Читать книгу Хоhооннор - Артемий Афанасьев - Страница 4
2019
ОглавлениеСүөргүлүүбүн
Ороһооспо дии-дии ойуоккаластылар,
Таҥха дии-дии таҥкычахтаннылар,
Сүллүүкүн дии-дии сырсыакаластылар,
Өй- санаа ытылынна, ыгыһынна.
Бастаахтыын-баҕастыын
Чардаакка киирдилэр,
Иһити-хомуоһу барытын
Иччилээн илгиһиннэрдилэр.
Сөбүн-сөтөгөйүн билбэтим,
Саха киһитэ үксүтэ
Сүөргүлүүр көстүүтэ буоллаҕа,
Сүбэлиэм этэ, үлүһүйүмэҥ…
Сатал. 6.01.2019
Утуйуу да араастаах
Оҕо киһи барахсан
Ороҥҥо тиийбэккэ утуйар,
Уһун түүн киниэнэ
Биллибэккэ ааһыаҕа.
Орто саастаах дьоҥҥо
Олохтоохтук орону оҥостуу,
Сылайбыт эти-хааны
Сынньатаары утуйуу.
Сааһырбыт барахсаттар
Сатаан да утуйбаттар,
Сарсыарда сыттыктан
Сылайан да тураллар.
Санааны түһэрбэккэ
Саҥа күҥҥэ үөрүөххэ,
Утуйуохха дылы кэми
Туһалаахтык атаарыахха.
Сатал. 13.01.2019
Атыҥырааһын
Саха уола ырыаһыт
Аатырда Арассыыйаҕа,
Арай мин көрдөхпүнэ
Атыҥырыыр курдукпун.
Ырыата ырыаттан атына,
Таҥаспыт да тырыттыбыт,
Сирэй-харах ойуута
Таһыччы атын саха.
Оройдоттум дьэ мин:
Олох уларыйбыт тосту,
Олох содуллаах ыллыгынан
Соһон эрэллэр саханы.
Санааҕын түһэримэ, саха,
Самнарар санаалаах элбэх,
Саха самныбат саргылаах,
Сахабыт тыла тыыннаах…
Сатал. 13.01.2019
Бириэмэни харыстаа
Тарбах быыһынан саккырыыр
Ыраас кумах кэриэтэ,
Олох биэрбит кэмэ
Тохтообокко суккуллар.
Бириэмэ сүүрэр тэтимин
Туох тохтотуо буоллаҕай?
Тохтуура да кыаллыбат,
Олоҕу сойутар сатаммат.
Биһиэхэ бэриллибит бириэмэ
Барыта бэйэбит гиэнэ,
Бэриллибити толору туһанар
Бэйэбититтэн тутулуктаах.
Хас тахсар саҥа күнү
Саҥа көрбүттүү үөр,
Салҕыбакка, сылайбакка
Олох дьолун ыймахтаа.
Сатал. 17.01.2019
Саа – эрэллээх доҕор
Сур бөрөлөр сундулуһан
Соҕуй хочотун булбуттар,
Сылгы үөрүн манааннар
Сэппэрээк кэтэҕэр саспыттар.
Сылгыһыт уол Саабын
Сыыдам айаннаах атынан
Сылгыларын эргийэн иһэн
Суоһар кыыллары көрүстэ.
Соһо сылдьыан ыарырҕаан,
Саатын үүтээн иһигэр
Суулаан баран уурбутун
Сонньуйа санаата билигин.
Саха хаһан баҕарар
Сыһыыга сылдьарын тухары
Соһуох тустаах саатын
Соҕотох эрэллээх доҕорун.
Сатал. 18.01.2019
Билинии
Син халыҥ кинигэ
Сытар остуолбар миэхэҕэ,
Ситэри ааҕаары ыламмын
Сирэйин арыйдым аргыыйдык.
