Читать книгу Дьол кыымнара - - Страница 1
ДЬОЛ КЫЫМНАРА
ОглавлениеВ начале было Слово…
Евангелие от Иоанна
«Аан маҥнай баар этэ – Тыл…»
Аан маҥнай баар этэ – Тыл.
Ол Тылтан чугуруйбута хараҥа муора —
уу анныттан тахсыбыта сырдык кытыл
утуйа сыппыт Айылҕаны туруора.
Угуттаммыт ньүөл сири тилэри ыспыта
олоххо тардыһыы сибэккитэ,
умнас умнастыын хатыспыта,
силис силистиин силбэспитэ.
Аан дойду тыалын, тымныытын
аҥаардас, тулаайах тулуйбатын
этинэн-хаанынан илэ билэн,
ол Тыл дьикти күүһүгэр бэринэн
тыынар тыыннаах ханыыласпыта,
сүрэх сүрэххэ таласпыта…
Аан маҥнай баар этэ аптаах Тыл —
ол Тыл аата Таптал.
«Мин эйиэхэ этиэхпин баҕарбытым…»
Мин эйиэхэ этиэхпин баҕарбытым
ким да истэ илик кэрэ тылларын.
Мин хаспытым халыҥ тылдьыттары,
көрдөөбүтүм көмүс тыллары,
күүппүтүм күндү ыалдьыттары
күүтэр курдук нарын ырыалары.
Баҕарбытым ол ырыаларым
ытарҕа буолан эн кулгаахтаргар
эйигин куруук долгута, абылыы
эйэҥэлии ыллыахтарын.
Көрдөөн-көрдөөн мин булбатым
оннук тыллары букатын.
Ол эрээри мин билигин
эйиэхэ тугу этэрбин билэбин:
аан дойду аптаах тыллаахтара,
киһи аймах үрдүк өйдөрө
айбыт бары кэрэ ырыалара —
үс мэҥэ тыл үлтүркэйдэрэ.
МИН ЭЙИГИН ТАПТЫЫБЫН.
«Үрүҥ хаар үллүктүүрэ…»
Үрүҥ хаар үллүктүүрэ —
үтүөнү, кэрэни түстүүрэ.
Ол күн мин сэрэйбэт этим
олоххо күүтэр сэрэбэйбитин.
Мин саныырым бу хаар курдук,
бу хаардааҕар да ордук
тапталбыт ыраас буолуон,
ол ыра санаам туолуон.
Ууллубут, устан барбыт
оччотооҕу маҥан хаар.
Ол күнтэн ордон хаалбыт
мин сүрэхпэр маннык баар:
үрүҥ хаар үллүктүүрэ;
үөрбүт-көппүт, эдэр, кэрэ,
эн бу күҥҥэ махтана,
сыа хаарынан ыһыахтана
мэниктиигин, күлэҕин,
миигиттэн күрэнэҕин;
санньыйа, ытамньыйа төннөҕүн
санныбар уура төбөҕүн…
«Мин көрбүтүм сулустар күлэллэрин…»
(День Святого Валентина)
Мин көрбүтүм сулустар күлэллэрин…
Өйдүүгүн, эйигин атааран иһэн,
хараҥаҕа хаар хайыҥтан иҥнэн,
мин эниэ устун төкүнүйбүтүм,
чигдигэ тиэрэ сытан өр күлбүтүм.
Үрдүбэр Хомуос сулус иҥнэри түспүтэ,
онтон бэйэтэ да бэркиһээн, күлбүтэ.
Халлааҥҥа хойдубуттара
сулустар тырымнара,
хаарга ыһыллыбыттара
эн күлүүҥ кыымнара.
Мин күүппүтүм эн уоскуйаргын,
оргууй уураабытым обуйук уостаргын.
Олунньу халлаанын үөрбүт сулустара
өр күлэ, мичээрдии турбуттара.
…Сиртэн барар тиһэх чааспар
санаан кэлиэм эдэр сааспар
көрбүппүн дьоро киэһэлэрин
үөрбүт сулустар күлэллэрин.
Ону өйдөөн мин эмиэ сырдыы күлүөм,
үөрэ-көтө үрдүк сулустарга көтүөм.
«Аҕал миэхэ илиигин…»
Аҕал миэхэ илиигин,
нарын, намчы тарбахтаргын —
мин суохтаатым эйигин,
эн хара харахтаргын.
