэн кэбис, иккиэн күрэхтэһии көрө барыахпыт.

Киргиэлэй оҕонньор сөбүлэһэн, тоҥхоҥноон ылар. Ону эрэ күүппүттүү, уолаттар сулбу-халбы аһаат, ойон туран: «Күрэхтэһиигэ сурутуҥ», – диэн дорҕоонноох саҥа иһиллэр сирин диэки сүүрдүлэр. Ыстапааннара Бүөтүр Бөтүрүөбүс кыыһын Киристиинэлиин иннэлээх сап курдук суксуруһалларын таба көрөн, мунчааран ылла. Сэмэй баҕайы кыыс, бэл, кинини утары көрүстэҕинэ, иэдэһэ тэтэр гына түһэр. Онтон Баһылайдара, «ыал кыра оҕото» диэх курдук, кыыска эрэ наадыйбат. Тэҥнээхтэрин кытта күөн көрсөн, сотору-сотору тустан хачымахтаһаллар. Хапсаҕайдаһар санаалаахтар быһыылаах.

Маарыйа күрэхтэһиини көрөөрү, дьүөгэтинээн Мачыаналыын кэккэлэстэ. Мачыана уруккутун курдук күлэ-үөрэ кэпсэппэккэ, дьиппинийэ соҕус туттан олордо.

– Ыстапааныҥ үөрэхтэнэн, үөһэлэри эрэ көрөр буолбут быһыылаах. Мин Өлөөнчүкпүнээн балтын эрэ курдук кэпсэтэр. Сэбиэт бэрэссэдээтэлинээн уруурҕаһар буолбуккун. Мантан ыла хара-кыра дьон атарахсытылларбыт буолуо.

– Чэ, мээнэни саҥарыма. Оҕолор бэйэлэрэ билэн эрдэхтэрэ. Олохторо иннилэригэр турдаҕа. Холбоһон, эрэргэ дылы, айманнаххын, – Маарыйа дьүөгэтин саба саҥарар.

Күрэхтэһии саҕаланан, дьон күрэхтэһээччилэргэ ыалдьан, ыһыы-хаһыы бөҕө буолла. Дьөгүөрэптэр уолаттара сүүрүү, хапсаҕай, мас тардыһыыта буоллун, барытыгар миэстэлэһэн, эһэлэрэ оҕонньор үөрүүтэ улахан. Тэҥҥэ хапсаҕайдаһан хачымахтаһыах, мас тардыһан чиччигинэтиэх курдук өрө мөхсөн олорор. Киһи эрэ буоллар, хаһан кини акылдьыйан тиийиэр диэри сүүрүү бүтэн, көрбөккө хаалла. Күрэхтэһиини түмүктээн, бирииһи туттарар үөрүүлээх чааска оҕонньор күннээтэ. Сиэннэрэ мүһэлэрин барытын эһэлэригэр аҕалан истилэр. Кэлин тиһэҕэр кыайан туппакка, мүччү тутаттаан, күлсүү бөҕө буолла.

Уйгу-быйаҥ ыһыах саамай муҥутуур чыпчаалыгар илии-илиилэриттэн ылсан, оһуокайдаан тэйдилэр. Айылҕаттан айдарыылаах Түмэппий кырдьаҕас оһуокай тылынан төрөөбүт Сахатын сирин кэрэтин, күөҕүнэн симэммит тулалыыр айылҕаны хомоҕойдук хоһуйан, чуор куолаһынан этэн-тыынан, үҥкүүлээн сэгэйэн барбытыгар, дьон бэйэ-бэйэлэриттэн көҕүйсэн, эбии киирэн, улахан түһүлгэни оҥордулар.

Маарыйалаах Ыстапаан оһуокайга өссө да дьону кытта тэҥҥэ үҥкүүлүөх эбиттэр да ынах ыанар кэмэ кэлэн, эһэлэрин икки өттүттэн ылан дьиэлэригэр бардылар.

Бары да бүгүҥҥү ыһыахтан сүргэлэрэ көтөҕүллэн, санаалара кэлэн тарҕастылар. Айылҕа барахсан ситэн-хотон, силигилээн, күн чэмэлийэ тыган, чыычаахтар чыбыгыраһар саҥалара айылҕаны ылан кэбистэ.

V

Маарыйалаах Ыстапаан ыанньыйбыт ынахтарын күрүлэччи ыан киирэн, аһыырга бэлэмнэнэн, ийэлэрэ күөрчэх оҥорон, үрүҥ көмүс биһилэҕэ охсуллан таһыгырыыр тыаһа иһилиннэ. Ол быыһыгар кэпсэтэн айахтара хам буолбата.

– Үчүгэй ыһыах буолла. Өтөрүнэн маннык ыһыахтаабатахпыт. Урукку тойоммут Силэпсиэп ыһыахха киирбэтэх даҕаны, – дьахтар алтан сылабаарга күлүгүн көрүнэн, үрүҥ көмүс ытарҕата эйэҥэлээн ылла. – Күрэхтэһии көрө олорон Мачыанабыттан мөҕүллэн ыллым.

– Ол тоҕо? – Ыстапаан итии чэйи сыпсырыйарын быыһыгар соһуйбуттуу көрөр.

– Ыстапаантан кыйыттар. Өлөөнчүгү көрбөт буолбут диир, – ийэ эйэҕэстик күлэр.

– Мачыана да булан эттэҕин. Кыра оҕо эрдэхтэриттэн биир тэлгэһэҕэ улааппыт оҕолорго хантан таптал кыыма саҕыллыай? Убайдыы-балыстыы эрэ курдук сыһыаннаһар дьону, хата, кини холбооттуу оонньообут эбит дии, – эр киһи тиэхэлээхтик күлэр. – Дьахтар оронуттан уот оттуор диэри түөрт уон санааны саныыр диэн сөпкө да этэллэр эбит. Бэҕэһээ киэһээҥҥэ диэри күнү оһуокайдаан көрсөр санаалааҕа дии. Хайа, уолаттар тоҕо турбаттар? Ыстапаан барар кэмэ буолла дии.

– Бээ, ыксаама. Эбиэттэн киэһэ убайа Бороҕоҥҥо атынан илдьэр санаалаах. Сарсыарданан кэлбитэ, утуйа түстүн. Ыпсыылара ылыстар үчүгэй буолуо этэ. Биһиги киһибитигэр холоотоххо, намчы баҕайы кыыс. Эһэбит хойутаата. Тоҕо кэлбэт?

– Баһылаастаахха аттары көрө-истэ, дьаһайа сырыттаҕа. Чэ, мин хаарчахха бардым. Ньирэйдэри уулатыам. Бүгүн сайылыктан холбуур үүт аҕалаллара саарбах. Эн тиийимэ, уолгун аһатан-сиэтэн ыытарыҥ ордук буолуо, – аҕалара сып-сап хомунан тахсар.

Маарыйа уолугар өйүө бэлэмнээн, кыракый таҥас мөһөөччүккэ угар. Дьиэтин сиппииринэн харбаан ылла. Бүгүн сууйбат. Ыраах айаҥҥа дьиэттэн киһи барар буоллаҕына, дьиэ сууллубат диэн үгэһи куруутун тутуһар. Уоллара кэлбитэ икки хонно да, анаан олорон кэпсэппиттэрэ суох. Кэлбит күнүгэр ньирэйдэригэр сылдьыбыттара, бэҕэһээ ыһыах. Онтон бүгүн быыс булан барыар диэри кэпсэтиэ эбит да, аны уоллара ампаарга утуйа сытар. Миитээлээх Баһылай иккиэн хара бараан хаһылыччы көрбүт Андросовтар хааннара буоллаҕына, Ыстапааннара эриличчи көрөн, хара куудара баттаҕа сахсаҥнаан аҕатыгар майгынныыр. Тас көрүҥүнэн сахаҕа ис киирбэх уол буолан, кыргыттары эккиритиннэрэр быһыылаах. Уолаттарым үһүөн да бэйэлэрин кыанар, тэтиэнэх дьон буолан, бэҕэһээҥҥи ыһыахха аймахтарын, ордук эһэлэрин үөртүлэр. Улаханнык саҥарыллыбат. Барытын искэ тутуллар.

– Ийээ, туох санаатыгар түстүҥ? – Миитээ мичээрдээн, үрүҥ тиистэрэ кэчигирээн олорор.

– Эһигиттэн, уолаттарбыттан, атын кими саныахпыный? Хантан ойон-тэбэн кэллиҥ?

– Дьиэбиттэн, хантан буолуой? Өстүөпэ утуйа сытар дуо? Туруо эбит. Сотору барыа этибит.

– Уһугуннар эрэ. Ампаарга быраатынаан утуйа сыталлар. Саатар, кыратык хабыалаан, кэпсэтэн барыа этэ. Кэпсэтэр соло да суох.