Арай эмискэ дьик гынным,
Алыс билэр дьонум
Ааспыт кэмтэн, ыраахтан
Аһары миигин көрөллөр.
Олордум уһуннук дөйүөрэн,
Одуулуу ол дьон хараҕын,
Олох барбыта түргэнин,
Оҥорбут сыыһабыт сүҥкэнин.
Уопсай түһүү хаартыска
Улахан мунньахха мустубут
Урукку дьон бастыҥын
Уһулан хаалларбыт үйэҕэ.
Ол саһарбыт хаартыска
Олох атын дьонноро
Олорторо эбээт кинилэр
Олох тупсарын туһугар.
Кинилэр баҕараллара элбэҕи,
Киһи барыта дьоллонуон,
Кыһалҕа кыһарыйара кыайтаран,
Кыаммат диэн суох буолуон.
Ол туһугар олохторун
Охсуһуу уотугар биэртэрэ,
Охсуулаах үлэнэн оргуйан
Олохтон эрдэ бартара.
Кинилэр аны суохтар,
Оттон мин баарбын.
Алҕаспын кинилэргэ билинним
Ааспыт олоҕу таҥнарбыппын.
Сатал. 18.01.2019
Сиэнтэн дьоллонуу
Саҥа күн күөрэйдэ
Сиэммит уһуктан турда,
Чуумпу дьиэбит уһугунна,
Турбут салгын чугдаарда.
Эбээ эрийбит күөрчэҕэ,
Алаадьыта, барыанньата
Сандалыга муһунна,
Муннуну кычыгылатта.
Бары тула олорон,
Саҥа күнү саҕалаан,
Эбээ минньигэс аһын
Мотуйдубут астына.
Маҥнай турда сиэммит,
Эбээтигэр махтанна,
Оонньуу барда хоһугар
Саҕаланна саҥа күн.
Сылаас чэйбитин сыпсырыйан,
Сиэммититтэн дьоллонон,
Күөрэйбит күнтэн үөрэн,
Толору дьоллоохпут бу күнтэн.
Сатал. 18.01.2019
Таҥха туһата
«Таҥха», – дииллэр ыччаттар,
Таҥараҕа тиксэр кэриэтэ.
Дьиҥэр ону оҕуруктаахтар
Дьону муоһалаары айбыттар.
«Таҥха», – дииллэр өйдөөхтөр,
Тугу эрэ туһанаары,
Дьон өйүн сүүйэн
«Дьоһун» дьон буолаары.
«Таҥха», – дииллэр сорохтор,
Таарыччы харчы оҥороору,
Дьиҥин-тугун билбэккэ
Дьалҕаантан ас таһаараары.
Сатал. 18.01.2019
Сэбирдэх олоҕо
Алаас саҕатыгар турар
Кырдьаҕас хатыҥым анныгар
Күн арҕаа охтуута
Көхсүбүнэн өйөнөн олортум.
Саһарбыт хатыҥым аргыыйдык
Сипсийэн саҥарар курдуга,
Сонньуйбут санаа ситимэ
Сүүрэрэ саһарбыт лабааттан.
Өр одуулаан олордум
Киэһээҥҥи саһарҕа уотугар,
Умайар сэбирдэх ойуутун
Уостар олох хаамыытын.
Хас биирдии сэбирдэх
Бэйэтэ туспа олох,
Олоҕун толору олорбут
Сотору тыаһа суох түһүөҕэ.
Сэбирдэх хатыҥ туһугар
Олох олорон бүттэҕэ,
Оттон мин туох иһин
Олохпун анаатым бу сиргэ?..
Сатал. 29.01.2019
Доҕорум чооруос
Тымныы муус оҕуһа
Ситтэ-хотто, күүһүрдэ,
Сиэлийэр муоһа кытаатта,
Тыынар салгына туманнанна.
Тоҥ сири хайыта үктээтэ,
Халыҥ мууһу тоҕута тыынна,
Хоту халлааммын уматан
Дьүкээбил уотун оонньотто.
