Читать книгу Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр - - Страница 1
Оглавление* * *
«Хайдах буолбут эмээхсин эбитиҥ буоллаар, доҕоор бу! Кырдьар сааскар дьон күлүүтүгэр бараары гыммыккын дии… Өйдөөбөтүм, ватсаабынан билсэн эргэ баран эрэр үһүгүн!» Луиза балта Ольгаттан сурук кэлбититтэн соһуйан эрэ хаалла. Төлөпүөнүн кнопкатын саба баттаан баран, түп-түргэнник сыттыгын анныгар анньан кэбистэ.
Дьэ буоллаҕа, Луиза Никитична олоҕун тосту уларытан, куоракка көһөн киирээри быһаарыммыта Ольга кулгааҕар тиийэ охсубут дии. Маннааҕы, «олохтоох информбюролар» тиэрдэ оҕустахтара…
Луизалаах Ольга бииргэ төрөөбүттэр иккиэлэр. Онон, күн бүгүнүгэр диэри балтыныын төһө кыалларынан олохторун ханнык да түгэнигэр бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн-өйөһөн кэлбиттэрэ. Төһө даҕаны биир ийэттэн, аҕаттан төрөөбүттэрин иһин, майгыларынан атын атыттар, олоҕу көрүүлэрэ эмиэ ураты буолааччы. Кыыс оҕо аналынан, олохторун оҥостуулара эмиэ дьылҕа, ыйаах эппитинэн салаллыбыта. Луиза ыал буолан, талбыт курдук, уоллаах кыыс оҕолонон, толору олоҕунан олорбут курдук буоллаҕына, Ольга аҥаардас сылдьан сааһырда. Бу аҕыйах сыллааҕыттан, Луиза кэргэнэ, күтүөтэ Яков, ыалдьан олохтон барыаҕыттан, бэйэтин баҕатынан куоракка «Сарыал» диэн социальнай пансионакка киирэн олорор. Ол иннигэр Луизалаах тэлгэһэлэригэр тутан биэрбит кыра дьиэлэригэр соҕотоҕун олорбута. Биэнсийэҕэ тахсан да баран, сэлиэнньэҕэ социальнай үлэһитинэн үлэлии сылдьыбыта.
Луиза Никитична балтын куоракка ыыппат буола сатаабыта, иккиэн бииргэ олоруох диэн эмиэ этэн көрбүтэ. Ону баара Ольга эттэ, санаата да, иннин биэрбэт киһи. Биллэн турар, Луиза кэргэнэ Яков суох буолбутун кэнниттэн мэктиэтигэр икки дьиэ тэҥинэн, тымныйбытынан барбыттара. Муустарын-мастарын да булуналлара ыараабыта, тыа сиригэр олорор дьон олохторун-дьаһахтарын хас биирдии боппуруоһа кыһалҕаҕа кубулуйар буолбута. Луиза балта Ольга кинини кытта биир дьиэҕэ сатаан олоруо суоҕун эмиэ билэрэ. Ыраас, бэрээдэк быһа сиэбит барахсана, дьиэҕэ биир устуул миэстэтиттэн сыҕарыйбытын, биир чааскы сууйуллубакка турарын, саараама, тулуйбат. Соҕотоҕун олоро үөрэнэн хаалбыт, дэлэҕэ атын ыал олоҕун бэрээдэгэр сөп түбэһэ сатаан эрэйи көрбөт. Биирдэ эмит эдьиийигэр киирэн таҕыстаҕына «иһиккин сууйбакка мунньа олороҕун, таракаан ыһара буолуо», «тэлэбиисэриҥ саҥата эчи улаханын», «хобу-сиби таһааччылары дьиэҕэр хорҕотон олороҕун» диэбит курдук, сэмэ-суҥха бөҕөтүн түһэрээччи. Луиза Никитична оҕо курдук мөҕүллэрин эмиэ сөбүлээбэт буоллаҕа. Кырдьык, кытта кырдьыбыт кэргэнэ, олоҕун доҕоро Яков суох буолуоҕуттан, санаатыттан-оноотуттан, аһыытыттан туохха барытыгар ээл-дээл сыһыаннаһар буолбут эмиэ кэмнэрдээҕэ.
Аны кыыстаах уолун олоҕуттан, ыал буолбуттарын да иһин, долгуйан тахсарын балта эмиэ сөбүлээбэт этэ. «Оҕолоргутун сатаан ииппэтэххит, олоххо бэлэмнээбэтэххит» диэн эмиэ туспа куолулааҕа. Луиза балтын кытта төһө кыалларынан утары саҥарсыбат, истибэтэҕэ, өйдөөбөтөҕө буолан кыыһырсыыттан куота сатыыр. Оттон Ольга дуона да суохтан хомойбут аатыран хас да күн кэпсэппэккэ сылдьыан эмиэ сөп. Чэ, онон, икки балтылыылар тус-туспа олордохторо бу. Манна сэлиэнньэҕэ, биллэн турар, дьон олоҕун ырытар үгэстэринэн, ол туһунан ону-маны кэпсэтэллэр үһү.
«Хайдах буолбут, эмээхсиҥҥиний» диэ… Ольга улаханнык кыыһырбыт быһыылаах. Киниэхэ билигин өйдөтө сатаан туһата суох буолуо, куоракка киирэн оннун-тойун буллаҕына биирдэ быһаарара ордук. Луиза Никитична син биир балтын сэмэтиттэн отуора хамсаата, сатаан утуйбакка, уҥа-хаҥас эргичиҥнээн, эрэйи көрө сытта. Суотабайын арыйаары хабан ылан иһэн төттөрү туумбаҕа ылан уурда. Ольга кини тугу да эппиэттээбэтэҕиттэн кыһыйан-абаран өссө суруйбут буолуохтаах.
* * *
Луиза Никитична эрдэ туран дьиэтиттэн көһөөрү гыммыт киһи сиэринэн бөҕүн-саҕын хомунар, сааһыланар. Дьиэтиттэн тахсан барарыттан бастаан кыһаллыбат курдук этэ да, чугаһаатаҕын аайы аймана саныыра элбээн иһэр курдук. Балта этэригэр дылы, эдэр кыыс курдук киһини кытта суотабайынан билсэн баран эрдэҕэ. Аҕыйах сыллааҕыта инньэ диэбиттэрэ буоллар, кырдьык да, өһүргэнэн өттүгүн үлтү түһүө эбитэ буолуо. Ити таһынааҕы ыаллара ватсаабынан билсиһии бөлөҕө диэҥҥэ киллэрэн кэбиспиттэригэр, онно бу сарсыарда халлаан хайдаҕыттан, аан дойду, Арассыыйа таһымынан бэлиитикэҕэ тиийэ ону-маны кэпсэтэ, куолуласпыта буола сылдьан, биирдэ өйдөөбүттэрэ, куоракка олорор Иван Даниловичтыын иккиэн «личкалаһар» буолан хаалбыттар этэ. Ситим да нөҥүө киһи хайдаҕын, туох өйдөөҕүн-санаалааҕын билэр, анаарар курдуккун ээ. Иван Данилович хара бастакыттан тылыттан-өһүттэн култуурунайа, киэҥ билиилээҕэ-көрүүлээҕэ таһыччы биллэрэ. Хаһан да мээнэ-мээнэ саҥарбат, буолары-буолбаты тыллаһан соһуппат этэ. Хайа уонна тас көрүҥүттэн даҕаны, сахаҕа толуу көрүҥнээх, улахан уҥуохтаах уола хаан сааһырбыта көстөрө. Хойуу, өссө долгуннурар хара баттахтааҕа күрэҥсийбитэ өссө ис киирбэх оҥорор курдуга. Эдэригэр элбэх кыыһы ытаппыт уол оҕото быһыылааҕа. Юрист үөрэхтээх эбит, уһун кэмҥэ дойдутугар, хоту улууска, олорон үлэлээбит. Кэргэнэ ыалдьан суох буолбутун кэнниттэн, икки-үс сыл бэйэтэ олорбут. Соҕотох биир кыыс оҕолоох. Онто английскай тылга идэтийэн үөрэммит. Куоракка хас да сыл туристическай фирмаҕа тылбаасчытынан үлэлии сылдьан баран, Польшаҕа олохсуйа баран эрэр үһү. Онон, Иван Данилович куоракка үс хостоох кыбартыыратыгар соҕотоҕун хаалан эрэр. Кини олоҕор Луиза Никитична баар буолбутун туһунан кыыһыгар өссө этэ илик. Кыыс ону хайдах ылыныаҕыттан иккиэн да олус толло саныыллар.
– Хайыа, аҕыйах хонугунан куорат чүөчэтэ, хомунуу-иминии кытаанах дуу? – диэбитинэн оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кыыһа Агафья айалаан-дьойолоон, аҕылаан-мэҥилээн, сылайан-элэйэн киирэн кэлэн соһутта.
– Оттон баран эрэбин быһыылаах дии, – Луиза Никитична эмиэ да буруйдаммыттыы туттан малын хаалыы сылдьар кытай эриэн суумкатыгар олорунан кэбистэ.
– Саарыыгын да ол? – Агафья Луизаны үөрэтэрдии одуулаан турда.
– Ээ, оттон оройбунан көрбүт кыыс оҕо буолбатахпын, оҕолорбор да чугаһыы таарыйа, икки огдообо олорон көрдөхпүтүнэ хайдаҕый диэн быһаарынным дии.
– Сөпкө гынаҕын, Лууйуска, сөпкө. Оҕолор улахаттар, туспа ыаллар, наһаа кинилэргэ орооһо сатаабат инигин. Саҥа ыал буолбут чүөчэ тойоҥҥун, эр киһигин көрүөҥ-истиэҥ турдаҕа дии. Соҕотохсуйбут эр киһи дьахтар илиитигэр, астыырыгар-үөллүүрүгэр наадыйан ыал буолан эрдэҕэ оҥоробун. Балтыгар да чугаһыаҥ, Ольга барахсан кый бырах баран хаалаахтаата дии. Соҕотох диэн дьэ итинник ээ, ол пансионата син биир кырдьаҕастар дьиэлэрэ дии, туох үчүгэйдээх үһү. Саатар бу дойдубутугар гаас иҥин киирбитэ буоллар, дьон кэлэрэ-барара син тохтуо этэ. Мин көрдөхпүнэ, дьон кыанара бары куораты булан эрэр. Арай, бу биһигинньик курдук, тобукпутун ортуруос сиэбит дьоно тэлгэһэбититтэн тэлэһийбэккэ хааллахпыт. Оҕонньорум эн куоракка баран эрэргин истибит, үнүр кэлэри-барары көрөн, түннүгү одуулаан турдахпына «хайа, түннүгүнэн тахсарыҥ кэллэ дии, Луйуускаҕын сайыһан куораттаары гынныҥ дуу?» диэн эҕэлэнэн эрэрэ, – Агафья үгэһинэн күлэн саһыгыраата.
