Читать книгу Ийэлэриэм, мин кэллим!.. - - Страница 1
ОглавлениеСырдык дьүһүннээх эдэр номоҕон дьахтар, саалаҕа киирэн, тэлэбиисэри холбоон, дьыбааҥҥа олордо уонна «сахалары» булан туруорда.
Киэһээҥҥи «Сонуннарга» Рита эһэтин туһунан кэпсиэхтээхтэр. Түмэл үлэһиттэрэ, Кыайыы алта уон биэс сылынан диэн, эһэтиттэн хаартыска, сурук уонна да атын өйдөбүнньүктэри, малы-салы уларсыбыттара. Ону көрдөрүүгэ туруорбуттарын тэлэбиидэнньэлэр устубуттар.
Сотору тэлэбиисэргэ түмэли көрдөрөн бардылар. Оскуола оҕолоро кэлэн көрө сылдьалларын устубуттар. Ньиэмэс оҕолоро эбит. Саха гимназията ньиэмэс оскуолаларын кытта ситимнээх. Оҕолор хардары-таары баран-кэлэн үөрэнэллэр. Оннук кэлбит оҕолор сылдьаллар быһыылаах. Ордук бүтүннүү мэтээл-уордьан анньыллыбыт кители болҕойон көрөллөр. Чахчы ураты, икки кэккэ тимэхтээх, кэтиттик саба быраҕыллан тимэхтэнэр китель. Эһэтэ: «Анаммыт иистэнньэҥнэр хас биирдиибититтэн кээмэй ылан тикпиттэрэ», – диэн киэн тутта кэпсээччи…
Рита ойоҕолуу турар сурунаал лаппычах остуолугар сытар төлөпүөнэ тыаһаабытын ылла.
– Аллуо! Мариша, эн дуо?
– Ja-ja, das bin ich.
– Хайа, бу эн тоҕо «немка» буолан турдуҥ? Берлиҥҥэ баран эрэҕин дуо?
– А-һаа, биһи тараҕай эрэдээктэрбит миигин сарсын Берлиҥҥэ дьэ ыытыаҕа!..
Дьүөгэтэ саһыгыраччы күлбүтүн истэн, Рита эмиэ күлэн сыһыгыраата.
– Тараҕай ээ, сатаатар! Баттахтаах буолбат дуо?..
– Чэ-чэ, ол кини төһө баттахтааҕа хааллын! Кэпсэтии кини туһунан буолбатах. Бу «Сонуннарга» эһиги эһэҕит туһунан кэпсээбиттэрин көрөн төлөпүөннээтим. Мин Ярославскай музейыгар эмиэ сырыттым ээ. Мин ити «ынбыкаа» устааччыларыттан арыый хойутаабыт эбиппин. Эрэдээксийэм сорудаҕынан сылдьыбытым. Бүлүү улууһугар аналлаах быыстапка туһунан суруйаары. Ньиэмэс оҕолоро баран эрэллэрэ. Дойдулар ыккардыларынааҕы анал программанан үөрэнэ кэлбит оҕолор, – Мариша тохтоло суох биир тыынынан кутан кэбистэ, онтон тыын ыла түһээт, күлэ-күлэ кэпсээнин түмүктээтэ. – Дьэ уонна хайдах «немка» буолан туруо суох этибиний?
– Эн оскуолаҕа даҕаны чахчы үчүгэй «немка» этиҥ… – Рита эмиэ күлэ-күлэ хоруйдаата. – Хата, иһит, эһэбит билигин Дьокуускайга кэлэ сылдьар ээ.
– Мирнэйтэн кэлбитэ дуо?
– Онтон. Онно олорор дии. Манна гериатрия киинигэр, бэйэтэ этэринии, «абырахтана-ибирэхтэнэ» кэлбитэ.
– Оо, олус бэрт дии! Ритка, эн миигин кинини кытта көрүһүннэр эрэ. Мин бэртээхэй ыстатыйа суруйуох этим. Эһэҥ отой герой эбит дии!
– Ээ, Мариша, кини сэрии туһунан ахтарын сөбүлээбэт ээ. Уонна оттон оҕонньор оҕонньор курдук буоллаҕа. Таах даҕаны билигин бэтэрээннэр күнтэн күн аҕыйаан иһэллэр…
– Кытаат-кытаат, Ритка! Дьүөгэм котоку, сатаммат-хайаабат диэмэ.
– Чэ-чэ, сөп-сөп. Сарсын бара сылдьыахпыт.
– Sehr gut, сэгэрим! Auf wiedersehen!
* * *
Дьокуускай кытыыта. Гериатрия киинин палаатата. Орон аттыгар турар олоппоско эдэр дьахтар олорор.
Кини суумкатыттан блокнот, уруучука хостоон, туумба үрдүгэр уурда. Онтон диктофонун хостоон холбоото.
– Биир, икки, үс, устуу бара турар…
– Оттон мин бу бэҕэһээ ойоҕоспун тоһутан кэбистим дии… – оҕонньор, хайдах эрэ буруйдаммыттыы, симиктик мичээрдээтэ. – Онтон атын кырасаабыссабын, мэлдьи буоларын курдук, киирэр аан кирилиэһигэр көрсүөм этэ буоллаҕа… Ону баара, сууна сылдьан халтарыйан алдьанным…
– Уой да! Оччотугар эн булгуччу сыттаххына сатанар эбээт, Василий Давыдович! – дьахтар, аймана түстэ да, тута хомуммутунан барда. – Болдьоһон бараммыт кэлин көрсүөхпүт, эн ама буоллаххына…
– Бэйи, тохтоо-тохтоо, тоойуом, кэпсэтиибитин салгыахха, – оҕонньор симиктик, ол эрэн, чиҥник эттэ. – Мин хайыы үйэ аҕыс уон сэттис хаарбын санныбар түһэрдим. Бэйэм турукпун, эппин-хааммын олус үчүгэйдик билэбин. Эн, тоойуом, итэҕэй, мин бу билиҥҥи турукпуттан тупсан да, мөлтөөн да барар кыаҕым суох. Сиэним кыыска тылбын биэрэн турабын, эйиэхэ олохпун-дьылҕабын саас-сааһынан кэпсиибин диэн. Ол тылбын тутуу былдьаһан толордохпуна сатанар. Ол мин оҕолорбор, сиэннэрбэр, хос сиэннэрбэр уонна бары айыы дьонугар эппит кэс тылым буолуоҕа. Сөпкө этэҕин, мин ахтыыбын-кэпсээммин «пропаганда дуу, кими-тугу эрэ саралааһын дуу буолбакка, ааспыт олох тыйыс чахчытын эт-хаан сорҕото буолар» диэн. Биһиги эйэни харыстыах тустаахпыт. Мин бу ахтыым, бу кэпсиирим кинигэ буолан тахсарын ол иһин баҕарабын. Ити эн сиэним кыыһы кытта этэргит курдук, аны төһө эрэ сылынан, мин ахтыыбар олоҕуран, чахчы бааччы киинэ устуохтара. Ким-туох билиэ баарай? Эһиги, аныгы дьон, биһиги кырдьыкпытын билиэх тустааххыт. Улуу Кыайыы саллаатын кырдьыгын. Эйэ уонна Сэрии, Олох уонна Өлүү быыстара-арыттара ханан дьирбиилэнэн ааһалларын өйдүүр туһуттан…
Оҕонньор, биир кэмник саҥара-саҥара, сүр холкутук туран, бинсээгин ылан кэттэ, биллэ чачараабыт аас баттаҕын ытыһынан ньылаарыта имэрийдэ.
Оттон кини ахтыытын суруйуохтаах дьахтар, тэтэркэй уостаах айаҕыттан биир тылы алҕаска да мүччү тутан таһаарбакка, итини барытын соһуйбуттуу одуулаан олордо. Быһыыта, хайдах-туох диэҕин, тугу гыныаҕын кыайан тобулбата.
– Чэ, кырасаабысса, көрүдүөргэ барыах, ааспыкка кэпсэппит сирбитигэр. Оннук гымматахпытына, бу палаатам мохсоҕоллоро эмиэ ордук санаан, ордугурҕаан иэдэйиэхтэрэ, таҥхайа кырдьыбыт бөөхүллэ маннык кэрэ бэйэлээхтиин өөр да өр сэлэһэрбин көрөн-истэн! – оҕонньор тэбэнэттээхтик симириҥниир хараҕар кыымнар кылахачыһан ыллылар уонна, саһыгыраччы күлээт, аан диэки хардыылаата.
Дьахтар, хайдах эрэ эмискэ уһуктубуттуу халыкынайан, онтун-мантын суумкатыгар хаалаата да, кинини кэнниттэн батыһан тоһугураан иһэн, аан аттыгар тохтуу биэрээт, төттөрү хайыста.
– Көрсүөххэ диэри! Этэҥҥэ буолуҥ!
Холл. Дьыбааҥҥа суруналыыс дьахтар уонна оҕонньор олороллор. Икки ардыларыгар дьыбааҥҥа диктофон сытар. Дьахтар, сөп-сөп, блокнотугар суруйан элэҥнэтэр, оччоҕо уруучуката биир кэм эйэҥэлээн олорор. Оттон оҕонньор, хараҕын быһа симэн ыла-ыла, хааһахтан хостуур курдук тохтоло суох кэпсээн суккуйар. Арай ол хараҕын симэн ылар кэмигэр, чочумча тохтоон, ханна эрэ букатын атын эйгэҕэ барбыкка, бүгүҥҥү чахчыттан ырыых-ыраах тэйбиккэ дылы буолар.
– Дьэ, хайдах эбитэ буолла, туох эрэ этитиилээх төрөөн-үөскээн киһи-хара буолбутум эбитэ дуу, хайдаҕа дуу… Этэргэ дылы, таҥара бэйэтин хоонньугар уктан харыстаан, араҥаччылаан… Адьас киһи сымыйаргыан курдук, олус табыллан, сатанан, бииртэн биир мүһэли-моһолу мүччү түһэн испитим. Сэрии быдан инниттэн, эрдьигэн сааспыттан иччини-абааһыны да, айыыны-таҥараны да итэҕэйбэт этим. Мааркыһы уонна Лиэнньини итэҕэйэрим. Онтон сэриигэ биир түбэлтэ буолбута, онтон ыла мин, хомсомуол хоһууна, таҥараны итэҕэйэр буолбутум…
* * *
1930-с сыллар ортолоро. Саха сиригэр саҥа олох тутула бигэтик киирэн, улахан уларыйыылар бара турар кэмнэрэ. Бииртэн биир улууска, нэһилиэккэ, боломуочунайдар тиийтэлээн, моргуордаах мунньахтар тэриллэллэр. Ырыаҕа-тойукка «бүтэй» диэн хоһуллар Бүлүү эбэ түбэлэригэр-түөлбэлэригэр ол барыта тиийэн, эмиэ холбоһуктааһын-той ыытыллан сыр-мыр табаарыстыбалар, артыаллар, онтон холкуостар үөскээтилэр. Көҥүл атыы-тутуу аччаан, «Холбос» эргиэнэ күүскэ тэнийэн эрэр.
Дьиҥэр, Кыадаҥда нэһилиэгэ оннук айылаах «бүтэйбит» дойду буолбатах, Бүлүү куоратыттан үс көһү кыайбат ыраахха сытар. Оттон Сыдыбылга диэри көс аҥаарыттан эрэ ордук буолуоҕа. Сыдыбылга түөрт кылаастаах оскуола баар, онон ыала, киһитэ-сүөһүтэ Кыадаҥдаттан үгүөрү. Ол эрээри, Кыадаҥда айылҕатын, сирин-уотун, ходуһатын-мэччирэҥин, булдун-алдын өттүнэн чугас эргин түбэлэртэн тугунан итэҕэстийиэ баарай – бэрт мааны, уйгу-быйаҥ, нүөл-өнөр дойду. Кыадаҥда эбэ балыгынан биллэр, сураҕырар. Бу аҕыйах сыллааҕыта оннооҕор «Кыадаҥда» диэн балык артыалын тэрийбит сурахтаахтар.
Дьон холбоһуктааһыҥҥа сыһыана эриэ-дэхситэ суох. Сорохтор бэйэлэрэ дьаһанан олороллорун ордороллор. Табаарыстыбаҕа, артыалга, холкуоска киирэр буоллаххына, сүөһүгүн-сылгыгын, аккын-оҕускун, булууккун-боронньугун, атын баайгын-тойгун холбоотоххуна сатанар.
