Читать книгу Уйгур - - Страница 1

УЙГУР 1
Сэһэн

Оглавление

I

Биһиги улаатар кэммитигэр сэрии кыттыылаахтара күрэҥсийбит төбөлөөх кырдьа барбыт дьон этилэр. Кинилэртэн ким эрэ, дьээбэтин-хооботун быыһыгар ырбаахытын уста биэрэн, ньиэмэс буулдьата көхсүгэр, бүлгүнүгэр көҥүрүтэ түспүт суолларын аахтаран, оҕо дьону көрүлэтэр идэлээҕэ… Ким эрэ, ыллыыра да, ытыыра да биллибэттик айдаара-айдаара, суолу икки өттүнэн айаннаан, бытыылканы кытта кыргыһыы хонуутуттан кыайтаран иһэрин ыраахтан биллэрэн кэбиһэн, ойоҕун куһаҕаннык сарылатара. Кимтэн эрэ дьиэтээҕи дьоно куттанан ыалларынан хоноллоро: «Эмиэ табахтыы-табахтыы уоту тонолуппакка одуулаан хамсаабакка олорор, тугу гыныа биллибэт…» – диэн буолара.

Тыа сирин күннэтэ үөскүү турар хара үлэтигэр эриллибит ити барбах көстүүлээх дьон, Кыайыы күнэ үүннэ да, кылыгырас тыастаах, күлүмүрдэс түөстээх мааны көстүүмү кэппит уола хаан дьоҥҥо кубулуйа түһэллэрэ, мэктиэтигэр уҥуохтуун-арҕастыын көнөн, туттардыын-хаптардыын дьоһуннанан хаалаллара. Оҕолор, «тиистэригэр диэри сэбилэммит ньиэмэс-фашист халабырдьыттарын» туһунан бүтэн биэрбэт уһун дакылаат кэмигэр, кулууп дьиэ мас ыскаамыйатын олбоҕун тэһийбэккэ лабырҕата олорон, ол соһуччу уларыйан хаалбыт Ыстапааннары, Сөдүөттэри, Өлөксөөндүрдэри, Обокуумнары одуулаһарбыт. Сыанаҕа инники кэккэҕэ, кыһыл бүлүүс сабыылаах остуолга тайанан, бастакы хомуур – арҕаа, «уоттаах сэрии» саллааттара олороллоро. Кинилэр кэннилэриттэн арыыйда хара баттахтаахтар, бастакы кэккэлэр этэн бүппүттэрин кэннэ тыл ылаары, уочараттаан олороллоро. Оттон илиҥҥи сэриигэ сылдьыбыттар, быһыыта, олорботтор да быһыылаах этэ. Хайдах эрэ буруйдаммыттыы мичээрдээх, биир эмэ мэтээллээх дьон, киирэ-тахса сылдьаллара.

Ол эрээри биһиги дэриэбинэбитигэр оҕо дьон сэрии туһунан уоттаах-күөстээх өйдөбүлбүт киэбигэр сөп түбэспэт биир ураты, туора сылдьар көстүү баара. Олох кыра эрдэхпинэ ол көстүү сырдык сэлээппэлээх, чаҕылхай күөх көстүүмнээх уһун акыгыр киһи буолан хантан эрэ тиийэн кэлбитэ. «Уйгур кэлбит, дэһэртиир кэлбит», – диэбиттэрэ. Дэһэртиирдэр ол биһиги толору дьоллоох кэммитигэр бары суох да буолан бүппүт буолуохтаах курдуктара… Оттон ол кэлбит киһи дэһэртиир дэнэр «ынырык куһаҕан» киһиэхэ ханан да маарыннаабат мааны көрүҥнээх этэ, өссө оҕолорго сиэбиттэн кэмпиэт хостоон түҥэтэр, ардыгар төҥкөс гына тохтоон, дьээбэлээн ааһар идэлээҕэ. Сотору кэминэн ол дьикти киһи, били бастаан кэлбитигэр холоотоххо, бөх-сах таҥастанан ханна эрэ эмиэ баран хаалбыта. «Уйгур барытын сүүйтэрэн барда», – диэбиттэрэ. Онтон улаатарым саҕана, Өрүүнэ диэн бииргэ төрөөбүт балтыгар кыстыыр, сааһыыр буолбута. Оттон балта ол кэмҥэ биһиги дьиэбит биир хоһугар дьукаах олороро. Соҕотох уоллааҕа аармыйаҕа сулууспалыы барбыт этэ. Онон Уйгур Уйбаан биһиэхэ олох да чугас киһибит буолан хаалбыта.

«Нууччалар дьоҥҥо хос ааты табан да иҥэрэр дьоҕурдаахпыт!» – диэн этиини биир кинигэҕэ аахпыттаахпын. «Биһиги, сахалар, эмиэ!» – диэн илии уунуох курдукпун. Аҕабыыттар саха дьонун сүрэхтииллэригэр аҕа-ийэ ууһа, удьуор-аймах, туспа киһи диэн араара барбакка, аҥаар кырыытыттан ааты да, араспаанньаны да түбэһиэх иҥэртээбиттэрин содулуттан хаһан тахсарбыт биллибэт омук буоллахпыт. Оччонон хос аат биһиэхэ, сахаларга, ордук суолталаммыт.

Былыргы дьоммут сурукка киллэриллибэт, дьонноруттан-сэргэлэриттэн ылбыт бэргэн ааттарын хос аат, ыыс диэбэккэ, «сахалыы ааппыт» диэн, олус күндүргэтэн, харысхал ураты бэлиэтин курдук удьуортан удьуорга тиэрдэн, төрдүнү-ууһу үйэтитиигэ кимнээҕэр айымньылаахтык сыһыаннаһан кэлбиттэр. Тыа сиригэр билигин да хас эмэ Уйбааннар, Ньукулайдар, Маарыйалар, Ааналар ким-туох буолалларын кистээбэккэ кэпсии сылдьар хос ааттарын кытта төһөлөөх да киһи быыһыгар киирэн булкуллубат, сүппэт-оспот, умнуллубат, суураллыбат олохторун олороллор. Ону таһынан тылбыт барахсан үтүөтүнэн Николайдар Ньукуус, Ньуккаа, Ньукулааскы, Ньукурдаан, Куолустай диэҥҥэ тиийэ, Анналар Ааныска, Ааныс, Аанчык, Нуута, Аанабыай диэҥҥэ тиийэ эгэлгэтик этиллэн, олох да тус-туһунан, ханан да маарыннаспат ааттаах-суоллаах дьоҥҥо кубулуйбут буолаллар. Ити ааттарыгар тустаахтар бэйэлэрэ убанан уонна оннук кинилэри ыҥырарга, өйдүүргэ тулалыыр дьон даҕаны бары үөрэнэн, биирдэ эмэ атын сиртэн кэлээччи сурукка киирбиттэринэн ааттаатаҕына, өйдөөбөккө хаалан, ааттаах киһиттэн бэйэтиттэн саҕалаан, күлүүгэ киирээччи элбэх буолар.

Уйгуру хаһан уонна ким итинник ааттаабытын билбэтим эрээри, «уйгуурар» диэнтэн, туохтан эмэ олус күүркэйэр, өрүкүйэр диэн суолталаах туохтууртан тахсыбыта өйдөнөр. Ол эрээри тоҕо – «Уйгуурар Уйбаан, Уйгуур Уйбаан, Уйгурдаан» буолбакка «Уйгур» диэн ханан да уһатыыта суох быһа баттаныллыбыт тыл буолан хаалбыта буолла? Бу аакка түҥ былыр улуу Өлөксөөндүр «хамсыыры мүччү туппат булчут мохсоҕолго» тэҥнээбит уйгуур омуга сыһыана суоҕа биллэр. Эбэтэр «уйгу» диэнтэн тахсыбыта дуу? Уйбаан дьэ бу аатын илдьэ төрөөбүт курдуга, ол курдук бу хос аат киниэхэ олус барсара. Ол да иһин буолуо, кинини ким уонна хаһан итинник ааттаабытын туһунан ыйытар өй миэхэ биирдэ да киирэ сылдьыбатах эбит.

…Киэһэ аһылык кэнниттэн улахан дьон оҥостон олорон тугу эрэ сэһэргэһэн бараллар. Уйгур кэпсээнэ мин истэ үөрэммиппиттэн чыҥха атын ис хоһооннооҕунан, көмүстээх Алдан, Бодойбо, куорат, Тайҕа диэн кинигэттэн эрэ ааҕан билэр, оччотооҕу санаабар олус ыраах, туох эрэ дьиктилээх дойдулары хабарынан умсугутара. Ол кэпсээннэргэ өссө кэриэй, нуучча, хохуол омуктар уратылара, ыксаллаах кэмҥэ хайа омук киһитэ хайдах-туох быһыыланара, бандьыыттартан уонна милииссийэлэртэн куотуу мүччүргэннээх түгэннэрэ, хаартыһыттар хапсыһыылара, ойуун кыырыыта кытта киирэн ылаллара. Мин: «Чаһыбыт ыраат- та ээ…» – дэһэ-дэһэ, остуолтан туруохча турбат дьонум таһыгар сыҥаах баттанан олорон ол кэпсээннэри умсугуйа истэбин. Кыра оҕо билиэҕэр сөбө суох да түгэннэр баалларын үрдүнэн, ким да миигин «бу да кыыс, баран утуй эрэ» диэбэт. Уйгур ол кэпсии олорон эдэригэр түһэргэ дылыта: уоттаах хара харахтаах, субуллаҕас үрдүк муруннаах, кэтит дараҕар сарыннаах, курбалдьыйбыт уһун уҥуохтаах уолан бэрдэ бу көтөн-мөҕөн барыах курдуга.

Кинини өссө «маһы ыллатар мындыр уус мааныта буоллаҕа», «мас ыпсыытын сытыы быһах биитинэн кээмэйдиир быыччык киһи» дииллэрэ. Эдэрчи кэмигэр, халлаан сылыйда да, ханна эрэ баран дьиэ тутуутугар үлэлээн харчы өлөрөр эбит. Дьэ ол харчытынан дуйданан, баһыттан атаҕар диэри маанытык таҥнан дойдутугар кэлэрин мин көрөр эбиппин. Кыһыылааҕа диэн, ол таҥаһын аҕыйах кэм иһигэр сэлээппэтигэр, хаалтыһыгар тиийэ хаартыга сүүйтэрэн баран, эмиэ тутууга үлэлии барар эбит. Уонна арба, «бэрэски астыыргытыгар» диэн, үчүгэйдик саныыр ыалларын ийэлэригэр үс өттүнэн туруору бүүрүктээх, ыйаан кэбиһэргэ тордуохтаах, фанеранан оҥоһуллубут балачча улахан астыыр маһы бэлэхтэтэлээбитин «Уйгур киэнэ» диэн тутталлара. Кырдьык да, олус табыгастаах тэрил этэ, тугу эмэ мэһийэр буоллулар да, остуолга бэйэтигэр ньаҕайдаабакка, ол маһы ойутан таһаараллара. Бүттэхтэринэ, күүлэ эркинигэр ыйаан кэбиһэллэрэ. Кыһынын тоҥорор астарын эмиэ бу маска ууран кэчигирэтэллэрэ, ийэбит ол кэтит маһы киэптии тоҥорбут дагдатын, аан туманы кытта куоталаһа, күүлэттэн киллэрэн иһэрэ харахпар субу баар.

«Уйгур истэҕинэ куһаҕан киэптээх, кэргэнэ тулуйа сатаан баран, оҕолорун илдьэ дойдутугар икки атаҕынан куотарга күһэллибит», – дииллэрин эмиэ истэрим. Биһиэхэ дьукаах олорбут кэмигэр остуолга үрүүмкэ көтөҕөллөрүн биирдэ да өйдөөбөппүн, баҕар, мин дьоммор оннук үгэс суоҕуттан буолуо. Итирэн сыыска-буорга булкулла сылдьарын эмиэ көрбөтөҕүм эрээри, кини туһунан дьон ахтарыгар арыгыһыт уонна хаартыһыт диэн «идэлэр» эмиэ, сыыс от курдук баҕарбыт сирдэринэн дьөлө кэйэн тахса, сыста, кэккэлэһэ сылдьаллара. Ол да үрдүнэн, мин кинини оннук-маннык куһаҕан киһи диэбэккэ, үксүгэр ол мүччүргэннээх сырыылардаах кэпсээннэрин иһин буолуо, киинэ курдук тыыннааҕымсытан, Манчаары дуу, «Саха фольклора» кинигэҕэ суруллар былыргы ханнык эрэ боотур дуу кырдьар сааһыгар тиийэн сылдьарын курдук көрөрүм.

Ити курдук сэриибит кыттыылаахтара, ол дэһэртиир даҕаны, төһө да субу аттыбытыгар тура-олоро сырытталлар, сэрии кэмин биһиги хайыы сахха «ол хаһан эрэ, былыр» диэх курдук өйдүүр буола улааппыппытыттан билигин кэлэн соһуйабын да, сонньуйабын да. Дьиҥэ, сэрииттэн сүүрбэччэ-отучча эрэ сыл аастаҕа дии. Оччотооҕу дьон, сэрии алдьархайын умна сатыыр санаалара оннук күүстээх буолан, ааҥнаан ааспыт ыар быһыыны-майгыны ыччат өйүттэн-санаатыттан түргэнник тэйитэ охсор курдук дьайдахтара дуу… Куһаҕаны умна охсон киһи, омук санаа самныытыттан быыһанар ньымата эбитэ дуу… Күн аайы остуолу хотойорунан аһы, санныларыгар таҥаһы, оҕолоругар үөрэҕи тосхойбут «дьолунан толору, үөрүүнэн ситэри» аныгы кэм уруйдаах урсунун кинилэр аас-туор олоҕу, өлүүнү-сүтүүнү билбит эрэйдэрин-буруйдарын туһунан аһыы өйдөбүл күлүгүрдүө суохтааҕа эбитэ буолуо… Онон биһиги оҕо сааспытыгар ол «туох үчүгэйдээх үһү» дэниллэр ааспыт кэми аахайа сатаабат, кэлэр кэрэ кэм туһунан эрэ ыраланар дьыл-хонук тосхойон турара.