– Ити тобуккун куоракка киирэн көрдөрүнүөҥ этэ. Иэдэйбиккин дии. Бээ, киирэн оннубун буллахпына дьүөгэбин бэйэбэр хонноро сытан, медкииҥҥэ көрдөрүөм. Иван Данилович, сураҕа, онтон чугас олорор үһү.
– Дьэ бэрт да буолуо этэ. Иккиэйэх эрэ буоллаххытына, киһи эһиэхэ түһүө эбит дии. Бэйи, тохтоо, ол эрээри наһаа эрдэттэн күөспүтүн өрүнүмүөх, хайдах, туох быраабылалаах киһитэ биллибэт ээ. Тыаттан киирбит Акааппыйы хайдах көрсүө биллибэт, – Агафья дьээбэтэ баппакка кириэс охсунна.
Луиза да дьээбэттэн хаалсыбат. «Маннык киһи!» дии-дии, тойон эрбэҕин чочоҥнотто.
– Чэ, чэйдээбэккэ барыаҥ дуо, уоскуйан олоро түс, ити дьыбааҥҥа сытан да ылларгын… – Луиза дьүөгэтин чэйдэтээри тэринэн барда.
– Сытыахха да син, эйигин сарсын-өйүүн барар диэбиттэрин иһин соһуллан кэлээхтээбитим, аны көрсүбэккэ ыытан кэбиһиэм диэн, – Агафья саалаҕа турар дьыбаан диэки көнтөс буолбут курдук атаҕын соһо турда.
* * *
Луиза Никитична куоракка көһөн кэлэр сураҕын истэн, оҕолор, сиэннэр үөрүү бөҕө буолан сылдьаллар быһыылаах. Луиза даҕаны өйө-санаата барыта – кинилэргэ. Уолуттан, кыыһыттан сэмэлэнэр эрэ буолан, чаас аайы да кэпсэтэ, ыйыталаһа туруон туттунар. Уола Максим, кыыһа Оксана даҕаны идэ ылан, үөрэхтээх дьон буоллулар эрээри, иккиэн кыайан дьиэлэммэккэ сылдьаллар. Куоракка куортамнаһан олороллор. Уол эдэр саас романтикатын батыһан быһыылааҕа, университет геологоразведочнайын бүтэрбитэ да, идэтинэн үлэлээбэтэҕин кэриэтэ. Билигин пластиктан түннүк оҥоһуутунан дьарыктанар биир дойдулаахтарын кытта үлэлиир, кинилэри таһар суоппар быһыылаах. Кийиит Ангелина оҕо бырааһа. Таҥара көмөтүнэн, үчүгэйкээн кийиит! Биэс саастарын туолбут Петя уонна Павлик диэн игирэ уолаттардаахтар. Кыыһа Оксана экономист идэтинэн үлэлиир. Күтүөт Аркадий, пединститут физкультурнайын бүтэрбит уол, оскуолаҕа учууталлыыр. Кинилэр эрдэ ыал буолбут буолан, соҕотох кыыстара Милана быйыл оскуолаҕа барбыта. Күтүөт эмиэ киһи хайдах да сирбэт оҕото, ийэтэ эрдэ олохтон баран, тулаайах кэриэтэ иитиллибит буолан, бэрт сиэрдээх майгылаах, дьоһун киһи. Луиза сэмээр кийииттээх күтүөтүттэн үөрэр, төттөрүтүн, сороҕор бэйэтин оҕолоруттан хомойо-хоргута саныыр. Туох эмит мөккүөргэ түбэһэн хааллаҕына, кийиитин, күтүөтүн көмүскэһэ олорор буолар ээ.
Иван Даниловичтыын билсэн, куоракка киирэн эрэрин бастаан кыргыттарга – кыыһыгар уонна кийиитигэр кэпсээбитэ. Күһүөрү Иван Даниловичтыын илэ көрсөөрү анаан-минээн куоракка киирэ сылдьыбыта. Хас да күн куорат кытыытынан онно-манна сылдьыбыттара, Иван массыыналаах буолан күһүҥҥү кэрэ айылҕаҕа да күүлэйдээбиттэрэ, хас да эрэстэрээҥҥэ олорон тото-хана сэһэргэспиттэрэ. Кийиитигэр кэпсээбитин Ангелина саҥата суох мичээрдии истибитэ. Кыыһа Оксана, омуннаах бэйэлээх, ийэтин быһаарыныытын сөбүлээбэтин биллэрбитэ, онон кыыһырсан, кинилэргэ биир эрэ хонон баран, уолун аахха олорбута. Оттон Иван Данилович кыыһыгар Дайаанаҕа ол кэмҥэ сатаан эппэтэҕэ быһыылааҕа, онон, дьиэтигэр эҥин ыҥырбатаҕа, сырытыннарбатаҕа.
Луиза Никитична сарсыардаттан суотабайын көрбөккө сылдьан баран аспыта: сурук бөҕө кэлбит эбит. Оо, бу билсиһии бөлөҕөр ордук алтыспыт Настя диэн үөлээннээҕэ суруйбут: «Луизаа, дьэ бөлөххө эһигини кэпсэтии бөҕөлөр. Учуутал чүөчэбит юрист оҕонньорбутун уоран илдьэ барда дэһэллэр. Биирдэ өйдөөбүппүт, Иванныын иккиэн бөлөхтөн тахсан хаалбыт эбиккит дии. Холбоһон эрэллэр дииллэр дии, кырдьык дуо?» диэн буолбут. Оннук кэпсэтии, ырытыһыы буолуохтааҕа таайыллар этэ. Бөлөх эмиэ туспа олохтоох. Бээ, Иван бөлөххө Луизаны киллэриэхтэрин инниттэн баар эбит. Настя кэпсииринэн, киниэхэ санааларын ууран, үтэ-анньа сатаабыт кэрэ аҥаардар бааллар үһү. Киһи ону баалаабат: хас биирдиилэрэ олохторун оҥостуохтарын баҕалаах дьахталлар киирдэхтэрэ дии. Оо, Ольга салгыы тугу эрэ суруйда буолла?! Дьиҥинэн, кини ватсаабынан олох үлүһүйбэт, санаата батарбакка, суруйаахтаабыт буолуохтаах. Луиза хайыа баарай, балтын аатын булан, тугу суруйбутун ааҕарга быһаарынна. Хараҕын симнэ, үөһэ тыынна уонна баттаата. «Чэ, быһаарынан бүтэн олорор киһини тыытымыым. Ол эрээри, ама да аныгы кэм тэтиминиин барсыбытыҥ иһин, учуутал эҥин ааттаах киһи, бачча сааһыран баран хаһан билбит-көрбүт киһигэр сөбүлэҥҥин биэртиҥ буолла?!». Ольга уоскуйбат эбит. Бээ, туох эрэ диэн сэрэнэ соҕус эппиэттээбит киһи… Луиза балтыгар сымнаҕас соҕустук туох диэн суруйуон билбэккэ, суотабайын одуулаан олорон хаалла.
* * *
– Оччоҕо эдьиийиҥ куоракка көһөн кэлэр буолбут дуу, Никитична? – Ольга пансионат хоһугар бииргэ олорор Евдокията сэрэниин-сэрэнэн ыйытта.
– Кэлэр ини… – Ольга кэпсэтиэн баҕарбатын биллэрэн улаҕа хайыһан кэбистэ.
– Бэрт дии, эдьиийиҥ эйиэхэ кэлэ сылдьыа, эн киниэхэ баран дьиэҕэ-уокка сынньанан кэлиэҥ.
– Ээ, ол хаһан билбит киһим дьиэтигэр киирбит эдьиийбэр тиийдэмий? Дьэ, суох буолуо. Бэйэтин талбыт олоҕунан олоруоҕа. Хата, дьиэбитин, тэлгэһэбитин атыылаан кэбиспэт ини, өйдөөн эппэтэхпин дии… Куорат киһититтэн үүрүллэн баран, туга да суох хаалара буолуо…
– Кэбис, этэҥҥэ эрэ буоллун, куһаҕаны түүйүмэ. Чэ, утуйбута, сынньаммыта буолуохха, били үлэ бөҕөтүн түҥнэри көппүт дьон.
– Оттон баарым-суоҕум эдьиийим эрэ дии, эдэр кыыска дылы быһыыланарыттан кыыһыран ылабын, ол иһин араас саҥалар тахсаллар, Дуся-аа, – Ольга күнүс урут да сатаан утуйбат бэйэтэ, уута олох көтөн хаалла.
Эдьиийэ дьэ куоракка кэлэн, оҕолорун олохторун сааһылаһа сатаан мучумааҥҥа түһүөхтээҕин сүрэҕинэн сэрэйэр. Ону ол ыал буолар киһитэ төһө сэргиирэ биллибэт. Ол туһунан эҥин толкуйдаан көрөрө буолуо да ити? Кыыс да, уол да бэйэлэрэ дьиэлэрэ суох. Луиза ол үс хостоох таас дьиэлээх киһиэхэ көһөн киирэн, оҕолорбун илдьэ олоруом дии саныыра буолуо дуу? Ол ватсаабынан билсэн, хайдах майгылаах-сигилилээх киһитин хантан билэр? Дьаакыбын хамаандалыы сылдьыбытын курдук буолуо суоҕун сөп ээ.
Ольга бу күннэргэ бэйэтин эмиэ хайдах эрэ буруйдана саныыр. Эдьиийэ «бииргэ суулаһан олоруохха, кыра дьиэни тоҥоруохха, миэхэ көһөн киир» дии сатаабыта. Оттон кини эдьиийигэр доҕор буолан олоруон баҕарбытын да иһин, атын ыал бэрээдэгэр сөп түбэспэккэ эрэйдэниэн билээхтиир. Луиза үйэтин тухары түүннэри тилигириир, хаһан утуйара, сынньанара биллибэт идэлээх. Билигин кэргэнэ өлүөҕүттэн сүөһүтүн эспитэ да буоллар, кини аралдьыйара, кэлэрэ-барара бүппэтэ, киирэр-тахсар ыалдьыта элбэҕэ… Сотору-сотору сиэннэрин таһааран биэрэллэр этэ, оччоҕуна таах көлүөһэ курдук эргийэн хаалааччы. Ольга эдьиийин таһыттан көрө-көрө сылайар үгэстээх.