Арай чооруос чыычаах,
Тоҥ мутукка ойуолаан,
Сыгынньах кыл атаҕар
Күн үтүөтүн бараата.
Чооруос куттаммат оҕустан,
Ол иһин кини мөхсөр,
Олох олороруттан үөрэр,
Оҕо-уруу тэнитэр.
Мин да толлубаппын
Тымныы муус оҕуһуттан
Саха оҕото буолабын,
Чооруос чыычаах доҕордоохпун.
Сатал. 30.01.2019
Үбүлүөйгэ
Бэҕэһээ дьоро күн
Аймах Далбар Хотуна
Алта уон бэһис хаарын
Охторбут күнэ!
Ыраас, сылаас дьиэ,
Мааны астаах сандалы,
Улахан убайдар, саҥастар,
Аҕам саастаах аймахтар.
Үөрүүлээх остуол
Соһуччу үөрүүтэ
Сиэн кыра кыргыттар
Салаат бастыҥын астаабыттар.
Аҕа баһылык Дьөгүөр
Аймах тутаах киһитэ,
Ыраахтан кэлбит Боккуойа,
Ыпсарбыттар тэрээһини.
Күө-дьаа, ирэ-хоро
Көрдөөх кэпсээн,
Көр-нар күөдьүйдэ,
Көҕүлүттэн тутулунна.
Арыылаах саламаат кэннэ
Амарах алгыс тыллар
Аймах билэ дьонтон
Ананнылар юбилярга.
Дьокуускай. 05.02.2019
Аммам кытылыгар олорон
Сааскы чуумпу сарсыарда
Күммүт таҕыста хайаттан,
Аммам барахсан нуурайан
Ыраас ньуура килбэйдэ.
Уу үрдүнэн хоптолор
Аргыый охсунан көтөллөр,
Кыралаан саҥаран, кэпсэтэн
Олохтон дуоһуйар курдуктар.
Өрүһүм сиэркилэ ньууругар
Балык сэмсээн оонньоото,
Биэрэккэ үүммүт талаҕым
Күлүгүн эбэҕэ көрүннэ.
Ыраах үөскэ куоҕастар
Умсаллар, усталлар, оонньууллар,
Эбэм тымныы уутугар
Таптал уотугар сылдьаллар.
Үрдүк кытылга олорон
Ахтыбыт Аммабын көрөбүн,
Мүөттээх сөрүүн салгынын
Дуоһуйа толору тыынабын.
Сатал. 13.02.2019
Олох сокуона
Ыттан ыһык ирдээбэттэр,
Ытанньахтан көмө көрдөөбөттөр,
Ытыһы тоһуйар умнаһыттар
Ынах ыан абыраабаттар.
Көрдөс көмөнү үлэһиттэн,
Сүбэлэт олоххор сүгэһэрдээхтэн,
Ыйдар суолгун кырдьаҕастан,
Айаҥҥа аргыстас доҕоргунаан.
Бэйэҥ көмөлөс мөлтөөбүккэ,
Сүбэлээ эрэнэн көрдөспүккэ,
Өйөө үтүө ыралааҕы,
Көмүскээ кырдьыгын күөмчүлэппити.
Олох сокуона чопчу
Оҥоһуллубута ыраатта,
Ол да буоллар билигин
Ону тутуспат дэлэччи.
Сатал. 14.02.2019
Олох көрдөбүлэ
Уһуктаат ойон турума,
Ороҥҥо сытан санаа
Ааспыт күнүҥ туһунан.
Бүгүҥҥү күнү ыралаа,
Ааспыт күҥҥэ тэҥнээн.
Бүгүҥҥүнэн олор дииллэр,
Олох сыыһа суолу
Соруйан ыйан этэллэр.
Кэлэр кэми – кэскили
Ыйдаҥарда санаабат
Ычата кыра дэнэрэ
Ыччакка дьэҥкэ буолуохтаах.
