Аҕа
Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.
Оглавление
Группа авторов. Аҕа
СЭҺЭННЭР
Аҕа (Ахтыы-сэһэн)
Кэмсинии
КЭПСЭЭННЭР
Көтүппэт
Ардьакыыт Үрэҕэр (Идэтийбит булчут, аҕам кытта төрөөбүт инитэ Эриэбэ Сэргиэйэбис Маайыһап кэпсээниттэн сурулунна)
Хаар эбэ уонна суор (Идэтийбит булчут, аҕам кытта төрөөбүт инитэ Эриэбэ Сэргиэйэбис Маайыһап кэпсээниттэн сурулунна)
Боллохтоох күөлүгэр
ХОҺООННОР
Күһүҥҥү түүн
Тымныы
Татыйыктаах алааһым
Тэллэй ардаҕа
Бэс
Илгэ ардаҕа
Сайыҥҥы түүн
Саас кэллэ!.. Саас кэллэ!
Кыыс ньургуһун
Хатыҥ
Күһүөрү сайын… Түүн…
Ырай аһыллыыта
Үрүмэ
Тэлгэһэм тиитэ
Тураах кэлэр хаара
Балыксыт үөрүүтэ
Ийэм үүт эрийэр… (Түүҥҥү кусчут иэйиитэ)
Ханна эрэ…
Кэрэтиэн төрөөбүт дойдум!
Айылҕа оҕото буоламмын…
Субурус
Эргиллии
Куйуур
Аллаах атым
Оол курдук… (Отчут хараҕынан)
Хайа да саас – оҕо саас
Саҥа дьыл киэһэтэ
Үрүҥ
Куртуйах
Сайылык оҕуһа
Кулуһун
Отрывок из книги
Аҕа. Аҕаа. Хайдахтаах курдук кэрэ, ураты истиҥ тылый. Суох-суох!.. «Паапа» буолбатах, «аҕаа» диэн тыл. Син биир «ийэ» кэриэтэ минньигэс «аҕа» диэн дьикти иһирэх, элэтэ эрэ соҕотох биир тыл.
Тыа сирин эҥин-эгэлгэ күүс үлэтин барытын баһылаабыт, ат-оҕус миҥэлээх, отчут-масчыт бэрдэ, маһы хаамтарбат эрэ уус; саас, сайын сирэйин күн уота быһа сиэн килэрийбитэ, бэл, кыһын оспотох, саллайар сааһын тухары хара үлэни кытары хачыгырайан иҥиир-ситии буола эриллэ хаппыт мин аҕабар ити этиллибит «аҕаа» эрэ диэн тыл сөп түбэһэр. Кини олорон кэлбит олоҕор, дьүһүнүгэр-бодотугар, бэл, тутта-хапта сылдьарыгар кытта. Аныгы дьону, оҕолору үтүктэн «папа» диэхпин тылым тахсыбат, итинник тыллаһар мэктиэтигэр күлүү гыммыкка, аһара баран үөхпүккэ дылы курдук. Чахчыта да оннук. Нуучча омугун дьиэ кэргэнигэр сиппит-хоппут, оттомноох оҕолор төрөппүттэрин мэлдьи: «Мать, отец…» – диэн ыҥыраллар, ити хайдах эрэ «ийээ, аҕаа…» диэбит кэриэтэ ээ. Элбэхтэн аҕыйах холобур: нуучча улуу суруйааччылара Михаил Шолохов, Виктор Астафьев, Валентин Распутин, Анатолий Иванов айымньыларыгар ити кэрэ тыллар суолталара бары өҥнөрүн-дьүһүннэрин толору биэрэн олус да дьэҥкэтик арыллаллар. Мин санаабар, саха оҕото дьонун «ийээ, аҕаа» диэн ааттаан ыҥырара бу төрөппүттэри ытыктааһын муҥутуур үрдүк чыпчаала дии саныыбын. «Ийээ, аҕаа» диэн ыҥырыллар дьолго тиксии билиҥҥи кэмҥэ сэдэх көстүү буолла диэтэххэ, туох да омуна суоҕа буолуо. Ити сайдыы туоһута буолбатах, төттөрүтүн таҥнары түһүү, төрүт айылгыттан тэйии туоһута. Эридьиэстик эргитэ санаан көрдөххө, хайа эрэ өттүнэн эмиэ да сөп ээ. Судургутук холобурдаатахха, артыыска эрэ барытыгар «норуодунай» диэн үрдүк ааты-суолу иҥэрбэттэр, син ол кэриэтэ «аҕаа, ийээ» диэн ыҥырыллар туһуттан төрөппүт ити истиҥтэн-истиҥ, кэрэттэн-кэрэ тылларга сөп түбэһэр таһымнаах буолуохтаах.
.....
Улахан убайым Махаар букатын кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ көлүллүбүт, такайыллыбыт киһи. Маҥнайгы кылааһы бүтэрэн баран, холкуос оччотооҕу бэрибилээссэйигэр Борокуоппай Такыырапка бэйэтинэн тиийэн тылланан туран, сайын оҕуһунан отчуттарга ыһык таспыт. Ас иҥмэтэх олус хачаайы, баара-суоҕа бастакы кылааһы түмүктээбит оҕо тылын маҥнай утаа соччо баардылаабакка, суолталаабакка буолан баран, улахан киһилии сүрдээх ылыннарыылаахтык дьаныһан туран көрдөһөрө бэрдин иһин, тургутан көрөргө быһаарыммыттар. Дьонун батыһа сылдьан ат, оҕус көлүллэрин эрдэттэн көрбүт-билбит оҕо буолан, ким да көмөтө суох хара маҥнайгыттан бэйэтэ ылсыбыт. Өртүккэ мэччийэ сылдьар Өрүөл Уола диэн сүрдээх үскэл, холкуос ат оҕуһун тутан, көлүйэн, уот ааныттан сорук, дьарык оҥостон, дьаныһан туран үлэлээн барбыт. Маҥнай утаа дөрөтүн сүгэ сылдьара үһү. Онтон дулҕаттан салҕанан, аралтан үктэнэн, тэбинэн оҕуһун миинэ үөрэммит.
Онон Махаар бастакы кылааһы бүтэрэн баран, Муоһааны эбэ отчуттарыгар уһун сайыны быһа ыһык таспыт. Муоһааны – Илин, Орто уонна Арҕаа диэн үс улахан түөлбэлээх, элбэх тумуһахтардаах, бүтүн хас да холкуос сүөһүтэ дьыл тахсар ото оттонор, сүрдээх көнө, дэхси ходуһалаах, нэлэйэн-хотойон түһэн эбэ да эбэ…
.....