Кини кулууптан уурайыаҕыттан киэһэ 9 чааска утуйар, сарсыарда 6 чааска турар. Барыта бэйэтэ оҥостубут бэрээдэгинэн барарын сөбүлүүр. Бу манна киирэн да баран, бастакы кэмнэргэ эрэйдэммитэ элбэх. Оннук буолуохтааҕын эрдэттэн билэрэ, ол гынан баран оҕото-уруута суох соҕотох киһи эрдэттэн оннун оҥосто туруохтаах дии санааттан бу пансионаты булбута. Дойдутугар кулуупка идэтинэн уус-уран салайааччынан үлэлээбитэ, биэнсийэҕэ тахсан баран, сэлиэнньэтигэр социальнай үлэһитинэн сылдьыбыта, онон киирэригэр быыһы-хайаҕаһы булар тоҕоостоох даҕаны этэ. Манна киирэргэ эмиэ уочарат кытаанаҕа. Билсэн-көрсөн бардахха, араастаан киирбиттэр бааллар эрээри, бука бары тус-туспа дьылҕалар хаамса сылдьаахтыыллар.
Бу кини дьукааҕа Евдокия Федотовна кэргэнэ, кытта кырдьыбыта, суох буолбутун кэнниттэн киирбит. Таҥара оҕону биэрбэтэх ыала эбит. Евдокия майгытынан холку, чуумпу буолан абыраата. Туох кистэлэ кэлиэй, хас да дьукааҕын кытта сатаан тапсан олорбокко эрэйдэнэн баран, дьэ бу Дусята киириэҕиттэн сэргэхсийэн сылдьар. Манна олорорун тухары кинилиин эрэ дьукаахтаһыан баҕарар. Этэргэ дылы, Ольга урут социальнай үлэҕэ сыстан, туох эрэ уопуттаах, сатыырдаах, култуура үлэһитин быһыытынан, наада буоллаҕына дьону түмэн, санааларын сааһылаан көмөлөһөр буолан бу тэрилтэҕэ убаастыыллар, үлэһиттэр «Никитична-а, хайыыбыт?» диэбитинэн киирэн кэлэллэр. Онон эрэ, кини дьукааҕын хаста да уларытара көҥүллэннэҕэ ээ.
* * *
Луиза Никитична уолун аахха олорбута хас да хонно. Игирэчээн сиэннэрин дьыссаакка илдьэн, аҕалан бэрт туһалаах эбээ буола сылдьар. Иван Данилович кыыһа Польшатыгар бараары тэринэр сураҕа иһиллэр. Арааһа, оҕонньор кыыһа бардаҕына биирдэ дьиэтигэр ыҥырар буолла быһыылаах, күн аайы, баҕар, «кыыспын кытта билсиһэ кэл» диэҕэ диэн күүтэн көрөр да, чуумпу. Кыыһа, арааһа, дьиэтигэр хаһаайка киирэрин сөбүлээбэтэх быһыылаах дии санаан эмиэ да дьиксинэн ылаттыыр.
Бу оҕолор олохторо дьэ эмиэ хайдах эрэ… Луиза Никитична куоракка киириэҕиттэн аанньа да утуйбат буола сылдьар. Биир хостоох дьиэни арендалаһан олороллоро кып-кыараҕас эбит. Саатар, аныгы дьиэлэрэ буолбатах, урукку КПД диэннэрэ. Уола Максим үлтү үлэлээбит, сылайбыт аатыран ыкса киэһэ кэлэр эбит. Ангелина даҕаны дьуһуурустубаҕа сырыттаҕына, хойут кэлэр үһү. Уолаттарын оҕо саадыгар, оскуолаҕа илдьииттэн-ылыыттан саҕалаан этиһэллэрэ, иирсэллэрэ да элбээбит. Иллэрээ түүн өссө аҕалара олох хойут, сарсыарданан кэлэн эрэрэ. Ангелина тугу да кэпсээн бэрт, кистээхтиир. Настарыанньата суоҕа, санаата саппаҕырбыта харахха быраҕыллар. «Ол киһигэр көстөххүнэ, сиэннэргин илдьэ бараар» диэн үнүр уола Максим мас-таас курдук этэн эрэрэ. Хайдах, хара бастааҥҥыттан Иван Даниловичка кыра оҕолору батыһыннаран киирэн кэлиэҕэй? Максим ол туһунан толкуйдаан да көрбөт эбит. «Ийээ, ол Иван Даниловичкар хас да кредиттээххин эппитиҥ дуо? Хайаан, онтон куттамматах оҕонньоруй, арааһа, эппэтэҕиҥ буолуо. Көһө охсоруҥ буоллар, Милана үөрэҕин кэнниттэн сылдьыа эбит. Тугу гына олоруоххутуй, иллэҥ эмээхсиннээх оҕонньор сиэннэргитин пааркаҕа эҥин күүлэйдэтэр инигит», – ити кыыһын Оксана тыллара.
Онон, хайдах эрэ санаа бөҕөҕө тууйуллан олорор. Куорат Мархатыгар университекка бииргэ үөрэммит, саамай чугас дьүөгэтигэр Марианнаҕа бара сылдьыан, саппаҕырбыт санаатын үллэстиэн баҕарар да, аны бу кини санаатыгар, баччааҥҥа диэри кинитэ суох олорбут ыаллар сатаныа суох курдуктар. Сиэннэрин тэрилтэлэригэр илдьэн, көрсөн, киэһэ оҕолоро кэлэллэригэр ас астаан көрсөрө эмиэ сүүнэ туһа курдук. Онон, Марианната ыҥыра сатыыр да, хоҥно охсуо ыраах быһыылаах.
* * *
Ольга Никитична үгэһинэн тахсан фойеҕа хаамыталыы, сөбүлээн олорор кириэһилэтигэр олоро түстэ. Бу аата, уопсастыбаҕа тахсар быһыыта. Маннык таҕыстаҕына, син биир соҕотоҕун олордубаттар, ким эрэ хайаан да кэлэн кэпсэтэр, син ону-маны сэһэргэһэн, сороҕор, барахсаттар бу дьиэ иһинээҕи да хобу-сиби кута-симэ охсон ааһаллар. Ол Мавра Петровна кини диэки туһулаан хааман сотуохайданан иһээхтиир.
– Никитична, дорообо! Доо, мин бу дьиэттэн баран эрэбин, – диэн баран, дьэ туох диигин диэбиттии, өрө көрөн олордо.
– Тыый, ол ханналаатыҥ?
– Миигин ыаллар «иитэ» ылан эрэллэр. Аны оннук баар буолбут үһү дии. Ырааҕынан аймаҕым ыаллар. Таайдахпына, дьиэ харабыла оҥостоору, ыттарын-кустарын аһаттараары гыналлар быһыылаах. Туспа хос биэрэллэр үһү. Үчүгэйэ диэн, мас дьиэлээхтэр. Манна олох күн-түүн тыыным-быарым хаайтарара элбээн иһэр. Ити дьахталлар, саараама, биирдэрэ да түннүгү астарбат, сүгүн тэлэбиисэр көрдөрбөт. Хоспун уларытыҥ диэн этэн көрдүм да, тарбаабыт ынах курдуктар.
– Петровна, эйигин хаста да көһөрө сатаатылар быһыылаах дии. Ханна эрэ, кимниин эрэ тохтоон олоруохпутун наада эбээт. Элбэхпит буоллаҕа, бука барыбыт баҕа санаатын баҕарбыттарын да иһин толорор кыахтара суох…Дьэ, бэйэҥ билэҕин, ол ыалга бараргын. Ол эрээри, өйдөө, төттөрү кэлэ сатаатаххына уонна ылыахтара суоҕа.
– Ээ, ылбатыннар… Онно сатаан олорботохпуна дойдум диэки түһүөм. Биир эмэ быраҕыллыбыт дьиэни булан олорор инибин, – Мавра Петровна син биир сатамматы саҥарарын билэр буолан, сыҥааҕырдаабыта буолан баран, ойон туран хоһун диэки бара турда.
Эмиэ сааһын тухары соҕотох буолан дуу, майгыта уустук. Ким да Мавралыын олоруон баҕарбат сураҕа иһиллэн эрэрэ. Маннааҕы салалтаны, үлэһиттэри да кытта сатаспат, хаһан да үчүгэйи таба көрбөккө, куһаҕаны эрэ хостоон, онтун тэнитэн, сайыннаран иэдэйэр. Үнүр остолобуой кыргыттарын «бэрэскигит этэ суох, барыта ириис, этин ханна гынныгыт?» дии-дии, илгиэлэнэ турара.
Оол, бээ маннааҕы «сладкай парочка». Дьонуҥ эмиэ сибидээнньэлии олороллор быһыылаах. Полиналаах Бааска маннааҕылар кэпсииллэринэн, бэйэ-бэйэлэрин көрдө-көрөөт сөбүлэһэн, ыал курдук бэрт эйэлээхтик сылдьаллар дииллэр. Бааска ыал буола сылдьыбыт, алта уончалаах киһи. Кэргэнэ өлбүтүн кэнниттэн, уолун ааҕы кытта сатаан олорбокко манна киирбит. Идэтинэн слесарь, манна сантехникаҕа туох эрэ кыра ыксал буоллаҕына Бааската суох эмиэ сатамматтар. Наһаа арыгыга ылларбыт киһини кытта биир хоско олоро сылдьан, хаста да иһэн-аһаан үүрүллэ сыһан ыксаата быһыылаах. Ол аайы Полината котоку кэнниттэн тэйиччи, хаама-хаама, тугу эрэ ботугуруу сылдьар буолааччы. Сэмэлээн эрдэҕэ. Полина хоҥсуо саҥалаах, оҕо эрдэҕиттэн аһаах доруобуйалаах эбит. Ийэтэ өлбүтүн кэнниттэн манна олохтообуттар. Куорат ханнык эрэ стационарыгар санитаркалаабыт, өрүү хайҕалга эрэ сылдьыбыт үлэһит үһү. Үнүр биир хоско олорор дьахталлара «ээ, биһиги бэйэбит санэпидстанциялаахпыт, кыра да быылы тулуйан көрбөппүт, бэйэбит ыраастаан иһэбит» диэн Полиналарын хайҕаан эрэллэрэ.
* * *
Луиза Никитична дьэ куорат дьиэтин хаһаайката буолан олорбута ый буолан эрэр. Бастаан барытыттан саараабыта, симиттибитэ ааһан, саҥа дьиэтигэр үөрэнэн барда. Онно, Таҥара көмөтүнэн, Иван Даниловиһа улаханнык көмөлөстө. Туох да диэбит иһин, Луиза холумтанынан диэххэ дуу, үтүө эр дьоҥҥо түбэһэн иһэр ыйаахтаах эбит диэххэ дуу. Майгыта холкута, дьоһуна, киһини бары өйдүү сатыыра, үтүө киһи Иван Данилович. Кыыһа Дайаана даҕаны, үчүгэй дьоҥҥо иитиллибитэ-такайыллыбыта майгытыгар-сигилитигэр көстөр курдук. Барыан иннигэр Луизаны дьиэлэригэр аан бастаан ыҥырбыттара. Кыыс даҕаны, хаһан билбит дьахтарыгар тута эрэниэй, «аҕабын, дьиэбин эйиэхэ туттаран баран эрэбин» диэх курдук эппитэ-тыыммыта, хайдах тэринэн олоруохтарын баҕарарын туһунан санааларын быктарбыта. Арай, эдэр киһи наһаалыа диэбитэ дуу, аттыгар аҕата олорон кыыһын илиитин көхсүн сөп-сөп таптайа олорбута. Үһүөн даҕаны көлөһүннэрэ тахсыар диэри долгуйбуттара.