Олоруохха, ааспыты ахтан,
Олоруохха, бүгүҥҥүнү ыпсаран,
Олоруохха, инникини ыралаан,
Барытын сааһылаан, тэҥилээн.
Сатал. 19.02.2019
Ахтылҕан арааһа
Ахтылҕан, ахтыы
Аһара дьикти түгэн.
Ахтылҕан арыт аалар,
Курас тыал курдук
Куурдар, хатарар дууһаҕын.
Ахтылҕан арыт ыҥырар
Кэрэҕэ, сырдыкка, ыраахха.
Күүскэр күүс эбэр,
Ыраах сиэтэн барар.
Ахтыы курас тыала
Эрийбэтин эйиигин.
Үтүө өрүттээх ахтылҕан
Сылаас тыала сипсийдин,
Дууһаҥ уотун күөдьүттүн.
Сатал. 22.02.2019
Бастыҥ бырааһынньык
Бүгүн сааскы күн,
Бүгүн иэйии күнэ,
Бүгүн иэйэхсит күнэ,
Бүгүн Дьахтар күнэ.
Эбээ сылаас таптала,
Ийэ бүппэт таптала,
Ойох минньигэс таптала
Олох хорук тымыра.
Кинилэр баар буоланнар
Күннэтэ олох салҕанар,
Кэрэҕэ тардыһыы
Кэхтибэккэ сайдар.
Киһи-аймах аҥарын
Кэрэ дьикти дьоммутун
Кэлбит мааны күнүнэн
Күҥҥэ тэҥнээх эҕэрдэ!
Кэрэ мааны дьоммут,
Кэхтибэтин үүннэрбиккит,
Көҕүрээбэтин бүөбэйдээбиккит,
Сайыннын саҕалаабыккыт!
Сатал. 08.03.2019
Бүппэт мөккүөр
Кырыалаах кыһын уораана
Сааскы сылаас салгынныын
Уһун удьуордаах мөккүөргэ
Хатыстылар дьиҥнээхтик.
Күлүк-хорҕо сиргэ
Күн сылаас утаҕа
Кырыа көмүс кыырпаҕын
Көрдөрбүтүнэн көтүттэ.
Аһаҕас чэгиэн сиргэ
Тымныы салгын сүүрээнэ
Кыраһа хаары көтүттэ,
Дьыбарынан супту үрдэ.
Дьыл дуолан киирсиитэ
Дьикти кэрэ көстүү,
Дьиҥэр онтон салгыбыт
Дьиҥ олоххо суоҕа чахчы.
Сатал. 10.03.2019
Сааскы туллуктар
Сааскы кыраһа хаар
Саталы оргууй сапта,
Салгыны сытыытык быһаннар,
Суугунуу көттүлэр туллуктар.
Саас кэлтин биллэрэн
Сыа хаарга сырсаннар,
Сурук бөҕөтүн хаалларан,
Салгыы хоту көттүлэр.
Суруллубут суол суругу
Саҥа көрбүт оҕолуу
Сонурҕаан өр көрдүм,
Сонньуоран да ыллым.
Саҥа сааска үктэнэн,
Сааскы кэлии көтөрү
Саталбар эмиэ көрөн,
Сүрдээҕин үөрдүм саҥаттан.
Сатал. 15.03.2019
«Өрөгөйгө» мустуу
Дьокуускай куораппыт үрдүнэн
Дуорааннаах улахан саҥа
Доргуччу салгыны хамсатта,
Долгуйуу курус тыына
Дьону барытын кууста.
Долгуйбут саха дьоно
«Өрөгөй» дьиэтигэр мустарга,
Ыллыктаах санааны ыларга,
Ытык, бас дьонунуун
Ыпсарыылаах санааны
Ыйаах оҥорорго
Ыҥырыы ыыттылар.
