Читать книгу Буолар да эбит - - Страница 1
Сэһэн
Буолар да эбит…
Оглавление– Ээ, дьэ… ким билэр, доҕор, хайдах-хайдах эбитэ буоллар, – «ээх» диэҕинээҕэр «эй» дииригэр чугаһаабыт, харааччы бутуллан хаалбыт эдэрчи дьахтар иэмин-дьаамын биэрбэт.
Кини туохтан эрэ, бэйэтин туһугар олус улахан суолталаахтан, саарыыра таһыттан көстөр. Арыый атын түгэн сатыылаабыта эбитэ буоллар, экчи «ээх» диир кэриҥнээх. Ол эрээри туох баар баҕатын, ыраҕа дьулуһуутун, туохтан эрэ сылтаан, санаатын күүрүүтүнэн, собус-соруйан, өйүнэн иилии кууһан, тас дьоҥҥо иһитиннэрбэттии кыһанан, хара күүһүнэн хаайбыта эмиэ сэрэйиллэр. Онон, субу маннык туруктаах олорон, өскүөрүтүн, «эй» дииригэр ордук судургу быһыылаах… Итинтиҥ эмиэ, дьиҥ иһигэр, букатын баҕарбат быһыылаах. Ол иһин үчүгэйкээн сэбэрэтигэр кыра оҕолуу муммут, эдэр кыыстыы бутуллубут, саастаах дьахтардыы саараабыт быһыыта субу көстөр…
Улуу Москуба барахсан кэнники сылларга тупсубут, баараҕадыйбыт даҕаны. Эчи, килэйэн-халайан киһи сүрүн баттыах айылаах. Хата, хардыы ахсын киһини аралдьытар астаах-үөллээх, туустаах-тумалаах, итии киллэрэ таарыйа, олорон уоскуйа түһэр сири бэркэ да толкуйдаабыттар. Оннооҕор маҕаһыыҥҥа, пуорка эргиччи эрэстэрээн диэтэҕиҥ.
Кэнники сылларга аан дойдуну аймаабыт, оҕо аймаҕы угуйбут аҕай «Макдональдстан» хаалсыан баҕарбатах аны «Му-Му»-лар, «Крошка-картошка»-лар, «Ели-пили»-ни кытта оннооҕор «Елки-палки» диэннэр эмиэ дэлэйбиттэр. Дьэ, чахчы да суһаллык аһата охсор соруктаах «комбинат быстрого приготовления» диэх курдук. Киһи да күлүөх, Татыйык Титовна оҕо эрдэҕинэ «соҕуруу ханна эрэ «Фанта» диэн дьикти утах баар үһү, лимонад буолбатах, сап-саһархай апельсинтан ыгыллыбыт сүмэһин уонна быыгынас күүгэннээх, онтуҥ киһи тылын аһытыар диэри көөнньүбүт буолар» диэн, киин сиргэ сылдьыбыт, биирдэ эмэ соһуйа амсайбыт оҕолор омуннаах кэпсээннэрин остуоруйа курдук истээччилэрэ.
Сайдыыбыт диибит да… дьиҥэр итиниэхэ туох ураты толкуйа баар үһүө, аныгы олох ирдэбилэ, кими эрэ үтүктүү, харчыны хамнатар албас биир көрүҥэ, бэтэрэнэн иэҕэтэн эттэххэ, били «Фанта»-лыы, күүгэн курдук үллүбүт кэмэ ини. Сынньатар аатыран солкуобайгын суйдаан ылыы диэн бу ээ. Мантыҥ билигин биир тылынан аныгылыы сиэр диэн быһаарыллар. Ким да онтон соһуйбат, мээнэ сөхпөт, буолуохтаах буолбутун курдук.
Онон оннук сиэрдээх сиргэ, «Шоколадница» кафеҕа, Татыйык Титовна, аргыһын ыраах айаҥҥа Америкаҕа атаараары, сөмөлүөтү күүтэ таарыйа, хойуу үүттээх чэйи сыыйбыта син балачча буолла. Кини «аргыһым» диэн арааран, соруйан ааттыыр. Тоҕото эбитэ буолла, дьиҥ искэ киирдэххэ, «аргыһа» олус да… санаа хоту, киһи эрэ иэйиэх, эрэниэх, сүрэҕинэн-быарынан ылларыах-бигэниэх киһитэ эбээт… Оттон Татыйык Титовна ол туһунан саныырыттан тоҕо эрэ куруук туттунар, хайдах эрэ бэйэтиттэн бэйэтэ көҥүүргэ дылы.
Кинилэр икки хонуктааҕыта Дьокуускайтан көтөн кэлбиттэрэ. Тиэтэл үлүгэринэн тиһэх докумуоннарын ситиһэн, итэҕэс-быһаҕас кэһиини, кыра үлэҕи-сакааһы ситэринэн баран, киһи оҕолоругар Америкалаан эрэр. Оттон Татыйык икки күнү быһа суруйбут суругун дьэ бүтэрдэ быһыылаах, маҥан кэмбиэргэ халыҥ соҕус айымньытын бүк тутан уган, ыга силимнээн кэбистэ.
– Чэ, оҕом оттон… өйдүүр ини дуу. Бэйэҥ да сыта-тура кэпсиэҥ, наллаан быһаарыаҥ буоллаҕа дии. Күтүөт хайдаҕын эн сыанаҕыттан эрэ истэргэ тиийэбин, онон, кытаат, алтыс, билсис. Оҕобун… атаҕастаабатар эрэ. Сиэн уолу көрбүт киһи-и, – диэн кини кыра киһини санаан ылан манньыйан, сып-сырдыктык мичээрдээн ылла, мэктиэтигэр уйадыйа сыста.
– Татыйык… билэн-билэн, барытын эн эппитиҥ курдук гыныам. Оттон уонна сибээс диэн баар дии, киэһэ-сарсыарда кэпсэтэ туруохпут. Биир көрдөһүүлээхпин… мин эйиэхэ этэрим биир: кэллим да холбоһобут. Утарыма, бу сырыыга баҕас, бука баһаалыста, аккаастаама… – эр киһи, бэйэтин сааһыгар дьүөрэтэ суох сымса туттуулааҕа көстөр, түргэн баҕайытык дьахтары илиититтэн ылан, ытыһын көхсүн хатыылаах сылаас иэдэһигэр даҕайда.
Хайдах-хайдаҕый, эмиэ да биир уопсай оҕолооххо дылылар эрээри, эмиэ да ыалга маарыннаабат дьикти сыһыаннаах дьахтардаах эр киһи итинник син балачча олорбуттара. Ол тухары туох эрэ олус дуоспуруннааҕы быһаарсаллара туораттан харахха быраҕыллара. Чэпчэки күлүү-салыы, ыла-биэрэ эйэргэһии, хараҕынан оонньоһон, тырымнаһан ылыы диэн суоҕа. Татыйык Титовна мунчаарбыт харахтарыгар «аргыһа» тугу эрэ маарыҥҥыттан туруорсар быһаарыныылаах тылын тамаҕын эбии холбоотоххо, сахалыы билбэт да киһи сэрэйиэх курдуга: бу дьон ыпсыах баҕайы сыһыаннарын туох эрэ саарбахтааһын күлүгэ буолбакка, сэрэнэр дуу, тардынар дуу быа, субу быстан хаалыах көстүбэт чараас утаҕа, ситии хатыллыбыт үрүҥ-хара кылыныы ситимнииргэ дылыта…
* * *
Саас саамай үгэнэ. Чаҕылыйан күн да күн. Ып-ыраас сыа хаар бөдөҥ баҕайы кыырпахтара киһи хараҕын саатырдыах айылаах чаҕылыһаллар. Итинтэн-мантан кылапачыһан субу тэлиллибит хайыһар суолун устун кыһалҕата суох дайа сыыйылыннарыаҕы мэһэйдиир курдуктар. Хаарыаны, Натааһа курдук хара ачыкылаах киһи, бука, бу аайы кыһаллыа суоҕа буолуо да. Ону баара, ыал соҕотох кыыһыгар баҕарбыта барыта баар, Натааһаҕа куоракка үөрэнэр убайа өссө кыһын салгын ачыкыта диэн, балта былырыын хайыһардаан аатырбытын билэр буолан, кэһиитин ыыппыт. Бэҕэһээ оскуолаҕа аҕалбытын бары уларса сылдьан кэтэн көрбүттэрэ наһаа да астыга. Таһырдьа тахсаат, симириктии оонньуоҥ баара, хайдах көрбүккүнэн, чарапчылана оонньообокко, оннооҕор ити сып-сытыытык тэһэ тыгар күнү кытта, холкутук утары көрүөххэ сөбө. Ымсыыран да диэн. Онон, бу дэриэбинэҕэ Натааһа ачыкытын сонуна сити киэһэ иһиллибитэ эрэ баара.
Татыйык ол эрээри ымсыырбат. Таах, өскө итинник чээкэ маҕаһыыҥҥа баара буоллар, ону да кыалыннаҕына, син ылыахха да сөбө ини диэн холоон саныыр быһыыта. Кинилэр кылаастара уоллуун-кыыстыын бука бары хайыһардыыллар. Ким иллэҥнээҕинэн. Татыйык Бааликкалыын мэлдьи аргыстаһан барааччылара да, ол кыыс бүгүн ынахтарын уулатар сорудахтаммыт. Ол аата киэһэлик эрэ босхолонуо. Оччоҕо Куруунньалыын барыам дии санаабыта эмиэ табыллыбата, кини быраата уол тумуулаан биэлсэргэ ыстаммыт этэ.
Хайыай, Татыйык ол иһин бүгүн соҕотох. Субу диэкинэн хайыһар суолун бэҕэһээ эбии тэлбиттэр быһыылаах, өссө да чиҥии илик буолан хайыһарын төбөтө сотору-сотору сыа хаары ыһан күдээритэр. Оттон суола, сымнаҕаһа бэрт буолан, сатаан халыппат, санаатыгар ытыра сытар курдук, атаҕын ыларыгар ыарахан соҕус. «Саатар мааһын таппатахпын ээ, сатыыр биир эмэ уолга сотторбокко…» диэх курдук, ол-бу араас санаатын туора илгэтэлээн, кыыс оргууй аҕай тэбэн-тэйэн истэ.
Бэҕэһээҥҥи суолунан барбатаҕын Татыйык кэмсинэ сыста. Ол эргин халыып курдук чигди тыраасса халыһытан бэрдэ ээ, торуосканан анньымматахха да хайыһар барахсан бэйэтэ сырылыыра. «Хаалыкпын сүтэрди-им», – диэн ытаары оҥостубут кырачаан уолчааны уоскутан, иллэрээ күн син тэйиччи баран көрдөөбүтэ ээ. Онто баара киһитэ, сэрэйбит сэрэх, сыыртан түһэ оонньуу сылдьан бэйэтэ тэйиччи туора анньыбытын умнан муҥнаммыт этэ. Кыыс өр гымматаҕа, биэрэстэ кэриҥэ уһуннаах сири аҕыйах мүнүүтэнэн эргийэн кэлэн аччыгый атаһы араллаантан абыраабыта. Мэрбэҥниирэ чугаһаабыт, бүтүннүү хаар буолбутун ааһан, илийэн хаалбыт үтүлүгүнэн сирэйин ньуххана сатыы турар уолу түргэнник уоскуппута. Онуоха анарааҥҥыта: «Хайа-ы! Эн бачыыҥка хайыһардаах эбиккин буотта? Ол иһин түргэн баҕайытык сырыттыҥ дуо? Оттон миэнэ… быа дии», – хайдах эрэ мыыммыттыы, хаатыҥкатыгар кэппит хайыһарын диэки сөбүлээбэтэхтии көрбөхтүүр кыра киһини кыыс сэмэлээбитэ. «Баанньыска, киһи барыта быа хайыһартан саҕалыыр. Мин сороҕор эмиэ урукку быабын кэтэбин ээ. Улаханнаах эбит. Үчүгэйдик сүүрэр буоллаххына эн да бачыыҥканы кэтиэҥ дии. Оттон билигин, хата, уһуннук оонньуургар атаҕыҥ тоҥмот буолбат дуо?» – эдьиий киһилии быһааран биэрбитэ. «Ээ, Татыйы-ык, биллим, биллим!» – уол күнтэн сааппыт хараҕын симириктээн, хантайан туран киниэхэ туһаайбыта. – Ити былырыын чөмпүйүөҥкэлээбиккэр биэрбит хайыһардара даа? Астык баҕайы ойуулаах эбит буолба-ат?!»
Сатана уола баара, дьыала ойуутугар үһүө-ө? Ону баара, Татыйык бу, бэйэлээх бэйэтэ, икки сыллааҕыта атыыласпыт хайыһарынан сылдьар. Сөбүлүүрэ бэрт, үөрэммитэ да оччо. Оттон саҥа хайыһар син саҥа курдук, моһуоктардаах. Бачыыҥката кэҥэс курдук, ыйааһына эмиэ ыарахан соҕус, үчүгэйдик дьаһайан маастаатахха эрэ барыах айылаах. Биир тылынан саҥа көлөнү сыһытар наада. Тостубатар эрэ, бу эргэтэ баҕас ордукка дылы. Субу күрэхтэһии буолаары турар. Онуоха диэри саҥа хайыһарга үөрэниэ биллибэт…
– Кыысчаан, бу суолунан бардахпына, хас килэмиэтирдээххэ тиийэбиний?
«Килимиэтир» буолан… биһиги биэрэстэ диибит, бу хантан кэлбит, нууччатымсыйбыт киһитэй» диэх санаа киниэхэ охсуллан ааста.
– Биэстээх суола ити, ол үстээх сытар, оттон бу – иккилээх, – кыыс саҥа хоту быһааран баран эргиллибитэ, хаһан да харахтаабатах эдэр киһитэ, андаатар бэргэһэтин ханньары уурунан, кинини одуулаан, ойоҕос диэки тэйиччи нэлэйэн-хотойон турар эбит.
– Оттон оччоҕо эн хастаахха баран иһэҕиний? – киһитэ салгыы ыйытааччы буолла.
– Мин? Мин… мин бастаан биирдээххэ, онтон биэстээххэ барыам… – киһитэ тоҕо ону туоһуласпытын мунаардар да кыыс хап-сабар хардарда.
– Оччотугар мин эмиэ эйигин кытта бастаан биир килимиэтири сүүрүүм ээ, туох баарый. Көҥүллүүгүн дуо? – күлэ мичээрбит уол тиистэрэ кэчигириир.
«Хайалара буоллаҕай, абытайбын да, бачча сылааска, чараас бэргэһэтэ суох буоллаҕа дуу» тоҕо эрэ итинник санаатар даҕаны, Татыйык таһыгар тугу да таһаарбата, оргууй аҕай сыыйылыннары тэбэн истэ. Уол эмиэ саҥата суох кэнниттэн тэйиччи соҕус сырылыыра иһиллэр.
– Кыысчаан, хайа, сүрдээҕин сүүрэр эбиккин дии?
Итиниэхэ кыыс хайдах хардарыан билбэтэ. «Ээх» диэтэххэ киһиргиир курдук буолууһук.»Суох» диэтэххэ эмиэ сатабыла суох. Кини бэркэ сүүрэрин билбэт киһи манна суох. Оччотугар оонньоһор кэриэтэ тахсыыһык. Онон Татыйык бу да сырыыга, айылааҕын, саҥарыа суохпун диэн биири санаата.
– Ээй… тоҕо саҥарбаккыный? Саатар ааккын билбэт эбиппин буолбат дуо? – тугу эрэ булгу эрэйэрдии, эдэр киһи арахсан биэрбэтэ.
Субу ситэн кэлбэтэ эмиэ дьикти, Татыйык, дьиҥэр, аа-дьуо иһэр ээ. Кэнниттэн иһэр киһи баар диэн быйылгы эрчиллиитин эһэр санаата суох. Икки кэриҥэ биэрэстэни наллаан эргийэн баран, биир күдьүс күүскэ түһүнэн, биэһи куоһардаҕына бүгүн уолдьаһыахтаах этэ. Ону баара бу билбэт эдэр киһитэ кинини аралдьытыыһы дуу, үөдэн дуу…
– Кыысчаан, мин Кирилл диэммин. Оттон эн? Мин манна бэтэринээри солбуйа кэлбитим да, букатын хаал диэн соруйсуу бөҕөлөр. Сопхуос маннааҕы отделениетыгар үлэлиибин, хонтуораҕа. Ол эрээри олоруом дуо? – эдэр киһи күлэр. – Мин килийиэннэрим, саҥа төрөөбүт ньирэйдэр, былырыыҥҥы торбостор уонна сыһыыга сылдьар сылгылар «бараҥҥын, салгынна сиэ» диэн ыыппыттара диэтэхпинэ хайдаҕый?
– Бэрт дии, үлэлиир туох куһаҕаннаах буолуой? Дуу, устудьуоннууруҥ ордук этэ дуу? – кыыс аат-харата хардарар.
– Ээ-э! Ааккын эт, оччоҕо биирдэ ыйытыккар хардарыам! – Кирилл күлэрэ тохтообот.
Үрдүк сыыр кэллэ. Манан, кыратык дабайа түһэн баран, аллара диэки анньыннахха, олус бэркэ халыһытан тиийэн ол көстөр бөлкөй талахтарга биирдэ баар буолуохха сөп эбит. Итинник санаат, кыыс соҕотохто киҥис гынан, илиитин устатынан, торуоскатын уһунунан, анньынан кэбистэ. Кыһын-сайын билбэт сирэ буолуо дуо, быһа холуйан даҕаны, бэркэ таайар буоллаҕа. Кирилл дэнээччи кэннигэр хаалла. Соһуйда даҕаны быһыылаах, улахан хайыһардьыта суох киһи, онуоха эбии бу дойдуну билбэт буоллаҕына, бастаан хайыһардыырга баҕас тардынара сөп буоллаҕа.
Татыйык, кырдьык, астына сырылаата. Били бөлкөйүн оннооҕор ааһа түстэ, арааһа күүскэ соҕус анньыммыт ээ.
– Оо-о! Һу-у-һуу! Хайа, бу тугуй?! – диэн ыһыы хоту хайыспыта баара, эдэр киһи, илиилиин-атахтыын, хаалыктыын-торуоскалыын, аҕыс буолан адаарыйбытынан, сыыр ортотугар сууллан аҕай эрэр.
Татыйык, итини бытаардыллыбыт киинэ курдук алларааттан көрөн туран, уол дэҥнэммэтэҕин таайа билэн, ис-иһиттэн тэбэнэттээхтик күллэ. Охтубут киһи, орохтон оронон тахсар кыра кыылы санатан, биир кэм хаары ыһыахтаан өрө күдээриттэ, омунугар илиитин-атаҕын нэһиилэ көрдөөн булла быһыылаах. Туораттан көмөтө суох хайдах даҕаны бэйэтэ сатаан тура охсуо суоҕун сэрэйэн, кыыс кини диэки төттөрү эргилиннэ.
– Кириил, тоҕо, сыыр ортотугар буола-буола, оҕуттуҥ?
– Ээ, сатана баара, хаалыкпын, арааһа, мас төрдүгэр кыбыттым дуу, сах дуу… Соҕотохто тиэрэ тардан түһэрдэ буолбат дуо? – диэн, кырдьыгын таһаарына сатаата, тураары букунайда, тайахтарын көрдөөтө.
– Аҕал илиигин, көмөлөһүүм эрэ, – кыыс уҥа илиитин уунна.
– Саатар эн ааккын эппэккэҕин… Туох аанньалаах настарыйыанньалаах буолан төкүнүйдэ диэтэххиний? – тэбэнэр икки, торуоскатын кэтэр икки булумахтаныы быыһыгар, устунан күлсүү буолла.
– Аатым Татыйык диэн. Эйигин хаарга булкуйаары эппэтэхпин үһү дуо? – кыыс эмиэ күллэ.
– Соҕордук, Татыйык. Сүрдээҕин сүүрэр эбиккин. Чыычаах көтөрүнүү. Эккирэтэн да туһа суох. Онон, мантан ыла сатаабат киһини үөрэтэргэр, таарыччы эрчийэргэр тиийэҕин. Кыыс оҕо аһыныгас дииллэр да, эн куота бараҥҥын атаҕастаатыҥ ээ, быһыыта! Охтуо суох киһи оҕуттум, хаарга булкуллан чучунаа буола сыстым…
Икки билсибэт дьон итинтэн атын тугу кэпсэтиэхтэрэ этэй? Биллэн турар, ону-маны, буолуо-хаалыа суоҕу буоллаҕа. Ол да буоллар, онуоха буруйдаах оҕо саас, эдэр саас. Дуона да суохтан үөтэлээҕи үөтэрэр үчүгэй да саас.
Итинник, биир билсиһии саҕаланнаҕа ити. Киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах аҕай диигит эрээри, дьиҥ иһигэр хайдаҕа буоллар? Дьылҕа барахсан араастаан да мускуйар. Талбытынан тугу эрэ сыымайдыыр, сирдэрэр-талларар. Баҕар, суолталааҕы оҥорторуо, эбэтэр наадата суоҕу кытта соҥнуо эбээт. Ким билиэй, ону? Хантан таайан, эрдэттэн билэн, ким урууллуой? Суох. Дьылҕа бэйэтэ эрэ билэр, баҕар, үтүө хараҕынан имнэнээрэй. Оттон баҕар, букатын да уордайан туруо, туора-маары ыһаттыа. Ол эмиэ кини илиитин иһигэр.
Татыйыктаах Кириил ити күнтэн ыла иккиэн бииргэ хайыһардыыр буолбуттара. Татыйык оскуолатын быйыл бүтэриэхтээх. Уол былырыын, үөрэҕин кэнниттэн, атын сиргэ ананан тиийбит эрээри, миэстэтэ суох буолан, биир кыһыны быһа ыалдьыбыт зоотехнигы солбуйбут. Онтон быйыл манна көһөрбүттэр. Бэйэтэ, бэтэринээр буолуоҕун кыратыттан ыраламмыт киһи, баҕа санаата дьэ туолан, били эппитин курдук, ньирэйдэрин-торбосторун астына бодьуустаһан, бу сири бэркэ сөбүлээн кыстаабыт.
– Татыйык, оттон кыһыны быһа мин эйигин хайдах көрбөтөҕүм буолуой? – диир кини.
– Оттон мин улахан дьон киинэтигэр-таансытыгар, кулуупка эҥин мээнэ сылдьыбаппын буоллаҕа дии. Уонна ханна көрсүөхпүт этэй? – кыыс күлэр.
– Оо, хайыһардыы кэлбэтэҕим буоллар… эйигин букатын да билбэккэ куоттарыах эбиппин дии?
– Ханна?
– Оттон… сайын куораттаан хаалыаҥ этэ да, алҕас устунан онно хаалыаҥ дии…
– Билигин да куораттыыр санаалаахпын, баҕар, устунан хаалыам даҕаны… – Татыйык, уол тугу диирин истээри, үтэн-анньан көрөр.
– Оо, оччоҕо… – Кириил сирэйин, субу ытаары гынардыы, саба туттар. – Оччоҕо, оокколорум барахсаттар…
– Кимнээх… – Татыйык соһуйар. – Кимнээҕий, оҕолоруҥ?
– Тулаайах хаалаахтыыр буоллахтара… – уол саба туттубут сирэйиттэн илиилэрин араарбат, кэтит саннылара ыгдаҥнаан киирэн бараллар.
– Тыый… – кыыс уоска бэрдэрбиттии ах барар, туох да диэн булбат.
– Һа-һа-һа! Һэ-һэ-һэ! Хата, кырдьыктанныҥ буолбаат?
– Ээ?! Оттон… кимнээҕий ол, оҕолоруҥ диэн? – кып-кыһыл буола охсубут кыыс, ыйытардыы, кинини одуулуур.
– Ха-ха-ха! Оокколорум диэн биллэллэр буоллаҕа эбээт! Ньирэйдэрим-торбосторум, доҕоор! Эйигин эккирэтэн, куораттаан хааллахпына, тулаайахсыйыахтара суоҕа дуо?
– Улаатыахтара буоллаҕа дии! Бэйэлэрэ туспа хотоннонуохтара, киэҥ далланыахтара! Эйиэхэ, бэтэринээргэ, наадыйан да бэрт! – Татыйык, дьээбэ-хообо уолу тугунан эмэ иэстэһээри, хардарса сатыыр.
Кыыс, кыһыытыттан, кинини күлүү гыммыт уолу быһа кымаахтаары эккирэтэр да, бу хайыһара суох сырсыыга, анарааҥҥыта ситтэрэн да бэрт, арааската атах быһыйа баалаабатах уол оҕото ээ!
