Суостаах кэм өргөһүгэр
Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.
Оглавление
Группа авторов. Суостаах кэм өргөһүгэр
I. Сырдык сыдьаай
II. Сор аана
III. Сор муҥа
IV. Айан аргыара
V. Эрэй coҕoтox сылдьыбат
VI. Төннүү дьоло
VII. Көмүс сүрэ
VIII. Дьол тардылыга
IX. Эрэл күүҺэ
Х. Кыайыы өрөгөйө
XI. Айылгы тыына
Отрывок из книги
Алаадьы төгүрүк алаас халдьаайытын үрдүгэр кэҥэс бааhына нэлэhийэр. Солко сымнаҕас баттаҕы имэрийэ тараан сэксэҥнэтэр курдук, тыал балаhата киистэ кутан эрэр бурдугу өрө-таҥнары уҥа-хаҥас долгуhута хоҥкуҥнатар. Бу Маппый оҕонньор өрдөөҕүтэ уолаттарынаан хара тыаны солоон оҥостубут бааhыналара этэ. Ол билигин холкуос биир бастыҥ бааhыната буолан турар. Бааhына кытыытын эргиччи хатыҥ мастар таптаан үүнэн кылбаhаллар. Бу алаас күөлүгэр саас аайы хаастар түhэн сынньанан ааhааччылар. Чоруун кэрэ бэйэлээх көтөрдөрү ким да бултаспат буолара. Кинилэр алааhы бэйэтин таптаан, ону ааhан, манна олохтоох икки атахтааҕы эрэнэн буолуо, түhэн өрөөн, сынньанан, салгыы ыраах айаннарыгар көтөллөрө. Алаас арыый намыhах аппатыҥы өттүнэн сыыры таҥнары үүнэн түспүт, үрүҥ хаастары кытары кэрэлэрин куоталаhардыы, толуу үтүөкэн хатыҥнардаах чараҥ бэрдэ сыыр аннын киэргэтэ суугунуу, намылыйа хамсыыр. Чараҥ аттыгар алаас өссө биир кэрэтэ, Саха сирин симэх отун эгэлгэлэриттэн бастыҥа – сардаана тэтэрэ үүнэн силигилиир. Биирдии укка хастыы да төбө үүнэн хараҕы манньытар.
Маннык үтүөкэн алааска күнү көрбүт, биhигин ыйаабыт Үүйэ кыыс бэйэтэ эмиэ нарын, чоҕулуччу көрбүт хап-хара харахтара мичээрдэрин кистээбэттэр. Сардааналыы көнө таhаалаах, уолан бэрдин сүрэҕин сүүйүөх номоҕон сэбэрэлээх, эйэҕэс үтүө майгылаах. Кини бүгүн доҕор уолун дьонугар билиhиннэрэ илдьэ иhэр. Уол дьонугар сылдьыбыттара. Кырдьаҕас аҕата, бииргэ төрөөбүт быраата соhуччу кэлбит үөрүүлэрин кистээбэтэхтэрэ. Биир кэм ис-истэриттэн мичээрдэhэ турбуттара. Күhүн үлэ-хамнас үмүрүйбүтүн кэннэ, аныгы олох сиэринэн, сэмэй уруу тэрийиэхпит дэспиттэрэ.
.....
– Хайа, бу чэйбит төhөлөөтө? – диэбитинэн Өлөксөй киирэн кэллэ. – Ылдьаа, мин кыраабыл угун быhан кэллим. От өлгөмө суох эрээри, ситэн эрэр курдук көрдүм.
– Ээ, оннук. Сотору оттуу тахсабыт. Көлөлөр аттарыллан тураллар, биригээдэлэр бэлэмнэр. Ити тэриллэрбит ситэ иликтэр. Ат сэбэ ымпыга-чымпыга элбэх, кыраабыл ыллын да түргэнник тута оҥоhуллубат. Хата, оҕонньотторбут илиилэрин үлэттэн араарбат буоланнар, барыбыт бары син бүтэн, ситэн иhэр.
.....