Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара

Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара
Автор книги: id книги: 2886114     Оценка: 0.0     Голосов: 0     Отзывы, комментарии: 0 300 руб.     (2,78$) Читать книгу Купить и скачать книгу Купить бумажную книгу Электронная книга Жанр: Правообладатель и/или издательство: Айар Дата добавления в каталог КнигаЛит: ISBN: 978-5-7696-6880-7 Скачать фрагмент в формате   fb2   fb2.zip Возрастное ограничение: 0+ Оглавление Отрывок из книги

Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.

Описание книги

Кинигэҕэ Саха сирин историятын (1921–1923 сс.) уустук уонна ситэ үөрэтиллэ илик боппуруостарыгар 1960–1980 сылларга буолбут өрөспүүбүлүкэ уонна Новосибирскай историктарын мөккүөрдэрэ, утарсыылара, хардарыта кириитикэлэрэ кылгастык сырдатыллар. ХХ үйэ саҥатынааҕы общественнай-экономическай тутул, 1920-с сылларга ыытыллыбыт «хаҥастыйыы» бэлиитикэтэ, 1921–1922 сс. партийнай салайыыга олорбут триумвират оруола, 1921–1923 сс. күөдүпчүлэммит гражданскай сэрии уратылара, Саха сирэ аптаныамыйаны ылыыга үлэлэспит нуучча омук бэрэстэбиитэллэрин оруола уо.д.а. боппуруостар сырдатылыннылар. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. В книгу вошли материалы, разъясняющие позиции историков нашей республики и Новосибирска и их противостояние в 1960–1980 гг. по дискуссионным и слабоизученным проблемам истории Якутии в первые годы советской власти. С раскрытием концепций противоположных сторон освещены общественно-экономический строй и социальные отношения в начале ХХ в., «левацкая» политика партийно-советского руководства в 1921–1922 гг., гражданская война 1921–1923 гг., роль «триумвирата» в ее развязывании перегиба, а также вклад представителей русского народа в получении Якутией статуса автономной республики в 1922 г. Для широкого круга читателей.

Оглавление

Николай Николаев. Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара

Киириитэ

Учуонайдар мөккүспүт сорох боппуруостара

Капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыыларын хайдах быһаарыахха сөбүй?

Промышленнай пролетариат кылаас быһыытынан сүрүн уратыта

1917 с. диэри Саха сиригэр капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыбыттара дуо?

З.В. Гоголев бигэргэтиитэ

Г.П. Башарин бигэргэтиитэ

ХХ үйэ саҥатыгар Саха сиригэр промышленность сайдыытын туһунан сибидиэнньэлэр

Сиртэн хостонор баайы туһаныы

Дьокуускай кыра тэрилтэлэрэ

Тыа сиригэр баар тиэхиньикэ

Транспорт уонна айан суолларын туруга

Атыы-эргиэн сайдыыта

Тыа сирин нэһилиэнньэтин састаабыгар киирбит уларыйыылар

Кылгас түмүктэр

Мөккүөр саҕаланыыта

З.В. Гоголев – Саха сиригэр национализмы саралааччы

1917 сыл иннинэ Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытын сыаналааһын туһунан мөккүөр

З.В. Гоголев саха историктарыгар сыһыана

З.В. Гоголев кэдэрги быһыыта

Триумвират былааска кэлиитэ

Триумвираты тоҕо тулуйбуттарай?

Триумвираты былаастан туоратыы

Саха сиригэр триумвират чахчы баара дуо?

Губбюро Пленумун атын чилиэннэрин сыһыаннара (позициялара)

Арассыыйаҕа хаҥас бэлиитикэ олоххо киириитэ

Арассыыйаҕа террористическай миэтэт олоххо киириитэ

Арассыыйаҕа сэбиэскэй былааһы көмүскээһиҥҥэ (1917–1922 сс.) туттуллубут террористическай миэтэттэр

1921–1922 сс. Саха сиригэр хаҥастыйыы миэтэттэрэ туттуллуулара

Чекистэр арыйбыт «саагыбардара»

Бүлүүтээҕи «саагыбар» (18–21.02.1920)

Атырдьах ыйынааҕы «саагыбар (Оруоһун саагыбара)» (1920)

Өлүөхүмэтээҕи «саагыбар» (11.1920–05.1921)

1921 с. олунньутааҕы «саха националистарын саагыбара»

Кылаастарынан араарыы (классовое расслоение) бэлиитикэтэ

РК(б)П Губбюрота хаҥастыйыы бэлиитикэтин өйөөһүнэ

Хаҥас диэки халыйыы байыаннай бэлиитикэҕэ көстүүтэ

Хаҥастыйыы бэлиитикэтин тохтооһуна. Саҥа бэлитиичэскэй куурус олохтонуута

Норуокка өйдөһүү уонна эйэлэһии наада

Үрүҥнэр туох иһин охсуспуттарый?