Тоҕо диэтэр, аан дойдуну,
олоҕу, дьолу-соргуну
тутан турар сырдык, кэрэ
соҕотох Таптал эрэ.
Кини баар буолан күн көрөр,
от-мас тыллар, көҕөрөр,
тыынар тыыннаах, сир ийэ
силигилии чэлгийэр.
Таптал өһөр күнүгэр,
Таптал өлөр түүнүгэр
туох барыта үрэллиэ,
буруо буолан бураллыа.
Онон үтүмэн үйэлэргэ,
кэнэҕэс кэлэр кэмнэргэ
Таптал арылы кустук курдук
аан дойдуну иилии, курдуу
тутан турдун олоҕу, дьолу
сир ийэни, бар дьону,
миигин уонна эйигин.
Аҕал миэхэ илиигин…
«Кылыһахтаах кырыымпа кыла…»
Кылыһахтаах кырыымпа кыла
кыҥкыныы кыланнаҕына,
хомуһуннаах хомус тыла
хоҥкунуу айманнаҕына
мин өйдөөн кэлэбин бу сиргэ
хонор хоноһо буоларбын,
таптыыр киһибин кытта бииргэ
татым кэм эрэ сылдьарбын.
Оччоҕо олоххо тардыһарым
уон оччонон уоҕурар,
күндү киһибин таптыырым
күүскэ сүрэхпэр суоһурар.
Оннук ээ, бу күн сиригэр
барыта ааһар аналлаах —
уос номоҕор этиллэр:
«Киһи күннээх, балык ыамнаах».
Онон биһиги бу кэрэ сиргэ
баар эрдэхпитинэ бииргэ
олох дьолун айхаллыы,
таптал эрэ туһунан ыллыы
кылыһахтаах кырыымпа кыла
кыҥкыныы дьириһийдин,
хомуһуннаах хомус тыла
хоҥкунуу дьүрүһүйдүн!
«Эн сылаас ытыһыҥ…»
Эн сылаас ытыһыҥ
тапталы ытыһан,
ытыһан ырыаны,
ып-ыраас ыраны
ыһыахтыыр тулабар,
ыһыахтыыр дууһабар.
Ол иһин күн сирэ —
өрүүтүн дьол эрэ
эргийэр эйгэтэ,
төлкөлөөх түөлбэтэ.
СУРУК
Хос иһин оргууй сабардыы
хойдон барда борук-сорук.
Арай остуолга тунаара сырдыыр
арыллыбыт сурук.
…Күөх туманы, от сиигин
күн уота көтүтэн эрэрэ.
Уоскуттан уураабытым эйигин,
төннүөм диэн эрэннэрэ.
Тарбаҕыттан туттараатын
төлө көтөн күрэнэр
дьол күлүгүн күрэҕэр
күммүн-дьылбын бараатым.
Ааҥҥар тиэрдэр уһун суолга
миигин күүтэргин ууратыаҥ.
Ыас хараҥа түүн
атын уолга
ытамньыйа эн ууратыаҥ.
Суох!
Эйигинниин эрэ сэргэ
дьол суолун сонордуоҕум.
Мин өйдөөтүм бу сиргэ
тапталтан үрдүк дьол суоҕун.
Ыраахха, ырааска суол ыйар
ыллыкчаан, ыллык курдук
ый уотугар туналыйар
ытыспар сытар сурук…
СҮТЭРСИБИТ СҮРЭХТЭР
Курас тыал алааска ыста
арахсыы араҕас өҥүн.
Атырдьах салаатыныы араҕыста
икки сүрэх бүгүн.
Сир үрдүгэр дьиримнии
Өрүү тыгыах курдуга
сүрэхтэри ситимниир
таптал сырдык кустуга.
Симэлийдэ курус кустук…
Сир киэҥ киэлитин устун
силлиэ ыһар сэбирдэхтэри.
Сүтэрсибит сүрэхтэри…
«Ааспыты анаара саныыбын…»
Ааспыты анаара саныыбын,
тугу эрэ өйдүү сатыыбын.
