Описание книги
Төбөтүн толкуйунан салайтара сатыыр, сиэрдээх санаалаах, кырдьыгы тутуһар, сымыйаны саралыыр баҕалаах сабыс-саҥа идэтийбит киһиэхэ туох харгыс баарый? Кини – учуутал. Кырата суох кыһалҕалаах кырачаан дьоҥҥо билиини иҥэрэр үөрэхтээх эдэр учуутал кыыс барахсан тус бэйэтин олоҕор болҕомтото тиийбэтэ баар суол. Ол эрээри, үтэн-анньан уйуһутан көрөр салалта киниэхэ туттарбыт “уустук” кылааһын хайдах урууллуурун, бэйэтин тус көрүүтүн хайдах сааһыланарын ким сэрэйиэй, арай учуутал күннүгэ эрэ билэн эрдэҕэ.
Оттон ол күннүк күннэтэ кэпсиир кистэлэҥин арыйдахха – дьиҥнээх олох. Түбүк. Дьарык. Таптал. Кэлэйии. Киэптэтии. Мунуу. Быһаарыныы. Дьылҕаҕа бэринии…