Читать книгу Саамай күндү бэлэх - Группа авторов - Страница 6
Узбек норуотун остуоруйалара
УУЛААХ ҮС КУПСУУН
ОглавлениеБэрт өрдөөҕүтэ биир дойдуга сүрдээх иҥсэлээх уонна акаары шах баһылаан олорбут. Байан истэҕин аайы, өссө байыан баҕарар эбит. Норуота быста дьадайбыт, оттон баһылык иҥсэтэ-обото өссө күүһүрэн испит. Дьоно аһылыга суох буолбуттар, баһылыктара буоллаҕына өссө хайдах гынан байыан саныыр.
Толкуйдаан-толкуйдаан баран, дьэ маннык тобулан таһаарбыт: «Кырдьаҕас дьон тоҕо мин судаарыстыбабар олороллоруй? Кырдьар диэн – кырыыс. Кинилэр үлэлиир кыахтара суох, оттон ас көрдүүллэр. Кырдьаҕастары мин дойдубуттан үүрүөххэ баар, оччоҕо эрэ миэхэ өлгөм баай-талым тиксиэ», – диэн быһаарбыт. Ылбыт да кырдьаҕас дьону барыларын судаарыстыбатын бүтэһик сирин бэлиэтиир таас анараа өттүгэр кураайы сиргэ үүрдэрбит.
Бу дойдуга биир үтүө киһи олорбута үһү. Туохха да иҥсэрбэт, кыһыл көмүһү да муспат. Кини муударай уонна үтүө санаалаах улуу оҕонньор аҕалаах эбит. Аҕата уолун бэйэтин курдук гына ииппит.
Үтүө киһи аҕатын бу судаарыстыбаттан утаарар күннэрэ тирээбит. Кини, улахан санааҕа түстэр да, иҥсэлээх баһылык дьаһалын утарар кыаҕа суох эбит. Аҕата оҕонньор уолугар: «Кырдьар диэн кырыыс дииллэрэ кырдьык эбит», – диэбит. Барбыттар өр дуу, өтөр дуу айаннаан, таас сытар сиригэр тиийэн кэлбиттэр. Кинилэр олоруохтаах сирдэрэ ити таастан ылата саҕаланара үһү. Уол аҕатыныын ол тааска олорбуттар.
– Аҕаа, – диэн үтүө киһи ыйыппыт, – эн билигин туох туһунан санаатыҥ?
– Тоҕойуом, мин санаатым: кэлин шах уола шаҕы бэйэтин бу тааска аҕаллаҕына, туох диэҕэй акаары баһылык?
– Тугу диэҕэй, аҕаа?
– Кини кырдьар диэн үөрүү диэҕин хойутаабыт буолуоҕа…
Үтүө киһи турбут, аҕата турарыгар көмөлөспүт, дьиэлэрин диэки барбыттар: «Шах биллэҕинэ кэргэттэрбитин өлөртүө», – диэн оҕонньор куттаммыт.
– Биһиги эйигин саһыарыахпыт, аҕаа, – диэбит уола. – Харабыллар эрэ көрбөтөллөр, шах билиэ суоҕа.
Ол курдук олорбуттар, аҕаларын шах хамначчыттара билбэт гына кистээбиттэр. Арай иҥсэлээх, акаары шах баһылыктаах дойдуга уот кураан түспүт. Сирдэрэ хайыта хаппыт, кубарыйа куурбут, кыыл-сүөл барбыт, көтөр-сүүрэр күрэммит.
Шах, утатан өлөрүм буолуо диэн, дьэ куттаммыт. «Уута көрдөөҥ, уу булбут киһиэхэ төбөтүн оройугар диэри кыһыл көмүһү кутан биэриэм», – диэн дьоҥҥо биллэрбит. Ким да ууну кыайан булбатах, ити кистэлэҥин кырдьаҕас маастардар эрэ билэр буолуохтаахтар үһү. Оттон шах судаарыстыбатыгар биир да кырдьаҕас хаалбатах.
Үтүө киһи аҕатыгар кэлэн:
– Хайыыбыт? – диэбит. – Шаҕы аһыммаппын, дьону аһынабын, өлөллөрүгэр тиийдилэр.
– Бар, тоҕойуом, шахха «мин ууну булуом» диэ, – диэн аҕата сүбэлээбит.
– Ону хайдах булуохпунуй?! – диэн үтүө киһи соһуйбут.