Сотору буолбата, уолаттар ыстаҥалаһан киирэн, ийэлэрэ бэлэмнээбит остуолун астына көрөн, чыпчырынан кэбистилэр. Илиилэрэ үтэһэлээх эккэ күөрэҥнээтэ, ол быыһыгар биэ кымыһын дуоһуйа ыймахтаатылар.

– Һыллы, үөрэх хайдаҕый? – ийэ уолун утары олорунан кэбиһэр.

– Ийээ, үөрэх үчүгэй. Аны икки эксээмэним хаалла. Бүттүм эрэ тахсыам. Окко киирии да чугаһаата.

– Оннук. От ыйын 12 күнэ – окко киирии. Уон үһүскэ – Кунай хотуурдаах күнэ. Бу күн от охсуллубат. Эһэҕит ону тутуһан тэйэр, – Маарыйа уолаттарын сымнаҕастык имэрийэ көрөр. Уолаттар сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһээт, мичээрдэһэн кэбиһэллэр.

– Өстүөпэ, ыксыа этибит. Бүгүн Бороҕоҥҥо хонон баран, сарсын оскуолалар наадаларыгар сылдьыахтаахпын. Эрдэ соҕус хоҥнуом этэ, – Миитээ дьоһуннаах соҕустук саҥарар.

– Бу бүтэрээри сылдьан, икки хоноору кэлэ турдаххын, – ийэ уолун сэмэлиирдии көрөр.

– Ыһыах тэрээһинигэр тиийбит куоратчыттарга түбэһэ түһэн кэлбитим. Сарсын сарсыардаттан куорат диэки сатыы түһүнэн кэбистэхпинэ, аргыс көстүө. Өлүөнэ эбэ барахсаҥҥа тиийдэххэ, биэрэккэ өрүһү туоратааччылар көстүөхтэрэ.

– Сүрэх быраап буоллаҕа. Киристиинэ кыыс тарда сыттаҕа, – убайа быраатын таайтарыылаахтык көрөр.

– Ээ, бүт эрэ. Илдьэҕин дуу, суох дуу? Вераҥ аһаппатаҕа дуо? – Ыстапаан киниэхэ сыһыаннаах кэпсэтииттэн куотардыы, ааны былдьаһар.

– Сөп, сөп. Бардыбыт. Ийээ, өйүөҕүн аҕал эрэ. Аттар бэлэмнэр. Баһылаастаахха бардыбыт. Бүөтүр бэлэмнээн, күүтэн олорор.

Маарыйа уолаттарын атаараары тэлгэһэҕэ тахсыбыта – Баһылай убайынаан хапсаҕайдаһан тардыалаһа сылдьаллар эбит. Миитээ үөрүөҕүнэн үөрэн, көрөн турар.

– Ок-сиэ, бүтүҥ эрэ. Сибилигин айаннаары турар убайын хайыта тыытан, – Маарыйа кыра уолун тохтотордуу, көхсүн таптайар.

– Мин аайы кыайтарбат урааҥхай буолуо. Куорат киһитэ намчы буолуо диэн убайбынаан тутуһан көрдүм да, маһы туруору таппыт курдук кытаанах баҕайы, – Баһылай убайын түөскэ анньыалаан көрөр да, киһитэ турбут сириттэн силир да гыммат.

– Чэ, ийээ, мин бардым. Ый аҥаарынан кэлиэм, – уол ийэтигэр утары барар. Ийэлээх уол куустуһаллар. Маарыйа уолун кууһарыгар сүрэҕэ доҕуурга иҥнибит туллук курдук өрө мөхсөн ылбытын дьиибэргии саныыр. Уолун сылаас ытыһын хаһан да ыыппаттыы, түөһүгэр ыга тутан турда. Ыстапаан ийэтин илиититтэн илиитин аргыый араара тарта. «Ийэм ити туох буолан кэбирээн ылла. Урут да барара-кэлэрэ да итинник буолбат этэ», – ийэтин ууламмыт хараҕын соһуйа эмиэ да дьиибэргии көрөн ылла.

– Ийээ, уолгун наһаа ньирэмситимэ эрэ. Чэ-чэ, барыаҕыҥ. Баһылаастаах күүтэн эрдэхтэрэ. Эһэҥ күүтэн иэдэйдэҕэ. Кэрэчээн кыыс Киристиинэ да ол диэки иҥээҥнээн эрдэҕэ, – Миитээ быраатын дьээбэлээн күлэрин быыһыгар эйэҕэстик мичээрдээн кэбиһэр.

Маарыйа оҕолоро хараҕыттан сүтүөхтэригэр диэри батыһан көрөн хаалла. Уола кэлэригэр-барарыгар кыһаммат бэйэтэ тоҕо итинник уйадыйан ылбытыттан бэйэтэ да сонньуйа санаата. Хараҕа сиигирбитин кистии-саба хаһыйа соттон кэбистэ. «Аҕабыт Ыстапаан тоҕо хойутаата? Уолун олох да көрсүбэккэ ыытта. Ый аҥаарынан кэлэр оҕоҕо эмиэ тугун баҕайытай? Хата, киэһээҥҥи күөскэ тугу бэлэмниэх баҕайыбыный? Киэһэ Вера кэлэрэ буолуо. Миитээтэ суох буоллаҕына тэһийбэт. Манна хонооччу».

Кинилэр дьиэлэрин диэки Мачыана иһэрин көрөн, дьиэтигэр киирбэккэ, тохтоон, кирилиэһигэр күүтэн олордо. Дьахтар бэҕэһээҥҥи татыакаламмыта ханна да суох. Хаампытыттан икки иэдэһэ тэтэрэ кыыспыт, ыас хара баттаҕын өрө тараанан баран, кырабыайканан туттарбыт. Былаачыйата тэлээрэн олорор, илиитигэр бөтүөннээх.

– Дорообо! Хаарчахха бүгүн барбатыҥ дуо? Эйигин бардаҕа диэн сарсыарда кэлэ сылдьыбатаҕым. Сугулааҥҥа бэҕэһээ орпут кымыһы үллэстэннэр, онтон тиксэн иһэбин. Эн ылаҕын дуо?

– Ылбат инибин. Бэҕэһээ оҕонньор эбии ылбыт этэ. Кыра Ыстапааммын атаардым. Олор, сонунна кэпсээ, – Маарыйа сыҕарыс гынан биэрэр.

– Ээ, ол да иһин Баһылаастаах тастарыттан икки аттаах киһи бардылар. Кэһэ сылдьар кэпсээн, соһо сылдьар сонун суох. Ыһыах этэҥҥэ ааста диэн дьон астыммыт. Эдэрдэр түүнү быһа оонньоотулар быһыылаах. Сайылыкпар киэһээҥҥи ыамҥа тиийиэҕим. Оҕонньорум күүтэн эрдэҕэ.

– Күүппэккэ. Эн манна күүлэй тэбэ сылдьаҕын, – Маарыйа дьүөгэтин сирэйин-хараҕын дьээбэлээхтик көрөр.

– Чэ, ээх. Эн уолаттардаах киһи мүһэ бөҕө сиэн абыраммыт киһигин.

– Уйбаан да мүһэ ылан эрэр быһыылааҕа. Бэрт үчүгэйдик көрсөр этигит дии.

– Ол мэник-тэник эдэр саастааҕы тапталбыт быдан дьыллар мындааларыгар, урукку дьыллар уорҕаларыгар саспыта ыраатта. Мээнэ солуута суоҕу саҥараҕын. Тэрэнтэйим иһиттэҕинэ иэдэйэр буоллаҕа. Онто да суох оҕолоргуттан эрэ тардыһан миигинниин олороҕун диэн тыллаах, – Мачыана сибилигин күлэ-үөрэ олорбута ааһан, сирэйигэр санаарҕабыл толбоно түспүтүн Маарыйа бэлиэтии көрөр.

– Оонньоон этэбин. Хата, киирэн мүһэтэ амсай. Ыһыах аһа элбэх. Ыстапаан билигин кэлэрэ буолуо. Чэйдиэххэ, – дьахталлар уку-сакы туттан дьиэҕэ киирэллэр.

VI

Бэс ыйын 22 күнэ 1941 сыл. Сарсыарда саҥа тахсыбыт күн түннүгүнэн сардаҥаларын ыспахтаан тахсарын кытта Маарыйа уһуктан, араастаан утуйа сатаан эргичийэн көрдө да кыайан утуйбата, дууһата кураанахсыйбыт курдук. Тоҕо тулата барыта тулаайахсыйбыт курдук санааҕа кэлбитин кыайан өйдөөбөккө, таалан сытта. Ыстапаана сүрдээх холкутук утуйан сурдургуурун уһугуннарымаары, тыаһа суох аһыыр сиргэ таҕыста. Төһө да күн эрдэтин иһин, сылабаарын өрөөрү таһырдьаны былдьаста. Сылабаарын күөртээн, саҥа сыыгынаан истэҕинэ, дьиэттэн Ыстапаана маайканан эрэ күлтэллэн таҕыста.

