Читать книгу Ааспыт ааспат амтана - - Страница 1

ААСПЫТ ААСПАТ АМТАНА

Оглавление

Хойуу кыламаным быыһынан

Одуулуубун мин күнү

Уонна долгуйабын күүскэ:

Күн уота миигин ыҥырар.

Биллим мин бүгүн соһуччу

Дьэдьэн минньигэс амтанын,

Сэрэйдим тоҕо эрэ эмискэ

Дьол миэхэ уйаламмытын.

Мин сүрэҕим отоҥҥо кубулуйда,

Кыырай халлааҥҥа көтөн таҕыста.

Күн миэхэ мичээрдээтэ,

«Биһиги бииргэбит» диэтэ.

Ама мин аккаастаныам дуо

Ити ураты түгэнтэн, үөрүүттэн,

Ити хатыламмат дьолтон, имэҥтэн?

Суох-суох, хаһан да суох.

Эттиннэр атыттар «акаары» диэн,

Сэрэттиннэр ыарыыттан, албынтан.

Ол – сарсын, оттон бүгүн —

Мин дьэдьэҥҥэ кубулуйуум.

Күн эмискэ эргийдэ миигиттэн,

Ким да суох аны аттыбар.

Сүрэҕим халлааҥҥа талаһар,

Оо, кылгас да кэмҥэ дьэдьэн кытарар.

Хойуу кыламаным быыһынан

Одуулуубун мин күнү…

Ааспыт ааспат амтана

Билигин да миигин долгутар.


Саас, даачабын хомуйа сылдьан, күүлэ түннүгүн сэҥийэтигэр эргэрбит корзинка хатаччы хатан сытарын булан ылбытым. Туох да туһата суох малы бөх кутар коробкаҕа кыыратаары гынан иһэн, тоҕо эрэ туттуммутум. Илиим барбатаҕа… Хаһан эрэ (дьиҥинэн, аҕыйах сыллааҕыта) олохпор буолан ааспыт түгэн өйбөр-санаабар биир-биир сааһыланан, өҥүн-дьүһүнүн тутан, саҥалыын-иҥэлиин чугаһаан, илэ баарга дылы буолбута…

…Кини миэхэ клубникалаах корзинаны бэлэхтээбитэ. Ыам ыйыгар клубниканы амсайар – сайыны чугаһаппыт тэҥэ. Бөп-бөдөҥ соҕурууҥҥу отону биир-биир сии олорон, мин чаһы эргиирин курдук биир тэҥник баран иһэр олохпор туох эрэ ула-рыйыы саҕаламмытын сэрэйбитим. Быһатын эттэххэ, клубника амтанын (тымныы амтанын диэхпин баҕарабын ити туһунан) мин олус сөбүлээбитим.

Оттон ити клубника сиэм аҕыйах хонук иннинэ, бээтинсэ киэһэ дьүөгэм Арина дьиэбэр көтөн түспүтэ. Кини мэлдьи итинник: төлөпүөннээбэккэ, билсиспэккэ да эрэ эмискэ баар буола түһэр уонна ол кэнниттэн балайда өр кэмҥэ сүтэн хаалар идэлээх. Арина турфирмаҕа үлэлиир, онон биир сиргэ түптээн олорбот. Оттон мин страховой компания-ҕа юристыыбын, үлэм эйгэтэ Дьокуускай куорат эҥээринэн бүтэр. Ол иһин Арина мин мэлдьи дьиэбэр баарбын бэркэ диэн билэр.

Кини ыбыс-ыарахан икки пакеты мин илиибэр аан боруогун атыллаат, туттаран кэбиспитэ. Кухняҕа илдьэн остуолга ууран баран көрбүтүм: вау, биирдэрэ – тобус-толору пиибэ, иккиһэ – сокууска эгэлгэтэ.

– Арина, туох кыһалҕатыгар маны барытын атыыластыҥ? – испэр дьүөгэм харчытын мээнэ ыскайдаабытын биһирээбэтэҕим.

– Һ-м, хайдах туох кыһалҕатыгар? Варя, мин эн курдук салгынынан тоторго өссө да үөрэнэ иликпин. Эйиэхэ аһыҥ мэлдьи суох буолааччы дии. Эбэтэр баар диэри гынаҕын дуо? – Арина көрүөх бэтэрээ өттүгэр холодильнигы арыйа биэрээт, «барыта өйдөнүллэр» диэбиттии, тута «лап» гына саппыта. Чахчы да холодильник полкаларыгар киһи хараҕа хатанара туох да суоҕа. Бэркэ гыннар паачы-калаах кефир, дьэҥкир иһиккэ кыракый арыы куһуоччуга уонна вазочкаҕа барыанньа баар буолара. Мин дьиэбэр киэһэ ас астамматым кэриэтэ. Биирдэ эмэ спагетти эбэтэр рис буһарабын.

Арина, оҕотун тото-хана аһатар соруктаах кыһамньылаах ийэ курдук туттан-хаптан, аһын-үөлүн орообутунан, остуолга тэниппитинэн барбыта.

Истиэнэҕэ ыйанан турар ыскааптан «Мюнхен» диэн суруктаах улахан куруускалары ойутан таһаарбыта уонна «Бавария» диэн пиибэтин кутуталаабыта. Грильгэ сосискалар сырдьыгыначчы бу һан, сыалара-арыылара аллан, «миигин баһаалыста сиэҥ, амсайыҥ» диэбиттии, телевизорынан көстөр реклама аһын санаталлара.

– Хата, эн биһикки ханна да ырааппаккабыт эрэ Баварияҕа олорор курдукпут! – дьүөгэм барахсан ити түгэҥҥэ олус да дуоһуйбут көрүҥнээҕэ, үөрэн мичилийбитигэр ыйаастыгас харахтара соппутуой курдук буола түспүттэрэ.

– Чэ, давай! Чтобы завтрашний день был гораздо лучше, чем сегодняшний! – диэн кини саҥа аллайбыта. Сарсыҥҥы күн бүгүҥҥүтээҕэр ордук буоларын испэр улаханнык саарбаҕалаабытым эрээри, дьүөгэм этиитин өйөөтөҕүм дии. Сөрүүн, хабархай амтаннаах тымныы утах кураанах куртахпар түспүтүгэр, бэл диэтэр сиһим дырылаан ылбыта. Аҕыйах мүнүүтэнэн халтараан сыыртан салаасканан түһэн эрэр киһи курдук санаммытым. Хайдах эмэ гынан холуочуйбут турукпун тохтотуохпун баҕарбытым эрээри, бу эрэйдээх долгуҥҥа быраҕыллыбыт мас сыыһын тэҥэ буолбутум, утарылаһарга сэниэ да, кыах да суоҕа.

Оттон Арина кэпсээбитин курдук кэпсии олорбута. Соторутааҕыта Кореяҕа сылдьан кэлбит.

– Эн хайдах тулуйан-тэһийэн биир сиргэ олороҕун? – миигин буруйдуур курдук ыйыппыта.

– Һ-м, ханна барыахпыный?

– Бардыбыт, саатар Кытайга.

Мунньубут харчым дуомунан быраатым дьиэ атыылаһарыгар көмөлөһүөхтээхпин санаан, «кэлин, билигин олох бириэмэм суох» диэн куотуммутум.

Арина кэпсэтии хайысхатын сүр түргэнник уларытар ураты дьоҕурдаах. Бу да сырыыга эмискэ: «Дима эрийэр дуо?» – диэн хайдах эрэ аһынардыы ыйыппыта. Дима – мин урукку кэргэним. Биэс сыл устата дьон ымсыырыар диэри эйэ дэмнээхтик олорон баран, биир күн иһигэр, атырдьах салаатыныы арахсыбыппыт. Арахсыахпыт дуо, кини барбыта. Биричиинэтэ бэриллибит биэс сыл иһигэр кыайан оҕоломмотоҕум буолар.

Дима миигиттэн эдэркээн бэйэлээх Люся диэн тэрбэччи көрбүт кыыска көспүтэ. Хаһан эрэ холбоһорбутугар «өллөхпүтүнэ даҕаны бииргэ сытыах-пыт» диэн андаҕайбыта ханна баарый? Итии чаанын субу таһаараары, өрө тэбиэлии турар вулкантан икки атаҕынан куотардыы, бэрт суһаллык хомуммутунан барбыта. «Аллара массыына кэтэһэн турар», – диэн быһаарбыта. «Баһаалыста, барыма… Өссө боруобалыахха… Барыта табыллыа…», – дии-дии атаҕар саба түһүөхпүн, ытыы-ытыы ааттаһыахпын-көрдөһүөхпүн баҕарбытым. Ол эрээри туох эрэ миигин тохтоппута. Ити түгэҥҥэ Дима таҥнарыахсыт курдук сананыахтааҕар, хата төттөрүтүн, иһигэр бэйэтин олус дьоллоох киһинэн ааҕынарын мин тута сэрэйбитим.

Дима чымадааныгар сээкэйин быраҕаттыыра, суһал командировкаҕа баран эрэр киһини санатара. Сорох малын коробкаларга ыга симпитэ, ыһыллыбатын диэн тас өттүнэн скотчунан сыһыарбыта.

Аҕыйах мүнүүтэнэн ааҥҥа кыракый уҥуохтаах, маадьаҕар атахтаах уол баар буола түспүтэ уонна көрүдүөргэ кыстанан турар малы саҥата суох тас-пытынан барбыта.

Дьэ ити курдук. Хаһан эрэ (дьиҥинэн бэрт соторутааҕыта) Дималыын биир сиргэ, биир салгыны эҕирийэн, түүнүн биир халлааны одуулуу, биир материк буолан олордохпут. Онтон эмискэ ол материкпыт икки аҥыы хайдаатын кытары, бытарыйбыт арыыларбыт океан устун туспа туора устан бардахтара. Биһигини холбуур ситим быстыбыта. Мин кини дьолун хайдах да ылынар кыаҕым суоҕа, оттон кини – мин эрэйбин.

Дима аан айаҕар туран: «Варя, если что, бырастыы гын дуу?» – диэн нэһиилэ саҥа таһаарбыта. Онуоха мин хаҕыстык: «Күлүүстэри хааллар», – диэбитим. Дима, тугу эрэ толкуйдаабыттыы, чочумча саҥата суох тура түһэн баран, бу дьиэ күлүүстэрэ киниэхэ аны туһата суохтарын өйдөөбүттүү: «А-аа, да-да», – диэт, хас да күлүүһү сиэбиттэн ороон, тумбаҕа уурбута.

