Күннэй кистэлэҥ олоҕо
Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.
Оглавление
Любовь Васильева. Күннэй кистэлэҥ олоҕо
Кистэлэҥ күүстээх Күннэй
КҮНДҮ КӨМҮС ЧЫЫЧААҔЫМ – КҮННЭЙИМ
Айылҕаттан айдарыылаах кыыс дьикти күүһэ
Мой астральный близнец
Айылҕа барахсан айан ыыппыт сүдү киһитэ
Чараас эйгэ диэн баар
Дьүөгэм оҕотун туһунан ахтыы сурук
Олус да күндүтүк саныыбын
Люблю тебя всегда
Күннэй көмөтө улахан
В память о Кюннэй
Ахтыы сурук
Хаһан да көрбөтөх дьиктим
Дэгиттэр дьоҕурдаах оҕо олоҕо
Кэрэ кэпсээн, уос номоҕо буола туруоҕа
Күн курдук саныыр күндү көмүс киһибит – Күннэйбит
Яркая звездочка – Кюннэй Кардашевская
Монолог учителя про свою ученицу
В память о Кюннэй
Күн курдук кэрэ кыыс Күннэй
Саха сирин чаҕылхай күнүн курдук сырдатан аастын эн олохпутун!
В память о моем друге…
Воспоминание о Кюннэй…
Күндү доҕорум, чугас дьүөгэм туһунан сырдык санаам
Моя лучезарная девочка… Моя Саншайн
Отрывок из книги
Күннэй – хаһан да өлбөөдүйбэт, сүрэхтэн сүппэт үтүө өйдөбүл…
Айылҕаттан айдарыылаах, үөһэттэн оҥоһуулаах оҕом барахсан бу Орто туруу-бараан дойдуга бэрт кылгастык, ол эрээри чаҕылхайдык, сырдык сулус кэриэтэ күлүм гынан бараахтаабыта. Кэмэ кэлэн кини дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибэтэх кистэлэҥ олоҕун дьикти өрүттэрин арыйарга, үйэлэри уҥуордаан кэлбит айылҕа биэрбит сүдү күүһүн кэпсииргэ быһаарынным.
.....
Ол курдук, үс ыҥырыыта суох ыалдьытым саалаҕа кэпсэтэ олорон, эмискэ уларыйан хааллылар. Күннэйим дьыбааҥҥа олорон хаалла, уоннааҕылара саҥата-иҥэтэ суох туран үҥкүүлээн бардылар. Бу күҥҥэ диэри хаһан даҕаны бииргэ үІкүүлээбэтэх дьон ансаамбыл үҥкүүһүттэрин курдук тэбис-тэҥҥэ хамсанан-имсэнэн барбыттарын көрүөххэ олус сөҕүмэр этэ. Кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытын, саҥатын үүт-үкчү түһэрэн ылаллар. Ол быыһыгар кыргыттар оһуор үҥкүүтүн кыбыталлар. Оттон уолбут бөтүүктээһин диэн оонньууттан силистэнэн тахсыбыт саха үҥкүүтүн үҥкүүлүүр, эмиэ да кылыыІкайдаан, чохчоохойдоон ылар. Бары даҕаны наһаа үчүгэйдик, имигэстик хамсаналлар, киһи эрэ көрө олоруох курдук этэ. Күннэй ойон туран эмиэ үІкүүлэһэн барда. ҐІкүүлүү сылдьан аны охтон түһэр, ону атыттара, эрдэттэн билбиттии, хабан ылаллар. Хас биирдии хамсаныылара тэбис-тэҥ, бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстээх, ис хоһоонноох курдук.
Ол бириэмэҕэ кыра кыыһым дьарыгыттан кэлиэхтээх этэ. Ыксаан тириэньэригэр Виолеттаҕа эрийэн, Туйаараны хонноро хааллар диэн көрдөстүм. Виолетта оҕобун бэйэтин оҕотун курдук бүөбэйдээн көрөрө-истэрэ, мин олох бэйэбэр курдук киниэхэ эрэнээччибин.
.....