– Мин үөрэтиэм эбээт, тоҕойуом.
Үтүө киһи аҕата сүбэлээбитин оҥорбут. Шахха тиийэн: «Ууну булуом этэ», – диэбит.
– Көрдөө, баҕараргын барытын биэриэм! – диэн шах үөрэ түспүт. – Оттон мин уута суох олорбутум үс хонно.
Үтүө киһи шах көньүүһүнэтиттэн саамай сүүрүк аты ылбыт да хонууга сүүрдэн киирбит. Көрбүтэ: биир чыычаах хайа диэки көтө турбут. Кини ол чыычааҕы батыһа сүүрдүбүт. Тыаллааҕар түргэнник сүүрдүбүт да, ата илистибэтэх, бүдүрүйэн да көрбөтөх.
Чыычааҕы кыайан ситиэ суоҕун үтүө киһи өйдөөбүт, ити кэмҥэ чыычааҕа били улахан тааска олоро түспүт. Үтүө киһи саһан хаалбыт, арай көрдөҕүнэ, чыычаахтар кэлэ-кэлэ ити тааска түһүтэлээбиттэр да тоҥсуйбутунан барбыттар.
Үтүө киһи шахха кэлэн эппит:
– Хайаттан үрүйэ сүүрдэр эбит, уута тымныы, дьэп-дьэҥкир. Ол гынан баран сири аннынан сүүрдэр, сир үрдүнэн сүүрдүөн, улахан таас мэһэйдиир. Ол тааһы халбарыттардахха, үрүйэ көбүс-көнөтүк куоракка сүүрдүүһү.
Үс күннээх түүн үлэлээн, үрүйэҕэ суол хорбуттар, уу хотоол устун сүүрдүбүтүгэр, шах үтүө киһини ыҥырбыт.
Бастаан шах үтүө киһиэхэ кыһыл көмүһү төбөтүн оройугар диэри кутарга быһаарбыт, онтон онтукатын уларытан: «Куулга кутан төһөнү сүгэн илдьэринэн биэриэххэ», – дии санаабыт, онтон бэргэһэтигэр эрэ кутан ыларыгар эппит. Ол да харчытын олус харыһыйбыт, онтон үтүө киһиэхэ кыһыл көмүстэн төһөнү ытыһан эрэ ыларыгар эппит.
– Эн кыһыл көмүһүҥ миэхэ наадата суох, – диэбит үтүө киһи.
Шах дьиибэргээбит. Кини кыһыл көмүскэ наадыйбат киһини аан бастаан көрбүт. Аны кини кыһыл көмүстээҕэр сыаналааҕы ылаары гынара буолаарай диэн куттаммыт.
– Оччоҕо туох нааданый? – диэн хаһыытаабыт.
Үтүө киһи аҕатын туһунан кэпсээбит уонна аҕата сүбэлээн ууну булбутун эппит.
– Аҕа баһылык, биһиги кырдьаҕастарбыт биһиги судаарыстыбабытыгар биһигини кытта бииргэ олороллоругар көҥүллээ, – диэн үтүө киһи көрдөспүт.
Акаары шах өйдүү сатаабыт, өйдүү сатаабыт, төһө өйдүү сатыыр да, соччонон иҥсэтэ эбиллэн испит. Кини үтүө киһи көрдөһүүтүгэр аккаастаары гынан эрдэҕинэ, хамначчыттара утуйар сиригэр толору уулаах үс купсууну киллэрэн иһэллэрин көрбүт. Шах тугун барытын умна охсубут, уу үрдүгэр түспүт. Бастаан кыһыл көмүс купсуунтан, онтон үрүҥ көмүс купсуунтан, онтон алтан купсуунтан испит. Ол курдук иһэ хайа барыар диэри испит.
Иҥсэ кэбистэрбит шах оннугар дьон саҥа баһылыгынан кини эдэр уолун, киниэхэ чугас көмөлөһөөччүнэн үтүө киһини уонна кини аҕатын талбыттар. Эдэр шах бу оҕонньор курдук мындыр өйдөөх, кини уолун курдук үтүө майгылаах буола улааппыт. Эдэр киһи иҥсэ кэбистэрбэтин, акаары быһыы туохха тиэрдэрин умнубатын диэн, шах кэнниттэн толору уулаах алтан, үрүҥ көмүс, кыһыл көмүс үс купсууну батыһыннара сылдьар буолбуттар.