Бу дьиэҕэ Иван Данилович кэргэнэ өлүөр диэри үһүөн бииргэ олорбуттар. Дайаана, дьахтардыы, хаһаайкалыы толкуйунан Луизалаах аҕатыгар бэйэтин утуйар хоһун бэлэмнээбит этэ. Урукку төрөппүттэрин хосторун ыалдьыт утуйар хоһо буолуон сөп диэбитэ. Луиза сылдьарыгар хас хос аайы кэриэтэ Иван Данилович кэргэнэ – бэрт ис киирбэх көрүҥнээх, чоҕулуччу көрөн олорор дьахтар – хаартыската баар этэ. Луиза көһөн кэлэригэр ол барыта хомуллубут этэ.
Иван Данилович, хата, аһылыгар улахан талымаһа суох эбит. Син иккиэн сөпсөһөр күннээҕи менюларын оҥостон, сытар-турар бэрээдэктэрин эмиэ сааһыланан олороллор. Саҥа холбоспут эдэр дьон курдук таптал кыымынан ыһыахтанар харахтарынан да көрсүбэтэллэр, бэйэлэрэ билэллэринэн, хайҕаһа, сөпсөһө сылдьар быһыыларынан сөп буолаллар. Иван Данилович билигин да улахан уҥуохтаах, дараҕар сарыннаах, киппэ көрүҥнээх. Луиза кини күүстээх илиилэринэн кууһан ыллаҕына, ааһан иһэн кэтэҕиттэн сыллаан аастаҕына, эр киһи сылаас сыһыаныттан муҥура суох дьоллонон сылаанньыйарын бэйэтигэр эрэ билинэр.
Үнүр оҕолорун ыҥыртаан билсиһиннэрии остуол тэрийбитэ. Кийиитэ Ангелина барахсан үгэһинэн остуол тардыытыгар көмөлөһөн бөҕө. Оттон Оксана обургу дьиэс-куос соҕус тутта, иэдэһинэн буолан олорон баарта. Уолаттар Максимнаах Аркадий Иван Даниловичтыын булт-алт туһунан кэпсэтии бөҕө буолтара, өссө хоту, Иван дойдутугар андылыы барыах буолан эрэллэрэ. Дьэ, аны биэстээх игирэ уолаттар Петькалаах Павлуша Иван Даниловиһы «эһээбит» дии-дии, отой да манньытан кэбиспиттэрэ. Иван кыыһа ыал буолан быстыбакка, эһэ буолар үөрүүнү билбэккэ сааһыран эрэриттэн санаарҕыыр эбит.
Хаста да тыйаатырга сырыттылар, пааркаҕа хаамыстылар. Ол тухары иккиэн да билэр дьоннорун көрсөн иһэллэр. Дьэ, анарааҥҥылара саҥа ыалы көрүү-истии, сыныйа, үөрэтэ одуулаһыы. Ол барыта сонун, кэпсээн буолан ватсаабынан бэйэлэригэр кэлэрэ буолуо ээ…
* * *
– Хайа, сэгэртэй, тоҕо түннүгү одуулаан турдуҥ? – эмискэ Иван Данилович кэлэн санныттан аргыый таарыйбытыгар, Луиза соһуйан, сороҕор буоларыныы, өмүрэн өттүгүн охсуна сыста.
– Ээ, бэйэм… Тыала, хаара бэрт дии, эн биһи бүгүн таһырдьалаабат инибит. Киэһэ Ангелина оҕолорун кытта кэлэ сылдьыах буолла. Тугу буһарбыт киһи диэн толкуйдуубун быһыылаах, – Луиза Иван Даниловичка туохтан санаата аймаммытын этэ охсортон туттунна.
Кийиитэ Ангелиналыын бэҕэһээ киэһэ кэпсэтэ сылдьыбыта. Отой даҕаны аҕалара «ваахтанан үлэлии барарга сананным, оҕолоргун кытта эбээҕит аахха көһүөххүт» диэн дьаһайбыт үһү. Кырдьык, этэрин курдук, оннук баран үлэлээн, үгүөрү үбү өлөрөрө буоллар, ипотекаҕа киирэн дьиэлэнэр туһунан саныыр кэмнэрэ кэллэҕэ дии. Киһи да куттанар, Луиза таһыттан көрдөҕүнэ, уоллаах кийиитэ бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара уруккутааҕар уларыйбыт курдук. Ордук Максимын атыҥырыыр. Ийэтэ куоракка кэлиэҕиттэн биирдэ да түптээн-таптаан олорон кэпсэтэ илик, оннук наллаан кэпсэтииттэн куотунар да курдук. Ханна эрэ ыксаабыта, ойон туран барбыта эрэ баар буолан иһэр. Көр, уонна ити ийэтэ киэҥник, дэлэгэйдик олорорун көрөн, кэргэнин, оҕолорун хааллартаан ыраах тэлэһийэргэ сананнаҕа. Кини баран хааллаҕына, кийиит, кырдьык, хайдах соҕотоҕун икки оҕону кытта олоруоҕай? Дьиэҕэ куортам төлөөбөккө, манна кэлэн, харах далыгар олороллоро ордук курдук. Оо дьэ, Иван Данилович ону хайдах ылыныаҕай?! Түбүгү, кыһалҕаны сүкпүт саҥа кэргэн буолаары гынным быһыылаах ээ…
Оттон Иван Данилович хоһугар киирэн утуйа түһүөн баҕарбыта да, сибилигин уута кэлбит аҕай бэйэтэ ааһан хаалбыт курдуга. Ити Луиза Никитичната, сороҕор, кинини кытта олох тэһийбэт дуу, хайдах дуу? Наар туох эрэ санааҕа ыллара сылдьар курдук буоллаҕына, кини өйдүөхтээх, өйүөхтээх, хараанныахтаах эр киһи буолан долгуйан барар. Ватсаабынан да буоллар, бэрт, киһи сирбэт дьахтарын түбэһэн билсибититтэн үөрэ саныыр. Катята барахсан манна куоракка көһөн кэлэн, кыыстара Дайаана булан-талан биэрбит бу мааны дьиэтигэр аҕыйах сыл эрэ олороохтоотоҕо. Үөрбүтэ даҕаны, Иван хоту дойдутун хаалларан, киин сиргэ, куоракка кэлэргэ сөбүлэспититтэн. Бэйэтэ куораттан чугас, Нам сирин кыыһа буолан куоракка уруккуттан тардыһыылааҕа. Иваны таптаан кэбиһэн, үөрэҕин бүтэрэн баран, биир тыла суох хоту түспүтэ. Хойукка диэри тэһийбэккэ эрэйдэммитэ быһыылааҕа да, хоту сир олоҕун илгэтигэр сотору үөрэммитэ. Кинилэр соҕуруу куоракка үөрэнэ сылдьан билсэн, сотору кэминэн ыал буолбуттара. Дайааналара онно төрөөбүтэ.
Иван Данилович сааһырбыт киһи сиэринэн уруккуну-хойуккуну эргитэн аҕалан саныыра элбээбит. Сааһын тухары сүрэҕин бүччүм муннугар, бэйэтэ эдэригэр тэптэрэн, муннарбыт, сүтэрбит тапталын уобараһа олорор. Ол тырыбыныы-тырымныы, тапталтан дьолломмут кыыс кэрэ мөссүөнэ сүрэҕэр оспот бааһы хаалларбытын биллэрэн сотору-сотору санаатын оонньотор, сыппах быһахтыы аалар. Өрүү даҕаны ол кыыһа ханна тиийэн, туох дьылҕаланан олорорун билиэн-истиэн наһаа баҕарара да, хайдах да кыаллыбатаҕа. Арай бу куоракка, киэҥ сиргэ кэлэн баран, арай манна олохсуйан олорор буоллун, алҕас ханнык эрэ суол тоҕойугар көрсө түстүбүт диэн санаан ылара. Ол санаатыттан бэйэтэ да куттанара, тугу саныырбын курдары билиэҕэ диэбиттии, Катятын диэки көрөн ылбытын билбэккэ да хаалара. Акаарытык да куоппут эбит таптаабыт кыыһыттан. Сүгүн тугу да быһаарбакка, кырдьыгы этиэҕин куттанара бэрдиттэн. Дьиҥинэн, ол түүн кинини наһаа таптаабыт Катя барытын түргэнник быһаарыллар суолга тириэрдибэтэҕэ буоллар, дьылҕата олох атыннык салаллыахтаах этэ. Катяҕа кини, ол да сахтарга кыһыҥҥы сынньалаҥтан өйдүүн-санаалыын, сүрэхтиин-быардыын тапталга ылларбыт киһи, чиэһинэйдик этиэхтээх этэ. Аҥаардастыы кыыс иэйиитин харыстаан, иэрэҥ-саараҥ сылдьарын эрдэттэн билэрэ ээ, эмиэ хомотуон куттанар эбит. Чэ, бэйи, отой да нуктаан абырамматын оҥоһунна…
* * *
– Хайа, уопсастыбаҕа туох сонун баа-ар? – Ольга көрүдүөртэн киирбитигэр, Евдокията үгэһинэн сонун истээри оронугар олоро түстэ.
– Ээ, улахан туох да суох быһыылаах. Били кэпсээбит саҥа дьахталлара көстөллөр. Соччо үөрэнэ иликтэр быһыылаах, бэркэ тэһииркээбит көрүҥнээхтэр. Люция Павловна чугаһыы сырытта. Таайбыт курдук, Полиналаах Бааска сайабылыанньа биэрбиттэр үһү.
– Оо, бииргэ олоробут, ыал буолабыт диэн дуо?
– Инньэ диэбиттэр. Ол эрээри, билигин кураанах хос суох үһү. Эмиэ да саарыыр Бааскаттан: Полинатын кэргэн биэриэн туттунар. Миигиттэн сүбэлэтэ сатаан бөҕө буолла. Ону мин хантан билиэхпиний, үйэбэр кэргэн тахсыбатах киһи, – Ольга, икки илиитин нэлэс гыннара-гыннара, күллэ.
