Соһуччу көрсүһүү
Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.
Оглавление
Группа авторов. Соһуччу көрсүһүү
Күндү ааҕааччы!
Сааскы кус
Куочайга
Тимирбит тайах
Хара улар
Саһылга мастаммыт
Солоҥдо
Истиэнэҕэ ыйаммыт саа
Куртуйахтар
Хорулаҕа
Криминалистика хоһо
Хабарҕа
Ууһут куобах
Тайахха сүрэхтэнии
Суоруннуун
Куобахтыы сылдьан
Уоттаах буулдьа
Нохуга
Сибиинньэ сыата
«Үүтээнтэн холдьоҕуллубут»
Баар-баар!
Анупа
Кээнчэ
Буулдьа суола
Муҥурахха киирбит киис
Кырбый уонна тураах
Соһуччу көрсүһүү
Лукич
Сухойга
Аанчаҕа
Күпкэ
Сахараҕа
Майдаҕа
Туобуйаҕа
Сайылык булда
Кыыл уҥуохтара
Удачнайга
Түһэриллибэтэх түгэн
Бүтэһик ботуруон
Булт үллэһигэ
Отрывок из книги
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан күһүн өрөбүлбэр Кураанахха кустуу бардым. Олорор, көтөн тахсыбыт куһу «сакалаакка» ытарым. Күөлү хаҥас өттүнэн саабын бэлэм тутан иһэбин. Күөл ортотугар кустар баар курдуктар. Кытыыга туох да көстүбэт. Арай ойуур саҕатыттан көҕөн көтөн тахсан күөл диэки киирдэ. Саам чыыбыһын төлө тартым. Куһум умса баран түстэ. Үөскэ мунньустан олорбут кустар, саа тыаһыттан айманан, көтөн таҕыстылар. Чохчос гынным. Кустар күөлү эргийэн мин үрдүбүнэн кэллилэр. Иккитэ ытан биир куһу түһэрдим. Халба буолан үөртэ. Көрүҥэ төһө да көҕөн курдугун иһин, чөркөөкүттэн эрэ улахан. Ол да буоллар, улахан кустар ахсааннарыгар киллэрэрбит. Бастакы куспун көрдүү бардым. Кустар көтөн тахсан атын чугастааҕы күөлгэ баран түстүлэр быһыылаах. Көҕөнүм «тыла суох барбыт». Көрөн улаханнык соһуйдум: сааскы атыыр көҕөн сытар! Билигин күһүн ээ. Түүтэ сааскытынан сылдьар. Дьэ, дьикти диэтэҕиҥ! Урут бааһыра сылдьыбыт, онтукайа оспут.
Салгыы кэрийэ бардым. Күөлүм баһын диэки тиийдим. Оччолорго саабыт таһынан сомуоктаах этэ. Эрдэттэн сомуогун туруорбаппыт. Дьоммут үөрэтиитинэн ытаары гыннахпытына эрэ туруорарбыт. Чычаас ууну кэһэн чалымнатан иһэбин. Эмискэ иннибэр көҕөн көтөн таҕыста. Сомуокпун туруораат, кыҥаатым. Ыттым да, саам эстибэтэ, «тас» эрэ гынан хаалла. Ол тыаһыттан иккис көҕөн көтөн таҕыста. Иккис сомуокпун туруордум. Кыҥыы турдахпына холбоһор курдук буоллулар. Чыыбыспын төлө тартым, иккиэн сууллан түстүлэр. Оо, онно үөрбүппүөн! Күөлбүн эргийэн киэһэлик алта бөдөҥ кустаах дьиэбэр тиийдим. Сааскы көҕөнү киһи барыта араастык быһаарбыттара. Тиһэҕэр саас хойомуун буоларыгар өҥүн уларытар ньиэрбэтин таарыттарбыт буолуон сөп диэн тойоннообуттара.
.....
Балантыын күн аайы кэриэтэ иккилии кииһи өлөрөн кэлэр. Ытын хайгыыр:
– Моойторук сааһырдар да, булчут ыт. Төһө тайаҕы үрэн биэрбитин ким ааҕан билиэ баарай! Киискэ мөлтөх, быһа холуйан сылдьар. Ол сылдьан суолун сүтэрэн кээһэр. Оттон Бойбооску кыратын көрүмэ. Саҥатык суолун буллар эрэ, ситэрбит эрэ хаалар. Суолуттан туораабат, оргууй аҕай суолун устун батыһан иһэр. Кини киискэ бардар эрэ, киис сүгэһэрбэр сытар курдук саныыбын, – диэн астына кэпсиир.
.....