Сир ортотуттан аны хайыһардьыт буолан турбут уол оҕото ыраах тыа сирин чуҥкук олоҕор дьүөрэтэ суох сылаас иэйиигэ куустарбыта. Сааскы ылааҥы күн киниэхэ олус сэмэй, сэргэх, ып-ыраас харахтарынан мичээрдии көрбүт кэрэчээн Татыйыгы билиһиннэрбитэ.
Кыыс, уурбут-туппут курдук бэйэтэ, улахан хайыһардьыт. Оҕолуу холку-нарын, туох да ухханыгар умньана илик дуоспуруннаах кыыс киниттэн быдан аҕа уол өйүн сүүйбүтэ быһыылаах. Куоракка үөрэнэр сылларыгар таптал арааһын туораттан истэн да, чугастык көрө да сылдьыбыт уол, аны, бэйэтэ да этинэн-тириитинэн син билбитэ сыттаҕа, «таптал диэн кыыллара бу ээ» диэн этиэн сөбө курдуга. Ол иһин, талаһан туран, күннэтэ хайыһардаабытын түмүгэр, этин-хаанын быйыл баҕас биллэ чэбдигирдибитэ. Туох да үөнэ суох толкуйдаах үчүгэйкээн кыыс оҕону үлтү хаадьылаан күнүн үтүөтүн атаарара үгэскэ кубулуйа сыспыта. Татыйык өһүргэһэ суоҕа, ис киирбэҕэ, тук курдуга кини, чахчыта даҕаны, соҕотохсуйбут кутун туппута.
– Татыйык, ити быһаар эрэ миэхэ, «Таптаатыҥ да тайахтаахха да тахсыаҥ» диэн тугу этэллэрий, ээ?
– Оттон… оттон таптаатаххына доҕолоҥ да буоллун, хараҕа суох да буоллун, биир тылынан инбэлиит да буоллун, син биир, аһынаҥҥын да кэргэннэһиэҥ диэн дии! Хайдах билбэккиний?
Букатын атыны санаан, эмиэ инники сыыйылыннаран иһэр кыыс хаһыытаан кэриэтэ кэннигэр лаппа хаалбыт уолга быһаарар.
– Айыбы-ын! Оччотугар мин, икки торуоскалаахпын да, эйигин ситиэм суох, ол аата мөлтөхпүн, ол аата миигин аһыныахха наада… уонна…
– Туох диигиний, Кириил?
– Ээ, һуох-һуох… торуоскам да көмөлөспөт эбит, сиппэт эбиппин дииби-ин… Айа! Мин төнүннүм!
– Ээйиис! Оттон ким тыла этэй: «Бүгүн баҕас, биэһи баҕас, таах тыал курдук ааһаа инибин», – диэн?!
– Оттон… эн аһыммаккын буолбат дуо…
– Тылыгар турбат торбос тойоно, бэлэм бэтэринээр баар үһү. Ким буолуой? – кыыс кычыгыраччы күлэр.
– Мин, мин… Татыйыгы сатаан сиппэтэх Саабынап Кириил диэммин! Уордайдым! Уонна бардым!
Кыыс, кырдьыктанан, кэннин хайыһаары тохтоотун кытта, уол субу сырылаан кэлэн кэнниттэн кууһа түһэр, ол омунугар иккиэн халыҥ үллүктээх сымнаҕас хаарга тиэрэ баран түһэллэр. Хараҥаран эрэр сааскы халлааҥҥа онон-манан сулустар чоҕулуспуттар.
– Ып-ыраас салгыны агдакаҥ муҥунан эҕирийдэххинэ эрэ, чэбдик диэн тугун, хос быһаарыыта суох, тыҥаҕынан билэр эбиккин дии?
– Эн ону эмиэ билбэт этим диэ? – Татыйык, эмиэ бөлөһүөктээри гыммыт Кириили күлэр.
– Хантан билиэмий? Биһиги эргин, быһата мин дойдубар уонна үлэлээбит сирбэр эмиэ, маннык ыраас, кылбаа маҥан хаар суох. Маннык хайыһар суох. Маннык халлаан суох. Маннык сулус суох. Маннык… кэрэ кыыс эмиэ суох!
Эмиэ хаадьылаары гынна диэн Татыйык эргиллэ биэрэр, ойон туран хаарын тэбэнэр уонна халыып суолга киирээт, анньынан кэбиһэр. Оттон уол ити өссө сэрэнэрин быһыыта ээ, наһаа хото дьээбэлээбэт. Кыыс барахсан, саҥа улаатан, өссө да ыыра кэҥии илик киһи, кини араастаан мускуйарын, ону-маны туойарын барытын хантан таайа өйдүөй? Оо, онтунан кытта кэрэ ээ, кини!
* * *
Марина кэргэнин олус таптыыр. Олег, институкка бииргэ үөрэниэхтэриттэн, барыларыттан бастыҥнара этэ. Ол иһин аспирантураҕа ыытаннар, билигин Москубаҕа иккис сылларын олордохторо. Быстах кэмҥэ, бу эргин олохсуйбут саха ыалын сиэринэн, университеттан чугас соҕус, үрдүүк-үрдүк дьиэ уон биирис мэндиэмэнигэр биир хоһу куортамнаабыттара. Хаһаайкалара олус сайаҕас нуучча эмээхсинэ. Саха сириттэн кэлэр-барар аймахтары уонна кинилэр билэр дьонноро кытта таарыйан ааһалларын сэмэлээбэт, төттөрүтүн, куруук үөрэ-көтө көрсөн эдэрдэри долгутар.
Олег быйыл көмүскүүрэ буоллар дойдулуох этилэр. Ыал буолбуттара хайы-үйэ алта сыл буолла эрээри, арай, оҕолоро суох быһыылаах. Барыах иннинэ көрдөрүнэн көрбүт киһи диэн санаа Маринаны үүйэ-хаайа тутар буолла. Кини, дьиҥэр, кистэлэҥ санаатыгар, манна Олег үөрэнэр кэмигэр оҕолонон хаалбыттара буоллар, москвич дуу, москвичка дуу дэниэхтээх кыраланыахтаах этилэр. Ону баара, табыллыбата бадахтаах…
Кинилэр олус эрдэ, иккис кууруска киирээт, баара-суоҕа уон аҕыс-тоҕус саастарыгар ыал буолбуттара. Дьонноро икки өттүттэн олус эрдэ, ситэри үөрэниҥ, оҕолонон-урууланан аны үөрэхтэн матыаххыт диэн матыыптаан соччо сөбүлээбэтэхтэрэ. Онтулара ханна баарый? Ити ээ, олох арааһа диэн. Марина бастаан утаа, кырдьык, ийэтэ кыйахаммытын хоту, аны хат буолуом диэн олус сэрэнэрэ, харыстанар ньыманан үлүһүйбүтэ. Онтон бу кэнники үс сыл устата, тугу-ханныгы быраҕан, аҥаардастыы кэтэһэ сатаата да мэлигир. Биирдэ эрэ быраастанан көрбүттээх, манна кэллэҕин утаа. Луохтуур дьахтар барыта этэҥҥэ, оҕолонуоҥ диэн үөрдүбүтэ. Ол этии кэнникинэн уорбаланыах да курдук буолла. «Барыта этэҥҥэ» буоллаҕына… тоҕо табыллыбата буолуой?
Биирдэ күнүс, үлэтиттэн кэлэн, хайдах эрэ санаата оонньоон, хараастан аҕай олордоҕуна, хаһаайка эмээхсинэ киирэн кэлбитэ. Валентина Павловна барахсан үтүөкэн киһи буоллаҕа, кыыһы аһынан бэйэтин олоҕун түөрэ кэпсээн биэрбитэ.
Сэрииттэн быстах кэлэ сылдьар эпписиэр киһи, өлбүт доҕорун сорудаҕынан сурук тиэрдээри, кинилэр олбуордарыгар кэлэн мунан турдаҕына Валя түбэһэ кэлбит. Ыгым, ыксаллаах кэм да буоллар, эдэр саас диэн баар, син биир сылаас сыһыаҥҥа наадыйар, аналлаахтары силбиир уонна олоххо тардыһыыны күүһүрдэр буоллаҕа. Связистка кыыс ис-иһиттэн бу уолу сөбүлээн, фроҥҥа көрдөһөн барар, киниэхэ тиийэ сатыыр. Сэрии устатын тухары таптыы охсубут Ванятын көрдөбүлүн мучумааныгар түһээхтиир.
Тиһэҕэр, быһа түһэн эттэххэ, Валя сүрэҕэр иитиэхтээбит тапталын көрсүбүт. Буолаары буолан олус соһуччу, Чехословакияҕа тиийэн. Госпитальга соторутааҕыта илдьибит роталарын хамандыырын икки кыыс буолан ирдии тиийбиттэрэ, биир палаата ааныгар кини Ванята субу турар үһү!
Онон, сэрии бүтээтин кытта холбоспуттар. Таптал күүһүнэн диир бу сырыыга сымыйа. Кыыс күүһүнэн. Ваня, туура, күнү көрөн туран, буолуммата үһү. Онуоха киниэхэ сүрэҕинэн-быарынан аҥаардастыы таласпыт кыыс ээҕин этэн, элэ-была тыла баранан, тиһэҕэр, оннооҕор хара күүһүнэн андаҕайан баран, киниэхэ кэргэн тахсыбыт. Ол, син биир, таптал. Ол – олоҕун тухары кэмсиммэтэх сиэртибэтэ.
Валя барахсан госпитальга булбут Ванятын күн аайы көрсө кэлэрэ үһү. Уол буоллаҕына, бастаан үөрэн-көтөн баран, эмискэ умуллан-уостан, кыыска сыһыана букатын сойон, оннооҕор хаҕыһаан, тымныйан барбыт. Туох айылаах буоллаҕай диэн таайа сатаабыт, кыыс устунан бырааһыгар кытта тиийэ сылдьыбыт. Онтон дьиҥ кырдьыгы истибитэ, Ваня хаһан да оҕолонор кыаҕа суох, араанньыта, бааһырыыта оннук улахан, ол эр киһиэхэ олус улахан охсуу диэн эмтээбит бырааһа аһаҕастык эппит. Бука, бу кыыс солуута суох буолбатаҕын көрдөҕө. Иэдээн дьылҕаламмыты кини быыһыаҕар саарбахтаабатах буолан эттэҕэ диэн, Валентина Павловна кэнники сэрэйэр эрэ. Кыыс муҥнаах чаас эрэ кэриҥэ ытаабыт. Ол кэнниттэн Ванятыгар булгуччу кэргэн барарга, хаһан да оҕолонор туһунан саныа суох буоларга бэйэтигэр андаҕайар. Онтун үйэтин тухары тутуспут.
– Сэгэриэм, таҥара көрөн турар, Ванечкабар биирдэ да оҕоҕо ымсыырарбын биллэрбэтэҕим уонна атыны ылан ииттиэх диэн саҥа таһаарбатаҕым. Дьиҥэр, сэрии кэнниттэн тулаайах эрэ дэлэй этэ буоллаҕа, иитиэх да кыах баара. Төһөлөөх сүрэҕим ытырбахтаабыта буолуой? Ити биһиги икки ардыбытыгар хаһан даҕаны таарыллыбатах, таарыллыа даҕаны суохтаах, сабыылаах кэпсэтии этэ. Ол иһин Ванечка бааһын таарыйар кыаҕым суоҕа. Сэгэрим, өлөрүгэр эрэ эппитэ, мин туспар олоххун сиэртибэлээтиҥ, ол эрээри таптатар уонна таптыыр дьолу билбиппинэн дьоллоох буоллаҕым. Сэрии да буоллун, буруйдаах да, буруйа да суох буол, күн сиригэр киһи тыыныгар туруу булгу иэстэбиллээҕин, бааһыраат, өйдөөбүтүм, ол иһин ыччата суох хаалыахтаах дьылҕабын кытта сөпсөспүтүм диэхтээбитэ. Кини таҥараны олус итэҕэйэрэ, сэрии, өлөрсүү-кыдыйсыы суоҕа буоллар атыннык олоруохтаахпыт айгыраатаҕа. Ити кэм-кэрдиис уратыта, сэриини саҕалааччылар – биирдэр, симэлитээччилэр – атыттар, симэлийээччилэр – үһүстэр, сиэртибэлэнээччилэр – төрдүстэр… Итинник бара турар… Иэдээн. Сэрии эрэ буолбатар.
Валентина Павловна барахсан ол да иһин оҕото-уруута суох сааһын моҥообут. Оттон майгыта олус үчүгэйэ, аһаҕаһа, аһыныгаһа бэйэтин киэнэ. Үксүгэр, төрөөбөтөх-ууһаабатах дьахтар түтүө-татаа соҕус, киҥнэнэр дииллэрэ киниэхэ ханан да сыһыана суоҕа.
Онон, кини Маринаны уоскуппута, олох араас өрүтүн сатыырынан быһаара сатаабыта. Ол да буоллар, кыыс муҥатыйара тохтооботоҕо. «Павловна эрэйдээх усулуобуйата атын, биричиинэтэ биллэр буоллаҕа. Оттон биһиэнэ?» – диэн, саатар ханнык эмэ, харданы ирдиир ыйытык аны кини сүрэҕин кэбийэр идэлэммитэ…
Марина хаста да Олегы баран иккиэн көрдөрүнүөх диэбитин, кини мэлдьи бокуойа суох. Кыыс, чугастааҕы оскуолаҕа куруһуок ыытар буолан, үксүн син бириэмэлээх, оттон уол күнү-күннүктээн дьарыктанар икки, үөрэнэр икки. Онон, арааһа, быраастанарбыт, бэрэбиэркэлэнэрбит тохтоору гынна диэн эрэлэ симэлийбитэ, кинини долгуппута ыраатта.
– Маринка, чэ эрэ, хайыыбытый? Аныгы нэдиэлэҕэ уочараттаан көрөрбүт дуу? Мин босхолоннум, оруобуна биэс күннээх сынньалаҥ буолаары гынна, – диэн биир чэппиэр киэһэ Олег үөрэн-көтөн кэлбитэ.
– Чэ, бэрт эбит, хата, ордубут күннэргэ чугас ханна эмэ экскурсиялаабаппыт дуо? – кыыс эмиэ үөрэ түспүтэ.
Көрдөрүнүү түмүгэ сүрдээх судургу этэ: барыта э-тэҥ-ҥэ! Ол аата киһи долгуйарыгар туох да төрүөт суох. Этэҥҥэ буоллахха, иннилэригэр бүтүн олох кинилэри күүтэр! Чахчы улахан үөрүүнү бу быһаарыы аҕалбыта. Ол долгунугар оҕустаран, күннээҕи сүгэһэртэн босхолонон, бэркэ чэпчээбиттии санаммыт эдэр дьон тугу киһилиэхтэрэй? Марина сыл түмүгүнэн куруһуога хайҕаммыта, Москуба дьоно олус сэҥээрбиттэрэ. Оттон Олег, диссертациятын чаҕылхайдык көмүскээн, салгыы чинчийэр үлэҕэ мэктиэлэммитэ.
Киһи барахсан – санаатынан ээ. Дьокуускайга кэлэн, иккиэн үлэ үөһүгэр түспүттэрэ. Марина эмиэ оскуолаҕа барбыта, Олег университекка киирбитэ. Сылтан сыл булгу туох эрэ сырдыгы, ырааһы, сонуну аҕалыахтааҕар эрэл улахана эбээт. Ол эрээри ол да эрэл өлбөөрөн барбыта, иккиэннэрин туох эрэ көстүбэт сабыдыал тууйара. Сарсыарда иккиэн бииргэ тураллара, сиирэ-халты чэйдии охсоллоро, киэһэтин эмиэ иккиэн утары олорон кумааҕыларын бэрийэн, тэлэбиисэрдэрин көрөн баран… утуйар аакка бараллара. Маннык олох итэҕэстээх, иккиэ бэйэҥ хал буолар кэмиҥ тыҥаан кэлэрэ куһаҕана бэрдэ. Арай, манна кырачаан баара буоллар дуу? Бокуойа суох буолуоҕу, ол төрүөтүнэн кыра киһи буолуон олус да баҕараллара тоҕо эрэ кыаллыбата сүрэ…
* * *
Сааскы халаан уута угуттаан ааспыт кырдалыгар сибэкки бөҕө чэлгийэ үүммүт. Маннык мааны сири-уоту баччааҥҥа диэри өйдөөн көрбөтөх эдэр кыыс күнү күннүктээн хатыҥнаах чараҥтан арахпат.
– Хотуой, ол ойуурга баран уруогу ааҕар куолу дуо? Сотору ыам бырдаҕа да түһээ ини? Эҥин да буолаҥҥын, оттон кумааҕыны уурар остуоллаах хос тугунан куһаҕаннааҕый? Быйыл кыһын анаан туран аҕаҥ быыһаабыт аан дьиэтэ ордук ини? – ийэтэ кыыс бу сырыытын букатын сөбүлээбэт.
– Оттон онно бу чараас тэлгэхпин тэниттим да, сытан эрэн ааҕабын эбээт. – Татыйык имэ кыыһан тугу да истибэт, син биир кырдалын диэки ыстаммыта эрэ баар.
Ийэтэ Өлөөнчүк туох диэхтиэй? Кыыһа, кырдьык, аахтынар буолан эксээмэнигэр хоп курдук истэҕэ. Сыана мыынар санаата суох, баҕа хоту «4» икки, «5» икки кэлэ турарга дылы. Арай, ити ыала Мааһыҥка кыыс эппитэ, Татыйыккын көрө сырыт эрэ, ити бэтэринээр уол олус иҥээҥниир, иннигэр-кэннигэр түһэ сылдьан, аны, били былырыыҥҥы курдук буолаарай диэн сэрэппитэ.
Ол этэрэ оруннаах, кинилэртэн үс олбуор хоту диэки олохтоох Бэрииһэптэр кыыстара Ньукку, оскуолатын субу бүтэрээри сылдьан (ыала Өлүөсэттэн ыарахан буолбутун сатаан кистээбитин көрүҥ эрэ), төрөөн дьонун эрэ буолуо дуо, бүтүн дэриэбинэни соһуппуттаах. «Ама даҕаны… Татыйык наһаа сытыырхайбата ини…» диэн көрбүтүн, Мааһыҥка саҥардыбатаҕа: «Өлөөнө, оттон Ньукку сытыы үһү дуо?! Икки тылы холбообот сэмэй курдуга да… Оттон ити Өлүөсэ обургу үксүн бутуйуон сөбө да, кыыс да тугунан толкуйдаабытай? Буолар буолбутун кэннэ уоллаах кыыһы холбуу сатаан муҥнаммыттара да… хайа баарай? Өлүөсэ билиммэтэ буолбаат?»
Этээччи эттэҕинэ эмиэ да оннук. Ким сытыыта-хотуута билбэт. Ол эрээри Өлөөнчүк кыыһыгар эрэнэрэ оччо ээ. «Бэйэбин баттаҕына баҕас… кытаанах да буолуон сөбө. Чэ, дьылҕата билээ ини» дии саныыр. Хайаан, туохха эрэ күтүрээн, оҕотун ол-бу диэй, ама даҕаны сэрэтэр баҕа баарын иннигэр…
Инньэ гынан Өлөөнчүк Татыйыга күннэтэ талаһар кырдалыгар биирдэ эмэ таарыйан ааһыан санаталыыр. Ол эрээри эмиэ да сүрэ бэрт курдук. Тугу гынаарыбын тиийдим диэй? Биитэр, уоллаах кыыс онно баар да буоллахтарына, тугу диир кыахтааҕый… Онон, олус мунааран, били ыала кыыс этиититтэн эмиэ да мунчааран, быһата булкуллан хаалбыт Өлөөнчүк кыыһын дьылҕатыгар орооспоттуу кытаанахтык санаммыта.
Оттон Татыйык кырдалга тиийэн, олус сөбүлээбит маҥан сото хатыҥнарын быыһыгар куруук тохтуур сирдэммиччэ, оргууй олоро биэрэр уонна түргэн үлүгэрдик бүгүн ааҕа охсуохтаах билиэттэрин хасыһан, кинигэтин эргитэ сылдьан, аахпытынан барар.
Ол сөп. Күн аллара түһээри оҥостуута Кириил кэлиэхтээх. Чугастааҕы сайылыкка көспүт ыанньыксыттарга сорудаҕын тиэрдэн, «оокколорун» көрөттөөн баран, матасыыкылынан сыыйылыннаран манна таарыйыахтаах. Оччоҕо кинилэр олорон эрэн ону-маны, буолары-буолбаты кэпсэтиэхтэрэ. Куоракка үөрэнэ барар эдэр кыыс сылдьыахтаах уонна тумнуохтаах сирдэрин сиһилии сэһэргиир эдэр уол бүппэт кэпсээнэ, көр, оннук, олус умсугутуулаах. Ол иһин Татыйык бүгүҥҥү ирээтин бүтэрэ охсон, киэһээҥҥи хаһаас чааһыгар сололоох тиийэр туһуттан аралдьыйбакка ааҕар, кумааҕыга быыстала суох садаачаларын суоттуур…
Татыйык Кириил бэтэринээри бастаан утаа, били андаатар бэргэһэлээҕин иһин ини, саастаах баҕайы курдук көрбүтэ алҕас этэ. Уол, хайа, баара-суоҕа сүүрбэ түөртээх буоллаҕа, хайаан кырдьаҕас дьон ахсааныгар киирдэҕэй? Онуоха эбии эдэрдии тэбэнэтэ, мэнигэ-тэнигэ сыттаҕа. Ардыгар кыыс, Кириил кинини олус оҕотук курдук көрөн, «оттон биһиги, кырдьаҕастар, итини маннык тойоннуубут» эҥин диэн дьээбэлэнээри гыннаҕына, отой сөбүлээбэт. Өһүргэнэ сыһан үтүктэн ылааччы: «Оннук ээ, эһиги, кырдьа барбыт дьон, этэргит итинтэн ордууһук дуо», – диэн төттөрү элэктээччи. Оччоҕо уол, бу оскуоланы саҥардыы бүтэрээри сылдьар эрээри, оттомноох бөҕө киһи атыннык сыһыаннаһыыны эрэйэрин тута өйдүүр, көннөрүнэр аакка барар.
Кириил куорат туһунан бэркэ кэпсиир. Сэргэлээх уоттара дьиктитин, тоҕо ырыаҕа холбообуттарын, араастаан эргитэн сэһэргиир. Киһи эрэ истэн олоруон курдук. Хас биирдии түгэн бэйэтэ туспа остуоруйалаах. Мэлдьи эдэрдэр сыһыаннарыгар тиийэ турар, онто – таптал кыбытыктаах. Ол эрээри кэпсэлгэ киирбиттэртэн үгүстэрэ табыллыбатахтара, ааһа баран, ардыгар олус хомолтолоохтук түмүктэнэллэрэ кинини долгутар.
– Кириил, ити эн соруйан оҥорон кэпсиигин дуу, эбэтэр кырдьыгы этэҕин дуу? Сэргэлээххэ биир да табыллыбыт олохтоох ыччат суох дуо? Тоҕо барыта, индийскэй киинэ курдук, киһини ытатыах айылааҕый? – Татыйык биирдэ дьиибэргээн ыйыппыта.
– Татыйык, ити барыта биир сыл үһүгэр буолбут үһүө? Номох кэриэтэ, уостан уоска түһэриллэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиийэ, кэпсээҥҥэ сылдьара итиччэ. Табыллыбыттар, тапталлара дьолу бэлэхтээбит өттүлэрэ киһини үөрэтэр туохтаахтарый? Бэйэлэрэ бэйэлэригэр, быраабылаҕа баар курдук, таптаһа-таптаһа, ньыдьыраан аҕай олордохторо дии, уу чуумпутук, чэп-чэпчэкитик. Байан-тайан олорбуттара эбитэ үһү, күн бүгүҥҥэ диэри! Итинэн остуоруйабыт бүттэҕэ! Боростуой баҕайы буолбатах дуо? Оттон табыллыбатахтар кистэлэҥнэрин, бүгүн да, ким да таайа илик! Ол иһин олох үөрэтэр: «Тоойуом, акаарычаан, ити кэпсэлгэ киирэ сылдьаайаҕын? Сэрэн!» – диэн. Дуу, эбэтэр, эйиэхэ, бу мин сырам-сылбам баранна, сааһы-сайыны быһа үрүҥү-хараны араараарай диэн үөрэтэн такайа сатаатым, итинтэн туох эмэ хаалбата дуо?
