Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.
Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.
Оглавление
Группа авторов. Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.
Сүнньүөх. Нина күннүгүттэн
Даша күннүгүттэн
Нина
Даша
Нина
Дьахтар анала
Отрывок из книги
От ыйын 1 күнэ, 2012 сыл. Өрөбүл
Олус дьикти түүлү түһээтим. Ол түүлбэр тоҕо эрэ кыһын… Арааһа, кыһын быһыылааҕа… Тыбыс-тымныы салгын олох илэ курдук эппин-хааммын хаарыйара. Хабыс-хараҥа… Сүүрэн иһэргэ дылы этим. Ыччуу!!! Бу тымныыга ханна сүүрбүт буоллахпыный?.. Атаҕым анныгар хаар тохтоло суох куучургуура иһиллэрэ. Эмиэ да аам-даам тымныы уорааныттан бөтө-бөтө тыын ыла сатыырым, эмиэ да… Суох, ытыырым эбээт! Бу хайдах буолбут буоллахпыный? Ханна ыксаан ытыы-ытыы сүүрэн истэҕим эбитэ буоллар? Айуу! Эмискэ сирдээх халлааным эргийэ түспүтэ да, мин кэтэҕим сүр күүскэ ыалдьыбыта. Харахпын аһа сатыырым да, хараҕым уута тугу да көрдөрбөтө. Ытыһым көхсүнэн ньухханан кэбистим быһыылааҕа… Хабыс-хараҥа халлаан, тобус-толору сулус… Биир кып-кырачаан эрээри, араас өҥүнэн кустуктана оонньуур сулус күлүмүрдүү сыдьаайарын өйдөөн хаалбыппын! Ол сыттахпына тоҥ хаары куучугуратар атах тыаһа төбөм үрдүгэр кэлэн тохтообута, ону кытары сулустаах халлааны бүөлээн киһи барыс гыммыта. Эчи хараҥатын, хайалара буоллаҕай? Кимэ да биллибэт этэ. Оргууй төҥкөйөн олох ыкса чугаһаабыта. Онуоха бэрт дьикти иэйии сүрэҕим устун ип-итии сүлүһүн буолан сүүрүгүрэн ааспыта, этим сааһа арыллан хаалбыта. Тоҕо эрэ эмиэ бөтө биэрбитим да, хараҕым уута тохтоло суох сүүрбүтүнэн барбыта. Арай били киһи кулгаахпар сүрдээх ыараханнык тыынара иһиллэрэ. Онтон дьэ: «Мин өрүү эн аттыгар баар буолуом», – диэн нэһиилэ сипсийэргэ дылы гыммыта уонна төбөбүн көмүс сымыыты тутардыы бэркэ сэрэнэн икки ытыһыгар ылан бигээбитэ. Эчи, ытыстара сылааһыын… Ол киһи муннун даҕайан сахалыы сыллаан ылбыта. Онуоха, тоҕо эрэ ис-испиттэн уйадыйбытым. Бэйи эрэ, мин хараҕым уута буолбатах – кини хараҕын уута кулгааҕым эминньэҕин устун субуруйан түһэн, кэтэҕим диэки баттаҕым быыһынан сүүрэ турбута… Хайдах эрэ кууһуохтуу-уоскутуохтуу икки илиибин өрө ууммутум да… киһим көрдөрөн туран туманы кытары сүтэн, симэлийэн хаалбыта. Кини оннугар тыбыс-тымныы салгын саба биэрбитэ. Эмиэ сулустаах хабыс-хараҥа халлаан… Били бэлиэтии көрбүт күлүмүрдэс сулуһум өссө ордук чаҕылыччы тыгарга дылы гыммыта. Ол эрэн мин тууйуллубут туоххаһыйбыт санаам туохтан эрэ ыараан, сэниэм эстэн хаалбыт курдук буолбута. Эмискэ бөтөн ылаат, төлө барбыттыы саҥа таһааран ытаан барбытым. Маҥан хаарга сууланан тугу да билбэтэх-көрбөтөх курдук утуйа сыппыт Ийэ сирбин сутуругум сыыһынан үлтү сыспытым… Туох дьикти түүлэ буоллаҕай? Санаатахпына, билигин да сүрэҕим ытырбахтаан, этим сааһа аһыллан кэлэр…
.....
«Күндү киһим, күнүм-ыйым…» кыыс намыын куолаһа сатыылаабыт чуумпуга наҕыллык кутуллар. Мин саҥарбаппын, утары көрбөппүн. Кыбыстаммын тэтэрэ кыыспыт иэдэстэрбин ытыстарбынан саба туттан олоробун уонна симиттэн күлэбин. Максим бэйэтин төлөпүөнүн экранын миэхэ утары уунан көрдөрдө. Мин нүөмэрим киниэхэ «Көмүһүм» диэн ааттана сылдьар…
– Наһаа үчүгэй ырыа дии. Холбоорууй төлөпүөҥҥэр, Көмүс, – Күндү киһим көрдөһөр.
.....