Төлкөнү түстүүр түгэннэр
Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.
Оглавление
Группа авторов. Төлкөнү түстүүр түгэннэр
Хаатыҥкалаах киһи (Сирэй кэпсээн)
Өһөс саллаат (Сирэй кэпсээн)
Төлкө түстэниитэ (Сирэй кэпсээн)
Тоҥуо төрдүгэр (Сирэй кэпсээн)
Хаамарап түһүлгэтигэр
Гаврил Колесов
Историк үрдүк анала
Отрывок из книги
Отуттан тахса сыл анараа өттүгэр букатын атын кэм, атын дойду эрдэҕинэ мин, сүүрбэччэлээх уол киһи, сайыҥҥы куйаас күн Сайсары буор-сыыс уулуссатынан туохха эрэ ыксаан-бохсоон иһэн, киниэхэ кэтиллэ түспүтүм. Туох да суруга-бичигэ, кырааската да суох, онон-манан көөрөттүбүт сиэмэн сыбахтаах таас туумба үрдүгэр уһун синиэллээх саллаат хаҥас илиитигэр аптамаатын умса тутан, уҥа илиитигэр туох эрэ бөчөх курдугу бобо харбаан, бэйэтэ умса нөрүйэн турара. Бу диэки ханан эрэ саха саллаатыгар пааматынньык туруорбуттар үһү диэни истэр этим, онон «ээ, ол кини буоллаҕа дии, хата, көрөн ааһыахха» диэн санаа кылам гыммыта. Онтон тоҕо эрэ эмискэ кыбыстар курдук буоллум, «ким эрэ одуулуура буолуо» диэбиттии уҥа-хаҥас көрүтэлээбитим, тулабар ыт охсор киһи суох, онтон холкутуйбут курдук чочумча пааматынньыгы өрө мыҥаан тура түстүм.
Кимий бу? Федор Попов дуо? Суох, маарыннаабат. Саатар, сахата да, нууччата да чуолкай биллибэт гына оҥоһуллубут. Саха диэҕи били «антах харах, бэттэх мурун» диэх айылаах, нуучча диэҕи иэдэһэ олус кэтит. Бээрэ, бу Лонгиновынан иһэбин дии, оттон саллаат Лонгинов уулусса диэки хайыһан турар. Лонгинов буолуо дуо? Суох, Лонгиновы хаартыскатынан билэбин, бэрт нарын мөссүөннээх нуучча уола, бу лаппа томороон диэххэ сөп дьүһүннээх уол турар. Уонна дьоруойу тоҕо умса туттан турар гына оҥоруохтарай? Чэ, сахатынан саха, хата, бааһынайдаах дуу… Испэр күлэ да санаатым.
.....
– Сөп буоллаҕа дии… Аҕыйах сыллаахха диэри уордьаннарын, мэтээллэрин килэччи анньынан баран хаамаллара көрөргө үчүгэй да буолара.
– Ити сэрии элбэх киһини сиэтэ. Ким билэрий хас саха сэриигэ өлбүтүн?
.....