Саха саарын уолаттара
Сыыдам тимир атынан
Сахам сирин сиксигиттэн
Сирилэччи айаннаан
Сугулааҥҥа муһуннулар.
Саха модун санаата
Сүллэр этиҥ буолла,
Сүүлүк, содур үрдүгэр
Силлиэ, холорук ытыллан
Сүрдэрин көтүттэ,
Сүтэргэ күһэйдэ.
Салгыы саҥа күҥҥэ
Саталлаахтык дьаһанан,
Саханы саха дэтэн,
Саргыбытын салайан,
Самныбат туһугар
Сүбэбитин түмүөҕүҥ,
Төбөбүтүн холбуоҕуҥ!
Сатал. 19.03.2019
Аныгы боотурдар
Ааспыт миитин түмүгэр
Араас санаа бассаапка
Айдаан атыыра буолан
Айаатаата аҥардастыы.
Сүлүһүннээх хара санаа
Сүрдээх элбэх эбитин
Саллан ситэ аахпатым,
Сорох дьонтон сиргэнним.
Быдьар тыл элбэҕэ
Бысталаата санаабын,
Баламат хассаар сурук
Барамматын сөхтүм.
Норуотун көмүскээн турбут
Саха хоһуун дьонун
Саарбах санаанан саптылар,
Саатырда, саппаҕырда сатаатылар.
Дьонун, дойдутун көмүскээн,
Дуулаҕа суолга турбут
Дохсун мааны дьоммутун
Дьоруой курдук тутуоҕуҥ!
Онно бааллар оҕонньоттор,
Оҕо, эдэр дьоннор,
Бас-көс салайааччылар,
Боростуой хара үлэһиттэр.
Маннык күүстээх түмсүү
Минньиктиэ кири-хоҕу,
Муунтуйбут элбэх киһи
Муммут суолун булуо.
Олоххо буолар үксүтэ
Оҥорор, айар аналлаах,
Онон үөрүөҕүҥ миитиҥҥэ
Омукпут саргытын туһугар!
Сатал. 21.03.2019
Олоҕуҥ суолун тэл
Тоҥуу хаар.
Тоҕо тоҥуу?
Туохтан сылтаан
Тоҥуу диэтилэр?
Тоҥуу хаары
Тоҕо кэһэн
Тоҥ суолун тобул,
Диэбиттэрэ эбээт.
Өбүгэлэрбит обургулар
Улаҕалаах, удьуордаах
Уһун тыллара
Салайар олохпутун.
Толлубакка толкуйдаа,
Саҥаны ай-тут,
Биллибиккэ дьулус,
Диэтэхтэрэ кинилэр.
Олохпут биһиэнэ
Үгүс кэмэ барыта
Хаары кытта алтыһар,
Хаардыы сырдык-ыраас.
Тоҥуу хаары кэһиэҕиҥ,
Кыра оҕолуу үөрүөҕүҥ,
Тэлбит суолбутун көрүөҕүҥ
Онтон салгыы барыаҕыҥ.
Сатал. 24.03.2019
Өйдөбүл ситимэ
Сыл хонук сыыдамнык
Сылайбакка айанныыр,
Сиргэ үөскээбит барыта
Сиэтиллэн иһэр онно.
Бириэмэ бүтэр эргиирэ
Биирдиилээн ылҕаталаан,
Быраҕар эбээт олохтон
Биһиги күндү дьоммутун.
Хатыҥтан күһүҥҥү сэбирдэх
Хатан, саһаран туллара
Ханыылыы эбээт биһиэхэ,
Хаан саастыы дьоҥҥо.
Сэбирдэхтэн биһиги атыммыт
Суолтан эрдэ туораабыт
Сырдык дууһата, мөссүөнэ
Сүппэт эбээт биһиэхэ.
Сыллар аастахтарын ахсын
Сырдаан, ырааһыран иһэллэр,
Сирдиир сулус буолаллар
Ситэ олорботох доҕоттор.
