Дьикти түбэлтэ

Дьикти түбэлтэ
Автор книги: id книги: 2890280     Оценка: 0.0     Голосов: 0     Отзывы, комментарии: 0 200 руб.     (1,86$) Читать книгу Купить и скачать книгу Электронная книга Жанр: Правообладатель и/или издательство: Айар Дата добавления в каталог КнигаЛит: ISBN: 978-5-7696-4518-1 Скачать фрагмент в формате   fb2   fb2.zip Возрастное ограничение: 0+ Оглавление Отрывок из книги

Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.

Описание книги

Биллэрин курдук, уус-уран литература сүрүнэ – киһи өйүн-санаатын, иэйиитин, уйулҕатын, олоҕун мөккүөрүн көрдөрөр. Онуоха бу кэпсээннэр хас биирдии саха оҕото олоххо дьулуурдаах, тулуурдаах, көҥүл өйдөөх-санаалаах буолуохтааҕын этэллэр. Ааптар айымньыларын дьоруойдара – үөрэнээччилэр, олоххо саҥа үктэммит эдэр дьон. Кэпсээннэр түмүктэрэ үчүгэйдик бүтэр буолан, сырдыкка, кэрэҕэ угуйаллар, сылаас тыыннаахтар.

Оглавление

Группа авторов. Дьикти түбэлтэ

Кэпсээн быыһаабыта

Аҕа быһаҕа

Дьулуур

Төрөөбүт тыл

Ыт – киһи доҕоро

Дойду ахтылҕана

Дьикти түбэлтэ

Баҕа санаа

Туһа дьоно

Ойуунускай хоһооно

Өрүһүнүү

Эргиллии

Үтүө аргыс

Тэмтэрийии

Арыгы ыар содула

Быстах быһыы

Байкал

Хатыҥчаана (Остуоруйа)

Отрывок из книги

Миисэ бүгүн 17 сааһын туолар. Ийэтэ ас бөҕө астаата. Сотору чугас доҕотторо Кириисэ уонна Сиэнньискэ кэлиэхтээхтэр. Арай уол ийэтигэр көмөлөһө сылдьан иһиттэҕинэ, араадьыйа хардьыгыныыр, сыыгыныыр. Миисэ «тугу эрэ биллэрээри гыннылар быһыылаах» диэн араадьыйатын улаатыннарда. Арай ким да күүппэтэх, үөйбэтэх өттүттэн, Сэбиэскэй Сойууска ньиэмэстэр уоран саба түспүттэрин туһунан сөҥ куолас иһитиннэрдэ. Ийэтэ сибилигин күлэ-үөрэ турбут бэйэтэ хараҕын уутун кыатана сатаата да ытаан тоҕо барда.

Миисэ дьиэтигэр соҕотох эр киһи. Аҕата былырыын сайын илимнии сылдьан ууга түһэн өлбүтэ… Ол иһин дьиэ ис-тас үлэтин барытын кини оҥорор.

.....

Кырдьык да оннук быһыылааҕа. Биирдэ чааһыттан уонча киһини чуҥнааһыҥҥа ыыппыттара. Ол иһигэр Миисэ баара. Кинилэр «Урал» массыынанан баран истэхтэринэ, ньиэмэстэр артиллериялара массыынаны тоҕо тэптэрбитэ. Уон киһи баарыттан иккитэ эрэ тыыннаах хаалбыта. Суоппар уонна кини… Госпитальга: «Толору дьоллоох уол эбиккин. Иккиһин төрөөтүҥ», – диэбиттэрэ. 1943 сыллаахха Миисэ сэрииттэн эргиллибитэ.

Дойдутугар сураҕа суох сүппүтүн туһунан «хара сурук» кэлбит этэ.

.....

Добавление нового отзыва

Комментарий Поле, отмеченное звёздочкой  — обязательно к заполнению

Отзывы и комментарии читателей

Нет рецензий. Будьте первым, кто напишет рецензию на книгу Дьикти түбэлтэ
Подняться наверх