– Хаалан-хаалан! Барытын бэркэ өйдөөтүм эбээт! Тиийээт да, куорпустар устун күүлэйдии ойбоппун, үрүҥ түүнү кэтии уолаттары кытта онно-манна тиийбэппин! Уруокпун ааҕабын! Үөрэххэ киирдэхпинэ таансыны кэмчилиибин: Өктөөп бырааһынньыгар уонна… буо, Саҥа эрэ дьылга сылдьабын! Таак-с, уонна туох этэй? Ээ, мээнэ-мээнэ киинэҕэ барбаппын! Онно «бармалейдар» уонна да атын адьарайдар баар буолуохтарын сөп! – Татыйык кычыгыраччы күлэр.
– Сө-өп! Уруоккун бэркэ өйдөөбүккүн эрээри биири эппэтиҥ: онтон саамай сүрүнэ туох этэй?
– Сүрүнэ даа? Барытын эппит курдукпун дии…
– Эс, бу да киһи! – Кириил, кэлэйбиттии, киэр хайыһар.
– Ээ! Били дьоммуттан кэһии кэллэҕинэ дуо? Ээ, һуох… оччоҕо…
– Оччоҕо тугуй? Чэй эрэ, кытаатыый! Ээ? Пахай! Бу кыыс тугу да өйдөөбөтөх буолбат дуо? Мин? Мин хайыыр этибиний… эт эрэ…
– Аа-а, һэ-һэ-һэ! Ону этэҕин? Ол диэн… Оттон Саҥа дьыл эргин охсулуннаххына, бииргэ киинэлиибит, «Лена» кинотеатрга барабыт. Онно туох баар этэй?
– Бүттэхпит дии… – Кириил, эмиэ кэлэйбит киһи быһыытынан, түҥнэри хайыһар, маарын туура тардан ылан ытырбыт сибэккитин отун, омунугар ини, иҥсэлээхтик ыстыы-ыстыы, сиэбитинэн барар.
– Пахай, ньээм оту сиир баар үһү? Аҕал манна! Дьааттаах! – Татыйык туруорсан көрөн былдьыы сатыырын анарааҥҥыта биэрбэт.
– Чэ, маннык, Татыйык. Мин тоҥон-хатан тиийэрбэр сылаас чэйдээх буолуохтааххын, оччоҕо кэпсэтиэхпит…
– Оттон, арай, оргуйа илик буоллун? – кыыс эмиэ хаадьылыыр.
Устунан кэпсэл атыҥҥа көһөр. Күһүн-саас ыытыллар ат сүүрдүүтүгэр, былаахтаах парааттарга, сыллата ыччат көҕүлүүр мас олордуутугар уонна тутар этэрээттэринэн ыраах айаннарга…
* * *
Туох да киһи уорбалыырыгар төрүөтэ суох бэркэ бодоруспут, доҕордоспут уоллаах кыыс, ууга-уокка түһүөх айылаах, татакалаһар сыһыаннара суоҕа. Татыйык үөрэххэ барарыгар, Кириил, үлэтигэр буолан, атаара кэлбэтэҕэ. Ону, ханна да буоларын курдук, мэлдьи кэтээччи-манааччы, сыыска түһэрбэккэ, бэлиэҕэ ылбыта эрэ баара. Оттон үлэлээх-түбүктээх уол кэлиэ суохтааҕа эрдэттэн биллэрэ ээ. Хайалара да хомноспотоҕо. Инньэ гынан, үлэх быһыытынан, кыыс куораттан «кэллим, уопсайга олохсуйдум» диэн тэлигирээмэлээбитэ эрэ.
Итинтэн салгыы, киһи эрэ үөрэххэ туттарсар буоллаҕа эбээт, туох буолуохтааҕа сэрэйиллэрэ. Туттарыахтаах эксээмэннэргэ консультациялар, бибилэтиэкэлэргэ сылдьан ааҕыы, бэлэмнэнии түбүгэ үксээбитэ. Ол аайы билиҥҥи курдук суотабай сибээс, репетитор эҥин хантан кэлиэй. Билсиһэриҥ эрэ, бэркэ тиэтэйдэххинэ, икки-үс тыллаах тэлигирээмэ сыыһа уонна аҕыс айдаанынан холбонор дуу, холбоммот дуу (сибээстэн эрэ тутулуктаах буолан) төлөпүөнүнэн кэпсэтии. Күн аайы сурук суруйар, тэлигирээмэлиир солуута суохха дылыта, төлөпүөннүөҕү туран, аны Кириил олорор эмээхсинин дьиэтигэр итинник тэрил дуостал суоҕа. Сайыҥҥы үлэһит хонтуораҕа олорбото биллэр, сайылыкка-сыһыыга диэбиккэ дылы, бэтэринээр бүгүн – онно, сарсын – манна. Барыта ырыта санаатахха бэрээдэк кэриэтэ чуолкайа.
Онон, атырдьах ыйын бүтүүтэ, биир үтүө күн, үөрэххэ туттарсан, университекка учуутал үөрэҕэр киирэ охсубут Татыйык, үөрэн-көтөн, дойдутугар тирилэтэн тиийэн кэлбитэ. Алтынньы ыйга диэри дэриэбинэтигэр үлэлээн баран, үөрэх дьыла саҕаланыыта тиийиэхтээҕин истэн, ийэтэ Өлөөнчүк үөрбүтэ. Күһүҥҥү киһи кыстыкка киириэх иннинээҕи наадата кэмэ-кээмэйэ суох буоллаҕа. Онуоха илии-атах буолан көмөлөһүөх оҕо баара санааны эбии көнньүөрдэрэ.
– Ийээ, хортуоппуйу хостуурга Кириил көмөлөһүөх буолбута, ыҥырабын дуо? – Татыйык биир сарсыарда аһыы олорон ыйыппытын аҕата сөбүлээбэтэҕэ.
– Бу тухары син бэйэбит оруур этибит дии. Быйыл да кыанар инибит…
Ити аата аккаас буоларын ийэлээх кыыс өйдөөбүттэрэ. Онон Кириил уол Татыйык күһүҥҥү түбүгэр кыттыспатаҕа.
– Өлөөнчүк, күтүөттүү сатыыр киһини тоҕо чугаһаппаккытый? Син бэрт уол быһыылаах буолбат дуо? – диэн дьахталлар кистии-саба ньамалаһаллар.
– Ээ, мин тугун билиэмий, бэйэлэрэ билиэхтэрэ ини, – диэн, кини кэпсээн омунун тэйитэ сатыыр.
Биир киэһэ Татыйык киинэлээн баран устунан, хараҥарбыт уулуссаны кыйа, Кирииллиин дьаарбайа сырытта. Ону-маны сэһэргэһэн, сайыҥҥы сонуну үллэстэн, күһүҥҥү күлтэйбит ый күлбүтүнэн субу тахсан кэлбитин билбэккэ хааллылар.
– Табаарыс Татыйык, тымныы соҕус киэһэ буолла. Итиитэ киллэриниэх, иһирдьэ киириэх! – Кириил, оруобуна сыанаҕа тахсан аныгыскы ырыаны биллэрэ турар киһилии тутунна, кэлииккэ аанын биир илиитинэн тутан туран, иккиһинэн иһирдьэ ыҥыран нэлэс гыннарда.
– Тыый, эбээ барахсан утуйбута буолуо дии? Уһуктаарай? – кыыс буолуммата.
– Һэ-һэ, эбээ барахсан лотуолуу ойбута эрэ баара. Бэҕэһээ икки чааска кэлбит буоллаҕына, бу түүн бүтэһиктээх киирсии, онон баабыска түөрт эргин биирдэ тиийэн кэлэр кутталлаах, – Кириил күлбүтүгэр мап-маҥан тиистэрэ хараҥаҕа ордук сырдаан кэчигирээтилэр.
– Чэ, оччоҕо, түргэн баҕайытык итии чэйи да иһиэххэ буоллаҕа дии, – диэт, дьиэҕэ дьылыс гыннылар.
Эбээ ыскааба «иҥсэлээҕин», ол иһин бэчиэнньэлээҕин хайгыы-хайгыы, Кириил сылыта охсон итии чэйи кутта. Сайыны сай-суй курдук ситэри билбэккэ, аанньа атааран биэрбэккэ, күһүн кэлиитигэр, нэмин билбэккэ, чараас соҕустук таҥныбыт кыыс чахчы дьагдьайбыта билиннэ. Итии чэйтэн имнэрэ кыыстылар, харахтара чоҕулустулар.
– Татыйык… мин эйиэхэ этэрдээхпин. Бука баһаалыста болҕой, иһит диэн көрдөһөбүн, – уол уларыйан хаалбыт куолаһынан иччилээхтик сибигинэйбититтэн кыыс эмискэ дьиксинэ быһыытыйда.
– Мин… мин эйигин… миэхэ кэргэн кэл диэри гынабын, – диэтэ.
Татыйык мух-мах барда, сатаан өйдүү охсубата:
– Т-тоҕо? – эрэ диэтэ.
– Хайдах «тоҕо»? Оттон дьон курдук… ыал буолбаппыт дуо?
– Саманнык… түргэнник дуо? Сибилигин дуо? – кыыс хайдах эрэ ситэ өйдөөбөтөҕөр оҕустаран буккуллан ылла.
– Э-э, оттон… сибилигин, субу манна, мин эйигин сөбүлүүрүм бэрт ээ… Куоракка бардаргын миигин умнуоҥ…
– Суох-суох, Кириил! Ама, хайаан умнуомуй?!
Кимэн киирэрдии оҥостон, уол бэрт дьиктитик туттан киниэхэ чугаһаары гыммытыгар ыксаан, Татыйык тыл ыһыгынна.
– Оччоҕо… эн эмиэ миигин сөбүлүүр буоллаҕыҥ?
– Э-э… ыһы… оттон… оттон абааһы көрбөппүн ээ!
Эмиэ да ыксаатар даҕаны, хаадьылыыр курдук этээри гыммыта атын баҕайытык тахсыбытыттан кыыс бэйэтэ соһуйда.
– Оччоҕо… туох мөккүөр баарый? Мин эйигин сөбүлүүбүн, эн эмиэ сирбэккин… оччотугар ыал буолуохпутун сөп… ыал буолар буоллахпытына… тапталбытын дакаастыырбыт тоҕо буруй буолуой? – уол эмиэ киниэхэ чугаһаата, ыараабыт илиитин кыыс санныгар уурда.
Татыйык атыҥыраата, сүрэҕэ туох эрэ суостааҕы сэрэйдэ, сиэрэ суох тахсыаҕыттан куоттараары, араастаан мөҕүл-мөҕүл тэбиэлээн, таайтара сатаата.
– Суох-суох! Кириил, хайдах буоллуҥ?! Туох дакаастабыла нааданый?! Тугу-тугу диигиний?!
– Ээ, эйигин таптыыбын диэтим буолбаат? Таптыыр кыыспын ууруурум, кууһарым буруй үһүө?! – диэт, уол бокуойа суох Татыйыгы хам кууһан ылла, ыарыылаах баҕайытык биилиттэн тутта да, уолуйбут кыыс уостарыгар утаппыттыы түстэ…
Мучумаан буолла, Татыйык кутталыттан уонна маннык түргэнник уларыйан хаалбыт табаарыс уола киниттэн тугу эрэйэрин дьэ өйдөөн, титирэстэс буолуор диэри ыгылыйда, араастаан төлө көтө сатаата да, ытарчалыы ылбыт илиилэр кинини ыыппатылар…
– Кириил! Мин хаһыытыам билигин! Күн сарсын үҥсүөм! Кыбыстыам суоҕа, атаҕастаата диэн олохтоох араадьыйанан кытта биллэриэм! – ыксаабыт кыыс дьүүллээн-дьаабылаан тугу диирин өйдөөбөтөр да, туох баарынан, тугу сатыырынан көмүскэнэ сатаата.
Олохтоох араадьыйа диэн бу эргин суостаах соҕус өйдөбүл. Араадьыйа Арамаана диэн аҥаар атаҕынан доҕолоҥ киһи, оннооҕор ол-бу хобу-сиби тиһэн, туһааннаахтары бэртээхэйдик кымньыылыыр биэриилэри таһаартыыра. Сүрэҕэлдьээбиттэри, арыгылаабыттары элэктээн, оннооҕор үөхсэр саҥаларын кытта (хантан хайдах устан ылара буолла, ким да билбэт) бар дьоҥҥо олохтоох араадьыйатынан иһитиннэрэн ууга-уокка түһэртээччи, саакка киллэртээччи.
Онон, кыыс эттэр эрэ, сыыска түһэрбэтигэр саарбах суох. Ол Кириил төбөтүгэр Татыйык ытыырынааҕар түргэнник тиийдэ, таах, оройго охсубуттуу, оломо суох уолу ойутан туруорда. Онон Татыйык, быыһанарын быатыгар, саамай сөпкө «араадьыйаланан», кэлии уолу Кириили чаҕытта. Арааһа, уоҕун таһаарда быһыылааҕа, сотору уоскуйа быһыытыйбыт уол, хомойон-хоргутан ытыы олорор Татыйыгы санныттан сымнаҕастык тутта уонна:
– Бырастыы гын… Мин туох да куһаҕаны оҥорор санаам суоҕа… Алҕаска… итинник тахсан хаалла… – диэтэ уонна, үгүс саҥата суох, уларсык хоһугар киирэн хаалла.
Татыйык олорбохтоото уонна абаккатыттан:
– Эн ол иһин бэркэ үөрэппиккин дии, уолаттары кытта киинэлээмэ, кинилэри кытта ханна да кииримэ диэн. Ол аата уол эрэ бары маннык быһыыланар буоллаҕа, киирбит кыыһы атаҕастаан ыытар… Ити бэйэтин этэрэ буолуо дии санаабатаҕым. Доҕорум дии санаабытым баара, баара-суоҕа… хоонньоһор эрэ баҕалаах киһи эбиккин! – диэн иһэн, ситэри саҥарар кыаҕа суох, ытаата, тахсан барда.
Кириил хоско киирбитин курдук биллибэтэ. Кэлииккэҕэ тиийиэр диэри Татыйык уолу, баҕар эккирэтэн тахсан кэлээрэй диэн, күүттэ быһыылаах. Онтон өссө төгүл бырастыы гыннарыа, оччоҕо, кырдьык алҕаһаабыта буолуон эмиэ сөп, бырастыы гыныам диэбитэ да… Кириил тахсыбата, эккирэппэтэ, уоскуппата. Абаккатыгар уоһун быһа ытырбытынан, кыыс, ытыы-ытыы, дьиэлээтэ…
Ити толоос быһыы кыыһы чахчы хомоппута. Ол да гыннар, санаатыгар Кириил алҕаска итинник дьүһүн кубулуйбута буолуо диэн холкуйа сатыыр. Биир өттүттэн өйүнэн бэркэ өйдүүргэ дылы, кини кыыһы атаҕастаары эрдэттэн оҥостубута сэрэйиллэр. Табыгастаах кэм диэн, угаайытыгар угаары, дьиэтигэр киллэрдэҕэ. Онтон кэлин этиэхтээҕэ буолуо: киирбит кыыс бэйэтэ эмиэ буруйдаах буоллаҕа дии. Сөбүлэспитэ. Оо, ама, сүрүн, Кириил оннук гынаары гыммыта буолуо дуо? Эс, суох ини? Бастаан утаа сөбүлүүбүн диэх курдук этэрэ дии… Ол эрээри ити албына, албаһа буолуон эмиэ сөп эбит. Оччотугар доҕордуу сыһыаммыт итинэн бүттэҕэ. Эчи хобдоҕун, астыга суоҕун, таптал диэн баар эрэ буоллаҕына уйан-нарын, харыстабыллаах сыһыан үөскүө ини. Ону баара, Татыйык кинини таптыыр дуо? Оттон Кириил кинини кырдьык таптаабыта буолуо дуо? Тоҕо эрэ… ол туһунан улахан долгуйуута суох этии… туоһу буолбат кутталлааҕа эбээт…
* * *
– Уважаемая Марина Петровна! Мы, Ваши дети, Ваши родители, поздравляем с Днем Учителя! – Марина кылааска киирээтин кытта чэчик эгэлгэтин туппут кырачааннарын кытта төрөппүт кэмитиэтэ утары хааман кэллилэр.
Бүгүн – Учуутал күнэ. Оскуолаҕа сарсыардаттан сүүрүү-көтүү, ааны аһан киирээккин кытта сибэкки дыр сыта муннуга саба биэрэр буолбут. Ханнык да күннээҕэр маанымсыйбыт учууталлар дьоһуннаахай сэбэрэлэрин сэгэйбит мичээрдэрэ киэргэппит. Бу ураты күн хас биирдии учууталга олус истиҥ баҕа санаа арааһа этиллэрэ сүрэҕи сылааһынан илгийэн үөрдэр. Онон, үөрэтэр оҕолоруттан көтөх муҥунан бэлэхтээх Марина дьиэтигэр диэри, барбах эрэ, таксинан айаннаан иһэр.
Маарыын ити «мы – Ваши дети» диэбиттэригэр уйадыйа сыста ээ. Эмискэ соһуччута да бэрт, арай, кырдьык, билигин дьиэтигэр тиийэн, аанын аһаатын кытта кимнээх эрэ сүүрэн кэлэн: «Мы – Ваши дети», – диир буоллуннар? Оо, оччоҕо хайдахтаах курдук дьоллонуо эбитэй? Ону баара… бүгүҥҥүтэ, киниэхэ «маама» диэбитинэн сүүрэн кэлиэх, кимэ да суох…
Билигин бэркэ диэн билэр баҕайыта, дьиэтигэр кэлиэ, ааныгар тиийэн күлүүһүн хостонуо, бэйэтэ арыйыа, итиэннэ хабыс-хараҥа холлороон курдук аан дьиэҕэ муннунан кэтиллиэ. Икки хардыыны хаҥас диэки атыллаат, илиитин иминэн көрдөөн уотун уматыа, кууһа сылдьар чэчиктэрин аан таһынааҕы туумбаҕа быстах ууруо, атаҕын устуо… «Ийээ, сылайдыҥ дуо, таапачыкаҥ бу баар, аҕал эрэ атаххын…» – диэн, ким даҕаны кини атаҕын үрдүгэр түспэтин эмиэ билэр.
Итинник, куруук ыарыылаахтык дууһатын эмэр санаатыттан сылайа быһыытыйан, самнан даҕаны диэх, Марина Петровна хараҕа ууланна, кистии-саба, таксист көрбөтөр ханнык диэн, массыына үрдүн кэрийэ көрдө, симириктээн аһара сатаата…
Олег үлэтиттэн хойутуу кэлээччи. Сөп ээ, эдэр сааһыгар учуонай буолбут киһи бастакынан өрө тутара – үлэтэ. Иккиһинэн эбитэ дуу, үсүһүнэн эбитэ дуу, кэргэнэ, дьиэтэ-уота… Ол эрээри, кинилэр кыра киһилээхтэрэ, оҕолоохторо буоллар, Олег маннык уһуннук тардыллыбата чахчы. Бука, син ханнык эмэ үүт-хайаҕас көстөн дьиэҕэ-уокка туох эмэ көмөлөөх, кыттыгастаах буолуох этэ. Онто баара, кини бэйэтэ кыра оҕо курдук Маринаҕа бүөбэйдэтэр. Аһын-таҥаһын дьаһайтарбыта эрэ баарай, киинэлиири, тыйаатырдыыры кытта бэйэтэ быһаарар буолбута ыраатта-а…
Ардыгар Марина, дьахтар буоллаҕа эбээт, арааһы эргитэ санаан элэҥнэтэн ааһар. Дьүөгэлэр даҕаны, онуоха сөптөөх төрүөтү быраҕан, харса-хабыра суохтук кигэллэрэ сыттаҕа.
– Дьүөгэ-э, тугу гынаары дуу, гынымаары дуу туймаарыйан, туналыйан баран олороҕунуй?! Эн эрэ маннык кыһалҕалаах үһүгүн? Аньыыга киириэххин?! Биир эмэ оҕолоох киһини булан хоонньоһон холонон көрүөххүн?
– Аньыы даҕаны… Олегпар… ол кэнниттэн туох диэмий?
– Ээйиис, оттон быраастар бэйэлэрэ эппиттэр буолбат дуо? Иккиэн оҕолонор кыахтааххыт диэн? Ити кэннэ туох нааданый өссө? Оҕо кэлбитэ туох куһаҕаннааҕый? Эр киһи, сэгэриэм, син биир билбэт, кини ньүдьү-балай, ким баҕарар оҕотун ытыран аҕалан: «Бу, нохоо, эйиэнэ! Иит, аһат!» – диэтэргин, тук курдук сүүрүө! Ити кэм-кэрдиис көрдөрбүт, эҥин бэйэлээҕи итэҕэппит бэйэккэтэ! Историяҕа да биллэр суол буолбаат?!
– Аньыытын баҕаһын, кэби-ис!
– Аньыырҕаатаххына, аны, ытааҥҥын ыйылаама, сөп диэ?! Ханнык баҕарар түгэҥҥэ быһаарыллыбат кыһалҕа диэн суох! Соҕотохто биир курдук сананыахха уонна тиһэҕэр тиийэ киирсиэххэ эрэ наада! Олох диэн, оһуора эрэ кэллэҕэй, онто-манта ордук элбэх ини, син биир сэриигэ курдук…
– Онтон атыннык быһаарыллыбата, эчикийэ, хомолтотун…
– Эмиэ ытаата, хомойдоргун, хараҕыҥ уутунан суунан, сып-сылаастык олордоҕуҥ эбээт! Киһи сүбэтин ылыммат аатаҕын, тоҕо ыйытаҕыный?!
Дьүөгэ тыла итинник тимир-тамыр. Биир өттүттэн ыллахха эмиэ да сөп. Марина ытаабыта да ыраатта, ытаммыта да балачча буолла. Ол иһин кэнники кэмҥэ үҥсэргиириттэн хал буолан… арааһы саныыр. Сүбэ быһыытынан, Олегтыын арахсаллара дуу… Баҕар, кинилэр сөп түбэспэттэрэ буолуо суоҕа дуо? Оччотугар эдэр-сэнэх эрдэххэ арахсан, кини да, Олег да оҕолонуо, олохторо да суолталана охсуо этэ буоллаҕа эбээт. Итинник санаа кииртэлиир да, кини хайдах да тыла тахсан Олегар эппэт. Тапталларын уота-төлөнө оҕоҕо ымсыы күүһүгэр баһыйтаран, сөҕүрүйэ быһыытыйар быһыылаах. Тоҕо эрэ итинник түмүккэ кэлбит Марина, бара сатаан, үүт-хайаҕас көрдүүр баҕаттан, саатар Олег ханна эмэ аралдьыйан, биир эмэ дьахтарга оҕоломмот да буолан дэтэлиир. Оччотугар кини тоҕо кыыһыраахтыай, төттөрүтүн, үөрүө этэ уонна үчүгэй баҕайытык тэрийэн ыытыа эбитэ буолуо. Оттон бэйэтэ? Оттон… бэйэтэ буоллаҕына… сырыынньа тугу эмэ тобула сатыа эбитэ ини…
Ол иһин үлэтиттэн мэлдьи хойутуур Олег хаһан да сэмэлэммэт. Сэмээр аны, баҕар, тардыллан, улдьааран, биир эмэ түгэҥҥэ аралдьыйан… оҕолонор кэскиллээххэ тиксээрэй дуу диэн кэтэбилгэ сылдьаахтыырын эр киһи үтүөтэ хантан сэрэйээхтиэй?
Оттон Олег атыннык саныыр. Хайдах, кини да киһи дии, тоҕо саныа суохтааҕый? Дьахталлар бэйэмсэхтэр ээ. Бэйэлэрин эрэ айдааннара. Кинилэр эрэ сүрэхтээх-быардаах курдуктар эрээри, алҕаһыыгыт, кэрэчээнэлэр. Кини да эр киһи элээмэтэ этэ дии. Оҕото суох буолар, онтон өссө ыара-ыарахана, букатын да ыччата суох хаалыы диэн хайдахтаах да эр киһи киэбигэр барсыбат. Иэдээн. Ойоҕостон ылан ииттии кинини киэргэппэт. Быраастар этэллэринэн, кинилэр Мариналыын иккиэн төрүүр-ууһуур кыахтаах дьон. Өйдөөтүгүт, ууһуур диэбиттэрэ! Оччоҕо тоҕо оҕоломмотторо буолуой?