– Туох ааттаах эрдэ турдуҥ? Киһини утуппакка, – киһитэ уутун быыһынан киҥинэйдэ.

– Эрдэ баҕайы уһуктан, уум көтөн хаалан, сыта сатаан баран турдум. Хата, суун-тараан, күөрчэх оҥоруом, итии чэй иһиэхпит. Оҕонньор утуйда дии, сарсыарда күн тахсыыта чэйин өрөн баран, сүгүн утутааччыта суох бэйэтэ хайаан уһуннук утуйдаҕай?

– Чэ, оҕонньору суохтаама. Билигин туруоҕа. Алта чаас саҥа буолла дии.

Остуолга саҥа аһаары олороллорун кытта, эһэлэрэ ис таҥаһынан эрэ, атах сыгынньах тахсан кэллэ.

– Бөөлүүн дьон-сэргэ бөҕө тус арҕаа субуһан аҕай биэрдилэр. Кэннилэриттэн хара өһөх буруо тахсар. Сорохторун билэр курдукпун да кимнээҕин араарбатым, – эһэлэрэ мунчаарбыттыы арҕаа диэки көрөн баран турар.

– Аҕаа, сууна барыахха. Билигин чэйдиэхпит, – Ыстапаан аҕатын илиититтэн ылан, суунар сир диэки илдьэр. «Аҕам эрэйдээх ити туох буолан ылар. Наар түүлүн кэпсээн, куһаҕаны түүйэр. Хата, тута умнан кэбиһэр буолан абыраата. Онтон атын үөлээннээхтэригэр кэпсээн ыраатыннарбыт буолуо этэ. Сааһа да ыраатта. 85 саас. Үчүгэй саас. Киһи барыта ити сааска тиийбэт» уола аҕатыгар суунарыгар көмөлөһө туран, санаан ылар.

Дьөгүөрэптэр үһүөн чэйдии олорон, күннээҕи үлэни-хамнаһы кэпсэтэн, бириэмэни билбэккэ хааллылар.

– Оо, күн ырааппыт. Мин ынахтарбар таҕыстым. Онтон хаарчахха барыахпыт, – дьиэлээх таһырдьа тахсар. Маарыйа дьиэтин-уотун хомуйа хаалар. Сып-сап дьиэтээҕи үлэлэрин бүтэрээт, холкуос ньирэйдэрэ турар хаарчаҕар бардылар. Сотору от үлэтэ саҕаланыа, Ыстапаана окко бардаҕына, Маарыйа соҕотоҕун хаалар. Бэйэтин сүөһүлэрин көрүөн эмиэ наада. Билигин кэргэнэ тэҥҥэ үлэлэһэр буолан, үлэлииргэ чэпчэки. Эр киһи бүгүн наар хаарчаҕы өрөмүөннээтэ, хас да сиринэн бүтэйдэрэ алдьаммыт. Бу күннэргэ өрөмүөннэммэтэҕинэ, биирдэ эмэ төлөһүйбүт ньирэйдэр тоҕо түһэн мүччү туттардахтарына, ыһыллаллар. Арай аһаабыт сирдэрэ буолан, ырааппакка абырыыллар ини. Таҥара сэрэҕи таптыыр. Онон эрдэттэн көрүммүт ордук. Күнүс 3 чааска диэри үлэлээн баран, сылайа быһыытыйан дьиэлэригэр бардылар.

Бөһүөлэктэригэр киирээт, туох эрэ уларыйыы тахсыбытын сүрэхтэринэн сэрэйдилэр. Уулуссаҕа ыт охсор киһи суох. Бэл, сөтүөлүүр күөлгэ хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри оҕолор сөтүөлээн чомполонор бэйэлэрэ көстүбэттэр. Уу чуумпу.

– Хайа, дьоммут бары ханна бардылар? Оҕолуун-уруулуун дьиэҕэ бүкпүттэрэ дьикти, – Ыстапаан тулатын эргим-ургум көрөр.

Дьиэлэригэр киирбиттэрэ – ким да суох. Төһө да дьиибэргии санааталлар ханна көрдүү сүүрүөхтэрэй? Аһыырга бэлэмнэннилэр. Соһуйбут, куттаммыт, кубарыйан хаалбыт Баһылай киирэн кэллэ. Төрөппүттэрин уолуйбут хараҕынан көрөн турда.

– Туох буолла? Эһэҥ ханнаный? – уолун тас көрүҥүн көрөн, куһаҕаны ытырыктатан, Ыстапаан хайыы-үйэ кэһиэҕирэ охсубут куолаһынан ыйытта.

– Сэрии… Сэрии… буолбут, – Баһылай иһиттэн нэһиилэ ыган саҥа таһаарбытыгар, Маарыйа тутан турар чааскыларын ыһыктан кэбистэ. Таас бытархайдара өрө кырылыы түстүлэр.

– Хайдах? Хаһан? – аҕалара эмискэ соһуччу истибит сонунуттан саҥата да иһиттэн кыайан тахсыбат буолбут.

– Бүгүн сарсыарда биэс чааска ниэмэстэр сэриинэн саба түспүттэр, – Баһылай арыый кэҥии быһыытыйан дьонугар быһаарда. – Сугулааҥҥа киһи барыта муһунна. Табаарыс Молотов араадьыйанан этиитин сэбиэт бэрэссэдээтэлэ хас кэлбит дьоҥҥо кэпсии олорор.

– Сугулааҥҥа барыахха, – Ыстапаан иһиттим-истибэтим диэбиттии, киэҥ-киэҥник үктээн, таһырдьа таҕыста, кэнниттэн Маарыйалаах Баһылай саппай уобустулар.

Сугулааҥҥа дьон лыык курдук мустубут. Дьахталлар ытаабыт көрүҥнээхтэр, сирэйдэрэ кып-кыһыл. Эр дьон дьиппиэрэн, бэйэлэрин истэригэр тугу эрэ кэпсэтэн сибигинэһэллэр. Ыччат өттө таһырдьа аалыҥнаһар. Кыракый оҕолор ийэлэригэр сөрүөстэ сылдьаллар. Бүөтүр Бөтүрүөбүс остуолугар дьиппинийэн баран олорор. Дьөгүөрэптэр киирбиттэрин көрөн, «олоруҥ» диирдии, ыскамыайка диэки ыйан кэбистэ.

– Үлэҕититтэн саҥа кэллигит дуо? Баһылайтан иһиттигит ини. Алдьархай буолбут. Бүгүн бэс ыйын 22 күнүгэр 5 чаас сарсыарда Германия сэриилэрэ Сэбиэскэй Сойуус арҕаа кыраныыссатын туораан, куораттары, сэлиэнньэлэри буомбалаан, таанкаларынан, муора, сатыы сэриилэринэн тоҕо ааҥнаан киирбиттэр. Өстөөх сөмөлүөттэрэ Каунас, Житомир, Одесса, Киев, Севастополь куораттары буомбалаабыт. Алдьархайдаах сэрии дьону хаанынан ытатан, тоҕо ааҥнаан кэлбитин өйдүүр ыарахан. Улуустан биирдии бэрэстэбиитэл нэһилиэктэринэн тарҕаспыттар. Куттанарым диэн чугас улуустартан сэриигэ хомуур күн сарсыҥҥыттан саҕаланыа диэн. Норуот «сэрии» диэн өлүүнэн аҥылыйар ынырык тыл ис хоһоонун да ситэ өйдүү илик.

– Эс, наһаа күн сарсын ылбаттар ини. Баҕар, аҕыйах хонуктаах сэрии буолуо. Сэбиэскэй Сойуус мээнэ олорон биэрбэт ини, – Ыстапаан санаатын бөҕөргөтөн этэр.

– Ыарахан балаһыанньа… – Бүөтүр Бөтүрүөбүс иҥиэттэн кэбиһэр. – Бүөтүрү бэрэстэбиитэлгэ утары ыыппытым. Ол киһи сатыы иһэр үһү, тугун-ханныгын билбэккэ сылдьан, дьону мээнэ уоскутар табыллыбат. Хайдах баарынан ылыммыттара ордук буолуо.

Маарыйа хонтуора таһыгар дьахталлары кытта кэпсэтэ туран, кинилэр эһэлэрэ: «Иэдээн буолла. Киһи бөҕө сэриигэ барар буоллулар», – диэн баллыгырыырын быыһыгар олох маска иэҕэҥнии олорорун көрөн, хонноҕуттан ылан, өйүү тутан дьиэтигэр илдьэ барда. Оҕонньор суолу быһа: «Сэрии… Алдьархай буолла», – диэн ытамньыйа истэ. Оронун булаат, сылайбыта-аймаммыта таайан, сотору утуйан хаалаахтаата.