– Ээ, Бааскаттан тоҕо куттаннаҕай? Ити дьээдьэлэр иирдэн буккулла сыспыта. Полинатын биэбэйдэһэн, дьонуҥ хата бэркэ олоруо этилэр ээ. Ол хос суоҕа куһаҕан эбит. Кырдьар саастарыгар бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн, өйөһөн олорор үөрүүтүн билиэ этилэр. Ити Полина саҥата куһаҕан эҥин буолан, бэйэтин сэнэнэ сылдьан соҕотох хаалбыт быһыылаах. Ийэтэ тыыннааҕар оҕобун атаҕастыахтара диэн хам тутан олороохтоотоҕо.
– Чэ, мин туох да диэн сүбэлиибин диэбэтим. Люция Павловна хосторун, дьонун сааһылыы сатаан сылайбыт быһыылаах. Сарсыарда үлэтигэр кэллэ да, Бааска киниэхэ, кабинетыгар көтөн түһэр үһү. Быһаара охсуон баҕарбыт да, кыах суох… – Ольга Никитична библиотекаттан аҕалбыт хаһыаттарын ааҕардыы сытынна.
– Оттон эн эдьиийиҥ куоракка кэлэн хайдах олохсуйда буолла? – Евдокия сэрэнэн аргыый ыйытта.
– Этэҥҥэ быһыылаах билиҥҥитэ. Ыҥырар, кэлэн ыалдьыттаа диир даҕаны, билигин бара охсуохпун баҕарбаппын дии. Эдьиийбин ахтыбыт эбиппин эрээри. Сэрэйбит курдук, оҕолорун кыһалҕаларынан олорон эрэр быһыылаах. Ити уоллаах кыыһы үлтү атаахтатан ииппиттэрин түмүгүн дьэ көрөн эрэллэр. Этэ сатыыр этим, төбөҕүтүгэр ыттыахтара, туох баҕарбыттарын барытын тэлгээн биэрэн иһимэҥ диэн. Су-оох…
– Төрөппүт оҕотун туһугар олороохтуур буоллаҕа-аа, – Евдокия үөһэ тыынан баран, истиэнэ диэки эргийэн саҥата суох барда…
– Эн этэҕин, били Трофим Егорович бүгүн эмиэ сакалаат биэрдэ, – Ольга, Евдокиятын сэргэхситээри, күлэ-күлэ эттэ.
– Ээ, санаатын түһэрбэт эбит дии уолуҥ. Олох эйигин сөбүлээбит ахан быһылаах. Саамай күүтэрэ остолобуойга киирии буолуо дии саныыбын, эйигин көрөн аҕай олорор буолааччы дии, – Евдокия бэттэх хайыһа охсон, күө-дьаа буолан барда.
– Онтуттан наһаа мэһэйдэтэбин, олох илиибин-атахпын баайар ити одуулаан тахсара. Биирдэ эбит күүскэ соҕус саҥаран биэриэхпин санаталыыбын эрээри, аһынабын эмиэ.
– Эйигин сөбүлээбитэ, туох эрэ иэйиинэн сыһыаннаһара наһаа үчүгэй дии. Махтаныахтааххын төттөрүтүн. Холобур, дьахтар быһыытынан эр киһи болҕомтотун өссө да тардабын диэн…
– Ээ, билбэтим. Сакалаатын ылыа суох буолабын да, эмиэ аһынан кэлэн быстабын ээ. Сотору эппиэттэһэр эбит диэн «сайабылыанньата суруйуох, бииргэ олоруох» диирэ буолуо, – Ольга ол түгэни хараҕар ойуулуу охсон, күлэ санаата.
* * *
– Хайдах гыныаҥый, Ангелина, аҕаҕыт докумуона сатанан, кырдьык, барардыы тэриннэҕинэ бу диэки кэлэргитигэр тиийэҕит. Этэрин курдук, харчы өлөрөн кэллэҕинэ, ипотекаҕа киирэргит ордук буоллаҕа дии. Билиҥҥи кэмҥэ онтон атыннык дьиэлэммэккит, – Луиза кийиитин ааҥҥа диэри атаарарыгар санаатын этэ турда.
– Толкуйдуохпут, ийээ… Эһиэхэ кэлэн хааларбыт эмиэ хайдах эрэ дии. Иван Данилович туох дии саныаҕай? Саастаах киһи син биир оҕолор күүгээннэригэр мэһэйдэтиэ дии саныыбын. Санаан көрдөххө, олох табыгаһа суох дьаһаныы. Ийэбэр тыаҕа баран эриэхпин, хайдах үлэтэ суох олоруохпунуй? Ыйыттара сырыттым ээ, балыыһаҕа үлэ миэстэтин…
– Билигин тыаҕа үлэ миэстэтэ хантан кэлиэй? Оҕолоруҥ, улаатан эрэр дьон, манна үчүгэй тэрилтэҕэ түбэспиттэрин сүтэрэр эмиэ сыыһа. Ийэҥ анараа сиэннэрин кытта бодьуустаһан, түбүк бөҕөҕө олорор. Онно эбии буолума… Чэ, толкуйдаарыҥ. Аныгыскыга Максим булгу кэлистин. Эбэтэр мин бу күннэргэ эһиэхэ бара сылдьыам.
Луиза Никитична кийиитэ олох настырыанньата суоҕуттан санаата улаханнык түстэ. Хайдах даҕаны Иван Даниловичка балаһыанньаны кэпсииригэр тиийэр. Бу үлүгэр дьиэҕэ сиэннэригэр биир хоһу биэрэн олордо түһэри көҥүллүүр ини. Дайаанаҕа эппэт инилэр, ээ таах да, аҕатын кытта скайпынан, видео-сибээһинэн кэпсэтэ олорор ээ. Максимы кытта булгу кэпсэтиэххэ наада. Ийэтин кытта иккиэйэҕин хааллаҕына, туран куота көтөр үгэстэммитин дьиктиргии саныы сылдьар.
– Хайа, сэгэртээй, утуйар санааҥ суох дуо? – Иван Данилович хаһыатын туппутунан куукунаҕа кэллэ.
– Ээ, сотору утуйуом. Эн суораккын ис эрэ уонна сыта тур. Тиэстэ охсон кэбиһиэм, бэйэбит да сиэхпит, ити үлэлии сылдьар оҕолорго да бэриллиэ.
– Ангелина тугу кэпсиир? Уолаттар үчүгэйдэр үһү дуо?
– Үлэтиттэн кэлэн иһэн таарыйда. Оҕолорун оҕо саадыттан устудьуоҥка балта ылбыт буолан кэлэн барда. Максим түүн кэлэр быһыылаах дии.
– Сакаас элбээбит кэмэ эбитэ дуу? Билигин арыый аҕыйах да буолуон сөп эбит.
– Ити уолум дьэ дьиэҕэ бүгүрүтэ суох оҕо, аҕалара итинник буолбатах этэ. Онно холоотоххо, күтүөт Аркадий хачыгырайан олорор, өссө хотунуттан мөҥүллэр. Кыыспын кэлэ-бара буойа сатыыбын да, истибэт ээ.
– Дьэ, улааппыт оҕолор олохторугар киһи кыайан орооспото буолуо. Чэ, бүтэ охсон, эрдэ сытаар эрэ… – Иван Данилович Луизатын кэтэҕиттэн сып-сылаастык сыллаан ылла.
Дьэ, барахсаным сыллаан ылбыта сүрэҕим-быарым ортотунан киирдэҕэ үһү. Сып-сылаас тыыннаах, олоҕу наһаа сэргэхтик ылынар буолан, олорорго чэпчэки. Луиза бэйэтин араас кыһалҕалара суохтара буоллар, иккиэн наһаа үчүгэйдик, тапсан олоруо эбиттэр. Аньыы даҕаны, туох диэн эттэмий, оҕолорум сыыстара баар буоланнар, бу Орто дойду олоҕуттан, ийэ, эбэ буолбут үөрүүбүттэн дьоллонон сырыттаҕым эбээт. Оҕолор эдэрдэр, сыыйа оннуларын булан иһэллэр ини. Сиэннэр бааллар ээ, кинилэр үчүгэй, иллээх-эйэлээх эйгэҕэ иитиллиэхтэригэр баҕарыллар.
* * *
Таайбыт курдук, Луиза кийиитэ оҕолорун илдьэ кинилэргэ көһөн кэлээри гыммыттар. Луиза көһөн киирбитэ ыйтан эрэ орто дуу, дьэ уонна араас күүтүллүбэтэх уларыйыы-тэлэрийии саҕаланнаҕа ити.
Ольга бэҕэһээ эдьиийин кытта төлөпүөнүнэн истэн баран, соһуйан ахан олорор. Дьиэтигэр чуумпутук олорбокко, манна киирэн биэрэн, олорон эриэх оҕолорун бэйэтэ айматалаан эрэр диэх курдук. Ийэлэрэ аттыларыгар буолла да, ити оҕолор кыһалҕаларын соҥноон бардахтара ити дии. Ольга Евдокияҕа дьон кэлбиттэрин иһин мэһэйдээмээри бибилэтиэкэҕэ киирэн саҥа хаһыаттары, сурунааллары арыйталыы түстэ, онтон тахсан кириэһилэтигэр олордо.
– Луиза Никитична, биһиги Мавра Петровнабыт били ыалыгар көспүтэ. Төһө сөпкө быһаарыммыта буолла диэн муодарҕыыбын, – Луиза олорорун көрөн, хоһугар ааһан испит Нина Филипповна аттыгар турар кириэһилэҕэ олорунан кэбистэ.
– Ээ, миэхэ үнүр кэпсээн ааспыта. Ыалга иитиллэ баран эрэбин диэн. Үчүгэйдик толкуйдан, «Сарыалга» төттөрү киирэриҥ ыарахан буолуо диэн этэ сатаабытым.
– Майгыта уустук киһи, ол ыала хайдах кинини тулуйаары ылбыттара буолла. Ама да биэнсийэтигэр ымсыырбыттарын иһин.
– Оччоҕо эһиэхэ саҥа киһини киллэрдилэр дуо?
– Киллэрэн буоллаҕа, эмиэ олоҕор туспа эрэйи көрбүт киһи оннун булан кэм уоскуйда. Суос-соҕотох уол оҕолооҕо үлүгэрдээх иэскэ киирэн, биир хостоох кыбартыыраларын суутунан былдьаппыт. Ханна да барар сирэ суох буолан, хата үлэлээбит тэрилтэтин профсойууһа «Сарыалы» булан олохтообут.
– Оок-сии, дьэ оҕо диэн баран муннукка ытыыллар да, ханна баарый, кырдьар саастарыгар кинилэр тустарыттан таһырдьа быраҕылыннаҕа ол, – Ольга сөрү диэн сөҕөн баһын быһа илгистибитин билбэккэ да хаалла.