Биирдэ оскуолаттан дьиэлээн иһэр кыргыттар «смешанный» диэн маҕаһыыммытыгар аараан турдахпытына, Уйгур Уйбаан киирэн тугу эрэ атыыласта, онуоха биир атыылаһааччы: «Үйэм тухары холкуос, сопхуос туһа диэн икки хараҥаны тэҥнээн үлэлээн бараммын, дэһэртиири кытта тэҥ биэнсийэлээхпин, бу тоҕо да кыһыытай! Сэрииттэн күрүү-күрүү дьэллик сылдьыллыахтаах эбит! Түптээн олорбокко күүлэй тэбиллиэхтээх эбит! Хаайыыга сытыйбакка буолан баран, сири бааһырдан сылдьыахха баар эбит…» – эҥин диэн, ис-иһиттэн кыйыттан кэлэ-кэлэ, сирэй-харах аста. Уйгур онуоха тугу да хардарбакка хоноччу туттан тахсан барбытыгар, «кини дэһэртиир, холкуоска-сопхуоска үлэлээбэтэх киһи буолан, дьонтон туора көрүллэр эбит» диэн өйдөөбүтүм. Кини ити кэмҥэ сааһыран, барара-кэлэрэ тохтоон, биэнсийэтигэр эрэ олорор кэмэ быһыылаах.

Кырдьык, Уйгур от-мас үлэтигэр тиритэ-хорута үлэлии сылдьара тоҕо эрэ өйбүтүгэр хаалбатах. Оннооҕор сэрииттэн дүлүҥ атахтанан кэлбит Өлөксөөн хотуур сүгэн баран түөрэҥэлээн иһэр буолара ээ. Баҕар, салайааччылар кинини киһи ахсааныгар киллэрэн үлэлэтэ сатаабаттара дуу.

Биир сайын балта Өрүүнэ оттуур сирин кэриитигэр, билигин санаатахха, туристары аҕалан түһэриэххэ сөптөөх ураһалыы быһыылаах киэҥ-куоҥ, тупсаҕай бэйэлээх отууну бэрт өр быыччыктаан тутта сылдьан, охсон абыраабыт отун ардахха былдьаппытын туһунан кэпсииллэрэ. Ол отуутугар оҕолор киирэ сылдьааччыбыт: таһыттан оннук баараҕай курдук буолбатах эрээри, иһигэр киирдэххэ киһи мэйиитэ эргийиэх үрдүк уонна киэҥ буолан соһутара. Бу ураһа иһигэр мин аан бастаан кинигэттэн буолбатах, киһи уоһуттан «кэрэ» диэн тыл мүччү көтөн тахсарын истибитим. Охсуллубут от минньигэс сытынан саба биэрэр ол тутуутун иһигэр сото кэбиһэн олорон Уйгур: «Кэрэни өйдөөбөт, өйдүү да сатаабат киһини кытта маргыһан туһа суох…» – диэн кими эрэ кимиэхэ эрэ мөҕүттэрэ. Онно мин Кэрэ диэн сибэкки, үрүмэччи, бэл эдьиийим куораттан кэтэн кэлбит дьэрэкээн өҥнөөх былаачыйата эрэ буолбатаҕын, туох эрэ уустук, киһи аайы өйдөммөт көстүүгэ сыһыаннааҕын сэрэйэ санаабыттаахпын. Ураһа-отуу эргиччи оҥоһуллубут олорор сирдээх, ортотугар холумтаннаах, уурбут-туппут курдук тэриллээх ыал дьиэтин курдук этэ. Уйгур бу отуутугар күһүн хаһыҥ түһүөр диэри соҕотоҕун олорор быһыылааҕа. Эбэтэр биир сайын туос тыы тиктэ сатаабыта сатаммакка санаата алдьанан кыайан оттооботоҕун туһунан: «Ээ, дьэ, кини киэнэ онтон атын буолуо дуо!» – диэх курдук күлүү гынар икки, абаккарар икки ардынан дьон кэпсэтэр этэ. Быһыыта, күүстээх үлэттэн куотунан туһата суоҕунан дьарыгырар диэн сөбүлээбэттэрэ буолуо.

«Уйгур сэрииттэн хайдах күрээбитэ буолуой?..» – диэн билиэх-көрүөх баҕа санаа саҕыллан кэлээччи. Ол эрээри пионердар уонна комсомолецтар Ийэ дойдуларын көмүскээбит саллааттар бойобуой сырыыларын, холобур буолар хорсун олохторун билэр, чинчийэр ытык иэстээх этибит – дэһэртиирдэр киэннэрин буолбатах. Онон ол санаа ханна эрэ түгэх өйгөр сөҥөн хаалан иһэрэ.

Улахан эдьиийим Дьокуускайга үөрэнэр кэмигэр Уйгур балта киниэхэ убайын хаартыскатын эркиҥҥэ ыйанар мэтириэт оҥорторо биэрэн ыыппыт. Ол мэтириэти оҥорбут нуучча дьахтара хаартысканы түөһүгэр ыга тута-тута: «Какой красивый мужчина, даже жалко отдавать», – диэбит этэ. Ону Уйгур эдьиийбин көрүстэҕин ахсын хос кэпсэтэн истэн манньыйар эбит. «Ити хаартыскабар ырбаахым саҕата өтүүгэ суох курдук көстүбүт ээ, лесник куормалаах туран түспүт хаартыскабын да биэрбэт буолан», – диэн балтын мөҕүтүннэҕэ буолар үһү. «Алдаҥҥа нуучча кэргэннэнэ сылдьыбыт, онтугар оҕолоох», – диэн кэпсээн эмиэ баара.

Сыл-хонук ааһан истэҕин аайы, оннооҕор буолуоҕу истибитиҥ таһыччы умнуллар, сүрэҕи-быары таарыйаат, күдэҥҥэ көппүттүү мэлийэр эбит. Арай ол оҕо сылдьан Уйгуртан истибит кэпсээннэрим ис хоһоонноро, төһө да сүттэллэр, умсугуппут өҥнөрө-күүстэрэ өлбөөрөн быстыбатаҕа, олоҕум бары кэрчиктэригэр биир дойдулаахтарым кини туһунан быстах-остох ахтан ааһалларын түбэһэ түһэн истибитим кэм-кэрдии сүүрүгэр суураллыбатаҕа.

Биһиги Түбэйбит – бөдөҥсүтүү кэмигэр кэҥээбит, Бүлүү өрүс налыы кытылын сырса саҥа дьиэлэринэн сандаарыйа тутуллубут бөһүөлэк. Манна эстэргэ уураахтаммыт нэһилиэктэртэн, үрэх бастарыттан, алаас-сыһыы сирдэртэн көһөн кэлбит ыаллар хойукка диэри «мэлэкэлэр», «нөөрүктээйилэр», «сигэ күөллэр» эҥин дэһэн уруурҕаһар, истиҥник санаһар, ардыгар арахсар да быһыылаах этилэр. Холобур, биһиги ийэбит Нөөрүктээйиттэн төрүттээх буолан, «нөөрүктээйибин» дэммит ханнык баҕарар киһи дьиэбитигэр аараан, ыйы-ыйдаан да олорон ааһар түгэннэрэ баара. Нөөрүктээйи киһитэ мөлтөхтүк быһыыламмытын иһиттэҕинэ, ийэбит кэри-куру буолара, ол киһи төрүттэригэр хайдахтаах үтүө-мааны дьон баар буола сылдьыбыттарынан эргитэн, түмүгэр биир дойдулааҕын олус түһэрииттэн көмүскүүр туох эрэ үчүгэйи киниэхэ син биир булара. Ол курдук, судаарыстыба хамнаабат дьаһалынан иччитэх хаалбыт өтөх дойдулар Айыыһыттара бытанан барбыт дьоннорун ааһан биэрбэт ахтылҕан буолан батыһа, түмэ сылдьар эбиттэр. Эмискэ-эмискэ кинилэр кэпсээннэриттэн билэр курдук саныыр дьонуҥ туһунан истибэтэххин истэн соһуйар да түгэннэриҥ бааллара.

Биирдэ, дьоммут суохтарына, Мэлэкэттэн төрүттээх биир дьахтар дьиэбитигэр киирэн ону-маны ыйыталаһа турбута, онтон Уйгур Уйбаан уулуссанан ааһан иһэрин түннүгүнэн көрөөт, чуумпуран, саҥата суох ыраатыар диэри одууласпыта уонна:

– Ити Уйгуру көрдүм да, Иэйэтин кытта сырсыакалаһа оонньуу сылдьалларын санаан кэлэбин, – диир.

– Ханна, ханнык Иэйэ?

– Ээ, оттон Мэлэкэҕэ. Эн билбэт буоллаҕыҥ, сэрии иннинэ Иэйэлиин олорбуттара ээ. Ити билигин Сахаарап Былатыан кэргэнэ, Бэс Күөлүгэр олороллор дии. Саҥа холбоһо сылдьар кэмнэрэ быһыылаах, биирдэ ийэм кинилэртэн тугу эрэ көрдөһүннэрэ ыыппытыгар тиийбитим, иккиэн наһаа да дьоллоохтук саһыгыраччы күлэ-күлэ, мин киирбиппин өйдөөн көрбөккө, ороннор, остуол үрдүлэринэн өр баҕайы сырсыакалаһа сылдьыбыттара… Иэйэтэ чыпчаххай оҕото тутуурдаах, онтунан Уйбаанын таһыйдаҕа буолар… Ол ойоҕо кинини, дьиҥэ, дэһэртиир гынан турар ээ…

Мин сэргээммин ыйыталаһан барбыппар дьахтар, тугу эрэ сыыһа балкыйан кэбиспитин эмискэ өйдөөбүттүү: «Ээ, чэ, ол ырааттаҕа, умнубуппун», – эҥин дии-дии, былаатын чиҥэтэ баанан, тиэтэйэ-саарайа тахсан барбыта.

«Уйгур сэриигэ ыҥырыллыбытыгар ойоҕо ыытымаары атаҕар соһулла сылдьыбыт, батыһан баран, эр дьону мунньар күрүөлэрин тула ытыы-ытыы айдаан бөҕөтүн тарпыт, онтон борохуокка олороллоругар күрэппит», – диэн остуоруйа-номох курдук өйдөммөт үһүйээн, кырдьык, баара.

Биирдэ дьахталлар, бэйэ-бэйэлэрин салҕаһан: «Улааппыта буоллар, дьэ, үтүө дьүһүннээҕинэн номоххо киирэр кыыс этэ… сахаҕа төрөөн көстө илик кэрэчээн бэйэлээх, наһаа да кырасыабай этэ-э… үкчү тугут оҕотун курдук харааччы көрөрө дии… – дэһэ олороллорун истэн: – Ким? – диэн токкоолоһон барбыппын: – Оттон ити Уйгур өлбүт оҕото…» – диэбиттэрэ. Салгыы эмиэ сиһилии эппэтэхтэрэ, сэрии кэмин туһунан кэпсэтэллэригэр сибигинэһэн бараллара уонна оҕо истэр буоллаҕына, тохтоон хаалаллара. Ол да буоллар, хоргуйан өлбүт дьону салалта «дьэҥкэрэн өлбүттэр» диэн сурукка киллэрэрин; өлөөрү сытар дьону биир ампаарга мунньалларын, онтон ким эрэ дьонноох сиргэ тиийээри сыыллан тахсан баран, аара быстыбытын булбуттарын; хоргуйан ыалы кэрийэ сылдьар биир кыысчаан дьиэ дии санаан, киһи уҥуоҕун ампаарыгар киирэн өлбүтүн; ийэ, саатар биир оҕотун тыыннаах хааллараары, иккиһин аһаппакка өлөрөрүн эҥин туһунан, биирдэ эмэ да буоллар, аҕыйах тылынан төлө биэрэн ахтан ылалларыттан син биир ол ыраах, арҕаа буолбут уоттаах сэрии саха түҥкэтэх тыатын сиригэр аҕалбыт ынырык кэмин туһунан билэн улааппыт эбиппит. Ол эрээри ити барыта биһиги үлэ-хамнас күүрээнигэр үөрэн-көтөн күлүбүрүү, дьээбэлэһэ-хооболоһо, куоталаһыы долгунун сырса сылдьар курдук олохтоох дьоммут дьоллоох көрүҥнэрин кытта ханан да дьүөрэлэспэт кэпсээннэр этилэр. «Ама, кинилэр оннук дьулаан кэми билбиттэрэ буолуо дуо?..» – диэн итэҕэйбэт санаа үөскүөх айылааҕа…

«Уйгур Былатыаны уолуктаабыт, «ойохпун ойох гынан олороҕун» диэбит үһү. Баҕайы хаайыыга хос ыытыахтара диэн да куттаммат буоллаҕа», – диэн кэпсэтэллэрин эмиэ истибитим.

…Сааспын ситэн эрэр кыыс таптал туһунан эгэлгэ санааларбар «холбоспуттар, уһуннук-дьоллоохтук олорбуттар» диэн киһи дьоллоох дьылҕатын, алгыстаах аналын көрдөрөр олус судургу этииттэн, биллэн турар, астыммат этим. Таптал туһунан буолла да, хайаан да сүрэҕи-быары хамсатар долгутуулаах, Индия киинэтин курдук харах уулаах номох буолуохтааҕа уонна биллэн турар, тапталлаахтар, олох бары моһоллорун туораан эрэ баран, улуу дьолго тиийэн, холбоһон олоруохтаахтара… Онон Уйгур Уйбаан олоҕун эрэйэ-буруйа, кистэлэҥэ, таптала кэпсэнэр чахчылара мин билиэх-көрүөх баҕабын күөртүүллэрэ тохтооботоҕо. Ол эрээри киниттэн тоҕо, хайдах дэһэртиирдээбитин, атын ыал ийэтэ буолбут Иэйэ диэн дьахтары кытта сыһыанын туһунан оччолорго бэйэтиттэн ыйытар син биир «хайдах эрэ» курдуга.

