Читать книгу Ыйдаҥа түүн - - Страница 1

Оглавление

Буор сирэйдээх диэн итини этэллэрэ дуу? Хайдах эрэ тыыннаах киһиэхэ маарыннаабат курдук. Сүүрэ-көтө, саҥара-иҥэрэ сылдьар киһи, төһөтүн да иһин, син биир эмэ кэмҥэ, ханан эрэ итии хаана кэйэн, тирии нөҥүө да буоллун ээ, тымыр устун тыган ааһарын биллэриэх эбитэ ини… Ону баара бу муҥнаах, дэҥҥэ ымах гына да сатаатаҕына, ханан эмэ хаан оонньуоҕунааҕар, саатар дэҥҥэ суурайан ааһара да саарбахха дылы. Ол иһин тириитин өҥө болоорбут, кугдаххай дабаххай кэриэтэ, таһыттан көрбүт дьиксиниэхчэ…

Кыыс барахсан манныгы эрэ көрүөм дии санаабатаҕа, соһуйбутун омунугар итинник санаа өйүгэр охсулуннаҕа. Буор Cырай… Итинник соччото суох сэрэх санаа сиккиэрэ охсуллан ааста быһыылааҕа. Тоҕо эрэ, ол быыһыгар бу мантан, маҕалай аадыттан төттөрү түһэн, куотуох санаа эмиэ кыл түгэнэ үүйэ тутан ааста. Кыыс булкуллубута, санаатын иирбэ-таарба хоспохторугар мунан хаалбыта баа буолбатах…

– Дорообо. Тугу кэпсиигин? – аат харата «буор сырайдаах» саҥа таһаарбытыгар соһуйан ходьох гыммыта.

Буор Сырай… Хайыы үйэ хос аат киирэн хаалла буолбаат? Тугун сүрэй?

– Ээ, Макс… Максим, дорообо… мин кэллим ээ, – диэн Ира дьэ мичээрдии сатаабыта.

Күүтүүлээх көрсүһүү этэ эрээри, маннык эрэ буолуо дии санаабатаҕа чахчы, хайдах эрэ соһуйан хаалан, итинтэн ордугу арааһа тобулбата. Харахха оҥорон көрүү диэн атын эбит. Төбөтө күүскэ итийэн, мэйиитэ көймөһүннэ, иһиттэн буста. Хомойо санаабыта өр гыммата, киһитэ айаҕын атан саҥараатын кытта тэҥҥэ, кыыс түүлээх чөмчөкөтүн иһигэр этиэх бэтэрээ өттүгэр дьылыс гынан хаалла быһыылаах, сытыы баҕайытык кэйиэлээбитинэн киирдэ. Ити… тоҕо миигин ааппынан ыҥырбата буолуой? Ахтыбыт, суохтаабыт буоллаҕына, ама, ааппын умнуо үһү дуо? Дуу, туохха өһүргэниэн эбэтэр хоргутуон сөбүй, миэхэ? Оччотугар, таптаабата буолуо дуо… Ээ?

– Көҥүлгэ сылдьар киһи кэпсээтэҕиҥ дии, 1993 сыл тугу аҕалла, туох баарый онно олохтоох дьоҥҥо? – хайдах эрэ кыыска хомнообут курдук хадьар соҕустук, эмиэ да сэтэрээбит курдук, уол чобуо баҕайытык хардара оҕуста уонна хос ортотугар турар өйөнөрдөөх олоппоско тиэрэ түстэ, уҥа илиитинэн өттүгүн ыга баттанна.

Ира илиитин мускуммахтыы сатаата, чочумча аттыгар турда, туох да диэн булбата.

– Макс, сурукпун туппутуҥ дуо, бүтэһикпин? – нэһиилэ ыган таһааран кини, си буолуохтааҕар, ыйытта.

– Туппут буолан бу олордоҕум дии, – Максим өрөлөһөн өс саҕа буолан, хайдах эрэ дьабадьытын ханньары тартаран ымайан, чинчийэрдии кыыс диэки хайыһан тонолуппакка одуулуу олордо.

Ира, көһүппэтэх өттүттэн олуйтаран, туох да диэн булбата. Кини иннигэр таптыыр, ахтар Макса буолбатах, букатын атын киһи олорор буолбаат?! Хадьардаһарга бэлэм, тугу эмэ сыыһа туттаран этитэн баран баайсыах да кэриҥнээх…

Бу аата тугуй? Ира кыл түгэнэ «баран хаалла», сатаан сааһыланарыттан ааспыт, онно-манна тобурах курдук ыстаҥхалаабыт, ситимэ быстыбыт санаатын ыһыллан хаалбыт ыраах ыырдарынан кырыйа көтө турда…

* * *

Хайдах этэй? Хайдах буолуой, барыта судургу курдуга. Сааһын сиппит, өйүн туппут, үөрэхтээх, үлэлээх, хамнастаах эдэркээн кыыс туһугар биир эрэ суола итэҕэһэ, таптал диэн ааттыыр туспа таарымталарыгар тиийэ илигэ. Ырыа-үҥкүү үөрэхтээх кэрэчээн эдэркээн кыыс кулуупка үлэлээбитэ хас эмэ сыл буола охсубута. Ол иннигэр оскуолаҕа, муусукаалынай оскуолаҕа эмиэ кыратык үлэлээн бэйэтин кыаҕын көрдөрбүтэ. 80-с сыллар бүтүүлэрэ, ас-үөл кырыымчык кэмэ этэ эрээри, тыа сиригэр уруккуттан дьону түмэ тардар үөрүйэҕинэн сэргэх биэчэрдэри, эгэлгэ кэнсиэртэри тэрийэр өссө да тохтуу илигэ. Хата дэҥ-дуҥ да буоллар, ханнык кулууп туох кыахтааҕынан, чугас эргин гостуруол бөҕө сыбыытаабыт кэмэ этэ.

Барыта ытыска уурбуттуу дьэҥкэ. Ира култуура үөрэхтээх буолан үлэтин олус таптыыр, сырыыттан сырыы ахсын кыргыттарын кытта, кычыгыраһан күлэн кэбиһэ-кэбиһэ, арааһы толкуйдаан, бырааһынньык аайы дьону үөрдээри, сэбиэскэй үлэһит сиэринэн, туруулаһаллар. Ол бүтэн хааллаҕына аныгыскы кэнсиэри хайдах гынары саҥаттан толкуйдаан, мөккүһэн, бэлэмнэнэн, элбэх күн көрүлүүр ыаһах оҥостон, үлэлэрин күнүн арыт уһаталлара, арыт күн чээрэтэ кулууптарыгар көстөн ааһаллара. Оннук кэми «музабыт мунна, иэйиитигэр кэлбэтэ» диэччилэр. Ону истэн остуорас оҕонньордоро «туох муучуката ханна кэлбэтий» диэн ыйытан күллэрбиттээҕэ.

Ситигирдик, сап саҕаттан салҕанан, ыал аайыттан умналаһан «реквизит» хомуйсан испэктээк да туруораллар, түннүк эргэ сабыыларын быһыта кырыйталаан кыра үҥкүүһүт оҕолорго көстүүмнэри тигэллэр. Эдэр эрдэххэ барыта хайдах эрэ чэпчэкитик кыаллар, ааһан иһэн оҥоһуллар-дьаһаллар курдук эбээт. Онон син сэргэхтик олорор кэми өссө сөхсүтээри, түүннэри кимиэхэ эмэ мустан олорон сценарий суруйаллара, оруолларга билэр дьоннорун оҥорон көрө-көрө, быара суох күлэллэрэ үчүгэй да эбит.

Онтон өр-өтөр буолбатаҕа, сэрэйдэххэ, ол «таптала» ини, кини дьиэлиир суолугар уун-утары көрсө түспүтэ. Оробуочай таҥастаах, бүтүннүүтэ быыл-буор буолбут, тириппитин омунугар сүүһүгэр бычыгыраабыт көлөһүнүн кирдээх сиэҕинэн туора-маары сотто-сотто, биир уол «Дружба» эрбиинэн сиргэ сытар дүлүҥнэри эрбэтэн быыгыната турара. Субуотунньук буолуоҕун атын ким да суоҕа, бу дойдуга олохтоох диэҕи маннык киһини хаһан да харахтаабатаҕа, кимиэхэ эрэ көмөлөһөр дуу диэн, эмиэ да чугас эргин ыаллара да суохтар ээ, дьиэлэр тэйиччи тураллар.

– Хантан маннык кыысчаан тахсан кэллэй? Ээй, сэрэн, үрдүгэр мас түһүө, – диэн кини, эрбии дыыгыныыр тыаһын быыһынан, үөгүлээбитэ.

– Ыраахпын дии, тоҕо түстэҕэй, – Ира өскүөрүтүн хардарбыта уонна тоҕо эрэ тохтоон, уол аттыгар турунан кэбиспитэ.

– Мин Макс диэммин, эн? Мин билэбин, эн Алааппыйаҕын уонна Маҥааччыйаҕын, Суоппуйаҕын уонна Мааппаҕын, Сөдүөччүйэҕин уонна Өрүүнэҕин…

Сытыы көрүдьүөс тыллаах уол, эрбиитин умуллараат, эйэргээн оонньуурун, сирэйин араастаан туттарын кыыс сонно сөбүлээбитэ, күлэн лыҥкынаппыта уонна тута хардарбыта:

– Саамай сөп! Таайдыҥ дии, Өрүүнэбин!

– Ээ, ол аата Өрүүнүшкэ доҕоччуок буола сылдьыаҥ дуо? Макска дьүөрэ Ирэна буолар буоллаҕыҥ? – диэбитигэр, иккиэн күлэн тоҕо барбыттара.

Ситигирдик билсиспиттэрэ. Максим ыаллыы дэриэбинэттэн кэлэн сайыҥҥы үлэҕэ наймылаһан харчылаһа сылдьара. Бэйэтэ инженер буолаары куоракка үөрэнэн иһэн ыарытыйан тохтообутум диир. Онон көй салгыҥҥа, чэгиэн буолар туһугар кыралаан үлэлиибин диэбитин Ира сөбүлүү истибитэ, саҥарбатаҕа. Дьиэтигэр ийэлээх уонна Өлөөнчүк диэн балыстаах эрэ үһү.

Оттон кини? Кини ыал мааны, атаах кыыһа. Ийэтэ Арыпыана барахсан, таптыыр харахтарынан имэрийэ көрөн, тыҥырахтаахха таарыйтарбакка улаатыннарбыт оҕото. Кыыс өйдүүрүн тухары мааматын далбарыгар сырыттаҕа. Баарынан-суоҕунан күндүлээн, күннэтэ кини тула холоруктаан, ас минньигэһин аһатан, таҥас сыаналааҕынан хааччыйан, түүннэри кини үтүлүгэр оһуор анньан, ыаллара Балбаараҕа сыл устата үлэһэн тыс этэрбэс тиктэрэн ылан, ол соболоҥор хорчоххой баҕайы тайах тыһын илиитэ дьуккуруйуор диэри имитэрэ бу баарга дылы.

Ира кыыс сахалыы Сырдык диэн сэдэх ааттаах балтылааҕа. Кини эдьиийин эмиэ таҥара курдук көрөр буоллаҕа. Кыргыттар чахчы чугас сыһыаннаахтар. Сырдык тэрбэччи көрөн, күлэн кычыгыратан, кэлигэс-барыгас, туругас-олоругас уонна сып-сытыы тыллаах. Ол иһин аҕалара Сүөдэр ордук Ираны, бачча улахан, дьахтар саҕа кыыс тугу да гыммаккын, алыс да атаахтаатыҥ диэн киҥинэйдэҕинэ, өрүү бүөлүү түһээччи балта буолара.