Үнүргү сырыытыгар Москубатааҕы микробиолог доҕоро Ленинградка сылдьан билиһиннэрбит гинеколог профессора эппитэ оруннаах: киһи баҕатыттан тутулуга суох, эт-хаан өттүнэн тапсыбата диэн эмиэ баар. Ону кытта ити боппуруоһу ыарыылаахтык туруорунар түгэҥҥэ өйгө-санааҕа, ол аата психикаҕа эмиэ атын харгыс баар буолар. Наһаа оҕоҕо баҕарар, ону олус эрэйэ күннэтэ күүтүү – өй-санаа, син биир ханнык эмэ кэмҥэ туох да диэ, айгырааһыныгар тиэрдэр. Оччотугар наука тугу сүбэлиирий диэ? Сөбүлэҥ быһыытынан кэргэнниилэр арахсыахтаахтар. Эбэтэр, бастаан утаа оҕону ылан ииттиниэхтээхтэр. Оччоҕо мэйиигэр, эккэр-сииҥҥэр уоскуйуу-налыйыы бэлиэтэ булгу биллэр, устунан, дьэ, оҕолонуохха сөп буолар. Ардыгар, туох кистэлэй, ол да көмөлөспөт.
Олег Дмитриевич атыны иитэртэн туттунар. Эмиэ ол табаарыс микробиолог этэринэн, хаан баар, эн иитиигэр-үөрэтиигэр төрдүттэн бэриммэт кутталлаах. Оччотугар ылыахтаах оҕоҥ аймаҕын-уруутун, чэгиэнин-өлүөрүн эрдэттэн сиһилии хасыһан билиэххин наада. Оттон быраҕыллыбыт аата быраҕыллыбыт, ол эрэйдээх туох хааннааҕын, ким этэн биэрэн, хантан билиэҥий? Ити барытыгар – бэлэм эппиэт. Өскүөрүтүн ылбатаҕыҥ ордук буолан тахсар. Хаарты тахсыытын курдук: баҕар табыллыаҥ, баҕар алдьаныаҥ.
Олег Дмитриевич итини барытын Маринатыгар эппэт. Кини уйана бэрт. Уйулҕата олус чараас. Оҕо туһунан кыраны даҕаны кыайан тулуйан истибэт. Оскуолаҕа кыра оҕолору кытта бодьуустаһар ааттаах, булгу кими эмэ аһынан, оннооҕор сэмэлээбититтэн кэмсинэн, дьиэтигэр кэллэр эрэ, ытыыр киһи буоллаҕа. Олег кинини олус таптаан кэргэн ылбыта да, кэнники сылларга ордук аһынарыттан ордубат. Өскө кини бэйэтэ кыайан оҕолообот буоллаҕына, ол туһуттан Марината эрэйи көрөн эрдэҕэ. Оттон Марина сатаан төрөөбөт түгэнигэр, арахсан хааллахтарына, эрэйи көрөөччү эмиэ дьахтар буолуо дии. Онон, тус олох бары кыһалҕата кыттыһан, ханна баран, тугу гынан бу айылаах санааттан-онооттон босхолонуон билбэтэх учуонай төбөтүгэр үлэнэн үлүһүйүү түбүгэ эрэ буолбакка, араас «таракаан» барыта баарын ким билээхтиэй…
* * *
Бастакы куурус устудьуоҥката Татыйык Матвеева кыһыҥҥы сиэссийэтин, ол аата сыл аҥаара үөрэммит билиитин дакаастаһар эксээмэҥҥэ бары предметтэрин бэркэ туттартаан дойдулаата. Өлөөнчүк кыыһа баҕа хоту, дуоспуруннаах быһыытын ыһыктыбакка, этэҥҥэ үөрэҕин түмүктээн, дьиэтигэр айаннаан иһэрин истэн үөрүү бөҕө.
– Оҕонньо-ор, кытаат, били бу күһүҥҥү идэһэбититтэн ууруммут бууппутуттан киллэриэх. Эттээн-астаан, көп өттүн эрийэн бэрэскилиэх, кэтилиэттиэх, – диэн дьаһайбыта ыраатта.
Онон, Маппыайаптар ыалга түбүк элбээтэ.
– Татыйык оҕо үтэ гынан илдьэ барарыгар бэрэски-кэтилиэт буспута, туома, нэдиэлэ буолла! Кыыс буоллаҕына билигин да кэлэ илик, аара хаайтарбатаҕына, бу киэһэ эргин биллэрэ буолуо, – ыаллара дьахталлар, хотоннорун аттынааҕы оттоох кыбыыга саһан туран, сэһэннэрин үллэстэллэр.
Биирдэрэ Биэрэ диэн, эдэрчи эрээри, былаатын куруук тууна баанарын иһин кинини киһи бары эмээхсин курдук көрөр. Иккиһэ – Алаапыс. Аа-дьуо саҥалаах, аны туран оннук курдук, көрдөххө бытаан туттунуулаах эрээри, алыс таһаарыылаах, хотуулаах үлэһит. Уҥуоҕа үрдүк, бэйэтэ хатыҥыр буолан, хайдах эрэ Алаапыс диэн аатыгар дьүөрэлии баҕайы быһыылаах. Быһата, дьон Уһун Алаапыс диэччилэр. Ону билбэт дьон, бу эҥээргэ саҥа кэлбиттэр куруук муодарҕааччылар. «Оччоҕо кыра дуу, кылгас дуу Алаапыс диэн кими этэҕитий», – диэн ыйытааччылар. Кыһын чугас кэлэр-барар сырыы аччыыр, дьиэ таһынан от-мас үлэтэ сайыҥҥы курдук буолбатах. Тымныы буолан ырааппаккын, тыаҕа отоҥҥо, ходуһаҕа оттуу сылдьарыҥ курдук, санаатыҥ да аа-дьуо сэлэспэккин. Ол иһин, хаар түстэ да, утуйбут айылҕалыы, сонун-нуомас эргийэрэ, тылтан тылга тиийэрэ биллэ бытаарар. Итинник үлүгэр кэмчилэнэр кэмигэр, дуона да суох сонун, сонун буоллаҕа эбээт!
– Хотуой, оттон кыыспыт били бэтэринээрэ баар ини?
– Ээ, ханна барыай? Эдэр киһи туора-маары туттара баһаам ини. Үнүр кыргыттар норуодунай тыйаатыр аһыллыытыгар сылдьан көрбүттэрэ, хата, били Ньуккуну кытта, ыбылы куустуһа-куустуһа, үҥкүүлүүр сурахтааҕа…
Бэйи эрэ бэйи… «Ыбылы» диир буоллахтарына, ол аата туох эрэ баар эбит ээ, мээнэҕэ тоҕо «ибили-ыбылы» диэхтэрэй?! Дьахталлартан биирдэригэр дьиктиргиир сибики билиннэ…
– Ньуккуну даа?! Бэйи, онтубут оҕото?
– Ханна барыай, сыттаҕа-олордоҕо дии, дьиэ киһитэ оҕо барахсан. Тэрилтэтэ суох, ийэтэ Ньукку үлэ да, үөрэх да суох…
– Эн, Алаапыс, тоҕо ити кыыһы кырыктаах баҕайытык кэпсиигиний? Үчүгэй баҕайы кыыс буолбат дуо, быһа мытырыйан? Көссүөтэ, сэмэйэ. Киһи эрэ алҕас оҕолонор ини, оҕо кыыс албыннаттаҕа дии. Өлүөсэ уол сыыла сылдьан сыарҕа быатын быһар. Хата, сураҕа, эн сиэн балтыгыныын ыаллаһаары гыммыт дииллэрэ кырдьык дуо?
– Ээ, оттон оннук ини. Инньэ дииллэр даҕаны, ол эдэрдэр сырыыларын ким аахтаҕай… Ньукку да, оттон… син сөбүлүү көрбүт буолан сөбүлэҥинэн оҕолонно ини, ким билиэ баарай. Наар аанньа эр киһи икки, уол оҕо икки аҥаардастыы сэмэлэннэҕэй, – Алаапыс тоҕо кыыска «таала кырыыланара» билиннэ.
– Тыый, хата диэ, аймахтаһаары гыннылар дииллэрэ оруннаах эбит буоллаҕа. Хата, оттон бэрт, сыа сиир саҕана бары кэри-куру умнуллаа ини, доҕор, – ыала Биэрэ бүгүҥҥү кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, тардыбыт отун түүтэхтээн барда.
Дьахталлар ити сэлэһэр айдааннарыгар буолан, анараа диэкинэн Өлөөнчүк кыбыытыгар тахсыбытын өйдөөн көрбөтөхтөрө. Халыҥ таҥастаах киһи бу тымныыга тугу түптээн истиэй, кыҥастаһыай, туһааннаах үлэтигэр тиэтэл муҥунан түһүнэн кэбистэҕэ эбээт.
Маппыайаптар мааны кыыстара Татыйык түүн таһаҕас тиэйэр массыынаҕа олорсон кэлбитэ. Тиэтэл үлүгэринэн чэйдии охсоот сытар аакка барбыттара. Онон Өлөөнчүк сарсыарда хотонугар муҥутуур эрдэ тахсан барытын бары дьаһайа охсубута. Оҕонньоро Тиит сылгыларын аһатан баран, күүтэ таарыйа, кыбыытын харбыы сырыттаҕына, нөҥүө далтан субу эрэ хотонугар ааһан иһэр Алаапыс ыһыытаан ыҥырбыта.
– Хайа, Тиит, Татыйыккыт кэллэ дуу, суох дуу? Хаайтарда дуо?
– Һэс-суох, доҕор, кэлэн. Бөөлүүн кэлбитэ.
– Ээ, хаайтардаҕа дуу диибин ээ. Оттон Боппуоктар уоллара икки, Мотуруос кыыһа икки, кэлбиттэрэ икки хонно.
– Ээ, олоруҥ, сөмөлүөттэннэхтэрэ дии, дьонноох дьон.
– Оннук хаппыт эбит дуу. Хайа, оҕо төһө бэркэ үөрэммитий?
– Бэрт-бэрт, түөрт да биэс диэн буолла. Эн, Алаапыс, бу үйэҕэ оҕо үөрэҕэр кыһамматах бэйэккэҥ, тоҕо сурастыҥ? – Тиит мууһура сыспыт дьоҕус бытыгын аннынан бэрт дьээбэлээхтик мүчүк гынна.
– Хата хайдах буоллуҥ? Тилэри тиэргэннээх олорон, ама, ыалларым оҕолорун сураспытым буруй буоллаҕай? – дьахтар, өһүргэнэ сыста эрээри, син туттунна.
Ити Тиит, аҕыйах саҥалаах эрээри, эттэҕинэ төрдүттэн тоҕу түөрээччи. Онон киэһэ-сарсыарда эн-мин дэсиһэр дьон эйэлэрин араарбатахтарына сатанар. Алаапыс да аньыыта-харата чугаһынан биллэрэ оччо буоллаҕа-а. Кэргэнэ өлбүтүн кэнниттэн киһиэхэ барытыгар сыҥаланан, Тиити кытта «өҥөҥнүүр» сурахтааҕа да, кэпсэл омуна ини. «Аҥаардас хаалбыты дьон атаҕастаан да араастык саҥарыахтара, эн онно тугуҥ дьыалатай», – диэн Өлөөнчүгүн биирдэ эрэ буойбута. Тыл-өс түргэнник тарҕаммытын курдук сотору уостубута. Кырдьык эрэ, сымыйа эрэ, Алаапыс икки уоллааҕын, соҕотоҕун кыайыа суоҕун билэн, аймахтара куоракка үөрэттэрэбит диэн ылбыттарын аньыыта, оҕолор онтон ыла биллибэттэр. Сураҕа, биирэ Москубаҕа, биирэ эмиэ ханнык эрэ куоракка үөрэнэллэр үһү диэн. Алаапыстан, ким эрэ аһынан, ким эрэ сүрүргээн, ыйыппаттар эбит этэ. Ол иһин, бу да сырыыга дьахтар, ааранан, бэйэтэ дьаарханна быһыылаах, төттөрү хардары ыйытыыттан толлон, туора ойдо, солуурдарын харбаат, хаарын баһына ыстанна…
– Тоойуом, чэ, тур, чэйдиэхпит, – таһыттан ынаҕын аһылыгын иһитин таҥкынаппытынан киирбит Өлөөнчүк кыыһын уһугуннарда.
Татыйык, кэмниэ кэнэҕэс дьиэтигэр кэлбитин итэҕэйбэккэ, сылаас оронугар сытан үөһэ-аллара тыыллаҥнаата, массыынаҕа сахсыллыбытын аахсыбакка, дуоһуйа утуйбутуттан үөрэн ойон турда. Ийэ-аҕа үөрүүтэ үксээтэ. Тугунан да маанылыахтарын билбэт дьонноро, биирдэрэ биир өттүттэн, иккиһэ иккис өттүттэн астарын-үөллэрин сыҥалыы олордулар. Онтон аһара астаран кыыс эмиэ да күллэ:
– Ийээ, эн наар минньигэс өттүн сиэтэ сатыыр эбиккин: сарсыардааҥҥы күөрчэх, дьэдьэннээх тоҥ күөрчэх, барыанньа, бискибиит… Оттон аҕабын көрүүй: бэрэскитэ сиэ, эттэ сиэ, бу тууһаммыт сыа баар, бу хаан, бу ыһаары собо диир. Барытын хайдах биирдэ олорон туруомуй? – кыыстара кычыгырыыр.
Бука бары да ахтыспыттарын таһааран, арааһы кэпсэтэ-кэпсэтэ, хаһааҥҥытааҕар да өр олорон чэйдээтилэр. Уһун өрөбүллээх кыыс тугу гыныаҕын былааннаатылар, барар-кэлэр саҕана буолбакка, бу сырыыга көлөнү эрдэттэн сураһан булунарга болдьостулар.
Инньэ гынан, аҕата этэринии, «хоньокууллаах хотоку» соччо-бачча кулуубунан, киинэнэн үлүһүйэ барбата, наар сынньанна. Ол быыһыгар дьиэтин үрдүн кылбаччы сууйда. Түннүк сабыыларын турута тыытан ылан уларыттылар. Били ааспыт кыһын аҕата киниэхэ анаан быспыт аан дьиэтин көтүрү тардан ылан эркинин оппуохалаатылар, ордугар обуойу сыһыаран дьиэлэрин кэҥэттилэр. Өлөөнчүк кыыһыгар кыһыл саһыл тириититтэн сабыс-саҥа бэргэһэни тиктэ, онно дьүөрэлээн киин лааппыттан кытархайдыҥы саарпыгы атыыластылар.
Киэһэ утуйуох иннинэ Татыйыкка бииргэ үөрэммит кыргыттара төлөпүөннүүллэр.
– Ээйиис, кыыспыт былыттаах халлааҥҥа быкпат буолан кэлбиккин дуу? – диэн дьээбэлииллэр.
Ол эрээри Татыйык, дьонун ахтылҕаннарын ханнаран, дьиэтигэр олоруох буолбут былаанын ыспат, кыргыттара да кыыс быһаарыныытын ылыннылар. Онон, хайыахтарай, сонуннарын суһал үлүгэрдик төлөпүөҥҥэ эрэ сибигинэйэллэр.
– Татыйык, Кириил киэһэ аайы таансыга баар ээ, кими эрэ көрдүүр курдук, сааланы кэрийэ көрөөт, тахсан барар. Уонна кэлбэт. Арааската… эйигин суохтуур быһыылаах дуу, – диэн бэйэлэрэ да мунаараллар.
Татыйык саҥарбат. Хомойбута оччо эрээри, кырдьыга баара, эмиэ да наһаа кэлэйбит курдук буолбатах. Кэнники холкуйа быһыытыйан баран санаатаҕына… баҕар, уол кинини төһө чэпчэкитин эҥин билээри албастанан гыммыта буолаарай? Эбэтэр… суос-соруйан, үтэн-анньан көрөрө дуу? Ким билиэ баарай, били түбэлтэ кэнниттэн кинилэр билсибэтэхтэрэ да, көрсүбэтэхтэрэ да…
Сайыны быһа Кириил Татыйыкка суруйбут буоллаҕына, быйыл кыһын биирдэ да, тугу да биллэрбэтэ. Кыыс, сэмээр күүппүтэ даҕаны, мэлигир. Үөрэх кытаанах, мээнэ аралдьыйары сөбүлүө суох курдук. Татыйык күннээҕи түбүктэн ордубат буола сатаан, аһын-таҥаһын быһаарынаат, бибилэтиэкэттэн ордубата… Көстөн иһиэ дии? Ол оннугар үөрэҕэр бэркэ ситистэҕэ. Билигин да тиийэн өссө күүскэ дьарыктаныан саныыр. Дьиҥэр сөбүлүүр бөҕө үөрэҕэ эрээри, араас элбэх сатаан өйдөөбөт да предметтэрэ үгүһэ кыайар. Хайаан барыта кини санаатын хоту буолуой, ол иһин аҥаар кырыытыттан, сирэ-тала сатаабакка, Татыйык дьиҥнээхтик үөрэнэ сатыыр, ис сүрэҕиттэн кыһаллар…
* * *
– Билсиһэн кэбиһиҥ, Марина Петровна, Олег Дмитриевич Тылгыынаптар. Эдэр үлэһиттэр, биирэ – учуутал, иккиһэ – учуонай. Хайа, маамата, хайдах курдук мин маннык астык доҕоттордоох эбиппиний? – куораттыы тартаран саҥарбыт-иҥэрбит үскэл киһи үөрдэ-көттө, тараҕай буолаары гыммыт оройун ытыһынан имэрийэ түһээт, кэтэҕин тарбанна.
Бу Олег бииргэ үлэлиир үөлээннээҕэ Петр Егорович Муннуурап диэн улахан учуонай. Кини төрөөбүт күнүгэр ыҥырыллан ыалдьыттыы кэллилэр. «Маамата» диэбит дьахтара эдэрэ бөҕөккөтө, синньигэһэ биир оннук. Ыксары олорбут кыараҕас ырбаахыта кини ураты хатыҥыр бэйэтин эбии харахха быраҕылыннарар. Олег, итини көрөн, иһигэр олус сөхтө, кини Марината олус чараас, намчы киһи. Оттон бу, сааһын букатын туора киһи сатаан таайыа суох дьахтара, сиэрэ суох хатыҥыр, бүтүннүү уҥуоҕу кытта тириитэ эрэ буолуох айылаах. Ол иһин төбөтө, саатар бүрүчүөскэтэ итинник буоллаҕа ини, саллайан, улахан баҕайы буолан көстөр. Хайдах да гынан, толуу баҕайы Петр Егоровичка дьүөрэтэ суох. Итинник санаатыттан Олег бэйэтэ да соһуйда. «Хаһааҥҥыттан дьахталлары сыныйан, ырыта көрбүт муҥмунуй», – диэн иһигэр кыбыста быһыытыйда, кытарда да быһыылаах. Онтун биллэримээри:
– Баһаалыста, хаһаайкаҕа, эйиэхэ кэмпиэт уонна… бу остуолга анаан ыыһаммыт эти кытта ханньаах, – диэтэ, маны барытын кыайан тутара дуу диэхтии, дьахтар илиитигэр толору ууран биэрдэ.
Кырдьык, онуоха анарааҥҥыта, кини эрэ санаатыгар эбитэ дуу, мэктиэтигэр иҥнэх гына сыста:
– Тыый, тугун өлгөмөй, махталы кытта! Баһаалыста ааһыҥ, күндү ыалдьыттар, – диэтэ, сиэр быһыытынан хардарда уонна кэһиитин нэһиилэ кууһан куукунатын диэки барда.
Марина Олега дьиэлээх дьахтары дьикти баҕайытык чинчийэ көрбүтүн сыыска түһэрбэтэ. Кини, эриттэн ураты, ис санаата таайарынан, «маамата» ыалдьар быһыылааҕын тута сэрэйдэ. Ол эрээри онтун тоҕо кистии сатаабакка, дьон хараҕар «ууран» биэрэ сылдьарын соччо сөбүлүү сыаналаабата. Дьон араас буоллаҕа, улахан учуонай маанылаах кэргэнин өйө-санаата да атын ини диэн элэҥнэтэ санаат, Марина ити туһунан тута умунна, атын ыалдьыттарга аралдьыйда…
Бырааһынньык киэһэтэ бэрт көрдөөхтүк ааһар чинчилээх. Уһаан остуолга олорботулар, үксүн хас эмэ хостоох дьиэҕэ хаама сылдьан сэлэһии, тугу эрэ булан мөккүһүү, оонньоһуу-хаадьылаһыы оргуйан олордо. Маринаҕа сааһыра барбыт ырыган киһи тугу эрэ маарыыттан кэпсиир да кэпсиир. Арааһа көрүдьүөс бөҕө быһыылаах. Сампааннаах бакаалын туппутунан, дэҥ-дуҥ сиэр быһыытынан сыпсырыйан кэбиһэ-кэбиһэ, Марина ол кэпсэли сэҥээрэр курдук. Кини испэтин Олега билэр. Оттон ол киһи, кини быыкаатык да сыпсырыйдар эрэ, элээрэн барар да, бытыылканы остуолтан ойутан аҕалар, дьахтар бакаалын толорон биэрэ сатыыр. Итини Олег иһигэр сөбүлээбэтэ: «Туох да сиэри билиммэт киһи баар эбит дуу… Марина да тоҕо тохтоппот, сэмэлээбэт бэйэккэтэй…» диэн иккиэннэрин сэмэлии саныыр.
– Олег Дмитриевич, баһаалыста миэхэ көмөлөһүөҥ буолаарай, – оргууй сибигинэйэн «маамата» кэлэн көрдөстө.
Кинилэр куукунаҕа аастылар.
– Петр Егорович аска-үөлгэ сыстаҕаһа суох ээ. Мин… олус сылайдым. Онон, ити ыыһаммыт эппитин эбии кырбаабыт киһи дуу диэммин эйигин көрдөһөөрү ыҥырдым, – диэтэ кини уонна сып-сырдыктык мичээрдээн кэбистэ.
– Биллэн турар, Маргарита Алексеевна, сип-сибилигин, – диэт, Олег бинсээгин уста биэрдэ, ырбаахытын бэлэнньиктэрин сүөрэ охсон ньыппарыммытынан барда.
– Можно просто Марго… – дьахтар эмиэ мичээрдээтэ. – Миигин бука бары итинник ааттыыллар, киһи соһуйара суох, – диэтэ.
– Сөп, Марго. Эппитин мин бысталыам эрээри… ханна уурабытый?
– Эппитин… бу манна, – дии-дии, сип-синньигэс, хап-хачаайы Марго, ыскаабын үөһээ өттүгэр тиийэ сатаан, көтөр оҕотунуу даллаҥнаата да, тиийбэтэ. – Олег… Дмитриевич, итиннэ, үөһэ… селедочница баара, ылан кулу эрэ, – диэтэ.
Олег ыскаап үөһээ өттүн арыйбыта иһит-хомуос толору. Ол быыһыттан ньолбуһах быһыылаах, ортотугар сордоҥ ойуулаах дьоҕус тэриэлкэни сулбу тардан таһаарда.
– Сити-сити… маладьыас баҕайыгын дии. Мин Петюнчикпар эттэххэ, сэттэ да наука учуонайа буоллар, букатын булуо суоҕа этэ! – Марго күлбүтэ, аны, лыҥкынаан иһилиннэ.
– Тоҕо… «сэттэний» науката? – мунаарбытын дьайҕардаары Олег ыйытта.
– Һы-мм-м, оттон, Петюнчик бэйэтин тыла ээ, кини төбөтө сэттэ да науканы батарар кыахтаах…
– Ээ! Инньэ диэ! Оннук да буолуо ээ! Петр Егорович олус талааннаах учуонай, чахчы да кини кыайбата диэн суох буолуохтаах, – Олег, туох туһунан этиллибити, дьэ, долоҕойугар тириэрдэн, дьахтар тугу диирин, син өйдөөтө.
– Баар… баар буолбакка? Кылаабынай науканы кини… баһылыыр кыаҕа суох… – Марго харахтара күлүктэннилэр.
Ити икки ардыгар Олег этин сип-синньигэс гына бысталаата, балыкка да ананнар, синньигэс ньолбуһах быһыылааҕын аанньа, хаһаайка ыйбыт тэриэлкэтигэр кэчигирэччи тэлгэттэ.
– Ол ханнык науканый? – илиитин сууна туран кини хардары ыйытта.
– Дьахтары сатаан дьоллуур наука баарын биир да эр киһи билбэ-эт, билэ да сатаабат! Киниэхэ таптыыр науката баар буолла да бүттэҕэ о-ол… – диэт, үрдүк хобулугар холкутук дугунан, тоҕо эрэ бу сырыыга сымса баҕайытык туттан, куукунатыттан тахсан барда.