Хабаровскайга култуура институтугар үөрэнэ сылдьан, куурустааҕы үлэбэр саха былыргы оонньууларын чинчийиэх, суруйуох санаа киирдэ. Онон уһун өрөбүлбэр кырдьаҕастартан ыйыталаһар санаалаах кэллим. Бастаан аҕабыттан ыйытан көрдүм, ону: «Ээ, ол биһиги тугу атыны оонньуохпутуй, сэрии иннинэ арай оһуохайдыырбытын өйдүүбүн. Оннооҕор киһи өлөн хоруопка угулла сытар дьиэтигэр, мөҕүллүөхпүт диэн куттана-куттана, үс-түөрт буолан оһох кэннигэр сибигинэйэн оһуохайдыыр этибит. Арба да, Уйгуртан ыйыт, кини сааһынан аҕа уонна оонньоон ахан улааппыт киһи буолуохтаах…» – диэн сүбэлээбитэ.

Кырдьык даҕаны! Уйгуртан аҕа саастаах киһи суох да буолан барбыт кэмэ. Били кулууп сыанатыгар мэтээллэрэ кэчигирээн олорбут бэтэрээннэрбит барахсаттар биир-биир суох буолан испиттэрэ: бастаан уоттаах сэриигэ сылдьыбыт бастакы кэккэ, онтон кинилэр кэннилэриттэн уочараттаабыт иккис кэккэ… Онтон илин сэриигэ сылдьыбыт соҕотох байыас хаалан, балачча тулуктаһан баран, эмиэ суох буолбут этэ. Оттон Уйбаан баара. Балтын кытта чөкө дьиэ атыылаһан туспа буруо таһаараллара. Сунтаартан сотору-сотору ааҥнаан кэлэн ааһар Өрүүнэ уолун оҕолоругар «эһээ» дэттэрэр киһи буолбут этэ.

– Ол биһиги, былыргы дьон, оонньуубут бу үйэҕэ кэлэн кими кэрэхсэппит үһүө… – оҕонньор, оһоҕун иннигэр табахтыы олорон, утарытын да эттэр, мин диэки сэҥээрбиттии хайыһан көрбүтэ.

Үөрэхпэр суруйабын диэн быһаардым. Онно хараҕа хайдах эрэ оҕо киэнин курдук чаҕылыс гына түспүтэ дьикти этэ. Онтон табахтыырын тохтотон, олоппоһун мин диэки хайыһыннаран, дьоһуннанан олорон, хайах хостоһуу, халбас харата, хабылык оонньуулар тустарынан, ытыскын таһына-таһына түөрт лабааҕынан сиргэ түһэн куоталаһар «солоҥдолуур» диэни, аҥаар атаххар туран аҥаар илиигинэн утары кулгааххын туттан, биир илиигинэн биир атаххын кэннигинэн хатыйа тутан баран, төҥкөйөн тыс үтүлүгү эрбэҕиттэн ытыран көтөҕүү диэн эридьиэстээх оонньууну, өссө ханныктары эрэ санаан кэлэ-кэлэ, туран хамсанан көрдөрө-көрдөрө кэпсээбитин суруммутум.

– Оонньуулар бары да «спортивнай» хабааннаах эбиттэр дии. Хайдах эрэ барыта күрэхтэһии курдук. Эн мэлдьи кыайыылаах тахсарыҥ буолуо? – мин оҕо сааһым «Манчаарытын» утары көрөн олорон ыйытабын.

– Ээ, оттон син… Атах оонньуутугар эҥин… – Уйгур хараҕа эмиэ уратытык чаҕылыйан ылбытын бэлиэтии көрөбүн.

– Чэ, кэлиҥ, чэйдиэххэ! Уруккуну-хойуккуну түөһэн бардаххытый, онно туох үчүгэйи булуохха дылы. Хата, тоойуом, эн хайдах үөрэнэ сылдьаҕын, ону кэпсээ… – Өрүүнэ чаҥкынас саҥата биһигини ол үксэ күүһү-уоҕу, сымса буолууну сайыннарар оонньуулардаах ааспыт кэм оҕолорун олоҕуттан ороон таһаарар.

Дэһэртиирдээһиҥҥэ эмиэ тиийбэтибит.

Чэйдии олорон, чаанньык тумсун чааскыга төҥкөтөргө табыгастаах гына оҥоһуллубут хамсыыр мас олбоҕу сэргээбиппэр: «Оттон ыал буола охсууй, эйиэхэ эмиэ оҥорон биэриэм этэ буоллаҕа», – диэн Уйгур мүчүк-мүчүк гына олорбута.

II

Дойдубут ыһыллыыта биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар дириҥник силис тардыбыт урукку өйдөбүллэри сыыс от курдук харса суох турута тардар эрчимнээх, хорсун тыаллаах, салгыннаах этэ. Урут кэпсэммэтэх, кистэммит чахчылар көрүү-истии инники күөнүгэр тахсан, киин да, өрөспүүбүлүкэ да хаһыаттарын, сурунаалларын, тэлэбиисэр кэпсээнин баһылаан барбыттара. Хаайыылаах, дэһэртиир сүрүн дьоруойдаах суруйуулары дьон сырса сылдьан ааҕар буолбута. Үрүҥ бандьыыттар, «бурсууйдуу националистар» дэммит дьоммутуттан бастыҥнара саха кэскилин турууласпыт дьоруойдар буолалларын итэҕэтэр докумуоннар бэчээттэнэн барбыттара. Өктөөппүт өрөбөлүүссүйэтин күлүгү түһэрбэтэх күндэлэс күөнэ тиэрэ тардыллан, ис биэтэһин иэмэ-дьаама көстөн кэлбитэ, кырдьык-сымыйа булкаастаах кэпсээннэр саха сүрэҕэр оһон биэрбэккэ көрдүгэннии сыппыт сиикэй баастар чараас хахтарын хастыы тардан, хаанынан оҕуолатар буолбуттара.

Мин ити кэми көрсө, эмискэ балачча биллэр ааттаах-суоллаах эдэр суруйааччы буолан тахсыбытым. Улуус кииниттэн дойдубар тиийэ сылдьан, Уйгур мөлтөөн сытарын иһиттим. Бу сырыыга хайдах, тоҕо дэһэртиирдээбитин, Иэйэлиин олохторун ыйыталаһан хаалар санаалаах хас эмэ сыл арыйбатах ааммын сэгэтэн киирэн кэлбитим. Мин оччолорго саҥа кэм салгыныгар сөп түбэһэр дьоруойдаах сэһэни суруйа охсор баҕаттан ыраах киһи этим, ол эрээри киһи тыыннааҕар ыйыталаспакка-билбэккэ хаалар кэһэлтэтин хайыы сахха өйдөөн сылдьарым. Ийэм ыалдьа сыттаҕына, ону-маны кэпсэтээри гына-гына, «өлөөрү гыммыппын билэн ыйыталаһар» диэҕэ диэммин тохтообуппун саныы-саныы кэмэ суох кэмсинэрим. Онон аны бу оҕо эрдэхпиттэн кэрэхсэппит, билиэх-көрүөх санаабын күөртээбит дьиктилээх олох кистэлэҥин ыйыталаспакка хаалаары гыммыппын диэн ыксаллаах санаа үүйэ-хаайа тутан, Уйгурдаахха тиийбитим.

…Оҕонньор эрилкэй хара харахтарын уота өспүт, сыттыгар өйөнөн олорон: «Умнуган буолан хааллым, ол иһин тугу гыныахтаахпын санатар малы ааным модьоҕотугар туора уурабын, оччоҕо син тахсан иһэн, ол малбын көрөн, өйдөөн кэлэбин», – диэн кэпсээннээх көрүстэ. Онтон улахан кыһалҕатыгар эрэ дьиэтин таһыгар арыычча сылдьарын, уулуссаны туораан ыраатар кыаҕа суох буола мөлтөөбүтүн бэркиһээбиттии төбөтүн быһа илгистэн ыла-ыла кэпсээтэ. Балтын кытта билигин да бииргэ олороллор, төһө да кырдьан бытаардаллар, дьиэлэрин иһэ уурбут-туппут курдук чөкө, ыраас.

Билиҥҥим эбитэ буоллар, кэпсэтиибин атынтан саҕалаан улам нэмийэн иһиэм этэ, холобур, төрөөбүт дойдута Мэлэкэ туһунан, эбэтэр тоҕо «Уйгур» диэн ааттаммытын туһунан эҥин ыйыталаһан. Ону баара оччотооҕу өйбүнэн-санаабынан быһаччы саҕалыыр киһи буолбутум:

– Уйбаан, олоҕуҥ туһунан кэпсээ эрэ…

– Ол куһаҕан киһи олоҕун истэн дьэ тугу туһанаҕын?

– Оттон… оттон… туһамматарбын да… – мин мух-мах барбытым.

– Суруксут буолбуккун истэн баран санаан ылбыттааҕым. Ол эрээри куһаҕан киһи диэн суруйар буоллаххына сөбүлэспэппин. Дьиҥэ, мин оннук куһаҕан киһи буолбатахпын… – Уйгурум отой да бэйэм иннинэ сэһэн суруллуутун туһунан саныы сылдьыбыт эбититтэн соһуйбутум. Онтон өй булан:

– Сэрииттэн тоҕо күрээбиккин кэпсиириҥ буоллар, – диэтим.

Уйгур, мин диэки көрөн ылаат, судургутук:

– Тапталтан… – диэн биир тылынан хардарда.

Аҕа саастаах дьон сүрэх иэйиитин, таптал туһунан аһаҕастык саҥарбаттарыгар үөрэммит буоламмын, мин өссө төгүл соһуйан өрө көрө түспүтүм уонна онтубуттан кэмчиэрийэн, «ол тапталы кэпсиир эбит дуу, суох дуу…» диэн санаалаах саҥата суох кэтэһэн олорбутум.

Үйэ тухары биир сиргэ мунньулла турбут уу таһымныы туолан, хаайан турбут быһыты кэмэ кэллэ диэн кэбирэх сиринэн тоҕо көтөрүнүү, Уйгур кутугар-сүрүгэр бу тухары иитиэхтэммит санаа-оноо бастаан ордук сылаас, ордук күндү кэмнэр өйдөбүллэрин кэритээт, сүнньүн булан, очурдаах олох умсугутан илдьэ бара турар кэпсээнин устар сүүрүгэр кубулуйбута… Кырдьаҕас киһи долгуйан ылар сиригэр эйэлээхтик чарылыы сыппыт таас үрэх ардыгар харгыга охсуллан халдьыгыраан ыларыныы, истэн олорооччу кулгаахпар батан киирбэт тыас буолан, иһирдьэ-таһырдьа дьалкыһыйан ылара…

III

…Мэлэкэни үрэх баһа дииллэр эрээри, биһиги саҕана от-бурдук бөҕөтө үүнэр, киһи-сүөһү ууһуур-тэнийэр, туох да ааттаах дойду этэ буоллаҕа. Ону ити таах хаалларан кэбистилэр. Хайа уонна булда-алда… Мин 1916 сыллаахха төрөөбүппүн. Бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан кус-куобах диэн баран муннукка ытаан, олоҕум оччотооҕу дьолун онтон булан, дурда дугуйданан, ойуур-тыа эҥээрдэнэн улааппытым. Миитэрэй диэн аҕалаахпын, Сүөкүлэ диэн ийэлээхпин, балыстаахпын, бырааттаахпын. Улахан уола буоламмын дуу, ийэм миигин олус таптыыр, атаахтатар да этэ. Сарсыарда аайы ымманыйа-ымманыйа сыллаан уһугуннарарын хаһан даҕаны умнубатаҕым, умнубаппын.

Айахпытынан тутайар диэни билбэт этибит. Булт, мас көтөрүн этэ, көмүс хатырыктаах бастыҥа, үрүҥ ас эгэлгэтэ, анаан туттуллар эмис идэһэ, хобордооххо сырдьыгыныы буһар арыылаах алаадьы, суорунаттан бу тахсыбыт бурдугунан лэппиэскэ, тар, отон-дьэдьэн саха ыалын остуолугар солбуһа тардыллан иһэр этилэр.

Саҥа олох сонуннара, саҥа былаас дьаһаллара бастаан утаа биһиэхэ, кырдьык да үрэх баһыгар, арыый хойутаан кэлэллэр быһыылаах, ыйаахтар-дьаһаллар сүүс бырыһыан туолбаттара да буолуо. Ыал үксэ бэйэтэ бас билэр сүөһүлээх, сылгылаах, бары бултуур, балыктыыр сэптээхтэр. Мин өйдүүрбүнэн, олус байан буруйу сүкпүт да, олус дьадайан өрө тутуллубут да суоҕа. Хоростор диэн кыахтаах аймах Бодойбоҕо эт-арыы, түүлээх тиэйэн илдьэн мэнэйдэһэн, чэй-табах, таҥас-сап аҕалан атыылыыллара. Дүҥүрдэрэ дүрбүйбүт, кыаһааннара кылыгыраабыт ааттара ааттаммат кырдьаҕастар илэ хаамса сылдьаллара, сорохторо кэрэх мастаах кэриилэргэ хараллан да сытталлар, бити-билгэни кытта холбоһон, син биир тыыннаах дьон олохторугар орооһо сылдьар курдуктара. Сотору-сотору мэнэрийэн ыһыллаҥнаан туран кэлэр эмээхситтэргэ этиттэрэн, ол сытааччылар илдьиттэрэ ханнык баҕарар ыал аанын, түүн-күнүс сэрэппэккэ арыйан киирэллэрэ. Лаппаахы ойуун диэнтэн былаастар дүҥүрүн, кумутун былдьаан тураллар. Онно ордук атаҕастаабыт дьону оҕонньор бэйэтэ билэринэн дьаһайталаабыт, онон дүҥүрдээхтэри утары охсуһуу тохтообута быһыылааҕа.

Мин Лаппаахы ойуун ытык дабатарын көрбүттээхпин. Ханнык да хаҥыл сылгы сыһыйан, кини уунан биэрэр чабычахтаах кымыһын иһэн киллиргэтэр этэ. Дьиҥнээх ойуун этэ, сиэтэҕинэ – сиир, абыраатаҕына – абырыыр.

Онон Мэлэкэ хойукка диэри сахалыы олох сиэрин тутуһан олорбут эбит.