Онно эбии «улуустарын эмиэ өрө-таҥнары тутан, нэһилиэктэри онно-манна тыыраары гыммыттар үһү» диэн сурах иһиллэр. Туох эрэ «оройуон» эҥин дэһэллэр. Иллэрээ сыллаахха Бүлүү куорат куппуулара Тоҕус нэһилиэгиттэн Быкалыыраптары уонна хас даҕаны киһини «холкуоһу утардылар», «куорҕаллаатылар» диэн тоҕус сордорун сордообуттар. Оттон ааспыт сайын дьөккөннөртөн Күөгэлэптэри кытта хас даҕаны киһини, итиэннэ баппаҕаайылартан, бөкчөҥөөлөртөн кимнээҕи эрэ эмиэ тутан хаайбыттарын туһунан кэпсээн тарҕаабыта…
Хайдах-хайдах олох салаллан иһээхтиирэ эбитэ буолла… Түөрт сыллааҕыта, Харбалаах Тэптигэнигэр олордохторуна, саас баччаларга хомсомуоллар Бүлүү куоратыгар таҥара дьиэтин куупалын уонна куолакалын суулларбыттарын туһунан дьулаан сурах кэлбитэ. Ол чахчы эбит этэ…
Кэтэҕэр тарда бааммыт маҥан былаатын курдук ньыламан субалаах, ис киирбэх быһыылаах-таһаалаах эдэрчи дьахтар, симии оһох иннигэр балык хатырыктыы олорон, уҥа илиитигэр тута сылдьар быһыччатын балыктаах мас нэлэгэргэ ууран баран, ытыһын көхсүнэн сүүһүн туора соттон ылла уонна, талах олоппоһуттан туран, таҥара холоруга туруохтаах уҥа муннугун диэки хайыһан иһэн, тохтуу биэрэн, утуйар оронноро турар быыстарын диэки эргиллэн:
– Айыы тойон таҥара, илгэлээх үтүөҕүнэн көмүскээ, быыһаа, абыраа уонна араҥаччылаа биһигини… – диэн ботугуруу-ботугуруу, кириэстэнэн сапсынна.
Онтон оннугар олорон соботун ыраастаан барда.
Ити аата кини оронугар сыттыгын анныгар сытар таҥара күлүгэр үҥтэ. Аныгы сэбиэскэй олоххо дьиэҕэ таҥара күлүгүн тутар көҥүллэммэт. Нэһилиэк сэбиэтэ дуу, атын ким дуу көрдөҕүнэ, сэмэлээх-суҥхалаах, аахсыылаах, сирэй-харах анньыылаах буолуоҕун сөп.
Хата, бу кинилэргэ – Кыадаҥда, Чочу диэки – оннук айылаах тутуу-хабыы, баайсыы-тутуһуу, үҥсүү-харсыы билиҥҥитэ суохха дылы. Сыдыбылга табаарыстыба, онтон «Пиэнньэр» диэн артыал тэриллибитэ. Кыадаҥдалар «Ыччат суола» диэн артыалга киирбиттэрэ этэ. Сыралтаҕа «Пиэрибэй Маай» диэн холкуос баар буолбута. Онтон, бөдөҥсүйэн, бары холбоһон, «Пиэрибэй Маай» диэн буоллулар. Бэрэссэдээтэлинэн Уоһук Чирээйэби талбыттара. Үөрэхтээх киһи. Нууччалыы добдугураччы саҥарар дииллэр. Сураҕа, өрөбөлүүссүйэ иннинэ соҕуруу Хасаан диэн куоракка эмчиккэ үөрэммит үһү. Онно киһи өлүгүн көрдөрөллөр-хайыыллар эбит. Үөрэҕин ол дьулаанын, хаанын-сэймэгин тулуйбакка бырахпыт дииллэр эрээри, бэйэтэ, эриличчи көрөн, тор курдук бытыга харааран, бэрт кытаанах уонна дьиппиэ киһи. Дьону салайар тойон оннук буоллаҕына даҕаны сатанара дуу… Ыал ыалы хамсатан, дьону түмэн, Сыдыбылга холкуос ампаардарын, улахан хотоннорун туттарда. Күрүө-хаһаа, суол-иис, бурдук сирин солотуу туһунан этэ даҕаны барбаккын. Өссө норуот дьиэтин, кулууп диэни, туттара сылдьар. Үс хостоох улахан дьиэ буолуохтаах үһү. Дьэ, сүрдээх дии… Ити үлүгэрдээх үлэ сыанан-арыынан аҕаабата чахчы. Үнүрүүн Баһылайкаан оҕонньор Дүндү ыалыгар ааһан иһэн таарыйбыта, онно сөҕө-махтайа, эмиэ даҕаны толло: «Уоһук ат миинэ сылдьарын көрбөккүн кэриэтэ, холкуос хонтуоратыгар даҕаны олорбот, хара тирии хаппарын санныгар сүгэн баран, эт атаҕынан кэрийэн, үлэни-хамнаһы тэрийэр, итиэннэ бу быыччыга!» – диэн кэпсээбитэ.
Мотуруона, Тэптигин сайылыгар Дабыыты көрсөн, холбоһон, манна Күндэҕэ кэлэн олохсуйбуттарын сөбүлүүр. Дойдута буоллаҕа дии. Бүлүү куоракка дуу, Үөһээ Бүлүү улууһугар дуу олорбуттарын курдук буолбатах. Манна кэлэн, бу дьонун балаҕаннарыгар, хата, таҥара көмөтүнэн, быр бааччы олороллор…
Ол Чөҥкөрөҕө олордохторун дьыл Бүлүү куораттан «кыһыл кибииккэлэр» диэннэр тэриллэн кэлэннэр, бу эргин ыал ыалы, түбэ түбэни бүтүннүү тилийэ сылдьыбыттар этэ. Луохтуур кыргыттар дьон туругун көрбүттэр-истибиттэр, ырааска-чэнчискэ уһуйбуттар. Ол сытыы-хотуу хомсомуол кыргыттар балаҕантан хотону араарар туһугар олохтоох дьахталлары кытта улахан кэпсэтиини ыыппыттар, мунньахтары тэрийбиттэр уонна нэһилиэктэргэ сэбиэт, хомсомуол, дьахтар сэбиэтэ күүстээх үлэни ыыталларын ирдээбиттэр. Онон Мотуруоналаах, көһөн кэлээт, дьоннорун балаҕаныттан хотону тута араарбыттара.
Дьиҥэр, балаҕаммыт хотон салҕааһыннааҕа эмиэ кыһалҕаттан ээ. Ол иһин даҕаны бу дьаһалы ордук хото дьахталлар утарсыбыттара. Дьахтар күннээҕи үлэтигэр-хамнаһыгар хотон сыста турара олус табыгастаах: таҥаскын хос-хос уларыппаккын, халтай хаамыыҥ аччыыр, иһирдьэ-таһырдьа киирэн-тахсан ааны аргыппаккын, дьиэни тымныппаккын. Сүөһүҥ хайдах турарын истэ-билэ тураҕын, биир эмэ кэйиик кунан босхо баран хааллаҕына иэдээн дии! Итинник кэтэбил-манабыл ордук ынах төрүүр кэмигэр суолталаах. Аны ынах ыыр-хайыыр кэмҥэр дьиэҕэ оҕолор хайдах олороллорун эмиэ сэмээр истэ сылдьаҕын. Итиэннэ туспа турар хотон тымныыта сыттаҕа, сүөһү барахсан эмиэ тоҥор, тымныйан ыалдьар, дьаҥҥа хаптарар буоллаҕа. Аҥаардас сүөһү тыынынан хотон төһө-хачча сылыйыаҕай? Эбэтэр ким хотонугар оһох туруоруо дуу? Онно оттук мас бэлэмэ, оттуута, көрүүтэ-истиитэ… Абытай эбээт… Оттон хотон салҕааһыннаах балаҕан бэйэтэ да сылааһы быдан тутар буолан, оттук кэмчилэнэр – хата, хоту эркин тыал-куус охсуута диэни төрүт билбэт буоллаҕа…
Мотуруона балыгын ыраастаан, үөстээн бүтэн, обургу күөскэ буһара уурда. Онтон, илиитин сайҕанан, үгэххэ тахсан, сарсыарда боччукка холбуйан ылбыт чөчөгөйүн киллэрдэ. Онтун кытыйаҕа кутан, үс атахтаах төгүрүк остуолга ууран, олоппоско олорон дагдалаан барда. Ол гынан, дагдата көбөөн, тахсан истэҕин аайы, сирэйэ-хараҕа ону кытта тэҥҥэ сыдьаайан иһэргэ дылы буолан, күөрчэх ытыгын эргииригэр дьүөрэлээн, доҕуһуоллатан ыллаан киҥинэйдэ.
Ити кэмҥэ балаҕан халҕана тэлэллэ биэрдэ. Туохтан эрэ олус абаккарбыт-кыыһырбыт көрүҥнээх, хойуу хаастара түрдэччи сабыстыбыт, быччаччы, күлтэччи көрбүт уола, хара баттаҕа арбайан-сарбайан, кулгаахтара таллайан, көтөн түстэ.
– Тоойуом, Тоҥсуо, хайа, бу хантан аҕылаан-мэҥилээн сүүрэн кэллиҥ? Туох буолла? – Мотуруона, ымманыйа мичээрбитин кистии, намыыннык ыйытта.
Тоҥсуо, турулус-ирилис көрөн, далбаатана-далбаатана:
– Кинилэр… кинилэр миигин «Хонооску уола» диэтилэр!.. – диэн ис-иһиттэн уордайан төлүтэ биэрэн хоруйдаата.
Мотуруона били ымманыйбыта, ньуолах түүнү силлиэ илдьэ барбытыныы, биирдэ мэлис гынан хаалла – кубарыс гынаат, ытыгын кытыйатыгар төлө тутта, субу аҕай тэрбэйэ оонньообут кыламаннарын умса түһэрэн, төбөтүн хоҥкутта, санныларын кумутта.
Уол, ону көрөн, ах барда:
– Ийээ, ийээ, туох буоллуҥ?..
Дьахтар, курустук өрө тыынаат, утары хааман тиийэн, уолун түөһүгэр сыһыары тардан ылла, итиэннэ:
– Оттон, тоойуом, Хонооску эн дьиҥнээх айбыт аҕаҥ эбээт… – диэн баран, уолун кытаанах будьурхай баттаҕын имэрийдэ.
Истиэм эрэ диэбэтэҕин истэн, соһуйан, уолчаан хараҕа эбии быччайда.
– Ол хайдах оннук?! – диэтэ, онтон ийэтин илиититтэн төбөтүн арааран, өһөспүт борооскулуу, сургуччу көрөн күлтэриҥнээтэ. – Кини… кини… – өрүтэ бөтүөхтүү-бөтүөхтүү саҥарда. – Кини буор хаартыһыт уонна күөх көппө дии! Син биир ити мээнэ ону-маны баллыгырыыр Байбааскы оҕонньор курдук!
– Ол Байбааскыбыт оннук айылаах оҕонньор буолбата ини?.. – Мотуруона уолун уоскутаары, аралдьытаары тыл кыбытан көрдө эрээри, биирдэрэ соччо-бачча уоскуйар санаата суох буолан биэрдэ.
– Кыҥнары Кынаачайдаах ампаардарын иннигэр мустан олороллор. Уоллара Уйбааскы ыҥырбытыгар ыт оҕото көрөөрү сылдьыбытым. Аттыларынан ааһан истэхпинэ, ол Байбааскы оҕонньор таба көрөн: «Һок-сии! Адьас аҕатын курдук уол дии! Хонооску илэ бэйэтинэн тиийэн кэллэ диэтим эбээт!» – дии-дии күлэн күллэрэстиир. Түөһэйээри гыммыт быһыылаах! Ол сымыйата дии, ийээ? – уолчаан ийэтин сирэйин өрө мыҥаата. – Хайдах оннук буолуоҕай?.. – саҥата титирэстээн ылла. – Кини, ол Хонооску, киһиргэс дии! Күөх сүрэх! Күөх көппө! Хаабы аҕата Уоһук, холкуоспут бэрэссэдээтэлэ, Байбааскыны этэрин курдук! – мунньахха уоттаах-төлөннөөх араатардар далбааталаналларын курдук омуннаахтык уҥа-хаҥас далбаатанна. – Мин кинилэргэ сонно тута: «Ханнык даҕаны Хонооску уола буолбатахпын!» – диэн хаһыытаан бытарыппытым. Оттон кинилэр күлэн алларастаһаллар. Өссө Байбааскы баҕайы, чүрүччү көрө-көрө: «Тоҕо да бэрдэй! Үкчү Хонооску курдук омуна-төлөнө оргуйан олорор!» – дии-дии күһүгүрүүр. Кинилэр, кини Хонооскулуун, албынчык саһыллар дии! Мэлдьи албыннаан, түөкэйдээн тахсаллар дии! Тыалырбалар! Оннук дии, ийэкээ?! – уолчаан ийэтин илиитин харбаан ылла. – Ити кинилэр түөкүннэрэ дии? Суох?.. Суох… – илиилэрин арааран, санньыччы түһэрэн, сукуччу туттан, атах ороҥҥо тиийэн, икки илиитинэн төбөтүн саба туттан умса түһэн олордо.