Кини тахсан бараатын кытта мин, кэрдиллибит мас кэриэтэ, сэниэтэ суох сиргэ сууллан түспүтүм уонна хараҕым уутун босхо ыыппытым. Ол эрээри харах да уута хаһан эрэ баранар буоллаҕа. Аҕыйах хонугунан атын эрэй үөскээбитэ: утуйар уум көппүтэ. Киэҥ бэйэлээх ороммор суос-соҕотоҕун туора сытан, түүн диэн мин туспар саамай кырыыстаах кэмҥэ кубулуйбутун эппинэн-хааммынан билбитим. Ыксааммын аптекаттан утутар эми атыылаһар идэлэммитим. Оннук дьүһүммүн-бодобун сүтэрэн олордохпуна, эмискэ дьиэбэр Арина эмиэ баар буола түспүтэ.

Мин ытыы-ытыы кыһалҕабын кэпсээбиппэр, дьүөгэм аһыныахтааҕар хата күлэн тоҕо барбыта. Мин өһүргэниэхчэ буолан иһэн, Аринаны батыһан, эмиэ күлэн барбытым. Сылайыахпар диэри…

– Бүт! Барбыт киһи бардаҕа! – Арина куолаһа кытаанахтык иһиллибитэ. – Манна диэн эттэххэ, эн Димаҥ саҕа Дималар хас уулусса аайы ыһылла сыталлар. Хата миэстэни босхолоотоҕо дии. Үөр эрэ! Мин Трофимовтан арахсаат, дьэ биирдэ, олох төһөлөөх кэрэтин өйдөөбүтүм. Оттон ол иннинэ таах хамначчыт курдук этим: итини гын, маны гын. Ол аайы сүүр да сүүр! Кини буоллаҕына, дыгдаллан баран, дьыбааҥҥа күнү күннүктээн сытара. Фу-у!

– Арина, эн оҕолооххун!

– Эн да оҕолонуоҥ!

– Суох! Ы-ыы, ы-ы…

– Ытаан бүт, айака. Эн Димаҥ билигин дьоллонон, күннээн аҕай олордоҕо, оттон эн адьаһын тирээпкэҕэ кубулуйбуккун. Диманы өйгүттэн бырах!

Итини мин бэйэм да бэркэ өйдүүрүм эрээри, ол хайдах да кыаллан биэрбэтэ. Син биир, баҕарбатарбын да, санаам Димаҕа төннө турара. Оо, Дима туһунан санааларым (кыһыыта баар, үчүгэй эрэ санааларым) таҥаска сыстыбыт эрбэһин тэҥэ сүгүн-саҕын ылҕанан биэрбэттэрэ.

Димка хаһан эрэ мин олохпор, өйбүн-санаабын үлтү ытыйан, атын тулалыыр эйгэни бүүс-бүтүннүү сабардаан, соһуччу киирбитэ. Үчүгэй да этэ. Ол эрээри хаһан эрэ дьолтон туймаарбыппын, аны кэлэн, чыыстай сыанатынан төлүөх тустааҕым. Уруккутуттан уратыта диэн – төттөрү хайысхалаах эргиири барыахтааҕым.

Димка бэрт ыксаллаахтык көспүтүн кэннэ, киниттэн хаалбыт малы харса суох пакекка суулуу-суулуу бөх контейнерыгар кыыратарым. Кэннибиттэн хас саастааҕа, туох омуга биллибэт, хойуу бытык быыһыттан сүүрэлэс хараҕа эрэ нэһиилэ көстөр киһи түргэн үлүгэрдик ити пакеттарбын ойутан таһаарара уонна уп-улахан суумкатыгар симитэлиирэ. Биирдэ мин аҕыйах хардыыны тэйээт, эргиллэ биэрбитим. Онуоха киһим куттаммыт курдук көрөөт, тоҥхороҥнуу-тоҥхороҥнуу чугурус гыммыта. Махтанар дьүһүнэ эбитэ дуу, эбэтэр баҕар, акаары да дьахтар, бачча үчүгэй таҥаһы таах быраҕаттыыр дии саныыра эбитэ дуу, ким билиэ баарай? Оо, арай кини мин кыһалҕабын сэрэйбит буоллун? Суох буоллаҕа дии, топпут дьахтар кыратык эргэрбит таҥаһын быраҕар диэн өйдөбүллээҕэ чуолкай.

Кэмниэ кэнэҕэс Диманы санатар биир да мал тулабар хаалбатаҕа. Бүтэһик пакеппын ити киһиэхэ илиитигэр туттарбытым уонна «мантан ордук туох да суох» диэбитим. Онуоха киһим эмиэ быһаарыыта суох муннун анныгар тугу эрэ ботугураабыта. Кэлин мин кинини биһиги олбуорбутугар көрбөтөҕүм, ыларын ыллаҕа.

Ол эрээри дьыала итинэн бүппэтэҕэ. Утуйар хоско киирдим да, баҕарбатарбын да хараастан барарым. Кэп-кэтит орон үгүһү кэпсиирэ. Ити санаалар мин холкутук олорорбор, көҥүллүк тыынарбар мэһэйдииллэрэ. Ол иһин реклама хаһыатыгар «сыанатын аҥаарыгар утуйар орон атыыланар» диэн биллэрии биэрбитим. Тута эрийбиттэрэ. Саас ортолоох дьон кэлэн бастаан көрбүттэрэ, онтон сарсыҥҥы күнүгэр тиэйэн илдьэ барбыттара. Арааһа истэригэр соһуйбуттара буолуо, ханан да эргэрии бэлиэтэ көстүбэтэх, сымнаҕас матараастаах испанскай орону итиччэ чэпчэкитик биэрэр диэн. Баҕар мин балаһыанньабын тута сэрэйбиттэрэ буолуо. Ол эрээри, этэргэ дылы, тугу саныыллара кинилэр бэйэлэрин дьыалалара, оттон мин санаабын ситистэҕим.

Хоһум кэтит оронтон босхолоноотун кытары, мебельнай маҕаһыыҥҥа тиийэн, соҕотох киһи утуйар оронун атыыласпытым. Хоһум тута гостиница нүөмэрин санаппыта. Оттон биир дьүөгэм көрөн баран: «Аата, студентка курдук сип-синньигэс, кып-кыра орону атыыластаххын?» – диэн сэмэлээбитэ. Туох буолуой, ол оннугар ити опилка дуу, килиэй дуу сыттаах саҥа оронум ханнык да былыргы өйдөбүлү бэйэтигэр хатаабат буолан, утуйар уум көммүтэ.

Ити курдук олорор олоҕум арыый да судургутуйбута, эргийэ сыспыт оҥочом сыыйа-баайа оннун булбута. Долгуҥҥа бара сыспыт икки эрдиибин илиибэр ылан, сэниэтэ да суох буоллар, аргыый аҕай эрдэн барбытым…

– Дима эрийэр дуо? – Арина куолаһа хайдах эрэ аһынар курдук иһиллибитэ.

– Сороҕор.

– Туох диирий?

– Оттон… үлэлии сылдьар үһү.

– Оҕоломмуттар дуо? – Арина куолаһа бу сырыыга ирдэбиллээхтик иһиллибитэ.

– Суох быһыылаах, ону интэриэһиргээбэппин даҕаны, – Дималаах түргэн соҕустук оҕолонон испэттэрэ мин буруйум буоллаҕай?

Арина мин хоруйбун иһиттэ эрэ, истибэтэ эрэ, Люсялаах Диманы араастаан саҥаран барбыта. Мин ити былаһын тухары биир тылы быктарбакка олорбутум. Туох диэхпиний? Сэҥээриэхпин сэниэм тиийбэтэ, сөбүлэһиэхпин санаам буолбата. Онтон Арина эмискэ саҥа аллайбыта: «Арба даҕаны-ы, арба даҕаны!» Эппитим дии, кини санаатын бэрт түргэнник уларытар дьикти дьоҕурдаах диэн!

– Мин эйигин биир үчүгэй баҕайы уоллуун билиһиннэриэхпин баҕарабын.

– Оччо үчүгэй буоллаҕына, бэйэҥ билсис ээ, – Арина аһара быһаарыныылаахтык туттуммутун көрөн куттаммытым.

– Кини мин биир дойдулааҕым.

– Буоллун.

– Хайдах буоллун? Кинини мин кыра эрдэхпиттэн билэбин, онон миэхэ интэриэһинэйэ суох, – диэн Арина быһаарбыта. Ол аата «интэриэһинэйэ суоҕунан» аахпыт киһитин миэхэ сыбааттыыр үһү.

– Арина, мин аны кимниин даҕаны бодоруспаппын диэн бэйэбэр тылбын биэрбитим, – Арина итини иһиттэ эрэ, истибэтэ эрэ, чанчыгын тула тарбаҕынан «акаарыгын дуо?» диэбиттии эргитэн ылбыта уонна түргэнэ диибин диэн, көрүөх бэтэрээ өттүгэр төлөпүөн үрдүгэр түспүтэ. Дьолго «абонент не доступен» диэн буолбута. Сотору кэминэн, иккиэн да сылайбыппыт быһыылаах, иһиппитин сууйаат, утуйардыы сыппыппыт.

– Спокойной ночи, – диэбитим мин.

– Спокойной ночи. Ити Денис чахчы үчүгэй уол, – диэн Арина уутун быыһыгар нэһиилэ миэхэ хоруйдаабыта.

Ити кэнниттэн икки күн ааста этэ дуу, киэһэлик төлөпүөн тыаһа уу чуумпуну аймаабыта.

– Алло…

– Варя? – билбэт эр киһим куолаһа трубкаҕа иһиллибитэ.

– Истэбин, – ким буоллаҕай диэн таайа сатаабытым.

– Э-ээ… бу Денис эрийэбин.

– Ханнык Денис? – Ариналыын кэпсэппиппин таһыччы умнан кэбиспиппин.

Тохтобул.

– Оттон били… Аринаттан эн нүөмэргин ылбытым, – саҥатыттан-иҥэтиттэн бу киһи хоту улуустан сылдьарын таайбытым. Арина эмиэ итинник саҥарар. Чахчы биир дойдулаахтар эбит.

– Туох наадалааххыный? – диэн холус соҕустук ыйыппыттым.