Маарыйа олус долгуйбутуттан сугулааҥҥа төннөр кыаҕыттан тахсан, оһоҕор өйөнөн, олоппоско хороллон олордо. «Туох алдьархайа буолла? Ол иһин да, бу кыһыҥҥыттан оҕонньорбут сэриинэн иирбит эбит. Ким да аахайбатаҕа. Аахайан да хайыахтарай? Аҕыйах ахсааннаах саха дьонун сэриигэ ыҥырбаттар ини. Дьахталлар этэллэринэн, 1914 сыллаахха саҕаламмыт маҥнайгы империалистическай аан дойду сэриитигэр Арассыыйа аармыйатыгар дьону хомуйалларыгар аҕыйах ахсааннаах сахалары сэриигэ ылбатахтар. Баҕар, бу да сырыыга оннук буолуо. Оҕолорун, күн сирин көрдөрбүт күндү чыычаахтарын уоттаах сэриигэ умса анньаары төрөппүтэ дуо? Бу аймалҕаннаах кэмҥэ кыра Ыстапаана куоракка түбэһэн хаалла. Үөрэнэ сылдьар оҕолору ылбаттар ини. Онтон Миитээтэ, Баһылайа? Онтон 50‐ чалаах аҕалара? Төрдүөннэрин сэриигэ ыҥыран бардахтарына, хайдах буолар? Төрдүөннэриттэн илии соттор дуо? Суох, суох… Ити кылгас кэмнээх сэрии буолуо. Сахалар онно тиийэ да иликтэринэ сэрии бүтүөҕэ. Ыстаалын оҕонньор аан дойдуга алдьархайы таһаарбыт Германия сэриитин хам баттыаҕа».

Ити кэмҥэ аан аһыллыахча аһыллыбакка туран баран, ыарахан санааҕа ылларбыт аҕалара Ыстапаан аргыый киирэн кэллэ. Саҥата суох олоппоско хам хараҕаланан олорор Маарыйатын санныттан кууста. Молотов радионан этиитэ суруллубут листовканы остуолга уурбутун Маарыйа илиитигэр ылан: «Бу дьыл бэс ыйын 22 күнүгэр Германия соһуччу сэриинэн түстэ. Биһиги дьыалабыт кырдьыктаах – кыайыы биһиэнэ буолуо, фашистар өллүннэр!» – диэн тыллары аахпыта. Листовкаҕа бэчээттэммит хас биирдии тыл дьон сүрэҕэр этиҥ буолан лүһүгүрээбитэ, халлаантан уот курбуу чаҕылҕан буолан куһугураан сааллыбыта.

– Бэрэстэбиитэл түргэн соҕустук мунньахтаата. Иккиэлэр. Биирэ атын нэһилиэктэринэн салгыы айаннаата. Иккис бэрэстэбиитэли кытта сайылыктарынан биһиги Баһылайбыт барыста. ССРС Совнаркома уонна Атын дойдулардааҕы дьыалалар Народнай комиссара табаарыс Молотов этэллэринэн, Саха сиригэр сэриигэ хомуур хайыы-үйэ саҕаламмыт, – диэн суостаах тыллары истээт, ийэ хараҕар уолаттара элэҥнээн көһүннүлэр. Саҥа таһаарбакка, уйа-хайа суох ытаан барда. Уоллара Миитээ ытаан икки хараҕа дьолточчу испит Вератынаан киирбиттэрин көрөн, Маарыйа бэйэтин кыана туттан, оҕолорун остуолга ыҥыран, аһыырдыы тэриммиттэрэ. Биир ыстал тооромос лэппиэскэни ыйыстыбакка, хайыы-үйэ сойо охсубут чэйдэрин харах уулаах сыпсырыйан иһэ сатыы олорбуттара.

Сэрии дьону улаханнык аймаабыта. Харах уулаах уһун эрэй-муҥ кэлбитин, эйэлээх олох бүппүтүн, төрөппүт уолаттара, тапталлаах кэргэннэрэ, истиҥник саныыр убайдара, бырааттара, чугас аймахтара сэриигэ барар дьылҕаламмыттарын, дьон хаана тохтуохтааҕын, элбэх өлүү-сүтүү тахсыахтааҕын нэһилиэк олохтоохторо сүрэхтэринэн сэрэйэн, харахтарын уутун кыамматтара… Сэрии саҕаламмыта…

VII

Балаҕан ыйын бүтэһик күннэрэ. Сир-дойду, от-мас барыта саһаран-кытаран көстөр. Урукку эбитэ буоллар, «көмүс күһүммүт көрүөхтэн кэрэ, дьикти» диэ этилэр. Онтон билигин айылҕа кэрэтин ким да умсугуйа көрбөт. Барыта уку-сакы, сир халлаанныын санньыйан-саппаҕыран, сиҥнэстэн турар курдук.

«Барыта – фронт туһугар, барыта – Кыайыы туһугар!» диэн девизтээх олох саҕаламмыта. Күн-түүн ахсын үлэһит илии аҕыйаан испитэ. Үлэ-хамнас барыта байыаннайдыы кылгас болдьоххо бүтэриллэрэ. Сүрүн хампаанньаларга от, сиэмэ үлэтигэр, күһүҥҥү хомуурга, сиэмэ хомуйуутугар сиргэ хоно сылдьан үлэлииллэрэ. Маарыйа холкуоһун ньирэйдэрин соҕотоҕун көрөрө. Онтон Ыстапаана окко сылдьара. Дьиэтигэр көстүбэтэ. Ый баһыгар биирдэ эмэ өйүө ыла диэн кэлэрэ. Төһө кыалларынан отчуттарын кустаан-балыктаан аһата сатыыра. Отчуттара бары оскуола оҕолоро этэ.

Маарыйа икки улахан уолаттарын ахтан-суохтаан ыарахан санааҕа ылларбытын төһө кыалларынан чугас дьонугар биллэрбэккэ кыһанара. Вералара ыараханнык оҕолонон, кийиитигэр оҕо көрүүтүгэр көмөлөһөрө. Сиэннэрэ кыыс буолан, кыыстамматах дьон улаханнык үөрбүттэрэ эрээри, Миитээлэрэ оҕотун да көрбөккө барбытыттан истэригэр хомойо саныыллара. Эбиитин эһэлэрэ сиэннэрэ сэриигэ барыахтарыттан мөлтөөн, сытынан кэбиспитэ. Дьиэ иһигэр сороҕор син иэҕэҥнээн турар эбит буоллаҕына, бэҕэһээҥҥиттэн олох турбата.

– Оҕолорум кэлэллэригэр тиийбэт киһи буоллум, – диэхтээбитэ, сарсыарда ньуосканан итии миин иһэрдэригэр. Миинин кыайан испэтэҕэ, дьабадьытынан төттөрү таһаарарын сото олорбута. – Ыстапааны ыҥырбаттар ини. Кинини ыҥыралларыгар тиийбэтэх киһи…

