Тулаайах оҕо
Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.
Оглавление
Группа авторов. Тулаайах оҕо
Тумулук. Туманнаах түбэҕэ
Бастакы олук. Хааннаах илкээни
Маҥнайгы түһүмэх. Өс-саас
Түргэн атахтаах кыыл
Өһүллүбэт өһүөн
Хааннаах илкээни
«Уҥуохпун тутан бар»
Иккис түһүмэх. Кэриими ситэрэ
Тоҥ биис чуоһа
Түҥкэтэх өрүс устун
Бэрдьигэстээх Дэбэндэ
Хаан таһаарыы
Үһүс түһүмэх. Илбис түүнэ
Хара суор халаахтыыр
Ньырбачаан түүлэ
Алакыы! Алакыы!
Куотуу
Ортоку олук. Бүтэй Бүлүү, Сыа Бүлүү
Маҥнайгы түһүмэх. Хара тҮмэн суолунан
«Маҥан хайаахтыыр мөхсөр дуу?»
Ойдуо
Хойгуо
Хааннаах дапсы
Иккис түһүмэх. Көҥүл боотурдар
Табаһыт уол
«Эккиҥҥин да эрэнимэ»
Ыҥырыллыбатах ыалдьыттар
Үс Бэлиэлээх хоһуун
Үһүс түһүмэх. Суос-соҕотоҕун
Туос тыынан өрүһү таҥнары
Буор холомолор
Кустаах күөлгэ
Элбэлээн
Тигиилээх сирэйдэр
Киһи суола
Төрдүс түһүмэх. Куттал
Оһох уотун сылааһа
Мохсохо оҕонньор
Атас
Суоһар сурах
Бэһис түһүмэх. Күүлэт
Дагдаҕар албаһа
Өлүү дүбдүргэнэ, сах быһылаана
Айыы ойууна
Үрүҥ тыын өллөйө
Тиһэх олук. Тыал буолбуттар
Маҥнайгы түһүмэх. Балай күүс бардам
Хаттыана эмээхсин үөрэҕэ
Кыайтарбыт кырыыһа
Ситээйикээн
Куһаҕан бит
Улуу Добдурҕа
Биллибэт боотурдар
Харах уута
Иккис түһүмэх. Кырыалаах кыһын
Дьоро киэһэлэр
Сип саҕаттан силбэһии
Ньымаат
Үһүс түһүмэх. Сэлэмэ кустук
Тиигээн
Кыһалҕа
Сэлэмэ кустук
Кэс тыл
Туймуу. Өйүмү
Хос быһаарыылар
Отрывок из книги
Аан ийэ дойду араҥаччыта буолбут аҕыс сардаҥалаах аламай маҥан күн алаарыйа тахсан кэлбитэ, аан бастаан чурбука төбөтүн уонна онно, чөҥөчөк курдук, хамсаабакка үҥүүтүгэр өйөнөн олорор тайах саҕынн…ахтаах хоһууну сырдаппыта. Бэрбээкэйигэр диэри охсуллар уһун саҕынньаҕын сөрөнө тардынан, өрүүлээх хара астаах сыгынньах төбөтүн көнөтүк туттан, кыараҕас сытыы харахтарынан хоһуун кый ырааҕы одуулуура. Улук ууга унаарыйа туймаарбыт айылҕа барахсан, күн күлүмүрдэс күүһүттэн күүһүрэн, тырымнас тыыныттан тыыннанан, улам уһуктан испитэ. Киҥкиниир киэҥ халлаан кэтит киэлитэ кэҥээбитэ, киэркэйбитэ, унаар-тунаар орто дойду уһуурга, тэнийэргэ дылы буолбута.
Очуос таас хайа аннынан таба сулуктатыныы араастаан эриллэн-буруллан ааһар Өксүөннээх Өлөөн өрүс, өлгөм хаары өрүтэ көтүппүттүү, билигин даҕаны үрүҥ туманынан үллүнэн сытара. Өрүс бу тоҕойо сайыҥҥы саамал ардахтарга, күһүҥҥү сиппэрэҥ кэмнэргэ куруутун халыҥ туманынан, куобах суорҕаныныы, бүрүллэн турарын иһин Туманнаах Түбэ диэн ааттаабыттара.
.....
Сирэйигэр чэрдээх киһи соруйбута:
– Бэнчимэ! Күнэгэ! Икки өттүттэн ылыҥ!
.....