Сатал. 27.03.2019
Кырдьаҕас ырыаһыттар
Ырыа куттаах кырдьаҕастар
Ыллам ырыа күрэҕэр
Ыраах сиртэн мустаннар
Ырыа ыһыаҕын астылар.
Эбээлэр, эһээлэр барахсаттар
Эйээрэр эгэлгэ куоластара
Эҥсилиннэ дойдум үрдүнэн
Эфир долгунугар олорсон.
Уҥуохтара-иҥиэхтэрэ көнөн,
Сирэйдиин харахтыын сырдаан,
Дууһа сылаас иэйиитин
Бэлэхтээтилэр кинилэр.
Биһиги даҕаны хаалсымыах.
Киҥинэйэн да буоллар,
Ырыа дьикти дорҕоонунан
Дууһабытын манньытыах.
Сатал. 28.03.2019
Соһуччу көрсүһүү
Бүгүн көрүстүм
Былыргы атаспын
Бэрт элбэх дьыл
Биллибэккэ ааспыт.
Атаһым туруга
Аҕай дии санаатым.
Адьас хотторботох
Ааспыт будулҕаҥҥа.
Көрөрө-истэрэ
Кубулуйбатах букатын,
Куолаһа чуора, чуолкайа
Киһим гиэнэ тупсубут.
Арай баттаҕа барыта
Муус маҕан буолбут,
Сүүһүгэр сурааһыннар
Суоллара дириҥээбит.
Атаһым урут эдэриттэн
Арыгыны испэтэх,
Табах диэни тарпатах
Үлэни эрэ өрө туппут.
Күлэр ээ киһиҥ
Хомуньууһун таҥнарбатах.
Олоҕун укулаатын уларыппатах,
Ол оннугар кырдьыбатах.
Дьэ, оннук эбит
Уһун чэбдик олох,
Оҕо сааскар ууруллубут
Укулаатын уларыппат.
Сатал. 03.04.2019
Сааскы тыал
Сааскы тыал түстэ,
Сыһыы хаарын көбүттэ.
Супту үрдэ курдаттыы,
Сиигин-уоҕун көтүттэ.
Суолга ньалҕарыйбыт чалбах
Сүттэ-хатта түргэнник,
Салгын утаппыт курдук
Супту обордо барытын.
Сылы кыстаабыт тайҕам
Сүгэн турбут хаарын
Сиксийэн түһэрдэ санныттан,
Сууммут курдук сананна.
Сааһырбыт, хаппыт мутуктар
Сааскы тыалтан тоһуттан,
Сыа хаарга баттатан,
Саһар-сүтэр буоллулар.
Сааскы тыал сэрэхтээх
Сүөргүлээбитин алдьатар,
Сүһүөххүн, сүрэххин тоҥорон
Супту үрэр идэлээх.
Сааскы тыал барахсан,
Сипсийэр саҥа кэм иһэрин,
Сиппийэн ыраастыыр сыллата
Сис тыаны, сыһыыны.
Сатал. 09.04.2019
Санаа күүһэ
Санаа көҥүл көтөр,
Санаа күүс эбэр,
Санаа кэрэҕэ сирдиир,
Санаа – арахсыбат доҕор.
Санаа ситимигэр уйдаран
Сири-дойдуну көрөбүт,
Сылы-күнү уҥуордаан
Сүппүтү, ааспыты булабыт.
Санааҕыт ыраны үөскэттин,
Сырдык суолунан сиэттин
Сылайбакка-сыппаабакка
Саҥаттан саҥа үрдэллэргэ.
Санааттан ордук көҥүл,
Санааттан ордук күүстээх,
Сокуонунан хаарчахтаммат
Суох бу орто дойдуга.
Саҥа үүммүт күҥҥэ
Санааҕытын сааһылааҥ,
Салгыы айа-тута
Сылайбакка айаннааҥ.