– Аата сүрүн, аҕаа! Бу тухары кыаммаппыт үһү дуо? Барыта оҥоһуллан бүппүтэ, тэрээһэ хомуллубута, муоста сууйуллубута, ас буспута, дьиэ харбаммыта. Өссө туох баарый? Ира эксээмэнэ буолбат дуо?! Олордун ээ, аахтын! – диэн кинини кытта тэҥҥэ аахсан, отой саҥардыбат этэ.

– Чэ, бэйи, оҕолорум үллэстэн үлэлээбиттэрэ, уоскуй, – диэн ийэлэрэ сып-сап остуолун тардан барара, көстүрүүлэ хаппаҕа арыллаатын, минньигэс миин сыта муннуга саба биэрэрэ.

Итинник. Кэрэ да кэмнэр. Ийэлээх-аҕалаах буолар дьол. Оттон Ира, оччотугар, икки бүк дьоллоох буолан тахсар. Тоҕо даа? Оттон… кинини, төрөөбүтэ 20 эрэ хоммут кыыһы, оҕото суох аймахтарыгар ииттэрэ биэрбиттэр ээ, төрөппүт дьоно. Итини Ира хойут билбитэ эрээри кими хомнуой, кимиэхэ хоргутуой? «Маамам, паапам» дии үөрэммит дьонун сириэн, ордугу була сатыан санаатыгар да оҕустарбатаҕа. Сол курдук кыһамматаҕа, көннөрү истэн эрэ кэбиспитэ. Ойоҕостон кэтээччилэр «ити кими батан бу кыыс солуута суоҕуй» диэбит сурахтара эмиэ иһиллибитэ. Ону истэн Арыпыана, хайдах эрэ муҥатыйа быһыытыйбытыгар, Ирата, оччолорго 14-тээх кыыс, сүүрэн кэлэн кууһа түспүтэ уонна тапталлаах ийэтигэр чахчы ис сүрэҕиттэн эппиттээҕэ:

– Маама, арай мин бууннаан, айдааран турбут, барыгытын сымыйаҕа-албыҥҥа күтүрээбит буолуум, уулуссаҕа бэйдиэ барыым… оччоҕо ити ыаллар туох диэх этилэрий? Сөбүлүөхтэрэ үһү? Бука «иитиллэн-иитиллэн баран баҕайы үтүө дьүһүнэ ити баар» диэхтэрэ этэ буолбаат?! Ону өйдөөбөтө буолуо диигин? Мин эйиэхэ куһаҕан оҕобун дуо? Дуу, эн миэхэ холоон даҕаны ийэбин диэри гынныҥ дуу? Оттон Сырдыкпыт? Кини эмиэ оччоҕо солуута суох дуо? – дии-дии кыыһа, бэкээринэҕэ килиэп күүтэ турар дьахталларга сонун оҥостон, кинилэри сөҕөн-махтайан кэпсээбит ыаллара Аастыраны үүт-тирии үтүктүбүтүгэр, ийэтэ күлэн тоҕу барбыта.

Кырдьыга да оннуга. Сырдык эмиэ иитиэх кыыс, ол кырдьыгын эмиэ хоп-сип хонуутуттан, быстахха алҕас, ити үс сыл аҕас эдьиийин Ира айдаанын саҕана истибитэ, эмиэ тугу да саҥарбатаҕа. Кини майгыта оннук, намыын, ис-иһиттэн толкуйдаах, кыратыттан бэрээдэк хаата. Хайдах да атыннык ылыныах быһыыта суоҕа. Ол да гыннар кыыс муҥнаах син иһигэр арааһы санаабыта буолуо ээ, ким билиэй…

– Хата, маамаа, үһүөн олорон кэпсэтиэҕиҥ, дьиҥэр хайдах этэй? – Ира биирдэ, иитиэх оҕолор тустарынан кэпсэтиигэ иэҕэтэн, арааһа 17 сааһын эргин этэ быһыыта, ийэтин үүйэ-хаайа туппута.

Ити киэһэ иһиттэрин сууйан, муосталарын сото охсон баран кыргыттар хосторугар батыаккалаһан киирэн үһүөн өргө диэри бүкпүттэрэ. Аҕалара, суоппар киһи, үлэтиттэн кэлэн, суунан-тараанан баран тута киирэн сыппыта, устунан утуйбута. Кини хойут кэллэҕинэ итинник гынар үгэстээҕэ. Саҥа-иҥэ суох, сылайдым диэн аһааччыта суох, тута хаһыатын туппутунан утуйар хоско киирэн дьыбааҥҥа тиэрэ түһэр уонна сотору соҕус мунна тыаһаабытынан барааччы. Ону туруоран «ороҥҥор көс» диэтэххэ кыйаханарын иһин, Арыпыана оргууй аҕай чараас суорҕанынан, уһугуннарымаары сэрэнэн, үллүйэн биэрээччи.

Дьэ, ол бүөмнээн кэпсэтиигэ, бары да саастарынан тэҥэ суохтарын аанньа, кыргыттар ааттаах буоллахтара, истиҥ-иһирэх тыын сатыылаабыта. Арыпыана төһөтүн да иһин, бастакы кыыһын туһугар ордук туоххаһыйара таайыллыбыта.

– Ира-а, тоойуом, эн наһаа… хайдах дииллэрэ буолуой даа… сатаан да этиэ суох курдукпун, отой бу баар курдук чэҥ мэйиибэр көстөн тураҕын да, тылбар кыайан тиспэт эбиппин ээ… – Арыпыана кырдьык ыарырҕаппыта, чабырҕайын имэриммитэ.

– Наһаа кэбирэх! – тоҕо эбитэ буолла, Сырдык иилэ хабан ылан кыбыта охсубута.

– Эс, оннук буолбатах, оҕом кытаанах сүрүннээх ээ, бэйи. Туппутун кытаахтаһар, экчи ыһыктыбат, эппитин толорон уонна толорторон тэйэр…

– Ыы, дьэ, көннөрү этэн кэбиһиэххитин, тоҕо наһаа киһини сордоотугут? – Ира күүтэ сатаан тулуйбакка, эйэ дэмнээхтик күлбүтэ.

– Маамаа, арай… эн биһигини ииттэ ылбатаҕыҥ буоллар, кимнээҕи ылыаҥ этэй, ээ? – Сырдык, оҕо оҕо курдук, быһа токкоолоспута.

– Ким билэр, оҕолоннуҥ да бүттэҕэ дии, ол атыттары тала сылдьыаҥ баарай, бэйэм киэнэ диэбиккин ыга куустуҥ да бүттэҕэ дии. Миэхэ таҥарам биэрбит чыычаахтара буоллаххыт, биһиги олохпутугар сып-сырдыгынан тыган киирбит үчүгэй баҕайы дьон. Саамай үөрбүтүм диэн баара, Ириискэм тылланан, саҥа-иҥэ буолан, барыны токкоолоһор кэмигэр Сырдыкпыт кэлбитэ. Оо, онно үөрбүппүөн, оҕом ханыыланна, иккиэ буоллахтарына хаһан да соҕотохсуйуохтара суоҕа, балта эдьиийин көрүө-истиэ диэн…

– Ол аата хайдах? Тугуй ол, мин ыарыһах буолуохтаах этим дуо? – Ира соһуйбута.

– Суох, суох… Оттон эдьиийин көрө сылдьан элбэххэ үөрэниэ, эдьиийин иһиттэҕинэ оттомноох, өйдөөх буолуо дии саныыгын буоллаҕа эбээт, – Арыпыана холку бэйэлээхтик унаарпыта.

– Ээ, хата инньэ диэ, ону баара мин отой атыннык санаатым ээ… – түргэн кыыс Ира төлүтэ биэртэлээбитэ, күлэн бычыгыраабыта.

Бастакы кыыс атаахтык улааппыта сиэр хоту курдуга. Оҕото суох дьон убаналлара баар суол, тапталларын, ыраларын, иэйиилэрин бүүс-бүтүннүү аныыллара биллэр. Кыра кыыс, көйгөлөммөтөр да, уоскуйуу, түспэтийии саҕана арыый намыын сыһыаҥҥа улаатара чахчы. Ол иһин ордук дуоспуруннаах буолуохтааҕа кыратыттан биллибитэ.

Ира атааҕынан атаах да, акаары атаах буолба- тах. Бэлэмҥэ, баарга, сылааска-сымнаҕаска улааппыта кинини олохтон эргиччи эриэккэһин эрэ эрэйэр баҕа санааҕа, биллэн турар, тиэрпитэ эрээри, тура-олоро, имири-хомуру барытын дьаһайар, кыайар, сатыыр, бииртэн биири айан таһааран туохха эрэ чуо дьулуһар ураты кыаҕар мэһэйдээбэтэҕэ. Ону ааһан кыыс оҕо сылдьан … дьиҥ иһигэр атын дьон көрбөтүн көрөр, эмискэ тугу эрэ истэр буолан ылаттыыр адьыната биир саас улаханнык тумуулаан, сыыстаран, сыл аҥаарын устата балыыһалары кэрийэн эмтэммитин кэнниттэн сүтэн хаалбыт этэ. Ол да буоллар оҕо хайдах эрэ бэйэтин иһиллэнэр, чуҥнанан, дьикти баҕайытык чуумпуран ылар идэтэ ааспатаҕа.

* * *

– Макс, мин эйиэхэ кэһиибин аҕаллым, – Ира эмискэ «санаатын хоспоҕуттан» тахсан кэлээт, саҥа аллайда.

– Маннык аһы аһаабатах ыраатта, эн күннэтэ сиириҥ манна суох ээ, – диэн, эмиэ да үҥсэргиир, эмиэ да сэтэриир курдук, уол тыл ыһыгынна.

Ира күн аҥаара астаан аҕалбыт хортуоппуйдаах этин, хаппыысталаах бэрэскитин, сүөгэйгэ булкуллубут эттээх салаатын, Саҥа дьыл саҕана былдьаһыгынан атыылаһан, кичэйэн хаһааммыт быыкаа бааҥкалаах «Икра зернистая, лососевая» кэнсиэрбэтин арыйа баттаан, бөдөҥ бэйэлээх кыһыл искэҕи хара килиэпкэ сыбаан, сүөгэйинэн оҥорбут бэчиэнньэтин эмти ыстаан амсайан, Максим өөр да өр саҥата суох аһаата. Кыыс эмиэ уу чуумпутук көрөн олордо.

Кэпсэтэргэ соччо-бачча тыл тахсыбат. Бэйэтин тоҕо эрэ буруйдаах курдук санаммытын кыыс ис-иһиттэн сөбүлээбэтэ. Кини, кырдьыга да, тугун буруйай? Ол иһин сылааһына аахсарга быһаарынна.

– Макс, эн туохха миигин буруйдуур курдук туттаҕыный? Бырастыы гын, ол гынан баран эйиэхэ иэһим суоҕун бэркэ билэҕин, – Ира икки имэ тэтэрэн барбыта. – Мин арыгылата, киһини кырбата тэрийэн ыыппатаҕым. Хата, эн миигин «кэргэн биэриҥ» диэн аҕабыттан, дьоммуттан ыйытыахтаах этиҥ буолбатах дуо? Ону мин эмиэ күһэйбэтэҕим, бэйэҥ этииҥ этэ. Киэһэни быһа күүппүппэр, мустубут дьоҥҥо туох диирбин билбэккэ, сааттаах балаһыанньаҕа түбэспиппэр, устунан аҕам сөбүлээбэккэ миигин ыкпытыгар эмиэ мин буруйдаахпын… үһү дуо? Оттон эн оччоҕо туохха эппиэттиигиний?