Биир ордук кэрэ, элбэх үөрүүнү-көтүүнү кистээн турар дьиктилээх кэм баарын өйдүүбүн. Ол – ыһыах кымыһын көөнньөрүү чуумпу кэмэ. Туспа «кымыс дьиэтэ» диэн аҕыс кырыылаах ампаар баара, онно дьэ дьахталлартан ордук дьоһуннаахтара, аҕа саастаахтара эрэ киирэллэр. Бу ампаар тула бары сибигинэһэн кэпсэтэллэр, мэктиэтигэр атахтарын төбөтүнэн дугуналлар. Өрүү билэ-көрө сатыыр оҕолор алҕас тыаһаан кэбиһэн, чанчыктара элбэхтик аһыйар. Аһаҕас аанынан дьахталлар туох эрэ ытык туому толорордуу боччумуран, улахан туос, тирии, мас иһиттэргэ көөнньө турар кымыһы уһун уктаах ытыктарынан күллүргэччи «хамната» тураллара көстөр. Ол тыаска ытык угугар биһилэхтии кэтэрдиллибит алтан симэхтэр кылырдаан холбоһоллор. Дьэ ити кэми – түөскэ үтэн кэлэр үөрүүлээх, кымыс сыттаах, алтан тыастаах, күлбүтүнэн утуйар, күлбүтүнэн турар оҕо сааһым ордук дьоллоох кэмэ этэ диэн өйдүүбүн. Улахан дьон да бары сэргэхсийбит, сүдү түгэҥҥэ тиксээри хомуммут курдук буолаллара.

Ону таһынан ол ахтар-саныыр сааспын киэргэппит олоҥхоһуттар, оһуохайдьыттар, остуоруйаһыттар бааллара. Кыыл Уола Сэргэй «алаас аайы алҕаталаан, томтор аайы домнотолоон» аатыран-суолуран, туругуран эрэрэ. «Кыыл Уола төбөтүнэн булкуллубут диэбиппит, хата, хайдах курдук айаҕынан аһыыр суолун булла, үҥкүүтүнэн үрдүк аакка тигистэ…» – диэн түөлбэтин дьоно кэпсэтэллэрэ. Кинини кытта туруулаһар ырыалаах-тойуктаах Сиэдэрэй Силиппиэн, Өрөлүк Киргиэлэй диэннэр уонна да атыттар бааллара. Бу өйдөөтөхпүнэ, мин ити дьон сабыдыалларыгар түбэһэн, сахалыы ырыаны-тойугу сүрэхпэр туохтааҕар да кэрэтик сыһыаран улааппыт эбиппин. Миэнэ буолан баран тоҕо эрэ аһара барыылаах буолара, оҕо курдук биирдэ көрбүппүнэн-истибиппинэн сөп буолан хаалбакка, тартаран, ытаан-соҥоон туран сайыһан, ыраах-чугас түһүлгэлэри аҕабар мэҥэстэ сылдьан кэрийэбин. Уһун кыһыны быһа киэргэйэ-киэргэйэ ыра санаа буолан харахпар көстөр, түүлбэр киирэн уйгуурдар чыпчаал баҕам эмиэ – ыһыах. Онон борбуйбун көтөҕөөт, ийэм этэринии, «олох да кыыл баран», кымыс үрдүттэн саҕалаан, ыһыахтан ыһыаҕы бэйэм кэрийэр идэлэммитим. Аны атахпынан кыанар буолан, дьон киксэрдэҕин аайы улахан дьону кытта сырсабын. Ол курдук, оскуола эҥин диэҥҥэ ороһуйбакка, толору дьоллоох сырыттахпына, оҕо барыта үөрэниэхтээх диэн халбаҥнаабат ыйаах таҕыста быһыылаах. Мэлэкэ оҕолорун биһигиттэн уонча көстөөх сиргэ баар Түбэй алын кылаастаах оскуолатыгар интэринээккэ олордон үөрэтээри, ньылбы хомуйан ыллылар. Ити уон үс саастаахпар эбит. Онно аан бастаан кинини кытта бииргэлэстэҕим дии – Иэйэни кытта. Кини дьиҥнээҕэ Өлөөнө, Иэлэ диэн ааттаах, ону Иэйэ диэбиттэрэ үйэтин тухары иҥэн сырытта.

Уһун өрөбүллэргэ, бырааһынньыктарга, учуутал ханна эрэ барбыт кэмигэр, төһө да ырааҕын иһин, тымныыны тымныы диэбэккэ, үөрүүнү кытта дьиэбит, ахтылҕаннаах Мэлэкэбит диэки түһүнэбит. Уол-кыыс диэн тус-туһунан бөлөхтөһөн айанныыбыт. Уолаттар, бара-кэлэ, дьээбэбит батарыа дуо, кыргыттары суолга тоһуйан куттуубут, араастаан хаадьылыыбыт эҥин. Ардыгар, ааҕарга-суруйарга үөрэммиппит үтүөтэ оҥорон, барыларыгар дьаабы баҕайы ыыс ааттары айаммыт, хаарга суруйан хаалларабыт.

Кыһыҥҥы өрөбүл кэнниттэн дьэ онтубутун Иэйэ учууталга үҥсэн, сир-буор сирэйдэтэлээтэ эбээт. «Ордук Дьаакабылап Уйбаан!» – дии-дии кыһыйан-абаран, саһархай киэҥ харахтарыттан кыым саҕылла сытыырхайан этэ-тыына турара бу баарга дылы. Учуутал миигин дэлби саатырта: атын оҕолорго тэҥнээтэххэ «кырдьаҕаспын», ол да буоллар, «улар курдук хоҥ мэйии» эбиппин өйдөттө, «уҥуоҕум уһун, өйүм кылгас» эбит. Кырдьык, маҥнайгы кылааска үксэ аҕыстаах-тоҕустаах оҕолор үөрэнэн бытырыыскайданар буоллахтарына, икки-үс оннук «кырдьан баран» оскуола паартатыгар олорбут, онтубутун бу күҥҥэ диэри оччо оройдоппокко сылдьыбыт оҕолор баар этибит. Саатар уҥуохпунан ол саҕаттан өндөс киһи буоллаҕым. Учуутал сааскы уһун өрөбүлгэ Мэлэкэҕэ барарбытыгар Дьаакабылап Уйбаан Сэмиэнэбэ Иэйэ тутуурун дьиэтигэр диэри сүгэн тиэрдиэхтээх диэн дьаһайда. Ол туолбутун-туолбатаҕын оҕолор бары туоһулуох буоллулар. Ити түгэнтэн кини биһиккигэ өстөһүү икки, кэтэсиһии икки ардынан дьикти сыһыан саҕаламмыта.

Күүтүүлээх сааскы кэм харалдьыктан харалдьыкка кылыйа ойон кэлбитин болдьуу, сааскы уһун өрөбүлбүт буолла. Мин, быстыам дуо, учуутал этиитин толоруохтаахпын. Оҕолор да ураты сорудаҕы умнубатахтар, бары Иэйэ биһиккини кэтииллэр. Кыыһым бииргэ үөрэнэр кыргыттарын ортолоругар сааһынан арыый аҕастара быһыылааҕа. Онон урут даҕаны чорбойор бэйэтэ билигин, били үҥсүбүтүн кэнниттэн, олох да баһылыктара буолла. Кыргыттар бары кинини тула көтө сылдьаллар. Өрөбүл иннинээҕи нэдиэлэҕэ кинилэр туох эрэ сүбэҕэ мусталлара, хойукка диэри киирэн-тахсан сарыкынаһаллара элбээбитин бэлиэтии көрбүппүт. Дьэ, Мэлэкэ уолаттара, айаммыт уһун суолугар инники буолаары, уруоктар кэннилэриттэн урут буут быстарынан суол диэки ойор эбит буоллахпытына, бу сырыыга Иэйэ хамандыырдаах кыргыттар тахсыахтарыгар диэри хомуммута буола, тиэргэҥҥэ тэпсэҥэлии сырыттыбыт.

«Кини да тутуура диэхтээн…» – дии саныыбын. Ол биһиги туохтаах буолан, тугу уктаары манааҕылана-майырдана сылдьыахпытый? Көннөрү ийэлэрбит тигэн биэрбит өрбөх эбэтэр тарбыйах тириитэ ботуоҥкабытыгар кумааҕыбыт оҕотун уонна аара суолга үссэнэр ыһык лэппиэскэбитин, төттөрү кэлэрбитигэр, бэркэлээтэҕинэ, тууйастаах арыы, быыкаа булт этэ эҥин таһаҕастанар буолар этибит.

Арай кыргыттар тахсан кэллилэр, күлэллэрин кыатана сатаан дьирикинэһэр сирэйдэрин кистээн умса тутта, иэдэс биэрэ аттыбытынан субуруһан аастылар. Иэйэ Огдуус диэн арахсыспат дьүөгэтин кытта тугу эрэ икки өттүттэн саһыара соһон таҕыстылар уонна онтуларын мин таспар кэлэн күр гына быраҕаат, күлэн кыччыгынаһа-кыччыгынаһа айан суолун диэки сүүрэ турдулар!

Ат ыҥыырын нөҥүө-маҥаа быраҕыллар, бэрэмэдэй диэн балачча истээх холбуу сылдьар тирии хааһахтар баар буолаллара – онно бу дэгээрэйдэр тобус-толору өрүс тааһын симпиттэр. Хаар анныттан хостуу-хостуу – бу сүрэхтэрин-бэлэстэрин көрүөҥ! Ээ, таҥнары тутан кэбиһээри гыммытым, учууталбыт оскуола күүлэтигэр тахсан көрөн турар эбит. Тэҥнэһиэм дуо, таастаах бэрэмэдэй ындыыламмыт куһаҕан ат курдук сананан, суолга таҕыстаҕым дии.

Атыллаатаҕым ахсын таһаҕаһым ыараан, кыһыым-абам улаатан иһэр. Аара хорсуммар түһэн, бөкүнүспүт лис курдук таастартан көҕүрэтэн көрбүппүн, икки улахан кылаас уолаттара барсыбыттара кэтии, чуҥнуу иһэннэр төттөрү хомуйтардылар. Эбиитин күн уота тыыппатах тыа суолун кытыытыгар тэтэрээт сирэйин курдук туртайа сытар маҥан хаарга кыргыттарбыт уолаттар ыыс ааппытын өссө кыһыылаах гына эбэн-сабан суруйбуттарын аахтыбыт. Ордук хоппут киһилэрэ, биллэн турар, мин буоллум… Харахпар Иэйэ кыыс, дьээбэтэ сатаммытыттан ис-иһиттэн кычыгыланан күлэ-күлэ, мас тоһоҕоһунан миигин ыыстыыр ааттарын кыһаллан суруйа олороро көстөн кэллэ…

Дьиэбэр арҕаһым тыыттарбат гына ньылбы анньыллыбыт баастаах тиийбитим, онтум өргө диэри оһон быстыбакка аһыйа, айакалата-дьойоколото сылдьыбыта. Итинтэн кэһэйэн дьээбэлэнэрим аҕыйаабыта, олус «тар мэйии» буолбатахпын көрдөрөөрү, үөрэхпэр эмиэ кыһаллар буолбутум.

Бастаан Иэйэттэн хайдах гынан иэстэһиэхпин толкуйдуу сатыыр этим, ол сылдьан үһүс кылааска тиийэрбэр мэлдьи кинини саныыр, кинини кэтиир буолбуппун билиммитим.

Салгыы төрдүс-бэһис кылаастарга Бэс Күөлүн оскуолатыгар үөрэниэхтээхпит. Ону Түбэй алын кылаастаах оскуолатын ол сыл отой да сабаннар, маҥнайгы кылаастан саҕалаан элбэх оҕо саҥа оскуолаҕа, саҥа сиргэ үөрэнэ барар буоллубут. Оччолорго Бэс Күөлүн таҥаратын дьиэтэ баар, кулууп буолан туран кэлин умайан хаалбыта дии. Дьэ ол таҥара дьиэлиин, улахан оскуолалыын, балыыһалыын, киэҥ-куоҥ лааппылыын, буоста дьиэлиин Түбэйгэ холоотоххо, киһи мунар, тигинээбит улахан бөһүөлэккэ үөрэнэр буоллубут. Суолбут өссө уһаата, өрүстээх буолан аны хаайтарыылаах, Түбэйтэн Бүлүү эбэбитин туораан баран, биэс биэрэстэ курдук сири сатыы барабыт. Мин уон алта саастаахпын, хайыы үйэ сиппит киһи буоларбын билинэ сылдьабын. Уруккум буолбатах, кыаммат оҕолорго уонна кыргыттарга үрэҕи-маары туоруулларыгар, өрүскэ тыыга киирэллэригэр көмөлөһөбүн.

Оскуолаҕа биир кылааска иллээхтик олорон үөрэнэр эрээрибит, киэһэрдэ да, интэринээт-бөһүөлэк уолаттара диэн, охсуһан тунайдаһар идэлээхпит. Онно кыргыттарбыт биһигини көмүскэһэн, тылларынан баҕас бөһүөлэк уолаттарын сууһарар этилэр. Онно Иэйэ инники сылдьара уонна ордук миигин араҥаччылыыр дуу диэн, испэр сэрэйэр буолбутум.

Кыргыттарбыт уонна уолаттар даҕаны, киэҥ сиргэ кэлэн, ким төһө кыахтааҕынан маанымсыйа сатыыр буоллубут. Интэринээккэ ыраастык таҥнарга, бэйэни көрүнэ, сууна-тараана сылдьарга үчүгэйдик үөрэтэллэр. Улахан оскуолаҕа учууталлар Иэйэбитин үксүн Еля, өссө Лена диэн ыҥыраллар. Ону мин кулгааҕым ылыммат, «Иэйэ» диэн ис кистэлэҥнээх, дьикти тардар күүстээх курдук, кыыс түргэнник тэтэр гына түһэр сырдык ньууругар, чочуллубут уран сирэйигэр, сандаарыччы көрөн ылар киэҥ харахтарыгар, иирэ талах курдук быһыытыгар-таһаатыгар бу аата ордук барсар.