Сатал. 14.04.2019
Саас иһэр
Хаар чарааһаата,
Харалдьыт таҕыста,
Халлаан да сылыйда,
Хамсаныы түргэтээтэ.
Сааһыт эрэттэр
Сүһүөхтэрэ оонньоото,
Сүгүн утуйар
Сүттэ бу күнтэн.
Сир аайы мустуу,
Сааны, сэби ыйытыы,
Сүбэһит да элбэҕэ
Сөхтөрдө букатын.
Саалаах эрэ барыта
Сирдээх эбээт бэйэтэ,
Сөбүлээн бүгэр
Сааскы хаар уулаах.
Сарсыардааҥҥы дьыбарга
Сыҥаах тыаһыыр кэмнэрэ,
Сүппэт үтүө өйдөбүл
Сылаанньытар дууһаны.
Күммүт үөһэ ойуута
Мууһунан чарчыйбыт ууга
Мороду дохсун үөрэ
Моһуоктуура дьиктитин.
Ону санаан сүрэхпит
Омуннаахтык мөҕүстэ.
Олорор, турар умнулунна,
Оҥостуу саҕаланна.
Дьокуускай. 16.04.2019
Сааскы муус
Сааскы мууска кииримэ,
Саарбаҕа элбэх буолааччы,
Сатанар буоллаҕына тумун,
Сээбэҥниир түбэлтэҕэр сананыма.
Сир кыыла барахсан
Сааскы хоборго букатын
Санаммат эбээт кырдьыга,
Ситэн сиэри гымматахха.
Саха оҕонньотторо былыр
Сүбэ кэриэтэ сэрэтэллэрэ:
Сааскы тыалга үрдэриэҥ,
Сиикэй мууска кииримэ.
Сааспыт барахсан саарбаҕа
Сатаан өйдөөн сырыттахха,
Сүрэҕи көнньүөрдэр кэрэтэ
Сөҕүмэр элбэҕэ сөхтөрөр.
Сатал. 21.04.2019
Дьыбар
Сылаас күннэр үүннүлэр,
Сааскы көстүү элбээтэ,
Сүһүөх кычыгылана оонньоото,
Сүрэх күүскэ тэбиэлээтэ.
Тымныы баарын биллэрэр —
Түүҥҥү дьыбар кытаанах,
Тоҥорор-хатарар барытын
Талбытынан дьаһайар.
Кэлэн иһэр кыайтарбат,
Кэлиитэ да баһырхай,
Килиэ мууһу уулларан
Күлүмүрдэтиэ чалбахтары.
Хатырык быыһыгар сахсырҕалар
Холкутук кыстыгы туорааннар,
Хаамыстылар күн суоһар,
Хаһаайыттар буоллулар.
Дьокуускай. 25.04.2019
Хапсыыр тыала
Хотулата арҕааттан бүгүн
Хапсыыр тыала ылла.
Хаарбыт уутун сыыһын
Халлааҥҥа салгынынан көтүттэ.
Күммүт чаҕылыйан сүрдээх:
Кырыс сири сылытта,
Куурдар үлэни ыытта,
Кураан иһэрэ билиннэ.
Сир дойду сааскытыйда,
Сыыр сирэйэ көҕөрдө.
Силлиэ тыалбыт тараата
Сис тыаны, чараҥы.
Кураан да буоллар
Күүскэ мөхсөн, үлэлээн,
Кыстыыр аһы булуохпут,
Кыһыҥҥыга хаһааныахпыт.
Сатал. 28.04.2019
Кустуу бардыбыт
Күүтүүлээх күммүт үүннэ
Куспут көнүлэ кэллэ.
Кэтэстибит да этэ
Кыһыҥҥы уһун кэмҥэ.
Кустуу барар күнү
Кыра уол оҕолор
Кыһаллан тураннар
Кэтииллэр эбээт.