– Эппиэттээммин бу манна, хаайыыга олордоҕум дии? – Максим утарыласта, толору астаах айаҕын атан тииһин хаһынна уонна кыыс диэки эриличчи көрөн таһаарда. – Туох диэн буруйдаатым? Тугу да саҥарбакка олорор курдукпун дии.

Ира, кырдьык даҕаны диэбиттии, тохтуу биэрдэ. Ол да гынан уоскуйбата. Кини маннык көрсүһүүнү, ханныгын да иһин, күүппэтэҕэ. Маарыын, аһын астыы сылдьан наһаа да долгуйбута, Максим төһө эрэ үөрэн харахтара чаҕылыйар диэн өйүгэр оҥорон көрбүтэ. «Арааската кууһан ылыа дуу? Ууруо дуу… ахтыбыта буолуо ээ…» диэх курдук санаатыттан бэйэтэ да кыбыстыбыта. «Мин эмиэ оччоҕо кууһуом, сылаастык да сылаастык уураан ылыам уонна оргууй сибигинэйэн кистэлэҥмин этиэм… Кини ити сириттэн тахсарыгар биһиги наһаа үчүгэйкээн оҕолоох буолуохпут. Мин оҕобун таптыам да таптыам, маанылыам да маанылыам…»

Онтубут?! Ыра аата ыра, санаа аата санаа. Барыта кураанах, салгыҥҥа субу симэлийэн хаалыах ойуу курдуга тугун куһаҕанай. Дьиҥ иһигэр барыта… атын. Хаҕыс, нүһэр, астыга суох, сымыйа курдук. Оччотугар? Ира ууламмыт харахтарынан өссө биирдэ Максим диэки көрдө, тоҕо эрэ бэйэтин наһаа аһынан «сыыспыт муҥум дуо» дии саныы олордо…

– Чэ, Ира, бырастыы гын… Эн тугу билиэҥий? Маннааҕы олох отой атын, ким да кими да аһыммат, наар көмүскэнэр-сэрэнэр эрэ туһунан толкуй. Онтон киһи сылайар буолар эбит, хайдах гынан болдьохпун тулуйабын диэнинэн олоробун…

– Оо, дьэ, муҥнаахпын даа… – Ира ити икки ардыгар уолу аһынан, хараҕын уута мөлбөрүс гынна, тугунан эрэ көнньүөрдүөн, туох эрэ үчүгэйи этэн үөрдүөн баҕарда. – Макс, эн миигин син биир уруккуҥ курдук таптыыгын дуо?

– Таптаамына, Ира, кырдьыктыы эттэххэ, эн баарыҥ миэхэ олус үчүгэй. Ол эрэ да туһуттан барытын тулуйан сырыттаҕым…

– Кытаат, тулуй, биһиги эйигин күүтүөхпүт. Тахсар күҥҥэр иккиэн тиийэн кэлиэхпит… – диэбитэ бэрт кэбэҕэстик.

– Кимниин? Өйдөөбөтүм…

– Мин… мин соҕотох буолбатахпын, биһиги иккиэ буолбуппут ыраатта. Өйдүүгүн, «мүөттээх салгын саба биэрдэ» диэн ыллыы-ыллыыбыт хаамсыбыт түүммүтүн? Ол онтон ыла мин сүрэҕим анныгар эн тапталыҥ уйа туттубут эбит… – Ира олус ураннык эппититтэн бэйэтэ да долгуйан, Максимын кууһа түстэ, кини аһыы табах буруота иҥмит көлөһүн сыттаах моонньугар муннун кистии аста.

– Оо, Ириша… хайа, кырдьык дуо? Ол аата биһиги аны… үспүт?! Тугун баҕас үчүгэйэй? Бырастыы… Ириша, бырастыы гын, миигин, акаарыны… Күн сарсын сайабылыанньата биэриэххэ, холбоһуохха! Көҥүлгэ табыллыбатах буоллаҕына, бу манна даҕаны сокуонунан саахсалыыллар үһү ээ! Сөбүлэһэҕин?

– Сөбүлэһэн! – диэбитин таптыыр кыыс кулгааҕа эрэ истэн хаалла.

* * *

Ира Дьокуускайга холуонньаҕа сытар доҕоругар аан бастаан көрсүһүүгэ суруйтаран тиийбитэ судургута суоҕа. Төһө эмэ эрдэттэн үгүс кумааҕыны толорторон, докумуону ахсаанынан бигэргэттэрэн, төттөрү-таары сылдьарга элбэх бириэмэтэ, сырата барбыта.

Бу муус маҥан субалаах, тэрбэччи көрбүт кип-киэҥ арылхай харахтаах, чап-чараас таһаалаах мааны кыыс куорат устун оргууй долгуйан хааман истэҕинэ, хайдахтаах да уола хаан хараҕа киниэхэ хатанымыан сатаммат. Саас буолан сып-сырдыктык тыгар күҥҥэ кини хараҕа тоҕо эрэ сааппат, кыратык да симириктээбэт. Маҥан кырса бэриэккэтэ, оннук саҕалаах чээлэй күөх соно, үүт маҥан бэрчээккитин кытта маҥан финскэй соппуоската күөх дьүһүннээх лаахтаах суумкатын кытта олус дьүөрэлэһэллэрэ. Маннык мааны кыыс хайдах да тыаттан киирбит буолуон сатаммат курдуга эрээри, Ираны дьүөгэлэрэ, устудьуоннуу да сырыттаҕына, хартыына курдуккун диэн мэлдьи ымсыыра хайгыыллара, хаама сылдьар таҥара мөссүөнүгэр холоон, таҥаска-сапка куруук үтүктэ, сүбэлэтэ сатыыллара.

Ира майгыта олус көнө, амарах сүрэхтээх. Ол иһин куруук кыргыттарыгар көх-нэм буолан иистэнэрэ. Тугу эмэ була охсон, аттаран, ойуулаан эҥин күһүҥҥү бэргэһэ, үтүлүк өрө охсон бэлэхтээн соһуталыыра. Оннук, оччолорго баайа оонньуурга хантан киһилии сап кэлиэй? Оттон Ира мэлдьи тугу эмэ баайбыт буолара. Балтыбар Сырдыкка диэн ууп-уһун мап-маҥан саарды өрөн турардаах. Туохтан буолуой? Букатын таайыаҥ суоҕа, баахыла соттор сабын өһүлэн, буот!

Кини булугас өйүн, сатабылын уопсайынан даҕаны бары бэркиһииллэрэ. Ира ыраата барбакка, «Холбос» маҕаһыыныгар элээрэн тиийэн, күрэҥ дьүһүнүттэн сириллэн атыыга барбатах, сыаната түспүт, 2 эрэ солкуобайдаах чукку бөҕөтүн атыыласпыта. Икки киэһэни быһа онтун аттаран, быһан-отон, мээрэйдээн киэп оҥорон, илбээн-холбоон, Зинаҕа наһаа үчүгэй былааччыйаны тикпитэ. Хотуттан сылдьар тулаайах кыыс үөрүүтүттэн, Ираттан ыйыппакка эрэ, субу тигиллибитин тиирэ кэтээт, киинэҕэ ойбута. Киэһэ дьүөгэтэ кэлэн сэмэлээбитэ уонна итини өссө да ситэрэ илигин эппитигэр, хоско олорор биэс кыыс бэһиэн саҥа аллайбыттара.

Онтулара кырдьык этэ, өссө үс хонугунан Зина былааччыйатын аллараа өттө, уолуга уонна сиэхтэрин бэлэнньигэ үрүмэ ойуутун курдук сиэдэрэй куруһубанан киэргэммиттэрэ. Ол сабын сатабыллаах Ира били чуккуларын ордугуттан өһүлэн, сиип-синньигэс саптары сыыйталаан, мотуокка эрийбитэ. Онтун инчэтэн баран өтүүктээн кэбиспитэ бэртээхэй сап буола түспүтэ. Ити иис биир ураты албаһынан тигиллибити, киһи эрэ ымсыырыах, олус бэрт түмүктээх бүппүтүн кэнниттэн даҕаны, атыттар үтүктэ барбатахтара. Тоҕо диэтэргин, туттуулаах кыыс ньымата олус мындыр, ылбычча киһи сатыа суох уонна илиини араарбакка, кимиилээхтик үлэлээтэххэ эрэ табыллыах курдуга.

Онон 80-с сыллардаахха култуурунай-сырдатар училищеҕа үөрэнэр кыргыттар ортолоругар Ира Кынтайаараба уһулуччу болҕомтоҕо сылдьыбыта оруннааҕа. Өскөтүн кини куолаһын эрэ инниттэн эккирэтэ сылдьан билсэ сатыыр уолаттар үгүстэрин ахтыбыт буоллар, ким эрэ булгуччу туох эрэ диэн куоталаһа, эбэтэр туох эрэ омсолооҕу, кини туһугар була сатаан, онно-манна күтүрээн умньуу да сатыа этэ. Ону баара, Ира сыанаҕа тахсан ыллыырынан хаһан да күөнтэспэт этэ. Сатыырын онто да суох, ким да ыйыыта суох, бэркэ билэрэ, тоҕо диэтэххэ кини өссө быыкаатыттан ырыаҕа ылларбыта. Арай, «Оо, ити, ити сылдьар, сопрано куоластаах кыыс, көрүҥ» диэтэхтэринэ, «Ыы, дьэ, ол операҕа ыллыах суох» диэн сонньуйан кэбиһэрэ, тугу да истибэтэхтии туттан ааһа көтөрө.

Онон оннук! Дьиҥнээхтик кини илиитинэн тутта да, барыта сатанарынан уопсайга биллибитэ. Устудьуоннартан Ираны ким да атаах диэн көрбөт этэ. Хата кини, кэппиэйкэлэрин ааҕынан биирдэ эмэ остолобуойга аһыыр, харчыны мунньунар кыргыттарга куруук өйөбүл күүс буолара, сүбэлии, көмүскүү сылдьар идэлээҕэ. Ол иһин дьүөгэлэрэ кинини, төһө да саастыы буоллаллар, төрүкү да эдьиийдэрин курдук көрөр буолбуттара.

Куорат киин уулуссатынан Ира бу хааман иһэр. Устудьуон сылларын санаан сүрэхтиин сылаанньыйан ылар. Максим бу кэмҥэ эмиэ устудьуоннаабытым диир даҕаны, кинилэр суоллара биирдэ да тиксибэтэҕэ. Бука, куорат киэҥ, атын-атын эҥээрдэринэн сырыттахтара.

Оо, арай, ол кэмҥэ көрсүспүт буоллар ньии… баҕар Ира киниэхэ ордук күүстээхтик сабыдыаллыа эбитэ дуу? Ким билэр. Оттон бу ааспыт күһүн… саамай эппиэттээх түгэҥҥэ, ыал буолалларын биллэрэр киэһэлэригэр уол кэлбэтэҕин төрүөтэ быстах кэмҥэ билсиспит атастарын содула. Аһаабыт-арыгылаабыт диэн кыра, сылтах булан күүстэринэн өттөйө оонньообуттара «оҕус» буоллаҕа, биир доҕордорун охсо-тэбэ сылдьан оһоллоотохторо, онтулара устунан суорума суолланнаҕа. Ити түмүгэр киһи хорсуна буолуох Максим, эмиэ «атастарын быыһаабыт» аатыран, буруйу барытын бэйэтигэр ылынан, хаайыыга түбэстэҕэ. Итиэннэ билигин кэлэн «мин буруйум суох, тарбахпынан да таарыйбатаҕым» диирин Ира истэн хайаахтыай, судьуйа кини буолбатах эбээт.