Ийэтэ уолугар тиийэн сэргэстэстэ уонна тугу даҕаны саҥарбакка саба кууһан ылла.
Иккиэннэрин саннылара дьигиҥнээн, оннук чочумча куустуһан олордулар. Уу чуумпу буолла.
Онтон Тоҥсуо ытаан сыҥыргыырын быыһыгар бөтөн ыла-ыла сыҥсыйара иһилиннэ.
Мотуруона, төбөтүн көтөҕөн, былаатын көннөрүннэ, уһугунан хараҕын сотунна, онтон уолун кууһан ылан, төбөтүн оройуттан сымнаҕастык сыллаата.
– Чэ, сөп. Барытын кырдьыгынан кэпсиэм. Кини, кырдьык, эн айбыт аҕаҥ. Ойохтонон, оҕолонон да баран, кини майгыта уларыйбатаҕа, дьаллыгын хаалларбатаҕа. Бэйэҥ даҕаны билэриҥ курдук, кини – буор хаартыһыт, биэс уон икки күлэр эмэгэккэ кутун туура сүүйтэрбит сордоох. Оо, айыы тойон таҥара, быыһаа дуу муммут сордоох дууһатын, – Мотуруона кириэстэннэ. – Оннук эрдээх, аҕалаах ыал олоҕо туох аанньа буолуоҕай? Эн төрөппүт ийэҥ, убайдарыҥ, эдьиийдэриҥ эрэй бөҕөтүн көрөн олорбуттара… Билигин даҕаны оннук олордохторо буолуо… Оттон эйигин киниттэн биир түбэлтэ араарбыта. Хонооску биирдэ улаханнык сүүйтэрэ сылдьар кэмигэр иитэ ылбыт аҕаҕынан эһэҥ Куйуһутар Уйбаан киниттэн эйигин көрдөөбүт. Биһиги иитиэх аҕаҕыныын Мэхээстиин оҕото суох этибит уонна онтон олус санааргыырбыт. Урут оҕону итинник иитиэххэ биэрии, ылыы үгүс буолааччы. Ордук аймахтар ыккардыларыгар. Биһиги даҕаны Хонооскулуун ырааҕынан аймахтыыбыт ээ. Хонооску, хата, сөбүлэспит этэ. Кинилэр оччолорго биһигиттэн биир көстөөх сиргэ олороллоро. Чочу эбэтин чугаһынааҕы алааска. Сааһыары, кулун тутарга, миҥэ атынан эйигин тымтайга ындан аҕалбыта. Көр, оннук тымтайга, – Мотуруона сибилигин аҕай балык ылан ыраастаабыт чарт тымтайын ыйда.
Тоҥсуо, төбөтүн көтөҕөн, тымтайы көрдө.
– Дьэ, эн итинник биһиктээх этиҥ, – ийэ уола арыый уоскуйбутун көрөн мичээрдээтэ.
– Ама дуу?! – Тоҥсуо чахчы соһуйда. – Бу балык тымтайа дии!
– Балык-балык киэнэ. Ол эрэн, эн ханнык даҕаны балык буолбатаххын. Эн мин хотой муруннаах Тоҥсуом буолаҕын, – Мотуруона, сэрэниин-сэрэнэн, сөмүйэтинэн уолун тоҥсоҕор муннун устун хоппоҕор хоҥуруутуттан саҕалаан аллара сүүртэ. – Онно, тымтайтан эйигин ыламмын, хас эмэ хос сууламмыт куобах суорҕаҥҥын сүөрбүппэр сүрэҕим бип-битигирэччи тэбэн, аһыйа-курулуйа нүөлүйэн букатын даҕаны тохтуу сыспыта ээ. Ол да буолларбын миигиттэн ордук дьоллоох дьахтар онно суох курдуга. Олус даа дьолломмутум. Онтон ыла эн миэхэ наһаа чугас, наһаа истиҥ киһим буолбутуҥ, Тоҥсуо…
– Ийээ, онтон ыла эн миэхэ эмиэ… – Тоҥсуо ытыһынан ийэтин хараҕар чаҕылыһа бычалыйан тахсан сэҥийэтин устун сүүрбүт таммахтары сотто, онтон, эмискэ ыга кууһан ылаат, түөһүгэр сыһынна. – Ийээ…
Кинилэр икки ардыларыгар баар кут-сүр ситимэ бу түгэҥҥэ хаһан даҕаны быстыбаттыы, симэлийбэттии бөҕөргөөбүтэ, чиҥээбитэ. Ону бэйэлэрэ, бу икки удьуор-хаан ситимэ суох дьон, эт мэйиилэринэн илэ бааччы арааран, ырыҥалаан өйдүүрүн өйдөөбөтөхтөрө эрээри, сүрэхтэрэ, ону сэрэйэн, онтон үөрэн, биир тэҥҥэ тиҥиргэччи тэппитэ…
Кинилэр дьол биир кырках былыта суох ып-ыраас халлаанын устун, ырыалаах чыычаах буолан, тырыбыныы-тарыбыныы тайаарбыт куттара, таһырдьа ким эрэ кэлбит тыаһа иһиллибитигэр эрэ, эмискэ кэҥээн, сырдаан хаалбыкка дылы буолбут балаҕаннарыгар төттөрү кэлбитэ.
– Тоҥсуо, бардыбыт! Ыксаа-ыксаа! – сэгэйэн турар аан таһыттан уол оҕо хатан саҥата иһиллибитэ.
Тоҥсуо, ийэтин иилии кууспут илиититтэн сымсатык аллара ньылбыс гынан, түргэн үлүгэрдик ойон туран, икки ытыһынан сирэйин ньухханна, ырбаахытын аллара тардынан көннөрүннэ.
– Ити Хаабы кэллэ. Биһиги кинилиин Чыбыыдаҕа күөгүлүү барабыт.
– Бэйи, тохтуу түс, – Мотуруона, эмиэ тура охсон, хайыы үйэ аан диэки ыстаныахча буолбут уолун сиэҕиттэн тарта. – Мин билигин өйүө-тайаа тэрийэ охсуом.
Ийэтэ, чэпчэкитик элэстэнэн, тууйас ылан, арыылаах лэппиэскэ, үөлүллүбүт балык ууран уолугар уунна.
– Бу маны ханна уктабын? Тута сылдьабын дуо? – Тоҥсуо ийэтин диэки ыйыппыттыы көрдө. – Уонна Хаабы өйүө ылбыта буолуо.
– Оо, дьэ, Тоҥсуо-о… – ийэтэ күллэ. – Атын киһи өйүөтүн өлүүлэһээри гынныҥ дуо? Хайдах оннук сатаныаҕай?
– Оттон кини мин доҕорум дии.
– Доҕоруҥ даҕаны буоллунууй. Син биир сатамньыта суох. Хайа, уонна үчүгэй булчут-алчыт булгуччу бэйэтэ өйүөлээх-ыһыктаах буолуохтаах буоллаҕа. Атын киһи халаабыһын манаабат курдук. Аһаабакка, сэниэ киллэриммэккэ сылдьан тугу бултуоххунуй? Оннук булчут баар үһү дуо? Төттөрүтүн, булчут бэйэтэ кыттыгас астаах, дьону кытта үллэстэрдээх буолуохтаах. Итиннэ чаампыга аан чанчыгар халаабыс баар, онно уктаар.
– Чэ, сөп-сөп.
Тоҥсуо тууйаһын туппутунан таһырдьа ыстанан истэҕинэ, ийэтэ көхөттөн халтаҥ сон ылан, уолун санныгар иилэ бырахта.
– Киэһэ үрэххэ сөрүүн буолуо. Сүгэһэргэр уктан илдьэ бараар. Уонна дал түптэтигэр киитэ быраҕан ааһаарыҥ.
– Сөп-сөп, – Тоҥсуо тилэҕэ эрэ көстөн хаалла.
Мотуруона остуолга кэлэн олордо уонна кытыйаттан ытыгын ылан лэппиэскэнэн ньиккийдэ…
«Күөрчэх-күөрчэх» диэн баран, онтун да сиэбэккэ, ыстаннаҕа ити… Дьэ, чахчы, омуна-төлөнө, сыыдама-сулбута Хонооску обургуну санатар… Ол эрэн, кини адьас атын киһи буолуоҕа. Мэхээс ыраламмытын курдук киһи бэрдэ, хоһууна буолуоҕа. Оо, Мэхээс биһикки уолланан бараммыт дьоллоннубут даҕаны этэ. Ол иннинэ оҕо кутун тартара сатаан да биэрдибит этэ. Тоҥсуо кинини өйдүүбүн диир ээ. «Табах сыттаах уп-улахан, кэп-кэтит ытыстааҕа», – диир… Бэйэтэ ол кэмҥэ түөрдүгэр сылдьар этэ, онон үксүн сүрэҕинэн таайан эрэ өйдүүр буолуохтаах. Ол хара дьайдаах күн, таайбыт курдук, олус дьиктитэ. Аҕатын эргэ хамсатын булан оборон соппой да соппой буолбута. Хамсатын биэрэр аата диэн суоҕа. Онтон аны муҥхаалланан, устунан ытаан ахан турбута. Дьэ, ору-сары бөҕөтө этэ. Оҕо түүйэрэ диэн, дьэ, сүрдээх. Бары даҕаны сүрэхпитигэр ыттарбыппыт. Тойонум оҕонньор уонна Мэхээс икки балыстара бааллара. Ол киэһэ Мэхээһи, хайыы үйэ өлбүт киһини, тиэйэн аҕалбыттара. Сордооҕум эбэ бэрэтигэр муус көҥнөн былдьанаахтаабыт этэ… Саҥардыы турбут чараас мууска сэрэниэн сөбө даҕаны… Тоҕо онно киирбитин ким-туох билиэ баарай?.. Дьылҕата оннук буолаахтаатаҕа… Түһэн баран, быһаҕын кыыныттан хостоон, мууска батары биэрэн, онтон тардыһан тахса сатаабыт… Тымныы ууга киһи төһө өр тулуйуой?.. Чааха оҕонньор уолунаан, туһахтарыттан, сохсолоруттан кэлэн иһэн көрөн, барбах тыынан суккуруур, бүтүннүү көһүйбүт киһини хостообуттар… Тута онно быстаахтаабыт… Сордооҕум муустан кытаахтаһан тахса сатыырыгар төһө эрэ көмөҕө ыҥыран хаһыытаата буолла?.. Ол барыта уйан, чараас куттаах Тоҥсуо сүрэҕэр тиийээхтээтэҕэ…
Мотуруонаны аһыы-курас санаатыттан арааран, эмискэ таһырдьа ыт үрэрэ иһилиннэ.
Ким эрэ кэллэ дуу?.. Тоҥсуо, сырсыбатын диэн, ытын баайан хаалларбыт буоллаҕа…
Дьахтар былаатын көннөрүннэ уонна, чох тардан, холумтаҥҥа турар чаанньыгы ылан, таҕааҥҥа туруорда.
Аан арыллыбытыгар саас ортолоох, от күөҕэ былаатын төбөтүгэр эрийэ бааммыт дьахтар киирэн кэлэн, тута сылдьар хара кыллаах дэйбииринэн дьалбыйда.
– Дьаҥы-дьайы таҥнары дьалбыйдаҕым, туора силэйдэҕим буолуохтун! Туох сонун, Мотуруона? Кэпсиэ! – халтаҥ сонун уонна тирии хаппарын көхөҕө ыйаата.
– Улахан сонун суох. Эн кэпсиэ? Биһиэхэ барыта кэммитинэн. Бээ, билигин чэйбин аҕалыам. Эн манна аас, эдьиэй, – Мотуруона киирбит дьахтары биллэрик олоххо ыҥырда уонна оһоҕор чэйин ыла барда.
Бу «эдьиэй» диэбит дьахтара киниэхэ төһө-хачча эдьиий буоларын, дьиҥэр, Мотуруона билбэт, ырааҕынан ханан эмэ биир хаан хабыылаах, биир тымыр-сыдьаан тардыылаах буолуохтарын сөп – биир түбэ дьоно буоллахтара. Ол эрээри бу түбэлтэҕэ ол туох даҕаны суолтата суох. Чугас эргин дьон барыта бу, мэктиэтигэр, сорох түгэҥҥэ кыым сардыргыырга дылы сытыы чоккуруос харахтаах, уҥа иэдэһигэр биэстээх алтан кэппиэйкэ саҕа төп-төгүрүк мэҥнээх дьахтары «эдьиэйтэн» атыннык ааттаабат. Бэл, бэйэтиттэн лаппа саастаах кырдьаҕастар оннук дииллэр. Оттон бэйэлэрин ыккардыларыгар сэмээр Эдьиий Даайа диэн ааттаан кэпсэтэллэр.