Баччааҥҥа диэри сэниэтэ суоҕунан унаарыччы кө-рөн, нэһиилэ сибигинэйэ былаастаан саҥарар курдук Марго эмискэ уларыйбытыттан соһуйан Олег, инчэҕэй илиитин куурдаары соттор булбакка, кыраанын таһыгар туран хаалла…
Ити билсиһии бастакы киэһэтэ этэ. Мантан ыла Петр Егорович бырааһынньык аайы уонна олоҕор туох эмиэ бэлиэ түгэн таҕыстар эрэ кинилэри дьиэтигэр ыҥыртыыр буолбута. Ардыгар Олегы бэйэтин эрэ, сороҕор, сөптөөх соҕус түгэҥҥэ диэн сөбүлэстэҕинэ, Марина да кэлсээччи. Ол эрээри учуутал киһиэхэ чуҥкук соҕус кэпсэтиилээх итинник түмсүүлэри кэнникинэн кини сэҥээрбэт-сөбүлээбэт буолан үксүн аккаастанар. Оттон Олег барбата сатаммата, Петр Егоровичтыын кини олус сылаас сыһыаннамматаллар да, бу дьиэ тугунан эрэ кинини угуйар буолан барбыта…
Ол төрүөтэ, арааһа, Марго быһыылааҕа. Олег, хас кэллэҕин аайы, бу боростуой курдук эрээри, ыарыһах уонна олус элбэҕи бэрсиэх айылаах билиилээх дьахтарга убанан испитэ. Туга ыалдьара биллибэт Марго, ардыгар санаарҕабыл саарыстыбатыттан тахсыа суох курдук саппаҕыран көрсөрө. Сороҕор, сууламмыт саал былаатын быыһыттан күн сардаҥата чаҕылыс гыммытыныы, күлүм аллайан көрсөрө.
Итини барытын Олег соһуйа кэтиирэ. Арай Петр Егорович наадыйбата, этиэхтээҕин-кэпсиэхтээҕин ыһа-тоҕо суһаллык дакылааттыы охсоот, кэбиниэтигэр киирэн кирийэн хаалара. Итини Олег эмиэ сатаан өйдөөбөтө, онтуката баара, Петр Егорович ыкса киэһэттэн түүн хойукка диэри, туран көрбөккө, үлэлиир кэмэ эбит. Ол иһин аата-ахсаана биллибэт дакылааттара, монографиялара сурунаалга да, анал литератураҕа да, быыстала суох тиһиллэн истэхтэрэ.
– Петюнчик – фанат. Кинини туох да долгуппат. Кини мин доруобуйабын да улахаҥҥа уурбат буолбатах, таах, тириэрдэн өйдүү илик ээ, – санньыар кууспут Маргота, төрүт да кэргэнин буруйдуур санаата суох, оргууй сыыйан сонньуйар.
– Оттон этиэххин?
– Этиэххин?! Ха-ха! Петя сэттэ наукатын ахсааныгар доруобуйа харыстабыла киирбэт! Ол иһин кини ону өйдүүр кыаҕа суох…
– Марго, эн… эмтэниэххин? Дьоҥҥор этиэххин? Тугуҥ ыалдьарый?
– Һы! Тугум да ыалдьыбат… Дьоммор? Мин дьонум суох. Истиэххин тиэтэйдэххинэ, мин… саха да буолбатахпын.
– Ээ? Эс, ама хайаан…
Марго эмиэ лыҥкыначчы күлэр.
– Уопсайынан маннык, Олег. Эн миэхэ тылгын аҕал. Көмөлөһүөм диэн эрэннэрэҕин? Оччоҕо мин кимиэхэ да маарыннаабат уонна кимиэхэ да быктарбатах остуоруйабын эйиэхэ эрэ анаан кэпсиим…
Кырдьык, мин саха буолбатахпын. Омукпунан, кумааҕыга суруллубутунан, казахпын. Дьиҥэр, ол да саарбах ээ. Биир тылынан, азиат оҕотун булан аҕалан детдомҥа туттарбыттар. Ийэм да, аҕам да кимнээхтэрэ төрүкү биллибэтэҕэ, көрдүүргэ да уустук, хантан тугу булуоххунуй? Онон мин Алма-Атаҕа улааппытым. Оҕо дьиэтэ араастаах. Үчүгэй да баар, соччото да суох. Ол эрээри ону ырыппаппын.
Мин детдом кэнниттэн иис үөрэҕэр үөрэнэ киирбитим. Орто идэлэнэн, үлэһит буолбутум. Дьиҥэр, ити детдоммут училищены кытта дуогабарынан ылбыттара. Мин учуутал эбэтэр быраас буолуохпун баҕарарым. Үөрэхпэр куһаҕана суох этим да, ол хаһан да бастакы миэстэҕэ турбатаҕа. Детдомнар бука барыларын дьылҕата биир кырапаанан кумааҕыга ыйыллыбыт этэ: кыргыттар иискэ, аска сыстыахтаахтара, уолаттар ол-бу тутааччы, силиэсэр, собуот оробуочайа эҥин…
Итинник, кыһамньылаах судаарыстыба аатыттан, сокуон быһаарбытынан дьылҕаланан, үлэлэнэн, тулаайаҕым иһин биэрбит саарбах соҕус хааччыллыылаах уопсайдарыгар олорон, үлэлээн испитим. Онтон, өлүөх быатыгар, эдэр саас романтикатыгар оҕустаран таптаабытым, узбек уолунуун холбоһоору гыммыппытын кини кыахтаах, төрүттээх-уустаах дьоно туорайдаспыттара.
Салгыы… табыллыбатах таптал, ытааһын-соҥооһун, бэйэҕэ тиийинэ сатааһын, онтон сылтаан арыгы, үлэттэн барыы, түбэһиэх доҕоттору кытта итэҕэйсии, дьүөгэлэр таҥнарыылара… Быһата, дьэбэрэҕэ түһүү, атыыланыы, аһыыр туһуттан быстахха, кимиэхэ баҕарар сөбүлэнии, бэйэни сэнэнии, саамай ынырыга, эдэркээн сааска инники олоххо туох баар эрэли барытын сүтэрии…
Ити кэмҥэ эдэр учуонай буолаары сылдьар уол оҕото Петя түбэһэ түһэр. Хайдах диэ. Кини «социологическай опрос» диэнигэр милииссийэни, гостиницалары кытта биллибэтинэн син биир баар бордель-притон курдуктары кэрийтэлиир, чинчийэр түбүктээх. Науката ирдиир буоллаҕа эбээт. Биһигини, ол аата түүҥҥү лыаҕы санатар дьэбэрэ дьарыктаах кыргыттары кытта бүппэт бэсиэдэлэрэ, ырытыһыылара саҕаланар. Кырдьыга даҕаны, ким онуоха сөп диэн сөбүлэниэй, иннинэн буолан дьиҥнээх чахчыны этэн биэриэй? Ити ханна баҕарар хомуллубут-тиһиллибит чинчийиилэр дааннайдара барыта икки өрүттээх, үксэ быһа холуйан, сымыйа! Оттон Петя киэнэ – дьиҥнээх. Тоҕо диэтэр, мин… кинини тугун эрэ сөбүлээн, баҕар, баччаҕа кэлиэм өппүтэ буолуо, биир тылынан баҕа өттүбүнэн көмөлөспүтүм. Кини миэхэ эмиэ көмө буолбута, харчылаабыта, аһаппыта, утуппута, сылаастаабатаҕым өр да буолаахтаабыт сордоох олус да сынньаммытым…
Ити, кини наукатын туһугар бодоруһуубут түмүгэр, мин эрэ-эмискэ сахалыы үөрэтэн барбытым. Казахтыы тылы истэ улааппыт буолан маарыннатан, букатын ыарырҕаппатаҕым. Кини онтон соһуйбута. Олус соһуйбута. Онуоха эрэ кэлэн, мин дьоҕурдаахпын, киһилии эбитим буоллар, мин эмиэ «наукаланыахпын» сөбө хаалбытын, син өйдөөбүтэ ээ. Аһыммыта быһыылааҕа. Уонна оччолорго эдэрэ, чиэһинэйэ сыттаҕа.
Петя оҥорбут үлэтин олус сөхпүттэрэ, үрдүктүк сыаналаабыттара. Тоҕо диэтэххэ, ханна да, ким да, хаһан да булбатах чахчыларын кинилэр иннилэригэр ыраас илиискэ ууран биэрбитэ. Ол мин, тоҕо эрэ ол үлэҕэ кыттыгастаах курдук сананарым туоһута, эрэйдээх-муҥнаах олоҕум суола, сырыым, сорум-муҥум ис хартыыната этэ… Кини миигиттэн элбэҕи билбитэ, ырыппыта, түмүктэри оҥортообута. Ол иһин миэхэ махтанар санаалааҕа өйдөнөр буоллаҕа. Биирдэ ыйыппыттаахпын ээ. Петя, тоҕо бачча өйдөөх уол, ыал буолбаккыный диэн. Онуоха мунаара да барбакка кини олоҕо наука эрэ бас билиитигэр баарын быһаарбыта, онтон атыны сэҥээрбэтин, сыаналаабатын итэҕэппитэ. Ол иһин мин, кини Сахатын сиригэр баран хааллаҕына букатын да буорайарбын билэрим оҕото сыттаҕа, синим биир диэн баран, этии киллэрбитим. Миигин кэргэн ыл, аскын астыам, таҥаскын көрүөм, дьиэҕин дьаһайыам, наада буоллаҕына кэргэни да солбуйуом. Эн миигин манна хаалларыма, атыылаама уонна атаҕастаама эрэ диэн көрдөспүтүм.
Петя икки күн толкуйдаабыта. Онтон икки нэдиэлэ докумуоннарбытын толорбуппут, Алма-Атаҕа саахсаламмыппыт. Манна күһүн буолуута көһөн кэлбиппит. Кыстаабыппыт. Харчыбыт суох буолан ол дьыл мин кыһыҥҥы таҥаһым да суоҕа, онон таһырдьа тахсан дьаарбайарым да кыаллыбатаҕа. Сааһыары, эһэ арҕаҕыттан тахсарыныы, мин дьэ Дьокуускай устун дьаарбайар кыахтаммытым.
Петя үксүн командировкаларга барыталыыра. Мин саҥа олоҕу саҥа сиргэ саҕалаабытым. Били манна кэлиэхпит иннинэ докумуоннары толорбуппут диэбитим дии? Онно миигин саха диэн суруйтарбыппыт, детдом миэтирикэтэ соччо айылаах суолталаах докумуон буолбатаҕын быһыытынан, ааппын эмиэ уларыппыппыт. Онон, чахчы саҥа төрөөбүт киһилии кэлбитим.
Сахалыы билбиппин чиҥэтэн наар кинигэ ааҕан кыстаабытым. Сааһыары олус түргэнник ааҕар буолбутум. Онуоха бэйэм итэҕэйбитим: мин хааммар, туох да диэҥ, үөрэнэр кыах баара, тугу да ааҕыым, барытын бэркэ ылынарым, ыраастык өйдүүрүм. Суот да буоллун, сурук-бичик да буоллун, барыга сыстаҕаһым. Ол иһин Петябын соһуталыырым. Кини ону эмиэ сыаналаабыта. Кэргэним диэн кимиэхэ баҕарар кыбыстыбакка билиһиннэрэр буолбута, тоҕо диэтэххэ, ханнык да боппуруоска, нууччалыы да, сахалыы да иҥнигэһэ суох хардарсар кыахтаахпын…
Петя майгыта олус сымнаҕас, үлэтигэр, кырдьык, олус үлүһүйбүт буолан, тугу-ханныгы быраҕан туран, онон эрэ дьарыктанар. Бэйэтэ эмиэ элбэх аймах-билэ дьоно суох. Кырдьаҕас ииппит аҕаһа былырыын бараахтаабыта. Олус бэрт эмээхсин этэ. Оттон ойоҕос аймахтары кытта соччо алтыспат, онон биһиги кинилэртэн ыраахпыт.
Мин үөрэнэ сатаабатаҕым, эппитим курдук, дьиэни-уоту дьаһайыам диэбиппин толорон, күн бүгүҥҥэ диэри олордоҕум. Оҕолоно сатаан иккитэ куоттарбытым. «Маама» буолар баҕам олус киэптээн, саатар ыарахан буолаат, Петябын «Рита» диэн ыҥырарын тохтотон, «маамата» дэттэрбитим да… табыллыбатахпыт. Онтон аймаммытым. Олус айманар дьахтартан эр киһи саллар ээ, ол да иһин буолуо, сыһыаммыт даҕаны сөрүүдүйбүтэ. Устунан убай-балыс курдукпут. Мин киниттэн тоҕус сыл балыспын.
Аны, туох хааннааҕым эбитэ буолла, санаабар кэриэй эҥин баара дуу… Көстөр дьүһүнүм соччо-бачча уларыйбат, ити аата, кырдьан иһэрбин биллэрбэт туох эрэ хааннаахпын диэн этэбин. Петюнчик баараҕадыйан иһэр, мин кинини, биллэн турар, анаан туран маанылыыбын. Аһын-үөлүн көрөбүн. Дьиҥэр, киһини уотар аһынан күндүлээбэппин эрээри, бэйэтэ этэрин курдук «боруодата» оннук уонна үлэҕэ киэптэппит, кэһиллибит эрэсиимэ, сырыыта-сылбата, турбакка олорон үлэлиир үөрүйэҕэ охсон итинник модьу-таҕа… Сүрэҕэр эрэ оҕустарбатар диэн сэрэнэбин да, хайыаҥ баарай, науката – к ырдьык.
Оттон ыарыы чааһа диэ… Урукку, ситэ илик оҕо сааска марай-сарай сырыы-сылдьыы суола-содула хаалбыт дьүһүнэ да буоллаҕа. Саатар кэмигэр төрөөн испитим, оҕоломмутум буоллар, быыһаныам эбитэ дуу, билбэтим. Дьахтар искэннээх буоллаҕына, бастаан утаа төрүү оҕус дииллэр эбит, оччоҕо ол баҕайы уостан ааһыан сөп үһү. Оттон миигин… итинник эппиттэрэ ыраатта да, кимтэн төрүөмүй? Онно-манна тылланан, ускул-тэскил бардахпына Петябын дьон туох диэй? Кини аатын-суолун алдьатар санаам суох. Петям баар буолан тыыннаах хаалбыппын өйдүүбүн. Оттон алтыһар дьонун көрөн бэркэ билэттиибин, мин эрэйи-кыһалҕаны көрбүт буолан киһи сирэйин-хараҕын олоруутуттан майгытын-сигилитин эндэппэккэ билээччибин. Киһиргээбэппин. Ити мин кырдьыгым…
– Мин, эйигин көрөн олорон, атын омук диэ суохпун… Букатын саха курдуккун. Арай, ханнык эрэ түгэҥҥэ… туттарыҥ-хаптарыҥ атыҥҥа дылы, киһини соһутуох курдук… – Олег итинтэн атыны тугу да булан эппэтэ.
– Омук диэн… киһи өйө-санаата буоллаҕа. Биллэн турар, хас биирдии омук туспалаах. Мин хааммынан да таайабын, сахаҕа маарыннаабаппын. Казахтарга эмиэ соччо сөп түбэспэппин. Ол эрээри үөрэнэр, үөрүйэҕи иҥэринэр диэн баар да, онтуҥ итинтэн арыый атын. Бу омук маннык буолуохтаах диэн чуо быһаарар кыах суох. Саатар оннук баара буоллар мин билиниэм этэ, туох-ханнык омук буоларбын. Хомойуох иһин, ханнык да наука итини кыайбат.
– Ол кырдьык. Киһини тас көрүҥүнэн сыаналыыбыт да, иһигэр туох баарын сатаан сэрэйбэппит. Онуоха тыл эрэ көмөтүнэн быһаарыстахха…
– Мин олоҕум ис араҥатын арыйа илигим. Петя да эппитэ буолуо диэн итэҕэйиэ суоҕа. Бу кини биһикки, кистэлэҥ диэн киксибэтэрбит да, тус кистэлэҥмит буоллаҕа. Онон, ону ыһар сиэргэ баппатын өйдүүр инигин? – Марго Олегы быһа түстэ.
– Биллэн турар, Маргарита Алексеевна, туох диэн эттэҥий…
– Тыый, хайы-үйэ Маргарита Алексеевна буолан хааллым дуу, – Марго эмиэ соһуччу баҕайытык чаҥкыначчы күллэ. – Олег, баарга барытыгар судургутук сыһыаннаһар куолута, тугун Алексеевнатай… Марго, көннөрү Марго диэ да, онон бүтэр…
– Ээх, Марго, сөп. Миэхэ олоҕуҥ туһунан итэҕэйбиккэр махтанабын.
– Маринаҕар эппэт инигин?
– Кэбис, тугун баран…
– Оччотугар сөп. Мин кистэлэҥмин итэҕэйбит олус чугас киһилээхпин диэн эрэнэрбиттэн үөрэбин эрэ. Олег… бырастыы гын дуу… Бүгүн хайдах эрэ сыппаан, ыһыллан ыллым быһыылаах…
– Оннук диэн буолбатах, Марго. Туох эмэ көмө наада буоллаҕына мэлдьи этэр буолаар…
* * *
Былырыын баччаларга Татыйык, төттөрүтүн, куорат диэки үөрэххэ туттарсаары, уочарат бөҕөнү көрсөн, көтөн кэлбитэ. Оттон быйыл кини, дойдутун диэки хардары көтөөрү, Маҥан пуордугар олорор. Ааттаах-суоллаах «Антошкалара» аҕыйах буолан, кэтэсиһии билигин да баар. Пуорка киһи баһаам. Аммалар, таатталар көппүттэрэ ыраатта. Бииргэ үөрэммит кыргыттара күлүм аллайан хайы-үйэ дьиэлэригэр олордохторо. Оттон кини бүгүн хойутуу эрэ көттөҕүнэ үөрүүһү быһыылаах, аны, куолуларынан, көһөрөн кэбиһэн иэдэтэллэрэ дуу. Татыйык үөрэҕин, сааскы сиэссийэтин барытын «биэскэ» туттаран аатыран иһэр.
Кыһын биллибэккэ ааста. Саас дьалхааннаах кэм буоларын, били Кириили кытта үчүгэйдии эрдэхтэринэ, кини кэпсиириттэн да истибит буолан, холкутук көрсүбүтэ. Ыччат көҕө диэн дьикти. Үрүҥ түүн үгэнигэр, кыһалҕа кыччыгый, куорпустар икки ардыларыгар баар ырааһыйаҕа оһуокайдаан тэйбит диэн, хоробуоттуу оонньообут, ол быыһыгар мээчиктээбит да баһаама. Хаһан-хаһан утуйа-тура охсон барытын кыаналларын киһи сөҕөр. Кини итинник сылдьыбыта буоллар, саарбахтыыр ээ, барытын бириэмэтигэр туттарыа эбитэ дуу. Онон, бэйэтэ оҥостубут эрэсиимин кэспэтэҕиттэн биллэ дуоһуйан сылдьар.
Татыйык, хайыһардьыт бэрдэ, университекка киирээт, сүүмэрдэммит хамаандаҕа ылыллан, анал кыраапыгынан дьарыктанар. Онон өрөбүл, сынньалаҥ диэн көрүллүбэккэ кыстаата. Хата, саас, киһи сылайар, наар утуйуон баҕарар кэмигэр онто олус туһалаата, хайыһардьыттары физкультураттан букатын босхолоон, зачеттарын быһа туруордулар. Инньэ гынан паара быыһыгар тыын ылан сынньанан, утуйа түһэн абыранна. Кэмиттэн кэмигэр сорудаҕы толорон испит буолан эксээмэҥҥэ да олус илистэ бэлэмнэммэтэ. Оргууй аҕай, бииргэ олорор Муоккатын кытта кыттыһан, «читалка» диэн ааттыыр, уруок аахтар анал хосторугар бэркэ хорҕойдулар. Кинигэлэрин, тэтэрээттэрин тэлгэтэ сытан, икки өттүттэн тэҥинэн куоталаһа-куоталаһа ааҕаннар, көххө күннээтилэр ээ. Муокка, ааспыкка, кыһыҥҥы сиэссийэтигэр кыһыылаах баҕайы биир «үстээх» бэйэтэ, бу сырыыга барытын «биэскэ» туттаран үөрдэ-көттө, итиэннэ бу сарсыарда Ытык Күөлүгэр көтө турда.
Татыйык биирдэ эмэ быыс буллаҕына… Кириили саныыр. Уол син биир кини төбөтүттэн арахпат. Була сатаан, баҕар суруйаарай диэн, кэлбит суруктары алпаабыт бэрээдэгинэн угар дьааһыктарын хаһан да биэрдэ. Мэлигир. Төттөрүтүн Кириил киниэхэ кыыһырбыт курдук. Ол иһин барытын эргитэ саныыр… Арай тиһэҕэр, тахсаары туран, уолу буруйдаан, хомуруйа саҥарбытын кэмсинэр. Чэ, бэйи, сайын тиийдэхпинэ, баар буоллаҕына кэпсэтиэм диэн бигэтик санаммыта. Муокка да сүбэтэ итиннигэ: «Санаа-оноо буола сылдьыма ээ, утарытынан ыйыталас, бил уонна уоскуй. Онуоха туох улаханнааҕый», – диэбитэ.
Кыыс санаатын ситимин сөмөлүөккэ ыҥырар биллэрии быһан кэбистэ. Татыйыктаах рейстэрэ эбит. Кини кэһиилээх, маллаах-саллаах суумкатын кытта холбукатын харбаата да, киллэрэр ааннарыгар дьулуста. Киһи бөҕө тоҕуоруспут буолан анньыһыы үлүгэрэ. Кыбыс-кыараҕас ааҥҥа илиигэ тутуурдаах табыгаһа да суох баҕайы… Эмискэ били холбукатын кэнниттэн ким эрэ туура тутан ылла. Саҥа аллайыан иннинэ, хата, эргиллэ биэрбитэ, бэркэ билэр киһитэ, Кириил бэтэринээр илэ бэйэтинэн буолла.
– Эн бүгүҥҥүгэ билиэттээххин дуо? – диэн кини, туох да буолбатаҕын курдук, холку баҕайытык ыйытта.
– Ээ… бу рейсинэн көтүөхтээхпин.
– Оччоҕо тоҕо манна турдуҥ, бу билиэтэ суохтар уонна сарсыҥҥылар анньыһа тураллар. Эн ол анараа ааҥҥа бар, – диэтэ уонна кыыс холбукатын кууспутунан утары ааҥҥа ыстанна.
Татыйык, күүппэтэх өттүттэн ыы муннукка санаатын ымыытын көрсө биэрэн саараан да хааллар, Кириил кэнниттэн хап-сабар батыста. Онно, били ааҥҥа, дьон киирэн бүппүт. Билиэттээхтэри аһарар кыыс хотумсуйан, хойутуу сыспыт Татыйыгы сэмэлээтэ, суумкатын, холбукатын холбуу ыйаттаран, иһирдьэ көҥүллээн аһарда. Кириил аан таһыгар туран хаалла.
– Мин, миэстэ баар буоллаҕына көтүөм ини диэбитим да, киһи элбэҕэ салыннарда, – эрэ диэтэ.
Татыйык саҥарбата. Хайдах эрэ тыла-өһө өһүллэн биэрбэтэ. «Чэ, бэйи, антах тиийдэххэ… Итиччэ кэпсэппит киһини кытта билсээ инибин» диэх курдук санаата.
Били пуорка көрсүһүүттэн эрэх-турах буолбут, өйдөһүөх айылаах кэпсэтиигэ суоттаммыт кыыс табыллыбатаҕа. Дойдутугар кэлбитин нөҥүө күнүгэр истибитэ, Кириил Ньуккуну кытта ыкса билсибит, субу ыал буолаары сылдьаллар, өссө Ньукку оҕотун бэйэтин аннынан суруйтарыа үһү диэн араас кэпсэл үллэҥнээбитэ кини кулгааҕар тута тиийбитэ. Ол да буоллар, ыһыах саҕана көрсүөм диэн ити күнү күүттэ да этэ. Ханна баарый, түһүлгэҕэ Кириил чахчы Ньуккуну кытта, оҕону көтөхсөн, бииргэ сылдьалларын көрөөт, буккуһартан, ыйыталаһартан бэйэтэ аккаастаммыта, чугаһыы да барбатаҕа.