Кыыс хаамара уруккутааҕар ыараабытын бэйэтэ билинэн иһэр. Оттон кини тэлээркэй халтаҥ соно таһыттан омос көрдөххө, балачча биллибит иһин, илдьэ сылдьар кырачаанын кутун, букатын биллэрбэт. Тастан одуулааччы кинини үҥкүүһүт курдук көрөр, оннук быһыыта-таһаата имигэс, дугунара чэпчэки. Тоҕо эрэ мичээрбитинэн одуулуу утары иһэр эйэргээбит харахтар кини сүрэҕин толугураппаттар. Таптал уотуттан оннук айылаах уйуһуйан туран дууһата ыллыыр гына дьолломмут дьүһүнэ… эмиэ да суохха дылы.

Ол гынан баран кини соруктаах. Кэргэн тахсара быһаарылынна, Максим аны түөрт сыл кэриҥинэн холуонньаттан таҕыстаҕына, быр-бааччы олоруохтара. Онуоха диэри оҕото балай эмэ улаатыа. Ира дьонун кытта бииргэ олоруо, көмөлөөн оҕотун көрүөхтэрэ… Аҕата көҥүллээтэр эрэ. Үнүр кини: «Аны сайын эбэ, эһэ буолуоххут», – диэн эппитигэр, куолутунан, саҥарбатаҕа. «Төрөө, төрөө, оҕолоно оонньоо, миигинэ да суох олоххутун бэйэҕит оҥостуоххут» диэх курдук көрөн кэбистэ дуу дии санаабыта. Баҕар букатын да оннук диэбэтэҕэ буолуо. Аҕатын ис дьиҥин кыыс хантан билиэй? Ол барыта Сүөдэр кэмчи саҥалааҕыттан сылтаан итинник толкуйга оҕото тиийээхтиир. Онон, уордайбыт да буоллаҕына, онтуката аастаҕына биир дьиэҕэ олоруохтара ини. Аҕа киһи мөҕө-этэ да сылдьыбатар, тугу эмэ сөбүлээбэтэҕинэ тымныы баҕайытык, сүүһүн аннынан көрөн кэбиһэриттэн куттанан, оннооҕор дьүөгэлэрэ кинилэргэ сылдьалларыттан тардынааччылар. Ол да гыннар аҕата барахсан оҕолорун биир хатыылаах тылынан кымньыылаабатах киһи ээ. Оннук майгытын кыыһа кыратыттан билэр буолан таптыыр бөҕө буоллаҕа эбээт.

– Эмиэ аҕатын хаана киирдэ! Иитэн туһан, хаан хаантан ханна барыай, – диэччи кини ардыгар, кыыһын диэки таайтарыылаах баҕайытык көрө-көрө. Онтон ордугу этээччитэ суох. «Ол аата тугуй?», «Тоҕо?» диэн Ира өскүөрүтүн ыйытааччыта да суох.

Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, бу кинини ииппит аҕата элбэх саҥата суох киһи эрээри, ардыгар итинник тордуохтаан ааһар тыллаах буолааччы. Ийэтин Арыпыананы «кыыскын атаахтатаҕын» диэн сэмэлээччи. Онуоха үөрэнэн хаалбыт буолан, кини кыһаммат буолбута ыраатта. Ол «аҕатын курдук» диэни эмиэ ыйыталаһан билбитэ. Төрөппүт дьоно Сыста Маарга бааллар. Онно олороллор. Туох да үлэһит, сайаҕас бөҕө дьон диэн хайгыыллар. Ира кинилэргэ сылдьыбат буолан букатын билэттээбэт.

Ийэтэ Арыпыана чугас аймахтара буолан оҕолорун ииттэрэ биэрдэхтэрэ, бэйэтэ эрэ хам-түм кэлэр-барар, бэркэ диэн билсэр, онон бу бачча турбут кыыстан тугу кистиэй, дьонун туһунан кэпсээччи. Оттон төрөппүт аҕата барахсан норуот киһитэ үһү ээ. Киһи да күлэр, омуннаах диэҕи омуна суох эрээри, киһи үөйбэтэх өттүттэн быһаарыныыны ылынарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр эбит.

Биирдэ ийэлэрэ массыынанан таҥас сууйтара сылдьыбыт. Дьиэҕэ, бары да дьарыктаах буолан, күө-дьаа сээкэйдэрин гына сылдьыбыттар. Аҕалара туох санааҕа түспүтэ буолла, сотору-сотору табахтаан буруота унаарыйар үһү. Ийэлэрэ элбэх баҕайы оҕо таҥаһын сууйтарбытын барытын илиитинэн сайҕаталаан, ыгыталаан, таһырдьа, салгын охсор сиригэр куурдаары, тааһын кыбыммытынан ыйыы тахсыбыт.

Арай, улахан кыыс көрөн турдаҕына, аҕалара сорунуулаах баҕайытык били таҥас сууйтарар сиргэ тиийбит. Улахан баалынайга, харса суох массыынаны таҥнары тутан, уутун сүөкээбит уонна, умса быраҕаат, ременин сүөрэн ылбыт да, таһырдьаны былдьаспыт.

Ийэлэрэ таһырдьа таҥаһын ыйыы сылдьан, «хайа, бу оҕонньор ханна итиччэ үлүгэр тиэтэйдэҕэй» диэн, кэнниттэн дьиктиргии эрэ көрөн хаалбыт. Дьиэтигэр төннөн киирбитэ, атын адьарай, массыыната умса сытар, уута баалынайы быччары кутуллубут. Кыыһа бэйэтэ да билбэт үһү, соһуйан хараҕын тиэрэ көрбүт: «Аҕам массыынаттан тугун эрэ өһүлэн ылаат, таһырдьа куоппута», – диэбит.

Кэмниэ кэнэҕэс, номнуо хойут аҕалара киэһээҥҥи аһылыкка тиийэн кэлбит. Ийэлэрэ, биллэн турар, ыйыта көрүстэҕэ. Онуоха хардарар үһү:

– Инньэ диэн Сыста Маар уу таһар массыыната сүүрбэккэ туруо дуо, үлэ-хамнас тохтуо дуо? Сопхуос сүөһүтэ уулаабакка туруо дуо?! – диэбитигэр, кырдьык да диэбиттии, бука бары саҥата суох бараахтаабыттар…

Оттон биирдэ эмиэ дьиэтин таһыгар мастанаары аҕалтарбыт бэрэбинэлэрин көрдөрөн туран ханна эрэ состорон барбыт. Ийэлэрэ мөҕүттүбүтүгэр, «Инньэ гынан Сыста Маар кулууба тутуллуо суохтаах үһү дуо» диэбитэ баара ээ, дэһэллэр. Барыта дьон, уопсай дьыала туһугар тугун да кэрэйбэт, олус сымнаҕас майгылаах, үлэһит үтүөтэ, киһи киһитэ дииллэр. Оттон Ираны ииппит аҕата, итинник кэпсээннэри истэн эрдэҕэ: «Эн төрөппүт аҕаҥ солуута суох», – диэн кыһарыйардыы тыллаһара. Кыыс утары тугу да эппэтэ эрээри, иһигэр: «Саамай сөп, кыһалҕа тирээтэҕинэ, хата, бары кининэн тайаналлар ини», – диэн сэтэрии, хайгыы саныыра.

Оттон билигин бу Дьокуускай куорат саамай киин уулуссатынан иһэр. Сотору кини туора тахсар быыкаа уулуссата кэлиэ. Онно ийэтин чугас аймахтара олороллоругар хонон ааһыаҕа. Сарсыарда кэлэн, дьоно ыыппыт кэһиилэрин биэрээт, наадабар бардым диэт, тахса ойбута. Онон бу киэһээҥҥи чэйгэ кэргэн барарын этэн эрдэҕэ. Туох диэхтэрин оннооҕор эрдэттэн сэрэйэргэ дылы, дьыала кинилэр этинэллэригэр буолбатах, барытын саҥата суох истиэ турдаҕа. Онтон салгыы туох буолуохтааҕын эмиэ таайан билэр, сарсыарда утуйан турарыгар, дойдутугар ийэлээх аҕата кини «ыал буолабын» диэн хаайыыга баран саахсаланыахтааҕын туһунан хайыы үйэ истэн тоһуйуохтара. Төлөпүөн тырылыыра быраап, тылбай-өспөй буолан, тыын наадалааҕы сэргэ отой туохха да аахсыллыбаты эмиэ, таарыччы тиэрдэ охсорунан тэҥнээҕэ билиҥҥи кэмҥэ чугас эргин суох.

Буоллун, дьиэтигэр тиийиитэ дьоно холкутуйаа инилэр. Сырдык кинилэрэ да суох билэр, манна куоракка үөрэнэр кыыс субу билигин практикатыгар атын оройуоҥҥа, тыаҕа барбыт кэмэ. Онон хобугунаһа охсор балта кини аттыгар суох буолан биэрбитэ курус курдук.

Дьикти баҕайы, бу хааман иһэн наар бэйэтин уонна дьонун туһунан саныыр. Тоҕо эбитэй, Максим туһунан тугу да билбэтин кэриэтэ. Кини эмиэ Иралыын биир оройуоннар эрээри, туспа нэһилиэк. «Аҕам атын, ол иһин балтым аҕатын кытта биир тылы булбаппыт», – диэн кэбиспиттээҕэ. Онон уолга ыарыылаах соҕус быһыылаах диэн, хаһан даҕаны ити кэнниттэн атыны туоһулаһа да сатаабатаҕа. Хайыай, кэргэн тахсар кыыс бэйэтэ Максим дьонугар бара сылдьарыгар тиийэр эбит.

Ира, аҕата атарахсыппытын аанньа, аҥаардас ийэтин эрэ тапталыгар бигэммит буолбатах ээ. Кини наһаа таптыыр эбэлээҕэ. Ийэтин ийэтэ Лөкүөрүйэни аттынааҕы эмээхситтэр «маачаха эбэҥ» дииллэрэ. Кыра эрдэҕинэ кыыс ону ситэрэн өйдөөбөккө, «отой да оннук буолбатах, мин эбэм атахтара көнөлөр» диэн күллэрбитэ билиҥҥээҥҥэ диэри кэпсэлгэ сылдьар. Дьэ, ол мадьаҕара суох «көнө атахтаах» эбэтэ, төһө да сааһырдар, уҥуохтуун көнө этэ буоллаҕа. Ырыаҕа-тойукка чугас буолан, сиэн кыыс биир үксүн ол да иһин, ити эйгэни умсугуйбут буолуохтаах. Лөкүөрүйэ сиэнэ кыысчаанын, хайдах да ыллаатын, ис-иһиттэн тэттэн хайгыыра, бу киниэхэ сөптөөх буолуо диэн анаан, ырыа бөҕөтүн үөрэтэрэ. Дэлэҕэ эмээхситтэр ымманыйыахтара дуо: «Ээ, бу хата Иирэбит кэллэ. Маладьыас, оҕобут «Биригэдьиирэ» диэн, «Марыыната» диэн, хата ыллаа эрэ, истиэҕи», – дэһэллэрэ туохтааҕар да үрдүк хайҕалга тэҥнээҕэ.

