Айылҕаттан аналлаах Чугдаара Хотун
Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.
Оглавление
Группа авторов. Айылҕаттан аналлаах Чугдаара Хотун
ИЙЭЛЭЭХ АҔАМ ЭППИТТЭРИН ЭППЭР-ХААММАР ИҤЭРЭН
ОҔО СААҺЫМ ЫЛЛЫКТАРА
АММА ЫҤЫРАР, УГУЙАР ЭТЭ…
ЫТАРЧАЛЫЫ ЫЛБЫТ ЫАРЫЫ…
ЭТИТЭР, ИЭТЭР ИЭЙИИЛЭРИМ
АҺЫЛЛАБЫН АЙЫЛҔАМ ЭТЭРИНЭН…
СЫРДЫК УТАХТАРЫНАН СЫДЬААЙА, ҮТҮӨНҮ БААЙАБЫН…
ИС ТУРУГУМ ТОЙУГА
ЧУГДААРА ХОТУН АЛГЫСТААХ СҮБЭЛЭРЭ
ОЛОХ МУУДАРАҺЫТТАН ҮЛЛЭҺИННЭХХЭ
ААЛ УОТУМ УМАЙДА!
Отрывок из книги
– Кэптэнигэ ыаллаһа олорбут саамай чугас дьүөгэлэрбин Вера Заровняеваны уонна Шура Лугинованы кытта эмиэ ойууру кэрийэн тахсар этибит. Мин батыһыннартыыр буоллаҕым. Сороҕор үлтү тоҥуохпутугар диэри сылдьан, киэһэ хойут төннөрбүт. Биэрискэм ис-иһиттэн нарын-намчы, ол иһин сороҕор кинини сүгэрим. Шуркаанайым наһаа күлүүк, ханнык да түгэҥҥэ биһигини сэргэхситэрэ. Вера олоҕун үҥкүүгэ аныах киһи диэх курдук, наар индийскэйдии үҥкүүлээн тэлээрэрэ.
Тыаҕа бардахпытына, тэтиҥ сэбирдэҕин тэлгэнэн матараас оҥостон, халлааны одуулуурбут. Дьэ уонна бэйэбит айбыт «жу-жу-жуу, жа-жа-жаа» сүһүөҕүнэн ырыабытын тардан кэбиһэрбит. «Сэкириэттэһэр ырыабыт» диэн ааттыырбыт.
.....
Матрена Ивановна тохтуу түһэн, «итини мин тоҕо сатыыбыный?» диэн бэйэтэ бэйэтигэр боппуруос бэринэр кэмнэрдээх эбит. Ол кэмҥэ, арааһа, оҕо да сылдьан араас дьиибэни саҥаран, көрбүтүн-истибитин кэпсээн сэмэлэнэрин санаан кэллэҕэ буолуо.
Майаҕаска биир саастыылаах уола мас ууһа аҕалаах эбит. Матрена бэс сытын наһаа сөбүлүүр буолан, кинилэргэ, биир уулуссаҕа олорор ыалыгар наар тиийэр. Сороҕор саҥа оҥоһуллубут хоруопка киирэн сытан көрөн баран, «син биир баппат» диэн тыллаах буоларын бэйэтэ да бэркиһээн ахтар. Инньэ гынан биирдэ аҕатыттан таһыллыбыт.
.....