– Ыстапааны ыҥырбаттар. 50 саастаах киһини сэриигэ ылбаттар, – диэн уоскуппута…

Бүгүн Ыстапааҥҥа бэбиэскэ кэлэн, биригэдьиир уол отчуттарынан барбыта. Өйүүн сарсыарда улуус военкоматыгар баар буолуохтаахтар, биэс киһи ыҥырыллыбыт. Утуу-субуу баран, сиидэлэнэн да бүтэн эрэллэр. Миитээ уонна Кыра Ыстапаан от ыйынааҕы бастакы хомуурга барбыттара. Ыстапааннарын көрбөккө да ыыппыттара. Ыһыах кэнниттэн, саҥардыы окко киирэн үлэлээн эрдэхтэринэ, нэһилиэк аҕыс эдэр уолаттарыгар бэбиэскэлэр кэлбиттэрэ. Ыксал бөҕөнөн оттуу сылдьар Баһылайдарын ыҥыран, Киристиинэни мэҥэһиннэрэн, Миитээлээҕи кытта барсан, Ыстапааны атааран кэлбиттэрэ. Ыстапаана эрэйдээх «төрөөбүт дойдум көмүскэлигэр бүтүн олохпун да биэриэҕим» диэн сурук хаалларбыт этэ. Эдэр киһини Киристиинэни аһынар. Атаарарыгар сэниэтэ эстиэр диэри ытаабыт үһү. Быраата Баһылайынан: «Кийииккит курдук санааҥ. Быйыл күһүн холбоһуохтаах этибит. Эргилиннэхпинэ, хайаан да ыал буолуохпут», – диэн илдьит ыыппыт этэ. Миитээтэ барахсан оҕотун да көрбөккө бараахтаата. Хайдах-туох сылдьаахтыыллар. Уолаттары атаарарга кийииттэр иккиэн да амньыраан биэрдилэр. Ийэ ону олох сөбүлээбэтэҕэ. «Кыаныҥ. Ытаан атаарымаҥ. Аньыы», – диэн иккиэннэригэр этэ сатаабытын истибэтилэр. Чэ, эдэр дьону хайыаххыный? Барыта этэҥҥэ буолуоҕа. Хайдах эрэ санаата бөҕөх. Эһэбит түүлүн тойоннуур буолар этэ, кэлин олох саҥарбат. Кырдьан, эбиитин санаа-оноо баттаан, түҥ-таҥ барда, тута умнан кэбиһэр. Уола өйүүн сэриигэ аттанаары турдаҕына аны быстан хаалан иэдээни оҥороро буолуо. Ыстапаан: «Наһаа мөлтөөтө. Бэйэм баарбар ситэри барара буоллар, уҥуоҕун тутан бардахпына, санааҕа астык буолуо этэ», – диэхтиир. Чэ, ханныгын да иһин, иэдээннээх олох иһэр. Билигин өссө урукку үгэспитинэн олордохпут дии. Сэрии уһаатаҕына, дьэ буолан-хаалан туруохпут. Аччыктааһын, эстии-быстыы саҕаланыа, дьоммут бука бары бардахтарына, хайдах олороохтуубут? Баһылайа холкуос баар-суох, соҕотох тырахтарыыһа буолан, ыҥырылла илик. Кыһыннары-сайыннары от тиэйиитэ, сир тиэриитэ, бурдук ыһыыта, хомуура, от үлэтэ кинитэ суох үлэ барыта туран хаалыах курдук. Улуус салалтата тырахтарыыстарга боруонньа бэрдэрбит дииллэр да төһө уһуура биллибэт. Маарыйа санаатын сааһылыырын быыһыгар ньирэйдэрин түргэн соҕустук аһатан дьиэтигэр ыксаата. Ас астыа этэ. Ыстапаанын үчүгэйдик аһатан-сиэтэн, ытаабакка-соҥообокко атаарыа. Баҕар, антах оҕолорун көрсүө. Киэһэ Киристиинэни ыҥырыахтара.

Дьахтар кураанах биэдэрэлэрин таҥкырдатан дьиэтигэр чугаһаан иһэн, Ыстапаана мас хайыта турарын көрдө.

– Хайа, кэлэ оҕустуҥ дуо? Билигин ас астаан аһыахпыт. Баһылааскын ыҥырар инибит, – Маарыйа кэргэнин көрөн күлүм аллайда.

– Кэлэн иһэн илиммин көрдүм. Балачча киирбит. Собону хатырыктаан бэлэмнээтим, – эр киһи сүгэтин чууркаҕа батары саайда.

Ыстапаан ыарахан санааҕа ылларбытын кистиирдии туттарын, кими эрэ күүтэрдии, сотору-сотору суол диэки көрөн ыларын кэргэнэ бэлиэтии көрдө. «Сэриигэ барарыттан санааргыыр буоллаҕа» диэн элэс санаан ааста. Ити кэмҥэ уоллара Баһылай атынан тибигирэтэн кэлэн, бэрт сыыдамнык аҕатын атын кытта кэккэлэһиннэри атын үүнүн күрүө баҕанатыгар иилэ быраҕаат, дьонугар чугаһаата.

– Хайа, кэллиҥ дуо? Билигин барыахпыт, – уолугар туһаайан эппитин ийэ соһуйа иһиттэ. – Аҕам мөлтөөбүт. Уһаатаҕына, уонча эрэ хоноро буолуо. Тэрээһинин дьаһайан барыам этэ. Ийэм таһыгар көмөөрүҥ. Баһылайга иин хаһыллар сирин ыйыам. Иинин бэлэмнээн да барыах киһи аньыыта бэрт. Хаптаһыннарын бэлэмнээбитим. Ампаарга турар. Баһылаас барытын оҥоруоҕа. Сотору кэлиэхпит. Аскын бэлэмнии тур. Билигин аҕабар киирэн тахсыам, – ыардык үктэнэн, дьиэтигэр киирдэ.

– Эһэм эрэйдээх. Сиэннэрэ баран ордук иэдэйдэ, – Баһылай мунчааран турар. – Уола сэриигэ ыҥырыллыбытын истибэтэҕинэ табыллар.

– Оннук… – Маарыйа оҕонньордоро мөлтөөбүтүн, тэрээһинэ эрдэттэн торумнаммытыттан саҥата да кыайан тахсыбат буола харааһынна.

– Чэ, бардыбыт, – Ыстапаан атыгар быһа барда. Эбии дьиппиэрбит көрүҥнээх. Кыаһаан бэйэтэ, ыгыллыбытыттан хаана хойдон, хараарбыт көрүҥнээх. Сулбу-халбы аттарыгар олоро түһээт, сиэллэрэн бөһүөлэктэн тахсалларын көрөн туран, оҕонньорго киирэ сырытта. Кырдьаҕас кийиитин хайыы-үйэ уота суох өспүт хараҕынан көрөн эрэ кэбистэ. Саҥара сатаата да уоһа эрэ ибирдээтэ. Эһэбит олох да мөлтөөбүт эбит буолбат дуо, сибилигин да барыах курдук сытаахтыыр. Дьахтар түргэн соҕустук Вера хоһугар киирэн соруйда.

– Вера, эһэбит мөлтөөбүт. Никиитэ биэлсэри ыҥыра оҕус. Ыстапаан түргэнник кэлиэ эбит. Сибилигин киирэ сылдьаахтаабыта эрээри чугаһаабытын сэрэйээхтээбэтэх. Эрэйдээҕим бэйэтэ да киэҥ көхсө кыараан, уһун санаата кылгаан сылдьаахтаатаҕа, – диирин быыһыгар оҕонньор хоһугар киирэн, уоһун сиигирдэн ньуосканан сылаас уу иһэрдэн көрдө да кыайан ыйыстыбата. «Испэппин», диирдии төбөтүн хамсатан ылла.

Ол киэһэ оҕонньор барахсан уола баран эрэрин билбит курдук, уҥуоҕун туттараары, оҕотун илиитигэр сытан бэрт сымнаҕастык, уу чуумпутук тыына быстыбыта. Бүөтүр Бөтүрүөбүс кэпсэтэн, өссө биир күнү көҥүллэтэн, эһэлэрин икки хоннороот, кистээн, сарсыҥҥы күнүгэр уола сэриигэ аттаммыта.

«Аҕам уҥуоҕун тутан, кэннибэр кэтэх санаата суох бардым. Кылаабынайа, эһиги этэҥҥэ олоруҥ. Сэрииттэн эргиллиэм. Оҕолорум да үчүгэйдик сылдьан кэлиэхтэрэ. Баһылай тылланан бара сатыа суоҕа этэ. Вераҕытын кытта бөрөһөн олоруҥ. Сиэммитин харыстаар. Киристиинэни бэйэҕититтэн тэйитимэҥ, – диэн Ыстапаан кэриэс-хомуруос тылын этээхтээбитэ.

Ыстапаан бэҕэһээ айаннаабыт табаарыстарын куоракка ситэн бииргэ айанныахтааҕа. Уола Баһылай барсыбыта. Киһи уҥуоҕун аттынан икки атынан битигирэтэн ааһан иһэн, ийэлээх аҕата сытар туһаайыыларынан аттарын тохтото түһээт, сиэллэрэн, кэннилэригэр буору өрүкүтэн ыраах айаҥҥа айан суолун устун бара турбуттара. Кылбаччы суоруллубут остуолба мас оҕонньору санатан, чыначчы туттан, туран хаалбыта.

Маарыйа төһө да сүрэҕэ толугуруу мөҕүстэр, айманнар, бэйэтин кыанан, доҕорун харах уута суох сэрии толоонугар атаарбыта.

VIII

1942 сыл. Саас. Кулун тутар ый тыала, хахсаата ордук күүһүрбүккэ дылы. Мэктиэтигэр, күн уһаабатах, халлаан сылыйбатах курдук. Совинформбюро сводкатыттан хотторуу, чугуйуу эрэ иһиллэр. Өстөөх халабырдьыттара күнтэн-күн ахсын сэбиэскэй дойду бииртэн биир куораттарын, дэриэбинэлэрин үнтү тэпсэллэр, уоттууллар. Дойдуну кыа хаанынан, харах уутунан уһуннаран сэрии күдэнин хара былыта сабардыы сүүрбүтэ. Өстөөх дойду үөһүгэр талаһара. Сталинград иһин кыырыктаах кыргыһыы буола турара. Истэргэ ыарахан этэ.