Кырдьаҕас оҕонньоттор
Күл, кумах куталлар,
Күөл чычаас атаҕар
Кыра уу таһааран.
Кэтэһиилээх киэһэ
Киирдилэр дугдаҕа,
Кэҥсик таһааран
Күндүлээтилэр сирдэрин.
Куска киирээччилэр
Көтөҕүллүбүт сүргэлэрэ,
Кэпсээн да элбээбит
Кэрэ да киэһэ үүммүт.
Кус бултамматар да
Кутаа тула олорор,
Күө-дьаа кэпсэтэр
Күндү ээ биһиэхэ.
Сатал. 03.05.2019
Сааскы көстүү
Алыс дьикти күннэр
Ааһан эрэллэр элэҥнээн,
Ааспыт күн мичилийбитэ,
Аны бүгүн хаардыыр.
Хара сир аныгытыгар
Ханна да суох Саталбытыгар,
Ханна эрэ арааһа
Хара ала кулун төрөөтө.
Тыала-кууһа үлүгэр
Тоҥ хаарын тибэригэр,
Туундараны санатта,
Туоххаһытта дууһаны.
Ыраас маҥан хаар
Ырааһа, сырдыга
Ыра санаа курдук
Ыраастаата санааларбын…
Саас кыайда
Саас күүһүн ылла:
Сыһыы кырдала
Симэннэ сибэккинэн,
Сааскы ньургуһунан.
Кыра, улахан хоптолор
Күөлүм үрдүнэн
Көтөллөр айманан,
Көрдүүллэр күөнэҕи.
Элиэ ас көрдөнөн
Элиэтиир күннүктээн,
Элиэ көтөр салгыҥҥа,
Эрэлин сүтэрбэт барахсан.
Салгыҥҥа, хонууга
Сыыгыныы көттүлэр,
Сырсыакалаһан бардылар
Сир үөнэ арааһа.
Айылҕа уһуктарын
Анаан кэтээтилэр,
Айыылартан күүс ылан
Алыһын көнньүөрдүлэр.
Сатал. 11.05.2019
Эбэ мууһа эһиннэ
Кыстык мууһун бүрүнэн,
Күүгэннирэ дэбилийэн,
Көтөҕүлүннэ күйгүөрэн
Күндү мин Аммам!
Күүстээх тымныы хапчайан
Күлүмүрдэс долгун бохсуллан,
Кыстык уһун ыйдарын
Кыстаата мууска бопторон.
Күммүт уота сырайан
Кыстык хаарбыт ууллан,
Кылыгырыыр үрүйэлэр
Көтөхтүлэр көмүөлү.
Киһи-аймах астынан,
Кыһын барарын атааран,
Киирдилэр кытылга
Кэһии астаах, алгыстаах.
Кыыс Амма түллэр,
Кырыа мууһун ыраастыыр,
Кытылларын талаҕын
Кирин-хоҕун сиппийэр.
Кытылга турар дьонум,
Кырдьык, сэбэрэлиин сырдаан
Көрүстүлэр уонна атаардылар
Көмүөл мууһу уонна кыһыны.
Сатал. 12.05.2019
Ахтабын дойдубун
Таптыыбын эбээт Тааттабын,
Ахтабын эбээт Аммабын,
Хайгыыбын эбээт Харбалаахпын,
Түһүүбүн эбээт Төҥүттэбин.
Кииниҥ түспүт сирэ,
Киһилии саҥарбыт түөлбэҥ
Кимиэхэ баҕарар күндү,
Кэриэстэбилэ да сүдү.
Оонньообут олбуорум,
Ойуоккалаабыт томторум,
Отоннообут тыаларым,
Оҕо сааһым үрдэллэрэ.
Ийэм ытамнньыйа атаарбыта
Ийэ сирбин көмүскэтэ,
Иһигэр күүскэ аймана
Илиитинэн сапсыйбыта.