– Миэхэ даҕаны оннук айылаах соһо сылдьар сонунум суох. Кэпсээн кэмчи. Өлүөр олоробут, амабыт. Ол буоллаҕа дии, сүрүнэ диэн. Этэҥҥэ буоллахха, атына даҕаны бэтэрээ сэгэтинэн буолар куолута, – Эдьиий Даайа оннун булан олордо. – Бу Хоту Күндэҕэ тиийэ сырыттым. Онно халдьаайытын саҕатыгар ураты эмтээх суорат от үүнэр. Уонна төннөн иһэн билсэ-көрсө диэн таарыйдым.
– Ээ, сөбө-сөбө. Таарыйбытыҥ олус бэрт дии, – Мотуруона хончоҕордорго чэйин кута-кута сэҥээрдэ. – Чэ, чэйдээ, эдьиэй.
– Чэйдээн бөҕө. Балай эмэ сири хаамтым ээ, хотуой. Омос санаатахха, онно үүммүт суорат от, манна үүммүт суорат биир буолуохтарын сөп курдук этэ даҕаны, дьэ, улахан уратылаах буолар. Сир-дойду иччитэ ааттыын Аан Алахчын диэн эбээт. Барыта ала-тала. Үкчү буолбат. Аны туран, күнүттэн-ыйыттан эмиэ тутулуктаах. Бу суорат от, бэс ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри биир кэм силигилии тыллар даҕаны, от ыйыгар ордук уохтанар. Ону даҕаны сүмэтэ баччаларга, Ый толонугар, муҥутуу хойдор. Киһи-дьахтар имэҥэ-дьалыҥа эмиэ туолбут Ыйга күүскэ киирэр буолбат дуо, Мотуруона-а? – удаҕан дьахтар хараҕар көрдөөх кыымнар кылахачыстылар.
– Ээ, дьэ, буолуо-буолуо… – биирдэрэ ылбат-биэрбэт ыккардынан хоруйдаата, былаатын көннөрүммүтэ буолла.
Эдьиий Даайа ону көрөн мүчүк гынан ылла, лэппиэскэ тоһуттан дагдаҕа умньаан айаҕар угунна.
– Чэ-чэ, хотуой, кырыллыбытынан кыыс курдук кыбыста, кэмчиэрийэ олоруоҥ дуо? Сонуҥҥун ыһа-тоҕо кэпсээн ис. Дабыыт холкуос үлэтигэр сылдьар дуо?
– Онно-онно. Тутуу маһын тиэйиигэ сылдьаллар. Сыдыбылга норуот дьиэтин туталлар дии. Онно. Үрдүгэр хоно сылдьан үлэлииллэр.
– Билэн-билэн. Эһиги холкуоска киирбиккит хайдах эбит?
– Бэйэ дьаһанан олороро табыллыа суох диэн, манна көһөн кэлээт да киирбиппит. Биир уулаах бургунаспытын хаалларан бараммыт, атын сүөһүбүтүн холбообуппут. Онон билигин бэйэбитигэр икки төбөлөөхпүт.
– Оннук. Саҥа олох кэллэ… – Эдьиий Даайа, Мотуруона сирэйин-хараҕын тонолуппакка көрө-көрө, хончоҕорун уунна. – Чэйиҥ минньигэһэ бэрт эбит. Били Бүлүү «Холбоһугар» кэлбит сэбирдэх чэй дуу?
– Ол-ол. Сааһыары Дабыыт айанньыттары кытта аарааҥҥа диэри киирэ сылдьан булан-талан тахсыбыта.
Эдьиий Даайа чэйдээх хончоҕорун иннигэр уурунна уонна эмискэ ыйытта.
– Хотуой, туохтан эрэ олус долгуйбут көрүҥнээххин, дьэ эрэ, миэхэ барытын кырдьыгынан ыраас мууска курдук ууран биэр эрэ. Санааны-оноону тутан сылдьыллыбат баҕайыта. Тимири – дьэбин, киһини санаа сиир. Чэ, кэпсээн кэбис.
– Уолбар бэйэм төрөппүт оҕом буолбатаҕын туһунан эттим…
– Ону кини?
– Билбэтим… Барытын өйдөөтө курдук…
– Бэйэтэ билигин ханна баарый?
– Хабыалыын балыктыы ыстаммыта, – Мотуруона сирэйигэр сырдык мичээр охсуллан ааста. – Доҕорунаан. Бэрэссэдээтэлбит Уоһук уола.
– Ээ, дьэ, котоку, истээт даҕаны, кута-сүрэ хайдахтаах аймаммытын ким-туох билиэ баарай?.. Ол да буоллар, мин өйдөөбүппүнэн, оҕо оҕо курдук түргэнник аһарыммыт. Отуора, уйулҕата хамсаабатах, – Эдьиий Даайа астыммыттыы мичик гынна, онтон балаҕан иһин кэриччи көрөн ылла. – Тоҥсуо олох күндүтүн олус үчүгэйдик билээр. Хайаа, оттон олоҕун бастакы үс сылыгар лоп курдук үс төгүл өлүү-тиллии быыһыгар киирэн тахсыбыта дии?
– Оо, дьэ, этимэ, эдьиэй… – Мотуруона махтанан сүгүрүйдэ.
– Онно бастаан итииктээх дьаҥ туран оҕо бөҕөтүн охсуллубут от курдук охторбута.
– Оо, дьэ, алдьархайдаах куор кэлэн ааспыта…
– Оннук, хотуой, алдьархайдаах дьаҥ этэ. Ол дьыл ньирэй оҕо бөҕөтө өлөөхтөөбүтэ. Аҕабыыттар Бүлүү таҥаратын дьиэтигэр бүтүн уокуруктан уон икки эрэ оҕо сүрэхтэннэ диэн аймаммыт сурахтаахтара. Дьон сыстыганнаах дьаҥ турбут кэмигэр оҕолорун сүрэхтии илдьибэтэхтэрэ сөп бөҕөтө буоллаҕа. Тыыннаах хаалбыттар миэтирикэлэрин кэлин даҕаны ыллахтара дии. Тоҥсуо даҕаны миэтирикэтин ыллыгыт ини?
– Ээ, эдьиэй, дьон этэн, нэһилиэк сэбиэтиттэн туоһу кумааҕы ылбыппыт.
– Арба, оннуктаах этибит дуу… Үйэ уларыйда этэ дуу… – Эдьиий Даайа чэйиттэн сыпсырыйан истэ, чочумча олоро түстэ. – Оҕо бөҕөтө өлөөхтөөбүтэ… Оттон кини, Айыыһыта харыстаан, хороҥ оттон тардыһан тыыннаах хаалбыта…
– Мэхээс биһиккигэ ыарахан даҕаны күннэр-түүннэр ааспыттара… Онтон ол этин ыһан кэбиспит итиигэ, хараҕын көйө сылдьар ириҥэтэ ааһыахча курдук буолан эрдэхтэринэ, аны туран, ойоҕостоппута. Этэ суоһаан өйүкү-төйүкү барара… Мин, оҕом оронуттан харыс даҕаны халбарыйбакка, аҕылыы тыынаахтыырын маныырым… Туох баар билэр мэлииппэбин барытын аахпытым. Оттон оҕом тыынара ыараатар ыараан, этэ-сиинэ уотунан суоһаан, умайбыт хардаҕас тобоҕун курдук хараара өһөн иһээхтиирэ… Мин «киһи буолбат буолла…» диэммин күн-түүн хараҕым уутунан суунарым… Ол мин, акаары дьахтар, тыыннаах оҕом үрдүгэр кэбилэнэр буоллаҕым үһү?! Оо, айыым-таҥарам, муммут сордооҕу баалыы санаама даа!.. – Мотуруона кириэстэнэн сапсынна, онтон Эдьиий Даайаны махтаммыт хараҕынан көрдө. – Онтон эн кэлбитиҥ дии, эдьиэй…
– Онно мин Хойгуолаахтан кэлэн иһэммин таарыйбытым. Уһун Уйбааннаахтан. Хойутаан ыҥырбыттар этэ… Кийииттэрин уонна саҥа төрөөбүт сиэннэрин кыайан өрүһүйбэтэҕим… – удаҕан халыйан кэлбит ыар санааҕа баттатан ах барда.
Балаҕан иһигэр чочумча уу чуумпу сатыылаата.
– Онтон эһиэхэ тоҕо эрэ туораан тахсыбытым. Ким эрэ, туох эрэ биттэммитигэр дылы. Олус санаарҕаан испитим, «идэбин тохтоторум дуу, ол сатаныа дуо…» диэн толкуй бөҕөтүгэр түспүтүм…
– Тыый, оччоҕо, дьэ, биһиги хайдах буолуох этибитий… – Мотуруона чахчы бааччы куттанан сибигинэйэ былаан саҥарда.
– Хотуой, сүрэҕиҥ чарааһа бөҕөтө! – Эдьиий Даайа барбах мүчүйдэ. – Ол мин санаам-оноом оонньообута диэхтээн, үөһэттэн үөтүүлээх, айыылартан айдарыылаах удьуор идэбиттэн си-дьүгээр босхоломмот хотун сырыттаҕым буолуо ээ…
– Оо, мин онно эн киирэн кэлбиккэр олус даа үөрбүтүм, – Мотуруона эгди буола түстэ. – Эн көрбүтүҥ-истибитиҥ, эмп-томп биэрбитиҥ кэннэ, Тоҥсуо, уоскуйан, лип курдук утуйан хаалбыта. Оттон эн утуйаргар кини нэлэкэтин сыттыгыҥ анныгар уктубутуҥ уонна сарсыарда үөрэн ахан уһуктубутуҥ. Итиэннэ: «Кураанахха, куһаҕаны ыраланан ытаама, уолгут этэҥҥэ буолуоҕа, кини – дьоло-дьолуота үрдүк», – диэбитиҥ. Ону мин итэҕэйбитим, ытаабат буолбутум. Уолбут чахчы үтүөрэн барбыта. Ол түгэни олус дьэҥкэтик өйдүүбүн. Онтон сааһыары эмиэ охтон хаалбыта. Иэрийэ-иэрийэ сөтөллөрө… Бопторон ылара… Муннунан хаана барара… Сирэйэ, кытара сатаан баран, көҕөрөн хаалара. Мэхээс, атын көлүйэн, эйиэхэ барбыта. Оттон мин, бу сырыыга ытаан ньолҕоруйбакка, уолбун көтөҕөн баран: «Кини – дьоло-дьолуота үрдүк!..» – диэн алгыс курдук хатылаа да хатылаа буоларым…
– Онно эмиэ сап саҕаттан салҕанан, кыл курдуктан кытаахтаһан өрүһүммүтэ. Эн, сүрэххинэн таайан, көтөххөр ылбатаҕыҥ буоллар, сытан эрэ бопторуохтаах этэ. Иэрийэр сөтөл тииһигэ күүскэ киирдэҕинэ, оҕо оннук быстараахтыыр. Оттон кини, ол ыгыста-ыгыста сөтөллөрүгэр хараҕар сап тымырдар быһыта баран, көрөрө эрэ мөлтөөтөҕө. Толуга диэн ол буоллаҕа. Кини дьоллоох. Кини – дьоло-дьолуота үрдүк!
– Кини – дьоло-дьолуота үрдүк!.. – Мотуруона, туох эрэ дьикти турукка киирэн хаалбыттыы, Эдьиий Даайа кэнниттэн мылайа мичээрэн хатылаата. – Кини дьоллоох!.. Оокком…
– Оннук, хотуой. Эн санаарҕаама. Тоҥсуо билигин, бороохтуйан, хайыы үйэ хотоҕойун көтөхпүт хотойчоон буоллаҕа. Арба даҕаны, билигин кини Дабыыкка хайдах сыһыаннааҕый? Кииринньэҥ аҕатын курдук ылынар дуо? Киһи да күлэр, уончалаах бэдик улахан эр киһини Охтор Дабыыт диэн хос ааттыы турбута да баар ээ! – Эдьиий Даайа күлэн сыһыгыраабыт омунугар ытыстарын тэс гыннарда. – Уун-утары көрөн туран! Дьэ, эрдьигэн дии! Хараҕын төһө эрэ быччаччы көрдө?!
Мотуруона, эмиэ күлэн быычыгыраан ыларын быыһыгар, айаҕын саба тутта-тутта, санна ыгдаҥнаата.
