Читать книгу Ийэм кэпсиир… (4 чааһа) - - Страница 1
ОглавлениеКыайыы!!! Бу улуу өрөгөйгө тиийэр күммүт, син үүнэр күннээх эбит ээ!.. Кыайыы – бу соҕотох тыл үлэҕэ-хамнаска, олоххо-дьаһахха урут туттулуннаҕа, саҥарылыннаҕа ахан ээ… Ким эмит от үлэтигэр, күүлэйгэ бастаатаҕына – кыайыы. Мас кэрдээччи сорук оҥостубут, былааннаммыт үлэтин хас эмэ бүк куоһаран эрдэ бүтэрдэҕинэ – кыайыы. Ыһыахха тустан, атах оонньоон ким эмит кими эмит хоттоҕуна – кыайыы… Муҥха ийэтин толору балык кэллэҕинэ – үөрүү-көтүү, эмиэ – кыайыы… Барыта – кыайыы!.. Ол эрэн, бу айылаах, Аан Ийэ дойдубутун атыйахтаах уулуу аймаабыт, аана суох алдьархайы, иэнэ суох иэдээни аҕалбыт сэрии бүппүтүн өрөгөйө, мөлүйүөнүнэн дьон сырдык тыыннарын толук ууран туран, биэс үйэ кэриэтэ уһуннук, сындалҕаннаахтык ааспыт биэс сыл, бары биир ньыгыл күүс буолан өһөгөйдөөх өстөөҕү самнарбыт сүдү кыайыылара – Улуу Кыайыы!.. Кыайыы диэн тылы урут иһиттибит эрэ, истибэтибит эрэ… Ол эрэн, бу – сандал саас сир ийэ дойдуну сирийэ көтөн, айгыр силик айылҕа барахсан силигилии тыллан ситэри симэнээри турар үтүөкэн күннэригэр этиллибит «кыайыы» диэн тыл – дьикти кэрэ, ураты сонун, улуу өрөгөй тыла буолан иһиллибитэ… Кыайыы!!! Киһи: «Ама кырдьык дуо?!» – диэн чахчыта да итэҕэйиэ суоҕун курдуга…
…Кыайыы буолбутун аан бастаан бырабылыанньа дьоно истибиттэрэ. Суотчут Тыккыр Маарыйа, Өксөөн, биригэдьиирдэртэн күннээҕи үлэ биригэдьиирэ Намыынап Хабырыыл бааллара үһү… Балаҕаччыга, кыайыы буолбутун истээт да, сэбиэт кэнсилээрийэтин үлэһитэ, сэрииттэн эрэмсэрэн эргиллибит, эдэр, сүүрбэччэлээх уол, Баһылаайап Бүөккэ сонно тута суос сатыы Айдаҥҥа кэлбит. Тоҕо аттамматаҕа эбитэ буолла. Тиэтэйбитин омунугар, тиритэн, даба ырбаахыта көхсүгэр сыстан туома ыгыллар буолуор диэри илийбит… Бэйэтэ да кыайыы үрдүк өрөгөйүн айхаллаабыттыы, сааскы күн сууйбукка дылы кыркаҕа да суох ып-ыраас халлаантан чэмэличчи тыган сирилэтэн түһэн сүрдээҕэ… Тиит мас сир уутун тото иһэн, өйдөөн көрдөххө, хайыы-сахха күөх мутукча төбөтө сэмээр быган эрэрэ, сир ийэ барахсан уһун уутун кэнниттэн уһуктан, сэгэччи сэргэхсийбит, сонурҕаабыт сып-сырдык кэрэ сэбэрэтинэн тулатын сэргэхтик көрүөлэнэн, кини эмиэ кыайыы күнэ үүммүтүттэн сүргэтэ сүүдүйэ көтөҕүллэн үөрэн-көтөн, өндөс гынан өрө чөрөйбүккэ дылыта… Кыайыы буолар сааһа, үтүө кэм кэлэрин кэрэһилээбиттии, эмиэ эрдэлээн кэлбитэ…
Өксөөн, Баһылаайап Бүөккэттэн сонуну истээт да, аан бастаан ийэтигэр, биһиэхэ кэпсии охсоору дьиэ халҕанын эрчимнээхтик тэлэйэ тардан көтөн түспүтэ…
Дьоммут түөрэ бары үлэлэригэр, эбэм биһикки сылгыһыттар аттарыгар түү сөрүө тигэ олорбуппут. Оҕолор баччаҕа балаҕан иһигэр бүгүөхтэрэ баара дуо, үгэстэринэн ханна эрэ элэс гыммыттар этэ.
– Дьэ ийээ, кэтэһиилээх кэтэһиибит кэлэр кэмэ, күүтүүлээх күүтүүбүт үүнэр күнэ баар эбит… Кыайыы буолбут!.. Сибилигин Балаҕаччыттан Баһылаайап Бүөтүр уол кэлэн эттэ… Араадьыйанан бүтүн дойду үрдүнэн биллэрбиттэр… Лэбитээн субу-субу, үрүт-үөһэ биллэрэр үһү…
– Ким диигиний тоом? – эбэм долгуйан, сэлии муоһа кырабыайкатынан баттаҕын кэтэҕин диэки ньалҕаарыччы тарааммахтыыр.
– Лэбитээн!.. Лэбитээн!..
– Били, сэрии сонуннарын куруук араадьыйанан кэпсиир киһи, – мин эбэбэр быһаара охсобун.
Эмээхсин үрүт-үөһэ, сэмээр, симиктик:
– Дьэ бэрт эбит доҕоттор… Дьэ бэрт эбит… Бу үөрүүнү… – диэмэхтиир.
Төһө да эрдэттэн биллибитин иһин, күүппүт, кэтэспит дьон санаатыгар – кэмниэ-кэнэҕэс, хомнуо-хойут – кыайыы үүммүт күнэ, иһиллибит түгэнэ ураты долгутуулааҕа… Тылынан сатаан этиллибэт дьикти иэйии сүүрээнэ эккэр-хааҥҥар халыйа устан минньигэстик дьырылаан киирэргэ дылыта… Эмиэ да киһи ытыах, эмиэ да киһи үөрүөх дьикти туруга саба кууһан кэлэрэ… Ол тоҕотун киһи биир тылынан хайдах да кыайан силигин ситэрэн син биир кэпсиэ суох этэ…
Эбэм биһикки итиччэ сонуну истэн баран сөрүө тигэ олоруохпут баара дуо, сээкэйбитин чөкө бэрийэн кээһэн баран, тугу гыныахпытын булбакка дьиэ иһигэр төттөрү-таары тэпсэҥэлэстибит… Бу кэмҥэ тастан Мытыйыс Маарыйата бэрт чэпчэкитик дугунан көтөн түстэ, кини кэнниттэн даҕаспытынан, Маҥан Халдьаайы хотонугар тарбыйах хааччаҕа оҥоро барбыт Кыра Баһылай киирдэ…
– Өксөөн манна эбит!.. Иһиттэххит дии!.. Кыайыы буолбут!.. – Мытыйыс Маарыйата үөрбүтэ диибин диэн сүрдээх.
– Истэн… истэн тоом, субу Өксөөнтөн… – эбэм ис киирбэхтик мичээрдии-мичээрдии кэм да кырабыайкатынан баттаҕын көннөстөр.
– Эн кимтэн иһиттиҥ? – дьүөгэбиттэн ыйытабын.
– Намыынап Хабырыылтан… Борускуоҕа киирэн аастым… Борускуо истээт да сонунун кэпсии Торооско сүүрдэ… – Маарыйа таска үлэлии сылдьан утаппыт ахан быһыылаах, остуолга турар түбэһиэх тимир куруусканы эһэ охсон ылан, ыаҕастаах умдаантан сомсон иҥсэлээхтик ыйырбахтыыр…
Кыра Баһылай кыайыы сураҕын истэн кэмэ суох үөрбүтэ дьүһүнүгэр көстөр, ол эрэн тугу да элбэҕи саҥарбат, ибис-инчэҕэй буолбут өрбөх үтүлүгүн оһох ойоҕоһугар кирээдэҕэ куурда ыйыы-ыйыы:
– Хотон далыгар хаптаһын суора туран кыргыттар сүүрэкэлэспиттэрин ыраахтан көрөн, туох ааттаах буоллулар диибин ээ. Дьиктиргээммин хаптаһыммын ситэри суорбакка кэллим, – диир.
– Оттон кыайыы буолбутун хантан, кимтэн иһиттиҥ? – Маарыйа куруускалаах уутун эмискэ биир тыынынан иһэн тыын быһаҕаһа тыына-тыына Баһылайтан токкоолоһор.
– Субу… Эйигиттэн…
– Миигиттэн?!. Оттон оччоҕо тоҕо үөрбэккин?!. – Маарыйа кыра оҕо курдук ытыһын охсунан баран күлэн чачыгырыыр.
– Тыый, үөрбэккэ… Биһиги, сорох дьон улаханнык үөрдэхпитинэ, туора киһи көрүүтүгэр сөҥ түспүккэ дылы буолааччыбыт. Көр, оннук үөрүү диэн эмиэ баар куолута, үөрүү да араастаах, – Баһылай хас биирдии тылын чуолкайдык, лоп бааччы саҥарар, ити кини ордук оттомурдаҕына, долгуйдаҕына буолар быһыыта, итини баҕас дьэ мин билэбин…
– Хайыыбытый?.. Бачча үөрүүлээх, өрөгөй күҥҥэ эттэ ыргыччы буһаран миинниэххэ, – диир эбэм. Эти биирдэ эмит, дьоро киэһэҕэ эрэ сиибит, булууспут баччаҕа тоҥ, Кыра Баһылайдаах тоҥокко бултаабыт тайахтарын холун кытта, Ньукуолаҕа сиэхпит диэн уура сыппыт, бу күһүн идэһэлэммит тыһаҕаспыт төбөтө баар. Балыгы булууска буолбакка, туспа, дьара уҥучахха ууруна сытабыт.
– Тыый, туох баарбытынан-суохпутунан буоллаҕа. Эти мин булуустан таһаарыам, төбөнү хайыыбыный? – Кыра Баһылай ийэтиттэн ыйытар.
– Төбө хааллын, Ньукуолаҕа сиэхпит…
– Бээ эрэ… Бу курдук… Бу курдук гыныллыыһы… – Өксөөн тугу эрэ толкуйдаан тура түһэр. – Ас өттүнэн ыллахха… Ыскылааттан, холкуоспут дьонугар ас түҥэтиэххэ… Эт, бурдук, арыы оҕото…
– Ол сатанар дуо?.. – эбээ кыыһыттан ыйыппыттыы көрөр.
Өксөөн сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ сүрдээх:
– Сатаннын-сатамматын… бу айылаах улуу, үөрүүлээх күн. Кыайыы күнэ – күн аайы үүммэт… Бээ эрэ, оҕолор, мин барыыһыкпын, били дьон туох-туох дьаһал ылан эрэллэрэ буолла… Түмсэн мунньахтыырбыт чуолкай. Мин барыым… – диэт Өскөөн тэп гынан хаалла…
Эдьиийим аах холкуостаахтары, Айдаҥ дьонун түөрэтин түмэн миитин тэрийэр буоллулар. Бырабылыанньаҕа сурук үлэтэ тохтоото. Сурук эрэ үлэтэ буолуо дуо, түбүктээх эрэ түөрэтэ үлэлэрин үмүрүтэ охсоот бары кулуупка тиэтэйдилэр. Кэпсэтэр кэпсэтиилэрэ эрэ барыта кыайыы туһунан. Сүүрүү-көтүү, сүпсүлгэн. Дьон сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ сүрдээх…
Кулууп дьиэҕэ балачча элбэх киһи мустубут эрээри «бары түмүстэхпитинэ биирдэ мунньахтыаххайыҥ» диэн, чугас эргин үлэҕэ сылдьар дьону барыларын түмээри, оҕолору сүүртүлэр-көтүттүлэр. Дьиҥинэн икки-үс хонугунан ыһыы үлэтин мунньаҕа буолуохтааҕа…
Дьыксаах Апанаас атынан Уолбут дьонугар көтүттэ. Өксөөн миигин Быркылаах икки Кыдыбыл икки ыккардыларыгар бүтэй маһа кэрдэ сылдьар Улахан Баһылайдааҕы аҕалтыы оҕус диэн соруйда…
Бырабылыанньаҕа уонна кулуупка мустубут Маҕан Халдьаайы хотонун ыанньыксыттара: «Бээ, Кыдыбылтан, Уолбуттан дьоммут кэлиэхтэригэр диэри үлэбитин бүтэрэ охсуохха» диэн хотонноругар ойдулар…
Мин, эдьиийим соругар куруук миинэр да, көлүнэр да аппынан Үргэлинэн – Кыдыбыл бэтэрээ өттүгэр баар Тоҥус Хоммут толооно диэн Улахан Баһылайдаах бүтэй маһа кэрдэр сирдэригэр бэрт кудуххайдык айаннаттым… Атым төһө да сааһырдар, хоноһутан түһэн, хааман-сиимэн чырбалдьыйан, киһи көлөлөөхпүн диир сылгыта. Хайа да диэки салайбытыҥ иһин, ис хааныттан сүрэхтээх-бэлэстээх сүөһү, айана ахсым. Сорох ат хаһаатыгар, далыгар эрэ чугаһаатаҕына, төннөрүгэр эрэ хаамыытын эбэр, түргэтиир үгэстээх. Үргэл оннук буолбатах, аны сымнаҕаһа сүрдээх, ол да иһин Өксөөн миэхэ мииннэрэн эрдэҕэ, дэлэҕэ да быһыыта куһаҕан, айаас аты туттарар үһүө. Биирдэ дьириммин тардан холуммун чиҥэппэккэ ыҥыырбын атым өрөҕөтүгэр эргитэ сылдьыбытым. Миҥэм сиргэнэн дьэ мөҕөр эбит дии санаабытым – Үргэл, хата, бэрт холкута, ыҥыырын өрөҕөтүгэр иилиммитинэн чигди суолга сыарҕаттан сыыйыллан хаалбыт оту итигэстээн сиэн сымыһаҕын хамсатан ибигирэтэн барбыта. Төргүүгэ иилиллибит куул соһулларыгар, көнтөс быата атаҕар иилиллибитигэр да отой кыһаммата. Атын, сиргэмтэх ат эбитэ буоллар туома орулуу-орулуу мөҕүөх, сүгүллэхтэниэх этэ: холунун быһыта тэбиэлээн, ыҥыырын ыһан баран биирдэ тохтуохтааҕа. Устунан сыыстарыан да сөп. Хас биирдии сылгы быһыыта киһи майгытын курдук тус-туспа, араас. Холуммун төлөрүтэн, ыҥыырбын оннун-туойун булларан хат ыҥыырдаан баран, туох да буолбатаҕын курдук, миҥэбин миинэн айанната турбутум… Үргэл бааллыбакка, тот да сылдьар кэмигэр сыбыдахтыы кытта мииннэрэн кэбиһэр. Иҥэһэтэ суоҕар, дырайан уҥуоҕа үрдүгүн иһин, туохтан эмит салҕанан тэбинэн маҥнай сиһигэр быардыы түһэбин, онтон дьэ миинэн оннубун булабын… Үнүр, Өксөөнү кытта иккиэн аппыт туйаҕа уһаабытын «туйах кырыйарынан» сарбыйан биэрбиппит, туох да быата-туһаҕа суох. Мин ат такыппыт атаҕын туппутум, Өксөөн кырыйан лыһыргатан кэбиспитэ. Сылгы туйаҕа наһаа уһаатаҕына усталыы тостон этигэр тиийиэн сөп, оччоҕо атаҕа суох буолар. Аны наһаа уһаабыт туйахтаах ат, туйаҕын төбөтүн силискэ-мутукка, окко-маска саайан бүдүрүйүмтүө буолар. Туруору туйаҕа суох сүөһү тирэҕэ суох буолан, ити халтарыйан, бу халтарыйан бэйэтэ да эрэйдэнэр. Анна муус килиэ үрэҕи кэстэрэн истэххэ халты тэбинэн суулунна да уула сытыйдаҕыҥ ол…
Айдаҥ Быркылаахха түһэр үрэҕин күргэтин лүһүгүрэччи хаамтаран тахсаат, сылгы хаһыытын устун уу-хаар булкаастаах, дулҕа быыстаах сиринэн сиэллэрэн истэхпинэ, бэрт чугастан, тыһылаах атыыр көҕөн көтөн тилигирэһэн тахсан, тэйэ көтүөх курдук гынан иһэн, «ээ, бу саата суох оҕоттон тугун тэһииркээн» диэбиттии, сааскы дьэрэкээн өҥнөрүнэн киэн туттубуттуу, төттөрү иэҕиллэн, отой субу ойоҕоспунан кэлэн кынаттарын тыаһа салгыны хайытан, атын аҕайдык куһугурайан аастылар. «Һуу!..» – диэт иҥэһэбиттэн тэбинэн өндөс гынаат илиибин сарас гыммыппар кыһаллыбатылар. Атыыр көҕөн токутар кутуругунуу тэрэччи эриллэн тахсыбыт кутуругун кыптыыйын араастаан хамсата-хамсата уҥа-хаҥас иҥнэйбэхтиир, тыһытыгар эйэргээн холустук хойуостаҥнаан ылар…
Кустар соччо ырааппакка, тайааран тиийэн, оол курдук кур лаҥхалаах, эмиэ да ала-тала боруу от булкаастаах үрдүк дулҕалар быыстарыгар тахсыбыт садырым ууга түстүлэр…
Аҕыйах хонуктан бэттэх хомурах куһа эмискэ билиннэ. Бытаахтаан айаннаан эрэр. Кыра Баһылай икки көҕөнү кытары биир чөркөөкүнү бултаабытын, сааскы бастакы кус барахсаны сыа-сым курдук тутан мииннээн сиэбиппит.
Айаннатан истэхпинэ субу-субу, онно-манна чалым-чулум тахсыбыт үрэх садырым ууларыттан, биирдиилээн кустар мэнээк көттүлэр. Уһун кыһыны быһа тыал дьапталҕалыы типпит, соторутааҥҥа диэри киһи уйдара сылдьыбыт үрэх иһинээҕи халыҥ хомурах хаар, кэлэн иһэргэ бэринэн, хайа муҥун дьэ ууллан, күүһүн ылларан эрэр. Көҥүс соҕуруу эҥэринээҕи сирэйин анныгар күлүккэ сытар эрэ хаар туртайар. Үрэх иһинэн хаамтардахха уймалас, өйдөөн, сыныйан көрдөххө сиҥэ уута бэрт кыратык, сэмээр устар эбит, уутун хамсаппыт. Итинник буоллар эрэ бэрт сотору, аҕыйах хонугунан үрэх уута күүһүн-уоҕун ылан дириҥии охсор, уһун остоох курумуунан да кэһэн туораабаккын, ханан эмит оломун буллаххына эбэтэр синньээн чүөмпэтийэр сиринэн далаһа эрэ оҥоһуннаххына сатанар.
Үрэх кытыытыгар, «биллибэтэрбин-көстүбэтэрбин ханнык» диэн, кур сэтиэнэх быыһыгар саһан, төбөтүн өрө көтөҕөн кирийэн олорбут аҥыр көтөр – субу ыннаран кэлбиппэр, «сиэри гыннылар» дии санаатаҕа, бүкпүт сириттэн өгдөс гына тэбинэн кээһээт көтөн күпсүҥнээтэ, кынаттарын сатамньыта суох салаҥнык даллаҥхайдатан, били, омос көрүүгэ уһун аҕай моонньун сааппыт киһилии ньыкытан, үрэҕи бата Кыдыбыл эбэ диэки көтө турда…
Баарыын сарсыарда барбыт мас кэрдээччилэр этэрбэстэрин суола, түүн тоҥорбут ыллык суол бадарааныгар онно-манна көстөр…
Сылгы чыычаахтара кынаттарын тырып-тырып илигирэтэн өрө өгдөс гына-гына аттаах киһини тула-мала көтөллөр, үрүт-үөһэ «чырып-чырып-чырып» саҥарсаллар, иннибэр, мас-от сыбыдах лабааларыгар түһэ-түһэ уһун кутуруктарын тэйбэҥнэтэллэр. Чыычаахтары көрөн, биһиги оҕолор бүтэй сиэрдийэтин устун бэйэ-бэйэбитин батыаккалаһан хаамса-хаамса ыйааһыммытын балыттаран охтоору илиилэрбитинэн салгыҥҥа далбаатанан дьирээлэһэрбитин саныыбын. Туох барыта киһи олоҕун түгэннэригэр ханыыланан, дьүөрэлэһэн көстөр…
Кэриигэ чаччыгыныардар саҥалара биир кэм «чардырҕаан» олорор. Хайа эрэ сайыҥҥы чыычаах тыа быыһыгар, наһаа үчүгэйдик «чии-йии-чуу-йуу-йуу-ууп… чии-йии-чуу-йуу-йуу-ууп…» диирэ иһиллэр. «Ити ханна олорон саҥарарый» диэн көрө сатыыбын да көстүбэт. Чыычаах ырыата үчүгэйкээнэ бэрдин иһин атым тэһиинин тардан тохтуу-тохтуу иһиллиибин… Бэрт чугас саҥарар курдук эрээри ойуур маһа-ото хойуута бэрдиттэн син биир көстүбэт…
Сааскы, субу тыллаары сэгэйбит тыа салгына эчи чэбдигин, санаам көнньүөрэн өрө эгдэс гынан, сүүйэн ылбыттыы сөрүүн салгыны көбдөҕүм муҥунан тото эҕирийэбин… Үтүө да күннэр… Кэрэ да түгэннэр… Били, этэргэ дылы «бэл санаарҕаабыт санаата сылаанньыйар, бэл ыалдьыбыт ыарыыта аматыйар, бэл түктэри кэмэлдьилээх сигилитэ көнөр, майгыта тупсар…» үтүө күннэрэ үүнэн тураллар. Туох барыта биллибэт дьиктини кэтэһэн өрө чөрөйөн өндөйбүккэ, ким барыта субу кэлиэхтээх туох эрэ кэрэни күүтэн тыаһы иһиллээбиттии сэргэхсийбиккэ дылы…
Төбөтүгэр хара өҥнөөх көҕүллээх, түөһэ эбирдээх хонуу күөрэгэйэ кэлбитэ балачча өр буолла. Хонуу күөрэгэйэ, саҥа кэлбит от күөҕэ өҥнөөх түөстээх тиит күөрэгэйин кытта сэргэстэһэ олороннор, «хайабыт ордук чөллөркөй куоластаах эбитий» диэбиттии, биир кэм, туох да тохтоло суох «дьурулаһаллар, дьирилэһэллэр»…
Быркылаах эбэни харса суох хаба ортотунан сиэллэрэн таҕыстым. Муус үрдүнэн халыйбыт хаар булкаастаах сиҥэ уута ат эрчимнээхтик хаһыйбахтаан хаамар кырыылаах туйаҕын анныттан тулабар сандаара ыһыллар. Сирэйбэр тымныы таммахтар бырдаҥалыыллар. Уҥуоргу аартыкка тиийэн эрдэхпинэ кусчут кыырт адаҕа саҕа собо балыгы суо баҕыыр тыҥырахтарынан кытаахтаабытынан Аллараа Уолбут туһаайыытынан көтө турда. «Итиччэ улахан собону, ырбыы тахса илигинэ хантан туппута буолуой» диэн дьиктиргии санаатым…
Бу иһэн көртүм, Абаҕара күөлүн диэки хойуу буруо, күп-күөх, үрдүк мэҥэ халлааҥҥа өрө ытыллан таҕыста… Ити – хайалара эрэ өрт өртүүрүн тута биллим… Баччаҕа, хаар өссө да ситэ уулла, суолла илигинэ, тутуу былдьаһан, өрт өртүүр уотаҕата. Буруо эмиэ да харааран кэлэр, эмиэ да үп-үрүҥүнэн бөлөнөхтөнөр, тыала суох күн туран туора халыйан барбакка, биир сиргэ өрө ытылла оонньуур.
Аартык кырдалын өрө сүүрдэн тахсан баран, аҥаар этэрбэһим быата холкутаабытын чиҥэтээри, таарыччы холуммун тардан биэрээри миҥэбиттэн түстүм. Онно өйдөөн көртүм, суол икки өттүгэр хайыы-сахха эрдэлээн быкпыт ньургуһуннар бытыгыраан тураллар… Чэчиктэрэ атыа өссө да ыраах, саҥа болчуохтаммыттар… Туура тардыбакка эрэ тобуктаан олорон үнүгэстэргэ муннубун даҕайтым – ураты кэрэ сыттаахтар, санаабар сааскы сэгэйэ тыллан эрэр айылҕа барахсан бары бастыҥ, талба сүмэһинин сыта барыта ньургуһуннарга холбоспукка дылы… «Аата үчүгэйии-ин, тоҕо да аһара астыгай…» – олуһун диэн манньыйбыт ис санаабын аны дорҕоон гынан таспар таһаарабын…
Кырдал саалынан хаамтара түһэн баран, эмиэ үрэҕи кыйа барар ыллыкпар киирдим. Атым си-дьүгээр испэт, тур-тар тардан сэтиэнэхтээн сиир, арыы-арыы суп-суугунас көмүрүөлээх сиргэ кэллэҕинэ, хаары хабыалаан курдурҕатан утаҕын ханнарар. Хата кини аһыы, уулуу иһэр.
Сотору үрэҕим кэҥээн, хаппыт үөттэрдээх киэҥ баҕарахха кэллим, баччаҕа, күһүҥҥү добдурҕаҕа курдук хайа таптаабыт сиргинэн сылдьаҕын, онон сырыы-айан судургу…
Сороҕор үрэх уҥуоргу өттүгэр сүүрдэн тахсабын, ардыгар бэтэрээ эҥээринэн сиэллэрэбин…
Ыраахтан көртүм, баҕарах ордук кэтириир сиригэр улахан уу тахсыбыта килэйэр, онон-манан оҥолох-чоҥолох биирдиилээн садырым да уулар бааллар. Баҕарах иһэ түөрэтэ боруу от. Сайын сиэллээх оту охсон кыра боскуйа оҕотун тыа саҕатыгар кэбиспиттэрин, былыр үйэҕэ тиэйбиттэр, күрүө үрэх диэки эҥэринээҕи үөһээҥҥи икки маһын күрүөһүт сылгы тосту көтөн киирбит быһыылаах, булгу барбыттар.
Баҕарахха, ити айылаах килэйбит-халыйбыт ууга хайаан да кус баара чуолкай дии санаан, аппын хаара ууллан хараарбыт кырыс сиринэн тыаһа суох хаамтарабын, тула-мала сэргэхтик, сирийэн көрүөлэнэбин… Сэрэйбит сэрэх, оол курдук, дулҕа быыһыттан икки улун устан таҕыстылар. Тэйиччиттэн көрдөххө бүтүннүү мап-маҥан курдуктар… Тыһыта атыырынааҕар кыра. Киһи иһэрин көрө, сэрэйэ иликтэр быһыылаах, анна ньамахтаах дьара ууга умсан эмэһэлэрэ күөрэҥнии-күөрэҥнии аһаан өйө-төйө суохтар. Улуннар бэтэрээ өттүлэригэр дулҕа үөһэ атыыр мороду дьэрэкээннэнэн олорор, тыһыта көстүбэт… «Кини бэйэлээх буолан баран тоҕо саҥата суох таалла» дии санааппын кытта, ону эрэ күүтэн олорбуттуу, дьэ кутан-симэн барбат дуо… Биир кэм үрүт-үөһэ «урут да урут, урут да урут». Аны атыыр чөркөөкү ханна эрэ, сэтиэнэх быыһыгар тохтоло суох «чурус-чурус-чурус» диэмэхтээтэ… Кустар бэйэ-бэйэлэрин саҥаларын суолтатын билсэллэр быһыылаах, улуннар аһыылларын тохтотон, моонньуларын өрө күөкэтэн тэһииркээбиттии тутуннулар, хайа диэки хайысхаланыахтарын билбэтэхтии, биир сиргэ, төттөрү-таары устумахтаатылар, онтон өгдөс гынаат эмискэ көтөн тилигирэстилэр… Бэрт чугастан, от быыһыттан чөркөөкүлэр өрө ыһыллан турдулар… Улуннар үрэх уҥуоргу тыатын үрдүнэн тэлибирэһэн, тыа нөҥүө баар эбэҕэ тахсыах курдук гынан иһэн төттөрү иэҕиллэн, баҕараҕы син тэйиччиннэн эргийэн баран намтаан, отой үрэх иһинэн кэлэн, миигин ойоҕолуу көтөн, субу аттыбынан куһугураһан аастылар. Атыыр улун төбөтө уонна моонньун сороҕо кип-килэбэчигэс хараҥатыҥы күөх өҥнөөх, тумса, атахтара кыһыл, уоннааҕыта барыта мап-маҥан. Иккиэн кэтэхтэригэр, умсаах кус курдук сытыы көҕүллээхтэр… Сиртэн-буортан тэйбиккэ дылы тэһиитик туттубут улуннар дьэрэкээннэнэн түһэн көрөргө кэрэлэрэ сүрдээх… Аны ньалыар ууттан утуу-субуу көҕөттөр көтүтэлээтилэр. Тэһии көтөрдөр сүнньүлэрэ көнө буолан биэрдэ, үрэҕи бата бара турдулар…
Баҕарах ортотунан үтэн киирбит үрдүк хордоҕой тумуһаҕы эргийэ көтөөппүн кытта, сылгы хаһыытыгар тахсыбыт, чыыкыр боруу отунан саба үүммүт кэҥэс көлүйэ нэлэс гына түстэ… Хаһан тыас хомуммуттара эбитэ буолла, оол курдук тыһылаах атыыр моонньоҕоттор үрэҕи кыйа көтөн хата ырааппыттар, кэннилэриттэн икки чөркөй уҥа-хаҥас иҥнэх гына-гына саппай уобустулар.
Үрэх баҕарах иһинээҕи дулҕалара үрдүктэрэ сүрдээх, сорох сиринэн аттаах киһини ыраахтан көрдөххө төбөтө эрэ лэкээриҥниирэ чуолкай. Мин иҥэһэҕэ атаҕым төбөтүнэн үктэнэн өндөс гына-гына холлороон курдук хотоол сиринэн өрө дьэндэспит дулҕалар быыстарынан хаамтара-хаамтара кустары көрө иһэн, хахха сирим бүтэн, эмискэ ыраас көрдүгэҥҥэ киирэн кэллим… Дьэ доҕоор!.. Соһуйан-өмүрэн ахан, отой субу иннибиттэн хоҥор хаастар салаҥ улахан кынаттарын сабдых-сабдых сапсынан көтөн таҕыстылар… Бэһиэлэр… Эмискэ өрө мэҥитэн киирбит аттаах киһиттэн соһуйбут омуннарыгар хойууннан-убаҕаһынан саахтаан ыһылыннаран кээһэ-кээһэ үрдүк мэҥэ халлааҥҥа өрө харбыаластылар… Көрдөххө бэрт мөдөөн курдуктар эрээри, сир ылаллара сүрдээх эбит. Аҕыйахта сапсынаат да, отой тэйэ оҕустулар. Маҥнай булумахтаһа көппүт бэйэлэрэ, уоскуйан, оннуларын булунан, бэһиэн эриэ дэхситик сэлэлээн сис тыаны үрдүнэн көтөн уста турдулар. Хаастары, хараҕым далыттан сүтүөхтэригэр диэри батыһа көрө истим… Сүргэни көтөҕөр, хараҕы толорор астык көтөрдөр, эчи улаханнарын, хомурах хоҥордоро барахсаттар…
Өрт буруота маҥнай утаа биир сиринэн эрэ бургучуйбут бэйэтэ, сотору атын туһаайыынан эмиэ, хас да сиринэн саҥа хойуу буруолар өрө ытыллан таҕыстылар…
Дөрүн-дөрүн, кыра сиккиэр тыал үрэн сирилэтэн ылар, ол аайы үрэҕи кыйа өнөрдөөн үүммүт былырыыҥҥы кур от долгулдьуйа хамсыыр; хаһырыа, хотоол сир уулара эриэ дэхси итир эрэһэ долгуннарынан ирбинньиктэнэ оонньууллар.
Субу-субу үрэх эниэтин куодалыы хаһан эмти хорон түспүт көҥүс күүгэннээх уута курулуу ытылла сытар сирдэрэ кэлэллэр. Кырдалтан суккуллар, күүһүн саҥа ылан эрэр сүүрүк уута араас хатырыгы-итириги, кыра оту-маһы үтэн, үтүрүйэн аҕала-аҕала үрэх иһигэр көппөччү мунньубут. Күүгэннирэ күрүлгэннэнэр курулуур-харылыыр, бурулҕаннаах сүүрүктэр аттыларынан аастахха сөп-сөрүүн нүөл сир никсигин сыта ураты минньигэстик муннубар саба охсор. Биир оннук күрүлгэҥҥэ тохтоон, аппыттан түһэн, бастыҥалыы бааммыт сиидэс былааппын устан сирэйбин сууннум. Сүүрүгү туора сууллубут хаппыт үөккэ тыа диэкиттэн устан кэлбит от-мас иҥнэ-иҥнэ халбарыс, эргичис гынаат аһары көтө-көтө үрэх иһигэр кутулларын көрөн – харгыс буолбут хаппыт үөтү туора соһон ыраастаан биэрдим…
…Тоҥус Хоммут толоонугар чугаһаан иһэн дьон кэпсэтэн ньамалаһар саҥаларын ыраахтан иһиттим, мас кэрдээччилэр сүгэлэрин тыаһа табыргыыр. Туох эрэ көрдөөҕү кэпсэтэллэр быһыылаах, хайалара эрэ күлэн күһүгүрүүр.
Кэрдибит бүтэйдэрин маһын чөмөх-чөмөх мунньубуттар. Биир оннук чөмөх үөһэ илдьэ кэлбит өйүөлэрин ботуоҥкалара, халаабыстара сыталлар. Оллоон ыксатыгар турар үөккэ субуйааҥкы саа таҥнары ыйаммыт, ону сэргэ халтаҥ сон кэтэҕэр, күн уотуттан саһыаран, икки көҕөнү моойдоруттан үөт ачааҕар кыбыппыттар.
Оол курдук, тыа быыһыгар, арыый бэттэх сылдьааччылара Бычыгыр Баһылай миигин таба көрөн:
– Хайа, ол хайаларай? – диэн саҥа аллайара иһилиннэ.
Аттаах киһи чуо кинилэри туһаайан мээнэҕэ кэлбэтэҕин билэн мас кэрдээччилэр үлэлэрин тохтоттулар. Мин биир кэм мичээрдии-мичээрдии утары иһэр дьону: Улахан Баһылайы, Бычыгыр Дьөгүөрү, Мичээр Баһылайы, Мордьоһун Өлөксөйү, Халҕарыыны – барыларын биир-биир тургуппуттуу одуулаһабын…
– …Аана кэлбит… – Улахан Баһылай бэрт симиктик саҥарар.
Сааскы күн уота килэриччи сиэн сирэйэ мэктиэтигэр килэрийэ хараарбыт Халҕарыын обургу бэркэ дьиктиргээбиттии көрөн-истэн чэрэҥэлиир. Уол чугаһаан иһэн эмискэ тохтуу биэрээт, эргэ хортууһун куондарыттан тутан кэтэҕэр илдьэн көннөрө-көннөрө:
– Аана сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, сонун – үтүө быһыылаах, – диэн тойоннуур.
– Хайа тоом, туох сорук?.. – Мордьоһун оҕонньор кулун үтүлүктэрин, төбөлөрө тэҥнэнэн чөмөхтүү мунньуллубут сымалалаах үөл сиэрдийэлэр үөһэ көннөрөн, оннуларын булларан чөкө ууран баран, ол үөһэ олороолоро ыйытар, сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн өҥө көстүбэт буола киртийбит сачыын былаатынан соттор.
Тоҥус Хоммут толоонугар бүтэй маһа кэрдээччилэр, үлүһүйэн үлэлээбиттэрэ хас да хонно: сарсыарда таҥара сырдыаҕыттан, бэрт эрдэттэн, уһун күнү быһа тура тэбэн сылдьаллар. Киэһэ отой хойут бүтэллэр. Киэһэ да диэн буолуо дуо, Улахан Баһылай бэҕэһээ күн киирэн ырааппытын кэннэ хараҥаҕа харбыалаһан кэлтэ. Мас кэрдэр да сирдэрэ тэйиччи.
– Өксөөн ыытта… – мин сонуммун сонно тута кэпсии охсубаппын.
– Туохха? – диир Мичээр Баһылай.
– Мунньах… бээ-бээ, өссө туох-туох дииллэрий… ээ, миитин, миитин буолар үһү…
Мордьоһун Өлөксөй кыҥнайбахтыы-кыҥнайбахтыы алаа харахтарынан миигин бэркэ диэн дьиктиргээбиттии кыҥастаһар:
– Мунньах даа!.. Ол бу айылаах үтүө күн үүнэн турдаҕына, үлэ-хамнас хаба ортотугар эмиэ туохпут мунньаҕай-тайматай, оччо үлүгэр ыксаллаах-тиэтэллээх доҕор?..
– Хата… эн этэҕин… – диир Мичээр Баһылай.
– Түөрэ бары, сибилигин барар үһүгүт… Сүөһү үлэһиттэриттэн уратылар бүгүн үлэлиэ да суоххутун сөп… Кыайыы буолбут!.. Биһиги сэриилэрбит өстөөҕү букатыннаахтык урусхаллаабыттар, үлтүрүппүттэр!.. Сэрии бүппүт!.. Кыайыы мунньаҕа… миитинэ… Онон барар үһүгүт!.. – мин биир тыынынан кутан-симэн кээһэбин.
Төһө да бэрт сотору кэминэн кыайыы күнэ үүнүөхтээҕэ биллибитин иһин, кыайыы туһунан сурахтан дьонум оо, үөрбүтэрин эриэхсит… мэктиэтигэр өрө өндөҥкөлөһө түстүлэр…
– Кыайыы буолбут?!.
– Сэрии бүппүт…
– Көр эрэ!..
– Ол иһин…
– Оччоҕо Бэрилиин куораты ыллахтара дии?.. – Бычыгыр Баһылай кимиэхэ да туһаайбакка эрэ ыйытар.
– Бүтэһик хаалбыт, хорҕойбут арҕахтара этэ буолба-ат?.. – диир Мордьоһун оҕонньор.
– Ылымына… Бэрэлиини урусхаллааннар кыайыы буоллаҕа дии… Дьэ хайдах эрэ кэһэттилэр… Кыайыы!.. Тоҕо бэрдэй, кэрэтэй!.. Ээ доҕоттоор!.. – Халҕарыын, эдэр, оҕо киһи сиэринэн үөрүүтэ-көтүүтэ ордук омуннаах, хортууһун устан өрө быраҕа-быраҕа хабан ылар. Саҥа кэрдиллибит сиэрдийэ чоҥочоҕор аҥаар атаҕынан дугуна үктэнээт тэптиргэ тэппитинии ыстанан кэбиһэр…
Төһө да улаханнык үөрбүтүн иһин, онтун биллэрбэккэ иһигэр сатаан тутааччылара Улахан Баһылай, олооҥҥо ыйанан турар, оргуйан баран сойон эрэр уулаах тимир солуурчаҕы кылдьыытыттан ылан, сэмээр иҥнэрэн ыйырбахтыыр. Утаппыт ахан быһыылаах, буолумуна, күнэ да куйааһа бэрт. Баһылай кэнниттэн мин эмиэ утахпын ханнарабын. Халҕарыын да хаалсыбат, солуурчахтаах чэйи иҥсэлээхтик иһэн киллиргэтэр…
Улахан Баһылай оттомноохтук тутта сатаабытын да иһин дьүһүнүгэр киһи хайдах да гынан кистээбэт мичээр толбоно түспүт. Бу айылаах сүдү үөрүүнү син биир хайдах да саһыарбаккын.
Мордьоһун удьурҕай хамсатыгар табах уурунан баран, кулуһун оннун булкуйан кыһыл чоҕу төкүнүтэн ылан, омурдун «соп-соп» соппоҥнотон табаҕын уматтар:
– Оччоҕо, биһиги доҕоттор, хайыыбытый? – диир.
Халҕарыын, Өлөксөйү саҥа көрбүт киһилии туттар:
– Хайыахпытый, онтон дьэ ойдохпут дии!..
– Ойор ээ, бу убургу… – Мордьоһун сүргэтэ көтөҕүллүбүт ахан, табаҕын хойуу буруотугар чачайан сөтөллүмэхтээн ылар.
Мичээр Баһылай икки ытыһынан хардары-таары ынах этэрбэстэрин сотолорун тэбэммэхтиир:
– Чэ, тугу кэтэһэн олоруохпутуй, барыаххайыҥ… Дьон кэтэһиэхтэрэ…
– Оннук… – Бычыгыр сөбүлэһэ охсор. – Чэйи ынтах да тиийэн иһиэхпит, аһы онно да баран аһыахпыт, – сэмсэ аһылыктарын аһаары сылдьыбыт мас кэрдээччилэр барардыы оҥостоллор.
Халҕарыын хотоол сиргэ халыйбыт хаар уутун сурдьугунас көмүрүөлүүн солуурчахха баһан ылан, сөҕүрүйбүт эрээри, сыр-сыр сырдьыгыныы сытар уотун умуруорар, туллай этэрбэһинэн тэпсэн дьиппинитэр. Уу чаана бургучуйар…
– Бүгүн ситэри үлэлээбэтэхпитин – сарсын, өйүүн хас да бүк куоһарыахпыт, бу айылаах үтүө, өрөгөй күннэр кэлтэрин кэннэ доҕоттор… Кыайыы буолтун кэннэ… Сэрии аны суох, бүттэ!.. Уонна ама хайдах үлэлиэхпит суоҕай, бэйэбит туспутугар, дойдубут туһугар, оннук буолбат дуо!.. – Бычыгыр өйүөлээх ботуоҥкатын быатыттан ылан санныгар туора иилинэн кэтэ-кэтэ үөрэн-көтөн өндөҥкөлүүр.
– Бэрт сөпкө сөллөҥнөөтүҥ! – Халҕарыын Бычыгыр саҥатыгар сөбүлэһэ охсор. – Үлэлээбэккэ… Кыайыы буолла диэн үөһэ силлии-силлии сытыахпыт дуо…
Эрчимнээх, дохсун, эдэр уол дьээбэлээх-хооболоох, көрүдьүөс тылларыттан дьонум күлсэллэр…
Мин атым холунун дьиримэ сиҥэ уутугар сытыйбытын ньиккэрийэн баран бирээскитигэр ыга тардаат көлөбүн миинэбин:
– Миҥэлээх киһи бардаҕым дии, – диэт тиҥилэхтээн кээһэбин.
– Тыый, биһигини күүтэн туруоҥ дуо, – диир Халҕарыын.
…Быркылаах эбэни тохтоло суох сиэллэрэн тахсан баран, кэннибин хайыспытым – мас кэрдээччилэр, оол курдук, тиэтэйэ-саарайа харбыалаһан бары бииргэ иһэллэр. Тохтоон, мин кинилэри одуулаһан турарбын көрөн Халҕарыын икки илиитин өрө көтөҕөн хатыйа далбаатыыр…
…Дэриэбинэҕэ киирэн иһэн көртүм, бырабылыанньа дьиэ үөһэ уот кыһыл былааҕы саайбыттара, бу өрөгөйдөөх күҥҥэ сүгүрүйбүттүү умса нөрүйэн тэлимниир.
Дьыксаах Апанаас Уолбуттан хайыы-сах кэлэ охсубут, тэлгэһэтин бүтэйин аанын баҕанатыгар уу чоккурас буола тириппит Сиэллээх атыыр барахсан бааллан турар… Дэриэбинэ иһигэр, дьон, оҕолуун-улаханныын бары туохха эрэ тиэтэйбиттии сүүрэллэр-көтөллөр. Бэл ыттыын-кустуун сүргэлэрэ сүр күүскэ көтөҕүллэн дьиктитик дьэргэйбиккэ дылылар… Дьэримиэй оҕонньордоох дьэрэкээн өҥнөөх соҕотох бөтүүктэрэ, хайдах көтөн тахсыбыта эбитэ буолла, хотон салгылыыр ураатын үөһэ атын аҕай хонойон олорон кылыһахтаах, чөллөркөй куолаһынан хаһыытаан хахаарытар. Киниттэн хаалсыбатарбыт ханнык диэбиттии биһиги бөтүүктэрбит хааччахтарын иһигэр сылдьан солбуһа-солбуһа үрүт-үөһэ тэбис-тэҥҥэ түһэрсэллэр…
Бырабылыанньа таһыгар киэҥ чалбах тахсыбытын ити ыкардыгар хоро охсубуттара үөскэ хордоҕой анныгар түһэн, сылгы хаһыытын уута өссө эбии кэҥээбит. Ити килэйбит киэҥ ууга хомурах куһун ытаары, арыы талах анныгар, хайалара эрэ хайыы-сахха дурда оҥосто охсон чөкөппүт. Дэриэбинэ иһигэр, тэпсилгэҥҥэ, кир-хох быһа сиэн күүскэ ууларан, садырым уута харса суох халдьыгыраан, чэмэлкэй күн уотугар күлүмүрдүү-күлүмүрдүү онно-манна үрүҥ сүүрүктэр сырсыбыттар… Хоруур, тээпкэ, күрдьэх тутуурдаах оҕолор айманаллар, сүүрэкэлэһэллэр…
Балаҕаччыттан үөрэх оҕолоро дьиэлэригэр кэлбиттэр. Таппаҕаараптар тэлгэһэлэрин таһынан ааһан истэхпинэ, хотон кэннинээҕи ыллык суолунан сиэттиспитинэн аргыстаһан испит, төрдүс кылааска бииргэ үөрэнэр Болчох Сэмэн уонна Дьорой Маарыйа уун-утары тахсан кэллилэр… Аны хотон халҕана хаачыгыр гына тыаһаатын кытта Таппаҕаараптар ийэлэрэ Маарпа күрдьэх тутуурдаах түөрэҥэлээн таҕыста.
– Аана хантан кэллиҥ? – Болчох Сэмэн сүүрэн кэлэн атым көнтөһүн төрдүттэн тутан туран, Үргэл сымнаҕас сымыһаҕын имэрийэ-имэрийэ ыйытар.
Маарпа үөрэх оҕолорун көрөн:
– Хайа, үөрэммэтигит дуо тоҕойдорум? – диир.
– Тыый, бүгүн ханнык үөрэх кэлиэй!.. Кыайыы буолбут дии!.. Сэрии букатыннаахтык бүппүт үөрүүлээх сураҕа кэлтин кэннэ!.. Сэрии отой бүппүт!.. Аны сэрии суох!.. – Дьорой Маарыйа сүүрэн кэлэн Маарпаны кууһар, бэйэтэ да сылламтаҕай ахан кыыс, Маарпаны харса суох иэдэһиттэн сыллаталаан ылар.
– Оо, оҕолорум барахсаттарыа… – Маарпа кэмэ суох үөрэн, уйадыйбыт куолаһынан: – Бээ эрэ, оттон, били, мин киһим?.. Биэрэ?.. Ханна баарый, тоҕо кэлбэтэ?.. – аны баҕар көрбөккө турарым буолаарай диэбиттии тула-мала көрүөлэнэр…
– Биһиги эрдэлээтибит, ынтах, Балаҕаччыга кыайыы миитинэ буола турдаҕына манна түһүннүбүт. Биэрэлээх миитиҥҥэ сылдьан баран кэлиэхтэрэ, аныаха диэри бүппүттэрэ буолуо, иһэллэр ини… – диир Дьорой.
– Суол устун урут-кэлин түсүһүү… – Болчох Сэмэн биир кылааска үөрэнэр доҕор кыыһын саҥатын ситэрэн биэрэр, онтон салгыы: – Уу, аара суол устатын тухары, кэлэн иһэн хас да сиргэ көҕөттөрү көрдүбүт; чөркөөкүлэр, мородулар, моонньоҕоттор да бааллар. Кураанах кус, бу сылыйбытыгар, эмискэ билиннэ.
– Дьэ бэрт-бэрт… Оо, оҕолорум барахсаттар… – дии-дии Маарпа, Дьоройу бэйэтигэр эпсэри тардан, былаат нөҥүө оройуттан сыллыыр. – Чыычаахтарым кэлэн истэхтэрэ, оччоҕо мин бэйи, тугу эмэни боролутан тоһуйбут киһи. Кубус-кураанах кулугураа олорорум сүрэ бэрт, – Таппаҕаараптар ийэлэрэ күрдьэҕин хотонун киитэ хастанан суйдаммыт эркинигэр өйөннөрөн кэбиһээт дьиэтигэр тиэтэйэр. Баарыын сарсыарда Маарпа соҕотох ынахтааҕа оҕус тарбыйахтаммыта. Оол курдук, хотон кэннинээҕи куруҥахха ынах кэнэҕэскитэ санньылыйбыта көстөр. «Киэһэ уоһах алаадьыта сиэхпит», – диэбитэ, онтун дьэ ити, кыыһа иһэр сураҕын истэн, эрдэлээн астаары ыксаатаҕа.
