Читать книгу Дьикти түбэлтэ - - Страница 2
Күөс этэ
ОглавлениеКоля иккис кылааска үөрэнэр. Кини кыһыҥҥы уһун өрөбүлүн Хомустаахха атаарда. Сиэннэрэ кэлбитигэр Маппыйдаах Маарыйа үөрүүлэрэ сүр. Буолумуна, кыратыгар эрэ көрбүт мурун бүөтэ оҕолоро, билигин лаппа боччумурбут, туһа киһитэ буолан эрэр, кылгас кэмҥэ да буоллар, эбэлээх эһэтигэр кэлбитэ аҕам саастаах дьоҥҥо олус долгутуулаах бөҕө буоллаҕа.
Коля тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын, куораттааҕар быдан чуумпутун сүрдээҕин сэҥээрдэ. Хас күн аайы ааны тэлэччи астыҥ да, тута таһырдьа баар буола түһэҕин! Оттон куоракка салгын сиир эбэтэр күүлэйдиир баҕаттан күҥҥэ хастыыта да үрдүк мэндиэмэни дабайарга, төттөрү түһэргэ күһэллэҕин. Сэргэх олох диэн манна баар эбит. Далга убаһалар хоочугураһаллара, хотоҥҥо ынахтар ыҥыраналлара, хара сарсыардаттан бөтүүк хатаннык хаһыытыыра, кууруссалар курдурҕаһаллара, саҥардыыта эрэ күн сирин көрбүт торбостор иҥсэлээхтик ийэлэрин эмиийдэрин эмэн соппойон курдурҕаталлара барыта киниэхэ сонун, дьикти. Эһэтин Маппыйы кытта сүөһүлэрин ойбоҥҥо уулаталлара, туһугар, эмиэ сүҥкэн суолталаах үлэ. Оҕонньор сиэнэ улааттаҕына сатабыллаах, мындыр толкуйдаах буолуон баҕарара туох да сүрдээх. Кырдьык даҕаны, ким утумнааччыта оннук буоларын ырыҥалаабат буолуой?
Дьыл-хонук түргэнник элэҥнээн ааһар. Биирдэ өйдөөбүттэрэ, сиэннэрэ Дьокуускайга төннөр күнэ бу тирээн кэлбит эбит. Маппыйдаах Маарыйа, Коляны төһө да ыытыахтарын баҕарбатахтарын иһин, дьиэлээх-уоттаах, дьонноох-сэргэлээх киһи барар буоллаҕа дии. Хайыахтарай, аны кэһии-тайма тэрийэр, дьиэтин айаҕар диэри илдьиэхтээх таксины сураһар-үлэһэр түбүгэр түһэллэр. Ити икки ардыгар ыраах айаҥҥа барарыгар суол аартыктарын алаадьынан, бэрэскинэн айах тутарыгар диэн анаан астаабыттара, ынах арыытын чаана дьиэ иһин ылан кэбистэ. Ол быыһыгар саһарчы буспут астаах иһит биирдэ үллэс гынна.
– Тоойуом, Куолуска, дьоҥҥор эйигинэн күөс этин ыытыахпыт. Тыаттан куоракка киирэр киһи хайаан даҕаны кэһиилэнэр диэн үтүө үгэс баар…, – дии-дии Маппый оҕонньор Коля төбөтүн имэрийэр.
Онуоха Коля саҥа аллайа түстэ:
– Эһээ, күөс этин ыытабыт диэтиҥ дуу? Оттон… оттон биһиги сиир эттээхпит ээ.
– Доҕоор, сиэҥҥэр «күөс этэ» диэн тугу этэллэрин өйдөттөххүнэ эрэ сатаныыһы. Оҕом ону билээхтээбэт буоллаҕа. Ээ, барахсаҥҥа ким ону куоракка быһаарбыта баарай? – Маарыйа эмээхсин оҕонньоругар тыл ыһыгынна.
Маппый эмээхсинин тылын истэ үөрэммит үгэһинэн, оһох аанын аста. Тимир күлүүкэнэн түгэххэ сытар мастары сыҕарыччы анньан сэттэ чоҕу бэттэх диэки тардан чөмөхтөөтө уонна уоһун иһигэр ботугуруу-ботугуруу ол үрдүгэр алаадьытын уурда уонна сиэнин ыҥыран ылан, чох үрдүгэр эмиэ алаадьыны уурдарда.
Дьэ, ити курдук, сиэри-туому тутуспут дьон быһыытынан, уолу оһох иннигэр талах олоппоско олорто, бэйэтэ эмиэ ыксаласта. Ол кэннэ удьурхайтан оҥоһуллубут хамсатыгар мохуорканы толору симэн, онтун дьоһуннаах бэйэлээхтик эрбэҕинэн ыга баттаата уонна сыпсынан ытыртаран ылбыт чоҕунан уматынна, күөмэйин оҥоһунна, ол кэннэ бу курдук ис хоһоонноохтук сэһэргээн киирэн барда:
– Былыыр-былыргыттан саха дьоно хонон-өрөөн барар киһиэхэ күөс этин кэһиилээн ыытар үгэстээхтэр. Урут күөс этин биэрэбит дииллэрэ, билигин кэһии диэн тылынан ону солбуйдулар. Ол үтүө үгэс күн бүгүнүгэр диэри умнуллубакка тиийэн кэллэ.
Мин эдэр-сэнэх эрдэхпинэ, тоойуом, сырыыны-айаны сылдьымахтаабыт аҕай киһибин. Күөс этэ сахаҕа суолтата улахан. «Күөс эттээххин дуо?», «Киэһээҥҥи күөскэ анаан куобахтыы таҕыстым», «Күөс этэ кэһиилээн ыытабын» диэн, ол барыта саха киһитэ үйэ-саас тухары туттубут тыла-өһө буолар.