– Суох, оттон туох наадалаах буолуохпунуй? Арай… сарсын баҕар Табаҕаҕа өрүс барарын көрбөппүт дуо? – диэн хаһан да харахтаан көрбөтөх киһим этии киллэрбитэ.

Саас кэлбит. Кэлэрин ааһан бүтээри гыммыт. Өрүс хамсаабыт. Мин чахчы да олохтон хаалан иһэр эбиппин.

– Сөп, – диэбиппин бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым. Трубканы ууран баран бэйэбиттэн бэйэм кэлэйбитим, чэпчэкитик даҕаны сөбүлэстим.

Оруобуна болдьоммут кэмигэр кэлбитэ. Тахсыбытым, олбуорга массыына бөҕө кэчигирээн турара. Мин мунаахсыйа турдахпына, маҥан өҥнөөх джиптэн биир бөдөҥ баҕайы эр киһи оронон тахсыбыта. Итиччэ толооһу көрөммүн испэр Аринаҕа кыһыйа санаабытым: саатар дьүһүнүн-бодотун даҕаны ойуулаан биэрбэтэҕэ ээ. Ити баар дии! Атыҥыраабыт кус курдук туттан, нэһиилэ массыынаҕа чугаһаабытым. Уолум кэлин олбохтон сибэкки уонна корзиналаах клубника ылан туттарбыта. Мин махтаммытым, испэр «Дон Жуан эбит» диэн сэрэхэдийэ санаабытым. Денис мин сирэйим-хараҕым олоруута кытаанаҕын көрөн, уоскута таарыйа: «Бүгүн хата үчүгэй күн буолбут. Муус барара бэркэ көстүүһүк», – диэбитэ. Айуу-айа, мичээрдээбитигэр айаҕа күн уотугар бэл диэтэр күлүмүрдүү түһэргэ дылы гыммыта. Илин тиистэрэ үксэ кыһыл көмүс коронкалар этилэр.

Ити үлүгэр элбэх фиксаны көрөн, мин төрүт да дьулайбытым. Эчи улаханын! Харыта модьутун! Өссө эбиитин моонньугар кэтит баҕайы кыһыл көмүс сыапачкалаах, тарбаҕар печатка биһилэхтээх. Мобильнайа бөтөн түһэн биир кэм хам буолбат. Этэргэ дылы мин «типаһым» буолбатах. Биэрэк кытыытынан айаннаан иһэн, юрист коллегаларбын санаан ылбытым. Эчи культурнайдарын, уурбут-туппут курдук таҥналларын, тас дьүһүннүүн, саҥарардыын кинилэр атыннар!

…Сааскы көстүү киһини үөрдүбэт. Суол кытыытын хаара ууллан, бөх-сыыс бөҕө. Сир чэлгийэ көҕөрөрө өссө да эрдэ буолан, харааран турар.

Хатаһы ааһан, Табаҕаҕа тиийбиппит. Хайа үрдү-гэр тоҕуоруһан турар дьону көрөн мин соһуйбутум. Эчи элбэхтэрин! Тэҥнэһиэм дуо, массыынаттан таҕыстаҕым дии. Денис билэр дьонун көрсөн үөрбүтэ-көппүтэ, кэпсэппитэ. Санаабар ол дьон миигин, «Денис кимниин сылдьар эбит?» диэбиттии, үөрэтэрдии көрөллөрө. Мин барыларыттан тэйэн, көмүөл мууһа устарын одуулуу турбутум. Сибиниэс өҥнөөх муус дьапталҕалара анньыһа-анньыһа иннилэрин хоту айанныыллара.

– Урут муус барарын көрбүтүҥ дуо? – Денис куолаһа кэннибиттэн иһиллибитэ.

– Суох, бу маҥнайгы көрүүм.

– Оттон мин сыл аайы кэриэтэ кэлэн көрөбүн.

– Хал буолбаккын дуо? Хас сыл аайы биир ини.

– Алҕаһыыгын. Сорох дьыл муус эрдэ барар, сорох дьыл хойутуур. Сорох дьыл ыксаабакка наҕыллык, сорох дьыл өрүһүспүттүү түргэнник. Хаһан да хатыламмат хартыына.

Көрбүтүм, киһим видеокамераҕа уста турар эбит.

– Сэттис сылбын камераҕа устабын, хаһан эрэ баҕар киинэ оҥоруом. Эн устан көрбөккүн дуо? Баҕар кимнээҕэр бэрт оператор эн сылдьарыҥ буолаарай?

Объектив нөҥүө тулалыыр эйгэ олох атыннык көстөрүттэн бэйэм да соһуйбутум. Уһун кыһыны быһа хабыр тымныыга хаайтаран сыппыт муус күн сылааһыттан хампы баран, ханнык эрэ хара күүстэн босхолонордуу тиэтэллээхтик устара. Биһиги олохпут эмиэ итини санатар: харса суох бэйэ-бэйэбитин үтүрүйсэ-үтүрүйсэбит ыксыыбыт. Ханна? Дьиҥинэн, бары да бүтэһик уһугар ханнык биэтэккэ тиийэрбит биллэрэ чуолкай.

Эмискэ кэннибэр Денис саҥата иһиллибитэ: «Аҕыйах хонугунан хойутаан кэлбиппит буоллар, тугу да көрүө суох эбиппит». Мин туох да диэн хардарбатаҕым. Эмискэ муус үрдүгэр соҕотох чыычаах олорорун көрбүтүм.

– Денис, муус үрдүгэр быыкаа чыычаах олорор, – диэт, камераны Дениска биэрбитим. – Уҥа диэки көр, уҥа диэки, – диэн ыйан биэрбитим. Денис чочумча көрө түһэн баран:

– Варя, чыычаах көттө, – диэт, камератын аллара түһэрбитэ.

– Арай ити мууска киһи олорор буоллун…

– Оччоҕуна эрэйдээх хайыай, мууһа ууллуор диэри устарыгар тиийэр.

– Айыы даҕаны!

– Ол эрээри мууска эн олороруҥ буоллар, мин быыһыам этэ, – Денис мичээрдээбитэ. Онно биирдэ киһим от күөх харахтардааҕын өйдөөн көрбүтүм. Дьэ, буолар да эбит.

– Хайдах?

– Вертолетунан тиийэн быа кирилиэс түһэриэм этэ, киинэҕэ курдук… – Денис бэйэтин тылларыттан бэйэтэ күлэн ылбыта. Мин сөбүлээбэтэхпин биллэрэн, киэр хайыспытым. Куруук итинникпин, эр дьон эйэргэһээри гыннахтарына быһа баттыыбын. Оонньоспотуннар хайаабатыннар! Баҕар ол иһин да буолуо, ким да миэхэ сыста сатаабат, эр да дьон акаары буолбатахтар ини.

Тоҕо эрэ эмискэ бу олох билбэт киһим аттыгар турарбыттан бэйэбин олус табыгаһа суохтук санаммытым уонна дьиэбэр төннө охсуохпун баҕарбытым. «Ычча» диэн саҥам «барарга уолдьаста» диэн тэҥэ иһиллибитэ. Денис сирэйиттэн-хараҕыттан кини соччо барыан баҕарбатын сэрэйбитим. Ол эрээри хайыай? Төттөрү айаннаатахпыт дии. Суолу быһа эр дьонтон наһаа да тэйбиппин диэн толкуйдуу испитим.

Хас да хонон баран, библиотекаҕа тиийбитим. «Саха Сирэ» хаһыат былырыыҥҥы сыллааҕы подшивкатын көрдөөбүтүм. Бу хаһыат күһүҥҥү нүөмэригэр Денис туһунан матырыйаал тахсыбыт үһү. Ону кини Табаҕаттан төннөн иһэн быктарбыта: «Суруналыыс боппуруостары биэрбитэ, онтон таһырдьа таһааран, ханнык эрэ «УАЗ»-ик аттыгар туруоран, хаартыскаҕа түһэрбитэ. Хаһыакка бэчээттээбиттэригэр бэйэм да соһуйбутум. Дьиҥинэн, мин саҕа чааһынай тэрилтэлэрдээх коммерсант уолаттар элбэхтэр ини. Ааҕан баран бэйэбин бэйэм билбэтэҕим. Олох патриот курдук суруйбут этэ. Онтон, дьиктитэ баар, кыһын Тааттаҕа этэ дуу билэр дьоммор сылдьыбыппар, «эн тускунан хаһыакка аахпыппыт» диэн кэпсээбиттэригэр, хаһыаты ааҕар дьон өссө да бааллар эбит дуу диэн хата соһуйбутум».

– Оттон эн аахпаккын дуо?

– Бириэмэ суох.

Балайда хасыһан баран, мин наадалаах нүөмэри булбутум. «Инникигэ эрэллээхтик» диэн ааттаах дьоҕус соҕус кээмэйдээх матырыйаал балаһа аллара өттүгэр бэчээттэммит этэ. Хаартыскаҕа «УАЗ»-ик аттыгар күлбүт-үөрбүт сирэйдээх эр киһи турар. Кэпсэтии ис хоһооно бу киһи үлэтин тула. Тыа хаһаайыстыбатын специалиһа, хас да сыл совхозка үлэлээн баран, ыһыллыы саҕаламмытыгар, кредит ылан, бэйэтин дьыалатын саҕалаабыт. Ыстатыйа «Денис Егоров билиҥҥи кэм түргэн тэтимигэр сөп түбэһэн, эрэллээхтик инники хардыылаан иһэр» диэн аҕыйах тылынан түмүктэммит. Мин испэр Де-нис тохтоло суох бөтө сылдьар төлөпүөнүн, көмүс тиистэрин, кэтит биһилэҕин, сыапачкатын санаан ылбытым уонна сонньуйбутум. Билиҥҥи кэм геройа ама кини үһү дуо?

Нэдиэлэ буолан баран Денис төлөпүөннээбитэ.

– Иркутскайтан эрийэбин, командировкаҕа сылдьабын. Баҕар нэдиэлэ бүтэһигэр төннүөм. Оччоҕо көрсүөхпүт?

Ити этиигэ мин «суох» диэхпин тылым тахсыбатаҕа, быһаарыыта суох «көрүллүө» диэбитим. Онуоха киһим дьикти баҕайытык күлэн ылбыта. Трубканы ууран баран, мин тоҕо эрэ сүргэм көтөҕүллүбүтүн өйдөөбүтүм.