– Кулуупка көрсүөхпүт Аана, – дэһэ-дэһэ Дьоройдоох сырсан эрдэхтэринэ тутуу былдьаһан:
– Оттон Моруусалаах, Маарпалаах ханналарый?.. Мундулуҥдаттан кэлтэрэ дуо?..
– Кэлиэхтэрэ… Дьиэлэриттэн, өтөхтөрүттэн өссө үргүлдьү манна кэлиэхтэрэ… Дьоннорун кытта бары мунньахха, миитиҥҥэ хайаан да кэлиэхтэрэ… – Дьорой дьиэрэҥкэйдээн сүүрэ-сүүрэ ыһыытыыр, онтон бүтэй маһын быыһынан төҥкөс гынаат, сонно ампаар кэннигэр киирэн сүтэн, мэлис гынан хаалар…
Мин, бүгүн, доҕорум ааҕы Маарпалааҕы көрсүөхтээхпиттэн олус үөрэбин. Кинилэр кэллилэр да, сэһэн-сэппэл, таабырыннаһыы, остуоруйалаһыы, араас эгэлгэ «мөккүөр-иккиэр» барыта буолара чуолкай.
Тэлгэһэм ыксатыгар кэлэн, сэргэ моонньугар аппын тэһииниттэн баайан баран холуннарбын төлүтэ тыытан ыҥыырбын күрүө үөһээ сиэрдийэтигэр ыйаатым. Үргэли аҥаардас сөрүөтүнэн эрэ хаалларан баран, бүтэй тоһоҕотугар иилбит кырыаччыбын ыламмын түүлээн бурҕачыйа сылдьар аппын тараатым. Хас тарыы тартаҕым аайы хойуу түү кырыаччыга өлгөмнүк иилиллэн кэлэр, ону мэкэчитэ-мэкэчитэ үрүт-үөһэ мунньан иһэбин. Муспут түүбүн ампаарга киллэрэн, өҥнөрүнэн наардаммыт сылгы түүтүгэр холбуубун.
Дэриэбинэ илин уһугар хайалара эрэ:
– Кубалар!!. Кубалар!!. – диир саҥата аймаммытыгар хантас гынан көрбүтүм – Арыылаах эбэ бэтэрээ түөлбэтинэн, ыһыахтыыр түһүлгэ үрдүнэн – тоҕус куба көтөн даллаһан ааһан иһэллэр эбит… Тоҕус куба… Эчи наҕылларын, холкуларын… Айыы көтөрдөрө барахсаттар багдаһан түһэн аата астыктарын: ыксаабакка, уолуһуйбакка, тиэтэйбэккэ – усталыы сараадыппыт кынаттарынан сэмээр, аатыгар эрэ сапсынан көй салгыҥҥа уйдаран, биир кэм, уу долгунунуу усталлар…
Сэлэлии анньан иһэн кубалар ортолоругар баар икки куба – ыас хара өҥнөөхтөр… Мин урут, айылҕа барахсан маанылаах көтөрдөрүн, кубалары саас даҕаны, күһүн даҕаны үгүстүк көрдөҕүм, ол эрэн манныгы хаһан да харахтыы илигим… Эчи дьиктитин!.. Ыас хара өҥнөөх кубалар!..
Ылы-чып испит кубалар, бэрт намыһаҕынан, дэриэбинэ үрдүнэн ааһа көтөн иһэн сүр хатаннык, иччилээхтик: «Куу-ук!!. Кулук!!. Куу-ук-кулук!!.» – диэн саҥарыстылар… Хайалара эрэ соһуйан, өмүрэн ахан: «Хара кубалар, көрүҥҥүтүүй!!. Хара кубалар!!.», – диэн чаҥкыныыр.
Ийэ айылҕа барахсан аһара да үгүс эгэлгэ дьиктилээх. Өскөтүн киһи сыныйан, болҕойон, сатаан анааран көрөр эбит буоллаҕына – урут сэҥээрбэтэҕиттэн, аахайбатаҕыттан даҕаны – куруук, мэлдьи туох эрэ дьиктини, сонунтан-сонуну хайаан да билэ, була турар буоллаҕа.
Кубалар Айдаҥ дэриэбинэтин ааһа көтөөт, баараҕадыйбыт суон чаллах тииттэрдээх кэриигэ тиийээт, эмискэ эгдэс гынан өрө ханарыйан үрдээн таҕыстылар уонна бэрт холкутук сэмээр эргийдэр-эргийэн үрэх сүнньүн тутуһан даллаҥнаһа турдулар.
Кыра Баһылай: «Лүксүгүнтэн тахсар от үрэҕи бата бардахха, бэрт ыраах, Муҥхаарыма диэн дьоһуннах күөл баар, ол эбэҕэ арыый тиийиэх иннинэ Куба Сымыыттаабыт диэн дьоҕус күөлгэ, куба көтөр хас сыл аайы сымыыттааччы, күһүн бэйэлэрин саҕа улааппыт, сиппит оҕолорун батыһыннаран, үөрдээн уста сылдьалларын көрөөччүбүт», – диэн кэпсиирэ. Кубаны үгүс дьон отой хоту, муора кытылларыгар тиийэн сымыыттыыр көтөр дииллэр да, биһиги да дойдубут сиригэр-уотугар уйа туттан сымыыттыыр, төрүүр-ууһуур эбэлэрэ элбэхтэр. Бүлүү өрүс үөһээ, уонна орто тардыыларыгар хара туруйалар уонна кыталыктар сымыыт баттыыр, сөбүлээн тохтуур, аарыыр – кутаҥнас куталаах көлүйэлэрдээх, үгүс көрдүгэннэрдээх, дүөдэлэрдээх, бэрт киэҥ сиринэн тайыыр маардар, ээйдэр баалларын туһунан кэпсииллэр.
Куба – айылҕа биир маанылаах, кэрэ көтөрө. Хайа баҕарар көтөр-сүүрэр, кыыл-сүөл олоххо тардыһар сөҕүмэр күүстээх айылгылаах. Бэл, саас доҕорун өлөртөрөн баран, бэйэтэ кыната тостон хойобуун түспүт куба, хара тыа хайа эрэ бүччүм хонноҕор, биир эмит көрдүгэни, көлүйэни булан, онно хорҕойон төрөөн-ууһаан, сымыытын баттаан тэһэн, оҕолорун улаатыннаран, күһүн батыһыннартаан, улахан эбэлэргэ киллэрэн көтүтэлээн соҕуруу атаартыыра эбитэ үһү. Кыната тостубут ийэ куба сатыы ханна сир өтөн айаннаахтыай, оҕолорун сайыһа хаалан баран, өлөөхтөөн эрдэҕэ… Олоххо тардыһыы күүһэ диэн көр оннук!.. Куба оҕолоро ситэн-хотон бааһырбыт ийэлэрин хаалларан ыраах ыырга айанныылар, оттон ол айылаах, харах харатын курдук харыстаан, араас кыылга-сүөлгэ тыынын да толук уурарын кэрэйбэккэ, көмүскээн-харыһыйан көччөх гынан көтүппүт ийэ барахсан, күһүҥҥү, кыдьымаҕынан туртайбыт тыйыс эбэ тыаһы иһиллээбит курдук киэҥ нэлэмэн иэнигэр чороҥ соҕотох тула эргичиҥнии хаалан эрдэҕэ…
Мин, саныыбын ээ – баҕар маннык үһүйээннэртэн сылтаан үөскээбитэ буолуо – «оҕо сүрэҕэ – тааска, ийэ сүрэҕэ – эккэ» диэн өс хоһооно… Ол эрэн, төһөтүн да иһин, киһи аата – киһи, кыыл-сүөл аата – кыыл-сүөл. Икки атахтаах – айылҕа айбыт дьиктиттэн дьикти ураты улуу айымньыта… Киһи – ыалдьыбыт, босхоҥнообут күн күбэй ийэтин, балаҕанын иһигэр чороҥ соҕотох хаалларан, быраҕан ама кый-бырах быралгы уччуйан, тэлэһийэн барыа дуо… Иэдээн дии!.. Баҕар бу да иһин икки атахтаах, «киһи аймах» диэн ааттанааччылар: көтөрү-сүүрэри, кыылы-сүөлү – куруук ураннык, уйаҕастык толкуйдуур өйө-санаата суохтарын иһин, булт оҥостон аһаан-сиэн эрдэхтэрэ… Хайдаҕа дуу?!. Эридьиэстээн, эгэлгэлээн санаан көрдөххө олус да уустук ээ… Сүөһү киһи курдук өйдөөҕө эбитэ буоллар, ама хайа бэйэлээх илиитэ баран сүүскэ охсуо этэй. «Миигин өлөрүмэ, аһын-харыһый, тохтоо!..», – дии турар хайа баҕарар харамайы ким ама санаата баран тыынын быһыай.
Сорох, татым санаалаах дьон булчуту – кыылы-сүөлү өлөрөөччү-өһөрөөччү, аһыыр-сиир туһугар эрэ аҥардастыы апчарынааччы курдук саныыллар. Ол отой, төрүт сыыһа, толкуйа суох санаа түмүгэ. Дьиҥнээх булчут – айылҕаны харыстааччы. Кини, хаһан да хара тыатын көтөрүн-сүүрэрин туһата суохха, көр оҥостон кыдыйбат. Кэмнээн-кээмэйдээн, ымпыктаан-чымпыктаан, сөбүн көрөн бултуур… Аһары байбыт эбэлэрин балыгын, көрө-истэ сылдьан, илимнээн, муҥхалаан – көмүс хатырыктааҕын ыарыыттан, дьүдьэйииттэн, түмүгэр тиийэн дьаалатынан эстэриттэн быыһыыр. Бааллар ээ, араас сиргэ-уокка, ураты уйаҕас санаалаах дьиҥнээх булчуттар. Мин бэйэм эт кулгаахпынан истибитим, илэ харахпынан көрбүтүм: тулаайах хаалбыт тугуту кыра оҕолуу бүөбэйдээн хара тыаҕа атаарбыт, кыната эчэйбит кыталыгы эмтээн, үтүөрдэн үрдүк мэҥэ халлааныгар хат көтүтэн дьоллообут булчуттары.
Кыылы-көтөрү көлдьүргээн, көр оҥостон атаҕастааһын – ыар аньыы. Сир түннүгэ кырдьаҕастар этэллэр ээ: «Көтөрү-сүүрэри атаҕастаабыт киһи, хойут, бу Орто Дойдуттан баран баран, кэмэ кэлэн кырамантан эргиллэн хат төрүүрүгэр – ол атаҕастаабыт кыыла дуу, көтөрө дуу буолан күн сиригэр түһэр үһү уонна этинэн-хаанынан ол сүөл быһыыламмытын, түктэри кэмэлдьилэммитин курдук эрэйи-кыһалҕаны аны бэйэтэ көрсөрө үһү…» – диэн. Тыала суохха мас хамсаабат, уота суохха буруо тыргыйбат, тугу эмэни билэн, ырааҕы, уустугу анааран эппит буолуохтаахтар. Күннээҕи судургу, сырыынньа олохтон атын, «бүтэй» киһи көрбөт-истибэт – ураты уустук эйгэ олоҕо, туох да саарбаҕа суох баара чуолкай!..
Оҕолуу ыраас куттаах-сүрдээх, ырааҕы ыраҥалыыр ыпсарыылаах уһун санаалаах, улахан ычалаах киһи хаһан баҕарар олоҕу чэпчэктик олорор. Баҕар кинини төһө да, айбыт айылҕата эгэлгэлээн тургутан, араас уустук турукка киллэрбитин иһин – кини син биир бэйэтин ураты дьоллоох олоҕунан олорор… Ону өйдүүр ахсааннаах…
Киһини сөптөөх, үтүө суолга салайаллар, сирдииллэр – ытыктанар ытык кырдьаҕастар алгыс тыллара. Кинилэр кэхтибити да сириэдитэр, хагдарыйбыты да хат тылыннарар «сөлөгөй сүмэһиннээх» айыы сүбэлэрэ-амалара – улуу күүс. Өбүгэлэрбит барахсаттар туох барыта иччилээҕин толору өйдүүллэр, тугу барытын тыыннааҕымсытан көрөллөр. Бэйэлэрин ураты айылгыларынан, эйгэлэринэн «көстүбэттэри» кытта мэлдьи кэпсэтэллэр, алтыһалар. Ол барыта иччилээх тыл уонна санаа нөҥүө…
Дьоҥҥо-сэргэҕэ, уос номоҕор кэпсэнэринэн, тыл – чыычаах буолан көтөр, этиллибит, ыйыллыбыт, туһуламмыт сиригэр мэлдьи тиийэр. Олоҥхоҕо ойууланарынан, тыл кулунчук буолан кубулуйан Үөһээ Дойдуга көтөн тахсан айыы бухатыырын илдьитин халлаан үрдүк туонатын бары хаттыгастарыгар тириэрдэр, оттон Аллараа Дойдуга атыыр оҕус буолан айаатаан, айгыстан түһэр… Тыл – тыыннаах, илэ сылдьар киһи уонна сүгүрүйэр бары айыыларбыт, иччилэрбит курдук бэйэтэ анал ааттаах – Ытык Чыыбыстаан эбэтэр Чупчурукаан диэн. Биһиги дойду эҥээр итинник аат ааттаан көрдөһөллөр, сүктэллэр. Атын сиргэ-уокка, баҕар, туспа ханалытан да ааттыыллара буолуо. Бэл, тус-туспа уйаҕа умайар эһэкээннэр барахсаттар иччилэрэ атын-атыттар дииллэр. Аал уотун мэлдьи аһатар үтүө үгэстээх ыал эһэкээнэ – бэрт сэргэх сэбэрэлээх, үтүө дьүһүннээх буолара эбитэ үһү, оттон аанньа ахсаран, ахтан аһаппат ыаллар эһэкээннэрин иччитэ хом түһэн хоргуппут дьүдэх дьүһүннэнэрэ үһү дэһэллэр. Эбэм Маарыйа дьиэ иһигэр уонна таска, тэҥинэн уот оттуллан умайдаҕына – иккиэннэрин аат ааттаан аһатар: «Эһэкээннэр «холумтаннарын» иччилэрэ тус-туһунаннар…», – диир. Кыраҕытык сыныйа санаан, эридьиэстик эгэлгэлээн өйдөөтөххө, кырдьык да, олус уустук!.. Хас биирдии саҥарыллар, этиллэр тыл барыта иччилээх. Түҥ былыргыттан тыл иччитигэр сүгүрүйүү – төрүтү утумнааһын кэһиллибэт ытык иэһэ. Тыл суолтатын, күүһүн туһунан өс хоһооннорун киһи күннээҕи олоҕор мэлдьи истэр: «тыл уҥуоҕа суох», «тылтан тыл тахсар», «тылынан кынаттанар», «кырыстаах кыраабытын курдук», «киһи тыла – ох», «тыл дэгэтинэн доҕуһуолланан»… Тыл иччитэ диэн, тыл – киһини итэҕэтэр күүһэ. Иччилээх тыллаах киһи туспа буолар, киһи эрэ барытын тыла иччилэммэт. Үгүс киһи саҥарар саҥата уу сүүрүгүнүү устугас, күннээҕи кэпсэтии тыла, сонно тута умнуллар, уота-күөһэ сөҕүрүйэр тыл. Оттон иччилээх тыл ураты этитиилээх, кини – анаммытыгар тиийэр, тустааҕар тохтоон дьылҕатын араастаан уларытыан-тэлэритиэн сөп. Иччилээх тыллаах мөкүнү ыраланнаҕына, ону истибит, чугастык ылыммыт, кэбирэх уйулҕалаах муҥнаах алдьархайы, иэдээни күүтэр, онон ол кэтэспит кыһалҕатыгар кэбэҕэстик түбэһэр. Оттон төттөрүтүн үтүөнү, дьолу түстээтэҕинэ, ону ылынааччы наар үчүгэйи кэтэһэр, санаата мэлдьи сайа, эгдэйэ сылдьар, ол күүтэр үтүөтүн бэйэтэ ыҥыран ылар…
Киһи санаатын көтөҕөөччү, өрө дэбдэтээччи – алгысчыт. Алгыһынан кынаттанан сылдьар киһи кыайыа да суоҕун кыайар, сорунуо да суоҕар сорунар, санаата мэлдьи күүстээх, хотуулаах. «Алгыс баһа сыалаах…» эбэтэр «алгыс аалы хоҥнорор», «…кырдьаҕастан – алгыһын ыл» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Дэлэҕэ да үчүгэйи ыраламмыты «сыҥааҕыҥ сыаланнын» диэхтэрэ дуо…
Бииртэн биир санаа ситимэ илим хотоҕоһунуу субуллан, муҥура суох бардар-бара турар… Санаа… Хаһан да бүппэт санаа олоҕо…
…Төрдүс Тоҕус нэһилиэгин Айдаҥҥа кииннэммит Свердлов аатынан холкуоһун дьоно, кулууп дьиэҕэ өтөр-наар буолбатах өрө күүрүүлээх мунньаҕы мунньахтаатыбыт. Сорохтор, эдэр өттүлэрэ «Кыайыы миитинэ» дэһэллэр.
Улуу Кыайыы күнэ үүммүтүттэн дьон санаата көтөҕүллүбүтэ, сирэйдэрэ-харахтара турбута сүр. Кыайыы үрдүк өрөгөйүн үтүө күнүн айхаллааһыныттан, холкуос субу буолаары турар ыһыытын үлэтигэр тиийэ ырытыстылар… Сирэй оһох оттуллан, таска сылаас сатыылаан, кулууп иһигэр дьон лыык курдук симсэн, дьиэ иһэ итийэн, ааны тэлэччи аһан кэбиспиттэр… Тэлгэһэ кур сэтиэнэҕин сиккиэр тыал сэмээр күөгэҥнэтэрэ көстөр… «Бу туох ааттаахха маннык айылаах сүпсүгүрдүлэр, айманнылар» диэбиттии сылгы чыычааҕа уһун кутуругун дэйбэҥнэппитинэн, субу-субу, аан аннынааҕы үктэлгэ кэлэн түһэ-түһэ көтөр… Хомурах үрүмэччилэрэ дьиэ иһигэр-таһыгар тэлиэс-былаас тэлибирэһэллэр… Хомурах үрүмэччитэ көттө да – хаар бүтэр… Ханна эрэ, сонуна ааспыта ырааппыт тураах көтөр саҥата дааҕыргыыр… Кулууп ойоҕоһунааҕы титириктэргэ чаччыгыныардар чардырҕаһаллар…
…Мунньахха элбэх тыл этилиннэ, үлэҕэ аттарыы өттүгэр араас мөккүһүүлэр, сүбэлэһиилэр да таҕыстылар. Ол эрэн син наллаан быһаарсан тыл-тылга киирсэн барыта орун-оннугар буолан иһэр. Айдаҥ олохтоохторо, холкуостаахтар, биир кэм, дьол кыымынан саҕыллан өрүкүйүү…
Билигин сүрүн үлэ – бааһына үлэтэ. Бурдук төһө да сыл аайы ыһылыннар, сонуок син биир сыыһырар, ол ыраастааһына; көлүүргэ сылдьар ат, оҕус сиир отун бэлэмнээһин, онтон да атын иирбэ-таарба үлэ үгүс.
Мунньахха, сэриигэ баран баран дойдуларыгар эргиллибэтэх саллааттары кэриэстээн, кинилэр ааттарыгар сүгүрүйэн, кыайыыны уһансыбыт биир дойдулаахтарын ахтан тыл эттилэр. Сэрии хонуутугар, уоту-күөһү ортотунан сылдьан чэгиэн эттэрэ сэймэктэнэн дойдуларыгар эргиллибиттэртэн ордук Чөөдүү Миитэрэй өрө көтөҕүллүүлээхтик, итийэн-кутуйан туран санаатын сайа саҥарда-иҥэрдэ…
Холкуос бэрэссэдээтэлэ Өксөөн ыксаабакка, ыгылыйбакка бүгүҥҥү кыайыы күнүн үрдүк өрөгөйүттэн саҕалаан, бу ыган турар ыһыы үлэтигэр тиийэ элбэҕи эттэ-тыынна. Кини саҥарар саҥата өрүү буоларыныы, ордук хоһо суох, барыта лоп бааччы. Биһиги, Свердлов аатынан холкуостан – сүүрбэ биир киһи сэриигэ ыҥырык тутан, уон түөрт киһи үлэ боруонугар бэбиэскэ кэлэн барбыттарын аҕынна. Сэрии толоонугар холкуоспут үлэ үөһүгэр сылдьыбыт, чэгиэн ахан уон икки чилиэнэ, үтүө олох өрөгөйдүүрүн туһугар сырдык тыыннарын толук уурбуттар…
Мин, эдьиийим Өксөөн тылын истэн олорон испэр эмиэ арааһы эргитэ саныыбын… Холкуоспут уон икки чилиэнэ, үлэ күөнүгэр сылдьыбыт бастыҥ, кыайыы-хотуу, талыы үлэһит дьоннорбут. Кинилэр аны хаһан да төрөөбүт өтөхтөрүгэр, Айдаҥнарыгар, Арыылаах эбэлэригэр эргиллибэт дьылҕаланнахтара… Сорохторо сураҕа суох сүппүттэр, сорохтор көмүс уҥуохтара ханна хараллыбыта, көтөҕүллүбүтэ, билиҥҥитэ, биллибэт… Кинилэр аны хаһан да… хаһан да эргиллибэттэр… Аҥаардас, баара суоҕа, бу «хаһан да» диэн элэтэ эрэ иккиэйэх тылтан – этиҥ сааһа аһыллан, сиһиҥ устун тымныы сүүрээн көһүүннүк сүүрэргэ дылы… Бу бэрт дьоҕус, кыра холкуостан – бүтүн уон икки киһи сырдык тыына быстыбыт… Уон икки киһи… Эчи ынырыгын!.. Күөгэйэр күннэригэр сылдьыбыт, эр дьоммут чулуулара. Оо, кинилэр төһөлөөх эрэ эрэйи-кыһалҕаны эт эҥээрдэринэн тэлэн сырыттылар, ону арай, бэйэтэ ол кинилэр курдук сору-муҥу көрбүт эрэ силигин ситэри ситэн сыныйыа, тилэри билэн өйдүө эбитэ буолуо… Элбэҕи-үгүһү көрүөхпүт-истиэхпит, билиэхпит иннибитигэр турдаҕа – тыыннаах эргиллибиттэртэн. Кинилэр кэлиэхтэрэ, кэлиэхтэрэ кыайыы-хотуу кынаттанан бэрт сотору… Оттон сэрии толоонугар охтубуттар – суох… «хаһан да» төрөөбүт төрүт буор өтөхтөрүгэр төннүбэт төлкөлөннөхтөрө… Эйэлээх, көҥүл олох туһугар олохторун толук уурдахтара… Кинилэр Ийэ дойдуларыгар хайдахтаах курдук бэриниилээх этилэрий, сорохтор баҕа өттүлэринэн тылланан бараллара… Кырдьыгы, үтүөнү байым күүс оҥостубут саллаат хайдахтаах курдук булгуруйбат модун санаалааҕын – кыргыһыы хонуутуттан суруйбут, «буорах сыттаах», үс муннуктаах суруктар дьэҥкэтик туоһулууллара. Ол суруйбут суруктарыгар кинилэр этэллэрэ ээ: «Эһиги дьоллоох, көҥүл олоххо олороргут туһугар, тыыммытын толук ууран да туран кыргыһыахпыт…», – диэн. Барахсаттар, сэрииттэн тыыннаах ордон кэлэн, олоҕу саҥалыы, сонуннук олоруохтарын төһөлөөх эрэ баҕардылар; төһөлөөх эрэ ыра санаа оҥоһуннулар – көмүскэлэрэ дьирибинэһэ харах уутунан сууна, сайыһа хаалбыт чугас дьоннорун, саатар кыл түгэнэ өссө биирдэ көрүөхтэрин, дьылҕа-хаан ыйааҕынан этэҥҥэ эргиллэн, үйэ-саас тухары аны хаһан да аймаһыйа арахсыбакка, куруук, мэлдьи бииргэ буолуохтарын… Суох… Кинилэр быдан дьылларга быралыйбыттар… Көҥүл, дьоллоох олох тускулун туһугар – сырдык тыыннарын толук уурбуттар…
Төрдүс Тоҕус нэһилиэгин, Свердлов аатынан холкуоһун бэрэссэдээтэлэ, эдьиийим Өксөөн кулууп үрдүк сыанатыгар усталыы тардыллыбыт кыһыл сукуна сабыылаах остуол сирэйигэр, хаҥас илиитин сутуруктуу тутан тайанан ыла-ыла, эркиҥҥэ сааллыбыт кыыһар кыһыл былаах анныгар туран, этэр тылын дорҕооно бу бүгүн үүммүт өрөгөйдөөөх Улуу Кыайыы ураты күнүттэн эбии иччилэнэн, уҥа илиитин ытыһын кырыытынан салгыны хайытан даллах гынан хамсата-хамсата, этэн-тыынан сэгэлдьитэ, саҥаран-иҥэрэн саталана турарын көрөммүн, мин кинини өрүү буоларыныы көннөрү Өксөөн диэбэккэ, тоҕо эрэ ис-испиттэн ытыктаан: «Өлөксөөндүрэ Борокуоппайабына…», – диэн ыҥырыахпын баҕаран кэлэбин…
Эргэ эрээри, ыраас сууйуулаах уһун ырбаахытын таһынан кэппит, уолугар сиэптээх сукуй сонун тимэхтэрин төлөрүтэн, сир симэҕэ ойуулаах сиидэс былаатын санныгар түһэрэн, итииргээн субу-субу ытыһын көхсүнэн сүүһүн көлөһүнүн соттуммахтыы-соттуммахтыы, арыт-ардыгар ынах этэрбэһин төбөтүгэр дугуна үктэнэн сэгэйбэхтээн, эр киһилии кэтит саннын дьигис гыннаран уҥа-хаҥас садьыйбахтаан ыла-ыла, мунньахха мустубут бар дьонугар туһаайан өрө күүрүүлээтик өрөйөн-чөрөйөн туран этэр-тыынар. Саҥара-саҥара хас хамсаннаҕын аайы кэтэҕэр ньылҕаарыччы тараааран баран, куйаха кырабыайкатынан хаһыйа анньан туттарбыт кылгас, лэппиэһиннээх будьурхай баттаҕын сорҕото эйэҥэлии хамсыыр:
– Саха ыалын уу чуумпу олоҕун аймаан, өлүү-хаан олбохтоммут, харах уута аргыстаспыт кырыыстаах сэрии бүттэ!.. Бу үүммүт Улуу Кыайыы – мөлүйүөнүнэн киһи олоҕун толук ууран, чэлгийэ симэммит сир ийэ дойдубут барахсан хаһан да урусхалламматаҕын урусхалланан, сөҕүмэр элбэх хоромньуннан ситиһилиннэ… Кыайыы туһа диэн биһиги киэҥ нэлэмэн Сэбиэскэй дойдубут дьоно бүүс-бүтүннүү, атын норуоттардыын биир ньыгыл күүс буолан холбоһон, ол иһигэр, чуолаан, бу биһиги холкуоспут чулуу, ньургун уолаттарын күүһүнэн, бу бүгүҥҥү, умнуллубат, дьоллоох күммүт үүннэ!.. Эһиги, тыылга хаалбыт дьахталлар, оҕолор, кырдьаҕастар – утуйар уугутун да умнан туран сыралаһан үлэлээҥҥит – боруоҥҥа бигэ, модун тирэх, туллубат тулааһын буолаҥҥыт – Кыайыы күнүн чугаһаттыгыт. Ханнык да ыарахан түгэҥҥэ, булгуруйбат санааҕытынан олоххут иннин эрдээхтик солонон холкуостаргытын, ааспыт ыар сыллары нөҥүөлэтэн – бүгүҥҥү өрөгөй күҥҥэ үктэннэрдигит. Тыыннаах хаалар улуу мөккүөргэ – сүгэ-атырдьах, булуук-хотуур тутан үлэлээбит эһиги, судургу, сэмэй дьон олоххут – бу бэйэтэ хорсун быһыы чаҕылхай холобура!.. Ааспыт уустук сылларга, бүттүүн дойду олоҕо огдолуйа айгыраабыт кэмигэр, саха киһитин сайдам, сайаҕас санаатын самнарбакка, урааҥхай оҕотун уйаҕас уйулҕатын кэҕиннэрбэккэ тыыннаах хаалан, кэнчээри ыччаппыт кэлэр кэскилин туһугар үтүө, эйэлээх олоҕу тутуспуппут – биһиги туохха да тэҥнэммэт улуу дьолбут!.. Сэрии толоонугар сырдык тыыннарын толук ууран, кыайыыны уһанса сылдьан охтубут хорсун-хоодуот дьоннорбутун кэриэстээн, кинилэр үтүө ааттарыгар сүгүрүйэн туран, күүспүтүн холбоон, уруккуну умнубакка, хаалбаты хомнообокко – көҥүл олох муҥутуу сайдарын туһугар өссө күүскэ үлэлиэххэйиҥ!.. Үлэлиэххэйиҥ – олох кыһарҕаныттан, хоргуйан тыылга тыыннара быстыбыттар сырдык өйдөбүллэрин туһугар… Ытык дьоммут ыра санаа оҥостон дьулуспут олохторо халтайга хаалбатаҕын туоһулаан!.. Бүгүн, кинилэр дьулуспут улуу өрөгөй күннэрэ үүннэ, саҥа, эйэлээх олох саҥа саҕаҕа көһүннэ!.. Өрөйүҥ-чөрөйүҥ доҕоттор!.. Сотору, тыыннаах хаалбыттарбыт эргиллиэхтэрэ. Аны сэрии туһа диэбэккэ, аҥаардас үлэни эрэ өрө тутан олох олоруу үйэтэ үүнүө, бу күнтэн саҕалаан үүннэ даҕаны диэтэххэ, арааһата, туох да сыыһата, алҕаһа суоҕа буолуо. Төһө да аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт кырыыстаах сэрии бүттэр, олохпут биир күнүнэн, биир сылынан тосту-туора эмискэ көнөн барыа суоҕа. Сэрии алдьаппыта-кээһэппитэ, үтүмэн үгүһү урусхаллаабыта, ый-күн ыһыаҕа оҥорбута элбэҕэ, үгүһэ бэрт… Уонунан сылларга тутуллубуту – күнүнэн, түгэнинэн туора сотуу…
Маҥнай, сэрии иннинээҕи сайдан испит олохпутун чөлүгэр түһэриэхтээхпит, онтон дьэ салгыы өссө үтүө, дэлэгэй олоҕу бары куолаан, сомоҕо ньыгыл күүһүнэн, биир өйүнэн-санаанан сиэттэрэн тутуохтаахпыт… Хайҕаллаах хара үлэһит – кимнээҕэр, туохтааҕар да өрө тутуллар, инники күөҥҥэ сылдьар кэрэ үйэтэ үүнүө, үүннэ!.. Ол аата биһиги… эһиги, кэлэр кэнчээри ыччаттарбыт – саҥа, сонун, эйэлээх… урут сайдан испит олохпут саҕанааҕытааҕар өссө ордук үтүө олоҕу олороллорун туһугар – өссө ордук өрө күүрүүлээхтик үлэлиэххэйиҥ!.. Ол кэлэр саҥа олох бигэ оҥкулун тутуутун сэргэхтик, сонуннук саҕалыаххайыҥ!..
Мунньахха мустубут дьон, холкуостарын бэрэссэдээтэлэ Өлөксөөндүрэ Борокуоппайабына этэр тылын мэктиэтигэр өрө өндөҥнөһө-өндөҥнөһө иһиттилэр. Бу айылаах өрөгөйдөөх – Улуу Кыайыы күнэ үүммүтүттэн дьон-сэргэ сирэйдэрэ-харахтара дьиктитик туран сэргэхсийбиттэрэ сүрдээх…
Күн бэҕэһээ кэриэтэ ааспыт, аас-туор, ынырык ыар сыллар кэмнэригэр, дьахтар киһи дьарамай санныгар сүктэриллибит сүдү улахан итэҕэли толорон, ирдэбили кыайан, бэйэтин холкуоһун дьонуттан чороҥ да соҕотох киһини хоргуйан, сутаан өлүүгэ тиэрдибэтэх холкуостарын бэрэссэдээтэлин – дьон ытыктыахтарын ытыктыыллара. Ол барыта дьахтар киһи тус тыынын да толук уурарын кэрэйбэккэ, утуйар уутун умнан, күүһүн-күдэҕин харыстаабакка дьаныһан туран сатабыллаахтык, барыны-бары табатык аттаран үлэлээбититтэн ситиһилиннэҕэ. Дэлэҕэ да Свердлов аатынан холкуос «өҥ» сураҕын истэн, ыраахтан-чугастан кэлэн иһэн аара суолга охтубут үксүө дуо!.. Өлөксөөндүрэ Борокуоппайабына үрдүкү салалтаҕа санаатын туох баарынан аһаҕастык этэн туруорсары сатыыра. Кини куттаммата, дьаархаммата, бэйэтин иннигэр хайыҥ охсуна эрэ сатаан сыыһа дьаһаллары, үөһэттэн этиилэр, модьуйуулар эрэ диэн толоро сатаабата. Ирдэниллибит дьаһал төһө сөптөөҕүн куруук эт мэйиитинэн ырытан, ырыҥалаан көрөн баран, туох эмит итэҕэс-быһаҕас баар, тахсыах курдук буолла да, «маннык сатаммат, итинник гыннахха ордук сөп буолсу» диэн тус санаатын мэлдьи туруулаһан туруорсара. Буруйа суох киһи сыыһа сэмэлэнэрин, үтүрүллэрин сөбүлээбэтэ; дьалаҕай быһыытынан үлэни атахтаабыты – төбөтүн имэрийэн сээн диэбэтэ. Туруоруммут сөптөөх соругун толорор туһугар – кытаанах ирдэбиллээҕэ. Хаһан да хонтуораҕа хорҕойон, кэнсэлээрийэҕэ кирийэн олорбото – мэлдьи холкуоһун дьонун кытта хайа да үлэ үөһүгэр бииргэ, тэҥҥэ сылдьара. Холкуос олоҕор туох-туох суоҕа баарай. Сэрии саҕана үксэ оҕо, дьахтар буоллахтара: тустаах үлэлэрин кыайбакка, сатаан толорбокко, алҕас сыыһа-халты туттан үлэни харгыстаабыт баар да эбит буоллаҕына, ону сиэрэ суох сэмэлээн, аҥаардастыы мөҕөн-этэн кирдиэхтэтэн барбата, өссө ардыгар, оҕо аймах өттүттэн сыысхал тахсыбыт түбэлтэтигэр – Өксөөн тылын күлүү-оонньуу кэриэтэ сымнатан сэмэлээн, сүбэлээн-амалаан үөрэтэрэ-такайара. Ол – өрө кыбдьырына-кыбдьырына, сирэй-харах анньан ыган-үтэн түүрэйдээн мөҕөрдөөҕөр-этэрдээҕэр, тустаах киһитигэр ордук ылбаҕайдык тиийэрэ. Өксөөн эгэ кэлэн буруйдааҕы үҥсэ-харса сылдьыа баара дуо, дэлэҕэ даҕаны. Ол да иһин, киһи быһыытынан эйэҕэс-сайаҕас үтүө майгылааҕын иһин, дьоно-сэргэтэ кинини олус диэн сөбүлүүллэрэ, ытыктыыллара…
Хас биирдии киһи, аны инники олоҕор үтүө кэмнэр кэлэллэригэр туох да саарбаҕа суох бигэтик эрэнэр. Эрэл баар буолла да, олох сайдар тэтимэ өссө эбии күүскэ күүркэйиэхтээх. Бу ааспыт сэрии ыар сылларыгар «Свердлов» холкуоһа төһө да «өҥ холкуоһунан» сураҕырдар, аатырдар син биир аччыктааһын, тиийиммэт-түгэммэт тутах күннэр бааллара, ол эрэн биир да киһи ыран-быстан, уҥуох-тирии буолан хоргуйан өлбөтөҕө. Кэм кэмиттэн-кэмигэр салҕанан, этэргэ дылы сүүс сүүстэн өйөһөн аана суох алдьархайдаах сыллары туораан, бүгүҥҥү, үйэлэргэ умнуллубат Улуу Кыайыы күнүгэр үктэннэхпит!.. Ол барыта, биир үксүн, сатабыллаах салайааччыбыт, Өлөксөөндүрэ Борокуоппайабына сыралаах үлэтин түмүгэ.
Өксөөн дьонугар-сэргэтигэр туһаайбыт, сүрэххэ сүппэттии сөҥөр, улахан долгуйууттан тахсыбыт этиитин түмүктээбитигэр – холкуостаахтар, Айдаҥ олохтоохторо бары сүһүөхтэригэр туран эрэн таһыннылар…
Бүгүн холкуос ыскылаатыттан ас түҥэтиллэн, дьиэ аайы дьоро киэһэ үүннэ. Сорох ыаллар бэл, Ньукуолаҕа сиэхпит диэн хаһаанан сыппыт сүөһүлэрин баһын сүлэн мадьыктастылар, Бөтүрүөпкэ окко киирэргэ борсонуохпут диэбит чабычахтаах сыһыктарын кытта булуустан бидиличчи көтөҕөн таһааран буһардылар.
Сэриигэ сүтүгэ суох дьиэ кэргэҥҥэ, ыалга, кырдьыга да, муҥура суох, киһи тылынан сатаан эппэт үөрүүтэ. Оттон өлбүттээхтэр бу күн дьиктитик сөҥүөрэн сырыттылар. Хайдах эрэ, синнэригэр түспүт дьоҥҥо маарынныыллар. Туораттан көрүүгэ кинилэр үөрбэт да, хомойбот да курдуктар… Арай, тоҕо эрэ, мээнэнэн көрбүт уу-хаар баспыт харахтарыттан сэрэйдэххэ, киһи көрбөтүгэр, абаларыттан, аһыыларыттан уйа-хайа суох ытаан-соҥоон муҥнаналлар быһыылаах… Баар-суох чугас дьоннорун сүтэрбиттэргэ оннук… Сүтүктээхтэр урут, кыайыы күнэ буолуон иннинэ бэйэлэрин туттунан, кэм кыанан сылдьыбыт эбит буоллахтарына – өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы күнэ үүнээтин кытта – ыар сүтүктэммиттэрин саҥа истибиттии дьэ ордук эбии иэдэйээхтээтилэр. Кинилэр тугу да сэҥээрбэккэ, бэйэлэрэ-бэйэлэригэр салаҥ санаа ыарыгар таҥнары баттатан, көстүбэтэрбит-биллибэтэрбит ханнык диэбиттии бүгэллэр. Биһиги Өксөөммүт ону барытын билэ-көрө сылдьан, төһө кыалларынан, көмө-тирэх, өйөбүл буолар. Хомсомуоллары, эдэр кыргыттары түмэн дьиэлэринэн сырытыннарар: хайа сатанарынан үгүстүк киирэ-тахса, кэлэ-бара сатыыллар. Ордук иэдээнэ диэн – сүтүктээх эрэйдээх соҕотоҕун сытан санаа-оноо аалыытыгар, сиэһинигэр бэриниитэ. Кинини сэргэхситэ, тула-мала түһэн дьэгдьитэ сатыыр чугас, истиҥ киһитэ, доҕоро суох буоллаҕына төрүт иэдэйэр… Санаа-оноо кэрбиириттэн – ыалдьыа да суох ыалдьар, быстыа да суох быстар, балаҕадыйар. Бэл күн бэҕэһээҥҥэ диэри бииргэ үлэлии-хамсыы сылдьыбыт номоҕон дьүһүннээх эдэр дьахталлар, ыар аһыы саба куустаҕына, аҕыйах хонук иһигэр киһи билбэт буолуор дылы сэбэрэлэрэ уларыйар: чанчыктара кыырыктыйар, кэрэ мөссүөннэрэ сатамньыта суохтук сабыстар, баара-суоҕа отуччалаах, түөрт уончалаах эдэр дьахталлар эмэхсийбит эмээхсиҥҥэ кубулуйаллар. Ол барыта тылынан сатаан ситэри ситэн этиллибэт аба, аһыы, ыар санаа түмүгэ…
* * *
Сэрииттэн куота, саһа сылдьар күрүөйэхтэр, сыл сылаас кэмигэр дьиэлэригэр субу-субу сыбыытаһаллар быһыылаах. Сир-буор аннынан, үһү-таамах курдук сибигинэһиини иһиттэххэ, кыһын дьиэлэригэр хорҕойор курдуктар. Атын нэһилиэк, холкуос дьоно эбиттэрэ буоллар баҕар тутуллубуттара, суоллара сойбута ыраатыа этэ. Мин санаабар, Өксөөн, күрүөйэхтэр: Уйбаныап Өндөрөй уонна Буолкап Бүөтүр кыһын дьонноругар кэлэн саһан кыстыылларын сэрэйэр, билэр быһыылааҕа. Биирдэ, Өксөөн ийэтин кытта кэпсэтиилэрин түмүгүн истэн хаалтым, онно эдьиийим: «Ол кинилэри да үҥсэн, туттаран тугу туһанаары, сырыттыннар… онто да суох дьон сирэй-харах анньыытыгар сылдьыах сордоохтор буолуо…», – диэбитэ. Холкуоска син үҥсүүк-харсыык, «чуор кулгаахтаах» дьон бааллара эрээри, күрүөйэхтэри тыллаан биэрэн туттарбатахтара. Ол эмиэ бэйэтэ туспа дьикти…
* * *
Кыайыы буолуоҕуттан дьон-сэргэ, хайдах эрэ, омуна суох туттардыын-хаптардыын тэтимирбит, бэл сирэйдиин-харахтыын уларыйбыт курдуктар… Хас сарсыарда саҥа күнү көрсөн уһугуннаҕыҥ аайы, туох эрэ, ураты сэргэхсийиилээх, аата-суола биллибэт дьикти иэйии саба кууһарга дылы, ис-искиттэн санааҥ өрө көтөҕүллэн, кыдьыгыран, баҕаран туран элбэҕи, үгүһү эрчимнээхтик, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлиэххин-хамсыаххын эрэ баҕаран кэлэҕин… Онуоха эбии ийэ айылҕа барахсан маһа-ото, бары үүнээйитэ, сир уутун тото иһэн, сүрэҕи-быары хаба ортотунан дьырылаан сайа охсон халыйан киирэр ураты дыргыл сытынан тунуйан силигилии тыллан эрэриттэн – туох барыта өрө көрөн өрөйбүккэ-чөрөйбүккэ, ким барыта эгдэс гынан санаата көнөн, сүргэтэ көтөҕүллэн сылаанньыйбыкка дылы… Сарсыарда хараххын көрөн уһуктаат да сонно тута, туох эрэ хатыламмат кэрэ көстүүнү куоттарыам, мин аны ол үтүөттэн матан хаалыам диэбиттии эрчимнээхтик ороҥҥуттан ойон тураҕын. Суоруу муостаҕа тыкпыт күн уотун чаҕылхай сардаҥаларын быыһыгар ойуоккалаан таҥна охсоот таһырдьа ыстанаҕын… Арай таҥнаргар өрүкүппүт быылыҥ эрэ, билигин дьиэҕэ киһи сылдьыбыт туоһута буолан сып-сытыы күн сардаҥаларыгар устаҥныы, уҥа-хаҥас бэйдэҥнии хаалар… Дьиэҕэ киирбэккэ наар таска, айылҕа симиктик, көрсүөтүк сипсийэр уран тойугун истэ-истэ мэлдьи үлэлии-хамсыы сылдьыаххын эрэ баҕараҕын… Үтүө, кэрэ да күннэр… Чэгиэн, чэбдик эрчимнээх оҕо саас уонна истиҥник санаһар чугас дьоҥҥунуун, иллээх-эйэлээх, күлэ-үөрэ бииргэ сылдьан дуоһуйа, астына көхтөөхтүк үлэлээһин… Үлэ уонна үлэ… Үлэ дьолун билии!.. Үлэ дьолун сомсуу!..
Сааскы ыһыы кэминээҕи үлэ күөстүү оргуйар.
Дарайыы уус уһанар балаҕанын сирэй оһоҕун ураатыттан сарсыарда бэрт эрдэ хойуу буруо үрдүк мэҥэ халлааҥҥа өрө бургучуйан тахсар. Сотору били ыыстанан тахсыбыт ахсым буруо тохтоон, уот күүһүн-уоҕун ылан дьэргэлгэн эрэ дьэргэлдьийэ оонньуур. Киргиэлэй оҕонньор балтатын тыаһа устар уһун күнү быһа тохтоло суох биир кэм «тыҥ-тыҥ-лаҥ-таҥалай… тыҥ-тыҥ-лаҥ-таҥалай…» диэн тыҥкынаан-лаҥкынаан иһиллэр. Дарайыы уһанар дьиэтигэр киирбит-тахсыбыт киһи ардыгар күөрт күөртэһэр, илии-атах буолан көмөлөһөр.
Аҕыйах хонугунан ыһыы үлэтэ үмүрүйэн, бүтэй-хаһаа абырахтанан, саҥардыллан барыта орун-оннугар бүттэ. Тиэриллибит, боромньуламмыт бааһыналар уохтаах буордара өрө көппөйөн харааран сыттылар…
Арыылаах эбэ кырдалын тэллэҕэр дьулугураччы үүммүт кылбаа маҥан хатыҥнарга куртуйахтар түһэн куллугураһаллар; сайыҥҥы чыычаах эгэлгэтэ, арааһа ситэри кэлэн, күн араас саҥа-иҥэ тохтообокко күйгүөрэр. Хонууга, сыһыыга, өтөххө – чаҕыл күн анныгар: муостаах туйаарардар, мас күөрэгэйдэрэ дьырылыы-дьурулуу ыллыыллар. Сардьыгынайа көтөн көй салгыҥҥа уйдаран эгдэс гынан кый үөһэ тахса-тахса, көстүбэт мэһэйтэн иҥнибиттии өгдөс гынан тура түһэ-түһэ кур от, сэтиэнэх быыһыгар түһэн, тэбэнэттээх оҕолуу кирийэллэр. Көрдүгэн, уу хонон мустубут аҥхалаат сирдэр эрдэлээн тыллар чэчиктэринэн кэрэтик симэннилэр… Халдьаайы саалыгар хойуутук тыллыбыт ньургуһуннар сиккиэр тыалга бигэтэн хоҥкулдьуһа хамсаатылар… Эбэлэр уһун кыс устата халыҥ хаппах буолан турбут муустара ньалҕарыйа уулланнар, ырбыылара кэҥээн өрө сүгүллэн хоҥноннор, тыал хайа диэкиттэн үрэр да ол хоту кытылга тиксэннэр хара буору хоруйаллар, кустук эгэлгэ өҥүнэн толбоннуран күлүмнүү-күлүмнүү күнүстэри-түүннэри ууллан саркааҕыран кырылыы, лыҥкыныы тохтоллор… Харса суох уолаттар хойобуун кустара үөскэ түстэҕинэ, үөл ураҕас мас тутуурдаах кытылга тиксибит мууһунан киирэн ылан тахсаллар. Ол уолҕамдьы, быстах быһыыларыттан – хайа эмит кырдьаҕастан, дьонноруттан мөҕүллэллэр…
Күнүскү өттүгэр дьиэ иһэ тыаһы иһиллээбиттии кураанахсыйар. Бары тустаах үлэбитигэр үрүө-тараа тарҕаһабыт. Арай эбэм Биэрэтин кытта дьиэ дьоно. Ол эрэн Биэрэ да балаҕаҥҥа бүгэн олорбот, таска тоотоҥноон тахсан бэйэтин дьаалатынан «түбүгүрэн» солото суох. Күн суоһуттан итииргээн утаттаҕына дьиэҕэ киирэн уу иһэн тахса-тахса сүрдээҕин оттомуран оонньуур. Баһыычаан доҕотторун Чоойуннааҕы кытары кутуйах, маттаҥаа, дьирики сырсыытыттан ордубат. Ыстаан, ырбаахы күн да аайы ыыра көтүллэр, тырыттар.
Настааччыйа бурдук ыһыытыгар сылдьан баран, билигин Маҥан Халдьаайыга оҕуһунан, молохоҕо эндирдээн тутуу маһа таһар.