Күөс этэ… Булдунан аатырар хоту улуустар сирдэригэр-уоттарыгар олорооччуларга этинэн татымсыйан ылар кэм баар буолааччы, ордук сааскы ыйдарга. Хотугу Байҕал кытылыгар кыыл таба муус устар ый ортотун диэки биллээччи, мастаах сиртэн улам-улам ити кэмҥэ хоту диэки сыҕарыйар.
Бу кэмҥэ биһиги бөһүөлэкпит дьоно наарталарын бэрийэллэр, ыттарын көлүйэр сыарҕаларын, тэриллэрин оҥостоллор. Сааны-сэбиргэли сөргүтэллэр, көрүнэллэр. Сэргэхсийии буолар, түбүк үксүүр. Онтон сотору кэминэн «Хаастыырдаах аҕалара кыыллыы барбыт үһү» диэн кэтэһиннэриилээх сурах иһиллэр. Ол күн бөһүөлэк дьахталларын иһиттэрэ-хомуостара биир кэм лаҥкынас буолааччы.
Дойду дьонун сиэринэн эттэххэ, түөртүүр ыам саҕана, «Хаастыырдаах кыыллаан кэлбиттэр, бултуйбуттар үһү» диэн үөрүүлээх сурах биһиги дьоҕус бөһүөлэкпитин сонно толорон кэбиһэр.
Өр күүттэрбэт, дьиэ күүлэтигэр чэпчэки атах тыаһа хоочугураан киирэр. Аан тэлэччи аһыллар да, миискэлээх сип-сибиэһэй эти туппут оҕо барахсан сирэйэ бу мэлтэс гына түһэр: «Ийэм Оонньуурка ыытта», – диэт, дьиэлээх хаһаайкаҕа миискэлээх эти куду анньан биэрэр.
Коля эбэтэ дьукааҕын уолчаана аҕалбыт этин атын миискэҕэ сүөкүү охсоот, иһити сууйа охсон ылара уонна кэмпиэти кытта саахар улахан куһуоктарын уган биэрэрэ. Биһиэхэ иһити хаһан даҕаны кураанахтыы төнүннэрбэттэр, хайаатар даҕаны тугунан эмэ истээн ыыталлара. Иһити ылаат, оҕо дьиэтигэр төттөрү ыстанар.
Күөс этэ! Бу тылга үгүс да үчүгэй санаа, кэрэ да майгы-сигили иҥэн сылдьар. Бу эти ыыппыт дьон бэйэҕинээҕэр ордук үөрэн эрдэхтэрэ.
Биһиги Саҕастыырбыт дьоно-сэргэтэ күөс этигэр улахан суолтаны биэрэллэрэ. Туох да диэбит иһин, ыал элбэх буоллаҕа дии… Оттон ол эппит барыбытыгар тэҥинэн наада курдук. Күөс этин булар туһугар булчут дьоммут олбу-солбу айаҥҥа турунан, тайылҕаннаах сиринэн сылдьан, ыт көлөнөн кыыл табалары сойуолаһан, күөйэн-хаайан (биһиги диэки, тоҕо эрэ, «эрийтэрэн» диэн тылы тутталлара), бултууллар-алтыыллар. Икки ый кэриҥэ кинилэр өлгөмнүк бултаан, бөһүөлэк дьонун киэһээҥҥи күөстэрин быспаттара. Ону таһынан араас кэпсэтиилэргэ эти-аһы ылсар-бэрсэр ханна барыай, баар буоллаҕа дии… Ол барыта булт-алт тосхойон биэрэриттэн быһаччы тутулуктааҕа.
Үс ый курдугунан, бастакы хаас кэлиэр диэри, киэһээҥҥи күөс этэ угуллубут эттээх миискэлэр бөһүөлэги уһугуттан уһугар диэри санаабытын-онообутун көтөҕө элэҥнииллэрэ туһугар үөрүүлээх да буолара. Ону оҕо аймах үөрэ-көтө толорор этибит. Мин эмиэ оннук дьолго тиксэрим, аҕам бултаан-алтаан кэллэҕинэ. Аны санаатахпына, үтүө да үгэскэ үөрэммит эбиппин ээ мин… Хор, ону бу эйиэхэ, сиэн оҕобор, салгыыр дьолломмуппуттан үөрэбин. Тоойуом, күөс этинэн дьону-сэргэни сэлбийии – саханы саха оҥорбут үтүө үгэспит буолар. Оннук киэһэлэргэ бөһүөлэк дьоно бары тото-хана, эн ааккар махтана, бэртээхэй миини иһэн сырылаталлара баар ээ, саныахха астыга… Коля, тоойуом, эһэм Маппый оҕонньор «Күөс этэ» диэн ааттаан, анаан-минээн кэпсээбиттээҕэ диэн саныы-өйдүү сылдьаар, саха ол олоҕу өйөөбүт үтүө үгэһин салҕааччынан буолаар дуу, – диэтэ Маппый оҕоннор уонна сиэнэ Коляны чанчыгыттан сыллаан сырылатта.
Сотору кэминэн массыына тохтуур тыаһа иһилиннэ. Бары ходьох гына түстүлэр. Маппыйдаах Маарыйа:
– Аны сайын кэлээр. Оттуохпут, кустуохпут, балыктыахпыт. Оҕобут бэркэ кэлэн бардыҥ, үчүгэйдик сырыт, төлөпүөннүүр буолаар дуу! – дэһэ алгыы хааллылар.