Бээтинсэ күн этэ. Ыарахан үлэ нэдиэлэтэ бүтэн, дьиэбэр киирээт, туох эрэ ыарахан сүгэһэри санныбыттан киэр бырахпыт курдук санаммытым. Оо, өссө уоппускаҕа диэри хайдах эмэ тулуйбут киһи диэн санаа төбөбөр элэс гыммыта… Сылайбытым, сүрэҕэлдьээбитим, хал буолбутум оччо буоллаҕа. Эмискэ табахтыах санаам кэлбитэ. Итэҕэйиэххит суоҕа, Димуль барбытын кэннэ бастакы сигаретабын уоспар таҕайбытым уонна кылгас кэм иһигэр дьаарай табахсыкка кубулуйбутум. Киһи тосту туора уларыйара чахчы түргэн эбит!

Биирдэ, эмиэ бу курдук үлэбиттэн кэлээт, спагетти буһараары санаталаан иһэн, тоҕо эрэ сүрэҕэлдьээн эбитэ дуу, кухняҕа олорон эрэ айаҕым аһы-йыар, төбөм ыалдьыар диэри дэлби табахтаабытым. Пепельницам түргэн баҕайытык туолан барбыта, мин буоллар өһөспүттүү тарт да тарт. Ити олорон, эмискэ бэйэбин сиэркилэҕэ көрөргө дылы буолбутум. Арай куп-кубархай дьахтар, бэйэтин тула халыҥ буруоттан истиэнэ оҥостон баран, табахтаан бусхата олорор эбит. Саараама, ки-им да ити буруону арыйан, ити күрүө иһигэр баар дьахтар сирэйин өҥөйөн да көрүөн баҕарбата. Тугу гынаары? Ити санааттан мин абаккарбытым бэрдэ эбитэ дуу, ынырык түүлтэн босхолонон уһуктарга дылы гыммытым. Онтон ыла табахтыыр адьынаппын быраҕарга быһаарыммытым. Сорох дьон түргэнник быраҕаллар, оттон мин туспар ол уустук дьыала буолан биэрбитэ. Балайда өр тардыбакка сылдьан баран, эмискэ, туохтан эрэ санаам оонньоото да, сигаретабын айахпар уоппуппун бэйэм да билбэккэ хааларым.

Ити курдук «табах тардыбыт киһи-и» диэн эрэйдэнэ ахан сыттахпына төлөпүөн тыаһаабыта.

– Алло.

– Бу мин, – «мин» диэн Дима.

– Истэбин, – тоҕо эрэ кини эрийбититтэн уруккум курдук үөрбэтэҕим. Хайа муҥун, Диматтан олус сылайдаҕым, хал буоллаҕым дии. Бадаҕа, кини этигэр тымныы ньуосканы таҕайбыт кэриэтэ, куолаһым эйэҕэһэ суохтук иһиллибитэ.

– Тугу гынаҕын? – Дима бэрт сэниэлээхтик ыйыппыта. «Киинэҕэ барыахха» диэри гынара дуу?

– Сытабын, – ээл-дээл эппиэттээбитим.

– Кэлэ сылдьабын дуо? – «сытабын» диэн тылы Дима аһара да боростуойдук өйдөөбүтүттэн мин кыһыйбытым. Сытар – ол аата ыҥырар. Иллэрээ сыллааҕыта итинник ыйыппыта буоллар, мин туохпун барытын умнан туран «кэл» диэм этэ. Оттон билигин… билигин суох. Бириэмэ аастаҕын аайы туох барыта чахчы эргэрэр, сүтэр, симэлийэр, сылайар тустаах эбит. Ол тэҥэ Димаҕа тапталым сааскы күҥҥэ муус мүлүрүйэн уулларыныы бүтэн-уостан бардаҕа.

Эмискэ ааҥҥа звоноктаабыттара. Киһи соһуйуох ону, бэл диэтэр Дима чуор кулгааҕа истибитэ. «Ким эрэ эйиэхэ кэллэ дуо?» – диэн кини тута сураспыта.

– Ким эрэ кэллэ, – мин трубканы кулгаахпар таҕайбытынан, аан диэки барбытым.

– Кимий?

– Бэйэм да билбэппин, билигин көрүөм, – глазогунан көрбүтүм, – Дима, кэлин кэпсэтиэхпит, пока, – диэт, трубканы арааран кэбиспитим. Ааны аспытым боруокка Денис илэ бэйэтинэн турара. Эчи улаханын, эчи сэниэлээҕин, эчи атынын…

Дениһи көрөөт, тоҕо эрэ аҥаардас биэс эрэ мүнүүтэ анараа өттүгэр, табаҕа суох эрэйдэнэ сыппыппын таһыччы умнан кэбиспитим уонна долгуйаммын тугу саҥарыахпын тобулбатаҕым. Аҕыйах сөкүүндэ иһигэр араас санаа холорук курдук дууһабын үлтү ытыйан ааспыта. Ама итиччэ ахтыбыта буолуо дуо? Туохтан кини итинник үөрэрий? Мин курдук туох да кыраһыабайа суох, кырдьа баран эрэр дьахтары көрөн үөрэрэ саарбах диэн санааттан мин тута хаҕыс тириилэммитим.

– Туох эрэ наада баар дуо? – ыйытыым санаабыт санаабар дьүөрэлэһэрэ.

– Варя, төлөпүөннээн көрбүтүм да трубкаҕын олох ылбат этиҥ. Киэһэ ханна эрэ баран, бииргэ ужиннаабаппыт дуо?

– Ханна?

– Ресторанҥа.

Мин тугу хоруйдуохпун тобулбакка, саҥата суох турбутум. Онтон өй ылан:

– Суох, кыаллыбата буолуо, мин тоҕо эрэ төбөм олус күүскэ ыалдьар, – диэн куотуммутум.

– Биир бакаал кыһыл арыгыттан төбө ыарыыта суох буолар дииллэр…

– Мин рестораҥҥа кэтиэххэ сөптөөх таҥаһым да суох…

– О-оо, мин даҕаны бу хайдах турарбынан барар санаалаахпын, – Денис джинсылаах уонна клетка рубашкалаах.

– Мин эйигиттэн куттанабын, – диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла.

– Варя, мин эйигиттэн эмиэ куттанабын, – диэт, Денис миэхэ чугаһаабыта. – Мин эйигиттэн олус-олус куттанабын, ол иһин ыҥырабын. Икки чааһынан кэлиэм, баһаалыста түһээр дуу. Өскөтүн подъезкыттан тахсыбатаххына, мин тохтоло суох сигналлыам, – диэн сибигинэйбитэ. Денис ити тылларыттан уонна күөх сайыны санатар сырдык харахтара мин диэки олус эйэҕэстик, сылаастык көрбүттэриттэн туймаарарга дылы буолбутум.


«О…» диэн куорат кытыытыгар, бэс чагда быыһыгар турар рестораҥҥа тиийбиппит. Биллэн турар ис оҥоһуута бөрүкүтэ суох эрээри, дьоно аҕыйах этэ уонна киһи соһуйуоҕун курдук, аҥаардас орто саастаах пааралар эрэ олороллоро. Дьыаланы быһаарсар дьон мустубат сирдэрэ буоларын тута өйдөөбүтүм. Быһатын эттэххэ, орто саастаах дьон кэргэттэриттэн саһар уйалара. Ити санааттан хайдах эрэ кыбыста санаабытым. Ол эрээри хайыахпыный, боруогу атыллаан баран төттөрү күрүөм дуо? Олордохпут дии. Мин балык сакаастаабытым уонна оҕуруот аһыттан салаат, кини – эт уонна креветкалаах салаат. Арааһа минньигэһэ сүрдээх быһыылаах, Денис салаатын итинтэн ордук үчүгэй ас суоҕун курдук сиэн барбыта. Оттон мин оҕурсуну айахпар укпутум, сааскы оҕурсу сэрэйбит сэрэх, амтана, уута-сүмэһинэ бүппүт этэ. Официант: «Тугу иһэҕит?» – диэн ыйыппыта. Мин испэр: «Да-да, туохта эрэ түргэн соҕустук кутуҥ!» – диэхпин олус баҕарбытым да туттуммутум. Чөл турукпун сүтэриэхпин туох да иһин баҕарбатаҕым. Онон: «Миэхэ, баһаалыста, минеральнай уута», – диэбитим. Онуоха Денис: «Оттон ханнык арыгыны боруобалыыбытый?» – диэн ыйыппыта. Мин төбөбүн быһа илгистибитим да, киһим ону эрэ көрбөтөх курдук, официантан биир бытыылка французскай розовай винону аҕаларыгар көрдөспүтэ. Мин ыксаабыттыы: «Суох-суох, биир бытыылка аһара элбэх! Миэхэ биир да бакаал сөп буолуо, оттон эн массыынаны ыытаргын умнума эрэ», – саҥам букатын даҕаны дьаһайыы курдук иһиллибитэ. Денис мин диэки хайдах эрэ сонньуйбуттуу көрбүтэ, оннооҕор кыратык күлэн ылбыта быһыылааҕа, официаҥҥа кэҕис гыммыта. Хайдах эрэ кэпсэтии тахсан испэтэҕэ. Үлэм туһунан кэпсиэхпин, ама ол кинини интэриэһиргэтиэ дуо? Суох. Кини да дьарыга мин өйбүн-санаабын долгуппата. Сымыйанан ыйыталаһыахпын туттуммутум, албынныырбын оҕо эрдэхпиттэн абааһы көрөбүн. Саҥата суох музыканы истэ-истэ балыкпар баар уҥуохтары тэриэлкэ кытыытыгар хомуйа олорбутум. Биһиги таспытыгар олорор парочка, эчи эйэргэһэн түһэн, букатын саҥа тыллан эрэр ньургуһуннар курдуктар. Хаһааҥҥыттан билсэллэрэ буолуой диэн мин испэр таайа сатаабытым. Биир ый, икки, эбэтэр биэс сыл? Денистээх биһиги сыһыаммыт хаһан эмэ итинник буолуон сөп дуо? Ити санааттан бэйэм да соһуйбутум… уонна кыбыстыбытым. Ардыгар киһи санаата бырадьаага тэҥэ баһа баттаҕа суох барар идэлээх.

Официант уол подноска биһиги икки бакаалбытын туох эрэ күндү бэйэлээх чөмчүүк таас тэҥэ өрө көтөҕөн аҕалбыта.

