Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ

Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ
Автор книги: id книги: 2886115     Оценка: 0.0     Голосов: 0     Отзывы, комментарии: 0 300 руб.     (2,78$) Читать книгу Купить и скачать книгу Электронная книга Жанр: Правообладатель и/или издательство: Айар Дата добавления в каталог КнигаЛит: ISBN: 978-5-7696-3771-1 Скачать фрагмент в формате   fb2   fb2.zip Возрастное ограничение: 0+ Оглавление Отрывок из книги

Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.

Описание книги

Ааптар уруккута Боотуруускай улууска Болугур аҕа ууһа олохсуйбут Биттики алааһын түҥ былыргытыттан саҕалаан билиҥҥээІІэ диэри историятын чинчийэн үөрэппитин суруйар. Саха боотура кыргыс үйэтин саҕана көмүскэнэр уонна сэриилэһэр сэбин-сэбиргэлин дьиҥ-чахчы булуллубут артефактарга уонна научнай үлэлэргэ олоҕуран кэпсиир.

Оглавление

Группа авторов. Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ

«Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх»

Ааптартан

Ураанхайдар буолабыт

Биттики таабырыннара. Биттики диэн аат хантан кэлбитэй?

Биттики сайылык былыргытыттан

Хомус

Хомус тиллиитэ

Биттикигэ остуруок ханан турбутай?

Хайа охсуллубут биһилэх таабырыннара

Чуор сааны хайдах оҥороллорой?

Боотур куйаҕа Биттикиттэн көһүннэ

Яна Турза «Якутская коллекция в Линден-музее Штутгарта» диэн кинигэтин ааҕа олорон …

Биттики былыргы тутуулара

Түмүк

ТУТТУЛЛУБУТ ҮЛЭЛЭР

Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ. Куйаҕы хайдах оҥостоллор этэй?

Түмүк

Былыргылар биилээх сэптэрэ

Кыырыктаах үҥүү, тайыы

Ох саа, чаачар саа, кураахтаах саа

Түмүк

Туттуллубут үлэлэр

Отрывок из книги

Былыргы биһиги өбүгэлэрбит хайдах-туох олорон ааспыттарын билбэппит элбэх. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр уһун сылларга олорон ааспыт олохторуттан-дьаһахтарыттан суруллан хаалбыта бэрт аҕыйах. Кэлиҥҥинэн дьоҥҥо-сэргэҕэ былыргы төрүттэрин, кинилэр олорон ааспыт олохторун сэргээһин, үөрэтии күүһүрдэ. Онтон сиэттэрэн, өбүгэлэрбит былыр хайдах олорон ааспыттарын үөрэтии түмүгэр түгү билбиппин ааҕааччылары кытта үллэстэргэ быһаарынным.

Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ кэлэн туран, өбүгүлэрбит тыйыс айылҕалаах дойдуларыгар туттар малларын-салларын хайдах оҥостоллорун, былыр үйэҕэ умнуллан хаалбыт араас мындыр ньымаларын үөрэтии уонна ону кэнэҕэски көлүөнэҕэ хаалларыы бу сүдү суолталаах сорук дии саныыбын. Оччотугар эрэ кэнэҕэски көлүөнэ былыргы өбүгэлэрбит мындырдарын сөҕө, кинилэр былыр да, бэйэлэрин кэмнэригэр да үрдүк култууралаах уонна сайдыылаах, атын омуктартан итэҕэһэ суох олорбуттара диэн киэн туттуохтара.

.....

Көрдөөһүн туох да түмүгү биэрбэтэ. Остуруок тура сылдьыбыт сибикитэ ханна да биллибэт. Дьэ, онтон арай биирдэ оппут үлэтин кэнниттэн, дэриэбинэҕэ киирэн иһэн, суол кытыытынааҕы өтөх дьааматын көрө түһэн, тохтоон, сиһилии көрдүбүт. Чинчийэн көрбүппүт, уот сиэн кэриэрдибит баҕаналарын төбөлөрө быган тураллара. Бу өтөх онно остуруок тутарга саамай тоҕоостоох сир курдук, Биттики алааска Аарахтан киирэр кыбычыыҥҥа – суол кытыытыгар баар. Былыр, бука, бу суол Амма уонна Таатта икки ардыгар сылдьыһарга улахан суолталаах эбитэ буолуо – Тааттаттан саҕалаан Биттикинэн, Кыыл Баһынан, Баһылай Алааһынан Амма Сулҕаччытыгар тиийэр. Бу өтөх онно В. Короленко уонна И. Дьячковскай кэпсээннэригэр остуруок турар сирин ойуулаабыттарыгар ордук сөп түбэһэр курдук. Ол иһин бу өтөх оннун сиһилии чинчийэргэ быһаарынныбыт. Чинчийиибит түмүктээх буолла уонна манна остуруок турбут эбит диэн сабаҕалыыр кыахтанныбыт. Ол курдук, мантан былыргы уустар оҥорбут тимир тоһоҕолорун, алтан иһит эмтэркэйин булуталаатыбыт уонна сирэйигэр былыргы руна суруктаах () алтан биһилэҕи буллубут.

Руна сурук туһунан кылгастык ахтан аһардахха маннык. Ордук элбэхтик руна суруктар былыргы түүрдэр түөлбэлээн олорбут сирдэригэр Алтай хайаларынан, Орхон уонна Енисей өрүстэргэ VI-VIII үйэлэргэ өйдөбүнньүк мэҥэ таастарга уонна хайаларга суруллан хаалбыттар. Ол иһин Орхон уонна Енисей руна суруктара диэн киһи-аймахха биллэллэр. Орхон уонна Енисей руна суруктарын ааҕыынан араас дойду учуонайдара дьарыктаммыттара даҕаны бэйэлэрин кистэлэҥнэрин баччааҥҥа диэри толору аһа иликтэр. Руна суруктары ааҕыынан сахалартан маҥнай Г.В. Ксенофонтов дьарыктаммыта. Кини 1933 сыллаахха Иркутскай куорат музейыгар баар икки руна суруктаах малы үөрэтэн баран, бу суруктар сахалыы суруллубуттар диэн ыстатыйа таһаарбыта. Өлүөнэ өрүс очуостарыгар көстүбүт руна суруктары 1941 сыллаахха сиһилии үөрэтэн уонна Орхон, Енисей руна суруктарыгар атылыы тутан И.И. Барашков «Среднеленские наскальные надписи» диэн үлэтин суруйбута. Кэлиҥҥи кэмҥэ Сахабыт сирин араас муннуктарыгар руна суруктар мастарга, тутууларга, малларга, киэргэллэргэ суруллубуттара көһүннүлэр. Г.В. Ксенофонтов руналар сахалыы ааҕыллаллар диэбитин салгыы сайыннаран, А.И. Кривошапкин – Айыҥа руналар дорҕоон бэлиэлэрэ буолбатахтар, саха тылын сүһүөхтэрин бэлиэлэрэ (силлабарийдар) диэн 2008 сылга «Наследие предков» диэн кинигэтин таһаарбыта. Ити курдук хаһан эрэ быралыйар былыргыга сүдү төрүттэрбит Омоҕой баай уонна Эллэй Боотур, номоххо кэпсэниллэринии, сүтэрбит суруктарын-бичиктэрин сөргүтэн үөрэтии түмүктэрэ буоллаҕа.

.....

Добавление нового отзыва

Комментарий Поле, отмеченное звёздочкой  — обязательно к заполнению

Отзывы и комментарии читателей

Нет рецензий. Будьте первым, кто напишет рецензию на книгу Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ
Подняться наверх