Читать книгу Сүрэх кистэлэҥэ - - Страница 2
«Маама топпот!»
ОглавлениеБүгүн туох эрэ ураты күн. Сарсыардаттан ийэлээх аҕалара иһирдьэнэн-таһырдьанан сыбыытаһаллар. Ботур-итир кэпсэтэллэр. Иһит-хомуос лыһыгырыыр.
Аҕалара тыһаҕастарын, Маҥаачыктарын оҕотун, тоҕо эрэ далга баайбыт. Ону улахан уол, сэттэлээх Костя таһырдьа тахса сылдьан көрдө. «Ынахтар суохтар ээ, хотоҥҥо киирбиттэр. Уу, эрэйдээҕи тоҕо баайдахтарай, тоҥуо дии…».
Уол хаарга халтарыйан охто сыһа-сыһа, тыһаҕаска сүүрэн тиийдэ.
– Оокко, Оокко!
Ооккото күөх оту курдурҕаччы сии турар эбит. Төбөтүн өрө көтөҕөн «ким кэллэ» диэбиттии көрдө, үгэһинэн килиэп көрдөөн муннунан анньыалаата. Онтон «пус» гына тыынан кэбиһэ-кэбиһэ, отун сиэн киирэн барда. Ити аата «килиэбэ суох» диэн өйдөөтө. Костя санаатыгар Оокко барытын өйдүүр, арай тыла эрэ суох. Эрдэттэн анаммыт уонна ааттаабыт киһи быһыытынан Костя «мин ньирэйим» диир толору бырааптаах.
* * *
Агрофирматтан ылан аан бастаан ынахтаммыт буоланнар, Маҥаачыктара төрүүрүн өр да кэтэспиттэрэ. Биирдэ ийэлэрэ түүнү быһа утуйбатаҕа, дьиэттэн хотоҥҥо, хотонтон дьиэҕэ сыбыытаабыта. Онон туһанан оҕолор эмиэ утуйбакка, түүннэри оонньоору тэринэн, мөҕүллүбүттэрэ. Костик: «Ньирэй диэн кыра ынах. Муостааҕа буолуо дуо? Хантан кэлэрэ буолуой? Ийэтин иһиттэн хайдах тахсарый?» – диэн саныы сытан, утуйан хаалбыта.
Сарсыарда уһуктаат, бастакы санаата «ньирэйим!» диэн этэ.
– Маама, маа-ма, Маҥаачык төрөөбүтэ дуо?
– Төрөөн, төрөөн. Чэ, тур. Таҥын. Аһаан баран тахсан көрөөр, – диэбитэ уутун хамматах ийэтэ. Костик кыл-мүлчү таҥна охсоот, остуолга чугаһыы да соруммакка, таһырдьа элэс гыммыта. Кэнниттэн хаһыы эрэ иһиллэн хаалбыта.
Саас этэ. Сып-сырдык чаҕылхай күнтэн киһи хараҕа саатара. Муус-маҥан сыа хаар сымнаан, тилэххэ сыстар буолбут этэ. Кырыыһалартан дьэҥкир муус чопчулар куоталаспыт курдук номнуо таҥнары чоккураспыттар. Күн сардаҥатын тутан ылан, күөх халлааны күөннэригэр тэйитэн, муус чопчулар саас кэлбититтэн үөрэн-көтөн, кылыгыраччы күлсэр курдуктара. Салгын сыта, эчи, минньигэһин! Маннык үчүгэйгэ, ама, дьиэҕэ хаайтаран олоруоҥ дуо!
Ыбыс-ыарахан ааны хара сорунан аһан, биирдэ им балайга баар буола түспүтэ. Хотон ньиксик сыта саба биэрбитэ. Суох, Костик куттаммат. Бүтүн биэс саастаах киһи хараҥаттан куттана сылдьыа дуо? Ханна эрэ тыастаахтык ынах тыынара, муннукка туох эрэ маҥхайара. Уол илиитин иннин диэки ууммутунан, ийэтин улахан холуоһатын ханаабаҕа хаалларан кэбиһэ сыһа-сыһа, ол диэки барбыта.