Денис, мичээрдээт: «Эн тускар», – диэбитэ. Хабархай амтаннаах арыгы тугу эрэ санаппыта. Тугу? А-а, да, хаһан эрэ Дималыын билсиһэрбитигэр эмиэ рестораҥҥа барбыппыт. Биир бытыылканы хайдах испиппитин билбэккэ да хаалбыппыт, күлсэ-күлсэ киэһэни быһа арааһы барытын ырыппыппыт. Аан дойдуга биһигиттэн ураты бэйэ-бэйэлэригэр чугас дьон ол саҕана суохтарын тэҥэ этэ. Дьикти, ол барыта сарсыардааҥҥы туман курдук ыһыллыбыт…

– Хайа, төбөҥ ыалдьара ааста дуо? – Денис саҥата миигин олох атын эйгэҕэ төнүннэрбитэ.

– Төбөм? Ааспыт курдук.

– Чэ, оччоҕуна бэрт эбит, – мичээрдээбитигэр тиистэрэ кылабачыйа түспүттэрэ. Итинник тиистээх киһини кытта уураһар, фу, төһө эрэ дьаабы диэн испэр сиргэнэ санаабытым. Этэбин дии, ардыгар фантазиям күүһүрэр. «Тиискин уларытыаххын баҕарбаккын дуо?» – диэри гынан баран, нэһиилэ туттуммутум. Ол оннугар: «Денис, эн кэргэннээххин дуо?» – диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалбыта.

– Кэргэннээхпин, – ити эппиэт миигин хомоппута. Тоҕотун бэйэм да өйдөөбөтөҕүм, ол эрээри эмискэ туора дьон бырааһынньыгар кэлбит курдук санаммытым. Санаам кэбирэҕэ сүрдээх, дьиҥинэн, бу олоххо оччолооҕу истэн-көрөн кэллэҕим уонна биирдэ баран эттэххэ, бачча атаҕар турбут эр киһи соҕотох сылдьыбата чуолкай. Ону сэрэйиэх да баара. Эр дьон, уопсайынан, дьахтара суох өр кэмҥэ соҕотох сылдьар кыахтара суоҕа биллэр суол.

Чэ буоллун, джин бытыылкаттан мүччү ыытылыннаҕа. Онон салгыы «доппуруостаан» барбытым:

– Хас оҕолооххунуй?

– 8 саастаах уоллаахпын.

Биллэн турар, Денис кырылаан олорор кырдьыгы хайдах да кистиир кыаҕа суоҕа. «Кэргэниҥ хайа дойдунуй?», «Тугу үлэлиирий?» – ити курдук бииртэн биир акаары ыйытыылары биэртэлии олорбутум.

Денис туох да буолбатаҕын курдук, бэрт холкутук, хайдах баарынан хоруйдаан испитэ. Мин испэр кыйаханан барбытым: «Оччоҕуна, миигин тоҕо ыҥырдыҥ?» – диэри гынан баран, эмиэ нэһиилэ туттуммутум. Биллэр буоллаҕа дии, көссүү гыныан баҕарара! Ол эрээри тоҕо миигин? Мин кырдьан эрэбин, аны туран атын дьахталлар курдук эр киһини, саатар албыннаан да, үөрдэр-көтүтэр, саататар дьоҕурум төрүт суох, сүппүт.

Официант кэлэн: «Өссө туох эмэ наада дуо?» – диэн ыйыталаспыта. Мин төбөбүн быһа илгистибитим. Денис: «Чэйдэ», – диэбитэ.

– Үүттээх, саахардаах?

– Да, үүттээх, ол эрээри саахар оннугар мүөт аҕаларгыт буоллар.

Мин ол аата дьиэтигэр ойоҕо итинник эмиэ үүттээх уонна мүөттээх чэйи кутан биэрэр эбит дии санаатым. Атаах быһыылаах. Арааһа бэйэтэ да иһигэр миигин ресторанҥа ыҥырбытын кэмсиннэҕэ, «древнее ископаемое» диэн күлүү гына олороро буолуо.

– Оттон мин тус олоҕум туһунан тоҕо тугу да ыйыппаккын, интэриэһиргээбэккин дуо? – харса суохпар киирэн испитим.

– Баҕардаххына, баҕар хаһан эмэ бэйэҥ кэпсиэҥ. Оттон бүгүн аҥаардас эйигин көрөрбүттэн да үөрэбин, – диэн бэрт холкутук, лоп бааччы хоруйдаабыта. Ити олорон, эмискэ ис-испиттэн иэйэн-куойан туран ытыахпын баҕарбытым. Албыҥҥа итэҕэйэрим оччо эбитэ дуу? Эбэтэр кэлиҥҥи кэмҥэ мин санныбар түспүт туох баар санаабын, олоҕум кыһалҕатын ыарахан сүгэһэр оҥостон айаннаан иһэрбиттэн сылайбытым оччо эбитэ дуу? Ол эрээри билигин ытаатахпына, косметикам иэдэспэр хара бадьах буолан түһүө, тула олорор дьон миэхэ харахтарын хатыахтара уонна: «эрэйдээх, бүтэһик, арахсар түгэннэрэ быһыылаах. Ону тулуйбакка ытаахтыыр» диэн быһаарыахтара. Ытыыр хайдах да табыллыбат. Денис чэй иһэн бүтэрин нэһиилэ тулуйан кэтэһээт:

– Бардыбыт. Бириэмэ ыраатта, – диэбитим.

Массыынаҕа айаннаан иһэн, Денис Джо Дассены холбообута. Джо Дассен баара-суоҕа 40 сааһыгар өлбүтэ. Кини курус ырыалара мин санньыар турукпар оруобуна сөп түбэһэллэрэ, «бу олоххо араас барыта буолар, хомойума-хоргутума…» Мин санааларым, кынаттанан баран, бу массыынаттан мүччү тахсан кыырай халлааҥҥа миигин көтүтүөх курдуктара…

Массыына дьиэм таһыгар тохтообутугар биирдэ ити санааларбыттан босхоломмутум. Аҕыйах сөкүүндэҕэ уу чуумпу буола түспүтэ. Денис «киирэн, кофе испэппит дуо?» игин диэн акаары баҕайытык хата, дьолго, тылласпатаҕа. Ол оннугар, «махтанабын» диэт, соһуччу уураан ылбыта. Кини уоһун мин уоспар даҕайбытыгар, арыгы хабархай амтанын тэҥэ, муҥура суох таайтарыылаах, билбэт эйгэм миэхэ иҥэргэ дылы буолбута…

Эр дьону интуицията суох дииллэрэ сыыһа быһыылаах. Дима сэрэйбит курдук, үлэбэр тиийбиппэр, холлга олорор этэ. «Туох буоллаҕай?» диэн бастаан утаа соһуйбутум. Онуоха киһим саҥардыбакка да эрэ көхсүттэн сибэкки дьөрбөтүн ойутан таһааран, утары ууммута.

– Дима, мин төрөөбүт күнүм ааспыта быданнаата, өйдүүр инигин? – диэн эрэ хаалбытым.

– Өйдүүбүн-өйдүүбүн… Варя, мин эйигин сатаан умнуо суохпун…

– Мин эйиэхэ хайдах да көмөлөһөр кыаҕым суох. Бэйэҥ быһаарыммытыҥ дии… – дьон истибэтиннэр диэн, сибигинэйэ былаастаан эппитим.

– Варя, ол туһунан санатыма даҕаны, – Дима түннүккэ чугаһаан, уулуссаны одуулуу турбута. Онтон эмискэ эргиллэ биэрбитэ, – арай мин биирдэ эмэ эйиэхэ кэллэхпинэ хайдаҕый?

– Эн кэргэннээх киһигин, онон сатаммат.

– Эн биһикки биэс сылы быһа бииргэ олорбуппут, ханныгын да иһин аймахтыы буоллахпыт.

– Дима, эн бэйэҥ биһиги сыһыаммытын быспытыҥ…

– Мин эйигин ахтабын.

– Мин коллегаларым бука бары биһиги арахсыбыппытын бэркэ диэн билэллэр, онон эн манна өр турарыҥ табыгаһа суох.

– Биллиннэр! Кинилэр да робот курдук биир тэҥник олорботтор ини…

– Дима, эн үлэҕэр хойутаан эрэҕин, пока, – мин кабинетым диэки хардыы оҥорон истэхпинэ, кини миигин илиибиттэн хаба тардан ылбыта, – мин эйиэхэ син биир тиийиэм.

Мин тугу да хоруйдаабакка эрэ кабинеппар киирбитим. Компьютербын холбообокко толкуйдуу сатыы олорбутум. Ити аата хайдаҕый? Сир күнү тула эргиирин уларытта дуу, эбэтэр мин тус бэйэм төбөбөр сиэрэй веществом хамсыыра түргэтээтэ дуу? Өр кэмҥэ, бэл диэтэр, киһи тыынара да иһиллэр чуумпу кэнниттэн, эмискэ араас бэйэлээх тыас тоҕо кутулла түспүтүнүү, тулалыыр эйгэм уларыйбыкка дылы. Холобура, тоҕо соһуччу бары миэхэ харахтарын хатыыр буоллулар? Бэл диэтэр, хас да хонуктааҕыта начальнигым: «Варвара, эн… хайдах эрэ уларыйбыт курдуккун, тупсубуккун. Биричиинэтэ тугуй?» – диэн баран, үөннээх баҕайытык көрөн ылбыта.

Ол күн киэһэ, үлэм кэнниттэн дьиэбэр чугаһаан иһэн, Дима 92-с сыллаах хара өҥнөөх «Чайзера» подъезд таһыгар турарын көрбүтүм. Нүөмэриттэн тута билбитим. Бастаан утаа, атын сир диэки туора хаамаары гынан баран туттуммутум. Тоҕо мин куттаммыттыы чугуруйуох тустаахпыный? Дьиэлээх киһи дьиэбэр киириэхтээхпин. Ити курдук бөҕөх санаалаах, хаамыыбын өссө түргэтэтэн биэрбитим. Дима массыынатыгар табахтыы олороро, ол аата ньиэрбинэйдээбит. Ньиэрбинэйдээн көрдүн. Мин сымыйанан атын сир диэки көрө-көрө аттынан ааһан истэхпинэ, кини саҥата иһиллибитэ:

– Варя, хайа билбэтэх киһи курдук ааһа тураары гынаҕын дуо?

Мин соһуйбуттуу:

– Хайа, эн эбиккин дуу? – диэбитим.