Быркылаах сүөһүлэрэ – Мундулуҥдаҕа, Аллараа Уолбуттар – Томтор Суукка сайылыктарыгар көһөн тигинээтилэр. Маҥан Халдьаайы сүөһүлэрэ бэйэлэрин олохторугар сайылыыллар. Бүппэт үлэ, бүппэт түбүк… Үлэ дьоло, түбүк дьоло… Эбэм этэр ээ: «Дьоллоох киһи мэлдьи үлэ-хамнас, түбүк үөһүгэр сылдьар…», – диэн. Кырдьык да оннук. Мин оҕус, ат миинэн иһэн – үлэ, түбүк үтүмэн үөрүүтүн туһунан өйбөр хоһуйан ботугуруубун:
Торҕо буруо туман курдук
Толоон сиргэ устан киирдэ,
Кырдал үөһэ турбут дьиэбит
Саҥа олох күнүн көрдө
Чигди хаарга атах тыаһа
Тиэргэн аайы хаачырҕаата,
Хотон аана үрүт-үөһэ
Үөрэ-көтө либиргээтэ
Үлэ күнэ үүнэн тахсан
Татым санаа сарбылынна,
Түбүк кэмэ тиийэн кэлэн
Быстах санаа умнулунна
Дьарык эрэ дьоллуур эбит
Санаа сиэбит сордооҕун,
Дьаныар эрэ үөрдэр эбит
Эрэй аалбыт эрэйдээҕин…
Мин эрэ маннык хоһуйуом дуо, саҥарар саҥалаах барыта, бэл көтөрдүүн-сүүрэрдиин кытта үтүө сааһы, саҥа, эйэлээх олох саҕаҕа сандаарбытын туойан чырыбынаһа-дьырыбынаһа ыллыырга дылылар…
Ыһыы үлэтигэр: оҕус сиэтиитигэр, боромньулааһыҥҥа сылдьан баран, билигин эмиэ сээкэй быстах-истэх үлэттэн соло суох. Дьиэ түбүгэ үгүс.
Оҕонньоттор сайыҥҥыларыгар бэлэмнэнэн от үлэтин тээбиринин көрөн-истэн сөхсүйэллэр, сэлбийэллэр, саҥаны да оҥороллор. Таска олорон, сорох хамсатыгар симинэн, сорох кумааҕыга эринэн табах тардан бусхата-бусхата, бииргэ түмсэн уһана-уһана арааһы бары ыаһахтаһаллар. Аны боруоскаһыт оҕонньоттор эмиэ бааллар: холтуунарыттан мэлии табаҕы кытаахтаан ылан сыҥсыйан баран ытырдан тоҕо бараллар, харахтарыттан уу-хаар баһаллар…
Чөөдүү Миитэрэй, Балаҕаччыга силпиэҕэ (сельпо) харабынайдыы барда. Аҥаар илиитэ төрдүттэн кэриэтэ суох киһи, хара үлэни үлэлиирэ ыарахан…
Огдооччуйа, Ылдьааттан сурук кэлтин кэннэ, Дьэримиэй оҕонньордооххо дьуккаах көһөн тахсан турар. Иһэ – лаппа биллибит. Баһыычаан маҥнай утаа ийэтин кытта тахсыһан баран, аҕыйах хоноот төттөрү көһөн күккүрээн кииртэ. Эбэтигэр убанан хаалан, туспа арахсан олоруон баҕарбат. Уол онон куруук биһигинниин, оттон Огдооччуйа, кэлин отой да быкпат буолла. Дьиэ иһигэр мэлдьи бииргэ алтыһа сылдьыбыт киһибит эмискэ тахсан барбыта, хайдах эрэ, киммит эрэ суох, тиийбэт курдук… Огдооччуйа төһө даҕаны тиэргэн нөҥүө ыалга дьуккаахтастар, биир өтөххө олордор, син биир суохтуубут…
Дьокуускайтан, Ылдьааттан сурук кэлтин нөҥүө күнүгэр, мин кэлиигэ бурдук сынньа турдахпына, эмээхсин кийиитиниин наллаан кэпсэппиттэрэ. Эбэм барахсан бэрт намыын, холку куолаһынан наар кийиитин санаатын эгди гына сатыыра, эгэ кэлэн уолбуттан атын киһиттэн оһоҕостоммуккун диэн сирэй-харах анньа сылдьыа баара дуо, дэлэҕэ даҕаны.
– Көһүмэ, тугун көһөҕүн… олорбутуҥ курдук олор… – диирэ.
Огдооччуйа хотуна тугу эмит саҥардаҕына, ыйыттаҕына – тута хоруйдаабакка сөҥөн олоро түһэ-түһэ, аат эрэ харата хардарара, хайыы-сах өрбөх курдук сымныар диэри имиппит табысхаанын тириитин тохтоло суох убахтыыра…
– Син биир сөбүлүө суоҕа… Саатар эрдэ сурук суруйбакка… Арахсыаҕа, син биир… Онон эрдэ-сылла тахсыбытым быдан ордук… – Огдооччуйа санаабыт санаатын кубулуппакка, эппитин этэ олороро.
– Ылдьаа ыгыма суоҕун бэйэҥ билэҕин… Сүрэҕинэн сөбүлээн холбоспут киһи арахсыа суоҕа, сэрэйэбин, тоҕо эрэ, оннук диэн… Уолугар (кылыныгар) Баһыычааҥҥа дэлэ буолбатах, таптыыра туома сүрдээх, уол да аҕатыгар элэккэйдэнэн биир оннук… «Хаһан кэлэр?..», – диэн мэлдьи ыйыта, сураһа сылдьаахтыыр буоллаҕа, оҕом барахсан…
Огдооччуйа кистии-саба, биилэммит харахтарыттан халыйан түспүт көмүскэлэрин уутун сотторун көрөн, мин, саҥаспын ис-испиттэн сүрдээҕин аһына санаан кэлэн, хата, бэйэм уйаргыах курдук буолбутум…
– …Һуох… Һин биир, хайдах эрэ, һатамньыта һуох… Ол оннугар… кэлин хайа буолар… сыһыанын биллэриэ буо… – Огдооччуйа синигэр түспүт киһилии сыҥааҕын быччыҥын күүрдэн сирэйин өрө эгдэс гыннаран ыла-ыла, умса көрө-көрө өрө тыынан ылара…
– Чэ онтон хайыахпытый… кэм-кэрдии, күн-дьыл бэйэтэ көрдөрөн иһиэ… – диэбитэ эбэм.
Ылдьаа – ийэлээх аҕатын батан бэрт холку майгылаах, ыгым санаа, быһыы сыстыбатах киһитэ. «Оҕото суох – ордук оҕомсох» дииллэринии, ыамайдар санааларын баҕас табан ымманытар дьикти айылгылаах. Оҕо аймах куттарын туттаран таптаан иилэҥкэйдэнэ, сөбүлээн сырса сылдьар дьонноро баар буолаллар. Биһиги Ылдьаабыт оннук дьоннортон биирдэстэрэ. Дэриэбинэҕэ баар кыра уолаттар чаачар саалара үксүлэрэ Ылдьаа оҥоһуктара. Эмээхсин уолун: «Оҕо куттаах айыллан төрөөбүт…», – диэччи. Мин маҥнай утаа, атах балай мээнэ ускаай сылдьан баран, Быркылаахха эбээ эмээхсиннээххэ саҥа кэлэ сырыттахпына, Ылдьаа миэхэ эргэ балаакка хаалбытын чөлүн талан кырыйан, дьууппа тигэн биэрэн турар. Ылдьаа, көр, өссө бэл дьууппа кытта тигэр иистэнньэҥ. Эр киһи иистэнэрэ, буолаары буолан кыыс оҕоҕо дьууппа таҥас тигэрэ сэдэх көстүү. Оҕоҕо чугас киһи, баҕар мин санаабын да алы гынаары, көтөҕөөрү гынта буолуо. «Биһиги Аанабыт лоһолдьуйар дьууппалаах…», – дии-дии, ордьоҕор тииһэ килэйэн күлэ олороро бу баарга дылы…
* * *
Улахан Баһылай тиргэлээн, Кыра Баһылай үлэтин быыһыгар сааланан куһу баһаан сиэтибит. Баһыычааннаах бараахтыыллар, икки сахсарыма бараах этэ чөркөй этиттэн итэҕэһэ суох. Кус да дэлэйэ сүрдээх. Көлүччэ, көрдүгэн ууларыгар кытта биир кэм хараара усталлар. Дэлэҕэ да «халлаан хараҥарар куһа» диэхтэрэ дуо. Кэлин, сымыыттаары, төрөөрү-ууһаары – аабы, маар, ээй сирдэргэ тарҕаннылар да, син биир киһи хараҕар көстөр араас кус эгэлгэтэ баһаан. Мууһа сулан бүппүт Арыылаах эбэбит үөһүгэр андылар түһэн халыҥнык үөрдээн бараннар биир үтүө күн суй гыннылар. Арай сыл аайы төрүүр-ууһуур олохтоох андылар хааллылар. Кураанах куһу киһи ааҕан сиппэт, тыыраахы, чөкчөҥө бииһин ууһа оннооҕор ордук элбэх.
Эбэбит арыытын кутатыгар: хоҥор, хара баттах тыыраахылар, тэкээхтэр, хоптолор, кураҕаччылар уйа туттан сымыыттыыллар. Тыҥырахтаах, сойуо тумустаах көтөр күөл арыытын ыксатынан көттөр эрэ өй-мэйдээх тулуйбат аймалҕанын тардаллар. Биир кэм быыһа-арда суох көтөн эймэнэллэр. Ол айылаах үгүс саҥа-иҥэ барыта холбоһон, киһи иилэн ылбат, арааран истибэт биир күрүс күйгүөрүн үөскэтэр. Ону истэргэ астыга сүрдээх. Дьиэ иһигэр киирдэххинэ биирдэ кулгааҕыҥ сынньанар. Сорсо кустара хайыы-сахха үөрдүһэн эрэллэр. Уончалыы-сүүрбэччэлии буола-буола күөлтэн-күөлгэ сулукучуһаллар. Сотору сүүһүнэн ахсааннаах халыҥ үөр буолуохтара уонна сыыйа-баайа түүлэрэ түһэн, туруттан сааран барыахтара…
Биһиги күүтэр-күүтүүбүт, кэтэһэр-кэтэһиибит – сэриигэ барбыт дьоммут. Баччааҥҥа диэри биир да киһи биллэ илик. Кэлин, урут суруллан баран муммут-тэммит биирдиилээн суруктар кэлитэлээтилэр. Саҥа, сонун сурук суох. Ону сорохтор «субу кэлээри сылдьан дьон тугу суруйуохтарай… сотору бэйэлэрэ биллиэхтэрэ…» дэһэллэр. Сэрииттэн эргиллиэхтээх холкуоспут дьонун олус диэн долгуйа күүтэбит. Балаҕаччылыыр аартыгы манаһааччы эрэ үгүс быһыылаах. Этэргэ дылы, эмээхситтэр, дьахталлар бары кулгаах-харах иччитэ буолбуттара ыраатта. Оҕолоохтор оҕолорун, кэргэннээхтэр кэргэттэрин төһөлөөх аймана ахтыбыттарын арай айбыт таҥара бэйэтэ эрэ ситэри билэн эрдэҕэ. Хас хонон турдах аайы, аны бөлүүн ким эмит кэлбитэ буолаарай диэн сонно тута бэйэ-бэйэттэн ыйыталаһыы-сураһыы, бырабылыанньа дьиэ диэки тиэтэйэ-саарайа харбыалаһыы, хабытайданыы. Балаҕаччылыыр суол аартыгар үүммүт арыы-арыы хойуу бөлкөй үөттэр, талахтар быыстарыттан аттаах эбэтэр сатыы киһи тахсан кэллэр эрэ дьахталлар: «Хайа, хотуйдаар, ол хайалара иһэрий, ылыҥ, сытыы харахтаахтар көрүҥ эрэ…», – дэһэ-дэһэ чарапчыланыы бөҕөтө буолаллар…
Сэриигэ барбыттаахтар урут дьоннорун төһө да ахта саныы сырытталлар, субу эргиллэн кэлэллэрэ чугаһаан истэҕин аайытын айманаллара ордук эбии күүһүрбүккэ дылы…
Кыайыы буолтун кэннэ аны Кырымааньыйа басыыстарын кытта куомуннаспыт ханнык эрэ дьоппуон диэн омук сэриитэ сүгүн бэриммэкэ ачыаһыра, сэриилэһэ сытар үһү диэн сурах иһилиннэ. Эмиэ үһү-таамах курдук иһиттэххэ биһиги сэриилэрбит сорохторо ол утарылаһа сытар дьоппуоннары «тобоҕолуу» барбыттар үһү диэн буолла. Бииртэн биир киһи, бииртэн биир боломуочунай кэпсэлэ. Араадьыйаҕа эмиэ ити туһунан биллэрбиттэр, кэпсээбиттэр диэтилэр… «Дьоммут, аны баччалаах кыайыы буолтун кэннэ, онно баран, быстах былаҕайга умса-төннө түһэн, суорума суолланыахтара» диэн биир туспа мучумаан, куттаныы, дьаарханыы, кэчэһии… Сорохтор: «Биһиги Кыһыл Аарымыйабыт оннооҕор Кырымааньыйа курдук, ити айылаах аан дойду улуу омуктарын аҕыйах хонукка хаардыы хааман үлтү тэпсибит, сүүнэ уодаһыны урусхаллаабытын кэннэ, ол эмиэ тоҕо, хаһан кыайаары өрө чобуорхайбыт, суудайбыт чолоҕордоруй доҕор…», – диэн дьоппуон омугу мөҕүттэллэр. Өссө кэлин отой да, олоххо-дьаһахха, күннээҕи үлэҕэ-хамнаска туох эмит сатамматаҕына, табыллыбатаҕына: «Оо, дьоппуон баара… дьэ дьоппуон эбит… дьоппуон курдук араҥый доҕор…», – диэн тыл дэгэтэ үөскээн хаалла.
* * *
Арыылаах эбэбит барахсан мууһа сулан, нэлэйэн-хотойон, оттонор ходуһалара сааскы халаан уутун тото иһэн нүөлсүйэн, сөлөгөй сүмэһиннээх күөх от күн сырдыгар тардыстан, кини эмиэ үрүҥ күн анныгар биир сайыннаах олоҕун олороору, хойуутук өрө үтэн бытыгыраан, сүһүөх анньан хойуостаҥнаан таҕыста. Саас, сайын кэлэн, туох барыта аламай күн анныгар ситэр-хотор, төрүүр-ууһуур. Сирэм күөх сир үрдүгэр баар бары тыынар-тыыннаах, оттуун-мастыын – сүрүн күүһүн үрүҥ күнтэн ылан чэчирии, силигилии ситэн тыллар, олоҕун салгыыр сиэмэтин хаалларар…
Үтүө күүстэр дьайыылара, ис-иһигэр киирдэххэ, тус-туспа, эҥин-дьикти уратылардаах эбит. Ытык кырдьаҕастар кэпсэллэриттэн иһиттэххэ, оннооҕор күн уотун дьайыыта – эр киһиэхэ уонна дьахтарга тус-туһунан буолар эбит. Эбээ эмээхсин этэринэн, күн сыдьаайар, угуттуур дьайыыта ордук эр киһиэхэ күүстээх үһү. Ол кини олоҕун оҥкула үрүҥ күнтэн үүннээх-тэһииннээх буолан диир. Оттон дьахтар дьылҕата ыйтан ыйдарыылаах. Ол да иһин эр киһини «күөгэйэр күнүгэр» сылдьар диэн сайыҥҥы күн, өрө дьэндэйэн, өрөгөйдөөн турар кэмигэр тэҥнээн, дьахтары «дьэлтэйэр дьэтигэр» сылдьар диэн толору туолбут ый дьэлтэйэн турар кэмигэр дьүөрэлээн этэллэр эбит… Киһи үс куттаах: ийэ кут, буор кут, салгын кут. Бу куттарыҥ үһүөн холбоһон, сөпсөһөн ис айылгыгыныын алтыһар эбит буоллахтарына – киһи этэ-сиинэ чиргэл, чэгиэн, өйө-санаата тобуллаҕас, кыайыылаах-хотуулаах, чөл туруктаах этэҥҥэ сылдьар. Ити гынан баран айылҕа сиэринэн, туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх, бүтэр уһуктаах… Дэлэҕэ да «киһи күннээх, балык ыамнаах» диэн өс хоһооно үөскүө дуо. Ол эрээри… Айылҕаҕа ордук чугас, аһаҕас эттээх дьон, аарыма ытык кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, өлүү диэн – саҥалыы, уратытык айыллан атын эйгэҕэ төрөөһүн үһү… Бу туһунан санааттан санааны ситимнээн, бардар-бара турар эбит буоллахха – бэйэтэ туспа, бүппэт, муҥура суох дьикти сэһэн…
Күөл балыга эмиэ, атын харамайдар курдук өрөгөйдөөн, сырыыргаан ылар кэмнээх. Ол – ыыр кэмэ. Бу кэмҥэ, балык ыамын уотаҕатын саҕана илимнээн, туулаан туттумахтаан хааллаххына, инники сиир аскын өлгөмнүк хааччыныаххын сөп.
Арыылаах эбэ киэҥ, мэндээркэй иэнигэр тыылаах дьон эрдиилэрин салбаҕа күн уотугар чаҕылыҥнаан уҥа-хаҥас тэлбиҥнэһэ усталлар.
Улахан Баһылай араас харахтаах хас да кыл илими үппүтүн бэрийэр. Баһылай солото суох кэмигэр илимнэри эбэм тардар. Мин эмээхсини кытары күн аайы балык астыыр түбүгэр түстүбүт. Арыылаахпыт сүрдээх бөдөҥ соболоох да, ыччат да балыктаах. Ардьаҕа быччыкы мэнээк киирэр, оттон илимнэрбит киэҥ харахтаах буоланнар наар лэһигирэс эрэ собо тутар.
Биһиги собо үөлэбит, барчалыыбыт, хохтулуубут.
Кыһыны быһа халыҥ муус анныгар айылҕатын сиэринэн аһаабакка дөйүөрэн талбаара уста сылдьыбыт «тыына хаайтарбыт» балык саас күөл ырбыылаан, сайыы таҕыста да кытыыны былдьаһар. Ону «быгыы балыга» дииллэр. Күөл түгэҕэ дьөллүбүт сирин булан эбэтэр киэҥ ырбыы саҕатынан илим үтэн бу кэмҥэ бултуйуохха сөп. Быгыы балыга – аҕыйах хонукка сырыырҕаан, тыын ыла түһэн баран, төттөрү үөс уутугар төннөр. Ити кэнниттэн өтөр соҕус, күөл суллаҕына, тыһы балык искэҕэ туолан, атыыра соҥуруота ситэн, дьэ дьиҥнээхтик налыыга ыга анньан ыы тахсар. Күөл дьара, кытыы сирин саҥа үүнэн эрэр сүмэһиннээх күөх отун иһэ – балык устаҥныырыттан биир кэм бырдьыгыныыр. Ыыр балык кытыыга бэркэ сэрэнэн, кэтэнэн-мананан тахсар. Кыра да энчини, тыаһы-ууһу сөбүлээбэт. Ол иһин илими собо ыыр сирин ыксатыгар эбэтэр налыытыгар үппэттэр. Үөстэтэ соҕус, дириҥҥэ тимирдэллэр. Бэс да, от да ыйдарынааҕы ыамнарыгар эмиэ итинник. Балык таллаҕар кулгааҕа суох эрээри, тыаһы-ууһу сүрдээҕин истэр. Ыыр кэмигэр бэрт сэрэх буолар. Кырдьаҕастар собо тыаһырҕаатаҕына ситэ ыабат диэн, ордук-хос тыаһы-ууһу таһаарбакка, бэл эрдиилэрин чэпчэки-чэпчэкитик эгдэс гыннаран сэмээр эрдинэн уу-чуумпутук сылдьан илимнииллэр.
Мин, үүнэн эрэр оҕо киһи, хас күн аайы «тииҥ мэйии, сир түннүгэ» кырдьаҕастартан билбэтэхпин билэн, көрбөтөхпүн көрөн, истибэтэхпин истэн куруук билиибин-көрүүбүн хаҥатынан, эбинэн иһэбин. Дьиктиргии, сөҕө, сонургуу, соһуйа, кэрэхсии санаабыппын эт мэйиибэр сааһылаан, өйбөр чиҥник хатаан кээһэбин. Ол билигин буолбатаҕын иһин, инники олохпор туһалыаҕар саарбахтаабаппын. Олоҕу олорбут, үгүс сыл хаарын эт санныларыгар уулларбыт кырдьаҕастарга баар – олох туһунан эгэлгэ араас билии бараммат барҕа баайа. Дэлэҕэ да «кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан сүбэлэт» диэн өс хоһооно үөскүө дуо…
Үнүр, күөл кытылыгар, тыы тиксэр сиргэ, эбэм илимнэрин «өндөтөрүн» ыраахтан көрө турдахпына, Киспэ оҕонньор туос тымтайын сүгэн киирэн, миигин кытта бэйэтин тэҥ саастыылааҕын курдук сээкэйи баллыгыраһан уһуннук олорто. Борокуоппай оҕонньор эрэдэһиннээх чубууктаах умнас хамсатыгар, сэбирдэх табах мэлиллибитин симтэн, хойуу буруону омурдун хапчыс-хапчыс гыннаран соппойо-соппойо: «…Көр… көр… Аана, итинтиҥ эмиэ быдьырыыстаах, ис-иһигэр киирдэххэ эмиэ да эридьиэстээх диэтэҕиҥ…», – дии-дии арааһы бары ыатаран, ыпсаран кэпсиирэ. Ол истэргэ сэргэҕэ, астыга сүрдээҕэ, киһи туома тулатыгар баары барытын таһыччы умнан, кэрэхсээн ахан олордор олоруон курдуга. Киспэ, Арыылаах эбэтин будьуруччу тыллан көҕөрөн эрэр иирэ талахтардаах мас арыытын, сирэйин киһи аһыныах мылаччы туттан тонолуппакка одуулуу-одуулуу, хартастыбыт халтаһаларын түргэн-түргэнник чыпчык-чыпчык гыннаран симириҥнэтэ-симириҥнэтэ, бэйэтэ этэринии, эбэтин балыгын бары «быдьырыыһын, эридьиэһин» кэпсиирэ. «Сымнаҕас түгэхтээх, соһумтах балыктаах күөл собото улахан тыастан куттанар. Күөл түгэҕэр төбөтүн оройунан батары түһэн өлөр…» диэбитин бэркэ диэн дьиктиргии истибитим.
Тымныы, тыал-куус күн уонна этиҥҥэ – балык көбөн иһэн тимирэн хаалар. Куйааһырда, ылааҥытыйда да төттөрү көбөр, үөс илимнэргэ туппутунан барар. Сайын, өҥүрүк куйааска, дьара уулаах күөллэр балыктара, уулара сылыйдаҕына, аны сөрүүн сиргэ, кута анныгар хорҕойоллор. Ичигэс, сылаас ардах кэннинээҕи, тыаһа-ууһа суох луҥку түүн балык үчүгэйдик көбөр.
Улахан Баһылай мундутун, күөнэҕин туутун саха хотуурунан кутаны быһан баран онно угар. Мэнээк киирэр.
Күөнэх саас отой эрдэ, аҥхалаат сир хаара өссө ситэ уулла илигинэ, күөл кылдьыыланна, үрэх үрдүн уута хамсаата, сыркы сыккыраата да толоон-сыһыы ньалыар уутугар тахсан ыыр. Үрэхтэр уулара хото туолан баран саҥа түһэн эрдэхтэринэ, кыра сыккыстары, тырытыалары батан, сүүрүккэ сайҕанан күөлүгэр төннөр. Ону «төннүү күөнэҕэ» дииллэр, кус түркүнүн курдук, аҕыйах хонуктаах. Кэмин, нэмин табан, төннүү күөнэҕэр түбэспит киһи бултуйар, тууга балысханнык киирэр. Ол да иһин «күннээн-күөнэхтээн сылдьар» диэн, төннүү күөнэҕэр холоон, табыллан, тобуллан олоҕун өрөгөйүгэр сылдьар киһини этэн эрдэхтэрэ.
Оҕонньоттор балык сырыытын сүрдээҕин билэллэр. Урут уутун булкуйан аһаабатах күөллэригэр кэллэхтэринэ бастаан, чуумпуга тыынан сэмээр кэрийэ сылдьан балык ханна тиксиэн сөптөөх сирин бэлиэтии көрөллөр (ол хойут муҥхалыылларыгар, куйуурдуулларыгар олус туһалаах). Кинилэр диэтэх дьон күөл быйаҥа ууга оонньуурунан, эбэ уутун түгэҕин, отун көрөн сылыктаан балык ханна сытарын, хата, эндэппэккэ билэллэр. Чуумпуга, кытыыга балык тиксэрин кэтээн олорон, быркыран таҕыстаҕына, үөс өттүгэр сэмээр илимнэрин үтэн, унньуктаан собону сонно араарбытынан бараллар. Бу ньыманан балыгы хото бултууллар. Оҕонньоттор былыр-былыргыттан үөрэнэн да хаалбыттара бэрт быһыылаах: балык үөрдүүрүн, хайдах быһыылаахтык, күөл хайа уутунан устарын, ханан тиксэрин билэллэрэ, нэмин табаллара сүрдээх. Эдэр киһи элбэхтик сыралаһан бадьыыстастаҕына эрэ үөрэнэр сатабыллара. Онон балыгы бултааһын тус-туһугар эмиэ бэрт элбэх, оҕо киһи эрэ дьиктиргиэх, ымпыктардаах-чымпыктардаах. Олохторун устата арааһы бары билбит-көрбүт мындыр кырдьаҕастарбыт барахсаттартан эрэ ону барытын ситэри ситэн сыныйан билиэхпитин сөп. Кинилэр кэпсииллэрэ барыта кэрэхсэбиллээх, олоххо олус туһалаах…
Эбэбин кытта бииргэ сылдьан мин үгүһү-элбэҕи билбэтэхпин билэбин, көрбөтөхпүн көрөбүн, истибэтэхпин истэбин. Эмээхсин – үөрэтэр, сүбэлиир, такайар. Ээр-сэмээр наҕыллык, тылын-өһүн сааһылаан, лоп бааччытык, айаҕа хам буолбакка бэрт үтүмэн үгүһү, дьиктини, сонуну сэһэргиир. Мин ону мэлдьи кэрэхсээн, болҕойон ахан истэбин. Бу билигин балыктыы, балык астыы сылдьар дьон быһыытынан, эбээ кэпсэлэ барыта онно туһааннаах…
Саас, күөл кылдьыылана ырбыылаан эрдэҕинэ, туох-ханнык иннинэ, сайыыга аан бастаан күөнэх, мунду, онтон собо «быгар». Тыаттан халдьыгыраан киирбит сааскы халаан уута ыган, ол ытылҕана куоһаахтаан (ордук уу отун төрдүнэн) буруу гынан ытыйан, эрийэн күөл кытыытын мууһун көҥү дьөлөр. Ол – сайыы дэнэр. Бэл, уута түспүт киэҥ оттонор ходуһалаах уолба күөл, хайа эмит эҥээригэр, чүөмпэтигэр син биир куталанар. Арай сэмээр дириҥиир чыыкыр кумах буордаах «бэс күөллэрэ» кутата суохтар. Саас, хобур ааһыыта сиҥэ уута киирэн күөл кутата туолан өрө үллэн тахсар, онон-манан ирэн, көҥөрүйэн, туох да тургуйбат дириҥ харахтар бычалыһаллар. Кыһыны быһа хотоҥҥо хааллан, күкүрдэригэр бааллан бугуһуйан турбут сүөһүлэр тэбиэһиргээн уонна күөл үөс отун сиэри ити айылаах дириҥ кута харахтарыгар, дьындаҕа түһүөхтэрин сөп. Ардыгар түһэн былдьаналлар даҕаны. Уһун кыс устата көрүллэн-харайыллан дьылы тахсыбыт сүөһүгүттэн илии сотуннаҕыҥ ол. Онон саас бу кэмҥэ «сайыы чөҥөрүйбүт, маныы буолбут» дэһэллэр. Оччоҕуна сүөһүнү үөскэ киллэрбэккэ манаан эбэтэр мээнэ ыыппакка, далга хаайан аһаталлар.
Сырдыкка талаһан ити сайыы дьөлөҕөстөрүгэр кыһыны быһа тыына хаайтаран талбаары уста сылдьыбыт балык мунньустар.
Балык «тиллэн», чычаас ырбыыга, сылаас ууга тахсан, саас кэлбитин билэн, дьэ тото-хана аһыыр. Итини сорохтор «сайыы балыга», атыттар «быгыы балыга» дииллэр. Аһыыр астара татыарыйбыт, кэмчитийбит ыалга бу кэм кэлиитэ чахчы да күүтүүлээх. Мин ыал устун атах балай сылдьар эрдэхпинэ, ыстыырдарынан быстаран «инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан» күннэригэр-тыыннарыгар сытар эрэйдээхтэр: «Оо, абалаах, балык быгарыгар тиийбит киһи баар ини…», – дэһэллэрин үгүстүк истэрим.
Иитэн-аһатан олорор эбэлэрбит барахсаттар көмүс хатырыктаахтарынан төһөлөөх киһи үрүҥ тыына өллөйдөммүтэ буолуой…
Бэл балык уҥуоҕа да хаалбат: тарга куталлар, онтукалара сайыны быһа аһыйан, сымнаҕас өҥүргэс буолан хаалар. Сорохтор көтөр уҥуоҕун кытта итинник гынан сымнатан «ууну-хаары» кытта булкуйан сииллэр. Мундуну буһаран баран тарга кутан аҕараанныыллар. Ыал-ыал аайы балыгы араастаан астаан аһыылларын көрүллэрэ. Собону миинэ бардын диэн хатырыктаабакка, санньылыйа сылдьар салыҥын кыһыйтарбакка буһаран сиир дьон эмиэ баар буолааччылар. Уһуннук лыглыгырыы кыынньан буспут собо хатырыга күөс түгэҕэр түһэн хаалар. Онон сииргэ туох да улахан куһаҕана, табыгаһа суох буолбат…
Мунду, күөнэх төһө да кыра буоллаллар сиэмэх балыктар. Саас, биир сүрүн аһылыктара собо искэҕэ үһү. Өссө бэйэлэрин истэхтэрин кытта сииллэр дэһэллэр. Онон күөл мундута, күөнэҕэ бултаммакка аһара элбээтэҕинэ собо өнүйэн үөскээбэт үһү. Ону мин, ким көрүү көрүүлэнэн дуу, умса түһэ сытан чинчийэн көрбүтүн дуу билбэппин. Кырдьаҕастар кэпсииллэр. Үтүмэн үгүс сыл устата сыныйан билэн-көрөн, кэпсэл оҥостон эрдэхтэрэ. Онон өбүгэлэрбит барахсаттар мундуну, күөнэҕи сүрүн аһылык оҥостон, өлгөмнүк бултаан, күөллэрин быччыкыта мундуга кыһарыйтарбакка дэлэйдик үөскүүрүгэр кыах биэрэллэр эбит.
Мундуну, күөнэҕи – куйуурунан, илиминэн, туунан бултууртан ураты, күһүн буһук саҕана бэрт дьээбэтик бултуур өссө биир ньыма баар. Ол киһи эрэ барыта сатаан, сатабыллаахтык, кыайа-хото тутар ньымата, албаһа буолбатах. Мунду ыкса күһүн кытыыга тиксэр. Ити кэми «балык тиксиитэ» диэн ааттыыллар. Күөл кытыытын отун төрдө, күһүҥҥү хаҕыс хаһыҥнартан кыдьымаҕыра тоҥон кыра да тыалга кылыгырыы тыаһыыр, буһук саҕанааҕы күннэр кэлэллэр. Муус туруон эрэ иннинэ, чакылыччы халлыбыт хаар хаһыҥнаах түүннэр сытыы сулустарынан дьирибинэһэллэр… Дьэ бу кэмҥэ мунду бөлүөхсэн, хойуутук үөрдээн, күөл кытыытынан, кута саҕатынан устар. Ону түбэһэ көрдөххө – уу үрдэ күөс оргуйарыныы өрө дьирибинии турар буолар. Бу кэми мунду бөлүөҕэ, эбэтэр өссө бөлүөх кэмэ диэн ааттыыллар. Тиксии, бөлүөх мундута халыҥ үөрүнэн халҕаһалыы анньан уста сылдьаннар, кэбэҕэстик уонна өлгөмнүк тууга киирэллэр. Бу кэмҥэ, буһук саҕана, дьон кыанар өттүлэрэ, түргэн туттуулаахтара, сымсалара уонна атахтарыгар тирэхтээхтэрэ, үчүгэй сүһүөхтээхтэрэ – бөлүөх балыгын ыраахтан көрөн ырыҥалаан, сыныйан баран, сэмээр тыаһа суох тыынан сыбдыйа устан киирэн куйуурунан баһаллар. Сорохтор өссө куйуурдааҕар обургу гына анал баһар тэрил оҥостоллор. Дьэ манна төһө бултуйаргын түргэн, сылбырҕа туттуу быһаарар. Халыҥ бөлүөххэ түбэспит дьон, биир үүккэ, хаста да сомсо охсон ылаллар. Ээр сэмээр бөлүөх балыгын батыһа сылдьан, үлэ оҥостон баһаллар. Балыгы маннык бултааһын балыксыттан улахан сатабылы уонна тыыга үөрүйэх буолууну эрэйэр. Булгуччу уйуктаах тыыннан эрэ сылдьыллыахтаах. Сорох төһө да дэмин таппытын иһин, ыксыы-тиэтэйэ, өлүмнэһэ сылдьан, тыытын түөрэ үктээн, сыыһа туттан ууга да түһэ сыһара, түһэрэ да баар суол. Ууһута суох киһи бу ньыманан бултаабатаҕа ордук. Буһук саҕанааҕы эбэ силиигэ тиийэ дьаралытар тымныы уутугар чомполонуу, чаалыттарыы үтүөҕэ тиэрдибэтэ биллэр.
Бөлүөх балыгын баһа-баһа, сөп буола-буола, кытылга тахсан сүөккээтэххинэ сатанар. Олус элбэх мунньулуннаҕына дьалкыҥнаан, тыы түөрэҥниирэ ордук бэргиир. Суола суох сур соноҕос баҕайы түҥнэһиннэ, тимирдэ да, балыксыт бии бэйэлээх эрэйдэнэн, сыралаһан баспыт балыгыттан илии соттор, тыынын эрэ нэһиилэ куоттаран, өлүү айаҕыттан тэскилэтэн кытылы буллаҕына таҥараҕа махтал… Туһугар эмиэ кыһыылаах, абалаах балыктааһын…
Мунду, эмиэ собо курдук, айылҕата айбытынан кыһын аһаабат. Уу дириҥэр түһэн, хамсаабакка да, утуйбут курдук дөйөн далбааран турар. Хайа баҕарар күөлгэ балык – күөл дириҥэр, кэнэлитигэр кыстыыр. Кырдьаҕастар «дьара, ол эрэн киэҥ киэлилээх эбэ балыга дьэбэрэтин хаһан, дириҥэтэн тоҥоруулаах да кыһыны туоруур» дииллэр. Ону «балык хаһыыта» диэн ааттыылар. Саас, куйуур кэмигэр «балык хаһыытын» түбэһэ ойбон алларбыт киһи өлгөмнүк бултуйар. Дьон барыта кини тулатыгар чугаһаан, ыксалаһан, тиэтэйэ-саарайа ойбон алларан үөмэхтэһэллэр. Куйуур – биир туспа умсугутуулаах, атын аҕай абылаҥнаах булт дьарыга… Дьара күөл, көлүйэ балыга улахан тоҥоруулаах тымныы кыһын дөйө тоҥон өлөр, саас «атан өлбүт» балык кытылга тиксэн күөдэл-таһаа буолан сытарын киһи түбэһэн көрөр. Араас көтөр-сүүрэр, кыыл-сүөл онно мустар. Тоҥот саҕана (кэннэ) арҕаҕыттан саҥа тахсан, «эмэһэтин бүөтүн» субу толугур гына ыһыктыбыт, хараҕа хараҥарыар диэри торҕоннообут «лэппэрдээн оҕонньор», атан тахсыбыт балыгы, сытынан-сымарынан дөбөҥнүк булан, иһэ ыларынан тото сиэн-аһаан абыранар. Балык, ойуурдааҕыга дылы, күһүн, унньуктаах уһун кыһыны кыстыыр уутун булунуор диэри күүскэ аһаан өллөнөр. Мэктиэтигэр үөһэ кытта «мэлийэр». Күһүн бултаммыт эмис балыгы үөллэххэ – сыата уокка таммалаан сырдьыгыныыр.
Күөнэх мундуттан, соботтон уратыта диэн, күһүн отой эрдэ муус тоҥно да сырыырҕаабат буола дөйө бөҕүөрэр, үрэх дириҥ элгээнин түгэҕэр түһэн кыстыыр. Собо, мунду сүнньүнэн күөлгэ ыырданар, оттон күөнэх – үрэх балыга. Онон сылдьар, сырыыргыыр сирэ киэҥ, сири-сибиири биир гына тэлэһийэр. Сайыы таҕыстар эрэ, сыккыһы батан, аабы сирдээх маардары, толооннору, үрэх баҕарахтарын биир гына кэтэн, саас эрдэ чалым ууга тахсар. Хаар да ситэ уулла илигинэ – толоон, налыы дьара уутугар, баҕаны кытта биир кэмҥэ ыыр.
Собо ыан иннинэ сынньанар, саҥа төрүөҕү ууһатарга бэлэмнэнэн аһыыр-сиир, күүс, сэниэ эбинэр. Соҥуруота эрдэ ситэр буолан, ньалыар ууга маҥнай ордук хото атыыр собо тахсар. Бу кэмҥэ иһин кыратык да ыга туттахха, үүт-үкчү чөчөгөй курдук, тыга сылдьар соҥуруоланар. Сотору, арыый хойутаан, искэҕэ дьэ ситэн кытыыга тыһы собо сырыырҕаан барар. Ийэ собо истэҕэ сымныыр, убуур, илимҥэ иҥиннэҕинэ араарарга биир кэм дьаалатынан тохто сылдьар. Тыы түгэҕэ барыта истэх буолар. Маны, собо ыары «ханчыалаабыт» дииллэр.
Собо ыыр кэмигэр, үгэс курдук, бэйэтэ туспа, ураты күннэр, түүннэр үүнэллэр. Эбэлэр киэҥ нэлэмэн уулара, били, күнүс күн уотугар эрэһэ долгуннарынан эймэнэ оонньообуттара тохтоон, тыаһы иһиллээбиттии биир кэм хараарса мэндээрэллэр. Силигилээбит бочур тыа – күөл иһийбит ньууругар сэбэрэтин көрүнэн сүүһүн аннынан одуулуур… Уу чуумпу, луҥку түүннэр сатыылыыллар… Түүн, собо ыыр кэмигэр таска тахса сырыттахха, ийэ айылҕа барахсан сып-сылааһынан илгийэн, уу-наһараҥынан бүрүүкээбит буолар… Ардыгар ибир-сибир ичигэс, иһирик ардах ибиирэн ыла-ыла астар, хойуу туман онон-манан ойдом-сойдом аһаҕастанан күөл, хордоҕой сирдэр үрдүлэринэн устан тараадыйан турара ураты иэйиини үөскэтэр… Тулаҥ барыта – нуоҕайбыкка, нусхайбыкка, сураһан баран сөпсөспүккэ дылы ылы-чып баран уоскуйан, туох эрэ кэрэ түстэниитэ кэлиэхтээҕин кэтэспиттии иһийэ чуумпуран, сэргэх кулгааҕын сэмээр сэгэтэн өрөйбүттүү-чөрөйбүттүү дьикти көстүүлэммитэ – куту-сүрү кутугуната хамсатан, атын аҕайдык абылыыр… Собо ыыр луҥку түүннэригэр, күөл ньалыар уута ыаммытынан үүт курдук сылыйар. Тэлгэһэҕэ туран болҕойон иһиттэххэ, эбэ кытыыта бүтүннүүтэ балык искэҕин ыан мөхсөрүнэн биллиргии, чалымныы-чолумнуу тыаһыыр… Сир ийэ үрдүнэн кэтэһиилээх-күүтүүлээх күндү түүннэр – собо ыамын, үүт тураан нуһараҥ түүннэрэ үүнэллэр…
Собо төһөҕө, ханна ыыра – хайдах саас кэлэриттэн эмиэ тутулуктаах. Ол эрэн кэмэ кэллэ да айылҕата таайан син биир ыыр. Хахсаат, тымныы сааскыга ыксаан, истэҕин күөл үөһүгэр «тоҕор». Онтута түргэнник өнүйэн ситэ охсубат, собо илимҥэ тутара, тууга киирэрэ аҕыйыыр, балыгы астаан хаһааныы уһуур-тэнийэр.
Күөл балыга барыта биир кэмҥэ ыыр буолбатах. Сорох эбэ эрдэ ырбыылаан, мууһун сайҕаан дьуххалыыр, уута кэмигэр сылыйан, собото эрдэ сырыыргыыр. Оттон сорох күөл хойуоран, түгэҕэр диэри бүтэйэ тоҥон, ийэ уута кыччаан, тоҥмут мууһа халыҥа бэрдиттэн, түргэнник ситэ уулла охсон биэрбэккэ, турку бөҕөтүн түөрэҥэлэтэн, отой хойут биирдэ мууһун көбүтэр. Онон – биир күөл балыга хайыы-сах ыан бүппүтүн кэннэ, атын күөл собото саҥа ыан эрэр буолар.
Собо биир дьикти уратыта – бычыах-бычыах, хаста да төхтүрүйэн ыыра. Бастакы улахан ыам бэс ыйын саҕаланыытын эргин, үс-түөрт күн барар. Иккис ыам – «бэһин ыама» диэн ааттанааччыта, бастакы ыам кэнниттэн уонча хонук буолан баран, икки-үс эрэ күннээх. Үһүс ыам – «отун ыама» диэн ааттанааччыта, от ыйын саҥатыгар, бэрт кэмчитик, биллибэккэ-көстүбэккэ биир эмэ түүн буолан ааһар. Ону илимҥэ тутарыттан, истэҕэ тохторуттан билиэххэ сөп.
Бастакы улахан, күргүөмнээх ыам кэнниттэн, үгэс курдук тыалырар-кууһурар. Ону – айылҕа барахсан балыгын истэҕин дьалкытан, сэмээр бигээн, ыама үөскүүрүн, ситэрин түргэтэтэр дииллэр.
Собо, ордук тыһыта, ыан баран, күөл түгэҕэр, дириҥҥэ тимирэн сынньанар. Тыһы собо истэҕин сүүрдэригэр айылҕатын сиэринэн ыарыыланар, ньылбыйар. Оттон атыыра, ханнык да үгүс көтөр-сүүрэр атыырын кэриэтэ, ыам сүпсүлгэнин соччо баардылаабат. Онон тыһытын курдук уһуннук уу түгэҕэр тимирэн хаалбат. Ол да иһин сааскы, ыам кэннинээҕи илимҥэ үксэ соҥуруолаах собо тутар. Дэлэҕэ да, күөс хоторулуннаҕына, соҥуруолаах собо түбэспит киһитэ «оок сиэ, миэхэ эмиһэ, соҥуруолааҕа түбэстэ» диэн үөрүө дуо… Оттон сайын, көбүү кэмигэр тыһы собо ордук хото элбиир.
Балык көбүүтэ от ыйын ортотун эргин саҕаланар. Куйаас, чуумпу, халыҥ былыттаах луҥку күннэргэ балык күүскэ көбөр. Сорох дьон ону «көбүү балыга» дииллэр. Дьэ бу кэмҥэ, өскөтүн күнүс тыаллаах буоллаҕына, күн киириитэ астыбытын кэннэ, чуумпуга балык кытыыга тахсан аһыыр, тиксэр, ордук хото сырыыргыыр кэмигэр унньуктааһын эбэтэр маарылааһын саҕаланар.
Тыаллаах-куустаах күн күөлгэ илими бодьуустаһыы – туһугар сыралаах, эрэйдээх үлэ. Ол иһин тыал намыраабыт, астыбыт кэмигэр – киэһэ эбэтэр сарсыарда эрдэ үтүллэр, көрүллэр. Тыалга балыгы араараары илимиҥ кылын быһыта тыытыаххын сөп. Кыл илим бэрт эрэйинэн, үгүс үлэнэн таҥыллар тэрил, онон «харах харатын курдук харыстаан» илдьэ сырыттаххына сатанар.
Эбээ биһикки чороох маспытын сонос үөл маһы быстан оҥостобут. Синньигэс, хаппыт маһы чороох гынар сэрэхтээх: буорга күүскэ батары анньар кэмҥэр тостуон сөп, оччоҕо тыыҥ эргийэн түҥнэстэн, мүччү туттан ууга да түстэххинэ көҥүл. Эмээхсин: «Хаһан да хаппыт маһынан чороохтоммот буол…», – диэн сүбэлиир. Биһиги үөл чороохпут төбөтүн: хойуу мутукчалаах эбэтэр сэлибирэс сэбирдэхтээх синньигэс лабааларын сарбыйан кэбиспэппит, ордоробут. Ол, дириҥ уулаах киэҥ киэлилээх эбэҕэ ыраахтан таба көрөрбүтүгэр туһалыыр. Тыыннан сэмээр дэйбэҥнэтэ устан илимҥэр чугаһаатаххына, балык элбэхтик туппут буоллаҕына чороох төбөтүн илбиргэһэ ибигирии хамсыыр, чуумпуга ууттан быкпыт төрдө эрэһэ иилэринэн ирбинньиктэнэ турара көрөргө астыга сүрдээх…
Оҕонньоттор эрдиини хайаан да түөрт кырыылаан оҥороллор, булгуччу иэдэстииллэр. Өскөтүн эрдии тутуллар маһа биир тэҥ бөкүнүк буолаҕына, хайа эмит ыксаллаах түгэҥҥэ, ордук кусчуттар, салбахтара ханан хайысхаламмытын билбэккэ, кураанахха күүскэ анньынан ууга ньимис гыннаран, тыылара түөрэ эригийиэн сөп. Бэйэлэрэ ууга түспэтэхтэрин иһин, туорайга уурбут сааларын, сээкэй малларын-салларын мүччү туттахтарына да көҥүл.
Балыгы астыыр, харайар ньыма элбэх, сир-сир аайы араас, аны астаабыт балыктарын дьон эгэлгэлээн ааттыыллар. Ол эрэн, балыктан оҥоһуллубут сүрүн астарбыт ааттара биирдэр: хохту, барча, хачымаас, буорса, дьалтах, дьаакы, буһарча, лыыба, сыма…
Лыыба уонна сыма ыкса күһүн, үөн-көйүүр суох буолбутун, уу тымныйбытын кэннэ, буһук саҕана эбэтэр муус үрдүнэн оҥоһуллар астар. Сыма лыыбаттан атына диэн – ууга оргутан тэптэрэ түһэн ылбыт мундугун иһиккэ кутан ныһыйан хааһы оҥорон баран тоҥоруллар. Лыыба кэм ысталлаах эбит буоллаҕына, сыма – биир кэлим ньолҕоорхой ас, онон аҥаардастыы сиэниллибэт, үксүн үөрэҕэ кутан булкуйан туспа суол ас гынан аһаныллар…
Күнүс дьоммут дьиэлэригэр көстүбэттэр даҕаны, холкуос үлэтэ хаһан бүтүөй. Халлаан сылааһа, үчүгэйэ, бэл күөл уҥуор сээкэйи түбүгүрээччилэр, күннэрин-дьылларын халтайга бараамаары өйүөлэнэн, ыһыктанан сылдьан үлэлиир сирдэригэр үрдүттэн аһыыллар…
Билигин, эбэм биһикки сүрүн үлэбит – балык астааһына. Туһугар эмиэ элбэх сыралаах, бадьыыстаах үлэ. Күн аайы олорор эбэбит барахсан эмис соботун тото-хана сиибит, хамыйаҕынан халбыллар хоргуннаах миинин астына-дуоһуйа иһэбит. Дьоммут үлэлэригэр ыһык гынан үөлбүт собону, мундуну мэлдьи илдьэ бараллар.
Мунду хохтулуур сибиэбит даардалара тэлгэһэбитигэр, тыал-куус сайа охсор, күн уота үчүгэйдик көрөр аһаҕас сиригэр тураллар. Былырыын туттуллан баран, түүрүллэн, чөкө баайыллан ууруллубут сибиэлэрбитин даарда үөһэ тэлгэтэбит. Сибиэ – туу киэнинээҕэр сонос маһынан, син биир туу курдук үксүн ситиинэн өрүллэр. Сорох дьон быстахха алдьаммыт ардьа эҥэлэйин да туһаналлар. Тымтайга сүгэн аҕалбыт мундубутун чабычахха кутан баран көтөҕөн мадьалыта сылдьан иҥнэрэн сибиэҕэ тарҕата кутабыт, баҕатын, чохутун, уутун кыыһын ылҕаан ылан ыраастыыбыт. Мундуну сибиэҕэ халыҥ гына куппаккын, олус хойуу гыннахха, тыал-куус курдары охсубат, сургуйбат буоллаҕына кыайан хаппат, сахсырҕа саахтаан сытыйыан-ымыйыан да сөп.