Ол сылдьан аны кыыс-уол диэн кыҥастаһыы баар, сааспынан аҕам, уҥуохпунан өндөһүм иһин буолуо, улахан кылаас кыргыттара миэхэ сурук суруйаллар. Харахтара син иҥнэр уоллара буолуом: бискултуураҕа таһыччы үчүгэйбин, оһуохай буоллаҕына дьээбэлэнэн таһаарааччы буолабын, ыһыахха сылдьан истэр этээччилэрбин үтүктэбин, таҥаспын-саппын мэлдьи көрүнэ, чох өтүүгүнэн хаптатан биэрэ сылдьар идэлээхпин. Үөрэхпэр ахсааҥҥа, ыраастык суруйууга эмиэ хаалсыбаппын. Ол эрээри биир да кыыһы кытта суруйсубатым: бастаан миэхэ суруйбуттар тоҕо эрэ кэнники бэйэлэрэ туора хааман тумна сылдьар буоллулар уонна кылааһым алын буолан, өйүм-санаам эмиэ ол сиэринэн оҕотук сырыттаҕа.

Үөрэх дьыла бүтүөн иннинэ, арай үчүгэй үөрэнээччилэри пиэнньэргэ ылыы буолла. Оскуола тиэргэнигэр тэриллибит илиниэйкэҕэ биһиги кылаастан Иэйэҕэ биир бастакынан кыһыл төлөн курдук тыалга тэлибирии оонньуур хаалтыһы моонньугар баайдылар. Пиэнньэр андаҕарын этэн чоргуйаат: «Мэлдьи бэлэммин!» – диэн баран сөлүүт биэрбитигэр биир кылааска үөрэнэр Иэйэбит эмискэ тэйэн, көннөрү оҕо олоҕуттан атын, үрдүк эйгэ олоҕор тиксибит курдук буолан хаалбыта. Кинини хайаан да дьолунан-үөрүүнэн толору сырдыктан сырдык, чаҕылхайтан чаҕылхай олох бу күнтэн ыла кэтэһэрин курдук санаабыппыт. Маҥан куоптаҕа кытыастар кыһыл хаалтыстан ордук киэргэл суоҕунуу, бу түгэҥҥэ Иэйэ барыбытыгар киһи тэҥнэспэт кэрэ киһитэ буолан көстүбүтэ! Элбэх оҕо кини курдук туйгуннук үөрэнэн пиэнньэргэ киирэ охсуон баҕарбыт буолуохтаах.

Ити кэмҥэ холкуостааһын ыытыллан, нэһилиэктэр саҥа кыраныыссаларын оҥоруу эҥин буолан, били былыргылыы сиэрин ыһыктыбакка турбут дойдубут олоҕо биир кэм оргуйан олорор олгуйга кубулуйбута. Хампа диэн ортотугар улахан күөллээх сыһыыга икки холкуоһу кииннээтилэр, ыаллар онно көһүтэлээн киирдилэр. Мэлэкэ Түбэйтэн арахсан, туспа нэһилиэк буолла. Холкуос сүөһүтүгэр күтүр улахан хотон тутулунна, сэниэ ыал дьиэтин уоппустаан, онно алын кылаастаах оскуола аһылынна. Сотору-сотору моргуордаах мунньахтар буолаллар, боломуочунайдар кэлэллэр-бараллар. Быыбар диэн сүүнэ суолталаах тэрээһиҥҥэ турардыын-турбаттыын, өйдүүрдүүн-өйдөөбөттүүн кыттыһар, сугулаан дьиэ эркинигэр кыһыл өрбөххө суруллан ыйаммыт луоһун тылларынан кынаттанар «күрүлэс-күргүөм» олох кэллэ… Оннук этэ, «турардыын-турбаттыын» – быыбарга да, үлэҕэ-хамнаска да.

Үөрэх дьыла түмүктэнэн, мэлэкэлэр, түбэйдэр буолан өрүскэ диэри бииргэ айаннаатыбыт. Айаммыт да биһиэнэ дьээбэлээх, ол биэс биэрэстэ курдук усталаах суолбутун оһуохайдаан кырыыбытынан бэдьэйэ ойон иһэбит. Уол да, кыыс да хаалсыбат. Мин илиибиттэн Иэйэ ыксары тутуһан иһэр, ол иһин быһыылаах, тэттэн туран үҥкүүлүүбүн, ардыгар оһуохай хаамыытын уларытан, атахтарбын иһирдьэ-таһырдьа тэбиэлэнэн тэбиэһирэн ылабын. Ол аайы оҕолор тэҥҥэ түһэрсээри атахтарын булкуйан, күлүү-үөрүү бөҕөтө. Ити айан саҕа үөрүүлээх айаны олохпор уонна билбэтэҕим.

Өрүскэ кэлэн үөгү-хаһыы буолбуппутугар уҥуортан бэрэбиэс оҕонньор нэс хара тыыта арахсыбыта. Өрүһү туорааһын, бэйэ кытылын булуу диэн бэйэтэ туспа сиэр-туом кэриэтэ. Тохтообокко уста турар уу нөҥүө, уҥуор – биһиги кытылбытыгар эрэ ордук минньигэс салгын баар, ордук күөх от-мас үүнэр, ордук үтүө дьон-сэргэ олорор курдук буолааччы. Ол иһин Түбэй өттүгэр туорааччы ким барыта хайаан да сэгэччи мичээрдээн, ходьоччу туттан, күө-дьаа буолан тыыга олорор. Онон бу да сырыыга нэс хара тыыбыт биһигини туоратаары күн уотунан күлүмүрдүүр эбэ күөх ньуурун хайытан, көтөөрү даллаҥныыр икки кынат курдук эрдиилэринэн кылбаҥнаан аргыый чугаһыырын күүтэн туран, ахтылҕаннаах уҥуоргу кытылбытын таптыыр харахпытынан имэрийэ көрөбүт, тэһийбэтэх курдук туттабыт-хаптабыт.

Мэлэкэлэр өссө салгыы күнү-түүнү супту айаннаан «үрэхпит баһын» булуохтаах буоллахпыт дии. Ол иһин бастаан эһиги туорааҥ диэн, түбэйдэр ыраата барар дьоҥҥо кыһалыннылар. Арай Иэйэ хайдах эрэ тиэтэйбэт курдук. Миэстэ уонна суох диэн, мин тыыны үтэн кэбистим. Онон Иэйэлиин түбэйдэри кытта хойутуу туораатыбыт. Мэлэкэбитигэр барарга иккиэйэҕин аргыстаһар буолан хааллыбыт. Мин оччоҕо уон сэттэбэр баран сылдьабын, кыыһым уон биэстээҕэ буолуо…

Бастаан оҕолорбутун ситиэх дьон курдук, саҥата суох хааман сыбыгыраттыбыт. Онтон күммүт арҕаалаан, дьонноох сиртэн тэйэн истэхпит аайы арыый бытаардыбыт. Сааскы ууттан таһымныы туолбут от үрэх суолбутун быһа охсон ааһар сиригэр инники тиийэн этэрбэспин уһуллум уонна кыыспын кэтэһэн турдум.

Иэйэ, бытааннык хааман кэлэн, этэрбэһин устаары төҥкөйбүтүгэр:

– Сүгэн туоратыым эрэ, – диэтим.

– Ууга мүччү туппат инигин? Соруйан… – диэтэ, аллараттан үөһэ көрөн туран.

Онно намтаабыт күн уотугар күлүмүрдүү сытар үрүччэ сүүрүгэ кини күлэн мичээрбит хараҕар, тэтэркэй иэдэһигэр дьэрэлийэр кустук буолан дьирибинии оонньоон ылла. Мин сүрэҕим эмиэ ол дьирибинэс кустук курдук, ибигирии-дьүрүһүйэ түһэргэ дылы гынна.

– Таастаах бэрэмэдэй эбитиҥ буоллар… быраҕыам да этэ… – диэбитинэн, үөс-батааска биэрбэккэ, кыыспын көтөҕөн ылан уҥуоргу кытылга илдьэн туруоран кэбистим.

Иккиэн күлэн саһыгырастыбыт. Оннук күлэ-үөрэ кэккэлэһэ хааман иһэн, дьэ, айахпыт аһыллан кэпсэтэн бардыбыт. Кэпсэтиибит бастаан «эн тоҕо», «онтон эн тоҕо?» диэн аахсыы хабааннаах саҕаланна.

Бэс ыйын саҥатын үрүҥ түүнэ аттыбытынан сыбдыйан ааспыта, кытара кыыһан саҕахха түһэн испит күммүт өр буолбакка, чараас ньалака былыттар алын кырыыларын уоттаах көмүс сардаҥаларынан тоҕо-хоро дуйдаан, аан дойдутун үрдүнэн хос күөрэйэн тахсыбыта. Биһиги урукку өттүгэр күн тахсыытын-киириитин уратылаах түгэҥҥин ээ диэн улаханнык болҕойбот бэйэбит бүгүн эрэ, дьэ бу кырдьык да, кинигэҕэ сурулларын, хоһооҥҥо хоһулларын курдук, кэрэ да көстүү эбит диэн итэҕэйэн, сүрэхпитинэн көрө, сүрэхпитинэн сөҕө истибит.

Ийэ айылҕа барахсан ситэн-хотон, ханнык халадаайын кэтэн ыһыахха барарын сыымайдыы олорор талымас дьахтар курдук, хонуу усталаах туоратынан атын-атын өҥнөөх сибэкки эгэлгэтин тэлгэтэн кэбиспит этэ. Кини нэлим солко сэбирдэҕинэн киэргэнэн, сиик таммаҕын оҕуруотунан чаҕылыҥнаан, хатыҥ ытарҕатын сарбынньаҕынан эйэҥэлээн биһигиттэн тугу эрэ эрэйэр, кистэлэҥ иэйии кэпсэнэр кэрэ тылларын истиэн баҕарарын биллэрэр курдуга. Биһиги эмиэ бэйэ-бэйэбититтэн тугу эрэ күүтүһэр курдук этибит эрээри, харахтарбыт харсыһа түстэхтэринэ куоттара охсон, илиилэрбит даҕайсан ыллахтарына тэйсиһэ түһэн, ол эрээри атыны, күннээҕини аҕала сатыы-сатыы кэпсэтэн, испитигэр бу айан хас биирдии атылын аһыйа, Мэлэкэ бөһүөлэгэ чугаһаан, ынах, сылгы суола-ииһэ хойдор сиригэр тиийэн кэлбиппит.

– Уйбаан, эйиэхэ улахан кылаас кыргыттара суруйаллар дуу? – Иэйэ эмискэ ыйыппыта.

Кини кыһаллыбатах курдук ыйыта сатаабыта, ол эрээри бүтүн бэйэтэ бүттүүн болҕомто буола тыҥаабытыттан, тохтуу түһэн мин диэки сэрэммиттии уһуннук көрөн турбутуттан сылыктаатахха, ити киниэхэ олус суолталаах ыйытыы быһыылааҕа.

– Суруйан, – диэн хайдах баарынан билинэр киһи буоллум.

Кыыһым төҥкөс гынан, суол кытыытыгар тоҕо эрэ кэмин иннинэ собус-соҕотоҕун үүнэн хаалбыт уоһах араҕас өҥнөөх сарыада сибэкки ала-чуо саһара тэтэрэн турарын туура тардан ылбыта уонна иннин диэки хааман дьулуруйбута. Мин арыычча ситэн, тилэх баттаһа истим.

– Ону тоҕо ыйыттыҥ? – диибин.

– Эн эмиэ суруйдуҥ дуу? – кыыһым эргиллэ биэрэн ыйытар.

– Ээ, суох…

Иэйэ суол кытыытыттан тууран ылбыт сибэккитин, атаҕын төбөтүгэр өгдөс гынан, мин ырбаахым уолугар иҥиннэрэ аспыта уонна сибэкки мин түөспэр хайдах көстөрүн быһаара сатыырдыы төбөтүн кыҥначчы туттан баран, кэннинэн хааман тэйэ түспүтэ. Онтон эргичис гынан, бөһүөлэк диэки сүүрэн курбачыйбыта. Маҥан былаата туртаҥнаан, икки суһуоҕа көхсүгэр эккирээн ырааттар ыраата турбута…

Сотору ыһыахтар саҕалананнар, мин идэбинэн эмиэ хастыы эмэ күн сүтэ-сүтэ, дьиэбэр сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо курдук кэлэн барар киһи буоллум. Улуу этээччилэр баар буоланнар, оһуохайга чугаһаабаппын даҕаны, ол оннугар икки атаҕым илгэтинэн мүһэ бөҕөтүн хомуйдум. Сылбырҕа буоламмын хапсаҕайга да үчүгэй этим эрээри, таптааммын атах оонньуутугар уонна сүүрүүгэ кыттарым. Ол саҕана сүүрүүнү ыһыах аайы тэрийэр этилэр, төһө уһуннаах сири сүүрэриҥ чопчу биллибэт: күөлү эргийэ, тыа саҕатыттан төттөрү кэлии эҥин диэн буолар. Көрөөччүлэргэ, дьэ, ол күндү көстүү буолар этэ. Ити билигин ат сүүрдүүтүн иннинэ эҥин тоҕо дьону сырыһыннаран ыһыах күүрээнин өрө көтөхпөттөрө буолла? Сүүрүү төрүт өбүгэ оонньуутугар тоҕо киириэ суоҕай, былыр да уҥмат тыыннаахтарынан, түөрт атахтаахтары кытта илин-кэлин түсүһэллэринэн биллибит, номоххо киирэн аатырбыт кус быһый дьон элбэхтэр этэ ээ.

Ыһыахтарга сылдьан, кымыс баҕаҕын анныгар тоҕуоруччу тэлгэммит эгэлгэ иһит-хомуос ойууларын умсугуйа одуулуур, кэрэлэрин кэрэхсии көрөр этим. Сытыы быһаҕы туттум да, тугу эмэ кыспытынан барар буолбут кэмим. Ону тэҥэ хаарты оонньуутугар уһулуннум. Хата, оҕо диэн сүүйсүүлээххэ чугаһаппат этилэр.

Мэлэкэ ыһыаҕар Иэйэлиин ыраахтан көрүстүбүт. Кини көрбөтөх курдук тутунна.

Сотору Иэйэни эһэтэ оҕонньор тоҕо пиэнньэргэ киирдиҥ, сэриигэ хомуйар дьонноругар кыһыл хаалтыһы баайаллар үһү диэн таһыйа сатаабытын туһунан сурах кэллэ. Мин испэр күлэ санаабытым – Иэйискэ таһыйтаран да бэрт ээ. Ити 1934 сыл эргин быһыылаах.