Маарыйаҕа күһүҥҥүттэн бороохтуйбут борооскуларыгар эбии 20 борооскуну биэрэннэр, хотонун, дьиэтин икки ардыгар хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри икки хараҥаны ыпсаран үлэлиирэ. Ыарахан байыаннай нолуоктары, заему аҥаар кырыытыттан нэһилиэнньэ барыта төлүүрэ. Нолуоктарын кыайан төлөөбөккө, дьон үксэ сүөһүтүн эспитэ. Маарыйа биир ынаҕы эрэ тутан хаалбыта, онон сиэнин таһынан «дьыссаат» оҕолорун аһатара. Хата, Верата, дьиэҕэ олорор буолан, көмөлөһөн абырыыр. Сэттэ ыйдаах кыыһын Маасыҥканы көрөн олорор курдук да, төрөппүттэр оҕолорун хаалларар сирдэрэ суох буолан, күнүһүн Вераҕа аҕалаллар. Онон Дьөгүөрэптэр дьиэлэрэ «дьыссаат» дьиэтин курдук буолбута. Күнүс курууска оҕото суорат эбэтэр уу-судураан хааһы биэрэрэ. Аччык оҕолор оҥоспут харахтарын, тарбахтарын сыыһын саратан, ас көрдөөн муҥнаналларын Вера тулуйбакка, хаста да аккаастанан көрөн баран, бэйэтин оҕотун ханна хаалларан, холкуоска үлэлии тахсыай? Оскуолаҕа аччыктаан нэһиилэ сүөдэҥниир оҕолору үөрэтэр эмиэ ыарахана. Киэһэтин кыыһа утуйдаҕына, ийэлэрэ Маарыйа имитэн, быһан биэрбит куобах тириитинэн кээнчэ, үтүлүк, бэргэһэ тигэр. Сороҕор, кыыстара кыҥкыйдаабатаҕына, сарсыарда 4 чааска диэри олорооччулар. Вера хас үтүлүк тойон эрбэҕэр «этэҥҥэ сулууспалаан кэлэллэригэр» баҕаран, сурук сыыһа кыбытара уонна Саха АССР диэн баран, илии баттаан эриллэҥнэтэрэ. Санаатыгар Миитээбэр биир эмэ тикпит үтүлүгүм эбэтэр кээнчэм тиксиэ диэн эрэнэрэ. Миитээтиттэн үстэ сурук тутан, соҕотохсуйдаҕына, сыттыгын анныгар укта сылдьар үс муннуктаах суруктарын аахтаҕына, тапталлааҕынаан кэпсэппит курдук сананан, уоскуйа быһыытыйар. Миитээ биир суругар кыыстаммытыттан үөрбүтүн, кини саҕа дьоллоох киһи суоҕун суруйбут этэ.

Маарыйа Мачыаналыын хотонтон быһа сугулааҥҥа бардылар. Улуустан боломуочунай кэлэн: «Тугу барытын – фроҥҥа!» диэн ыҥырыынан оборона пуондатын хаҥатыыга заем облигациятын атыылаһалларыгар, итии бэргэһэ, куобах кээнчэ, үтүлүк курдук итии таҥастарынан, ыаллартан алтан сылабаардары, чугуун иһиттэри хомуйан көмөлөһөллөрүгэр, этинэн, арыынан нолуок түһэриллэрин туһунан кэпсии турара. Холкуостаахтар бүтэһик сүөһүлэриттэн илии соттоллоро төһө да ыараханын иһин «Кыайыы» туһугар тугу баҕарар толук биэрэллэрин кэрэйбэттэрэ.

Мунньах бүтүүтэ боломуочунай холкуос бэрэссэдээтэлигэр Алексей Васильевичка, Ньукулай Торговкиҥҥа уонна Баһылайга бэбиэскэ туттартаабыта. Маарыйа уолун аатын истээт, сүрэҕин туттуммута, хараҕа хараҥаран ылбыта. Мачыана дьүөгэтин туругун өйдүү охсон, санныттан ыга кууһан, бэйэтигэр сыһыары тарпыта.

– Онтон оччоҕо холкуоспутун ким дьаһайар? – биригэдьиир Махсыым ыйыппыта.

– Нэһилиэк, холкуос олоҕо барыта быстах кэмҥэ Готовцев Бүөтүр Бөтүрүөбүскэ сүктэриллэр. Бары биир киһи курдук үлэлиэхтээххит. Балаһыанньа ыарахан. Сэрии маҥнайгы ыйдарыгар Кыһыл Армия чугуйан, дойду арҕаа уобаластарыгар үгүс дэриэбинэлэр, куораттар өстөөх илиитигэр киирдилэр. Сэрии уһуннук барар чинчилээх. Онон чуолаан Сибиир, ол иһигэр сэрииттэн ыраах да олордорбут Саха сирэ эмиэ, фрону аһынан-таҥаһынан, сэрии сэбинэн хааччыйар бөҕө тыыл буолабыт. Бары биир киһи курдук туруннахпытына эрэ хаан тохтуулаах, ыар сүтүктээх фашистскай Германияны кыайыахпыт.

Мунньах бүтэн, күннэри-түүннэри «сэрии» диэн ыарахан тыл таһаҕастаах кырдьаҕастар, дьахталлар, оҕолор нүксүччү туттан тахсар аан диэки баран истэхтэринэ, Бүөтүр Бөтүрүөбүс бүтэҥи куолаһынан Маарыйаны ыҥырбыта.

– Маарыйа, бэттэх кэл эрэ. Олор, – олоппоһу ыйбыта. Дьахтар сэбиэтин көрүҥүн көрөн, туох эрэ көннөрүллүбэт алдьархай буолбутун сүрэҕинэн сэрэйэн, байааттаҥнаан ылбытын Мачыаната өйүү туппута.

Дьөгүөрэптэр дьиэлэригэр ыар сүтүк илдьитэ үс муннуктаах «хара сурук» кэлбитин ийэ титирэс илиитигэр туттарбыттара. Кыра Ыстапаана Сталинград куораты көмүскүүр кыргыһыыга өлбүтүн туһунан биллэрии этэ. Аҕыйах хонуктааҕыта Ыстапаантан «Үчүгэйдик сылдьаарыҥ, олус санаарҕаамаҥ, дойдуга төннүллүө, хайдах гыныллыай, дойдуну көмүскүүр эбээһинэспит буоллаҕа!» диэн ис хоһоонноох сурук тутан үөрдүлэр да этэ. Онтон бүгүн оҕото суох буолбутун туһунан «хара сурук» илиитигэр тутан олорор. Ийэ ыһыытыаҕын-хаһыытыаҕын хара хомуох күөмэйигэр турбута, хараҕыттан биир таммах уу түспэккэ, таастыйан олордоҕуна, икки атаҕар уйуттубат буолбут ийэни, Баһылайдаах Мачыана икки өртүттэн ылан, тахсар ааҥҥа илтилэр.

Маарыйа дьиэтигэр хайдах киирбитин өйдөөбөт. Арай уйа-хайа суох ытаан, оҕолорбун куттаабатах киһи диэн кытаанах санааны ылыммыта икки чэчэгэйин бүргэһинэн кэйиэлииргэ дылыта… Сотору-сотору туймааран, хараҕа туманныран, тулата барыта ыраатан-кэтирээн бардаҕына, Мачыаната тымныы, сииктээх сотторунан сирэйин-моонньун сөрүүкэтэн, сотон, бэттэх аҕалан, оронугар умса түһэн, саҥата суох, туттуна сатыы-сатыы хараҕын уутунан суунна. Кыра Ыстапаана, оҕото эрэйдээх киһи санаата да тиийбэт сиригэр умса түстэҕэ. Үөрэнэр-үлэлиир былааннардааҕа. Үөрэхтээх киһи буолуо диэн оҕолоруттан саамай эрэнэр уоллара күөгэйэр күнүгэр 22 сааһыгар сылдьан суорума суолланнаҕа. Оҕом сыыһа атын дойду халлаанын анныгар киһилии хараллыбакка сыттаҕа. Итинник санаатаҕына, ыһыытыан-хаһыытыан баҕарарын саба баттаан, сымыһаҕын хаан оҕуолуор диэри быһа ытырар. Оҕото саҥа хааман тоотоҥнуура, албыннаан көтөхтөрөөрү араастаан даллараҥныыра, оскуолаҕа киириитэ, сэттэ кылаас кэнниттэн дьоллоох Дьокуускай куоракка үөрэххэ аттаныыта, ыһыахха күрэхтэһэн, кыайыы өрөгөйүттэн дьолломмут мөссүөнэ, Киристиинэлиин сиэттиһэн иһэллэрэ хараҕар утуу-субуу элэҥнээн истилэр.

– Ийээ, тур, Бүөтүр Бөтүрүөбүс кэллэ, – Баһылайа кэлэн ороҥҥо олордо. Ийэтин аһыммыт хараҕынан көрөн олорон, арбайбыт баттаҕын көннөрө имэрийдэ. – Ийээ, сарсын барааччыларга кыра бурдук уонна эт биэрэннэр, Вера алаадьы уонна эт буһарда.