– Тоҕо хойутаатыҥ? – диэн массыынатыттан тахсан иһэн ыйыппыта.

– Дима, эн миигин чахчы да соһутаҕын! Биһиги туспа-туора дьон буолбатахпыт дуо? Уонна биирдэ баран эттэххэ, мин эйигин ыҥырбатаҕым.

– Биһиги аймахтыыбыт, умуннуҥ дуо? Хаһан кэлэрим көҥүлүм.

– Алҕаһыыгын.

– Чэ-чэ, манна аахса туруохпут дуо, дьиэҕэ киириэххэ. Кэпсэтии баар.

– Дима, миэхэ ыалдьыттар бааллар, тыаттан хоноһолор кэлбиттэрэ, – диэт, кирилиэһинэн өрө тахсыбытым уонна подъезд аанын «лип» гына бырахпытым. Мин өһөспүн Дима бэри бэркэ билэр. Мээнэҕэ даҕаны гороскоппунан оҕус буолуом дуо? Квартирабар киирээт, түннүк сабыытын сэгэтэн Дима «Чайзера» олбуортан тахсан эрэрин көрбүтүм. Һуу, хата барда. Ол кэнниттэн душтаммытым. Телевизоры холбообутум, сериал кэлэ турара. Аччыктаабыппын өйдөөбүтүм. Спагетти буһарыахпын баҕарбатаҕым, бэҕэһээ эрэ сиэбитим. Пельменим бүппүт. Арай кефир турара. Ыскаабым полкатын хаспытым. Сэрэйбит сэрэх, биир да кэнсиэрбэ, чипсы, эриэхэ суоҕа, морозильнигы өҥөйбүтүм, салапааҥҥа дөөдөччү симиллибит французскай куурусса таһыгар крабовай палочка сытара. Хайыахпыный, кефири кытта буулка сиэбитим. Ити курдук аһаабыта буолбутум… уонна устунан утуйан хаалбытым…

Эмиэ ити түгэн. Дима 92-с сыллаах «Чайзера» мин подъеһым аттыгар турара. Дима массыынатыгар табахтыы олороро, кини кэтэҕин олоруутуттан ньиэрбинэйдээбитин сэрэйбитим. Ньиэрбинэйдээн көрдүн. Мин билбэтэх курдук туттан аттынан ааһан истэхпинэ, Дима саҥата иһиллибитэ:

– Варя, хайа билбэтэх киһи курдук ааһа тураары гынаҕын дуо?

Мин соһуйбуттуу:

– Хайа, эн эбиккин дуу? – диэбитим. Онуоха кини массыынатыттан тахсан иһэн:

– Тоҕо хойутаатыҥ, ханна сырыттыҥ? – диэн туоһуласпыта.

– Дима, эн миигин чахчы да соһутаҕын! Биһиги туспа-туора дьон буолбатахпыт дуо? Уонна биирдэ баран эттэххэ, мин эйигин ыҥырбатаҕым.

– Биһиги аймахтыыбыт, умуннуҥ дуо? Хаһан кэлэрим көҥүлүм.

– Алҕаһыыгын.

– Чэ-чэ, манна аахса туруохпут дуо, дьиэҕэ киириэххэ. Кэпсэтии баар.

Кини күлүүһэ суох, ол аата таах үүрүөххэ сөп… Ол эрээри баҕар кырдьык туох эрэ улахан наадалааҕа буолаарай? Кыратык олоро түһэн баран дьиэлиэ. Кини этэринии, ханныгын да иһин, биһиги «аймахтыы» дьон тэҥэ буоллахпыт. Биэс сыл бииргэ олорбуппутун тугунан да соппоккун.

Саҥата суох үһүс этээскэ тахсыбыппыт. Дима киирдэ киирээт, дьиэни сыныйан туран үөрэппитинэн барбыта, бэл диэтэр, сытырҕалыырга дылыта. Хаама сылдьан саҥа сувенирдары, хаартыскалары көрүтэлээбитэ, утуйар хоһу өҥөйөөт, соһуйан саҥа аллайбыта: «Хайа, Варя, испанскай ороммутун ханна гынныҥ?»

– Орону атыылаабытым. Эн эргэ таҥастаргын, малларгын таһырдьа бырахпытым.

– Саатар этиэххин, кэлэн наадалааҕын ылыам этэ буоллаҕа дии?

– Умуннуҥ дуо, аны хаһан да манна кэлиэм суоҕа диэбиттии, уот ыстанарын курдук түргэнник хомунан барбыккын?

– Кытаанаххын даҕаны! Чэ, былыргыны быһаарсан да диэн. Хата чэйдиэххэ.

Мин электрическэй чаанньыгы холбообутум, ыскааптан икки чааскыны орообутум. Аҕыйах мүнүүтэнэн чаанньык оргуйбутун биллэрэн, уоттан арахсан «тыш» гыммыта. Дима итии үүттээх чэйи ордорорун мин өссө да өйдүүр буоламмын, баҕатын хоту итии үүттээх чэйи куппутум, оттон бэйэбэр китайскай күөх чэйи. Утары олорон чэйдээн барбыппыт. Дима, чэйин үрэ-үрэ, миигин одуулаабыта, мин сирэйбэр сир шарын картата ойууламмытын курдук. Онтон эмискэ санаабыт санаатын «пал» гыннарбыта:

– Варя, куһаҕаннык утуйаҕын дуу, хайдах дуу?

– Суох, хата кимнээҕэр кытаанахтык утуйабын.

– Хайдах эрэ сылайбыт көрүҥнээххин. Ол иһин ити этэбин. Хараҕын анна оспоччу испит курдук.

– Оспоччу испит буолан! Эн анаан миигин тыытаары кэлбиккин быһыылаах. Бэйэҥ да дьүһүнүҥ холоон. Дөөдөллөн, уойбутуҥ сүрдээх! Ойоҕуҥ аһара аһатар быһыылаах. Дима, билэҕин дуо, киһи сааһырдаҕын аайы, аһыырын аччатыахтаах, – мин бэйэм оргуйан турбутум. Дима киһини кыынньыырын сатыыр даҕаны… Ол эрээри, ханныгын да иһин, бэйэни туттунуох баара. – Эбэтэр сексинэн аҕыйахтык дьарыктанаҕын дуу? Ха-ха-ха…

– Һы, сытыырхайбыккын дии! Эт эрэ, хата, ханна сырыттыҥ?

– Истиэххин баҕардаххына, мин киэһээҥҥи аһылыкпын номнуо аһаан кэллим. Онон топпун!

– Эт, кимниин, ханна ужиннаатыҥ? – киһим, иһиттэ эрэ истибэтэ, күүдэпчилэнэн турбута.

– Ол эн дьыалаҥ буолбатах.

– Алҕаһыыгын! Мин билиэх тустаахпын!

– Не смеши, дьиэҕэр бар!

– Барбаппын.

– Бар! – мин, кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, остуолтан ойон турбутум. Онуоха киһим, үөйбэтэх-ахтыбатах өттүбүттэн быһыыланан турбута: миигин икки илиитинэн харбаат, утуйар хос диэки соспута. «Мин эйигин таптыыбын» дии-дии дьаабыламмыта. Күүһэ сүрдээх, хоско анньаат, миигин биирдэ сиргэ суулларан түһэрбитэ. Өссө аҕылыырын быыһыгар, эн орону сыыһа атыылаабыккын диэн тылласпыта. Таҥаспын кум-хам тутан, хайыта сыһа-сыһа, күүһүнэн устубута. Хаһыытаабатын диэн уоспар табах амтаннаах уоһунан түспүтэ. Салгыы мин, хаһан бу иэдээн бүтэрин кэтэһэ, дьиэ үрдүн одуулуу сыппытым…

Бүтэр бүппүтүн кэннэ Дима, туох да буолбатаҕын курдук туттан, душка киирбитэ. Мин бырастыынабынан ыбылы сууланан, истиэнэ диэки эргиллэн сыппытым. Испэр тыһыынча үөн батары анньыллыбытын курдук этэ. Миэхэ чугаһаа эрэ, ити үөн хаатыттан дэлби барыах айылааҕа. Аҕыйах мүнүүтэнэн Дима душтан тахсыбыта уонна сиргэ ыһыллыбыт таҥастарын хомуйан, тиэтэйбэккэ эрэ таҥныбытынан барбыта. Суобаһа оонньообото чахчы. Ол эрээри кини бырастыы диирэ миэхэ да наадата суоҕа. Түргэнник бардын эрэ. Дьэ, кэмниэ кэнэҕэс Дима таҥнан, миэхэ төҥкөйбүтэ. Кини чугаһаабытыгар, мин өссө эбии кумуллан биэрбитим. Бырастыынаны арыйаат, киһим кэлэйбит куолаһынан саҥарбыта: «Варя, хата киһини күллэримэ. Кыыс оҕоҕо дылы, туох ааттаах эҥин араастаан туттаҕын. Биэс сылы быһа бииргэ олорбуппутун умуннуҥ дуо?» Ити тыллары истээт, арааһа бу киһийдээн санаатаҕын аайы манна кэлээри гынар быһыылаах диэн санаа миэхэ көтөн түспүтэ. Күлүүс! Күлүүс ааҥҥа анньыллан турар! Бу акаары! Мин ойон турбутум да, аан диэки ыстаммытым уонна күлүүс тылын уйатыттан туура тардан ылбытым. Дима итини көрөн, күлэн алларастаабыта. Эбиитин, хаадьылаан дуу, эбэтэр дьиҥнээхтих эбитэ дуу, күлүүһү былдьаспыта буолбута. Эмиэ хадьыктаһан барбыппыт. Мин аҥаар илиибинэн полкаҕа турар туох эрэ ыйааһыннаах сувениры ылаат, хаһыытаабытым: «Чугаһыаҥ да саайыам!» Дима мин диэки ыйа-ыйа кыһыылаах баҕайытык алларастаабыта: «Оой-ой, Варюха, хата ужас киинэтин санаттыҥ дии!»

– Бар!!! Билигин милицияны ыҥырыам! – диэн онуоха мин сарылаабытым.