Мунду – омос көрүүгэ, төһө да хараҕа хойуоран түүрүччү барбыт курдугун иһин, истэҕэ, өлө элбэх буолан түргэнник хаппат. Ордук, күнэ суох, сөрүүн күннэргэ, тыаллааҕын да иһин, биир кэлим уһуннук сытар. Ардах түһэр да түбэлтэтигэр сибиэ үөһэ тэлгэтиллибит мундубутун хомуйбаппыт, эрдэ бэлэмнээбит хатырыкпытынан, самыыр хоппотун курдук таҥалайдаан чөкө сабан кээһэбит.
Куйааска сибиэ үөһэ кутуллубут мундуну сахсырҕа буулуур, тыалга эрэ арай ама. Онон сибиэ анныгар, тимир солуурга түптэлиибит. Буруону хойуннараары кытыан эбэн биэрэбит. Сылгы сааҕын түптэлээтэххэ бэрт минньигэс сыттаах, от күөҕэ өҥнөөх буруо тахсар. Кытыан умайбыт буруотугар ыһаарыллыбыт хохту амтана өссө эбии минньийэр. Балык сибиэҕэ симэ соҕус кутуллубут буоллаҕына, үөһээ өттө хаппытын кэннэ эргитэн бэриллэр. Сөптөөҕүн хаппыт дии санаатахпытына, хохтубутун сибиэтиттэн хоҥнорон, чабычахха хаалаан, дьоҕус сандалы сирэйин саҕа айахтаах огдоммутугар аҕалан кута-кута үрүллүбүт ынах тириитинэн бүрүйэн баран, чиҥиэр диэри дэлби тэпсэбит. Бу курдук хас эмэ күнү быһа үлэлээн огдоммутун толоробут. Мунду отой сурдьугунуу сылдьар буолуор диэри хатыахтаах. Көрөн-истэн ситэ хатарыллыбатах балык түүнүгүрүөн сөп.
Эбэм биһикки, бөдөҥ мундуну туспа арааран дьаакылыыбыт (бөдөҥ, талыы мунду хохтута). Эттээх мундуну хатарыы өссө уһун. Ону ол диэбэккэ, анаан үлэ оҥостон бадьыыстастахха, чахчы үчүгэй, тотоойу ас диэн кини буолар.
Аны собону барчалааһын биир туспа үлэ. Илимҥэ иҥнибит бөдөҥ, лэһигирэс собону хатырыктаан баран, үчэһэҕэ үөлэн буһарыллар. Онтон иһин сиирэ тардан хайытан өлүн, истэҕин ылан аҥардастыы да, суораты, күөрчэҕи да кытта булкуйан сиэххэ сөп. Үөлбүт собо буһан тахсан үчэһэтиттэн сулбурутуллан сойбутун кэннэ, тиэрэ уура сытан, сиһин уҥуоҕун бата хайытыллар, бөдөҥ уҥуоҕун барытын ылҕаан ылыллар. Төбөтүн туспа бэйэтин эрэ оргутабыт, уһуннук оргуйдаҕына сыата-хоргуна итирдэнэ үрүмэтийэн сүрдээх, ону эбэм хамыйаҕынан кытыйаҕа халбыйар, онтон бытыылга кутан бүөлээн уҥучахха ууран кээһэр. Халбыллыбыт балык хоргунугар лэппиэскэни уймаан сиэтэххэ минньигэс ас диэн ол. Бытыылга кутуллан «хаһаас» диэн ууруллубут балык хоргуна отой төбүрэҕэ, миинэ суох буолуохтаах. Сыаны-хоргуну кытары эттээх миин халбылыннаҕына иһит түгэҕэр түһэн, өр турдаҕына хаарыан аһы сытытан кээһэр. Ол иһин эбэм, балыгын хоргунун сөп буола-буола, туруора түһэ-түһэ, хат-хат сыымайдаан, туспа иһиккэ кутар, ыраастан-ырааһын, дьэҥкирин эрэ хаалларар. Балык сыата эмтээх, сатаан эмтэннэххинэ улаханнык туһанаҕын. Туох-ханнык иннинэ, ордук сэлликтээх дьоҥҥо ханнык да сыа абыраллаах эмп. Тыҥаларынан аһааҕыран, ааспат-арахпат сөтөл ыарыыламмыттар, хархахтаммыттар бэл ыт сыатын кытта сииллэр. Онтулара сүрдээҕин туһалыыр эбит…
Үөлбүт собо тылын омугуттан арааран туспа ылан, анал кыһыллыбыт кыра, тыймыы үчэһэлэргэ атырыа гына кэчигирэччи үөлэн баран, моойторук олуктаах ампаар муннугар, хайдыгас быыһыгар анньан хатарабыт. Тыл – күн уотугар түргэнник хатар. Сыата, сап-саһархай буола иҥэн хаалар. Ыстаатахха биир кэм бырдырҕас, минньигэһэ диэн эриэхсит. Хаппыт собо тылын дьон олус күндүркэтэн мааны кэһии оҥостоллор.
Бөдөҥ уҥуоҕа ылгаммыт собобутун этин илдьириппэккэ, сэрэнэн сибиэҕэ тэлгэтэбит. Иһэ-үөһэ ылыллан, буспут буолан хохтутааҕар түргэнник хатар. Сибиэҕэ балыгы хатарыы бэрт табыгастаах ньыма – аллараттан, үөһэттэн салгын хото сайа охсоруттан, чэмэлкэй күннээх курааҥҥа баҕас астанара дөбөҥ, түргэн.
Хачымаас – барча иккис арааһа. Сорохтор буорса дииллэр. Кыра быччыкыны, куллукуну хатырыктаан баран, үчэһэҕэ, мундулуу туора үөлүллэр. Үчүгэйдик буспутун кэннэ сулбурутан сибиэҕэ кутуллар. Хачымаастааһын барчалааһынтан атына диэн – балыгыҥ уҥуоҕун, иһин араарбаккын. Онон, истээх-үөстээх быччыкыны хохту курдук элбэхтик үлэлэһэн, сурдьугунуу сылдьыар диэри хатарыллар. Дьон астанан аһыыллара араас, сорохтор, тииһэ-уоһа суох өттүлэрэ, хачымаастаабыт балыктарын бурдук курдук үлтү сынньаллар. Уҥуоҕун кытта бытарытан, мэлийэн кэбиһэллэр. Иһэ-үөһэ ылыллыбакка барыта хатан ас буолбут балык тотоойу. Ол эрэн, уһун кэмҥэ, аҥаардас хачымааһынан аһылыктаммыт киһи, тахсан киирэригэр хойуута хатан, тааһыран тумнаҕыран эрэйдэниэн сөп. Хачымааһы, хаппыт балыгы кытары бииргэ хайаан да үрүҥ аһы булкуйа аһаныллыахтаах.
Дьалтах – кыра быччыкы сиикэйдии хатарыллыбыта. Хачымаастан уратыта диэн: баһын, иһин араарыллар, хатырыктаммат. Эмиэ хохтулуу хатарыллар. Үчэһэҕэ үөлэн халаҕытан сиэниллэр.
Эбэм биһикки собобутун, мундубутун сайыҥҥы дьиэбитигэр, туруорбах балаҕаммыт сирэй оһоҕор үөлэбит. Хахха сир буолан, аһаҕас халлааҥҥа кулуһун уотугар үөлэр курдук тыал-куус мэһэйдээбэт. Собо үөлэ үөрэнэммин, нэмин табан, эмээхсинтэн хаалсыбаппын. Элбэх истэхтээх, өллөөх балык түргэнник буһа охсубатын иһин, сотору-сотору көрөн-истэн эргитэн бэриллэр. Инньэ гымматыҥ да, аны уот суоһаан собо хоруорар кутталлаах. Оччоҕо амтана алдьанар, аһа хатар, хара хоруонан бүрүллэр. Ыыс-араҕас буола саһарчы буспут собону сойутабыт, онтон биирдэ үчэһэтиттэн арааран остуолга сулбурутабыт. Киһи илиитин сиир итии балыгы бэйэ-бэйэтигэр баттаһыннарбакка тэлгэтэн сойутуллар. Сүмэһинин иһигэр иҥэринэн, сыатыгар саһарчы буспут собо, сыттыын-сымардыын астык аҕай ас.
Собо үөлэр тиит үчэһэлэрбит бобо баайыллан кирээдэ үөһэ чөкө хараллаллар. Улахан Баһылай кыспыт үчэһэлэрэ балык сулбуруйан түспэтин диэн анал туорайдаахтар. Балыгы үчэһэҕэ сатаан нэмин табан үөлүү, бэйэтэ туспа үөрүйэхтээх. Бөдөҥ собону – туруору, быччыкыны, мундуну – туора үөлүллэр.
Балык хоргунун, илимҥэ, тууга эрэ киирбит балыктан астаан ылан мунньунартан ураты, өссө биир дьикти ньыма баар. Ол хайдах дьыл буолбутуттан быһаччы тутулуктаах. Сорох сыл кыһына бытарыттан түһэн олус тымныы буолар, оччоҕо дьара күөл, көлүйэ уута дөйө тоҥон балык «атан өлөр». Саас «атан өлбүт» балык кытыыга тиксэн туох да баһаан мунньуллар. Дьон ону көрө сылдьан хомуйан ылаллар уонна улахан күөскэ лыглыгыраччы оргутан аҥаардас дьэҥкир хоргунун эрэ баһан ылан мунньуналлар. Этин сиэбэттэр.
Дьэ онон сааскы, сайыҥҥы балыгы астааһын, хаһааныы туһугар эмиэ бэрт элбэх, эгэлгэ эридьиэстээх, түбүктээх үлэ.
* * *
Киэһэ өттүгэр мин иллэҥсийэбин, доҕотторбор, дьүөгэ кыргыттарбар барабын-кэлэбин. Кинилэр да биһиги ааммытын саппаттар.
Эбэм хаһан да таах, си-дьүгээр олорбот, наар тугу эмэни иистэнэ, туппахтыы-убахтыы сырыттаҕына эрэ сатанар.
Мытыйыс оҕонньор сарсыарда бэрт эрдэ биһиэхэ тымтай тиктэрээри: ыраас эттээх туос, тымтык мас, үөл талах аҕалан кэлэ сылдьыбыта. Мин урут эбэбин кытта хаста да туос тымтай тигэн турабын, онон билэр үлэм, үөрүйэхпин. Тымтай тигиитэ улахан уустуга суох. Оҕонньор үлэҕин, сарсыарда саҕалаан бараммын, киирэ-тахса, үлэм быыһыгар кыргыттары кытта сээкэйи кэпсэтэ-кэпсэтэ, киэһэ эрдэ, сөпкө тигэн бүтэрбитим. Уйбаныаба Борускуо туоһунан иһит тигэргэ кэм үөрүйэх, оттон Мытыйыс Маарыйата төрүт сатаабат, тымтай хайдах тигиллэрин билбэт эбит этэ. Маарыйа миэхэ илии-атах буолан көмөлөһө-көмөлөһө: «Син судургу эбит ээ, киһи үөрэннэҕинэ тигииһи…», – диэн саҥа аллайан сүрдээҕин сэҥээрбитэ.
Тымтай – балыксыт арахсыспат аргыһа. Туос тымтай сүгэ сылдьарга чэпчэкитэ, тутарга-хабарга табыгастааҕынан тэҥнээҕэ суох иһит. Өссө, сэрии буолуон инниттэн араас күн эгэлгэ тимир, таас иһит элбээбитэ эрээри, дьон туостан тигиллибит иһиттэрин ордороллор. Туос иһиккэ ас дьүдьэйбэт, уһуннук тулуктаһар, оннооҕор өҥүрүк куйааска үүт өр аһыйбакка турар. Биирдиилээн кэтэх сүөһүлээх ыаллар хас ыам аайы ыабыт үүттэрин тус-туһунан чабычахтарга кутан уураллар. Биһиги ыал үүт кутар алта чабычахтаахпыт. Эмээхсин тимир иһити соччо ахсарбат: «Туос иһиккэ кутуллубут үүт ордук үрүттэнэр», – диир. Эбэм, Быркылаах уҥуор тахса сылдьан, холкуос саҥа сэппэрээтэрдэрин көрөн баран: «Туһата суох, таах үлэни үксэтэр сэптэр эбит», – диэн кэлбитэ. Далбар (сабарай) чабычахха куппут үрүттэммит үүтүттэн, сэппэрээтэр сүөгэйдээбититтэн итэҕэһэ суох сөҥ сүөгэйи хамыйаҕынан халбыйар. Таптайан арыылаабыт арыыта да ол сиэринэн син биир хаалсыбат. Кини халбыйбыт үүтэ букатын сыата суох буолар.
Эбэм туоһунан – тордуйа үүйүүтүттэн саҕалаан, дьоһуннаах, күтүр улахан ыаҕаска тиийэ тигэр. Арай саар ыаҕаһы тигэ илик быһыылаах. Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ, мин кыра кыыс оҕо сырыттахпына, ийэм таҥас-сап иистэнэрин таһынан туос иһит эгэлгэтин тигэрэ. Бэйэтигэр иһит-хомуос оҥосторун таһынан, үлэҕинэн, биирдиилээн дьоҥҥо, холкуоска (артыалга) кытары тигирэ. Араас моһуоннаах, дьикти кэрэ дыргыл сыттаах: сороҕо сиппит, сороҕо саҥа тигиллэн эрэр туос иһиттэр: тымтакалар, мэчикээттэр, ыаҕайалар, ыаҕастар, чабычахтар, туос, сарт тымтайдар, бэл күтүр улахан саар ыаҕастар кытары күлтэһэн үрүт-үрдүлэригэр кыстанан туралларын бу баардыы өйдүүбүн…
Хатыҥ мас барахсан сатаан табан туттар, туһанар киһиэхэ биэрэрэ үгүс: туоһа – күн эгэлгэ араас иһит, илим, муҥха хотоҕоһо, бэл тыы, ураһа буолар; чэриитэ, үөһэ – чэй; уута, сэбирдэҕэ – эмп; кунааҕа – түөн кыата; удьурҕайа – хамса, быһах уга; умнаһыттан – туттар тэрил, дьиэ тээбиринин эгэлгэтин оҥороллор, эмэҕирдэҕинэ куопчахаана (хоҥоллойо) – бэртээхэй күөдьүтүү, аны «ытын муннунан» – саары этэрбэһи ыас хара өҥнүүллэр. Быһатын эттэххэ хатыҥтан тугун да ордорбокко бүтүннүүтүн туһаҕа таһаараллар. Онно барытыгар киһиттэн мындыр өй эрэйиллэр. Хатыҥтан оҥоһуллубут сэп-сэбиргэл бөҕөтүнэн-таҕатынан тэҥнээҕэ суох.
Туос тымтайы, маҥнай киһи тигэрин көрдөххө, бырыынчык үлэ курдук эрээри, бэйэҥ илиигинэн ылсан иистэнэн бардаххына, үөрэннэххинэ туох да уустуга суох. Төһө улахан тымтай оҥоһулларыттан көрөн, икки хос утарыта саастарынан тиийэр туос бэлэмнэниллэр. Өрүс, үрэх тардыылаах чараҥ ыраас эттээх бөдөҥ хатыҥын туоһа иэннээх уонна халыҥ буолан ордук бөҕө. Сонно хастаммытынан туос тигэргэ дөбөҥ, сымнаҕас, үлэтэ чэпчиир, дөбөҥсүйэр. Хастаабыт туоскун хойут туһаныам дии санаатаххына, субатын таска, сааһын уһаты гына түрдьэлээн баран, сииктээх, хахха сиргэ, эбэтэр уҥучахха ууруллар. Оччоҕо туос туора бүүрүктэрэ түрдэстибэттэр. Хатыҥ туоһун түмэдьитин (таманын) алдьаппакка хастаатахха туох да буолбат, син биир үүммүтүн курдук үүнэ, чэчирээбитин курдук чэчирии турар…
Туос тымтай мээрэйигэр татымсыйдаҕына, атын тэҥ халыҥнаах лоскуйу кырыйан самыы тутан «хаамтара анньыы» сиигинэн тигэн салҕаныллар. Тымтай көҥдөйө икки хос хардары-таары саастаах туостарынан тигиллэр. Субалара бэйэ-бэйэлэригэр утарыта тутуллан ис-истэригэр киллэриллэр. Иһити сиигинэн тэстибэтин диэн сиэл ситиинэн эрэ тигиллэр. Сиэл ситии көнтөс иннэтин хайаҕаһын бүөлээн кэбиһэр. Оттон өскөтүн кыл ситиинэн тиктэххинэ, ситии хайаҕаһы кэҥэтэн иһит тэстимтиэ буолар. Тымтай ис көҥдөйүн уһаты сааһынан өҥүн тас гына эрийэ тутан, кыратык хардаран, «оҕус иигэ» сиигинэн холбуу тигиллэр, онтон тас туоһун өҥүн искэ гына ис көҥдөйүн таһынан эрийэ тутан мээрэйдээн ылан баран, эмиэ холбонуллар, ол кэннэ бэйэ-бэйэлэригэр кэтэрдиллэр. «Суор холотун» кэриҥэ кэтиттээх гына туос уста сааһынан үрүт уонна алын курдара оҥоһуллаллар. Тымтай үрдүгүттэн тутум курдугунан, кылгас тиит мастан тыыран, икки илии кэтиттээх уонча, чараас сарды икки бастарын, тэҥҥэ тимирдэ, курдар истэринэн туруору анньыталыыгын. Сонос үөл талаҕы ортотунан хайытан, икки өттүттэн чарааһата дэхсилээн баран, тымтай тас өттүнэн тутан иэҕиллэр. Талах бэттибэтин туһуттан, тиискинэн дэлби ыстаан, ытырбахтаан, сэрэнэн тутан-хабан, тобуккар ньиккэрийэ-ньиккэрийэ дэлби имиллэҥнэтэҕин, онтон хатаран кээһэҕин. Ии тымтай ньолбуһах моһуонун ыла хаппытын кэннэ, үөһээ бүүрүгүттэн, тойон эрбэх кэтитин курдугунан тутан, «хабарҕалыы» сиигинэн анньан тымтайы курдуу туттараҕын.
Тымтай сүгэр быатын тириини тэлэн икки уһугун түмүктүү баайталаан, ии иһинэн уган, үргүлдьү иини кытта бииргэ туттара хам тигэн таһаараҕын. Көҥдөйүн алын бүүрүгүн кыратык итии ууга уган сымната түһэн баран, таска иэҕэ эргиччи ытырыллар. Түгэҕэр хардары саастаах икки хос туос бэлэмнэниллэр. Түгэхтэри өҥнөрүнэн утарыта үрүт үрдүлэригэр тутан, тымтай көҥдөйүн олордьу ууран бэлиэтээн, сурааһыннаан ылыллар. Кырыйаргар сурааһын тас өттүнэн кыратык сабырыйа сылдьарын курдук ордоруллар. Онтон түгэхтэри тэҥнии тутан, куустара, иҥнэри анньан, тымтай алын бүүрүгэр холбуу тигиллэр. Өссө, бу курдук тигиэҥ иннинэ, түгэҕи – түөрт сиринэн иҥиннэрэн туттаран кээһэҕин, оччоҕо түгэх лоп бааччы, ордук хоһо суох олорор.
Туос иһит хайыннаҕына, мутугун үүтэ таҕыстаҕына, тэстиэ диэтэххэ – ыаһыахха сөп. Туоһу уматан баран уулаах иһиккэ таммалатан ыаһын ылыллар. Иһити тиит мас ыас сымалатын (дьэҥкир сымалаттан туспа) сылытан эмиэ ыаһыахха сөп. Тиит ыаһын уһуннук ыстаатахха «иирэн» бытарыйан хаалар.
Туос тымтай кэннэ өссө сарт уонна талах (бэстиэл) тымтайдар бааллар.
* * *
Маҥнай хомурах бөдөҥ бырдаҕа биирдиилээн дыыгынаан баран, кэлин симэлийэн эрдэҕинэ аны «ыам бырдаҕа» түһэн барда.
Мин, убайым Улахан Баһылай күөлгэ, үрэххэ укпут тууларын көрөбүн, үөскэ үтүллүбүт илимнэрин тардабын.
Тууну дьон угаайыга араастаан албастаан угаллар: ким эрэ биир элээннэх, ким эрэ икки элээннээх сантыы быһыттыыр, ким эрэ куоҕайа сантыы гынар; сорох күөлтэн үөскэ тараҕана быһыт охсор. Аны муус турдаҕына, халыҥаатаҕына, былдьатыкка, туу ууга хам тоҥор кутталланнаҕына, үөстэтэ киллэрэн, ойбон алларан, икки тууну атахтаһыннаран, бэйэлэринэн сантыылаан, хардары-таары айахтаан угаллар.
Быһыт үрэх ордук синньиир, чычааһырар сиригэр охсуллар: сытыары да буолар, туруору да буолар. Туруору титирик быһыт үөһээ эрэ өттө тылбыйыллар. Улахан сүүрүгэ суох үрэххэ тууну сэтиринэн да быһыттаан угуохха сөп…
Эбэбин кытта балык астаан, хаһаанан бүттүбүт. Элбэх ас хаһаастаах киһи бэйэтин бөҕөхтүк сананар. Саныы-саныы ис-искиттэн үөрэҕин…
Тыынан уста сылдьан сытыы хотуурунан тэлиллибит кута быыһыгар (иирээххэ) угулла сытар тууну өндөтөрбүн, оҕолор кытылы бата сүүрэ-сүүрэ тэйиччиттэн кыҥастаһаллар. Чоойун хайаан да ыһыытаан ыйытар:
– Аанаа, төһө мунду киирбитий?!.
Туу, мэлдьи да, астаах буолар, отой мэлийэн, кукуччук курдук кураанах, суй тахсыбыт суох.
– Син!.. Син!.. Баар-баар!..
Туу баттык маһын ылан баран, көхөннөн оруубун, саҥардыы өрө өндөтөн эрдэхпинэ, тууга киирбит балык бастаан илиибэр бүтэйдии ибигириирэ биллэр. Онтон өссө көтөхтөхпүнэ биирдэ өрө бырылыы, бырдьыгыныы түһэр – ол астыга сүрдээх. Сэрэнэн ылан ууран, тиэрбэһи (чурумчу, туймуу) арааран тылбыытын ылан, тыыбар туран эрэн тымтайбар таҥнары сүөкүүбүн…
Кытылга турар Баһыычаан тулуйбат-тэһийбэт:
– Хайа, тө-тө-төһөнүй?!. Бэҕэһээҥҥи саҕа баар дуо?!. Испит кэ-кэлииһи дуо?!. Күөнэх ки-ки-киирбит дуо?!. – диэн омун-төлөн оҕо үрүт-үөһэ ыһыытаан токкоолоһор. Биир эмэ үчэһэ күөнэх киирбит буолла да хайаан да сонно ылгаан ылан сирэй оһоххо үөлэн сииллэр. Хата дьонуҥ күөнэҕи араараллара сүрдээх. Күндүркэтэр ахан астара.
– Баар-баар… Биир ытыс баҕас баар быһыылаах…
Баһыычаан үөрүүтэ үксүүр, кубарыччы барбыт дьыгынаал ыстаанын дуома халҕайан, ыксатыгар турар Чоойуҥҥа туһаайан, сэмээр соҕус, ол эрэн киһи истэрин курдук:
– Баар үһү… Үөлүөхпүт… Аана биир ытыс кэ-кэриҥэ киирбит диэтэ, ол аата би-биир эрэ ытыс бу-буолбатаҕа буолуо, ити киһи биир ытыс диэбит бу-буоллаҕына – хас да үчэһэ күөнэҕэ чу-чуолкай… – диир.
– Күммүт-күөнэхпит тахсыбыт… күлгэри көнүүтүн көммүппүт… – диэн боллургуур Чоойун, ахтата борбуйугар тиийэрэ чугаһаабыт ыстаанын өрө тардынан, сыппатын чиҥэтэн баана-баана.
Эниэ үөһэттэн уолаттары көрөн Биэрэ кыыс сүүрэн тээһэрийэн түһэр. Күн букатын үөһэ тэмтэйиэр диэри утуйан оҥторбут кыыс соҕотоҕун бадалайдаан түҥ-таҥ таҥнан дуомнаммыт быһыылаах, сиэрэ суох уһун ырбаахы кэппитэ атахтара көстүбэт, киһи төбөлөөх ырбаахы бэйэтэ сүүрэн сайбаарыйан иһэрин курдук устар. Нырылыйан кэлэн Чоойуннаах ыксаларыгар биирдэ хорус гынар… Супту көрөн миигин одуулаһар, бырдахтан көмүскэнэн икки илиитин даллаҥнатар. Ынчыктаан-ыҥыранан улахан дулҕа үөһэ ыттан туран тула-мала олоотоомохтуур. Дьогдьуурдаах, тэллэрээттээх халадаай ырбаахыта боллойбут ынах этэрбэһин таһынан түһэн – толуу дьахтар күөл кытылыгар киирэн турарын курдук көстөр. Баһыычаан кэлэҕэйдээн кэтэҕэ титирэстии-титирэстии:
– Көрүүй!!. Чоойун, Биэрэбит у-уһаан та-та-та-тахсыбыт!.. – диэн төлө биэрэр. – Һы-һы-һы-һыык!.. – диэн күлэн саһыгырыыр.
Чоойун Биэрэ ыксатыгар кэлэн кэккэлэһэ турар, ытыһын кырыытын төбөтүн үрдүгэр тутан кыыс эҥил баһын суруускайдаан бэйэтин кэмнэнэр:
– Оҕобут миигиннээҕэр улааппыт, ийэтин ырбаахытын кэтэр буолбут, – диир.
– Эдиий!.. Ол, эдиий туу көйөй… – Биэрэ миигин ыйа-ыйа былдыгырыыр.
– Күөнэх киирбит ту-ту-тууга!..
– Эн күөнэҕи һөбүлүүгүн?.. – Чоойун өрө хантайан балтыттан ыйытар.
– Иикэйдии иэбэппин…
– Ээ һуох!.. Хайдах сиикэйдии… үчэһэҕэ үөлүллүбүтүн.
Биэрэ муннун ньуххаммахтыыр, хараҕын саба түспүт ыһыллыбыт хойуу хара ньаарсын баттаҕын кулгааҕын кэннигэр кыбыта анньыммахтыыр:
– Ыы-һыы… Һөбүлүүбүн, – диир.
– Үө-үө-үөлүөхпүт уонна оҕобутугар эмиэ бэ-бэрсиэхпит, – Баһыычаан улахан аһы астаан сиэри сылдьар киһи быһыытынан атын аҕай дьаһалымсыйар. Оҕолор бэйэлэрэ эрэ түмсэн сылдьан бүччүмнээн кэпсэтэллэрэ истэргэ дьээбэтэ сүрдээх: күлүүлээх, улахан дьон сэһэннэринээҕэр отой чыҥха атын кэпсэтии. Бэйэ-бэйэҕэ туох эрэ ураты истиҥ сыһыан, майгы-сигили баар… Дьикти ээ…
Баһыычаан арыт-арыт, хайа эрэ кэмҥэ тардыалатара бэргээн, устунан отой эппэт кэлэҕэй буолан хаалар. Тугу эмит саҥараары гыннаҕына, салгыны эҕирийэн баран айаҕын аппытынан, халтаһаларын түргэн-түргэнник чыпчык-чыпчык гыннаран симмэхтии-симмэхтии, сыҥааҕын быччыҥа күүрбүтүнэн ол курдук турдаҕа үһү. «Барыах бартын, кэлиэх кэлтин кэннэ» биирдэ төлө биэрэр. Ардыгар айаҕын аппытынан туран-туран баран, кыайан саҥарыа суоҕун билэн тохтуур, үөһэ тыынар, бэйэтиттэн-бэйэтэ кэлэйэн күлэн ылар.
Сорсо кустар, үөрдээх моонньоҕоттор күөлү кыйа көтөн намыһаҕынан ааспыттарыгар уолаттар хордоҕойго тиэрэ түһэн сытан, илиилэрин саа оҥостон: «Түҥ-түҥ!.. букх-букх!..», – диэн «ытыалаан куһуйаллар». Бэл дулҕа үөһэ сэрбэллэн турар Биэрэ, убайдарын үтүктэн, аҥаар илиитин өрө көтөҕөн, быычыкаа сөмүйэтинэн, тугу эрэ үүттээн эрэр курдук эрийэ тута-тута: «Бычых!.. Бычых!.. Бычых!..», – диэмэхтиир.
Чоойуннаах инилэрэ кыра киһи Лэгэй, бэйэтэ да ас иҥмэтэх эттээх-сииннээх бэрт хачаайы уол, эниэ үөһэттэн, үөскэ, хордоҕойго сырсыакалаһар убайын ааҕы көрөн одуулаан кыҥналлан турар. Тирбэҕэ быалаах мас саатын сүкпүтэ, саннын кэнниттэн уоһа чоройон көстөр. Хата төттөрүтүн, саалаах киһибит кустары «ытыах» быһыыта биллибэт…
– Лэгээ-эй!!. Лэгэй!.. Кэлиий!.. – Чоойун инитин ыҥырар. Кыра уол өс киирбэх эниэни таҥнары сүүрэн кыбыгырайар. Бөдөҥ дулҕаттан төбөтүн сыыһа нэһиилэ быгар.
– Эн тоҕо ку-кустары ыппатыҥ!?. Са-саалаах эрээри… – Баһыычаан кырдьык-хордьук туттан атын аҕай дибдийэр.
Биэрэ дулҕа үөһэттэн ыстанан түһээри, уһун ырбаахытын эҥэлэйин үктээн, муус үөһэ быраҕыллыбыт баҕа курдук, тас иэнинэн таралыс гынар… Убайдара, омун дьон иттэннэри кэлэн түһэ-түһэ күлүс да күлүс. Баһыычаан обургу киһи буоллаҕым буолан, дулҕа быыһыгар көлөттөн ынчыктыы сытар балтын кэлэн хонноҕун анныттан өрө тардан туруорар:
– Та-таҥаһын бүтүннүү ки-киртиппит… – диэн, били, бэйэтэ чэнчис, сэбэр ахан киһиэхэ дылы, сэмэлээн татыахайданар. Эргитэн тэлэкэчитэ сылдьан оҕотун ырбаахытын тэбиир, ытырыык эрбэһин хатаммытын ылгыыр.
Мин туубун төттөрү оннугар уга олорон, халыҥ үөрдээх сорсолор күөл ортотунан тоҕо анньан субу кэлтэрин көрөн:
– Оҕолоор көрүҥҥүтүүй, кустар!.. – диибин.
Уолаттар хаптас гынаат, үгэстэринэн тута омуннура түһэллэр, эмиэ «ытыалаан бытырҕаталлар».
– Па, һаахтаата!.. – диэн Биэрэ хайа эрэ кус холлон кээспитин таба көрөн саҥа аллайар.
Кустар ааһа көппүттэрин кэннэ, кэмниэ-кэнэҕэс дьэ өйдөнөн Чоойун:
– Ыа!.. Бу да киһи доҕор!.. Саатын сүкпүтүнэн утуйан турар!.. Итиччэ элбэх, хара баһаан куһу эмиэ ыппакка хаалла…
– Дьэ бу-буоллаҕа… Тыас таһаарбатах… Мө-мөлтөх булчут, са-сааһыт эбит, итинник буоллаҕына са-саатын тутуохха ба-баар эбит!.. – дии-дии Баһыычаан, Лэгэй саатын, тирбэҕэ быатыттан, былдьаан ылыахтыы холустук тардыалыыр. Кыра уол баар-суох сэбиттэн ытыс соттон мэлийэр күнэ-дьыла ыган тиийэн кэлбититтэн ыксаан, сүгүн, үтүөнэн биэримээри чиккэччи тэбинэн дьирээлэһэр.
– Баһыычаа-ан! Оҕоҕун бадьыыстаама! – аа-дьуо кутаны кыйа устан дэйбэҥнэтэн иһэн куоласпын сонотон ыһыытыыбын.
– Ой-ол!.. Иһэллэй!.. – Биэрэ уонча сорсо тыйааҕы кытары дьиэрэҥнэр күөлү кыйа көтөн илигирэһэн, сэмээр иэҕиллэн биһиги диэки хайысхаланан эрэллэрин көрөн, кырачаан сөмүйэтин оҕотунан ыйа-ыйа атын аҕай саҥа аллайа түһэр.
– Ээ оҕом үчүгэй оҕо. Биир эмит куһу күөрэтиэхпин сааҕын убайгар уларыс, сө-өп… Оҕом үчүгэй оҕо… Хайдах кыһыл ытыспынан бултуохпунуй… Күөнэх үөллэхпитинэ ордук сыалааҕын бэрсиэм… Киэһэ күөрчэхтээх лэппиэскэ эҥин сиэхпии-ит… Чэ уларыс… Сибилигин ытан баран биэриэм… – диэн Чоойун инититтэн, ньуолбар тылынан, мас саатын төлө ыһыгыннарар.
Чоойун кырдьык-хордьук, элэ-была тылын барытын этэн, араастаан албаһыран көрдөһөр саҥатын истэн сонньуйабын, устунан күлэбин.
Саа уларсыбыт уол кустар үөһүнэн түһүөхчэ-түспэккэ, тайаара көтөн ааһан эрдэхтэринэ: «Букх!.. Букх!..», – диэн ытыалыыр. – Биир кус ити түстэ! Биир ол хойобуун баран иһэн эмиэ түстэ!.. Икки кустанныбыт!.. Дьоро киэһэ буолла!.. – дии-дии, өрө эккирии-эккирии хаһыытыыр.
– Оргууй нохоо!.. – диэн уолу буойабын.
– Биир кус бу сы-сытар, – Баһыычаан доҕорун Чоойуну кытта «кустуу үөрүйэх» киһи «өлөн түспүт куһу» дулҕа быыһыттан, кырдьык-хордьук курдук ылбыта буолан тэлэкэчийэр.
– Хайна баайый?.. – Биэрэ Баһыычаантан ыйытар.
– Миэхэ көрдөрүүй… – аны Лэгэй кус көрөөрү, убайын илиитин-атаҕын манаһар.
Биэрэ арыый обургу киһи, убайдара дьээбэлэнэллэрин дьэ өйдөөн, тиэрэ-маары тылласпытыттан бэйэтэ да сонньуйар, сатамньыта суох саҥарбытыттан саата быһыытыйан кыбыстар, устунан энньэччи мичээрдээн бэллэҕэр иэдэстээх сирэйин сыыһа ньэлтэйэр.
– Бу с-сытар дии!.. – Баһыычаан дулҕа быыһыттан оттоох бадарааны ороон таһаарар. – Сиигин дуо?..
Лэгэй баһын быһа илгистэр. Ол эрэн, кыра киһи барахсан билигин да бу мучумааннаныы тугун-ханныгын ситэ өйдөөбөккө өссө да тула-мала мэлээриҥниир.
Чоойуннаах Баһыычаан – Лэгэйдээх Биэрэни көрө-көрө күлүс да күлүс.
Биэрэ, саата да суох эрээри, көтөр кынаттааҕы күөрэтэн бултуулларын урут көрбүт буолан, баҕар ол иһин, «өйө бааллан» тыллаһыан сөп. Саас, туллук халыҥнык үөрдээбит кэмигэр, сылбырҕа, түргэн туттуулаах бөдөҥ уолаттар, сылгы далын иһигэр баар, моойторук олуктаах ампаар эркинигэр саһан туран, кыра ыамайдарынан үөр туллугу көтүттэрэн баран, үрдүлэринэн отой субу, үрүҥ былыттыы халҕаһалыы анньан ааһан эрэр көтөрдөрү, үөл титиригинэн оҥостубут эпчиргэлэринэн быраҕан бултааччылар. Биир быраҕыыга өссө дэҥнэтэн хаһы да күөрэтэн түһэрээччилэр. Уолаттар сылгы далын иһигэр турар ампаары «дурдабыт» диэн ааттыыллар. Ол эрэн сэниэтэ суох ыамайдарга итинник бултуур ньыма кыаллыбат. Баһыычааннаах доҕор оҥостон Сахаарканы уонна Сартаанай Өлөксөй уолун Дайыылы саппай уопсан батыһаллара.
Кыра уолаттар – баартаах дьон. Үнүрүүн тэбэр көтөр Чоойуннаахха биир атыыр мородуну тэбэн биэрэн турар. Сотору саараары сылдьар, өҥө-түүтэ илбиргэстэммит мороду эмиһэ сүрдээх этэ. Эбэм оҕолор бултарын, булумньуларын дьоҕус иһиккэ, анаан-минээн, мииннээн-тойдоон буһарбыта.
Илимҥэ ардыгар куоҕас, кыпчыгыр атах туотаайы, кураанах, үөл кус кытта иҥнэр. Ону сыа-сым курдук тутан таһааран буһаран сиэн кээһэбит…
Дьүөгэм, Хаһырыа Маарыйа түүрэ эрийбит кыл хаатын кыбыммытынан кырдал үөһэттэн дьиэрэҥкэйдээн кэлэн оҕолору кытары сээкэйи дьээбэлэһэн кэпсэтэ түһээт, мин тууларбын көрөн бүтэн кытылга тиксибиппин көрөн утары кэллэ. Оҕолор кини тула үөмэхтэһэн төһө балыктаахпын көрөөрү далаһаҕа муһуннулар.
– Хайа Аана балыгыҥ? – Хаһырыа ыйытар.
– Киэһэ сиир баар.
– Киэһэ эрэ сиир дуо?.. – дьүөгэм күлэр.
Далаһа устун тыыбын тутааҕыттан сыһан тирилэтэн тахсан кырыс сиргэ үктэнээппин, оҕолор бары саба түһэн биттэҕиттэн ылсан көмөлөстүлэр. Тууга күөнэх киирбитин көрөн, үөрэн-көтөн өрүтэ өндөҥкөлөһөн дьэргэҥнэстилэр.
– Настаа хайдаҕый, ама дуо?
– Кэминэн, – диир Маарыйа. – Таһырдьа таһаартаран уһун күнү быһа олорор.
– Иистэнэр ини, си-дьүгээр, синньэ олорботоҕо буолуо.
– Иистэнэр… Эйигин сылдьыбатаҕа ыраатта, тоҕо кэлбэт диир.
– Бара сылдьыам этэ…
– Эн бу, бүтэн таҕыстыҥ?
– Бүтэн.
– Илимнэргин көрбөтүҥ дуо?
– Баарыын Баһылай тардыбыта.
Мин испэр Хаһырыа балтын Настааны саныыбын, үлэҕэ үтүрүйтэрэн, кырдьыга да, билсибэтэҕим ыраатта, кэтэстэҕэ. Ханна да барбат-кэлбэт босхоҥ киһиэхэ тастан киһи киирэрэ, көх-нэм, саҥа-иҥэ буолан санаатын аралдьытара, бэйи, улахан суол. Настаа муҥнаах илиитинэн анньынан тобугунан «хааман» дуомнанар.
– Лэкээрэй эмээхсиннээх ынахтара оту сиэн өлбүт, истибитиҥ?
– Һуох… Хаһан?..
– Бэҕэһээ… Мундулуҥда диэки барыыга, итиннээҕи дүбдүргэнэҕэ охтон иһэ сараччы үллэн баран, өлөн өҥүргэһинэн көрөн тыыллыы тэбэн сытарын булан Сэксэкэ сүлэн, этин тиэйэн аҕалбыт. Этэ үчүгэй үһү. Лэкээрэй сүөһүтэ куһаҕан буола сылдьыа дуо, хотуй.
– Ол иһин да, Чарапчы Маарпа: «Сүөһүм сүттэ, көрбүккүт дуо…», – диэн бэҕэһээ киэһэ биһиэхэ киирэн оҕолортон ыйыталаһан ааспыта. Бэлиэ сүөһү: сүүһүгэр туруору ый туоһахталаах, хара саадьаҕай Айдаҥҥа кини эрэ ини…
– Лэкээрэй эмээхсин эттэ ыллыннар диэн илдьиттээбит этэ. Эһигиннэн таарыйан кэллим да, эбэҥ дьиэҕэ суох, ханна эрэ хаампыт быһыылаах.
– Оччоҕо онно тиэтэйдэхпит дии.
– Иккиэн аргыстаһыах. Аҕам үөскэ икки илимнээх, киирэн эр-биир көрүөххэ уонна бииргэ барыахпыт.
– Чэ, оччоҕо инньэ гыныахха.
Мин арыый обургу киһиэхэ Чоойуҥҥа тымтайдаах балыгы сүктэрэн, оҕолору дьиэлэригэр утаардым…
Халлаан бырдаҕын сүүллээн түһэрээри харааннаан турар, күнүстэри чуумпу. Эбэ үөһэ эрэ биллэр-биллибэт үрүмэтийэ кыынньар. Кытыыга, уу үрдүнэн халтарыыстар, тыас иһиллэнэрдии тохтоон тура түһэ-түһэ, уҥа-хаҥас сүүрэкэлэһэллэр. Тыаллаах-куустаах күн кинилэри көрбөккүн. Күөл иэнэ балык сэмсиириттэн кыракый иилэринэн ирбинньиктэнэ оонньуур. Тэмэлдьигэттэр хара чуумпу ууга кэлэн түһэ-түһэ, эрчимнээхтик сардьыгынаһан ыла-ыла, өрө көтөн тахсаллар. От саҕатыгар, дулҕа үөһэ салгылыы олорор кустар суунан чомпооттонон ууну талаанырдаллар…
Былыттаах, ип-ичигэс луҥку күннэр, түүннэр тураннар балык илимҥэ хото тутар. Онно-манна хоптолор кылбаҥнаһаллар. Кыптыый тыыраахылар күөл саҕатыгар «тыкаах-тыкаах» саҥарса-саҥарса, салгыҥҥа уйдаран сытыы тумустаах төбөлөрүн умса нөрүтэн биир сиргэ тэлибирэһэ-тэлибирэһэ харса суох супту түһэн балык ыаматын бултаһаллар. Ардыгар кынаттарын хомунан хойуостанан түһэн иһэн, эгдэс гынан өрүһүнэ охсоот, эмиэ биир сиргэ туран илигирэһэллэр… Бу кэмҥэ ийэ көтөр үксэ, айылҕатын сиэринэн, сымыыт баттаан иһийэр…
Маарыйаны кытары «суола суох сур соноҕоспутугар» чөкө олорон, аа-дьуо, ээр-сэмээр тэлбиҥнэһэ устан күөлбүт үөһүгэр киирэбит. Эбэбит арыыта ыраах, тэйиччи үллэн көстөр. Ол үрдүнэн, арыыга уйалаах тыыраахылар, чөкчөҥөлөр «аны сымыыт баттыы сытар сэгэрдэрбитин аймыахтара» диэбиттии, сорук оҥостон кэлэн үрдүбүтүгэр саантыыллар, эргийэ, элиэтии көтөллөр, саба түһүөхтүү кынаттарын тыаһатан төттөрү-таары сурулууллар… Онно-манна кураҕаччылар кылыһахтаах саҥалара кылыгырайар…
Сорох көтөр, ордук чыычаах аймаҕа, уйатын өҥөйдөххө, сымыытын тыыттахха, ардыгар, салыйан быраҕан кэбиһэр, онон иччилээх уйаҕа мээнэ чугаһыыр сатаммат.
Кэккэлэһэ устан иһэн Хаһырыа сонунун кэпсиир:
– Ээ, өстүбэһи да, Аана, бэҕэһээ Арҕаа Кыргыдайтан, «Сэссэлииһим Суола» холкуостан Хамай Ньукулай диэн киһи, аҕабын билэр эбит, биһиэхэ киирэн чэйдээн ааспыта… Эн Кыргыдайгын дии, билэҕин дуо Хамай Ньукулай диэни?.. Бээ эрэ, ким эрэ диэбиттэрэ… Ээ, Абыраамап… Абыраамап Ньукулай диэн.
– Билэбин… Дьэ, ол тугу кэпсиир?..
– Ол буоллаҕына бэрт үчүгэй сонуннаах…
– Дьэ…
– Уйбаныаптар, Мычыраах оҕонньордоох диэни билэҕин?
– Һуох… Мычыраах оҕонньордоох диэннэр бааларын… сурахтарын эрэ истээччибин. Олор туох буолбуттар?
– Бэйи, тохтоо… иһит… Ол Мычыраах оҕонньордоох муҥнаахтар сэриигэ барбыт уоллара өлбүтүн туһунан быйыл кыһын «хара сурук» кэлбит эбит…
– Быйыл кыһын даа?
– Э-ээ…
– Ол, үтүө сонуҥҥа туох сыһыаннааҕый?
– Бэйи, тохтоо… иһит… Ол уолларыттан ураты Мычыраахтар биир кыыстаахтар үһү.
– Дьэ…
– Бу, кыайыы буолбутун кэннэ, ол «хара сурук» кэлбит уолларыттан, аны туран сурук тигинээн кэлбит… Бэйэтэ суруйбут суруга. Киһилэрэ – өлбөтөх, тыыннаах үһү…
– Тыый!.. Кырдьык үчүгэй сонун эбит…
– Оннук…
– Дьоно эрэйдээхтэр төһө эрэ үөрээхтээтилэр.
– Ээ дьэ…
– Ол хаһааҥҥы суруга эбитэй?
– Кыайыы эрэ буолуон иннинэ суруйбут суруга үһү.
– Оччоҕо оттон, сотору кэлииһи дии…
– Кэлиминэ…
– Туох буолан, тыыннаах киһини өлбүт диэн «хара сурук» ыыппыт бэйэлэрэй?
– Алҕас таҕыстаҕа. Элбэххэ туох суоҕа баарай. Ити айылаах үтүмэн үгүс өлүүгэ-сүтүүгэ… Баҕар сураҕа суох сүтэ сылдьан баран көстүбүтэ буолуо…
– Буолуо…
– Чэ, кэллэҕинэ, бэйэтэ кэпсээтэҕинэ, сурах хоту да, истиэхпит…
Сыаннан-арыыннан аҕаабыкка дылы килэбэчиспит, ып-ыраас түүлээх-өҥнөөх амах андылара (тыһыларыттан арахсыбыт атыыр андылар, төннүү андылара) бэрт намыһаҕынан күөл ортотунан көтөн сулукуччуһан ааспыттарын батыһа көрөбүт.
– Тоҕо үчүгэйкээннэрэй, – Хаһырыа үөл кустары кэрэхсээн кыҥастаһар.
– Биир илимиҥ чорооҕо ол турар дуо? – Миитэрэй оҕонньор илим тарда сылдьарын түбэһэ көрөрүм, ол иһин таайаммын ыйытабын.
– Ээ, ол турар. Эн итини көр, мин ол кута тумуһаҕын анараа өттүнээҕини тардыам, – диэт Хаһырыа тиит эрдиитинэн эрчимнээхтик күүскэ-күүскэ эрдинэн, тыытын кэннэ тимирдьиҥнээн, уҥа-хаҥас садьыаланан иннибэр киирэн куота, тэйэ устар…
Сэмээр сыбдыйа устан кэлэн, чороох мастан туттан тохтуубун, саппай ситими аргыый тардан илими өндөппүтүнэн барабын. Сүрдээх киэҥ харахтаах илим эбит, собоҕо аналлаах, онон көрүүтэ судургу, аҕыйах эрээри, били этэргэ дылы, «адаҕа саҕа» соболор туппуттар. Ситими тардан уһуннахха мөхсөн тэлбиҥнэһэллэрэ киһи илиитигэр лаппа биллэр… Сүүрбэччэ собону араардым. Ыыс араҕас өрөҕөлөөх, бөп-бөдөҥ, астык соболор тыым иннигэр кутулла сытан лаапчааннарынан лаһыйан сүгүллэхтэнэллэр.
Хаһырыа Маарыйа араарбыт балыгын субу-субу тыытын иһигэр ньылбы тутарыттан сылыктаатахха, кыараҕас харахтаах илими тардар быһыылаах. Миигиттэн тэйиччи. Сэрэйдэххэ, арааһата, элбэх быччыкы туппут.
Халлаан былыта ордук эбии хаттыгастана-хаттыгастана ыаһыран кэллэ. Бырдах сүүллээн хойунна, тыала суох буолан, бэл күөл үөһүгэр дэлэйдэ… Туох барыта тыаһы иһиллээбиттии күөгэйэ, хоҥкуйа нусхайан турда… Дьэ бу аата – хараан күннэр. Оол курдук, эбэ арыытыгар, уу кытыытыттан хойуутук үүнэн тахсыбыт иирэ талахтар, будьуруйа бөлүөхсэн, түптэ буруотунуу тунаҕыран көстөллөр.