Тугу эрэ – истиҥтэн истиҥи —
эт кулгаахпынан истибиппин:
кыталык ыллаабыта дуу,
кыыс ытаабыта дуу…
«Сырдык дьолтон матарыма,
соҕотох хаалларан барыма!» —
мин кыталыкка сипсийтим дуу,
кыыс кэннибэр кыламмыта дуу…
Арай ардах чугаһаатаҕына,
ахтылҕан уота суоһаатаҕына
уйаҕас дууһабын уйадыта,
ыалдьар сүрэхпин ытата
дьикти дорҕоон кулгаахпар кутуллар,
ой дуораана буолан охсуллар —
кыталык кыҥкыныы ыллыыра дуу,
кыыс барахсан ытыыра дуу…
КҮҺҮҤҤҮ САНАА
Кыһыл көмүс.
Үрүҥ көмүс.
Күлүмүрдэс
дьол кыымнара!..
Үөрбүт сири үллүктүү
икки көмүс үҥкүүлүүр —
көтөҕө араҕас ардаҕа,
кыраһа маҥан кыырпаҕа.
Ханна эрэ
сырдык, кэрэ
дьол кустугар куустара
маннык көрсөн эрдэхтэрэ
тапталлаахтар куттара.
…Баҕарабын
ырыаларым —
мин сырдык ыраларым
түлэй түүн,
күннээх күнүс
дьон сүрэҕэр саҕыахтарын
кыһыл көмүс,
үрүҥ көмүс
тырымнас
таптал кыымнарын!
«Эн көрсүөҕүҥ хаһан эрэ…»
Эн көрсүөҕүҥ хаһан эрэ
сиргэ бэйэҥ аналгын —
өр көрдөөбүт дьикти, кэрэ
баар-суох дьиҥнээх тапталгын.
Төбөҕүн сылаас сирдии
кини түһэҕэ өйүөҕэ,
мөссүөнэ күннүү сырдыы
үрдүгэр төҥкөйүөҕэ.
Сааскы дохсун халаанныы
дууһаҥ дьолунан туолуоҕа.
Күнүҥ, сириҥ, халлааныҥ —
кини эрэ буолуоҕа.
ЭН ЭРЭ…
Күн сиригэр эн эрэ…
Эн тыыныҥ илгийэрэ,
эн сүрэҕиҥ тэбэрэ
иһиллэр миэхэ кэрэ,
истиҥ иэйиинэн туолан,
дьикти музыка буолан.
Арыт олох суолугар
дьол уһун соноругар,
дьол күннээҕи күрэҕэр
сэниэ сэллиир, күүс эстэр.
Оччоҕо миэхэ эдэр
эрчим биэрэр, күүс эбэр
эн тыыныҥ илгийэрэ,
эн сүрэҕиҥ тэбэрэ.
Эн эрэ…
«Быралыйар быраман үйэттэн…»
Быралыйар быраман үйэттэн
биһиги бииргэ курдукпут.
Оттон Сирбит ол кэмтэн
Күнү биирдэ
эргийдэ.
Биһиги билэбит:
сүрэхтэрбит
Сирдээх Ыйдыы сиэттиһэн
өрүү бииргэ сылдьыахтара,
өрүү үөрэ сырдыахтара
Таптал уоттаах куйааһыгар.
Таптал улуу куйаарыгар.
«Сырдаата тулам бүттүүн…»
Сырдаата тулам бүттүүн —
сылаас, нуурал үрүҥ түүн…
кыраһа хаарбыт кыыдамныыр…
кыталык кыната кылбаҥныыр…
Ити – алааспар көччүйэр эбит
кэрэ көстүүлэри саната
эн сүрэҕиҥ сүктэн кэлбит
тапталбыт маҥан ата.
«Киһи дууһата өлбөт дииллэр…»
А душу твою люблю…
Ф. Достоевский
Киһи дууһата өлбөт дииллэр —
киһиттэн киһиэхэ бэриллэр.
Кини арай таҥас курдук
тас дьүһүнүн уларытар
уонна суох онтон ордук
уруккутуттан уратыта.
Хайдах да таҥаһы таҥыннарыҥ
сырдык, ыраас эн дууһаҕар —
таҥас бүтэй
талба – нарын
дууһаҥ сырдыы сандаарар.
Үйэттэн үйэҕэ
муннара миигин
араас таҥаһы таҥныаҕыҥ.
Хаһыс да төрөөһүнүм буоллун —
эйигин
хайаан да буламмын таптыаҕым!
«Көрөбүн көмүс күрүлгэни…»
Көрөбүн көмүс күрүлгэни,
истэбин дьикти дьүрүһүлгэни:
ити – итии таптал иэйэр,
олох тыгыалас тымыра кэйэр.