Уп-улахан харахтаах маҥан ньирэй ырыган атахтарыгар үктэнэн салҕалыы турара. Сииктээх муннунан түбэһиэх үҥүлүйэн баран, уйуттуммакка умса баран түспүтэ. Уолчаан кыракый сүрэҕин дьикти иэйии хам туппута, бэйэтиттэн мөлтөҕү, нарыны аһыныах, көмүскэһиэх санаа, бэйэтигэр да биллибэтинэн, аан бастаан кинини толорбута…
Онтон ыла Оокко – Костик киэнэ. Аатын булуу уустуга суох этэ: «Мин киһим Оокко курдук бухатыыр буолуо!». «Мин киһим…». Оттон түөртээх балта Катюшка киэнэ – былырыын төрөөбүт Хаарчаана. Кини диэн убайыгар эрэ ымсыыран баайданар-дуолланар буолуохтаах. Оҕолор ньирэйдэрин олус таптыыллар, килиэбинэн хатаҕалыы, имэрийэ-томоруйа сылдьаллар, сырсыакалаһа оонньууллар.
* * *
Бу билигин Ооккото соҕотоҕун тымныыга баайыллан турар. «Маамаҕа этиэххэ» диэн санаа күлүмнээтин кытта дьиэтин диэки сүүрдэ.
– Бу уол эмиэ төбө сыгынньах сүүрэ сылдьар! – ийэтэ мөҕө көрүстэ.
– Маама, ити тоҕо Ооккону соҕотохтуу баайдыгыт? Тоҥуо дии. Паапа умнан кэбиспит дуо?
– Умнан, умнан. Һыллыый, билигин эһиги эбэлээххэ оонньуу бараарыҥ, сөп дуо?
– Оттон уруокпун хаһан ааҕабын?
– Киэһэ, киэһэ, кэлэн баран, – ийэтэ туохтан эрэ хомойбут көрүҥнээх, туора көрөн олорор. Костик тугу эрэ ыйытыах курдук гынан иһэн, аралдьыйан хаалла.
Онтон балтын кытта эбэлээхтэригэр бардылар. Эбээ минньигэс алаадьытын соһо сылдьан сиэн-аһаан, тастыҥ бырааттара Андрейканы кытта оонньоон-көрүлээн, күнү билбэккэ аһардылар. Хараҥарыыта убай Миисэ дьиэлэригэр илдьэттээн биэрдэ.
Арай дьиэлэрэ ип-итии гына оттуллубут, оһоххо күөс буһан будулуйа турар. Буспут эт минньигэс сыта дьиэ иһин толорбут. Хаҥас диэки салапааҥҥа сууйуллубут ынах иһэ тэлгэммит. Ийэлэрэ остуолга хаан кута турар.
– Хайа, һыллыыйдар, кэллигит дуо? Чэ сыгынньахтаныҥ. Убаай Миисэ аҕалла дуо? Эбээ тугу гына олорор?
– Эбээ буоллаҕына, иистэнэй. Андйейкаҕа этэйбэс тигэй. Онтон миэхэ тигиэх буоллаа, – Катюшка чаҕаарар. Кэм да киһиргии оҕустаҕа.
– Маамуо, бу хантан бачча элбэх эт уонна хаан ыллыгыт? Хонооһойдоох бэристилэр дуо? – диэн Костик оһох диэки баран, өрө сыҥа-сыҥа ыйытта.
– Чэ-чэ, бу да оҕону, доҕор! Онон-манан кииримэ-тахсыма, бу киһи солото суоҕар. Бар, уруоккун аах!
Костик өс киирбэх остуолга кумааҕыларын тэлгэтэн, уруогун ааҕан барда. Катюшка саалаҕа киирэн, оонньуур муннукка куукулаларын мөҕөттөөн, эмиэ да ымманыйан, оонньоон айдаарда.
Костик уруок ааҕар: «УУС. САА. МАС. ААС. СУУ. УУ. УУС СААТА….». Букубаарын син ааҕан бүтэрдэ. Онтон ахсааныгар киирдэ. «Үскэ эбэбит иккини…». Хаастарын түрдэһиннэрэн олорон, уруучукатын кирэ-кирэ, аҥаар илиитин саратан, суоттуур. «Биэс. Биэстэн биири көҕүрэтэбит… Үс. Венера Ивановна хайаан да бэйэҕит суоттаарыҥ диэбитэ ээ. Иккигэ эбэбит түөрдү… Аа, аҕыс буолар эбит. Хата, бүгүн хаан сиэхпиит…».
Хантан эрэ аҕалара кэллэ.
«Эн тоҕо илиигин сууммакка аһыыгын? Маамаҥ итинник диэн үөйэтэй дуо? Ээ? Ыл, тоҕо, тоҕо!.. Айакуу! Ыый-ыый… Чэ. Итиэннэ билэй буолаай, сөп дуо? Сөп-сөп. Маама, аны хаһан да гыныам суоҕа! Ыы, оҕом барахсан, чэ, маладьыас…» – нөҥүө хостон Катюшка саҥата айманар.