– Оттон олоххо оннук буолар быһылаах. Эдэр сылдьан оҥорбут алҕастарбытыттан эрэйгэ тэбиллэрбит эмиэ баар, – Нина Филипповна дириҥник үөһэ тыынан ылла.
– Нина Филипповна, бырастыы гын, эн оҕолордооххун дуу? – Ольга ыраахтан сэргии, сэҥээрэ көрөр дьахтара бэйэтэ кэлэн кэпсэппитигэр түбэһиннэрэн ыйытарга сананна.
Манна тугу гыналлара баарай, айылҕалара өтөөхтүүр, дьахталлар буоллахтара, син биир бэйэ-бэйэлэрин олохторун, дьылҕаларын интэриэһиргэһэн ылаллар.
– Хайдах диэххэ сөп эбитэ буолла… Биирдэ оҕоломмут уонна онтубун бырахпыт буруйдаахпын… – Нина Филипповна куолаһа кэһиэҕирэн ылбытыттан Ольга ыксаата, бэйэтэ, кэлэҕэйдии сыһа-сыһа, ыйытта:
– Оо, ол аата хх-айдах?
– Эдэркээн сылдьан кэргэннээх киһиттэн ыарахан буолан хаалбытым. Кэргэммиттэн субу арахсабын, сатаан олорбоппут диэн элэ-была тылын итэҕэйэн бөҕөбүн. Дьиҥинэн, пионер, хомсомуол ииппит оҕото буоллаҕым, өйдүүн-санаалыын бэрээдэк бөҕө киһи этим. Төрөппүттэрим бараххаттар эмиэ ып-ыраас санаалаах, чиэһинэй дьон этилэр. Мин олоҕум оонньуутуттан санаарҕаан бу дойдуттан эрдэлээбиттэр эбит диэн санаа аалар. Алта оҕолоох ыал соҕотох кыыстара этим. Миигин үчүгэй киһиэхэ кэргэн тахсыа, хайаан да ньиргиччи сыбаайбалаан, оҕобутун ыал оҥоруохпут диэн ыралаан тахсаллара. Түөрт уол кэнниттэн эрэ кэлэн абыраабыт күндү кыыспын. Онтулара куоракка устудьуоннуу кэлэн баран, уол баранан, кэргэннээх киһини кытта билсэр. Дьонум кэлэйэн, хомойон бөҕө буолтара. Таптаабыт киһим буоллаҕына ыарахан буолбуппун истээт, уларыйан хаалбыта. Кэргэнэ деканакка үҥсэн, аҕыс айдаан буолбута, тэрилтэтигэр партийнай мунньах дьүүллээбитэ. Миигин боротокуолу толороору комсомольскай мунньах тэрийэн сэмэлээбиттэрэ. Дьоммун кытта улаханнык иирсибитим, оҕо күүтэ сылдьан дойдубар биирдэ да бара сылдьыбатаҕым. Дьэ уонна куоракка оҕолонон баран, дьон сүбэтинэн, оҕобуттан аккаастанарым туһунан суруйбутум. Ол кэмҥэ дьонум барахсаттар санаалара буолбакка, оҕоҕун илдьэ таҕыс диэн сурук ыытаахтаабыттар этэ. Хойутаабыт этибит. Сураҕа, балыыһаттан илдьэ барбыттар. Балыыһа үлэһитэ аймахтарыгар бэрдэрбитэ быһыылааҕа, олус түргэнник быһаарыллыбыта.
– Оо дьэ, Нина, кырдьык даҕаны, уустук дьыала эбит. Кэлин кэргэннэммитиҥ дуу?
– Үөрэхпин бүтэрэрбэр ыал буолбутум. Кэргэним дьоно туруорсан, улахан сыбаайбаны тэрийбиттэрэ. Соҕотох оҕолоро этэ. Мин ийэ буолан, сиэн бэлэхтээн дьоллуур кыаҕа суох буолбут этим. Кыыспын наһаа ыараханнык оҕоломмутум, хааным дэлби баран, нэһиилэ быыһаабыттар үһү. Ону кэргэним дьоно хантан эрэ истэ-билэ охсон, оҕоломмоккун диэн аһаҕастык сирэй-харах анньар буолбуттара. Ол мин кэргэннээх киһини иирдэ сылдьыбыт бэрээдэгэ суох дьахтар аатырбытым. Уолларын бэйэлэрэ миигин утары туруоран, аҕыйах кэм иһигэр сатаан олорбот ыал оҥорбуттара. Арахсыбыппыт. Хата, иккистээн кэргэннэнэн, хас да оҕолоох ыал буолан олорор. Онтон, дьиҥинэн, үөрэбин эрэ. Ольга, оттон эн оҕоҥ суох да? – Нина эмиэ ыйытан хааларга быһаарыммыта быһыылааҕа.
– Турар бэйэм бу, – Ольга күлэн кэбистэ.
– Табыллыбатах таптал баара дуу? – Нина таах ыйытаммын диэбит курдук ыксаан, кэпсэтиини таптал тиэмэтигэр көһөрөн сэргэхситэ сатаабыта.
– Баар этэ диэххэ сөп, – диэн баран, Ольга бу кэпсэтиини салҕыыр санаата суоҕун биллэрэн, кириэһилэтиттэн ойон турбута.
– Кэпсээр эрэ биирдэ эмэ, таптал дьылҕатын истэри наһаа сөбүлүүбүн, – Нина Филипповна бэркэ сэргэхсийэн, батыһыннара көрө хаалбыта.
* * *
– Ольга, ити бээһээ кэлэ сылдьыбыт ыалдьытым туспа кыһалҕалаах кэлэ сырытта ээ. Манна миэстэ ыйыталаһар. Эн, Люция Павловнаҕа чугас киһи, кэпсэтэн көрүөҥ эбитэ дуу…
– Дьэ ким билэр ээ, истэр тухары, миэстэ суох дии тураллар ээ. Кырдьаҕастар интэринээттэригэр уочаракка тура сатаан баран, бары манна кэлэн көмүскэл көрдүүр буоллулар дии. Ити кимий, аймаҕыҥ дуо, Дуся?
– Кэргэним ырааҕынан балта Евгения. Миигин, саҥаһын, манна баарбын истэн билэ-көрө кэлбит быһыыта. Дьиэбитин сөбүлээн ахан барда. Ити кыыс эдэр эрдэҕиттэн диэххэ сөп, чэ 90-с сыллартан саҕаланнаҕа дии, аныгы баай ыалларга дьиэлэрин-уоттарын көрөөччүнэн үлэлии сылдьыбыта. Бэйэтэ оҕо саадын иитээччитэ идэлээх, педагогическайы бүтэрбитэ. Кэлин биир баай ыалга уһуннук олордо, сураҕа. Оттон бу күннэргэ, саҥа хаһаайкатын кытта тапсыбакка, таһырдьа үүрүллүбүт.
– Айыбыын, дьэ буолар да эбит, олох киинэҕэ курдук диэбэккин дуо?! Ити аныгы сериалларга араас остуоруйалары көрдөрөллөр дии, горничнайдар диэн ааттаах дьахталлар тустарынан. Атын ханна да барар сирэ суох буолаахтаабыт дуо, оҕо-уруу, кэргэн тэриммэтэх киһи дуо эмиэ?
– Суох, соҕотох, кырыйда итинник. 60-нун туолбут, ол саатар хаһаайына огдообо хаалан баран, саҥа кэргэннэммит эбит. Огдооболоон да, сыл да буолбатах быһыылаах. Кэргэнэ ыалдьа сытыаҕыттан ол дьахтары аҕалар этэ диир. Иэдээн дии: кэргэнэ иккис этээскэ оронтон турбат буола ыалдьа сытар үһү, киһитэ аллараа этээскэ ол көссүү дьахтарын сирэйэ-хараҕа суох аҕалар эбит. Евгения сөбүлээбэтин биллэрэр эбит эрдэттэн, ол иһин дьиэҕэ хаһаайка курдук киирдэ даҕаны, аан бастаан киниттэн босхоломмут. Саҥа хотун бастакы нүөмэрдээх укааһыгар түбэстим диир. Эдэрчи буо, 40-лаах дьахтар быһыылаах. Хайдах эрэ көмөлөспүт киһии… – Евдокия Федотовна ыксаатаҕына буоларыныы, төттөрү-таары хаамыталаата.
– Люция Павловнаҕа этэ сылдьыаҕым. Үнүр киириэн баҕалаахтар испииһэктэрэ диэни, бэрт уһуну тэлимнэтэр этэ. Киһи ыйытыан да табыгаһа суох курдук.
– Били Мавра Петровна оннугар киирдэхтэрэ дии.
– Сонно буоллаҕа. Бээһээ Ниналыын кэпсэтэ сылдьыбытым. Саҥа кэлбиттэртэн киллэрбиттэр. Уоллаах эрээри, онто улахан иэскэ киллэрэн, дьиэтэ суох хаалбыт барахсан киирбит.
– Оо дьэ, араас кыһалҕа элбэҕэ бөҕө. Евгения билигин бииргэ төрөөбүт быраатын аахха баар эбит, кийиитим олох сөбүлээбэт, иһитин-хомуоһун тыаһа ыраатта диир. Ол иһин дьоҥҥо мэһэйдээмээри атын сири көрдөнөр.
– Оннук буолумуна, өбүгэлэрбит «Уруу ырааҕа, уу чугаһа ордук» диэн олох муудараһын эттэхтэрэ. Төһө даҕаны хаан-уруу аймахтарыҥ буолтун иһин, бииргэ олоруохха диэтэххэ айыкка, доҕор. Төһө да соҕотоҕуҥ иһин, туспа хаһаайыстыба курдук сананаҕын бээ… Эдьиийим аны сайын тэлгэһэбитигэр баран сайылыахпыт диэн ымсыырдар. Тэлгэһэбин ахтабын бөҕө, сайын, арааһа, барыахха сөбө буолуо дии санаатым. Саҥа күтүөппүтүн арыаллаан, кыргыттар тиийиэхпит дии, – Ольга мичээрдээтэ.
– Оттон ол күтүөккүн көрө хаһан бара сылдьаҕын маннааҕы дьиэлэригэр?
– Ээ, ыал көһөн кэлбит дии. Уола аах икки оҕолорун илдьэ. Уоскуйа түстүннэр, оннуларын буллуннар дии саныы сылдьабын. Ону баран ыйан-кэрдэн, сэмэлээн эмиэ куһаҕан эдьиий аатырыам. Күтүөт да сууллан түһүө, аны кырдьаҕастар дьиэлэригэр манныктаах эбиппит дуу диэн. Туох ааттаах түбүктээх дьахтары ылбыппыный диэн, аны эдьиийбин утааран туруо.
– Оттон тиийээт хамаандалыаҥ суоҕа дии, саҥа киһиттэн туттунуоҥ, – Евдокия дьукааҕын саҥа көрбүт киһилии, үөрэтэрдии көрөн олордо.