Тыыраахылар, тоҕо эрэ, кыырай халлааҥҥа тахсан тэлиэс-былаас көппүттэрин дьиктиргээн, хантас гынан өйдөөн көртүм – ооҕуй ситимигэр ыйаастан көтөн ахан эрэр эбит. Бу обургулар ону итигэстээн сиэри, биир кэм бөлүөхсэ-бөлүөхсэ үрдүк мэҥэ халлааҥҥа эргийэн элиэтэспиттэр.
Маарыйа биэтэк чорооҕор чугаһаабыт, илимин тардан бүтэн эрэр, туттан-хаптан элэстэнии мааны. Мин киниэхэ тиийэн көмөм да суох буолсу, ол иһин ээр-сэмээр, дьүөгэбин кэтэһэ таарыйа, үөскэ туотаайылар умсаахтыы сылдьалларыгар, төһө чугаһаталлар эбит диэн, көтөрдөр диэки хайысхаланабын. Хас эртэҕим аайы эрдиим чараас салбаҕа кыра буруу оҕотун эрилитэ эргитэр…
Кэтэхтэригэр уһун көҕүллээх туотаайылар маҥнай утаа тыылаах киһи иһэрин соччо ахсарбакка умсаахтаһа сылдьан баран, лаппа чугаһаабыппар, сэрэхэдийэн бары бөлүөхсэ түһээт – үрэх уутугар, сүүрүк хоту үөл дүлүҥү үтэн кээспиттии сундулуйа уһуннулар. Мин көтөрдөрү көтүтүмээри сырса барбатым, эрдиим аҥаар салбаҕын ууга бүтүннүү батары уган аҥаардастыы хойуостан эрчимнээхтик эргийээт, төттөрү иэҕиллэн, чорооҕун чиҥэтэ анньа олорор дьүөгэбэр уһуннум… Бу иһэн үтүө сонуну истэн, санаам көтөҕүллүбүччэ, иһирэх иэйии киирбиччэ, эбэбит барахсаҥҥа чэгиэн-чэбдик, өлүөр бэйэлээх балыктыы сылдьарбытыттан дуоһуйан, өйбөр туох көтөн түспүтүн, ырыа аҥардаах сэмээр таспар таһааран хоһуйабын:
…Нэлэһийбит Эбэбэр
Күөлүм ийэ уутунан
Аргыый аҕай, сэмээркээн
Тыынан устан иһэбин
Эрдэн истэх аайытын
Эрдиим чараас салбаҕа
Эрилитэ эргитэр
Кыра буруу оҕотун
Ону көрөн одуулаан
Оҕо киһи саатыыбын,
Дьикти, кэрэ көстүүттэн
Испэр күлэн ылабын
Чороох маспар чуо тиийэн
Тутан ылан тохтуубун,
Ситим быабын тардаммын
Илимнэрбин көрөбүн
Тэлибирээн тахсыбыт
Өллөөх эмис соболор
Тыыбар түһэн тыаһыыллар,
Лаһыгырыы мөхсөллөр
Эбэм өлгөм бэлэҕин,
Боллох иччим өлүүтүн
Баһаан элбэх балыгы
Бултаан дьиэбэр тахсабын…
…Хаһырыа Маарыйа илим тардар кэмигэр бырдахтан быыһанаары бобуонньуктуу бааммыт сачыын былаатын сүөрэн, сирэйин-хараҕын соттон ньуххаммахтыыр, ол олорон, мин оргууй ыллыырбын истэн, тохтоон, таалан иһиллиир, мичээрдээн тэбис-тэҥ үрүҥ тииһэ кэчигириир, дьээбэрдэҕинэ буолар үгэһинэн сирэйин сөллөччү туттан уҥа-хаҥас турулус-ирилис көрбөхтүүр. Мин сонньуйабын…
– Дьэ-дьэ… киһи истэрин курдук ыллаа эрэ, бэттэх кэлэҥҥин. Тылыҥ тамаҕын кыайан, сатаан истибэтим ээ… – дии-дии Хаһырыа аҥаар кулгааҕын сөмүйэтинэн тардан таллата-таллата үөнүрэн саҥарар. Дьүөгэм барахсан иһигэр аһы туппат эҥээрэ суох киһи. Санаабыта барыта таска. Оннооҕор тыҥалааҕы тыыннарбат уот айах тыллаах Хаалаан Кэтириини уун утары көрөн олорон: «Киэҥ Хаалаан, айыы таанаан быстан, ойдон түспүт…» – диэн айахтатыа дуо. Анараа киһи хос аатыттан өлөрдүү өһүргэнэр, кыра да тэппини көрбөт хадьар дьахтар бэйэтэ Хаһырыаны кытары букатын аахса барбат. Кыыс эҕэтин истибэтэх курдук туттар…
Сэрэйбитим курдук Хаһырыа тарпыт илимин хараҕа ортоһуор быччыкыга, чэркэҕэ аналлаах эбит, бэрт элбэх туппут. Илимэ соччо уһуна суох буолан өссө кэм түргэнник көрөн бүппүт. Аргыый устан, күө-дьаа сээкэйи кэпсэтэ-кэпсэтэ, өтөхпүт аннынан кытылга тиксэн, тыыларбытын түҥнэртээн, бэйэ-бэйэлэригэр өйөннөртөөн кэбистибит.
– Иһит эрэ Маарыйа… – иккиэн таалан турабыт… Бырдах дыыгыныыра биир кэм күйгүөрэн иһиллэр. Мутукча-итикчэ быыһа, тыа иһэ түөрэтэ ньаалаҕай тойуга… – Ити аата үөнүҥ-көйүүрүҥ түспүт, сарсыҥҥаттан, өйүүҥҥэттэн хара былыт курдук устуоҕа…
– Соччо элбэҕэ суохтар да, ханна көтө сылдьан ити айылаах дыыгынаһаллара буолуой?.. Дьоҕойон халлаантан хара тыаҕа түһэр «саҥалара» дуу, туох дуу?..
Ыллык суолу ойоҕолуу кыымаайы (көйүк) үөрэ кыынньар. Саба оҕустахха ыһылла түһэллэр онтон эмиэ хат холбоһон, оннуларын булан эймэҥнэспитинэн бараллар…
…Эбэм дьиэтигэр кэлбит, оҕолор таһаарбыт мундуларын буһара сылдьар. Уолаттар сонно тута, үргүлдьү бааһынаҕа, күтэрдэрин чааркаанын көрө ааспыттар. Мин туос ыаҕайа ылан, Хаһырыалааҕынан эргийэн, Быркылаахха эт бэриһиннэрэ бардым…
Аара суолбутугар Кылаччы Өлөксөөнү көрүстүбүт, үүдэһиннээх эргэ тымтайга күөх окко суулаан эт сүгэн иһэр. Кылаччы иһэрэ ыраахтан биллэр, соҕотоҕун да сырыттаҕына, тугун дьикти кэмэлдьитэ эбитэ буолла, баһын иһэ барыта саҥа. Бэйэтэ-бэйэтин кытта кэпсэтэн биир кэм баллыгырыы, ботугуруу сылдьар үгэстээх. Тугу эрэ ыйытан баран, онтутугар бэйэтэ хоруйдуур. Өссө сороҕор, отой да «күлүгүн» кытта этиһэн бурҕайан айдаан-куйдаан бөҕөтө буолан турар.
Оол курдук сэндэҥэ тыа быыһынан Кылаччы Өлөксөөн утары иһэрин көрө охсон:
– Маарыйа, көр, Кылаччы илэ бэйэтинэн… – диибин.
Дьүөгэм Хаһырыа – сылгы, ынах тэпсэн түөрэтэ силис буолбут ыллык устун кэннибиттэн саппай уопсан тэлэмээттэнэн иһэн, эмискэ чугурус гынан тохтуу биэрэр, миигин окумалбыттан тардан суол таһыгар таһаарар:
– Хотууй, Кылаччы туох диэн баллыгырыырын истиэх эрэ, – диир, мутук үүтүн курдугунан, үөннээҕинэн көрөр.
– Тугу-тугу диигин?
– Чэ, манна сынньаммыта буолан олоро түһүөх, – Хаһырыа, орук курдук элбэх лабаалаах аргынньахтыы түһэн суулла сытар хаппыт тиит кэннигэр чөкө олорор. Мин кини ыксатыгар сэргэстэһэбин…
Кылаччы чугаһыыр, сэрэйбиппит курдук саҥата-иҥэтэ киэр-инньэ, өрө мылайан алаа харахтарынан элээр-мэлээр көрүтэлиир…
Биһиги куобах оҕолорун курдук тииппит анныгар ньыкыйан олоробут.
– Иһит эрэ, иһит эрэ… туох диир… – Хаһырыа кулгааҕын чөрбөтө-чөрбөтө иһиллиир.
– Тохтоо-тохтоо… бэйи… чугаһаата…
Кылаччы Өлөксөөн – тайах мастаах, ол иһэн ыллык суол кытыытыгар, сүгэнэн кэрдиллибит суон чоҥочох турарын көрөн, тайаҕынан суптурута анньыалыыр, эмэх мас төрдүгэһэ хатырыга туллан, бурҕас гына ыһыллан отон угун үөһэ түһэр.
– Оо, бу баҕайыларыа-а, бу кэртэҕим буолан кэбилээбиттэрин, бу мас мастаан дьаабылаабыттарыа-ан… чоҥочохпут тоҕо бэрдэй үрдүгэ… тоҕо сүрэй үрдүгэ оҕолор… хаарыан маһы туһата һуох хааллараннар, бэйэтэ биир сүгүү… бэйэтэ биир үчүгэй сүгүү… чохчойо-чохчойо чохчоччу сүгүү… ыа-а, сүрэҕэ суохтар, мас кэртэҕим ырата буолан бу кэрдэн кэйгэллээбиттэрин… Оо, киһийдэхтэр оттон… аа буолаллар да эбит!… – диэн үрүт-үөһэ биир кэм баллыгыраа да баллыгыраа, мөҕүтүн да мөҕүтүн.
Хаһырыа айаҕын ытыһынан саба туттан кыана сатыы-сатыы күлэн бычыгырыыр… Мин сонньуйабын…
Кылаччы атын аҕай татыахайданан ыксабытыгар отой субу кэлэр. Биһиги арбахпыт кэннигэр эбии кирийэбит, хойуу сэппэрээктээх онон көстүбэппит быһыылаах.
Өлөксөөн уҥа-хаҥас садьыаланан, иҥнэйбэхтээн таар-туур сыыҥтыыр, хантайан халлаан ыаһыра лүҥкүрбүт халыҥ былытын одуулаамахтыыр, кыла убаан туһата ааһан эрэр хатыҥ уктаах дэйбииринэн эҥил баһын, окумалын охсуммахтыыр:
– …Дьэ, харааннаан ахан эрэҕин дии ээ-э… Бырдаххын, оҥоойугун түһэрэҥҥин үөҥҥүн-көйүүргүн аһатан эрдэҕиҥ… Буолумуна, баччаҕа харааннаабатаҕына хаһан хараанныай. Сир ийэ барахсан биһигиттэн ыйытыаҥ дуо… Дьэ ыйыппат оҕо буолуоҥ ээ!..
Сымыыт баттыы сытар чаччыгыныардар, уйаларын таһыгар дьон бөлүөхсүбүтүттэн дьаарханан, саҥалара биир кэм чардырҕаан олорор. Өлөксөөн үөһэ сарыкынайаллар, сыыһа-халты убаҕаһынан ыһылыннараллар.
– Ыа-а, барахсаттарыа, туох ааттаах буоллулар, ким эһиги уйаҕытын бадьыыстыан. Хоҥ мэйиилэр ээ… хоҥ мэйиилэр… ааргылар… Туох туһалааҕы баран!.. – дии-дии Кылаччы Өлөксөөн уолах тиит төргүү мутугар ото намылыйбыт чаччыгыныардар туой уйаларын кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы харалҕан хараҕынан кыҥастаһар. – Оо, дьаһаналлара, оҥостоллоро тупсаҕайын, сыа-сым курдук сыбаан ньылҕаарыталлар ээ!.. Кинилэр эмиэ сыбахсыттар буоллахтара, иктэ барыта!.. Ыа-а, иктэ барыта!..
Дьүөгэм Маарыйа эмискэ күлэн тэһэ ыстанар. Иккиэн саһан хорҕойбут сирбититтэн тахсан кэлэбит. Хата, Кылаччы Өлөксөөн улаханнык соһуйбат. Атын, өмүрэх эмээхсин эбитэ буоллар, өрө көтөн ыһыллаҥхайдана түһүөхтээх этэ.
– Бээ, бу эһиги… бу манна тугу көрдөөн, тиҥсиринэн, туохтан саһан кирийдигит, хотуйдар?.. – Өлөксөөн, хата, бэрт холкутук ыйытар, туос тымтайын сиргэ ууран, тайах маһыгар сыҥааҕын өйөөн, отой да наҕылыгар түһэр.
– Быркылаахха эт бэриһиннэрэ баран иһэбит.
Хаһырыа, Өлөксөөн үүдэһиннээх, хара лаҕый буолбут эргэ тымтайын өҥөйөн көрөр:
– Хата, барахсан эмис эбит дии. Дьылы үчүгэйдик тахсыбыт сүөһү быһыылаах, – диир.
– Лэкээрэй эмээхсин ынаҕа ырыаҕа… – диир Кылаччы. – Үчүгэйин түҥэттэн бүтэрбиттээ-эр. Ити миэхэ дар уҥуох түбэстэ. Дьон сылҕайбыта… Таах толунньаҥ… – Өлөксөөн кэм да, туохха да астыммат, тук буолбат үгэһинэн кэриэлийэр.
Тымтай иһигэр, күөх окко сууламмыт бүдүргэйи көрөн:
– Оттон мин көрдөхпүнэ, куҥ эт да курдук эбит дии, – диибин.
– Куҥуруоҕа!.. – Кылаччы ахсарбатах киһилии иэдэс биэрэр, мылах-илэх туттар.
– Хайдах сүөһү буолан баран уҥуоҕа суох буолуой эбээ, күлгэри гыннаҕыҥ дуу, – Маарыйа сүүһүн аннынан сүргүччү көрө-көрө сонньуйар.
Мин дьээбэрэммин:
– Үчүгэйэ бүппүт буоллаҕына, биһиги оттон оччоҕо кылыгырас уҥуохха да баран иһэр дьон эбиппит дии…
Кылаччы Өлөксөөн, «бэдэр мэйии» эридьиэстээн эргитэн син саҥа саҥаран хоруйдаһар.
– Эһиэхэ талан, сыымайдаан уурбуттара буолуо, хайаан да. Холкуос бэрэстээтэлин ийэтигэр ысталлааҕын ыытар, амтаннааҕын атаарар дьон инилэр, ол биһигинньиктэр диэн… һэ-һэ-һэ… – Өлөксөөн күлбэхтиир, онтон тохтоон оттомуран баран: – Эмээхсин хайдаҕый тоом, ама дуо? – диэн ыйытар.
Биһиги Кылаччы Өлөксөөнү кытта сээкэйи дьээбэлэһэн кэпсэтэн, эбии сэргэхсийэн күлэ-сала түһээт, эдэр кыргыттар кыдьыгырбычча, Быркылаахпытыгар сүүрүүнэн түһүнэбит…
* * *
Өссө 1930 сыллаахтан балык бултуур анал хаһаайыстыба тэриллэн кыһын эбэлэри кэрийэн хото муҥхалыыллара үһү.
Таата Мэхээлэтэ, Бутукаай Баһылай, Саппырыан, Тоокоон Уйбаан, Дайыыла, Тоһоҕо Куонаан, Аччык уола Миитэрэй диэн дьоннорун-сэргэлэрин аһаппыт, бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар биллэр-көстөр муҥхаһыт оҕонньоттор бааллара.
Айдаҥтан көстөн ордуктаах сиргэ, Муосталаах (төрүт аата Бээриҥдэ диэн, ону харыс аатынан солбуйбуттар) диэн сүрдээх баай балыктаах дьоһуннаах эбэҕэ, 1942 сылтан оборуоннай суолталаах «ырыыптириэс» тэрилтэ олохсуйан балыктыыр. Муосталаах балыксыттарынан улуус холкуостарыттан анаммыт дьон сылы-сыллаан үлэлииллэр, сүнньүнэн Бүлүү куоратыттан, Хаҕынтан, Төҥүргэстээхтэн, Кыргыдайтан, Дьоохуттан, Модуттан, Күүлэттэн, Үгүлээттэн сылдьар дьон.
Билигин муҥхаһыттар сынньанар кэмнэрэ, сотору ыһыах кэннэ эмиэ хат Муосталаахтарыгар түмсүөхтэрэ. «Бостуок» – балыктыыр түмсүү салайаачыта Хондокуоп Өлөксөй Уйбаанабыс диэн Дьөккөнтөн сылдьар, бөдөҥ-садаҥ уҥуохтаах, сырдык, арыы-саһыл хааннаах, саҥарбыт-иҥэрбит, кэлбит-барбыт, сургулдьуйбут саас ортолоох киһи – Талыабай Уйбааннаахха түһэ сытар. Биһиги Өксөөммүтүн кытта бэртиилэр, үһү-таамах курдук иһиттэххэ уруккуттан билсэллэр быһыылаах…
* * *
Ыам бырдаҕа хара былыт курдук халҕаһалыы анньан сүүллээн түспүтүн кэннэ, холкуос борооскуларын, тыйдары уонна биирдиилээн ыаллар оҕустарын – Хаҕынтан кэлбит, сир-сир аайы ыҥырыкка сылдьар, Дьэримиэйэп, дьон ааттыырынан Дьабараах диэн оҕонньор аттаталаата. Эбэм эмээхсин эмиэ борооскутун аттатта. Оҕонньор – чэпчэки илиилээҕинэн биллэр, ол да иһин ыҥырыкка сылдьар. Кини аттаабыт оҕуһун бааһа-үүтэ хаһан да сэтэрийбэт, түргэнник оһор үһү.
Маныыһыт уолаттар холкуос борооскуларын Оччугуй Үрэҥҥэ үүрэн илдьэн хаайбыттарын, оҕонньор Мундулуҥдаттан сылдьан аттыыр. Дэриэбинэҕэ ыаллар түптэлэрин буруота, ордук киэһэ өттүгэр, биир кэм туман курдук тунаҕыра сыыйыллар, ол иһин борооскулары туспа илдьэллэр. Буруоҕа, сибилигин аттаммыт сүөһү сиикэй, аһаҕас бааһа оһо охсон биэрбэт: сиикэрийэн, устунан иһэн, аһааҕыран, баалатан өлүөн да сөп.
Кэтэх сүөһүлээх ыаллар оҕустарын бостуук уолаттардыын холбуу бииргэ үүрэн Оччугуй Үрэҥҥэ илтилэр. Түптэтэ таймата суох сиргэ, төһө да сүөһү чачайар бырдаҕа ытыллыбытын иһин, аттаммыт борооскулар маҥнай утаа ыарыыланан нэһирэллэр, кыайан аанньа хамсамматтар, ол иһин анал киһи, хонон-өрөөн сытан, ат оҕустары «һайдаан-һаттаан» хаамтарар. Оччоҕуна баастара бүтэйдии куулайан иһэр да түбэлтэтигэр тэстэн, симэһинэ тохтон, тардан оһор аакка барар.
Эбэм борооскутун Оччугуй Үрэҥҥэ илтэрбэтэ, далыгар аттатта. Биһиги оҕолор, ыарыыланан ахчайан баран дөөдөҥнүүр ат оҕуспутун уһуннук сытыарбаппыт, солбуһа-солбуһа, талах быһан кымньыы оҥостон кускуурдаан наар хаамтаран тахсабыт. Тыал түптэ буруотун биһиги эҥээр оҕустаҕына борооскубутун үүрэн кыаһалыкыччытан чэлгиэн сиргэ илдьэбит. Маҥан Халдьаайыннан эҥин эргитэбит…
Биир киэһэ, күн лаппа арҕаалаабытын кэннэ, Оччугуй Үрэҥтэн, Дьабараах оҕонньор аттаныахтаах борооскуларын барытын аттаан бүтэн, аны Балаҕаччыга ыҥырбыттарыгар онно ааһаары, биһиэхэ хоно кэллэ.
Мэрдьэннээх, өрө ытыйан кэбиспиттии кыырыктыйбыт кылгас баттахтаах, арыы-сыа иҥмиккэ дылы килэбэчийбит хара бараан сирэйдээх, сахаҕа саар тэгил орто уҥуохтаах Дьабараах оҕонньор сэһэн-сэппэл хаата киһи буолан биэрдэ. Үрэҥтэн кэлэригэр, бүгүн аттаабыт борооскуларын сымыытын тымтакаҕа уган аҕалбыт. Ону эбэм чөкө тутан балаҕаҥҥа таһааран буһара уурда. Онон оҕус сымыытын аһылыктанан баран утуйар дьон буоллубут. Оҕус тээһэҥкэһэ сүрдээх тотоойу ас…
Бырдах түһэн, оҕолор дьиэҕэ мээнэ киирбэттэр-тахсыбаттар, ньаалаҕай хаатыйаланнаҕына түүн сүгүн утуппат, онон ыамайдар бэйэлэрэ да ону өйдөөн, кэһэй буолан солуута суох төттөрү-таары сыбыытаспаттар. Дьиэ аанын чанчыгар, таска, чугууҥҥа кур кии тохтоло суох буруолуур…
Билигин оскуола оҕолоро сайыҥҥы сынньалаҥнара. Баһыычааннаах уһун күнү быһа бөдөҥ уолаттары кытары бурҕаа икки дьирики икки соноруттан орпоттор. Эргэ өтөхтөрүнэн, сонуоктарынан, бэл киһи уҥуохтаах халдьаайыларынан, кырдалларынан кытта, куттамакка, тэлэкэчийэ сүүрэллэр. Кэлин бырдах сииригэр үөрэнэн хаалан соччо кыһаллыбат да курдуктар, тиритэн-хорутан ньалҕарайданыы, буһан-хатан бурулуһуу. Бултаабыт бултарын: моҕотойдорун, маттаҥааларын тириитин, кутуйахтарын кутуругун барытын эргэ хотоҥҥо, чөкө мунньаллар. Ардыгар биир эмит кутурук сүтэн хаалан айдаарсан да ылаллар. Итээбит кутуруктарын сороҕор Биэрэ сыттыгын анныттан булан ылаллар… Кыра кыыс убайдарын дьээбэлиир. Онон сүтүк таҕыста да маҥнай Биэрэ уорбаланар… Киһи дьиибэргиирэ диэн, кыыс сойбоппут кутуругун бэйэтин сыттыгын анныгар эрэ угар, атын сиргэ кистээбэт. Убайдара кэлэн, балтыларын сыттыгын өндөтөн сүтүктэрэ сытарын көрдөхтөрүнэ, Биэрэ туораттан хараҕын кырыытынан сыныйа батыһан атын аҕайдык дьэргэйэн туран, өрө ыстаҥхалыы-ыстаҥхалыы, ытыһын охсуна-охсуна хатан үлүгэрдик күлэн чачыгырыы түһэр, үөрэн-көтөн өндөҥкөлөөн, күлэн-салан бөҕө буолар, итинник быһыыламмытыттан олус диэн астынар, оһох тула таҥалайын тыаһата-тыаһата дьиэрэҥкэйдиир. Биэрэ кутуругу «уорбут» буолла да, убайдахтара дьиэҕэ киирдэхтэринэ оһох кэннигэр ойор, онон тугу гыммыта тута биллэр. Уолаттар балтылара сытар оронугар чугаһыылларын Биэрэ оһох кэннитэн сэмээр, быры-былтаҕар сирэйин былыт быыһыттан ый тахсарын кэриэтэ былтатан бэрт үөннээҕинэн батыһа көрөр, күлээри кып-кыракый уоһа үмүрүҥнүүр, буспут моонньоҕон курдук хараҕын харалара кылапачыйа умайаллар, онтон эмискэ тэһэ ыстанан чачыгырыырыттан киһи эрэ күлүөх курдук…
Уолаттар да иэс хаалбаттар балтыларын дьээбэлииллэр. Ардыгар, дьыл оҕуһун муоһа тоһунна дэһии буолбутун кэннэ: саас да, сайын да хантан эрэ булан сүөһү муоһун тутан киирэн кыра кыыска туттараллар: «Ити – кыһын түспүт дьыл оҕуһун муоһа…» – дэһэллэр. Биэрэ сирэйин сөллөччү тутта-тутта сүрдээҕин оттомуран муоһу эргим-ургум тутан көрөр, кыҥнаҥныыр-иҥнэҥниир онтон сүүрэн тибигирээн тиийэн ааны аһан баран таска быраҕан кыыратар: «О-ус үс муоттаах буолба-ат!!!» – диэн ыһыытаан ыыра барар. Онно өйдөөбүттэрэ, убайдара «өйдөрө бааллан» ордук хос муоһу тутан киллэрбит буолаллар…
Дьуоҕа сөрүүнэ түһэн, түүн лаппа сөрүүдүйэр. Сарсыарда, киэһэ улаханнык хамсаммат-имсэммэт, тоҥунньаҥ киһи дьагдьайа да быһыытыйыан сөп.
Балык төһө да дьуоҕаран тимирдэр, эбэбит баай буолан күөстэнэн сиир балыкпыт илимҥэ син биир тута турар…
Билиидэ оһох күүһүн-уоҕун ылан тигинэччи умайар. Хантан эмит сонун киһи, хоноһо кэлбит сураҕа иһилиннэ да, сээкэй сонуну истээри, кэпсэтэн-ипсэтэн сэргэхсийээри, тастан киирии элбиир. Оҕолор, Дьабараах оҕонньор сүрдээх элбэх бэрт дьикти кэрэхсэтэр кэпсээннэрдээҕин, бэл кинилэргэ анаан остуоруйалыырын иһин, улахан дьон сэһэргэһэллэрин сүрдээҕин сэҥээрэн истэллэр. Лэгэй, Биэрэ, Маарыйа – хаҥас диэки, титирик орон үөһэ олорон туос ынахтарынан, сылгыларынан оонньууллар.
Талыабай Уйбаан Дарайыы ууска оҥорторбут алтан бирээскилээх, тумустаах саҥа саары этэрбэһин кэппит. Биэрэлээх бирээски килбэчийэрин сонурҕаан одуулаһаллар… Талыабай Уйбаан кэннэ өссө Күртэ Хабырыыл, Ньөкөөрөр Өндөрөй бааллар. Эбэм уотун-күөһүн көрөр-истэр, Настааччыйа кыыһын даба ырбаахытын тоҥолохторо тырыттыбытын таҥас кырадаһынынан саба ууран абырахтыыр. Биэрэ өссө кыыс оҕо буолан таҥаһын соччо алдьаппат, оттон булчут уолаттар ыстааннарын, ырбаахыларын сотору-сотору хайа көтөн тэлэмээттэнэн кэлэллэр…
Мин дьонум кэпсэтэллэрин истэ-истэ, саҥа тигиллибит ыаҕайа айаҕын кылынан мииннэри анньан оһуордуубун, көстүүтэ олус тупсар.
Дьабараах улахан чөҥөйгө кутуллубут сүөгэй үүттээх маҥхааһай хойуу чэйин ээр-сэмээр «сыып-сыып» сыпсырыйан иһэ-иһэ сээкэйи ыйыталаһар, бэйэтэ кэпсиир:
– Киспэ оҕонньор бу кыһын оту уоттаабыт сурахтааҕа, ону хайаатылар, төлөттүлэр дуу? – диэн ыйытар.
– Һуох… Оҕонньор соруйан уоттаабыта баарай, – диир эбэм.
– Көр эрэ, хата, атын холкуос эбитэ буоллар, дьалаҕайа диэн, баҕар «ыырын ыраатыннарыа» этилэр, аҥаардас төлөбүрүнэн хааллардахтарына таҥараҕа махтал буолаарай.
Талыабай оҕонньор тугу эмит дьээбэлэнээри гыннаҕына, үөннээҕинэн көрөр уонна дьээбэни саҥарыан иннинэ наар уоһун чорботон үмүрүҥнэтэр үгэстээх, ол иһин Талыабай «кыыбаҕата» киирээри гыммытын оҕонньор сирэйин-хараҕын, уоһун-тииһин туттубутуттан көрөн киһи тута сэрэйэр.
– Дьэ, Дьабараах быйыл эмиэ тээһэҥкэһинэн баҕас дэлэйдик аһылыктанныҥ быһыылаах ээ-э… Эн буолан баран холкуос аайы оҕус аттаан харалана сылдьыбыт киһи баар ини, – диир Талыабай.
– Эн да сырыт ээ, – Дьабараах бэрт судургутук хоруйдуур. Дьиэ иһинээҕи дьон бары күлсэбит.
Бу кыһын Киспэ Борокуоппай хамсатын уотун түһэрэн бүтүннүү умаппыт ото, сайын куйааска кэбиһиллибит күп-күөх, сөлөгөйдөөх от этэ. Умайбыт от оннугар хара хоруо, күл быыһыгар, от күөҕэ өҥнөөх, биир кытах кэриҥэ таас эрэ ордон хаалбыта сытара. Ону эбэм хомуйан ылан уурунан турар. Эмкэ дуу, туохха дуу туттуллар үһү. Биһиги көрдөхпүтүнэ, курдары көстөр дьэп-дьэҥкир, үлтү сынньан баран симэх гыныахха сөптөөх таастара.
Ньөкөөрөр оҕонньор «кырыыс түүрүччүтэ» сиэн, бурууһаан бүтүннүү такыйан хаалбыт тарбахтардаах илиилэринэн, хата, кимнээҕэр үчүгэйдик табах эринэн тардар.
– Куба тириитэ бэргэһэлээх, куоҕас тириитэ үтүлүктээх Өндөрөй оҕонньор табааххыттан биир кымаахта бэрис эрэ, – дии-дии Талыабай, Ньөкөөрөртөн табах умналаан ылан таас хамсатыгар симинэр. – Умнуганым диэн… саппыйабын эмиэ хаалларан кэбиспиппин…
– Чэҥкир умнубут аатырар… Соруйана да ини, бэриһиннэрэн тардаары… Табааҕын умнар, хамсатын хаалларбат, – Ньөкөөрөр үөлээннээҕин хаадьылыыр. Мохуорканы кымааҕынан бэрсиһии үгэс курдук быһыы-майгы. Табахтарынан букатын быстарбыт дьон, бэл, хамсаларын чубуугун кытта кырбастаан тардаллар. Туһугар эмиэ абылаҥнаах «ас» диэтэҕиҥ.
– Уу испэккит дуо тоҕойдорум?.. – эбээ сибилигин сонуоктан кэлэн олорор уолаттартан ыйытар. – Күөспүт билигин да эрдэ, саҥа кыынньан эрэр.
Чоойун өс хоту кэлэн алтан чаанньыгы таҥхатан тумсуттан оборон сойбут ууну иҥсэлээхтик иһэн киллиргэтэр.
– Хата тоом оттон эн, утаппатыҥ дуо? – эбэм Баһыычаантан ыйытар.
Баһыычаан хаһан кэлэҕэйдээн кирдиэхтэтэн саҥарыар диэри, Чоойун доҕорун оннугар хоруйдуу охсор:
– Баһыычаан баарыын көрдүгэнтэн утаҕа ханыар диэри тото испитэ, – диир.
Настааччыйа Чоойун саҥатын истэн:
– Бу хайдах киһи тылын долоҕойугар тохтоппот уолуй, мээнэ сиикэй ууну испэт буол диири хайдах хайа муҥун өйдөөбөтүй, саатар көрдүгэн уутун буола-буола…
– Б-былаат нөҥүө с-сиидэлээн испитим, утатан ыксааммын, – Баһыычаан төһө да утаҕа эрдэ хаммыт киһи аатырдар, остуолга кэлэн Чоойун ыксатыгар туран, эбэтэ сургутан бэлэмнээбит уулаах, хаппаҕа суох дьэс алтан чаанньыгын тутааҕыттан ылан иҥнэрэн, икки дьабадьытынан сүүрдэ-сүүрдэ кэтиэлиир.
Утаттым эрэ диэн мээнэ сиикэй ууну иһэр, кырдьык да, сэрэхтээх. Урут, Кыргыдайга эрдэхпинэ, Төкүнүк Уйбаан диэн, Халбаакы киһитэ, сүөһү уостаһа кэлэ сылдьарын көрөөччүбүн. Ол, Төкүнүк Уйбаан биирдэ, сайын өҥүрүк куйааска, ат миинэн сылгы сылгылыы сылдьан утатан ыксаан, хараҕа хараҥаран, ходуһа хотоол сиригэр олорон хаалбыт ньамахтаах ууну силэйэ-силэйэ испит… Дьэ эбэтээ, куртаҕа курулуйан, очоҕоһо дыгдайан, иһэ сараччы үллэн өтөҕөр нэһиилэ өөкөйөн тиийбит. Эгэ сылгыларын ситэ көрдүө дуо. Түүн ыалдьан өрө мөхсө хоммут, хараҕын симэн көрбөтөх. Төкүнүк Уйбаан ити курдук, абааһы кымньыылаабытыныы икки эрэ хонон хаалбыт. Күн бэҕэһээҥҥэ диэри «эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэ сылдьыбыт», чэгиэн аҕай киһилэрэ эмискэ «барбытыттан» дьоно улаханнык аймаммыттар. Төкүнүк өлөр киэһэтигэр, оҕолоругар, дьонугар туһаайан: «Дьэ сэгэрдэрим, оҕолорум эрэ буолларгыт, хайдах да хараххыт хараҥара утаппыккыт иһин, мээнэ сиикэй ууну эрэ иһэр буолаайаҕыт…», – диэбитэ үһү. Хас да көстөөх сиртэн луохтуур кэлэригэр Уйбаан тиийбэтэх. Өлүөх өлбүтүн, быстыах быстыбытын кэннэ биирдэ биллибит эдэр нуучча луохтуура, суолтатыгар эрэ көрөн баран, муҥура тэстэн өлбүт диэн быһаарбыт. Саха дьоно ону «иһин убахтатан өлбүт» дииллэр. Кэлин итинник ыалдьыбыт киһини Бүлүү куоратыгар муҥурун быһан ылан быраҕан дөбөҥнүк эмтииллэр. Арай дэҥҥэ биир эмит киһи, харыстаммакка, бааһа аанньа оһон биэрбэккэ сэтэрийэн өлүөн сөп. Уонна биир үксүн муҥурдарын быстарбыт дьон утатан, тулуйбакка, сонно тута, кистээн ууну эмискэ киллиргэччи иһэн өлөллөр. Дьиҥэ муҥура ыалдьыбыт киһи барыта өлөр буолбатах, сорох киэнэ тииһик курдук киирэн баран ааһар, ону «хаппыт» дииллэр. Былыр муҥура ыалдьыбыт өрүһүллүбэтэ. Дьон «убахтатан» бараахтаабыт үһү диэн сэмээр сибигинэһэллэрэ.
Дьиҥинэн, Төкүнүк Уйбаан муҥурдааҕынан буолбакка, умса түһэ сытан, били, ходуһа уутун харса суох ыйырбахтыырыгар, ууну кытта бииргэ, сир быртаҕын ыамаларын ыйыстан кээһэн сордоммута эбитэ. Өлбүтүн кэннэ – муннунан, айаҕынан күлгэри ыамалара быгыалаһан тахсыбыттара үһү диэн кэпсииллэр. Ол, уҥуоҕа суох кыймаҥнаспыт баҕайылары ууну кытта ыйыстарыгар баҕар билбэтэҕэ да буолуо… Сорох кэпсииринэн, Төкүнүк Уйбаан Тыймыыттаах Тайыла диэн аата ааттаммат сүдү «кырдьаҕас» араҥаһын оннуттан уу испитэ үһү дэһэллэр… Туох билиэй, көрөн турбут суох…
Кэпсээнтэн кэпсээн. Биирдэ Кыргыдай сиригэр, Дьоохуга, өрдөөҕүтэ, икки киһи куораттан ыҥыырдаах атынан таһаҕас ырдан тахсан иһэн аара тохтоон чэйдээбиттэр. Ырдыыларын түһэрэн, аттарын сыбыдахтаан, кыратык нуктаан сынньана түһэн ылардыы оҥостубуттар. Икки киһиттэн биирдэстэрэ отой эдэр, саҥа эт тутан эрэр уол эбитэ үһү. Күһүөрү, үөн-көйүүр суҕараабыт кэмэ буолан, уол болтуо сонун сыттанаат да, уһун, унньуктаах айантан өлөрдүү сылайан, оллоонун ыксатыгар, хантаччы түһэн утуйан хаһыҥыраан хаалбыт. Аргыһа саас ортолоох, сырыыны-айаны сылдьыбыт, бэйэтин холугар лаппа кыанар, күүстээх-уохтаах киһи эбитэ, өртөммүт аттарын быаларын-туһахтарын көннөрөн кэлэн баран, итии чэйи сыпсырыйан иһэ-иһэ, тоҕо эрэ уута кэлбэккэ, хойуу үөт төрдүгэр ону-маны олоотоомохтоон олорбут. Арай, ол олорон эмискэ түбэһэ көртө, били, айаҕын аппытынан хантаччы түһэн утуйа сытар уолун сирэйин устун сир быртаҕа сүр түргэнник сүүрэн кыймаҥалаан кэлэн киһи айаҕын иһигэр киирэн хаалбыт… Утуйа сыппыт уол чачайбыкка дылы хахсайаат сир мундутун ыйыстан кэбиспит… Чэй иһэ олорбут киһи иһитин тоҕо быраҕаат да сонно тута аргыһын уолугуттан ылан өрө илгиэлээн туруорбут, онтон туох да саҥата суох, өртөнөн аһыы сылдьар атыгар үүнүн эрэ кэтэрдээт, сыбыдахтыы, торҕо бөтөрөҥүнэн айан суолунан тибилиннэрэ турбут… Бу кэмҥэ, муннун анныгар ньуолах бытыга саҥа бытыгыраан эрэр уол сордоох куртаҕа түрүтэ тыытан өҕүй да өҕүй буолбут, аһаабыт аһын түөрэтин хотуолаабыт… Өр-өтөр буолбатах, түөрт атах түһэрбит аттаах доҕоро төттөрү ханаһытан сүүрдэн кэлбит уонна аҕылаан өрө мэҥилии сылдьар атын оллоон ыксатыгар үөккэ баайан кэбиспит… Сотору ат уоскуйан, ахчаччы тэбинэн туран ииктээн күүгэнирдибит, ону аҕам киһи иһиккэ тоһуйан ылаат да сылаастыы уолугар иһэрдибит… «Дьэ нөйөн… утуйа сыттаххына айаххынан искэр күлгэри үөн киирдэ… бу ииги итиилии түөрэтин ис, абыраатаҕына бу эрэ абырыа, эн дьолгор санаа хоту Дьөһөгөй оҕото түбэспитигэр ымыыгар махтан!!.», – диэбит. Уол кутталыттан, хараҕын быһа симэ-симэ, били, доҕоро иһиккэ тоһуйан ылбыт атын иигин түөрэтин иһэн киллиргэппит… Инньэ гынаатын кытта өс киирбэх куртаҕа быһыта тыытан ыалдьара ааһан хаалбыт… Нөҥүө күнүгэр уол хойуутун кытта, дыгдаччы барбыт күлгэри ньолҕойон түспүтэ үһү…
Айаннаан кэлбит сылгы иигин былыр-былыргыттан өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнииллэр. Сылгы сааҕа кытары эмп буолар: итии ууга көөнньөрөн илии-атах ыарыытын угуттууллар; ол-бу дэҥ, оһол искэнигэр сылаастыы баанан уртаналлар…
Эмиэ кэпсээнтэн-кэпсээн. Баҕа – сир мундутун курдук куттала суох уу үөнэ эрээри, дэҥ, сэдэхтик – киһини «ытырар» адьынаттаах. Аны туран баҕа ытырбыт киһитин ыыппат. Хайдах да ууннары тардан араара сатаабытыҥ иһин – уоппут айаҕа хоҥнубата үһү.
Арҕаа Кыргыдайга, «Социализм суола» холкуос киһитэ Дьөөйөө Дьөгүөр диэни, биир сайын, этэрбэһин устан баран от охсо сырыттаҕына сыа тилэҕин баҕа ытырбыт. Баҕа киһини ытырара – куһаҕан битэ былыр-былыргыттан биллэр. Дьөөйөө Дьөгүөр хайдах да тардыалаһа сатаан баран, өттүгэр эйэҥэлии сылдьыбыт кыыннаах быһыччалааҕын ылан алчаҕы баһын быһан араарбыт. Ити түбэлтэ кэнниттэн киһи атаҕынан аһааҕыран хаалбыт… Күһүнүгэр, суол турбутун кэннэ куоракка байыаннай хамыыһыйаҕа ыҥырбыттарыгар, сылтах көстүбүччэ сыарҕалаах атынан көрдөрө киирэн баран, эмчиттэр чыыскалааннар балыыһаҕа сыппыт уонна ол сытан эрэ өрүттүбэккэ өлбүт… Дьикти…
Мин испэр урут истибит эгэлгэ үһүйээннэрбин саныы-саныы, оҕонньоттор кэпсэтэллэрин сэргии, сэҥээрэ олордохпуна, таска ыт үрэ-үрэ ырдьыгыныыр саҥата аймаммытыгар, туох ааттааҕы туруордулар диэн, дьиэ халҕанын бырдаҕы киллэримээри эмискэ арыйа баттаан таска тахсыбытым – тэлгэһэ аанын таһыгар, бэҕэһээ куораттан (Бүлүүттэн) кэлбит боломуочунай Миитэрэй Ыкынаачайабыс Баһылаайап диэн ааттыыр киһилэрэ, ыттан куттаннаҕым буолан, хаҥас хонноҕун анныгар балҕайбыт тирии бартыбыалын кыбынан, уҥа илиитигэр чуор мутук оҕотун тутан «чоттуу-чоттуу» далбаатана ахан турар эбит. Биэрэ ыта Чоҕулук бырдахтан куотан уйатын иһигэр түүрүллэ сытар. Маанчык суох, ханна эрэ эмиэ үгэһинэн кэринэ барбыт.
Киһи дьиктиргиэх – көрсүө, кырдьаҕас ыппыт Кыраһа, урут киһини үрэн куттаабатах бэйэтэ, суос биэрэн, арҕаһын түүтүн туруоран, тоҕо эрэ, ала-чуо, боломуочунайы, туох эрэ абааһыны дуу, адьырҕа кыылы дуу көрбүккэ дылы, тиэргэнигэр киллэримээри харса суох үрэн баргыйар. Испэр «тугу биттэннэҕэй» дии саныыбын, арай эбэм: «Ымыылаах ыт сибиэни сибикилээтэҕинэ, туох да суоҕун, көннөрү көрдөххө көстүбэтин үрдүнэн үрэр баҕайыта», – диэччи. Ымыылаах ыт иччитигэр куһаҕан тыыны чугаһаппата үһү…
– Кыраһа!.. Хайдах буоллуҥ!.. Тохтоо!.. Чэт!.. – дии-дии тиийэн ыппын туттум.
– Тоҕо сүрэй доҕор, бу ыт!.. – боломуочунай муннуктара илдьирийбит тирии бартыбыалын куттаммыттыы түөһүгэр сыһыары тардынан сүрдьүгэс быыһынан кыбылла-кыбылла киирэн дьиэҕэ ааста… Кыраһа, саһылы хорооҥҥо киллэрбит ыт курдук ыйылыыр, киһиэхэ бараары дьүккүҥнүүр, ону моойуттан ыксары кууһан олоробун, ыыппаппын.
Боломуочунай аан чарапчытын анныгар турар чугуун иһиттэн бурҕачыйар түптэҕэ эргичийбэхтээн, тэбэммэхтээн, таҥаһыгар олорсон кэлбит бырдаҕы көтүтэр, эҥил баһын хамсаппахтаан дьигиһийбэхтээн ылар уонна ааны аһаат искэ биирдэ мэлис гынан хаалар.
Ити кэлэн киирбит, Миитэрэй Ыкынаачайабыс диэн боломуочунай урут «ынкыбыдыга» үлэлээбит, милииссийэлии сылдьыбыт киһи. Хас да сыллааҕыта, Мундулуҥдаҕа олордохпутуна, кыһын, хонон ааспыта. Оруо маһы ортотунан, бас-баттах тыллаах-өстөөх, быыһыгар-ардыгар быдьар тылы дэгэт гынан кыбытан саҥарар киһи эбит этэ. Өттүгэр, сэрэмээт тэлэгиитигэр иилиммит «ыт буутун саҕа» хаалаах бэстилиэтин бэл утуйарыгар устубакка сыппытын өйдүүбүн. Кимнээҕи эрэ: «Туттахпытына баҕас тараах иэнниэхпит, иҥиирдэрин сыыйталан сир-буор сирэйдиэхпит… Дьэ бэйи… сараһыннар… сөптөөх ыыспаларын булларыахпыт…», – дии-дии сирэй оһох иннигэр төттөрү-таары хааман лооһоҥнуура. Онно, кинини кытары бииргэ дьаамынан аасыһан иһэр, мап-маҥан «чүөчүҥкэ» хаатыҥкалаах, ойоҕоһугар, көхсүгэр оноолоох, хаарыс кэһиэччиктээх бэрт мааны, үөрэхтээх дьахтар баара, аргыһын саҥатын-иҥэтин истэ-истэ, сүөргүлээн, кыбыстан сиргэ эрэ тимирбэтэҕэ быһыылааҕа…
…Дал иһигэр, хотон тиэргэнигэр умайан буруолуу сытар түптэлэргэ эбии кии аҕалан ууран баран дьиэҕэ кииртим, боломуочунай эбэм куппут итии чэйин иһэ-иһэ оҕонньоттору кытары кэпсэтэн, үөр кус ортотугар олорор соҕотох мороду курдук, саҥа-иҥэ бөҕөтө буолан ырааппыт.
– Бу, Дьабараах, мин киһини өйдүөхпүттэн оҕуһу, сылгыны, табаны бэл ыты аттыыгын быһыылаах дии… Чэ, олох былыр баҕар буоллун даҕаны, оттон бу билигин үөрэх-сайдыы кэмигэр, анал үөрэхтээх в-ветеринардар баалларын үрдүнэн, хайдах аны-аныаха диэри ити дьарыккынан саатыыгыный доҕор!.. – дэрдэм ыалдьыт оҕонньор муҥнааҕы хаадьылаан, үгэһинэн үтэнанньан көрөр. Тоҕо эрэ сахалыы ханалытан «бэтэринээр» диэбэккэ, тоҥ нууччалыы «в-ветеринардар» диэн сыыбыргыыр, үөрэхтээҕин, «саҥата тупсаҕайын» биллэрэ сатыыр дьүһүнэ быһыылаах. Ычата кыра киһи тылыттан-өһүттэн да тута биллэр. Өйгө хатаан киһи байым баай оҥостуоҕа туох да суох.
– Салалта дьаһайбытын кэннэ аттаамына, бэрт эдэрбиттэн үлэ оҥостубут дьарыгым, – диир Дьабараах.
– Оттон в-ветеринаргыт, Матвей Дьаакынапкыт?
– Маппый аттаһар, оҕонньору кытта бииргэ сылдьан, – Настааччыйа иистэнэн умса нөрүйэн олорон хоруйдуур.
– Дьиҥинэн холкуос ветеринарын үлэтэ, чопчу биир киһи сылдьыахтаах. Биир киһи үлэтин ол хас да киһиэхэ биэрэн баран, ол курдук эмиэ хас киһи аайы тус-туспа көлөһүн күнэ ааҕаллара буолуо, хата. Уопсай үп, государство, хааһына баайа-дуола ыскайданнаҕа ити… Барыта дуона суохтан, бэрт кыраттан саҕаланан ыһыллар-тоҕуллар, – боломуочунай туох да суота-солуута суоҕу, мээнэ саҥарыахха эрэ диэн куолулуур.
Дьабараах туох да диэн утары хоруйдаабат, оҕонньор таах хаалар тылга-өскө суолта биэрэн тыл бырахсан тииһэр, ылахтаһар туһата суох диэн эрдэҕэ. Аҥаардас тыллаах-сыҥааҕынан эрэ «аһаан» сылдьар киһини кытары аахса барбат. Көхсө холбойон олорон, ойо туппут лэппиэскэтин чөҥөйдөөх чэйигэр уган сымната-сымната айаҕар уган ыстаан мултугулдьутар.
Настааччыйа кэпсэтиини атыҥҥа аралдьытан:
– Оҕус аттааһына диэбиккэ дылы, ити… туох этэй оҕолор… Ээ, ити… аттакылар диэн кимнээҕи ааттыылларый ээ-э? – диир.