– Дабыыт, бу түбэлтэни санаан кэллэҕинэ, эмиэ быара суох барааччы, – тыын ылан, хараҕын уутун сотто-сотто эттэ. – Кини Тоҥсуону олус таптыыр ээ. Уонна, оттон, төрөппүт ийэтинэн биир хаан буоллахтара дии. Кыра эрдэҕинэ, Дабыыт кинини бэйэтигэр сыһыара, чугаһата сатаан тугу-тугу гымматаҕа баарай? Ону-маны кэпсиирэ, бэлэх-кэһии аҕалара, батыһыннара сылдьара. Хантаан, уолбут, атыҥыраан, таһырахтатан, букатын бөрө оҕотун курдук көрөрө. Оттон билигин, улаатан, лаппа холку буолла.
– Дьэ, бэрт. Мэйиитэ хойдон иһиэ буоллаҕа. Барытын өйдүөҕэ. Сүрэҕэр киллэриэҕэ. Дабыыт диэн, кыратын-харатын аанньа, эр бэрдэ буоллаҕа. Дэлэҕэ, бу эн курдук ньыламан маҥан дьахтары ойох ылыа дуо? – Эдьиий Даайа дьээбэлээхтик имнэннэ. – Барыта этэҥҥэ буолуоҕа. Буолаары буолан, Тоҥсуо билигин иитиэх оҕо буоларын туһунан кырдьыгы билэр… Хайа, хотуой, бу хайдах буоллуҥ?
– Кини… кини ии-тиэх оҕо… буолбатах ээ… Кини мин… мин оҕом… Кини… кини… оҕобут… – Мотуруона, эмискэ эһэ харбаан ылбыт күлбүһэҕин икки илиитинэн мускуйа-мускуйа, тардыалатан саҥарда.
– Уоскуй, хотуой, уоскуй, – Эдьиий Даайа, өндөх гынан, күлбүһэҕи ылан туора уурда. – Маны мускуйбуккуттан туох даҕаны уларыйыа суоҕа. Хата, ол түбэлтэ туһунан сиһилии кэпсээ эрэ, күлэ-аралдьыйа түһүөҕү? – удаҕан, мэҥин имэринэн ылан баран, туох даҕаны буолбатаҕын курдук, налыйыаҕынан налыйан, чэйин иһэн сыпсырыйа олордо.
Мотуруона даҕаны өр күүттэрэ сатаабата, сыыйа холкутуйан кэпсээн барда.
– Кыра оҕолоох тулаайах дьахтар булчут-алчыт, отчут-масчыт, үлэһит эр киһитэ суох олороро олус ыарахан, сатаммат даҕаны. Эмиэ бэйэм курдук тулаайах хаалбыт, ол гынан баран лаппа аҕа саастаах, үс оҕолоох Ыгдаа ыйыппытыгар сөбүлэнэн ойох барбытым. Олохпут табыллыбатаҕа. Сотору кэминэн кини куртаҕынан ыараханнык ыалдьыбыта. Ас барбат буолбута. Куораттан тахсыбыт Улбуоп луохтуур оннук диэбитэ. Кини уһун көҥдөй туруорбутунан аһата сатаахтыырым. Өрүттээхтээбэтэҕэ. Кыһын таҥаралаабыта. Биһиги эмиэ тулаайах хаалбыппыт…
– Ыгдааны билээн. Оччотугар Ампаардаахха олордоххут дии?
– Онно. Сэниэтик олорбут киһи этэ. Оҕолоро, улахаттара сиппит дьон, кырдьаҕас эдьиийдэрин кытта бэйэлэрэ хаалбыттара. Оттон мин…
– Эн кыайыгаскын-хотугаскын, холку, намыын майгылааххын, эбиитин намчыгын, тупсаҕайгын. Итиэннэ эдэргин. Сулумах сылдьар эр дьон оннук тулаайах дьахтары өр соҕотох сырытыннарбат буолуохтаахтар. Ойох ыла сатаабыт элбэх буолуо? – Эдьиий Даайа кэпсээни ньымсатык арыый атын хайысхаҕа иэхтэ. – Уонна, оттон, син туох эмэ сүөһүлээх-астаах хааллаҕыҥ дии?
– Син баара, – Мотуруона чахчы бааччы сэргэхсийэ түстэ. – Үс ынахтаах, биир оҕустаах, биэлээх эҥин этим. Уонна, кырдьык, ол дьыл сааһыгар Кукаарыс оҕонньор ыйыттарбыта. Бүлүү куоратыгар олохтоох, хаһаактартан төрүттээх оҕонньор. Биэс уонуттан эрэ тахсыбыт да буоллар, түөһүн тылыгар диэри түспүт күрдьэх курдук күрэҥсийбит бытыктааҕа, хаар маҥан баттахтааҕа. Өр иҥээҥнээбитэ. Сотору-сотору кэлэрэ. Кэһиитин кыбына сылдьара. Хап-хачыгырас, көмүрүө курдук баахыла аҕалара. Тоҥсуо котоку, хаһан минньигэһи амсайбыта кэлиэй, бэрт түргэнник Кукаарыска атыыланан, киниттэн күнэ-ыйа тахсар буолан хаалаахтаабыта. Уолум истиҥ сыһыанын көрөн, мин даҕаны сөбүлэммитим…
– Онно Бүлүүгэ көстүгүт этэ дии? Кукаарыс улахан, астык дьиэлээх диэччилэр…
– Оннук, Бүлүүгэ көһөн күккүрээбиппит. Сүөһүбүн аймахтарбар хаалларбытым. Оҕонньор чахчы үчүгэй дьиэлээҕэ. Нууччалыы охсуу дьиэ. Кырыыһалаах, ыстаабыналаах. Таҥара дьиэтин таһыгар турар. Кырааскалаах муостата, ойуулаах истиэнэтэ, киэҥэ-куоҥа, ырааһа – барыта дьикти. Биһиги оччугуй туруорбах балаҕаммыт кэнниттэн оннук улахан, мааны дьиэҕэ олорор хайдах эрэ этэ. Дубук-дабык туттуу бөҕөтө, – Мотуруона тугу эрэ санаан мүчүйэн ылла. – Онтон Тоҥсуо дьыссаат диэн оҕону көрөр-харайар тэрилтэҕэ сылдьар буолбута. Куорат олоҕун атына, дьиктитэ элбиих-элбэх… Уолум Кукаарыһы «тээтэ» диэн ааттаан үөрдэрэ. Онтон кыһын оҕонньорбут улаханнык ыалдьан хаалла. Ол кэмҥэ Бүлүүгэ Батаакап диэн луохтуур баара. Кукаарыс, киниэхэ көрдөрөн, Дьокуускайга эмтэнэ барбыта. Уонна сураҕа суох сүтэн хаалбыта… Ким эрэ онно балыыһаҕа өлбүт диир, ким эрэ соҕуруу өбүгэлэрин дойдутугар барбыт диир. Мин эмиэ тумаҥҥа мунан хааллым, куораты, дьиэни атыҥырыырым күүһүрдэр күүһүрэн барда… Кукаарыс аймахтара даҕаны, санаабар, кырыы харахтарынан көрөр, туоратар курдуктар. Ол курдук, эрэй-муҥ бөҕөнү көрөммүт кыстаатыбыт. Уонна сайын ыһыах иннинэ малбытын-салбытын хомунан Харбалаахха, сүөһүбүтүн хаалларбыт сирбитигэр, барбыппыт. Дабыыты кытта онно билсибиппит. Сайылыкка мин дьоммор сылдьар эбит этэ. Онтон анаан-минээн кэлэр буолбута, миигин кытта кэпсэтэрэ, ынах ыаһара. Миэхэ үчүгэйэ дьикти, – Мотуруона мичээрдээтэ. – Оттон уолум ону сиилээн бөҕөтө. Аны туран, биирдэ алаадьы астыырын көрөн баран, букатын даҕаны ахсарбат буолла. Бу бэдигиҥ «дьахтар курдук киһи эбит» диэн саныыр буоллаҕа.
– Дьэ, Тоҥсуо, уол оҕото, оннук буолуон сөп. Тоҥсоллон, хотой оҕото буоллаҕа! – Эдьиий Даайа сатараччы күллэ, онтон Мотуруонаны тэһэ одуулаата. – Уолуҥ Дабыыты мээнэҕэ «тоҥсуйбатах» буолуохтаах. Бу быччаалабыт Дабыыт эйиэхэ сыһыанын, эн киниэхэ сыһыаҥҥын барытын көрө сырыттаҕа дии. Уонна күнүүлээн быһа сытыйдаҕа. Дьэ, быччаҕар эбит! – чоккуруос хараҕар тэбэнэт кыымнар кылахачыстылар. – Арба, Дабыыт Тоҥсуо төрөппүт ийэтин сурдьа дии? Букатын даҕаны таайа буоллаҕа дии?
– Чугаһаттын диэммин, төрөппүт дьонун туһунан кэпсээбэккэ буолан, Дабыыт таайа буоларын эппитим ээ. Пахай, онтум баара, уолум сирэйэ ханньастан, уорастыйан туран: «Маннык ньары-ньаппааскы таайданыахпын баҕарбаппын!» – диэн баран, ситэ истэ даҕаны сатаабакка, балаҕан аанын хап гына быраҕан элэс гынан хаалбыта.
Оттон Дабыыт кинини бэйэтигэр сыһыара, чугаһата сатаан тугу-тугу гымматаҕа баарай? Биирдэ эбэлээх эһэҕэр илдьиэм диэн тылыгар киллэрбитэ. Тоҥсуо айанныырга маҥан аллаах буоллаҕа. Буолаары буолан, акка мэҥэстэн. Итиэннэ хаһан даҕаны көрбөтөх, билбэтэх эбэлээх эһэтин көрүөн-билиэн даҕаны баҕарбыта буолуо. Инньэ гынан, Сыралтаҕа айаҥҥа турбуттара.
– Ыраах айан эбит. Түөрт-биэс көс буолуо.
– Оннук буолуо. Тоҥсуо Сыралтаттан хомойон ахан кэлбитэ. Ол тиийбит эбэлээх эһэтэ кини төрөппүт ийэтин ийэлээх аҕата буолалларын билбэт буоллаҕа. Онно тиийдэхтэрин утаатыгар эбэтэ, кинини көрөн баран: «Бу уол ордук Тиэхээннэргэ маарынныыр эбит», – диэбит этэ. Ону «ханнык эрэ Тиэхээннэргэ сыбыыр, бэйэлэригэр букатын даҕаны сыһыарбаттар эбит ээ…» дии санаатаҕа. Ол иһин хомойор.
Онтон төннөллөрүгэр биир бадьараҕы аттарын сиэтэн сатыы туораабыттар. Балыктаах ыарахан тымтайы сүгэ сылдьар Дабыыт дулҕа быыһыгар сыыһа үктээн охтон түспүт. Балыгын хомуйан, тымтайын сүгэн хааман иһэн, эмиэ сууллубут. Ону көрө-көрө, биһиги төбөппүт: «Эн биир кэм оҕун да оҕун буолаҕын, онон эйигин Охтор Дабыыт диэн ааттыыр эбиппин!» – дии-дии күлэн сыһыгырыыр буоллаҕа.
– Дьэ, эмиэ мэнигийээн эбит! – Эдьиий Даайа күлэрин кыатана-кыатана эттэ. – Көр да маны! Бу абатын, бу кыһыытын! Бу тумса тууһун! Мин Дабыыт эбитим буоллар, сонно ыстаанын сулбу тардан, көп этигэр үчүгэй соҕустук чыпчаххайы ыалдьыттатыам этэ эбээт!.. – удаҕан сол даҕаны күлэн ыгыста олордо.
– Дабыыт холкута бэрт буоллаҕа. Хата, бэйэтэ саныы-саныы күлэр. Оннук балыктарын эмиэ хомуйан салгыы айаннаабыттар. Дабыыт иһигэр хомойорун хомойоохтообута буолуо. Дьиҥэр, кинилэр Сыралтаҕа аттаммыт төрүөттэрэ диэн атын этэ. Ол кэмҥэ Кукаарыс Көстөкүүн Дьокуускайтан үтүөрэн кэлэн биһигини Бүлүүгэ ыҥырар этэ. Онтон бэйэтэ Тэптигэҥҥэ көрсө, кэпсэтэ кэлэр буолбута. Инньэ гынан, сүбэлэһэн, Дабыыт Тоҥсуону ылан Сыралталыыр буолбуттара. Сүрүн төрүөт ол этэ. Санаабар, Кукаарыс, мин сөбүлэммэппин илэ истэн баран, тута төннөн хаалыахтааҕа. Онтум баара, оҕонньор: «Уолбун булгуччу көрүстэхпинэ сатанар», – диэн хонор буолбута. Сарсыныгар тиэргэн ааныгар турдаҕына, Тоҥсуо ыраахтан көрөн: «Тээтэм кэлбит! Тээтэм кэлби-ит! Тээ-тээ!..» – диэн хаһыытаабытынан сүүрэн бырдааттанан кэлбитэ. Кэнниттэн Дабыытым барахсан сукуҥнаан иһэрин билигин даҕаны бу баардыы көрөбүн… – Мотуруона кыл түгэнэ тохтоон ылла. – Онно уолуттан, дьэ, чахчы хомойбута кини көрүҥэр, сирэйигэр-хараҕыгар бүтүннүү ойуулана сылдьара. Оттон Тоҥсуо үөрүүтэ муҥура суоҕа. Кини Дабыыты аҕа оҥостуоҕун төрүт баҕарбат этэ… Ол да буоллар, мин оҕонньору кытта куоракка барсары кыккыраччы батан кэбиспитим. Дабыыты кытта олорорго эрдэттэн быһаарынан сылдьарым. Кукаарыс өөр ааттаһа, көрдөһө сатаабыта, кэлиҥҥинэн кыыһырыы бөҕөтүн кыыһырбыта… Ол да буоллар, соннук чороҥ бэйэтэ төннөргө күһэллибитэ.