Сайыны быһа итинтэн мунчаарбыт кыыс санаатаҕын аайы кистээн ытыыр идэлэннэ. Арааһа, кини Кириили таптаабыт эбит. Ардыгар, ол абатыгар, таах даҕаны сонно тута, былырыын этээтин кытта кэргэн барбаккабын, хоонньоспутум буоллар атыҥҥа барыа суох этэ диэн ылыталыыра. Ол эрээри, били Муоккатыныы: «Акаарыгын дуо?! Оннук ыал буолар баар үһү?» – диэн төбөтүн иһигэр ким эрэ саба саҥарар. Санаатаҕын аайы сүөм түһэр, тугу эрэ албыннаппыт, ханан эрэ атаҕастаммыт курдук буолан ылар, онон, наһаа да кураанахсыйда… «Оччоҕо… оччоҕо буоллаҕына, мин кини туһунан букатын саныам суоҕа, кини бэтэринээрин саҕа үөрэниэм ини, өссө салгыы барыам, кини баар сиригэр букатын кэлиэм суоҕа», абарбыт кыһыытыгар, кыра оҕолуу, түбэһиэх, иһигэр куттуу саныыр. Баар буола сылдьыбыт дуу, букатын сиппэтэх дуу «маҥнайгы тапталым» диэн бигэтик итэҕэйбит сыһыанын сойутарга быһаарынар…
Татыйык «таптал таарымтатыгар» табыллан, ити да буоллар, ытыы-ытыы сыппатаҕа. Син балачча күүстээх толкуйдаах эбит ээ. Өйдөөх-төйдөөх кыыс үөрэҕинэн үлүһүйбүтэ, сүрүн соругуттан араҕар былаана суоҕа. Билбитэ эрэ университета, олорор уопсайа, мэлдьи сылдьар, күнү күннүктээн мэлийэн хаалар бибилэтиэкэтэ, итиэннэ икки нэдиэлэҕэ биирдэ охсуллан ааһар ырааҕынан аймаҕа оҕонньор. Дьоно такайыыларынан кырдьаҕаска тиийэн туругун, аһын-үөлүн быһаарсар, дьиэтин сууйан-тараан биэрэр. Итинник түбүктээх кыыс хайыһарын бырахпатаҕа. Дьоҕус күрэхтэргэ киллэртиир буолбуттара эрээри, Татыйык дьаныһан туран дьарыктамматын сэмэлии сатаан баран тохтообуттара. Үөрэҕин ордорбут кыыһы эмиэ даҕаны туох диэхтэрэ баарай?
Саҥа дьыл барахсан сыллата кэлэрин аанньа, син биир саҥаттан саҥа тугу эрэ эрэннэрэр тыыннаах эбээт. Онуоха эбии, итиннэ-манна сарыкынайар, күннэтэ табыллыбыт-табыллыбатах сыһыаннарын кэпсээн үллэҥнэтэн олорор, омун-төлөн кыргыттар барахсаттар, тиһэҕэр, хаһан да тиксибэтэх кэрэлэригэр талаһаллара баа буолуо дуо? Ону сиидэлээн эрэ иһиттэххинэ сүрэҕиҥ бүтүн хаалыахтаах. Сорохтор киэннэрэ баҕас чахчы дууһа хаһыылаах, киһи бэйэтин кымаахтаныар диэри кыһыылаах, аһынаргыттан айгыраан-айманан хаалыах айылаах.
Биир оннук, устудьуон өйдөбүлүнэн, сиэрэй соҕус тымныы киэһэ, Саҥа дьыл буолара уон эрэ хонук хаалбытын кэннэ, Татыйыгы аллараа этээскэ, уопсай дьиэҕэ боруоппуһунан аһарар аналлаах сиргэ, ол аата боростуойдук вахтаҕа, ким эрэ ыҥырар диэн буолла. Бачча тухары киэһэ хойут киниэхэ ким да кэлбэтин билээччилэр, соһуйан, кини диэки ыйытардыы көрдүлэр.
– Айыы чэ! Кыыспыт кистэлэҥ табаарыстаах эбит буолбат дуо? Аллара биир астык баҕайы уол оҕото кэлбит! Көр, доҕор, сабачча улахан «дипломаттаах», сэлээппэтэ эрэ суох, арааската… тойон быһыылаах! – дии-дии, кирилиэһинэн утары тахсан иһэр, биир кууруска үөрэнэр, билсэр кыргыттара күлэн-оонньоон аастылар.
Бэһис мэндиэмэнтэн хаһан айгыстан түһүөр диэри Татыйык мунаара истэ эрээри, хайалара буолуон сөбүн таайбата… Сатана кыргыттара дьээбэлэрэ бөҕө, сүгүн этиэхтээҕэр күлэллэр өссө, сэлээппэлээхтэр ээ, бу тымныыга баран…
– Татыйык, дорообо, – вахта дэнэр туора анньыллыбыт соҕотох остуол туорай маһын ситэри ааһа да илигинэ, бэрт улахан илии кинини харбаан ылла да, тэйиччи, мууһура сатаан баран салапаанынан бүрүллүбүт сөрүүн түннүк диэки, төтөлө суох дэллэриттэ.
Кириил эбит. Чахчы улахан соҕус «дипломат» бартыбыаллаах, арбаҕар хара саһыл тириитэ бэргэһэлээх. Киһи, омос көрөөт, билиэ суох буола уларыйбыт. Кинини эрэ күүппэккэ олорбут кыыс, эмискэ дьонун саныы түстэ. Командировкаҕа диэн кэлэр-барар киһинэн, аны…
– Тыый, туох буолла?! – тоҕо эрэ кыыс ыксаата.
– Буолла… Татыйык буолла… Мин сатамматым диирим дуу…
Хата, дьонуттан дьиксиммитэ ити тыллары кытта симэлийэ оҕуста. Хайдах эрэ һуу гыныахча буолан иһэн, аны, бу илэ бэйэтинэн турар киһи этэҥҥэтин аанньа, туох буолуон сөбүн эргитэн, Татыйык төбөтө араас ыйытыынан соҕотохто туола түстэ.
– Ол аата? Ньуккуҥ дуо?
– Суо-ох… оттон… Ньукку да эмиэ эбит…
– Туох буолла? – Татыйык тугу да өйдөөбөтөҕүн быһаарса сатаата.
– Ким билэр… Баһаалыста, иһит. Мин уһуннук толкуйданным уонна манныкка кэллим. Ньукку да барытын бэркэ өйдүүр. Мин эйигин эрэ таптыыбын. Бүттэ. Онон, тупсуох…
– Ээ? Эмиэ кэргэн кэл диэ! Сибилигин! – Татыйык, түгэни туһанан, бачча тухары тууйуллубута да сыттаҕа, иэстэһэргэ, аахсарга турунна.
– Суох, суох, Татыйык! Мин алҕаспын билинэбин. Халы-мааргытык дьаабыламмыппын бырастыы гыннараары хаста-хаста араастаан толкуйдаабытым буолуой?! Ол гынан баран хорсунум тиийбэтэҕэ, кыбыстыыбын кыайбакка сөптөөх тылы булбатаҕым…
Уол чахчы иһиттэн истиҥник этэрин кыыс таайда. Онтон устунан эмиэ да аһынна, улам өһүргэммит санаатыттан ыраатан барда…
– Татыйык, бырастыы гын, уонна доҕордуу сыһыаммытын төнүннэриэх…
– Оттон… Ньукку?
– Ньукку маныаха сыһыана суох. Мин аралдьыйаары, баҕар, кининэн уоскуйуом, оҕотугар убаныам диэбитим табыллыбата. Эрдэттэн оннук кэпсэтиилээх буолан, айдаана суох араҕыстыбыт. Холбоспотохпут даҕаны ээ…
Татыйык, туох да диэн булбакка, дьиҥнээхтик кыбыттарда. Син биир сүрэҕиттэн сөллөн баран хаалбатах Кириил кини аттыгар турара эмиэ да бэркэ дылы. Эмиэ да, дьикти баҕайытык, өөр да өр кэм ааспытыныы, уол туора баҕайы киһиэхэ маарынныыр.
– Билбэтим, Кириил. Оттон көстөн иһээ ини… – эрэ диэтэ.
Кириил, кыыс үүрбэтэ, онон сөбүлэстэ диэн ити кэпсэтиини бэйэтэ өйдүүрүнэн ылынан үөрдэ-көттө. Дьиэлээн иһэрин, куоракка мунньахха кэлэн баран субу киэһэ төннөн эрэрин быһаарда. Булгуччу суруйуох буолаат, аны, бу ыксалга кыыһы төттөрү аккаастаан туруо диэбиттии, соҕотохто тир гынан хаалла.
Туох да диэ, Татыйык туманнаах тымныы күннэргэ тоҥор диэни билиэ суох имнэрэ итиинэн илгийэллэр. Тэтэрэн олорор кыыс сирэйэ-хараҕа сырдаабытын көрөн, кини сүрэҕэр били сөҕүрүйэ сыспыт уота төттөрү күүдэпчилэнэн эрэрин кыргыттар сэмээр кэтииллэр. Сэрэнэн-сэрбэнэн сороҕор: «Оргууй эрэ, уоскуй», – диэн буойа-хаайа сатыыр буоллулар. Кыыстара, ордук сурук кэллэҕинэ, наһаалыыр: ыллаан да ылар, үҥкүүлээн да тэйэр. Бу тухары саамай боччумнаахтара, Татыйыктара, сорох ардыгар сиэрэ суох барыахча иһилим-таһылым үөрүүтүн, хомотумаары, көрөн эрэ кэбиһэллэр.
– Татыйык, эмиэ талахха олорор чыычаах курдук чуопчааран түһэҥҥин, уоскуй эрэ, – утуйаары сытар Муокка, мэһэйдэтэн, дьүөгэтин дьарыйар.
Суох, Татыйык ону истибэт. Кыргыттарын остуол тула мунньан олорон тугу эрэ бүппэккэ сибигинэһэр, ол аайы анарааҥҥылара күлэн кычыгыраһаллар.
Саҥа дьыллааҕы өрөбүл элбэх сонуну аҕалбыта. Дойдутугар этэҥҥэ сынньанан, эдэр кыыс сиэринэн эбии тупсан-төлөһүйэн, онуоха эбии чахчы таптал кутаатыгар буһан-хатан, Татыйык көтө сылдьар кэриэтэ буолбута. Үөрэҕин да кыайара, дьыалатын да куоһарара кимиэхэ баҕарар холобур буолбута.
Саас, лаппа сылыйыыта, биир күн эмиэ Кириил тиийэн кэлбитэ. Эдэрдэр киинэлээн, куорат устун дьаарбайан кэлиилэригэр, Татыйык илиитигэр тэп-тэтэркэй тюльпан дьөрбөтө тутуурдааҕа. Оруобуна оннук иэдэстэригэр сибэккитин сыһыары туппута уонна турар сириттэн сыҕарыйбакка эрэ:
– Кыргыттар! Мин Кириилгэ кэргэн барар буоллум! Кини миэхэ бүгүн дьиҥнээхтик таптыырын эттэ уонна холбоһуох диэн көрдөстө! – диэтэ уонна омунугар турар сиригэр өрүтэ ыстаҥалаан ылла.
– Ону эн аккаастаабатыҥ! – кыргыттара, салгыы сиһилии кэпсэтиннэрээри, тэптэрэн биэрдилэр.
– Суох! Сайын сыбаайбалыах буоллубут! Бука бары тиийэҕит, миэхэ?
Кыргыттар, сибэккилэр, үөрүү-көтүү, омун-төлөн… Ити барыта эдэр саас диэн өйдөбүлүнэн быһаарыллан эрдэҕэ.
* * *
Петр Егорович биир ыйга, Алма-Атаҕа лиэксийэ ааҕарынан сибээстээн, командировкаҕа барбыта. Барарыгар Маргобар көмө буолаар диэн Олегы соруспута. Онон кини күннэтэ кэриэтэ манна таарыйар. Ол аайы мааны Марго араас дьикти бүлүүдэлэринэн күндүлээн Олегы соһутар. Биирдэ эмэ Мариналыын кэлиэхпит диирин хотун дьиэлээх сөбүлээбэт.
Ыһыах саҕана Олег эмиэ соҕотох хаалбыта. Кэргэнэ тыаҕа, үөрэтэр оҕолорун илдьэ, экспедицияҕа тахсыбыттара. Онон, букатын холку киһи, Марго кэпсээннэрин истэн, ардыгар муҥун ытыырын аһынан уоскута сатаан, лаппа хойутуур идэлэннэ.
Биир оннук киэһэ, туох быһа имнэммитэ буоллар, Олег эр киһитэ өттөҕө дуу, талыы-талба тыллаах-өстөөх Марго барахсан соҕотохсуйбут саҥатын сүмэтигэр туймаарыйан, тимир ньиэрбэтин өҕүллүбэт кылларын сылаастык илгийэр иэйиинэн булгурутан… тугу да уһуну-киэҥи ырыыппалыыр кыаҕа суох, имэҥҥэ бас бэриммитэ, имигэс сип-синньигэс биили сэрэнэн имэрийбитэ, таалалыыр таҕылга, букатыннаахтык ылларбыттыы, бэлэм баҕайытык… бэринэн кэбиспитэ. Бу аата таҥнарыы диэн санаа кини төбөтүгэр ити түгэҥҥэ тоҕо эрэ охсуллан ааспатаҕа. Сыччах ыгыллыбыт хаанын эргиирин тиэтэтэ охсубутуттан эмискэ кылгаабыт тыынын дириҥник уһуутаан кэҥэппэхтии, тыҥатын муҥунан баҕа курдук салгыны эҕирийтэлии сатыы, туохха түбэспитин туһунан толкуйдуур туругуттан тахсан, талбаара таалбыта…
Аттыгар оргууй үөһэ тыынаталыыр Марго барахсан синньигэс тарбахтарынан Олег модун киппэ түөһүн тырыыҥкайдаан оонньуу сыппыта, сылаас таммах хараҕын уута эр киһи сыгынньах ойоҕоһун устун тыккыраабытын саҥардыы уоскуйан эрэр Олег тириитин таһынан биллэ быһыылааҕа…
– Олежка, мин Петябыттан атын кими да кытта… – диэн иһэн Маргоша сыҥсырыйан барбыта, уһун кыламаннарынан хараҕын сапсынаат, синим биир диэбиттии, ыга симэн чуумпуран, иһиллээмэхтии иһийбитэ.
– Саҥарба, Марго… ким да буруйа суох…
– Эн… Маринаны эмиэ таҥнардыҥ буолбаат? Мин буруйбунан, мин соҕотохсуйан өйбүн сүүйтэрбиппиттэн…
– Мдэ-э… кыһалҕа буолбакка, киһи ордук-хос кыһалҕаны бэйэтинэн булар дииллэрэ бу буоллаҕа…
– Кэмсинэҕин?
– Суох, Марго… ити туһунан ыйытыма… Маныаха биричиинэлэр бааллар… элбэхтэр…
Олег, саҥата-иҥэтэ суох хомунан тахсан барбыта. Ити ыһыах сарсыарда этэ. Дьон-сэргэ бары сыһыыга-хонууга сынньана бараары саҥардыы дьиэлэриттэн тахсан эрэллэрэ. Оттон Олег кураанах уораҕайыгар тиийэн, түннүктэрин сабыытын, сайыҥҥы күн уотуттан саспыттыы дуу, субу кэргэнин таҥнаран кэлбититтэн сааппыттыы дуу, сабыта биэрбитэ, саҥата суох сыттыгынан төбөтүн саптан балачча сыппыта. Сотору төлөпүөн тырылаабыта. Сэрэйбитэ, быһыыта, Марго этэ. Аны Марина буолаарай? Олег саараабыта эрээри, ыла сорумматаҕа…
Ити Олег олох олорбутун тухары аан бастакы аньыыга-хараҕа тиксиитэ, тырымныыр дьахтар, тыгыалас хаанынан оонньоон, тумнарар сыттаах уччутар угаайытыгар киириитэ этэ. Кэнники, өйүн-төйүн булан баран эргитэ санаатаҕына, быстах санаа диэҕи эмиэ да атын этэ. Барыта сөп-сөбүнэн, сыыйа-баайа итиниэхэ булгу тиийэрдии, эрдэттэн таҥыллан-оҥоһуллан да испитэ баара.
Икки өттүттэн кэтэсиһии, ити түгэни түргэтэтии баара курдук. Маннык айылаах үлүһүйүүнү, ойоҕостон көрө сылдьан, Петр Егорович да, Марина да, хайаан таба таайбатах муҥнарай?! Эбэтэр, таайдаллар даҕаны, көрбөтөҕө-билбэтэҕэ буоларга туох төрүөттээхтэрэ буолуой? Марго этэринэн, өскө Петр Егорович билбит да буоллаҕына, кинини дьахтар курдук таптаабатын быһыытынан, саатар эрэ диэҕин сөбүгэр дылы. Дуогабарынан, уопсай сөбүлэҥинэн олороллор быһыылаах буолбаат? Убай-балыс сыһыаҥҥа киирбит дьон хардарыта тулуйсан эрдэхтэрэ дуу?
Оттон Марина? Бука Олег кинини таҥнарбытын сөбүлүө суохтааҕа буолуо ээ… Ол эрээри кини, кэнники сылларга, кэргэн киһи кэлэригэр-барарыгар наадыйбатыттан сылыктаатахха, итиниэхэ биричиинэ буолуох курдук эмиэ туох эрэ баарга дылы… Дуу, бэйэтэ туһунан атын сиргэ олохтооҕо дуу?!
Итиниэхэ маарынныыр араас санаа эргийэ-урбайа, киирэ-тахса кини төбөтүгэр элэҥниириттэн илистэ быһыытыйбыт Олег, саҥа аллайбытынан, олоро биэрдэ:
– Тууй-сиэ! Арааска бары тиийэн… Үчүгэйим бэрт ээ. Бэйэм буруйдаах олорон, аны, Маринабын онно-манна күтүрээтэхпин көр… – диэн сэмэлэнэ оҕуста, туран чаанньыгын оргута уурда…
Эмиэ төлөпүөн тырылаата. Саарыы түһэн баран, Олег баран иһиттэ. Марина эбит.
– Олег, мин сарсыҥҥынан бүтэбин. Эн уоппускаҥ хайастай?
– Ээ, оттон бу, манан бүттүм да курдук… Өрөбүл кэнниттэн бирикээс тахсыа диэбиттэрэ…
– Оччоҕо… оччоҕо мин мантан оҕолорбун ыыталыам этэ. Эн бу эргин сынньана түспэккин дуо? Сайылыы тахсыахха хайдаҕый?
– Бэрт этэ, бэрт буолумуна, Марина! Итиччэтигэр мин хомунуом уонна күн сарсын тиийиим, хайдаҕый?
– Тыый, оттон наһаа бэрт буолсу! Кытаат, хомуна охсоор, таарыччы ыскааптан мин саһархай сарапааммын уктаар эрэ…
Кэргэнэ эрийбитин, туохтан эрэ быыһанар суола кэмниэ кэнэҕэс дьэ арыллыбытын курдук, истэ үөрдэ. Хайдах эрэ эрдийдэ, төбөтө дьэҥкэрдэ. Бу быыллаах-чааннаах куораттан, бу, эрэ-эмискэ ааҥнаабыт кыһалҕаттан, сип-сибилигин ыраата эрэ охсор санаа кинини бу сырыыга тиэтэттэ. «Айыкка, уоппускаламматах ыраатта, тыаҕа тахсыахха, көй салгыҥҥа, сүүрүктээх ууга… баран ыраастаныахха, сайҕаныахха, таарыччы өйү-санааны сааһыланыахха…» диэн киксэрэр кэриэтэ чабырҕайа кэйиэлээтэ, оломо оонньоото…
* * *
Татыйык сааскы сиэссийэтин эрдэ бүтэрэн, бэс ыйын саҥатыгар дойдутугар тиийэн кэлбитэ. Инньэ гынан, сүбэ быһыытынан, этиллибитин курдук оруобуна сиэссийэ бүтүүтэ, ыһыах саҕана, кыргыттара эксээмэннэрин бүтэрэн кэлиилэрэ диэн быһа холоон, сыа сиир сыбаайбаны сыа-сым курдук тутан тэрийэн кэбиспиттэрэ. Кэргэн тахсар кыыс мааны былаачыйатын, хоһун кыргыттарыныын куоракка сылдьан, мунньах бөҕөнөн, элбэхтэн талан ылбыттара. Атынын, ол фататын, бэрчээккитин уонна үүт маҥан түүппүлэтин Кириил ыаллыы дэриэбинэҕэ тахса сылдьан атыылаһан аҕалан бэлэхтээбитэ.
Саҥа ыал буолбут дьон Маппыайаптарга олохсуйбуттара. Тиит, эдэрдэргэ анаан, туспа дьиэни тутабын диэн сыбаайба ыалдьыттарыгар иһитиннэрэн соһуппута. Татыйык бииргэ үөрэнэр дьүөгэ кыргыттара, бука бары атын оройуон оҕолоро, сонун сиргэ астыктык сынньанан, сөҕөн-үөрэн дойдулаабыттара. Ол эмиэ саныахха олус үчүгэйэ, барыта этэҥҥэ, үөрүү-көтүү аргыстааҕа санаа хоту этэ.
Сыбаайбалаабыт Кириил күһүөрү анаан ылыахтаах уоппускатыгар, күтүөт аатырбыт бэлиэтигэр кынна оҕонньорго кинилэргэ тутуохтаах дьиэтин маһын охторсор санаалаах. Ити кэмҥэ Татыйык үөрэҕэр барыахтаах. Кинини Кириил итэҕэйэрэ сыттаҕа. Куорат эргин охсулуннаҕына таарыйыа буоллаҕа. Татыйык, хайы-үйэ төрдүс сылын туйгуннук үөрэнэр киһи, үөрэҕин быспата ордук буоллаҕа. Бүтүүтүн саҕана сабыс-саҥа дьиэ дьэндэйэ тутуллан тахсыа. Дьэ, оччоҕо, эдэрдэр ыал быһыытынан бииргэ олорон быр курдук буола түһүөхтээхтэр. Онуоха-маныаха диэри, онон, күтүөт Кириил соҕотох уол кэриэтэ Маппыайаптарга мааныланара чуолкай.
Оттон Саабынаба буолбут Татыйык күһүн, үөрэҕэр тиийээт, балыыһаламмыт сураҕа иһиллибитэ. Суох, ыалдьан буолбатах, кэргэннээх кыыс сиэринэн, көрдөрүнээри. Онтун түмүгүн сонно дьонугар биллэрэн соһутан турар. Аны саас кинилэр, Саввинов дуу, Саввинова дуу дэтэр кыраланалларын быраас бигэргэппит.
Кириил үөрүүтүттэн кини тэҥэ киһи суох үһү. Өлөөнчүк тугу да саҥарбат, сэмээр кэтиир эрэ, сүрэҕэр-быарыгар оҕото этэҥҥэ эрэ буоларын күүтэрэ биллэр. Тиит оҕонньор, эчикийэ түргэнин үлүгэрин диэн, алҕаска саҥа аллайан кэбиһэн, эмээхсиниттэн дьарыллыбыта эмиэ иһиллибитэ.
Оттон Татыйык, ыаллара Алаапыстаах Биэрэ, куолуларынан, хотоннорун айаҕар туран тугу куолулуулларын санаатыгар оҥорон көрөн мичээрдиир, саҥа таһааран күлэн да ылар. Биир тылынан, дэриэбинэ уу-нуурал олоҕун, бу үлүгэр кыстыкка киирэр айдаан үгэнигэр Саабынаптар диэн саҥа ыал оҕо күүтэллэрин туһунан сурахтара, бука, кыратык сэргэхсиппит буолуохтаах. Бүттүүн, кыараҕас сир бары дьоно-сэргэтэ манна булгу сыһыаннаахтарын, кыттыгастаахтарын курдук кэлиэхтээх кыра киһи төрөөһүнэ, туһугар, улахан эппиэтинэс буолаары гыммытын Татыйык өйдөөн, иһигэр кистээн үөрбүтэ. Букатын баара биллибэккэ, ханна эрэ ийэ киэлитигэр көстүбэттии, саһа-иҥэ сытар кырачаан киһитигэр туһаайан мичээрдээбитэ уонна сэрэнэн-сэрэнэн иһин түгэҕин имэриммитэ. Кириил төһө эрэ үөрдэ, сибилигин манна, кэргэнин аттыгар, баара буоллар, туох диэн күллэртиэ биллибэтэ.
– Чыычаах курдук киһичээн, биһиги иккиэн үөрэниэхтээхпит. Булгуччу, олус үчүгэйдик уонна… эрдэттэн эрдэ бүтэн иһэрбит буоллар… – диэн төрүүр кэмин суоттаан, Татыйык тута онуоха диэри туолуохтаах былааннарын оҥостубутунан барбыта…
* * *
Олег хаһан да Маринатын кытта маннык наһаа тапсан, тыл быһаҕаһыттан тута өйдөһөн, тугу да гынар түбүктэрэ суох, астыктык сынньаммытын өтөрүнэн өйдөөбөт. Наар үлэтин, ол иннигэр үөрэҕин айдаанынан сиэттэрбит буолан, күн сиригэр онтон ордук уоппуска, сынньалаҥ диэн баарын ситэ өйдөөбөккө сылдьыбыт эбит. Тоҕо эрэ баччааҥҥа диэри уоппускаҕа кытта үлэлээтэххэ туох эмэ ситиһиллэр диэнинэн салайтарбыт.
