Читать книгу Син биир күүтэр эбиппин… - - Страница 5

Сордоох суха

Оглавление

Саас буолан, от-мас тэтэрэ симэнэн, чэлгийэн турда. Көмүс күөмэйдээх күндү ырыаһыт чыычаахтар өндөл күөх халлаан көҥүл күүлэйигэр күөрэйэ көтө күүгээн бөҕөнү түһэрдилэр.

Туох барыта тилиннэ, үөрдэ. Ийэ сир кэскиллээх чээл сирэм ньуура тубуста, дьэрэкээн таҥалай дьүһүнэ кэйдэ.

Бурдук ыһыыта буолла.

Хаампый оҕонньор уолунуун алаастарын үрдүнээҕи сонуоктарын тартара күөрэҥнэһэн тиийэн кэллилэр. Оҕонньор былыргы дуомунан уот оттон, сыт таһаарда уонна, илин диэки хайыһан туран, бэргэһэтин устан баран, ботугуруу-ботугуруу, кириэстэнэн сапсынна.

Онтон дьэ сирдэрин тартара киирдилэр.

Аҕыйахтык хаамтараат, сухалара ылымына:

– Тукаам, бэйи, тохтоо эрэ, – диэтэ оҕонньор. Сэргэ маһын хараҕатыттан көҕүрэтэн баран, оҕонньор, таптаҕым буолуо диэбиттии, аа-дуо сыыҥтаан «бар» гыннарда уонна: – Чэ хаамтар, – диэтэ.

Утаакы буолбата, аҕыйахтык хардыылаат, эмиэ:

– Тукаам, бэйи эрэ, тохтот, сухабыт хайдах эрэ тыҥырахтыыр ээ, – диэтэ. Оҕонньор, торбос үтүлүгүн илиитигэр ыаҕастыы ыйаан баран, буугунуу-буугунуу, токоотун кэлин биттэҕэр уларытан баайан аадаҥнаата. Бүтэрэн баран холкутук: – Чэ бар, – диэн буолла.

Суха сылдьыбыта аата эрэ биллэр-биллибэт гына тырыыпайдатан тахсан, эргитэн, бааһынайдыы хаамтаран иһэннэр, эмиэ саҥа иһилиннэ:

– Бэйи, нохоо, тохтот-тохтот! Ытаһа маспыт түспүт!

Онтон ытаһа мастарын булан уктаннар, иһирдьэ-таһырдьа дьоодьоҥнотон, баран истилэр. Суха аанньа ылбата, аппа сиргэ букатын таах барда. Оҕонньор, сүүһүн быччыһыннары тутта-тутта, күүһэ баарынан баттыы истэ. Эмиэ утаакы буолбата.

– Бэйи, тохтот, быһыыта, сыыһы ытырда, – диэтэ оҕонньор. Сыыстарын ыраастанан, эмиэ бардылар.

Иккис эргийиилэрэ буолла, уол оҕуһун тосту эргитэн алтахтатан эрдэҕинэ:

– Нохоо, тохтоо эрэ! – диэн хаһыы тоҕо барда. – Аны токообут сыҥааҕа тулунна, бар, сүгэни аҕал!

Сүгэ аҕаланнар, оҥорбута буолан баран, эмиэ айаннаатылар.

Саҥардыы хоҥнон эрдэхтэринэ:

– Киллэр-киллэр! – диэн оҕонньор дьохсооттоото.

Онуоха уол:

– Оттон оҕуһум сөпкө иһэр ээ, – диэтэ.

– Бэйи-бэйи, тохтот-тохтот!.. – оҕонньор тиритэ-хорута быһыытыйда, баттаҕын саҕатыттан көлөһүнэ саккыраан түстэ. – Ыраах баайан кэбиспиппит, төһөнү эмэ ардайдыы сылдьар, – дии-дии, эһитэ тарпыт курдук туттан-хаптан, ыга-ыгатык тардыалыы-тардыалыы, уларытан баайда уонна бэргэһэтин, түһэн эрдэҕинэ өрүһүйбүт курдук, түргэнник торбос үтүлүгүнэн өрө аста.

