Байаҕантай буолаһа уонна улууһа (1639–1930)

Байаҕантай буолаһа уонна улууһа (1639–1930)
Автор книги: id книги: 2878614     Оценка: 0.0     Голосов: 0     Отзывы, комментарии: 0 300 руб.     (2,93$) Читать книгу Купить и скачать книгу Купить бумажную книгу Электронная книга Жанр: Правообладатель и/или издательство: Айар Дата добавления в каталог КнигаЛит: Скачать фрагмент в формате   fb2   fb2.zip Возрастное ограничение: 0+ Оглавление Отрывок из книги

Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.

Описание книги

Бу кинигэ Саха сирин киинигэр XVII үйэ ортотуттан 1930 сыллаахха диэри баар буола сылдьыбыт Байаҕантай улууһун административнай тэриллии быһыытынан үөскээһинин, кини нэһилиэктэрин туһунан кылгастык кэпсэнэр. Хас биирдии нэһилиэк хаһан тэриллибитэ, 1930—1931 сылларга ханнык оройуоннар састааптарыгар киирбиттэрэ, ханнык нэһилиэктэр холбоспуттара, арахсыбыттара ыйыллар. Ааҕааччы киэ² ара²атыгар ананар.

Оглавление

Николай Николаев. Байаҕантай буолаһа уонна улууһа (1639–1930)

Аан тыл

Байаҕантай улууһун үөскээһинэ

Байаҕантай диэн аат сурукка-бичиккэ уонна историяҕа киириитэ

Байаҕантай диэн тыл суолтата (ыстатыйаттан быһа тардыы)

О происхождении кланового объединения «байаҕантай»

Баайаҕа хантан үөскээбитэ

Об образовании Баягантайского улуса Якутского округа

Из истории Баягантайского улуса (воспоминания)

Байаҕантай улууһун нэһилиэктэрэ 1828—1917 сс (нэһилиэктэри административнай-территориальнай тэриллии быһыытынан ырытыы)

Байаҕантай улууһа 1822—1917 сс. Улуус кулубалара

Байаҕантай улууһун нэһилиэктэрэ 1828—1917 сс. Кинээстэр уонна чаччыыналар

1‐гы Байаҕантай нэһилиэгэ

2‐с Байаҕантай нэһилиэгэ

3‐с Байаҕантай нэһилиэгэ

Игидэй (1‐гы Игидэй, Баайаҕыыныскай, Баайаҕа) нэһилиэгэ

2-с Игидэй нэһилиэгэ (уолба)

Хаҥалас нэһилиэгэ

Саһыл нэһилиэгэ

Өймөкөөн (Өймөкөөн Бороҕон) нэһилиэгэ

4‐с Байаҕантай (кэлин Алдан, 2‐с Байаҕантай, 1‐кы Алдан) нэһилиэгэ

Мэҥэ Алдан нэһилиэгэ

Хара Алдан нэһилиэгэ

Эһэ нэһилиэгэ

Байаҕантай улууһун нэһилиэктэрэ 1917—1930 сылларга

Түмүк тыл

Отрывок из книги

Биллэрин курдук, 1632—1646 сылларга Саха сирэ бүтүннүүтэ Россия састаабыгар киирбитэ. Мантан ыла Саха сиригэр нуучча государствотын ис (административнай) тутула уонна бэрээдэгэ, суута-сокуона олохсуйан барбыта. Хара маҥнайгыттан нуучча хаһаактара олохтоох нэһилиэнньэттэн түүлээҕинэн дьаһааҕы (ясак) хомуйуунан дьарыктаммыттара. Кинилэр ханнык сирдэртэн, ханнык ааттаах дьоннортон дьаһааҕы хомуйбуттарын аналлаах сурукка-бичиккэ – дьаһаах кинигэтигэр киллэрэллэрэ. Онон Саха сиригэр ХVII—XVIII үйэлэргэ олорбут биистэри (племена), аҕа уустарын (роды), кинилэр олорбут сирдэрин ааттарын маннык дьаһаах кинигэлэриттэн эрэ булуохха сөп.

Нуучча государствотын ис тутулугар сөп түбэһиннэрэн, Саха сирин «Якутскай уезд» (1638 сылтан, ол аата «оройуон» диэн. – Н. Н.), оттон дьаһааҕы төлөөччүлэр олорор сирдэрин буоластар (ол аата «нэһилиэктэр» диэн суолталаах. – Н. Н.) диир буолбуттара. Маҥнайгынан дьаһааҕы хомуйбут атамааннар Иван Галкин (1631 сыл саас) уонна Петр Бекетов (1632—1633 сс. кыһын) дьаһаахтарын кинигэтигэр киирбит 16 буоластар ортолоругар Байаҕантай диэн аат суох. 1634—1635 сс. дьаһааҕы хомуйбут Иван Галкин испииһэгэр киирбит буоластар ортолоругар «Ботагайская с Алдана» диэн сир аата баар. Нуучча биллиилээх учуонайа Б. О. Долгих «Ботагайская с Алдана» диэн сири «может быть, Баягантайская» диэн тойоннуур, быһаарар. Онтон эмиэ Иван Галкин 1638 сыллаахха оҥорбут дьаһааҕын кинигэтигэр киирбит 32 буоластар истэригэр «Ба[я]гандайская (она же «Башайская») волость» диэн олох чуолкайдык ыйылла сылдьар. «Мы считаем… название Башайская – искажением названия Баягантайская», – диэн Б. О. Долгих олох итэҕэтиилээхтик быһаарар уонна суруйар (Б. О. Долгих. Родовой и племенной состав народов Сибири в XVII в. – М.,1960. – С. 354—355). Онон 1637—1638 сыллардааҕы кыһын дьаһааҕы хомуйуу кинигэтигэр Байаҕантай диэн сир аата аан маҥнай чуолкайдык ахтыллар уонна 1638 сылтан ыла сурукка-бичиккэ киирэн бары докумуоннарга бэлиэтэнэр буолбута. Кинигэҕэ маннык суруллубут: «Взято государева ясаку с багандайсково мужика 3 Борсу 10 соболей без хвостов да шубу соболью, рукава лисьи.

.....

Курджага со своими родниками достигает Яны, где живет год или два.

В это время два члена его семьи дошли до Колымы, где размножились и образовали нынешние 1‐й и 2‐й Кангаласские наслеги. Теперь они народ бедный, в пользу коего по области собираются пожертвования.

.....

Добавление нового отзыва

Комментарий Поле, отмеченное звёздочкой  — обязательно к заполнению

Отзывы и комментарии читателей

Нет рецензий. Будьте первым, кто напишет рецензию на книгу Байаҕантай буолаһа уонна улууһа (1639–1930)
Подняться наверх