– Кукаарыс эрэйдээх… – Эдьиий Даайа оҕонньору аһынна. – Эйиэхэ дьиэтин суруйуох, атын даҕаны баайын бүтүннүү биэрэбин диэбит дииллэрэ. Кырдьык дуо?
– Оннук баара, эдьиэй… – Мотуруона өрө тыынна. – Ол эрэн, баайы сырсан төһө дьоллонуом этэй?..
– Сөпкө саныыгын, хотуой. Сүрэх сөбүлүүр буоллаҕына эрэ дьахтар дьолу билэр.
Мотуруона эмиэ өрө тыынна, чэй кутаары, Эдьиий Даайа диэки ыйытаары көрбүтүгэр биирдэрэ сонно тута хончоҕорун утары ууммутун ылан, киниэхэ уонна бэйэтигэр чэй кутта.
Онтуттан сыпсырыйан баран, хомойбуттуу дуу, буруйдаммыттыы дуу:
– Хайа сах сойбут эбит… – диэн ботугураата, оһоҕун диэки көрдө.
– Маннык үчүгэй-үчүгэй, хотуой. Сылыта сатаама, – Эдьиий Даайа кинини тохтотто. – Хата, кэпсээ. Олус кэрэхсэбиллээх. Мин эмиэ дьахтарбын ээ, – дии-дии, сымнаҕастык көрдө, төбөтүн туллаҥнатта.
– Онно мин дьолбор Тоҥсуом туора түспүтэ. Мин хайдах даҕаны гыныахпын билбэппин. Сотору-сотору: «Тээтэбэр барыахха», – диэн кулгаахпар сибигинэйэр. «Баахыла сиэхпин баҕардым», – диэн ырбаахым тэллэҕиттэн тардыалыыр. Дьэ, эрэй… Онтон биирдэ, сыллаан-сыллаан баран, кууһан олорон: «Тоойуом, сыллыай, Тоҥсуо, Дабыыты аҕа гынабыт дуо?» – диэн ыйыттым. Уонна ыйыппыппыттан кэмсинним ээ. Адьас быһа этэн кэбистэ. «Оттон кини оҕун да оҕун буолар дии, оннук охто сылдьар аҕаланыахпын баҕарбаппын!» – диир. Оо, онно хомойбуппуон… Мэктиэтигэр, ытамньыйан ыллым. Оттон Тоҥсуо сүрэҕэ таас курдук буолан биэрбитэ, санаатын халбаҥнаппатаҕа…
– Онтон туран, эһигини хоонньоһо сытаргытын быччаччы тутаттаан ылбыт сурахтааҕа дии?.. – Эдьиий Даайа күлэ-күлэ ыйытта. – Дьэ, саатыы-кыбыстыы бөҕөтө буоллугут?
– Ээ, дьэ, этимэ, эдьиэй… – Мотуруона кэмчиэрийдэ.
– Кэпсээ-кэпсээ, хотуой.
– Ол кэмҥэ сайылыкка бары биир дьиэҕэ олоробут. Үс хостооҕо. Соҕотох оронноохпун. Уолум атахтаһан утуйар. Онтон биирдэ түүн, хабаҕыран дуу, тыаһырҕаан дуу уһуктан, ороҥҥо үһүө буолан сытарбытын көрөр буоллаҕа… – Мотуруона иҥин хаана кэйэн, иэдэһэ тэтэрэн кэллэ. – Кини утуйбутун кэннэ, сэргэ хостон Дабыыт үөмэн сыбдыйан кэлэр этэ буоллаҕа. Уонна сарсыарда эрдэ, уол уһуктуон иннинэ, барара. Дьэ, кини санаатыгар оччо сирэйэ-хараҕа суох, уодаһыннаах быһыыны-майгыны көрөн, уолбут ыһыы-хаһыы бөҕөтүн түһэрбэт үһү дуо? Мэктиэтигэр, тиэргэҥҥэ сытар ыттарбыт ойон туран үрэн моргуспуттара. «Оо, дьонноор, бу көрүҥүтүүй! Охтор Дабыыт биһиги ороммутугар кэлэн сытар! Баҕайы! Бар мантан! Бар диибин!..» – диэн сарылыыр…
Эдьиий Даайа айаҕын саба тутта-тутта күлэн ыгдаҥалыы олордо.
– Сайылык дьоно бүтүннүү ойон таҕыстылар?.. Көрбүт киһи баар ини!.. Һуу, быарым быстаары гынна дии, хотуой…
– Оннук «саат-суут» кэнниттэн, хайыахпытый, Дабыыт биһикки сыһыаммытын хайыы үйэ кистии сатаабат даҕаны буоллахпыт дии…
– Ол «саат-суут» суоҕа буоллар, эр-ойох буолбакка, үөмэ сылдьыа этигит. Куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат диэн, дьэ, маннык түбэлтэни этэн эрдэхтэрэ эбээт.
– Дьэ, этимэ, эдьиэй. Киһи эмиэ да кыбыстар, эмиэ да күлэр ээ… – Мотуруона, ис-иһиттэн сырдаан, дьолунан сыдьаайа күллэ.
Эдьиий Даайа, кинини көрө-көрө, эмиэ мичилийэн ахан олордо. Онтон Мотуруона уоскуйбутун кэннэ олоҕуттан турда.
– Чэ, хотуой, олорон хааллым дии. Дьонум күүттэхтэрэ буолуо. Барыам этэ. Эн даҕаны киэһээ ыамыҥ бу кэлбит. Ынахтарыҥ маҥыраһан эрэллэр. Тоҥсуоҕа миигин сырытта, ыйыталаста диэн этээр.
– Сөп, эдьиэй. Эйиэхэ хайдах махтаныахпын билбэп- пин ээ.
Мотуруона ыалдьытын тиэргэн ааныгар диэри атаарда уонна тиэтэйэ-саарайа титиигэр барда.
* * *
1942 сыл, бэс ыйын бүтэһик күннэрэ. Дьокуускай. Даркылаах тиксиитэ.
Хомоҕой тыллаах эппитинии, сырылатан-сырбатан күн да күн. Элиэнэ эбэ уута күн уотугар дьирибинии оонньуур. Кытылга, тиксиини толорон, дьон бөҕөтө тоҕуоруспут. Ким эрэ ытыыр, ким эрэ хоҥнон баран эрэр «Киров» борохуот палубатыттан далбаатыыр дьоҥҥо хардаран утары далбаатыыр, тугу эрэ хаһыытыыр. Үрэр турбалаах уонна барабааннаах музыканнар уонча киһилээх бөлөхтөрө ханнык эрэ маршы оонньуур.
Оттон ойоҕолуу ыга анньыллыбыт хас даҕаны аалтан-баарсаттан баркаас хаптаһынынан оҥоһуллубут тыраап устун, кымырдаҕас курдук өрө-таҥнары тиэстэн, таһаҕас сүөкээннэр үлэ күөстүү оргуйар. Ол төкүнүтэн таһаарбыт буочукаларын, сүгэн аҕалбыт дьааһыктарын-куулларын эмиэ кэлэ-бара турар тэлиэгэлээх аттарга, таһаҕасчыт массыыналарга тиэйэллэр.
– Миитээ, Мииккэ-э, этэҥҥэ эргиллээр!.. Мин күүтүөм!.. – тиксии кытыытыгар, сыыһа үктээн, ууга түһэн хаалыахтыы киирэн турар кыыс чаҕаархай хаһыыта ол тыас-уус, хаһыы-ытабыл, аймалҕан ортотугар бэрт чуордук быыһылаан иһилиннэ.
– Олус үчүгэй кыыс быһыылаах, – Баһылай, өрүс салгыныгар өрүкүйэр будьурхай баттаҕын тарбахтарынан өрүтэ анньан ыла-ыла, аттыгар далбаатыы турар доҕоругар эттэ.
– Тоҕо «быһыылаах»? Чахчы үчүгэй кыыс.
– Үчүгэй-үчүгэй, – Баһылай өс киирбэх сөбүлэһэ оҕуста. – Уонна кини эйигин булгуччу күүтүөҕэ. Оттон мин итинник атаарар, күүтэр кыыһым суох… – тугу эрэ ситэ саҥарбакка ах баран хаалаат, харса суох далбаатанна, онтон эмиэ доҕорун диэки хайыста. – Миитэрэй, кырдьыгынан этэ эрэ, эһиги уураспыккыт дуо?
Миитэрэйэ, истибэтэх курдук туттан, кыыһыгар утары далбаатыы турда. Уостара ыпсыбат буола мичээрбит аҕай.
– Ээ, өйдөннө-өйдөннө! Уураспыт ахан эбиккит! – Баһылай тоҕоноҕунан кинини ойоҕоско кэйиэлээн ылла. – Оттон мин суох… – кини да буоллар, курус санааҕа ылларан, соҥуйан, борохуот сундулуйа хайытарыттан түллэн тахсар долгуннар күн уотугар талбаара күлүмүрдүүр ньуурга симэлийэ уосталларын одууласта…
Кытылга хаалбыт дьон кыччаатар кыччаан, Даркылаах харах далыттан сүттэр сүтэн истэ…
– Төбөҕүн өрө көтөх, доҕоор, эн билигин кыайыылаах Кыһыл Аармыйа буойунаҕын эбээт! – Миитэрэй Баһылай саннын таптайда. – Мөтөгөр түөскэр мэтээл бөҕөтүн кэккэлэччи анньынан, сэрииттэн эргиллэн кэлиэҥ да, бииртэн биир кэрэ кыыс кэннигиттэн эккирэтэ сылдьыаҕа!
Баһылай, төбөтүн көтөҕөн, доҕоругар хайыста.
– Ээ, суох, Миитэрэй, мин санаарҕаабаппын. Туохтан даҕаны хомойбоппун ээ. Урут, хайдах эрэ, кыыс туһунан санаабат даҕаны эбиппин. Ону дьиктиргиибин. Оттон эн уол оҕото эбиккин! Эн бэйэҥ Кэбээйигин дии уонна куоракка хайдах кыыстанан хааллыҥ? Кини хомуйар пууҥҥа хонорбутугар эмиэ кэлэ сылдьыбыта дии?
– Кини, кини кэлэ сылдьыбыта, – Миитэрэй билсэр кыыһын санаан мичээрдээтэ. – Таанньа… Мин Таанньам кэлэ сылдьыбыта. Кини Хаҥалас улууһуттан төрүттээх. Онно бибилэтиэкэҕэ үлэлиир.
– Ээ, куораттан чугас буоллаҕа…
– Оннук. Биһиги кинилиин суруйсабыт ээ.
– Оттон хайдах билсибиккитий?
– Манна, Дьокуускайга. Мин кооперативнай техникуму бүтэрбитим дии. Онно билсибиппит. Кини культпросвекка үөрэммитэ. Онтон миигин төрөөбүт улууспар үлэҕэ анаан ыыппыттара.
– Миитэрэй, эн олус дьикти киһигин дии. Буҕаалтыргын. Өссө суруйааччы буолаары гынаҕын, хоһоон суруйаҕын… – Баһылай кэтэҕин тарбанна.
Биирдэрэ чараас уоһун мүчүҥнэттэ.
– Миигин өссө отут түөрт сыллаахха дойдум дьоно артыал суотчутунан талбыттара. Ол кэмҥэ мин түөрт кылаас эрэ үөрэхтээҕим. Сэттэ кылааһы кэлин бүтэрбитим.
– Мин эмиэ уон икки сааспыттан дьоммун кытта холкуоска үлэлээн барбытым. Сайын. Аҥаар үлэ күнүгэр. Оҕо диэн оҕо буоллаҕа дии. Ол да буоллар, миэхэ икки оҕуһу туттарбыттара. Олорбун сиэтэн, сир хорутарбыт, бурдук ыһарбыт. Ийэбин уонна Дабыыты кытта, бары холбоон, сылга тыһыынчаҕа тиийэр үлэ күнүгэр хамнас аахсарбыт. Уон түөрпэр хайыы үйэ аты ыҥыырдыы, көлүйэ үөрэммитим. Онон окко улахан киһи курдук үлэлээн барбытым. Мин чэрдээх илиибин көрөн, ийэм барахсан үөрээхтиир да этэ. Уола үлэһит буолбутуттан чахчы дьоллоноро.