– Бардыым-бардым, спасибо дорогая за все… – диэн эҕэлээх баҕайытык саҥараат, тахсан барбыта. Мин ааны түргэн үлүгэрдик хатаабытым. Эмискэ хараҕым сиэркилэҕэ хатаммыта: мин утары чахчы ужас киинэтин персонаһа илэ бэйэтинэн турара. Бырастыынам сиргэ түһүөхчэ намылыйбыт, баттаҕым арбаллан, тыалга ыһыллыбыт бугулу санатар, оттон харахтарым электрическэй лаампалары холбообуттарын тэҥэ дьэргэччи умайаллар, эбиитин илиибэр тугу эрэ бобуччу туппут этим. Көрбүтүм хаһан эрэ Дима Америкаттан аҕалбыт сувенира. Статуя Свободы. Хайдах баччааҥҥа диэри быраҕыллыбатаҕай? Бөх кутар биэдэрэҕэ сувениры тута кыыраппытым уонна тарбаҕым иминэн истиэнэҕэ ыйанан турар иһит ыскаабын үрдүгэр кистээбит табахпын булбутум. «Парламент лайт». Бэрт даҕаны, табах хаалларбытым… Саҥа паачыкаттан биир сигаретаны ойутан таһаарбытым уонна сиргэ олорон эрэ буруо таһааран барбытым…

…Уһуктан кэлбитим, түүн ортото этэ. Бастаан утаа мин өйдөөбөтөҕүм: түүл дуу, илэ дуу. Уу чуумпуну иһиллиирдии, балайда өр сыппытым. Сыыйа-баайа дьэ дьиҥнээх олоххо төннүбүтүм: таһырдьа ыт үрэн баргыйара, подъезд тимир аана дөрүҥ-дөрүҥ тыаһыыра, үөһэ турбанан водопровод уута кутуллара иһиллэрэ. Туран полкаҕа чугаһаабытым. Статуя Свободы – хаһан эрэ Дима Америкаттан аҕалбыт сувенира. Хайдах баччааҥҥа диэри быраҕыллыбатаҕай? Бөх кутар биэдэрэҕэ сувениры тута кыыраппытым уонна тарбаҕым иминэн истиэнэҕэ ыйанан турар иһит ыскаабын үрдүгэр кистээбит табахпын булбутум. «Парламент лайт». Бэрт даҕаны, табах хаалларбытым… Саҥа паачыкаттан биир сигаретаны ойутан таһаарбытым уонна сиргэ олорон эрэ буруо таһааран барбытым…

Сарсыарда. Звонок.

– Алло, – трубкаҕа Дима саҥата иһиллибитэ. Хаһан эрэ мин ити куолаһы наһаа да сөбүлүүрүм. Тоҕо диэтэргит ити куолас мин сөбүлүүр артиһым Аль Пачино куолаһын санатара. Биир өттүнэн хайдах эрэ сэниэтэ суох курдук, ол эрээри олус таайтарыылаах. Биллэн турар, Дима мин түүлүм туһунан сэрэйэн да көрбөтө чуолкай. Итии кофетын ыймахтыы-ыймахтыы эрийдэҕэ. Үлэтиттэн. Люськата утуйа сыттаҕа.

Мин трубканы уурбутум. Бэҕэһээҥҥи түүлүм мин дууһабын аймаан, өссө да илэ курдуга.

Хас да хонон баран, Денис эрийбитэ.

– Алло, – диэбитэ.

– Эн миэхэ аны эрийимэ, – трубканы талыр гына бырахпытым. Ким да миэхэ наадата суох…

Биир ый кэриҥэ буолан баран, Денис эмиэ эрийбитэ.

– Алло, трубканы баһаалыста уурума, – диэбитэ кини көрдөһөрдүү.

Мин кини тылын истибитим, трубканы уурбатаҕым…

Эмиэ били «О…» рестораммытыгар тиийбиппит. Публика уруккуттан уларыйбатаҕын тэҥэ этэ. Саас ортолоох эбэтэр кырдьа барбыт парочкалар бэйэ-бэйэлэриттэн манньыйа аҕай олороллоро. Саалга киирбиппитигэр биһиэхэ эрэ наадыйбатахтара. Кинилэргэ бэриллибит күүтүүлээх күндү күннэриттэн биир да түгэни мүччү ыһыктыбат, сүтэрбэт кэриҥнээхтэрэ. Мин кинилэри сүөргүлүү санаабатаҕым. Манна диэн эттэххэ, күн сиригэр киһи дьиҥнээхтик дьоллоох буолар түгэнэ бэрт аҕыйах.

Бу сырыыга биһиги Денистиин ө-өр баҕайы көрсүспэккэ буолан баран, дьэ, кэмниэ-кэнэҕэс булсубут дьон тэҥэ ирэ-хоро кэпсэтэн барбыппыт. Киһи кэпсэтиэн баҕардаҕына аһыллар да эбит! Өр кэмҥэ саҥата суох, бэйэбэр бэйэм бүүрүктэнэн сылдьыбыт буоламмын эбитэ дуу, ол киэһэни быһа тохтоло суох саҥарбытым, күлбүтүм-салбытым. Аттыбар наһаа чугас, истиҥ табаарыһым, миигин өйдүүр киһи олорорун тэҥэ Денискэ сыһыаннаспытым.

Ресторан кэнниттэн, айаннаан иһэн Далида ырыаларын истибиппит. Оо, хайдах курдук кини долгутуулаах куоластааҕый, аҥаардас ыллыыр эрэ буолбакка, бу орто дойдуга баар күүстээх иэйиилэри кэпсиир курдуга. Далида, Далида… Уот араҕас хойуу баттахтаах олус кыраһыабай дьахтар. Туора дьон ымсыырыан курдук. Кини олоҕор сирдээҕи баай барыта баара: талааныгар сүгүрүйэр тыһыынчанан дьон, талаан… Тоҕо Далида бэйэтигэр тиийинэн өлбүтэ буолуой? Мөлүйүөнүнэн ахсааннаах боростуой дьон, күннээҕи кыһалҕаҕа эриллэн, сиэрэй маассаҕа кубулуйаллар, бэйэлэрин сирдээҕи үйэлэрин итинник моҥууллар, оттон аҕыйах ахсааннаах сулустар, улуу дьон, халлааҥҥа кылам гына умайан баран, тугу эрэ тулуйбакка, түргэнник симэлийэн хаалаллар, олох эргиириттэн баҕа өттүлэринэн туорууллар…

– Денис, эн урукку французскай эстраданы сөбүлүүр эбиккин дуу? – диэн ыйыппытым.

– Сөпкө бэлиэтээтиҥ. Французтар ырыалара романтичнай, киһи дууһатын таарыйар. Бу курдук киэһэ айаннаан иһэн истэргэ олус үчүгэй, – диэн хоруйдаабыта. Денис массыыната дьиэм таһыгар тохтообута. Далида «Salma ya Salama» диэн ырыата динамиктан кутуллара. Денис миигин уоспуттан уураан ылбыта. Ити түгэҥҥэ тоҕо эрэ мин кини көмүс фиксаларын туһунан санаан да аһарбатаҕым. Salma ya Salama…

– Мин пластинкаларбын истиэххин баҕараҕын дуо? – диэбитэ.

20-с үйэ бүтэһигэр, виниловай пластинка үйэтин моҥообут кэмигэр, итинник тыллары истэр дьикти этэ. Биллэн турар сонун.

Денис миигин үлэлиир офиһыгар аҕалбыта. Дьоҕус кабинет, иһинээҕи тэрилэ бэрт кэмчи. Остуол, эргийэр кириэһилэ, утары олоппостор, истиэнэҕэ сир шарын картата, халандаар, түннүктэргэ сабыылаах жалюзи. Кабинет иһэ борук-сорук этэ. Ханнык да Штыров, Путин да хаартыскалара суохтара. Арай муннукка «Вега» диэн икки колонкалардаах стереопроигрыватель турара. Денис полкаттан биир пластинканы ороон таһаарбыта уонна сэрэнэн холбообута. Поль Мориа оркестра оонньоон барбыта.

– Тугу эмэ иһэҕин дуо? – диэт, Денис кыракый холодильниктан шампанскай таһаарбыта. Мин суох диэм иннинэ, Денис фужердарга кыынньа сылдьар утаҕы кутуталаабыта.

– Эн тускар, – диэбитэ.

– Эн тускар, – мин ой дуораана буолан хатылаабытым.

– Бу мелодия «Любовь синего цвета» диэн ааттаах, – биһиги Денистиин оргууй аҕай үҥкүүлээн барбыппыт. Музыка тыыннаах курдуга. Любовь синего цвета… Уостарбыт бэйэ-бэйэлэрин иҥсэлээхтик булсубуттара. Денис, миигин кууспутунан, остуолга сытар хаһыаттары сиргэ тарҕата бырахпыта. Биһиги ол үрдүгэр биирдэ баар буола түспүппүт. Кини тэрэгэр эмиийдэрбиттэн саҕалаан, атахтарым тыҥырахтарыгар тиийэ өөр да өр уураабыта. Мин кыбыстарбын да умнан, ити уохтаах таптал уйдараҥар бүүс-бүтүннүү ылларбытым. Онтон кини итии, кытаанах этэ оргууй аҕай миэхэ киирбитэ. Ыксаабакка, хамсанан барбыта, онтон түргэнник, эмиэ бытааннык… Мин ис-испиттэн хатаннык хаһыытаабыппын бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Санаабар, «Варя» диэн планета тыһыынча бытархайдарга ыһыллыбыкка дылыта. Иккиэн бүтэн, өөр-өр таалан сыппыппыт. Пластинка тохтообутугар, биирдэ олоххо төннүбүккэ дылы буолбуппут. Денис туран эргиппитэ. Намыын музыка кабинет иһигэр эмиэ кутулла түспүтэ.