* * *
– Максим, ити саатар биирдэ эрдэ кэлэн бараҥҥын төлөпүөнү туора ууран эриэххин. Уолаттаргын мөҕөҕүн, бэйэҥ атын холобуру көрдөрөҕүн, – Ангелина Максима чэйдииригэр остуолга саҥата суох олорсо сатаан баран, бүгүн да туох да кэпсэтии тахсыа суох дии санаата.
– Тугу кэпсэтэ сатыыргын өйдөөбөппүн ээ. Барыта быһаарыллан эрэр, Саасканы кытта барсыам вахтовайга. Харчы суох диэн тахсаҕын уонна дьиэттэн тахсан тэйээри гыннахха айдаара олороҕун! – Максим эмискэ ойон турда, өссө остуол атаҕын тэбэн саайда.
– Аргыый… – Ангелина соһуйан харахтарын кэҥэппитинэн туран хаалла.
Оҕолоро барахсаттар утуйан буккураһа сыталлар. Киэһэ аайы аҕаларын күүтэн тахсаллар этэ, билигин син биир эрдэ кэлбэтин иһин, ыйыппат да буолбуттар. Өссө бэҕэһээ Павлик: «Ийээ, биһигини «Теремоктан» биирдэ эмит аҕабыт ылбат дуо? Коленька «пахай, эһиги аҕата суоххут дуо? диэбитэ. Эбэтэр саҥа эһэбит ыллын ээ, ол эрээри кини кырдьаҕас дии», – диэн баран тугу эрэ толкуйдаабыттыы, төбөтүн тарбанаахтаабыта. Туох да диэбит иһин, Максим кэнники кэмҥэ наһаа уларыйда. Дьиэтигэр ыалдьыт курдук таарыйан эрэ ааһар курдук. Өрөөтөҕүнэ, массыына хасыһар аатыран ханна эрэ гаражтарынан сылдьар. Биирдэ эмит алҕас эрдэ кэлэн хааллаҕына, кэпсэтээри гыннахха итинник.
Уолаттар биэс саастарын туоллулар. Эр киһи аатыран аҕаларын батыһыах, кинини кытта онно-манна сылдьыах баҕалара баһаам да, киһилэрэ аара хааман иһэн төбөлөрүттэн имэрийэн ааһар. Алтыһыыта бүттэҕэ ол. Дьиэтэ суоҕуттан, наар куортамҥа олорортон сылайбыт аатырар. Урут ипотекаҕа киирэн дьиэни быһаарыныахха диэбити истибэтэҕэ, сыаналаах массыынаны атыылаһарыгар кирэдьииккэ киирбитэ.
Билигин, тугу да толкуйдаан көрбөккө, «дьоҥҥутугар көһүҥ, хаһан бараҕыт?» диэн өссө ыксатыылаах. Таптыыр кэргэҥҥэ курдук сыһыан эмиэ мэлийбит. Ангелина Максима олус уларыйбытын туһунан үнүр дьүөгэтигэр Линаҕа эппитигэр, «оо дьэ, эн аргыый наллаан сырыттаҕыҥ бу, киһиҥ бука атын дьахтардаммыта буолуо» диэн саайбыта. Ангелина онно туох диэҕин билбэтэҕэ, арай, санаата оонньуура өссө эбиллибитэ.
Ааранан Луиза Никитична кинилэртэн санаарҕаан эрэйи көрөрүттэн ыксыы саныыр. Максим ийэтэ сиэннэрин туһугар тугу баҕарар гынарга бэлэмин билэр, кинилэртэн биир тылы ыйыппакка, дьонун соҥнуу олордоҕо ити.
* * *
– Ыксаама, Максим. Биирдэ ийэҕэр кэлэн бараҥҥын. Эн Ангелинаҕар сыһыаҥҥын таһыттан хомойо көрөбүн. Кыратык даҕаны дьиэҕэр тохтуу түһэн көмөлөһө түһүөххүн, уолаттаргын кытта дьарыктаныаххын. Оҕолоруҥ утуйуохтарыгар диэри түннүккэ олороллор үһү дии, эйигин кэтэһэн…
– Эһиги иккиэн биири лэбий да лэбий. Оттон быһаарыннаҕым дии, туспа баран үлэлээн кэлэргэ. Аймалҕаны тартаххытый. Атын эр дьон турдулар да, баран хаалаллар дии. Дьиэбэр барыахпын да баҕарбаппын, Ангелина син биир нуойдуу көрсүө, сүгүн да чэйин иһэрдиэ суоҕа. Аныгы өрөбүлгэ көһөртүөҕүм, ону этээри кэллим. Бу үлүгэр улахан дьиэлэнэн олорон сиэннэргин ылымаары гынаҕын дуу? Оччоҕо бардыннар тыаҕа, салгыҥҥа, анараа эбээлэригэр. – Максим суотабайыттан илиитин араарбакка олорон ийэтин кытта чэйдээбитэ буолла.
– Инньэ диэбэппин ээ, Максим. Ангелинаҥ тугу үлэлээри тыаҕа барыаҕай, онно бэйэлэрэ нэһиилэ олороллорун бэйэҥ билэҕин.
– Чэ оччоҕо, кэпсэтии бүттэ, ийээ. Сиэннэриҥ өрөбүлгэ эбээлээх эһээлэригэр көһөн кэлиэхтэрэ. Хата, бэрэскиигин, кэтилиэккин хаһаанан оҥостон кэбис. Онтон-мантан санаарҕыы олорума, – Максим ситэри чэйин да испэккэ, тахсан барбыта.
Ити уол дьэ үчүгэйкээн кыыска түбэһэн баран, туох да сүнньэ суох буккулла сылдьар. Аҕатын үлэһитин, дьиэҕэ-уокка бүгүрүтүн иҥэриммэтэх курдук. Дьаакып барахсан элбэх саҥата суох сылдьан, барытын бүтэрэн-оһорон, булан-талан үтүө киһи этэ буоллаҕа. Максимы улаатар сааһыгар оройуон киинигэр физмат оскуолаҕа ыытан кэбиһэн сыыстарбыттар дуу? Ол үөрэнэ сылдьан, дьиэтигэр сынньана таҕыстаҕына көмпүүтэртэн арахпакка мөҕүллээччи. Дьаакып аны майгытынан сымнаҕас этэ, уолун дьаһайа сатаан баран, бэйэтэ оҥорбут-туппут, бүтэрбит буолааччы. Кыыстара Оксана эмиэ олус атаахтык иитиллибит оҕоҕо киирсэрэ буолуо. Оннук улааппыта. Таҥара көмөтүнэн, эмиэ бэрт уолга тахсан баран, эдэрэ бэрт буолан дуу, онтун суолталаабат быһыылаах.
Иван Данилович Ангелиналаах көһөн кэлэллэрин биир тыла суох өйөөбүтэ. Кыыһыгар эппит буолуохтаах, анарааҥҥыта, таайдахха, олус биһирии ылыммата ини. Тыый, Настяттан сурук кэлэн түстэ. Эмиэ, туох эрэ диэн дьээбэлээри гыннаҕа… Таайбыт курдук, «Убаастабыллаах Иван Данилович, Луиза Никитична, эһиги билсибит «Көмүс күһүн» түмсүүгүт сынньалаҥ киэһэбитигэр күүтэбит. Эҕэрдэлиэхпитин баҕарабыт, ханна буоларын, чааһын этиэхпит» диэннээхтэр. «Мустар сир булбакка сылдьабыт. Буолар түбэлтэтигэр Иван Даниловичкын тоҕонохтонон баран кэл эрэ, Луиза. Илэ көрөн, биһиги, өссө да соҕотохтор, эрэлбит күүһүрээрэй?!» диэбит Настя. Ээ, ким билэр, Иван Данилович наһаа баран испэтэ буолуо. «Ватсап да бөлөҕөр хайдах киирэн хаалбытым буолла, бука, эйигин көрсөр ыйаахпар ини…» – диэн күлэн эрэрэ. Куоракка олорор табаарыстара ыйыппакка да киллэрбиттэр үһү. Дьэ, кырдьык, бу миигин, кыһалҕалаах бэйэлээх тыа дьахтарын, көһөрөн киллэрэр быатыгар эбит.
* * *
– Пахай, Бааска куоракка тахсан баран арыгылаан кэбиспит үһү. Люция Павловна кыыһыран ахан олорор. Үүрүөн да баҕарбыт быһыылаах. Полина муҥнаах буоллаҕына бу күннэри быһа, ытаан сыҥсыйа-сыҥсыйа, көрүдүөргэ өрө-таҥнары хааман таҕыста дииллэр. Киэһэ утуйар аата суох, вахта аанын өрө мыҥаан олорор үһү, – Евдокия көрүдүөртэн кэпсээн киирдэ.
– Оо, оттон доҕорум оҥостон кыһаллаахтаан эрдэҕэ. Кэм буолуо, Бааска сыыһа үктээн биэрдэҕэ. Бу сырыыга бырастыы гыналлара саарбах. Ааспыт түгэнин, үүрүллэ сыспытын умнан кэбиспит дии. Бары кыһалҕалаах дьон бачча үчүгэй усулуобуйаҕа түбэһэн олороллорун хайдах да сыаналаабаттар ээ, – Ольга бэркиһээн төбөтүн быһа илгиһиннэ.
– Билигин миэхэ били саҥа киирбит дьахталлартан биирдэстэрэ киирэ сылдьыах буолла. Нина Филипповналаахха олохтообут чүөчэлэрэ. Дьүөгэбин билэр эбит, кооперативнайга бииргэ үөрэммиттэр. Бэрт өр көрөн олорон баран ыйытта, «Дусяҕын дуо?» диэн. Онно олорон өйдөспүппүт, биирдэ төрөөбүт күҥҥэ түбэһиспиттээх эбиппит. Дора Никандровна диэн.
– Ээ, бээ, тахсан эрэрим дуу… – Ольга оронуттан тураары илдьэ сыппыт хаһыаттарын хомунна.
– Ольга, тахсыма ээ. Сибилигин аҕай төбөм ыалдьар диэбитиҥ дии, ханна хаама сылдьаары гынныҥ? Люция Павловна миэстэ чааһынан тыла-өһө кытаанах. Хайдах арахпакка ыйыттахтарай диэн кыыһырар да курдук, бүтэһигэр өссө «хоскутугар үһүс киһинэн ылаҕыт дуу?» диэбитигэр икки атахпынан куотан кэллим, – Евдокия күллэ.
– Оо, кэбис этэ… Биһиги хоспут уонна анараа Матвеевналаах хосторо барыларыттан дьоҕустар. Иккилии киһиэхэ анаммыттар. Үһүс киһи киирдэҕинэ, салгыннанан эҥин бүтэбит.