Эһэлэрэ Ньукулай оҕонньор сылгыһыт этэ. Кыһын тоҥон-хатан хоочугураан тиийэн кэллэҕинэ, эбэтэ чаанньыгын үрдүгэр түһэрэ, күөһүн-аһын көрүөх бэтэрээ өттүгэр остуолга тарда охсоро. Ирата кэлэн эмиэ тэҥҥэ олорсор, эһэтэ барахсан аҕыйах тиистээх айаҕар, лэппиэскэтин тоорохойун бэркэ дьоһуннанан олорон, хайдах ыстыырын кэтиир. Онтон, олороон-олорон баран эмискэ, оруобуна кини курдук ыстаан ньоймоҥнотон, эбэтин иэрийиэр диэри күллэрэр идэлээҕэ.

Лөкүөрүйэ ыскаабыттан ылан, арыллыбыта быданнаабыт буоккалаах бытыыккатыттан кыра үрүүмкэҕэ кутар уонна оҕонньорун иннигэр уурар. Оччоҕо Ньукулай бастаан баттаҕын, сүүһүттэн кэтэҕин диэки өрө анньа-анньа, ытыһынан имэрийэн сыҕайталыыр уонна, дьэ, бытаан баҕайытык уоһунан бигээн сыпсырыйан, оргууй аҕай тыыммакка да хантатан кэбиһэр. Эмээхсин ону кэтэһэн аттыгар олорон, оҕонньоро үрүүмкэтин уураатын кытта, илиитигэр эрдэттэн тутан олорбут килиэбин тооромоһун куду анньар. Эһэлэрэ аһыырҕатан, хараҕын быһа симпитин итиччээҥҥэ диэри аспакка да олорон, илиитин иминэн килиэбин харбаан ылаат, муннугар саба тутта охсор уонна тыастаах баҕайытык сыыгыначчы сыллаан ылар. Бүттэ. Тымныыга тоҥо сыспыт оҕонньор, мантан киэһэ итинник эмтэнэн, итии киллэринэр уонна этэ-сиинэ сойо илигинэ оронун былдьаһар.

Эбэлээх эһэтэ үтүөкэн да дьон этилэр. Барахсаттар биирдэ этиһэн дуу, иирсэн дуу. Оргууй аҕай сээкэйдэрин бэринэллэр, ботур-итир кэпсэтэллэр, күн иллэҥнэрэ суох. Арай сиэннэрэ кэллэхтэринэ дьиэ иһэ күө-дьаа буола түһэр. Ира син обургу буолаатын, кинилэргэ бараары гыннаҕына ийэтэ, оройуон киинигэр олохтоох киһи быһыытынан, кулинарияттан бурдук ас атыылаһан кэһиилиир. Итиэннэ булгуччу, уурунуутуттан ороон, биир иһит арыгыны суулаан-суулаан баран, кыыһын суумкатын түгэҕэр түһэрэн ыытар. Ону эбэтэ билэрин оҕоккото. Сиэнэ киирдэ да, күскэйбит балачча суумканы туура тутан ылан хоһугар киирэн хаалар уонна сотору буолаат, бурдук астарын туппутунан төттөрү тахсар. Онон сылыктаатахха, эмээхсин хасааһа хоһугар дьапталлан сытар, кэмэ кэллэҕинэ эрэ били ыскаапка кэлэр буолуохтаах.

Сураҕа эбээ Лөкүөрүйэ инники кэргэнэ артыыс эбитэ үһү. Онто өлбүт быһыылаах. Туох артыыһын Ира хантан билиэй. Билигин ыйытыаҕын эбэтэ суох, атыттартан сураһан да диэн, ханныктаах да кэпсэл эбиилээх-көҕүрэтиилээх буолара биллэр, онон саарбах сурахха кини наһаа умсугуйбат.

Ол артыыс эриттэн эбиммитэ буолуо дуу, биллибэт, Лөкүөрүйэ ырыатын-тойугун таһынан, ыттары дрессировкалыыра. Мээнэ иитэн-такайан диэн буолбатах, киһи сатаан билбэт дьыалатыгар тугун эрэ табара, олус бэркэ үөрэтэлээбит буолара. Эмээхсин итинник кыдьыктааҕын билэллэрэ буолуо, билэр дьоно биирдэ эмэ киниэхэ анаан ыттары бэлэхтиир идэлээхтэрэ. Ира билэринэн, кэһиигэ кэлбит биир тэллэх, биир лаайка ыттардааҕа. Онтуларын кытта киһилии кэпсэтэрэ дьиктитэ бөҕө.

– Иҥнэрэҥнээ-ханньараҥнаа эрэ! – диэтэҕинэ, тэллэх ыт араастаан иҥнэрэҥниир, хойбороҥнуур.

– Үҥкүүлээ! Хочоруҥнаа! – диирин кытта, анарааҥҥыта икки кэлин атахтарыгар тирэнэн эмиэ араастаан хамсанар, эргийбэхтээн ылар.

– Голос! – диэтэр, үрэн ньаҕыйар.

Ол икки ардыгар лаайкатыгар туһаайан:

– Аччыктаатыҥ дуо? – диэн ыйытар.

Оччоҕо ол ыта сытынан кэбиһэр. Арааһа «ач- чык иһим бу баар» диирин быһыыта буолуо, икки илин атахтарын кумунан, үөһэ такытан баран, ол-бу диэки көрүөлүү сытара бу баарга дылы…

Тэллэх ыта Аамка диэн ааттааҕа, оттон лаайката Лаапа. Ол Аамка диэн туох тылын, суолтатын Ира билигин да билбэт. Эбэтин ахтан саныырыгар наар «тоҕо ыйыталаһан хаалбатах муҥмунуй» диэн хараастааччы даҕаны.

Лаапаны оҕонньор аһары маанылыыра. Тоҕо диэтэххэ, кини баар-суох сирдьитэ, харабыла этэ. Хойут Ньукулай оҕонньор көрөрүнэн биллэ мөлтөөбүтэ. Ол иһин халыҥ таастаах ачыкылаах буолааччы. Куруук сүгэ сылдьар үрүсээктээх маҕаһыыныгар бородуукталаһа барар үлэлээх. Лаапата кини иннигэр түһэн, кутуругун хойбоҥното-хойбоҥното, урут түһэр, сотору-сотору тохтоон иччитин күүтэр. Барахсан оҕонньор кини кутуруга хамсыырынан сирдэтэрин сэрэйээхтиир этэ ээ.

Биир күн, сиэннэрэ кыыс ыалдьыттыы кэлби- тин маанылаан минньигэһинэн хатаҕалаары, сарсыардаттан тэринэн Ньукулай кырдьаҕас Лаапатыныын аргыстаһаннар, эмиэ маҕаһыыннарыгар барбыттар. Тыаны туораан, сыыртан түһүүгэ оҕонньор бүдүрүйэн охтон, хаһан сахсынан-тэбэнэн туруор диэри, көһүлүөгүн онно түһэрэн кэбиспит. Хата этэҥҥэ, эчэйбэккэ тиийэн, ыларын ылан, атыылаһарын атыылаһан баран төлөһөөрү гыммыта баара, көһүлүөгэ биир да сиэбигэр суох үһү. Ол мучумааннана, көрдөнө-тирбинэ турдаҕына, таһырдьаттан лааппыга ыала Ылдьаа оҕонньор киирбит:

– Дугаар, Ньукулай, ытыҥ тугу эрэ ытыра сатыыр, миигин чугаһаппата, – диэбит.

– Ии, бараххаммын көр, ол мин сүтүкпүн соскойдостоҕо, – диэн, таһырдьа тахсыбыт.

Онтуката чахчы. Лаапа оҕонньор көһүлүөгүн ытыра сатыыра халтарыйан мүччү түһэ турар. Ол иһин, бу өйүн көр, муннунан анньыалаан, төһө эмэ сыҕарытан, субу маҕаһыын аттыгар чугаһаан кэлбит ээ!

Ити кэмҥэ маҕаһыыҥҥа барбыт Лаапалаах Ньукулайы дьиэҕэ уһаатылар диэн күүт да күүт. Сиэн кыыс, ол аата Ира, минньигэһин сии охсоору түннүгүнэн тахсыах айылаах, кэтээ да кэтээ. Эбэтэ оҕонньорун кэлэр кэмин ааста диэн дьиксинэр. Ол иһин бара сатаан Аамкатын соруспута:

– Тахсан көр эрэ, Чүк иһэр дуо, – диэн ааны арыйан таһырдьа таһаарбыта.

Ити эмиэ «ноо»-лоох. Ньукулай оҕонньор, тоҕото эбитэй, Мөһөөччүк диэн хос ааттаах. Эбэтэ ыттарын кытта итинник быһалыы, кылгас-кылгастык соруйталаан, кэпсэтэр идэлээҕэ. Сотору буолаат, кэлбитин биллэрэн ааны таһыттан тарбаан, Аамка киирбитэ. Кини кутуругун кумуччу туттан аа-дьуо киирдэҕинэ, ол аата чугаһынан бэттэх оҕонньор көстүбэт диэн буолуохтааҕа. Оттон бу сырыыга, кутуруга куймаҥалаан аҕай, иһирдьэ соҕотохто баар буолбутун, эбэтэ үөрэ көрсүбүтэ: «Оо, Аамка маладьыас!» – диэн саҥа аллайбыта уонна сиэнигэр «эһэбит субу чугас кэлбит эбит» диэн сүпүлүөрдээбитэ.

Тэллэх ыт диэн Мөһөөччүк оҕонньор Аамкаларын соччо-бачча баардыылаабата. Үксүн эмээхсинэ көрбөтүгэр хаадьылыыр, оҥостон олорон күлүү гынар кыдьыктааҕа.

– Аамка! – диэн кытаанахтык ыҥырара иһиллээччи.

Ардыгар эмискэ тэһэ кэйдэрбиттии:

– Чүк! Кэл манна! – диэн ыҥырар. Ол аата «Миэхэ кэл, Мөһөөччүк ыҥырар» диир быһыыта.

Онуоха Аамкалара дэйбиир курдук кутуругун муостаны биир гына соспутунан тиийэн кэлэр. Чугаһаабыт ытын: «Көр эрэ», – диэт, ньааҕынаппытынан таһырдьа анньар. Итиэннэ мүчүк гына-гына, тугу да гымматах киһи, уу чуумпутук олорор. Кыһын буоллаҕына, сотору буолаат, ыт айманар, ааны тарбыыр саҥата хойдон барар.

– Һэ, һэ, эн да тоҥноҕуҥ ини, төһө да көп түүлэн, – дии-дии, эһэтэ баран ааны арыйар.

Били Аамка муҥнаах тараччы тоҥон, омунугар тыҥырахтара муостаҕа тоһугураан, халтарыйа- халтарыйа, уҥа-хаҥас харбыалаһар. Оҕонньор ону көрөн:

– Ээ, бодоҥ баара, өйүттэн тахсыбыт дии, бу ичигэскэ тоҥмут аатыран, – диэн тыл ыһыктар.

Аамка ону истэр быһыылаах, аахсан ньаҕыргыы да барбат, кумуччу туттан, кутуругун куймаҥната-куймаҥната, оһох кэннигэр түһэр. Ити киэһэни быһа кини онтон тахсыбат, олох туруулаһан туран иттэр быһыылааҕа.