– Чэ бар!

Бардылар.

– Киллэр!.. Таһаар-таһаар! Тууй-йиэ! Көрөн хаамтар, мин эйигин ардайдатыма диибин ээ. Хайы үөдэн, сырыыта табыллыбата, доҕоор! Туой тыҥырахтаан быһа сытыйар буоллаҕа үһү. Бэйи эрэ, тохтоо! – диэн, оҕонньор сухатын суолун тарыйбахтаан, ыраастаан, кэннинэн состо. Оҕустара кэннинэн барбакка, биир айдаан турда.

– Сирэйгэ биэр!..

Биир былырыыҥҥы ардай быһыылаах, үрдүк соҕус мөҥүрүөн сир кэлбитигэр суха дириҥник ылла. Оҕонньор, өссө дириҥник ыллын диэбит курдук, туох баар күүһүнэн баттаан истэ, кыһыы-аба ыраатта, мэктиэтигэр сыыҥа субуруйан түспүтүн билбэтэ. Онтон били томтор эмискэ бүтэрин кытта, суха, босхо баран, тумсуттан иҥнэн өрө тэптэ да, оҕонньору ыраах, төбөтүн оройунан эһэн кэбистэ.

– Чэ бэрт да сор, доҕоор! Көр сүнньүбүн быһа түһэ сыстым дии! Сатана сэбэ туох үөдэн буолан хаалла? Урут оттон бастыҥ сэппит аатырар этэ дии. Бу күһүн Өрөһөөк уларса сылдьан сырыытын уларытан кээспит эбит буоллаҕа. Ити тухары киһи киэнин аанньа ахтыбаттар. Бу маннааҕы ытаһата эмиэ түспүт эбит дии, быһыыта. Бар, нохоо, ыл ол маһы аҕал!

– Бу маһы дуо?

– Хараҕыҥ тэстээрэй, эн көрдөххүнэ, ити мас дуо? Мутук буолбат дуо?! Ону аҕал диибин эбээт, – дии-дии, сүрүн мас аллараа өттүгэр ытаһа оҥорон буугунаста, уоһун элээмэтэ тэллэллибит, көхсүн туома богдьоллубут. Оҕустара буоллаҕына алаас уҥуор сүөһүлэри одуулуу турда. Оттон уол: «Ити туйаарарга киһи буорунан быраҕан тириэрдиэ дуо?» – дии саныы турдаҕына, «Чэ бар!» – диэн саҥа иһилиннэ.

Суха сырыыта арыый табылынна, оҕонньор эмиэ аа-дьуо сыыҥтыыр, холкутук унаарытан «һай-ай» диир буолла. Бу икки ардыгар үһүс эргийиилэригэр сухалара эмиэ тыҥырахтаан, өрүтэ тэбиэлээн, икки ойоҕоһунан оонньоон киирэн барда.

– Бэйи, тохтот! Бу сэппит эмиэ иһигэр киллэрдэ, – диэтэ Хаампый. Били саҥа оҥорбут ытаһалара түһэн хаалбыт эбит, ону эмиэ кыыһырса-кыыһырса, көрдөөн көрдүлэр да булбатылар. Онтон сылтаан чэйдии таҕыстылар.

Оҕонньор, чэйэ оргуйуор диэри ытаһатын оҥорон баран, сухатын тимирин ыраастаан көрө туран: «Хайа, бу сээбэспит букатын босхо барбыт эбит дии! – диэн соһуйда. – Ытаһалаатахха сатаныыһык», – диэн баран, хооһолдьуйан тиийэн, төҥүргэстэн мас хайа охсон аҕалан ытаһалаата. «Кытаанахтык киирдэр үчүгэй этэ», – дии-дии, маҕыйа-маҕыйа саайан дардырҕата туран көрдөҕүнэ, сухатын этэрбэһэ холбойон таҕыста. «Бай! Хайа, аны холбойон таҕыста дии!» – диэтэ оҕонньор уонна, буугунуу-буугунуу, ытаһатын быһан, сухатын оннун үүтүн устун олордон кэбиһэн баран отуутугар тиийдэ.