Кэйэр кыыс оҕо иминии,
иэйэр дьолу ыралыы,
дьэргэлгэн курдук дьиримнии,
кымыс курдук кырылыы.
Бу күрүс күрүлгэнтэн,
бу күдьүс дьүрүһүлгэнтэн
сүргэбит көтөҕүллэр,
сүрэхпит үөрэ күлэр.
Көмүһүөм, көрүүй, эчи,
күн сирэ күндүтүн, кэрэтин!
Көтөҕүөх үөһэ күөрэччи
дьолунан туолбут сүрэхпитин.
Истиҥ иэйиигэ куустаран,
ис-испиттэн долгуйан туран
этэбин мин эйиэхэ —
эйэҕэс, сэмэй киһиэхэ:
«Күлүмүрдүү тыгар күн анныгар,
күндү киһим, эн эрэ аттыгар
истэбин дьикти дьүрүһүлгэни,
көрөбүн көмүс күрүлгэни».
«Дьэдьэн сыта…»
Дьэдьэн сыта.
Мүөт амтана.
Иэйиэхсит эдьиийбит Эдьэн
мичээрдиирэ тумулга.
Уоспар дьырылаабыта
буспут дьэдьэн —
эн түөһүҥ тыҥаабыт тумуга.
Тобуктаан турарым
таптал хонуутугар
төбөбүн эн түөскэр хоҥкутан.
Тулалыы эргийэр
эйэҕэс эйгэбэр
чыычаах ыллыыра,
сиккиэр тыал оонньуура.
Көмүс күн сырдык сардаҥата
күлэрэ дьолунан ыһыахтана,
муннубар илгийэрэ дьэдьэн сыта,
тылбар минньийэрэ мүөт амтана…
Эйигин ахтар,
суохтуур кэммэр
сып-сылаас үөрүүнэн тамнана
сүрэхпэр эмиэ дыргыйан кэлэр
дьэдьэн сыта.
Мүөт амтана.
«Хаар анныгар хаалбыт отоннор…»
Хаар анныгар хаалбыт отоннор…
Кэлиин-кэлин биир көмүс күһүн
кинини эмискэ көрүстүм.
Күрэҥсийбит хара баттаҕа
(күн-дьыл хаара баттаатаҕа),
арылхай, курус харахтар —
арай кинилэр уларыйбатахтар…
…Кырылас хаары туора хаһыйабын,
кып-кыһыл отоннору ытыспар ылабын.
Уоспар отоннор хатана сысталлар,
уотунан, мууһунан хаарыйаллар.
Тылбар сыыйа ууллаллар
тымныы, курас отоннор…
Тоҕо өйдөөн кэллим мин ону —
хаар анныгар хаалбыт отоннору?..
БИЭ ЭМИИЙЭ
Утуйар уубун уйгуурдаллар,
унаар күөх куйаарга угуйаллар —
уотунан хаарыйар суостар —
биэ эмиийэ тэтэркэй уостар.
Арыт чинэйэ тэйэллэр,
чирэһэллэр, куоталлар,
миигин тэһитэ кэйэллэр
биэ эмиийэ хатыылаах тыллар.
Илиим иминэн силэйэбин
иннэлэрдээх умнастары,
имэҥирэ ууруубун-эмэбин
биэ эмиийэ минньигэс уостары.
Оччоҕо хаардыы ууллаллар —
уохтара-кылыннара уостар.
Оргууй миигин уурууллар
биэ эмиийэ сымнаҕас уостар…
АПТААХ ТЫЛ
Эн сипсийэр аптаах тылыҥ
таарыйар мин сүрэҕим кылын.
Оччоҕо дууһам дьолунан туолан,
кылыһахтаах кырыымпа буолан
дьириһитэр дьикти дорҕооннору —
хомуһуннаах хоһооннору.
Ону кытта айылҕа уһуктар,
курулаччы ардах кутар,
үөл үнүгэс үллэ тыыллар,
хамсыы-хамсыы от-мас тыллар,
тулам чэчирии чэлгийэр,
самаан сайын эргийэр —
санаам миэнэ өрө күүрэр,
санныбар кынат үүнэр…
Мин көтүөхпүн күҥҥэ дылы
этиий миэхэ аптаах тылы.
«Дьоннор – сулустар…»
Дьоннор – сулустар.
Эн – күҥҥүн.
Дууһабар хараҥа түүн халыйдаҕына,
сүрэҕим таастыы тымныйдаҕына
ыраах умайар сырдык сулустар