Атыыһыт Кырбаһааҥкын

Атыыһыт Кырбаһааҥкын
Автор книги: id книги: 2890305     Оценка: 0.0     Голосов: 0     Отзывы, комментарии: 0 300 руб.     (2,78$) Читать книгу Купить и скачать книгу Электронная книга Жанр: Правообладатель и/или издательство: Айар Дата добавления в каталог КнигаЛит: ISBN: 978-5-7696-6122-8 Скачать фрагмент в формате   fb2   fb2.zip Возрастное ограничение: 0+ Оглавление Отрывок из книги

Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.

Описание книги

Киһи аата мээнэҕэ үйэлэргэ уостан түспэт номох буолан хаалбат эбээт. Тыйыс Өймөкөөн аатырбыт атыыһыта Ньукулай Кырбаһааҥкын туох өҥөтүн иһин күн бүгүҥҥэ тиийэ дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэрий? Туох санааттан кини үтүмэн киһи олоҕор үтүө аанньал буолан Саха сирэ сайдарыгар дьоһун ыччат үөрэнэн-иитиллэн тахсыбыттарыгар төһүү күүс буолбута буолуой? Оттон кини, аарыма кырдьаҕас буолан баран, анараа дойдуга аттаныыта кытары үгүс үһүйээни үөскэппит. Бу уус-уран айымньы олох чахчыларыгар олоҕурбутун ааһан, хоту дойду кэрэхсэбиллээх номохторунан, үһүйээннэринэн сиэдэрэйдик тупсарыллыбыта ааҕааччы киэҥ араҥатын болҕомтотун тардар. Имя человека остается в вечной памяти не просто так. Чем же известный купец из сурового Оймяконья Николай Кривошапкин снискал себе славу в веках? Какая мысль, высокая идея двигала им в его настойчивой помощи в обучении и воспитании молодого поколения, которые сыграли самые яркие роли в судьбе Якутии? Даже смерть его, уже глубокого старика, вызвала множество слухов и предположений… В этом художественном произведении читатель узнает не только историческую правду, но и познакомится с красивыми преданиями и таинственными легендами северного края, изящно вплетенными в ткань повествования.