Бары да бэрт көрүдьүөс эбиттэр, бу санаатахха. Итинник хаадьылаһан син олордохторо эбээт. Биир киһи үйэтигэр балачча саастарын толорон, Ира устудьуоннуу сырыттаҕына, кырдьаҕастар эрэйдээхтэр утуу-субуу бараахтаабыттара. Онон эбэлээх эһэтин тустарынан олус сырдык өйдөбүллээх улааппыта. Оҕо сааһын биир саамай сырдык күннэрэ ол эргэ олбуордаах, кэҥэс тэлгэһэлээх, таһыттан сыбахтаах, олус сылаас-ыраас дьоҕус дьиэҕэ аастахтара.

* * *

– Хайа, кэллиҥ дуо, оҕом сыыһа, хайдах сырыттыҥ, этэҥҥэҕин дуо? – ийэтэ, Ира киирээтин, куолутунан төрдүттэн туоһуласпытынан, чэй кутаары ол түбүгэр түспүтэ.

Аҕалара күн баччатыгар диэри олорбот, үлэтигэр сырыттаҕа. Кыыһа куоракка сырыытын тиһэх сонунун дьонтон истибитэ Арыпыана сирэйигэр-хараҕар көстөрө. Ол иһин элбэҕи тугу да токкоолоспокко бэйэтиттэн истээри сэмээр күүтэрэ биллэр.

– Маама, көрүстүм. Максим наһаа үөрдэ, холбоһуохха диэтэ. Онон мин сыбаайбата суох саахсаланар буоллум. Эһиги барбаккыт биллэр, онно элбэх киһини киллэрбэттэр даҕаны. Барыта бобуу, хаайыы курдук эрээри… мин син биир быһаарынным, саамай кыраһыабай сүктээччи кыыс мин буолуом…

– Оо, муҥнаахпын даа… – Арыпыана, аны алҕас тугу эмэ сиирэ-халты тыллаһыам диэбиттии, илибирэс тарбахтарынан былаатын уһугун кэтэҕиттэн булан аҕалан, уоһун саба тутунна.

– Муҥнаах буолбатах, дьоллоох диэ ээ.. – Ира көх-нэм буола сатаата да, сылайбыта өттө, аанньа аһаабакка хоһугар киирэн сытта.

Иһит хомуллар тыаһын иһиллии сытан кини нухарыйа быһыытыйда. Ийэтэ оргууй аҕай тыаһа суох сыбдыйан киирэн кыыһа саптыбыт суорҕанын өрө тардан кичэйэн сапта уонна атаҕар олордо. Син биир истэр диэн, оҕотун атахтарын имэрийэ-имэрийэ, саҥалаах буолла:

– Тоойуом, дьылҕа диэн араас. Киһи көһүппэтэх өттүттэн олоххо ол-бу охсуу элбэх. Тулуурдаах эрэ буол. Максим чахчы эйигинниин ыал буолар санаата ааспатах, дьоммун иитиэм, киһилии ыал буолуохпут диэн санаан холбоһуох диэбит буоллаҕына, ылыммытыҥ сөп. Сүрэҕиҥ сытар, ис кутуҥ ылынар буоллаҕына. Ол эрээри сөбүлээбэт, эбэтэр бэйэҕин албыннанан, дьон ол-бу диэн саҥарыа эрэ диэн быстахтык санаммыт буоллаххына, ону тохтотуохха сөп. Аһынар сатаммат. Аһыннарааччы барыта өйдүө биллибэт. Мин үөрэн халлааҥҥа да ыттыбатарбын, эн быһаарыыгын өйүөҕүм. Аҕабыт туһа туспа. Эн кинини эмиэ өйдөө. Оҕону иитэн улаатыннарбыт киһи, хаһан баҕарар, салгыы уу нуурал үтүө эрэ буолуон баҕарар. Ону күүппүтүгэр кинини буруйдаама. Онтон ордук саҥатын-иҥэтин бэйэҥ билэн улааппытыҥ…

Мин төрүөхтээх оҕоҕун аһын диэм этэ, хата. Кыра барахсан кэлиэ дии, элбэх түбүгү эрэйиэ. Аҕатын ыйыталаһан барыа, онно туох дииргин билиҥҥиттэн бэлэмнэн. Бэйэм кэммэр мин ыарахан буолан үөрбүппүөн, аҕаҥ эмиэ хайдах да гыныан, ханна да туруоруон-олордуон билбэт гына үөрээхтээбитэ. Төрөөбүппэр көрүөҥ этэ, омун-төлөн бөҕө буолбуппут… Ити буоларын түүйбүт курдук. Ханна баарый, сонно иһэ ыалдьыбыта да, эрэй бөҕөнү көрөн, төннөөхтөөбүтэ. Ол кыһыыта, кутурҕана иккиэммитин буораппыта. Хата хойут, отут сааспар тиийэн баран эйигин булан, кып-кыһыл кыыстанан, арыый бэттэх кэллэхпит. Онон оҕо олус кичэл көрүүнү эрэйэр. Чаҕыйыма, Сырдык биһикки көмөлөһүөхпүт буоллаҕа. Эбэ буолар үөрүү, сиэн оҕону күүтүү. Мин билиҥҥиттэн дьоллоох курдук сананан олоробун. Оттон эн, оҕом барахсан, аттыгар эккэлии көтөр Максимыҥ суох да буоллар, кэнэҕэскигин санаа, барыта этэҥҥэ буолуо. Бу эрэһэ кэм аастар эрэ, атын сырдык ыраас кэмнэр үүнүөхтэрэ диэн эрэн. Чэ, кытаат, санааҕын түһэримэ, соҕотохсуйума, – диэн туран, кыыһын төбөтүттэн имэрийэн, сыллаан-сыллаан баран, киирбитин курдук чуумпутук тахсан барбыта.

Ира итини барытын истэ сыппыта. Харахтарын уута сыттыгын ибис-инчэҕэй буолуор диэри илиппитэ. Ийэтэ тахсыбытын эрэ кэннэ халтаһаларын туора-маары соттон баран, өрө сыҥпыта.

Оо, ийэм барахсан, эн этэриҥ курдук буоллаар? Миигин таптыырыҥ тухары «оҕом эрэ этэҥҥэ сырыттын» дииргин истэн улааттарбын да, хайдахтаах да түгэҥҥэ аттыбар баар буолуоххун билэбин эбээт. Тоҕо ытыыбыный? Эргэ барааччы булгуччу ытыыр дииллэр. Соҕотох кэмин, кыыс сылдьыбыт дьылҕатын кытта арахсар түгэнигэр хараастыбытын быһыытынан. Оттон мин ол онтон ытаабаппын. Тоҕо эрэ, сүрэҕим тэбиитэ оннук айылаах түргэтээбитэ суох, долгуппутун эмиэ кыайан өйдөөбөппүн. Туох эрэ тымныы аҥылыйар. Хантан? Туохтан? Билбэппин… Ол иһин ытыыбын…

Ира Дьокуускайтан кэлбитэ хас да хоммутун кэнниттэн, кулуубугар үлэлии сырыттаҕына, бэрт дьикти түбэлтэ буолла. Быыс кэтэҕэр олорон урут туттуллубут реквизиттэрин сааһылаан дьаарыстыы сырыттылар. Арай көрөөччү саалатыгар киирэр аан диэкиттэн остуорас Баала саҥата бап-баллыгырас. Туох буоллаҕай диэн худрук Маша сыанаҕа тахсан туран ыһыытаата:

– Баала, туох буоллугут, туох айдаанай?

– Ээ, манна биир киһи сатаммата, киирээри гынар, – диир.

– Кимий? Ыыт ээ, оттон! Кэллин бэттэх, – Маша күүтэ сатаата да, Баала тугу эрэ быһаарсара бүппэтэ.

Онтон эмискэ хааһах саҕа суумкалаах, от күөҕэ киэпкэлээх эдэр киһи хаһыакка сууламмытын бэркэ харыстаан түөһүгэр ыга тутан, күлбүтүнэн киирэн кэллэ.

– Мин… Кынтайаараба Иринаҕа кэллим, – диэтэ.

Итини барытын илэ хараҕынан көрөн турбут, эт кулгааҕынан истибит Маша: «Ээ, Макспыт диэн бу буоллаҕа», – диэн иһигэр быһаара охсубута. Оттон Баала: «Хайыы үйэ хат кыыска хайалара сананар бэйэккэтэй», – диэн билэ-көрө сатыыра баһыйан, тута быһаарсаары балкыспытынан барбытын ити кыыс сүгүннүө баара дуо, быһа хаһыыран тохтоттоҕо үһү диэн, иһигэр кыйахана турбута.

– Кынтайаараба Ирина диэн манна эһиэхэ үлэлиир буолуохтаах, мин ыраахтан кэллим, илдьити тиэрдээри. Баһаалыста ыҥырыҥ эрэ, – эдэр киһи эппитин кубулуппатаҕа, сыана диэки ыга анньан кэлбитэ.

Ити икки ардыгар Ира бэйэтэ тахсан кэлбитэ, үөрбүт-көппүт киһини билбэтэҕэ, хаһан да харахтаабатах буолан, тоҥкуруун соҕустук:

– Туох наадалааххыный? – диэн эрэ ыйыппыта.

– Мин Максим быраатабын, икки эрэ ыйынан кырабын ээ. Ийэлэрбит бииргэ төрөөбүттэрэ, Егор диэммин да, бары Лаҥ-Лаҥ диэн ааттыыллар, – күө-дьаа, күлэ-үөрэ, тылыттан таайдахха бэрт киириилээх-тахсыылаах, сытыы-хоту киһи бадахтаах, тута биир тылы була охсон, билсэн, сэлэһэ, сүбэлэһэ охсубуттара.

Кыра кулуубу эргийэ сонун тилийэ көтө охсубута. Онно-манна хосторго, иһирдьэ-таһырдьа сылдьааччылар бары сэҥээрбиттэрэ, Ира кэргэн барар уолун аймахтара билсиһэ кэлбиттэр диэн тэҥҥэ үөрбүттэрэ, сөбүлээбиттэрэ. Ордук Лаҥ-Лаҥ диэн хос аат олус чугас буолан хаалбыта. Тоҕотун, ити гынан баран, ким да ыйыта да сатаабатаҕа.

Массыыната субу төннөр кыһалҕалаах буолан, Егор кыыс дьонугар таарыйбатаҕа. Аныгы сырыыга булгуччу дьиэҕэр кэлиэм диэт, сорудаҕы толорбут киһи быһыытынан тилир гыммыта.

Кини эппитинэн, Максим хаайыыга да сыттар, кэргэн ылыах буолбут кыыһын кытта холбоһорго санаммытын истэн, ийэтэ барахсан кийиит кыыска диэн тэрийэн кэһиитин ыыппыт. Уол оҕото ээ, Егор өссө сибэкки булан өйөөн-убаан, букатын илиһиннэрбэккэ, тигинэтэн аҕалан Ираҕа туттаран олус долгуппута. Санаатыгар Максим киниэхэ анаан бэйэтэ ыыппыт курдуга. Ол иһин киэһэ дьиэтигэр тиийээт, уолга сурук суруйан барбыта. Кини дьоно, кийииттэрин көрбөккө да сылдьан, үөрэ ылыммыттарыттан соһуйбутун, үөрбүтүн үллэстибитэ. Буолбут түбэлтэни сиһилии ойуулаабыта, Лаҥ-Лаҥҥа уонна ахтылҕаннаах Максыгар эмиэ махтаммыта.