Маарыйа тугу да өйдөөбөтөхтүү мээнэнэн көрбүт хараҕа улам туманныран, толору уунан туолан, иэдэһин устун тохтоло суох сүүрбүтүн булгуччулаахтык ытыһынан туора соттумахтаата. Сарсын оҕото Баһылайа эмиэ сэриигэ барар. Оо, оҕом сыыһын киһилии атаарбакка, ытыы-аймана сыттахпын. Оҕобун Ийэ дойду көмүскэлигэр үчүгэйдик тэрийэн ыытыахтаахпын. Кыра Ыстапааным, оҕом сыыһа, бырастыы гын, эн сырдык мөссүөҥҥүн ахтан-санаан, ытыыр-соҥуур миэхэ бүгүн көҥүллэммэт. Оҕом сыыһа, бырастыы, бырастыы… Эн умнуллубат кэрэ бэйэҥ тыыннааҕым тухары мин сүрэхпэр тыыннаах сылдьыаҕа. Быраатыҥ Баһылайы харах уулаах атаарбатахпына табыллар. Хомойуо.

Ийэ оҕотунаан бырастыылаһардыы, хараҕын быһа симэн, саҥата суох сөҥөн олорбохтуу түһээт, күүһүнэн сыҥаланан туран, уолун окумалыттан тутуһан аһыыр сиргэ таҕыста. Остуолга ытаан сирэйдэрэ салбаҕырбыт Мачыана, Вера уонна Бүөтүр Бөтүрүөбүс олороллор.

– Онтон Киристиинэ… тоҕо суоҕуй? – Маарыйа Киристиинэ суоҕун көрөн, куолаһа эйэҥэлээн ылла.

– Кыайан кэлбэтэ. Ийэтинээн хаалла. Сытар. Кэлиэҕэ, – Бүөтүр Бөтүрүөбүс аҕыйах тылынан быһаарда.

Бары Кыра Ыстапаан аһыытыгар сөҥөн, саҥата суох олордулар, куолайдарыгар ас да барбат курдуга.

– Ийээ, хайыыр да кыах суох. Убайым Ыстапаан туһугар тиһэх хааппыла хаан хаалыар диэри өстөөҕү үлтүрүтүүгэ сэриилэһиэм, – диэн Баһылай бэйэтэ ньамньыраан олорор ийэтин эбии уйадыппыта.

– Ийээ, наһаа айманыма, Ыстапааммытын төнүннэрэр ханнык да күүс суох. Аҕабытын, уолаттаргын Миитээни, Баһылайы санаа. Сиэниҥ Мааһыҥкаҥ туһугар күүстээх санаалан, – Вера саҥарарын быыһыгар сиэнин көтөхтөрө биэрбитигэр, эбэтин ньилбэгэр эккирээн күүскэ тирэнитэлээбитигэр – остуолга олорооччулар сирэйдэригэр мичээр толбоно түстэ.

Мачыана харах уулаах олорон, төһө кыалларынан туттуна сатыы-сатыы, дьүөгэтин сэргэхситээри ону-маны кэпсии олордо.

– Мин Тэрэнтэйим Челябинскай уобаласка биир ыйдаах байыаннай бэлэмнэниини баран, Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга бирисээгэ биэрбит. Бирисээгэ кэнниттэн, Волга өрүс кытыытыгар аҕалбыттар. Билигин Сталинград куорат иһин кырыктаах кыргыһыыга сылдьабын диэн суруйбут. Сордооҕум киһиэхэ этэн суруйтарбыт. Билиҥҥитэ этэҥҥэ. Ньукулай Торговкин кэргэнэ Аанча кыра кыыһын убайын кэргэнигэр, саҥаһыгар, ииттэрэ биэрбит. Үс оҕону кыайан иитэр кыаҕым суох, сүрүнэ, этэҥҥэ эрэ сырыттын диэн санаанан салайтарбыт. Саҥаһа оҕото суох, онон көрө сатыа, аччыктатыа суоҕа, ол кэриэтин бэйэтэ аччыктыа.

– Оннук. Сөпкө гыммыттар. Баһылайбытыгар, Ийэ дойдутун көмүскүү барар киһибитигэр, этэҥҥэ сулууспалыырыгар, кыайыы-хотуу кынаттанан кэлэригэр баҕарыаҕыҥ, – Бүөтүр Бөтүрүөбүс уолга анаан үгүс истиҥ тыллары эппитэ. – Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума, ытык иэскин чиэстээхтик толорон, төрөөбүт төрүт буоргар, кыайыы аргыстанан этэҥҥэ эргиллээр, – диэн алгыс тылларынан этиитин түмүктээбитэ.

– Оҕом, Баһылайым, куттаныма, ытыам суоҕа. Оҕом, үчүгэйдик сырыт, суруйа тураар. Үлэһит буолан боруонньа ылла диэн үөрэ санаабытым. Ол ханна баарый? Таҥара баар буоллаҕына, эһиги этэҥҥэ эргиллэн кэлэргит туһугар, үҥэн-сүктэн көрдөһүөм, – ийэ оҕотун бэйэтигэр сыһыары тардан, «ыытыам суоҕа» диирдии, ыга кууспута.

Аан эмискэ тэлэччи аһылларын кытта Бүөккэ, сүүрбүтүттэн иэдэһэ тэтэрэ кыыһан, куобах бэргэһэтин ханньаччы кэтэн, сонун нэлэкэйдэнэн, көтөн түстэ.

– Аҕаа, Киристиинэ төрөөн эрэр. Түргэнник тиийэр үһүгүн. Маарыйа эмиэ… Ийэм инньэ диэтэ. Биэлсэр Никиитэ кэлбитэ… – уол аҕылаан эппэҥниирин быыһыгар биир тыынынан кутан кэбиспитэ.

– Туох диигин?.. – диэбитинэн бары биир киһи курдук ойон туран, таһырдьаны былдьастылар. Вера оҕотун көтөхпүтүнэн соҕотоҕун туран хаалла…

Маарыйа сүүрүөх курдук туттубута да атаҕа кыаһыланан хаалбыт. Бүтэйтэн тутуһан кыйа айаннаан истэҕинэ, Баһылайа төттөрү сүүрэн кэлэн, ийэтин өйүү тутан, Бүөтүрдээх дьиэлэрин диэки айаннаатылар. Ол тухары: «Оҕом Ыстапааным… дууһата төһө эрэ тулаайахсыйан… Ханна умса түһэн сытаахтаатаҕай?..» – диэн муҥатыйа, хараҕын уута иэдэһин устун тохтоло суох сүүрэрин туора сотто истэ. Кэлин олох ыһыктынан, уолун кытаанах илиитигэр бэринэн, соһуллан хаалла. Мачыана утары сүүрэн кэлэн, дьүөгэтин кууһа түстэ.

– Эрдий… Доҕоччуок, Ыстапааҥҥын, оҕолоргун Миитээҕин, Баһылайгын санаа. Кийииттэриҥ, сиэннэриҥ туһугар күүстээх санаалан. Киристиинэ уолланна. Кыра Ыстапаан олоҕун салҕааччыта кыракый Өстүөпүскэ ытаан бэбээрбитинэн күн сирин көрдө. Үөрүү… Хараҕыҥ уутун сотун. Киристиинэҕэр, Өстүөпүскэҕэр хараҕыҥ уутун көрдөрүмэ. Саҥа төрөөбүт дьахтары кэҕиннэрэн кэбиһиэҥ. Ийэ оҕотун аһатыан наада, – сүбэлиирин-амалыырын быыһыгар дьүөгэтин иэдэһиттэн сыллаан ылла.

Үһүөн өйөһөн, дьиэ боруогун саҥа атыллаан киирэллэрин кытта сибилигин күн сирин көрбүт кыракый Өстүөпүскэ ытаан бэбээрэ түстэ…

IX

Кураан сатыылаан, аһыҥа ыһан, от-бурдук үүммэккэ, аччык дьыл саҕаламмыта. Аһыҥаны утары түүннэри-күнүстэри үлэ барара. Бааһынаны тула 1 м кэтиттээх, 1 м дириҥнээх ханааба хаспыттара. Оҕо‐дьахтар таҥаһынан тигиллибит киэҥ айахтаах куулу тутан баран сүүрэллэрэ, онуоха бурдук соломотугар олорор аһыҥкалар куулларыгар түһэллэрэ. Оҕолор барахсаттар аһыҥканан туолбут куулларын кыайбакка ытаһаллара. Тимир уһаакка кутан уматаллара. Холкуоска кырдьаҕастары кытта дьахталлар уонна оҕолор хаалан, холкуос үлэтин барытын толороллоро. Сэрии кэмэ буолан, туохха барытыгар кытаанах ирдэбил этэ. Суол оҥоһуута буоллун, бурдук хомуура буоллун, оҕолуун-дьахтардыын биир тылы утары эппэккэ үлэлииллэрэ. Күн кылайа тахсыыта үлэҕэр баар буолаҕын, киэһэ күн киирбитин кэннэ бүтэҕин. Аһылыктара диэн үрүҥ ас, суорат оҕото буолар. Тыраахтардара испиискэ хаатын саҕа маһынан умайан үлэлиирэ. Киһи барыта эрбиирэ. Оҕолор сатаабат буолан, эрбиилэрин кыбытан эрэйдэнэллэрэ, куораптаах тэлиэгэҕэ тиэйэн, оҕуһунан бааһыналарга таһаллара. Сороҕор тыраахтар атын бааһынаҕа көһөрүгэр мас тобоҕун куулга кутан, сүгэн илдьэллэрэ.