Оглавление

Группа авторов. Атыыһыт Кырбаһааҥкын

Киириитэ

Бордуулаахтан сыдьааннанан

Кыһалҕа кыһарыйан, эрэй эҥээрдэһэн…

Охуотскайга сындалҕаннаах айан

Үтүө Даарыйа күүлэйэ

ӨймӨкөөҥҥө үрүҥ тунах ыһыах

Тарыҥ үрэххэ чочуобуна

Отрывок из книги

Ааспыт кэм үрдүк мындааларыгар, уһун үйэлэр кыраман улаҕаларыгар хоту Өймөкөөн сиригэр-уотугар сахалар хаһан, хайдах кэлэн олохсуйбуттара таайыллыбатах таабырын, кистэлэҥнээх кэпсээн буолан тарҕаммыт. Арай былыргыттан олохсуйан сылдьар аҕа уустарын ааттара-суоллара хантан эрэ соҕурууттан силистээхтэрин-мутуктаахтарын туоһулуур. Балайда тэнийбит үһүйээннэр бигэргэтэллэринэн, сорох биис уустар ыраахтааҕы сылтан сыл ыараан иһэр түһээниттэн куотан, тэскилээн, бу дойдуну булбут курдуктар, олор Бороҕон, Хаҥалас аҕаларын уустарыттан сыдьааннаахтара кинилэр ааттарыттан-суолларыттан, дьүһүннэриттэн-бодолоруттан биллэргэ дылы. Манна үксэ Кырбаһааҥкыннар, Хотуоһаптар, Мөлөкүүрэптэр, Сиипсэптэр, Байаараптар, Луукапсаптар, Дьэкиимэптэр, Буурсаптар, Скырыбыыкыннар, Саабылыскайдар диэн ааттаах-суоллаах дьон кэлэн олохсуйбуттар. Сирдэрин-уоттарын ааттара да ону да кэрэһилииллэр: Томтор, Аартык, Төрүт, Орто Балаҕан, Биэрэк Үрдэ, СордоІноох, Хара Тумул, Икки Ампаар, Үчүгэй, Хоноҕор, Кураанах Салаа, Алыһардаах, Тарыҥ Үрэх… Кинилэр бары тус-туһунан устуоруйалаахтар, онтон биһиги Тарыҥ Үрэх дьоно маҥнай кэлиилэрин үһүйээннэртэн сэгэтэн билиэхпит. Тарыҥ Үрэх сиригэр-уотугар аатырбыт атыыһыт, баай Ньукулай Кырбаһааҥкын күн сирин көрбүтэ, онтон силис тардан олохсуйан, сириэдийэн тахсыбыт, ону үһүйээҥҥэ кэпсэнэр сэһэннэртэн билсиэҕиҥ. Аан бастаан Өймөкөөҥҥө хантан эрэ удаҕан эмээхсин оҕонньорунуун, салаасканан сүгэһэрдэнэн кэлэн иһэн быстаран хаалбыттар. Эмээхсинэ салааска курдук оҥорбут уонна оҕонньорун суулаан баран: «Адьаһын, букатын көрүмэ», – диэбит. Дьэ онтон айаҥҥа турбуттар, туох да күлүмэх айан буолбут, көтөн эрэр курдук үһү, оҕонньор тулуйбатах, кистээн көрбүт. Ол көрбүтэ эмээхсинэ сур бөрө буолан салааскатын быатын кэтэн, көтөн ахан иһэр үһү. Бу дойдуга күүскэ сүүрүүнү «көтөр» дииллэр. Онно буоллаҕына эмээхсин соҕотохто айанын тохтоппут, онтон оҕонньоро эмискэ көрбөт буолан хаалбыт. Айанньыттар ити сиргэ хаалан олохсуйбуттар уонна хайалартан биирдэстэрин Оҕонньор Хайата, биирдэстэрин Эмээхсин Хайата диэн ааттаабыттар. Кинилэр уҥуохтара ханан кистэнэн сытара биллибэт. Ити оҕонньордоох эмээхсин Кырбаһааҥкыннар төрдүлэрэ дииллэр.

Аны Тарыҥ µрдүгэр, адьаһын ойуур тыа ортотугар, Удаҕан Уҥуоҕа диэн биир таабырыннаах дьикти сир баар. Ол сири олохтоохтор өрүү тумналлар. Дьикти сир туһунан маннык үһүйээн баар. Кырбаһааҥкын аймахтан киһи өлөөрү гыннаҕына, Удаҕан Уҥуоҕар дүҥүр тыаһа иһиллэр дииллэр. Кырдьаҕас сытар сирэ тумустаан киирэр, ол тумуска киһи уҥуоҕа элбэх. Аны кини буоллаҕына киһи уҥуоҕуттан ойуччу, тыа иһигэр баар, ол аата балайда тэйиччи кистээбиттэр. Онно Сүөгэй Кэрэх диэн сир баар. Былыргы сахалар көһөн кэлэн өрүс сүнньүгэр сытар сирдэринэн сүөһүлэнэн, сылгыланан оттоох ходуһалары, мэччирэҥнээх сыһыылары батан олохсуйбуттар. Онно да сөптөөх кээмэйинэн ыал ыалтан хас да биэрэстэнэн тэйиччи түһүтэлээбиттэр. Үксүн аттарын миинэн, малларын ыҥыырдаан, ынах сүөһүлэрин үүрэн ааһаллара үһү. Өрүс нөҥүө үчүгэй үүнүүлээх, бултаах сири-уоту буллахтарына, болуот охсон өрүһү туорууллара. Сорох астарын-таҥастарын атыыһыттан кэлэ-бара хааччыналлара. Дьэ маннык сиргэ-уокка Кырбаһааҥкыннар былыр-былыргыттан кэлэн олохсуйан, ууһаан-тэнийэн барбыттар.

.....

– Онно кытаатан маска, тааска тэптэрбэтэх киһи. Дьон айан аартыгынан өрүү сылдьыбат буолан суолга мас туора түһэрэ, таас саккыраан бүөлүүрэ баар суол.

– Төһөнөн тиийэрбит буолуой Охуотскайга?

.....

Добавление нового отзыва

Комментарий Поле, отмеченное звёздочкой  — обязательно к заполнению

Отзывы и комментарии читателей

Нет рецензий. Будьте первым, кто напишет рецензию на книгу Атыыһыт Кырбаһааҥкын
Подняться наверх