Куораттан тахсыбыт Миитэрэй Ыкынаачайабыс элбэҕи «билбит-көрбүт», «киэҥ, чиэски» сирдэринэн «тэлэһийбит» киһи хоруйдуу охсор:
– Аттакылар диэн… Оттон син биир сүөһү курдук аттаммыт, оҕолонор кыаҕа суох буолбут дьон… – ыалдьыт чэйин сыпсырыйан ылар, сүүһүн мырчыһыннаран, ырааҕы-киэҥи ыраҥалаабыттыы таала түһэр. – Уон ахсыс үйэ сэттэ уонус сылларыгар православнай таҥара дьиэтин итэҕэйээччилэрин истэригэр үөскээбит секта… ол аата түмсүү, бөлөх… Сокуон киһини аттааһыны, биллэн турар, боборо. Аттакылары Саха сиригэр сыылкаҕа, көскө ыыталлара. Бэл аттакылар дэриэбинэлэрэ диэн баара.
– Бай доҕор, тоҕо бэрдэй, киһини сүөһүгэ дылы аттааһын диэн, – Настааччыйа чахчы бааччы улаханнык сөҕөр, чыпчырынар, бэл баһын быһа илгистэр.
Боломуочунай, Настаа сэҥээрбититтэн астыммыттыы ымаҥныыр, мин кэпсээн «сырдаппатаҕым» буоллар, бэл итини да билиэ суохтар эбит диэбиттии дьоһумсуйа тутта-тутта биир быһыы лэппиэскэни ылан, халыҥ гына сиикэй арыынан ньылҕаарыччы биһэр уонна кэм да айаҕа хам буолбакка саҥаран талыбыратар:
– Таҥараҕыт үөрэҕэ диэн көр оннук – хаалынньаҥ олох, хаалынньаҥ үйэ. Сымыйа итэҕэл – үөрэҕэ суох хараҥа дьон өйүн-санаатын иирбиттии ытыйан, хор оннук сидьиҥник кэбилэниигэ кытары тиэрдэр. Дьон барыта «аттакы» буоллаҕына, оттон киһи аймах сир үрдүттэн имири, имниин эстииһи дии… Дьэ эмиэ да итэҕэл, дьэ эмиэ да кэр-дьэбэр, чанчарык олох… Һы!.. Өй-санаа дии!.. Тпуу-у!!. – ыалдьыт туора хайыһан кураанаҕынан силлиир, сытыы быһаҕынан нэлэгэргэ ордон хаалбыт эт сыатын элийэ быһа-быһа үрүт-үөһэ айаҕар утаарар.
– Таҥара үөрэҕэ да араас ини. Сурах хоту иһиттэххэ, итэҕэл да эгэлгэлээх курдук кэпсииллэр, – диир Настаа.
– Ыа-ыа-ыа!.. Бу да дьахтарыа, үчүгэй уонна куһаҕан, бэрт уонна мөкү таҥаралар бааллар үһү диэн ким кэпсээбитэй… Дьэ ити ээ… Ити курдук дьон өйүн-санаатын аймыыллар, бутуйаллар. Үөрэҕэ суохпут сии сытар… Үөрэҕэ суохпут… Киин сирдэргэ, соҕуруу таҥара дьиэлэрин урусхаллаан: суулларарын суулларан, уматарын уматан бүтэрбиттэрэ быданнаата. Сүрүн силис-мутук төрдүттэн түөрүллэн, ылҕанан, ыраастанан бүтэн турар, арай, ол биһиги тоҥ-килиэ муус дойдубут хайа эрэ дьаҕатын баһыгар, хайа эрэ эмээхсин, оҕонньор билиҥҥээҥҥэ диэри таҥараларын холоругун ылан кэбиспэккэ, өссө киһи көрбөт, сылдьыбат кэмигэр «Курустуостарын» мэтириэтин дьороччу туруора-туруора күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри үҥпүтэ, сүгүрүйбүтэ буолан тоҥхоҥноһоллор… Көр да маны, ааһан иһэр Дьөгүөрдэр, Ньукулайдар, Уйбааннар уруһуйдаабыт мэтириэттэригэр сүгүрүйэн, сөһүргэстээн онтон тугу туһанаары… Бэл, били, Өлөөһө эмээхсин, баар-суох уолун сэриигэ сүтэрэн баран, билигин да таҥаратыттан көрдөһө олордоҕо үһү. Таҥарата киниэхэ көмөлөһүөҕэ… Ол бэйэлээҕэ абырыырыгар соҕотох оҕото сэриигэ өлүө дуо. «Сүрэх» кэтэрдэн ыыппыт үһү, онон хайаан да тыыннаах эргиллэн кэлиэхтээҕин курдук. Оннооҕор буолуох ымыылаахтар, арчыламмыттар эргиллибэтилэр ини. Бэл «толору оҥоһуулаах», торума көтүрүллэн, төннүбэт амырыын алдьархайа буоллаҕа…
Айыыны, таҥараны куһаҕаннык, сидьиҥник ахтары хайа да киһилии киһи сөбүлээбэт суола. Таҥара туһунан дьон эҥини-эгэлгэни бары ыаһахтаһааччылар.
Кырдьаҕастар Курустуос туһунан биир дьикти үһүйээни кэпсэтэр буолаллара. Онно маннык кэпсэнэр. Ысыыттар Курустуоһу дэлби сынньан-сынньан бараннар: икки илиитин, икки атаҕын мас кириэскэ тимир тоһоҕонон батарыта саайталаан тиирэн кэбиспиттэр. Арай туран бүтэһиккэ, быарын туһунан тоһоҕолооботубут быһыылаах диэн эргиллэн көрбүттэрэ – Курустуостара хаба ортотунан тэһэ сааллан хоҥкуйан турара үһү. Ысыыттар сиэрин ситэрбит эбиппит диэн баран хаалбыттар. Онтулара баара Курстуос иһигэр күөх сахсырҕа түһэн олорбута эбитэ үһү… Ити иһин күөх сахсырҕаны өлөрөр – аньыы диэн этии былыр-былыргыттан баар. Ону сорох дьон билигин умнубуттар…
Эбэм куораттан тахсыбыт ньүдьү-балай тыллаах ыалдьытын ахсарбата тас дьүһүнүттэн да көстөр, отой сэҥээрбэт быһыылаах. Эмээхсин – өстөөҕө суох киһи, киирбити-тахсыбыты, сылдьыбыты эрэ барытын чэйдэтэр үтүө үгэстээх, ол кинилэр туох да диэн дойҕохтоотуннар.
Мин иһиппин тигэ-тигэ, боломуочунай кэпсэлин истэбин. Тыла-өһө ньуолбара, түргэн-түргэнник чапчык-чапчык гынан халтаһаларынан оонньуу-оонньуу саҥаран-иҥэрэн сабдыгыратара сүрдээх. Барыны-бары түөрэ эргитэн: баһы – атах, атаҕы – бас гынан араастаан эридьиэстээн, тылын-өһүн ыпсаран сатаан сааһылаан саҥарары баҕас сатыыр ахан киһи быһыылаах. Ол да иһин боломуочунай, аҕытаатар аатыран субу-субу кэлэн-баран тиэстэн эрдэҕэ. «Ынкыбыдыга» үлэлии сылдьан хайа эрэ «норуот өстөөҕүн» бириигэбэрин иннинэ дьаһайан кэбиһэн, «ол эйгэҕэ» үлэлиир бырааба быстыбыт курдук кэпсииллэр. Хата кинини ол буруйун иһин сууттаабатахтар даҕаны, хайыахтарай, син биир өлүөхтээх киһини арыый эрдэлээн түргэтэттэҕэ эрэ…
Бу кэлэн олорор Миитэрэй Ыкынаачайабыс диэн ааттыыр милииссийэлэрэ сэрии кэмигэр, биһиги эргин холкуостарга, нэһилиэк дьонун дьолугар эбитэ дуу, улаханнык кэлбэтэҕэ-барбатаҕа. «Свердловка» иккитэ хаста тахса сылдьыбыта үһү. Ол да кэлэн барыылара киниэнэ, суола-ииһэ суох хаалбатахтар… Сэрии саҕаламмыта иккис сылын күһүнүгэр, добдурҕа саҕана, «Свердловтан», Маахарап Ньукулай диэн эдэр уолу кытары атынан аргыстаһан иһэн, өссө биир, сокуоннайын саҥа туолбут уолу бэбиэскэннэн куоракка илдьэ киирээри, айан суолуттан туораан, Лоһороҥдо диэн күөлүнэн эргийбиттэр. Лоһороҥдоҕо, Купчугур Куруступуор диэн сүүһүн ааспыт кырдьаҕас аҕалаах Тэрэпиимэптэр диэн ыаллар, туруорбах балаҕаҥҥа икки ыал буолан дьуккаахтаһан, сылгы иитиэхтээн олороллоро үһү…
Баһылаайап милииссийэ кыра холуочук эбитэ. Маахарап Ньукулайга, тыыннаах испиирдээҕин уулаан иһэрдэ сатаабытын биирдэһэ буолумматах. Саарбах, дьалхааннаах киһини кытта аргыстаһа сылдьан арыгы иһэриттэн дьаарханан, сэрэхэдийэн туттуннаҕа…
Лоһороҥдо эбэ киэҥ бурдук бааһыналаах, тула өттө кырылас кумах кырдал, дьэндэйбит үрдүк сирдээх-уоттаах… Түҥ былыргыттан, чугас эргин өлбүт дьону Лоһороҥдо күөлүн үрдүк кырдалыгар аҕалан, көмүс уҥуохтарын көтөҕөллөрө үһү. Онон үйэлэр тухары – араҥастаммыттан саҕалаан, үгүс элбэх араас тутуулаах киһи уҥуоҕа бөҕөтө бачыгыраабыт дойдута. Кэлин, саха дьоно, бырабысылаабынай таҥараны итэҕэйэр буолуохтарыттан дьон уҥуохтарын кириэстэтэллэрэ…
Айан суолун аартыгын кытыытыгар, бэрт үрдүк сир саалыгар, сэрии иннинэ, өтөрдөөҕүтэ «бараахтаабыт», хастыы да туорайдаах кириэстээх дьон уҥуохтара, киэһээҥҥи, арҕаалаабыт күн уотун сардаҥаларын күөннэригэр түһэринэн кылбаһан тураллара эбитэ үһү. Ону, Баһылаайап атыттан түһэн хаппыт титириги сүллүгэс оҥостон, «дьаарай кыһыл» аатырдаҕым аатыран, иччини, таҥараны чахчы итэҕэйбэт киһи эбит дэтээри, дьон уҥуохтарын кириэстэрин туох да харса-хабыра суох, аҥаар кырыытыттан булгурута, тостурута сынньыталаабыт. Ол кэбилэнэрин тухары: «Таҥараны итэҕэйээччилэргэ бу баар!..», – диэн өйүнэн моһуогурбут киһилии өҥүргэһинэн көрө-көрө наар биири хатылыыра үһү. Маахарап Ньукулай тохтото сатаабытын истибэтэх. Кыыла турбут, эбиитин холуочук, бэл буруйа суох киһи тыынын быспыт киһиттэн, эдэр уол, баҕар, куттанан күүһүнэн тута да сатаабатаҕа буолуо. Өттүгэр бэстилиэттээх, ииримтийбит, дэрдэм милииссийэттэн тугу баҕарар күүтүөххэ сөп…
Баһылаайап милииссийэ бэрт элбэх киһи уҥуоҕун кириэһин булгурута сынньыбыт, үлтү кумалаабыт… Сүллүгэһин Суркуоп Ньукулай диэн киһи бэрт модьу остуолбалаах кириэстээх уҥуоҕар тосту охсон баран, абаран, хаппыт сэтиэнэҕи эргиччи бугуйан уот анньан кэбиспит… Ити уот Лоһороҥдо соҕуруу аартыгынааҕы дьонун уҥуохтарын бүтүннүүтүн сиэбит. Арай Бүлүү баай Хандыыларын төрүттэрин Уркуускайга оҥорторбут таас уҥуохтара эрэ ордубуттар. Олору Баһылаайап бэстилиэтинэн ытыалаабыта, кэлээччини-барааччыны чөҥөрүччү одуулаан, иҥнэл-таҥнал түһэн туралларын дьон саллан ахтар…
Боломуочунай утаппыт ахан, илии салҕата-салҕата улахан хончоҕорго хаста да чэй куттаран эмискэ үрүт-үөһэ тото иһэн, сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт, икки чанчыгынан сүүрэн түспүт көлөһүнүн, сиэбиттэн өрбөх ылан, чөм-чөм баттыалаан, бэрт чэбэрдик туттан-хаптан соттор.
– Һуу, кулгааҕым чуҥкунаатаҕа сүрүн… эмиэ хайаларын үөрэ ытаан аастаҕай… – Талыабай уҥа кулгааҕын эминньэҕин имэринэр.
– Эмиэ сымыйаны итэҕэйэн, арааһы үөтэн, түөһэн бардылар… – Баһылаайап баһын быһа илгистэр, ахсарбатахтыы туттар.
Оҕонньоттор киирбит киһиттэн тугу да ыаһыйалаһан ыйыталаспаттар. Хайа уонна «тылга иҥнии» диэн эмиэ баар. Атын киһи киирэн олороро эбитэ буоллар «хайа, ити кэннэ сэһэниҥ, бу кэннэ кэпсэлиҥ» диэн сүрдээх буолуо этилэр. Дьон сөбүлээбэт, истэригэр киллэрбэт, китиэркиир киһилэрин кытта бэл айах атан сэһэргэһэртэн туттуналлар.
Арай эбэм эрэ, ким да кииртин иһин сыһыана биир:
– Дьокуускай диэки, ол эргин дьон-сэргэ туох, хайдах олорор?.. Улахан көһөрүүлэр эҥин буолбут сурахтаахтара дии?.. – эмээхсин боломуочунайтан ыйытар.
Мин эбэм эмээхсин ураты холкутун, ырааҕы-киэҥи ыраҥалыыр уһун санаалааҕын, киэҥ көҕүстээҕин мэлдьи сөҕөбүн. Кини кимиэхэ эмит таала кырыыламмытын көрбүт, истибит суох.
– Ол, көһөрүү, барыы-кэлии туһунан эһиэхэ ким кэпсээтэ? – Миитэрэй Ыкынаачайабыс дьиэ иһинээҕилэри кэриччи көрө-көрө дьоһумсуйа туттар. – Кыайыы буолан дьон бары онон топпукка дылылар. Сир-сиртэн, дойду-дойдуттан туох улахан уратыланыай… Сөп буоллаҕа… Буолумуна… – диэн ыалдьыт ылбат-биэрбэт ыккардынан хоруйдуур. – Кэлин улаханнык тэлэһийэн урукку курдук ыырданан сылдьыллыбат…
– Урут ол хайа дойдуларынан сылдьыбыккыный? – диир, эҥээрэ суох, сокуон хотуолаабыт киһитэ Чоойун.
– Ээ урут сылдьан буоллаҕа… Тиксииннэн, Сангаарга таас чоххо, бэл Бодойбоҕо кытта тиийиллибитэ… Күрүөйэхтэри сойуолаһан Түҥ өрүс үөдэн түгэҕинэн, ыһыытыыр баһынан: Күһүрбэҕинэн, Таманынан, Дьалыабайынан кытта, сири-сибиири биир гына тилийэ көтүллүбүтэ… – боломуочунай, кыра ыамай токкоолосто диэн омнуолаабакка, хата, чоҥ курдук хоруйдуур киһи буолан биэрдэ.
– Таах да эҥсэ тэлэһийбиккин эбит… – Ньөкөөрөр оҕонньор табахтаан бүтэн, такыйбыт модороон тарбахтардаах, килэрийбит ытыстарын көхсүн саҥа көрбүт киһилии кичэйэн кыҥастаһар. Дьиэлэрин тэлгэһэтиттэн ырааппатах оҕонньотторго, кырдьыга да, тойук дойдулар.
Куораттан тахсыбат сонун киһи кэпсэлин-ипсэлин истэн олорбут Талыабай оҕонньор, тугу эрэ дьиибэни, дьээбэлээҕи саҥараары сорунар быһыылаах, үөннүрээри гыннаҕына буолар үгэһинэн бастаан уоһун чорботон үмүрүҥнэтэр, мүлүк-халык тутта-тутта мүчүҥнүүр, онтон:
– Мин да эдэрбэр эт тилэхпин элэтэн, сыа тилэхпин сылатан сири-дойдуну син көрбөхтөстөҕүм… инньэ киэҥ Кэрэҥэччинэн, Хондуһанан, Кубаҕайынан сылдьыллааччы, оттон Дьаабыга баҕас бу бэрт өтөрдөөҥҥө диэри баран кэлиллэрэ… – диир.
Боломуочунай, тугу эрэ санаан, таас түннүк нөҥүө таһырдьаны одуулаһа олорон:
– Э-ээ… – диэн сэҥээрэн унаарытар. – Кырдьык ыраах сирдэр…
Эбээ эмээхсин саҥа таһааран күлбэт бэйэтэ, Талыабай оҕонньор тылыттан уонна ыалдьыт сэҥээрбит саҥатыттан улаханнык сонньуйан баран күлэн ылар…
Дьиэ иһинээҕилэр бары, оҕолортон уратылар, кистии-саба, уора-көстө, бэйэ-бэйэбитин көрсө-көрсө, тыаһа суох санныбытын титирэстэтэбит…
Күлсүмүнэ даҕаны, дьиҥинэн ити Талыабай оҕонньор эдэригэр «тэлэһийэ көтө сылдьан» көрөттөөбүт «тэгил дойдулара, сирин улаҕалара»: Кэрэҥэччитэ, Хондуһата, Кубаҕайа – киһи мантан, атынан, күнүнэн эргийэн кэлэр эбэлэрэ, оттон Дьаабы диэн, отой да бу биһиги дьиэбит кэтэҕинээҕи ычык ойуур иһигэр саһан сытар, сайын уолан хаалан хара бадараанынан көрөр, Баһыычааннаах баҕалыыр, чохулуур кыракый көрдүгэннэрин оҕото.
– …Бу да уолуо-а, этэрбэһин эмиэ онньоҕунан үктээбит, быатын аанньа бааммат дуу, туох дуу, көрүҥҥүтүүй бу… – дии-дии Настаачыйа, Чоойун ынах этэрбэһин тилэҕин убахтыы-убахтыы онтон сонньуйбут киһилии туттар, уол этэрбэһин хат чиҥэтэн баайар.
Дьиэ иһинээҕи дьон кэпсэтиитэ аны нэһилиэк олоҕор иэҕилиннэ. Ааспыт кыһын, тохсунньуга, ыаллыы сытар «Жданов» уонна «Молотов» холкуостар холбоһон биир холкуос буолбуттара, ити холкуостар нэһилиэнньэлэрин ахсаана аҕыйаан итинник дьаһал ылыллыбыта эҥинэ барыта ахтылынна…
Бу олордохпутуна кулууп остуораһа Саабынаба Харытыана киирэн боломуочунайы бырабылыанньаҕа, туох эрэ, дьыалы-куолу ситэ быһаарыллыбатаҕар дуу, туох үөдэҥҥэ дуу бараҕын үһү диэн илдьэ барда.
Ыалдьыт тахсыбытын кэннэ, били, тыыммыт-быарбыт ыгыллан олорбут дьон дьэ үөһэ тыынныбыт. Талыабайбыт дьээбэтиттэн дэлби күлүстүбүт. Дьабараах мэрдьэннээх сүүһүн имэринэ-имэринэ:
– Дьэ лаппа ыраата сылдьыбыт киһи эбиккин, били, эдэр, эмньик эрдэххинэ, көссүүгэр Күөйэр Огдооччуйаҕа, инньэ Күккүрүүр аҕатын ууһун сиригэр күрээн тиийэн хонон-өрөөн, таптаһан кэлэргин эрэ умуннуҥ быһыылаах, – дии-дии, ыгыста-ыгыста иэрийэр.
Талыабай оҕонньор дьээбэҕэ дьээбэнэн хардараары, үөлээннээҕин үөннээҕинэн, мутук үүтүн курдугунан супту көрө-көрө, үгэһинэн уоһун чорботон үмүрүҥнэтэн барбытыгар, Дьабараах киһитэ саҥарыан иннинэ:
– Ээ, бу киһи эмиэ дьиибэлэнээри гынна, көрүҥҥүтүүй ол, уоһун, үүт-үкчү саҥа саахтаан бүппүт ынах эмэһэтин курдук үмүрүҥнэтэн, бүүчүҥнэтэн барда… – диэбитигэр түөрэ күлүстүбүт. Ордук Баһыычааннаах Чоойун адарай оронноругар иттэннэри кэлэн түһэ-түһэ омуннурдулар. Ол быыһыгар Баһыычаан өй булан:
– Эһээ, ос-остуоруйата к-кэпсээ эрэ… Били, уруккугуттан атыны… – диэн Ньөкөөрөр оҕонньортон көрдөһөр. Ньөкөөрөр – остуоруйаһыт, кэпсээнньит, олоҥхоһут бэрдэ. Бу эҥээр дойдуга, чугас эргин олоҥхоһуппут кини эрэ. Оҕонньор бэйэтэ да кыра ыамайдары кытары ыаһахтаһарын сөбүлүүр киһи…
Илин Кыргыдайга Ноотуйап Уоһук диэн кырдьаҕас олоҥхолуур эрээри, тоҥхоччу кырдьан онно-манна кэлбэт-барбат буолан турар. Кыра эрдэхпинэ, Тээкиччэҕэ олордохпуна сылдьан олоҥхолуура, ол онтон: «…Тимир тэҥэргэнэ сыарҕалаах, тимир өкөчөҥ соноҕостоох, тимир бэкир бэйэлээх киһи баар үһү…» – диэни эрэ өйдөөн хаалбыппын…
Чоойун доҕорун кытта адарай ороҥҥо кэккэлэһэ олорон:
– Үнүр, илэ сылдьар абааһылаах өтөх туһунан кэпсээбиккин өссө биирдэ кэпсиигин дуо? – диир.
– Ээ хайа муҥун, а-атыны, саҥаны тугу эрэ… – Баһыычаан сөбүлэспэт. Уолаттар бэйэ-бэйэлэрин кытта оҕонньортон тугу кэпсэттэрэн истиэхтэрин туһунан мөккүһэн, күйгүөрсэн ылаллар.
Ньөкөөрөр, кылгас гына кырыйтарбыта биир кэм өрө ытыллан турбут баттаҕын, такыччы барбыт тарбахтардаах ытыһынан ээр-сэмээр имэринэр. Анды хоргунунан аҕаммыкка дылы килэрийбит, күн уота быһа сиэн баас оннун курдук эриэннээн чэрдиппит сирэйин кыра оҕолуу мыттытан, бэркэ астыммыт, сылаанньыйбыт киһилии туттан, үөл тириини алҕас быһа соппуттуу онто да суох кыараҕас харахтарын эбии кыаратан, тугу эрэ ырааҕы-киэҥи өтө көрөн толкуйдаабыттыы олоро түһэр:
– …Бээ-бээ… бээ эрэ… тугу кэпсиэх бэйэбиний… – диэмэхтиир.
Бу кэмҥэ эбээ, уһук ыаллар кыыстара суорат бүрүйтэрээри аҕалбыт үүт аннылаах ыаҕаһыгар кутуйах түһэн өлбүтүн көрөн:
– Оо, бу бытааһаҕыа-а… көрөөхтөөбөтөх муҥа буоллаҕа, күүдээх чол гыммыт дии… – диир.
Уолаттар оччону истибит дьон ойон туран, ыаҕастан уула сытыйбыт күүдээҕи орууллар. Баһыычаан сонно тута, Настааччыйа кыптыыйын ылан кутуйах кутуругун быһа кырыйар, онтон ааны өҥөйөн туран:
– Чоҕулук!.. Чоҕулук!.. Чук-чук-чук!… – диэт таска быраҕар.
Чоойуннаах кутуйахтарын кутуругун уурунан кээһэллэр, ону көрөн Талыабай:
– Бу дьон бэйэлэрэ бултаабатах бултарын кутуругун быһан ыллылар, Сэксэкэ Сэмэни албынныырдыы оҥоһуннулар, – диэн дьээбэлэтэлиир.
– Ким булбут – ол булда… Үнүр эмиэ, биир чыһы ити курдук дөбөҥнүк бултаабыппыт һи-һи-һи… – диир чобуо киһи Чоойун.
Биһиги ыал дьиэбитигэр кутуйах суох, «аны икки хаалла, ити кэннэ биир орто…» дэһэ-дэһэ булчут уолаттар сорук, дьарык оҥостон туран түөрэтин дьууктууллар. Хантан эмит саҥа кутуйах кэллэ, киирдэ да тута билэллэр. Хайа кутуйах буоларын өҥүнэн, бэл улаханынан, кыратынан кытта эндэппэккэ быһаараллар. Ордук алдьатылаах – уһун кутуруктаах кутуйах. Кутуругунан да сиппийэн эрдэҕэ, аска-үөлкэ буору тибийэн кэбиһэр адьынаттаах, аны харбыыр, эркиҥҥэ хатаастар буолан, убаҕас астаах, толору истээх иһиккэ түстэҕинэ тахсан баран да хаалара үгүс.
Эбээ суораттыыр үүтүн аннын кыынньаран ыаҕаска кутан баран хаппахтаан кирпииччэ оһох үрдүгэр уурар. Урут, саҥа оһох үөдүйүөн иннинэ, сылаас үүтү таҥаска суулаан ороҥҥо ууран бүрүйэллэрэ, ардыгар, сайыҥҥы өттүгэр, сирэй оһох хабаҕалыгар ыйаан тэйгэтэн кэбиһэллэрэ.
Настааччыйа, таска, балаҕан дьиэҕэ күөһүн булкуйан, көрөн-истэн киирбитигэр Биэрэ утары тиийэн атаҕын кууһа-кууһа атаахтаан, били, онто да суох былдьыры тыла эбии булдьуйа-булдьуйа:
– Ийээ, хаһан күөппүт буһайый?.. Хаһан буһайый?.. Ийээ куппутун хаһан һиибитий? – диир.
– Тохтоо тоом, сотору буһуо, кыратык күүтэ түс, – Настаа кыыһын сүүһүттэн сыллаан ылар.
Мин иистэнэ олорон Биэрэ атаахтаан, ньыраҥнаан бэлтэйбит сирэйин аһына көрөммүн, уоспун-тииспин эҥин араастаан хамсатан баран мырдыччы туттабын, кыыс бэйэтигэр холооно суохтук хатан үлүгэрдик күлэн чачыгырыыр, онтон өрбөх кыыһын өрө быраҕан хабан ыла-ыла, күөс буһарын кэтэһэр киһи быһыытынан санаата сайан, оронун үөһэ ыттан Лэгэйдээх Маарыйатын кытта салгыы оонньуур… Кыралар бэйэлэрэ туспа «буруо таһаарынан» тыаһа-сыма суох бүгэллэр.
Баһыычаан үөнүрбэтэҕинэ «иһэ ыалдьар». Кини киһи дьээбэтин, дьиибэтин истэргэр, көрөргөр эрэ тиийэҕин, инньэ диэн киһи иһин «ыарытыннарыаҥ» дуо. Баһыычаан ыйытар:
– Биэрэ, эн к-кус сиигин дуу, оҕус сымыыта с-сиигин дуу?
– Кут һиибин…
– Мин эмиэ… – Лэгэй, киһи аһыныах, оҥой-соҥой көрө-көрө, кини эмиэ кус сиэн баҕарарын биллэрэр.
– Мин эмиэ кус сиэҕим… – бырдах тэһитэ кэйэн түөрэтэ ымынаҕыран бырдьыгынаабыт, онно эбии көлөһүн-балаһын аллыбыт сирэйин дэлби ньухханан, тарбанан күрдьүгэс уорҕатыныы тараахтаабыт, киһи эрэ көрдө-көрөөт, сүрэҕэ бобуллаҥныы аһыныах Маарыйа кыыс барахсан доҕотторун үтүктэн саҥа саҥарар…
Ирипээйдэммит, тырыпаайдаммыт таҥастаах-саптаах, түөрэ бары, өссө сорохторун киэнэ онньоччу барбыт эргэ ынах этэрбэстээх, бэйэлэрин кыайан көрүнэн-истинэн бэриммэт, сыыс-буор буолбут кыра оҕолору көрөммүн, кинилэри аһынарым бэрдиттэн – сүрэҕим дьиктитик нүөлүйэ тэбиэлиир, тоҕо эрэ ис-испиттэн уйулҕам хамсаан кэлэр… Устар уһун күнү супту хара үлэни кытары тустан күн солото суох дьонноох оҕолор, ыалтан-ыалга тээспэрэйдэнэллэригэр таҥас-сап тырыттара, сирэй-харах, дьүһүн-бодо киртийэрэ-хараарара, лабаҕырара ханна барыай. Ол эрэн төһө да тас көстүү илдьиркэйдэммитин иһин, туохтааҕар да чэбэртэн-чэбэр, сырдыктан-сырдык – кинилэр көрөн-истэн чоҕулуспут, кир-хах сыстыбатах, быртах санаа ыалласпатах ыраастан-ыраас харахтара… Оҕо аһыннарыахтыы санньыччы туттан көрбүт харахтарыттан ордук уйулҕаны уйуһута хамсатар көстүү ама туох баар үһүө…
– Аана саҥа таабырынна тааттар эрэ, үнүргү таабырыннаргын, хонуктаах да буоллар, сүбэлэһэ-сүбэлэһэ бэркэ таайбыппыт ээ… – диир Настааччыйа.
– Хата… Хайаан да икки таабырыны! – Чоойун өрө көтө түһэр.
– Тааттаран бөҕө буоллаҕа дии, – мин ийэм барахсан эгэлгэ таабырыннарыттан сыымайдаан ылан тута тааттара охсобун:
– Тирэнэрэ биллибэт дьиэрэҥкэйдиир бухатыыр баар үһү?
– …Өссө би-биирэ… – аны Баһыычаан дьэргэйэ түһэр.
– Сөп. Аны биир таабырын… Обуо-чобуо уоллаах, сэттэ саллааттаах дьирибинэ куорат баар үһү?..
– Тохтоо эрэ…
– Сиип-сибилигин…
– Бээ-бээ… – дьиэ иһинээҕилэр бука-бары, кыралыын-бөдөҥнүүн, таабырын таайаары өйдөрүн-санааларын түмүнэллэр: сорох сүүһүн имэринэр, сорох кэтэҕин тарбанар, ким эрэ сымыһаҕын ытыран дьиэ өһүөтүн мээнэнэн мэндээриччи көрөр, ким эрэ кыҥначчы туттан оттомноох аҕайдык таалан, таастыйан турар…
Мин дьоммун улахан толкуйга түһэрбиппиттэн, тоҕо эрэ, күлэбин:
– Чэ, өтөр таайыыһыта суоххут быһыылаах, тура-олоро наҕылыччы сыымайдаарыҥ, хата билигин, күөспүт буһуор диэри киирбит ыалдьыт, эһээ кэпсээнин истиэҕиҥ… – диибин.
– Күөспүт буһуор диэри… – Настаа сөбүлэһэр. – Аана таабырыннар таайыыларын отой кимиэхэ да этээйэҕин. Туохха сыһыаннаахтарын, хайысхаларын да букатын тумуһурдатан биэрээйэҕин… – диир. Дьиҥэ таабырыннар таайыылара олус уустуга суох: бастакы таабырын таайыыта – ат дугата; иккис таабырын таайыыта – обуо-чобуо – анньыы, сэттэ саллаат – алта (угунуун сэттэ буолан тахсар) талах сэриилээх мас сүүр, дьирибинэ куорат – ойбон күөлэ (уута).
Баһыычаан адарай ороҥҥо түүрүллүбүт таҥас үөһэ таабырын таайыытын тобула сатаан улаханнык оттомуран, ынах этэрбэстээх атаҕын сото кээһэн, кэтэх тардыстан дьоһумсуйан сытан:
– Мин буучугураһы сиэҕим, – диэн эбэтигэр эрдэттэн үлэһэр. Бу саас Улахан Баһылай саһаан тиэйэ сылдьан хабдьыга ииппит туһаҕар, ыалыкылар быыстарыгар, элэтэ биир бочугурас иҥнибитин аҕалбыта ол онон «ханыы тардыһан» уһун сааһы быһа булууска сыппытын, эмээхсин баарыын куһу кытары холбуу тутан таһааран үргээн буһарбытын көрөн, Баһыычаан «мин сиэҕим» диэн эрдэттэн үлэһэ сыттаҕа үһү.
– Буучугурас, дьэ кырдьык, минньигэс эттээх көтөр, итинтиҥ, бэйи, ыраахтааҕы аһылыга ээ, оннук күндү ас, – диир Ньөкөөрөр оҕонньор уонна тугу эрэ сыымайдыы санаан таала түһэн баран, салгыы, бэлэм сылтах көстүбүччэ, бочугурас көтөр туһунан кэпсээн барар: – Истиҥ эрэ оҕолор, былыр, арай биирдэ, биир баай ыал күөс буһарынан чэйдээн ньылҕаарыта олордохторуна, тастан хамначчыттара киһи, туох эрэ быстах сорукка киирэн кэлбит. Ол кэмҥэ, дьиэлээх тойон үстээх-түөртээх уол оҕото, аан чанчыгар саахтаан ыгыста олорор эбит. Тастан киирбит киһи маны көрөн: «Па, бу оҕо сааҕа тоҕо харатай!..», – диэн саҥа аллайбыт. Итини истэн баай өһүргэммит: «Ээ били, эн кылбаа маҥан саахтаах оҕолоох киһиэхэ дылы ньаамыргыы тураҕын, кэрэдэх…», – диэбит. Атын, отох-бытах үлэһитэ ити курдук тыл тылласпыта буоллар, баҕар, отой да үлтү күргүйдээн-көбүөлээн таһаарыах, өссө сынньыах да киһи, баар-суох үлэни-хамнаһы кыайа тутар, элэ-была хамначчыта буолан туттуммут. Кырдьыга да, хамначчыт сааһын үгэнигэр, күөгэйэр күнүгэр сылдьар, күүстээх-уохтаах, симмит-куппут курдук эттээх-сииннээх дуулаҕа киһи эбитэ үһү. Эбиитин бу киһи – ыал эбит. Ойохтоох, хас да сии-кырбас оҕолордоох. Бэйэтин күүһүн-уоҕун билиммит да буолан тойоно диэтэх оҥостон, айгыстан, дархаһыйан аһыы олордоҕуна, күүтэ-кэтэһэ түспэккэ эрэ, суота-солуута суох сорукка киирэн «уу нуурал олоҕун аймыы-аймыы», эбиитин оһоҕос түгэһэ оҕотун «хара саахтаах эбит» диэн тыл ыһыктан эрдэҕэ…
Дьэ туран хамначчыт, туһугар эмиэ, дьээбэ тыллаах-өстөөх киһи буолан биэрбит. Тойоно өһүргэммитин истэн куттамматах, дьаархамматах, сонно тута тахсан барбатах, хата эбиитин бу курдук диэбит: «Ээ, мин оҕом сааҕа баҕас кырдьыга да, кыытта маҥан…».
Баай сүрдээх өс киирбэх урааҥхай эбитэ үһү. «Дьэ нөйөн, инньэ диир буоллаххына, сааттаахтык хотторуоҥ да буоллар, сакалааттаһыах, үс хонугунан оҕоҕун аҕалаар, көрүөхпүт, дьэ хайабыт оҕотун сааҕа ордук үрүҥүн, маҥанын… Өскөтүн – мин оҕом сааҕа, эн оҕоҥ сааҕынааҕар ордук кылбайдаҕына – эн миэхэ, бу олорор эбэбит ходуһатын буор-босхо охсон биэрэҕин; өскөтүн – эн оҕоҥ сааҕа, мин оҕом сааҕынааҕар маҥан буолан таҕыстаҕына – мин эйиэхэ… – баай чабырҕайын имэринэ-имэринэ олорон толкуйдуу түспүт, хараҕын кыаратан үөннээҕинэн көрбүт уонна эппит, – ити саҥа көлүллэн эрэр өҕүрүмэр оҕуспун биэрэбин…».
Хамначчыт чэгиэн бэйэлээх эдэр кэргэннээх, от-мас үлэтин кыайа тутар киһи, тойонун өтөҕүн кытта хатыҥ чараҥынан быысаһар кыракый өтөххө туспа балаҕаннанан «бур-бур» буруо таһааран олороро эбитэ үһү. Оҕо эрдэҕиттэн үлэһитинэн сылдьыбыт, «убаммыт» баайыттан арахсан туспа сирдэринэн быралгытыйан, тэлэһийэн хаалбатах, онно эбии тойоно хамнаһын ой-бото төлүүрэ үһү, эппит тылыгар баҕас турар баай эбит. Чахчыта да, күүс үлэтин кыайа-хото тутар, ээҕи кытта, тук хоту сылдьар тилигирэс хамначчыт оччоҕо да, баччаҕа да мээнэ көстүбэтэ, ол да иһин бэйэтиттэн тэйитимээри сыһыана сымнаҕаһа эбитэ…
Баай, хара дьиэттэн, сорук-боллур уолунан, туоһу гынаары, хас да үлэһити ыҥыртаран киллэрэн, олор көрөн турдахтарына, дьиэлээх дьон ортотугар, хамначчытын кытта «эрбэх тардыһан» сакалааттаспыт, ойоҕунан «илии быстарбыт».
Дьэ онон, баай үлэһитин кытта ити курдук сакалааттаспыттар. Тойон киһи иһигэр: «Хата, быйыл эбэм ходуһатын буор-босхо оҕустарар киһи буоллум…», – диэн күлүгэр имнэммит… Баай, били, оһоҕос түгэҕэ кыра ыамайын, хойуута кылбайдын диэн хас да күнү быһа аҥаардас үрүҥ эрэ аһынан аһаппыт: курупчаакы бурдук алаадьытынан, халбыллыбытынан сүөгэйинэн, көбүөрүнэн, күөрчэҕинэн аҥаардастыы хатаҕалаабыт. Сиэбэтин үрдүнэн сиэппит, аһаабатын үрдүнэн аһаппыт…
Күн-хонук дьаалатынан устарын туох тохтоппута баарай, сотору дьэ били үлэхтээх күннэрэ тиийэн кэлэр.
Хамначчыт күннэҕи үлэтин эрдэ үмүрүтэн бүтэрэн-оһорон баран, тойонун ыамайын кытта араа-бараа саастаах уол оҕотун сүнньүгэр сүкпүтүнэн баай уораҕайын диэки бэдьэҥэлээн хаалбытын, чэгиэн бэйэлээх эдэр ойоҕо дьиктиргээн батыһа көрөн эрэ хаалбыт…
Өс хоту, оҕолор иккиэн ол киэһэ саахтаабыттар. Маҥнай баай уола чохчойбут, дьэ кырдьыга даҕаны, оҕо ыыс араҕас сырдык өҥнөөх баҕайыны эмэһэтин анныгар уурбут туостарыгар эрилиҥнэппит. Дьиэлээх тойон: «Ама мантан ордук кылбаа өҥнөөх баар үһүө», – диэн саҥа аллайбыт. Сотору буолаат аны хамначчыт уола ыгыстыбыт, арай, онно көртөрө – оҕо сааҕа отой, киһи эрэ итэҕэйиэ суоҕунуу, кыытта маҥан эбит…
Баай – бары дьиэ кэргэнинээн, аҥаардас ынах, сылгы сүөһү этинэн, үрүҥ аһынан уонна күөл быйаҥынан аһылыктанан олорор ыал эбиттэрэ үһү. Тойон – эргэнэ хара тыа көтөрүн-сүүрэрин бултуур дьоҕура суох, булт-алт өттүгэр букатын салаҥ киһи эбитэ… Дьэ, дьиэлээхтэр бары «бэри диэн бэркиһээбиттэр, сөрү диэн сөхпүттэр…». Хара аһы аһылыктана сылдьыбыт хамначчыт оҕото хайдах бу айылаах үрүҥүнэн дэлбэрийдэ диэн бэркэ дьиктиргээбиттэр. Баай сык гына түспүт эрээри, сүүттэрдим диэн сүөм түһэн соччо сөҥөдүйбэтэх, хоттордум диэн хом түһэн хомойбутун биллэрбэтэх, оҕотун сааҕын көрөн тура түспүт, кэтэҕин тарбаммыт уонна: «Хаарыан оҕуспуттан мэлийдэхпин…», – диэбит. Хайыай, бэриллибит, этиллибит мэктиэ тылы кэһэр ыар аньыылааҕын чахчы итэҕэйэр баай, тылын толорон, саҥа лахса эт тутан, үлэҕэ хото көлүллэн эрэр өҕүрүмэр оҕуһун хамначчытыгар биэрбит… «Тугу сиэтэҥҥин оҕоҥ бу айылаах кыытта маҥанынан кылбатта?..», – диэн үлэһититтэн ыйыппыт. Онуоха «бэдэр мэйии» хамначчыт: «Итинтиҥ мээнэҕэ этиллибэт…», – диэн тыллаах киһи буолан биэрбит. Билиэн-көрүөн баҕаран сирэйэ-хараҕа турбут баай, дэлэ буолуо дуо, санаата батарбакка: «Чэ-чэ нохоо, ону-маны үөтэ турума, ыл эт… «мээнэ этиллибэт» диир буоллаххына… чэ бэйи… бу оҕоҕор, ыл, саҥа этэрбэс биэриэм…», – диэбит. Онуоха хамначчыт эппит киһи дуу, эппэтэх киһи дуу диэбиттии, оҕуруктаах өй муҥутаан, тура түспүт уонна: «Оҕобун үс күнү быһа аҥаардас буучугурас этинэн аһаттым…», – диэн «кистэлэҥин» кэпсээбит…
Дьэ ити курдук хамначчыт сакалааттаһан тойонун сүүйэн, били, өҕүрүмэр оҕуһун үрдүгэр уолун олордон сиэтэн, санныгар саҥа саары этэрбэһи иилинэн, үөрэ-көтө балаҕаннарыгар таһынньахтата турбуттар…
– Һэ… дьэ бэркэ сүүйбүт киһи эбит, бүтүн оҕуһу. Дьон дөбөҥнүк да көнөллөр… – диэн Дьабараах, Ньөкөөрөр кэпсээнин сэҥээрэр.
– Эбиитин, уола саары этэрбэстэммит, – Настааччыйа түммүт сабын кыптыыйынан кырыйа-кырыйа кэпсэтиигэ кыттар.
Настааччыйа иистэнньэҥ киһи, туох-ханнык иннинэ таҥас-сап туһунан ордук сэҥээрэрэ сөп даҕаны. Сылгы самыытын тириититтэн тигиллибит ыас хара саары этэрбэс – баар киһитигэр баар мааны таҥас. Дэлэҕэ да өс хоһоонугар тураах «мин оҕом саары чаккылаах» диэн киһиргиэ дуо. Онтон сылгы уорҕатын түүлээх тириититтэн көҥүллэх этэрбэс тигиллэр. Настааччыйа, Кыра Баһылайга кэргэн тахсыан иннинэ, хоту олорон, таба тириитинэн, тыһынан иистэммит ахан дьахтар. Туруйа, хаас сототун уҥуоҕа иннэликтэрдээх, онтутугар, дьахтар аймах тыына, араас, эгэлгэ иннэ барыта баар. Настаа кырыйбыт туос ньимиэттэрэ Айдаҥҥа былдьаһык.
Сэниэлээх илиигэ үчүгэйдик имиллибит таба тириитэ ньып-ньылыбырас, бэйэтэ өрбөх таҥас кэриэтэ сымнаҕас буолар. Өссө бөҕөтүнэн нуучча таҥаһыгар тэҥнэһиэ дуо, сүрдээх бөҕө. Таба тириитэ талкыга имитиллибэт (түүтэ түһүө диэн), соҥоһооннуу-соҥоһооннуу, кэдэрээннии-кэдэрээннии, наар илиинэн убахтаныллар. Кэдэрээнэ суох дьон саха хотуура тостубутунан да кыһыйа-кыһыйа имитэллэр.
Таба таҥас сүрдээх нымса, чэпчэки, ичигэс. Түүтэ түспүтүн да иһин сылааһы тутара сүрдээх. Таба саҥыйах кэтэн истэҕиҥ аайы имиллэн-хомуллан киһи этигэр-сиинигэр олороро ордук тупсар. Ол да иһин, түүтэ соролоон холто буолбут арбаҕаһы бэл сайыннары сөбүлээн кэтэр дьон баар буолаллар. Куобах таҥас эмиэ нэгирдэҕинэ: түүттэ таакырыйдаҕына, кылгаатаҕына ордук сылааһы тутар.
Мин эбэбин кытары, кытаанах тириини: ынах, сылгы, тайах киэнин талкыга баттыыбыт. Киһи барыта имииһит буолбат. Имииһит – айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдаах киһи. Куобах Тириини талкылыах иннинэ бэлэмнээһин – бэйэтэ биир туспа суол улахан сатабылы эрэйэр үлэ. Саастаах, улахан сүөһү халыҥ тириитин сүлбэ быһаҕынан (кэдэгэр моһуоннаах, бэрт чараас тимирдээх олус сытыы быһах) икки аҥыы хайытан араҥалаан сүлэллэр. Онон, сатыыр дьон, биир сүөһүттэн «икки тириини» ылаллар. Түүлээх өттүн дэлби имитэн, сымнатан баран, сорох ыал, өрбөххө сирийэн кыһын тымныыга суорҕан оҥостоллор (үксүн оҕо тэллэҕэ, суорҕана гыналлар). Субалаах, өҥ өттүнэн этэрбэс тигэллэр. Тоҥ тириини түүтүн уонна субатын кыһыаҕынан кыһыахтыыллар, оччоҕуна халыҥа син биир сүлбэлэммит тирии курдук буолар. Саппыйаанныырбытыгар инчэҕэй тириини (ынах киэнин) дэлби түүрэн суулаан баран, икки хас хонукка сылаас сиргэ сытыарабыт, оччоҕуна куулайан түүтэ дөбөҥнүк хоҥнор, киһи илиитинэн үргүүр. Таба тириитин мас эмэҕин ууга суурайан сиигирдэн, түүрэн уурдахха сымныыр (олус ньолҕоппокко дэмин көрөн сиигирдэҕин), сымнаабытын кэннэ үрүөҕүнэн үрэн кэбиһэҕин, онтон имитэҕин. Таба түүтүн үрдэххэ, имиттэххэ сарыы буолар. Аны тигиллибит таҥаһы буруоҕа ыыһыыллар. Тирии таҥас, тигиллибитин кэннэ биирдэ эрэ ыыһанар. Ыыһаммыт тириинэн таҥас тигэр сэрэхтээх, иистэнэ олорон илиигин алҕас иннэнэн тэһэ астахха, ол тэһэ анньыбыт бааһыҥ оһо охсон биэрбэт, судургутук сүһүрүөн сөп. Бэл ыыһаммыт этэрбэһи, курумууну кэтэ сылдьан саҥа аттаммыт, сиикэй баастаах сылгыны, оҕуһу (арҕаһа бааһырбыт аты эмиэ) буостуктууруҥ, миинэриҥ көҥүллэммэт. Сүөһү аттааччылар ортолоругар, тутуһан-хабыһан көмөлөһөр дьоҥҥо – саҥа ыыһаммыт этэрбэстээх киһи суох буолуохтаах.
…Сир-сир аайы дьон-сэргэ тирии таҥаһы (этэрбэс, курумуу) араастаан ыыһыыллар. Сорохтор – анал омуһах хаһан, атыттар – сир үрдүгэр намыһах, сытыары эркиннээх отуу курдук тыын тахсыбат гына буорунан сыбаан, тутуу тутан. Иккиэннэригэр эмэх маһынан буруолаталлар, ол иһигэр тирии таҥаһы ыйыыллар, үс-түөрт хонукка туруораллар. Омуһах иһинээҕи таҥас, үөһэттэн тардан ыларга быаланар. Ыыһаммыт этэрбэс, курумуу мээнэ сиигирбэт, сытыйбат, өҥө – сыа-арыы иҥмиккэ дылы ыыс-араҕас үчүгэйкээн көстүүлэнэр.
Саары этэрбэһи өҥнүүргэ, үксүн, «ыт муннун», эргэ от сөрүөнү, бурдук отун уматан, чоҕун ылан арыыга эбэтэр хааҥҥа булкуйан баран, тириини онон биһэн тэниччи ууран хатараллар. Онтон кыра бурдуктаах суоратынан илитэллэр. Уҥуох, уоһах арыытынан умунуохтуу-умунуохтуу сымныар диэри имитэллэр. Ити кэннэ маһынан сынньаллар, оччоҕо кэлэбэчийэн тахсар.
Ынах тыһын үрэн баран солуурчахха оргуттахха (уһун күнү быһа лыглыгыратаҕын) бэртээхэй силим тахсар. Син биир хатыыс куутун курдук. Тахтайга кутан илдьэ сылдьан хаһан баҕарар силим гыныахха сөп.
Эмээхсин тикпит этэрбэстэрин, курумууларын буорунан сыбаммыт эргэ хотон иһигэр таҥнары ыйаталаан ыыһыыр. Тимир иһиккэ эмэх маһы уматан буруолатар.