Оттон быйыл сайын, ханнык да уоппускатааҕар уратыта диэн, чугастааҕы тыаҕа сайылаабыттара буолар. Чахчы сайылаатылар. Аймахтара сайылыкка буоланнар, дьээбэҕэ буолуо ини, кинилэри туһунан дьиэлээбиттэрэ, титииги кытта, арааран биэрэн, туспа сүөһүлээбиттэрэ. Онон, Тылгыынаптар титииктэрэ диэн ааттанан икки ньирэйдээх икки ынаҕы сай устата ыан, үүтүн-сүөгэйин бэйэлэрэ астаан-үөллээн, урут хаһан да дьарыктамматахтарынан дьарыктанан, бэйэлэрэ да астына соһуйдулар, биллэ сэргэхсийдилэр.
Олег бэртээхэй бостуук, киэһэ-сарсыарда сорук оҥостон сүөһүлэрин үүртэлиир-аҕалталыыр. Инньэ гынан аттынааҕы учаастактары, сир аатын-бэлиэтин барытын ааҕа биллэ. Ону сэргэ өр гыммат, ыамҥа кэлбит ынахтары көрүөх бэтэрээ өттүгэр этэртиир. Бэлэм эмиийи тардыалаан, быыгыначчы үүтү ыаччы – Марина. Сэппэрээтэри эрийээччи – Олег. Былыргы ыарахан баҕайы тутаахтаах эрээри, дьэ, астыырын оҕоккотун көрүөҥ этэ. Сэниэлээх киһи эрийэн дыыгынаттар эрэ, өлгөм илгэ икки салаа сарадаҕынан иһиттэрин толорбутунан барар. Ыам быыһыгар аттынааҕы солооһуҥҥа тахсан дьэдьэннииллэр. Быйылгы курааҥҥа умайан да хааллар, син, көрдөөтөххө, кыраны булуохха сөп эбит. Онтуларын үгэххэ уган куоракка киирэллэригэр хаһаана сыталлар. Сотору кыһыл хаптаҕас буһан, көҥүс кытыытыгар хойуутук үүммүт бөлкөйдөрү биир да суох гына үргээтилэр. Ыраата барбакка, дьиэ таһыттан битэмиин бөҕөтүн хоторбут дьон үөрүүлэрэ кэмнээх буолуо дуо?
– Мантан күһүөрү сугун, моонньоҕон ситиэ, отон да баар буолуо. Оҕолор, эһиги сир астаан баран бараа инигит? – барыларыттан аҕа саастаах Балбаара эмээхсин ыйытар.
– Балбаара, баар-суох учуонайбытын эмиэ тоҕо оҕо диэтиҥ? Сотору, ачыкытын тааһа өссө арыый халыҥаатаҕына, оҕонньор буолуо дии? – дьээбэлээн, ыанньыксыттар күлэллэр.
– Ээ, туох хаппыт да диэҥ! Эдэрдэр буолбат дуо? Миэхэ холоотоххо, барыгыт да бэҕэһээҥҥи бэдинээскилэр! – Балбаара иннин биэрбэт.
– Уоппуска быйыл уһун-уһун, толору манна сынньанабыт, эбээ, – Марина быһаарар. – Сир астыыр сыл аайы кыаллыбат, быйыл баҕас, саатар хааман дьаарбайа таарыйа, кэрийбэхтиир инибит.
Олег онуоха сөбүлэһэр. Чахчы маннык сынньалаҥ барыттан бары аралдьытара дьикти. Бу санаатахха, устудьуоннарга чуҥкук соҕустук тиийэр лиэксийэлэри ааҕан кэҕийбиттээҕэр, сороҕор баҕас, саманнык, эт-хаан илистэрин курдук күүскэ үлэлээбит киһи баар ини. Куорат киһитэ курсуйар диэн маны этэн эрдэхтэрэ: билбитиҥ эрэ – дьиэҥ, тиийбитиҥ эрэ – үлэҥ, айаннаабытыҥ эрэ – оптуобус, кэпсэппитиҥ эрэ – устудьуон. Ол иһин, ол-бу араас буолан, оо, кэбис, буолар да эбит…
Олег ыһыахтааҕы түүнүн, дөрүн-дөрүн, санаан кэлэн кэмсиннэр да, хайыай? Буолбут буоллаҕа… Ол иһин Маринатын сатыырынан маанылыыр, сынньата түһээри барытыгар инники түһэ сатыыр…
Оттон Марина кэргэнин ити болҕомтотун кинилэр оҕо эрдэхтэриттэн тапталларын иэйиитэ өссө да сөҕүрүйбэтэҕэр балыйар. Мааныланан таалалыыр, сылаас сыһыаҥҥа астына сөтүөлүүр, туохха эмэ уорбалыыр-күтүрүүр туруктан туура ыраах…
* * *
Марго Петюнчига Алма-Ататтан кэлбитэ хас да нэдиэлэ буолла. Эдэр үөлээннээҕэ уоппускатыгар тыалаан хаалан, кини Маргота соҕотоҕун даачатыгар тахсан олорбут. Син мээнэ дьаһаммыт. Арай, сибэккилэригэр уутун кутарын сылааргыыр буолан, Петр Егорович кэлиэҕиттэн бэйэтэ, лиэйкэтин туппутунан, от-мас быыһынан элэгэлдьийэр.
– Петюнчик, оттон арай… оҕо ииттэ ыллахпытына?
– Эмиэ солуута суох буолла… Марго, түксү, хаһан, эн уонна мин ханнык эрэ быыкаа оҕону улаатыннарабыт?! Оннооҕор устудьуоннар тугу да өйдөөбөттөр. Оттон кыра оҕону… боже упаси! Ытыаҕа, ыалдьыаҕа, түүн көрүөххэ, күнүс олоруохха… Оччоҕо хайдах үлэлиибин?
– Мин бэйэм көрүөм дии…
– Бэйэҥ хантан кыайыаххыный, Марго? Ыалдьабын диигин буолбат дуо?
– Оттон арай… бэйэбит оҕолоннохпутуна? Петюнчик?!
– Марго! Хватит, бүттэхпит ол дии… Бэйэ оҕото эбэһээт сиэртибэни эрэйэр… Ол эбэтэр, оҕо дуу, карьера дуу, иккиттэн биирэ буолар. Хайдах да иккиэн тэҥҥэ дьүөрэлэспэттэр!
– Оттон… кими эмэ соруһан, ньээньэ эҥин буллахха?
– Оннук ээ! Ньээньэҥ оҕолообута эн оҕоҥ буолуо үһүө? Уопсайынан, Марго, биһиги сааһырдыбыт… Баҕар урукку сырыыга табыллыбыта буоллар, өссө син даҕаны этэ. Оттон билигин, сааспыт барда, мин кырыйдым, эн эмиэ… сотору сааһырыаҥ. Уопсайынан, мин эйиэхэ, өйдөөх дьахтарга, өрүү этэбин буолбат дуо: эн биһикки ааттарбыт өлбөт үйэлээх кинигэлэрбитигэр эрэ хаалыахтара! Ыраатыма, уһаама-кэҥээмэ! Суруй, тоойуом, саҕалаа эн кинигэтэ! Ол буолуо, эн, кумааҕы баарын тухары, ол аата киһи аймах эстибэтин тухары, өлбөт тыыннаах – аатыҥ-суолуҥ…
– Ким билэр…
– Марго, Маргоша, эйигин ааҕыахтара, олус ааҕыахтара! Оннооҕор мин сэҥээрбитим буолбаат?!
– Петя! Петюнчик! Мин олохпун дьоҥҥо ууран биэрэн кэпсиэхпин баҕарбаппын!
– «Мораль» диэн баар, сэгэриэм! «Мораль» эйигин көмүскүө, ыраастыа, тиһэҕэр тиийэн, итэҕэтиэ, чэпчиэҥ!
– Суох, Петюнчик, мин билбиппин эн наукаҥ ырыппыта да сөп. Түксү. Син биир, этинэн-хаанынан тус бэйэ билбитин суруйуу уратылаах, дьон ортотугар сааппакка, күүскүнэн сыгынньахтаныы кэриэтэ, сэрэйиллэр дьыала. Мин оннук үйэтийиэхпин баҕарбаппын…
– Сэгээр, оттон бэйэҥ ааккынан буолбакка…
– Петя! Өйдөөх киһи эрээригин, эн миигин үйэ-саас тухары сиилээһиҥҥэ, күлүү-элэк оҥостуутугар ууран биэрээри, онон ааппын ааттатаары соруһаҕын дуо? Оччоҕуна быыһаан ылбытыҥ, манна аҕалбытыҥ ол эрэ туһуттан дуо?! Миигин билэҕин, суруйдахпына кырдьыктан туораабаппын, атыннык сатаабаппын син сэрэйэн эрдэҕиҥ! Тоҕо аһыммаккыный, эн? – Марго куолаһа уохтаммыта, устунан титирэстээбитэ.
Петр Егорович, дьэ, өйдөммүттүү, түргэн үлүгэрдик сүүрэн тиийэн кэргэнин кууһан ылбыта, кыра оҕолуу төбөтүттэн имэрийбитэ уонна кулгааҕар сибигинэйбитэ:
– Суох-суох, уоскуй, тоойуом… Акаары учуонайгын баалаама дуу? Суруйума-суруйума… Букатын ханна да быктарыма, мин эрэ билиэм, онтубун бэйэбин кытта илдьэ барыам. Истэҕин, Маргоша, икки атахтаах миигиттэн истиэ диэн саараама даҕаны, сөп?
– Сөп, Петенька, эн эппитиҥ курдук буоллун… Биһиэхэ ким да, туох да наадата суох…
* * *
Олег Дмитриевич Маринатыныын атырдьах ыйын бүтүүтэ эрэ куоракка кэлбиттэрэ. Дьиэни-уоту сууйан-тараан бүтээт, Марина оскуолатыгар үлэлии ойбута. Оттон Олег Дмитриевич күһүҥҥүлээх уонна атын сиртэн көһөн кэлбит устудьуоннарга эбии көмөҕө туруорбуттарын быһыытынан, эмиэ оргууй үлэтигэр тахсыбыта.
Күн солото суох үлэ-үөрэх сылын кэрдиис кэмэ саҕаланнаҕа ити. Күннээҕи түбүктэн ордуу суох. Тылгыынаптар эмиэ урукку хааларыгар киирэн киэһэ эрэ чэйгэ дьүүллээн көрсүһэр аакка бардылар. Ону даҕаны Марина ыксыыра сүрдээх, сарсыҥҥы уруогар булгу тугу эмэ эбии булан, сонун соҕустук ыытар баҕалаах буолан, хаһыаты-сурунаалы хасыһара үксэ бөҕөтө.
Олег тэлэбиисэрин көрөрө эмиэ аччаата. Сотору, солбукка диэн, эбии лиэксийэҕэ туруораннар, күн солото суох барда. Бүгүн Петр Егорович дьиэтигэр ыҥырбытыгар барбата. Марина, кулгааҕын уһугунан ону истэн, дьиибэргээтэ.
– Олег, Петр Егоровичка иккис сырыыгын аккаастаатыҥ дии, тоҕо?
– Ээй, бокуойум суох, доҕор. Саҥа бөлөххө лиэксийэ диэтилэр. Петр Егоровичка бардахпына, бу киэһэм быраһаай буоллаҕа дии…
Итинник, сиирэ-халты аһарынан абыранна. Тоҕо эрэ аны Муннуураптары тумнар санаалаах. Сүрүкэйэ да бэрдин өйдүүр, аккаастыырга табыгаһа суоҕун эмиэ. Ол да буоллар, хайыыр да кыах суох. Марго… мантан инньэ тохтуохтаах. Оттон, тиийэ турар буоллахха, ити быһыы өссө дириҥиир кутталлаах…
* * *
Татыйык ыараханын, билиҥҥитэ, үөрэнэр сиригэр, кыргыттара эҥин билбэттэр. Кыыс көҥөс, этэр да санаата суох. Саҥа дьыл эргин, иһэ биллэ улааттаҕына эрэ, билинэр санаалаах.
Ааспыкка, алтынньы бүтүүтүгэр Кириил кэлэн барбыта. Онно барыларын холбуу тутан, «Север» эрэстэрээҥҥэ илдьибитигэр кыргыттара үөрэн бөҕөлөр. Кириил хаста да кистэлэҥнэрин онно этээри гыммытын Татыйык тохтоппута, сатамматын өйдөппүтэ. Уол ону утарбатаҕа.
– Татыйык, эн наһаа маладьыас кыыскын! Кирилл эйигин таптыыра таһыттан да көстөр! «Молча-молча, а своего отхватила» диэн кураатарбыт эппитин истибитиҥ? – кыргыттара күлэллэр.
– Инньэ диэбитэ дуо? – Татыйык, хата, итини баҕас саҥардыы истэн соһуйар.
– Диэбитэ дии! Өссө хайҕаабыта, үөрэҕэр да киһи астынар, бары үлэҕэ иннинэн сылдьар, арай, эрдэ оҕолонон хаалан мэһэйдэппэтэр эрэ диэбитэ ээ, – туох да уорбата суох кыргыттар кэпсииллэр.
– Ол оҕо тоҕо мэһэйдиэхтээҕий?
– Оттон кини эн Кириилгин, дьонуҥ көрөр кыахтаахтарын эҥин билбэт буоллаҕа дии. Арааһа, иккиэҥҥитин устудьуоннар дии саныыр быһыылаах…
– Ээ… буолуо ини…
Ити да түгэҥҥэ Татыйык кистэлин арыйан биэрбэтэҕэ. Оттон билигин ахсынньы саҕаланан эрэр. Сотору кини чыычааҕа баарын биллэриэ буоллаҕа, улаатан иһэр оҕо Татыйык иһин киэптиэ. Оччоҕо кыргыттара эмиэ һуу-һаа буолуохтаахтар. Онон, эксээмэни эрдэ туттарарга бэлэм кыыс турунан сылдьар, эрдэ-сылла бүтэ охсон дьиэлиэ, онтон Саҥа дьыл кэнниттэн дөөдөллөн киирдэҕинэ, бэйэлэрэ биллиннэр, туох диир эбиттэрин. Итини эмиэ оҥорон көрөн санаан, Татыйык мичээрдээн ылла.
* * *
Саҥа дьыл кэнниттэн Марго балыыһаҕа киирдэ. Улаханнык ыалдьан. Петр Егорович кэргэнэ ыалдьар буолбутун киһи бары билэр буолан, ааранан, аһына санааччылар. Онон, арааһа, дьахтар бу сырыыга чахчы улаханнатан, сытарга сөбүлэһэн, киирдэҕэ. Инньэ гынан Петр Егорович күнэ балыыһанан түмүктэнэр. Булгу баран Марготун билсэр, бүөбэйдиир.
Биир күн Петр Егорович, эрчимнээх баҕайытык тэлэкэччийэн киирэн, хара искэҕи хантан булары сураста.
– Бэрик биэрээри гынныҥ? Итинник аһаҕастык эрэйдилэр дуо? – преподаватель дьахталлар өрө ньамалаһа түстүлэр.
– Суох, доҕоттор. Быраастар оннук аһылык Маргоҕа көмө буолуон сөбүн эттилэр… – диэбитигэр, аны, бука бары ах бардылар.
Хас биирдиилэрэ истэригэр арааһы санаабыттара: пахай, ол аата рак, оччоҕуна өрүттэрэ саарбах диэн сибигинэспиттэрэ… Ким эрэ Петр Егоровиһы ис сүрэҕиттэн аһыммыта, ким эрэ дьахтар кэмигэр төрөөбөккө моһуогурдаҕа диэн тойоннообута, атыттар иэдээн киһини кэрийэриттэн чаҕыйан, саҥата суох барбыттара…
Инньэ гынан Марго сыппыта быданнаата. Петр Егорович бастаан утаа олус айманан баран арыый кэҥэттэ быһыылаах диэн сэрэйэллэр эрэ. Ким да ордук-хос тугу да ыйыппат буола сатыыр. Биллэр дьыаланы баран, кинилэр даҕаны тугунан чэпчэтээри туоһулаһыахтарай.
Сааскы күн чаҕылыйан киһи эрэ нуктуох курдук. Дьон бары өрөйөр-чөрөйөр оннугар, төттөрүтүн, нукаай курдуктар. Бүгүн, лиэксийэҕэ кэлбит устудьуоннар хайа охсубут аҥаардара, олорбут остуолларыгар утуйан хаалбыттарыгар хаһан да быыппастыбат Петр Егорович кыыһыран турбут. Урут да оннук хартыына син баара ини, ону баара киэҥ көҕүстээх, холку майгылаах Петр Егорович курдук киһи тулуйан аҕай, өйдөөн-өйөөн баччаҕа кэллэҕэ. Оттон бүгүн кини улаханнык уордайбыт. Үөлээннээхтэрэ уоскута сатаабыттарыгар нэһиилэ туттунан бэттэх кэллэ.
– Маргом, саатар Маргошам… ыарахан… туруктаах… – эрэ диэтэ уонна хомунан тахсан барда.
Чахчы куһаҕан сонун бэйэтинэн киирэрэ чугаһаабытын өйдөөн, утуйбут устудьуоннары уодьуганныы, кафедра хотуна бэйэтинэн барда. Сотору буолаат төннөн кэлэригэр, били сурах хайы-үйэ иһиллибит этэ, Маргарита Алексеевна Муннуураба суох буолбут үһү диэн төлөпүөннээбиттэрин ити кэмҥэ манна баар дьон истибиттэр. Хаһан даҕаны дьахталлар буоллаҕа, кыраттан даҕаны сэдиптээн, сап саҕанан салҕаан, сороҕор ылҕаан даҕаны, сонуну сонун оҥорооччулар. Ол быыһыгар итинник сибигинэһии аҥаардаах санаа үллэстиитигэр дьиҥ хартыына түҥнэри да эргийэр түгэннэрэ баарын ким мэлдьэһиэй. Ол эрээри бу сырыыга, Петр Егорович курдук аһаҕас, үөрүнньэҥ майгылаах үлэһит, бэриниилээх кэргэнин кэннэ үлэтинэн эрэ үлүһүйбүт улахан учуонай киһиэхэ, төрүөт биэриэх айылаах, туох да дьиэгэ суоҕа эбээт.
Бука бары, профессорга киирэ-тахса куруук сылдьар буоланнар, Маргону бэркэ билэллэрэ, ыалдьытымсаҕын, асчытын, дьиэтин-уотун олус ыраастык уонна аныгылыы, киһи сэргиир гына ураты баҕайытык хомуйа тутарын сэҥээрэллэрэ. Өй-санаа да мааны дьахтара, дьахтары кытта дьахтар, эр киһини кытта эр киһи курдук буолааччы. Кини тосту-туора тугу эмэ гыммыта хаһан да иһиллибэтэ. Ол иһин саныыллара, бэйэтэ учуонай буолуохтаах дьахтар барахсан туохха эрэ олуттаран, хаалан хааллаҕа диэн быһа тойоннууллара.
Арай биирдэ эрэ Петр Егорович итинник сабаҕалааһыннар умайар «уоттарыгар арыыны кутан» эбэн биэрбиттээх. Ол Аармыйа күнүн саҕана этэ, быһыыта. Бука бары чөкө мустан эр дьоннорун айхаллыыр ааттарыгар харда тылы куолутунан кини ылбыта уонна даамаларга кэмпилимиэн киэнэ эриэккэһин этэн-тыынан барбыта. Онно таарыччы саҥа аллайбыта: «Дьахтар сүҥкэн кыахтаах. Мин Маргошабын кинигэтэ суруй диэн үүйэ-хаайа тутарбын буолуммата баар ээ… Онон, кыргыттар уонна даамалар! Эр киһи ситиһии баар буолуон сүрэҕинэн да таайааччы, эһиги биһигини мэлдьи истэр буолуҥ диэн этиэх кэриҥнээхпин!» – диэбитигэр, хайҕаммыттар үөрэ түспүттэрэ, этиллибит тыл дьиҥ иһин дириҥэтэн хасыһан, тутуһан туран ырыта барбатахтара…
– Били… өйдүүгүт дуо… Хас да сыллааҕыта Егорович кэргэнин кинигэ суруйара буоллар, аан дойдуну аймыа этэ диэбитин?
– Оннук-оннук баара дии, арба даҕаны… Биһиги билбэппит элбэҕэ буолуо ээ… Саастарын тухары бииргэ сылдьыбыт дьон мииннэрин билсэн эрдэхтэрэ. Чахчы кыахтаах дьахтар буолан кини быктардаҕа.
– Улахан учуонай улахан доҕоро, улахан хотуна… талааннаах дьахтар ыарыыга былдьаннаҕа…
– Иэдээн, Петр Егорович букатын киниэхэ эрэ бигэммит киһи ээ… Дьэ, аны хайдах буолаахтыыр…
Отур-ботур кэпсэтии, быдан ыраахха аттаммыт киһини тардына соҕус аһыйыы тыллара кутурҕан киирэн кэлбитин курус бэлиэтэ этэ. Олег, паарата бүтэн, манна түбэһэ киирэн, итинтэн олус соһуйбута. Чахчы, улахан кистэлэҥи, дьиҥ иһигэр киирдэххэ, илдьэ хаалбыт киһи кини буоларын быһыытынан, эмиэ да чаҕыйа, эмиэ да олох сокуона сүрдээҕиттэн, кытаанаҕыттан уолуһуйа быһыытыйбыта. Үлэтин дьоно бука бары Петр Егоровиһы күүскэ өйөөбүттэрэ. Кэргэнин тиһэх суолугар көмөлөөн дьаһайсыбыттара, уоскута сатаан араастаан дьуһуурустубалаатылар эҥин, онтон, кинини соҕотохтуу дьиэтигэр-уотугар хаалларымаары, саатар кылгас кэмҥэ сынньата, таарыйа эмтии диэн бэйэтин балыыһаҕа киллэрдилэр.
Олег Дмитриевич күннэтэ Петр Егоровичка тиийэ турар. Сорудах эрэ күүһүнэн буолбакка, хайдах эрэ иэстээх да курдук тууйуллар санаата батарбат. Хата, сааһырдар да, учуонай эр киһи син бэйэтин кыаммыта, Марготун аһыыта алыс айгыраппакка эрэ, кини бэттэх кэлбитэ. Ити тухары, кытаанаҕын көр, биир да тылынан, оннооҕор Олегка кэргэнин кистэлэҥин туһунан тугу да быктарбата.
Итини Олег сөбүлээтэ. Петр Егорович чахчы Марготун харыстаатаҕа, син биир сөбүлээн-аһынан дьэбэрэттэн тахсарыгар көмө буолан, тэҥник туппут буолан баччааҥҥа тиийэ олордохторо. Ол – кини дьылҕата. Дьылҕа араас ытылҕанын сиэрдээхтик уйбут уонна уйан илдьэ сылдьар аҕа саастаах үөлээннээҕин Петр Егоровиһы ытыктыыра өссө күүһүрдэ…
* * *
Татыйык били Саҥа дьылга барбыта дии? Ол барыан иннинэ, быраас ыспыраапкатынан, чып кистэлэҥинэн, үөрэҕэр холкутук сылдьарга, деканакка бирикээс таһаартаран, көҥүл ылбыта. Ол иһин олунньу саҥатыгар биирдэ кэлбитэ. Арай, хоһугар таҥкынаан киирбитигэр, киэһээҥҥилэрин аһыы олорбут кыргыттара хара-чачайа сыспыттара. Кинилэр иннилэригэр, саҥа кип-киэҥ сонноох, ханнык эрэ көнтөрүк баҕайы дьахтар баар буолбута. Ол Татыйык этэ. Онтон соһуйан уой-аай бөҕө буолбуттара, балачча бөкүнүйбүт кыыстарын эргитэ сылдьан көрбүттэрэ. Кириил, кэргэнин тиэрдээт, төттөрү айанныыр аакка барбыта.
– Хотуой? Бу туох ааттааҕынан мааныланан маннык үлүгэр уойдуҥ? – этэн көрө-көрө, күлүү оргуйан олорбута.
– Арааһа Саҥа дьыллааҕы арбуһун бэйэтэ ыйыстыбыт! Бэйи эрэ, биһиги барахсаттар хайдах маны эрдэттэн билбэтэхпитий, ээ?! – дэһии ити киэһэнэн намыраабыта.