Суол алдьанара субу чугаһаабытыгар Ира эмиэ куораттаабыта. Бу сырыыга кини Хатаска олорор, үлэлиир, урут бииргэ үөрэммит кыыһын доҕор оҥостон, ЗАГС-ка киирбит сайабылыанньаларын ыйыллыбыт болдьоҕо туолуута, тэринэ тиийбитэ. Ира куруук бастыҥ, үчүгэй хаачыстыбалаах буоларыгар дьулуһар майгыта бу да сырыыга бэриммэтэҕэ.

Үнүр хаайыыга саахсаланарга барыта ыла-биэрэ, боростуой буолуохтааҕын сэрэппиттэрин үрдүнэн, син биир олоҕун бэлиэ түгэнин уратытык атаарарга кытаанахтык санаммыта. Биэрбит толуоннарынан «Туйаара» маҕаһыыҥҥа баар, ыал буолааччыларга анаммыт атыы-тутуу муннугуттан Максимҥа олус үчүгэй твид көстүүмү, соруочуканы, түүппүлэни атыыласпыта. Хаалтыс ылаары гынан баран «бу көстүүм саппаас кырадаһыныттан баанчык тигиэм, ол ордук көстүөҕэ» дии санаан тохтообута. Бэйэтэ кэтиэхтээҕин дьиэтигэр тиктэн кэлбитэ. Балачча биллибит иһин ханан да биллэрбэт гына, бэрт табыгастаах быһыылаах, тэлээркэй, муус-маҥан былааччыйатын олус сөбүлээбитэ. Итиэннэ баттахха анньынар ободуогу, чараас таҥаһынан эрийэн баран, бүүс-бүтүннүүтүн таҥас икки, куруһуба икки сыыстарынан олус нарын сибэккилэри оҥорон хам тикпитэ көрүөхтэн кэрэ киэргэл буолан тахсыбыта. Дьүөгэтэ Лиэҥкэ ону сөҕөн ытыстарын тэс гына охсубута. Бэйэтигэр мээрэйдэнэн баран:

– Ира-а, тарбахтаах да кыыскын эн, өйдүүгүн, миэхэ фатанан сэлээппэ оҥорбуккун? «Куба» диэн ааттаабытыҥ үкчү этэ буолбаат?! Сыбаайбаҕа кэлбитиҥ буоллар бэйэҥ истэн үөрүөҥ этэ, кыыс бары «хантан атыыласпыккыный» диэн ыйыталаһыы бөҕө. Сүктэр кыыс таҥаһын ыраахтан эрэ көрөллөрө буолуо диэбитим, хата үҥкүүгэ эргийэ сырыттахха кыыс аймах сүгүннээбэтэҕэ дии, устан ылан мээрэйдэнээри баҕа бөҕө. Колям нэһиилэ тохтотолообута. Мин киһиргээн бөҕөбүн, маннык кэрэ көстүүнү дьэ сатыыр дьүөгэлээхпин диэн. Илиитин иһиттэн, тугу да туттун, барыта хамсыы-хамсыы тахсар. Кырдьыга да оннук, сэлээппэбин билигин да ууруна сытабын. Хойут кыыһым эргэ бардаҕына кэтэрдиэм.

– Ол саҕана атын ирдэбиллээх буолуохтара ини. Биһиги саҕана суоҕа бэрдэ. Ол да фатаны хантан ыллым диэбиккиний?

– Хайа, «Холбос» маҕаһыыныттан! Икки фата баар да, атыыламмат диэбитэ атыыһыт кыыс. Хоруопкатын тугунан эрэ быһа кырыйаннар быраактаммыт үһү. Ону Зина эппитэ, итини ылыахха уонна Ираҕа көрдөрүөххэ диэн. Көрдөспүппүтүгэр, нэһиилэ уссуоҥкалааннар, атыылаабыттара. Сүүрэн аҕай кэлбиппит, эн тутан көрөн баран оройго уурунар сэлээппэтэ оҥоруоҕуҥ диэбитиҥ. Наһаа соһуйбуппут, кимнээх эрэ утарбыттара… Өйдүүгүн?

– Өйдөөмүнэ, бу да кыыс! Дэлэгэй иэннээх фаталар этэ дии. Каркааһыгар уолаттарынан синньигэс боробулуоха булларбыппыт. Онтон атына диэн чэпчэки буоллаҕа. Кырдьык, бэркэ табыллыбыта. Оттон мин фаталаммаппын, ол иһин сибэккинэн киэргэттим, бүрүчүөскэҕэ син мээнэ көстүө. Хата, Ленка, хаартыскаҕа түһэрэргэ аппараатта булаар эрэ, саатар биирдэ түһүөхпүт.

Итинник кэпсэтэн, болдьоһон бараннар, сарсыҥҥытыгар ЗАГС-тан тиийэн, докумуону толорор үлэһиттэрин илдьэ холуонньаҕа барбыттара. Лиэҥкэ, сытыы-хотуу бэйэккэтэ, тылыттан маппыта, сутурук саҕа сирэйин аҥаара, харах иччитэ буолан, быччайыаҕынан быччайбыта.

Ира бу манна инники кэлэ сылдьыбыт буолан соһуйбат. Күлүүстэри тыастаахтык халыгыратан, киһи куйахатыгар киириэхтии кыычыгырыыр-лиҥ- киниир тимир ааннары утуу-субуу арыйаннар, атаарар үлэлээх харабыллар кинилэри иннилэриттэн-кэннилэриттэн арыаллаан, эрийэ-буруйа көрүдүөрдэринэн хаамтаран, кыргыттары иһирдьэ аһардылар. Биир хоско киирбиттэригэр, онно олорор дьуһуурунай аҕалбыт сээкэйдэрин ылан, барытын чүүччэйэн көрдө. Максимҥа анаммыт таҥаһы аттыгар турар иккис киһиэхэ ууммутугар, анарааҥҥыта ону туппутунан тахсан барда.

Иралаах Ленаны атын сиргэ илтилэр, баанньыкка киирэр аан хоско маарынныыр кыра холлорооҥҥо «таҥныҥ» диэн хааллардылар. ЗАГС үлэһитэ атын хоско ааста. Сиэркилэ да, туох да суох. Ира сып-сап былаачыйатын кэттэ, баттаҕын көннөрүнэн ободуогун анньынна. Ону Лиэҥкэтэ көннөрөн биэрдэ. Судургута бөҕөтө, итинэн бүттэ. Сүктэр кыыс симэнэр сүпсүлгэнин бэйэтинэн бэркэ билэр дьүөгэтэ хайдах эрэ харааста быһыытыйда. Иһигэр: «Ира киһиттэн эрэ мааны, кэрэ кыыс, кини сыбаайбата сиэдэрэй буолбатаҕына сөҕүмэр кыраһыабайдык ааһыахтааҕа эбээт… Дьылҕа арааһы да көрдөрөн…» – диэн олус курутуйда да, биллэрбэт буола сатыы турда.

Ыҥырыахпыт диэн баран тоҕо эрэ уһаатылар. Ордук Лиэҥкэ барыах-кэлиэх сирин булбата. Ира бэҕэһээни быһа кинини соһуйаайаҕын диэн сэрэппитэ аҕай да, син биир хайдах эрэ нүһэр, тыйыс дойду салгынныын атын, тыынарга ыарахан… Оттон Ира холку бэйэлээх. Кэҥэриитигэр сүүтүк оҥууларын курдук бытархай хараҥа туочукалар бытыгыраан тахсыбыттара, кини ыарахан сылдьарын бэлиэтиир буолбакка, бу таҥнан турар таҥаһыгар ордук дьүөрэлии көстөрүн, кыыһы олус киэркэтэллэрин соһуйа көрдө эрээри, саҥарбата. Киһи кэмпилимиэнниирин даҕаны тардынар сирэ ээ…

– Проходите, невеста и свидетельница! – эмис- кэ ааны тиэрэ баттаан, улахан баҕайытык харабыл киһи ордоотообутугар, кыргыттар ходьох гыннылар.

Иһирдьэ киирдилэр. Максим маҥан соруочукатын, баанчыгын, кура суох бүрүүкэтин, түүппүлэтин кэппит, бинсээгэ суох. Дьиибэргии санаатылар да, ыйыта сорумматылар. Лиэҥкэ, эрдэттэн үлэспиттэрин курдук, аппараатын ылан эдэрдэри кыҥаата, илии баттыылларыгар түһэрээри күүтэн турда. ЗАГС үлэһитэ дьахтар элбэҕи, үөрүүлээҕи тугу да эппэтэ. Олус тымныытык, судургутук, туох да өрө көтөҕүллүүтэ суох тугу эрэ добдугураата. Соһуйбутун ситэри кыамматах Лиэҥкэ, дьүөгэтин туһугар хараастан, хараҕын уута халыс гынна…

Итинник Ира Кынтайаараба ыал буолбута. ЗАГС мааны саалатыгар магнитофоҥҥа, саамай улаханыгар туруоран, Мендельсон вальсын холбооччулар. Онно доҕуһуоллатан кыыстаах уол сиэттиспитинэн, күөх хаймыылаах кыһыл көбүөр устун хааман киирэн, Сэбиэскэй Сойуус былааҕын анныгар турар эппиэттээх үлэһит дьоҕус остуолун иннигэр тохтуу биэрэллэрин Ира элбэхтик долгуйа-ымсыыра көрбүттээҕэ. Онуоха саамай киэн туттуулааҕа: «Бу күнтэн ыла Сэбиэскэй Ийэ дойдуга өссө биир дьиэ кэргэн ячейката үөскээтэ. Ол – эһиги», – диэн, эмиэ да эппиэтинэһи санатардыы, эмиэ да сорудахтыыр курдук, кинилэргэ эрэ туһаайыллар тыллары истэр дьикти буолара.

Оттон Иралаах Максимҥа ким да инньэ диэбэтэ… Биһилэх кэппэтилэр… Уураһыҥ да диэбэтилэр… Эҕэрдэлээччи эмиэ суох. Барыта тымныы, кытаанах. Туох да үөрүүтэ суох. Хата кэргэннии буолар сибидиэтэлистибэни туттардылар.