Сайыны быһа Иэйэлиин аргыстаспыт айаммытын хас биирдии түгэнин ырытан, хос-хос кэрчиктэргэ арааран ахта-саныы сырыттым. Ол аайы түөспэр туох эрэ сып-сылаас биллэн кэлэр. Ордук үрэҕи туоратаары көтөхпүппүн, сүрэҕим дьэрэлийэ-дьүрүһүйэ түспүтүн уонна кыргыттар суруйалларын туһунан ыйыппытын, саһара тэтэрэр уоһах араҕас сибэккини уолукпар кыбыта анньан баран, кыҥначчы туттан кэннинэн тэйэ хаампытын, суһуохтара эккирээн сүүрэ турбутун санаан кэлэ турабын. Киһи түөһүгэр сүрэхтээх эбитин бастаан итинник билэр быһыылаах: кими эрэ санаан минньигэстик нүөлүйэ ыалдьарыттан, кими эрэ ахтан күүскэ тэбэн, кинитэ суох бу Орто дойдуга тэһийбэт-тулуйбат гына тэһииркэтэн кэбиһэриттэн…

Иэйэ уолукпар иҥиннэрбит сарыада сибэккитин оскуолаҕа гербарийы хатарарга үөрэппит ньымаларынан харыстыы тэнитэммин, кинигэ быыһыгар укпутум. Сибэкки кини тэтэркэй иэдэстэрин, сандаархай харахтарын санатара. Хойут даҕаны сарыада үүнэн турарын көрдөхпүнэ испэр «Иэйэ сибэккитэ», «Иэйэ» диэн кистээн ааттыыбын. Ол кинигэбин сайын устата ааҕыахтааҕар, сибэккибин көрөөрү арыйбытым элбэх быһыылаах этэ.

Күһүн бэһис кылааспар үөрэнэр буоллум. Аҕам үөрэн да үөрэн диир. Бэйэм буоллаҕына оскуолаҕа Иэйэ таһыгар баар буолуохпун баҕарар эбиппин. Оттон ийэм: «Оҕом бэйэтэ билиэ буоллаҕа», – дии-дии, улаатан хаалбыт киһини эҥил баспыттан аллара тардан сыллаан сырылата сылдьар. Оо, ийэм, ийэм барахсан уйан да киһи этэ. Бараары-кэлээри гынным да, алаарыччы көрөр киэҥ хараҕыттан уу чаалыйан тахсар идэлээҕэ. Тоҕо оннуга буолла, бу олохпун түүйэрэ эбитэ дуу, дьэ, мин туспар чараас киһи этэ. Бэйэм да ону суоллаабыппын быһыылаах, киһиттэн таһыччы умсугуйар да, уйадыйар да идэлээхпин…

Оскуолабыт олоҕо дьаалатынан баран истэ, бииргэ үөрэнэр хас да уолаттарым бэһис кылааһынан тохтуубут, үлэһит буолар кэммит кэллэ дэһэллэр. Мин эмиэ сааһым ыраатта эҥин диэн, кинилэргэ кыттыһан кэбистим. Иэйэни күн аайы көрөбүн: «Ама, бу кинини оннук ахтар этим дуо, сайыны быһа?» – диэх курдук, хаһан да кэккэлэһэ хаампатах дьон курдукпут. Кыыһым мэлдьи дьиэс-куос буолар, ардыгар, киһи хомойуох, өссө миигин онон-манан киирэн буруйдааһыҥҥа эҥин кыттыһар.

Саас буолан, уолаттар оскуола былаһааккатыгар туос уураммыт кылыйан, буурдаан куоталаһабыт. Кыргыттар былаһаакка күрүөтүгэр өйөнөн туран көрөллөр, сороҕу тэптэрэллэр, сороҕу күлүү гыналлар. Биһиги, икки-үс уол, илин-кэлин түсүһэр идэлээх этибит. Үксүгэр ол мин туоспун аһара түһэ сатыыр мөккүөрдээхтэрэ. Хараҕым кырыытынан кыргыттар ортолоругар Иэйэ хара сэкиэттээх, сырдык былаачыйалаах кылбайан турарын көрөбүн, ол аайы атахтарым бэйэлэрэ кынаттаах курдук кыыралдьыйа ойоллор. Уолаттарбын ырааҕынан быраҕаттаан баран, хараҕым эмиэ били кылбаҕар хатыҥчаан кыыспар тартарда да… булбата. Олус кыһыйдым, кыыһырдым даҕаны. Мин кинини көрдүн диэн ыстанарбын билэн, соруйан баран хаалбыт.

Оннук үөрэх дьыла бүтэн, оскуолабыттан тохтоон, «Сэниэ олох» диэн холкуоспут үлэһитэ, чилиэнэ буоллум. Кыргыттар, сэттис кылааһы бүтэрээри, үөрэхтэрин салгыыллара билиннэ. Иэйэ баттаҕын ол кэминээҕи муоданан лэппэччи кырыйтаран сылдьара сонуннук көстөр. Былаат оннугар маҥан өҥнөөх бэриэт бэргэһэни кыҥначчы уурунан кэтэрэ кинини ордук тупсарар. Өссө куоптатын өрө тэбэн тахсыбыт тэрэгэр түөстэрин хараҕым кырыытынан кыбыста, долгуйа уоран көрөбүн.

Биэс кылааһы бүтэрбит, оччотооҕу кэминэн син додо курдук үөрэхтээх эдэр киһини, өр-өтөр гыммакка, холкуос суотчута оҥордулар. Холкуос үбүн-харчытын суоттуур быыччык үлэм таһынан нэһилиэк улахан-кыра кыһалҕаларыгар сорук-боллур уол буолан, ат үрдүттэн түспэппин. Сотору-сотору киин сиргэ – Бэс Күөлүгэр барар-кэлэр кыһалҕа үөскээн тахса турар. Онно сайыны быһа бэрэбиэһи күүтэн күммүн-дьылбын сүтэрэрбин сөбүлээбэккэ, биир киһи сүгэ-көтөҕө сылдьарыгар табыгастаах гына, хаптаһыны чараастык хайытан, олус чэпчэки, бэйэм бас билэр оҥочобун оҥоһуннум. Уһанан бүтэн баран, туга эрэ тиийбэт диэн, тула хаама сылдьан тобулан, икки ойоҕоһугар чорооҥҥо көрбүт ойуубун үтүгүннэрэн, оҥо быһыы оһуор астым. Онтон, дьэ санаам туолан, астыммыттыы ытыспын ытыспар сууралаан ылабын, тарбахтарбын саҥа көрбүттүү одуулаан турабын. Дьэ дьикти, ардыгар киһи илиитэ өйгөр оҥорон көрбүккүнээҕэр ордук тупсаҕайдык бэйэтэ билэринэн тутан-хабан, быһан-кыһан таһаарар сатабыллаах ээ. Уус дьон ону билэр.

Ол оҥочом, бэйэбин эрэ буолбатах, элбэх дьону абыраата. Түбэйгэ өрүс үрдүгэр олорор ыалга уурабын, Бэс Күөлүн өттүгэр Нэлбии диэн ыскылаат харабынайа оҕонньор көрүүтүгэр хаалларабын. Уран оҥоһуулаах, чэпчэки, түргэн диэн хайгыы-хайгыы дьон оҥочобун «уларсан» туорууллар уонна ылбыт сирдэригэр төттөрү аҕалан уураллар. Күһүн оскуола аһыллыбытын кэннэ, Иэйэни биирдэ эмэ тыыбар олордон эбэни туораппыт киһи диэн ыра санаалаахпын. Оннук түгэн, хомолтолоох да төрүөтүнэн буоллар, күүттэрбэккэ тосхойбута.

Өрүс хаайыан аҕай иннинэ, Иэйэ аҕата акка улаханнык дэҥнэнэн сытан хаалла. Кыыһын ыҥыртара Бэс Күөлүгэр, биллэн турар, миигин ыыттылар. Түбэйгэ диэри аллаах атынан түүннэри омуннаахтык айаннатан, өрүһү туораан баран, бөһүөлэккэ диэри буутум быстарынан сүүрэн, оскуолаҕа үөрэх бүтэ илик кэмигэр тиийдим. Суһал соруктаах киһи быһыытынан учууталлар хосторугар ойон киирэн, кыыспын ыҥыртардым. Мин көрүдүөр уһугар ыраах турбутум эрээри, кылаас аанын сэрэнэн аһан тахсыбыт кыыһы кытта харахтарбыт субу чуп-чугас курдук харсыһа түспүттэрэ. «Уйбаан Дьаакабылап ыҥыртарар», – диэтэхтэрэ, кыыс хараҕар соһуйуу, долгуйуу, саарбахтааһын, кэтэһии – барыта баара. Мин буоллаҕына ол харахтары көрөөт, куһаҕан сураҕы тиэрдэр сорудахтаахпын түгэҥҥэ умнан, даллайан туран хаалбытым.

Чугаһаан кэлбитигэр дьэ өйдөнөн, арыычча:

– Иэйээ, дьиэҕэр барар үһүгүн. Аҕаҥ… аҕаҥ акка дэҥнэннэ… – диэтим быһыылаах.

Кыыһым долгуйан кэһиэҕирбит куолаһынан:

– Тыыннаах дуо… – диэтэ.

– Тыыннаах, Иэйээ, тыыннаах… – кыыһым эмискэ, ийэтигэр дуу, аҕатыгар дуу саба түһэрдии, төбөтүн мин түөспэр анньан, чочумча тура түстэ…

Борохуотунан кэлэр таһаҕаһы харайарга анаан өрүс үрдүгэр тутуллубут уһун синньигэс ыскылаат таһыгар чөкөйөн турар харабынай оҕонньор кыстык угун саҕа дьиэтигэр диэри тугу да кэпсэппэккэ, тиэтэлинэн хааман кэллибит. Нэлбии оһоҕун үрдүгэр өрүү сылаас турар чэйин ойутан таһааран куппутун сыпсырыйа түһэн баран, үөрэхтээх дьон сиэринэн махтанан-баһыыбалаан, аллара тыыбытыгар түстүбүт.

Кыдьымахтанан эрэр эбэ хараара болоорор уутун устун оҥочом чэпчэкитик уҥуоргу кытыл диэки сундулуйар. Иэйэ мин иннибэр субу чугас, эрдиим салбаҕын диэки туора хайыһан соҥуоран олорор. Кини иэдэһигэр харах уута дуу, мин эрдиибиттэн бытарыйан тиийбит уу таммаҕа дуу олорсубут. Илиибин уунаммын сөмүйэбинэн ол таммаҕы туора хаһыйыахпын да сөп курдук. Оннук чугас олорор, дьэ, ол мин түүн-күнүс арахпакка санаатаҕым аайы ыраатан иһэр курдук күндү киһим. Тыыбар олордор түгэммэр бу курдук этиэм, саҥарыам этэ диэн сайыны быһа бэлэмнэммит, наардаабыт тылларбын өйдүү сатыыбын да, ол тыллар бу тохтоло суох иннин диэки дьулуруйар өрүс уутун кытта уу буолан устан хаала турар курдуктар. Ол куота устар тылларбын ситиэхтии кыһалла-кыһалла эрдиннэҕим аайы, оҥочону иилии кууспут, Иэйэ биһикки санныбытыгар олорсубут долгутуулаах чуумпу салгын эбии тыҥаан, ыйааһыннанан иһэр курдук.

– Бу эн тыыҥ дии? – икки киһи маннык чугас олордохторуна, ким эрэ, туох эрэ диэн саҥарыахтаах, кэпсэтиини саҕалыахтаах буоллаҕа.

Иэйэ, мин тыым буоларын бэркэ билэр эрээри, итинник ыйытарыгар тиийдэ.

– Мин тыым.

– Бэйэҥ оҥоһуннуҥ?

– Ээ, бэйэм.

– Уолаттар хайгыыллар этэ.

– Туох диэн?

– Оттон… чэпчэки диэн. Сыыдам диэн… Өссө оһуордаах диэн…

– Оттон… мин эйигин олордуохпун саныырым… – хайҕаммыппыттан эр ылан эбитэ дуу, бу айан кутурҕаннаах төрүөтүгэр сөп түбэспэт, сайыны быһа бэлэмнэммит тылларбар маарыннаабат халы-мааргы билинии миигиттэн ыйытыга суох төлө көтөн тахсыбыта.

Иэйэ, умса көрөн олорон, сонун тимэҕэ туох эрэ буолбутун мускуйар. Онтон мин диэки сандаарыччы көрөн таһаарар, хайдах эрэ холкутугар түспүт, миигин дьоллуур да, сордуур да кыах кини илиитигэр баар буолбутун билиммит курдук.

Акка мэҥэстиһэн барарбытыгар, кини бастаан ыҥыыр бүргэтиттэн тутуһан испитэ, онтон сиэллэрэн дьалкыһыппыппар синньигэс биилбиттэн кууһа түспүтэ. Нэксиэттэн дуу, соруйан дуу, иэдэһинэн көхсүбэр ыксары сыстан ыларыгар, били мин уоран көрө долгуйар икки дыыгынас төкүнүктэрим эмиэ биллэн ылаллар, ол аайы өйүм-санаам ыгыллан, туймаарыйан хаалар. Айаммыт атын төрүөттээҕэ буоллар, сүрэҕим кимтэн уонна тоҕо нүөлүйэ ыалдьар буолбутун субу манна этиэм, хамсаабат гына хам кууһан ылан, тэтэркэй нарын уоһуттан күүскэ да күүскэ ууруом этэ диэн, урукку курдук куоттаран, сүүрэн курбачыйа турарын эрэ кэнниттэн таптыы көрөн хаалыа суох этим диэн ардыгар хотуулаахтык сананабын…

Иэйэ аҕата аҕыйах хонон хаалла. Кыыс үөрэхпин тохтотобун диэбитин эһэтэ оҕонньор: «Син биир саах күрдьүөх эрээри бачча уһуннук үөрэммитиҥ дуо, баран үөрэххин бүтэр, хамыһаар буоларгын көрөн баран өлүөм этэ», – диэн сэттис кылааһы ситэрэригэр модьуйбут. Ити икки ардыгар маҥнайгы хаар кыыдамнаан түстэ, өрүс турара субу кэллэ. Суолу баттаһа суһал соруктаах, хас да буоламмыт, эмиэ Бэс Күөллээри хомуннубут. Иэйэ биһигини кытта барсар буолла. Хонтуораттан хоҥнорбутугар мин аппын туора тутан, санаабар кинини кэтэһэн турдум.

