Алыһардаах Аана
Реклама. ООО «ЛитРес», ИНН: 7719571260.
Оглавление
Коллектив авторов. Алыһардаах Аана
Киириитэ
Бастакы түһүмэх. Дуоҕа Боотур. Туоҕа Боотур удьуордара
Ытык мас
Туоҕа Боотур
Луоҕа Боотур – биһиги төрүппүт
Нэлчэкэ уонна Михаил Жирков ыччаттара
Нээтийэ аҕатын ууһа
Иккис түһүмэх. Алыһардаах удаҕан төрдө-ууһа, аймахтара. Ааттаммат ойуун
Айылҕа дьикти айыыта – Улуу Аана удаҕан
Күтүөппүт Николай Павлов-Сыгынньах ойуун төрдө-ууһа
Алыһардаах Аана ийэтинэн аймахтара
Ардах аҕатын ууһа
Дьөгүөрэптэр
Кулуба Никифор Николаев төрдө-ууһа
Сабырыкы Клевинскэй утумнара
Владимир Алексеевич Кондаков төрдө-ууһа
Үһүс түһүмэх. Алыһардаах Аана. Докумуоннар кэпсииллэр
Тас дьүһүнэ
Көмөлөһөөччүлэрэ
Эмтиир ньымалара
Муммут оҕолор суолларын булалларыгар көмөлөспүтэ
Оҕо тартарыыта
Ойууну кытта охсуһуута
Көтүтэр дьоҕура
Дьайар күүһэ билигин даҕаны аҕыраабат
Кукаайык кинээс уонна Табытыан ойуун тустарынан (Алыһардаах удаҕан кэпсээнэ)
Баабыс уонна Охонооһой ойууннар тустарынан
Баабыс
Баабыс ойуун
Мөлөкө ойуун
Шамaнкa Анна «Алысардах»
Кут
Алыһардаах Аана туһунан кэпсээбит информатордар
Түмүк тыл
Туһаныллыбыт литература
Отрывок из книги
Ойууннааһын киһи аймах үөскүөҕүттэн баар. Былыргы киһи айылҕа дьайар күүстэрин өйдөөбөт, утарылаһар кыаҕа суох буолан бу Үрдүкү Күүстэр дьаһалларын кытта сибээстиирэ, бэрик биэрэн манньыта сатыыра. Сахаларга итэҕэл улахан суолтаны ылара. Ол туһунан научнай литератураҕа элбэхтик суруллубут. Нууччалар кэлэллэрин саҕана сахаларга ойуун аптарытыата, салайар оруола үрдүк этэ. Ойууннар, Далан кинигэлэриттэн көрдөххө, аҕа баһылыктарга сүбэһит быһыытынан көмөлөһөллөрө. Олоҕу-дьаһаҕы тэрийиигэ, кыра иирсээннэри быһаарарга үтүө сүбэһит буолан, инники олоҕу сылыктыыллара, күнү-дьылы билгэлииллэрэ. Дьон көрдөһүүтүнэн ардаҕы түһэрэллэрэ, уот барыытын тохтотоллоро. Ойууннар ортолоругар отоһуттар араас ыарыыттан эмтииллэрэ.
Ойууннар туһунан В.Н. Басилов (Шаманство // Свод этнографических понятий и терминов. Религиозные верования. М., 1993), С.А. Токарев (Ранние формы религии и их развитие. М., 1993) суруйбуттара улахан сэҥээриини ылаллар. Ити учуонайдар быһаарбыттарынан, сахалар, бүрээттэр итэҕэллэрэ уруулуулар. Бэрт өрдөөҥҥүтэ Сибиир норуоттарын Киин Азияҕа тарҕаммыт ойууннааһын прогрессивнай дьайыылара сахаларга хаалбытын туһунан В.Л. Серошевскай (Якуты. – СПб, 1896), Г.В. Ксенофонтов (Хрестес. Шаманизм и христианство. – Иркутск, 1929), Г.В. Ксенофонтов (Урааҥхай сахалар. – Иркутск, 1937), Г.А. Попов (Шаманство у якутов. Т. 7. – Якутск, 2009), О.В. Ионова (Из истории якутского народа. – Якутск, 1944), Г.У. Эргис (Очерки по якутскому фольклору. – Якутск, 2008), Н.А. Алексеев (Традиционные религиозные верования якутов в ХIХ – начале ХХ вв. Этнография и фольклор народов Сибири. – Новосибирск, 2008), М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ (Үһүйээннэр уонна номохтор. – Дьокуускай, 2004), В.А. Кондаков (Ойуун эмтиир ньымалара. – Дьокуускай, 1998), В.А. Кондаков (Аар-Айыы итэҕэлэ. – Дьокуускай, 2011) үлэлэригэр суруйбуттар. Кэнники кэмҥэ саха төрүт итэҕэлин үөрэҕин киэҥ эйгэҕэ таһаардылар: У.А. Винокурова (Биһиги сахалар. – Дьокуускай, 2003), Р.И. Бравина (Шаманы – избранники небес и духов. – Якутск, 2016), В.В. Васильев-Чомпуу (Үһүйээннэр, номохтор. —Үөһээ Бүлүү, 2004), Н.Д. Васильева (Якутское шаманство (1920–1930 гг.). – Якутск, 2004).
.....
Михаил Жирков байбыт, кыаҕырбыт диэҕиҥ. Дьахтары силигин ситэрэн «атаарбыттара» ону бигэтик туоһулуур.
Жирков ыччаттара турбуттар, кыаҕырбыттар, бас-көс дьон буолбуттар. Ону история сурукка киирбит докумуоннара бигэргэтэллэр. Жирков (Хараҕа Суох – М.Г.) аҕатын ууһа үөскээбит.
.....