– Оннук.
Бу кэмҥэ үлэхтээх ыалдьыттара киирэн кэллэ. Бэрт куйа көрүҥнээх, быыкаа уҥуохтаах, сааһыран эрэр дьахтар эбит.
– Хайыа, эһиги иккиэйэх эрэ эбиккит дуу! Тоҕо үчүгэйэй, – Дора Никандровна хоһу эргиччи көрдө.
Евдокиялаах Ольга бэйэ-бэйэлэрин көрсөн ыллылар.
– Икки киһиэхэ анаммыт хосторугар тиксибит дьоллоохпут. Эн үөрэнэн эрэҕин дуу, биһи дойду олоҕор? – Евдокия ойон туран, ыалдьытыгар морс кутта.
– Ээ, үөрэнэн. Кэнники кэмҥэ ол былдьаммыт дьиэбэр мэлдьи кутталга олорон, утуйарым-аһыырым да алдьанан олох иэдэйбитим ээ. Сотору-сотору суут приставтара кэлиэхтэрэ диэн кутталга олорбутум, салыбырас буолан хаалар этим. Бастаан сарылаппытынан истиэҥкэм дуомун уонна биэнсийэбиттэн мунньан муҥнаммыт сабыс-саҥа тэлэбиисэрбин илдьэ барбыттара. Онтон ол уолум сыакаар хантан төлүө баарай? Үлүгэрдээх иэһин дьиэҕитин биэрэн толуйаҕыт диэбиттэригэр дөйбүт курдук олорон эрэ биэрээхтээбитим. Кыбартыырабыт иһин төлөөбөтөхпүт хас да сыл буолбут үһү. Мин буоллаҕына ый аайы дьиэни төлөө дии-дии, уолбар биэнсийэбиттэн уоннуу тыһыынчаны биэрэр этим. Буҕаалтыр ааттаах киһи өйдөөҕүмсүйэн, кибитээнсийэтин көрдөөтөхпүнэ кыыһыран хаһыытаан биэрэр этэ.
– Оо, Дора Никандровна, эрэйи да көрбүккүн. Хайдах буолбут муус сүрэхтээх оҕонуй, ыал буолбатах киһи дуо? – Евдокия сөҕөн-махтайан үөһэ тыына эрэ олордо.
– Ыал буола сылдьыа дуо, арыгыны, пиибэни эмсэхтэнэн, биир да күн үлэлээбэккэ сылдьан, бөлөҕүнэн охсуһууга кыттан, олорон кэлбитэ. Ол дойдуттан киһи билбэт киһитэ буолан, майгыта алдьанан төннүбүтэ. СПТУ-га слесарь идэтигэр үөрэммитэ да, сүгүн-саҕын ылан үлэлэппэттэр этэ. Хаайыылаах диэн хаймыылааҕа мэһэйдиир быһыылааҕа. Билигин бу мин манна, үтүө дьон көмөлөрүнэн киирдэҕим, кини таһырдьа кэриэтэ хааллаҕа. Ол санаатыгар аалларан, манна да сүгүн утуйбаппын. Бээһээ дьукаахтарым «наһаа мөхсөн утуйар киһи эбиккин, оронуҥ хап-хачыгырас» диэн сэмэлээн эрэллэрэ.
– Дора Никандровна, ол улахан киһини манна олорон хайдах да салайбаккын. Ийэм диэн истиэ, харыстыа эбитэ буоллар, эрдэ толкуйданан, көнөн, манныкка тиэрдиэ суох этэ. Бачча үчүгэй усулуобуйалаах пансионакка түбэспиккэр махтан уонна бэйэҥ доруобуйаҥ туһунан санаа ээ… – Ольга суос-соҕотох оҕотуттан эрэйгэ тэбиллибит барахсаны туох диэн тылларынан уоскутуон билбэтэ даҕаны.
– Ээ, ол билигин кэлэн туоҕум туһугар доруобуйабын көрүнэбин? Оҕом таһырдьа хаама, аччыктыы сырыттаҕына, – Дора Никандровна уйа-хайа суох ытаан, санна дьигиҥнээн барбытыгар Ольгалаах Евдокия иккиэн ойон туран, уоскутар аакка түстүлэр.
* * *
– Оҕотуттан ити айылаах охсуу ылан, атаҕастанан баран, билигин даҕаны аһынар аакка сылдьар эбит дии, – Ольга Дора Никандровна аймалҕанын көрбүтүттэн сөҕө санаабытын быктарда.
– Ийэ барахсаҥҥа ханнык да түгэҥҥэ күндүтэ, күнү көрдөрбүтэ оҕото буолан бүппэт. Эрэйдээх кырдьар сааһыгар оҕотун туһуттан хараҕын уутунан суунара иэдээн дии. Олох сүрэҕим хамсаата, сатаан утуйуом да суох.
– Итинниккэ тиксиэх кэриэтэ оҕоломмотох да ордук эбит дии санаабаккын дуо? – Ольга кыһыйбычча-абарбычча эмиэ санаатын баллаччы этэн баран, кэмсинэ санаата.
– Оо, дьахтар киһиэхэ оҕо диэн Таҥара бэлэҕэ, Айыы чыычааҕа буоллаҕа дии. Кини хайдах киһи буолан иитиллэн тахсара төрөппүтүттэн эрэ тутулуктаах буолбат быһыылаах. Төрөппүт эрэ оҕотун олох дьолугар анаан улаатыннарар буоллаҕа. Дьэ онно бу күннээҕи олохпут, тулалыыр эйгэтэ, дьон сиэрэ-майгыта уларыйыыта барыта сабыдыаллаан эрдэҕэ. Ити уола эрдэттэн хаайыыга эҥин түбэһэн олоҕун отуора алдьаммыт быһыылаах. Аны аҥаардас ийэҕэ иитиллибит, уол оҕо аҕата суох улаатара төһөлөөх охсуулаах буолуой… Эмиэ оҕо гымматах уолчааммын санаан кэллим… Күүскэ санаан кэллим, кэмсиммэтэх күнүм диэн суох… – Евдокия, бөтө бэрдэрэ сыһа-сыһа, саҥарбытыттан Ольга улаҕа хайыһа сыппыт бэйэтэ эргиллэ түстэ:
– Дуся, ол аата, туох диэн эттэххиний?
– Мин оҕоҕо наһаа баҕаран Оҕо дьиэтиттэн биэһигэр чугаһаабыт уолчааны ыла сылдьыбытым. Ону кэргэним төттөрү илтэрбитэ. Артемкам, оҕом сыыһа, таҥаһын хаалаабыт спортивнай суумкабытын соспутунан ытыы, былаачыйам тэллэҕиттэн тардыһа хаалбыта харахпар хаалан хаалбыт, хаһан да оспот сүрэх бааһа буолбут. Ыксаан хааламмын биһиги аҕаҕыныын ыраах үлэлии барабыт, кэлэн баран ылыахпыт диэх курдук тугу эрэ үлүгүнэйбитим быһыылааҕа. Төһөлөөх күүтэ сатаабыта буолуой?!
– Оо дьэ, оннук баар эбит дуу, Дуся-аа… Ол тоҕо төттөрү бэрдэрэр?
– Билиҥҥини билбэтим, ол саҕана куоракка Оҕо дьиэтиттэн иитэ ылар наһаа уочараттаах этэ. Төрөөбүтүнэн оҕолору бэрт түргэнник илдьэ бараллара. Кэргэммин хас да сылы быһа хаайбытым, оҕо иитэр туһунан. «Оҕо дьиэтиттэн ылбаппыт, аймахтаргыттан бул» диэн тыллааҕа. Дьонум-сэргэм мин оҕото суохпуттан санаарҕыыллара ахан, көмөлөһүөхтэрин баҕараллара да, киһиэхэ биэриэх курдук элбэх ыччаттаах киммит да суоҕа. Кэргэммэр Гермаҥҥа этэ сатаан баран, синим биир диэммин, кистээн уочараттаабытым. Ол сырыттахпына, эмискэ төлөпүөннээбиттэрэ. «Биэс саастаах уол оҕо баар, кэлэн көрөҕүт дуо?» диэбиттэрэ. Тиийбитим, ол Артемкам: «Ты – моя мамочка?» – диэн баран, моонньубар иилистэ түспүтэ. Уйадыйан, бэйэм хараҕым уутун кыатамматаҕым… Үлэһиттэр «бастаан дьиэҕэр илдьэ бар, онтон көстөн иһиэ» диэбиттэрэ. Оҕолоох кэлбиппэр, Герман аҕыйах баттаҕа туран көрсүбүтэ. Ол туһуттан улаханнык иирсибиппит. Хара бастакыттан уолчааммытын бэйэтигэр чугаһаппатаҕа, сыһыарбатаҕа. «Это наш папа, такой злой?» – дии-дии, оҕом ыйытан чоҕулуччу көрөрө. Сырдык хааннаах оҕо этэ, сайдыытынан да тэҥнээхтэриттэн хаалсыбатах курдуга. Улаатан эрэр, билиэн-көрүөн баҕалаах уол оҕо буоллаҕа, хаста даҕаны Герман кыра массыыналары мунньар коллекциятын тыыппыт, тугу эрэ үлтү түһэрбит этэ. Өссө, оҕом муҥнаах, икки сөбүлээбит массыынатын оронун анныгар кистээн, олох да буруйбут ырааппыта. Аҕабыт: «Уоруйах буолар ыйаахтаах киһини аҕалбыккын!» – диэн дьаралык ыйаабыта. Киһим олох киҥэ-наара холлон, туохха да ис буолбат хаппырыыс, бөппүрүөк буолан турбута. Миигин оҕоҕо күнүүлээн, кини болҕомтото суох хаалан, ончу да иэдэйбитэ. Хайыахпыный, сатаан олорбот ыал буолан барбыппыт. Артемкабын, ытыы-ытыы, Оҕо дьиэтигэр төттөрү илдьэн биэрбитим. Биллэн турар, үлэһиттэр миигин дэлби мөхпүттэрэ. Кэлин даҕаны Германныын Артемка туһунан кэпсэтии сабыылаах тиэмэ этэ. Бэйэм күн бүгүнүгэр диэри дууһа ыарыыта оҥостон илдьэ сырыттаҕым. Оҕо уйулҕатыгар төһөлөөх охсууну ылбыта буолуой, киһи сатаан санаабат… Арыт саныыбын ээ, таах сибиэ Германы истэммин, бэйэм да иитиэм этэ диэммин. Ол эрээри, айдааннаах, иирсээннээх дьиэ кэргэҥҥэ улаатара тугунан дьайан тахсыа эмиэ биллибэт этэ, – Евдокия, куолаһа титирэстээн ыла-ыла, кэпсии сыппыта.