– Онтон бу мелодия аата «За любовью», – диэбитэ. Биһиги таптал кутаатыгар иккиһин түспүппүт…

Таҥнан тахсаары туран, Денис муостаттан кумаламмыт хаһыаттары хомуйан урнаҕа бырахпыта. Мин кабинеты эргитэ көрбүтүм, аны манна кэлиэм дуо? Саарбах. Тоҕо эрэ Денистиин хас биирдии көрсүһүүбүт, таҥара бэлэҕин тэҥэ, хатыламматын туһунан санаа миигиттэн арахпата…

Сайын бүтэн, күһүн кэлбитэ. Күһүн мин кырдьыбыт курдук сананабын. Оннооҕор биэс саастаахпар итинник санаа баара. Тула өттүм уу чуум-пуга кубулуйара, атаҕым анныгар сэбирдэхтэр олох хаһан эрэ бүтэр уһуктааҕын сибигинэйэрдии хачыгырыыллара. Түҥ балай хараҥаҕа киһи киирдэҕинэ, тоҕо эрэ хараҕын быһа симэр идэлээх. Ол тэҥэ мин күһүнүн хаҕым эрэ хааларга дылыта, олохтон бэйэбин баҕа өттүбүнэн «арааран» кэбиһэрим. Денис мин ыарыым буолбута. Кини «алло» диэтэр эрэ, мин туохпун барытын быраҕан туран сүүрэрим. Арааһа дьиҥнээх олоххо кини эрэ миигин төнүннэрэрэ. Ол эрээри хаһан да бэйэм бастакынан киниэхэ эрийбэтим, оннооҕор төлөпүөнүн нүөмэрин ыйыппатым. Тоҕо? Мин киниэхэ маҥнайгынан эрийэр кыаҕым суоҕа. Арай трубканы кэргэнэ ыллын? Оччоҕуна туох диибиний? Машаны трубкаҕа ыҥырыҥ диибин дуо? Суох-суох, мин итинник балаһыанньаҕа киириэхпин туох да иһин баҕарбатым. Ол иһин күүтэргэ эрэ тиийэрим. Күнүһүн үлэлиирим, сулууспалаах дьахтарга кубулуйарым. Оттон киэһэтин эротическай ис хоһоонноох киинэлэри холбуурум уонна Дениһи, кинилиин сылдьыбыт түгэннэрбин саныы-саныы, бэйэбин бэйэм таптыырым…

Түмүгэр кимниин да бодоруспат буолбутум. Бэл Аринам кэллэҕинэ, кылгастык кэпсэтэ түһэн баран, араас биричиинэнэн дьиэтигэр ыытарым. Биллэн турар, кини тута сэрэйбитэ: «Табаарыстаммыккын быһыылаах, кэпсээбэккин даҕаны», – диэбитэ. Мин киниэхэ арыллыбатаҕым. Сүрэҕим кистэлэҥэ сэттэ күлүүһүнэн хатана сылдьара, туора киһи, төһө да дьүөгэ буоллун, онно киирэр ханнык да бырааба суоҕа.

Күһүн-кыһын… Бириэмэни да билбэт буолбутум, тоҥнохпуна таҥаспын эрэ уларыттарым. Урукку курдук, бүгүн күн-дьыл хайдаҕый диэн халлаан уларыйыытын кэтиир миэхэ төрүт да наадата суох буолбута. Мин күнүм-дьылым испэр баара, мин ону чопчу билэрим.

Саҥа дьыл тигинээн кэлбитэ. Мин ээл-дээл биир корпоративнай вечеринкаҕа сылдьыбытым, ону даҕаны аҥаарыттан күрээбитим. Арина Ороһуоспа кэмигэр Кытайга сынньана барар, сыаната улаханнык түспүт путевканы бэлэхтээри гыммытын, мин кыккыраччы аккаастаммытым.

– Суох-суох, улахан баһыыба, ол эрээри мин ханна да барыахпын баҕарбаппын.

– Уон күнү быһа оччоҕо тугу гынаҕын? – Арина кыараҕас харахтарынан миигин сөбүлээбэтэхтии одуулаабыта.

– Сытыам, сынньаныам.

– «Сытыам, сынньаныам», – дьүөгэм миигин эҕэлээх баҕайытык үтүктүбүтэ.

– Кыыһырымаарыый…

Саҥа дьыл түүнүн соҕотоҕун көрсүбүтүм. Кремлевскай курааннар өссө биир саҥа дьыл үүммүтүн биллэрэн лаҥкынаабыттарыгар, мин мууска турар шампанскайбын аспытым, утаппыт киһилии биир толору бакаалы иһэн кэбиспитим, онтон остолобуой ньуосканан «оливье» салааты баһа-баһа сиэбитим, бэркэ кыһаллан оҥорбут бүлүүдэлэрбин барытын алдьаппытым. Мин тапталым дьиҥнээх ыарыыга кубулуйбута, ол эрээри ити ыарыыттан ама эмп баар үһү дуо? Биир өттүнэн мин ити ыарыыттан босхолонуохпун олох да баҕарбат этим. «Буоллун» дии-диибин иккис салааппар түспүтүм. Салгыы аһыыр кыаҕа суох «Голубой огонегу» көрө сыппытым. Бииртэн биир, бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаһар ырыаһыттар мускулла-мускулла ыллаа да ыллаа. Ити курдук сытан, телевизорбын да араарбакка, утуйан хаалбытым…

Звоноктан уһуктубутум. Ааҥҥа звоноктууллара. Мин ыт оҕотун курдук аан диэки сүүрбүтүм.

Денис миигин көрөн соһуйбута:

– Түүнү быһа бачча айылаах тугу гынныҥ? – диэбитэ. Мин бэйэбин сиэркилэҕэ көрүнээт, кыбыстыбытым: бүрүчүөскэм ыһыллыбыт, косметикам ньаҕайдаммыт, былааччыйам кумаламмыт, эбиитин сыыһа сыппыппыттан сирэйбэр сурааһын хаалбыт. «Уой!» диэт, мин тута ваннаҕа ойбутум уонна итии уу анныгар турбутум. Аҕыйах сөкүүндэнэн көхсүбүттэн Денис күүстээх илиилэрэ миигин ыбылы кууспуттара…

Арааһа ити түгэнтэн ыла мин Денистэн сыыйа-баайа тэйэн барбытым. Биллэн турар, кинилиин сыһыаммыт хаһан эрэ тыа суола быстарыныы бүтүөхтээҕин билэр этим, ол эрээри барыта итинник соһуччу буолуо диэн сэрэйэн да көрбөтүм. Быһатын эттэххэ, мин уу мээрик буолбутум. Сарсыарда нэһиилэ хойутуу сыһа-сыһа үлэбэр тиийэрим, оттон киэһэтин дьиэбэр эргиллээт, чэйдээбитэ буолан баран, ороммор сууллан түһэрим. Өрөбүл күннэргэ дьэ, төһө баҕарар утуйарым. Бэл диэтэр, сороҕор төлөпүөн тыаһын истибэт буолбутум, эбэтэр мэһэйдээбэтиннэр диэммин арааран кэбиһэрим. Бэрт соторутааҥҥыга диэри умайа сылдьыбыт тапталым испэр иһийбиккэ дылыта…

Биэс уонуттан тахсыбыт гинеколог дьахтар көрөн баран: «Чэ, хайыыгын?» – диэн ыйыппытыгар мин, бастаан утаа өйдөөбөккө, чочумча саҥата суох олорбутум. Онуоха кини ньиэрбинэйдээбит курдук: «Оттон төрүүгүн дуу, суох дуу?» – диэбитигэр, ыксаабыттыы: «Төрүүбүн!» – диэн хоруйдаабытым.

Таһырдьа тахсыбытым, барыта уруккутунан этэ. Дьиэлэр, дьон, массыыналар – туох да уларыйбатах. Арай мин тус бэйэбэр саспыт кистэлэҥмин кимиэхэ да арыйбакка, таһынан дьалкыппакка хааман испитим…

Денис кэллэҕинэ кэпсиэм дии санаабытым. Оҕо туһугар мин киниттэн араспаанньа да, харчы да көрдүүр санаам суоҕа. Биллин эрэ. Онтон ордук туох да наадата суох.

Денис биир киэһэ кэлбитэ. Кыһыл өҥнөөх кууркатын ыйаабыта, атаҕын таҥаһын устубута уонна «хайа, чыычаах, дорообо» диэбитинэн миэхэ чугаһаабыта. Уруккута эбитэ буоллар, мин кини моонньутугар ыйаныам этэ. Оттон ол сырыыга көннөрү «чэй иһэҕин дуо?» диэн куотуммутум. Денис иһигэр туох буоллаҕай диэн соһуйбута буолуо эрээри, таһыгар биллэрбэтэҕэ. Олоппоско саҥата суох миигин көрө олорбута. «Билигин таайыа» диэн испэр кэтэспитим да таайбатаҕа. Хантан таайыай, тас көрүҥмэр туох да уларыйыы суола өссө көстө илигэ.

Арай көрдөхпүнэ, лаампа уота сыыһа тыгарыттан эбитэ дуу, кини сылайбыт көрүҥнээҕэ.

– Үлэҕэр туох сонун баарый, барыта этэҥҥэ дуо? – диэн ыйыппытым.

– Үлэбэр – араас. Хайдах эрэ кэлин барыта күөрэ-лаҥкы курдук.

– Ол аата хайдах?

– Э-ээ, оттон тэрилтэбитигэр бииртэн биир моһол тахсан иһэр.

– Туох моһоло?

– Туох? Гараж умайда, биир үлэһиппит улахан аварияҕа түбэстэ, биир объекпытын халаатылар. Этэргэ дылы ууга-уокка киирэн биэрдибит.

– Чахчы моһуок эбит.

– Этимэ даҕаны.

– Эн санааҕар ити туох эрэ сэрэтии курдук буолбатах дуо?

– Ол аата хайдах?

– Оттон этээччилэр дии, туох эрэ быһылаан кэнниттэн киһи булгуччу толкуйданыахтаах, ыраастаныахтаах, мээнэҕэ туох да буолбат диэн.

Денис чочумча саҥата суох олоро түһэн баран эппитэ:

– Варя, эйиэхэ ити туһунан сыыһа кэпсээтим быһыылаах. Биирдэ баран эттэххэ, кыһалҕата суох киһи диэн суоҕа биллэр. Бырастыы гын. Ол эрээри эн биири өйдөө, мин эйигин ханна да сырыттарбын, туохха да түбэстэрбин мэлдьи саныыбын уонна онтон чэпчиибин. Ардыгар, бэл диэтэр, соһуйабын ээ, тоҕо итиннигий диэн? Эн наһаа үчүгэйгин, Варя.

Кини тахсаары аан аттыгар турдаҕына: «Денис, бэйэҕин харыстан», – диэбитим. Онуоха кини: «Эн эмиэ», – диэн хоруйдаабыта. Күөх харахтар, истиҥ мичээр… Мин тоҕо эрэ Денискэ ис дууһабыттан махтаныахпын баҕарбытым. Аан сабыллыбытын кэннэ «аныгыскы сырыыга кэпсиэм» дии санаабытым.

Ити кэнниттэн, уонча хонук буолан баран, Арина төлөпүөннээбитэ. Санаарҕаабыт куоластааҕа.

Ааспыт ааспат амтана

Подняться наверх