Татыйык аа-дьуо үөрэнэн барбыта, өр гымматаҕа, барыларын ситэ баттаабыта. Итэҕэһи-быһаҕаһы дьаһана охсон, үөрэҕин кимиилээхтик ылсыбыта. Сорох сороҕун преподавателлэртэн быһа көрдөһөн бэриэт ылан кэниспиэктэнэн, сааскы эксээмэннэргэ бэйэтэ оргууй бэлэмнэнэн барбыта. Кини кулун тутарга быыһанарыгар Кириилэ баар буолуохтааҕын кыргыттар сэҥээрэ истибиттэрэ. Уоппускалаах уол, кэллэҕинэ, били мантан тэйиччи да буоллар, аймах оҕонньорго дьукаахтаһыахтаахтарын кэпсэтэн бүппүт эбит. Онон, барыта былаан быһыытынан, орун-оннугар курдук. Арай, дьүөгэ кыргыттар, талыы киирэн татакалатар түгэнигэр Татыйыкка көмө буоларга наадалаах устурууксуйаны күтүөттэн эмиэ ылан тураллар.
Итинник этэҥҥэ быр бааччы олордулар. Кулун тутар ый бүтүүтэ, биир сарсыарда Татыйык үөрэҕэр хойутуу тиийиэм диэн сытан хаалла. Киэһэ кыргыттар кэлбиттэрэ, киһилэрин онно оҥос, миэстэтэ мэлис. Ол оннугар остуолга сурук сытар. «Кыргыттар, ыарыйдым. «Скорайы» күүтэбин. Вахтаҕа эрийиэм, күүтээриҥ. 10 ч. 15 мүн.» диэбит. Хостоохтор өрө аймана түстүлэр. Ити аата сарсыарда үөрэҕэр ыалдьан барбатах, онтун ситэри эппэтэх диэн мөҥүтүннүлэр. Ким эрэ вахтаҕа сүүрдэ. Ким эрэ ыаллара хосторго тугу эмэ сибикилээри ыстанна. Тиһэҕэр, туох да сонуна суох төттөрү суккураһан киирдилэр. Чэйдээри тэриннилэр. Ааны ким эрэ тоҥсуйда.
– Аллара, төлөпүөҥҥэ ыҥыраллар, ким эмэ түһэр үһүгүт, – диэн, илдьиккэ кэлбит сирэйин да көрдөрбөккө туран, аан кэтэҕиттэн иһитиннэрдэ.
Муокка ыстанна ээ. Сотору төннөн кэлэн иһитиннэрдэ, Татыйык оҕоломмут. Үчүгэй үһү. Сарсыарда, мантан тиийээт, 12 чаас эргин быыһаммыта эрэ баар буолбут! Итинник сонуннаах үөрэ-көтө олордохторуна, били маарыын аймаабыт ыаллара кыргыттар киирэн сурастылар, эҕэрдэлээтилэр.
– Хайа, оттон оҕоҕут кыыс дуу, уол дуу?
Муокка чэйигэр чачайа сыста. Кырдьыга даҕаны! Ким билиэй? Үчүгэй да үчүгэй дэһии быыһыгар, ыксалынан кэпсэтиигэ, хата, букатын да өйдөөн итини эрэ чуолкайдаабатах. Онон сарсын эрэ билэргэ тиийдилэр…
* * *
Татыйык, кырдьык, ыҥырбыт «Скорайа» бэркэ кэлэн, быраастара холку бэйэлээхтик илдьэн балыыһатыгар туттарбыттара эрэ кэрэх. Омуннаан эттэххэ, уот абытай ыарыыта, татакайа-мэтэкэйэ, сытыахтаах оронугар тиийиитэ тута саҕаламмата дуо. Онон, хантан сыта сылдьыай, аҕыйахта хаамаатын, өрүсүһэн, түргэн үлүгэрдик төрүүр хоско үҥүлүппүттэрэ. Өр гымматаҕа, кыыс оҕо кылбас гынна диэн астыммыт акушерка биллэрбитэ.
Онон, бу киэһэ манна, төрөөбүт дьахтар элбэҕин быһыытынан, сытан эр диэн, реанимацияҕа босхоломмут куойкаҕа киллэрбиттэрэ. Палаатаҕа соҕотох. Дьуһуурунай быраастар ыарахан туруктаах дьахтар суоҕуттан эмиэ холкулар. Киирэ-тахса ону-маны сэһэргэһэн ааһаллар. Этэҥҥэ быыһаммыт Татыйык тура сүүрбүтэ хас да чаас буолла. Таарыччы кыргыттарыгар субу манна турар төлөпүөнтэн эрийэн биллэрдэ. Ол иннинэ оннооҕор дойдутугар эрийэрин көҥүллээбиттэрэ.
– Олус истигэн дьахтары бириэмийэлиибит, кылбардык быыһаммыт, доруобай кыыһы төрөппүт манньаҕар, төлөпүөнүнэн тыаҕа биирдэ эрийэ сылдьаргын көҥүллүүбүт, – диэн дьиҥнээх укаас курдук, уһуннук да уһуннук эргитэн этэн, үөрдүбүттэрэ аҕай.
Онто баара, хаһан да сибээс суоҕа буоллаҕа, ийэтэ туруупканы ылбытыгар, быыс булан, хата: «Ийээ, этэҥҥэ быыһанным, барыта үчүгэй», – эрэ диэн хаалбыта. Бүттэҕэ ол, сибээстэрэ онон быстыбыта. Кылаабынайа, кини төрөөбүтүн иһиттэхтэрэ. Кириил төһө эрэ үөрэн сэгэйдэ, маҥан тиистэрэ кэчигирээтэ…
Оҕолонор диэн судургутуттан, баччааҥҥа диэри илдьэ сылдьыбыт таһаҕаһа кыып-кыра оҕо буолан мөкүнүс гыммыта дьиктититтэн, бэйэтэ да соһуйан эрэ хаалбыт эдэр ийэ – Татыйык арааһы эргитэ саныы сыппыта.
Эмискэ, палаата аана талыгыр гына аһылынна да, катаалка ороҥҥо сытар кубархай хааннаах дьахтары анньан киллэрдилэр. Сэрэнэн тутан, маннааҕы ороҥҥо сытыардылар. Икки илиитин тымырдарыгар холбоммут элбэх боруобаттарын арааран бэрээдэктээтилэр. Кинини кытта дьуһуурунай сиэстэрэ хаалыста. Быраастар биир-биир киирэн көрөн-истэн, тугу эрэ саҥата суох букунаһан киирэн бардылар. Күп-күөх курдук уостаах, кубаҕай сирэйдээх хатыҥыр дьахтар мунна кырыыланан, киһи куттаныах курдук көрүҥнээх. Биир илиитинэн хааны куталлар, иккиһигэр эмиэ систиэмэ хааппылалара тохтоло суох таммалыыр. Сотору-сотору кэлэн иһиллииллэр.
– Тыый, ити хайдах буолбутуй, – Татыйык оргууй ыйытар.
– «Кесарево сечение» кэнниттэн… Итинник буолааччылар. Сарсын туруга арыый да тупсуо. Куттанаҕын дуо? – сиэстэрэ кыыс ыйытар.
– Һуох даҕаны, хайдах эрэ ээ…
– Анараа, төрөөбүттэргэ миэстэ суох ээ, көрүдүөр кытта толору, онтон атын син ол диэки барыаҥ эбитэ ини. Хайыаҥый, биир-икки түүнү тулуйарга тиийэр буоллаҕыҥ, – сиэстэрэ кыыс укуолун туруорарын быыһыгар уоскутар.
– Бу маннык сытан… истибэт дуо, эйигин?
– Суох, билигин кини утуйа сытар. Өссө да уһуннук утуйуо, сарсыарда диэки өйдөнүө.
– Оччоҕо тугу саҥара сатыырый?
– Оттон, түһүүр курдук үлүгүнэйэр быһыыта. Итинник буолар, наркозтан тахса илик, ол иһин.
– Ээ…
Татыйык, дьулаан көстүүттэн дьиксинэн, кирийэн хаалла, устунан утуйар аакка барда.
Сарсыарда уһуктубута, быраас бөҕө. Бука бары анараа дьахтары төгүрүйэн тураллар. Холбоммут аппарааттарын эҥин кыҥастаһаллар. Кэпсэтэллэр. Дьахтар тугу эрэ хардары саҥарар быһыылаах. Татыйык син бэттэх эбит диэн иһигэр дэлби үөрдэ. Кини диэки хайыһан да көрбөккө быраастара тахса турдулар. Сөп ээ, ханнык ыарыһах ханна баарын чопчу билэр буоллахтара дии.
Татыйыкка бэйэтин бырааһа киирэ сырытта. Сотору оҕотун эмнэрэ аҕалалларын эттэ. Онуоха бэлэмнэнэн кыыс түбүгүрэн барда. Ытаан бэбээрбит, бэрт айдааннаах киһичээни көтөхпүтүнэн саастаах санитарка киирэн кэллэ:
– Саввинова диэн эн дуо? Кырасаабыссаҥ эйигин антах көрдөөн араллаан бөҕөтүн тарта. Хата, бу баар эбиккин, буллубут ээ, – диэтэ.
Татыйык кыыһын, туох баар этиллибити-үөрэтиллибити тутуһан туран, эмтэрэ сатаата. Кыысчаан диэҕи, эмиэ да уол курдук, быры-быллаҕар оҕо барахсан, соппойо сатаан, кыыһырда быһыылаах, эмиэ ытаата. Онон, икки өттүттэн сыралаһан-сыралаһан бастакы аһааһын син табылынна быһыылаах. Сылайбыт оҕо утуйан буккураан хаалла.
– Эн оҕоҥ кыыс эбит дуу? – саҥа хоту эргиллибитэ, били бэҕэһээ ыкса киэһэ эпэрээссийэлэммит дьахтар оронугар олорбут.
– Кыыс.
– Эн эмиэ «кесарево» дуо?
– Суох, төрөөбүттэргэ миэстэ суох буолан манна аҕалбыттара.
– Ээ, оннук эбит дуу…
– Эн, хайдаххыный? – Татыйык итиччэ кэпсэтэ сатыыр киһиэхэ эмиэ чугаһыырга сананна.
– Ээ, оттон… ханнык эмэ ини… Мин оҕом эмиэ кыыс үһү. Хаарыаны, көрбүт киһи…
– Хайа, сотору аҕалыахтара буоллаҕа дии.
– Суох, кини тумнастыбыт, онон… көрүөм да саарбах.
– Тоҕо инньэ диигиний? Арыый гыныахтара да, аҕалыахтара буолбат дуо? – Татыйык дьиктиргээтэ.
– Эн кэргэннээххин дуо? – инники ыйытыыга хардара сатаабакка дьахтар утары ыйытта.
– Баар, – Татыйык Кириилин санаан күлүм аллайда.
– Бу… бастакы оҕоҕут?
– Биһиги Кирииллиин былырыын ыал буолбуппут.
– Эн маннааҕыгын дуу, тыаҕын дуу?
– Тыабын эрээри, манна үөрэнэбин. Сотору паапабыт уоппускатыгар кэлиэ, оччоҕуна сайын мин бүтүөхпэр диэри аймахпытыгар бары бииргэ олоруохпут. Эбээлээх эһээбитигэр үс ыйдаах кырасаабысса кыыстааах тиийиэхпит, – Татыйык, оҕотун имэрийэ-имэрийэ, кэпсиир.
– Дьонуҥ төрөөбүккүн иһиттэхтэрэ диэ… Төһө эрэ үөрдүлэр? – дьахтар син биир токкоолоһор да токкоолоһор.
– Бэҕэһээ эрийэ сатаабытым да, биһиги диэки сибээс куһаҕан, төрөөтүм диэппин кытта быстан хаалбыта. Онон, ийэм сиэннэрэ кыыс дуу, уол дуу буоларын истибэккэ да хаалбыта, – Татыйык күлэр.
– Оттон маннааҕы дьонуҥ? Иһиттилэр ини?
– Суох, манна кырдьаҕас аймахтаахпыт. Онно эппэтэҕим буоллаҕа. Оттон уопсайым кыргыттарыгар эмиэ өйдөөн, уой-аай да буолан, ситэри быһааран эппэтим быһыылаах… Уопсайынан, күлүүлээх баҕайытык төлөпүөннэстим быһыылаах, анекдот буолара буолуо, – Татыйык, оҕотун хам кууһан ыла-ыла, ис-иһиттэн күлэр.
– Аатыҥ ким диэний?
– Татыйыкпын…
– Сахалыы ааттаах эбиккин. Кыыскын ким диэн ааттыаххыный?
– Кириил уолу ааттыахтаах этэ, мин – кыыһы. Онон, арааһа, эбэм аатынан Марина диирим дуу. Ийэм, өссө биир кыыстааҕым буоллар ийэм аатын биэриэх киһи диэччи. Бэйэтэ кэнники кыайан эбии оҕоломмотох. Ол көрбөтөх эбээм туһунан наһаа элбэх үчүгэйи кэпсээччи. Итиэннэ паапабыт Кирилл диэн дии, Марина Кирилловна буолара иһиллэригэр эмиэ дьүөрэ курдук. Ийэм үөрүө буолуо.
– Кырдьык, наһаа үчүгэй аат дии. Марина Кирилловна, Маргарита Кирилловна…
– Тоҕо? Маргарита буолбатах, Марина Кирилловна диэн буолабыт…
Ити икки ардыгар санитарка кэлэн Татыйык кыыһын ылан барда. Дьахтар, сылайбыт быһыылаах, орон атаҕар баайыллыбыт быанан нэһиилэ тутуһан, оргууй аҕай сытынан кэбистэ. Балачча оннук чуумпуран баран эмиэ салҕаата:
– Татыйык, мин этэрбин истиэҥ буолаарай?
– Тугуй? Туох эмэ наада дуо?
– Суох, туох да наадата суох. Таах, иһит эрэ. Мин кыайан өрүттүбэппин билэбин, эмтэммэт ыарахан ыарыылаахпын. Ол туһунан бэйэм да, кэргэним да, быраастар да бэркэ билэллэр. Баҕар, үтүөрэ сатыам дуу диэн оҕолоно сатаатым да, ыарыы кыайда. Бэҕэһээ кыыс оҕону… төрөтүөм дуо, эпэрээссийэлээн ыллылар, этэҥҥэ буолуо дииллэр. Ол оннугар мин мантан туруом саарбах. Кэргэним улахан учуонай, бэйэтэ оҕо курдук. Иккиэн, тулаайах буоламмыт, киммит да суох. Онон, мин бу быыһанар суолу көрдөөн, үүт-хайаҕас була сатаан, төрөппүтүм эрээри… оҕом детдомҥа эрэ барар дьылҕалаах. Оннук эрэйи мин киниэхэ баҕарбаппын. Кыайан ииппэт, улаатыннарбат буолуохпун билэ-билэ, күүспүнэн төрөппүппэр кини иннигэр буруйдаах курдукпун. Онон, ийэ олоҕун бүтэһик чааһыгар диэри санаата оҕотугар диэччилэр. Мин эмиэ оннук гынаары гынабын… Эн эдэргин, чэгиэҥҥин, кэргэннээххин, син биир киһи төрдө буолуоҥ. Көрдөһөбүн, мин оҕобун ыл… уонна кыыскын кытта холбуу тутан бииргэ улаатыннар…
– Мин… кэбис… итиниэхэ сөбүлэммэппин, – соһуйбут омунугар дөйө сыспыт Татыйык, саҥатыттан матан олорбохтоото, туох да диэн булбата.
Субу кэпсэтэ сыттахтарына киирбит сиэстэрэни кинилэр өйдөөн да көрбөтөхтөр. Анарааҥҥылара көхсүнэн туран тугу эрэ гынарын гынар быһыылаах да, тоҕо эрэ бэрт өр букунаста. Татыйык сыыһа көрбөтөх буоллаҕына, сиэстэрэ хайдах эрэ ытыһын көхсүнэн хараҕын ньухханар курдук…
– Татыйык, эн эдэргин, кыахтааххын, олоҕуҥ барыта иннигэр. Дьоло суох биир дьахтар дьылҕатыгар кыттыспыт үтүөҕэр, киниэхэ бүтэһик чааһыгар улахан үөрүүнү бэлэхтээн эрэл кыымын сахпыккар, оҕотун таптаан атаҕар туруорбуккар, сааһыҥ тухары таҥара махтаныа, уон оччонон кыһалҕаҕын быһаарыа, тыыннааххыт тухары барыгытын араҥаччылыа… – дьахтар куолаһа титирэстээтэ, Татыйык эмиэ уйадыйда.
– Сиэстэрэ барахсан, эн эмиэ дьахтаргын эбээт, эмиэ ийэ буолуоҥ дии, этиий, миэхэ көмөлөһүүй, кырдьыгы этэбин буолбат дуо, мин?! – дьахтар ааттаһан айманна…
– Саввинова, кини этэрэ кырдьык… – кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан, көхсүнэн турарын кубулуппакка эрэ, сиэстэрэ бигэргэттэ.
– Татыйык, бэйэҥ кэпсээтиҥ, оннооҕор ийэҕэр оҕоҥ туһунан тугу да эппэккэ хаалбыккын. Ким да билэ илик. Ол, арааһа, дьылҕа оҥоһуута буолуо. Туох буолуой, игирэ кыргыттарданным диэ ээ. Иккиэн биир күн төрөөтүлэр буолбат дуо? Оттон кыратык маарыннаспаттара… туох буолуой… Булгу биир дьүһүннээх буолуохтаахтар диэн буолбатах ээ…
– Оннук, игирэ оҕото барыта биир буолбат, икки өттүттэн ийэлээх-аҕалаах, элбэх уруулаах дьон… кими баҕар батыахтарын сөп, – сиэстэрэ кыттыста, бэттэх хайыста, кытаран хаалбыт хараҕын баата томпуонунан саҥата суох сотунна.
– Татыйык, ээх диэ… Көрдөһөбүн, көмөлөс, оҕобун ылан киһи гын дуу…
– Оттон… докумуона табыллыа суоҕа дии, – сатала суох да буоллар, саатар, итинэн олуйуум дии санаан, кыыс аатыгар эрэ хардарда.
– Докумуону оҥоруохтара, мин көрдөһүөм… Быстан эрэр киһи тиһэх көрдөһүүтүн, ама, ким аккаастаатаҕай… – диэтэ уонна «һуу» диэбиттии налыс гынна.
– Оттон оччоҕо, оҕоҥ аатын ким диигиний?
– Ээ… эппэтим дуо? Маргарита диэр, Маргарита Кирилловна, эдьиийигэр Марина Кирилловнаҕа маарыннаатын ээ… Бииргэ эйэлээхтик улааттыннар. Махтанабын, Татыйык. Мин… утуйан ылыым, уонна, турдахпына бэйэм олохпуттан наадалааҕын эйиэхэ кэпсиэм…
Татыйык, итинтэн соһуйан, туохха түбэспитин ситэ өйдөөбөккө уолуһуйан да хаалан, саҥардыы киирэн эрэр үүтэ төннө сыспыта. Хата, дьолго, били туоһу курдук буолбут ол күн симиэнэлээх сиэстэрэ кыыс барахсан көмөлөспүтэ. Тимир-тамыр курдук туттан, сытар дьахтар көрбөтүнэн араастаан имнэнэн, түргэнник өйүн булларбыта. Быыс булан кыыһы палаататтан ыҥыран таһааран, көрүдүөр уһугар туран эрэ, ыксал үлүгэрдик сибис гыммыта. Бу дьахтар этэрэ кырдьыгын, оҕотун киниэхэ аҕалбаттарын уонна эпэрээссийэтин иннигэр кини аккаас кумааҕытын хайыы-үйэ толорбутун туһунан сибигинэйбитэ. Оҕо эрэйдээх «Малюткаҕа», онтон салгыы детдомҥа барар эрэ кыахтаах. Ким эрэннэриэй, кинини булгу ким эрэ иитэ ылан киһи оҥоруо диэн? Буолуо даҕаны, буолумуо даҕаны буолбаат?!
Оттон ол «Малютка» оруобуна Татыйык олорор куорпуһугар, кини хоһун түннүгүн анныгар турар. Саас ити тэрилтэ, салгылатаары ини, түннүктэрин тэлэччи астаҕына, иһирдьэ сытаахтыыр кыһыл оҕолор «ыҥаа-ыҥаа» дии-дии, ытаһар саҥалара чыычаах үөрэ мустан тугу эрэ былдьаспыттарын санатара. Онтон ыла кыргыттар итиннэ «Малютка» баарын билбиттэрэ ээ… Өскө бу кини кыыһын кытта биир күн төрөөбүт атын кыыс эрэйдээҕи кини ылбатаҕына… син биир, аны, олорор түннүгүн аннынан ытаан бэбээрэн, кини сүрэҕин тулутуо да биллибэт эбит. Онон, хайыыра буолла…
Бэйэтэ уһаабат буолбут дьылҕалаах дьахтарга көмөлөһө сатыыр наадатын, итинтэн сылтаан, Татыйык сиэрдээхтик өйдөөбүтэ.
* * *
Татыйык оҕоломмута үһүс күнүгэр Кириилэ тирилэтэн тиийэн кэлбитэ. Субу аҕа буолбут эдэр киһи үөрүүтэ баһаама. Буолаары буолан киниэхэ Татыйыга икки игирэ кыыһы бэлэхтээн соһутта эбээт! Сонно тута соһуччу сурах ыраах баар дэриэбинэни тилийэ көппүтэ. Саастаах өттө, табахтарын тарда-тарда, уота-күөһэ бүтүөр диэри төрдүлэрин-уустарын ырытан ырааппыттара. Хасыһан да туһа суох. Өлөөнчүк икки, Тиит икки өбүгэлэригэр, хайа да өттүттэн, өтөрүнэн игирэлээх баарын бу диэн билбэтэхтэрэ. Онон, быһата, дьиэ иһинэн бэйэлэрэ сатыылларынан быһаарбыттара, ол аата күтүөт уолун төрдө игирэлээх, биитэр Өлөөнчүк барахсан Татыйыгыттан ордугу оҕоломмотоҕун аайы Айыы Сээн аһыннаҕа, боссоон икки кыыһы тэҥинэн биэрдэҕэ дэспиттэрэ.
Кириил, икки төгүл аҕа буолан хаалбыт киһи, түбүк бөҕөтүгэр түспүтэ. Били аймах оҕонньор олорор чааһынай дьиэтин тас өттүттэн кытта сууйа сыста быһыылаах. Омуннаах уол оҕото өр гыныа баарай, барыны кикирийэн, ыраастаан, бэтэринээр киһи «стерильнэй» диэни билэрэ да сыттаҕа, кылбаппыта ыраатта. Соннук омунугар тэптэрэн, биир күн икки улахан баалынайы, икки хорсуогу, икки салаасканы булан-талан, сүгэн-көтөҕөн талҕалатан аҕалбытын оҕонньор кытта соһуйа көрбүтэ.
– Кириил, бу… чэ, хорсуок икки, салааска икки, баҕар, буоллун даҕаны. Улаатыахтара буоллаҕа дии. Оттон бу бачча улахан баалынайга… оҕолоргун бэйэлэрин… сибилиҥҥиттэн биирдии-биирдии олордоҕун дуо? – диэн бэркэ мунааран ыйыппыта.
Онно эрэ Кириил өйдөөбүтэ, арба да, кыралары бэйэлэрэ сууннарыахтара дии! Оччоҕо тоҕо икки баалынайый?! Улааттахтарына биир-биир уочараттаһыахтара дии! Инньэ диэт, өр гымматаҕа, уол оҕото ыстаннаран тиийэн биир баалынайын төннөрбүтэ, хата, ол оннугар тута, балачча улахан чымадааны атастаһан, атыылаһан-тутууланан кэлбитэ. Бачча элбээбит дьон мантан инньэ маллара-саллара да баһаамныа дии!
Итини барытын Татыйыкка суругунан кэпсиир. Татыйык, били реанимациятыгар үс хоммута уонна уопсай палаатаҕа көспүтэ. Дьахталлар кинини игирэлэнэн итиннэ сыттаҕа диэн ыйытыга суох өйдөөбүттэрэ. Оҕону аһатыы буолбутугар Татыйык үүтэ аҕыйаҕа бэрт буолан кыралара топпотторун айдаана. «Ээ, наркоз кэнниттэн үүтүҥ төннөн хаалар үһү ээ», – диэн сытар дьахталлар ону көрөн, бэйэ ыккардыгар хайыы-үйэ истибэтигэр сибигинэһэ охсубуттара. Кинилэр күнү-күннүктээн ыанан, эмиийдэринэн оонньоон тахсаллар. Оттон Татыйык, хантан оччону ордорунуой, кыргыттара соппойдулар да тук курдук бүтэн хаалар.