– Бу ас оргуйбут буоллар таһаар эрэ.

Уол уоттан чаанньыгын таһаарда.

Чэйдээн бүттүлэр.

Эмиэ киирэн хаамтаран хаахынатан бардылар. Дөрүн-дөрүн «һай-ай» диэн хаһыытыы-хаһыытыы, оҕонньор баттаан титирэстэһэ истэ.

Тахсаннар эргийдилэр. Уол сатаан сиэппэтэ.

– Киллэр! – диэтэ оҕонньор. Онтон, наһаа баран хааланнар: – Таһаар, таһаар! – диэн хаһыы буола түспүтүгэр, уол:

– Эмиэ «таһаар» диигин, эмиэ «киллэр» диигин, – диэтэ.

Онуоха оҕонньор:

– Сатаан сиэппэт буола-буолаҕын, өссө этиһээри гынаҕын дуу, баранаак?! – диэн баран, оҕуһун эмискэ кымньыылаан «кус» гыннарда да, сүүрэр быата быһа ыстанна, уол төкүнүйэ түстэ, оҕус босхо барда. Дьэ айдаан, бардьыгынаһыы, ытаһыы бөҕө турда…

Онтон эргийэн кэлэн бараннар оҕонньор:

– Бу сырыыга арыылыахпыт, бу өттүнэн эргий. Ол төҥүргэһи аттынан, ол суоруулаах тиити көрдө көрбүтүнэн бар, – диэн ыйда. Аҕыйахтык хаамтараат, сонуок бүүрүгэр тиийэн: – Нохоо, тохтот, тохтот! Аны бу сэппит тобулу киирэн барда, – дии-дии, оҕонньор сухатын түөрүтэ баттыалаата… – һук! Хайа, аны хаптаһыммыт босхо тиийэн кэллэ… Чэ ити курдук, быата быстыбыт. Дьэ үчүгэй да өлүүтэ, доҕор! Бүгүн сатаан үлэлээбэт дьон буоллубут… Туох да буоссалааҕы оҥоппотубут. Мантыкабытын аны туохпутунан баайарбытый? Бэйи, хата этэрбэһим быалаах эбит ээ, – диэн, онуоха үөрбүт курдук, дабдас гына түһэн, тииһинэн түһэ-түһэ, баайда. Бүтэрэн хоҥуннулар.

Бэрт кылгас сири бардылар да, били төҥүргэс аттыгар тиийэн оҕонньор:

– Тохтот-тохтот! – диэн улаханнык хаһыытаата, сухатын, тардыалыы-тардыалыы, төлүтэ баттыалаата.

Уол тохтоото, оҕус, хаһыыттан куттанан, тохтообото, умса дьулуруйда. Инньэ гынарын кытта тыас тыаһа хачыгыр гына түстэ да, суха буортан мүччү ыстанан тиийэн кэллэ. Онуоха оҕонньор өрүһүспүт курдук хап-сабар олордо охсон, иккитэ-үстэ баттыалаан баран өйдөөн көрөн:

– Бай! Сухабыт тимирэ хаалбыт дии! Тууй-сиэ, дьаат! Дьэ букатын үрэлиннэ. Үчүгэй да хара сордоох сэп буолар эбит, – дии-дии, ыадар-ыадар хааман тиийэн көөртө, сухатын тимирэ туура баран, иҥнибит сиригэр туһунан сытар эбит.

Хаампый оҕонньор маннык сордоох сэбинэн үлэлээн, үрүҥ-хара көлөһүнүн үйэтин тухары үгүһү тохпута…

1927

Син биир күүтэр эбиппин…

Подняться наверх