Маарыйа былырыын күһүҥҥүттэн ыла 15 ынаҕы ылан ыанньыксытынан үлэлиир, бэйэтин соҕотох хаалбыт ынаҕын холкуос хотонугар туруорар. Күнүскү ыамын кэнниттэн окко көмөлөһөрө. Оччолорго: «Отчут, хас биир бугулуҥ – өстөөх үрдүгэр түһэр буомба!» – диэн ыҥырыы уос номоҕор киирбитэ. Маарыйа оту охсоот, өтөххө киллэрэн куурдара уонна мөлтөх ньирэйдэригэр сиэтэрэ. Оччоҕо ньирэйдэрэ туран кэлэллэрэ. Аны кыһын төрөөбүт ынахтарбар «эмп» курдук сиэтиэм диэн сайыны-күһүнү быһа өтөххө күөх от хаһааммыта. Ийэ барахсан төһө да күннээҕи түбүккэ үтүрүттэрдэр, биллэн турар, саныыр санаата оҕолоругар уонна кэргэнигэр этэ.

Миитээлээх Баһылайа сэриигэ этэҥҥэ сылдьалларыттан үөрэр. Миитээтэ Ураллааҕы байыаннай уокурукка 102‐с станцияҕа тиийбит. Хайыһар биригээдэтигэр түбэһэн, сэрии үөрэҕин эриирин-мускуурун, саллаат ыарахан олоҕун этинэн-хаанынан билбитин туһунан суруйар. Хас суругун ахсын кыыһын Маасыҥканы уонна Кыра Ыстапаан уолун сураһар.

Онтон Ыстапаанын саастаах киһи диэн Забайкальскай фроҥҥа сэриигэ ыытар аттары көрүүгэ-харайыыга хаалларбыттар этэ. Онон билиҥҥитэ Ыстапааныгар санаата бөҕөх. Кыра Ыстапааныгар кулун тутар ыйга хара сурук кэлбитигэр аһыытыттан киһи аатыттан ааһа сыспыта. Хата, ону кыракый Өстүөпүскэ олоххо төнүннэрбитэ. Саҥа төрөөбүт кыракый уолу илиитигэр көтөхтөрөн кэбиспиттэригэр, ытаан бэбээрэр сиэнин сирэйигэр Кыра Ыстапаанын мөссүөнүн омоонун көрөн, уйа-хайа суох ытыырын быыһыгар түөһүгэр ыга кууспута. Нэһиилэ уоскутан оҕону араарбыттара. Сарсыҥҥы күнүгэр таастыйбыт сирэйдээх, биир таммах хараҕын уутун түһэрбэккэ, кыра уолун Баһылайы сэриигэ атаарбыта.

Кинилэр бөһүөлэктэригэр хайыы-үйэ хас да ыалга «хара сурук» кэлэн, дьон-сэргэ сүрэхтэрэ хаанынан ытаата. Дьон Мачыана буостаны аҕалбытын иһиттэҕинэ, сугулааны тумна хаамар буолла. Кини даҕаны харах уутуттан кэһэйэн хаалан, сэбиэккэ туттаран иһэр. Бастаан өйдөөбөккө илдьэн биэрэн, олус айманалларыттан, кинини буруйдуу көрөллөрүттэн саллан хаалбыт. Кини ыанньыксыттыырын таһынан, кыһыннары-сайыннары ыйга иккитэ буостаны таһар. Ахсынньы-тохсунньу ыйдарга, торулуур тымныыга саҕынньах кэтэн, оройуоннар биэрбит улахан баҕайы хаатыҥкаларын анньынан айанныыра. Биир хоноро. Сарсыҥҥы күнүгэр, сымнаҕас баҕайы аттааҕын биллэр да суолга моһуогуруохтара диэн, Уйбаанчык барахсан, кэлэр кэмин учуоттаан, хайаан да утары барара. Дьон ону билэрэ да саҥарбата. Уйбаанчыктаах Мачыана биир алааска улааппыттара. Оҕо эрдэхтэриттэн бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһэ көрсөллөрө эрээри түҥкэтэх алаас оҕолоро кыайан чугаһыспатахтара. Онтон 1921 с. Саха сиригэр гражданскай сэрии буолан, «баай», «дьадаҥы» икки ардыгар кылаассабай охсуһуу саҕаланан, дьон-сэргэ ортотугар өстөһүү саҕаламмыта. Аҕыйах ахсааннаах да буоллар, сэниэтик олорор ыал кыра-хара быстар дьадаҥы дьону кытта тэҥнэһиэн баҕарбата. Мачыана аҕата уонтан тахса сүөһүлээх сэниэ ыал этэ, быстар дьадаҥы ыал уолларын Уйбаанчыгы киһинэн да аахпата. Атын алааска сэниэтик олорор Тэрэнтэй дьонун кытта уруурҕаспыта. Оҕонньоттор иккиэн да бардам дьон этилэр, бандьыыттарга кистии-саба көмөлөспүттэрэ диэн үөлээннээхтэрэ тыыннаахтарыгар элбэхтэ сирэй-харах анньыбыттара. «Ревкомнар сүөһүбүтүн былдьыахтара диэн куттанан, ньылбыйан олорбуппут. Тыын тыыҥҥа харбас. Ревкомнар да, бандьыыттар да диэки буолбатахпыт», – диэн тумсуларын дулҕаҕа соттоллоро. Туох билиэй? Оччолорго түҥкэтэх тыа сирин дьоно былаас иһин буолбакка, бэйэлэрин тыыннарын көмүскэлигэр олороллоро, ол да буоллар төрөппүт былааһа улахан этэ. Оҕо аҕатын утары үрүҥ хараҕын өрө көрбөтө. Мачыана аҕа былааһын сиэртибэтэ буолан, таптаабат киһитигэр Тэрэнтэйгэ кэргэн тахсан, кини Ыстапаанынаан араа-бараа кыыстаах уонна уончалаах Сиэнньискэ диэн уоллаах. Дьон этэринэн, Сиэнньискэ Уйбаанчык уола. Уйбаанчык дьиэ кэргэн тэриммэтэҕэ. Тимир ууһа буолан, сэриигэ ыҥырылла илик эрээри, барарга тылланар үһү диэн сурах иһиллэр. Чугастааҕы холкуостар бары кэлэн уһаннараллар, тимири хаамтарбатах эрэ буруйдаах, чугас эргин суох уус киһи.

Онтон кини Баһылайа сэриигэ ыҥырыллыбыта биэс ый буолла, Смоленскай фроҥҥа ручной пулеметчигынан сылдьар. Ааспыт суругар аҕатын ыйытаахтаабыт этэ да хантан билиэй? «Үөрэҕэ суох, аахпат-суруйбат, нууччалыы билбэт киһи төһө эрэ сүрэхтиин-дууһалыын тулаайахсыйан сылдьар» диэн Маарыйа санааргыыра. Ол эрээри Ыстапаанын эрэнэр, өлөн-охтон биэрбэтэх буолуохтаах. Олоххо дьулуурдаах, сатабыллаах, үлэһит киһи онно да дьоҥҥо, салалтаҕа сөбүлэппитэ буолуо диэн эрэнэр. Ону таһынан, хас суругун ахсын сиэн оҕолору – Маасыҥканы, кыракый Өстүөпүскэни ыйыталаһан суруйар. Оҕом сыыһа гражданскай сэриигэ сэбиэскэй былаас иһин олоҕун толук уурбут убайын Андросов Баһылай Георгиевич олоҕун салҕааччы, аатын ааттатааччы, аймаҕын тэнитээччи соҕотох Андросов кини эрэ. Ити кини туһугар улахан эппиэтинэс буоларын оҕо эрдэҕиттэн куруутун такайар буоланнар, бэл, мэник-тэник сааһыгар улахан оҕо курдук оттомнооҕо.

Өтөх иинэ оспот

Подняться наверх