Кими кэтэһэрим таспар көстө сылдьара дуу:

– Иэйэ, Уйбааҥҥа олор! – диэн абыраллаах соруйуу иһилиннэ.

Ити айантан ыла кини биһикки чугаһаспыппыт. Бэс Күөлүгэр уонна Түбэйгэ хаста да кистээн көрсөн, санаабытын суругунан билсэн, таптал иэйиитин испитигэр иитиэхтээн Иэйэ оскуолатын бүтэрэригэр тиийбиппит.

Холкуоспут мунньахтарын моргуоругар бу кэмҥэ саҥа, дьулаан дорҕооннор холбоспуттара. «Тороскуустар» эҥин диэн биһиги түһээн баттаппатах өстөөхтөрбүт үөдүйэннэр, кистэнэ сылдьан дойдуну, сэбиэскэй былааһы куорҕаллаан сиэбиттэрэ ырааппытын туһунан уордаах кэпсээннэри ыырдыбыт оройуон дьоно кэлэллэрэ-бараллара элбээбитэ. Аны соторутааҕыта аҕай уруйдаабыт-айхаллаабыт салайааччыларбыт, суруйааччыларбыт «норуот өстөөхтөрө» буолан хаалбыттара. Ыгыатта биир холкуоһун дьоно төрүт-уус «ойуун ууһа» буолалларынан «Ойуунускай» диэн холкуоһу тэринэн олорбуттарын «Кыһыл ыллык» диэн аакка уларыттарбыттара. «Биһиги Ойуунускай аатынан буолбатах, ойуун ууһа буоларбытынан…» – диэн этэн көрбүттэрин саҥардыбатахтар үһү. Ол курдук ыраахтан кэлэр дьикти, киһи өйүгэр баппат сураҕы-садьыгы сүкпүтүнэн үүнэр күннэр-дьыллар уолута-соһута үтүрүһэн ааһан испиттэрэ. Дьон-сэргэ холкуос үлэҕэ былаанын аһара толорор туһугар уонна сэмэҕэ-суҥхаҕа түбэһимээри, утуйар ууларын умнан туран, үрдүк күүрээннээхтик үлэлииллэрэ. Оройуон салалтатыттан кэлэн араатардыыр дьону үтүктэн, сорохтор остуолу сутурҕалыы-сутурҕалыы сурах хоту этэри-тыынары да сатыыр буолбуттара, сорохтор хомуньуус баартыйа өстөөхтөрүн сибилигин да ылгыы барарга бэлэм буола сэргэхсийбиттэрэ, кэтиир-маныыр киэптэммиттэрэ, сорохтор төбөлөрүн ньыкытан, тоҕо эрэ, туохтан эрэ мэлдьи куттана сылдьар майгыламмыттара.

Оччотооҕу олох тигинэччи оттуллубут көмүлүөк уота күүдэпчилэнэ умайарын, үөлэһинэн кыһыл кыыма эрчимнээхтик ыһылла турарын санатара. Ол курдук күүстээх үлэ, холбоһуктааһын көҕө тыа сирин ньир-бааччы олоҕун уларыппыта, көрдөөх, күүрээннээх оҥорбута. Оҕо көрөр кырдьаҕастара суох ыаллар кыра оҕолорун атах-балай барбатын диэн, уһун быанан остуол атаҕар дуу, балаҕан баҕанатыгар дуу агдатыттан баайан баран үлэлэригэр бараллара. Төрөппүттэрэ төннөллөрүгэр оҕо, быата ыытар сиринэн сылдьа сатаан, ытаан-ытаан баран, сэниэтэ эстэн утуйан хаалбыт буолара үһү. Ону кэлэн быатыттан босхолуулларын туох эрэ көрүдьүөс курдук күлэ-күлэ кэпсиир буолар этилэр.

Мин улахан таптал уотугар умайа сылдьар буоламмын дуу, эбэтэр оһуохайтан ураты дьон атын күргүөм көҕөр тардыспат, бэйэм бэйэбэр сылдьарбын ордорор буолан иһэрбиттэн эбитэ дуу, төһө да хонтуора үлэһитэ буолларбын, ити дарбааннаах мунньахтартан, түмсүүлэртэн тэйэ соҕус, санаабар «Иэйэ» диэбитинэн тура-олоро сырыттым. Кыыһым сэттис кэнниттэн Мэлэкэ оскуолатыгар пиэнньэр баһаатайынан кэлэр буолан дьоллоото.

Ол саҕана улахан дьону үөрэхтээһин, ыраастык туттуу, дьиэттэн хотону араарыы, онтон да атын үөрэхтээх ыччат көҕүнэн ыытыллар үлэ элбэх этэ. Манна баҕас мин өрө көтөҕүллэн туран кыттабын. Оскуола дириэктэринэн ананан кэлбит саҥа киһи балалаайкаҕа оонньуурга, ыллыырга-үҥкүүлүүргэ, саахымакка үөрэтэр. Ыччаттар ону хабан ылан, ыраах түҥ тыаҕа бүгэн сытар бөһүөлэкпит олоҕун сэргэхситэбит. Саҥа дьылга онон-манан үүйэн оҕолорго кыыл-сүөл маскараатын оҥорон, харыйаны симээн оҕонньорго-эмээхсиҥҥэ соһуччу, оҕо дьоҥҥо умнуллубат бырааһынньыгы тэрийдибит. Ол сырыттахпытына биир ырыаһыт идэлээх, түптээх олоҕо суох, оччолорго көрөрбөр сааһыра барбыт, билигин санаатахха, дьэлтэйэр дьэтигэр сылдьар дьахтар баара, миэхэ харааччы иирэн хаалла. Тойугар киллэрэн хоһуйар, көрсө түстэҕинэ дьээбэтинэн сүгүннээбэт, ол-бу имэҥ-дьалыҥ туһунан таайтаран киһи сирэйин кытардар. Онтон сылтаан Иэйэм миэхэ улаханнык кыыһырда. Ону мин хайыамый, киһи айаҕын хайдах хам тутуомуй? Ырыа, кырдьык, табыллыбыт ырыа быһыылааҕа, дьон тута уоһугар түһэрэн ылбыта.

Уйгур уолан барахсан

Убуруоҕа диэммин мин

Уоспун-тииспин оҥостон

Уулла-тохто күүтэбин… —


эҥин диэн тыллардаах дьээбэ-хообо ырыа этэ ол.

Ол тойуксут дьахтар миигин хоһуйар ырыата тарҕаммытын кэннэ, Иэйэ балачча өр кэпсэппэккэ иэдэс биэрэ сылдьан баран, оскуола саҕаттан иннэлээх саптыы батысыһар дьүөгэтэ Огдуус кыыһынан миэхэ саппыыска ыытта. Сурукка сарсын киэһэ кинилэр бэйэлэрин эргэ өтөхтөрүгэр кэл диэн ыҥырбыт эбит. Болдьообут кэмигэр бөһүөлэктэн соччо ырааҕа суох ол өтөххө тиийдим.

Сууллан эрэр көмүлүөк оһох оттуллан турар. Ол уот эккириир төлөнө хамсыыр күлүк буолан балаҕан туруору эркинигэр уонна Иэйэ туохха эрэ булгуччу сананан кырыылана тупсубут сирэйигэр-хараҕыгар иччилээхтик оонньуур. Кыыһым миигин илиибиттэн сиэтэн уот аттыгар аҕалла уонна киһи саллыах, оһох кэнниттэн хаппыт сылгы баһын уҥуоҕун таһаарда…

– Мин Сэрбэкэ Сэмэн маннык сылгы чөмчөкөтүн миинэн олорон андаҕайбытын уоран көрбүтүм… Хоростор көмүстэрин ханна эрэ кистээбиттэрин кимиэхэ да этиэ суох буолан андаҕайар этэ. Хорос улахан уола Баппыанньый этэн биэрэр тылын хатылаан испитэ…

Иэйэ атыны кэпсии туран эмискэ:

– Эн миигин таптыыгын? – диэн ыйытта.

– Иэйэ, таптыыбын диэн этэбин дии мэлдьи. Эн буоллаххына кыыһыр да кыыһыр буолаҕын…

– Дьиҥнээхтик таптыыр буоллаххына, Сэрбэкэ Сэмэн курдук мин эппиппин хатылаан ис! – диэтэ уонна санныбыттан баттаан, сылгы чөмчөкөтүн үрдүгэр сөһүргэстэттэ.

Баттаҕы арбатан ойууннаах буола оонньооһун, хобордооҕу дүҥүр гынан тоҥсуйуу биһиэхэ, көрөрбүтүн үтүктэн улааппыт оҕолорго, баара. Онон, мин ол хаппыт сылгы баһа мииниилээх андаҕары бастаан оонньуу да курдук ылынаммын, улгумнук этэн, толорон барбытым.

– …Иэйэттэн атын кыыһы-дьахтары таптыы көрүөм да икки харахтарым оҥоччу уоллуннар, киниттэн атыҥҥа таптал тылын этиэм да тыллаах сыҥааҕым… – андаҕар айахха батаран саҥарыахха диэтэххэ дьулаан тылланан-өстөнөн барбыта. Ол да үрдүнэн мин, акаары, ону барытын үтүктэн истим, кыыһым кыыһырбатын, иллэстин эрэ диэн санаалаахпын. Айыыны-абааһыны итэҕэйбэт буолууга оскуолаҕа ускайдаабыттара да иҥэн сырыттаҕа. Кэнники санаатахха, бэйэтин эмиэ оннук андаҕатыах баар эбит, ону өйдүүр кэлиэ дуо?

Дьиҥэ, пиэнньэр баһаатай диэн абытай киһи буоллаҕа дии, уруккуну эһэр, саҥа олоҕу тутар инники кирбиигэ сылдьар, кэннинэн кэхтибэккэ, хаалынньаҥ өйү-санааны, сиэри-туому уодьуганныыры көҕүлүүр киһи. Ол эрээри Иэйэ дьэ итинник миигин андаҕатан турар. Эчи, тыла-өһө илбистээҕэ, кытаанаҕа… Киһи киһиэхэ ыарахан сыһыанын элбэҕи көрөн кэллим да, ол сахалыы андаҕар курдук киһи кэскилин таҥнары этиини уонна истибэтэх курдукпун…

Андаҕарын бүтэһик тылларын этитэн баран, Иэйэ сыҥаһа ороҥҥо баран олорбута. Мин сүрэҕим көбөн, сүһүөҕүм хамнаан кэлэн аттыгар олорбуппар: «Мин эйигин кимиэхэ да, кимиэхэ да биэриэм суоҕа!» – дии-дии, сүүһүн түөспэр анньан, сыстыаҕынан сыстыбыта. Миигин чахчы ким эрэ былдьаан баран эрэрин курдук, нарын эрээри, сүрдээх сэниэлээх илиилэринэн ыга кууспута. Уоспут уоспутун булса охсубуттара.

Дьиҥэ, бу да иннинэ тапталга иккиэн хардарыта билинэн кэллэхпит, ол эрээри субу курдук иччилээхтик, имэҥнээхтик, аһаҕастык ол туһунан кэпсэтэ илик этибит. Иэйэ миигин урут-уруккуттан, били таастаах бэрэмэдэйи сүктэриэҕиттэн, таптаабытын, Бэс Күөлүн оскуолатыгар үөрэнэр эрдэхпитинэ, кини өссө хаста да улахан кылаас кыргыттара миэхэ суруйбут суруктарын аара туппутун, мин ааппыттан куһаҕан суруктары кинилэргэ ыытан тэйитэлээбитин эҥин барытын бу манна олорон билиммитэ. Итинник кэпсэтии, уураһыы-сыллаһыы кэнниттэн атыҥҥа да тиийии ханна барыай, баар буоллаҕа…

Арай ийэм: «Баһаатай Иэйэҕэ кутуруксут курдуккун», – диир, миигин хам ылан кэбиспит таптал дьайыттан ыраастыы, тэйитэ сатыыр курдук. Бэйэм да өйдүүн-санаалыын сүүйтэрэ сылдьарым көстөрө буолуо. Ийэм урут уһуннук ыраата барарбын туорайдаһар бэйэтэ, «өй булан», бэл «тыаҕа бултуу барыаҥ этэ» диэн тыл көтөҕө сырытта. Оҕо сылдьан ким эрэ өрүс тааһа толору хааламмыт бэрэмэдэйин кини уолугар сүктэрэн бачча ыраах сиргэ хаамтарбытын аньыыта-харата өтөр-өтөр ахтыллар буолла. «Ити кыыс оҕобун ханна-ханна тиэрдэр…» – диэн өрүтэ тыынар. Онон, кистэлэҥмит кистэлэҥ буолан бүтэн, ийэм ууламмыт хараҕын анныгар Иэйэбиниин холбоһон кэбистибит. Иччитэх турбут биир балаҕаны оҥостон, саҥа ыал туспа буруо таһаардыбыт. Уонна хаһан да дьол диэни билиэ суохпун биттэнэн быһыылаах, хас биирдии күнүм олох үөрүүтүнэн дьалкыйа туолан, ааһа таһымнаан барбыта.

1940 сыл сайыныгар ыһыахха, дьэ, улахан этээччилэр ортолоругар киирэн оһуохай таһаардым. Кыыл Уола ол ыһыахха баара, хантан эрэ бу соторутааҕыта кэлэн, дьонугар-сэргэтигэр оһуохайы ол дойдуга маннык үктээн үҥкүүлүүллэр диэн хамнанан көрдөрө сылдьарын сэргээн көрбүтүм. Ыһыах дьоно бары да күүтүүлээх киһилэрэ хаһан этэрин таҥараҕа тиксэр улуу түгэн курдук кэтэһэ-манаһа сылдьаллар, онуоха диэри «тэлгэһэттэн тэйбэтэхтэр, бэтэрээнэн бэтиэхэлээхтэр, ортоһуор оонньуулаахтар, Ыгыаттаттан ырааппатахтар» эппэхтээн хаалаллар. Сэргэй киэһэ сөрүүн түһүүтэ саҕалаан баран, күн тахсыыта түмүктүүр идэлээх этэ. Оо, онно сайыҥҥы күн тэмтэйэ ойон эрдэҕинэ, сүүһүнэн киһи илии-илиилэриттэн ыксары ылсан, хомуһуннаах ой дуораана буолан, сири-халлааны доргута силбиир улуу түһүлгэни күөрчэхтии эргитэн күөгэлдьитэ сылдьаллара көрүөхтэн-истиэхтэн кэрэ да буолар этэ!