– Ийэлэр барахсаттар оннук дьон буоллахтара-а, – Миитэрэй этиитин бүтүүтүгэр унаарыта саҥаран мичийбитигэр ыйааччы барбыт быһыылаах хойуу хара хаастара көтөр кынатыныы өрө даллах гынан ыллылар. – Эн, Баһылай, олус үчүгэйдик кэпсиигин, санааҕын сааһылаан этэҕин. Мин Сангаартан Даркылаахха диэри устан кэлэрбитигэр сэргээн ахан иһиттим. Дьокуускайга даҕаны, хомуйар пууҥҥа Өлөөнтөн кэлэр борохуоту күүтэн сыттахпытына, айаҕыҥ адьас хам буолбата дии, – Миитэрэй доҕорун диэки бэрт эйэҕэстик көрдө.
Чахчы, кинилэр иккиэн, тоҕо эрэ, бэркэ тапсан ирэ-хоро кэпсэтэллэр. Дьиҥэр, саастарынан да арыттаахтар.
Итиэннэ кэбээйилэр, Сунтаартан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн хомуллан иһээччилэргэ холбоһон, Сангаарга икки баарса соһуулаах борохуокка олорон, икки сүүстэн тахса буолан устан кэлбиттэрэ, оттон билигин бу биэс сүүсчэ буолан взводтарга, оруоталарга тыырыллан ыга симиллэн айаннаан истэхтэрэ, инньэ гынан, кэпсэтиэххэ диэтэххэ кэпсэтэр, билсиэххэ диэтэххэ билсэр ыччат баар ахан. Ол эрэн, халлааҥҥа сулустар алтыһаллара туох эрэ кистэлэҥнээҕин, таабырыннааҕын курдук, киһи киһиэхэ чугаһыыра, истиҥ доҕор-атас буолара эмиэ туох эрэ ураты дьиктилээх быһыылаах.
– Бэйи эрэ, доҕоор, биһиги тоҕо да турдахпытый? Оол олорорго үчүгэй сир баар эбит. Онно барыахха, – Миитэрэй, сүгэһэрин санныгар быраҕынан, халтаҥ сонун тутан, борохуот ортотугар, капитан рубкатын иннинэн, дьааһыктар туралларын ыйда. – Манна үөһэ салгыҥҥа үчүгэй. Аллараа палубаҕа симсэн олорор курдук буолбатах.
Баһылай эмиэ сүгэһэрин ылан кэнниттэн батыста.
Өбүгэлэрбититтэн тиийэн кэлбит «айан аргыстаах, суол доҕордоох» диэн уос номоҕо баар. Чахчыта оннук, айаҥҥа-суолга сылдьан киһи киһини кытта ордук түргэнник бодоруһар. Бу аҕыйах хонукка Баһылай Миитэрэйи убайын курдук саныыр буолан хаалла. Дьиҥэр, хайалара даҕаны улуустарын дьонун кытта ордук тутуһуохтарын сөбө даҕаны…
Кинилэр оннуларын булан, соннорун тэлгэнэн олордулар уонна кэпсэтиилэрин салҕаатылар.
– Мин оскуолаҕа туох баар үөрэхтэн ордук төрөөбүт суругу-бичиги сөбүлүүрүм. Этэргэ дылы, саҥаран баран кэлээр диэбит ыччаттара буоллаҕым. Оттон нуучча тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр кэлэммин ыыны-ааны араарбат баллыкы буолан хааларым…
– Санаарҕаама, Баһылай, эн тылга дьоҕурдааххын. Нууччалыы эмээскэҕинэн кытта саҥаран бырдырҕатар-тырдырҕатар буолуоҕуҥ, – Миитэрэй күлэн симириктээтэ. – Оттон мин… – кынтаччы туттан, халлаан диэки көрдө. – Сэрии кэнниттэн арамаан суруйуоҕум. Ол гынан баран, онтум сахалыы буолар дуу, нууччалыы буолар дуу, ону билиҥҥитэ билбэппин… Чэ! – уҥа илиитинэн салгыны быһа курбуулаата. – Сахам тылынан даҕаны суруйдахпына, нууччалыы тылбаастаныаҕа. Оччоҕо ону эйэлээх олоххо дьулуһар, эйэлээх халлаан анныгар олоруон баҕарар бары сэбиэскэй дьон, ону ааһан, Сир шаарын бары омуктара ааҕыахтара! – эмискэ төлө биэрэн, араатардар курдук эрчимнээхтик, төлөннөөхтүк саҥарда уонна, онтуттан бэйэтэ соһуйбуттуу, уһун хара бэскитин уҥа илгистэн кэбиһээт, кэпсэтии хайысхатын уларытта. – Иһит эрэ, Баһылай, ити Дьокуускайга, хомуйар пууҥҥа, тоҕо хамыыһыйаны хос барбатаххыный? Эн хараҕыҥ мөлтөх эбит дии? Сэриигэ барбакка, дойдугар хаалыаххын сөбө…
– Тугуй, эн хаалыаххын баҕараҕын дуо, Миитэрэй? – Баһылай ыйытыытыгар тимир-тамыр дорҕооннор иһилиннилэр.
– Эс, ол мин хараҕым мөлтөх үһү дуо? – доҕоро кини ыйыппыт уоҕуттан ымыттан даҕаны көрбөтө. – Чахчыта, олоххо эҥин-эҥин быһыы-майгы баар. Сорох куттанан, туох эрэ ньыманан-албаһынан боруонньа ыла сатыыр, оннооҕор соруйан илиилэрин-атахтарын эчэтинэр эбэтэр букатын даҕаны күрэнээччилэр, дэһэртиирдэр бааллар. Ол иһин дьиктиргээн ыйытабын.
– Ээ, ити мин соруйан үтэн-анньан, оонньоон ыйытабын, убайбын эрэнэбин бөҕөтө буоллаҕа, – Баһылай өрө күүрүүлээхтик саҥаран добдугуратта. – Быраастар сиитэлэрин бу даҕаны сырыыга мүччү түстүм эбээт! – астыммыттыы ытыстарын суураланна. – Мин сэрии саҕаланыаҕыттан боруоҥҥа бара сатыыбын. Сэрии саҕаламмытын биллэрэр кэмнэригэр Дьокуускайга артыыска үөрэнэ сылдьыбытым. Кэпсээбитим дии, умна оҕустуҥ дуо?
– Омунуҥ бөҕөтө, – Миитэрэй күллэ. – Тоҕо умнуохпунуй, доҕоор. Манна диэн эттэххэ, Таанньа эмиэ артыыс буолар ыра санаалаах.
– Оскуолаҕа миигин кытта үөрэммит оҕолор ким учуутал, ким быраас, ким байыаннай буолуохтарын баҕараллара. Оттон мин кыра кылаастартан артыыстары наһаа сөбүлүүрүм. Холкуос кулуубар биир да оонньууну, туруорууну көтүтээччим суох. Оонньуур дьон хас биирдии туттууларын-хаптыыларын, хамсаныыларын, тылларын айахпын аллаччы атан олорон бүтүннүү сүһэн, түһэрэн ыларым. Онон култуура учуулуссатыгар үөрэнэргэ санаммытым. Ийэм уонна Дабыыт мин баҕа санаабын толорорбор туох баар кыахтарынан көмөлөспүттэрэ. Сэттэ уон биэс солкуобайы хомуйан биэрбиттэрэ. Сүүрбэ биэстиилээх үс кумааҕы. Куоракка тиийэн ону-маны атыылаһарбар диэн. Арахсыыбыт, биллэн турар, харах уулаах этэ. Ийэм миигин икки сыл устата көрбөтүттэн олус санааргыыра. Миэхэ даҕаны наһаа ыарахана… – Баһылай кэпсээнин тохтотон чуумпуран хаалла.
Миитэрэй даҕаны тугу да саҥарбакка, ыраахха көҕөрө тунаарар кытылы кыҥастаста.
– Ол гынан баран, артыыс буоларга тардыһыым оннооҕор күүстээҕэ, – Баһылай эмиэ кэпсээн барда. – Дьокуускай куорат миигин олус күүскэ сөхтөрбүтэ. Таас дьиэлэрэ бу улахаттара, элбэхтэрэ. Дьоно-ата, ыта-куһа … Ньурбаттан төрүттээх аймахпыт дьахтарга түспүтүм. Кини кэргэнэ Хаабыһап хаайыыга эбит этэ. «Норуот өстөөҕө» диэн буруйдаабыттар. Көмүс үлэтигэр сылдьыбыт киһи. Мин кэлиэм иннинэ аҕай, милииссийэлэр тугу эрэ көрдөөн дьэҥдьийбиттэр, бүтүннүү түрбүйбүттэр. Инньэ гынан, дьиэлээх дьахтар олус куттанара, сэрэнэрэ. Хас биир тыас аайы ойон турара…
– Оттон биһиги учууталбытын Дьөгүөр Уйбаанабыһы, Бииллээхэп бэйиэти, отут аҕыс сыллаахха «норуот өстөөҕө» диэн хаайбыттара. Чурапчыттан төрүттээх киһи биһиэхэ үлэлээбитэ. Доҕорум Бүөтүр биһикки учууталбытын үтүктэн, киниттэн үөрэнэн хоһоон суруйар идэлэнэн барбыппыт. Устунан хоһоон хоспохторо буолбуппут, – Миитэрэй, мүчүк гынан ылаат, тулатын чуҥнаммыттыы көрдө, онтон сибигинэйэ былаан эттэ. – Мин кинини «норуот өстөөҕө» диэбиттэрин итэҕэйбэппин ээ. Ойуунускай эмиэ «норуот өстөөҕө» буолбатах. Туох эрэ улахан алҕас таҕыста. Хомуньууһум өстөөхтөрүн оҕуруктара, уодаһыннара оҕуста быһыылаах. Мин Ойуунускай элбэх хоһоонун өйбүттэн ааҕыахпын сөп. Оннооҕор «Былатыан ыйбыт суолунан» диэн хоһоон суруйан турардаахпын. Онтум Нам «Холкуос сирдьитэ» хаһыатыгар бэчээттэммитэ ээ.
– Оттон миигин кини «Өрүөл кэриэһэ» диэн хоһоонун дорҕоонноохтук ааҕарбын хайгыыллара. Билигин ааҕан иһитиннэриэм, – Баһылай киэмсийэ туттан ойон турда, сэҥийэтин көтөхтө, түөһүн мөтөттө, санныларын даратта. – Будулҕан… һык… – Миитэрэй кинини сиэҕиттэн тардыбытыгар умса бара сыста.
– Бэйи, эн тохтоо! Сэрэхтээх ээ, – убай доҕоро Баһылай кыыһырыахча буолбутугар тута быһаарда. – Кэлин ааҕаар. Хата, билигин бэйэҥ тускунан кэпсээ. Салгыы хайдах буолбутай?
– Куоракка киинэҕэ үлүһүйэн туран сылдьан барбытым. Сайын пааркаҕа көрдөрөөччүлэр дии. Онно киэһэ аайы кэриэтэ тиийэ турабын. «Чапаайап» диэн киинэҕэ иккитэ сылдьыбытым. Оттон «Бэсүөлүйэ эрэбээтэҕэ» үстэ, – Баһылай, ордук итэҕэтиилээх буоллун диэн дуу, тарбахтарын саратан көрдөрдө. – Туох даҕаны уубар-хаарбар киирэн, тугу барытын умнан туран көрөрүм.
– Ньыыкан Табунааһап курдук киинэ артыыһа буолуоҥ хаалбыт быһыылаах, – Миитэрэй быһа түстэ. – «Кэҥсик-муҥсук сыттардаах киһи» диэн ыллыаҥ этэ, һэ-һэ…
– Ол кимий? – Баһылай дьиктиргээтэ.
– «Аэроград» диэн киинэҕэ уһуллубут саха киһитэ, артыыс. Сураҕа, Олоохуна Кыыллааҕа үһү. Москубаҕа үөрэммит.
– Тыый, Москубаҕа?! Хаарыан киинэни көрө илик эбиппин. Сахалар тустарынан дуо?
– Чукчалар тустарынан. Ол гынан баран, чукча уолун оонньуур Табунааһап хантан кинилэр ырыаларын билиэй? Ол иһин, дьэ, «кэҥсик-муҥсук» диэн ыллыыр, – Миитэрэй ис-иһиттэн тартаран күллэ.