Киспэ Борокуоппай ойоҕо Айдаарар Даарыйа этэрбэстэрин сайын, сирэй оһоҕун ураатыгар ыыһыыр. Кыра-кыратык түптэлээн хас эмэ хонугу быһа туруорар. Ардах түһээри гыннаҕына хомуйан, ылан кээһэр. Самыыр астан күн тыкта да, хат ыйаан тэйгэтэлээн эмиэ салгыы буруолаппытанан барар.
Сорох дьон хороҕо ыыһыы сылдьан көрбөккө, аралдьыйан, умнан, оһохторун маһа умайан этэрбэстэрин сиэппит да түбэлтэлэрэ баар…
Бочугурас туһунан, ийэм кэпсээбит өссө биир үһүйээнэ баар.
Былыыр-былыр, бочугурас күнү-ыйы хаххалыыр, ыадайбыт, сүүнэ улахан көтөр эбитэ үһү. Туох да аһыгар топпокко ыксаан, сутаан өлөрүгэр тиийэн таҥараттан көрдөспүт: «…Ыксал буолла, уҥуохпун-иҥиэхпин кыччатан, эппин-сииммин аҕыйатан ама көтөр гын…» – диэбит. Ону таҥара, алҕас маннык айбыппын эбит диэн, кыһалҕалаах этиитин ылыммыт уонна бочугурас этин көтөр кынаттаах бииһин ууһун аайы, аттаран, түҥэтэн кэбиспит. Ити иһин, тылбыйар кынаттаах, хотоҕой куорсуннаах үксэ, бочугурас этин эбиммиттэрин туоһута – бөтүөннэрин ис балык этэ маҥан өҥнөммүт. Оттон бочугурас бэйэтигэр сөрү-сөп, дьоҕус эттээх-сииннээх, кыраҕа тотон баран күнүн үтүөтүн сынньанар мааны көтөр буолбут…
Күөспүт буһарын кэтэһэ-кэтэһэ сээкэйи, күн арааһын бары ыаһахтаһабыт. Кырдьаҕастар сэһэннэрэ-сэппэннэрэ бүппэтэ сүрдээх, бииртэн-биир араас дьиктини, сонунтан-сонуну, хааһахтан хостоон эрэрдии кэпсииллэрин киһи эрэ сэҥээрэн, болҕойон иһиттэр-истэн олоруох курдук. Маннык, хас киэһэ аайы, күөс буһарын күүтэ-күүтэ наллаан сэһэргэһиилэр – бэйэтэ туох эрэ ураты кэрэ уоскулаҥ туругу, өйгө-санааҕа киһи тылынан сатаан эппэт кэрэ иэйиитин саҕаллар.
Буспут оҕус сымыытын сирэр киһи суох, оҕолуун-улаханныын бары уос-тиис үллэстэн сиибит. Оҕус сымыытын амтана үүт-үкчү кус ньыычаатын курдук, ыстаатахха сып-сымнаҕас, бып-бырдырҕас; туох да хос амтана суох.
* * *
Чугас, ыаллыы сытар холкуостарбытыгар, үлэ боруонугар барбыттар биирдиилээн кэлитэлээн бардылар. Ол нэһилиэккэ – киһи кэлбит, ол холкуоска – хайа эрэ ыаллар үлэҕэ барбыт эһэлэрэ дуу, аҕалара дуу, оҕолоро дуу эргиллибит үһү диэн сурахтар, хонук хонон турдахпыт аайытын да иһиллэтэлиир буоллулар. Арай сэриигэ аттанаачылартан ким эмит биллибитэ билиҥҥитэ өссө да иһиллэ илик.
Үлэ боруонугар барбыттар Дьокуускайтан Бүлүүгэ борохуотунан бииргэ устан кэлэн бараннар – нэһилиэктэрин, холкуостарын аайы тарҕаһаллар… Сорох Бүлүү куоратыгар кэлбит үһү диэн сураҕа иһиллэн баран, туох эрэ сорукка тардыллан уһаан, уччуйан, «киһибит дойдутугар кэлбитэ да, туох буолан сүттэ» диэн дьоно-сэргэтэ дьаарханан эрдэхтэринэ, дьиэтигэр эмискэ көтөн түһэн соһуталыыр, үөрдүтэлиир. Дьон араас, майгы да араас…
Биир үтүө күн мин, Мытыйыс Маарыйата уонна отороох-мотороох кыра уолаттар буолан уус уһанар балаҕаныгар Дарайыы оҕонньор, Сартаанай Өлөксөй уола Дайыылы кытары сээкэйи уһаналларын көрөөрү киирэ-тахса сырыттыбыт. Дарайыы – хатыҥынан ат адаҕата оҥорор. Дайыыл – оҕолор уута суох уматан турбатын хоҥуннарбыт салабаардарын, хорҕолдьуну уулларан иһэрдэн самыыр. Кыра ыамайдар Дарайыы уустан: «Бу тугуй, ити тугуй, тоҕо итиннигий, тоҕо манныгый?..», – диэн үрүт-үөһэ кутан-симэн арааһы бары ыйыт да ыйыт… Оҕонньор оҕолор уһун күнү быһа уһанар балаҕанын аанын саппакка, киирэ-тахса, күн арааһын бары ыаһыйалаан, мээрилээн ыаспайдыылларыттан, хата, салгыах эрэ быһыыта биллибэт. Кини оннугар атын, көһүүн, тоҥкуруун майгылаах киһи эбитэ буоллар, хайа лэбэйтэн салҕан, уһанарбар мэһэйдиигит-тэһэйдиигит диэн киэр үүртэлиэ этэ. Киргиэлэй муннун анныгар киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, ээр-сэмээр, улахан киһиэхэ, тэҥнээхтэригэр быһаарар курдук, ымпыктаан-чымпыктаан, барытын орун-оннугар өйдөтөн хоруйдуур. Ити үөрэҕи эрдэ билбит уол хайа эрэ кыра ыамайга аны бэйэтэ дьоһумсуйан ахан быһаарар, кэпсиир, сүбэлиир… Дарайыы, биир эмит күн, кыра ыамайдар оонньууларыгар эбэтэр туохха эмит, үлэҕэ эҥин тутуллан, тардыллан, аралдьыйан кэлбэтэхтэринэ: «Били хотокулар ханна «дьөлө түһэн» сүттүлэр, күн баччатыгар диэри биллибэтилэр…», – диэн улаханнык суохтуур киһи. Оҕонньор кэпсэлэ-ипсэлэ элбэҕэ, майгыта элэккэйэ бэрдин иһин, уһанар балаҕана өрүү да киһилээх, ыалдьыттаах. Оннооҕор саҥа тылланан эрэр, көтөххө сылдьар оҕо: «Бу тугуй?..» – диэн уһанар, туттар тэрилин ыйыттаҕына, Дарайыы: «Дьэ бу тоом – бэрэстээх, бу – эппиэс, бу – сэлэпиискэ, бу – ытарча, бу – суолҕапчы, бу – чүүччү, бу – ыһыы, бу – күөбүл…», – диэн барытын аат ааттаталаан хоруйдаан быһаарар.
Мин Мытыйыс Маарыйатын кытта Дайыылга илииатах буолан, уол салабаар турбатын иһэрдэригэр көмөлөһө сырыттахпытына, иккис кылааһы бүтэрбит Намыынап Миитээ, сыбаҕа хастаммыт балаҕан эркинин быыһынан кылатан көрө-көрө:
– Ок-сиэ, Тамаарабыт тоҕо сүрэй, ойон-тэбэн түһэн сүүрэн иһэрэ… – диэтэ. Сонно тута балаҕан халҕана тэлэллэ түһээтин кытта Уйбаныаба Тамара тыын быһаҕаһа тыынан киирээт:
– Харатыыннаах Сөдүөрэ кэлбиттэр!!. – диэн сонунун тута кэпсии оҕуста.
Уйбаныаба Сөдүөрэ уонна Сэмиэнэбэ Харатыана – «Свердлов» холкуос чилиэттэрэ, сүүрбэлэриттэн эрэ тахсыбыт эдэр кыргыттар. Мин кинилэри үчүгэйдик билбэппин, маҥнай Быркылаахха кэлэн баран, элэкис көрөттөөбүтүм, онон айах атан кэпсэппэтэх дьонум, көннөрү көрөн эрэ билэттиибин. Сөдүөрэлээх биһиги өссө Мундулуҥдаҕа олордохпутуна үлэ боруонугар ыҥырыгынан барбыттара. Дьэ олор, сэрии бүтэн, Сангаарга таас чох хостооһунугар сылдьан баран, дойдуларыгар төннөн, эргиллэн кэлбиттэр.
Холкуоспут кыргыттара кэлбит сурахтарын истэн балаҕан иһигэр сүпсүгүрэ сылдьыбыт дьон, кыралыын-улаханныын бары, үөрэн сэк гына түстүбүт. «Сонун истииһикпит» дэһии буолла.
– Дьэ үчүгэй сураҕы аҕаллыҥ… Урут, Кутууһап болхобуодьас Нөпөлүйүөн сэриитин урусхаллыырын саҕана, үтүө сонуну, илдьити аҕалбыт киһини ытыс үрдүгэр түһэрэн улаханнык маанылыыра, бэл анал мэтээл биэрэрэ үһү, эйиэхэ эмиэ мэтээл биэриэххэ баар эбит да, оннук үчүгэйбит суоҕа бэрт, арай, «хатырык уордьан» биэрэн көрөрбүт дуу, – Дайыыл күтүр улахан алтан салабаарын эргичиҥнэтэ олорон, Тамаараны дьээбэлиир. Соло буллар эрэ наар кинигэни доҕор оҥостор, хаһыаты хасыһан тахсар Дайыыл уол – кимтэн эрэ истибитин дуу, аахпытын дуу тэһэ санаан, онно тэҥнээн, Тамараны хайгыыр.
…Айдаҥ кыргыттара кэлбиттэрин нөҥүө күнүгэр, куораттан боломуочунай дьахтар тахсыбытыгар аргыстаһан, бырабылыанньаҕа, Өксөөҥҥө бардыбыт. Баһылайдаах халтаама маһа кэрдэ, хас да хоно сиргэ бараннар, боломуочунай биһиэхэ түстэ. Куорат дьахтара бирээнньик, кэмпиэт, лапса кэһиилээх.
Куораттан тахсыбыт киһи хайаан да бурдук ас, минньигэс эҥин кэһиилэнэр үгэстээх. Лапса туох эрэ күндү, сонун ас курдук көрүллэр. Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ таайым Бүөтүр куораттан таһаарбыт лапсатын күөскэ уган буһарбыппытын тастан киирэн олорор хайа эрэ эмээхсиҥҥэ дуу, оҕонньорго дуу кутан биэрдэхпитинэ, «собо тарыҥар дылы туох абааһы аһай» дэһэллэрэ, онтон сии үөрэнэн баран аны хайа тылынан хайгыахтарын булбаттара…
Бырабылыанньаҕа: Өксөөн, суотчут Тыккыр Маарыйа, сылгы биригэдьиирэ Эпириэмэп Сөдүөт, кулууп остуораһа Баһылаайаба Маарыйа бааллар уонна оскуола оҕолоро, кыра ыамайдар киирэллэр-тахсаллар…
Боломуочунай дьахтар сонно тута Өксөөнү кытары туох эрэ дьыаланы-куолуну ырытыһан, араас суот-отчуот кумааҕыларын хасыһан сээкэйи баллыгыраспытынан бардылар.
Мин эркиҥҥэ сааллан турар, бөдөҥ буукубаларынан, кыһыл өҥүнэн суруллубут «Бука бары кыайыы иһин!..» диэн суруктаах, сүгэ, балта, атырдьах, кыраабыл тутуурдаах дьахтардаах эр киһи – күн тахсан эрэр саҕаҕын, угуйар ырааҕы супту одуулаабытынан, бэрт сэргэхтик туттан-хаптан, эрчимнээхтик, кимиилээхтик хааман-сиимэн сайгылдьытан иһэллэрэ уруһуйдаммыт былакаатын өрө мыҥаан көрө турдахпына, тастан, били бэҕэһээ кэлбит Уйбаныаба Сөдүөрэ Буолкаба Киристиинэни кытары киирэн кэллилэр.
Бырабылыанньа дьиэ иһигэр олорбут дьон бука бары Сөдүөрэни тула-мала көтүү буоллулар. Боломуочунай дьахтар эр киһилии модорооннук илии тутуһан илигирэтэн дорооболосто.
– Этэҥҥэ өтөххүтүгэр эргиллэн кэлбиккитинэн эҕэрдэлиибин. Хайа, оттон били дьүөгэҥ Харатыана? Икки буолан кэлбит сурахтааххыт дии?..
– Кини да манна кэлиэҕэ… Кэлиэхтээх… Уруккубут курдук ыанньыксыттыыр санаалаахпыт, иккиэн да…
– Хайа, ол субу күн бэҕэһээ кэлээт да дуо, сынньаммакка? – диир холкуос бэрэссэдээтэлэ Өксөөн.
– Борохуотунан кэлэн иһэн сөптөөҕүн сынньанныбыт, Быркылаахпын аҕынным ахан, сүөһүлэрбин кытта бодьуустаһарбын суохтаан да биэрдим ээ, күн сарсыҥҥаттан урукку бэйэм сүөһүлэрбин тутабын… Өксөөн кэпсэтиибитин өйдүүр инигин… эргиллэн кэллим да, туох диэбиппиний… Маҥааһым, Туллукчаанам, Дыабаҥкаһым этэҥҥэ турдулар ини?.. Билигин ким кинилэри тутан көрө-истэ сылдьарый?.. – Сөдүөрэ үлэ боруонугар ыҥырыгынан барыан иннинэ буостуктуу сылдьыбыт үүттээх ынахтарын туоһулаһар. Кыыс төрөөбүт төрүт буор сирин, өтөҕүн, дьонун-сэргэтин олус диэн ахтан кэлбитэ тылыгар-өһүгэр, туттарыгар-хаптарыгар кытта дьэҥкэтик көстөр; сирэйэ-хараҕа турбута, сэргэхсийбитэ сүрдээх.
– Сүөһүлэриҥ барахсаттар бары этэҥҥэлэр, билигин Чарапчы Маарпа ыы сылдьар, – Өксөөн хоруйдуу охсор. – Чэ бээ, ол сүөһүлэр буоллуннар, сүөһү көрүүтэ-истиитэ ханна да куотуо суоҕа, били, этэргэ дылы «үлэ куобах буолан куруҥ тыаҕа куоппат», хата, эн кэпсээ, туох-хайдах сылдьан кэллиҥ?.. Дьүһүҥҥүн-бодоҕун көрдөххө, – Өксөөн, Сөдүөрэни тургуппуттуу баһыттан атаҕар диэри сирийэ одуулаһар, – кэбис, таас чох ыарахан үлэтигэр сылдьыбыт кыыс оҕо киһи диэтэххэ, улаханнык уларыйбатаххын, бэйэҥ-бэйэҕинэн, кэбис доҕор…
– Холкуос сүөһүтэ күөххэ тот үктэнэн эрэр. Кэтэхтэргэ да үөһүрэн хабырыммыт сүөһү иһиллибэт… Дьэ, кэпсээ эрэ, хайдах сиргэ-уокка тиийэн-түгэнэн, үлэлээн-хамсаан кэллиҥ, истиэҕи, – Тыккыр Маарыйа бөрүөтүн, чэрэниилэтин сыҕайан баран, үрүҥэр таһаара олорбут биэдэмэһин остуолун кытыытыгар туора уура-уура, сонун истээри, эбии сэргэхсийэ түһэр.
– Оннук-оннук, хаһан ол хас тахсар күн бары түгэнин туһанаары, – сылгы биригэдьиирэ Сөдүөт оҕонньор, бороҥ өҥнөөх эргэ хортууһун куондарыттан тутан субу туллан түһүөх айылаах кэтэҕэр илдьэн сыһыары уурар, ыксары тардан бааммыт ииччики этэрбэстэрдээх атахтарын киэҥник ахчаччы үктээн, талах олоппоһун көннөрөн, олоҕун өссө үчүгэйдик булунан олорон кэпсэл истэрдии эгэ-дьэгэ буолар. Оҕолор төттөрү-таары киирэн-тахсан хаатыйалаабыт ньаалаҕайдара дыыгынаһа көтөллөрүн бэйэтигэр чугаһатымаары, үрүҥ кыл дэйбииринэн салгыны туора-маары хаһыйбахтаан ылбахтыыр.
Сайын да буоллар киэҥ ампаар дьиэ иһэ уһуннук оттуллубакка турдаҕына, хаҕыстык, үргүөр үргүйэрин кэриэтэ уорааннанар, сөрүүдүйэр, ол кыһыҥҥы кураанах тымныытааҕар өссө ордук киһи этин-сааһын устун курдары охсон киирэргэ дылы. Тоҥуй киһи сонно тута этин куорсуна быдьыгыраан дьигиһийэн ылар. Остуорас бырабылыанньа дьиэтин сирэй оһоҕун өтөр-өтөр, күнүттэн көрөн, ордук өһүөн ардахтаах, тыаллаах-куустаах, сытыган күҥҥэ мэлдьи оттор.
Сөдүөрэ – уота сөҕүрүйэн чоҕо эрэ хаалан баран кыһыл төлөннөрүнэн күөдьүйбэхтии сытар сирэй оһох иннигэр дүлүҥ олоппоско олорон, ыксаабакка сыыйа-баайа сэһэргиир. Биһиги бары – кулгаах-харах иччитэ буолан, биир да тылы сыыска түһэрбэккэ бэркэ диэн сэргээн истэбит. Ордук боломуочунай дьахтар барыны-бары, хос-хос ыйытан чуолкайдыыр, үүт-үкчү олоҥхоһуту сэҥээрэ олорор киһилии, кэпсэл хайдах тахсарыттан көрөн: «Дьэ буоллаҕа… Тыый!.. Ол иһин… Һы!..», – диэн сэҥээрэр. Сөдүөрэ, куораттан тахсыбыт билбэт дьахтара баарын иһин, ымпыктаан-чымпыктаан, хайа ыҥырыллан барыахтарыттан саҕалаан кэпсиир:
– 1943 сыллаахха оройуонтан үлэ боруонугар бараҕыт диэн бэбиэскэ туттарбыттара. Биһиги холкуостан, «Свердловтан» – Сэмиэнэбэ Харатыана, Намыынаба Маарыйа, Сэмиэнэбэ Кэтириинэ, икки оҕолоох дьахтар уонна мин буолан Бүлүүгэ хамыыһыйаҕа киирбиппит. Буолкап Сэмэн оҕонньор киллэрбитэ… Куоракка биһигини Гурьев диэн быраас көрбүтэ уонна: «Мастаахтар буоллаххытына доруобай буолуоххут…», – диэбитэ. Ытыспытын кытта көрбүтэ… Биһиги сыыллыбатахпыт… Дьэ ол курдук… Таһырдьа таһааран устуруойдаппыттара уонна сорохтору – суол үлэтигэр, сорохтору – Буухта-Тиксиигэ, атыттары – Сангаарга шахтаҕа ыыппыттара. Кэтириинэ уонна Маарыйа төннүбүттэрэ. Мин уонна Харытыана буолан «Пропагандист» борохуотунан Сангаарга тиийбиппит. Биһиги эҥээртэн, «Калинин» холкуостан – Бөтүрүөбэ Балбаара, Кыргыдайтан – Ыстапаанаба Огдооччуйа бааллар этэ…
Таас чох хостооһунугар симиэнэнэн сылдьабыт, уон хоно-хоно түүҥҥүттэн күнүскүгэ көһөрөллөр. Сарсыарда аҕыс чаастан киэһэ тоҕус чааска диэри үлэлиибит… Маҥнай утаа икки сүүс кыраам килиэп, буочукаҕа дьэбин буолан хаалбыт оргуйбут уу баар буолара. Мииҥҥэ хаппыыста сэбирдэҕин кутан буһараллара, ким да испэт этэ, испит ыалдьара – хаһан урут итинник аһаабыппыт кэлиэй. Онтон, киһи туохха барытыгар үөрэнэр үгэһинэн, кэлин син үөрэммиппит. Төһө да сүрэхпитигэр астардарбыт сиирбит… Тугу сиэххиний… Үҥсүһэн хаартачыканан, толуонунан аһыыр буолбуппут…
«Пятилетка» диэн сүүрбэ биэс баарсаны соһор борохуот кэллэҕинэ чохпутун онно куруустуубут. Барыта – алта саахта үлэлиир. Олорор, утуйар дьиэбит куһаҕана сүрдээх, элбэх буолан бараак-бараак аайы симсэ сытаҕын. Татардар, нууччалар, бииннэр уонна да атын омуктар буолан олорбуппут. Араас кус-хаас тойуктаах киһи барыта баар…
Оһол, эчэйии мэлдьи да тахсара, шахта тутуута ирдэбилгэ төрүт сөп түбэспэтэ. Салайааччыбыт, биригэдьиирбит Ысдаанап диэн нуучча киһитэ, начаанньыкпыт Суонсап диэн омук киһитэ уонна сахалартан аҥаар хараҕа суох Устуручукуоп диэн солбуйааччы баар…
Биирдэ сыыһа туттан охтоммун тыранаспартыарга таас чоҕу кытта күрдьэхпиниин барсан истэхпинэ, боруоданы ыраастыыр нуучча оҕолоро тутан ылтара. Кинилэр суохтара буоллар Өлүөнэ өрүскэ барыам эбитэ буолуо… Ыт буола сыыһан турабын… Биир ыал дьон чоххо баттатан өлбүттэрэ, иккиэн Ыстахаанабыстар этилэр. Биир Үөһээ Бүлүү кыыһа, үрдүнэн богуон ааһан шахта иһигэр үлтү ныһыллан хаалаахтаабыта, биэс богуон ааспыт этэ…
…Ыам ыйын тохсус күнүгэр, биир чэмэлкэй күн, барыбытын таһааран устуруойдатан, Элиэнньин ойуулаах, сулустаах сытыы кыһыл былаах туттаран баран: «Кыайыы буолла!!.», – диэтилэр. Үөрүү бөҕөтө, бэйэ-бэйэбитин куустуһа-куустуһа сыллаһыы, эҕэрдэлэһии эҥин туһунан оттон тугу этиэҥ баарай. Салалта: «Ким дьиэтигэр барааччы барыҥ, хаалааччы хаалыҥ», – диэбитэ эрээри, испииһэк быһыытынан ыытаннар, биһиги өссө да сүүрбэччэ хонукка үлэлээн баран: Сэмиэнэбэ Харатыана, Бөтүрүөбэ Балбаара, Ыстапаанаба Огдооччуйа буолан «ЯЦИК» борохуотунан кэлбиппит…
Кыайыы кэннэ, үтүө кэмнэр кэлбиттэрин айхаллаабыттыы – үчүгэй, чэмэлкэй да күннэр турбуттара. Борохуотунан устан иһэн көрдөххө – Өлүөнэ, Бүлүү эбэлэр барахсаттар, сайыҥҥы ситэ, силигилии тыллан эрэр айылҕалара: эҥин-эгэлгэ оттоох-мастаах тайҕалара, хайалара, араас алардара, сыһыылара, хочолоро, оо, эчи кэрэлэрин баҕаһын… Мырааннар кэннилэригэр эҥэйэн, сырдаан көстөр сонун сирдэр умсугута угуйан ыҥыраллара аат астыгын… Халлааҥҥа дьулугуруу харбаспыт бочур тыалаах тоҕойдор, эмиэ да өрө үллүбүт – кумах, таас хоҥорой тумуллар бииртэн-биир кэлэн иһэллэр… Уу чуумпу сып-сылаас күннэр, үрүҥ түүннэр сатыылааннар киһи искэ бүгэн олоруох да буолбатаҕа. Наар таска, айылҕаны одуулаһан айаннаабыппыт… Дойдубутугар эргиллэр үөрүүбүтүттэн дөкүмүөн эҥин диэни дьыалайдаабакка олордубут да кэлбиппит… Бүлүүгэ, хата, Буолкап Сэмэннээх бурдук ыла сылдьалларыгар уолдьах түбэһэн сатыылаан, эмиэ да акка табалаһан өтөхпүтүн дьэ бу буллубут… Оо, туспа сирдэринэн уһун кэмҥэ тэлэһийэн сырыттахха, төрөөбүт өтөх ахтылҕаннаах да буолар эбит ээ. Бэл салгынныын, сирдиин-уоттуун чыҥха атын, ураты кэрэ…
Кэлэрбитигэр – саҥа, сэттис шахта үлэҕэ киирэн хаалбыта. Бииргэ үлэлээбит дьоммуттан ордук тапсан, ыкса доҕордоһон, дьүөгэлэһэн, бу Балаҕаччыттан Ыстапаанаба Огдооччуйаны, Бүлүүттэн Бөтүрүөбэ Балбаараны, Сангаартан Харатаайаба Өкүлүүнэни кытта сылдьыбытым…
– Таас чох хостооһуна, кырдьык да, сыраны ылар, киһини ычахтатар ыарахан үлэ дииллэр. Кирэ-хоҕо, таҥас-сап да дьүүлэ-дьаабыта көстүбэт буолар ини? – Киристиинэ бэйэтиттэн эрэ арыый аҕа саастаах Сөдүөрэттэн түөргүлэһэн ыйыталаһар.
– Уу, тугу этиэҥ баарай, сирэйиҥ-хараҕыҥ, били олоҥхоҕо кэпсэнэр абааһы кыыһа Аллараа дойдуттан илэ бэйэтинэн орҕостон тахсан иһэрин курдук буолар. Дьүөгэ кыргыттарыҥ муннулара, дьабадьылара, харахтарын кылдьыыта түөрэтэ хап-хара буолан сүөдэҥнээн тахсан кэллэхтэринэ, дьүһүннэрэ уларыйан хаалан, маҥнай утаа «хайаларай» диэн атыҥырыы көрөн өссө билбэккин. Аһыыр аһылыкпыт аанньата суоҕуттан, үлэ ыараханыттан, сылаатыттан, нэһиилэ да сырыттарбыт бэйэ-бэйэбитин көрсө-көрсө күлсэ сытааччыбыт… – Сөдүөрэ шахтаҕа сылдьыбытын, өйүгэр бу баардыы санаан сонньуйан ылар.
Өксөөн суруксуттуур остуолугар сыҥаах баттанан олорон:
– Эдэр кыргыттар хайдахтаах да ыараханы тулуйан сырыттаххыт… Дьэ ол күлсэр-салсар буолаҥҥыт күүскүтүгэр күүс эбиллэн, санааҕытын дьэгдьитэн этэҥҥэ кыайыы өрөгөйдөөх күнүгэр тиийдэххит. Инникитин үтүө кэлэригэр эрэллээх, күүһүн харыстаабакка онно талаһар, сэргэх санаалаах-оноолоох киһи сап да саҕаттан салҕанан, санаа абырыыр алыбар куустаран, били, этэргэ дылы «инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатын» да буоллар, буом кэмнэри тулуйан туораан, дьулуспут дьулуһуутугар хайаан да тиийэр. Киһи муҥнаах сыччах эрэл санаанан эрэ олох олорор уонна тугунан да буолбатах.
– Дьэ ити баҕас уот харахха эттиҥ, – Сөдүөт оҕонньор Өксөөн тылыгар сөбүлэһэн кэҕиҥниир.
– Оннук, – диир Тыккыр Маарыйа.
Сөдүөрэ кэпсэлин истэ-истэ, билэ-көрө охсуох санаа батарбакка, сээкэйи бары сыныйан ыйыталаһабыт. Кыыс ол аайы ыксаабакка, омуннурбакка кэпсии-ипсии олорор.
Мин испэр, эмиэ араас санаалар бииртэн-биир киирэллэр. Бэрт аҕыйах сыллаахха диэри, сүүрбэччэлээх дьону отой муҥутуурдук сиппит-хоппут дьон курдук көрүллээччи. Дьиҥинэн, бу – таас чох хостооһунугар, эн-мин дэһэн бииргэ алтыспыт элбэх доҕотторо өлөллөрүн-сүтэллэрин илэ хараҕынан көрөн, үлэ кытаанаҕар сылдьан кэлбит эдэр кыыс Сөдүөрэ, миигиттэн баара-суоҕа биэс-алта эрэ сыл аҕа. Мин эмиэ аҕыйах сылынан кини сааһа саастаныам. Сөдүөрэ кэпсииринэн, уон алталаах-сэттэлээх кыргыттар кытта бааллар үһү. Эдэр, оҕо да дьон үлэлээбиттэр.
Ардыгар саҥа-иҥэ намыраатаҕына, дьиэ иһигэр хаатыйаламмыт бырдахтар дыыгынаһаллара кэҥээн, хойдон иһиллэр. Туруйа кумаардара бэрт мөдөөннүк төттөрү-таары тэйгэһэ көтөллөр. Тойон ыҥырыа сырдыгы былдьаһан бырабылыанньа дьиэ кылбаччы сотуллубут таас түннүгэр «топ-топ» охсулла-охсулла лоҥкунуур…
– Дьэ, үлүгэр да элбэх киһи сырдык тыына быһынна… Айабыы-ын!.. Киһи киһини ити айылаах сэймэктиирэ диэн… – Сөдүөт ииччики этэрбэһин сототун имэринэ-имэринэ сөҕөн чыпчырынан ылар.
– Дойду үрдүнэн хоргуйан өлбүт да дьон ахсаанын барытын түмэр киһи, дьэ элбэх буолуо этэ ээ, – Тыккыр Маарыйа кэпсэтиигэ кыттар. – Сорох холкуостарга киһи сөҕүөн курдук… Биһиги эҥээргэ, Төрдүс Тоҕус нэһилиэгэр, ордук үгүс киһи «Калиниҥҥа» өлбүт, сүүрбэ үс… сүүрбэ үс этэ буолбат дуо?.. – Маарыйа Өксөөнтөн чуолкайдаары ыйытар.
– Оннук, – диэн Өксөөн биир тылынан хоруйдуур.
– Ону хантан билэҕитий?.. Киһи өлбүтэ оттон чып кистэлэҥ курдук буолааччы дии, – Баһылаайаба Маарыйа Өксөөн диэки ыйыппыттыы көрөр.
– Киһи өлбүтэ биллэр буоллаҕа, хайдах бүтүн киһи өлбүтэ биллиэ суоҕай, – диир эдьиийим.
Өксөөн Төрдүс Тоҕус уонна Иккис Тоҕус нэһилиэктэрин холкуостарын бэрэссэдээтэллэрин, биригэдьиирдэрин барыларын сирэй көрөн, кэпсэтэн-ипсэтэн билэттиир. Хас холкуос аайы, ыкса билэр, доҕор-атас дьоннордоох. Холкуостар нэһилиэнньэлэрин ахсаана да улахан элбэҕэ суох. Ордук элбэх киһилээх Калинин аатынан холкуос – балтараа сүүсчэ. Сэрии кэмигэр ким хайдах өлбүтэ барыта чуолкай биллэр, ону кэмигэр ыйыталаһан биллиҥ да бүтэр. Өксөөн икки нэһилиэк үс холкуоһун дьонун-сэргэтин олоҕун-дьаһаҕын өрүү истэ-билэ сылдьар, сураһан сурунар, бэлиэтэнэр үгэстээх, онтун барытын чөкө мунньан уурунан иһэр…
Кэпсэтэ олордохпутуна тастан, Буолкап Бүөтүр уолу кытта «Молотов» холкуоһуттан, атынан сорукка кэлэ сылдьар Испирдиэн Халаачыкап диэн уол киирэн кэллилэр. Дьиҥинэн Испирдиэннээх уруккута Жданов аатынан холкуос сиригэр-уотугар олороллор, ол эрэн икки холкуос холбоһуохтарыттан «Молотов» холкуос дьоно дэнэр буолан тураллар. Сээкэй сонуну истэн, биһигини кытары кыратык олоро түстүлэр. Мин Испирдиэни элэкис, биирдэ эмит көрөөччүбүн, быстах, аҕыйах тылынан бырахсан эрэ кэпсэппит уолум…
Өксөөн Испирдиэҥҥэ туһаайан:
– Хайа Испирдиэн, Өрүүнэ эмээхсин эрэйдээх хайдаҕый, ама ырата дуо? – диэн ыйытар.
– Оттон сылдьаахтыыр…
– Муҥнаах… – диир Өксөөн уонна куорат дьахтарыгар туһаайан: – Бу, били, үс ини-бии Ньукулаайаптар аҕастарын уола, – диэн билиһиннэрэр.
Уйбаныаба Сөдүөрэ, Испирдиэни көрө-көрө, өрө тыынан ылар:
– Саатар биирдэрэ эргилибэт да буолан, – диир.
Испирдиэн ийэтин сурустара: Ньукулай, Ылдьаа, Дэниис – түөрэ бары сэрии толоонугар «хаалбыт» дьон.
Боломуочунай дьахтар:
– Билигин туох-хайдах олороҕутуй? Убайдаргыттан барыларыттан «хара сурук» кэлтэ дуо, сураҕа суох сүппүт баар дуо? – диэн уолтан ыйытар. Испирдиэн сэттэ кылаас үөрэхтээх чобуо уол, сиппит-хоппут улахан киһилии лоп бааччы хоруйдуур: убайдара хаһан, ханна үлэлии сылдьан бэбиэскэ тутан барбыттарын, хас суруйбут суруктарын ис хоһоонугар тиийэ барытын чуолкай өйдүүр, билэр эбит.
Биһиги Ньукулаайаптар олохторун үчүгэйдик билбэппит, атын холкуос дьоно буоллахтара.
Куорат дьахтара сэргээн ыйыталаһарын иһин, Испирдиэн онно хардаран ханна сайылыктанан, кыстыктанан олорбуттарын кытта сиһилии кэпсиир.
– Иккис Тоҕус нэһилиэгин, Жданов аатынан холкуос сиригэр, кэлин онтон Муолатап аатынан холкуос буоллахпыт дии, Хонтой күөлтэн Дьөгүөр билиитинэн Хочот диэн үс түөлбэлээх сүрдээх улахан күөлгэ киириигэ Ортоку Ардьаҕар диэн киэҥ өтөх баар. Урут сайыҥҥы өттүгэр онно сайылаан, кыһынын Аанартан Хочокко түһэр үрэх киириитигэр Тумуллаҕас өтөҕөр кыстаан олорбуттара. Эбэм Өрүүнэ, эһэм Борокуоппай алта оҕону төрөппүттэриттэн үһэ кыыс, үһэ уол… Эһэм сэрии иннинэ, эрдэ өлбүтэ… Эбэм олус иистэнньэҥ, имииһит, быаһыт – ыалга ыҥырыкка сылдьааччы…
Убайдарым бары да үлэһит ахан дьон этилэр. Наар үлэҕэ-хамнаска үтүрүттэрэн дьиэлэригэр-уоттарыгар көстөөччүлэрэ да суохтар, онно эбии мин кыһын оскуолаҕа үөрэнээрибин сайыҥҥы эрэ өттүгэр кинилэрдиин алтыһааччыбын, ону да быстах, кэлэ-бара. Этэргэ дылы «хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт» курдук буолбут дьон этилэр…
Улахан убайым Ньукулай (Кыһыччаан), үүт-маас, тыһыынча тоҕус сүүс сыллааҕы төрүөх, кыра үөрэхтээх: ааҕара, ханнык эмэтик син суруйара. Биир сайын Иккис Тоҕус сэбиэтин бэрэстээтэлин солбуйа эҥин сылдьыбыта. Сүрдээх байанайдаах булчут этэ. Кыһын табанан, тоҕо оччо ыраах тэлэһийэллэрэ эбитэ буолла, ырааҕырҕаабаттара да бэрт эбит ээ, инньэ Дьааҥыга тиийэ баран бултуура. Абаҕата Сэмэн оҕонньор курдук маһы эрэ хаамтарбат олус уус. Ити Балаҕаччыга баар биһиги үөрэнэр оскуолабытын тутуспута. Сай аайы оройуоҥҥа киирэн үлэлээччи. Дьон эрэ барыта, убайым Кыһыччаан хачыма сыарҕаны оҥорорун олус сөҕөн-махтайан көрөөччүлэр… Ити, Хочот эбэ Аанар атаҕын өтөҕө Кыһыччаан өтөҕө диэн ааттанар буолан эрэр. Ампаарыгар уһанар сээкэй мала-сала: адалҕата, арбыйата, чүүччүтэ, күөбүлэ, иэттэрэ билигин да тураллар. Бэрэстээҕин бэйэтэ оҥосторо, киирбит-тахсыбыт дьон, убайым оҥорбут мас бэрэстээҕэ – маһы ытыртарарга хатыҥынан оҥоһуллубут эрэдэһиннээҕин олус сөҕөллөрө.
– Убайыҥ Ньукулай кэргэннээх этэ дуо? – диир куорат дьахтара сэмээр.
– Чыычаайы кыыһын Сэмиэнэбэ Маарыйаны кытта холбоһон олоро сылдьыбыттара.
– Оҕоломмуттара дуу?
– Биир оҕоломмуттара төннүбүтэ, – Испирдиэн сүүһүгэр олорбут бырдаҕы ытыһынан «тэс» гына охсон баран салгыы кэпсиир: – Ньукулай түөрт уон иккигэ, бэс ыйыгар барбыта, сэриигэ. Түөрт уон үскэ, атырдьах ыйыгар өлбүтэ. Кини, түөрт уон икки сыллаахха, сэтинньи сэттис күнүгэр суруйбут элэтэ эрэ соҕотох суруга баар. Онно: «Доруобуйам орто, үөрэххэ баарбын. Табаахта, сиир аспыттан куобах этинэ уонна холкуостан ылан арыыта баһыылкалааҥ…», – диэн суруйбут этэ. Ону таһынан инитин туоһуласпыт уонна сурукпун Барыыһап Сөдүөккэ ааҕан иһитиннэрээриҥ диэн көрдөспүт. Бииргэ аттаммыт дьоммуттан Барыыһаптар уонна Кыргыдайтан икки уол буолан сылдьабыт диэбит этэ…
Иккис убайым Ылдьаа (Ньоочур) алта кылаас үөрэхтээҕэ. Биир сайын сэбиэккэ сэкирэтээрдээбитэ, куоракка киирэн хас да тэрилтэҕэ, араас үлэҕэ үлэлээбитэ. Аарымыйаҕа бэбиэскэ тутан барыан иннинэ оҕо дьиэтигэр суотчуттаабыта. Убайа Ньукулай курдук бултааччы, эмиэ да уһанааччы. Байааҥҥа оонньуура уонна хаартыскаҕа түһэрэрэ. Байаана билигин Кыргыдайга, абаҕалара Сэмэн оҕонньорго турар. Ылдьаа тустан хотторбутун, сырсан киһиттэн куоттарбытын өйдөөбөппүн. Убайым кус быһый, ат бөҕө буолааччы… Доҕор-атас дэлэй, билсии-көрсүү да баһаан аҕай киһитэ этэ, ордук Басхардыырап Лэгэнтэй диэн учуутал уолу кытта ыкса доҕордоспута…
– Ылдьаа хас сыл балыһый, Ньукулайтан? – Сөдүөт, уол кэпсэлин бэркэ сэргээн истэн олорон ыйытар.
– Ылдьаа – уон түөрт сыллааҕы төрүөх… Уон түөрт сыл балыс… Түөрт уон бииргэ, балаҕан ыйыгар барбыта уонна нөҥүө сылыгар, олунньу уон түөрт күнүгэр өлбүтүн туһунан «хара сурук» кэлбитэ. Онно этиллэринэн кинини Курскай уобалас Беленихскэй оройуонугар Шелоково дэриэбинэҕэ харайбыттар… Ылдьаа кинигэ баайдаах киһи этэ, мунньубут кинигэлэрэ элбэҕэ, ол эрээри сороҕун дьон уларса-уларса умуннаран эҥин дьоҕуһаппыттар…
Тыккыр Маарыйа, Испирдиэн саҥатын истэн:
– «Николаев Илья» диэн илии баттааһыннаах биир кинигэ, Мытыйыс Маарыйатыгар баара дии, мин былырыын «ааҕар хоско» сытарын көрөн уларса сылдьыбытым, – диир.
– Ханнык, ким диэн ааттаах кинигэний?
– Панин «Жизнь на льду» диэн отут аҕыс сыллаахха таһаартарбыт диниэбинньик кинигэтэ.
– Ол Ылдьаа киэнэ, киниэхэ ити кинигэ баарын чуолкай билэбин… – дии охсор Испирдиэн, онтон тохтуу түһэн баран, аны кыра убайын туһунан кэпсиир: – Аччыгый уол Дэниис – сүүрбэ үс сыллааҕы. Саҥа эт тутан, модьу-таҕа, киппэ көрүҥнэнэн эрэрэ… Уон аҕыһын туолаат да сонно тута, түөрт уон иккигэ аттаммыта, сыл эрэ курдугунан «хара сурук» кэлбитэ. Харьковскай уобалас Миролюбовка дэриэбинэтигэр көмүллүбүт… Дэниис сэрии хонуутугар сылдьан суруйбут суруктара бааллар. Ордук элбэхтик дьонугар кини суруйбута. Суруйар кумааҕы суох диэн, ол-бу араас сууга эриэ дэхси буочарынан дьэрэлиппит буолара. Сорох суруктара муммут быһыылаахтара. Үһүс суруга кэлбитигэр аахпыппыт «бу сэттиһим» диэбит этэ… Онно, Дьоппуон кыраныыссатын чугаһыттан, «Хоронор» диэн ыстаансыйаттан боруоҥҥа аттанным диэбитэ. Суругун тохтуу-тохтуу, өр буола-буола салгыы эбэн суруйар быһыылааҕа… Ыалдьан Салатуев диэн куоракка хаалбытын, моонньо испитин түөрт сиринэн хайыппыттара билигин үчүгэй буолан эрэрин ахтыбыта… Хас суругун аайы: «Гармошкабын уонна саабын адьас ханна да гынымаҥ…», – диэн көрдөспүт буолара… Убайдарым барахсаттар… ити курдук күөгэйэр күннэригэр сылдьан бары өлөөхтөөн хаалаахтаатылар…
– Дьэ алдьархай… Борокуоппайдаах Өрүүнэ эмээхсин уолаттара үһүөн суорума суолланнахтара ол, оо саатар биирдэрэ эмит эргиллэн кэлбэт да буолан, саатар киһи да сэмнэҕэ буолан, – Сөдүөрэ уол кэпсээнин истэн харааста быһыытыйар.
– Этимэ даҕаны, – диир Тыккыр Маарыйа. – Аҕалара Борокуоппай оҕонньор эрдэ өлөн, ити айылаах алдьархайы истибэккэ бараахтаатаҕа, ордук ыарахана тыыннаах хаалааччыга, Өрүүнэ эмээхсин сордооххо тигистэҕэ.
– Ыарахан… – Өксөөн өрө тыынан ылар, остуолугар сытар баачахай курдук суруктаах кумааҕы муннуга бүк барбытын көннөрө-көннөрө симиктик саҥарар.
Боломуочунай дьахтар көхсүн этитэн баран:
– Оттон, эмээхсин кыргыттара хайдах олороллор, этэҥҥэлэр дуо? – диэн ыйытар.
Уол хоруйдуон иннинэ Өксөөн:
– Ээ, кыргыттар ыал дьон, оҕолонон-урууланан ырааттылар, бэҕэһээҥҥэ диэри сии-кырбас сылдьыбыт ыамайдар хайыы-сахха улаатан олордохторо бу дии, – дии-дии сэҥийэтин мылах гынан Испирдиэни ыйар…
Сотору, аны бэҕэһээ Сөдүөрэни кытары кэлбит Сэмиэнэбэ Харытыана, күн сарсыҥҥыттан ыанньыксыттыы барарын кэпсэтээри киирэн кэлэн, аны кини үрдүгэр түһэн, сээкэйи үрүт-үөһэ ыйыталаһан, эмиэ күө-дьаа баллыгыраспытынан барабыт.
* * *
– Тукаам, Аана… – эбэм таҕаан үөһэ турар, аһа буһан болдугуруур хомноох хобордооҕун ытарчаннан эргитэн биэрэр, – Тыккаайыҥ атын сөрүөтүн илдьэн биэрээр эрэ. Оҕонньор күн солото суох быһыылаах, арааһата, – диэн миигин соруйар…
Бырдах, биир кэм, үөһэттэн ойдон түспүт хара былыттыы устар. Халлаан барбатах балык миининии саҕахтары холбооттообут кэлимсэ былыттаах, ип-ичигэс иһирик самыыр түһэ-түһэ астар: ардыгар күөл уҥуоргута көстүбэт буола тунаҕыран кэлэр, онтон ээр-сэмээр хат дьэҥкэрэн, бары-барыта ордук ырааһырбыкка, дьэгдьийбиккэ дылы сырдыы, сэргэхсийэ түһэр… Сүүйэн ылбыттыы дьэп-дьэҥкир чэбдик салгыны көбдөҕүҥ муҥунан толору тыыннаххына, мэктиэтигэр, мэйииҥ эргийэргэ дылы… Эбээ эмээхсин этэринии, бу аата – илгэ, уйгу, быйаҥ ардаҕа түһэр…
Иэппэт ынах курдук ылбат-биэрбэт ыккардынан сылаас ардах түспүтэ хас да хонно. Кырдьыга да, от-мас бу кэми эрэ күүтэн, кэтэһэн турбуттуу эбии ситэн-хотон, мэктиэтигэр, туох да омуна суох, хамсыы-хамсыы силигилии сириэдийэн тыллан таҕыста. Бэл оҕолор үлтү тэпсибит тэлгэһэлэрин иһэ: хаас кэйиҥэтинэн, ымыйаҕынан, таҥара кийиитинэн, чуораан отунан, күрдьүгэс күрүөтүнэн ситэри симэннэ.
Өтөхпүт тумустаан киирбит хатыҥ чараҥын анна түөрэтэ, инньэ күөл кутатыгар диэри, баҕа батаһын күөх чэчигинэн киэркэйдэ.
Дөрүн-дөрүн сөп-сөрүүн сиккиэр тыал эбэ диэкиттэн үрэн сирилэттэҕинэ, күөл кэриитигэр суораты ыһан кэбиспиккэ дылы хойуутук үүммүт үрүҥ сибэккилээх сугун абаҕатын хабархай сыта сайа охсор… Ийэ айылҕа күрүс ардахха илийэн, көөнньөн сүмэһиннэммит минньигэс дыргыл сытынан тунуйан, сири-дойдуну түөрэтин сабардаан кэбиспит; туох барыта дьэгдьийбит, суунан-тараанан ырааһырбыт, сэргэхсийбит…
Ардах түһэр диэн чыычаахтар ырыалара-тойуктара астыбатах, хата ордук эбии тэбиэһирэн араастаан дьирилэспиккэ-дьүрүлэспиккэ, чубугураспыкка-чыбыгыраспыкка дылылар…
Маҥаас сылгы чыычааҕа тэмэлдьигэни туора ытыран баран, боотулу бүтэй тоһоҕотугар олорон бэрт сэргэхтик тула-мала көрүөлэнэ-көрүөлэнэ уһун кутуругун тэйбэҥнэтэр, онтон эмискэ олорбут сириттэн сүр чэпчэкитик тэбинэн кээһээт, кынаттарын кумуччу туттан салгыҥҥа уйдаран өрө эгдэс гына-гына, холкуос биэлэрэ хааллан турар далларын иһигэр турар моойторук олуктаах ампаар чарапчытыгар чөкөс гына олоро түһэр уонна сонно тута, «аны ким эмит көрүө» диэбиттии, чуолҕан устун искэ киирэн хаалар. Кини эмиэ тыынар тыыннаах, тэбэр сүрэхтээх буолан, хайыы-сахха тэспит оҕолорун аһатаары күн солото суох сүпсүгүрэр, көтөр-дайар…
Сайын кэлэн ырааппытын да иһин, тыа иһигэр, ханна эрэ күөл үрэҕин ээйигэр лоокуут чөкчөҥө: «Чуу-йуут, чуу-йуут, чуу-йуут…», – диирэ иһиллэр, аны аныаха диэри сааскы омуннаах, сэргэх саҥатын тохтоппотох…
Хайа эрэ тыҥырахтаах көтөртөн оҕолорун харыһыйан, Айдаҥ көлүйэтин кутаҥныы сытар кутатын үрдүнэн хас да кураҕаччы, саҥа-иҥэ бөҕөтө буола-буола, илигирэйэ көтөллөр.