Сэргэй мин үҥкүүбүн таһыттан туран көрбүтэ уонна: «Нокоо, сэгэлдьитэн уол оҕото эбиккин, тылгын-өскүн кытаатан чочуй», – диэбитэ.

Биһиги Иэйэлиин сиэттиһэ сылдьар буоларбыт. Ол саҕана кэргэнниилэр дьон ортотугар сиэттиһэ сылдьыбат этилэр, оттон биһиги оннук сылдьарбыт. Мин идэбинэн кыратык бултуубун, үлэбэр үөрүүнэн барабын-кэлэбин, манна диэн эттэххэ, үлэ-хамнас кумааҕытын оҥорууну ол сылдьан бэркэ баһылаабытым, онтум кэнники бэйэм докумуоммун хомуйарбар улаханнык туһалаабыта. Дьонтон итэҕэһэ суох биэнсийэлээх оҕонньорбун.

Нэһилиэк мас оҥоһукка, тутууга кыһалҕаларыгар барытыгар мин илиим, салалтам ирдэнэр буолан барбыта. Иэйэни аны сэбиэт сэкирэтээринэн таллылар. Аны кинини «Баһаатай Иэйэ» буолбакка, «Сэкирэтээр Иэйэ» диэн ааттыыллар. Мэлэкэ ол кэмҥэ балай да кэҥээн турар, оскуолаҕа үөрэнэр оҕото ыраахтан-чугастан мустан, сэттэ уончаҕа тиийэр быһыылаах этэ.

Саас куйуур соботун көтөҕөн киллэрэн иһиккэ халыс гыннарбыппар, Иэйэ эмискэ айаҕын саба туттубутунан таһырдьаны былдьаспыта. Туох буолла диэн кэнниттэн ойон тахсыбытым, дьахтарым быһыта сиэһэн эрэр күрдьүк үрдүгэр хотуолаан өҕүллэҥнии турар эбит. Мин куттанан уһаан хаалбыт сирэйим диэки хараҕын быраҕан ылаат, кураанаҕынан өҕүйбүтэ уонна устунан сирэйин саба туттан баран ытаан дуу, күлэн дуу санна өгдөҥөлөөн барбыта.

– Хайа, бу… ыарыйдыҥ дуо?.. – мин ыксаан, барыах-кэлиэх сирбин булбакка, тэпсэҥэлии турбутум.

– Оҕо… оҕо баар, акаары, – Иэйэ күлэрин быыһыгар ый курдук миигиттэн кистээн биэбэйдээбит үөрүүтүн, кэмэ кэллэ диэн, дьэ, итинник төлө биэрэн эппитэ.

Мин бастаан өйдөөбөккө даллайан турбутум, онтон санныбар кынат курдук үүнэн тахсыбыт үөрүүбүн хайдах гыныахпын билбэккэ, сааскы бөһүркэй хаар устун кылыйан кыыралдьытан барбытым. Иэйэ ону көрөн туран, ханан да баара биллибэт иһин дэдэччи таһааран имэринэ-имэринэ, дьоллоохтук күлэн саһыгырыыра.

Оҕобут ким курдук харахтаныахтааҕын, ким курдук майгыланыахтааҕын, мин киниэхэ хайдах курдук дьэрэкээн биһиги ойуулаан-мандардаан уһанан таһаарыахпын эҥин кэпсэтэн, хойукка диэри утуйбакка сытар буоларбыт.

Дьэ ол саас хас биирдии ньургуһун төбөтө, хас биирдии мутукча иннэтэ бары биһиги дьолбутун уруйдаабытынан тыллар курдуктара, кэриигэ этэр кэҕэ биһиги дьоллоох күннэрбитин ситэн ааҕа сатаан баран бутуллан, кэлэҕэйдээн барарга дылыта.

Сүргэм көтөҕүллэ сылдьар киһи, оччотооҕу дьон сиэринэн, эрдэттэн оҥостон-сорунан ыһыахха бэлэмнэммитим. Тумустаах саары этэрбэстээхпин, кыл сэлээппэлээхпин, сүүрэрбэр-көтөрбөр табыгастаах гына уус дьахтарга ыйан- кэрдэн тиктэрбит ыстааннаахпын, ырбаахылаахпын. Ол саҕана дьон ыһыахха бачыыҥка, көстүүм кэтэр идэлэммиттэрэ, оннук таҥастаах киһи саҥа олохтон хаалсыбакка иһэрэ көстөр быһыылааҕа. Мин буоллаҕына, оннук таҥаһым баарын үрдүнэн, саатар ыһыахха сахалыы таҥныахтаахпыт диэн мөккүһэр этим. Онон ырбаахыбын өссө Хорос кыра уолуттан хаартыга сүүйэн ылбыт солко куһааппынан курданабын. Чугастааҕы ыһыахтарга сылдьан баран уйгуураммын, олох да чиэски дойдуларга тиийтэлээн хааллым. Атах оонньуутугар, сүүрүүгэ хаардыы хаамабын, улахан этээччи суох буоллаҕына, оһуохайдаан тыыммын таһаарабын.

Сэрии буолбутун Ньурба сиригэр сылдьан истэн бараммын, муҥ кыйаарбынан дойдубун быстым.

Чугаһаан баран, аара биир ыалга чэйдээри тохтообутум: «Ийэҕин баттаспатыҥ дуу?» – диэн ыйыттылар. «Тугу?» – диибин. «Оо, олох да истэ иликкин дуо, биэс-алта хонуктааҕыта эйиэхэ илдьит тиэрдээри баран иһэр киһи таарыйан ааспыта. Ийэҥ куһаҕан буолаары гыммыт дуу, буолбут дуу диэн», – диэтилэр.

Дьэ ол баар этэ, мин туспар сир-халлаан түҥнэстэр үлүгэрдээх түгэнэ. Ситэри тугу да истибэккэ, атым үрдүгэр түһэн, дьиэм диэки хабылыннара турдаҕым дии.

Тиийбитим, ийэм барахсан иһин бобута туттаран, быһыыта, муҥурдааҕа буолуо, аҕыйах күн эрэйдэнэн баран, алаархай киэҥ харахтарын аны хаһан да арыйбаттыы, букатыннаахтык саппыт… Хара өлүөр диэри «уол кэлбэтэ дуу?..» диэн миигин ыйыта сыппыт… Төһө өр кэтэһиэхтэрэй, сайыҥҥы киһини кистээн кэбистэхтэрэ дии. Бэйэбин кэлэнэн да төһөнү кэлэниэхпиний?! Илдьит бөҕөтүн ыыта сатаабыттар, ону ол үүнэ-тэһиинэ суох көҥүл көппүт далаҕаны ким хантан булан тиэрдиэй? Дьонум бары: аҕам, балтым Өрүүнэ, быраатым Миитээ кытта ийэбит өлбүтүн кытта иллэспит курдуктар, ытаабаттар, көннөрү соҥуорбут көрүҥнээхтэр. Оттон мин уйа-хайа суох ытыы сылдьабын, бэйэбин буруйданарым да оччо буолуо. Дьиҥэ, баар да буоламмын тугу уларытыам эбитэй? «Өлбүтү кытта өлсүбүт суох, олус айманар сатаммат, мантыҥ өлүөхсүккэ куһаҕан», – диэн өйдөтөн көрөллөр да, туһа суох. Иэйэм хотунун кытта сыһыаннара тупсубатаҕа, ол иһин быһыылаах, улаханнык санаарҕаабыта көстүбэт, миигин да уоскута сатаабат.

Өлүүнү ханнык баҕарар киһи, ордук эдэр өттө, бэйэтигэр сыһыарбакка, өрүү тэйиччи тутан, атын дьоҥҥо эрэ ааҥныыр алдьархай курдук өйдүүр идэлээх. Ол курдук мин эмиэ өлүү суоһар тыына сир үрдүгэр кэлиэххиттэн субу чугас, кэтэххэр үрэ сылдьар улуу дьаалы эбитин саҥа куойабар-маҥкыбар оҕустаран өйдөөтөҕүм. Тахсыылаах хаарты курдук табыллыбыт да олох, өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕынан ыйда да, ыһыллан хаалар кутталлааҕын билбитим. Өлүү улуу тапталы да, улуу аатталы да аахсыбакка, кими баҕарар эн таскыттан туура харбаан барар кыахтааҕыттан саллыбытым. Эһэтэ, эбэтэ, атын кырдьаҕаһа суох ыал этибит, ол иһин урукку өттүгэр киһини көмпөккө, өлөр өлүүлүүн утары көрсүбэккэ сылдьыбыт буоламмын дуу, ол курдук өйүм-санаам улаханнык айгырыар, уйулҕам хамсыар диэри аймаммытым.

Ийэм суох буолбут кутурҕана сэрии буолбут сураҕын баһыйбыт буолан, сэриигэ хомуур саҕаламмытын туһунан кэпсэтиини соччо аахайбатаҕым. Өр-өтөр буолбатаҕа, Мэлэкэттэн уонча туруу дьоҥҥо, ол иһигэр миэхэ эмиэ, бэбиэскэ тигинээн кэлбитэ. Сэбиэт миигин онно тута сиргэ хонон оттуу сылдьар уолаттары баран аҕалтаа диэн соруйда. Иэйэ буоллаҕына дьону сэриигэ атаарыыны тэрийсэн барыахтааҕын оннугар мин бэбиэскэбин, хат-хат ааҕан көрө-көрө, түөһүгэр хам тутан баран сылдьар, онтон чочумча дөйбүт курдук өр таалан турар. Ыҥыран көрбүппэр таастыйа кэҥээбит харахтарынан диэличчи көрөн кэбистэ, онон оннук кэпсэппэккэ да, Чылбыан диэн ааттаах холкуоһум сыыдам атын быһа кымньыылаан, сорудаҕы толоро ыстаннардаҕым дии.

Ыкса киэһэ сэриигэ барыахтаах отчут уолаттары кытта төннөн кэлбиппэр, Иэйэм дьиэтигэр суох этэ.

Сарсын сарсыарда сугулаан дьиэттэн аттаныахтаахпыт, онон аҕам аахха бара сырыттым. Көрсүбүт дьонум бары сэрии сотору бүтүө диэх курдук кэпсэтэллэр. Аҕам санаатын бөҕөргөтүнээри быһыылаах, сэриини эмиэ улахаҥҥа уурбатах курдук саҥарар, эгди туттар. Тахсаары турдахпына бырааккар Миитээҕэ Дабыыт уолга таайа куораттан аҕалбытын курдук атах таҥаһына, бачыыҥката ылан кэлээр диэн кыра харчы туттарда.

Дьиэбэр төннөн кэлэн тэһийбэккэ төттөрү-таары хаамыталыы сырыттахпына, ааны эрчимнээхтик аһан, Иэйэм көтөн түстэ. Ити кэмҥэ иһэ биллэн эрэр этэ, дэлби аҕылаабыт, баттаҕа арбайбыт. Аанын чиҥэтэ сапта уонна уларыйан хаалбыт куолаһынан түргэн-түргэнник сибигинэйэ былаан саҥаран барда:

– Уйбаан, иэдээн буолла. Ити ньиэмэс диэн кими да тулуппат күүстээх, сэрииһит омук Дьобуруопаны барытын хаардыы хаамта. Биһиэннэрэ тулуктаһар кыахтара суох… Эһиги таах бууска аһылыга буолуоххут…

– Хомуна охсуом этэ дии, сарсыарда Сунтаардыыбын буолбат дуо, – мин кини туох дииригэр аахайбакка, бу баран эрэр киһини кэтэһиннэрбититтэн кыыһыран, өс саҕа буоллум.

– Суо-ох! – Иэйэ сарылаабытынан кэлэн миэхэ сапта түстэ. – Ыыппаппын, биэрбэппин! Сэриилэстиннэр бэйэлэрэ! Тоҕо эн барыахтааххыный… оччоҕо мин, биһиги хайдах буолабытый…

Мунньахтарга, дьон иннигэр тимир-тамыр саҥалаах, Сэбиэскэй Ийэ дойдуну көмүскүүргэ ыҥырар өрө күүрүүлээх хоһооннору оскуола оҕолоругар үөрэтэр, бэйэбинээҕэр кытаанах, күүстээх киһи курдук көрөн бас бэринэр Иэйэм, сэкирэтээр Иэйэ, бу эмискэ ытаан-соҥоон, сөбө суох тыллары туттан, харсыттан тахсан барбыта миигин ыксаппыта, уйадыппыта. Кини бу түгэҥҥэ оҕотун көмүскээн адьырҕа аһыытыгар да киирэн биэрэрин кэрэйбэт ийэ кыыл курдук этэ. Мин киниэхэ кимнээҕэр да, туохтааҕар да күндү киһи буоларбын өссө төгүл итэҕэйбитим. «Сэрии сотору бүтүө дииллэр ээ… – диэн уоскутан көрдөхпүнэ: – Өйдөөбөккүт эһиги, тугу да өйдөөбөккү-үт, Гитлер ол түргэн үлүгэрдик бэринээри тоҕо көтөн киирбит үһү дуо оол… Эһиги Мэлэкэ түгэҕиттэн хомуллан тиийэргититтэн куттанан хотторуо үһү дуо, оол…» – дии-дии, ый диэки хантайан олорон улуйар тыһы бөрө курдук, өссө буорайан барар… «Өскө сарсын сэрии буоллун…» – диэн сибики-сэрэх мэлдьи баар этэ эрээри, сэриигэ хомуур алдьархайа дьиҥнээхтии маннык дьиэ аайы өҥөйөн киириэ диэн ким оччолорго санаабыта, бэлэмнэммитэ баарай?! Иккиэн тэҥҥэ ытаһа-ытаһа, түүнү быһа сүбэлэһэн, кини миигин Сунтаарга диэри атаарар гына быһаарсыбыппыт.

Уйгур

Подняться наверх