Читать книгу Платон Ламутскай. Нимкакич - Группа авторов - Страница 7
Нимкакич 1
«Ити Эвэскэн биис тарҕаһан…»
ОглавлениеИти Эвэскэн биис тарҕаһан,
Сир устун барыах эбиттэр.
Онуоха
Үҥүү-батас күүһүнэн
Омуктарга кыайтаран,
Сир устун үүрүллэртэн,
Наматкан удьуора биир уол —
Сэрииһит хоһуун Чибдэбил
Эвен удьуорун түмпүтэ,
Биир сойууһу тэрийбитэ,
Ону Сяньби3 диэн ааттаабыта.
Ол биис уустарын ааттара
Төрүт түөрт бырааттыы эбиттэр:
Улахан уус – Эвэскэн,
Үгүс аймах – Намасхаан,
Кыахтаах – Увань Отласив,
Амартан симиэстээх – Орогон.
Ити ааттара үйэлэргэ
Омугун көрдөрө иҥпитэ.
Кинилэр ыаллар көс аймах
Жуан сойууһун тэриммиттэр.
Инньэ гынан чугаска
Кырыктаах ыал баар буолта.
3
Сяньби – Л. Гумилев суруйарынан, бу биистэн монголлар үөскээбиттэр.