Төһө да сиик курдук тунааран, салгын оонньоотоҕун аайы араастаан иэҕэҥнээн-куоҕаҥнаан биллэр-биллибэт иһирик самыыр түһэ турдар, үөһэ, үрдүк мэҥэ халлааҥҥа күөрэгэй саҥата үчүгэйкээн аҕайдык дьурулуура иһиллэр… Мин иһиттэхпинэ биир сиргэ тэлибирэйэ туран туойар… «Ити ханна ыллыыр…» диэн өрө хантайан көрө сатыыбын да көстүбэт… Биир кэм тохтоло суох дьирилиир, дьурулуур… Араас дьэрэкээн чэчигинэн симэммит чыыбаайы оттоох хонуу ортотугар туран, сүнньүм көһүйүөр диэри таба көрө сатыыбын да, күөрэгэй хараҕым далыгар киирэн көстүөх эрэ быһыыта суох. Саҥата эрэ иһиллэр. Биир кэм дьирилиир да дьирилиир, дьурулуур да дьурулуур…
Айдаҥ өтөҕүн иччитэ буолбут кырдьаҕас суор Куорсуна Суох доҕорун кытта, саҥа тэтимирэн, сатамньыта суохтук сарапаайдана көтөн эрэр оҕолорунуун мэлииһэ ампаарын үрдүгэр кэчигирэспиттэр. Куорсуна Суох – кэннэ уһаабыт, иннэ кылгаабыт сорсуйан эрэр көтөр эрэйдээх илбиргэстэнэн-салбырҕастанан түһэн ала бэлиэ. Ол эрэн билигин да кини аҕай буолан киэмсийбиттии, кырыылаах түөһүн мөтөтөн, сарымтыбыт кынаттарын даллах-даллах гыннаран ууннары тарда-тарда, ардахха илийбит өҥүн-түүтүн оҥостуммахтыыр, онтута үүт-үкчү, саҥа көччөх гынан көтүппүт оҕолоругар, арааһы бары ыйан-кэрдэн көрдөрө-көрдөрө сүбэлии-амалыы, тамахтарыгар силлии, уһуйа, такайа олорор аҕа баһылыкка майгынныыр. Оҕолоро ол аайы барытыгар, өс хоту сөбүлэһэн, самыырга сиигирэн ньыкыйбыт төбөлөрүн хоҥкуҥнатан сөбүлэһэргэ дылылар…
Арыылаах эбэ барахсан сааскы халаан уутуттан эбии нэлэйэн-хотойон киэлитинэн томтойо туолан, төрүү-ууһуу сытар араас көтөрүн-сүүрэрин киччим хонноҕор-быттыгар кистээн, саһыаран – алтан күөскэ кыынньыбыт үүт үрүмэтинии тунаҕыран көстөр, биллэр-биллибэт эриэ дэхси эрэһэлэрин ирбинньиктэтэ оонньотон, улаҕата биллибэт үрдүк мэҥэ халлааны киэҥ ньууругар күлүк түһэрэн лүҥкүрдэн уратытык дьоһумсуйбукка дылы.
Эбэ тиит арыытын кытылыгар үүммүт хатыҥнар умнастара, сөтүөлүү киирэн иһэр кыргыттар сотолорунуу кылбаһаллар, кинилэр үрдүлэринэн кырылас кырдалга, үйэ-саас тухары үүммүт баараҕадыйбыт аарыма тииттэр, өлгөм лабаалаах хойуу күөх мутукчалара, көҕөрө сатаан баран, мэктиэтигэр хараара ыаһыран көстөллөр…
Ардаҕы ардах диэбэккэ эбэ үөһүгэр икки тыылаах киһи утарыта көрсөн тугу эрэ кэпсэтэн тохтоон олороллор. Улахан дьонноро тута биллэр, оҕолор буолбатахтар, арааһата, илим тарда киирэ сылдьаллар быһыылаах… Аны биир тыылаах киһи күөл арыытын кытылыгар үүммүт талахтар быыстарыттан тахсан, били, икки киһини көрдө көрбүтүнэн устар…
Оол курдук Арыылаах эбэбит Айдаҥ көлүйэтигэр түһэр үрэҕин күргэтиттэн дьахталлар ыаҕаска толору уу баһан, оргуһуохтарыгар иилэн, үүт-үкчү бэски курдук биэтэҥнэтэн, атахтарын түргэн-түргэнник илигирэтэ ылбахтаан тахсан иһэллэр. Кэлин иһэр дьахтар кэнниттэн обургу соҕус кыыс лыглыйа ыаҕаһы тутан, кыҥначчы туттан, хаалбатарбын ханнык диэбиттии саппай уопсар…
Үрэх уҥуор икки атыыр үөрэ бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи соҕус мэччийэллэр. Бырдахтанан хойуу кутуруктара биир кэм үргэҥнээн олорор, атахтарын такытан хаһыйбахтаналлар. Үөрдэр биэлэрэ үксүлэрэ кулунчук батыһыннарыылаахтар. Ньыраҥнаан ийэлэрин ойоҕолуу көтө сылдьар кулуннар ситэ илик будьурхай кутуруктарынан тохтоло суох дэйбиирдэнэллэр.
Мин бэйэм холкуоһум атыырдарын дьүһүннэринэн көрөммүн барыларын эндэппэккэ билэбин. Бэл хас биирдии үөр биэлэрин кытта арааран билэр буолан эрэбин. Далга хаалыннахтарына: «Бу – ол атыыр биэтэ, ити – били атыыр киэнэ…», – дэһэн оҕолор мөккүһүү бөҕөтө. Ардыгар хайа-хайабыт, дэлэ дьон буолуохпут дуо, иннибитин ылсыбакка сакалааттаһыыга кытта тиийэбит. Онтубут сүүйүүтэ, биһиэнэ: ытыс моонньоҕон, быһыы лэппиэскэ, эмиэ да алаадьы, сороҕор үчэһэлээх мунду, кус бөтүөнэ.
Ити, үрэх уҥуор аһыы сылдьар Буугунай диэн, тоҕус биэлээх атыыр – мииниллэр атыыр, өссө сыарҕаланар, бэрт сымнаҕас быһыылаах. Биэлэриттэн көҥөнөн иирбиттии уйуһуйан, үөрүн кытта сүүрэ-көтө, хойуу сиэлин ыһыллаҥната-ыһыллаҥната, сабырыччы үүнэн түспүт көҕүлүн быыһынан атын аҕай өһүөннээҕинэн көрө-көрө, таныытын тыаһатан тарылата, хаһыҥырыы сырыттаҕына – «ама бу илэ абааһыны туох киһитэ иннин ылан мииниэй» диэх курдук. Ол бэйэтин киһи тутан быалаат, амаҕаччылаат да тааҕы-таах бэл сыбыдахтыы миинэн кээһэр сүөһүтэ. Буугунай – чыыкыр тураҕас өҥнөөх, сүүһүн хаба ортотугар, түөрт кырыы моһуоннаах сыттык туоһахталаах, онтон сиэттэрэн Буугунай диэн ааттаммыт…
Кырдал устун хааман иһэн халлаан диэки хантайдахпына ибиир самыыр сирэйбин кычыгылатар. Төһө да биллэр-биллибэт, ээр-сэмээр уоран түстэр сотору сирэйим сиигирэн барар, ону ытыспынан ньухханан кээһэбин.
Түү сөрүөбүн кыбынан, ынах этэрбэстэрбинэн чэчик быыһынан сэрэнэ үктэнэн дэгэйэ-дэгэйэ, иһирэх санаа иэйэ киирэн, үгэспинэн, төбөбөр туох көтөн түспүтүнэн, ботугураан, илгэ ардаҕы хоһуйабын:
…Самаан сайын бэлиэтэ
Самыыр түһэн саккырыыр,
Уйгу-быйаҥ туоһута
Ардах түһэн сиккийэр…
Хордоҕойдор, кырдаллар
Кууран турбут отторо
Илгэ, сүмэ ууларын
Тото-хана истилэр,
Алаас, сыһыы сирдэрбит
Ача күөхтүүр отторо
Өлбөт мэҥэ ууларын
Өйөөн ылан сэмээркээн
Иҥэринэн кээстилэр…
Өтөх ото өрө үттэ,
Хонуу ото хонос гынна,
Сыһыы ото ситэн сириэдийдэ…
Эбэ уута элбээтэ,
Үрэх уута үксээтэ,
Көлүйэ уута көҥүс охсунна,
Көрдүгэн уута дьэ көптө…
Хотоол сирдэр хоноччу туоллулар,
Аҥхалаат сирдэр аһары бардылар,
Тааска сирдэр таһынан дьалкыйдылар…
Уһун кэмнээх улуу ардах
Күнүстэри-түүннэри
Күүһүрэн кэлэ-кэлэ,
Күлэ-үөрэ
Курулата турбута…
Ити курдук хоһуйан бүтээппин кытта, самыырым «дьэ оччоҕо бу баар» диэбиттии эмискэ күүһүрэн кэллэ. Ыллык суол оҥхой, аҥхалаат сирдэригэр онон-манан чалбахтар тахсыталаабыттарыгар бөдөҥ таммахтар курулуу, тобулу түһэннэр, сырдьыгыныы көөнньүбүт сылгы кымыһын муос ытыгынан ытыйдахха өрө үллэн тахсарыныы, хабах бөҕөтө быдьыгыраан тахса-тахса, кэлиэх-барыах сирдэрин билбэтэхтии, төттөрү-таары уһуннулар. Биир хабах тэһиннэҕинэ, ол оннугар атын хабах дьэргэс гына түһэр…
Эмискэ күүһүрбүт самыыртан хаххаланан, кыбынан испит түү сөрүөбүн тэнитэн икки илиибинэн төбөм үөһэ туттан, тиэтэйэ-саарайа, Тыккаай Ньукулайдаах тэлгэһэлэригэр кэлэн, бүтэй аанын сүрдьүгэһин быыһынан сылыпычыс гынан искэ киирдим. Эргэ ампаар дьиэ маҥаас ынах тириитэ бүрүөһүннээх халҕанын эрчимнээхтик аһа баттаан, ардахтан куотан иһирдьэ биирдэ баар буола түстүм…
Ньукулай суох, кэргэнэ Аана чанчыктара, бэлэһэ тоороммут сирэй оһоҕор хардаҕас быраҕан эбэ турар. Сибилигин оргуйбут алтан чаанньык состуок кытыытыгар тардыллан тумсуттан хойуу чаан бургучуйар. Атырыа соҕустук үөлүллүбүт хас да үчэһэ мунду состуок буоругар кыҥнары анньыллан буһа тураллар… Дьиэ иһэ быр бааччы, сып-сылаас, кубус-кураанах…
Чукчакыын көстүбэт, уончалаах «куһаҕан» уол Суубуй эрэйдээх дьиэ уҥа өттүгэр, кур ынах тириитин үөһэ, эргэрэн, элэйэн муостара-туйахтара мултуйбут талах ынахтарынан оонньуу олорон, тастан киһи киирбитин көрөн, сэҥээрдэҕим ырата буолан, онон-манан ойдом-сойдом сатамньыта суохтук дьирики уорҕатыныы эриэннэнэ кырыллыбыт баттахтаах төбөтүн салҕаластыы-салҕаластыы эргитэн, тарбахтарын төбөтүн атырыа тиистэрдээх айаҕын иһигэр уган сыҥааҕын тарда-тарда: «Аа-уу… аа-уу… аа-уу…», – диэн саҥа саҥаран муҥнанар уонна дьүһүнүгэр холооно суохтук, атын аҕай сэргэхтик күлэр…
Ыаллар кыралара, сирэйин сибилигин тоҕо баран ытыах киһилии ап-аһыытык туттубут, атах сыгынньах, биэстээх Маайа кыыс убайа Суубуй муҥнаах ыксатыгар талах олоппос үөһэ ыттан туран, дьиэҕэ киирэн баран хааттаран, сырдык эрэ диэн таска тахса сатаан, туоска үүйүллүбүт таас эмтэкэлэрэ түннүккэ сарыкынаһар лыахтары тута сатыыр… Халҕан тыаһа лип гыммытыгар эргиллэн, улахан киһилии оттомноох харахтарынан эмиэ миигин одуулаһар…
Мин, Тыккаайдарга, туох эмит сорукка, илдьиккэ, эбэтэр бэйэм көннөрү да сылдьарбар, эрдэттэн санаабын бөҕөргөтүнэн баран биирдэ эрэ кэлэбин. Итэҕэс-быһаҕас айыллан төрөөбүт оҕолору көрдөхпүнэ, кинилэри аһынарым бэрдиттэн, уйадыйан хайдах да буолуохпун булбаппын. Оҕолор барахсаттар бэйэлэрэ да, киһи эрэ аһына көрүөх сирэйдээхтэр-харахтаахтар. Кинилэр – ааттаһа, эрэнэ көрбүт ып-ыраас сырдык харахтарын, киһи хайдах да уһуннук утары одуулаһыа суох курдук…
Эбэм, мин кинилэргэ иитиллэ кэлиэм иннинэ өлбүт кыыһын Сөдүөччүйэ эрэйдээҕи, уу кыһыл иринньэх оҕолуу ыарыылаабыта, бүөбэйдээбитэ эбитэ. Баара-суоҕа уон сэттэлээх кыыс сиһин уҥуоҕун сиэтэн, бэрт кылгас кэм иһигэр, киһи билбэт киһитэ буолан, куура хатан хаалбыта үһү. Биирдэ эмит эбээ эмээхсин кыыһын аҕыннаҕына онно даҕатан: «Киһи – ордук куһаҕан оҕотугар ылларар, убанар…», – диэччи. Кырдьыга да оннук, өй-санаа, эбэтэр эт-хаан өттүнэн итэҕэс айыллан күн сирин көрбүтү – кимнээҕэр да ордук аһына, уйадыйа көрөҕүн: кыаҕыҥ тиийэринэн, күүһүҥ баарынан киниэхэ көмөлөһө сатыаххын баҕараҕын…
Тыккаайдаах Аана кыыстара Маайа, кэбис, убайдарын курдук буолбатах, өйө-санаата чоҥ курдук. Арай, өссө да ситэ илик кыра киһи буолан уонна наар убайдарын кытта биир дьиэ иһиттэн тахсыбакка алтыһарыттан, арыт-арыт «түҥ-таҥ» тыллаһар…
– Оо, аны Аанабыт тиийэн кэллэ, – Тыккаай кэргэнэ үөрэн саҥа аллайа түстэ. – Хайа, сөрүөҕүтүн бүтэрбиккит дуу, били киһи букатын солото суох, чэҥкир туохха эмит соруйан иһэллэр, инньэ баарыын сарсыарда барбытынан, өтөр кэлиэм диэбитэ да, биллибэтэ.
– Ханна барбытай?
– Ээ, били, Тартаайа хара сүптүр, сирэйэ уула сытыйыах, аны аныаха диэри саатар атын да сатаан бэрийбэт. Оҕонньортон ат уларсан мииннэҕим буолан баран, өртүккэ ыытарыгар холуоккатын кыайан кэтэрдибэтэх… Ата устан баран, бүтэйин көтөн, ити Мундулуҥдаҕа барар аан үөһээ сүрдьүгэһин тосту түһэн куотан хаалбыт.
– Па… Төлөнү уларса сырыттаҕа дии? – мин тута, хайа атын сэрэйэ охсобун.
– Ол-ол сүөһү, туома кыната эрэ суох быһыылаах. Мин ити оҕонньорго этэ, ньаҥсыйа сатыыбын ээ, ат итэйэн ити айылаах күрүөһүт сылгыны миҥэ оҥостоҕут дуо диэн. Сайын көлүммэккэ уотан баран, күһүн туттан кээһиэ этилэр буо. Саас аайы сылгы айааһаан айгыстан, ачыаһыран ахан биэрэллэр. Мин көрдөхпүнэ соноҕос саастаах сылгылара барыта мииниллэр быыһыылаах, – Тыккаай кэргэнэ Аана сылгыһыттары мөҕүттэр.
Күрүөһүт сылгы да, ынах да сүөһү туһугар бадьыыс. Букатын илиилээх курдук хайдахтаах да сүрдьүгэһи муоһунан толкуйан, аһан киирэр сүөһү баар буолар. Муоһун үүттэн мас баайан эрэ тохтото түһүөххэ сөп. Аны толкуйар сүөһүнү доҕотторо, аһыы үөрэнэннэр, батыһа сылдьар үгэстээхтэр.
Дьыксаах Апанаас айааһаабыт ата Төлөн, сүрдээх уһуу, күрүөһүт сылгы. Арыт ардыгар, бэл адаҕалаах сылдьан бүтэйтэн иҥнибэт. Кини обургу, ханан эмит намыһах, кэбирэх сири булан тоҕо көтөн дуу, ыстанан дуу тахсыбыта эрэ баар буолар.
– Чукчакыын?..
– Чукчакыын таһаараа ыалга тахсыбыта…
– Сүөһүлэриҥ ыамнарыгар бэйэлэрэ кэлэллэр ини?..
– Кэлэн. Улаханым соҕуо буола сылдьан баран үчүгэй буолла. Этэҥэллэр.
Маайа хаҥас илиитигэр «аны көтөн хаалыа» диэбиттии ыксары туппут, өҥө суураллыбыт кынаттардаах долохунаһыт лыаҕын:
– Һуубуй мэ!.. Һуубуй мэ!.. – дии-дии анныгар өрө мыҥаан олорор убайыгар уунар… Суубуй муҥнаах маҥнай утаа харахтарын тэһии табалыы сүрдээхтик кэҥэтэн, дьаадьайбыт талах олоппос үөһэ турар балтын, саҥа көрбүт киһилии, дьиксиммиттии кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы одуулаһар, уоһун ханньатан, уҥа дьабадьытынан сыраана санньылыйа-санньылыйа салҕаластыыр, онтон кыыс киниэхэ уунан турар лыаҕын дьэ таба көрөн, бэркэ сэрэнэн кымаахтаан ылар уонна иччилээх аҕайдык, киһи этин-сааһын хаба ортотунан киириэхтик күлэн саһыгырыыр…
Маайа ытыстарын бэйэ-бэйэлэригэр «тас-тас» охсо-охсо убайын үтүктэн күлэн чачыгырыыр…
Суубуй күлэн санна титирэстии олорон эмискэ, ким эрэ тэһэ аспытыныы кэдэс гынаат, ньим баран, тохтоон хаалар, биир сири тобулу одуулаан таалар, онтон ис-иһиттэн эҥсэн аны ытаан сыналыйар, сыҥыргыыр. Маайа барахсан, били, субу аҕай Орто дойдуга муҥутуур дьоллоох киһи кини эрэ буолан өрө ыстана-ыстана күлэ-үөрэ турбут дьүһүнэ сүтэн, бөтө-бөтө ыҥырҕаан ытыы олороохтуур убайын «бу туох буоллуҥ» диэбиттии саҥата суох санньыччы туттан, алын уоһун мэрбэтэн, ыһыллыбыт сүүмэх баттахтара тириппит сүүһүгэр сыстан, умса көрөн кыҥналлан тураахтыыр… Кини убайа Суубуй курдук саҥа таһааран ытаабат эрээри, икки иэдэһин устун ып-ыраас таммахтар тиэтэйбиттии сүүрэннэр сыгынньах, хатырбыт атаҕын үөһэ таммалыыллар… Маайалаах Суубуй дьоллоро уонна сордоро аргыстаһа сылдьаллар…
– …Маайа ытаама… Маайа ытаама, кэбис… Көрүүй бу… – мин оҕолор ытаһалларын туохтааҕар да ордук сөбүлээбэппин, аралдьыта, уоскута сатааммын, кыбынан киирбит түү сөрүөбүн муостаҕа тэлгэтээт, ол үөһэ тобуктуу түһээт, бастыҥалыы бааммыт, сир симэҕэ ойуулаах сиидэс былааппын сүөрэн, үөрүйэх ахан киһи быһыытынан, араастаан эрийэ тутан, Маайаҕа анаан өрбөх кыыс оҥорбутунан барабын…
Маайа ытаан уурайар, өрбөх оҕо ситэн-хотон тахсарын көрөн тойтоллон турар. Кирдээх иэдэстэрин устун хараҕын уута сүүрэн дьурааланан хаалбытын ытыһым тилэҕинэн сотон биэрэбин. Суубуй биһиэхэ отой да кыһаллыбат, балта биэрбит долохунаһыт лыаҕын сэрэнэн, кынаттарын төбөтүттэн чөрү-чөкөччү тутан, олбох гыммыт хаппыт, кур ынах тириитин ыксатыгар уурар уонна тирии биир сиринэн сытыы быһаҕынан сиирэ анньыллыбыт дьөлөҕөһө баарын сөмүйэтинэн хаһа-хаһа, туох да саҥата суох таалан олорор… Сэмээр хараҕын уутун сотоору гынарбын сөбүлээбэт, бэгэччэкпиттэн тутан киэр анньан кээһэр…
Дьиэ иһэ эмискэ оҕолор ытаһыыларынан аймана түспүтэ, ол курдук эмиэ эмискэ тохтоон нам барар, арай, күөх истээх сахсырҕалар туос түннүккэ сааҕынаһаллара уонна маһа эбиллибит сирэй оһох уота-күөһэ эмискэ-эмискэ күөдьүйэн бачыгырыыра иһиллэр…
Тыккаай кэргэнэ тастан, кыра солуурчахха мунду киллэрэн эбии үөлэр. Аана бииргэ төрөөбүттэрэ Буолкаптар өй-төй өттүнэн дьон-дьон курдук дьон. Кытта төрөөбүттэриттэн арай дьэ, бу Аана эрэ эрэйдээх бэрт дьикти айылгылаах айыллыбыт. Аана – дьүһүнэ-бодото сэргэх, тыла-өһө да киһи сиэринэн эрээри – арыт-арыт, үөйбэтэх-ахтыбатах курдук түҥ-таҥ тыллаһан барар үгэстээх, кими да кытары айах атан кэпсэппэт-ипсэппэт буолан хаалар күннэрдээх, түгэннэрдээх. Ордук – саас, күн сырама күүһүрэн, ылааҥы күннэр сатыылыылларын саҕана – Аана «ыарыыта» бэргиир. Хайдах, туох ыалдьарын кимиэхэ да кэпсээбэт, тууйуллубут санаатын – оноотун үллэстэн сэргэхсийэр, дьэгдьийэр диэни билбэт. Ыалдьыбыт кэмигэр, үксүн, «балыктааҕар кэлэҕэй, сымыыттааҕар бүтэй» ньимиликээн сылдьар, эбэтэр ханна эрэ баран сүтэн баран кэлэр… Арааһата, тыаҕа тахсан айылҕатын кытта аһыллан алтыстаҕына эрэ сэргэхсийэр быһыылаах…
Оҕолор эттэрэ онон-манан кулахы сиэбит ымынаҕа. Кыһыйдаҕына тэһэ тарбаан бааһырдан кээһэллэр. Кулакыга эбии өссө ыстаҥалыы сылдьар кып-кыһыл өҥнөөх былахы баара сордуур. Кыһын, табысхаан суорҕаны «үөнүн-көйүүрүн» тоҥороору таска таһааран хаар үөһэ бырахтахтарына, суорҕан түүтүн төбөтө кып-кыһыл буолар. Тоҥноҕуна былахы түү төбөтүгэр тахсар үгэстээх, ону тэбээн тоҥорон кээһэллэр.
Кулахы аһара элбээтэҕинэ түүн киһини сүгүн утуппат. Дьиэ үөнэ сутуйан үөскээтэҕинэ бэл «кулахы ойууна» диэн баар буолар. Эркин маһын хайа ыстаммыт быыһыгыр, биир кэм, чаһы тыаһын курдук тыһыргыы олорор. Ону киһи хайдах да көрдөөн булбат. Киэһэ уу чуумпуга «кулахы ойууна» «тыс-тыс» тыһыргаан бардаҕына: «Ойууннара дүҥүрүн охсон барда…», – дэһии буолар. Оҕолор тыаһынан сирдэтэн, дьаныһан туран көрдүү сатааччылар да, букатын булааччылара суох. Ыаллар кулахыны уонна былахыны – сэппэрээги уматан ол буруотунан ыыһаан эмтииллэр. Сиргэ-уокка сырыттахха – от кулахыта, эбэтэр, сорохтор ааттыылларынан, сир кулахыта диэн баар. Ону тутан аҕалан дьиэҕэ ыыттахха – дьиэ кулахытын түөрэтин сиэн кээһэр үһү дииллэр. Биһиги оттуу эбэтэр атын да үлэҕэ сылдьан, дьиэ киэниттэн эрэ арыый обургу, ньиччи туттахха үүт-үкчү кулахы кулахынан, бэрт куһаҕан дьаар сыттаах үөнү дэҥ түбэһэ көрөн тутааччыбыт. Сээкэйгэ суулаан уган аҕалан кулахы олуһун үөскээбит ыалыгар эркиҥҥэ ыытааччыбыт да, тоҕо эрэ, аҕыйыах быһыыта биллибэтэ…
Таска, күүһүрэн кэлбит самыыр дохсуннук курулатар тыаһа иһиллэр. Түннүк тааһа биир кэм тунаара дьэргэлдьийэр. Сирэй оһох ураатынан ардах түһэн – эһэкээн сырдьыгыныы тыаһыыр.
– Бэй да… тоҕо сүрэй бу ардах… – Тыккаай кэргэнэ мунду үөлэ олорон саҥа аллайар. Бөдөҥ таммахтар ип-итиинэн илгийэ турар оһох ураатыгар охсулла-охсулла, состуок көпсөркөй күлүгэр кэлэн түһэн «чуп-чуп-чуп…» тыаһыыллар… Эһэкээн төлөнө күүһүттэн, ардах төһө да дохсунун иһин, халлаантан түһэр ууну түөрэтин үргүлдьү аһарбат, уҥа-хаҥас ытыйа охсон иһэр.
Үөрүйэх тарбахтар өр гымматтар: сиидэс былааттан өрбөх кыыс оҥоһулла охсор. Кыыс сирэйэ – кураанах испиискэ хаата. Кыыһы бөрдүү курдаан баран, туруору туттахха бэрт көрсүөтүк, улгумнук, санаа хоту дьороллон турар.
– Мэ Маайа, манан оонньоо…
Маайа саҥа кыыһы ылан эргим-ургум тутан убахтаан көрөр, буспут моонньоҕон курдук харалаах харахтара үөрэн кылахачыйаллар, эмискэ төлө биэрэн кэһиэхтээх куолаһынан күлэн чачыгырыыр, астынар ахан, онтон суулуу туппут сутуругун ытыс өттүнэн эргитэн миэхэ уунар, сыыйа тардыы кыракый хаастарын түрдэһиннэрэн, сирэйин ооккотун оттомурдан, аһыы баҕайытык туттар:
– Аана… Аана… – диэн үрүт-үөһэ саҥарар, сэмээр тарбахтарын босхо ыытан кып-кыра ытыһын иһигэр таалбыт дьэрэкээн мандар ойуулаах таҥара лыаҕын көрдөрөр.
– Уу, чээ да ойуулаах эбит, эчи астыгын, – таҥара лыаҕа төһө да кыра кыыс тириппит ытыһыгар өҥө суураллыбытын иһин, кэрэ көстүүтүн син биир сүтэрбэтэх, аҥаардас кынаттарын уһуу үүммүт эминньэхтэрэ да киһи болҕомтотун тардаллар.
Суубуй санна титирэстии-титирэстии ытаан эппэҥнээбитэ тохтоон, ис-иһиттэн эҥсэн өрө тыынан сыҥсыйан, уоскуйан баран, кур тирии олбоҕун үөһэ баллаччы олорон, талах сүөһүлэрин харсыһыннаран эмиэ салгыы оонньуур, саарыыр; ситиигэ тиһиллибит, бүттэтэ суох көмүллэммит сап чоҥочохторун моонньугар кэппитин салҕаластыы-салҕаластыы устан ылан ыксатыгар сарк гына быраҕар уонна ахтатын анныгар мунньубут сыаҕайдарынан балаҕан муннугун эпчиргэлиир. Оҕустар мэлдьи хатыһан туран харсыһар харамайдар быһыылаах – муостара мултуйан, төрдүлэринэн тостон мэлигирдэр. Ынахтар да дьаныһан силиктэһэллэринэн сүгүннээбэтэх сүөһүлэрэ тута биллэр – түөрэ хомуолайдар.
– Били киһи ардахха баттатта, аат ата тахсан баран, – Тыккаай ойоҕо си-дьүгээр олоруохтааҕар саҥарар.
– Баҕар ардах астарын, харыырын күүтэн хайа эмит ыалга киирээ олороро буолуо, самыыр ээр-сэмээр иһириктээн түһэ туран бу билигин эрэ күүһүрдэ ээ. Хата, атын тутта ини, – диэн амыдайбын Аананы кытта сээкэйи баллыгыраһабын…
Бу олордохпутуна, уҥа диэки, күн сырдыгар сардаҥаран көстөр быыс кэннигэр, биллэрик орон күөдэл-таһаа буолбут таҥаһа хамсаан кэллэ, киһи утуйа сытан уһугунна, ууку-саакы буолан мөхсүмэхтээтэ, киэҥ аҕайдык сыҥааҕырдан айгыһынна.
– Оо бу сордоох дьэ хараҕын көрдө, – Тыккаай ойоҕо, уот инниттэн хаҥас диэки остуолугар кэлэн, саҥа кээспит, хараара барбыт хоп-хойуу чэрии чэйин тимир куруускаҕа кутар, сыалаах үүтүнэн тумалыыр.
Мин ыаллар иккис уолларын Дьөрөллөөнү отой да умнан олорбуппун. Ити быыс кэннигэр күн ортото уһуктааччы – уон үһүгэр сылдьар Дьөрөллөөн урааҥхай эбит. Дьөрөллөөн муҥнаах өйүнэн отой мөлтөх. Арҕахтаах эһэ курдук уһун кыһыны быһа балаҕаныгар бүгэн баран, саас таһырдьа лаппа сылаардаҕына, сылыйдаҕына биирдэ тахсар. Тахсан да тэлгэһэтиттэн ырааппат, отунан-маһынан наар ону-маны эпчиргэлиир кэмэлдьилээх. Ардыгар ийэтин кытта үрэх күргэтигэр тиийэн таҥас сууйар кыргыттар, дьахталлар ыксаларыгар олорон, ахсымнык дьэргэһийэ устар сүүрүктээх ууну салгыбакка одуулаан аралдьыйар; сыгынньах атахтарын үрэх сөрүүн уутугар уган саатыыр үгэстээх.
Дьөрөллөөн төһө да өйүнэн мөлтөҕүн иһин, иҥэ-дьаҥа суох – киһини-сүөһүнү бадьыыстаабат, дьээбэлэммэт. Дьоһумсуйбукка дылы ардыгар сис туттан чынайан, сирэйин аһыы баҕайытык түрдэтэн, сүр оттомноохтук көрөн-истэн кылахаччыта сылдьар уол. Дьөрөллөөн хаһан да салгыбат, соруттарыыта суох толорор, дьарык оҥостубут биир сүрүн үлэлээх, ол – бурдук тардыыта. Устар уһун күнү супту ээр-сэмээр суорунатын эргитэн кыыкырдатар, лиһигирэтэр-лүһүгүрэтэр. Киһиҥ хата куруппалаппат, ыксаабакка, наллаан мэлийэр, ол олорон наар дьүүлэ-дьаабыта суох тохтообокко ыллыыр саҥнаах. Уол ырыатын истэн уһуннук тааллахха, киһи, хайдах эрэ, ураты уоскулаҥ турукка киирэн нуктаан барар… Хараххын симэн утуйар-утуйбат ыккардынан ыртаччы мичээрдээн олорон, наар Дьөрөллөөн ырыатын истиэххин баҕараҕын. Кини мэлиитин тааһын эргитэ-эргитэ, баһын төргүүлүү кээһэн олорон, ис хоһооно суох муннун анныгар киҥинэйэр ырыата, туох эрэ, тылынан сатаан ситэри хоһуйан этиллибэт ураты сылааһынан угуттуу уоскутар, абылыыр күүстээх… Дьэ эмиэ, туһугар, дьикти…
Били, араастаан сыҥааҕырда, дьааһыйа сыппыт Дьөрөллөөн эмискэ адарай оронуттан ойон тураат быыс кэнниттэн ыстанан таҕыста, ийэттэн төрүү сыбыс-сыгынньах, киһи баар диэн кыбыстыах эрэ быһыыта биллибэт, дьиэлээхтэр куруук көрө үөрэнэн хаалан кыһаллыбаттар быһыылаах. Бэйэбиттэн биир-икки сыл эрэ балыс, өссө уҥуоҕунан миигиннээҕэр улахан, атын киһи эбитэ буоллар ситэн-хотон эриэхтээх сааһыгар сылдьар обургу уол мунду сыгынньаҕыттан, хата, мин кыбыста быһыытыйан, харахтарбын куоттаран умса көрөн, Маарыйаны кытта өрбөх кыыһы хаамтарбыта буолан ыстаҥалатан бадьыыстастым.
– Таҥын, аһаа!.. Ыл, таҥын, аһаа!.. – диэн уол ийэтэ үрүт-үөһэ хатылаан саҥарбытыгар Дьөрөллөөн төттөрү быыһын кэтэҕэр мэлис гынар, онтон оронун үөһэ ыттан баран, ытыһын таһына-таһына, өрө ыстаҥхалыы-ыстаҥхалыы:
– Томтордорго ба-рыа-ыах-ха!..
Бутугунай ньаҥ-ньаҥ-ньаҥ!..
Лэкээрэйгэ ба-рыа-ыах-ха!..
Бутугунай ньаҥ-ньаҥ-ньаҥ!..
Намыынапка ба-рыа-ыах-ха!..
Бутугунай ньаҥ-ньаҥ-ньаҥ!..
Болтуоларга ба-рыа-ыах-ха!..
Бутугунай ньаҥ-ньаҥ-ньаҥ!..
Томтордорго ба-рыа-ыах-ха!..
Бутугунай ньаҥ-ньаҥ-ньаҥ!.. —
диэн ыллаан ыыра барбыта соҕотох.
– Оо, бу хара сордоох эмиэ киирэрэ киирэн эрэр, туох ааттааҕы түүйдэ! – Дьөрөллөөн ийэтэ уолун ырыатын дуомун истэн саҥа аллайар. Суубуйдаах Маайа убайдарын ырыатыгар кумаардаан да көрбөттөр. Дьөрөллөөн хайа «тойугар» үөрэнэн да хааллахтара, оонньообуттарын курдук оонньуу олороллор…
Тыккаайдаах Аана оҕолоро барахсаттар, дьэ бу курдук «түҥ-таҥ» түһэн бииртэн-биир үтүө күннэрин бүтэрэн, кээрэтэн, бэйэлэрин туспа өйдөрүнэн-санааларынан олох олороохтууллар. Кинилэр күн сиригэр төрөөн көрбүт, билбит киэҥ эйгэлэрэ эрэ – балаҕаннарын иһэ, онтон атын олоҕу билбэт, ыйдаҥардыбат дьон… Дьөрөллөөннөөх Суубуй эрэйдээхтэр бу курдук Орто дойдуга олох олорон ааһаахтаан эрдэхтэрэ…
Маайа – киһи киһитэ, улааттаҕына биллэн турар уларыйыа, дьиэ таһынан ыырданыа. Кини саҥата-иҥэтэ тобулуннаҕына чоҥ курдук, арай тыла былдьыры соҕус. Чэ ол былдьыры буолбут диэн туох буолуой, хата, онтуҥ истэргэ минньигэһэ сүрдээх. Мин Маайаны наһаа аһынарым бэрдиттэн, наар кини инники олоҕо кэрэ буолуоҕун ыраҥалаан тахсабын. Кини убайдарын: Суубуйдаах Дьөрөллөөн курдук олоҕу олоруо суоҕа, хайаан да дьон сиэринэн үлэлээн-хамсаан этэҥҥэ сылдьыаҕа диэн олус эрэнэбин…
Тыккаайдаах улахан уоллара Чукчакыын – үлэһит ахан киһи. Хара үлэни баҕас хайатын баҕарар сатыыр – үөрэтиэхтэрэ, соруйуохтара эрэ кэрэх, төтөлө суох түһүнэн иһэр. Уонна Чукчакыыныҥ, били, Мичээр Баһылай этэринии, кырдьыга да – норуот киһитэ. Кини барыга-барытыгар баар, кыттыспыт буолан иһэр: үлэҕэ да, сээкэй көрүдьүөс-иридьиэс түгэннэргэ да.
Суубуй аннынан уолу, Ньукулай (Бойбохо) диэни, Аана кытта төрөөбүт эдьиийэ, Буолкап Баһылай-Бутукаай оҕонньордоох улахан кыыстара Маарпа кыыһа Өрүүнэ уонна бу сылгыһыт Тыккаай Ньукулай инитэ Сүөдэрэп Ньукулай ииттэ ылбыттар.
Тыккаай инитин кытта иккиэн биир ааттаахтар. Ол эрээри улахан уолу, убай киһини, мэлдьи – Тыккаай, оттон ылгын уолу, өрүү – Торҕон Ньукулай дииллэр. Торҕон Ньукулай – Балаҕаччыга сэбиэт. Төһө да Торҕон аатырдар, Ньукулай ити оҕо эрдэҕинэ дьоно таптаан ымманыйбыт ааттарыгар ханан да ханыыта, дьүөрэтэ суох, бэрт майгылаах киһи. Отой кыра ыамай сылдьан, ирээт лэппиэскэтиттэн кимиэхэ да бэрсимээри кэннигэр тутан, кистээтэҕим аатыран тойтоллон турбутун иһин – Торҕон Оҕо диэн ааттаабыттар, дьэ ол онто хос аат буолан иҥэн хаалбыт. Сүөдэрэптэр иккиэн Ньукулайдар, ол иһин, ким кимин араарар туһуттан сахалыы ааттаталаан араартаатаххына эрэ сатанар.
Нуучча аҕабыыттара сахалары сүрэхтиир буолуохтарыттан ыла, киһи барыта: Ньукулай да Баһылай, Уйбаан да Миитэрэй, Маарыйа да Мотуруун, Балбаара да Балааҕыйа буолан хаалбыттар. Хас холкуос, нэһилиэк аайы үрүт-үөһэ хатыланыы, амыдайдыы дьон олус үгүстэр, ол иһин сахалыы аат баара, дьону арааран билэргэ табыгастаах: Тыккаай, Сэксэкэ, Чарапчы, Бутукаай, Лэкээрэй, Хоомойоон, Кэлтээнньэ диэтиҥ да, хайаларын туһунан этиллэрэ, ахтыллара тута биллэр. Сахалыы ааттар нууччалыы ааттар курдук үгүстүк хатыламматтар, дэҥ эрэ тэҥ хос ааттаахтар бааллар, ону да биир холкуоска буолбакка, туспа холкуоска, нэһилиэккэ, атын улууска. Онон сахалыы ааттаах киһи амыдайын сэдэхтик көрсөр, үгүстэр үйэлэрин тухары, ала-чуо, бэйэлэригэр эрэ анаммыт ааттарын илдьэ сылдьаллар.
Хос ааты даҕаны ыла ылбычча, мээнэ иҥэрбэттэр: киһи тас таһаата, хайдах майгылааҕа, тутта-хапта сылдьара, туох омсолоох дуу, биһирэмнээх дуу быһыылааҕа, кыдьыктааҕа, кэмэлдьилээҕэ барыта ахсааҥҥа ылыллар; бэл саҥарар саҥата хайдаҕыттан кытта көрөн, үүт-маас ол киһиэхэ сөп түбэһэр ааты эрэ иҥэрэллэр. Дэҥнэтэн хас да хос ааттаахтар бааллар. Онон, арыт-ардыгар, хаһан да билбэтэх-көрбөтөх киһигин, аҥаардас хос аатын да истэн, онон сиэттэрэн кини кимин, туох, хайдах киһитин таайыахха, өйгөр оҥорон ыраҥалаан, сылыктаан көрүөххэ сөп.
Биһиги Огдооччуйабыт – Чөкөлөй диэн хос ааттаах. Ийэлээх аҕата иҥэрбит таптал ааттара. Дьиэтигэр дьоно наар, мэлдьи Чөкөлөй диэн ыҥыраллара эбитэ үһү. Ол эрэн кэргэн тахсан кэлтин кэннэ, туспа сиргэ кинини – Огдооччуйатын эрэ билэллэр. Арай Баһыычаан маҥнай утаа Чөкөлөй диэн иһэн, аҕаһа буойбутугар итинник ааттыырын тохтотон турар. Онон ардыгар хос аат умнуллан хаалыан эмиэ сөп.
Үйэлэрин тухары сахалыы эрэ ааттарынан ыҥырылла сылдьыбыт кырдьаҕас оҕонньоттору, эмээхситтэри, ардыгар эдэр да дьону, биирдэ эмит, туох эмэ дьыалаҕа-куолуга, биэдэмэскэ, испииһэккэ суруллубут нууччалыы ааттарынан толору ааттаталаан ыҥырдахтарына: «Ити кими этэллэрий ээ-э?», – дии-дии тула-мала көрүөлэнэн, бэйэлэрин бэйэлэрэ көрдөнө олорор дьон кытта баар буолаллар. Дьиэ эмиэ көрүдьүөс диэтэҕиҥ.
Бойбохону ииппит ийэтэ Өрүүнэ былырыын күһүн оскуолаҕа киллэрбитэ, онон Чукчакыыннаах инилэрэ хайыы-сахха биир кылаас үөрэхтээх, дьоһуннаах киһи. Саҥата-иҥэтэ, талыбыратан түргэнэ сүрдээх. Бойбохо – аҕатын да, ийэтин да кытта, Балаҕаччыттан Айдаҥҥа субу-субу кэлэн барар. Кэллэ да төрөппүт дьонугар өрүү сылдьар. Өрүүнэ эмиэ ыксал-тиэтэл, быстах да сорукка кэллэҕинэ Тыккаайдааҕы быһа ааспат, мэлдьи киирэ-тахса турар. Эдьиийигэр, оҕолор эрэйдээхтэргэ кыаҕа баарынан көмөлөһөр: аһынан да, таҥаһынан да. Бары биир ийэттэн, аҕаттан айыллыбыт оҕолор эрээрилэр, хайдах сорохторо чоҥ курдук, атыттара итэҕэс-быһаҕас өйдөөх-санаалаах төрөөбүттэрэ эбиттэрэ буолла, эмиэ да дьикти…
Тыккаай кэргэнэ Аана, уола Дьөрөллөөн ырыатын истэн дьаарханара сөп даҕаны. Дьөрөллөөн төһө да «түҥ-таҥ» аатырдар, тэһэ көрбүттүү этиттэрэн, туох буолуохтааҕын өтө билэн ыллыыр үгэстээх. Уустаан-ураннаан, сиэллээн-кутуруктаан да хоһуйбатар, чопчу, хайа ыалга туох буолуохтааҕын таба этэн киһини эрэ сөхтөрөр дьикти айылгылаах. Наар куһаҕаны эрэ түүйэр буолбатах, үчүгэйи эмиэ төлкөлүүр. Кимнээх эрэ холбоһон ыал буолаары гыннахтарына, ол ыал буолуохтаах хайа эрэ киһи «оһоҕун ураатыттан буруо тахсар» диэн соһутар, эбэтэр ким эмит улаханнык ыалдьаары эбэтэр өлөөрү гыннаҕына, чопчу ол киһи аатын үрүт-үөһэ ааттыы-ааттыы, эмиэ хайаан да онно даҕатан, үгэһинэн: «Бутугунай ньаҥ-ньаҥ-ньаҥ!..», – дии-дии, иччилээх аҕайдык ырыа ыллаатаҕым буолан айгыстар…
Мин, сир симэҕэ ойуулаах сиидэс былааппын Маайаҕа бэлэхтиибин, өрбөх кыыһынан оонньоон салтаҕына, былаат гынан бааныаҕа…
* * *
Үлэ боруонуттан, «Свердлов» холкуостан 1943 сыллаахха, ыҥырыгынан Буухта-Тиксиигэ балыкка сылдьыбыт, Кулуһуннуурап Дьөгүөр Баһылаайабыс уонна Айдаҥтан 1939 сыллааҕы хомуурга баран Ааллаах Үүҥҥэ от үлэтигэр, онтон салгыы Буухта-Тиксиигэ балыкка сылдьыбыт Намыынап Миитэрэй улахан кыыһа Намыынаба Татыйаана (Татый) кэллилэр. Аны, кинилэр кэннилэриттэн тилэх баттаһа, сэрии бүтүөн эрэ иннинэ, өттүгүн уҥуоҕун үлтү ыттаран куоспуталга сытан эмтэнэн баран дойдутун быспыт, бэйэтэ баҕатынан сэриигэ барбыт, Киргиэлэйэп Кириил Сүөдэрэбис диэн, мин көрдөхпүнэ оҕонньор киһи эргилиннэ. Икки баттыгынан анньынан хаамар.
Кириилэ 1943 сыллаахха, бэс ыйыгар «Калинин» холкуостан сэриигэ барбыт. Бэйэтэ Айдаҥ киһитэ. Түөһүгэр «Бойобуой үтүөлэрин иһин» диэн мэтээллээх, онтута тылын туттарыга түһэн хаалбытын сабынан хам баайбыта кыайан эйэҥэлээбэт… Аны, ким эрэ диэн ааттаах, хайа эрэ куораты ылыы иһин диэн мэтээлин тыла букатын да сүтэн хаалбыт: киртийбит өрбөхтөөх тимирэ эрэ баар. Ону, биир күн Мичээр Баһылай этиитинэн, эр дьон сүбэлэһэ түһэн баран, «чөлүгэр түһэрдилэр» – Дарайыы ууска тыл оҥортордулар. Оҕонньор ону баҕас киһилээбэтэ, туох эрэ, сымнаҕас соҕус ылтаһын тимири быһычча төбөтүнэн отойон баран, кырыйан, кыладыйан: нарылаан, үрэн, имэрийэн үүт-үкчү төгүрүтэн кэбистэ. Дьэ ол оннугар, биир кыһалҕата – суруга кыаллыбата (саатар оҕонньорбут докумуонун «лөглөччү», тоҕо эрэ, Бүлүү байыаннай хамыссарыйаатыгар хаалларан тахсыбыт). Суруга суох «уу судураанын» курдук мэтээл баар үһү дуо, оннук сатаммат диэн буолла. Тимири быһар сытыы быһах төбөтүнэн тарбаан суруйан көрдүлэр да – көстүбэтэ бэрт эбит. Ол иһин харандааһынан дьэрэлиттилэр. Аны туран маннык мэтээллэх биһиги холкуоска суох буолан биэрдэ, онон, онуоха-маныаха, туга ханныга биллиэр, чуолкайданыар диэри, судургутук, быһаччы «Улахан куораты ылыы иһин» диэн эргиччи эрилитэн кэбистилэр. Кырдьаҕас оҕонньоттор, үөннээх өттүлэрэ, бытыктара сэпсэҥэлии-сэпсэҥэлии: «Төһө улахан этэй?..», – диэн токкоолоһоллор. Мэтээлин суруга өлбөөдүйээри гыннаҕына, буукуба хараҕын сатаан аттарбат Кириилэ, оҕолорго саҥаттан суруйтарар. Кыра ыамайдар сыыһа-халты да бачахтыыллар. Онон, ардыгар, Кириилэбит «Улаан» куораты эҥин ылбыт буолан соһутар… Кэлин билбиппит киһибит, кырдьыга да, үөрэҕэ суох эҥээр тыла да кыайан өҕүллүбэт, ньиэмэс омугун биир улахан уораҕайын, «Кенигсберги ылыы иһин» диэн мэтээлин тыла сүппүт эбит…
Чугас эргин холкуостарга, биирдиилээн, сэриигэ барбыттар кэлитэлээбит сурахтара өтөр-өтөр иһиллэр буолан истэ. Кыайыы кэннэ «бирикээстэрэ» тахсаатын, бэрт түргэнник айаннаан дойдуларын булбут саллааттар да бааллар…
Биир сырылас куйаас күн, ыаллыы сытар Молотов аатынан холкуостан, аҕыйах хонуктааҕыта сэрииттэн эргиллэн кэлбит, уруккута Иккис Чочуттан төрүттээх Өлөксөй Ньукулаайап диэн, куппут-симмит курдук киппэ көрүҥнээх киһи, буускап хотуурун дьэс хоолдьугунан булгу охсон кэбиспитин Дарайыы ууска тууралатаары сатыы даадаҥнаан кэллэ.
Ону сэргэ, сэрии оргуйар ортотугар сылдьан атаҕар улаханнык эмсэҕэлээн аҕыйах хонуктааҕыта өтөҕөр үктэммит, Балаҕаччы оскуолатын учуутала Ньукулаайап Апанаас, бырабылыанньаҕа туох эрэ соруктааҕын быһаарсан ааһан иһэн, эмиэ ууска таарыйда.
Дьон, хотуурдарын туурата тоһуннаҕына саха ууһугар саҥа туура олортороллор (олус уһун хотууру быһан кылгатан баран, эмиэ ити курдук тууралаталлар). Санаа хоту үчүгэй хотуур мээнэ көстүбэт, онон суолхайыы күүһүнэн эрэ үйэтэ уһуур. Аны хотуур бөҕөргөөтүн диэн тэһиин (хантарҕа) суолхайар үгэстээхтэр, туоһа быһыннаҕына буоллаҕына мунду уураллар.
Хас сай аайы баччаҕа, үгэс быһыытынан, окко киириэх иннинэ – тимир ууһун үлэтэ үксүүр, түбүгэ элбиир…