Гражданскай сэриини хайдах сыаналыылларый?

Өйдөһүү уонна эйэлэһии холобура

Ааспытынан атааннаһыы, хардарыта холуннарыы тоҕо тохтооботуй?

Саха сирэ аптаныамыйаны ылыытын тула мөккүөр

Г.И. Лебедев аптаныамыйа боппуруоһугар позицията

Н.С. Николаев үлэтин туһунан

Туһаныллыбыт литература

Отрывок из книги

1. 1917 с. диэри Саха сиригэр ханнык общественнай-экономическай тутул (формация) уонна баһылыыр кылаастар баалларай?

1960–1980 сс. Саха сирин уонна Новосибирскай историктара уһуннук, туруулаһан туран, мөккүспүт биир боппуруостара – 1917 с. диэри Саха сиригэр ханнык общественнай-экономическай тутул (формация) уонна ханнык социальнай утарсыылар баалларай диэн этэ. Уопсастыба экономическай сайдыыта, таһыма ханнык баҕарар дойдуга нэһилиэнньэ олоҕун, уйгутун, өй-санаа сайдыытын, кылаастар уонна араҥалар (сословиелар) сыһыаннарын (утарсыыларын), духуобунай сайдыыны быһаарар төрүтүнэн, олоҕунан, базатынан буолаллар. Дойду баһылыыр-көһүлүүр общественнай-политическай тутулугар олоҕуран уопсастыба үгүс боппуруоһа быһаарыллар.

.....

Кэлин уһугар тиийэн, 1980-с сыллар бүтүүлэриттэн Г.П. Башарин, Г.Г. Макаров, Е.Е. Алексеев этэр сабаҕалааһыннарын элбэх историк, политолог, философ, социолог өйөөбүтэ уонна билиммитэ. Билигин научнай үлэһиттэр ортолоругар улахан мөккүһүү (дискуссия) суох. Биирдиилээн сөбүлэспэт дьон баар да, кинилэр наукаҕа уонна уопсастыбаҕа баһылыыр-көһүлүүр оруоллара суох. Онон бириэмэ уонна история сууттара ким кырдьыктааҕын, сөптөөх позицияны көмүскээбитин бэйэлэрэ быһаарбыттара. Ол түмүгэр киэн туттар суруйааччыларбыт А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов уонна Н.Д. Неустроев уопсастыбаҕа уонна историяҕа бэйэлэрин миэстэлэрин дьиҥнээхтик булбуттара, саха национальнай интэлигиэнсийэтин бэрэстэбиитэллэрэ буржуазнай националистар буолбатахтара быһаарыллыбыта.

1921–1923 сс. буолбут гражданскай сэрии биир сүрүн биричиинэтинэн хаҥастыйыы бэлиитикэтин олус күүскэ уонна кытаанахтык ыытыы буолбута дакаастаммыта, сахалары омук быһыытынан национализмҥа буруйдааһын тохтообута. Саха сирэ аптаныамынай өрөспүүбүлүкэ ыстаатыһын ылыытыгар уонна 1922 с. кулун тутартан саҕаламмыт тупсуу, эйэлэһии туһугар ыытыллыбыт саҥа байыаннай-политическай куурус олоххо дьиҥнээхтик киириитигэр нуучча норуотун бастыҥ бэрэстэбиитэллэрэ олус бэриниилээхтик, актыыбынайдык үлэлээбиттэрэ өссө төгүл дакаастаммыта уонна билиниллибитэ.

.....

Добавление нового отзыва

Комментарий Поле, отмеченное звёздочкой  — обязательно к заполнению

Отзывы и комментарии читателей

Нет рецензий. Будьте первым, кто напишет рецензию на книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара
Подняться наверх