Учуутал
Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.
Оглавление
Группа авторов. Учуутал
НЬУРГУН
СИР СИМЭҔИН ЫҺЫАҔА (Аныгы остуоруйа)
УЧУУТАЛ
Сардаана кэпсээнэ
БӨДҮӨРЭ
КӨРСҮҺҮҮ ИННИНЭ
АТААРЫЫ
Отрывок из книги
Айымньы барыта «биир үтүө күн» диэн тылынан саҕаланар буоллаҕына, мин бу кэпсээммин оннук саҕалыыр кыаҕым суох. Тоҕо диэтэххэ, ол күн сарсыардаттан сиикэрэ ардах түспүтэ, инньэ гынан, чугастааҕы нэһилиэккэ дьүөгэбэр барыахтаах былааным тохтон, санаам алдьанан олорбутум. Тэһийбэккэ, кинигэ аахпыта буола олордохпуна, ыалым Татыйаана эмээхсин киирэн кэлбитэ. Бэркэ долгуйбут көрүҥнээҕэ. Туох буолбутун ыйыталаспытым, сиэнэ Ньургуһун бэҕэһээ күнүстэн ыла суох үһү.
– Олус дьиэмсэх оҕо ээ, мээнэ барааччыта суох уонна күн баччатыгар диэри мэлигир, – кырдьаҕас ытамньыйан, хараҕын уутун былаатын уһугунан сотунна. – Дьонугар биллэриэхпин, баҕар, бу киирэн кэлиэ, оччоҕуна куорат дьонун таах аймыам дуо диэн тээгэрэн хааллым. Милииссийэҕэ тыллыахпын, сүппүтэ үс хоммуту эрэ ирдэбилгэ биллэрэллэр үһү. Оскуола үлэһитэ дьахтар сүбэлээ эрэ, хайыыбыный?
.....
Бэҕэһээ хонууга от быыһыгар сыттым. Биирдэ өйдөөбүтүм сирэйбэр туох эрэ хаамар курдук. Кумаартан атын, кымырдаҕас да буолбатах. Илиибинэн соттубутум, сөмүйэм төбөтүгэр туох эрэ кып-кыра уонна күп-күөх иилистэн кэллэ. Харамайбын буолан хамсыыр. Хомурдуос оҕото сырыттаҕа диэбитим, төрүт даҕаны киһи курдук быһыылаах-таһаалаах! Соһуйаммын олоро биэрдим. Икки илиилээх, икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх, көрдөрбүн диэн бэйэтин холугар кип-киэҥ харахтардаах уонна айахтаах… Хантан кэлбит буолуон сөбүй? Сыппыт сирбин көрдүм. Төбөм туһунан от быыһыгар күөх сэбирдэхтээх, көнө умнастаах, кыра сибэккилэрдээх үүнээйилэр турар эбиттэр. Бары күн диэки өрө көрбүттэр, арай, биирдэстэрэ санньы түһэн хаалбыт. Мантан түстэҕэ диэммин, «киһибин» сэрэниин-сэрэнэн ол иһигэр уктум, сибэкким өрө көрөн кэллэ, атыттартан туох да уратыта суох буола түстэ.
Бэйи эрэ, оччотугар бу сибэккилэр бары маннык «киһилээхтэр» дуо? Иччилэрэ буоллаҕа дуу? Биир сибэккини эргим-ургум тутан көрбүтүм туох да биллибэтэ, туура тардан ылыахпын аһынным. «Миигиттэн куттанымаҥ, тыытыам суоҕа», – диэтим уонна харахпын симэн сыттым. Сэмээр сибэккилэрбин кэтээтим. Балачча сыттым. Онтон арай, сибэккилэрим хайдах эрэ хамсаан ыллылар уонна түөрт сибэккиттэн кырачаан сирэйдэр былтастылар, кэпсэтэллэр быһыылаах, кып-кыра дыыгынас саҥа иһилиннэ.
.....