Онтун Ира илдьэ кэлбитэ. Мантан ыла кини «кэргэннии балаһыанньата» суолталаах, ханнык баҕарар кырапааҕа «кэргэннээхпин» диэн суруйар бырааптаннаҕа. Аны пааспарын уларыттарыа, саҥа араспаанньатынан илии баттыыр буолуоҕа. Кыыс арааһы саныыр, оҕо төрөөн… бу кини үһүс төгүлүн араспаанньата уларыйдаҕа. Бастаан Петровтарга төрөөтөҕө. Онтон дьонугар иитиигэ кэлэн Кынтайаараба, итиэннэ эргэ баран Тэптиргээнэбэ буолла. Итинник, үһүс төгүлүн. «Туох ханнык үһүстээх, ханнык эрэ таҥара кинигэтигэр кырдьаҕас суруксуттара түөһэйбитэ дуу, тугу эрэ бутуйан, олохпун барытын булкуйан, сотору-сотору араспаанньа уларытар дьаабыта», – диэн, үһүстээн эргэ барарыгар биир дьүөгэлэрэ дьээбэлэнэн күлбүттээҕэ. Эмиэ да сөп ээ, туох диэн ытаныай, кистэниэй, буолбут буоллаҕа эбээт…

Бу маннык, сыһыаннааҕы да, сыһыана да суоҕу аҥаар кырыытыттан эргитэн саныы-саныы, Ира оптуобуһунан дойдулаан иһэр. Киһи тобус-толору, хата бу сырыыга олорор миэстэлээх. Ааспыкка, нэһиилэ кыбыллан киирэн, түөрт чааһы быһа дьирэччи тэбинэн туран, айаннаан тиийбитэ. Онно холоотоххо бу сырыыга бэрт бөҕө. Санаатыгар баттатан ситимэ суох толкуйа ыһыллан хаалар. Одоҥ-додоҥ ол-бу барыта кини төбөтүгэр кииртэлиир. Ол быыһыгар оптуобус дьонун ньамалас саҥата хуух-хаах курдук иһиллэр. Ира сокуонунан эрэ, кэргэнэ буолбут Максимын кытта үс күн устата бииргэ биир хоско олорон иһэр. Итиэннэ, буруйдамматаҕына, бэрээдэгэ үчүгэй буоллаҕына, кинини аныгыскы көрсүһүүгэ эмиэ көҥүллүөхтэрэ диэн, ол дойду сокуона суруллан, эркиҥҥэ ыйанан турар. Онтон ордук эрэйиллибэт. Онон, хайыаххыный, таларыҥ суох. Мантан ыла эдэр ыал хатыылаах боробулуоха нөҥүө-маҥаа маарыннаспат олохторо икки аҥыы суолунан устуо турдаҕа…

* * *

Оттон дьиҥ иһигэр, ити кэнниттэн икки сыл устата Иралаах Максим көрсүспүт түгэннэрэ быстар аҕыйаҕа. Кыыс кэллэҕин ахсын, «Свидание не разрешается» диэн, төттөрү ыыталлара. Тоҕотун ким да быһаарбат. Буруйданан сытар да дииллэр, «ему не положено» диэн кэбиһэллэр да, бүттэҕиҥ. Сурукка ыйытан эмиэ туһа тахсыбат. Хаайыы ис олоҕун таска таһаарар, биллэн турар, көҥүллэммэт. Онон Ира биири санаан кэбиспитэ, үксүн аҕалбыт аһылыгын хаалларан баран төттөрү дойдулууруттан соһуйбат, хараастыбат да буолбута. Максимын аһынарыттан чэрдийбит сүрэҕэ кыра аайы мээнэ-мээнэ тэппэт да курдук быһыылааҕа…

Ити кэмҥэ кыыстаммыт үөрүүтүн балтын, ийэтин кытта үллэстибит дьоллоох. «Эһэ» диэн ааттаммыт аҕата, кыра киһини наһаа сирбэтэҕэ эрээри, ымманыйа таптыыра эмиэ көстүбэтэ. Кини куруук кэмчи тыллааҕын бары билэр буоланнар, күүстэринэн «эһэтэ, оҕо эһэтэ» диэн ааттыыр идэлэммиттэрэ.

Ира үлэтигэр тахсыбыта быданнаата. Ийэтэ оҕотун көрөрүн иһин өр олоро сатаабатаҕа. Харчы хамнаска кэлэрэ уустугурбут кэмнэрэ тыҥаабыттара. Ол да буоллар хамнас суотугар аһы-таҥаһы атастаһыы, билиҥҥилии быһаардахха, «бартер» диэн өйдөбүл киирбитэ. Онуоха-маныаха диэри тэрилтэ тэрилтэни кытта дуогабардаһан уонна саҥа үөдүйэн эрэр эргиэмсиктэри кытта билсиһэн, илии тутуһан, үксэ мэнэйдэһии курдук дьиктитик дьаһаныы сир аайы бэрт сыыдамнык тэнийбитэ. Кулууптар Дьааҥыттан куобах тиэммит массыына кэлэн ааспытыгар куулунан ылан үллэстибиттэрэ. Ол оннугар кинилэр салалталара күһүҥҥү үчүгэй собонон төлөспүтэ. Куораттан кэлэн «Бууш буута» диэн хойутуу ааттаммыт, куурусса уҥа эрэ атаҕынан толору симиллибит 15-тии киилэлээх, дьааһыктаах бородууксуйаны сыҥалаабыттарыгар, хата толкуйдаах эрэттэр, уруккута оройпуоҕа соҕотуопкаҕа үлэлээбиттэр тус хонтуруолларынан, оройуон киинигэр отоҥҥо атастаспыт сурахтара ыаллары тилийэ көппүтэ.

Итинник аһыыр-таҥнар кыһалҕа син биир туох эрэ албастарга, толунар туһугар тугу эмэ тобуларга тиэрдэр эбээт. Тэрэпиискэ, таҥас дьыалата атын хартыына этэ. Эр киһи сиэптээх килиэккэ ырбаахытын сыаната ыйыллыбат, ол оннугар бөдөҥ баҕайы буукубаларынан «2 куобахха биэрэбин» диэн эриличчи суруллубут буолар. Кыыстарыгар дьууппа ылаары, тыа сиригэр барытыгар кэриэтэ арылла охсубут «Арбааттартан» биирдэстэригэр сылдьыбыт дьон кэпсиир, аны туохтан да соһуйбаккын, сыанатын оннугар «3 бытыылка мас арыыта», эбэтэр «куул аҥаара хортуоппуй». Булан ыл, онон ким төбөтө хайа диэки салалларынан, төһө сатыырынан, аҥаар кырыытыттан атастаһыы, мэнэйдэһии баар буолан, син мээнэ олохторун дьаһанарга тиийдэхтэрэ.

Инньэ гынан «хамнастаах» үлэһит Ирина Тэптиргээнэбэ төттөрү-таары кэлэрэ-барара үксээбитэ. Сотору-сотору аттынааҕы тыалары кэрийэн гостуруолларга бараллара, кэнсиэрдэри тэрийэллэрэ. Саҥаттан саҥа ырыа айыллан, сыанаҕа ыллыырга сонун уонна ураты көстүүмнэри айыы-тутуу биһирэнэр кэмнэрэ кэлбиттэрэ. Эдэркээн дьахтар, оннооҕор оҕо сылдьан сатыыра, билигин баҕас түүннэри иистэнэр көҥүлүнэн бэркэ туһаммыта.

Оҕото ытаатаҕына эбэтэ турар, уопсайынан даҕаны Арыпыана сиэнэ кыыска ылларбыта. «Үкчү бэйэҥ курдук. Чарааһа, холкута, ытаһа суоҕа», – диэн эбэ барахсан бүөбэйдэһэрин быыһыгар кыып-кыра кыыһын таптаан ымманыйар.

Сырдыктара атын нэһилиэккэ кэргэн баран ыал буолан ыраатта. Онон хам-түм көрсөллөр. Эһэтэ дэтэн биэнсийэҕэ олоруо арыый да илик аҕалара, айаҥҥа сылдьара эмиэ элбээн, сылайара-сылааргыыра да үксээтэ. Ол да буоллар оҕо төрөөбүтүгэр тулалыыр эйгэ уларыйыахтааҕын курдук ылынан, уруккуттан уу нуурал олохтоох Кынтайаараптар, туохха да үҥсэргээбэккэ, кими да мөҕүттүбэккэ, баары баарынан дьаһанан, кыра киһи эрэ күннээҕи кыһалҕатынан сирдэтэн, күө-дьаа, үөрэ-көтө олорбуттара.

Быыбар буолаары турдаҕына биир үтүө күн кулууптан, аҕыс киһи буолан, дьоҕус биригээдэ тэринэн, тэйиччи нэһилиэккэ кэнсиэрдии барбыттара. Ира бу айаҥҥа салайааччы эппиэтинэстээх. Онон сарсыардаттан төлөпүөнүнэн ханна тиийэн, хайдах тэринэн, хаска кэнсиэрдээн, төһөҕө бүтэн төттөрү хоҥноллоругар тиийэ, өссө биирдэ быһаарсан, эрэх-турах сананан айаннаан иһэллэр. Кини ырыатын байаанынан доҕуһуоллааччылар, үксүгэр даҕаны кыыс үрдүк куолаһын таба сатаан, ситэри оонньообокко, ханнык эрэ түгэҥҥэ булкуллан, тиэрэ-маары нуоталары ылан мэһэй буолааччылар. Онно кини үөрэнэн хаалбыт буолан кыһаллааччыта суох. «Куонкурус буоллаҕай» диэн күлэн кэбиһээччи.

– Ира-а, ити күппүлүөтү мин хатылыым эрэ, хос ырыатыгар көмөлөһүүй, кэннин диэкитин кыайан өйдөөбөтөхпүн ээ, – диэн былырыыҥҥыттан көрдөһөн байааннатар уоллара Миисэ Хоруу көрдөһөр.

Нэксиэни нэксиэ диэбэттэр буоллаҕа, күлүү-оонньуу быыһыгар таарыччы кыра эрэпэтииссийэ буола оҕуста. Син бөрөөтүлэр быһыылаах. Уол байаанын син биир туппутунан олорон, тарбахтарынан хонуопкаларын даҕайталаан, тыаһа суох оонньообута буолан, эрчиллэ олордо. Миисэ Хоруу маладьыас ээ, «гитараҕа көһөн хааламмын, байааммын умна быһыытыйбыппын» диир идэлээх. Ол да гыннар бэркэ оонньуур. Кулууп бэйэтин аккомпаниатора, «маһы да охсон муусуканы таһаарыахха сөп» диэн тыллаах Уйбаанабыстара сааһыран, ыарытыйар буолан хаалла. Онон айаҥҥа букатын да сылдьыспат.

Биригээдэ дьоҕус оптуобуһа киэһэлик кулууп таһыгар кэлэн тохтообутун, маҕаһыын аттыгар килиэп уочаратыгар турааччылар, көрө охсон, кэпсэл-ипсэл кэҥии түстэ. Кэнсиэр билиэтэ бүппүт, биллэриини устубуттара ырааппыт. Онон бүгүн туох дьоллоохтор оройуон киин кулуубун ырыаһыттарын истиэх буоллахтарай дэһии ырааҕынан ыырданна.

Кэҥэс сиртэн кэлбит артыыстар буоллаҕа дии, бэрт дьоһуннук туттан-хаптан, кулууп дьоҕус дьиэтигэр киирэн саамыланан бардылар.

– Үс кыыс миигин кытта барсар! – маннааҕы уораҕай уопуттаах харабыла Дуомуна аантан туран үөгүлүүр. – Киэһээҥҥэ диэри сынньаныаххыт, дьиэм киэҥ, сытан да ылыаххыт. Миэхэ урут Марыына Попуоба бэйэтинэн кэлэн тохтоон ааспыттаах, бэлэхтээбит былаатын көрдөрүөм, – диэн ыҥырыытын күүһүрдэн биэрдэ.

Кыргыттар истэригэр былдьасыһыы суох, эрдэттэн ким кимниин барсара биллибит буолан, мөккүөргэ тиийбэт.

– Та-ак, оттон миигин кытта үс уол диэбиттэрэ, – биир аҕамсыйбыт киһи эмиэ ыҥырда.

– Оттон миигин кытта… биир кыыс, – диэтэ, таһырдьаттан субу киирэн, бөтүөхтүү турар эдэр уол.

– Эс! Иккибит ээ, – эппиэттээх киһи Ира соһуйда.

– Суох, Мира Егорова диэн суруйбуттар…

– Хайа?! Оттон мин? – Ира наһаа соһуйда.

– Эн, Ирина Кынтайаараба-Тэптиргээнэбэ миигин кытта барсаҕын, – көөҕүнэс саҥа дьон кэнниттэн иһиллибитигэр, бары ах баран, ол диэки хайыһа түстүлэр.

Ыйдаҥа түүн

Подняться наверх