Оттон Баһылай сөхпүтэ бэрдиттэн күлбэтэ даҕаны, онтон:
– Хайдах оннук буолуоҕай?.. – диэн бэркиһээбиттии ботугураата. – Убайым оҕонньор, тугу эрэ халытаҕын быһыылаах…
– Кырдьык-кырдьык, – Миитэрэй кэтэҕин тарбана олорор доҕорун көрөн мүчүҥнээтэ. – Чэ, эн онтон санаарҕаама. Кэпсээҥҥин ситэр. Аралдьыйа тураҕын дии…
– Бэйэҥ аралдьытаҕын буолбат дуо? – Баһылай өһүргэнэн өрөһөлөммүтэ, охсуоламмыта буолла, онтон дьоһумсуйда. – Чэ, иһит. Онтон биирдэ, өрбөххө кичэйэн ахан суулаан, сиэппэр укта сылдьар харчыбын бүтүннүү уордардым. Дьэ, ыраастык ылбыттара. Инньэ гынан, били саҥа таҥас, тэтэрээт, кинигэ ыларым барыта хаалаахтаатаҕа дии… Үҥсэн туһа суох. Аһыннарар-атаахтыыр кимим да эмиэ суох. Онон онно-манна быстах-остох үлэлииргэ күһэллибитим. Сотору куорат олоҕор, үөрэхпэр сыстан барбытым. Нууччам тыла эрэ атахтыыра. Дьэ, эрэй диэтэҕиҥ! – быһыта чыпчырынан кэбистэ. – Сайыҥҥы сынньалаҥҥа дьиэбэр, дьоммор барбатаҕым. Бэйэҥ билэҕин, Бүлүүгэ диэри сэттэ сүүс биэрэстэни атынан барыахха диэтэххэ абытай ээ. Оттон борохуокка – харчы. Аны төннөрүм баар… – Баһылай, саллыбыттыы, баһын быһа илгиһиннэ. – Эн син биир Алын Бүлүү киһитэ буоллаҕыҥ, билэҕин буоллаҕа.
– Билээн-билэн. Өрүһүнэн даҕаны айан бэрт уустук. Оннооҕор биһиги Сангаарбытыгар тиийэр ыарахан. Бүлүү устун дьону таһар биир эрэ борохуот сылдьар дии. «Пропагандист» диэн ааттаах. Иллэрээ сыллаахха, сэрии иннинэ, кыайан билиэккэ тиксибэккэ хааллыбыт. Онон, бэһиэ буолан, биир дойдулаах устудьуоннар, дьон сүбэлээн, кыттыһаммыт кунгаас атыыласпыппыт. Үс мөһөөх алта уон солкуобайга. Биэс киһини холкутук уйар, куормалаах улахан оҥочо. Уонна соннук эрдинэн Сангаарга тиийбиппит. Эдэр, эрчимнээх буоллахпыт. «Эбэбит эйгэтэ, сири-дойдуну, айылҕаны көрүөхпүт, уу, салгын!» – дэспиппит баара. Ол да буоллар, сүүрүк хоту буолан эрэ санаммыппыт. Аны туран, омуммутугар, ыксалбытыгар буолан, үтэбитин даҕаны үчүгэйдик тэриммэтэхпит. Аара Кыраап Биэрэгэр тиксэн, Намҥа тахсан килиэп, аһылык булуохпут дэспиппит баара. Бастаан дохсуммут дьикти – эрдиилэрбитин кынат курдук даллатан, сүүрүктээх ууну көҥү охсон кэбистэхпитинэ, алтан солуур иһин курдук чөҥөрүйэн, кэннибитигэр хаалан иһэр. Санаабытыгар, оҥочобут иннин диэки кынаттаах курдук өрө дайар. Кытыл ото-маһа биир кэм элэҥнэс. Эбэбит «эһиги кэлэр кэскилгит мин курдук киэҥ-куоҥ, уһун үйэлээх буоллун!» диэххэ айылаах нэлэһийэн арылыннар арыллан иһэр. Күөх сыта, уу сөрүүн салгына сүрэххэ-быарга сайа охсон киирэр, күүс-уох эбэргэ дылы. Оннук өрүс хаҥас өттүгэр үтэн киирбит тумул көһүннэҕин аайы: «Оо, Кыраап Биэрэгэ!» – дии-диибит түллэ-түллэ тардан биэрэн истибит. Оттон Кырааппыт Биэрэгэ кэллэр кэлэн биэрбэтэ, атынтан атын арыылар, туспа тумуллар буолан истилэр. Түүҥҥү сөрүүн түһэн истэҕин аайы, көтөр-сүүрэр саҥата чуумпуран, биһиги көрдөөх-нардаах кэпсэтиибит, мөккүөрбүт эмиэ мөлтөөтөр мөлтөөн, аҥаардас эрдиилэр эрэ тыастара тилиргиир буолан барда. Солбуйсар кэммит быыһыгар утуйа-утуйабыт, эртэр эрдэн, ырааттар ыраатан бардыбыт… Дьэ, айанньыттар эбиппит ээ… – Миитэрэй кэлэйбиттии саҥарар. – Кытаанах айан этэ, доҕоор. Кырааппыт Биэрэгин ааһа түһэн хаалбыт этибит. Туруйа Оппуоһа диэн сиргэ, биһиги дьолбутугар, Баһыкка диэн оҕонньор сайылаан олороругар түбэһэммит, кини аһатан, үтэлээн, сүбэлээн, ыйан-кэрдэн Сангаарбытын булбуппут. Итигэннэ айылҕа барахсан туран биэрбитэ. Силлиэҕэ, балхааҥҥа түбэспэтэхпит… Бээ, бу мин тимэҕим туох ааттаах төлө барда, ээ? – Миитэрэй эмискэ, сытыы хараҕынан Баһылайын тоһоҕо курдук тобулута көрөөт, бэйэтэ бэйэтиттэн көрдөөхтүк ыйытта. – Айаҕым хам буолбакка арамааным биир бэлэм түһүмэҕин ыһа-тоҕо кэпсээн кэбистим дии. Ол омуммар атын бэрт кэрэхсэбиллээх түһүмэҕин мүччү тутаары гынным. Оо, дьэ, халлаан киһибин! – күлэн кыччыгынаата. – Чэ, эн кэпсээ-кэпсээ, туохха эмэ быһа түһэ олордомуй, арамаана суох хаалаары, – диэн эбэн биэрдэ, чараас уоһун сэгэтэн, эйэҕэстик мичээрэн, «чэ, саҕалаа, мин сэҥээрэн истэргэ бэлэммин» диэбиттии тутунна.
Оттон Баһылай Миитэрэй кэпсиирин наһаа сөбүлээн истэр. Тыла ууһун-уранын, лоп бааччытын, кэпсиирэ-сэһэргиирэ утумнааҕын-ситимнээҕин, бииртэн биирэ сиэтиллэн тахсан иһэрин сөбүлүүр. Аны туран, билэрэ-көрөрө киэҥэ, элбэҕэ сөхтөрөр. Онтунан киэбирбэт, судургу. Аҕа саастаахпын да диэн убайымсыйбакка, аатырбакка сэһэргиир. Бу даҕаны сырыыга оҥочонон хайдах айаннаабыттарын туһунан кэпсиирин Баһылай истэ олоруох эбит. Кини бу Элиэнэ курдук улуу эбэҕэ оннук эрдиилээх мас тыынан айаҥҥа туруоҕун өйө соччо-бачча хоппот… Баҕардар, ыччаттары кытта кучуһан уонна дойдутугар-дьонугар тардыстан, ол күүһүгэр уйдаран сананыах эбитэ дуу?..
Баһылай аргыый аҕай көхсүн этиттэ. Онтон Миитэрэйин диэки көрдө.
– Сэрии саҕаламмыт күнүн бүгүн курдук өйдүүбүн… Өрөбүл буолан, бэрт үчүгэйдик налыччы утуйан турбутум. Килиэп арыыланан, халыҥ соҕустук сыбанан, олус минньигэстик аһаабытым. Хайдах эрэ чуумпу баҕайыта. Бары ханна эрэ барбыттар этэ. Туран, маанымсыйан, маҥан ырбаахыланан-хайаан, устунан пааркаҕа тиийэр санаалаах, куорат устун дьаарбайа барбытым. Куорат эмиэ тоҕо эрэ иһийэн хаалбыт курдуга. Наркамаат дьиэтин таһыгар саҥа улахан кыһыл былакаат ыйаммыт этэ. Ааҕарын аахпытым эрээри, суолтатын соччо өйдөөбөтөҕүм. Кыһалҕата суох киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, Ардьаникиидсэ уулустатыгар баар, олордуу сибэккилээх, үс муннуктуҥу быһыылаах майдааҥҥа тиийбитим, дьон тоҕуоруһан, үөһэ баҕанаҕа ыйаммыт араадьыйа диэки хантайан иһиллээн ахан тураллара. «Сэрии турбут! Ньиэмэс басыыстара саба түспүттэр. Муолатап биллэрдэ», – диэбиттэрэ. Онно били былакааппар суруллубут тыллар суолталарын өйдөөн кэлбитим: «Симиэрт – басыыстам!» диэн этэ. Дьон бары санааҕа баттатан саҥарар-кэпсэтэр киһи диэн суоҕа… Бары даҕаны ханна баран испиттэрин умнан кэбиспит курдуктара…
– Оннук, ол күн барытын тосту уларыппыта. Мин онно дойдубар Кэбээйигэ этим. Күлбүт-үөрбүт сирэйдээх, мичээрдээбит, чаҕылыйбыт харахтаах киһи диэн биирдэ суох буолан хаалбыта… Сэрии!..
– Сэрии!.. – Баһылай үтүктээйи курдук хатылаабытын бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө хаалла быһыылаах. – Куоракка сонно тута хаартачыканы туттууну киллэрбиттэрэ. Хаартачыката суох тугу даҕаны ылар кыаҕыҥ суох. Ордук ас-үөл кырыымчык буолбута. Истипиэндьийэбит бүтүннүү кэриэтэ оборуона буондатыгар барара. Ол эрээри ытанар, үҥсэргиир ыччат суоҕа. Мин курдук тыаттан кэлбит устудьуон куоракка айаҕын булунара кыаллыбат буолбута. Өскөтүн урукку өттүгэр дьоҥҥо мас хайытан, уу таһан харчылаһар эбит буоллахпытына, билигин биһигини көмөлөһүннэрээччи суоҕа. Туохтарынан төлөһүөхтэрэй? Бары аас-туор олоххо олорон?..
– Мин онно, истээт даҕаны, Кэбээйигэ киирэн байаҥкамаакка тиийбитим. Ылбатахтара.
– Биһиги эмиэ боруоҥҥа дьулуспуппут. Бэс ыйын сүүрбэ биэс күнүгэр хайыы үйэ байаҥкамаакка тиийбиппит, бэйэбит тылланан, добурабуолас буолан. Мин ол кэмҥэ уон аҕыспын туола иликпин, онон, чыпчылыйбакка даҕаны, «сүүрбэ икки сыллаах төрүөхпүн» диэбитим. Итэҕэйбэтэхтэрэ. Барыта дьыалабар сурулла сырыттаҕа дии. Эбиитин быраастар, ол иннинэ кумахылаабыппын билэннэр, букатын киэр кыйдаабыттара. Добурабуолустаан бүттэҕим ол… – Баһылай өрө тыынан ылла. – Онно «үрүҥ билиэт» туттарбыттарыгар букатын кимҥэ даҕаны, туохха даҕаны туһата суохтуу сананан муҥурданыыга киирбитим… Оттон куорат олоҕо күн-түүн ыараан иһэрэ. Үлэ үс солбугунан барар буолбута. Ону биллэрэн, ыстаансыйа лакаматыыба үстэ чускуйара: сарсыарда аҕыс чааска, онтон түөртүүргэ уонна түүн ортотугар. Куоракка хааллым даҕаны, аччыктаан өлүөхтээхпин дьэҥкэтик өйдөөбүтүм. Онон күһүөрү, айанньыттар обуостара барарын истэн, көрдөһүү бөҕөтүн көрдөһөн, дойдубар барсыбытым. Сэттэ уон көһү туос сатыы хаампытым – бырыыны-бадарааны мэһийэн, сииги-силбиги тэпсэн, маардары-үрэхтэри туораан-кэһэн, айанньыттар тугу бэрсибиттэринэн үссэнэн. Түүнүн токуйуохпунан токуйан, кумуйуохпунан кумуйан тоҥон ибигирии сытан утуйарбар ийэбин уонна Дабыыты саныырым. Түргэнник тиийэ охсон кинилэри кууһарбын санаатахпына, сүрэҕим быһыта туппахтыыра. Оннук сытан, эстибитим бэрдиттэн, син утуйан хааларым… Эрэй-муҥ бөҕөтүн көрөн, ыйтан ордук кэм устатыгар айаннаан, дойдубар тиийбитим…