Костик үөһэ тыынар уонна эмиэ тэтэрээтигэр бүк түһэр. «Алтаттан көҕүрэтэбит үһү. Буолар… буолар – үс. Биэскэ эбэбит үһү… Уу, тоҕо ыараханай!».
– Катюшка, калькуляторбын ханна гынныҥ? Манна сыппыта дии, булан биэр!
– Олох да мин ылбатаҕым! Остуолга сыппыта дии! – Катюшка эппиэтэ бэлэм.
Остуолга ыһыллыбыт кумааҕылар түөрэ хаһыллаллар. Киэҥ айдаан тардыллар. Тиһэҕэр, дьыбаан анныттан булуллан, куоскаларын оҕото балыллар. Костик уон таһынан эбэри билбэт буоллаҕына, калькуляторынан хайдах туттары баҕас сатыыр. Компьютерынан оонньууга кылааһын оҕолорун ырааҕынан хааллартыыр.
Аҕалара кэлэн, саалаҕа телевизор холбоото. Уолчаан кыһаллан суоттуу сатыыр да, аралдьыйан хаалар. «И нежная бархатная пена… Камей-натюрель… и идеальная поверхность Лок-эвэй… Чэ байы көнөтүк туттан олойдубут эрэ! Билигин уйуокпутун саҕалыыбыт… Ментос – свежее решение! Мэниктээмэҥ! Оҕолоой, мин тугу эйэ кэпсиэм… Тайд – чистота, чисто – Тайд…».
Барыта булкуллар. Тиһэҕэр Костик сылайар, ситэри суоттаабакка, оскуола аһан ньиргийэн олорор балтыгар оонньуу барар. Биирдэстэрэ учуутал, биирдэстэрэ дириэктэр буолан бэркэ оонньоотулар. Онтон сасыһа оонньоон иһирдьэнэн-таһырдьанан сырсыакалаһан ийэлэриттэн мөҕүлүннүлэр.
Костик күүлэҕэ тоҥ отон ыла таҕыста. Отоҥҥо сүөгэй, күөрчэх кутан баран, «мороженай» дии-дии балтынаан сөбүлээн сиэччилэр. Күүлэ муннугар туох эрэ үрүҥ сытарын көрөн аһарда. Бастаан кыһаммата, онтон дьиктиргээн, өҥөйөн көрөн баран, отоннооҕун эрэ, туохтааҕын барытын умнан, дьиэҕэ сүүрэн киирдэ. Күөһүн хоторо турар ийэтин иннигэр тиийэн хорус гынна.
– Тыый, бу туох буоллуҥ, нохоо? Таһырдьа мээнэ сыгынньах тахсыма диэн эппэтэҕим дуо?
Туох эрэ кытаанах кэлэн күөмэйигэр турарга дылы гынна, ону ыйыста сатыы туран, хараҕын уута сарт түстэ.
– Маама… Ооккону… эһиги дуо? Итиннэ… дуо?!!
– Һыллыый, бээ, тохтоо. Хайдах…
Эһиги… Өлөрбүттэр, биллэр баҕайы! Маама иҥсэлээх баҕайы!.. Иҥсэлээхтэр!.. Сиэҥ! Сиэҥ бэйэҕит!.. – уол сарылыы-сарылыы дабдыҥнаата, остуол кытыытыгар турар көстүрүүлэлээх күөһү алҕас тоҕо садьыйда. Иһит-хомуос мас муостаҕа сууллан лаҥкынааһына, оҕо сарылааһына – улахан айдаан буолла. Хостон сүүрэн тахсыбыт Катюшка убайын аһынан эмиэ ытаан барда. Тугун-ханныгын быһаарсыбатар да, убайын үтүктэн: «Маама топпот!» – диэн хатылыы турда…
* * *
Элбэх сыллар ааһыахтара. Ол эрэн бу күн оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар хаһан да сүппэттик хатанан хаалыаҕа. Оҕо уйан дууһатын биир кэбирэх быата быһа баран, олоххо биир бастакы охсууну көрүстэҕэ. Ытаа, Костик, ытаа – уһуун-уһун олоххор бииртэн биир, улахан да, кыра да охсуулар баар буолуохтара. Ким билиэй, баҕар, кииллийэн, охсууттан охсууга кытаатан, киһи бэрдэ буолуоҥ. Ол эрэн ити быһа барбыт быа эн дууһаҕар ханнык үтүө өрүттэргин симэлиппитэ биллибэт эбээт.
Оттон улахан дьон ситэри үчүгэйдик өйдөөбөккө, соһуйан, өмүттэн, даллаһан турдулар.
1998 сыл